Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан

СААС-СААҺЫНАН КЭПСЭЭТЭХХЭ

Доҕорум, атаһым Прокопий Чуукаар туһунан ахтыы суруйуу миэхэ сүрдээх чэпчэки. Быйыл сайын 85 сааһын бэлиэтээри сылдьарын санаатахха, 1955 сылтан баччааҥҥа диэри сүтэрсибэккэ алтыһан кэлбиппититтэн буолуо. Ахтыым миэнэ бытархайдартан турарын баалаамаҥ.

Бастакы билсиһиибит эдьиийим Маайа “ити ыалга Бооккой диэн уол баар” диэбитигэр тиийбитим – күөлтэн икки биэдэрэнэн, ыаҕайа эбитэ дуу, оргуһуоҕунан баһан таһааран хортуоппуйга уу кута сылдьар эбит. Марха оҕолоро хайа баҕарар ыалга кэлэн оҕолору кытта көҥүл оонньуур этибит. Төһө да сытыы буолбатарбын ол сиэринэн ол күн дьиэҕэ баар дьону барытын: ийэтин Сүөкүлэни, убайын Михаилы – Михаил Яковлевич Прокопьевы, саҥаһын Таисияны, эдьиийин Аананы, Михаил уолаттарын Виталийы, Меркурийы, өссө да оҕо баара, биллим. Ол күнтэн ыла ааннарын саппат ыалым буолла. Проня миигиттэн сыл аҥара аҕа, уҥуохпутунан тэҥ соҕуспут, арай кини быдан модьу. Кини дьоннорун туһунан, баҕар сыыһыам диэн саастарын эппэккэ аҕыннахха, ийэтэ Сүөкүлэ миигин оҕом табаарыһа диэн тута бэйэтигэр сыһыарбыта, кэлин ол санаатын уолугар ыарыылатан Дьокуускайга сытан эппитэ. Оннук саныыр мин олохпор алтыһан ааспыт кырдьаҕастары күндүтүк саныыбын.

Убайа Михаил Яковлевич биһиги учууталбыт, кылааспыт салайааччыта. Историяҕа былыргы сэриилэри кэпсииригэр онно сэриилэһэр буойуннар ханан, хайдах киирсибиттэрин, полководецтар тустарынан эбэн кэпсиирин бу баардыы өйдүүбүн. Кэлин Дьокуускайга дьиэтигэр сылдьыбыппытыгар “Бастыҥ үөрэнээччибэр” диэн кинигэ бэлэхтээбитэ. Куоракка олордоҕуна “Кыымҥа”, “Киин куоракка” ыстатыйалара тиһигин быспакка тахсаллара, дьон баҕа санаатын, кыһалҕатын, бэйэтин көрүүлэрин суруйар буолан, мин түбэстэрбин эрэ ааҕарым. Проня “убайым миигиннээҕэр ордук суруйар” диэн этэр.

Иккис, үһүс убайдара Захардаах Баһылай киһини имэрийэ көрөр сымнаҕас дьон. Учууталлаабыттара, Захары куорат 14 №-дээх оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит Жирков Пётр Гаврильевич наһаа хайгыыр, көмүс уҥуоҕун тутуспутум диир. Баһылай үчүгэйдик дуобаттыыр, маастар.

Михаил Яковлевич оҕолоро көрсүө, үөрэхтэригэр үчүгэй этилэр. Уолаттара сааһыттар, бырааттарым Макаровтар “конкуреннара”.

Проням чугастыы Хампах уолаттарын билиһиннэртээтэ. Кыра уолаттар сытыы, көрүдьүөс, үгэ-хоһоон тыллаах дьон буоллулар. “Саҥа уолу саҕатыттан сахсыйыахха” диэн тыллар иһилиннилэр. Хата мин дьолбор сахсыйар киһи көстүбэтэ. Биһигиттэн аҕа уолаттар оттомуран, үлэ, үөрэх дьоно биһиэхэ эрэ наадыйбаттар. Тыллаһар дьоммут, бодорустахха, бэртээхэй дьон эбиттэр. Салгыы Чуукаар уолаттарын барыларын билбитим.

Үөлээннээхтэрбитин аҕыннахха:

  • Алексеев Пётр Алексеевич наһаа эйэҕэс, уһанарга, уруһуйдуурга, музыкаҕа дьоҕурдааҕа, өр кэмҥэ Тааттаҕа оскуолаҕа үлэлээбитэ;
  • Степанов Николай Николаевич көрсүө, үөрэҕэр үчүгэй, тустарыгар табан тэбэрэ, онтуттан астынар аҕай этэ. Намҥа уһуннук судьуйалаабыта, үтүөлээх юрист;
  • Семёнов Владимир Герасимович иккиэн аллар атаспыт, наар салайар үлэҕэ миккиллибитэ – совхоз, птицефабрика, тыа хаһаайыстыбатын управлениета, райком, сынньалаҥҥа тахсан баран Ньурбаҕа компартия райкомун секретара, үрдүк культуралааҕа;
  • Васильев Валентин Пронялыын тапсар да этилэр, ону-маны этэ-этэ күлсүү бөҕө. Валентин көрүдьүөс хаата, артыыстаан барыбытын саататара;
  • Осипов Иван атаҕар лаппа кыанара, 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан 5 м ордугу ыстанара, тустан миигиттэн кыайтарара, киһи быһыытынан үчүгэй уолу аһыы утах уларыппыт этэ;
  • Николаев Герасим, Андреев Григорий, Николаев Пуд, Кириллин Алексей, С.Володя быраата Прокопий бэртээхэй үлэһит, түс-бас дьон буолбуттара;
  • Иннокентьев Николай-Тоонтук, Хорчоев Иосиф үчүгэйдик дуобаттыыллара, кинилэри кытта эрийсэн элбэхтик оонньообутум. Проня дьиҥэр эмиэ бэркэ оонньуур да, улаханнык сэҥээрбэт, «Чуукаар оонньуута» диэни айан хаһыатынан билиһиннэрбитэ;
  • Проня Николаев Роман диэн уоллуун доҕордоспутун истиҥник ахтара.

Чуукаар оскуолатыгар 6-с кылааска бииргэ үөрэммиппит. Проня кэпсиир дьоҕурдааҕын, оҕолору бэйэтин тула тардарын билбитим. Биир бириэмэҕэ дьуһуурустубанан оскуола оһохторун оттон, кэтээн сабар буола сылдьыбыппыт, арааһа оһох оттооччу ыарыйдаҕа буолуо. Проня биһикки уонна хас да кыыс баара. Уруокпутугар бэлэмнэнээт, сэһэн-сэппэн оройуттан тутулунна, кэнникинэн фантазиялааһын саҕаланна. Проня айбытынан, бу Чуукаарбыт купол курдук бүрүөһүннээх буоллун, кыһыннары отонноох мастар үүннүннэр, ырай дойдута буоллун, о.д.а. Дьэ бу этиитэ өйбөр үйэм тухары иҥэн хаалбыт. Кэнники алмаастаах Айхал куораты оннук оҥордорбут диэн дьиҥнээҕинэн тутааччылар баҕатыйа сылдьыбыттара. Ыра санаа сороҕо олоххо кыайан киирбэтэр да, киһи аймах өйүн-санаатын кынаттыа. Дьиэлэрбит да чугаһа, иллэҥ эрэ буолларбын Пронябын булабын. Сири-дойдуну кэрийэбит, бултуубут, олоро түһэн сэһэргэһэбит, ардыгар кыра оҕо курдук буорга оонньуубут. Дьэ ол курдук миигин тардар маҕыньыыт этэ. Дэлэҕэ эдьиийим Маайа ардыгар буойуо дуо. Биһиги сыһыаммыт бачча сааһырыахпытыгар диэри тиийэн кэллэҕэ.

Биһигиттэн кыратык балыс Чуукаар бэртээхэй уолаттарын сорохторун ааттаталыым: Степанов Михаил Данилович, Осипов Семён Герасимович–Сэмэнчик, Николаев Данил Никифорович, Алексеев Виктор Алексеевич быраата Василийдыын, Алексеев Николай Еремеевич, Афанасьев Николай Дмитриевич–Ньэмийээнтэбис, Афанасьев Николай Михайлович, Мостахов Алексей Егорович, Кириллин Александр Ильич, Кыппыгыров Валерий Николаевич, Николаев Валерий Иванович – Куччугуй уола, Алексеев Семён Фёдорович быраата Виталийдыын о.д.а. билигин сааһыран эрэллэр, биһиги оҕо сааспыт үтүө өйдөбүллэрэ.

1957 сылга Ньурбаҕа сатыы киирэн комсомолга киирбиппит. Проням билэн-көрөн, Маалыкай уолаттарын кытта олус тапсан бииргэ сылдьыбыппыт. Сайыныгар Пронялыын Орто Күөлгэ окко илии звенотугар, кини оҕус сиэтээччи, баһылаабыт идэтэ быһыылааҕа, мин мунньааччыбын. Илии мунньааччылар төрдүөбүт: күтүөм быраата Васильев Спиридон, Проня эдьиийэ Анна, Кириллина Мария уонна мин. Үс киһи охсубутун лоп курдук бүтэрэн иһэрбит. Мин ыалдьан хааллым, түлээгирдим, ону Проням миэхэ хаһыакка сууламмыт эмтэри биэрдэ, онтон үтүөрэн хааллым. Кэлин ону зубной порошок суулаан биэрбитим диир да, ким билэр. Саҥаһа Таисия балыыһа сиэстэрэтэ. Баҕар итэҕэйии күүһэ дьайыыта буолуо. Проня көстүбэт күүстэри билбитин “Олоҕум олуктара” кинигэтиттэн билсиэххитин сөп. Мин арааһа бүтэй эттээх быһыылаахпын. Иитиллиим оннуга дуу.

Звено салайааччыта Бэгдэ Дайыыла кэпсээн бөҕө, ол быыһыгар дьахтарга үөмүү туһунан да баар, эр дьон киксэрэн биэрэллэр. Звено үлэһиттэрэ ким төһөнү охсубута, мунньубута суотайынан суруйан кырылаппытын харахпар билигин да көрөр курдукпун, хайа уонна төһө лэппиэскэ, суорат, үүт ылбытын барытын тиспит буолар. Кэргэнэ асчытынан үлэлиирэ. Киэһэ күрэхтэһии тэриллэр, онно Ньурбаттан сылдьар Тордуокап Ньукулай, бэйэбит киһибит Ньуучалба – сүүрбэччэлээх уолаттарга тустан отой хотторбоппун. Улааттахпыт аайы ампаарга бүгэн олорон кэпсэтэрбит үксээбитэ, интэриэспит уларыйан истэҕэ.

Сэттис кылааһы бүтэриэхпититтэн дэҥҥэ көрсөр буолбуппут. Мин оччотооҕу көлүөнэ оҕолорун курдук Марха орто оскуолатын бүтэрэн, Кубалаах фермаҕа үлэлээн, Сахалиҥҥа үс сыл армияҕа сулууспалаан, университекка үөрэнэн математика учуутала буолан дьылҕам салаллыбыт буоллаҕына, Проням дьылҕата бэйэни көрдөөһүн этэ. Оскуолаҕа эрдэҕиттэн суруйуулара хаһыаттарга бэчээттэнэн, Чуукаарга колхозка да үлэлээбитэ, олохтоох радиоҕа ыытааччы, уот биэрэр локомотивка машинист, речной училищены бүтэрэн Лена устун хоту Муустаах муораҕа устар матрос, Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэн учуутал, үс сыл толору армияҕа сулууспалаан, Горькай аатынан литературнай институту бүтэрэн биир уол оҕо сырыытын сылдьыбыта. Ахтар-саныыр Чуукаарбытыгар эргиллэн кэлэ турар буоламмыт сибээспит быстыбатаҕа, биирдэ эмэ суруйсубуппут. Биир көрсүһүүбүтүгэр киһим штанга оҥостубут, миигиннээҕэр ордук көтөҕөр, этин-хаанын эрчийэр хамсаныылары оҥорор, тымныы уунан саба ыһынар буолбут, онтон доруобуйата улаханнык тупсубута. Тоҥмотуттан билигин да сөҕөбүн.

Пронялаах Вера Тимирязев аатынан, Полина Осипенко аатынан уулуссаларга, кэнники таас дьиэлэригэр олордохторуна сылга хастыыта да хонон, өрөөн ааспыппын ааҕан сиппэппин. Бастаан туохпун биэриэхпиний, кэнники хаһаайыстыбаланан баран суумкаҕа кыра кэһиилээх буоларым. Оттоһоору хаста да сайын сылдьыталаабыта. Сынньалаҥ эбэтэр эбиэт кэнниттэн саамай урут үлэтигэр баран эрэр буолар. Мээнэ сэлэһэ олорбот дьулурҕа үлэһит. Балыгы олус сөбүлүүр. Дьабыыллар быччыкыбыт минньигэһэ бөҕө. Мин доруобай эрдэхпинэ куобах күрэҕэр, күһүҥҥү балыкка сылдьыталаабыта. “Чуохаан” диэн кэпсээни суруйбутун дьабыыллар ааҕан баран сэҥээрии, күлсүү бөҕө, кэпсэнэр киһитэ да чуолкайа бэрт. Балыктыырыгар чараас бэргэһэнэн төбөтүн тоҥорон, куулу бүк тутан хос кэтэн быыһаммыттаах. Ол сылдьан районо сэбиэдиссэйинэн, райсовет председателин солбуйааччынан үлэлээбит Егоров Семён Дмитриевич Проняны “наһаа үчүгэйдик кэпсиир киһи этэ” диэн кэлин хаста да сураспыта.

Мин кынным Варламов Иван Иннокентьевич “Уол оҕо уон уһуктааҕын” ааҕан баран «Николай Уус диэн баар дуо, бу табаарыһын суруйбута быдан ордук» диэбиттээҕэ. Билбэт дьон Прокопий Чуукаартан улахан айымньыны кэтэһэр быһыылаахтар. Ол кыалла илигин хаһыаттарга анал корреспондент, эппиэттиир секретарь дьон ис санааларыттан суруйан бооччойбуттарын түүннэри, эбэтэр сарсыарда эрдэ туран ааҕааччыга тиийимтиэ гына хос суруйарынан уонна үлэһит, айдарыылаах дьон туһунан очеркалары элбэҕи суруйбутунан быһаарабын. Доруобуйата кыайдаҕына, баҕар, диэххэ. Прокопий Яковлевич эдэр автордарга уһуйааччы, көмөлөһөөччү, алҕастарын көннөрөөччү.

Поэтесса Варвара Потапова айар үлэтин түмүүгэ сүүрдэ-көттө, Иван Арбита аата тиллэригэр үгүстүк үлэлэстэ.

Прокопий Яковлевич кэпсээннэри суруйууга мааһа табыллар. Тэҥнээн көрүү, үүнээйини, хамсыыр харамай киһи уобараһынан көрдөрүү курдук ньымалары таба туттар. Булт, айылҕа туһунан суруйуулара “Байанай” сурунаалга, “Аар тайҕа” хаһыакка хос бэчээттэнэриттэн мин атаспынан киэн туттабын.

Кэргэнэ Вера Васильевна Павлова Амма Өнньүөһүн кыыһа. Мин Васильев Валентинныын Володя диэн саһыл ферматыгар үлэлиир киһиэхэ балыктыы бара сылдьыбыппыт, Амма устун дуоһуйа устубуппут, кэрэ айылҕалаах, дэлэй бултаах дойду этэ. Тайаҕы, эһэни, хотойу, күһүҥҥү андыны, кус арааһын көрбүппүт. Вера киэҥ көҕүстээх, холку да холку барахсан этэ. Саамай сэмэлээбитэ: «Проня, бу да киһи», – онон бүтэр. Оҕолоро Нюрбина уонна Вася кыра эрдэхтэриттэн миигин билэр буоланнар, кэллэхпинэ үөрэ-көтө көрсөллөр. Васяны сорохтор тоҥкуруун дииллэр да, миэхэ оннук буолбатах. Проня ийэтин ыарыылаабыта. Сүөкүлэ кырдьаҕас: «Оо, оҕом табаарыһа Биэдьэ кэллэ», – диэн үөрээччи, оннук Төҥүлү Стручков Андрей Андреевич аҕата суруксут Өндөрөй эппиттээх. Онтон үөрэр эрэ буоллаҕым, төрөппүттэрбин санаан кэлээччибин.

Проня мин тус үлэбэр элбэхтик көмөлөспүтэ. Лоомтукаҕа, Дьабыылга оскуола дириэктэринэн сылдьан Главснабпростан араас бытархай үөрэх пособиетын ыларбар, ыскылааттары кэрийэн кэлэрбэр малбын дьааһыктарга сааһылаан тоһуйааччы. Саҥа оскуола оборудованиетын, миэбэлин тиэйиигэ Главснабсбыт ыскылааттарыгар тылланан туран барсара, учууталларбыттан атаһым математика учуутала Ньурба Мархатыттан төрүттээх Тимофеев Матвей Антонович эрэ ис санаатыттан оннук сылдьыһааччы.

Проня биһикки бииргэ сылдьыбыппыт сүрдээх элбэх. Араас көрүдьүөстээх, кыра быһылааннаах да түгэннэр бааллара, ону барытын суруллубат. Ол эрээри бэйэ-бэйэбитин түһэн биэрбэтэхпит, үчүгэйдик санаһабыт.

Кырдьар саас кыйданнын, ыарыы ыалласпатын, төһө кыалларынан ыччаттарбытыгар көмө-ньыма, сүбэ-ама буолуоххайыҥ!

Мин аҕабын кытта.

Полина Осипенко уул. дьиэлэригэр.

 

Хаартыскаларга: Чуукаар оскуолатын үбүлүөйдээх сылларыгар көрсүһүүлэр.

 

Проня 75 сааһыгар.

 

Фёдор Александрович САМОЙЛОВ,

СӨ ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ветеран учуутал.

Нуораҕана, 2026 сыл.

Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан: 1 комментарий

  1. Василий Федотович Егоров

    Олус үчүгэй ахтыы.Прокопий Чуукаар бэйэтэ туспа буочардаах ааҕааччыга олус тиийимтиэ айымньылары суруйар автор этэ.Кэпсээннэрин олус кэрэхсээн ааҕабын.Бу ахтыы автора доҕорун туһунан истиҥ ахтыытын иһин махтал буоллун

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *