БЭЙЭТИН ХОЛОБУРУНАН ЭЛБЭҔИ ОҤОРБУТА
Саха сиригэр төһө да киэҥ-нэлэмэн ходуһалар, мэччирэҥнэр баар буолбуттарын иһин, сүөһү аһылыга өрүү тиийбэтэ эрэйдиирэ. Хоту дойдуга 1973 сыллаахтан от ыһыытынан дьарыктаммыт улахан учуонай уонна тэрийээччи Г.В.Денисов кэргэнинээн В.С.Стрельцовалыын, Саха сирин ыҥырыытынан, Магадантан кэлбиттэрэ. Кинилэр Ньурба сирин талан далааһыннаах үлэлэрин ыыппыттара. Үлэлээбиттэрин тохсус сылыгар, 1982 сыллаахха, от сиэмэтин үүннэрэн тарҕатар аналлаах “Сүлэ” сопхуоһу тэрийтэрбиттэрэ.
“Ньурба” сопхуостан 2000 гектар тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сири кытта уон аҕыс механизатордаах от ыһыытыгар идэтийбит биригээдэни техникалары сыһыарбыттара. Специалистарын, эбии механизатордары булар-талар сорук, агронуом эрэ идэлээҕим иһин, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронуомунан үлэлии олорбут, ол иннигэр уонча сыл өрөспүүбүлүкэтээҕи агрохимлабораторияттан Ньурба оройуонугар агрохимиктээбит киһини, миигин, сопхуос дириэктэринэн бигэргэттэрэн кэбиспиттэрэ. Аҕыйах ый Иркутскай куоракка сопхуос дириэктэрдэрин бэлэмниир кууруска үөрэттэрэн баран.
Кырыс уонна оһорбо сирдэри баһылыыр саҕанааҕы сопхуостары тэрийээһин курдук балаһыанньа миэхэ буолла! Хас биирдии специалиспын ааттаһан-көрдөһөн булаттаатым. Оройуон үрдүнэн биир да агронуом үөрэхтээҕи булбакка Ыстапаан Никиитис Тиэхэнэби, билсэр киһибит А.С.Захаров ыйыытынан Ньурбачааҥҥа оскуолаҕа үлэлии олорор биологы сөбүлэһиннэрэн, оройкуомунан бигэргэттэрдим.
Степан Никитич Тихонов
Сопхуоспутугар үлэлии кэлиэн сөптөөх уопуттаах механизатордары хайа да сопхуос, тэрилтэ көҥүллээн ыытан да бэрт! Оччолорго тэрилтэ салайааччыта көҥүллээтэҕинэ эрэ үлэһит атын тэрилтэҕэ үлэлии барар бырааптааҕа, бэйэҥ баҕаҕынан бардаххына хотугу надбабкаҕын быһар сокуон баара. Ханан даҕаны үлэһит илии тиийбэтин кыһалҕата! Үлэтэ суох буолуу диэн капиталистическай дойдуларга баар сураҕын эрэ истэрбит. Хата СПТУ курсааннарын кэпсэтэн практикаҕа аҕалан трактордарбытыгар сменщиктэтэн, бүтэрдэхтэринэ үлэҕэ ылан үлэһиттэрдэммиппит.
Дьэ манна агронуомум педагог идэлээҕэ абыраабыта. Ыстапаан Никиитис ыччаттарга олус үчүгэй сыһыаннааҕа, үөрэнээччилэрин курдук сүбэлээн-амалаан өсөһүннэртээбэккэ үлэлэтэрэ. Кырдьаҕас да механизатордар бас-көс тутталлара. Бастакы тэрээһин хаһан баҕарар ыарахаттардааҕын ким билбэтэй? Айылҕа биэрэн оппут сиэмэтэ былааннаабыппытыттан үс төгүл ордук үүнэн кытаанах тургутууну ааһан турабыт. От сиэмэтэ сүрдээх чэпчэки, куурбутун кэннэ куула уонтан эрэ тахса киилэ буолар. Куурдарбытыгар, хата миигин оройкуомнар управлениеҕа кылаабынай агронуомнуу сырыттахпына Новосибирскай уобаласка “Знание” общество Сибиирдээҕи бастакы конференциятыгар дэлэгээтинэн ыытаннар, бастыҥ опыты билиһиннэрэ хаһаайыстыбаларга сырытыннарбыттарыгар сиргэ анныттан итии салгынынан үрдэрэн бурдугу куурдар тутууну көрдөрбүттэрин ойуулаан, сурунан кэлбитим туһалаабыта. Оройкуом сэкирэтээрэ А.Л.Дохтуровка киирэн балаһыанньаны кэпсээн, сиэмэбитин куурдарга теплогенератордар, тимир сиэккэ, ол үрдүнэн тэлгиир холуста матырыйаал наадатын эппиппэр батыһыннара сылдьан баар буолуон сөп тэрилтэлэри кэрийтэрдэ. Икки теплогенераторы авиапортар уларыстылар. Зверосиэккэни уонна холустаны эмиэ хайа эрэ тэрилтэлэр атыытыгар биэрдилэр. Ыстапаан Никиитиһим бэйэтэ сүгэлэнэн, эрбиилэнэн уолаттары салайан каркаһын тутан, сиэккэтин, холустатын тэлгээн, теплогенератордарын туруоран бастакы сиэмэ комбайннартан кэлэригэр бэлэм оҥордо. Хаарга баттаттарбыт да оппут сиэмэтин сүтүгэ суох хомуйбуппут. Комбайнердарбыт хаһыҥнаахха сиэмэ кудуххайдык соломотуттан арахсарын туһанан сарсыарда эрдэ, күнүс ириэриэн иннигэр, сиэмэ инчэйиэр диэри тоҥоллорун-хаталларын аахсыбакка үлэлээн кыайбыттара. Былаан үс бүгү эрэ кыра кыайбат туолан эбии төлөбүр, бириэмийэ ааҕылынна. Сопхуос 24 оробуочайыгар 29,5 тыһ. солкуобайы түҥэттибит.
Сыппыт от сиэмэтин ылаары оҕустарыы.
От сиэмэтин сыстарыы.
Анныттан итии салгынынан үрдэрэн от сиэмэтин куурдуу.
Звено салайааччыта В.Н.Иванов.
Кыһыныгар специалистар агроүөрэх, экономическай үөрэх диэн үлэһиттэрбитигэр барытыгар ыыттылар. Агроүөрэххэ севообороту, от ыһыытын технологиятын Ыстапаан Никиитис, семеновод агроном Е.Н.Филиппова үөрэттилэр. Кириитикэлэммит уонна бэлиэр умнуллубут сир оҥоһуутун от ыһыылаах систиэмэтин учуонайбыт Г.В.Денисов Саха сиригэр киллэрдэҕэ, толорооччулар биһиги буоллахпыт! Биэс хонуулаах от ыһыытын севооборотун икки ротацията, ол аата уон сыл, “Сүлэ” сопхуоска от сиэмэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиийбэтин ситэрэр наадатыттан оҥоһуллар, дьиҥэр бу ситэтэ суох севооборот диэн буоларын учуонайбыт этэрэ. От ыһыылаах хонуу кэнниттэн бурдук үрдүк үүнүүнү биэрэрин алтыс хонуунан Атах бааһынатыгар 60 гаҕа ыһыллыбыт ньэчимиэн оройуоҥҥа гектартан чыпчаал 31 центнер үүнүүнү биэрэн көрдөрөн турар, ити урут түһэн кэпсээтэххэ.
Экономическай үөрэхтээһиҥҥэ экономиспыт коллективнай биригээдинэй ньыманы үөрэтэрэ. Хамнас оппут сиэмэтиттэн эрэ кэлэрин билэн буһуурҕаабыт үлэһиттэрбит кыһаллан туран үөрэнэр этилэр. Үлэлээбиппит иккис сылыгар 126 тонна от сиэмэтин хомуйан былаан икки бүк курдук туолан эмиэ эбии төлөбүр, бириэмийэ бөҕө ыллыбыт, барыстаах сопхуос буоллубут! Икки биригээдэ тэриллэн, бэдэрээккэ киирэн куоталаһан үлэлиир буоллулар. Маҥнайгы сылбытыгар звенонан үлэлээбит буоллахтарына механизатордарбыт эбиллэн ити биригээдэ буолбуттара.
1983 сылы түмүктээн баран, Ыстапаан Никиитис үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлэн сиэмэ агронуомунан үлэлээн эрэр Елена Николаевна Филипповаҕа миэстэтин биэрэн Ньурбачааныгар сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлии барбыта. Көнө сүрүннээх, чиэһинэй, үрдүк культуралаах киһи сопхуос саҥа тэриллэригэр коллективы түмэргэ бэйэтин холобурунан элбэҕи оҥорбута умнуллубат. Учуонайбыт биологическай наука доктора, СӨ наукаларын академига Г.В.Денисов В.Вильямс от ыһыылаах (травопольнай) систиэмэтин үйэтигэр дьаныһан туран хоту ирбэт тоҥноох дойдуга киллэрэр барсарын бэлиэтии көрөн ылсыбыт үлэтигэр Ыстапаан Никиитис биһикки кыттыгастаахпытынан киэн туттабыт.
Билиҥҥи сир хаһаайыттара сир оҥоһуутун сокуонун – севообороту олохтоон, халбаҥнаабакка тутуһан сиртэн өлгөм үүнүүнү ыларга үөрэнэллэригэр баҕарыа этибит.



Ортоку – ааптар С.Г.Петрова, уҥа диэки – С.Н.Тихонов.
Дьол сиртэн үүнэр диэн мээнэҕэ эппэттэр!
Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,
үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото.
2026 с. ыам ыйа.







