Александр Яковлев-Айсан: Маннык этиилээхпин. Бу икки өрөбүл күннэргэ ааспыты ахтан суруйаргытыгар. Ол курдук балаҕаҥҥа былыргылыы олорбут дьон бааргыт дуо? Хайдах этэй? Сайылыкка олорбуккутун эмиэ ахтыаххытын сөп. Оннук балаҕаҥҥа, сайылык дьиэтигэр электричествота суох олорбуккут эҥин туһунан. Ким хайдах саныырынан манна суруйуҥ, кэпсэтии да быһыытынан буоллун. Холобур, мин электричествота суох сайылыкка син хапсан, олоро сылдьыбытым. Ити 1975 сыллаахха, оскуолаҕа киириэм иннинээҕи сайын эбит. Совхоз улахан фермата баара, илиинэн ыыллара. Биһиги тарбыйахтары көрөр этибит. Сунтаар, Тыһакыыс, Ыарҕа диэн сир.
Людмила: Үтүө сарсыарданан. Биһиги Сунтаарга Мачыыс диэн сайылыкка буор муосталаах балаҕаҥҥа олорбуппут. Уу ыһан баран талах минньигинэн харбааччыбыт.
Карпов Семён: Бу хас сыллаахха буолуой?
Людмила: 1960-70-с сыллар.
Акулина Николаевна: Оҥкучах диэн сайылыкка эдьиийим оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, уота суохха олорбута. Онно миигиттэн икки сыл балыс быраатым самоварга чэй өрөөччүнэн сайылаабыта, эдьиийигэр көмөлөһөн. Ол сылдьан кэйиик оҕуска көхсүнэн кэйдэрэн, эмтэммитэ. Ол сыл сахалыы көрүҥнээх балаҕан дьиэ туппуттара, онно ыанньыксыт ийэлээх ыаллар оҕолорунаан бары олорбуттара. Эдьиийим аах хаптаһын дьиэҕэ, элбэх ааннаахха олорбута. Мин көннөрү күүлэйдии бара сылдьан, хаартыскаҕа түспүппүт баар.
Сахая Чакыр сиэнэ: Мин сайылык диэни билбэтэхпин. Арай уот бардаҕына чүмэчинэн олорорбутун өйдүүбүн. Чүмэчи тула уонна оһох сырдыга. Абааһыттан куттаныллар этэ. Уот суох буоллаҕына. Кэнники аҕа ууспун үөрэтэн, сахалыы духуобуна саҥа сайдан эрэбин. Биһиги Хатырык аҕа ууһабыт. Былыр алаастарынан олорбуттар. Сунтаар Ыгыаттатыттан элбэх кыыһы кэргэн ылан, II Бордоҥ, Ньурба.
Анатолий: Миигин оскуоланы бүтэрбитим кэннэ дизелист оҥорбуттара. Ыам аайы иккилии чаас холбуугун диэн биригэдьиирбит ирдиир аҕай этэ. Оччолорго сэлээркэ буолунай буоллаҕа, ол киһи тоҕо наһаа дьаабыланара буолла. Саатар ол сэппит тыаһа улахана, дэриэбинэттэн иһиллэрэ. Кыргыттар сороҕор таансылаары, хойутаан уһуннук үлэлэтэн мөҕүллүү буолара.
Саргылаана: Биһиги эмиэ балаҕаҥҥа олорботохпут. Сайылыкка ампаар курдук тутуллубут дьиэҕэ олорбутум. Киэһэ 10 чаас буолла да уоту ылан кэбиһэр этилэр. Дэриэбинэҕэ бэйэтигэр уоту эмиэ киэһэ аайы 8-10 чааска ылааччылар уонна сарсыарда 6-7 чааска биэрээччилэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ биһиэхэ ол үөрүү буолааччы. Умуллан эрэр оһох уотун иннигэр олорон аҕабыт киэһэ аайы араас түбэлтэлэри, үһүйээннэри кэпсээччи. Онтон аҕабыт суох, гастролга барбыт кэмигэр ийэбит ороҥҥо сытыартаан баран остуоруйа кэпсиирэ. Онон кыһын аайы киэһэ буоларын күүтүү…
Николай Телейскэй: Дьэ, Александр, мин тус олоҕум биир бэлиэ кэрдиис кэмин таарыйдыҥ. Атын түгэннэргэ аймахтарбар, оҕолорбор оҥорбут ахтыыларым баар эрээрилэр, атын хайысхалаахтар. Онон дьэ сааһыра быһыытыйбыт киһи, түгэн түбэспиччэ ахтан-санаан көрүүм. Сорох түгэннэри көннөрү киһи итэҕэйимиэн да сөп буоллаҕа, ол эрээри бэйэм хайдах өйдүүрбүнэн, саныырбынан суруйан көрүүм…
Мин, Смирников Николай Фёдорович, 1949 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Чурапчы оройуонун Төлөйүгэр күн сирин көрбүтүм. Тохсунньу торулуур тымныытыгар, кырыа кыһын оройдоон турдаҕына Мэндилимиэн балаҕаныгар төрөөбүт үһүбүн. Ити Мэндилимиэн диэн Пантелеймон Пинигин, Төлөй киһитэ кэлин Намҥа киирэн олохсуйбут эбит. Аҕам аах нуучча дьиэлээхтэрин көһөрүллүү кэнниттэн Чурапчыга көһөрөн ылбыттар. Бука ол иһин оччотооҕу холкуос салайааччылара ханна салайалларынан, ыйалларынан сылдьар хара үлэһиттэр, мин ийэлээх аҕам, ити кэмнэргэ наар кыстык, сайылык фермаларынан олорон, үлэлээн-хамсаан сылдьыбыттар. Ньыла Күөл, Нэгэй кыстык фермалара, Бырыы Хаа, Оҕус Баһа сайылыктар мин кыра оҕо сааһым дойдулара. Дьэ ол гынан, мин төрөөбүт сылбар дьонум чугас аймахтарын кытта – абаҕам Ньукууну (Гуляев Николай), убайдарбын Мииппээн Иһээҕин, кини быраата Баасканы (Смирников Исак, Василий ) кытта Төлөй Дириҥэр син кэҥэс балаҕаны туттубут эбиттэр. Дьэ онон ол балаҕаҥҥа ити үс ыал дьукаахтаһан олорбуппут. Абаҕам Ньукуу адьас аарыма кырдьаҕас ийэлээҕэ, эмээхсин сүнньүнэн наар оһох кэннигэр сытан тахсара. Кини мэнэрик этэ, кырдьаҕас баҕайы эмээхсин эмискэ мэнэрийэн ыһыллан туран кэлээччи. Энэлгэн дуу, тойук дуу икки ардынан ырыалаах буолааччы. Ийэм оччоҕуна биһигини тэйиччи тута сатыыра: «Эмиэ киирэрэ киирбит ээ… Тугу эрэ эмиэ биттэнэн эрдэҕэ», – диирэ. Эмээхсин сотору аматыйан оронугар сууллан түһэрэ.
Биир дьикти киһи убайдарбыт Иһээх уонна Бааска ийэлэрэ Кэтириис этэ. Кини наһаа аһары өмүрэх этэ. Кыраттан да сылтаан тэптэрэн олус күүскэ, өр өмүрэр этэ, бэйэтиттэн тахсыар диэри. Оччолорго олус күндү таас иһитин ыраах кыыратан, хампы быраҕан кэбиһэрэ. Биирдэ кыра эдьиийим кыра Дуунньа (икки эдьиийдэрбит иккиэн ийэм ийэтин аатынан Дуунньалар этэ), дьиибэлэнэн буоллаҕа, Кэтирииһи соһутан өмүрдүбүтэ. Ону ийэм кыыһын баттахтаан буойбута: «Тоҕо ыалдьар, кырдьаҕас киһини дьиибэлиигин», – диэн. Онон биһиги оҕолор саҥаспытын Кэтирииһи төрүт өмүрдүбэт буолбуппут. Эппитим курдук балаҕаммыт син балачча киэҥ быһыылааҕа. Көмүлүөк оһохтооҕо, буор муосталааҕа, истиэнэтин кэриччи сыҥаһа ороннордооҕо. Оччолорго туох электричествота, эгэ радиота кэлиэй. Кыраһыын лаампата баара да сүрдээх кэмчилээн туттуллара, кыраһыын мээнэ көстүбэт буоллаҕа, аны саамай күндүтэ ол лаампа тааһа этэ. Кини наһаа чарааһа, кэбирэҕэ, сотору-сотору төлөнтөн харааран ыраастааһыны эрэйэрэ. Ол таас алдьаныыта балаҕан дьиэ иэдээнэ (трагедията ) буолар этэ. Тааһы аҕам анаан олорон ыраастыыра. Балаҕан буор муосталаах этэ, ол аата кырса ылыллан, ийэ буор кутуллан ыга тэпсиллибит буолара. Ити кыараҕас балаҕаммытыгар үс ыал тус-туһунан үс остуоллаах этибит, тус-туһунан аһыырбыт. Сэрии кэннэ кэм буолан ас-таҥас татым этэ. Убайым Иһээх өргө диэри саллаатын таҥаһынан сылдьыбыта (кини Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа). Биир убайым Бааска киномеханик этэ. Үксүгэр оройуону кэрийэ киинэ көрдөрө баран хаалара. Убайдарым Иһээхтээх Бааска иккиэн булчут дьон этилэр. Оҕо сылдьан куһу, куобаҕы элбэхтэ сиэппиттэрэ. Кинилэр хара, Харабыл диэн ааттаах ыттаахтара. Ол ыттара күһүөрү сайын кус оҕото, куобах оҕото бөҕөнү аҕалан ампаарбыт иннигэр уурбут буолара, сороҕор тыыннаахтыы аҕалбытын биһиги оҕолор дьиэлээн-уоттаан ииппитэ буолан түбүгүрэрбит. Дьэ булчут ыт этэ. Убайдарым иккис ыты эмиэ иитэ сылдьыбыттара, сырдык Барбос диэн ааттаах ыты. Ол эрээр ол ыт булчут буолбатах эбит этэ, төттөрү Харабыл аҕалбыт куобаҕын уоран сиэбитин иһин Иһээх бэйэтэ ыйаан өлөрбүтэ. Убайдарым Иһээхтээх Бааска даҕаны, абаҕабыт Ньукуу даҕаны ити кэмҥэ кэргэннэрэ суоҕа. Мин аҕам Сүөдэр (Фёдор Дмитриевич Смирников) 1902 сыллаахха төрөөбүт, ийэм Мааппа (Смирникова (Данилова) Марфа Прокопьевна) 1906 сыллаахха төрөөбүт этилэр. Абаҕабыт Ньукуу аҕабыттан син балайда аҕа быһыылааҕа, маҥан, аргыый лобурҕаан саҥарбыт оҕонньор этэ. Биһиэхэ оҕолорго үчүгэй сыһыаннааҕа, мин кини аатын сүгэр буоламмын миэхэ маанылаан куһуок саахар тооромоһун бэссэрэ. Биирдэ күһүн от төрдө бөҕөнү үргээн аҕалбыт этэ: «Оҕолоор, бу унньуула диэн наһаа туһалаах от, сиэҥ», – диэбитэ. Биһиги, оччолооҕу истибит дьон, сиэн кычырҕатан кэбиспиппит. Хайдах эрэ саахардыҥы амтаннаах курдук өйдүүбүн. Ити сыл этэ дуу, иккис сылыгар эбитэ дуу, Ньукуу ийэтэ өлбүтэ. 105 сааһыгар барда диэбиттэрэ. Ийэтэ өлбүтүн кэннэ абаҕабыт Ньукуу кэргэннэммитэ, 40-на буола илик дьахтары аҕалла диэбиттэрэ. «Эдэрдэр» сайын буолан таһынааҕы ампаарбытыгар дьиэлэммиттэрэ. Кэлин, биһиги көспүппүт кэннэ, абаҕабыт Төлөй Дириҥин арҕаа баһыгар дьиэ туттубута, кыайан оҕоломмотохторо. Убайдарым Иһээхтээх Бааска эмиэ сотору соҕуһунан кэргэннэммиттэрэ. Иһээх Таанньатынаан элбэх оҕоломмуттара, онон убайым олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Бааска эмиэ кэргэннэнэн, Капитоновка дэриэбинэтигэр дьиэ туттан, икки кыыс оҕолонон олорбута. Студенныы сылдьан кэмиттэн кэмигэр тахса сылдьарым, ордук саас кус кэмигэр. Убайым сааларын уларсан өрүс арыытыгар киирэн студент табаарыстарбынаан бултуур этибит…
Төлөй Дириҥэр, ол балаҕаммытыгар олус иллээхтик олорбуппут. Оччолорго уот-күөс суох, эгэ араадьыйа, төлөпүөн баар буолуо дуо. Онон дьон маһы-оту кыттыһан бэлэмнээри аймаҕалаһан, дьукаахтаһан, ыга симиллэн олороллоро. Көмүлүөк оһох дьэ элбэх маһы сиирэ, көҥдөй турба буоллаҕа дии. Оччолорго мин дьонум биэс оҕолоох этилэр. Онон ол балаҕаҥҥа уон буолан кыстыырбыт. Сыҥаһа ороннорбутугар ийэм тикпит куобак нэк суорҕаннарын бүрүнэн утуйан абыранарбыт. Хараҥа буолла да хаптайыы буолара. Күнүс даҕаны балаҕаммыт муус түннүгүнэн сырдык киирбэтин тэҥэ этэ. Ордук ыарахан кыстык фермалар дьиэлэригэр буолара. Ньыла Күөлгэ хас да сыл кыстаабыппыт. Биир сыл нууччатын дьиэтигэр, биир сыл сыста тутуллубут балаҕаныгар кыстаабыппыт. Кыһын балаҕан иһэ сырдаабатын кэриэтэ этэ, аҕам оҥорон биэрбит кырыаччытынан мин күн аайы түннүк кырыатын кыһыйар ытык эбээһинэстээҕим, кыра эмэ сырдык туомун киллэрээри. Оччолорго горшок эҥин диэн суох, борбуйгун көтөҕөөт ханнык да тымныыга таһырдьа көҕүрэттэ тахсаҕын, эрдэттэн соттор маскын бэлэмнээн. Оччотооҕу оҕолор барахсаттар элбэхтэ тымныйарбыт да эбитэ буолуо. Кыстык Нэгэй ферматыгар кыстаан олордохпутуна миигиттэн икки сыл балыс балтым Катя барахсан, уһулуччулаах үтүө оҕо эмискэ соһумардык бараахтаабыта. Ийэлээх аҕам иэдэйдилэр да этэ… Дьэ итинник олус чэпчэкитэ суох оҕо сааһы биһиги көлүөнэ ааспыта, билигин сымыйаргыахтара да буоллар. Онтон олох диэн оннук этэ…
Абаҕам Ньукуу ийэтэ 105 сааһыгар, ийэлээх аҕам 98-тыы саастарыгар, абаҕам Ньукуу, саҥаһым Кэтириис, убайым Иһээх 90-рын лаппа ааһан баран барыталаабыттара. Дьылҕа Хаан олоххо бэриниилээхтэрин, көнөтүк олорбуттарын иһин оччону көҥүллээтэҕэ… Билигин ийэлээх аҕам олохторун сүүстэн тахса оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ, хос-хос-хос сиэннэрэ салгыыллар. Онтон үөрэбин эрэ. Буор муосталаах балаҕаҥҥа төрөөбүт саха оҕонньоро билигин Кытаанахха толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ, сымнаҕас дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытан бу аныгы төлөпүөн диэн тэриллэригэр ахтыы суруйабын. Николай Телейскэй, 28.02.2026 сыл.
Петрова Светлана Гаврильевна: Балаҕаннаах диэн Чуукаарга (Ньурба) дьонум төрүт олохторугар икки хостоох Расторгуев атыыһыт маҕаһыынын дьиэтин күл бурдугар атыылаһан, Дорообуй бааһынатыттан көһөрөн аҕалбыт дьиэлэригэр сайылыыр этибит. Муус устарга кыстыкпытыттан көһөн кэлээччибит. Ынах төрөөн ньирэйдэри дьиэҕэ киллэрэн, бөдөҥ мас истиэнэ бэрэбинэтин хаһан оҥорбут үүттэригэр быаларын баайааччылар. Үөһэ мас көхөлөргө таҥастарын ыйааччылар. Биир да тимир оскуома суох кэмэ этэ. Көмүлүөк оһох холумтана үрдүк буолааччы. Кыра оҕолор ол тула сыҥаһалыырга үөрэнэр этилэр. Күһүн оһох үрдүнэн ардьаахха тимир ылтаһын түгэхтээх лиискэ бурдук хатара уураллар. Өһүөнү бата быаҕа табаах баайыытын хатара ыйыыллар. Кыраһыын лаампа, бытыылкаҕа кутуллубут арыыга быа уган уматар ыһыырынньык сырдатарга туттуллара. Элэктириичистибэ диэни түһээн да билбэккин, наадалаах курдук билигин да өйдөөбөппүн. Оо, аҕыннахха элбэх бөҕө буоллаҕа! Эһэҥ, эбэҥ, оҕо-уруу бөҕө. Ынах хомуйуута, ынах этэрбэс, ыаҕаһынан уу баһыыта! Дьоллоох, сэрии кэннинээҕи кырыымчык олох да буоллар, оҕо саас!
Түннүкпүт алта лиистээх араамаах, санаабытыгар сырдыга бөҕө! Муннук долбуурдаах, аны санаатахха таҥара холоруга эбит. Муннук остуол эмиэ баара. Кинигэ уурар этажерка, аҕам Ньурбаттан үөһэ ыйанар сыаптаах “Молния” диэн кыраһыын лаампатын таһаарбыта сырдык этэ эрээри, тоҕо эрэ быраҕыллыбыта. Арааһа тааһа алдьаннаҕа буолуо. Икки биэрэстэлээх маҕаһыынтан кыраһыын атыылаһан аҕалааччылар. Маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт мал аал оҥоһуута диэн буолар, баар ыалыгар баар! Үүйүүлээх чааскыга чэй иһээччилэр.
Нууһунньук суох, кэрии чугас, тымтыгынан ыраастанаҕын. Эбэтэр аппаҕа олороҕун. Табах тардар дьоҥҥо кумааҕы улахан наадалаах устуука буолара, кырдьаҕастар бары хамсалаахтар. Киһи сирэйэ моһуоннаах фарфор хамсалаах эмээхсин баарын өйдүүбүн
Айсан: Ити хас сыллаахха, саатар быһа холоон суруйаргыт буоллар.
Егоров Василий Федотович: 70-с сыллар саҕаланыыларыгар, мин кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына, балаҕаҥҥа сайылаан бөҕө буоллаҕа. Ийэм сопхуос ыанньыксыта буолан Бэрэ диэн ыанньык сайылыгар сайын аайы сайылыырбыт. Электричество уота суох, суол-иис да мөлтөх буолан бөһүөлэккэ кэлии-бары үксүн атынан, сатыы буолара. Сайылыкпыт бэйэтэ да чугас, биэс-алта биэрэстэлээх аарыма улахан күөл уҥуор бөһүөлэк көстөн турар сиригэр баара. Сайылыкка икки балаҕан, биир ампаар уонна икки аныгылыы дьиэ баара. Олус киэҥ-куоҥ гына тутуллубут, титирик муосталаах балаҕаҥҥа түөрт-биэс ыал дьукаахтаһан олорор этибит. Дьиэ муннугун аайы быыс тардынан, тимир ороннор турар этилэр. Биһиги оҕолор муостанан, раскладушка оройунан утуйар этибит. Балаҕан киэҥ буолан бөһүөлэктэн киномеханик кэлэн киинэ көрдөрөр этэ. Мунньах буолар буоллаҕына эмиэ биһиги балаҕаммытыгар буолара. Онон бэйэтин туһугар балаҕаммыт сайылык кулууба эбит 🙂
Пермякова Тамара Федотовна: Үтүө күнүнэн. Балаҕаҥҥа икки сыл сайынын олорбут оҕо сааһым умнуллубат түгэннэриттэн кэпсииргэ сананным. 1968 сыллаахха сэттис кылааһы бүтэрээри сырыттахпына эдьиийим дьүөгэтэ Вера “сайынын тарбыйах көрө барыахха” диэн эдьиийбит кучуйа сатаабытын биирэ аккаастанан, кини оннугар мин барсарга тылламмытым. Кыраҕын диэн оччотооҕу биригэдьиирдэр ылымаары гыммыттарын ытаан туран барар буолбутум. Аны төрөппүттэрим бопсон көрбүттэрин күүс өттүбүнэн барарга быһаарыммытым. Оччолорго үлэҕэ үөрүйэх этим, төрдүс кылаастан юннатскай станцияҕа сибэкки көрөн, кыыл харайан, сайыны супту буор үлэтигэр үлэлээн бастыҥ юннаттар ахсааннарыгар сылдьарым.
Сайылыкка көһөр күммүтүгэр тракторынан Быыра диэн сайылыкка көһөрдүлэр. Сайылыкпытыгар биир ампаар дьиэ, балаҕан уонна нууччалыы тутуулаах улахан эргэ баҕайы дьиэ баара, онно элбэх оҕолоох Максимовтар сайылыыллара. Ампаар дьиэҕэ Трофимовтар, онтон биһигини соҕотох кыыс оҕолоох Николаева Мария диэни кытта балаҕаҥҥа олохтоотулар. Буор муосталаах, быыс диэн суох, аны санаатахха оһоҕо да суох эбит, оннук балаҕаҥҥа олорбуппут. Балаҕаммытын ууну омурда-омурда ыһан харбыырбыт, уот диэн хантан кэлиэй, күһүөрү чүмэчинэн сырдатынар этибит.
Ол гынан 50 тарбыйаҕы харайан барытын 100% иитэн, хамнас аахсан дьоммутугар көмө дьон буолбуппутуттан наһаа астынарбыт. Санаабар элбэх да хамнаһы ылар этим, кэлин санаатахпына 3 уонна 1 солкуобайдаах кумааҕы харчынан биэрэр эбиттэр.
Ол сайылыы сылдьан биир доярка Быыраттан тэйиччи Уһун Күөл диэки хайысханан «Таракан өтөҕөр» доҕор гына илдьэ барбыта. Онно дьиэлээх хаһаайын Байбал эмээхсининээн иккиэйэҕин олороллоро. Балаҕан дьиэҕэ чугаһаабыппытыгар ыттара үрэн баргыйбыта уонна маҥан баккылаах, үрдүлээх уһун кырдьаҕас тахсан кэлбитигэр хайдах эрэ толло-куттана санаабытым. Балаҕаҥҥа киирбиппит уҥа эттугэр кеөмүлүөк оһохтоохторо, ол кытыытыгар долбуурга аҕыйах иһит ууруллан турара. Аан утары остуол, истиэнэни кыйа нааралар, остуол уҥа өттүгэр былыргылыы мас, наһаа кырасыабай оҥоһуулаах улахан сундуук баара. Кыра муҥур быыс нөҥүө орон баарын өйдүүбүн. Эмээхсин дьон кэллэ диэн остуол тарпыта, саха лэппиэскэтэ, арыы уурбута быһыылааҕа уонна долбууртан иһит ылан бүлүүһэтин силлээн баран ырбаахытын тэллэҕинэн сотон кэбиспитин көрөн кээһэн, чэйдээбэккэ таһырдьа тахсан барбытым. Балаҕан муостата суоҕа, буорунан олорор эбиттэрэ. Бу икки кырдьаҕас кыһыннары кыстыыр этилэр, оҕонньор хам-хаадьаа сэлиэнньэҕэ киирэн тахсар эбитэ үһү. Сүрдээх уус эбит этэ – мин дьонум остуол, ыскаап, ыскамыайка, олоппос оҥотторон ылбыттара билиҥҥэ диэри баар. Кэлин бэйэбит балаҕан туттарбытыгар ол сылдьыбыт балаҕаным көмүлүөк оһоҕун үтүктэн, киирэр аан уҥа өттүгэр муннукка туттарбыппыт. Онон дьиҥнээх балаҕаҥҥа икки сайынын олорон ааспыттаахпын.
Людмила: Биһиги хойут, Папанин сайылыгар эмиэ балаҕаҥҥа олорбуппут. Муостата мас этэ. Киэһэ өттүгэр мотуорунан сырдатынар этибит. 1980-с сылларга, ийэлээх аҕам баалларыгар, оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр.
Петрова Светлана Гаврильевна: Мин биэстээхпэр-алталаахпар олорбуппун бу баар курдук өйдүүбүн. Ити 1948-1949 сыллары. Онтон бөдөҥсүйүү буолан 1953 сыллаахха кыстык дьиэбитин Чуукаар Эбэтигэр көһөрөн олохсуйбуппут, баппат буоламмыт туруорбах аан дьиэ тардыбыттара, көмүлүөк оһохтоох. Саалатыгар билиитэ оһохтооҕо.
Аал оҥоһуга диэн аҕам бэлэсипиэт атыыласпытын арааматын икки ардынан атахпын уган педалын тэбэргэ үөрэнээри элбэхтик охторбутум буолуо. Бөҕөтүн билигин сөҕөбүн. Мин эрэ буолуо дуо, сайылык оҕолоро бары миинньэргэ үөрэнэллэрэ. Дэлэҕэ аҕам биир үбүлүөйүгэр Сүөдэр Наһаарап «Бөтүрүөптэр бэлэсипиэттэрэ түүннэри-күнүстэри сүүрэр быһыылааҕа» диэ дуо. Аҕам оҕолорго олус сымнаҕас эбит, мөхпүтүн отой өйдөөбөппүн, бэлэсипиэппин тыыппыккыт диэн. Дьиҥэр кытаанах учуутал диэн аатырара.
Татьяна: Биһига кыстыыр былыргы балаҕаҥҥаолорбуппут. 2-с кылаастан 7-с кылааска диэри. Оччолорго кыраһыын лаампата этэ. Онтон 3-һү бүтэрбит кэннэ уот киирбитэ. Бу балаҕан борохуот маһыттан тутуллубут этэ. Элбэх баҕайы төгүрүктэрдээх этэ. Ити 1962-64 сыллар. Кэлин дьиэ туттан көспүппүт. Тула өттө барыта орон, үүт уурар хоспохтоох этэ. Сороҕун көтүрэн орон туруорбуттара. Атыылаабыттара. Кэлиҥҥи дьон иһин өссө уларыппыттара. Билигин да турар, көҥдөйө. Аҕыйах сыллаахха диэри отой үчүгэй этэ. Бу Мэҥэ-Хаҥалас, Төхтүр бөһүөлэгэ. Аҕынным Татыйаас-Күбэйэ.
Никитина Яна Дмитриевна: Наһаа да үчүгэй ахтыылар! Ээх, мин балаҕаҥҥа олорботоҕум.
Егоров Борис: Балаҕанна тутун, сайын наһаа үчүгэй.

Никитина Яна Дмитриевна: Мечтам. Туолар ини диэн эрэнэбин.
Куочайбын: Наһаа үчүгэй тема, суруйан иһиҥ. Мин эбээлээх эһээм балаҕаныгар өрөмүөн кэмигэр улахан сундуукка тэллэх быраҕан баран хонооччубут.
Петрова Светлана Гаврильевна: Дьиэбит тээбиринэ уһун орон, икки тардардаах улахан остуол, хаҥас кыра остуол, дьиэ үрдүгэр тиийэ сыһар хаһан оҥоһуллубут хара кырааскалаах мас ыскаап, от күөх, араҕас кырааскалаах сундуук, кырыы дьааһык, ампаарга икки отсектаах куорам, кыра аанынан хотоҥҥо тахсар аан кэннигэр хотоҥҥо киирэр холлороон курдукка даардалаах бурдук тардар суоруна. Иһиппит-хомуоспут алтан олгуй, ытарчалаах отут алаадьы киирэр хобордоох, таҕаан, улахан, кыра чугуун, туой боччук, суунар сылабаар курдук быһыылаах урукумуонньук, тимир лахаан, тимир хомуос, уһааттар, мас кэлии, ыаҕастар, ыаҕыйалар, чабычахтар, чорооннор, балхах. Саа-сэп, ардьаах, туу, чааркаан арааһа, саастык о.д.а. элбэх эбит.
Пермякова Тамара Федотовна: Элбээтэххинэ балаҕаҥҥа тахсаҕын, итии күҥҥэ сөрүүнэ оһуобай. 2017 сыллаахха туттаран, абыранныбыт.

Петрова Светлана Гаврильевна: Хаһан оҥоһуллубут ойуулаах иһит ыскааба. Өссө күөбүл диэн устуруус курдук эмиэ баара, ачарбаас, эрэһэ элбэх буоллаҕа!
Татьяна: Урут дьиэҕэ мал-сал аҕыйах буолара. Барыта мас уустара оҥорбут олоппостор, ыскаап, остуол, сундуук , кыра хомуот эрэ. Кэлин тимир ороннор. Ол гынан баран мин төрөппүттэрбэр икки балтараа кэриҥнээх тимир ороннор баар этилэр. Биирэ туох эрэ ойуулаах, ону хайыта тыыттахха миэл курдук тахсар.
Юрий: “Эрэһэ” диэни ааҕаммын хата оҕо сааспын санаатым. Мин Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн бараммын эрэһэ көрдөһөммүн күлүүгэ барбыттаахпын. Ол аата туоххунуй диэннэр. Үөһээ Бүлүүгэ лаппаарыкы диир эбиттэр. Дьиэ тутарга бэрэбинэни илиинэн үүттүүр тэрил. Ручной дрель диэххэ, чэ.
Мария: Бүлүүгэ лаппаары дииллэрэ.
Юрий: Сыып үүттүүр. Наһаа үчүгэй ахтыы, дойдум туһунан билбэтэхпин билэбин.
Татьяна: Биһиэхэ сындрыапкы диир этилэр дуу, хайа сах.
Юрий2: Биһиги сыындара диибит.
Айсан: Биһиэхэ сондуруоппа диир этибит. Эмиэ туох диэн эбитэ буолла, центровка буолуо?
Андреев Борис Ильич: Түөлбэлии ааттааьын буо, сойутар диэни киин улуустар үрүҥ чаанньык дииллэр дии.
Людмила: Сунтаардар сойутар диибит.
Андреев Борис Ильич: Куубугу тыаҕа таһаар диибит.
Людмила: Аһаа. Атын улуустар инньэ диэбэттэр.
Андреев Борис Ильич: Ону олох өйдөөбөттөр.
Людмила: Аһаа.
Мария: Куубук диэн тугу ааттыылларый? Бүлүүгэ күөһү тыаҕа таһаар диэн баар.
Людмила: Көстүрүүлэ. Миин буһарар.
Андреев Борис Ильич: Көстүрүүлэ.
Егоров Василий Федотович: Эдэрбэр абитуриенныы сылдьан Сунтаар уола Кеша Семёнов 14 корпуска, хоһун умнубуппун, “куубукка эт хааллардым, буһараарыҥ” диэн сурук хаалларбыт этэ. Мунаахсыйыы буолла, туумбаны арыйа баттаан көстүрүүлэ иһиттэн эти булан ыллыбыт. Киһи мунаахсыйар элбэх мала да суох буоллаҕа дии. Ол эрэн куубук диэн туумба эбитэ дуу, көстүрүүлэ эбитэ дуу диэн бэйэтэ кэлэн быһаарыар диэри билбэппит.
Андреев Борис Ильич: Ньурбаҕа бастаан үлэлии кэлэрбэр дьон “дэлби үгээрдээтибит” дииллэрин олус чаастатык истэбин, хайдах оһохторун сатаан саппат дьонуй дии саныыбын. Онтум кэлин билбитим “тумуулаатыбыт” диир тыллара эбит.
Людмила: Мин эмиэ. Үкээрдээтибит дииллэрин дьиктиргиир этим.
Егоров Василий Федотович: Түөлбэ тыллар син балачча элбэхтэр да, син быһаарсан сырыттахпыт дии. Ыкса ыалларбыт буряттар, эбэҥкилэр тылларын диалектара элбэх буолан сорох түгэннэргэ отой өйдөспөппүт диэччилэр.
Андреев Борис Ильич: Хотугулар сахалыы тылларыгар киһи тута өйдөөбө тыллара элбэхтэр.
Сахая Чакыр сиэнэ: Оннук 🙂
Пермякова Тамара Федотовна: 1980 сыллаахха кийиит буолан Уус-Алдан Бороҕонугар тиийбиппит. Дьиэтээҕи эбээлэрин кытта кэпсэтэ сатаатыбыт, бүтэһигэр эбээлэрэ «чэ, син кэпсээннээх эбиккин да, тугу да өйдөөбөтүм» диэн кэлэппитэ. Онно этэ дии, үрүҥ чаанньык уонна атын билбэт тылларбын саҥарбыттара. Аны туран мин көрдөхпүнэ пиалаҕа оҕолор тобохторун уурбут этилэр, ону остуолтан туран баран кэргэммиттэн «ити тоҕо тобоҕу уурбуттарый» диэн ыйыппыппын күндү астара диэн быһаарбыта. Онон улуус-улуус аһа туһунан эбит диэн өйдөөбүтүм.
Людмила: Ээ.
Василий: Лаппарыйа.
Андреев Борис Ильич: Бу тугуй. Ити лаппарыйа диэни ыйытабын, атыны баттаабыппын.
Карпов Семён: Сыындараны үөһээ бүлүүлэр итинник ааттыыр үһүлэр. Дьиэ сыыбын үүттүүр дрели.
Владислав Петрович: Сунтаар Аллыҥатыгар Лаппарыйа Миитэрэй диэн улахан уус баара.
Петрова Светлана Гаврильевна: Таҥаспыт-саппыт – эһэм эһэ тэллэхтээх, аҕалаах ийэм түү бэриинэлээхтэр, тус-туспа утуйаллар, эһэм уһун ороҥҥо, аҕам аах мас оронноохтор. Оҕолор сорохпут ийэбитиниин, арыый улааппыт аҕабытыныын, өссө улааттаҕына таба түүтэ матараастаах туспа оронноноҕун, сорох түппээккэ сытар. Бырастыына, пододеяльник диэни билбэппит даҕаны! Эбэм бохуот ороҥҥо токуллан ыытааччы. Эһэм таба арбаҕастаах, бары эмчиирэлээх этэрбэһинэн, сайын оҕолор ынах тириитэ түүппүлэнэн, үксүн атах сыгынньах сылдьабын. Аҕабыт эрэ хром, шевро саппыкылаах, бачыыҥкалаах буолааччы.
Бары этэрбэһинэн … биэс уонус сыл ортотун диэкинэн бота, иичики диэн атыыга кэлэр буолбута. Ол бота хобулук курдуктааҕын маһы сөп түбэһиннэрэн оҥорон уган биэрэллэр, сайыны быһа онон халлырҕатыы. Киһи атаҕын уутун обороро накаас. Хаарбаһынан таһаҕас кэлэр. Сатаҕай таҥас үксэ буолар. Дьыгынаал, тиит, быттаах бээс, сукуна. Дьыгынаалынан чылыгырыайка тигэн биэрэллэр. Үксүн куобах, тииҥ өрөҕөтө бэргэһэлээх, кырдьаҕастар моойторуктаах буолаллар. Саарт оннугар вафельнай соттор кэлэрин бааналлар, эр дьон. Куобах истээх үтүлүк, куллука абырааччы.
1962 сыллаахха Туора Күөл тырахтарыыс уолугар эргэ тахсыбытым. Атыыласпыт балаҕан дьиэлээҕэр ийэтинээн, быраатынаан олороллоро. “Туруорбах балаҕаннаах этиҥ” диэтэххэ: «Эн этэҕин! Дьон үксэ бас билэр дьиэтэ суох этэ, улаханнык ааттаһан Элээкэп Охонооһойтон 200 солкуобайга атыыласпытым», – диэччи. Олус ыраас тутуулаах дьон туппуттара барыта уурбут-туппут курдук, утуйар икки хос хаптаһынынан быыһанан оҥоһуллубут, истиэнэни кыйа мас нааралардаах дьиэ этэ. Миэбэл, остуолтан ураты, туох да наадата суох эбит. Сөбүргэнэтэ иһит долбуурдаах, көхөлөрө барыта баар!
Иванов Юрий Егорович: Лаппарыйа – сверло.
Андреев Борис Ильич: Сонтуруопка – сунтаардыы. Дьэ эрийэн эрийбит сэбим.
Петрова Светлана Гаврильевна: Бу мин аҕам 2005 сыллаахха тахсыбыт кинигэтиттэн. Дьон олоҕу бүгүҥҥү күн курдук өрүү этэ диэх курдук саныылларыттан бэркиһиир да буолара! Сайдыыны мэлдьэһэллэриттэн сөҕөрө.
Айсан: Бэҕэһээҥи кэпсэтиини салгыыбыт.
Юрий: Хата бэрт. Билбэтэхпин билэбин.
Айсан: Электричество хойут кэлбит эбит, онуоха диэри дизелинэн уоттанан олоруу. Ол кэми эмиэ хапсыбыт эбиппин, киэһэ уот бараары мөлтөөтөҕүнэ: «Борокуоппа-ай, барыма-аа, Борокуоппа-ай, барыма-аа», — диир этибит. Ол кэнниттэн арахсара. Ити 1970-с сыллар саҥалара. Ол дизели үлэлэтэр киһи Борокуоппай диэн буоллаҕа. Онтон ЛЭП кэлбитэ, ити 1974 с. быһыылааҕа.
Сахая Чакыр сиэнэ: Улаханнык өйдөөбөт эбиппин. Сити сыллары, уота суох олорорбун. Эрдэ утуйарбыт буолуо дуу.
April: 11 чааска үстэ чыпчылыҥнатан баран ылар этилэр уоту, дизели арааран. Эрдэ утуйарбыт.
Юрий: Оннук. ТВ, төлөпүөн суох кэмэ этэ. Чүмэчи уотугар түүн кинигэ ааҕан мөҕүллүллээччи. “Хотугу сулуһу”.
Петрова Светлана Гаврильевна: Сылабаар өрүүтэ диэн үлэ баара. Үөттүрэҕинэн көмүлүөк оһохтон чох тардаҕын, кыпсыынынан уоттаах чоҕу ытыттаран ылан турбатыгар угаҕын, толору. Чоҕо аҕыйах буоллаҕына тымтык уган биэрэҕин, умайбытын кэннэ эрдэ бэлэмнэммит умуллубут чоҕу, ол аата көмөрү, угаҕын. Онтуҥ умайан сылабааргын оргутар. Көмөрү эргэ улахан чугууҥҥа кыһыл чоҕу сыпсыынан хаалаан ыга хаппахтаан хараардаҕын. Онтугун сылабаар оргутаргар туттаҕын. Хойут атыыга атахтаах тушилка диэн кэлэр буолбута. Уларсыкка сылдьар баахыла буһарар тимир баара. Тыалыы барарга ыһык буолар баахыланы чох тардан буһараҕын. Харахтаах буолан тоҥ баахыла түргэнник ирэринэн абыраллаах ас.
Пермякова Тамара Федотовна: Хаппыт мас туорааҕынан оргутар этибит. Сайын оттуур сирбитигэр. Оҕо сырыттахха өссө маамабыт маарылаҕа суулаан салабаарыгар сымыыт буһарара, оччолорго кууруссалаах этибит. Салабаар чайа миинньигэһэ сүрдээх буолааччы.
Людмила: Ээ. Сайылыкка салабаарга уу оргутааччыбын. Биирдэ уу куппаккабын салабаары уулларан кэбиспитим. Хара чоҕунан туттааччыбыт.
Андреев Борис Ильич: Таһылынныҥ дуу?
Людмила: Ийэм талаҕынан кыратык. Бэһис кылааһы бүтэрбит сайыммар.
Андреев Борис Ильич: Профилактика.
Саргылана: Аан үрдүгэр «тыла суох учуутал» урут ыал аайы ыйанан турара… Быраатым барахсаҥҥа элбэхтэ «ыалдьыттаабыт» буолуохтаах, наһаа мэник буолан.
Людмила: Ээ.
Семён Иванович: Биһиги, уот бардаҕына, сайын билигин да ийэбит барахсан сылабаарын өрүнэ сылдьабыт.
Пермякова Тамара Федотовна: Дьонум салабаарын сайылык дьиэбитигэр хаалларбыппытын киирэн кранын илдьэ барбыт этилэр, онон оннук хаалбыта, чох салабаара этэ. Хомойбуппут иһин хайыахпытый, билигин да санаан ол дьонтон кэлэйэбин.
Людмила: Бүлүү ГЭС уота Сунтаарга 1973 сыллаахха кэлбитэ.
Ия Васильевна: Наһаа үчүгэй ахтыылар, махтанабын!
Андреев Борис Ильич: Салабаар диэн ыал улахан баайа этэ.
Семён Иванович: Сэниэ ыалларга хайдах эрэ ыал Далбар хотунун санатар көстүүлээх дьэс, алтан сылабаардар баар буолаллара. Көрүөххэ үтүө, астык да буолар этэ.
Андреев Борис Ильич: Салабаартан чаай кута олорор дьиэ хаһаайката бэйэтэ туһунан кэрэ көстүү буолара.
Егоров Борис: Чеканка оҥороору элбэх алтан салабаары алдьаппыт буолуохтаахпын, былыр.
Татьяна: Сылабаар туһунан эттэххэ, биһиги сүгэ олуга диэнинэн оргутар этибит, сайын. Синньигэс маһы сүгэнэн быһа охсон, оһох оттор этибит. Сайын устата ол бүтэр.
Зоя Егорова: Уонна саамай үчүгэй түгэн: сарсыарда дьонуҥ эрдэ туран оһох оттоллор уонна оһох умайар тыаһа, ийэҥ күөрчэх ытыйара уонна ботур-ботур кэпсэтэн чээй иһэллэрэ олус астык оҕо саас түгэннэрэ.
Татьяна: Оннук. Номнуо сылыйбыт дьиэҕэ тураҕын, бэлэми аһыыгын.
Андреев Борис Ильич: Бу балаҕаны ынах сааҕа өҥнөөх охранан кырааскалаан биэрдэххэ саамай сөп буолуо эбит, ити мин тус санаам.
Петрова Светлана Гаврильевна: Хамыйахпыт арааһа, быһахпыт-биилкэбит, ньуоскабыт, тэриэлкэбит эмиэ туспа кэпсээн. Мааны киһи ыалга таарыйбытыгар остуолга соркуой уурбуттар уонна «биилкэлэрбит сайылыкка хаалан хаалбыттар, луосканан бас» диэн буолбут. Үйэлэригэр биилкэлэммэтэх ыал үһү.
Сэрии иннинэ аҕам ийэбин сүгүннэрэн аҕалбытыгар ыалдьыттаабыт уруулара бары үрүҥ көмүс кыра, улахан ньуоска бэлэхтээн испиттэр. Алюминий ньуоска үөдүйбүтүн кэннэ, үрүҥ көмүс ньуоска ыйааһына ыарахана бэрдин иһин, аҕабыттан ураты ким да аһаабат буолбута. Сорох чаайынай ньуосканан мин Мэҥэ Хаҥалас Назаров диэн көмүс ууһугар сакаастаан балтыларбар барыларыгар түгэхтээх ытарҕа куттарбытым. Сыбаайбаларга ийэм бэлиэ диэн улахан үрүҥ көмүс ньуоскаларын уларсар идэлэнэ сылдьыбыта биир сыбаайбаҕа сүтэн хаалбыт. Ийэбиттэн эмиэ тугу эрэ куттараары ньуоска ыйыппыппар сибигинэйэн сүппүттэрин эппитэ. Куһаҕаны хаһан да улаханнык саҥаран кэпсээбэт эбиттэр, былыргы дьон. Онон аҕам аһыыр үрүҥ көмүс ньуоската уонна сэриигэ баран өлбүт таайым ньуоската уларсыкка барбаккалар, билигин биир балтыбар бааллар. Ити чеканкаттан сылтаан кэпсээтим, уус киһиэхэ тигистэ ини диэн.
Мөндүрүөнэй балык хотторор бүлүүдэлээх, ахсыыбытынан улахан, кыра эмиэ оннук тэриэлкэлээх буоларбыт. Бастакы хортуоппуйу улахан, эмиэ мөндүрүөнэй, тааска ньыһыйан тэриэлкэлэрбитигэр ууллубут арыы кутан, ол үрдүгэр күөх лууктаах ньыһыллыбыт хортуосканы ууран биэрэллэрэ минньигэһин!
Саҥа бурдук алаадьыта диэн эмиэ биир үөрүү буолара. Бааһынабыт улахан аҥарыгар ньэчимиэн бурдук ыһаллара. Күһүн буһан саһарбыт бурдук тыалга долгулдьуйа турара көрүөххэ үчүгэйэ бөҕө! Эһэм алаадьы сиир күҥҥэ эбэһээт, былыр хара ньамалааскай диэн бурдугу Ньурбаттан хабахха кутан таһааран ыһаллара, алаадьыта ураты минньигэһин кэпсиир буолара. Аҕабыттан ол туох бурдугун туоһуластахха маҕан ньамалааскай диэн эмиэ баар буолааччы диирэ. Сопхуоспар үлэлии сылдьан КОС-05 диэн сиэмэ ыраастыыр собуоту билсиһэ Ужурскай опытнай станцияҕа тиийэ сылдьыбыттааҕым. Онно станция начаалынньыга бурдук араас көрүҥнэрин, суортарын көрдөрдө. Хара кыллаах ньэчимиэни ылан баран: «А это ячмень голозерный Гималайский», – диэтин кытта ньамалааскай диэн саныы түспүтүм. Саппыйаҕа куттаран илдьэ кэлэн оскуола пришкольнай учаастагар ыһан турардаахпын. Хаҕа суох буолан, алаадьыта сэлиэһинэй бурдук алаадьытын курдугун эһэм хайгыыр буоллаҕа!
Андреев Борис Ильич: Саҥа бурдук алаадьыта диэн оһуобай быһыылаах, сэттэлээх уол алаадьы сиэри сүрэҕирэн-бэлэһирэн бурдук быстаралларыгар тохтубут куолаһы хомуйа сатыырым. Төһөнү хомуйарбын өйдөөбөппүн, сарсыныгар аҕам алаадьылаан, ийэбит суох баран, миигин киһиргэтэ-киһиргэтэ сиирбитин өйдүүбүн.
Людмила: Ээ.
Айсан: Былыргылыы балаҕаҥҥа олорбут кырдьаҕастары кытары соторутааҥҥа диэри кэпсэтэрим. Билигин суох буолбуттар, биир эмэ баара дуу. Балаҕан муостата суоҕа, били ырыаҕа ылланарыныы «муостата суох туой буор» эбит. Мин оннугу көрбүтүм, муостата суох балаҕаны. Буор муоста, пахай, бурҕаҥнаан дьаабы ини дии саныырым. Ону туойу тэлгэтэр эбиттэр, онтулара тааһыран, отой лыҥкыныы сылдьар кафель буолан хаалар эбит. Иһити-чааскыны туойтан оҥороллор дии, керамика, син ол кэриэтэ буоллаҕа. Онон былыргыларбытын киһи сэнээбэт, барбах аҕай кафель-плитка муосталаах дьон эбит. Харбыырга, сууйарга оһуобай, төһөнөн уу ыһаҕын-хайыыгын соччонон бөҕөргүүр.
Петрова Светлана Гаврильевна: Төрдүс кылааһы бүтэрэн баран Сабыатап кыыһа Ааналыын ньирэй көрө барар буоллубут. Алын кылаастарга сайын аайы оҕоруокка хаппыыста көрүүтүгэр, үһүс кэнниттэн оҕус сиэтиитигэр ыһыыга, паар көтөҕүүтүгэр үлэлиирим. Бороскуобуйа пиэрмэтигэр кыстаан баран Атахха сайылыы тахсар эбиттэр. Аҕыйах кэмҥэ кыстыкка ньирэйдэрбитин тутан үлэлээтибит. Оччолорго үөрэх ыам ыйын 18 күнүгэр бүтэрэ. Сайылыкка Саар Көстөкүүн күнүгэр таҕыстахпыт буолуо. Ынахтары, ньирэйдэрбитин үүрэн сай-сат бөҕөнү түһэрэн алта-сэттэ биэрэстэлээх Атахпытыгар, титииктээх сирбитигэр, тиийдибит. Саас барахсан буолан от-мас көҕөрөн, кэҕэ этэн, чыычаах ыллаан сырдыга, сылааһа сүрдээх. Оччолорго кырсы алдьатар массыына, тыраахтар суох. Суолбут ынах эрэ ыллыга. Элбэх сүөһү илдьи тэпсибит титиик эрэ таһа хара буолара. Күһүн улахан ардахтар кэмнэригэр бэрбээкэйгэр диэри бадараан буолааччы. Күрүө-хаһаа суох икки олорор дьиэ баара. Эмээхситтэр уоран салама ыйаабыттара быһыылааҕа. Алаадьы сыта алааһы тунуйбута. Отуччалыы ньирэйи көрөбүт. Кыралары суосканан, бороохтуйбуттарын биэдэрэнэн холбуй үүтүнэн аһатабыт. Сатаан биэдэрэттэн аһаабаттарын илиигин эмтэрэн биэдэрэ түгэҕэр кутуллубут үүккэ тиэрдэн үөрэтэҕин. Кэннигиттэн борооску кэлэн кэйэрэ биир суох. Онтон мэччирэҥҥэ аһата үөрэтэҕин. Ньирэйдэриҥ сырса сылдьар буолан хаалаллар. Күһүнүгэр дьээбэрэн биэдэрэни тыаһаттыҥ эрэ ыраахтан сүүрэн кэлээччилэр. Дэриэбинэҕэ ыһык ылына мин бэлэсипиэппинэн сылдьааччыбын. Ол сайын быыска тутааччы нууччалар уонна биир кумаардары үөрэтэр энтомолог учуонай кэлиилэрэ сонун этэ. Быыска нууччаларынан куттааччылар да, туох да куһаҕаны оҥорбуттара иһиллибэтэҕэ. Энтомолог пиэрмэҕэ хоно сылдьан аҕыйах күн пробиркаҕа кумаардары хомуйарын интэриэһиргээн көрөн, өссө кэпсэтэн ааспыттааҕым. Оччолорго нуучча кыргыттара учууталлар, биэксэллэр үлэлии кэлээччилэр, эр киһи биир да суох буолааччы. Онон да куттаныы баар эбит. Арыыһыт арыы ууллардаҕына төбүн сүтэрээри кыра хара бурдугу кутар уонна арыытын мөндүрүөнэй тааска сүүрдэр, түгэҕэр хаалбыт бурдуга саламаат курдук буолар. Ону үллэстэн сиибит.
Кырдьаҕастарбыт сүбэлээн-амалаан, мөхпөккө-эппэккэ ньирэйдэрбит бэркэ төлөһүйбүттэрин Үс Көлүйэ диэн сайылыкпытыттан икки-үс көстөөх сиргэ үүрэн таһааран бостуукка туттарбыппыт. Нөҥүө сайыныгар өссө миигин Варвара Григорьевна Ноговицына диэн зоотехник үөрэтэн үүт сыатын быһаарар племенной пиэрмэҕэ лаборанынан үлэлэппиттэрэ, отут солкуобай хамнастаах. Колхуостаах көлөһүн күнэ аахсар, онон отут солкуобай улахан үп курдук буолара. Аны Көппөхтөөх, Элгээн диэн көстөөх сиринэн тарҕанан олорор пиэримэлэринэн хонтуруолунай удой диэн үстүү хонон оҥорон үүттээх ынахтары быһааран кэлэҕин. Бэлэсипиэттээх буолан кыһаллыбат буоллаҕым. Итинник биир да сайын өрөөбөккө колхуоспар үлэлээн 50-60 көлөһүн күнүн аахсарым. Элбэх оҕолоох ыалга ол да эбии эт-ас буолуохтаах. Кылаабынайа үлэттэн саллыбат, куттаммат буола улааттаҕым, доруобуйам да бөҕөргөөтөҕө. Онон да баччааҥҥа диэри чыып-чаап дии олорор инибин!
Татьяна: Бу үчүгэй баҕайы маллардаах барыта оҥоһуу мас.
Никифоров Степан Андреевич: Мин ааттыын Алааска төрөөбүт киһибин. Отой кыра эрдэхпиттэн балаҕаҥҥа олорбуппут. Мин сайын буолан балаҕаҥҥа буолбакка, хотон күкүрүгэр төрөөбүт үһүбүн. Онон эбитэ дуу, хотон сытын наһаа сөбүлүүбүн. Кыбыстар этим. Арай биирдэ саха саарына Аркадий Алексеев мин хотоҥҥо төрөөбүтүм диэн кэпсээбитин истэн, ол онтум ааспыта. Ийэм холкуос хотонун үлэһитэ. Ыксал буоллаҕа. Балаҕаммыт сайын сыбаҕа тойдонон аччыыра. Өтөх сүөһүлэрэ ааһалларын истиэнэ аппыт хайаҕаһынан көрөрүм. Ордук атыыр оҕустар айаатыы-айаатыы ааһан куттууллара. Аны харсаннар өтөх буорун тибилийэллэрэ. Буорунан бүрүнэллэрэ. Муос муоска саайыллан орулаһыы бөҕө буолаллара. Дьиэм, балаҕаным “кириэппэс” сананан, ол онтубар эрэнэн хаххалаах буолан истиэнэ хайаҕаһынан кыҥастаһа көрөрүм. Күүстээх ардахха тэстэрэ. Кумаар сордуура. Түптэ куруук оҥороллоро. Ааны аһыы-сабыы миэхэ кутталлаах сохсо буолара. Балаҕан эркинэ иҥнэри буолара, аан онон кыра оҕоҕо сэрэхтээҕэ.
Саха балаҕана оҥоһуута түргэн. Аҕыйах хонуктаах үлэ. Үрүт буора халыҥ буолара. Ону чугастыы балаҕан ойоҕоһуттан ылаллара. Оҕолор оонньуур сирбит буолара. Кэлин икки ааннаах уопсай дьиэҕэ көспүппүт. Балаҕан хаалбыта. Хас да ыал олорор этибит. Килиэп суоҕа. Наар лэппиэскэ оҥороллоро. Ол эмиэ оҥоруута түргэн. Саха олоҕо күүстээх үлэни ыкса сибээстээх. Кэмэ да оннуга. Онон саха олоҕун үлэтин түргэнник, судургутук оҥорор дьулуурдааҕа. Ыалдьыттар утуйар таҥастарын илдьэ сылдьаллар курдук өйдөбүл баар. Ол уопсай дьиэҕэ олордохпутуна хаччы уларыйбыта. Мөһөөччүккэ биирдээх кып-кыра кэппиэйкэни ылан биэрэллэрин өйдүүбүн. Сабыс-саҥа кумааҕы харчылар сыттара да уратыта. Таһырдьа тутуу кэмчитэ. Кыра биир эмэ хоспох баар буолара. Оччолорго миэбэл, таҥас-сап кэмчитэ. Кыһын тоҥон хаалбыт “Московскай” буокканы күрдьүктэн киллэрэн ириэрэн иһэллэрин өйдүүбүн. Бөтүөҥҥэ кыһыл арыгы аҕалаллара. Онтулара хаппаҕынан тохтуон сөбө. Биирдэ миигин сүтэрэн кэбиспиттэр. Мин ол кыһыл арыгыны, ким эрэ ситэри испэтэх тобоҕун булан “аһаан” баран орон анныгар киирэн утуйан хаалбыппын.
Биирдэ Алааспыт икки өтөҕүн икки ардынан бүтэй тардаары баҕана дьаамаларын хаспыттара. Мин үстээх-түөртээх бэдик ол хаһыллыбыт дьаамаҕа төбөбүнэн түһэн хаалбыппын. Хата тута быыһааннар тыыннаах хааллаҕым. Хаһыллыбыт дьаамаҕа кутуйах түһээччи, бука ону көрө сылдьан түстэҕим. Алааһым балаҕанын туһунан үтүө өйдөбүл хаалбыта. Куобах суорҕаны сабынныбыт, бүрүннүбүт да кимнээҕэр дьоллоох суоҕунуу үөрэ сананарбыт.
Татьяна L: Үчүгэй да ахтыы. Төрөппүттэрим маннык олорбуттара буолуо дии санаатым. Өссө аһылыккыт туһунан сиһилии суруйбутуҥ буоллар, 1950-60-с сылларга тугу аһыыллара буолла.
Семён Иванович: Наһаа ис киирбэхтик, сүрэҕи ортотунан киирэр гына тиийимтиэтик оҕо сааскытын кэпсиигит, барыта хараххар көстөргө дылы. Астык ахтыы, кэпсээн, махтал диэххэ. Биир тылы Светлана Гаврильевнаттан чуолкайдаары гынабын, ити «мөндүрүөнэй таас иһит» диэн хайдах иһити этэриҥ буолла, биһиэхэ иһиллибэттэх тыл, ол иһин ыйытабын.
Sofya: Монньуруонай солуур диэн ааттыыллара.
April: Эмалированнайы итинник дииллэрэ.
Пермякова Тамара Федотовна: Эмалированнай биэдэрэ.
Семён Иванович: Ээ, сөп, өйдөөтүм, махтал, сахалыы таттаран ааттаатахтара.
Татьяна L: Эмалированнай иһити монньуруонай, мөндүрүөнэй диэн саҥаран сахалыы тылбытын байытыыһыбыт.
Людмила: Биэдэрэни солуур диибит.
Никифоров Владимир Семёнович: Ол саҕана тылбыт итинник өҕүллүбэт этэ буоллаҕа. Хаһан истибит, көрбүт иһиттэрэ буолуой, барахсаттар.
Татьяна L: Мөндүрүөнэй солуурчах.
Людмила: Сэрии кэнниттэн, 1950-с сыллартан атыыга тахсыбыта буолуо.
Пермякова Тамара Федотовна: Тоҕоо, былыргы өтөххө сиҥнэн түспүт оҥкучахтарыгар эмалированнай сойутар уонна хараҥа халлаан күөх кувшин баарын көрбүппүт. Ол өтөххө атыыһыт аймахтарбыт инньэ 19 үйэ саҥатыгар олорбут өтөхтөрө этэ.
Людмила: Ээ. 19-с үйэттэн атыыһыттар аҕаллахтара.
Пермякова Тамара Федотовна: Сунтаардар истибиккит дуу? Лука Фёдорович Егоров диэн Чүбэчээн өтөҕөр олорбутун.
Людмила: Истибэтэҕим. Ханнык нэһилиэккэ?
Татьяна L: Үчүгэй да ахтыылар. Светлана Гаврильевна ханнык дойду сайылыктарын ааттаабытыҥ буолла. Оҕо сааһыҥ хас сыллардаахха ааспытай?
Юрий: Ньурба Чуукаара.
Татьяна L: Ээ, мөндүрүөнэй диэн ньурбалар тыллара буоллаҕа.
Анатолий: Аммаҕа эмиэ мөндөлүөннэй диибит.
Петрова Светлана Гаврильевна: Пятницаттан кирииптээн, дьиэҕэ хаайтаран, ностальжи бөҕө буоллум, салгыталаатым быһыылаах. Ньурбаҕа Чуукаар диэн сэттэ кэриискэ Ытык мырааннаах үтүө дойдуттан төрүттээхпин. Аҕыйах сылтан Өркөн Лөкөөрүн диэн төрүттэрин дойдутун булан туристическай маршрут тэрийэн дьон-сэргэ элбэхтик сылдьар буолла. Икки түмэллээх. Биирэ «Олох оҥостуута» диэн краеведческай, биир чааһынай түмэл. Быйыл нэһилиэк 190 сыллаах үбүлүөйдээх икки күннээх ыһыаҕа буолуохтаах.

Юрий: Бу баар, сэттэ кэриискэ мыраан. Чуукаарбыт киэн туттуута.
Никифоров Владимир Семёнович: Эмалированнай Кытайтан ини. Оҕуруо, даба таҥас аҕалбыттара ырааттаҕа.
Пермякова Тамара Федотовна: Сунтаар Тойбохойо.
Айсан: Бэркэ ахтыбыккыт. Мөндүрүөнэй биэдэрэ – итинник диир этибит. Оттон мэмэһээни туох диир этигитий? Отон хомуйарга кыра иһит. Онтон улахаҥҥа кутаҕын. Атын оройуоннарга суолтата эҥин атын эбит. Мэһэмээн о.д.а.
Петрова Светлана Гаврильевна: Ньурбаҕа. Сунтаарга эмиэ Чуукаар диэн сир баарын оҕо сааһым дьүөгэтиттэн Вера Спиридоновна Кузьминоваттан истибитим. Кэргэнинэн Иванова. Дархан үҥкүү тыла этээччи Юрий Егорович Иванов кэргэнэ этэ. Хаарыаннаах табаарыстарым билигин суохтар.
Мадьаайах диибит, отон ылҕыырга туттарбытын.
Людмила: Мэмэһээн диэн кыра иһити ааттыыбыт.
Владислав Петрович: Мондьуруобаннай диэччибит. Мэһэмээн.
Людмила: Дьоҥкуо иһит.
Пермякова Тамара Федотовна: Мэһэмээҥҥэ куруусканы да ылыахха сөп, туоллаҕына улахан биэдэрэҕэр илдьэн кутаҕын.
Людмила: Оннук.
Владислав Петрович: Дьоҥкуо, лампыһыай, баласкаай, чаалбаан, хочуоҥка, хорчуоппа.
Айсан: Мэһэмээн диэн кырдьык сөп буолуо, безмен диэни майгыннаттылар ини, бу санаатахха.
Владислав Петрович: Оһуокайы дьуохар дииллэрэ. Кыра нэһилиэктэргэ ыһыах оннугар “Кымыс үрдэ” диэн ыыталлара.
Людмила: Аһаа. Кырыыҥка. Оскуома. Оҥкучах.
Куочайбын: Дьуохар бүрээттэрдии эбит дии.
Петрова Светлана Гаврильевна: Биэс уонус сыллар ортолоруттан биһиэхэ таһаҕаһы баржалаах катерынан аҕалан биэрэккэ сүөккүүллэрэ. Кууллаах бурдук, саахар ыстаабалланан биэрэккэ турар буолара. Табаары сонно маҕаһыыҥҥа таһааран атыылыыллар. Торукуо, түүлээх торукуо, быланьыал хамаҕатык барар табаар. Таҥнар таҥаспыт үксэ итинтэн буоллаҕа! Аҕыйах куһуок крепдешин, креп-жоржет, эпонж диэн матырыйаал кэлэрэ сыаната бэрт буолан ким да ылбакка сылы-сыллаан сытар буолара. Кытай сибиинньэтин кэнсиэрбэтэ, абрикос компот баар буолааччы. Олох хойут, колхуостаахтар хамнастарын харчынан ылар буолуохтарыттан эрэ ойоҕос тостор уочараттаах атыы баар буолбута. Таһаҕас кэлэрэ да элбээтэҕэ дии!
Клавдия: Сааны чуор диир этилэр.
Юрий2: Мэһэмээни бадьыыр диибит, отон хомуйарга. Ханнатын суруйан иһиэ этигит.
Айсан: Биһиги сайылыкка олордохпутуна маамабыт мэһэмээнэ үс лиитэрэлээх эмалированнай бөтүөн буолара. Ону толорон охсон баран тимир баалынайга кутара. Оннук баалынайынан тахсан отонноон, сайылык дьиэтин таһыттан соһон киллэрэрбит. Ити биир отоннооһун. Оҕолор элбэхпит бэрт буоллаҕа. Аны санаатахха, кытаанах отоннооһун диэбэккит дуо.
Юрий2: Бүлүү Күүлэтэ.
Пермякова Тамара Федотовна: Элбэх отон эбит, доҕор. Тэллэйи паапабыт улахан корзинанан хомуйааччы, ону маамабыт 20 лиитэрэлээх баахха маринуйдуур идэлээҕэ.
Андреев Борис Ильич: Американскай бурдук куулунан тигиллибит ыстааны оскуолаҕа киирэргэ кэппит киһи баар дуо? Мин кэппитим уонна санаабар саамай мааны уол этим.
Степан Кирсанов: Отоннуурга оҥоойук.
Людмила: Сунтаарга сайылыкка мөндөрүөбүнэй солуурунан дьэдьэни хомуйааччыбыт. Аһара үүнэр этэ. Ийэм 20 лиитэрэлээх куубукка дьэдьэн барыанньатын буһаран, заготовкаҕа туттаран көбүөр ылбыта. Истиэнэҕэ билигин да ыйанан турар. Отону биир сырыыга солуурунан элбэҕи хомуйар этибит. Лапса фанера тааратыгар кутааччыбыт, макарон таарата баар буолааччы, фанера.
Иванова Наталья Семёновна: Ийэм колхуос саҕана ол оннук маҕан куулу тиит хатырыгын оргутан кырааскалаан баран, дьууппа тиктэн кэтэр этибит диэн кэпсиирэ.
Людмила: Ээ.
Петрова Светлана Гаврильевна: Джут куулу өһүлэн куйуур былаат баайаллара. Хатыылаах да буоллар объёмнай баҕайы! Куруһуба курдук ойуулаах, бытырыыстаах, мааныга бааналлар.
Ыраах үрэх баһа дойдуга, Маайга олорон американскай саахар атыылыылларын амсайбыттаахпын. Сахарнай пудра курдук мэлии, минньигэс баҕайы эбит этэ. Тойуу саахартан амтана ордук минньигэс этэ. Сыттык кэмпиэттэн атын кэмпиэт оччолорго суох. Сакалаат диэни ким да билбэт эһа. Ити 1952 сыллаахха.
Анатолий: Баһылай Гольдеров дьэдьэнииригэр үс киилэлээх бөтүөн мэһэмээннээх буолара. Иһитэ мөндөлүөннэй биэдэрэ. Сүрдээх сир асчыт киһи этэ. Биир сыл 11 биэдэрэни хомуйдум диэбитэ. Биһиги мэһэмээни оҥоойук диэччибит.
Семён Иванович: Ээ, сөп, мэһэмээн диэни мин арыы хаһаанар тирии оҥоһугу саныыр этим, онтон оҥоойугу билэн бөҕө.
Юрий2: Өс хоһооно баар дии, отонноотоххо оҥоойук туолар диэн.
Николаева Тамара Семёновна: Бадьыыр дииллэр бүлүүлэр, оҥоойук дииллэр чурапчылар.
Пермякова Тамара Федотовна: Өр сыллаахха Аммаҕа дьэдьэннии барбыппытын биир тётя «сунтаардар бэйэҕит баалынайынан дьэдьэнниир эрээригит биһи дойдубутугар кэлэҕит» диэн саҥарбыта, онно билбитим Сунтаар дьэдьэннээҕин. Биһи диэки суох, үүммэт ээ.
Николаева Там Семёновна: Сугуҥҥа кубаайыл диэни тутталлар.
Никифоров Владимир Семёнович: Куйаабыл буолуо. Туоһунан оҥороллор.
Пермякова Тамара Федотовна: Аны кытайдар тимиринэн оҥороллор дии. Инникитин саныыр киһи аһара куйаабылламмата сөп, ол кэннэ үүнээйиҥ мөлтүүр буо.
Владислав Петрович: Мөлтөөбөт. Отон угун силиһэ алдьаммат.
Зинаида Николаева: Мадьаайах эмиэ диэччилэр…
Татьяна Корнилова: Өлүөхүмэҕэ бадьаайах диибит. “Под ягод” диэнтэн таһаарбыттара буолуо.
Пермякова Тамара Федотовна: Уктуун-баҕастыын үргүүллэр дии, илдьэ сылдьар дьоммун куйаабыллаах кэлбит буоллахтарына бопсобун, доҕор.
Степан Кирсанов: Мэһэмээн диэн былыргы ыйааһыҥҥа баар иһит диэн өйдүүбүн.
Людмила: Кэлин сир аһа мөлтөөбүт. Былырыын хаптаҕас эрэ үүммүтэ, отон үүммэтэҕэ. Куйаабыллааннар алдьаталлар, ол кэннэ үүммэт.
Анатолий: Ол дьылыттан тутулуктаах, сир аһа.
Владислав Петрович: Дьэ быйыл аһара быйаҥ сайын кэлэр диир, Тускул.
Карпов Семён: Куйаабыл диэн туоххут буолла?
andrejeverstov: Отон үргүүр 🙂
Юрий2: Сугуну охсор.
Людмила: Куйаабыл-комбайн. Отон хомуйарга тутталлар.
Семён Иванович: Куйаабыл диэн уһун, унньуҥнаабыт киһини ааттааччылар.
Татьяна: Үтүө киэһээнэн. Биһи биэдэрэни хочуол, огоойук – кыра отоннуур иһит. Урут оҕо эрдэххэ. Билигин итинник саҥараллара дуу. Мэҥэ.
Анастасия: Эмалированнай иһити лаахтаах иһит диибит, отоннуур оҥоойук, киэҥ айахтаах лаппычах туос иһити мэһэмээн, чабычах, кыра биир киилэлээх хороҕор туос иһити мээрэй диибит.
Николаева Тамара Семёновна: Куйаабылынан сугуну охсон ылаллар/ Сугун туллан солуургар түһэр. Үөһэнэн охсоллор, силис тыытыллыбат. Комбайн куйаабыл буолбатах.
Карпов Семён: Ээ, комбайн диэччилэр. Куйаабылланан отоннуу бардым диэтэххинэ өйдүө суохпун. Кыйабылланан уһун киһи, эбэтэр туох эрэ уһун куйаабылланан түһэн диэни истэр буоларым.
andrejeverstov: Комбайны куйаабыл диэн сахатыппыт буолуохтарын сөп.
Людмила: Оннук буолуо.
Владимир: Үөһээ Бүлүү уҥуоргу тыатабын, биһиэхэ эрэһэ дииллэр.
andrejeverstov: Эрэһэ диэн, лаппарыкы диэни саҥа истэбин.
Владимир: Куйабыл диэн сугуҥҥа туттуллар, туоһунан оҥорон биэртэ аҕабыт, уһун уктаах сугуҥҥа бэрт быһыылааҕа. Конус образие.
Пермякова Тамара Федотовна: Ол куйаабылыҥ сугун сэбирдэҕин кытта ылар буо, ону ыраастыыр эмиэ үлэ ээ. Уонна сугун түргэнник тэстэр, оччоҕо сэбирдэҕин ыраастыыр уустугурар. Отоҥҥо үчүгэй эрээри, отон сэбирдэгин төрдүттэн ылар.
Юрий: Куйаабыл сатаан охсор киһиэхэ сугун саһарбыт эрэ сэбирдэҕин ылар, онон буортуну оҥорбот.
Пермякова Тамара Федотовна: Билбэтиим.
andrejeverstov: Бэйэм толкуйбар биһиги өбүгэлэрбит айылҕаны харыстыыр дьон, онон айахтарыгар куйаабыла-таймата суох илиилэринэн да хомуйан кэллэхтэрэ. Ити кэнники элбэҕи хомуйар сыалтан туттуллубут тэрил. Айылҕаҕа варварскай сыһыан, атыы-тутуу баар буолуохтарыттан туттуллар буолбут тэрил буолуон сөп.
Адамов Иван Николаевич: Куйаабыл хотулар сир астыыр тэриллэрэ. Охсубаттар. Сугун, моонньоҕон ситтэхтэринэ таарыйдыҥ даа тохто турар буолбут кэмигэр, оргууй аҕай хамсатан куйаабулга түһэрэн ылаллар дииллэрэ. Куйаабылынан ыам кэмигэр балыгы эмиэ охсоллоро үһү. Аныгылар комбайн дэнэллэр дии.
andrejeverstov: Бу тугу кэпсээбитиҥ буолла, балыктыырга комбайн диэни тутталлара, элбэх күрүчүөктэрдээх, уонна атырдьах курдук атара диэни тутталлара. Ыам кэмигэр былыргы өбүгэлэрбит собону балыктаабаттарын билэбин, ол туһуттан оройго охсуллан өйдүүбүн.
Юрий: Дьэ саамай балыктыыр кэмнэрэ дии. Сэниэ ылар.
Адамов Иван Николаевич: Сииллэригэр эрэ сөбүгэр ылаллара.
Петрова Светлана Гаврильевна: Балыктаан бэйэлэрэ сииллэр, ыалларын хааччыйаллар. Билиҥҥи курдук собону атыылаабаттар, аньыырҕыыллар.
Адамов Иван Николаевич: Оннук.
andrejeverstov: Онтон баҕар эһиэхэ буолуо, биһиэхэ тыыттарбаттара, ыам бүттүн диэн буолара.
Анатолий: Урут сут дьылга ыам диэбэт буоллахтара. Оннук саба охсон ылар сэптээхтэр эбит. Ардьаа диэн курдук өйдүүбүн. Биһиги оҕо сылдьан биирдэ түбэһэн от быыһыттан биирдэ сиири тиит мутугунан охсон ылбыппыт.
andrejeverstov: Ардьа диэн туу, тугу эрэ кэпсиигит.
Анатолий: Оччоҕо атын ааттааҕа буолуо.
Юрий: Ардьаах.
Петрова Светлана Гаврильевна: Ардьаах диэн киэҥ арыттаах собо киирэр туута.
andrejeverstov: Ардьа. Ыы тахсыбыт собону тугунан баҕарар баһаҕын. Кэбээйигэ Ньидьили эҥэр улааппытым, оҕо эрдэхпиттэн ардьаны, тууну бэркэ диэн туттубут тэриллэрим,билэбин.
Анатолий: Хас да суолталаах буоллаҕа. Хаас эҥин диэбит курдук.
(“Ахтыылар” сайт ватсап-бөлөҕүттэн, 01.03.2026 с.)
