Эдуард Соколов-Тулусхан диэн суруйааччы туһунан ахтан аһарыах санаам кэлэн бу суруйан эрэбин.
Эдуард Дмитриевич Соколов 70-с сылларга куорат таһынааҕы «Капитоновка» дэриэбинэтигэр кулууп сэбиэдиссэйинэн, кэргэнэ Ксения библиотека сэбиэдиссэйинэн кэлэн үлэлии сылдьыбыттара. Кинилэр үлэлиир кэмнэригэр дэриэбинэ олоҕо олус сэргэхсийбитэ. Эдуард бэйэтэ баянист этэ, олус үчүгэйдик ыллыыра, иккиэн эдэрдэрэ-үчүгэйдэрэ да бэрт этэ. Олохтоохтор олус сөбүлээбиттэрэ, оҕолорбут диэн ааттыыр этилэр. Ыччат аҕыйах этэ да саастаах дьон, дояркалар кулууп үлэтигэр активнайдык кытталлара. Отчуттарга, фермаҕа агитбригадалары тэрийэр этилэр.

Онтон биирдэ эмискэ Сунтаарга көтөр буолбуттара. Олохтоохтор «уолбутун ыытыма» диэн көрдөспүттэрэ, онон: «Соц.культ тэрилтэлэр үлэһиттэригэр анаан дьиэ туттараары сылдьабыт. Онно үчүгэй дьиэ биэриэхпит уонна киин кулуупка көһөрүөхпүт», – диэн көрбүтүм да истибэтэхтэрэ. Ол курдук Сунтаарга барбыттара.
Оччотооҕуга Эдуард кэлин суруйааччы буолуоҕун хантан билиэхпитий? Онтон хас да сыл буолан баран Эдуард Соколов «Арахсыбыт аргыстарым» диэн кинигэ суруйбут диэбиттэрэ. Мин ол кинигэни түбэһэ түһэн аахпытым, кэлин истибитим капитоновкалар булан аахпыт этилэр. «Били биһиги уолбут Эдуард Соколов биһиги дэриэбинэ олохтоохторун хабан үчүгэй баҕайы кинигэ суруйбут, ол гынан баран биһигини дояркалары суруйбатах. Эн кинини ыҥыр, көрсүһүннэр, биһиги кинини «кэһэтиэхпит», – диэбиттэрэ. – Сатана оҕото наһаа үчүгэйдик суруйар эбит».
Бэйэм да олус сөбүлээн аахпытым. Бииргэ үлэлии сылдьар дьоммут уобарастарын наһаа үчүгэйдик киллэрбит этэ. Ааттарын суруйбатаҕын да иһин ким туһунан суруйбутун киһи тута өйдүүр этэ.
Биһиги кинини ыҥыран библиотекаҕа читательскай конференция оҥоруох баар этэ дэспиппит да, куруук иллэҥэ суох аатыран олоххо киллэрбэтэхпит. Ону кэлин олус курутуйа саныыбын. Иккитэ мин уоппускаҕа барбыт кэммэр кэлэ сылдьыбыт этэ. Биир сырыытыгар «Дьол» диэн кинигэтин таһыгар миигин олус ытыктыырын, үчүгэйдик саныырын суруйан хаалларбыт этэ. «Бу кинигэни суруйарбар эн тускунан саныы олорон суруйдум», – диэбит этэ. Ол кинигэҕэ с/совет үлэһитин туһунан баар этэ, ол иһин оннук суруйбута буолуо. Кэлин кэргэниттэн арахсыбыт диэн истэн олус хомойбутум, кинилэр олус үчүгэй пааралар дии саныыр этим…
Эдуард барахсан элбэҕи үлэлиэн, суруйуон сөп этэ да эрдэ суох буолбутун истэн олус ыараханнык ылыммытым. Кэлин суруйааччылар Эдуард Соколов аатын Сунтаар биир уулуссатыгар иҥэриэххэ наада диэн туруорсубуттарын ааҕан олус сэргээбитим да, ол туһунан тугу да билбэккэ олоробун. Өскө туолбатах буоллаҕына хаттаан туруорсаргыт буоллар.
Мин кырдьаҕас киһи быһыытынан итинник чаҕылхай ыччат, эрдэ олохтон барбытын да иһин, суола-ииһэ сүтүө суохтаах дии саныыбын.
Анна ЕГОРОВА, тыыл, үлэ ветерана,
оччолорго Тулагы-Киллэм,
Капитоновка исполкомун председателэ.
Дьокуускай к.
(«Ахтыылар», 2021 с. от ыйа)

дешёвая Виагра аналог без рецепта