Биһиги сахалар биир дойдулаахтарбыт ортолоругар норуот киэн туттар, холобур оҥостор дьоннордоохпутун умнуо суохтаахпыт.
Саха биллиилээх спортсменнарын, артыыстарын туһунан элбэх кинигэ, сурунаал суруллубутуттан ураты киинэлэр эмиэ тахсыталаан эрэллэр. Хас биирдии киһи кинилэртэн кими эрэ чорботон кэпсиэн, санаатын үллэстиэн баҕарара өйдөнөр.
Бу сырыыга мин Дьокуускай куорат, Мэҥэ-Хаҥалас, Үөһээ-Бүлүү, Кэбээйи улуустарын бочуоттаах гражданина, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, республика народнай артыыһа Аркадий Михайлович Алексеев туһунан суруйарга сананным. Кинини мин урут спортсмен эрэ быһыытынан сөҕө-махтайа көрөрүм. Оччотооҕуга бэйэм Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэнэрим. Стадиоҥҥа Аркадий куудара баттаҕын өрүтэ анньынаат, чугуйа түһэн баран, «тройной ыстаныыларга» «салгынтан тирэнэн» ыла-ыла өссө эрчимирэн, көтөн-дайан, кылыйан кынталдьытан иһэрэ кыраһыабайын көрбүт эрэ барыта сөҕө-махтайа хаалара. Кинини уолаттар батыһа сылдьан көрөрбүт.
Онон, үйэ аҥаарын анараа өттүгэр 1957-1959 сс. Аркадий Михайловиһы «герой» оҥостон, хайгыы көрөрбүтүн санаан кэллим.
Арыый чугастааҕы 1979-1980 сс. эргиттэххэ, Дьокуускай куорат Дзержинскэй уулуссатыгар икки этээстээх мас поликлиника дьиэтэ баара. Манна ханнык да уочарат, үтүрүһүү суоҕа. Бэрээдэк бөҕө этэ. Поликлиника иккис этээһигэр А.М.Алексеевы кытта биир палаатаҕа түбэспиппит. Онно билбитим Аркадий Михайлович улахамсыйбат-улуутуйбат, олус боростуой, сайаҕас майгылааҕын. Иллэҥ бириэмэлээх, чуҥкуйбат туруктаах дьон сиэринэн Аркадий Михайлович биһикки айылҕа дьиктилэрин, булт мүччүргэннээх сырыыларын, хоту дойду сирин-уотун, дьоно-сэргэтэ сайаҕаһын туһунан бэркэ тапсан кэпсэтэрбит.
Айылҕа барытын ситэрэн Аркадийга уһулуччу киһиэхэ бэриллэр дьүһүнү-бодону, уҥуоҕу-арҕаһы, күүһү-уоҕу, хорсун-хоодуот майгыны, айар талааны толору биэрбит. Кини тутта-хапта сылдьара дьоһуннааҕа, тыла-өһө оруннааҕа, төрөлкөйө харахха быраҕыллар.
Оҕо сылдьан Аркадий Михайловиһы спортсмен быһыытынан эрэ билэр буоллахпына, ырыаһыт, баянист идэлээҕин 1963-1964 сс. биллэҕим. Кэлин биллиилээх спортсменнар, артыыстар, ырыаһыттар тустарынан кыра-кыралаан суруйан, кэпсээн, кинилэр ситиһиилэрин үгүс дьон билиитигэр тириэрдэ сатыырым.
Киэн туттар, холобур оҥостор артыыстарбыт биһиэхэ бэлэхтиир дьикти кэрэ биэчэрдэрэ кулууп, театр уораҕайын иһинэн уостан, умуллан хаалыа суохтаахтар. Кинилэри норуот киэҥ араҥата билиэн наада. СР народнай артыыһа, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.Н.Варламованы, улуу тустууктарбытын Р.Дмитриевы, П.Алексеевы, Алкивиад Ивановы о.д.а тыыннаахтарыгар үйэтитии туһунан өйдөөбөтөхпүт хомолтолоох диэн мин «Туймаадаҕа» суруйан турардаахпын.
Аны бу дьыл кулун тутар 8 күнүгэр Дьокуускай куорат Опера уонна балет театрыгар Аркадий Михайлович Алексеев айар түһүлгэтигэр икки түһүмэхтээн ыытыллыбыт көрсүһүү-концерын туһунан.
Дьон бөҕө мустубут. Фойеҕа, балкоҥҥа олорор, турар миэстэ суох. Аркадий Михайлович уостубат дьоҕурун, уларыйбат куолаһын, бэһиэлэй майгытын – «дьээбэтин» (юморын) көрөн-истэн, бары астынан, дуоһуйан олордулар. Аркадий Михайлович: «Туох кистэлэй, кэргэним эмиэ билэр: Алексей Егоров – мин төрөппүт уолум, Екатерина кийиитим буолаллар» диэбитин сорохтор кырдьыкка ылынан «сонуннаах» бардахтара…
Аркадий Алексеев – спортсмен
Аркадий оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэтин тэҥнээхтэриттэн чорбойон, оҕолор ортолоругар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ наар бастыыр эбит.
1955 с. оҕолорго чэпчэки атлетикаҕа бастыыр иһин республикатааҕы сайыҥҥы күрэхтэһиигэ хас да көрүҥҥэ чемпионнаабыт уонна рекордтары олохтообут. Дэлэҕэ кинини 1955 с. Саха АССР сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киллэрэн, улахан дьону кытта Россия тыатын сирин спортсменнарын спартакиадатыгар Краснодар куоракка ыытыахтара дуо?!
1957 с. РСФСР спартакиадатын Дальнай Востоктааҕы уонна Сибиирдээҕи зоналарын күрэхтэһиилэрэ Красноярскай куоракка буолбутугар үҥүүнү, диискэни быраҕыыга, пятиборьеҕа 1500 м. сүүрүүгэ кыайталаан чемпионнаабыт.
Ити кэмтэн ыла Аркадий Алексеев аата спорт сонуннарыттан түспэт буолбут.
Үөрэнэр сыллара
Аркадий Михайлович 1959 сылтан Москватааҕы Ленин орденнаах И.В. Сталин аатынан физкультурнай институкка Аан дойду рекордсменнара, чемпионнара Валерий Брумелы, Игорь Тер-Ованесяны (уһуну ыстаныы), Олег Федосеевы (үстэ төхтүрүйэн ойуу), Герман Климовы (уһуну ыстаныы), Юрий Бакариновы (молоту быраҕыы) кытта биир группаҕа үөрэммит, эрчиллибит. Бу биһиги ааттарын эрэ истэр, ый-күн тэҥэ ыраах, үрдүк, Аан дойду сүгүрүйэр улуу спортсменнара буолалларын билэбит. Аркадий Михайлович кинилэри кытта эрчиллэн, буһан-хатан, уопутуран Саха сиригэр чэпчэки атлетикаҕа олохтообут сорох рекордтара аны да куоһарылла иликтэр. Аркадий иккис курсу бүтэрэригэр чэпчэки атлетикаҕа I разряд нуорматын толорбут уонна пятиборьеҕа Москва куорат чемпионунан буолбут.
Үөрэнэ сылдьан Аркадий Михайлович араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ Саха сирин аатыттан көтүппэккэ киирсэ, хас сайын ахсын Саха сиригэр ыытыллар спартакиадаларга, чемпионаттарга кытта сылдьыбыт.
Барытыгар дьоҕурдаах
Үөһээ ахтыллыбыты ситэрэн эттэххэ, кини “ССРС физическэй культураҕа туйгуна» Бэлиэ кавалера, “Урожай” Киин Советын уонна РСФСР Советын бочуоттаах чилиэнэ, Саха комсомолун бириэмийэлэрин лауреата, самодеятельнай композитор дипломнаах, мелодист, фотограф; 2003 с. Аркадий Михайлович сахалартан соҕотох Ханты-Мансийскай куоракка ыытыллыбыт Айылҕа харыстабылыгар анаммыт конкурс кыайыылааҕа: кини Саха сирин ураты кэрэ айылҕатын устубут киинэлэрэ жюри үрдүк сыанабылын ылбыттар; Аркадий Михайлович уруһуйдарын билэр искусствоҕа сыһыаннаах специалистар: «Анаан сайыннарбыта буоллар Аркадий Алексеев туспа суоллаах-иистээх худуоһунньук буолуон сөбө» диэн кэпсэтэллэрин истибиппит. Биир сайын Аркадий Михайлович сүгэнэн, эрбиинэн сатабыллаахтык туттан эриэккэс сиэдэрэй киэргэллэри оҥортоон аймаҕын даачатын киэргэтэ сылдьарын көрөн сөхпүппүт.
Күүстээх тустуук
Аркадий Алексеевы үгүстэр ырыаһыт, муусукаһыт, артыыс быһыытынан билэр, сүгүрүйэр буоллахтарына, кини айылҕаттан айдарыылаах күүһүн, ыараханы көтөҕөрүн, тустууга көрдөртөөбүт «нүөмэрдэрин» билээччи элбэҕэ суох буолуо.
Аркадий Михайлович спорт хас да көрүҥүнэн сэргэ дьарыктанан, көҥүл тустууга оройуонугар икки төгүл чемпионнаабыт. 1958 с. Аркадий Алексеев республика чемпионатыгар ыарахан ыйааһыҥҥа республика хас да төгүллээх чемпиона Орджоникидзе оройуонун хамаандатыттан тустар Илья Кондратьевтыын тустуулара улахан интэриэһи, мөккүөрү таһаарбыта. Оччолорго Аркадий 20 эрэ саастаах, улахан түһүлгэҕэ тахса илик эдэр тустуук этэ. Өттүктэһии, халбарыйсыы, хардарыта бырахсыы. Биир түгэҥҥэ Аркадий утарсааччытын мостикка түһэрэр. Ким үөрэн, атыттар уолуйан, айдаан, ыһыы-хаһыы. Дьон атахтарыгар туран эрдэхтэринэ Аркадий киһитин икки лаппаахытынан көбүөргэ сыһыары баттаабыт. Ыраас кыайыы!
Мустубут дьон сөҕөн, үөрэн эдэр тустуугу дохсуннук эҕэрдэлээбиттэр эрээри, судьуйалар мөккүөрдэрин түмүгэр хос-хос туһуннаран, очконан кыайыыны И.Кондратьевка биэрбиттэр. Аркадийга уонна көрөөччүлэргэ соһуччу, ким да күүппэтэх өттүттэн өйдөммөт түмүк оҥоһуллубут. Бу кэннэ Аркадий көбүөргэ тахсыбатах. Тустуутун бырахпыт. Кини күүһүн, талаанын, тустууга дьоҕурун учуоттаан, Союз биллиилээх тренерэ, ССРС ыарахан ыйааһыҥҥа хас да төгүллээх чемпиона Иван Морозов, Н.Н.Тарскай, Д.П.Коркин икки күнү быһа Аркадий Михайловиһы республика сборнай хамаандатыгар хаалларарга этиилэриттэн Аркадий аккаастаммыт. Оччотооҕу хомолтотун аһарынан Аркадий Михайлович тустууга көспүтэ буоллар улахан тустууктар кэккэлэригэр киириэҕин – ырыаһыт, артыыс буолуох дьылҕата баһыйдаҕа.
Күүс-уох чахчы баара
Аркадий ыарахан ыйааһыннаах тимирдэри «оонньуу оҥостон» көтөҕөлүүрэ, икки бууттаах гиирэни ылгын чыгыйатыгар тиийэ тарбахтарын уларыта сылдьан өрүтэ анньара. Аны даҕаны икки бууттаах гиирэни аҥаар илиилэринэн хаста даҕаны өрүтэ анньар киһини дьон сөҕө көрөр курдуктар. Оттон ону Аркадий барбах тарбахтарын төбөтүнэн быраҕалаан эрдэҕэ!
Биирдэ ким да кыайбатах тимир сейфэтэ мэһэй буолбуттаах. Аркадий Михайлович «Урожай» уопсастыбатын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээн сырыттаҕына кабинет ортотугар халыҥ тимиртэн оҥоһуллубут икки этээстээх сейфэни хос ортотуттан халбарыттараары «баардаахпыт» дэнэр хас да спортсмен уолаттары көрдөспүттэрэ, сейфэни араастаан көтөҕө, халбарыта сатаан баран, өндөппөккө даҕаны аккаастаммыттар, ол кэннэ сейфэҕэ чугаһаан да көрбөтөхтөр. Онтуларын Аркадий Михайлович пиджагын устаат, сейфэни көрөн-истэн мээрэйдээн баран, бэркэ быыппастан туран, хайа эрэ ньыманан сейфэни туруору анньаат, аа-дьуо тахсан барбыт.
Күүстээх Гуляев тааһын туһунан номох
Орто Халыма саамай ыраах, түгэх нэһилиэгэр «Эбээххэ» 491,5 кг ыйааһыннаах көһөҥө таас сытарын биир кэпсээнинэн Күүстээх Гуляев көтөҕөн ылан анал олбоххо уурбут курдук, атын кэпсээҥҥэ Гуляев биллэр күүстээх киһитин дьээбэлээн, кини суолун бүөлүү сити тааһы бырахпытын, анараа киһитэ тугу да таарыйбакка, тааһы бөлкөй талахтарга бырахпытын туһунан номох баар. Аркадий Михайловиһы олохтоохтор анаан-минээн Күүстээх Гуляев «олбоххо уурбут» тааһын көрдөрө илдьибиттэр. Сымара тааска ханан да киһи илиитэ тутар сирэ суоҕуттан, кууһуохтааҕар быластаан да тарбаҕа тиийбэтиттэн, Аркадий тааһы сытар олбоҕуттан төкүнүтэн түһэрэн сүүрбэччэ метр ойуччу турар талахтарга диэри төкүнүтэн кэбиспит. Арыаллааччылара: «Аны тааһы Аркадий Алексеев көтөҕөн илдьэн бырахпыта» диэн кэпсээн оҥостуохпут» дэһэн күлсүбүттэр. Оннук да кэпсээн тарҕаммыт. Күүстээх Гуляев, кини дьээбэлээбит киһитин туһунан кэпсээн – номох буоллаҕына, Аркадий Михайлович төкүнүппүт тааһа билиҥҥэ диэри ол миэстэтигэр сытара – дьиҥнээх буолбут чахчы.
«Эбээх» нэһилиэгэ улуус кииниттэн олус ыраах суола-ииһэ суох сиргэ сытарынан, сэһэҥҥэ киирбит көһөҥө тааһы улуус киинигэр аҕалан көстүүлээх сиргэ туруоран, тааһы «көтөхпүт», төкүнүппүт күүстээхтэр ааттарын күнүн-дьылын суруйан хаалларар сөптөөх буолуо этэ. Оччоҕо ким көтөхпүтэ, сыҕарыппыта биллэн, улуус, республика күүстээхтэрин аата номоххо буолбакка, дьиҥнээх буолбукка олоҕуран, кэпсээҥҥэ киириэхтэрэ.
Эмиэ бу тааска республикаҕа, Европаҕа, тас дойдуларга, Аан дойдуга, Олимпиадаҕа кыттыбыт улуус чулуу спортсменнарын ааттарын суруйан хаалларар буоллар, таас «остуоруйата» кэҥии туруо этэ. Орто Халыматтан төрүттээх Саха сиригэр уонунан сылларга бэйэтин ыйааһыныгар тэҥнээҕэ суох, Россия, тас дойдулар аатырар тустууктарын бүдүрүппүт Захар Чукров, кини уолаттара Николай, Ньургун Чукровтар – хотторуу хомолтотун билбэтэх тустууктар. Кэнники көлүөнэ бырааттыы Рассадиннар Россияҕа, Европаҕа миэстэлэһэн чулуулар ортолоругар сылдьаллар. Күүстээхтэр күүстээҕи өйөөн, бэйэлэрин ааттара эмиэ үйэтийиэҕин өйдөөн, Гуляев «көтөхпүт», Аркадий төкүнүппүт сымара таастарын Эбээхтэн улуус киинигэр киллэрэргэ көмөлөһүөхтэрэ, кинилэри баһылык, Халыма бухатыыра – Евгений Слепцов бэйэтинэн дьаһайсыа диэн эрэнэбин.
«Айаннар» аатырбыт күүстээхтэрэ
Сахаларга былыр-былыргыттан кэпсээҥҥэ киирбит, анаан ыһыахтары кэрийэ сылдьан тустан кыайталыыр туруору күүстээхтэр элбэхтэр. Биир оннук күүстээх «Айан» ансамблын биллиилээх ырыаһыта В.К.Иванов мас тардыһыытыгар элбэх аатырбыт маастардары кыайан, тардар мастарын тоһутан музей экспоната оҥорбута. Урукку өттүгэр Күүстээх Уйбаан тардыһар маһын тобугар тоһутарын туһунан суруйаллара.
Ырыаһыт, мелодист, ырыа айааччы
Аркадий Михайлович эдэригэр бэйэтэ айбыт мелодиятынан баяҥҥа доҕуһуоллаан толортообут ырыаларыттан быһа тардан П.Тобуруокап тылларыгар «Таптыырга буруй суох», «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ», «Ньургуһунна бэлэхтээ», И.Гоголев тылларыгар «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыалара ырыанньыктарга, пластинкаларга киирбиттэринэн, саха киһитин сүрэҕэр-быарыгар тиийэ, хаһан да умнуллубаттыы иҥэн хааллахтара. «Аркадий тус бэйэтин толоруутун атын ким да сатаан хатылыа, үтүктүө суоҕа» диэн өйдөбүлүм миэхэ букатыннаахтык олорон хаалтын уларытар кыаҕым суох. Кини ити ырыаларын кэлин эдэрдэр «тупсаран», «ситэрэн» ыллыылларын аныгы ыччат сөбүлээн, иэйэ истэн эрдэҕэ.
Оннооҕор Аркадий Михайлович доҕорун В. Ноев кэриэһигэр Л.Попов «Илиибин уунабын эйиэхэ» ырыатын автор көҥүлүттэн уларытан «…Үрүҥ былааккын бүрүнэн, эн киириэҥ билигин Бүлүүгэ» диэни «Эн киириэҥ Аммаҕа» кубулуппутун билбэккэ, «алҕас» курдук истэн хомойбуттаахпын.
Л.Попов Бүлүүтүн биэрэгин Аммаҕа кубулутан ыллыырга сөбүлэһэн баран, ырыа бастакы варианынан (дьиҥнээҕинэн) толорору боппотох буоллаҕына, толорооччулар ырыа ылланар миэстэтиттэн көрөн, истээччилэригэр быһааран, талбыттарынан ыллыыллара буоллар Амма да, Бүлүү да олохтоохторо астыныа этилэр диэн санаа үөскүүр.
«Бэл тыалы, тымныыны билбэккэ,
Эн туруоҥ ол хаардаах биэрэккэ
Одуулуоҥ уҥуоргу кытылы»…
– тыллар Сунтаар, Бүлүү, Ньурба төһөлөөх эдэр ыччатын, саастаах да дьонун дууһатын таарыйар, уйулҕатын хамсатар, киһи хараҕар тыыннаахтыы субу көстөн турар уобараһы биэрэр хайдахтаах дьүһүйүү этэй?! Ол ырыа «сүрэхтэн тахсар» долгутуулаах дорҕоонноро билигин да Бүлүү эбэ кыраһыабай кыргыттарын эдэр мөссүөннэрэ туманнаах төрөөбүт биэрэктэригэр киирэн, аны да ким кими кэтэһэ, ким кимниин арахса, бырастыылаһа киирэн туралларын санатар.
Бу туһунан Аркадий Михайловичка быстах кэпсэтиигэ этэн турардаахпын. Кэлин токкоолоспотоҕум. Кини мэлдьи ыксыы, тиэтэйэ сылдьар, бириэмэтэ суох буолааччы.
Ыччаты уһуйуу уратылара
Ырыа эйгэтигэр тэҥ саастаахтарын ортотугар Аркадий Михайлович ураты куоластаах, сылайбат бэйэлээх ырыаһытынан биллэр. Ырыаны тэҥэ Аркадий Михайлович ыччаты тулалыыр эйгэни чинчийэргэ, айылҕаны, тыынар тыыннааҕы харыстыырга үөрэтэр. Кини уһун тыыннаах ууһут, туйгун фотограф, бэргэн ытааччы. Бултааһын, балыктааһын сир-сир аайы араастааҕын үөрэтэр. Үөһээттэн түһэр эмпэрэ биэрэктээх өрүстэри, үрэхтэри өрө-таҥнары устан, түҥ тайҕаны уҥуордаан, сымара таастаах хайалары дабайан, сырыы бөҕөтүн сырыттаҕа. Билиитин-көрүүтүн, мындырын, тулуурун эдэр ыччакка Аркадий Михайлович сирэй бэйэтинэн көрдөрөр, үөрэтэр. Чөл олоҕу пропагандалаан сайын аайы турпоходтары тэрийэн, салайан сири-дойдуну кэритэр, үүнээйини, тааһы хомуйтаран чинчиттэрэр. Сылдьыбыт сирдэрин, оҥорбут үлэтин киинэҕэ устар, фотоаппаратын илиититтэн араарбат. Итини барытын оҕолоро дневниктарыгар суруйан иһэллэр.
Аркадий Михайлович кыайбатаҕа, сатаабатаҕа, иннигэр туруоруммут соругун ситэрбэккэ бырахпыта суох буолуо. Быһаҕынан, сүгэнэн, эрбиинэн, техника бары көрүҥүнэн туттууга, дьиэни-уоту тутууга, араас киэргэллэри чочуйан оҥорууга – барытыгар маастар.
Аркадий Михайлович устубут 18 киинэтиттэн хаһа экраҥҥа тахсыбытын билбэтим. Кэнники 2 сылга хотугу айылҕаны, сылгыны, табалары устан Аан дойдуга аатырбыт эдэрдэр үүннүлэр.
«Айан» бөлөҕүн туһунан
1974 с. СГУ ырыаҕа талааннаах студеннарын Владимир Иванову, Валериан Попову, Николай Тулааһынабы уонна Александр Ядреевы түмэн Аркадий Михайлович «Айан» бөлөҕүн тэрийэн, студеннар олохторугар саҥа сүүрээни киллэрбит. Кинилэри көрбүт-истибит күннэриттэн ыла «Айан» уолаттарын толоруулара эдэрдэр түүллэригэр кытта киирэн умсугутуулаах, күүтүүлээх киэһэлэринэн буолаллара. «Айаннар» сценаҕа куоластарын наардаан, көрөрдүүн-истэрдиин, хамсаныылыын бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, истээччини хара маҥнайгыттан абылаабыттара. Ордук кыргыттар уйулҕалара хамсаабыта.

Саалаҕа олорон көрөөччүлэр концеры сынньана таарыйа көрөн эрдэхтэрэ. Оттон толорооччулар – бары студеннар. Хаһан бириэмэ булан бэлэмнэнэн, ол ыккардыгар экзаменнарын, зачеттарын туттартаан, таҥас-сап булунан, эрэпэтииссийэлээн, барытын ситэллэрин санаа хоппот.
Ити курдук ырыаны-тойугу аргыс оҥостон, үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрэн, «Айаннар» араас дуоһунастанан, дьиэ-уот тэринэн, аҕа, эһээ буолан да баран ырыаларын ыһыктыбатахтара, айаннарын тохтоппотохторо. Хата көрөөччү, истээччи кинилэр бокулуонньуктара сааһыран, үгүстэр оччотооҕу өйдөбүллэринэн хааллахтара.
«Айан» кыттыылаахтара билигин 70 саастарын ааспыт ырыаһыттар республика араас муннуктарыттан түмсэн, хомуллан, Аркадий Михайлович салалтатынан уонча сыллааҕыта сценаҕа тахсан үөрэ-көтө, сороҕор сонньуйан ыла-ыла ыллыы туралларын көрбүт эрэ барыта сөҕө-махтайа, астына, дуоһуйа олорбута. Мэктиэтигэр үгүс истээччи бэйэтэ долгуйан, уйадыйан, оччотооҕу студент саастарыгар төннүбүт тэҥэ буолтара. «Айаннар» барахсаттар дууһалара эдэрэ, талааннара уҕараабата сөхтөрбүтэ.
Студент кыргыттар Аркадий баяннаах кэлэн Сэргэлээх уопсайдарыгар ыллыырын күүтэллэрин, кэтэһэллэрин билиҥҥэ диэри иһирэхтик ахталлар: «Аркадий Михайлович Москваттан маҥнай кэллэҕинэ, нууччалыы вальстары тардан кэбистэҕинэ, бириэмэни билбэккэ дуоһуйа үҥкүүлүүр буоларбыт», – диэн күлсэллэр. Кэлин олохтоох поэт тылларыгар Аркадий бэйэтэ мелодия айан, ырыалара уларыйан элбээн испиттэрэ. Ити кэмҥэ Аркадий Михайлович салайыылаах студент кыргыттар дьикти ыллыыр бөлөхтөрө баарын истэрбит, көрөрбүт. Куораттан баран, кинилэр кимнээхтэрин, ким туох буолтун билбэппин.
Биирдэ телевизорга 70-с сыллардааҕы Белоруссия «Песняры» бөлөҕүн кыттыылаахтарын туһунан документальнай кинохрониканы көрдөрбүттэрэ. Кинилэри дойдуларыгар улахан чиэскэ-бочуокка тиксэрбиттэр, үйэтиппиттэр. Ансамбль салайааччытыгар улахан сиэдэрэй пааматынньык туруорбуттар.
Аркадий Михайлович дойдутугар «Песняры» салайааччытыттан итэҕэс өҥөнү оҥорбута, оҥоро сылдьара буолуо дуо? Анарааҥылар ырыаттан, көртөн атын нэһилиэнньэҕэ туох өҥөнү оҥороллоро кэпсэммэт. Биһиги «Айаннарбыт» артыыстыылларыттан ураты бэйэлэрин специальностарынан дьиэ-уот боппуруостарыгар, бүтүн нэһилиэк, дэриэбинэ олоҕун тупсарарга, киһи-аймах доруобуйатын бөҕөргөтөргө бириэмэлэрин, сынньалаҥнарын умнан туран, төһөлөөх үлэни ыыппыттарын ааҕан сиппэккин. «Айаннар» элбэх дойду көрөөччүтүн хайҕалын-махталын ылбыттара. Кинилэри биирдэ истибит киһи хаһан да умнубат: хас биирдиилэрин куолаһын, сценаҕа туттан турар сэбэрэлэрин өйдөөн хаалар.
Уҥуоҕунан барыларыттан үрдүк, киппэ көрүҥнээх, ураты куоластаах, олус ис киирбэх майгылаах Сунтаар ыччата Болуодьа Уйбаныап хайдах да умнуллубат. Хайдах умнуохпутуй кыбыстыгас кыыстыы симиктик туттубут, барыларыттан намыын куоластаах, баянын дорҕооно биир туспа симфония курдук иһиллэр Ньукулай Тулааһынабы?!
Аркадий Михайлович сатабыллаахтык сааһылаан уолаттарын уратыларын барытын учуоттаан, дьиктилээхэй да түмсүүнү тэрийбит эбит!
Биллиилээх журналист
Аркадий Михайлович курдук айылҕаны, күөх эйгэни көмүскээн өр сылларга хаһыат, сурунаал, экран нөҥүө туруорсан, туруулаһан ыыппыт, ыыта сылдьар артыыс, агитатор баарын билбэппит. Кини айылҕаны алдьатааччылары, браконьердары уодьуганныыр ис хоһоонноох этиилэрин «Байанай» сурунаалга ааҕан, араадьыйаҕа истэн, сэргээн хаһыакка биэрбит ыстатыйам тахсыбатаҕа.
Аркадий Михайлович Саха сиригэр сылдьыбытах сирэ, тиийбэтэх муннуга суох. Ардах, хаар, самыыр, халаан, харгы диэни билиммэккэ, сайыннары, кыһыннары айылҕаны чинчийэр. Өймөкөөн, Муома, Томпо, Өлүөхүмэ, Өлөөн хаардаах хайаларын, Хотугу муустаах муора арыыларын, Лена, Алдан өрүстэр салааларын Аркадий Михайлович аахтара билэр.
Атынан, табанан, хайыһарынан, уу мотуорунан, бураанынан сырыы, уонунан миэтэрэ үрдүктээх хайа харгыларыттан эрэһиинэ тыынан бырахтарыы Аркадийга мэһэй буолбатах.
Хотугу кыра норуоттар олохторо, дьарыктара Аркадий Михайловиһы интэриэһиргэтэн, кини Үөһээ Халыма Нелемнэйин юкигардарын, Өлөөн, Анаабыр эбээннэрин, долганнарын кытта сирэй кэпсэтэн билсибит. Анаабырга «Үрүҥ Хайа» бөһүөлэгиттэн муораҕа тиийэ киирэ сылдьыбыт.
Хоту сылдьан Аркадий Михайлович хас дэриэбинэ, ыстаада ахсын табаһыттары, балыксыттары мунньан олохторун-дьаһахтарын билсэр. Бултааһын, балыктааһын, айылҕаны харыстааһын боппуруостарыгар бэсиэдэлэри ыытар. Аркадий Михайлович булт быраабылаларын халбаҥнаабакка тутуһууну, ууга, уокка сэрэхтээх буолууну, сааны, саа сэбин сөптөөхтүк харайыыны, спорду, чөл олоҕу пропагандалыыр. Дьон көрдөһүүтүнэн киин сиртэн ыраах олорооччулары Аркадий Михайлович ыллаан, көрдөөҕү, күлүүлээҕи кэпсээн сэргэхситэр, үөрдэр. Ити курдук кини куоракка да, командировкаҕа да сылдьан нэһилиэнньэни, эдэр ыччаты кытта сибээһин быспат.
Аркадийга, «Айаннарга» чугас дьоно эрэ буолбакка, республика олохтоохторо бары махталбытын, сүгүрүйүүбүтүн тылынан эрэ эппэккэ, Белоруссияҕа «Песняры» ансамблы үйэтитии холобурунан, дьоммутун дьоһуннаахтык үйэтитэр дьаһаллар тахсалларын туруорсарбыт наада. «Биһиги, сахалар Аркадийбытын, «Айаннарбытын» хаһан үйэтитэбит?» суруйуум эппиэтэ, сэҥээриитэ суох хаалбытыттан, бу сырыыга онтубун арыый кэҥэтэн, холобурдаан киллэрэбин.
Аан дойдуга, омук судаарыстыбаларыгар тиийэ биллибит артыыстарбытын, ырыаһыттарбытын, үҥкүүһүттэрбитин саха суруйааччылара кинигэлэригэр киллэртээн, хоһоонноругар холбоон үйэтиппиттэрэ.
Хайҕал, махтал ис сүрэхтэн этиллэрин, оттон өҥөлөһүү, албыннаһыы атын аналлаахтарын өйдүөх тустаахпыт.
Аркадий Михайлович үлэлиир уонна үөрэтэр хоһо
Опера уонна балет театрыгар буолбут көрсүһүү-концерт нөҥүө күнүгэр «Дайар сахалар» артыыстар студияларын көрө Ойуунускай уул. 8 нүөмэригэр бара сырыттым. Маҥнай «Биир хоско хайдах элбэх киһи ыллаан-туойан музыкалаан бэлэмнэнэр» дии санаабытым. Сыыстарбыппын. Манна Аркадий Михайлович олоххо уопута, булугас өйө, сатабыла сүүйбүт. Этэргэ дылы, баҕардар бу хоско үҥкүүлээ, эккирээ, ыллаа-туой, музыкалаа – кими да мэһэйдээбэккин: дьиэ халыҥ бетон истиэнэтин, тимир аан курдары ханнык да тыас, саҥа, музыка иһиллибэт.
Санаан көрүҥ: аата таас куорат панельнай дьиэлэригэр, хонтуораларга элбэх киһи мустан баяннаан, үҥкүүлээн, оркестрдаан, ыллаан бардахтарына, истиэнэ нөҥүө эрэ буолбакка, этээс-этээс бары айманыа, тулуйар кыаҕыттан тахсыа этэ. Эбиитин истиэнэ нөҥүө кыра оҕо, кырдьаҕас, ыарыһах, хоһугар үлэлиир киһи баар буоллун?! Бу өттүттэн ыллахха, Аркадий Михайлович чахчы табыгастаах хоһу булбут.
Аркадий Михайлович уонна «Айаннар» студент саастарыттан пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри ыллаан-туойан, артыыстаан норуот өйүгэр мэлдьи «эдэрдэринэн» хааллахтара.
Арай Аркадий Михайлович 80 сааһын боруогар туруор диэри: «Киһи сир үрдүгэр сиик буолан симэлийбэт, үтүө дьыала биир олоҕунан бүппэт» өйдөбүлүнэн, «Айаннарын» атаараат, хас да көлүөнэ артыыстары, ырыаһыттары иитэн-үөрэтэн таһаарбыта өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах артыыстар буолан, учууталларын аатын өрө тута сылдьаллар.
Саха биллиилээх поэттара И.Гоголев, С.Данилов, П.Тобуруокап «кырдьыбат» ырыалара Аркадий Михайлович айбыт мелодияларынан доҕуһуолланан дириҥ, умнуллубат, киһи дууһатын долгутар ис хоһоонноноллор. Бука ити Аркадий Михайлович самодеятельнай композитор буоларынан ырыаҕа саҥа тыын киллэрэриттэн буолуо.
Кини билигин салайан үөрэтэ сылдьар үөрэнээччилэрин бөлөҕө «Дайар сахалар» диэн ааттаммыттара эдэр артыыстар «Айаннары» аһары баран, «көтөн-дайан» кынаттанан, чыычаах курдук «туллуктанан», өссө саҥа үрдүк чыпчаалга тахсыахтарын түстүүр курдуктар. Ол курдук кинилэр тымныыттан, хараҥаттан толлубакка ханнык да мэһэйдэртэн иҥнибэккэ, болдьохтоох чааһыгар буолуохтаах занятиеларын көтүппэккэ кыһаналлар. Аркадий Михайлович бөлөҕүн кыттыылаахтарын сөбүлээн, аҕа оҕотугар кыһанарыныы иһирэхтик, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, итэҕэйэр. Кини күн бүгүн доруобуйатын туругун аахсыбакка, бочуоттаах сааһын умнан, саҥа күлүөнэни солбукка бэлэмниир сыаллаах кэскиллээх үлэтин тохтоппот уонна бу дьарыга түмүктээх буоларыгар эрэллээх. Онуоха эппиэттээн, бөлөх кыттыылаахтара үлэлэригэр, үөрэхтэригэр наар инники күөҥҥэ сылдьарга дьулуһаллар.
«Айан» бөлөх 1974 с. Томскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы телевизионнай конкурска кыттан лауреат аатын ылбыта. Ити ситиһиилэриттэн салгыы «Айаннар» хотугу халлааҥҥа Чолбон оонньуурун тэҥэ чаҕылхайдык, 1974-1977 сс. Саха сирин чиэһин көмүскүү Волгоград, Хабаровскай, Комсомольск-на-Амуре, Магадан, Москва куораттарга ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы телевизионнай конкурстарга кыттан лауреат үрдүк аатын сүгэн эргиллибиттэр.
1977 с. Москваҕа буолбут түмүктүүр концертка «Айаннар», «Песняры», «Самоцветы» ансамбылларын көрсөн бииргэ ыллаабыттарынан киэн тутталлар. Мин урукку суруйууларбар Белоруссия «Песняры» ансамбылларын телевизорга көрбүппүн кэпсээбит буоллахпына, кинилэри кытта биһиги «Айаннарбыт» элбэхтик алтыспыт эбиттэр.
Аркадий Алексеев чочуйбут, сайыннарбыт ырыаһыттара салайааччларыгар махталларын Владимир Кузьмич Иванов бэйэтин ахтыытыгар: «1980 сыллааҕы Москватааҕы Олимпийскай оонньууларга ыҥырыллан концерт көрдөрөн, ырыаҕа үрдүк чыпчаалга дабайа сылдьыбыппыт», – диэн суруйар.
«Айаннар» үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэһит буолан куорат, оройуон устун тарҕаһан да сылдьаннар квартеттарын уус-уран салайааччытын, ытыктабыллаах уһуйааччылара Аркадий Михайлович сааһын үбүлүөйдээх сылларыгар бары мустан концерт тэрийэн бэлиэтээн ааһар үтүө үгэстэммиттэр.
«Айаннар» салайааччылара Аркадий Михайловиһы утумнаабыт: ырыаҕа, спортка, күүс өттүнэн күрэхтэһиилэргэ ураты дьоҕурун көрдөрбүт бухатыырынан В.К.Иванов буолар. Кинини кыратыгар дьоно таптаан, ньырамсытан «Аллай» диэн ааттаабыттар.
Сыл-хонук, бириэмэ түргэнник ааһар. Бу сылбыт бүтүүтэ Аркадий Михайлович 80 сааһын туолар. Онуоха диэри кини аатын ханна хайдах киллэриэххэ сөбүн туһунан этиилэрбэр кыаллыбат, уустук суохха дылы, суоҕу өйтөн ылан суруйуу эмиэ киирбэтэ. «Гуляев тааһа» Орто Халыма куоратыгар кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри киирбэтэҕинэ, кэлэр сылга киллэрэр уустуга суох.
Айылҕа харыстабылын, экология сылыгар суруналыыс Н.Ребров Аркадий Михайлович үлэлэрэ сыаналаныахтарын туһунан этиитэ кэмигэр уонна сөптөөх этэ. («Кыым» 7№ 23.02.2017)
Бэйэм өттүбүттэн, Аркадий Михайлович айымньылаах үлэтэ салгыы салҕана-сайда турарыгар, бэйэтэ доруобай, эрчимнээх сылдьарыгар баҕарабын.
Аркадий Михайлович «Дайар сахаларын» бөлөҕө «Айаннарын» аартыгынан кыталык көтөрдүү көтөн-дайан лыҥкынаһан убайдара хаалларбыт умнуллубат дорҕооннорун саҥа үйэ сиэринэн ситэрэ-кэҥэтэ тупсара турдуннар!!
Хойутаабыппыт туһунан хомолтолоох сурах
Бу ахтыы суругум кумааҕыта куура, бэчээккэ тахса илигинэ ыарахан сурах тарҕанна: ыарахан ыарыы Владимир Кузьмич барахсаны олохтон туораппыт. Эмиэ хойутаабыппыт…
Ахтылҕаннаах «Айаннарбытыттан» бытанан-тононон хастара хаалта буолла? Кинилэр ыллаабыт-туойбут, олорбут-үлэлээбит сирдэригэр мэҥэ өйдөбүнньүктэр турдаллар, ол буолуо этэ биһиги кинилэргэ иэспит төлөбүрэ.
Бу күннэргэ аар-саарга аатырбыт, Аан дойду үрдүнэн суон сураҕырбыт Улуу ырыаһыт Лев Лещенко 75 сааһын туолбут үбүлүөйдээх кэнсиэрин «День Победы» ырыанан түмүктээбитин бүтүн дыбарыас улахан саалатын дьоно атахтарыгар туран ылласпыттарыныы, Саха дьонун ытыктабылын ылбыт СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР народнай артыыһа Аркадий Алексеев 80 сыллаах үбүлүөйүн ханнык ырыатынан түмүктүөҕүн истиэхпит турдаҕа. Аркадий Михайлович билигин үлэтин үөһүгэр сылдьар.
Юрий ИГНАТЬЕВ,
Саха Республикатын үтүөлээх юриһа,
РФ бочуоттаах судьуйата,
РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
2017 сыл.
