Айтал музыкальнай бөлөх туһунан

1980-90-с сылларга “Айтал” музыкальнай бөлөх аата Сахабыт сиригэр ньиргийэн олороро диэҕи эмиэ да оннук буолбатаҕа, ол эрээри музыканы таптааччыларга балачча иһиллэрэ-биллэрэ. Үгүстэр билэллэрэ: олус үчүгэй ырыалар, сонун этно-музыка – бу барыта “Айтал” бөлөх. Бүгүн, 2018 сыл тохсунньу ыйын биир тымныы күнүгэр, мин бөлөх салайааччытын Александр Спиридоновы көрсөн анаан-минээн кэпсэттим. Хайдах этэй уонна хайдах эбитий – “Айтал” диэн?

– Александр Николаевич, үтүө күнүнэн! Дьэ, ирэ-хоро сэһэргэһиэх эрэ. “Айтал” бөлөх салайааччытын эдэр оҕо сааһыттан саҕалыахха.

– Биһиги Туой Хайаттан Бүлүүчээҥҥэ көһөн кэлбиппит. Туой Хайа көһөрүүтүн билэҕит, онно туой хайалар Мирнэй Арыылааҕынан, Новай совхоһунан, Таас Үрэҕинэн эҥин көспүттэрэ. Аҕам ол саҕана Дьокуускайга университекка үөрэнэ сылдьара. Ону тоҕо эбитэ буолла, миигин, алта саастаах оҕону, оскуолаҕа ылбыттара. Онно ол саҕана үчүгэйдик үөрэнэр буоллаххына биир сыл иккилии эҥин кылааһы бүтэрэр буоларбыт. Уруттаан эттэххэ, ол иһин оскуоланы бэйэм саастыылаахтарбыттан эрдэ бүтэрбитим, 16 сааспар.

Бүлүүчээҥҥэ үөрэнэ сырыттахпына Павел Гаврильевич Акимов диэн биллиилээх мелодист кэлбитэ. Ону сибилигин да өйдүүбүн: аэропортка самолёттан духовой оркестр турбаларын түһэрбитэ, олор ыҥырар-угуйар курдук күҥҥэ кылбайа сыталлара. Ол инструменнары тиэйэн илдьэн оскуолаҕа сүөкээбиппит. Павел Гаврильевич сонно тута духовой оркестр тэрийбитэ, мин тенорга оонньообутум. Оҕо эрдэҕинээҕи табаарыһым Гоша Третьяков эмиэ оонньоһор этэ.

1966 сыллаахха, мин сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Сунтаарга бэйэтигэр көспүппүт.

Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, быраатым уонна балтыларым Бүлүүчээҥҥэ төрөөбүттэрэ. Быраатым Юрий – Сиэн Тиитэп, Светлана диэн врач балтылаахпын, кинилэр Сунтаарга олороллор уонна үлэлииллэр. Саамай кырабыт Лена… этэ.

Дьиҥэр, бөлөхпөр улахан өҥөтө суох киһибин, тэрийбит эрэ буруйдаахпын. Урут ансамбллары тэрийэр этим, “Айталлары” эрэ буолбатах. Сунтаарга бастаан 1968 сыллаахха “Кылыһах” диэн бөлөх тэриммиппит. Онно даҕаны биһиги бастакы буолбатах этибит. Биһиги иннибитинэ кэлин биллиилээх журналист буолбут Вячеслав Степанов, Сергей Лидочен, Егор Егоров, Эдуард Егоров, бырааттыы нуучча уолаттара Терёхиннар эстраднай оркестрдаах этилэр, турба эҥин бөҕөтө. Оттон Вячеслав сахаттан бастакы саксофонист буолар. Дьон-сэргэ ону билбэт, арай кини туһунан ахтыы кинигэҕэ мин ону сырдата сатаабытым. Вячеслав саксофоҥҥа оонньууругар ымсыырарым. Кинилэртэн холобур ылан музыкаҕа сыстан барбытым.

Кинилэр оонньуулларыгар ымсыыран репетицияларыгар баран истэрим. Миигин киллэрэр этилэр, ардыгар маннык гыныллар эҥин диэн көрдөрөр этилэр. Уопсайынан оччолорго бары да оҕолор буоллахпыт, оонньуурбут, онуоха Вячеслав оҕону кытта оҕо курдук киһи этэ.

Оччолорго Бүлүүчээҥҥэ даҕаны, Сунтаарга даҕаны тоҕо эрэ “Голос Америки” радио, төһө да “глуши” гына сатааталлар, үксүгэр олус чуолкайдык иһиллэрэ. Онно биһиги “Спидола” радионан арҕааҥы музыканы истэр этибит. Ону сэргэ рентген плёнкатыгар уһуллубут пластинкалары проигрывателинэн истэрбит. Олору “пластинки на рёбрах” диэн ааттыыллара. “Битлз”, “Роллинг Стоунз” ырыаларын истэрбит. Рок-музыканы сөбүлээн кэбиспитим, онтон ыла онно сылдьабын.

Оскуоланы бүтэрэн баран, бастакы хамнаспынан ааһан иһэр армянтан кларнет атыыласпытым. Ону ол кларнеппынан оонньуурбар тыаһым-ууһум ынырык буоллаҕа, ол иһин туспа баран тыас-уус таһаараары кочегардыы киирбитим. Оччолорго музыкальнай оскуола диэн суох этэ. Почтанан самоучитель суруттаран ылбытым.

Мин дьолбор “сын полка” буолан сылдьыбыт Александр Никанорович диэн нуучча киһитэ баара. Кини оскуолаҕа сантехник эҥин курдук сылдьыбыта. Ол киһи тарбаҕа суох эрээри, мин тарбахпын “маннык-маннык баттанар” диэн көрдөрөн биэрбитэ. Онно кочегаркабар оонньоон син балачча тыаһыыр буолбутум.

Онтон бэйэм курдук табаарыстарым, кочегар уолаттар бааллара. Лебедянцев Саша диэн нуучча уола кулуупка баяниһынан кэлбитэ. “Кырыымпа” диэн бөлөх тэриммиппит: баян, кларнет, гитара, бас-гитара, барабаан бааллара. Анатолий Генеров – билигин полковник – барабааҥҥа оонньообута, Валерий Коротов – мелодист, ырыа айааччы, Анатолий Степанов – билигин ИДьМ музейын үлэһитэ. Итинник группа тэринэн оонньуу сылдьан, бары армияҕа барыталаан хаалбыппыт.

Армияттан кэлэн баран эмиэ муһуннубут. Ити 1972-73 сыллардаахха этэ. Оннук мустан оонньуу сырыттахпытына биирдэ эстраднай мастерской кэлэ сылдьыбыта, эһигини Москваҕа үөрэттэрэ ыытабыт эҥин диэбиттэрэ.

Ону баара биирдэ таанцыга оонньуу турдахпытына, хантан кэлбиттэрэ эбитэ буолла, түөрт нуучча киирэн кэлбиттэрэ. Олору кэлин биллэр тренер буолбут уол уонна кини табаарыстара кырбаталаан кэбиспиттэрэ. Айдаан буолан, ол түмүгэр ааранан биһигини эмиэ ыһыталаан кэбиспиттэрэ.

Бары үрүө-тараа барбыппыт, үксүбүт үөрэххэ киирбитэ. Мин СГУ-га омук тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Онно үөрэнэ сылдьан “Сэргэлээх уоттара” диэн бөлөҕү табаарыспынаан Третьяков Гошалыын тэрийбитим.

– Оннук ааттаах бөлөх хойукка диэри баара, өйдүүбүн ээ. Эн тэрийбит эбиккин дии.

– Оннук. Уопсайынан, мин тэрийбит икки бөлөҕүм аата икки сиргэ иҥэрилиннэ: СГУ Культурнай киинэ “Сэргэлээх уоттара” – “Сергеляхские огни” диэн ааттаах уонна Сунтаарга Искусство киинэ “Айтал” бөлөх аатынан – Школа искусств имени “Айтал” диэн.

Университет кэнниттэн Дьокуускайга ол-бу рестораннарынан эҥин оонньуу, музыканныы сылдьыбытым. Ону Климент Егорович Иванов көрсөн: “Чэ, оннук-маннык буолан буккулла сылдьыма, Сунтаарга баран үлэлээ, – диэбитэ. – Үп-харчы биэрэбин, инструменнары ылаҕын, ыһыахха бөлөх оонньуохтаах”. Итинник диэн баран тута наличнайынан харчы биэрбитэ. Ол саҕана элбэх наличнай харчыны илдьэ сылдьар көҥүллэммэт быһыылааҕа, сүрдээх кытаанах этэ.

Третьяков Гошалыын Москваҕа тиийэн этэҥҥэ араас инструменнары атыылаһан кэлбиппит. Онно прокурор билэн, аэропорка сырсан киирбит этэ, ону хата көтөн хаалбыт этибит.

“Ыһыах” диэн бөлөх тэриммиппит уонна үлэлээн киирэн барбыппыт. Быраатым Юрий Дьокуускайга музыкальнай училищеҕа үөрэммитэ, салгыы Москваҕа эстраднай мастерскойга киирбитэ, “Чорооннору” кытта. Ол үөрэнэ сылдьан уурайан хаалбыта, миэхэ кэлбитэ. Онтон ыла бииргэ сылдьабыт. Айар-тутар өртүгэр барытыгар Юрий сылдьыбыта. Мин уопсай салайар, тэрийэр өртүгэр сылдьыбытым.

“Ыһыах” бөлөххө сылдьан араас тэрээһиннэргэ барытыгар кыттарбыт. Партийнай, комсомольскай конференцияларга оонньуурбут, оройуон, республика таһымыгар буолар араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Ардыгар мөҕүллэрбит эҥин ханна барыай? Акимов Александр Константинович отой илдьэттии сылдьар этэ. Ардыгар партия туһунан ыллаабаккыт диэн райкомҥа ыҥыран мөҕөр этилэр. Ону таһынан сахалыы эрэ ыллыыгыт, нууччалыы ыллаабаккыт диэн эмиэ мөҕөллөрө. Ол иһин биир-икки ырыаны киллэрэн ыллыыр буолбуппут.

Кэлин буккуур сыллара саҕаламмыттара. Онно даҕаны биһиги бөлөхпүтүн ыспакка, илдьэ сылдьыбыппыт. РДК кулуубун директора Валерий Мекумянов “Айталы” театр-студия диэни тэрийбитэ. Биһиги спектаклларга эҥин музыканы оонньуурбут. Онно сыста сылдьан эмиэ “Айталы” диэн ааттаах бөлөх буолбуппут. Спектакль бөҕөтүн туруорбуппут.

Театр-студия хозрасчётнай этэ, онон кыамматаҕа. Биһиги бөлөхпүтүн ыспакка, кинилэртэн туһунан барбыппыт.

– Оччотооҕу бөлөх састаабын кытары билиһиннэр эрэ.

– “Ыһыаҕы” тэрийэрбэр миэхэ эдэр уолаттар кэлбиттэрэ. Третьяков Гошам баара. Онно кини Сунтаарга учууталлыыр этэ, кэлин Кутанаҕа көспүтэ. Кини турбаҕа, гитараҕа оонньуура. “Ыһыахпытыгар” букатын эстраднай артыыстар курдук буола сылдьыбыппыт: турба, тромбон эҥин бөҕөтө. Хата оонньуур оҕолор баар этилэр, армияттан эҥин кэлбиттэри хап гыннаран ылан кытыннарарбыт. Улахан оркестр тэрийэ сылдьыбыт кэмнээх этибит.

– Бэйэҕит үөрэтэр этигит дуо?

– Барытыгар бэйэбит үөрэтэрбит. Быраатым Юрий кэлиэҕиттэн хайысхабыт арыый уларыйбыта. Роковай хайысханы тутуһар, рок-музыканы оонньуур буолбуппут. Ол иннигэр поп-музыканы оонньуур этибит.

Бөлөхпүтүн “Айтал” диэн ааттаабыппыт кэннэ, Юрий наар тугу эрэ толкуйдуу сылдьар буолбута. Репетициябыт хайдах эрэ ээл-дээл барар эҥин буолан барбыта. Наар туохтан эрэ астыммат буолуу, муунтуйуу барыбытыгар да баар буолбута. Аны санаатахха, кини онно муна сылдьар этэ. Сахалыы салгыы барыаҕын, хайдах саҕалыаҕын үчүгэйдик билбэккэ… Бары даҕаны оннук сылдьыбыппыт, хайдах эрэ кризис буолбута. Ити 80-с сыллар бүтүүлэригэр этэ. Онно Тумус Мэхээлэ тиийэн кэлэр…

– Бээрэ, чуолкайдыах эрэ: эһиги бөлөххүт “Ай-Тал” диэн этэ дуу, “Айтал” диэн холбуу суруллара дуу?

– Маҥнай “Ай-Тал” диэн суруйа сылдьыбыппыт, кэлин “Айтал” диэбиппит. …Онтон Үөһээ Бүлүүттэн Тумус Мэхээлэ тиийэн кэллэ уонна Юрийы обработкалаан, Юрий хайысхатын тосту-туора уларытан сахалыы хайысхаҕа киирдибит. Мантыкабытыгар киирэрбитигэр сүрдээх ыарахннык киирдибит. Хайдах-туох буолуохтааҕын Тумус Мэхээлэ бэйэтэ да билбэт. Ити, арааһа, 1986-88 сыллар буолуохтаах. Саамай буккуллар кэммит ити этэ. Ыарахан дьыллар этэ. Уонна ол сахалыыга сүрдээх эрэйдээхтик киирбиппит. Уолаттар эрэйдээхтик киирбиттэрэ, мин хайдах эрэ сотору киирбитим.

– Сахалыы хайысха диэн тугуй?

– Сахалыы хайысха диэни киһи маннык диэн быһааран эппэт, ити айылҕа… Эмиэ бу саха ырыатын-тойугун курдук, туох да музыка сокуона манна оруолу оонньообот. Манна тэтим эрэ баар. Тыаҕа таҕыстахха чыычаах ыллыыр, итиннэ ынах маҥырыыр – ити барыта айылҕа, манна туох да диссонанс – туора тыас-уус суох. Барыта гармоничнайдык иһиллэр, киһи кулгааҕар туспа-туора барар тыас суох. “Биһиги музыкабыт соннук буолуохтаах”, – диэтибит. Оннук оҥордубут, эксперимент бөҕөтүн эксперименнээтибит. Үрүйэ ырыата, быраҕыллыбыт өтөх ырыата, музыката…

Уопсайынан, ити художниктар хартыына уруһуйдуулларын курдук биһиги хартыыналары звуктарынан, тыаһынан-ууһунан уруһуйдаан, оҥорон таһаарарга үөрэннибит. Кэлин Лабашев Ганя диэн музыкальнай училищены бүтэрбит уолу бэйэбитигэр ылбыппыт. Сүрдээх айылҕалаах уол, Бүлүү уола, ол эрээри музыкальнай үөрэхтээҕэ маҥнай утаа мэһэйдиир этэ. Онон арҕааҥы музыкальнай үөрэх, музыка сокуона сахалыы музыкаҕа мэһэйдиир. Дьиҥэр, арҕааҥы музыканнар туох-баар саныыр санаалара, ыралара барыта саха музыкатыгар баар. Ити саха тойугун курдук уйаара-кэйээрэ суох киирэн бара турар…

Аны ол саҕана “мин сахабын” диэн өйдөбүл өссө да киэҥник тарҕана илик, онон биһиги маннык буолуохтаах диэн сэрэйэн эрэ барабыт. Арай ол Тумус Мэхээлэ курдук бэйэлэрин норуоттарын туһугар, культурабыт хайдах буолуохтааҕын эҥин бөлөһүөктүүр, таайар аҕыйах патриот киһи баара.

Онон саҥаны айан, саҥаны суруйан ылсан барбыппыт. Тумус Мэхээлэ хоһоон суруйан, хоһоон ааҕар идэлээҕэ. Ону биһиги дорҕооннорунан кырааскалаан, оҥоро эрчилиннибит. Михалёва Сайаны кытта бииргэ үлэлээн “Айыы дьонугар аман өс” диэн бастакы рок-опера диэххэ сөбө буолуо, мюзикл диэххэ дуу, – оҥорон таһаардыбыт. Үс дойдуну хабан – Үөһээ, Аллараа, Орто дойдуну. Ырыаһыкка балтыбыт Лена удаҕаны толорбута, Айылҕа партияларын, Ийэ ырыатын ыллаабыта. Үрүҥ Аар тойонун, Орто дойду Айанньытын, Аллараа дойду абааһытын оруолларын Степан Семёнов толорбута. Степан ити ырыаһыт Байбал Сэмэнэп убайа, хомойуох иһин кэлин өлбүтэ. Кини оччолорго Культура колледжыгар үөрэнэ сылдьара. Онно: “Биһиэхэ туох да алдьархайдаах ырыаһыт баар”, – диэбиттэрэ. Степаны биһиги бэйэбитигэр ыламмыт, ырыаһыт гынаммыт ол айымньыбытын таһаардыбыт.

Айымньыбытын Дьокуускайга музыкальнай театрга көрдөрбүппүт, онуоха икки күнү быһа аншлаг буолбута, билиэт суох этэ. Оччолорго саха национальнай темата тахсан эрэр кэмэ, 1988-89 сыллар. Сахалар сахабыт дэнэр кэмнэрэ чугаһаан эрэрэ.

Бу концерка омуктар кэлбит этилэр. Эстония, Финляндия театрдарын артыыстара, Францияттан сылдьар музыковедтар эҥин. Балар таба көрөллөр даҕаны, уһаппакка-кэҥэппэккэ докумуоннары оҥорон биһигини икки ыйынан Финляндияҕа таһаардылар. Онно биһигини кытары “Чороон” бөлөх барыста. Тумус Мэхээлэ “чорооннорго” эмиэ музыкальнай спектакль курдук тугу эрэ оҥорбута, онтуларынан бардылар. Биһиги “…Аман өспүтүнэн”.

Онтон ити “…Аман өспүтүн” омуктар сөбүлээннэр, дойду бөҕөтүнэн сырыттыбыт. Европаны биир гына сырыттыбыт, улахан Аан дойду фестивалларыгар, чэ, туох да киһиргэһэ суох биэс төгүл бастакы миэстэни ылбыппыт – I степеннээх лауреаттар буолбуппут. Инньэ гынан кыайыы-хотуу бөҕөтө.

– Ким үбүлүүр этэй?

– Омуктар бэйэлэрэ үбүлүүллэрэ, Сунтаартан быһа ылар этилэр. Биирдэ японецтар маннааҕы российскай компанияны сатаан дьаһайбаккалар, биһигини Москваттан көтүтэн эрэйдээн тураллар. Наһаа уһуннук, эбиитин дойдубут үрдүнэн көтөн ааспыппыт.

Биллэн турар, оччотооҕу Культура министерствота биирдэ-иккитэ көмөлөспүтэ буолуо, тоҕо диэтэххэ биһиги Степанида Борисованы эмиэ илдьэ сылдьыбыппыт, кинини ыллатан, кини ырыаларын кыраныысса таһыгар таһааран ыллаппыппыт. Онтон кини бэйэтэ салгыы барбыта.

Чэ, оннук сылдьан испиппит. Онтон Японияҕа Аан дойдутааҕы улахан фестиваль буолбута. Онно аан дойду ааттаах супер-музыканнара мустубуттара, оннооҕор “Сборная мира” диэн баара. Аны туран бу кэмҥэ аан дойду үрдүнэн музыкаҕа, уопсайынан культураҕа уонна искусствоҕа кризис буола турара. Туох эмэ саҥаны көрдүлэр даҕаны хап гыннаран ылаллар.

Көрөҕүн дии, ити билигин хайдах курдук биһиги оҕолорбутун омук сиригэр илдьэн сырытыннаралларын? Холобур, буор-босхо культурабытын сүһэн ылаллар, оннооҕор кылыһаҕы баһылаатылар. Ити дьиҥинэн биһиги алмааспыт-көмүспүт, гааспыт-ньиэппит курдук баайбыт буоллаҕа. Ону биһиги босхо ыһа олоробут.

Дьэ ол фестивальга биһиги гримёркаҕа олордохпутуна, арай сценаҕа биһиги оонньоон киирэн бардыбыт. Хайдах-хайдаҕый диэн мониторунан көрбүппүт, ол “Сборная мира” биһиги стильбитигэр оонньуу тураллар. Ону көрөн баран Юрий эттэ: “Чэ, ноколоор, учебнай пособие буолан бүтүүһүкпүт, кэбис”. Өссө онно тиийэн быһаарса сатаабыта, бу биһиги стильбит диэн. Ону: “Авторские права покажите!” – дииллэр. Биһиэхэ суох буоллаҕа.

– Онтон авторскай быраап туһунан билбэт этигит дуо?

– Мин билэр этим. Ол гынан баран биһиэхэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия үрдүнэн бүүс-бүтүннүү авторскай быраабы көмүскүүр сокуон билиҥҥээҥҥэ диэри чуолкайдык оҥоһуллубакка турар. Москваҕа сылдьан оннооҕор юрист-международник уолу кытта көрсүһэн ыйыталаһа сатаабытым, ону: “Эһиги диэки Хабаровскайга баар”, – диэбитэ. Онно Хабаровскайга барыахха наада, эмиэ үп-харчы наада.

Оннук, чэ ситинник хаалан-хаалан, кыраныысса таһыгар сырыыларбытын бэйэбит баҕа өртүбүтүнэн тохтоппуппут. Тоҕо диэтэххэ биһиги көрөбүт: үгүстэр кыраныысса таһыгар барыахха эрэ диэн бараллар уонна, холобур, кылыһаҕы, хомуспутун эҥин барытын ыһа сылдьаллар. Технологиятын барытын көрдөрөн, ыһыахха кэллэхтэринэ барытын аһан биэрэбит. Барыта ситинник – ыһыы-тоҕуу.

1990-с сыллар саҥаларыгар немец табаарыстарым миэхэ: “Австрияҕа наһаа үчүгэй продюсердар курстара буола турар, кэл, үөрэн, – диэбиттэрэ. – Баара-суоҕа үс ый. Тылы билэҕин, дабаай, кэл”. Оттон мин немец тылын үөрэттэҕим дии. Ол эрээри мин ол кэмҥэ уоллаах кыыс игирэ оҕолонон хааллым, дьиэбин хайдах да хаалларан барар кыаҕым суох. Ол иһин Культура министерствотыгар киирэн көрдөһө сатаатым: биир эмэ тылы билэр оҕону булан продюсерга үөрэттэрэ баһаалыста ыытыаххайыҥ. Кыраныысса таһыгар биир альбом төһө буоларын, биир ырыа, биир концерт төһө буоларын ким да билбэт, саатар ону билиэххэйиҥ диэн. Итинник диэн Культура министригэр, Ыччат министригэр киирэн этэттээн көрбүтүм да, соннук хаалан хаалбыта. Этиибин ылыммыттара буоллар, аан дойду таһымыгар быһаарсар продюсердардаах буолуо этибит. Билигин туохпут да суох.

Маннык түбэлтэ эмиэ буолан турар. Омуктар эмиэ аһара уорар эбиттэр. Берлиҥҥэ фестивальга кытта сырыттыбыт. Арай концерка Норвегия радиота кэлэн: “Эһиги выступлениеҕытын биһиги баһаалыста устабыт дуо?” – диэтилэр. Мин туох да кэтэх санаата суох: “Ээ, оттон устуҥутууй”, – диэтим.

Ону цифрофой аппаратуранан устан ылбыт этилэр. Берлиҥҥэ дуу Парижка дуу иккис сырыыбытыгар эттилэр: “Тут ваши альбомы продают”, – диэн. “Как это?” – диибит. Онтубут баара ол устубут дьоммут альбом таһааран номнуо атыылыы сылдьар эбиттэр.

– Эһиги ол оччотооҕу олус ситиһиилээх сырыыларгыт туһунан Саха сирин дьоно-сэргэтэ букатын билбэт этилэр. Тоҕо оннук этэй?

– Биһиги оччолорго Сунтаартан Мирнэйгэ тиийэн, Мирнэйтэн быһа Москваҕа, атын да куораттарга көтөрбүт. Дьокуускайынан сылдьарбыт буоллар сырыыларбытын баҕар сырдатыа эбиппит буолуо. Онон хаһыаттарга, радиоҕа уонна телевидениеҕа биһиги оччотооҕу ситиһиилэрбит туһунан биир да суруйуулар, сырдатыылар суохтара.

– Дьэ, киһи сөҕөр дьыалата.

– Биир киһи буруйун чуолкайдык билэбин. Кини эппитэ: “Эһиги бэйэҕитин олус кэпсэммэккэҕит, түөскүтүн охсуммаккаҕыт ааһан хаалыахтаххыт”, – диэн. Ол атын бөлөхтөрү аһара түһэрэн кэбиһиэхтэрэ диэн эбитэ дуу, чэ билбэтим… Биһиги сүрдээх интэриэһинэй гынан баран, ыарахан олоҕу олордубут. Улахан өйөбүлү, хамнас эҥин диэни хаһан да көрбөтөхпүт. Туохпут да суох…

– “Чороон” курдук госфилармония быһыытынан эҥин үбүлэммэтэх буоллаххыт дии?

– Мин министргэ киирэммин көрдөһө сатаабытым: бу, баара-суоҕа биэс-алта киһини хамнастааҥҥыт Саха театрын иһинэн дуу ханан дуу, спектаклларгытыгар музыкаҕытын эҥин буор-босхо суруйан биэриэхпит эҥин диэн этэ, көрдөһө сатаан кэбиспиппит. Наадыйбатахтара.

Уонна биһиги өссө үөһэ тахсарбытыгар мэһэйдээбит биир сүрүн биричиинэ баар дии саныыбын. Ол тойотторго-хотуттарга сыһыана суох. Саха киһитэ бу орто дойдутугар буккулла сылдьыахтаах эбит. Биһиги буоллаҕына Үөһээ уонна Аллараа дойдуну хабан, төһөлөөх абааһыны санныбытыгар сүгэн тахсыбыппыт буолуой?.. Ол анараа дойду аанын тиийэн лүҥсүйэ сылдьан, мин санаабар, арааһа улахан сыыһаны оҥорбут быһыылаахпыт… Оччолорго биһиэхэ ханнык даҕаны ыйан-кэрдэн биэрэр киһи суоҕа. Сатаатар ити Ксенофонт Уткин отой өлүөн аҕай иннигэр эрэ, маннык атах тэпсэн олорон сэһэннэспитим, онно: “Сөпкө толкуйдуугун, онно алҕастар баар эбиттэр, – диэбитэ. – Сүбэлэһиэхтээх этигит”. Биһиги ол Сунтаарга олорон кимниин, хайдах сүбэлэһиэхпитий? Оннук… (үөһэ тыынар).

– Оттон эһигини даҕаны, ама, араҥаччылыыр айыылар бааллара буолуо эбитэ ини?

– Дьэ, дьон ортотугар суох эбит. Тоҕо диэтэххэ саха искусствотын, саха ырыатын-тойугун итинник үрдүк таһымҥа таһаарбыт коллектив Саха сиригэр суох. Коллективпыт ситэ сыаналаммата.

Дьиҥэр, биһиги ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр даҕаны ыһыллыбатахпыт, бары бииргэ сылдьыбыппыт. Биир кэмҥэ кырдьаҕастар тылларыгар киирэн биэрэн политикаҕа, быыбарга кыттыһан турабын. Ол кэнниттэн олоҕум күөрэ-лаҥкы барбыта. Ити 1996-98 сыллардаахха этэ. Наһаа хомойон, санааҕа-онооҕо баттатан инфарктаан ыалдьан хаалбытым. Сүрэхпинэн ити курдук инбэлиит буолан баран түптээн үлэлээбэккэ сылдьыбытым, олох түгэҕэр түһэ да сылдьыбыт кэмнэрдээҕим.

Хомойуох иһин, бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга олорор дьиэм-уотум суох. Дойдубар Сунтаарга барыахпын манна Медцентрга баайыллан хааллым: икки төгүл инфарктаан сүрэхпинэн инбэлиит буоллум, операцияламмытым, ону наар көрдөрүнэ сылдьыахпын наада.

– Мэрия тугунан да көмөлөспөт дуо? Саха сирин чиэһин Аан дойдуга биэс төгүл көмүскээн бастакы миэстэни ылбыт бөлөх салайааччытын, ол эрэ буолуо дуо – эйигин, саха музыкатыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит киһини, улаханнык чиэстиэ-бочуоттуо эбиттэр…

– Сүүрбэччэ сылы быһа мэрияны ааттаһа-көрдөһө сатаатым даҕаны, 17-с кварталга бараак дьиэни биэрээри гыналлар. Улахан кыыһым Питергэ, кыра кыыһым Москваҕа үөрэҕи бүтэрбиттэрэ, уолум Сунтаарга үлэлиир. Бары туспа олохтоох дьон. Улахан кыыс сиэним 7-с кылааһы бүтэрдэ, атын сиэннэрим Сунтаарга бааллар. Хардарыта өйөнсөн, сибээспитин сүтэрбэппит.

Айар-тутар өртүгэр бырааппын Юрийы кытары кэпсэтэриҥ буоллар. Кини Сунтаарга баар, музыкальнай оскуолаҕа үлэлиир. Кэнники кини ырыаһыттарга ырыа бөҕөтүн суруйан биэрдэ. Ырыаһыттарга куоластарыттан көрөн, тус бэйэлэригэр анаан ырыа суруйан биэрэр буолла.

– Эмиэ уруккуга төннүөххэ… Бөлөххүт састаабыгар кимнээх баар этилэрий? Мин ударнайга оонньуур Сергейи билэрим, Арнольд диэн бас-гитараҕа оонньуур доруобай уол баара… Өссө Вячеслав Васильев диэн баар этэ дии, ыллыыр уол? Ону запиһын истэн билэрбит, “Өндөрүүскэ тиэтэйбэт” эҥин диэн ырыатын. Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат дииллэринии, эһигини үтүктэн биһиги Арыылаах орто оскуолатыгар эмиэ ВИА-лаах этибит ээ. Биирдэ Сергей кэлэн ударнайга охсон, оскуолабыт биэчэрин киэргэттэ да этэ!

– Аан-маҥнай Арнольд Иванов кэлбитэ, 16 эрэ саастаах уол этэ. Кини букатын өлүөҕэр диэри миэхэ сылдьыбыта. Вячеслав Васильев диэн Сунтаар уола, билигин Ньурбаҕа олорор, Кылыһах диэн псевдонимнаах. Туох да иэдээннээх ырыаһыт уол этэ. Билигин даҕаны ыллыыр, кэлин иккитэ сольнай концерды оҥорбута. Дэгиттэр талааннаах Сергей Павлов биһиэхэ эмиэ 16 сааһыгар кэлбитэ уонна билиҥҥээҥҥэ диэри биһигинниин сылдьар. Ону сэргэ Михаил Перетертов диэн, Юрий үөрэнээччитэ диэххэ сөбө буолуо, Сунтаар РТС-ын уола баар, кини эппиэттээх концертарга биһиэхэ сылдьыһааччы. Армияҕа баран туох да аһара сайдан кэлбитэ.

Мин музыканнары икки көрүҥҥэ араарабын: мин курдук боростуой музыканнар уонна үөһэттэн айдарыылаах, оркестровай мышлениелаах, туох да алдьархайдаах музыканнар. Оннуктарга мин ити Мишаны киллэрэбин. Ити аранжировкаларбытын эҥин Юрийы кытары кини оҥорор. Анал музыкальнай үөрэҕэ суох эрээри, бэйэтэ үөрэнэн ситиспитэ, айылҕата бэрт. “Лучший гитарист” диэн күрэх ыыппыппыт, онно бастаабыта. Бастыыра сокуоннай, тоҕо диэтэххэ гитаристар бары билинэллэр: кини курдук оонньуур гитарист суох.

Өссө биир улахан музыканынан Малышев Айаалы билинэбин. Кини биһиэхэ биир-биэс харчыта суох фонограмма оҥорон биэрэрэ. “Чороон”, кэлин “Дапсы” салайааччыта Георгий Сергучёв эмиэ улахан музыкант. “Чороон”, кэлин “Айтал” гитариһа буолбут Никита Ким уһулуччу талааннаах. “Сэргэ” бөлөхтөн гитарист Копылов диэн уол баар. Арнольд Иванов эмиэ олус үчүгэй музыкант этэ. Өссө төгүл этэбин: мин көннөрү музыкант буоллахпына бу уолаттар дьиҥнээх, уһулуччу талааннаах музыкант буолаллар.

– Ырыаларгытын бэйэҕит суруйар этигит дуо? Оччотооҕу ырыаларгытын үгүс ыччат нойосуус билэр, ыллыыр этэ. “Студенныыр сылларым”, “Күөх хонуу устунан”, “Көрбүтүм эйигин ыһыахха”, “Дьокуускай куоратым” диэн ырыалар… Уопсайынан ырыа тылларын, мелодиятын айыы туһунан.

– Ырыалар үксүлэрэ Юрий киэннэрэ этэ. Онтон “Дьокуускай куоратым” диэн ырыаны Элгээйи уола Григорий Попов суруйбута. Кини Виталий Власовка бас-гитариһынан сылдьыбыта, билигин НВК-ҕа үлэлиир.

– Били “Туруйа, туруйа биэбэкэм” диэн ырыаны суруйбут Попов Гриша буоллаҕа дии?

– Буо-буо, ол кини. Кини хас да ырыатын толорор этибит. Саамай биллибитэ ити балтыбыт Лена толоруутугар “Дьокуускай куоратым” диэн ырыа буолар. Уоннааҕы ырыаларбыт, барыта диэххэ сөп, быраатым Юрий – Сиэн Тиитэп ырыалара буолаллар. Былырыын саҥа альбом таһаарбыппыт, онтубутун улаханнык билэ, истэ иликтэр. Бу сыл кулун тутар 18 күнүгэр СВФУ “Сэргэлээх уоттара” культурнай киинигэр Юрий кэтэһиилээх юбилейнай концердын ыытан эрэр. Онно дьэ үчүгэйдик истиэхтэрэ.

– Эһиги поп-музыкаттан тэйэн сахалыы музыкаҕа, тэтимҥэ, турукка киириигитин үгүс киһи өйдөөбөт быһыылаах дии саныыбын. Мин эһиги концеркытыгар сылдьан турабын. Онно олорон иһиттэххэ, ардыгар музыкаҕа уйдаран атын сиргэ баран хаалар курдуккун. Итини хайдах оҥороҕутуй? Эбэтэр хайдах гынан истээччини итинник турукка киллэрэҕитий? Сорох киһи мэктиэтигэр ханна олорорун умнан кэбиһэр туругар киирэр…

– Сөпкө этэҕин. Биһиги бириэмэтин арыый эрдэлээн иһэр быһыылаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, мин саха буолабын диэн өйдөбүл үчүгэйдик уһугуннаҕына, бу музыканы музыковедтар үөрэтиэхтэрэ дии саныыбын. Холобур, биһиги музыкабыт запиһын Алексей Егоров гастролга кэлэ сылдьан, миэхэ хоно сытан истэн баран, хараҕын уута тахсыар диэри долгуйбута. Барарыгар илиибин ыга тутан баран: “Наһаа да үрдүк таһымҥа тахса сылдьыбыт эбиккит!” – диэбитэ.

– Эһиги оонньуур стильгит ойуччу ураты, дьикти. Ону туох диэн ааттыыгытый, хайдах быһаараҕытый?

– Биһиэнэ импровизационнай стиль диэххэ сөп. Аан дойдутааҕы музыкальнай каталогар “Норд стиль” – “Хотугу стиль” диэн суруйбуттара. Онтон кэлин “Саха-стиль” диэбиттэрэ. Уонна дьону мунньаары буолуо, биһигини Европаҕа “Шаман-рок” диэн ааттыыллар. Ол иһин концерт саалатын иннинээҕи эрээт, сцена иннитэ бүүс-бүтүннүү кэлээскэлээх инбэлииттэр буолааччылар. Кинилэр ол аата медитациялаан, энергия ылан эмтэнэллэр.

Германияҕа сырыттахпытына Россия биир биллэр бөлөҕө тиийбит этэ. Ол гынан баран, омуктарга холоотоххо Россия музыканнарын таһыма отой намыһах этэ. Россияҕа биллэр, аатырар бөлөх таһыма олус намыһаҕыттан төттөрүтүн бэйэм кыбыстыбытым. Хата ол бөлөх гитариһа эппитэ: “Эһиги музыкаҕытыгар мин туох да наркотига суох “баран” хаалабын”, – диэн. Ол кини турукка киирэрин этэр.

Турукка киирии… Музыкабытыгар маҥнай турукка киирэрбитигэр эрэйдэнэр этибит. Нэһиилэ, сыыйа киирэрбит. Кэнники үөрэнэн, тута киирэр буолбуппут. Истэ олорон, көрөөччүлэр үгүстэрэ оннук турукка киирэллэр.

Биирдэ Сайыынаны ыллатан боруобалаан көрдүбүт. Мин этэбин: “Эн ити попсаны ыллыы сылдьаҕын, бэрт былдьас да былдьас, сэриилэс да сэриилэс буолаҕыт. Хотугу ырыаларгын туттан, туспа баран хаал”, – диэн сүбэлээбитим. Хотугу тэтимнэри биһиги сатыыбыт, хааммытыгар баар. Хотугулуу умайык диэн баар. Ол умайыгы ыллаххына, группа барыта биир киһи курдук оонньоон, умайык кэлэр. Ол кэллэҕинэ мэктиэтигэр хараххар көстөр курдук, үөһээ туох эрэ илибирии турар буолар.

Дьэ Сайыына соннукка тиийэн баран: “Хайа, туох эрэ буоллум дии!” – диэтэ. Кыыспыт “бара” сыста. Онно өйдөөммүн уолаттары тохтотолоон, таһаардыбыт. Баран-баран кэлиэ суоҕун сөп буоллаҕа.

Аны биллэр алгысчыт Александр Саввинов — Алгыстаах Өлөксөөн баар, Сунтаар Күндэйэтэ. Кини алгыһыгар музыкалаабыппытыгар, “баран” хаалла. Иэҕэҥнии-иэҕэҥнии олорор. Нэһиилэ таһаардыбыт.

Сорох киһи буоллаҕына кыайан киирбэт. Афанасий Фёдоров баар дии. Финляндияҕа сылдьан Ытык дабатыыта буолла, биһиги бары үөһэ көтөн баран хааллыбыт. Көрбүппүт киһибит аллараа сылдьар, ханна да “барбатах”. Онон профессиональнай артыыстарга, тойуксуттарга биһиги музыкабытын ылыммат дьон эмиэ баар.

– Кинилэри өйдүөххэ сөп буолуо, хас этиилэрэ, хамсаныылара барыта чочуйуллан турар буоллаҕа.

– Биһиги буоллаҕына ыллыбыт да импровизациялаан, баран хаалар этибит. Билиҥҥи курдук тута устан ылар кыах баара эбитэ буоллар, оо, иэдээн музыка буолуо этэ! Урут устар анал техника эҥин диэн суох буоллаҕа. Хаарыан музыкалар оннук хаалан хааллахтара.

РДК-ҕа, атын да сирдэргэ концертыыбытыгар сүбэлэһэбит: уолаттар, бастаан маннык саҕалыыбыт. Өтөх… Уу-чуумпу… Сылгы тыбыырар… Оту хабыалаан үргүүр тыаһа иһиллэр… Оннук тыастартан саҕалаан баран, мантан салгыы музыка үөскээн тахсар.

Немец омук кларнет диэн инструмена баар. Ол онно биир-икки нотаны ыллыҥ да, сахалыы айылҕа бу кэлэн хаалар. Ону мин ити инструменнары талааһыҥҥа эҥин отой улахан болҕомтону уурабын. Саксофонум кылыһахтаан киирэн бардаҕына, атын артыыстар кэлэн саксофоммар эбии клапан баар быһыылаах диэн кэлэн көрдөөн киирэн барааччылар: “Кылыһахтыыр клапана ханна баарый?”. Ону суох буоллаҕа, бэйэм оҥоробун. Бэйэм туһунан техникалаахпын.

– Кырдьык, концерка сылдьан көрдөххө отой тыынар курдук оонньуугун ээ.

– Саксофон сүрдээх интернациональнай инструмент. Ханнык омук ылар даҕаны, ол тыынынан оонньоон барар. Холобур, “Азия дауысы” конкурска бара сылдьыбыппыт. Онно туох да иэдээннээх музыканнар кэлэр эбиттэр – Орто Азияттан саҕалаан Индияттан кытта. Туркмен уола тахсан кларнекка оонньуур – отой туркмен музыката. Армян уола тахсан оонньуур – армянскай национальнай музыка иһиллэр. Саха тахсан оонньуур – саха инструмена буолан хаалар. Онон хайа омук ылла да, ол омук инструмена буолан хаалар.

– Оннук эбит. “Ыһыах” вокальнай-инструментальнай ансамблы кытта эн саксофоннаах тахсыбыккар мин хайдах эрэ маҥнай туора көрө санаабытым, хайдах-хайдаҕый диэн. Онтон кэлин киһи көрө уонна истэ үөрэнэр эбит, эбиитин тыаһы-ууһу олус тупсарар буоллаҕына.

– СГУ-га үөрэнэ сырыттахпына Борисов Антон диэн Майа уола саксофоҥҥа өссө үчүгэйдик үөрэппитэ. Кини музыкальнай үөрэхтээх этэ, миэхэ саксофонун уларсара. Онно гастролга сылдьан оонньуур этим. Кини билигин Майаҕа музыкальнай оскуолаҕа учууталлыыр, историк үрдүк үөрэхтээх.

Биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: биһиги кэммитигэр – сэбиэскэй кэмҥэ улуустаһыы эҥин диэн суох этэ, сахалар бары биир этибит. Кэлин улуустаһыы буолан барбытыгар, хайдах-хайдаҕый диэн соһуйан хаалбытым. Маннык көстүү үөһээҥилэртэн барда дуу, хайдах дуу дии саныыбын.

– Дьэ итиннэ сөпкө эттиҥ дии саныыбын, сэбиэскэй кэмнээҕи ыччат бары биир буоллахтара. Дьиҥэр билигин да биһиги, боростуой дьон, туохпутун былдьаһан улуустаһыахпытый? Барыта үөһээҥилэртэн тахсара көстөн турар дии саныыбын. “Разделяй и властвуй” диэн этии баар ээ… Чэ, ити хаалан эрдин.

– Аны туран биир баар. Төһө да арахсыы-арахсыы диэтэрбит биһиги, Бүлүү умнаһын сахалара, Саха сирин кииниттэн тэйиччи сытар буолан эбитэ дуу, сахалыы тыыны илдьэ хаалбыппыт хааммытыгар баар. Биһиги бөлөхпүтүгэр араас улуус уолаттарын оонньотон көрбүппүт. Онуоха Бүлүү бөлөх улуустарын уолаттара, бэйэбит уолаттарбыт, ордук түргэнник ылынан, арыллан бөлөххө киирэр этилэр.

– Мин үөрэххэ киирээт бастакы курска Мэҥэ уолаттарын кытта биир хоско олорбутум. Арай иһиттэхпинэ дьонум наар ар-бур дэһэн, этиһэн тахсаллар. Хайыахпыный, буойталыы сатыыр буоллум. Онтум баара уолаттарым ити көннөрү кэпсэтэр быһыылара эбит. Маҥнай истэр киһиэхэ олуоната сүрдээх этэ… Кэлин үөрэнэн, хата бэйэм бэрт түргэнник ар-бур диэн кэпсэтэр буолбутум.

– Дьыала өссө саҥаларыгар-иҥэлэригэр буолбатах, менталитеттарыгар сытар. Холобур, “Дапсы” бөлөх сахалыыга киирэн оонньуу сатаата гынан баран, кинилэр импровизационнайы наһаа оннук баһылаабатылар. Ону мин хааннарыгар суох диибин. Кинилэр аранжировканан, өйүнэн, өй күүһүнэн сахалыы оонньоотулар.

Биирдэ Москваҕа саха бөлөхтөрө бары көһөн тиийдибит, “Сэргэлэр” эҥин бааллар. Улахан концерды оҥордубут. Концерт бириэмэтигэр биһиэхэ эттилэр: эһиги сахалыы импровизационнай стилинэн, хаһан да оонньооботоххутун оонньоон көрдөрүҥ эрэ, диэн. Онуоха Юрий эттэ: “Ленка, эн итирик эбээн эмээхсинин ырыатын ыллыыгын дуо?”. “Чэ, дабаай”, – диэн буолла. Биһиги хотулуу тэтиминэн түһэрэн кэбистибит. Ленкабыт, оттон бэйэҥ билэҕин, туох да иэдээннээх артыыска буоллаҕа, отой эбээн эмээхсинэ буолан хаалла. Дьэ били эбээн эмээхсинин курдук эҥээритэн ыллаан, силлээн-хаахтаан… Онно музыканнар улаханнык саллыбыттара.

– Итинник талааннаах дьон бэйэҕит кэмҥитигэр уонна билигин даҕаны улахан өйөбүлү көрсүбэтэххит, дьэ, туһугар ыарахан дьыала эбит.

– Бүгүҥҥү күҥҥэ отой өйөбүлэ суохпут диэбэппит. Дьокуускай культуратын управлениетын начальнига Антонида Николаевна Корякина сүрдээҕин көмөлөһөр.

– Туох да диэбит иһин, “Айтал” бөлөх наһаа оннук биллибэт-көстүбэт курдук ээ. Уруккуну тэҥнээн көрөн этэбин.

– Баарбыт. Былырыын саҥа альбом таһаарбыппыт, сылын аайы Туймаада ыһыаҕар кыттабыт, үгэс быһыытынан 6-с площадка биһиэнэ. Манна сунтаардар ыһыахтарыгар, түмсүүлэригэр толору да састаабынан буолбатар, кыттабыт. Урукку састааптан үһүөбүт: Сиэн Тиитэп, Сергей Павлов уонна мин.

– Балтыгыт Лена хас сааһыгар бу дойдуттан барбытай? Хаарыан талаан…

– Оо, дьэ, чуолкайдык этэр кыаҕым суох. Улаханнык сөбүлээбэт темам, ол иһин…

– Кини кэргэннээх этэ дии?

– Кэргэннээх этэ, ол гынан баран оҕоломмотохторо.

– Лена Спиридонова олус үчүгэйдик пародиялаан испитин өйдүүбүн.

– Сахалартан бастакы пародист кини буоллаҕа, Адександр Бурнашев быдан инниттэн. Артыыс Пётр Пестряков: “Оо, дьэ бу Лена саха бастакы пародиһа”, – диэн сүрдээҕин үөрэр-көтөр этэ. Ленка оннук бэркэ пародиялыы сырыттаҕына хайалара эрэ: “Эн бэйэҥ куоласкынан буолбакка, атын дьон куолаһынан ыллыыр эбиккин”, – диэбитигэр, ону сөбүлээбэккэ кэлин пародиялаабат буолан хаалбыта. Дьиҥинэн, дьону үтүктэн көрөөччүлэри үөрдэрэ-көтүтэрэ туох куһаҕаннаах буолуой? Кини оҕо эрдэҕиттэн итинник үтүктэр этэ. Аһыы олордоҕуна “ону үтүгүн эрэ” диэтэхпитинэ ойон туран үтүктэн барара. Наар оннук дьээбэлээн тахсар этибит.

Лена отой кыра эрдэҕиттэн талааннааҕа биллибитэ. 3-4 сааһыттан музыкальнай оскуолаҕа үөрэнэр эдьиийэ тугу сатыырын барытын үтүктэрэ. Фортепианоҕа ханнык эмэ нотаны баттаатахха тута билэрэ. Оҕо эрдэҕиттэн талааннаах буолан кини музыкальноһа эрдэ биллибитэ, онон саха этно-музыкатыгар дөбөҥнүк киирбитэ.

Балтыбыт олус күүстээх, этэргэ дылы “негритянскай” куоластаах этэ. Кэлиҥҥи альбомугар, хомойуох иһин, уһулааччылар сыыһа установканы биэрэн кэбиһэн, дьиҥнээх куолаһа арыллыбакка хаалбытыттан хомойобун. Дьиҥнээх бэйэтин куолаһын арыйбыта буоллар өссө үчүгэй буолуо этэ.

Биһиэхэ эбиитин өбүгэлэрбит да көмөлөһөллөрө буолуо… Олоҥхо Оппуруон диэн олоҥхоһут эһэлээх этибит. Армияҕа барыам иннинэ кинини магнитофоҥҥа устубутум. Кини аҕата, биһиги хос эһэбит Ырыа Тиитэп диэн Бүлүү улуустарыгар биллэр ырыаһыт, олоҥхоһут киһи баара. Кини дьикти ырыалаах-тойуктаах киһи эбитэ үһү. Быраатым Юрий кини аатынан Сиэн Тиитэп диэн буолбута. Хос эһэм миигин көтөҕөн, бүөбэйдээн баран өлбүтэ. Кинини өйдөөбөппүн, арай хаартыскаҕа баарбыт.

– Ийэлээх аҕаҥ туһунан кэпсии түс эрэ. Аҕаҕын Николай Николаевиһы кытары биир кэмҥэ, Сунтаарга редактордыыр кэммэр, бииргэ алтыһан үлэлээн ааспыттаахпын. Кини бэтэрээннэр түмсүүлэрин председателэ этэ.

– Ийэлээх аҕам билигин да бааллар. Ийэм 89-һа, аҕам 93-гэр сылдьар. Аҕам ол бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайан былырыын эрэ уурайбыта. Биһиги ситиһиилэрбит, дьиҥэр, ийэлээх аҕабыт уонна кэргэттэрбит ситиһиилэрэ буолар. Кинилэр баар буолан биһиги Аан дойдуга тиийэ ситиһиилэннэхпит, онон кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Улахан хамнаһа да туга да суох сылдьан, аҥаардас энтузиазмынан эрэ ону ситиспиппит.

Биһиги айымньылаах үлэбитин олус сыаналыыр, биһиэхэ куруук сүбэ-ама буолар дьон баара үөрдэр. Биир оннук чаҕылхай киһинэн биһиги аҕа табаарыспыт Игорь Игнатьевич Николаев буолар. Ыарахан күннэрбитигэр кини өйөбүл, күүс-көмө буолбута элбэх. Бастатан туран үтүө сүбэтинэн, тылынан-өһүнэн.

– Эмиэ уруккуга төннүөххэ. Сунтаарга өссө “Дьүкээбил”, “Оһуохай” диэн бөлөхтөр бааллара. Эһиги “Оһуохай” диэн буола сырыттыгыт этэ дии?

– “Дьүкээбил” диэни СПТУ-га Сергей Павлов тэрийэ сылдьыбыта. Онтон мин РДК-ҕа “Ыһыаҕы” үлэлэтэ сылдьан культура управлениетынаан тыл-тылга киирсибэккэ, туспа барбытым. Директор Семён Александрович Зедгенидзев СПТУ-га ыҥырбытыгар, онно тиийэн “Оһуохай” диэн бөлөҕү тэрийбитим. “Ыһыах” ыһыллыбыта, биһиги бүтүн састаабынан “Оһуохайга” барбыппыт. Саха сиригэр бастакынан синтезатор диэни аҕалан, ону баһылаабыппыт. “Айтал” диэн кэлин буолбуппут.

– Эһиги “айталлар” ырыаларгыт Саха сиригэр кассетанан балачча тарҕаммыттара ээ. Ону хайдах оҥорон тарҕаппыккытый?

– Мин Дьокуускайга нуучча табаарыстардаах этим, рестораннарга бииргэ үлэлээбит уолаттарым. Олор: “Давай, записьтаныҥ эрэ”, – диэн биһигини хаайдылар. “Ону хайаары гынаҕыт?”. “Оттон записькыт тарҕаннаҕына популяризация барыа этэ буоллаҕа”, – диэтилэр. “Дабаай”, – диэн буолла уонна рестораҥҥа кэлэммит биир түүн иһигэр уһулуннубут. Үчүгэй устар аппаратура аҕалбыт этилэр. Оччолорго биһиги “Айталы” диэн этибит. Дьэ ол записьпыт биир сайын иһигэр Саха сирин барытын ылан кэбистэ. Ол запиһы атыылаан тарҕаппыт дьон харчы бөҕөтүн өлөрдүлэр быһыылааҕа.

– Оо, дьэ, байыаххыт хаалбыт эбит дии.

– Ээ, суох. Туох барыта харчынан кэмнэммэт. Ол оннугар биһиги саха дьонун-сэргэтин тапталын, сэҥээриитин ыллахпыт дии. Уонна ол дьон табаарыстарым этилэр, харчыламмыт да буоллахтарына, харчыланныннар. Кинилэр барахсаттар ол ресторантан ханна да быкпат дьон буоллаҕа.

– Мин 1980-с сылларга оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр “Ыһыах” записьтара илииттэн илиигэ сылдьаллара. Эһиги уонна Вячеслав Васильев ыллыыр ырыаларгытын олус сөбүлээн истэр буоларбыт. Ол записьтар төһө да хаачыстыбалара мөлтөһүөр буоллар, оччолорго олус үчүгэй курдук этилэр.

– Ол концертартан эҥин устар записьтара буолуохтаах. Биһиги: “Оо, биһиэхэ сахаларга саатар биир үчүгэй студия записи баара буоллар!” – диэн наар баҕара саныыр этибит. Онтон кэнники син записьтыыр студиялар баар буоллулар да, онтубут барыта коммерческай, онон соччо улахан туһата, көмөтө суох дьыала курдук буолла. Биһиги уруккулуу санаалаах дьон, баҕар, босхо эҥин уһуллуохпут дии санаабыппыт буолуо. Оттон билигин устар студиялар олус элбэхтэр.

– Студиялар элбэхтэр да, арааһа, туох да үчүгэйи усталлара суох курдук көрөбүн… Аныгы ырыаһыттары, кинилэр ырыаларын эн хайдах сыаналыыгын?

– Биирдиилээн үчүгэй ырыаһыттар, ырыалар баар бөҕө буоллахтара. Саастаах киһи быһыытынан эттэхпинэ, бэйэм 65-һим буолла, улаханнык кириитикэлээбэппин гынан баран… кинилэри үгүстэрин саха ырыатын өлөрүөхсүттэрэ диэхпин баҕарабын. Холобур, Интернет ырыаларын ылан сахалыы уларытан ыллыыллар. Урут культураҕа цензура баара кэм үчүгэй эбит. Эн мелодияны уларытар быраабыҥ суох этэ, ырыа профессиональнай поэттар тылларыгар суруллара.

Билигин мелодиялара үчүгэй буоллаҕына тыллара соччото суох, тыллара үчүгэй буоллаҕына мелодиялара куһаҕан буолар. Үгүстэр тылларын бэйэлэрэ суруйаллар, онтулара кэпсээн курдук буолар. Итинник диэн сыыһа буоллаҕа. Билиҥҥи ырыа тылларыттан киһи санаата түһэр. Аны мин бука барыгытын дэгэрэҥинэн ыллыы сылдьыҥ диэбэппин. Попса диэн баар буолуохтаах, ол гынан итинник атыны сүлэн ылааһын диэн туһата суох. Оруобуна Россия “безголосай” попсатын курдук буолаары гынныбыт, мин онтон дьиксинэбин. Итиннэ Эстрада театрын эҥин өртүттэн бэрээдэктээһин эҥин барара буоллар олус үчүгэй буолуо этэ.

– Кырдьык, үгүс ырыалары киһи истэн баран сонно тута умнан кэбиһэр.

– Оннук, ол да иһин итинник ырыалар “песенки-однодневки” дэнэллэр.

– Билигин Сахабыт сиригэр уопсайынан музыкальнай рок-бөлөхтөр диэннэр төһө баалларый? Соччо биллибэттэр дии.

– Дьэ, бааллар, доҕор. Онон-манан тыаларынан кулууптарга, Дьокуускайга гаражтарынан эҥин энтузиаст оҕолор бааллар аҕай. “Табык” диэн музыкальнай конкурска сылдьан көрдөххө бөлөхтөр бааллар, киһи үөрэ көрөр. Арай үп-харчы кырыымчык буолан араас фестиваллар кыайан тэриллибэттэр. Онон мин отой суохтар диэбэппин, нуучча оҕолоро эҥин олус сайыннылар, Россия таһымыгар оонньуур кыахтаахтар. Сахаларга даҕаны бааллар, холобур “Байҕал” диэн бөлөх баар. Үөһээ Бүлүүгэ хас да бөлөх баар. Сунтаарга “Хаһыы” диэн туох да иэдээннээх группа баар. Кинилэр отой технарьдар, Юрий үөрэнээччилэрэ.

– Оччотугар кинилэр тоҕо биллибэттэр-көстүбэттэр?

– Бириэмэҥ оннук. Барыта коммерческай, хайдах да театры ылан концертыыр кыахтара суох. Аренда төлөбүрэ туох да ынырык, биир даҕаны чэпчэки сыаналаах үчүгэй концертнай саала суох. Билигин туох-баар барыта харчыга тиийэн иҥнэ турар. Ырыаһыттар концерт оҥорон “по нолям” таҕыстахтарына баһыыба, кыайан барыһырбаттар. Туох барыта харчы: аренда, аппаратура…

Билигин дьон концерка ырыаны-тойугу истэ буолбакка, магнитофону истэ уонна былааччыйа көрө бараллар, 2-3 тыһыынчаны төлөөн туран. Магнитофон диэн плюсовка запиһы этэбин. Тыыннаахтыы ыллыыр ырыаһыт аҕыйах, үгүстэр “плюһунан” – бэлэм фонограмманан айахтарын атан “ыллыыллар”.

– Плюсовканан ыллааһын диэни тус бэйэм дьону улахаҥҥа уурбатынан сыаналыыбын. Ааспыкка телевизорга “Две звезды” диэҥҥэ бары плюсовканы холбообуттара. Астыга суох этэ…

– Дьэ, билиҥҥи таһым диэн итинник. Россия эстрадата хайдах буоларый да, биһиэннэрэ оруобуна ону үтүктэн иһэллэр. Юбилейдарга, сыбаайбаларга баран плюсовканы холбуулларыгар сыаналара “дыраастый”. Мин итини, дьону албынныыры, отой сөбүлээбэппин. Миигиттэн “плюсовкалааххын дуо?” диэн ыйытааччылар, ону мин: “Кэбис, оннукка тиийбэтэх киһи үчүгэй буолуо этэ”, – диибин. Албынныы турбаппын, тыыннааҕынан эрэ оонньуубун. Кэнники бириэмэҕэ аат-суол суолтата сүттэ. Араас ааттаахтар сценаҕа тахсан плюсовканан ыллыыллар, мин онтон олус хомойобун.

– Билигин эйигин төһө ыҥыралларый?

– Араас: ардыгар элбэхтик, ардыгар аҕыйахтык. Миигин тамадалар эҥин билэллэр, кинилэр ыҥыраллар. Дьон-сэргэ хас сыл тухары син билэр буоллаҕа, онон отой үлэтэ суохпун диэбэппин. Соҕотоҕун сылдьан корпоративтарга эҥин саксофоҥҥа оонньуурбар музыкальнай сопровождение фонограммалаахпын. Быйылгы Саҥа дьылга хас да сиргэ сырыттым, оннооҕор Покровскайга иккитэ баран кэллим. Ол эрээри урукку курдук буолбатах, аҕыйах. Сахалар эрэ буолбатах, нуучча табаарыстарым, нуучча тамадалара ыҥыраллар – нуучча саксофону ордук сөбүлүүр. Сахалар кэнники эмиэ олус сөбүлээн эрэллэр.

– Оччоҕуна концертыыр букатын ночооттоох буолан тахсар дуо?

– Ороскуоттаах. Арай бааргын биллэрэн, саҥа альбомҥун билиһиннэрэр буоллаххына. Биир эмэ меценат көстөн үбүлээтэҕинэ эҥин син барыстаах буолуон сөп. Хата биһигини кэнники сылларга Матвей Николаевич Евсеев үчүгэйдик өйөөн эрэр. Биирдэ биһигини кытта көрсөн баран: “Мин эһигини иккистээн таһаарыахпын баҕарабын”, – диэбитэ. Онно биһиги аһара үөрбүппүт. Онон көрдөһүөҥ эрэ кэрэх, барытыгар көмөлөһөн иһэр. Аны бэйэтэ ыллыыр. Бэйэтин тэрилтэтигэр эҥин ыллааччы. Сунтаар ыһыаҕар ыллыахтааҕын ити биһиги Сергейбит аһара эрчийэн кэбиһэн, күөмэйин олордон кэбиспитэ. Матвей Николаевич отой маладьыас киһи, кини өйүүрүттэн үөрэбит, былырыын Нуучча театрыгар буолбут концерпытыгар кини көмөлөспүтэ. Онно саҥа ырыаларбытын билиһиннэрбиппит.

– Концертаргыт рекламалара санаа хоту үчүгэйдик көстүбэттэр дии.

– Үп-харчы суоҕа бэрт. Бу буолуохтаах Юрий концердыгар реклама барыа диэн эрэл баар. Кинини сөбүлүүллэр, онон дьон кэлиэҕэ диэн эрэнэбин. Арай буолуохтаах концерда арыый эрдэ чыыһылаҕа көһүөх курдук.

– Мин баҕа санаам: “Айтал” бөлөх улаханнык, дуорааннаахтык хаста да концертыыра буоллар диэн.

– Бэрт буолуо этэ. Бэйэм улахан формаҕа үлэлиэхпин наһаа баҕарбытым, онтубун бу олохпор кыайан сиппэтим… Ол аата тугуй, диэ. Улахан сценаҕа ыһыаҕы ыһан кэбиһиэхпин баҕарбытым: хор, оркестр кыттыылаах эҥин. Төбөбөр баар, дьиҥнээх олоххо кыайтарбат. Бириэмэтэ ааһан хаалбыт быһыылаах, сэбиэскэй кэмҥэ кыайтарыа этэ.

Билигин бары тус бэйэлэрин эрэ тустарыгар сылдьаллар. Норуот туһугар эҥин диэччи оннооҕор депутаттарбыт ортолоругар аҕыйах быһыылаах. Өй-санаа мөлтөөбүт курдук, кырдьык даҕаны кырдьан өлөн эрэр омуктарбыт дуу дии санаатым. Тус бэйэм биһигини, сахалары, биэс тыһыынча сыл кэриҥэ олорбут түүр омук саамай кырдьаҕас омуга дии саныыбын. Омук эмиэ киһи курдук кырдьар буоллаҕа. Холобур, нууччаҥ диэн эдэр омук буоллаҕа, саастара икки тыһыынча сыл буолбута буолуо. Православнай диэн буолбуттара тыһыынчаттан эрэ тахса сыл. Саастарынан оҕо курдуктар, ол иһин ити араас революцияларынан эҥин оонньууллар.

– Буолуон сөп. Холобур скифтэр, хазардар эҥин кырдьан былыр үйэҕэ сүппүт омук буоллахтара.

– Гастролга Германияҕа сылдьан ардыгар ыалларынан түһэр этибит. Биирдэ сахалыы саҥарар немец учуонайыгар түһэрдилэр. Ол киһи “түүрдэртэн саамай кырдьаҕас омугунан эһиги буолаҕыт” диэбитэ. Уонна түүрдүү ордук ыраас тылы илдьэ хаалбыт эһиги бааргыт, диэбитэ. Атын түүр омуктар бэйэ-бэйэлэрин тылларын сиэһэн, буккуһан, тыллара уларыйан хаалбыт эбиттэр. Мин онно аһара соһуйбутум. Кини өссө биһиги уруулуу омуктар буолабыт диэбитэ. “Эс, ньиэмэстэри кытта биһиги туохпутунан уруулуу буолуохпутуй?” – диэбитим. Онуоха эппитэ: “Эһиги саамай аҕаҕыт кимий? Үрүҥ Аар тойон. Онон арийдаргыт, биһиги эмиэ арийдарбыт”.

Мин Дьокуускайга олорон үөрэтэн көрдүм: кырдьык, концлагерьга түбэспит сахалары ньиэмэстэр үксүлэрин тыыннаах хаалларар эбиттэр. Тоҕо буолуой? Кинилэр медицинаны үчүгэйдик баһылаан, генетика эҥин диэни бэркэ билэр эбиттэр. Чинчийии түмүгэр букатын биир хааннаахтара быһаарыллыбыт. Ол иһин сахалары уруурҕаабыт буолуохтарын сөп. Тойбохойго, Аммаҕа, онтон да атын сирдэргэ оннук тыыннаах хаалбыт билиэннэйдэр элбэхтэр.

– Этэр эттэҕинэ… Өссө Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатын төрүттээбит Михаил Андреевич Алексеев эмиэ концлагерьга сылдьыбыта, кинини немецтэр отой да бэйэлэригэр туһаммыт курдуктара.

– Киһи сөҕөр. Онно ол профессордыын утуйбакка түүнү быһа сэһэргэспиппит. Сарсыарда диэкинэн биирдэ: “Чэ, Александр, сарсын айанныахтааххын, утуй”, – диэн буолбута. Сахалыы отой эн биһикки курдук саҥарар учуонай. Онно Германияҕа олорор биир турок уолун көрсүбүтүм, сахалыы эмиэ олус үчүгэйдик саҥарара. Идэтинэн тюрколог уол эмиэ этэрэ: эһиги тылгыт дьиҥнээх түүрдүү тыл диэн.

– Александр Николаевич, кэпсэтиибит бүтүүтүгэр тугу эбэн этиэҥ этэй?

– “Айтал” бөлөхпүт баар, үлэлиир. Иллэрээ сыл Михаил Лукачевскай “Таайымаҥ тапталы” диэн киинэни устан, Голливуд конкурсугар кыттыбыта. Онно биһиги “…Аман өспүт” музыката киинэ саҕаланыытыттан бүтүөр диэри киирбитэ. Америка жюрилара музыканы олус сөхпүт этилэр, ол иһин киинэҕэ “За оригинальную музыку” диэн бирииһи биэрбиттэрэ. Кырдьыга, ол бирииһи көрө иликпит. Онон, бөлөхпүт арылла илик күүһэ өссө да баар.

Хаартыскаҕа: 1. Саксофоҥҥа оонньуур Александр Спиридонов. 2. Ыллыыр Лена Спиридонова. 3. Инники күөҥҥэ Юрий Спиридонов — Сиэн Тиитэп.

Кэпсэттэ Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан.

2018 сыл, тохсунньу ый.

Айтал музыкальнай бөлөх туһунан: 1 комментарий

  1. Николай

    АЙТАЛ болох туhунан ахтыыны олус сэнээрэн аахтым. Гаврил Лобашев Орто Халыма5а, музыка5а до5уhуолга уhуйбут убайдарбыттан биирдэстэрэ этэ. Ахтыы иhин махтал.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *