Октябрьскай революция 100, совхозтар тэриллибиттэрэ 70 сылларын көрсө советскай-партийнай, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ олохторун анаабыт дьоммутун сиэр-майгы быһыытынан ахтан ааһарбыт тоҕоостоох дии саныыбын.
Бүгүҥҥү күҥҥэ уларыта тутуубут Горбачёв, Ельцин күүһүнэн ылбыт былаастара олохпут укулаатын айгыратан, үлэһит норуот олохпут сиэркилэтэ буолбакка, үтүргэҥҥэ сылдьар кэмэ кэллэ. Туох баар көрдөрөр-иһитиннэрэр компаниялар, суруйар сурунааллар, хаһыаттар күнтэн-күн олохпут ыараан, таҥнары барыытын мэлдьэһэн, ырыанан-үҥкүүнэн албыннатан олорорбутун ситиһэ сатыыллар. Тоннанан үүтү ыабыт дьоруой ыанньыксыттар күлүктэрин да көрдөрбөттөр, завод рабочайдара тоннанан ыстаалы уһаарбыттара умнулунна, күн тура-тура биир хартыына – телевизорга сериаллар, шоулар, концертар, хаһыаттарга – криминал, абааһы, бэйэ-бэйэни кириэтэһии, түүлэһии.
60-70-с сылларга биһиги көлүөнэ эдэр да этибит. Саҥа оскуоланы бүтэрии, үөрэххэ туттарсыы, тапталтан муҥнаныы – барыта баара, бары кэрэҕэ, сырдыкка, билиигэ-көрүүгэ тардыһарбыт.
Төҥүлү дэриэбинэтэ Максим Горькай аатынан совхоз киинэ, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар дойдута этэ. Үлэһит илии тиийбэт айдаана, оскуола кэнниттэн онон-манан биричиинэ булан ыччаты совхозка хааллара сатааһын, “Үлэ – производство – үөрэх” диэн ыҥырыынан кыһарыйыы бөҕөтө. Дьэ, сити кэмҥэ Татьяна Александровна Стручкова – элбэх оҕо аҥаардас ийэтэ нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, совхоз отделениетыгар управляющайынан үлэлээбитэ.

Коммунист партия өрөгөйдөөн салайа олорор кэмэ этэ, онон буолуо, парткомнар нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрин таах хамаандалыыр кыахтаахтара. Татьяна Александровна, тыа дьахталлара бары кэриэтэ үрдүк хобулуктаах түүппүлэни, сиэдэрэй көстүүмү, сибэккилээх былааччыйаны кэтэн маанымсыйбыттарын тоҕо эрэ өйдөөбөт курдукпун. Куруутун үлэ таҥаһа – халлааныттан көрөн ардахтаах күҥҥэ уу саппыкыта, матассыыкыл ыытарга киирсэбэй саппыкы, субуотунньуктарга чылыгырыайка сон, баайыы бэргэһэ. Олус да тэрээһиннээхтик субуотунньуктары ыыталлара. Татьяна Александровна тэрийсэрэ, инники күөҥҥэ сылдьара. Билиҥҥи тойоттор курдук дьаһайан эрэ кэбиспэккэ, урукку салайааччылар бары үлэҕэ-хамнаска тэҥҥэ тахсаллара.
Соҕуруу үөрэнэ сылдьан арай сурунаал, хаһыат киоскатыгар “Агитатор” брошюра-сурунаал обложкатыгар билэр баҕайы мөссүөнүм олорор. Хаба тардан ылаабын – Татьяна Александровна мэтириэтэ, аатырбыт худуоһунньук Яр Кравченко харандааһынан уруһуйдаабыт. Сөхтүм аҕай. Яр Кравченко Төҥүлүгэ тиийбит буоллаҕа диэн санаталаан ыллым. Советскай Союз сүүһүнэн мөлүйүөн үлэһит дьахталларыттан тэһэ тардан Союз сурунаалыгар тахсыы – киһи аайы тосхойбот түгэн.
Татьяна Александровна кыра уҥуоҕар сөп түбэспэт хоһуун көрүҥнээх салайааччы дьахтар, элбэх оҕотун атахтарыгар туруоран, үөрэх-билии ылалларын ийэ быһыытынан ситиспитэ кини дьулуурун туһунан элбэҕи этэр.
Кини сценаттан түспэт кэрэ куоластаах ырыаһыт. Алябьев “Соловейын” Казахстан күөрэгэйэ Тулегенова, Грузия кырасаабыссата Абашидзе ыллыылларын истэммин хараҕым кэҥээбит курдук сананыахпын, кинилэр иннилэринэ Татьяна Александровнаны истибит, сөхпүт, соһуйбут эбиппин. Олус ыраастык колоратурнай сопрано куолаһынан Алябьев “Cоловейын” эҥкилэ суох баян доҕуһуолугар толороро. Баяниспыт Баһылай Трифонов – бэйэтэ туһунан буочардаах мелодист, ырыаһыт. Музыкальнай оскуолалар суохтарынан эбитэ дуу, баянист көмүс курдук күндү кэмнэрэ этилэрэ. Сорох дэриэбинэлэргэ баянистара суох буолан, уус-уран көрүүгэ доҕолоҥноон хомотоллоро. Татьяна Александровна ырыа оскуолатыгар үөрэммитэ буоллар, сэдэх куоластаах улахан ырыаһыт тахсыахтааҕа хааллаҕа. Манна диэн эттэххэ, Альбина Барашковалыын Дьабыыл курдук сиэдэрэй айылҕалаах сиртэн силис тарпыттара. Күөх кырыстаах Дьабыыл саха культуратыгар Константин Борисов, Февронья Баишева, Клавдия Федотова курдук искусство маастардарын төрөппүтэ.
Совхозка управляющай үлэтэ, нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ өрөбүл диэни билиммэттэрэ. Сайын от үлэтин ыгыма, күһүн хомуур былдьаһыга, кыһын томороон тымныылары туоруурга өрөөн сытар түктэри курдуга. Оннук иитиллиилээх, баайыылаах ийэлэрбит, аҕаларбыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт биһигини бэйэлэрин холобурдарынан үлэһит дьон тахсарбытын ситиспиттэрэ. Кинилэр хаһан да төһөнү төлүүгүн, хамнаһа хайдаҕый диэбэттэрэ, мин эмиэ кинилэр курдук усулуобуйа туруорбакка 21 сыл циркэҕэ, “Сахафильмҥэ” директордаан сирдэрбэтэҕим. Күүс, кыах баарынан үлэҕэ түһүнэн кэбиһии, бэриниилээх буолуу Татьяна Александровна курдук дьонтон кэллэҕэ.
Бүгүн сайдыылаах кэмҥэ хас эмэ мөлүйүөҥҥэ атыылаһыллыбыт сүөһүлэр муҥнаахтары тымныы хотоннорго ииктэригэр, саахтарыгар батылыннаран өлөртүүбүт. Ким да, туохха да эппиэттээбэт “үчүгэй” үйэтигэр олоробут. Мин ийэбинээн сайынын ньирэй, кыһынын борооску көрөрбүт. Биир эмит ньирэй, борооску ыарыйдаҕына улахан айдаан, бэтэринээри түүннэри туруору тардан аҕалааһын. Оттон бүгүн “суһал көмө” кэлбэккэ, эдэр дьон сүрэхтэринэн өлөллөр. Урут бэрээдэги, сиэрдээх олоҕу Татьяна Александровна курдук норуоттарыгар чугас, ирдэбиллээх салайааччылар иилээн-саҕалаан тутан олордохторо.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылын көрсө аҕа көлүөнэбит үлэлээн-хамсаан ааспытын ким төһө өйдүүрүнэн суруйар, кэпсиир ытык иэспит дии саныыбын. “Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх” – бэргэнник этиллибит өс хоһоонунан салайтаран Татьяна Александровна төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, дьүөгэлэрэ, аймах-билэ дьоно Национальнай библиотека историческай саалатыгар ахтыы киэһээҕэ “Өйтөн-сүрэхтэн сүппэт киһибит” диэн кинигэ презентациятыгар мустан, иһирэх кэпсэтии Татьяна Александровна тула таҕыста. Матвей Васильевич Мучин, Юлия Николаевна Григорьева, Николай Федорович Борисов кэпсииллэрин истэ олордоххо, Татьяна Александровна барахсан тыыннаах уобараһа, ол кэмнээҕи күүрүүлээх олохпут дьоно-сэргэтэ ырылыччы көстөн кэлэр курдуктар. Кыыһа учууталлар учууталлара Любовь Николаевна урукку пионерым, бириэмэ ырааппыт да эбит. Ийэтин туһунан ахтыы киэһээни, кинигэ презентациятын дьоһуннаахтык ыытарын таһынан, кини ийэтин олоҕун, үлэтин кэпсиирин истэ олорон оҕо ийэтигэр, ийэ оҕолоругар тугунан да мээрэйдэммэт күүстээх тапталларын дууһаҕынан аймана истэҕин. Сыл-хонук саҥаттан-саҥа көлүөнэлэр солбуһа төрөөн-үөскээн истэхтэрэ…
Татьяна Александровна курдук олоҕун дьону-сэргэни ытыктыыр, күүскэ таптыыр, үлэлэригэр бэриниилээх, суобастаах салайааччылар хаһан кэлэллэрин күүтэбит. Күүтэбит эрэнэ, итэҕэйэ! Тоҕо диэтэргит көмүс хаһан баҕарар өлбөөдүйбэккэ күлүмүрдүүрүн курдук, кинилэр ааттарын ааттатар эдэр көлүөнэ хайаан да үөскүөҕэ, икки атахтаах тиллиэ, өйүнэн өлбөтүн оҥостуо, дьолун булуо диэбиттээҕэ улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай.
Степан СИВЦЕВ-Доллу.
2017 сыл, кулун тутар 23 күнэ.
