Кычкина Александра Владимировна туһунан

ОЛОХ ТЫЙЫС ТУРГУТУУЛАРЫН КЫАЙБЫТА

Кинини кытта бастаан билсиһэн кылгастык кэпсэтиибиттэн бу бэрт сэргэх, көхтөөх киһи олорон кэлбит олоҕо дьоҥҥо холобур буолуон сөптөөҕүн өйдөөбүтүм. Сааһырбыт киһи олоҕун барытын суруйдахха, бэрт кэрэхсэбиллээх, умсугутуулаах ис хоһоонноох халыҥ кинигэ буолуон сөп.

Александра Владимировна Кычкина-Күөрэгэй баҕар хаһан эрэ суруллан тахсыах олоҕун кинигэтиттэн аҕыйах лииһин ааҕар курдук санаан, кини кэпсиирин сэргээҥ дуу.

– Уус Алдан улууһун Дүпсүнүгэр Дмитриева Галина Петровна уонна Решетников Владимир Владимирович дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. Эһэм Дмитриев Пётр Афанасьевич, Кыһыл Сулус орден кавалера, старшай лейтенант, бастакы милиционер, булчут, Сэбиэт хас да төгүллээх депутата этэ. Дьон махталын элбэхтик ылбыт киһи. Эбэм бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ бары үөрэхтээх дьон. Мин Суотту уонна Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар үөрэммитим. Хойут кэргэним өлбүтүн кэннэ куоракка киирэн оператор курсугар үөрэммитим. Ол идэбинэн пиибэ собуотугар үлэлээбитим. Медцентрга санитарканан үлэлии сылдьан медколледжка курска үөрэммит удостоверениелаахпын. Уопсайынан, Дьокуускайга элбэх тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Консьержкалаабытым 4-с сылыгар барда.

Мэҥэ Хаҥаласка Маттаҕа кэргэммин кытта 15 сыл олорон баран, 32-бэр 6 кыра оҕолоох огдообо буолбутум (кыраларым 3-тээх уонна 1,5-лаах этилэр). Ити 1990 cылга 1 сыл иһигэр 3 чугас киһибин көмпүтүм. Бастаан сайын ииппит быраатым аварияҕа түбэһэн өлбүтэ, күһүнүгэр уолум дэҥнэнэн суох буолбута, кыһыныгар кэргэним олохтон барбыта. Сүрдээх ыарахан этэ. Аны сүөһү бөҕөлөөөҕүм, 4 ынахтааҕым. Ол кэмҥэ ыарахан баҕайы үлэҕэ үлэлии сылдьарым. Ыалым Ваня уолтан илимнииргэ үөрэнэн, оҕолорбун сибиэһэй балыгынан аһатарым. 90-c cылларга уларыйыы-тэлэрийии уустук кэмигэр сүөһүлээҕим абыраабыта, онон тыыннаах хаалбыппыт. Кэргэним быраата Иван Иванович бааһынай хаһаайыстыба буолбутугар уолаттарым тэҥҥэ сылдьан оттоһоллоро, ол иһин оппутун сүөһү ахсаанынан үллэстэн олорбуппут. Оҕолорум аччыктыыры хаһан да билбэтэхтэрэ. Мин остуолум хотойорунан мэлдьи толору астаах буолара. Күһүн сүөһүбүн өлөрөн этин атыылыырым уонна саҥа сүөһү атыылаһарым. Оҕолорбунуун отонноон, куоракка киллэрэн туттаран харчыланарым. Онон кимтэн да харчы көрдөөбөт, тугу да ылбат этим. Куоракка көһүөхпэр диэри сүөһүбүн көҕүрэппэккэ, эспэккэ ииппитим. 20-чэ сибиинньэни уонна коза, куурусса тутарым. Бачча элбэх сүөһүнү хайдах соҕотоҕун көрөҕүн диэн дьон сөҕөрө. Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэппитим, ол иһин үлэһиттэр. Улахан уолум 7-с кылаастан ыла ойбон алларааччы буолбута..

Эдэр эрдэхпиттэн көхтөөх киһи буоламмын, общественнай олоххо мэлдьи кыттарым. Төрөппүт кэмитиэтин чилиэнинэн, председателинэн, түөлбэ салайааччытынан үлэлиирим. Аны “Ахтылҕан” ансаамбыл солистката этим. Варвара Павловна Семён Ченянов ийэтэ биһиккини Күөрэгэйдэр диэн ааттаабыта. Биһигинэ суох кэнсиэр буолбата.

Кыайыы 50 cылыгар ыһыахха түөлбэнэн улахан күрэхтэһии буолбута. Ол иннинэ миигин түөлбэ салайааччыта оҥордулар. Мин дьоммун түмэммин “харчы кыттыһан миэтэрэнэн таҥас атыылаһыаҕыҥ, ыһыахтыыр сиргэ дьон сынньанарыгар анаан иннэ аһаҕас балаҕан тутуоҕуҥ” диэтим. “Беларусь” трактор ылан куталаах сиргэ уолаттарынан мас эрбэттэрдим. Маһы санныларынан сүгэн тракторга тиэйэ сырыттахтарына камерата алдьанан хаалла, ыксал буолла. Онтон Костяҕа этэн дьиэтиттэн бэйэтин киэнин аҕалтардыбыт.

Оннук күнүстэри-түүннэри үлэлээбиппитин билигин наһаа үчүгэйдик ахта саныыбын. Кыргыттарым барахсаттар киэһэ ынаҕы ыах иннинэ кэлэн, кумаарга сиэтэ-сиэтэ, балаҕан киэргэтиитин оҥороллоро. Туох үлэ бара турарын көрө сылдьан, Татьяна Николаевна «Дружба» тыаһын истибит. Биһиги балаҕан тута сылдьарбытын көрөн олус соһуйда. Атын түөлбэлэр ону истэн, эмиэ үлэ бөҕөтүн ыыппыттара. Онно биһиги кыайаммыт, миэхэ улуус баһылыга Бочуотунай грамота биэрбитэ. Ону таһынан түөлбэбит 1 буочука сэлээркэ ылан окко бараары сылдьар дьон үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Ол балаҕаммыт билигин да турар.

Ыһыах сарсыныгар Кычкиннар 1 тыһ. кэриҥэ киһилээх аймах ыһыаҕын тэрийдибит. Миигин Далбар хотун күрэһигэр кытын диэтилэр. Онон библиотекаттан кинигэ уларсан былыргы дьахтар таҥаһын туһунан аахтым. Күрэскэ бэйэбин билиһиннэрэн, остуолга турар саха астарын кэпсээн баран ыллаабыппар ытыс таһыннылар аҕай. Онуоха жюрига баар дьахтар Дьэ, кырдьык даҕаны, Матта күөрэгэйэ бу сылдьар эбит диэбитэ өйбөр хаалан хаалбыт. Онно 3-c миэстэҕэ тиксэн видеокамера ылан наһаа үөрбүтүм.

– Эн ол 1 cыл иһигэр чугас дьоҥҥун сүтэрбит, киһи эрэ барыта тулуйбат олус ыарахан кэмҥин, cалгыы 6 оҕолоох эдэркээн огдообо дьахтар буолуу курдук олох тыйыс тургутууларын хайдах тулуйбуккун, кыайбыккын сөҕө санаатым. Онно хантан, туохтан күүс ылар этигиний?

– Ити дьонум өлбүттэригэр отой кыайан ытаабат буолан хаалбытым. Онтон оҕолорбор көрдөрүмээри, хотоммор ынахпын ыы таҕыстахпына ытыырым. Кэлин Үөһээҥи Айыылартан “күүстэ-уохта биэриҥ, оҕолорбун иитэн, атахтарыгар туруоран киһи-хара оҥортуохтаахпын” диэн көрдөһөрүм-ааттаһарым. Онтум хайдах эрэ аһара көмөлөһөр этэ, күүс эбиллэрэ. Аҕыйах сылынан миэхэ да күн тыгыа диэн бэйэбин бөҕөргөтүнэрим. Ону таһынан ыллаатахпына-туойдахпына, киэҥ эйгэлээх дьону кытта кэпсэттэхпинэ үөрэр, сэргэхсийэр аҕай этим, санаам наһаа чэпчиирэ. Ырыаһыт Ирина Елизарова Маттаҕа кэнсиэрдии кэлбитигэр миэхэ түспүтэ. «Наһаа үчүгэй куоластаах эбиккин, ырыаһыт буолуохтааҕыҥ хаалбыт. Куруук ыллыы сырыт, оччоҕо көхсүҥ кэҥиэ» диэбитэ. Мин оннук ханна баҕарар, алааска тиийэн кытта ыллыы сылдьар этим, билигин да оннук. Манна “Сыдьаайа” ансаамбылга ыллыыбын.

Онон ырыа киһиэхэ доҕор буолар, олус көмөлөһөр эбит, Мин ис дьиҥим хайдаҕын бэл аймахтарым билбэттэр. Киһи соҕотох хааллаҕына, саамай кылаабынайа, кинини истэр, өйдүүр чугас киһилээх буолуохтаах эбит. Ис санаабын үллэстиэхпин наһаа баҕарарым, муунтуйарым. Куоракка киирэн араас идэлээх, эйгэлээх дьоннуун алтыһан элбэҕи биллим-көрдүм.

Кэргэним иккис дьиэбит көҥдөйүн тутан бүтэрбитин сүүрэн-көтөн ситэри туттарбытым. Онно управляющайбыт уонна күтүөтүм барахсаттар көмөлөспүттэригэр кинилэргэ махталым улахан. Ол дьиэм тэллэйдэнэн хаалан турар, ону өрөмүөннэтэргэ кыаҕым да, харчым да тиийбэт. Уолаттарым үлэттэн үлэҕэ сылдьар буолан соло булбаттар.

Билигин оҕолорум бары үөрэхтээх, үлэлээх буолан ньир-бааччы олороллоруттан, сиэннэрим бары үрдүк үөрэхтээхтэриттэн үөрэбин, астынабын. 6 оҕолоохпун (элбэх оҕолоохпунан 2-c, 3-с степеннээх мэтээллэрдээхпин), 20-чэ сиэннээхпин, 4 хос сиэннээхпин, Амматтан уонна Павловскайтан төрүттээх 2 үчүгэйкээн кийииттээхпин, наһаа үчүгэй 4 күтүөттээхпин, онон дьоллоох киһибин. Кийииттэрбин да күтүөттэрбин да хаһан да саҥара сылдьыбаппын, кинилэри аһара сөбүлүүбүн, кинилэр ийэлэрин кытта үчүгэй сыһыаннаахпыт. Ити кийииттэр кэлэннэр мин уолаттарбын ыал аҕата оҥордохторо, оҕо төрөттөхтөрө дии. Күтүөттэрим миигин теща, генеральша, эбэбит дииллэр.

Сылгылаахпын, сирдээхпин. Оҕолорум кэлин өйдөөннөр, хотон туттан сүөһү ииттэллэриттэн үөрэбин. Сүөһүлээх киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт. Биир ходоҕойум аах кыыһым төрөөбүт күнүгэр “биһиги кийииппитин Александра Михайловнаны наһаа ытыктыыбыт, уолбутун өйөөн, үчүгэйдик көрөн, биһиэхэ сиэн биэрдэ уонна остуола куруук дэлэй астаах буолар” диэн туран, бриллианнаах биһилэх биэрбиттэрэ.

50 cааспын туолбут үбүлүөйбэр эдьиийбит Ирина Ивановна: “Биһиги саҥаспыт наһаа ыарахан кэмҥэ олорбута эрээри оҕолорун дьонтон итэҕэһэ суох барыларын үөрэхтээтэ, сыбаайбаларын тэрийдэ, кимтэн да тугу да көрдөспөккө. Онон киниэхэ махтанабыт”, – диэбитэ истэргэ үчүгэйэ.

Оҕолорбор махтанабын, кинилэр көмөлөрүнэн мин баччаҕа кэллэҕим. Оҕолорун үчүгэй бэрээдэктээх, үөрэхтээх, үлэһит оҥордуннар, кыһалҕа, сэрии диэни билбэтиннэр, бөҕө доруобуйаны, иллээх олоҕу баҕарабын!

– Суорумньунан хаһааҥҥыттан дьарыктанар буолбуккунуй, ол үлэҥ туһунан, баһаалыста, кэпсээ эрэ.

– 2007 с. Маттаҕа социальнай үлэһиппит Елена Семеновна миэхэ кэлэн суорумньуһутунан үлэлиирбэр эппитэ. «Биһиэхэ сулумах уол, кыыс, огдообо дьон наһаа элбэх. Эн кими баҕарар кытта уопсай тылы булаҕын, онон үлэлээн көр. Толкуйданаргар 3 күнү биэрэбин», – диэтэ. Мин суорумньу олус уустугун, эппиэтинэстээҕин өйдөөн салынным, онтон биһигини орто дойдуга туох эрэ кэрэни, үтүөнү оҥорууга анаан ыыталлар, онон дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу туох куһаҕаннаах буолуой дии санаан үлэлииргэ сөбүлэстим. Бастаан дьон ыарахаттар этэ. Онтон 2008 c. биллэр суорумньуһуттар Арчылаана Егоровна, Алексей Михайлович, Мария Прокопьевна тэрийэр биэчэрдэригэр дьоммун илдьэ бардым. Баһылыкка эттим да массыына, бензин биэрэрэ. Оннук элбэх сиргэ суорумньуга бара сылдьыбыппыт. Биэчэр арыгыта суох барара. Суорумньуһуттар бэйэ-бэйэбитигэр “мин маннык киһилээхпин, киниэхэ оннук киһи наада” диэн кэпсэтэн дьоммутун бэрсиһэрбит. Ол эрээри мин дьону кытта биирдиилээн үлэлиирбин ордоробун. Көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн, үтэн-анньан көрөн, санааларын, майгыларын үөрэтэн баран билсиһиннэрэбин. Бастакы ыал оҥорбут киһим 34-тээх уол этэ, кыыһыныын 1 сыл билсиһэн холбоспуттара. Барыта 14 ыалы холбоотум. Билигин олох сайдан, төлөпүөнүнэн, ватсаабынан үлэлиибин. Анаан көрдөөбөппүн, дьон миигин бэйэтэ булар. Эр дьон олохсуйбут сирдэриттэн көһүөхтэрин баҕарбаттарыттан дьахтары дойдуларыгар аҕала сатыыллар.

Ыал буолар дьоҥҥо сүбэм маннык: билсэр киһигит баайын-дуолун көрүмэҥ, киһилии майгытын, дьоҥҥо сиэрдээх сыһыанын ордоруҥ. 65-тэн үөһэ саастаах эр дьон тэҥ саастаах дьахталларын сирэллэр, 10-20 cыл эдэри көрдүүллэр. Ол сыыһатын холбоһон баран эрэ өйдүүллэр. Олох көрдөрөрүнэн, биир көлүөнэ дьон билсиһэрэ судургу, суорумньуһукка да чэпчэки.

Үйэ уларыйан, дьахтары албынныыр эр дьон баар буолбут. “Таптыыбын” диэбиттэрин аҕыйах ыйынан мэлдьэһэн кэбиһэр дьон баар. Эбэтэр бииргэ сылдьар дьахтардарын кытта биэчэргэ тиийэн баран туспа сылдьаллар уонна атын дьахталлары көрөллөр. Дьахталлар кэргэн тахсыахтарын баҕараннар, эр киһи албын тылын итэҕэйэн, киирэн биэрэллэр. Урут итинник суоҕа. Онон сыбааттыырга да ыарахан курдук буолла. Суорумньу биэчэрдэрин ыытар эмиэ да үчүгэй. Онно суорумньуһут булчут буолар, били сакаас биэрбит дьоҥҥор сөптөөҕү була сатыыгын уонна 1-2 киһини булаҕын. Мин тылбар тураммын, суорумньулуур киһим бастакыта сатамматаҕына, 2-с да 3-с да киһитин булан биэрэбин. Оннук гынан 2-һигэр дуу 3-һүгэр дуу табыллар. Күн бүгүнүгэр диэри элбэх киһи махталын ылан олус үөрэбин, кынаттанабын. Үлэбитин сыаналыыллара үчүгэй. Олохторо табыллыбатаҕына, үөҕүллүөххүн да сөп.

Мин элбэх киһини ыал оҥорон, оҕо-уруу төрөтөллөрүгэр тирэх буолан, демография политиката сайдарыгар сэмэй кылааппын киллэрбиппин биир ситиһиибинэн ааҕабын. Быйыл күһүн Дьокуускайга иккитэ суорумньу биэчэрин тэрийдим. Бастакыга 70 киһи сырытта, 7 паара билсистэ. Иккискэ 51 киһи сырытта, эмиэ билсистилэр.

Сахаҕа сулумах сылдьар дьон тыаҕа да куоракка да олус элбэх, онон суорумньуга улахан суолта бэриллэн, аныгы технологиялары туһанан үлэ ыытыллыахтаах.

Суорумньуга үлэлиирбэр элбэхтик сүбэлээбит-амалаабыт, саамай көмөлөспүт дьоммор: эдьиийбэр Кычкина Александра Петровнаҕа, баһылыкпар Находкин Иннокентий Иннокентьевичка, социальнай үлэһит Протопопова Елена Семеновнаҕа, суорумньуһуттарга Арчылаана Егоровнаҕа, Алексей Шеломовка, Владимир Пестряковка барҕа махталбын этэбин!

Ити курдук мэлдьи олох оргуйар үөһүгэр сүүрэ-көтө, үөрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө киһиэхэ Александра Владимировнаҕа кэпсээнин иһин махтанан туран, бөҕө доруобуйаны, дьолу түстүүр дьоһун үлэтигэр ситиһиилэри, оҕотун-уруутун итии тапталын билэ, бар дьон махталын, ытыктабылын ыла сылдьарыгар баҕарабын!

Зоя Владимировна ИМ.

2023 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *