ТӨҺӨ ДА СААҺЫРДАРБЫТ, СИН ЭТЭҤҤЭБИТ!
Орто оскуоланы сүүрбэччэ буолан бүтэрбиппит алта уон икки сыла буолла. Аны санаатахха, биир киһи үйэтигэр холоонноох кэм эбит. Билигин бэйэбит аҕыс уоммутун ааспыт уонна туолан эрэр “үөрэнээччилэрбит” эбээт!
Дьылҕа хаан үгүспүтүн арааран олохтон илдьэ барбыта. Ордук абалааҕа муҥутуур айар-тутар эдэр саастарыгар сырыттахтарына. Кинилэри мэлдьи ахтабыт-саныыбыт. Бэйбит билигин оттон-мастан тутуһан, тайахха да тайанан, сис-тоноҕос дьарҕааланан, харах-кулгаах мөлтөөн син этэҥҥэбит курдук.
«Онус кылааска классоводум туһунан ахтыы оҥоруохтаахпын», – диэн биирдэ остуолга чэйдии олорон саҥа аллайбыппар оҕолорум: «Хайа, бачча сааскар диэри өссө да классоводтааххын дуо?» – диэн соһуйдулар. «Хата, эһиэхэ эрэ баар буолуо дуо, миэхэ эмиэ баар, өссө бэйэм курдук бэйэтин көрүнэн тура-олоро сылдьар», – диибин.
Вера ФЁДОРОВА (Александрова Вера Семёновна)
Оннук санаан Евдокия Григорьевна Наумованы санаан кэлэбин. Ол да буоллар кини биһиэхэ биир үөрэх сылыгар салайбыт курдук саныыбын. Нуучча тылын үөрэппитэ. Классоводпут биһигиттэн (үөрэнээччилэриттэн) уонча сылтан эрэ аҕыйах сыл аҕа саастааҕа, саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр ыал кээлтэрэ. Ону хата киин улуустан төрүттээхтэрэ буолуо диэн ким да билэ сатаабат этэ. Хата онтубут бэйэбит улууспут нэһилиэгиттэн төрүттээх эбит. Ол да иһин буоллаҕа буолуо, Элгээйигэ Угут-Күөл ыһыаҕар оскуоланы бүтэрибиппит биир сыл буолан баран, ыһыахха көрсүһэн хаартыскаҕа түспүттээхпит.
Бэйэтэ сүрдээх ис киирбэх, намыын баҕайы саҥалаах, устан эрэр курдук хаамар, уһун көбүс-көнө уҥуохтаах, баттаҕа уһун баҕайы быһыылааҕа, кэннигэр (кэтэҕэр) өрүнэн баран хас да куруугунан шпильканан туттара сылдьара. Сиэйэҕэ хас да сыл олорбут буолуохтара да, мин атын нэһилиэккэ буолан кэлин билсибэтэҕим. Мин оскуола кэннэ түөрт сыл дойдубар совхозка ыанньыксыттаан баран Сибиир биир улахан куоратыгар Омскайга тыа хаһаайыстыбатын институтун ученай-зоотехник идэтин ылан, дойдубар эмиэ совхоһум отделениетыгар ханна да уларыйбакка, үлэ стилин уларыппакка эмиэ түөрт уонча сыл үлэ стажтанан үлэ ветерана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын ветерана, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо буолан, пенсия кэнниттэн өссө уон биир сылы эрэ кыайбат кэмҥэ ыанньыксыт этим. Мантан атын ханнык да чиэс-бочуот суох, тоҕо диэтэххэ «Үтүөлээх зоотехник» диэҥҥэ икки төгүл бэлиэтээн сылдьыбыттар да, коммунист партия чилиэнэ буолбатахпынан оннукка түһэрбэтэхтэрэ.
Биһиги кылаас Сиэйэ орто оскуола буолуоҕуттан 1959-1960 сс. үөрэх дьылыгар 4-с выпустарбыт. Миигиттэн уратылар ортотук, үчүгэйдик бүтэрбиттэрэ. Мин нуучча тылын сочинениетыгар «неуд» буолан күһүн тиийэн «үчүгэй» сыанаҕа суруйан аттестаппын ылбытым. Дьэ онно миэхэ баар этэ, үрдүбэр этиҥ түспүтүн курдук буолбута. Провал буолуо да диэбэккэ, бэйэбэр олус эрэллээхтик санаммытым баара… Инньэ гынан выпускной банкетка сылдьыбатаҕым, үгүстэр өйдүүллэрэ буолуо. Туохха ордук алҕаһаабыппын хантан билиэмий, арааһа сурук бэлиэтэ элбэҕэ буолуо.
Үрдүкү кылаас оҕолорун кытта араас көрсүһүүлэр, тургутан көрүүлэр оччоҕо да бааллара, ким төһө кинигэни ааҕара, ким активнайа, тугу ордук интэриэһиргиирэ уо.д.а.
Биһиэхэ да уһулуччу үчүгэйдик үөрэнэр чаҕылхай оҕолор бааллара: Полина (Полина Гаврильевна Павлова), аҥаардас ийэҕэ үс оҕоттон улахаттара этэ. Кин нуучча тылын сочинениетыгар биир-икки сурук бэлиэтигэр эрэ алҕаһыыра, физиканы-математиканы этэ да барыллыбат үчүгэйэ. Сүрдээх чуумпу, сэмэй, баара-суоҕа биллибэт кыыс этэ. Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго 20%-на үөрэххэ киирэргэ хапсыбыта да, арааһа дьонугар көмө буолаары барбатаҕа. Фермаҕа үүт учетчыгынан үлэлээбитэ. Икки сыл үлэлээн баран, СГУ физматыгар үөрэххэ киирбитэ. Кэлин үөрэҕин бүтэрэн, үөрэммит оскуолатыгар олоҕун бүтэһигэр диэри математика учууталынан үлэлээбитэ. Букатын эдэрчи сааһыгар «Саха Республикатын үтүөлээх учуутала» аатын ылбыта кини үлэтэ сыаналаммытын көрдөрөр. Олоҕо өссө уһаабыта буоллар өссө үрдүк ситиһиигэ тиксиэ этэ буоллаҕа!
Уаров Проня (Прокопий Иванович Уаров) кылааспыт «любимчига» этэ. Олус сайаҕас, эйэҕэс, чоҕулуччу көрбүт, үөрэҕэр да үчүгэй, барыбытыттан сааһынан саамай кырабыт, элбэх саҥалаах тапталлаах бырааппыт курдуга. Ол да курдук сытыы тыллаах-өстөөх, ханна баар сиригэр ыччат лидерэ буолара. Университеты бүтэрэн баран Чурапчыга комсомол комитетын I-кы секретарынан, онтон Сунтаар улууһугар Бордоҥ совхоз парткомун секретара, онтон Бордоҥ оскуолатын директорынан үлэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа тахсан да баран, салгыы өр сылларга Саха Республикатын былааһын органыгар бэтэрээннэр советтарыгар эппиэттиир секретарынан үлэлээбит. «Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатынүтүөлээх үлэһитэ». Хомойуох иһин Прокопий Иванович коронавируска хаптаран, 2021 сыл бүтэһигэр олохтон туораата. Түөрт оҕолоох, кэргэнэ Чурапчы кыыһа – Надежда Георгиевна огодообо хаалла.
Коля Михайлов (Михайлов Николай Иннокентьевич) эмиэ Проня курдук сытыы-хотуу, өрө тэйбит мээчик курдуга. Ол эрээри сытыы-хотуу, сүрдээх эйэҕэс майгылаах, үөрэҕэр эмиэ ким хайа иннинэ эппиэттэһэрэ. Пронялыын бииргэ уу тэстибэт доҕордуулара, биһигиттэн, кылаас оҕолоруттан, 2-3-4 сыл балыстара. Ол да иһин буолуо, бэйэлэрин курдук өссө кыра кылаас уолаттарын кытта сэриилэһэн кирпииччэ үктүүр сарай кырдалыгар оонньууллара, саас хорууттан уу баһа сылдьан элбэхтик көрөрүм.
Оскуола кэнниттэн совхозка үлэлии тахсыбыппыт… Уолаттар сорохторо армияҕа сулууспа кэнниттэн, кыргыттар үлэбит срога бүтэн үөрэнэн идэ ылан, ыал-күүс, оҕо-уруу тэниттэхпит.
Коля сулууспалаан кэлэн баран, ол кэннэ хаста да кылааһынньыктарын түмэн көрсүһэр этибит да мин икки-үс көрсүһүүгэ сылдьыбатаҕым. Наар оҕолорум улахан да диатезтаах буоланнар ханна да ырааппакка үлэ кэннэ мэлдьи дьиэбэр баар буоларым. Ол курдук Сиэйэ оскуолатыгар үөрэммит кылааһынньыктары хас да нэһилиэктэн түмэн, элбэх кэпсэтиһиинэн, сөбүлэсиһэн, үлэсиһэн түмүллэри барытын Коля тэрийэрэ. Оҕо сааһыттан кини тула мэлдьи оҕо-аймах саҥата сүүрүү-көтүү, ол да сиэринэн доҕоро-атаһа элбэҕэ. Барытыгар кини инники, этэ-тыына ыҥыртыы сылдьара. Кэлин үлэтин-хамнаһын салайар үлэтигэр бэриниилээҕэ, туох да үлэни кыайа тутар дьоҕурдааҕа. Сиэйэтигэр учууталлыы сырыттаҕына, нэһилиэккэ быыбар түмүгүнэн совет исполкомун педседателинэн, салгыы совхоз отделениетын управляющайынан үлэлээбитэ. Партком секретара, профком председателэ курдук үлэлэргэ үлэлээн оччотооҕу кэм дьонугар-сэргэтигэр үтүө өйдөбүлү иҥэрбитэ. Кэлин ыһыллыы, Союз ыһыллыбытын кэнниттэн оскуолатыгар Сиэйэҕэ физкультура учууталынан, ордук көҥүл тустууга тренеринэн таһаарыылаахтык үлэлээн элбэх ыччаты үрдүккэ кынаттаатаҕа. Оҕоҕо үтүө майгытын, эйэҕэс сыһыанын, убаастабылын иһин кинини тренер быһыытынан ордук таптыыллара, сырдык сулус буолан, кини идэтин элбэх оҕо талан тустуу тренеринэн үлэлии сырыттахтара!

Хаартыскаҕа: Угут-Күөл ыһыаҕар 1961 сылга Сиэйэ орто оскуолатыгар үөрэммиттэр. Инники кэккэҕэ хаҥастан уҥа Уаров Проня, Николаева Ирина, Егорова Таисия, классоводпут Евдокия Григорьевна Наумова, Маркова Анфиса, Фёдорова Маша, Иванова Нина, Фёдорова Вера, Николаев Алексей.
Коля (Николай Иннокентьевич) дьон ортотугар «күөстүү оргуйар» үлэҕэ үтүрүттэрэн, эрдэттэн бэйэтин доруобуйатын көрүнэри кэлиҥҥигэ хааллара сылдьан, бэрт эдэрчи айар-тутар кэмигэр доруобуйатынан мөлтөөн эрдэ олохтон туораатаҕа.
Николай Иннокентьевич сирдээҕи олоҕун аргыһын Фатима Степановналыын истиҥ бэриниилээх тапталынан холбоһон, ыал буолан үс оҕолонон, сиэннэнэн олох үөрүүтүн биллэҕэ. Төһөтүн да иһин, саха киһитигэр отой эдэр сааһыгар олохтон туорааһын тустаахха олус хомолтолоох. Биһиги, кылааһынньыктара, бары аҕыс уоммутун ааспыт дьон сибээстэһэн кэпсэтистибит да кинин санаабакка буолбаппыт. «Хайаан да Коля баара буоллар, төһө да сааһырдарбыт түмтэлээн син биир билсиспит буолуо этибит», – дэһэбит.
Кэргэнэ Фатима Степановна идэтинэн эмиэ учуутал. Коля олоҕун аргыһын эмиэ бэйэтин курдук кыыһы талан ылбыт этэ. Колялаах Фатима элбэх ыалдьыттардаах-доҕоттордоох, Сиэйэҕэ дьоһун-мааны улахан дьиэ кэргэн, сүөһү-ас тутан олоорторо.
Икки кыыс оҕолоохтор. «Кыыс оҕо – омук анала» диэн саха омук бэргэн өһүн хоһоонунуу омук дойдутугар кэргэттэрин батыһан, оҕо төрөтөн, үөрэхтэринэн айа-тута үлэлии сылдьаллар. Уоллара Георгий Николаевич киин куоракка Дьокуускайга, былаас саламтатыгар үлэлиир. Үс оҕолоох: икки кыыс, биир уол. Дьэ ити курдук олох салҕанар. Билигин оҕолорбут олохпутун салгыылларыгар күндү эбээлэр, эһээлэр буолан үрдүк аналбытын толоробут.
Кылааспытыгар өссө биир кырабыт (сааһынан) Маргарита Токуева (Маргарита Ивановна Кондакова) Бүлүү педучилищетын, онтон Магадан пединститутун бүтэрэн Сунтаар улууһун Күндэйэ орто оскуола алын кылаас учууталынан отуттан тахса, түөрт уонча сыл педагогическай ыстаастаах «Методист учуутал» уонна «Почетный ветеран образования» ааты ылбыт. Бука бу оччотооҕу советскай саҕанааҕы номенклатураҕа (ол иһигэр мин эмиэ) коммунист партия чилиэн буолбакка, ханнык да итинтэн үрдүк аакка тиксибэтэх аналлаах эбиппит. Маргарита Ивановна ити үлэлээбит, олохсуйбут сиригэр ыал-күүс буолан, икки оҕону төрөтөн, үс тулаайах аҥаардаах (аҕалара инбэлиит, ийэлэрэ суох) оҕолору харайан, улаатыннартаан ыал-күүс тэрийэн, элбэх сиэн, хос сиэн (бэйэтэ огодообо хаалбыт) элбэх ыччат тапталыгар уйдаран, сааһыран Күндэйэтигэр этэҥҥэ олорор. Бэйэт Кутанаттан төрүттээх.
Вася Софронов (Василий Егорович Софронов) эрдэ оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына төрөппүттэрэ олохтон туораан, киһи-хара буолан улаатарын саҕана тулаайах хаалбыта. Ол эрээри сытыы-хотуу буолан, бэйэтин бэйэтэ быһаарынан СГУ тыа хаһаайыстыбатын салаатын ученай-зоотехник буолан, идэтин бастакы сылларын Сунтаар совхоз селекционер-зоотехнигынан саҕалыыр. Сыллар-күннэр ааһаннар, дойдутугар эргиллэн Түбэй-Дьаархаҥҥа Элгээйи совхозка отделение управляющайа, онтон Бүлүүчээн совхозка өр кэмнэргэ директорынан үлэлээбитэ. Кэлин Сиэйэ Түбэй-Дьаарханыгар «Кыайыы 40 сыла» совхозка главнай зоотехник, нэһилиэктэр арахсан аны Түбэй-Дьаархан совхоһа буолбутугар онно директордыыр. Ол эрээри совхозтар государство өттүттэн өйөбүлэ суох, ыһыллыы буолан ол-бу бааһынай хаһаайыстыбалар, производственнай кооперативтар, ол аата бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэр хаһаайыстыбалар буолаллар. Василий Егорович пенсияҕа тахсыар диэри бу кооператив предстедателинэн үлэлээбитэ. Онтон дьэ нус-нас олорон, хаһаайыстыба бэринэн олоорторо.
Кэргэнэ Екатерина Митрофановна Пивоварова (Мэҥэ-Хаҥалас кыыһа) ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Василий Егорович аны көрөрүттэн матар, операция кыайбатах. Үс уолаттара ыаллар эрээри, хараллан олорбут уола эмискэ суох буолан, билигин ол уолун кэргэнигэр, кийиитигэр сиэннэринээн олороллор.
Назарова Валя (Валентина Степановна Данилова) Дьокуускайдааҕы финансовай техникуму бүтэрэн экономист-бухгалтер. Өр кэмҥэ Сбербааҥҥа үлэлээн баран, Кэмпэндээйитээҕи почта отделениетыгар начальнигынан олоҕун устатыгар үлэлээбит. Түөрт оҕолооҕуттан иккитэ (биирэ ыал мааны ийэтэ) бу аҕыйах сыллааҕыта суох буолта, кэргэнэ эмиэ. Инньэ гынан олоҕу улахан сүтүктээх, кырдьар сааһыгар санаа-оноо буолан олорор. Онон сорохторго дьылҕа хаан араас ыарахан олоҕу аныыр эбит.
Коля Игнатьев (Николай Семенович Игнатьев) механизатор-рационализатор, Элгээйи совхоз биир бастыҥ механизатора. Совхозка тутуу үлэтэ олус балысханнык барара. Онно бэрэбинэни таһар улахан техникаҕа тиэйэр-сүөкүүр оборудованиетыгар чэпчэтиилэри айан, үлэ ороскуота аччаан барыыстаах ньыманы айбыта.
Коля Максимов-Хачироп (Николай Иванович Максимов) кинигэни элбэхтик ааҕар быһыылааҕа. Ийэтэ суох, аҕалаах эрэ этэ. Биирдэ күһүн, үөрэх иннигэр, Түбэй биригээдэтигэр биһиги кылаас бурдук соломотун кэбиһиитигэр сылдьыбыппыт. Онно аҕата бөһүөлэккэ ааһан иһэн кэлэн уолун хам кууһан туран сыллаабытыгар, уола биһигиттэн кыбыстан аҕатыттан мүччү-хаччы буолла. Аҕата кыра холуочугар тэптэрэн уолун кыбыһыннардаҕа буолуо.

Хаартыскаҕа: Үөрэҕи бүтэрэн баран Сиэйэ ыһыаҕар, арааһа 70-с сыллар кэннилэрэ буолуо: Проня Уаров, Вера Фёдорова, Полина Павлова, Анфиса Маркова, Алексей Николаев.
Үөрэхпит кэмигэр биирдэ саас обком биригээдэтэ быһыылааҕа, биһиэхэ онус кылаастарга киирэн тургутан аастылар. Онно Коля Хачырап, Коля Игнатьев, Коля Михайлов ордук чобуотук быһаарсан, хайҕаммыттара. Үгүспүт саҥара охсубаккалар кыбыстыы бөҕө буолбуттаахпыт. Кэлин үөрэҕи бүтэрэн, Николай Максимов киэҥ диапазоннаах журналист. Республика телевидениетын уонна радиотын эйгэтигэр өр кэмҥэ үлэлээбитэ, билигин доруобуйатынан (инсуллаан) мөлтөөн нэһиилэ сылдьар үһү.
Рая Михайлова (Раиса Иннокентьевна Федорова) биһигиттэн барыбыттан эрдэ ыал буолан, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх. Олоҕун аргыһа Иван Федоровтыын ыал буолтара алта уон сыллара буолбута. Рая Коля Михайлов бииргэ төрөөбүт эдьийэ. Коля кылааһынньыктарын түмэр буолла да, Рая эмиэ кини курдук сүүрэр-көтөр, түбүгүрэр. Хаһан баҕарар ыалдьыт, доҕор-атас элбэх ыала. Билигин бэйэлэр Уйбаанынаан олороллор. Куорат олохтоох ыала буолтара ыраатта. Онон куоракка тиийбит эрэ кинилэргэ аараан, кэпсэтэн-сэлэһэн ааһабыт. Бииргэ үөрэммиттэрин Рая ордук билэттиир, кини сибээһэ киэҥ далааһыннаах.
Нина Иванова (Нина Даниловна Амбросьева) икки оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, элбэх хос сиэннэрдээх. Нина олоҕун устатыгар совхозка, кэлин кыра хаһаайыстыбаларга эмиэ бухгалтер. Нина илиитин талаанынан иистэнньэҥ, норуот маастара. Билигин Элгээйигэ кыыһынаан олорор.
Ирина Николаева төһө да ыал буолбатар, оҕо төрөппөтөр, бырааттарын-балыстарын оҕолорун харайсан, ыал тутаах киһитэ буолан, төһө да инбэлиит көлөөскөтүгэр олордор олоҕуттан олус мунчаарбакка олоҕун түмүктээбитэ. Хаадьаа киниэхэ охсуллан аастахха: «Тылым тыыннааҕын тухары этэбин-тыынабын буо», – диэн сүрдээх эйэҕэс саҥалаах буолара.
Мин бу урут түөрт оҕоттон, кылааһынньыктартан, Полина, Проня, Коля, Маргаритаттан уратылар бары араа-бараа тэҥ соҕус саастаах, оччотооҕу үөрэх систематынан оҕону кылааһыгар хаалларар эрдэхтэринэ (мин эмиэ бэһис кылааһы бүтэрэн баран босхоҥноон – ревматизм, икки сыл субуруччу үөрэммэтэҕим, ордугун ахсыс кылааска хаалан, ити үс сыл ночоотурабын. Эмиэ ол курдук үгүспүт тэҥ саастыыбыт. Ити үөһээ аахпыт, кыра оҕолордуун оскуоланы бүтэрбиппит.
Түмүктээн эттэххэ, үгүстэр учууталлар: Полина, Проня, Коля, Маргарита, Трофим Филиппов, Алексей Николаев, Борис Максимов, тыа хаһаайыстыбатын специалистара: Василий Софронов, Вера Федорова – Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ. Ойуур хаһаайыстыбатын лесниктэрэ – Ирина Николаева, Костя Кириллин, эргиэн туйгуна – Раиса Михайлова, бухгалтер – Нина Иванова, норуот маастара, иистэнньэҥ, Самуил Афанасьев – геолог, алмаастаах Мииринэй олохтооҕо. Борис Максимов – тутааччы, лесник, спортсмен, тренер, учуутал. Николай Максимов (Хачыырап) культура үлэһитэ, журналист, Николай Игнатьев – механизатор, рационизатор, шофер, Валя Назарова – сибээс үлэһитэ, Нина Попова – дьылҕата ханна илдьэ сылдьарын билбэтим. Иван Максимов оскуоланы бүтэрбит сайыҥҥа ууга былдьаммыта.
Ити курдук, бары идэлээх, үрдүк-орто үөрэхтээх үлэһит буолан, дойдубутугар-дьоммутугар ирдэнэр иэһи толору төлөөтөхпүт.
Ол курдук үлэҕэ-хамнаска сирдэрбэккэ, октябренок – пионер – комсомол — партия тыыныгар чиэһинэйдик, бэрээдэктээхтик иитиллэн, үлэлээн, элбэх ыччаты тэнитэн атын дойдуга аттаныахпыт турдаҕа. Букатын кэлбит суох. Олоҕу салҕааччылары хааллардахпыт дии. Бииргэ үөрэммит оҕолорум үгүстэрин туох чиэскэ-аакка тиксибиттэрин билбэтим, баҕар бу ахтыыбын кылааһынньыктарым, кинилэр ыччаттара түбэһэн аахтаххытына хомойумаҥ уонна бырастыы гыныҥ. Бу кылааһым оҕолорун букатын кырдьан олорон, санаталаан кыратык да сырдаттаҕым.
Оттон билигин баар дьон, классоводпутун Евдокия Григорьевна этэҥҥэ сылдьарыгар ис сүрэхтэн баҕарабыт! Үөрүүлээҕэ диэн үгүс сылы ааһан аарыма сааспытыгар диэри тиийбиппитигэр учууталбыт Евдокия Григорьевна үөрэнээччилэрин ордук үчүгэйдик билэттиирэ буолуо дии саныыбын. Кытаатан этэҥҥэ эрэ буол!
Вера ФЁДОРОВА (Александрова Вера Семёновна),
9-10 кылаас старостата, СР тыатын хаһаайыстыбатын ветерана.
Сунтаар улууһун Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэ, 2022 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. кулун тутар)

