Биhиги аймах эбэлээх эhэбит олорбут олохторунан киэн туттабыт, кэнчээри ыччаппытыгар кэрэ кэпсээн гынан сырдатабыт.

Эhэбит Кутуков Степан Игнатьевич – Аҕа дойду сэриитин ветерана, «Кыhыл сулус», Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнарын, «Хорсунун иhин» мэтээл кавалердара, Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, кадровай булчут, сытыары-сымнаҕас майгылаах, аҕыйах саҥалаах, дьоhуннаах, үтүөкэн киhи этэ, төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Эбэбит Сарра Зинатулловна Ибрагимова – ССРС финансовай үлэтин туйгуна, СӨ Үбүн кырдьаҕас үлэһиттэрин Бочуоттаах кинигэтигэр киирбитэ, Модут нэhилиэгин Бочуоттаах гражданина, меценат, тохсунньу ый 28 күнүгэр 90 сааhын туолар.
Степан Игнатьевич ахсынньы 14 күнүгэр 1917 сыллаахха Нам улууhугар I Модут нэhилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Игнатий Павлович, Мария Ивановна Кутуковтар 13-тэ оҕоломмуттарыттан соҕотох биир уол ордон хаалар. Ийэлээх аҕата биир сылынан быысаhан күн сириттэн күрэнэн, Ыстапаан 11 сааhыгар төгүрүк тулаайах хаалар, аймах дьонугар иитиллэр, айаҕын бэйэтэ ииттинэр. 1934 сыллаахха «Большевик» холкуоска киирбитэ, онно 3 кылаас үөрэхтээх уолу нолуок агенынан үлэлэтэллэр. 1941 с. сэриигэ ыҥырыллар. Аҕа дойдутун көмүскээн хайдах сэриилэспитин туhунан бэйэтин ахтыытын ааҕыаҕыҥ.
«Биhиги Модут нэhилиэгиттэн 1941с. от ыйын 27 кунугэр Аҕа дойду сэриитигэр 5 киhи буолан барбыппыт. Намтан оскуола дьиэтигэр мустан барыта 70-ча киhи куоракка массыналарынан киирбиппит. Атаарыыга дьон наhаа айманар этилэр. Куораттан борохуокка угус киhи киирэн, Өлүөнэ өрүһү өксөйөн, аараттан дьону ыла-ыла айаннаан, Осетровоҕа тиийбиппит. Бииргэ айаннаан кэлбит дьоммуттан Читаҕа Антипиха станцияҕа арахсан, чаас чааhынан барыталаабыппыт. Мин Забайкальскай байыаннай уокурук 276-с артиллерийскай полкатыгар байыаннай үөрэҕи ааспытым. 1942 сыллаахха аан бастаан уоттаах сэрии алдьархайын билбитим.
1943 сыл саҥатыгар биhигини Киин фроҥҥа, Орёл уонна Тула куораттар тастарыгар, Одесса куораты босхолообут гвардейскай артиллерийскай полкаҕа пополнение быhыытынан киллэрбиттэрэ. Бойобуой уэрэххэ сылдьан бомбардировкаҕа тубэhэн, аан бастаан бааhырбытым. Онтон үтүөрэн, чааспар төннөн 76 мм орудиеҕа иитээччинэн сылдьыбытым. Онно Орёл куорат иhин кырыктаах кыргыhыыга иккиhин бааhырбытым.
Онтон үтүөрэн 1943 с. балаҕан ыйыгар атын полкаҕа түбэhэн, 76 мм орудиеҕа наводчигынан анаммытым. Сэрии сорох түгэннэригэр мүнүүтэҕэ 36-ҕа тиийэ ытарбыт. Прямой наводканан ытан өстөөх наблюдательнай пуунун, икки пулемёту үлтүрүппүтүм иhин «Хорсунун иhин» мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Нарва өрүс плацдарматын иhин кыргыhыыга пехотаны кытары тэҥҥэ киирэн ытыалааhыҥҥа батальоннай миномёту, икки пулемёту үлтүрүппүтүм иhин «Кыhыл сулус» орденынан наҕараадаламмытым.
1944 сыл бэс ыйыгар ССКП чилиэнэ буолбутум. өйдүүбүн ээ, политотдел начальнига дивизия полковнига Кудряшов партийнай билиэппин туттарарыгар эппитин: «өстөөх бааhырда эрэ, өссө кыыллыйда, кытаанах киирсиилэр буолуохтара, өстөөҕү бэйэтин арҕаҕыгар тиийэн үлтүрүтүөхпүт! Хомуньуустар Кыайыы иhин хорсуннук киирсэргэ холобур буолуох тустаахпыт, ол ытык иэспит».
Биир маннык үөрүүлээх умнуллубат түгэн буолбута. 1944 сыл сайыныгар сэрии инники кирбиититтэн 3 килэмиэтир тэйиччи сыттахпытына, эмискэ полк командира миэхэ өстөөх тыылын диэки уоту ас диэтэ, мин ытыалаатым. Сотору буолаат батарея стройун иннигэр өстөөх саллааттарын тиэммит массыынаны бэргэнник таппытым, бирикээhи туйгуннук толорбутум иhин миэхэ Махтал биллэрдилэр. Ити туhунан дивизия хаhыатыгар суруйбуттара.
1945 с. Брянскай уобалаhы босхолуур кыргыhыыга маннык түгэн буолбута. Кыра тохтобул кэмигэр мин тыа диэки тэйиччи дьон саҥатын иhиттим. Кэтэспэхтии түһэн баран, талахтар үрдүлэринэн автоматынан ытыалаан субуруттум. Эмискэ 12 ньиэмэс саллаата илиилэрин өрө уунан туран кэллилэр. Кинилэри бэйэм чааспар илтим. Ол кэнниттэн тыаны биир гына хааман, 2 тыhыынча ньиэмэhи туппуппут. Мин хамандыырбыттан эмиэ Махтал туппутум.
Үһүстээн ыараханнык бааhырбытым. Иваново куоракка госпиталга сытан Кыайыы күтүүлээх күнүн көрсүбүтүм».
Бу маннык хорсуннук Аҕа дойдутун көмүскээн, 1945 сыллаахха балаҕан ыйыгар үһүс группалаах инбэлиит буолан, дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлбитэ.
Сэрииттэн эргиллээт, Түбэ нэhилиэгин Чкалов аатынан холкуоhугар бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1947-1953 сылларга Модут нэhилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, онтон холкуос араас үлэтигэр сылдьыбыта. 1964 сыллаахха оройуон киинигэр Намҥа көһөн киирбиттэрэ. 1972 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыар диэри араас тутаах үлэлэргэ үлэлиир. 1977 сылтан кадровай булчут. Сынньалаҥҥа да таҕыстар таах олорбот этэ, оскуолаларга оҕолору кытары көрсүһэрэ, ыччакка олоҕун баай уопутуттан үллэстэр этэ.
1985 сыллаахха Ржев куоракка Саха сирин ветераннарын делегациятыгар киирсэн бара сылдьыбыта. Сэрии уота ааспыт, хабыр хапсыhыы буолбут хонуутугар, Смоленскайга буойун саллаатттар көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйэн, нуучча уонна саха норуоттарын доҕордоhуутун туоһутунан Өлүөнэ өрүс кытылыттан хатыҥ маhы илдьэн олордубуттара.
1964 сыллаахха икки огдообо көрсүhэн ыал буолбуттара. Степан Игнатьевич уол уонна кыыс оҕолордооҕо, Сарра Зинатулловна биир уол, икки кыыс оҕолооҕо. 1965 с. уол оҕоломмуттара, алта оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Эhэбит 1995 с. бу орто дойдуттан суох буолбута.
Эбэбит, Сарра Зинатулловна, 1928 с. тохсунньу 28 күнүгэр Нам улууhун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр Зинатулла Ахмадуллович Ибрагимов уонна Сэрбийамал Габдулловна Насырова диэн Саха сиригэр олохсуйбут биэс оҕолоох татаар ыалыгар төрөөбүтэ. Сахалыы саҥарар татаар кыыһа 1944 с. Нам 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга финансовай техникумҥа үөрэммитэ. 1947 с. төрөөбүт дойдутугар Намҥа төннөн кэлэн туох баар кууhун-уоҕун, билиитин-көрүүтүн оройуоннааҕы судаарыстыбаннай страхование сайдыытыгар биэрбитэ. Олоҕун устата наар биир дуоhунаска – инспекция кылаабынай бухгалтерынан ис дууhатыттан бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бэйэтин таптыыр идэтигэр элбэх эдэр ыччаты уhуйбута. 41 сыл таhаарыылаахтык үлэлээн, 1988 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Степан Игнатьевич бастакы кэргэниттэн оҕолоро Игнат Степанович уонна Клара Степановна Намҥа олохсуйан, ыал буолан үлэлээн-хамсаан олорбуттара. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ бары туруу үлэһит дьон, Намынан, Дьокуускай куоратынан олороллор.

Сарра Зинатулловна бастакы кэргэниттэн үс оҕолоох. Улахан кыыс Людмила Егоровна Ядрихинская идэтинэн быраас-невропатолог, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна. Минздрав поликлиникатыгар үлэлиир. Уола Ильченко Станислав Эдуардович Ураллааҕы государственнай юридическай академияны бүтэрбитэ, Екатеринбург куоракка олорор, үлэлиир.
Орто уола Ядрихинскай Руслан Егорович 2006 с. соhумардык бу олохтон барбыта. Руслан Егорович Тбилиси куорат университетын бүтэрбитэ, «Ядернай физика» идэтин баhылаабыта. СГУ физика факультетыгар, криминалистика лабораториятыгар, ОБХСС-ка үлэлээбитэ. Уларыйыы кэмигэр «Мамонт» тэрилтэни аhан, ситиhиилээхтик үлэлээбитэ. Кийиит Галина Софроновна Васильева М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ИЭН экология кафедратын доцена, биология билимин кандидата, СӨ Общественнай палаататын чилиэнэ. Биир уол, икки кыыс оҕолоохтор. Уоллара Васильев Дмитрий Дьокуускайга олорор, үлэлиир.
Улахан кыыстара Ядрихинская Айталыына-куо Г.В.Плеханов аатынан университеты бүтэрбитэ, Москваҕа олорор, Лилиана диэн кыыс оҕолоох.
Кыра кыыстара Агафонова-Ядрихинская Яна МЭСИ бүтэрэн эмиэ Москваҕа олорор, үс оҕолоох – Тимур, Эвелина, Артур. Күтүөт Агафонов Максим Сергеевич Москва куорат УВД үлэһитэ.
Сарра Зинатулловна кыра кыыhа Галина Егоровна Минскэй университетын биофизика факультетын бүтэрбитэ, Дьокуускай куорат дьаhалтатын экономиhынан үлэлээбитэ, кэргэнинээн чааhынай тэрилтэ аhан үлэлииллэр. Кыыстара Инна Москваҕа «Экономика үрдүкү оскуолатын» университетын бүтэрбитэ, онно хаалан издательствоҕа үлэлиир.
Мин кэргэним Андрей Степанович, Степан Игнатьевич уонна Сарра Зинатулловна кыра уоллара, ИДьМ-ҥа үлэлээбитэ, билигин охранаҕа үлэлиир. Икки уоллаахпыт, биир сиэннээхпит. Александр СГУ кэнниттэн «Ниссан» фирмаҕа, Максим ХИФУ ИФКиС бүтэрэн, IT систиэмэҕэ үлэлииллэр.
Эбэбит сааhа төһө да ырааттар биир сиргэ таба олорбот, олох үөhүгэр сылдьар. Сылын аайы дойдутугар Модукка Степан Игнатьевич туппут дьиэтигэр тахсан сайылыыр. Хортуоппуй, оҕуруот аhын арааhын олордубуппутун көрөр. 2000 с. Аҕа дойду сэриитин ветерана, «Кыhыл сулус», Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнарын, «Хорсунун иhин» мэтээл кавалердара Степан Игнатьевич Кутуков аатынан стипендия олохтообута, сылын аайы Модут орто оскуолатын бастыҥ үөрэнээччилэригэр туттарар. Сарра Зинатулловна – оскуола кэтэhиилээх ыалдьыта, кинитэ суох биир да улахан тэрээhин ааспат.
Эбэлээх эhэбит төрөөбүт дойдуларын сайдыытыгар, олоҕо тупсарыгар олохторун анаабыт дьон. Эдэр саастарын кэрэ кэмнэрэ дойду ыарахан сылларыгар ааспыттара. Ону аахсыбакка, бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ, олорбуттара кэнчээри ыччакка холобур буолуохтун.

Күндү киhибитин, тапталлаах ийэбитин, эйэҕэс эбээбитин Ибрагимова Сарра Зинатулловнаны 90 сааhын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн бары аймах-билэ дьонуттан долгуйан туран эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Бар дьон үтүө санаата, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталлара күүс-күдэх эптиннэр, чэгиэн-чэбдик буол, үөрүүҥ үксээтин, үйэҥ уhаатын! Биhиги туспутугар кыhаллар, сүбэ-ама буолар күндү киhибитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Хаартыскаҕа: 1. Степан Кутуков Аҕа дойду сэриитигэр сылдьан. 2. Эһэлээх эбэбит уолаттарын Игнаты уонна Андрейы кытары. 3. Эбээбит эһэбит портретын тутан турар.
Варвара КУТУКОВА, кийииттэрэ, Дьокуускай олохтооҕо.
2018 сыл, тохсунньу ый.
