АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХ
Аркадий Спиридонович Моякунов аатын мин аан бастаан табаарыспытыттан Дьиикимдэ олохтооҕо Тукаара Сааскаттан истибитим. “Оҕолору уһанарга үөрэтэр үлэ учуутала, мастарыскыайдаах, араас элбэх туттар сэптээх-сэбиргэллээх”, – диэбитин Чуукаарга Мухтуйаттан күтүөт, Ноохтуураба Дуунньа кэргэнин, Байбал Мойокуунабы саныы түспүтүм. Бука, аймаҕа буолуохтаах, диэн. Онтум кырдьык буолан тахсыбыта.
Аркадий Спиридонович Моякунов
Хаһан Аркадий Спиридоновиһы билсибиппитин өйдөөбөт эбиппин. Оҕолоро сир оҥоһуутунан дьарыктанар С.С.Сүүлүскэй аатынан орто оскуолаҕа үөрэнэр буолуохтарыттан эбитэ дуу, ыҥырыкка сылдьар баянист буолан Сүлэ кулуубугар кэнсиэргэ кэлбит кэмигэр эбитэ дуу? Мин кэргэним Уйбаан Ньурба сопхуоска сельхозтехникаттан массыыналар тех. обслуживаниеларын ыытар силиэсэринэн үлэлиир уонна сопхуос киинэ Антоновкаттан алта биэрэстэлээх Сүлэҕэ олорор буолан Дьиикимдэҕэ олорор бензовозтаах Тукаара Саасканан суол таарыйата буолан элбэхтэ таскайдатара. Бензовоз кабинатыгар үс-түөрт да буолан кыбыллыһан Уйбаан массыыналаныар диэри элбэхтик Дьиикимдэлэрдиин таһыллыбыта буолуохтаах. Итинник Дьиикимдэ дьонун кытта билсэн ааһан иһэн биһиэхэ тохтоон ааһааччы, Уйбаантан тиэхиньикэлэрэ моһуогурдаҕына сүбэлэтээччи, көннөрү сынньана таарыйа табаахтаан, кэпсэтэн да барааччы элбэҕэ. Олору кытта да сылдьыспыт буолуон сөп. Бэйэ киһитэ буолбутун билбэккэ да хаалбыппыт.
Сир оҥоруутунан дьарыктанар оскуолаҕа 1992 сылтан алта сыл мин дириэктэри производствоҕа солбуйааччы дуоһунаһыгар үлэлээбитим. Оскуола ити кэмҥэ бас билэр отут түөрт гектар бааһына сирдэммитэ, алта араас мааркалаах тыраахтардаммыта, сири оҥорор булуук, культиватор булуммута. Олору көрөр истэр уопуттаах киһи наада этэ.
Кэргэним Уйбаан пенсияҕа тахсан баран миигин өйөөрү Сүлэ оскуолатыгар маастарынан үлэҕэ киирбитэ, мэхээньик уонна котельнайга сантехник эбээһинэһин ким да сорудаҕа уонна хамнаһа суох эмиэ толороро. Биир үөрэҕирии салаатын үлэһиттэрэ буолбут дьон быһыытынан уонна булт-алт туһунан тимэхтэрэ сөллөн Аркадий Спиридоновичтыын чээйдии-чээйдии сэһэргэһэллэрэ элбээбитэ. Уйбаан дойдутугар Тааттаҕа уон алта сааһыттан колхуос кадровай булчута буолан Аммаҕа киирэн бултаабыт, ол дойду аатырбыт булчуттарыныын алтыспыт, улахан булка сылдьыспыт, кэлин Ньурба Чуукаарыгар, Маарыгар, Өлөөн Ээйигэр күндү түүлээҕи: кииһи, саһылы да, адаар муостааҕы, босхо борбуйдааҕы Байанайа бэрсибит, күөл, өрүс балыгын арааһын Күөх Боллох ирээттээбит киһитэ буолан үөрэнээччилэригэр кыыл-сүөл туһунан суруйар киһиэхэ кэрэхсэбиллээх эбитэ буолуо! Онуоха эбии Тааттаттан төрүттээх Уйбаан хайа да киһи истэн олоруох айылаах сэһэннээх-сэппэннээх буолааччы.
Ааптар С.Г.Петрова кэргэниниин И.Я.Павловтыын. 2010 сыл.
Кыс устата сүрүн үлэбит таһынан мин “Хотугу сир оҥоһуутун төрүттэрэ” предмети, Уйбаан “Автодело” уруоктарын үөрэтэрбит. Үөрэх бүттэҕинэ бэһистэн үөһэ кылаастар, эксээмэннээх тохсус уонна уон биирис кылаастартан уратылара, икки нэдиэлэлээх ыһыыга практика бараллара. Үөрэтэр предмеппэр барбыт темаларыгар реферат суруйан көмүскүүллэрин ирдиирим. Практикаҕа эмиэ илиилэринэн-атахтарынан тутан-хабан билиилэрин чиҥэтэллэрэ. Августина Моякунова, Аркадий Спиридонович кыыһа, оттооһун туһунан хаартыскалардаах реферата туйгун сыананы ылан үөрэнээччилэргэ холобурга сылдьыбыта. Кыра кыыһа Иванна, химик учуутал идэлээх, үөрэнэр кэмигэр курсовой суруйарыгар “Агрохимия” учебнигын хантан да булбата диэн миигиттэн аҕата уларсан турардаах. Сорохтор уларсыбыт кинигэлэрин умнан-тэмнэн төнүннэрбэт буоллахтарына, Аркадий Спиридонович уталыппакка аҕалбыта.
Бу дьиэ кэргэн оҕолорун үөрэхтэригэр кыһаллалларын, үлэҕэ-хамнаска бэйэлэрин холобурдарынан үөрэтэллэрин, кыраҕа да болҕомтолоохторун, түмсүүлээхтэрин хайҕаабытым.
Аны аһыныгаһын көрүөҥ! Хатаска олорбут учуутал балтым хомуска наадыйбытыгар киниэхэ сакаастаатым. Киһим өр гыммакка икки хомуһу охсон аҕалла.
– Тоҕо икки? Төһөнү төлүүбүн?
– Инбэлиит, икки уоллаах диэбитиҥ дии. Барахсаттарга босхо биэрэбин, – диэн буолла.
2010 сыллаахха оройуоҥҥа “Учуутал сыла” биллэриллибитигэр “Ахтар, саныыр киһибит” диэн аҕам туһунан ахтыы кинигэни хомуйан оҥорон Ньурба типографиятыгар бэчээттэтээри түбүгүрэ сылдьарым. Кини “Аптаах бичик” кинигэтин таһаартараары эмиэ элбэхтик тифографияҕа тиэстэрэ. Биир кыһалҕалаах дьон онно көрсөн кэпсэтэн-ипсэтэн ааһарбыт. Баара-суоҕа сүүс экз. тахсыбыт ити кинигэтэ миэхэ баар. Автограф ылбатахпыттан хомойобун. Хата, “Саха мындыр өйүнэн” кинигэтэ “Бичик” кыһаҕа 3000 экз. тахсыбытын түбэһэн атыыласпытым.
Хайдах курдук саха былыргы олоҕун-дьаһаҕын ииспэрэйдээн хомуйан үйэлэргэ хаалар, саха хас биирдии ыалын остуолугар уурунар кинигэтин бэлэхтээтэ!
Бүтэһигин, Дьиикимдэтигэр сатыы баран иһэрин Сүлэ ыһыахтыыр сирин таһыгар массыынанан Уйбааммынныын утары көрсө түстүбүт. Тохтоон, идэлэринэн ирэ-хоро кэпсэттилэр. Ол кэпсэтиилэриттэн мин өйдөөн хаалбытым: “Айылҕаттан айдарыылаах киһибин”, – диэбитин.
Кырдьык да, айылҕаттан айдарыылаах сүдү талаан олорон ааспытын билигин өйдүүбүт!








Ааптар С.Г.Петрова: «Бу кинигэттэн хаартыскалары туһанарбын Аркадий Спиридонович кэргэнэ Евдокия Ивановна көҥүллээбитэ».
С.Г.Петрова
Ахтыыны бэлэмнээтэ Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,
үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сэрии кэмин оҕото.
(“Ахтыылар”, 2026 с. муус устар)




