ТААЙБЫН КҮНДҮТҮК САНЫЫБЫН
Мин таайбын Ньукулайы аан бастаан үс-түөрт саастаахпар көрбүппүн өйдүүбүн. Ол саҕана мин эһэбэр Слепцов Федот Егоровичка, сахалыы аата Муҥур Сөдүөт, кыстаан олордохпутуна эбит. Ити саҕана ийэм Анна Федотовна Егорова оройуон биир чулуу ыанньыксыта, сопхуос бүтэн биэрбэт үлэтиттэн күн бокуойа суох сырыттаҕа.
Эдьиийдэрим барахсаттар оччолорго кыра кылаастарга үөрэнэн эрдэхтэрэ.
Ааптар Василий Федотович Егоров.
Бу кэм саҕана Мукучуга (Кэбээйи. –Ред.) детсад арылла илик эбит. Кэлин биллэхпинэ мин, үлэ-үөрэх суох киһитэ, эһэбэр «сыылкаҕа» барбыт эбиппин. Эһэм ол саҕана сопхуос көлүүр аттарын көрөр-харайар, тэп курдук сылдьар оҕонньор этэ. Киэһэ хараҥаҕа кэлэрин уонна туһахтаан тоҥ куобах аҕаларын өйдүүбүн.
Дьэ ол сырыттахпына биирдэ кииринньэҥ эбэм Даарыйа таһырдьаттан “таайыҥ кэллэ” диэн үөрэн-көтөн киирдэ. Таайым Николай Федотович Егоров «Алааска» ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, туох эрэ наадаҕа сыарҕалаах атынан кэлбит. Дьиэҕэ киирэн таҥаһын устан, туох эрэ таастаах арамааны тута сылдьарын остуолга ууран кэбистэ. Кэлин сэрэйдэхпинэ 1964-65 сыллар буолуон сөп эбит. Баҕадьаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран өлбүт буойуннарга памятник. Оҥоһуллубут, ол буойуннар үтүө ааттара суруллубут таастаах арааматын таайым барахсан тутан киирбит эбит.
Таайым ол сонунун кэпсээтэ быһыылаах, араама суругун-бичигин бары да көрдүбүт. Миэхэ арааһа таайым быһааран кэпсээтэ быһыылаах. Ол күнтэн ыла мин өссө биир таайдааҕым сэриигэ өлбүтүн, миигин кини аатынан Баһылай диэн диэн ааттаабыттарын оччотооҕу үстээх-түөртээх бэдик долоҕойбор тохтоппут эбиппин. Ол күн барыар диэри таайым аһылык бириэмэтигэр олорон аһаабыта, миигин аһаппыта, төһө кыалларынан кэпсэппитэ, кэпсээбитэ даҕаны. Ол күн өйдөөн хаалбыппын – таайым барахсан дьонтон эрэ ураты аламаҕайын, сытыары-сымнаҕас майгылааҕын.
Онно холоотоххо эһэм оҕонньор, төһө да мөхпөтөр-эппэтэр, тыйыс соҕус кырдьаҕас этэ. Былыргы киһи буолан буоллаҕа, эһэм оҕонньор сыаны-арыыны сүрдээҕин сөбүлээн сиирэ. Миигин көтөҕөн олорон чайнай луоскунан баһан арыыны сиэтэрин өйдүүбүн. Инньэ гынан сүрэхпин астардаҕа буолуо, улаатан баран арыыны өргө диэри сиэбэт буола сылдьыбытым. Хата ол советскай кэмҥэ сайын аайы «Көтөх Бэрэ» ферматыгар сайылыырбыт, үүт-сүөгэй эрэ дэлэйэ. Күн аайы сүөгэйдээх лэппиэскэ сиирбитин билиҥҥэ диэри күндүтүк саныыбын. Кэлин улаатан Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, бэйэтэ да бэрт кыра нуорма арыы биэрэллэрэ, онон “оһоҕос Уйбаан” олуйан-моһуйан арыыны сиир киһи буолан дойдубар эргиллибитим.
Улаатан баран таайбын кытта алтыспытым элбэх буоллаҕа. Аҕата суох буолан да буоллаҕа, таайбар олус убаммытым, кини да миэхэ олус истиҥ сыһыаннааҕа. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биирдэ эмэ өрөбүл күн таайым аахха баран хонон кэлэр этим. 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан эмиэ өрөбүл күн кинилэргэ хонон, сарсыарда утуйа сыттахпына үлэлии бараары уһугуннаран баран «бу чаһыыны эйиэхэ бэлэхтиибин» диэн сыттыгым анныгар уган биэрбитэ.
Таайым бэйэтин кыра саатын миэхэ биэрэн аан-бастаан сааламмытым, бастакы куспун – тыйааҕы өлөрөн саха тэҥэ суох буола үөрбүппүн өйбөр тутан хаалбыппын. Оччолорго 1970-с сылларга биһиги улууспутугар Кэбээйигэ аны санаатахха кус элбэх да эбит.
Биир дойдулаахпыт, аймахпыт Борисов Степан Иванович уола Ваня Баҕадьаттан саҥа көһөн кэллэхтэрин утаа таайбын кытта «Көтөх Бэрэ» ферматыгар ыанньык ынах бостуугунан үлэлээбиттэрэ. Кинилэр Чеблик диэн сүрдээх өйдөөх булчут ыттаах этилэр. Ол ыты илдьэ биһиги оҕолор: мин, кыра эдьиийим Маша, Жирков Платон, Ваня буолан кустуур этибит. Убайдарым сиэптэригэр биэстии-алталыы хаһыат быыстаах бэйэ иитиитэ тимир ботуруоннаах «Үс Көлүйэҕэ» кустуу бардыбыт. Ыппыт кус оҕолорун, сара кустары күөлү эргийэ от быыһыгар тутар да тутар. Биир эмэ кус көттөҕүнэ эбэтэр ууга киирдэхтэринэ уолаттар ытаннар буруо-тараа бөҕө буолар. Буруобут ааһан, кус хаалбыт буоллаҕына үөрэбит-көтөбүт. Аны санаатахха уолаттар иккиэн да сүрдээх сааһыт оҕолор эбит, дэҥ-дуҥ сыыһар этилэр. Биһиэхэ ол саҕана билиҥҥи элбэх сиэптээх рюкзак кэлиэ дуо, уотурба куулун быалаан баран сүгэрбит. Ол гынан хас биирдии киһи сөп буола сүгэн кус оҕотун, сараны дьиэбитигэр илдьэрбит.
Онно да таайым ыйыытынан-кэрдиитинэн сылдьарбыт. Өйүө лэппиэскэ, бытыылкаҕа чэй куттаран, хайа күөлгэ ханан, хайдах киирэрбитин ыйан ыытара. Таайбын кытта өссө отоннуур этибит, оччотооҕуга миэбэл ылаары райпоҕа отон эбэтэр эт туттаран ылар этилэр. Онон биир күһүн отон хомуйар «комбайн» диэн баарын истэн таайым баран көрөн кэллэ. Уонна өр-өтөр гыммакка хатыҥы хаһан, онно кытаанах боробулуоханы тиһэн ол комбайны оҥорон кэбистэ. Уонна өрүүр күнүгэр дьэ отоннуу бардыбыт. Ыанньык бостууктара сайынын үс сменанан суукканан үлэлииллэрэ, икки күн өрүүллэрэ. Умсаахтаах күөл хаҥас өттүгэр Арыылаах суолун кыйа кырдаллаах, онно отон олус үүнэрэ. Ол күһүн син балайда бадьыыстаһан, мин комбайнынан отону бэркэ хомуйа үөрэммитим. Отону да сөп буоларынан хомуйан таайым аах дьыбаан ылбыттарын өйдүүбүн. Таайым аһара улахан уус да буолбатар бэйэтин наадатын хоп курдук уһанар, “киһи сатыырын киһи хайаан да сатыахтаах” диэн күүстээх санаалааҕа, миигин да оннук үөрэтэрэ.
Арыый улаатан, 9-с кылааһы бүтэрэн таайбар сайылыкка олорон иккиэн биир сменаҕа бостууктаабыппыт. Сайын от кэмигэр Бэрэ күөлүгэр оттуурбут. Охсуутугар, мунньуутугар иккиэн сылдьарбыт. От кэбиһиитигэр субуотунньуктаан сүрдээх улахан оттору кэбиспиппит. Онно мин бииргэ үөрэммит доҕотторум Каратаев Сеня, Иванов Герман, фермаҕа дизелистиир Каратаев Михаил Иванович көмөлөспүттэрэ.
Армияҕа сулууспалыы сырыттахпына таайым өрүү суруйара. Биирдэ кыһын тымныы саҕана, Забайкалье тыала-кууһа – хаҕыс килиимэттээх дойду этэ. Кыһына биһигиннээҕэр лаппа сылаас, тэбиэн, бараан иитэллэрин көрөр этим. Ол эрээри эппитим курдук тыаллаах, сииктээх салгыннаах төрөөбүт Сахам сиригэр тириэрдибэт эбиппин. Кэпсээммиттэн халыйдым, чэ, салгыым. Кыһын биир үтүө күн таайым посылка ыыппытын тутан үөрүү бөҕөтө буоллум. Алаадьы, бэрэски, кэмпиэт, сакалаат, көстүрүүлэ муҥунан ынах арыыта уонна сиикэй убаһа этэ ыыппыт. Саҥаһым Прасковья Алексеевна Егорова Верховнай Совет депутата, Кэбээйи улууһун чемпион-ыанньыксыта этэ.
Дьэ кини астаабыт алаадьытын, бэрэскитин сонно казармаҕа – сахалар биһиги ротаҕа төрдүө этибит – үөрэ-көтө сиэн кэбистибит. Убаһабыт этин туус эҥин булунан, ремротаҕа аккумляторщик Аммосов Ганя диэн Уус Алдан уола баара, туһунан үлэлиир хостоох эҥин, киниэхэ тиийдибит. Дьон көрөрүгэр сиикэй эти сии олоруохпут дуо, диэн бука кыйдардахпыт буолуо. Онон ол уолбутугар тиийэн чэй өрүнэн, ирээт алаадьы, бэрэски илдьэн күндүлээн, үөрэ-көтө убаһабыт этин охсон кэбистибит. Уопсайынан сахалар баһыылка кэллэҕинэ үксүн ол уолбутугар мустар буоларбыт. Чэ, бэйи, таайым туһунан ахтыыбыттан алыс халыйаары гынным быһыылаах. Ол эрээри таайым барахсан арыы ыыппыт көстүрүүлэтэ биир кэмҥэ сүрдээҕин туһалаабытын эттэхпинэ сатаныыһы.
Сулууспам иккис сылыгар дивизия кыһыҥҥы учениета буолла. Аатырбыт «Дацан» диэн сирдэригэр армия полигона баара. Сайыҥҥы учениеҕа атырдьах ыйыгар сылдьыбыт билэр сирбитигэр сороҕун поездка олорон, улахан өттүн тааҥкабытынан айаннаан үс-түөрт хонугунан тиийдибит. Онно аара даҕаны, тиийбит да сирбитигэр походнай кухня сүгүн кэлбэт, куруук туох эрэ сатамматах аатырар. Биһиги аччыктаатахпытына убайдар сүбэлэринэн “Военторг” маҕаһыынтан бэйэбит атыыласпыт хаһааспытын – балык консерватын, тоҥнуу да буоллар, автомат ыстыыгынан арынан галеты кытары сиирбит. Билигин санаатахпына эдэр, доруобай киһи барахсан тииһэ хоторун барытын сиир эбит диэн сонньуйабын.
Дьэ биирдэ эмэ походнай кухня кэллэҕинэ экипаж бүтүннүү ас булуна сүүрэбит. Биһиги бары солдатскай котелокпутун таһынан били көстүрүүлэбитин Бобокулов Эзиз диэн туркмен уолугар – молодой, заряжающай сүүрэр-көтөр уолбутугар туттаран кэбиһэбит. Офицердар ыыттылар диэн ыйыы-кэрдии кытаанаҕа. Уолбут бэйэтэ да нууччалыы бэрт эрэйинэн кэпсэтэр киһи туох диэн балкыйара буолла, барда да өрүү иһитин толору хааһы дуу миин дуу аҕалан абырыыра.
Армияҕа сырыттахпына да, кэлэрбэр да таайым барахсан харчы ыытара, ыраахтан да буоллар өрүү өйүү-көмөлөһө сылдьыбыта. Таайым бэйэтэ ыарыһах да буоллар ыалдьар дьоҥҥо көмөлөһөр, кэлин бэйэтэ да эмтиир буолара. Үөһээ Бүлүүгэ Ньыыкан эмчиккэ хаста да баран эмтэнэн, сүбэлэтэн-амалатан уһуннук сылдьан кэлитэлээбитэ. Мин кыра эрдэхпинэ биһигини элбэх оҕону эмтээбитин өйдүүбүн. Сүрдээх кураан сайын этэ, күөллэр уоланнар ынахтары сискэ муохтаах, уолбат үрүйэлэргэ уулата үүрэн илдьэр этибит. Биир үрүйэ Умсаахтаах арҕаа өттүгэр тыа иһигэр, иккис үрүйэ Унаардаах уонна Бэрэ икки ардыгар сискэ баарын өйдүүбүн. Дьэ ол сайын куйаас бөҕө буолла. Бэрэ күөлүн соҕуруу өттүгэр иирэ талах быыһыгар төп-төгүрүк көлүйэ баара. Ону буламмыт Жирков Платон быраата Елисейдыын, мин, Роберт, Ваня Борисов буолан хас да күн сөтүөлээн чалбааттаныы бөҕөтө, үөрүү-көтүү, ый-хай буоллубут. Үөрүүбүт уһаабата, биир күн барыбыт эппитигэр бүтүннүү ымынах быллыгыраан таҕыста. Ону мин хаһан да ийэм барахсаҥҥа үҥсэргээтим. Ийэм уу былахыта сиэбит диэн сэрэйдэ уонна таайбар ыытта. Таайым көрөөт тута сэрэйдэ уонна эттэ: “Оҕолору мус уонна Борисовтар балааккаларыгар утуйар таҥаһы таһырдьа ыйаан баран кэтэһиҥ”.
Өр буолбакка таайым сибиэһэй сылгы сааҕын солуурга тутан кэллэ. Биһигини таҥаспытын уһултаран эппитин били ымынахтаах сирдэрин сылгы сааҕынан сотто уонна эккит кууруор диэри олоруҥ диэтэ. Сол сарсыныгар били ымынахпыт харахтан сыыһы ылбыттыы оспута. Көлүйэҕэ сөтүөлээн бүппүппүт. Сотору сөрүүн түһэн сөтүөлүүр да наадата ааспыта.
Таайым Ньукулай айаҕа аһыллан кэпсээтэр эрэ, туох эрэ киһини абылыыр күүстээҕэ. Киһи күнү да быһа истэ олоруох курдук араас былыргы күүстээхтэр, быһыйдар, улуу уоруйахтар, баайдар тустарынан номохтору кэпсиирэ. Хомойуох иһин, онтон миэхэ долоҕойбор туох да хаалаахтаабатах. Хайыамый, киһи киһиттэн уратыта улахан буоллаҕа.
Ньукулай уопсайынан көннөрү киһиттэн ураты киһи этэ. Киһи көрбөтүн көрөрө, истибэтин истэрэ. Күнү-ыйы сүрдээҕин билгэлиирэ. Үйэтэ уһаабыта буоллар уот курдук орто эмчит, атыннык эттэххэ отоһут, ичээн буолуон сөбө. Эмтээх оттору хасыһан ааҕара, үөрэтэрэ. Уус-уран литератураны сүрдээҕин сөбүлээн ааҕара. Аахпыт кинигэлэрин миигин кытта сүрдээҕин астына-дуоһуйа ырытыһара. Бу билигин санаатахпына таайым бары үтүө майгытыттан, дьоҕуруттан миэхэ дьөрү туох да сыстыбатах эбит. Арай кинигэни сөбүлээн ааҕарым арыый чугаһатара эбитэ дуу.
Кинигэни күн бүгүнүгэр диэри сөбүлээн ааҕабын, иллэҥ буолларбын эрэ библиотекаттан арахпаппын. Быйыл Эдьигээн улууһун Киин библиотекатыгар ким элбэҕи ааҕарый диэн күрэх буолла. Онно абонементан көрөн ааҕан таһаардылар уонна миэхэ “Лидер чтения” диэн номинация анал бирииһин – “Улусы Республики Саха (Якутия)” диэн кинигэни бэлэхтээтилэр. Ону да мин таайым үтүөтэ дии саныыбын, кини мин 1-кы кылааска үөрэнэ сырыттахпына Тимофей Сметанин кинигэтин аҕалан бэлэхтээбитэ. Чэ ону мин сорҕотун, эрэйинэн да буоллар, аахпытым. Үгүс өттүн эдьиийим Маша ааҕан биэрбитэ. 3-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына таайым Амма Аччыгыйа “Сааскы кэмин” булан биэрбитэ. Онон миигин кини уус-уран литература алыптаах эйгэтигэр угуйбута, аанын аһан биэрбитэ.
Кэлин мин улаатан совхозка үлэлии сырыттахпына таайым кыралаан уус-уран суруйууларын саҕалаабыта, хоһооннору, ахтыылары, былыргы номохтору суруйара. Иккиэн көмөлөөн кини убайа (миэхэ таай) Севастополь куорат босхолооһунугар хорсуннук охтубут В.Ф.Егоров туһунан пьеса суруйбуппут. Алҕаһаабат буоллахпына Мукучу бөһүөлэгин СДК-гар спектакль туруора сылдьыбыттара. Кылаабынай оруолга Евсеев Харлампий оонньообута.
Таайым Николай Федотович Егоров.
Ньукулай кыралаан дьону эмтиирэ да, мин биирдэ эрэ түбэһэ түһэн көрбүтүм уонна өрүү умнубаппын. Армияттан саҥа кэлэ сырыттахпына эбит. Күнүс таах олордохпутуна Семёнов Өлүөскэ Мастаахтан тиийэн кэллэ. Миигиттэн аҕыйах сыл аҕа да, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биһигиттэн чугас ыалга олорбута, онон элбэхтэ бииргэ оонньоон окко-маска ыйаастыбыт аҕай дьоммут. Убай таптал аата Топпот Өлүөскэ, туох да сүрдээх уус, уруһуйдьут, үчүгэй майгылаах уолчаан этэ. Эрдэ суорума суолланаахтаабыта, онон кинини кэриэстээн манна кини туһунан таарыйа ахтан аһардахпына сатаныыһы.
Дьэ Өлүөскэ, тастан киирбит киирбит киһи, суолтатыгар ону-маны, сонуну, үлэни-хамнаһы ыйыталаһан баран чэйдии олорон “арыгыбын эмтэтэ кэллим” диэтэ. Онуоха таайым эттэ: “Ок-сиэ, оччо айылаах иһэҕин дуо? Эдэриҥ да бэрт, кэбис, мин тыл күүһүнэн эмтиибин, иннигин быһа этэн кэбиһиэм. Кэбис, суох”, – диэн буолла. Өлүөскэ муҥнаах: “Хайдах бачча кэлэн баран кураанах төннүөхпүнүй? Мин бэйэм баҕаран кэллим, миэхэ өйөбүл эрэ наада”, – диэн көрдөс да көрдөс буолла.
Онтон таайым сыыйа сымнаан: “Абааһы аһын отой эмтиэхпин кыах тиийбэт, тыл күүһүнэн эмтиэм этэ да эдэриҥ бэрт”, – диэмэхтээтэ. Өлүөскэ: “Эмтэннэрбин эрэ арыгыга отой чугаһыыр санаам суох”, – диэн элэ-была тылын этэн, дьэ эмтэнэр буолла. Мин дьиктиргээн көрөн олоробун. Таайым Өлүөскэ баттаҕыттан биир сүүмэҕи кырыйан уокка биэрдэ уонна балачча өр киһиэхэ иһиллибэт да, өйдөммөт да курдук ботугураата. Ботугураан бүтэн баран мин көрдөхпүнэ үрүүмкэлээх үрүҥ арыгыны киһитигэр биэрдэ уонна эттэ: “Дьэ бу кэннэ иһэр күннээх буоллаххына, тыыннаах сылдьарыҥ тухары ытыы сылдьыаҥ. Онон дьэ эр хааҥҥын киллэрэн туттуннаххына сатанар”. Өлүөскэ муҥнаах: “Соннук, соннук”, – диэн сөбүлэһии бөҕө.
Мин буоллаҕына оскуола, пионер, комсомол ииппит кытарар кыһыл киһи олордоҕум дии. Сонно улаханнык итэҕэйбэтэҕим, тугу-тугу дьаабыланара эбитэ буолла диэх курдук санаабытым. Уопсайынан биһиги урааҥхай сахаларбыт дэнэр дьон олус куһаҕан адьынаттаахпыт. Бэйэ билэр чугас киһитин атарахсыта көрүү, сэнээһин курдук. Бэл мин саамай убаастыыр, ытыктыыр таайбын оччолорго соччо итэҕэйбэтэҕим, саарбахтыы санаабытым. Билигин кэлэн кэмсиммитим, бэйэбиттэн кэлэйбитим иһин ааспыт аастаҕа. Арай ол саҕанааҕы иитии, идеология содула диэн куотунуом эбитэ буолуо.
Кэлин хас да сыл буолан ол Семёнов Өлүөскэ итирэн үлүйэн илиитин быспыт үһүлэр диэн сураҕы истибитим да, бэйэтин көрсүбэтэҕим. Ол саҕана дэриэбинэлэр икки ардыларыгар билиҥҥи курдук сырыы да суох, суол-иис да бэрдэ суох этэ.
1986 сыл күһүнүгэр миигин Жиганскайга тутуу маастарын куурсугар ыыттылар. Сангаарга киин сиргэ тиийбит киһи хайаан тумнуомуй, пивбарга тиийдим. Хаһан да буоларын курдук саха, нуучча тобус-толору. Биирдиилээн эбээн хоһууттара баар быһыылаахтар. Ол дьон быыһыгар Семёнов Өлүөскэни таба көрөн билэрдии киниэхэ ойон тиийдим, туустаах хаппыт балыкпынан көөчүктэнним (күтүөтүм Уйбаан биэрбитэ). Өлүөскэ биллэр соҕус холуочук, икки илиитэ иккиэннэрэ суох эбит. Пиибэ куруускатын икки харытыгар кыбыта тутан иһэр эбит. Син саҥа көрөр буолан олус уолуйа, хомойо көрдүм. Жиганскайга баран иһэрбин кэпсээтим. Өлүөскэм эттэ: “Дьэ, кытаат, сонун сиргэ тиийэн кэргэн ыл, ыал буол”, – диэн алҕаата. Ол кэнниттэн икки мулукаай харытын көрдөрдө уонна: “Эн таайыҥ эппитин истибэккэ мин бу буолан хааллым”, – диэн баран ытамньыйан ылаахтаата. Мин били кытарар кыһыл киһи дьэ сүрэхпэр ыттардым. Өлүөскэ онно эбии: “Саха эмчиттэрэ диэн сэрэхтээх дьон эбит, эппиттэрэ хайаан да туолар”, – диэн отой да сиэн түһэрдэ. Мин улам санаам түһэн, били пиибэлиэхтээх аҕай киһи иһиэх-аһыах баҕам ааһан хаалла. Сотору Өлүөскэбин кытта бакаалаһан, киһим таһырдьа тахсан атаара хаалаахтаабыта. Ити бүтэһик көрсүһүүбүт буоларын оччолорго ким билиэй.
Таайым Ньукулай оҕону кытта оҕо, оҕонньору кытта оҕонньор буолар ураты майгылааҕа. Үөлээннэхтэрин кытта оонньуу-көр курдук дьээбэлэһэрин сөбүлүүрэ. 1987 сыл сааһыгар Эдьигээн совхозка болуотунньугунан үлэлии сылдьан отгул ылан дойдубар Мукучуга бардым. Оччотооҕуга Жиганск-Вилюйск диэн нэдиэлэҕэ биирдэ көтөр авиарейс баара. Төлөбүрэ да сөбүгэр соҕус быһыылааҕа. Ол рейсинэн Бүлүү куоратыгар көтөн тиийдим. Өр-өтөр буолбакка, аны туох да моһуога суох онно киирэн Кыһыл-Сыырга көтүһэн хааллым. Оо, биһиги Сангаар авиапордугар үтүрүһэрбитигэр холоотоххо чыҥха атын хартыына! Бу холкутун, дэлэгэйин, омук сиригэр кэлбит курдук сананным. Кассирдара Бүлүү бааһынайдара барахсаттар Сангаарга үөрэммиччэ нууччалыы бул-бал диэн эрдэхпинэ сахалыы саҥаран уоскутан кэбистилэр. Кыһыл-Сыырга тиийээт трассаҕа тахсан попутка тута оҕустум. Ыаллыы нэһилиэк Тоҕустар (Тыымпы) эбит. Дьэ бэрт, Тыымпыга армияҕа бииргэ сылдьыбыт доҕорум Савва Егоров РК-ны бүтэрэн биригэдьиирдии сылдьара, онон киниэхэ илтэрдим.
Савва дьиэтигэр оҕолорунаан баар эбит. Көрсүһүү үөрүүтэ, һуу-һаа буолан мотоциклынан илдьэн биэриэх буолла. Кэргэнэ детсадтан үлэлээн кэлэрин күүттүбүт. Киэҥ сир киһитэ мин кэһиибин оччолорго дэҥҥэ көстөр краковскай халбаһыы сокуускалаах водка аҥаарын истибит, аҥаарын аара суолга тоҥнохпутуна диэн уурдубут. Инньэ гынан киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук аҕыйах чааһынан Эдьигээнтэн Мукучуга тиийэн турардаахпын. Ол тиийиибэр таайбар кэһиим диэн кыра эһэ үөһүн дьонтон атыылаһан илдьибитим, сүрдээҕин үөрээхтээбитэ.
Саҥаһым Прасковья Алексеевна Егорова, Верховнай Сэбиэт депутата. 1980-с сыллар.
Саҥаһым Прасковья Алексеевна доруобуйата мөлтөөн, хотонтон уурайан пекарняга оһох оттооччунан үлэлиир буолбут. Пекарня маһын кыайан хайыппакка эрэйдэнэллэрин истэн сарсыныгар колун сүгэлээх таайбыныын иккиэн пекарняҕа кэллибит. Мин оччолорго 25 саастаах күөгэйэр күммэр сылдьар киһи ама маһы хайыппат буолуом дуо, тиэллибит саһааны барытын хайытан кэбистибит. Ол хайыта турдахпытына Барыыһап Ыстапаан маҕаһыынтан биһигини көрөн кэпсэтэ кэллэ. Миигиттэн ону-маны ыйыталаһан баран Ньукулайтан ыйытта: “Бороскуобуйа биэнсийэтин сааһа туола илик дуо?” – диэн. Онуоха Ньукулай күлэ түһэн баран эттэ: “Дьэ, буруйдаах эн бааргын, былыр Алааска эн ускайдааҥҥын эдэр оҕону ойох ылан бу мас хайытыытыгар охтоору гынным”. Ыстапаан элбэхтэ истибит хаадьыта быһыылаах, тугу да саҥарбакка мүчүк гынан кэбиспитэ. Миигин кытта олох-дьаһах туһунан кэпсэтэн баран дьиэлээбитэ.
Таайым ол кэмҥэ аалларан ыалдьа сылдьар кэмэ эбит. Билигин санаатахпына, таһыттан көрдөхпүнэ син сылдьа түһүөх көрүҥнээҕэ. Баҕар миигин аралдьытан буолуо, син уруккутун курдук үөрэ-көтө сылдьара. Уруттаан эттэхпинэ ол эһиилги сайыныгар орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Өлбүтүн тохсус күнүгэр балта Христина Федотовна, мин тапталлаах эдьиийим (ийэм балта), түһээбит этэ: убайым атын миинэн олорор диэн. Түлэһэтигэр ол аты туттуохтаах этибит да, сиргэ сылдьар буолан кыаллыбатаҕа. Ону сүбэлэһэн баран, 40 хонугар атын өлөрөн ыалларынаан үллэстибиттэр этэ. Онтон мин куоракка ЯСХИ-га (кэлин ЯГСХА) үөрэнэ сырыттахпына 1991 сыллаахха “Сэргэ төрдүгэр сэһэн” диэн таайым кинигэтэ Фёдоров Г.Е. диэн Сунтаар фольклориһын кытта холбоон тахсыбыт этэ, номохтор. Ол кинигэни аймахтарбар ахсааннарынан атыылаһан сайын дойдубар илдьибитим. Ол саҕана төһө кыалларынан сайын аайы ийэм ынаҕар оттуур этим.
Онно өссө Эдьигээҥҥэ сылдьан таайбын түһээн көрбүтүм. Хайдах эрэ кыыһырбыт курдуга, түүлүн түүл. Мин өссө да оскуолаҕа үөрэнэрим курдук саныыбын, кинигэ уларсан баран аҕалбатах курдук сананабын. Чэ, ити итинэн хаалла, мин умна да быһыытыйдым. Дьэ били кинигэлэрбин кэһиилэнэн дойдубар Мукучуга оттуу тиийдэҕим дии. Эдьиийим аахха Ньыынаннарга собо сии диэн бардым. Ол тиийэн кинигэлэрбин көрдөрдүм. Собо сии олорон били түүлбүн эдьиийбэр кэпсээтим. Эдьиийим сонно тута ас-үөл тэрийэ охсон, бэйэтин ирээт кинигэтин туттаран миигин кылабыыһаҕа утаарда. Ол тиийэммин таайым уҥуоҕар аара баран иһэн үргээбит сибэкким дьөрбөтүн, эдьиийим биэрбит аһын уонна кинигэни ампаарын иһигэр ууран кэбистим. Дьэ ситинник таайым эдьиийим биһиэхэ, хаан-уруу чугас дьонугар дьиктитик түүлбүтүгэр киирэн турардаах.
Ийэм бииргэ төрөөбүт быраата, таайым Егоров Николай Федотович үйэтин тухары тыа хаһаайыстыбатын – колхоз, совхоз үлэһитэ этэ. Билигин сааһыран олорон таайым үлэтин-хамнаһын, айар дьоҕурун, эмтиир талаанын, үтүө-көнө майгытын эргитэ санаан “биһиги аймахха төрөөбөтөх улуу киһи кэлэн ааспыт” диэн уйадыйа саныыбын.
Бэйэм билигин пенсионербын, улуустааҕы ветеринарнай управлениеҕа ветвраһынан үлэлээн пенсияҕа тахсыбытым.
Василий Федотович ЕГОРОВ.
Эдьигээн бөһүөлэгэ, 2026 с. олунньу.



