Андросов Семён Андреевич туһунан

УМНУУГА ХААЛБЫТ СКУЛЬПТОР

“Сахаттан маҥнайгы скульптор кимий?” – диэн ыйыттахха үгүстэр Семён Егоров диэхтэрэ. Кырдьык, Семён Афанасьевич (1931-1974 cc.) 1964 сыллаахха В.И.Суриков аатынан Москватааҕы художественнай институт скульптурнай факультетын бүтэрбитэ. Ити кэмтэн ыла сахалар күргүөмүнэн скульптор идэтин баһылаан барбыттара. Омос көрүүгэ манна мөккүөр суох курдук.

Ол эрээри ис-иһигэр киирдэххэ, өссө Аҕа дойду улуу сэриитин быдан иннинэ Москваҕа 1925-30 сылларга скульптор идэтигэр уһуйуллубут саха ыччата Семён Андреевич Андросов баарын, арааһа, үгүстэр билбэттэрэ буолуо. Бэл, “Художники Якутии” диэн И.А.Потапов уонна З.И.Иванова хомуйан оҥорбут 10 тыһыынча ахсаанынан 1984 сыллаахха тахсыбыт кылгас биографическай ыйынньыкка кини аата суох, киирбэтэх.

Туохтан сылтаан мин Семён Андреевиһы хаһыстым, өрө туттум. Тоҕо? Быһаарыым.

Кырдьыгынан ыллахха, сахаттан аан бастаан скульптор үөрэҕин 1930 сыллаахха Москваҕа бүтэрбит, бу сэдэх идэҕэ суолу тыырбыт киһинэн С.А.Андросов буолар. Ол үрдүнэн кини тоҕо умнууга хаалла, сэмэй аата ахтыллыбата? Бу мөккүөрдээх, билиҥҥэ диэри иннэ-кэннэ чуолкайдана, быһаарылла илик боппуруос миигин үүйэ-хаайа туппута ыраатта.

Хаһан баҕарар тустаан үөрэтэр, туруорсар киһиҥ ханнык кэмҥэ олорбутунан көрөн сыана быһар, түмүк оҥорор соруктаах. Онон Андросовы батыһан, баар докумуоннарга сигэнэн будулҕаннаах ааспыт үйэ бастакы аҥаарын өҥөйөн көрүөҕүҥ.

1925 сыл. Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр гражданскай сэрии кэнниттэн дьэ саҥардыы тыын ылан икки атаҕар туран эрэрэ… Билиҥҥи курдук үөрэх-сайдыы тэнийэ илигэ. Үөрэхтээх тарбахха баттанара. Балаҕантан хотону араарыы бара турара. Дьэ итинник бутуурдаах ыарахан кэмҥэ Саха сириттэн үс уол – Туралысов Георгий Михайлович (1903-1970) Өлүөхүмэттэн, нуучча Добрынин Прокопий Иванович (1909-1966) Дьокуускайтан уонна Тааттаттан Андросов Семён Андреевич (1905-1949) утуу-субуу сылларынан быысаһан киин сиргэ Москваҕа комсомол путёвкатынан үөрэнэ бараллар. Көрөргүт курдук, ойуулуур-дьүһүннүүр көрүҥҥэ маҥнайгы хараҥаччылар кинилэр буолаллар. Итилэртэн иккитэ тахсыылаахтык үлэлээн, кэлин Туралысов Г.М. РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ буолан, Саха сирин народнай художнигар тиийэ үүммүтэ. Онтон Добрынин П.И. РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ылбыта. Арай үһүстэрэ Андросов С.А., хомойуох иһин, хааннаах репрессияҕа түбэһэн кылгас үйэлэммитэ, инники кэскилэ сарбыллыбыта. Манна кылгастык ааҕааччы болҕомтотун тардан тохтоон ылыым. Сорохтор этиэхтэрин сөп: “Прокопий Добрынин эмиэ скульптор үөрэҕин бүтэрбитэ”, – диэн. Мөккүөр суох, бүтэрбитэ. Ол эрээри икки сыл Андросовтан хойутаан, 1932 cыллаахха. Буккуйар сатаммат.

Сити курдук этэн туран, аны билигин Семён Андреевич хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин билсиэҕиҥ. Кини 1905 сыллаахха төрөөбүт. Өҥ кырыстаах Таатта Уолбатын Сонтоойук аҕа ууһуттан төрүттээх. Быһата Сонтоойуктан – Көтүүн (1730 c.), Көтүүнтэн – Өрүүчээн, Өрүүчээнтэн – Күүлээйи, Күүлээйиттэн – Хабык, Хабыктан – Өндөрөй төрөөбүттэр. Дьэ бу Өндөрөйтөн Дьаакып, Сөдүөрүйэ уонна мин кэпсиир дьоруойум Сэмэн утуу-субуу күн сирин көрбүттэр. Уол эмньик сааһа баттабыллаах ыраахтааҕы былааһыгар, тымныы уулаах Хамньыкы үрэх сүүрүгүн кытта тэҥҥэ устан ааспыта. Хата Сиэнньэ дьолугар, атаҕар туруутун саҕана олох тутула тосту уларыйан, Сэбиэскэй былаас кыайан 1925 сыллаахха Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээтин кытта, тута үөрэппит учууталлара С.М.Кочкин, талааннаах художник И.В.Попов ыллыктаах сүбэлэрин ылынан уонна ол кэмҥэ Наркомпросска үлэлиир ытык Таатта киһитэ А.Ф.Бояров үтүө көмөтүнэн түҥкэтэх тыа уола ыраах Москваҕа салгыы үөрэнэ аттанар.

Семён Андреевич 5 сыл ВХУТЕМАС иһинэн аһыллыбыт А.В.Луначарскай аатынан Кэлим художественнай рабфакка искусство биллиилээх маастара, скульптор Борис Данилович Королев кылааһыгар утумнаахтык дьарыктанан, ойуу-бичик мындырыгар уһуйуллан билиитэ хаҥыыр.

Хаартыскаҕа: Сеня Андросов, 1926 с. Москва. ВХУТЕМАС, иккис курс студена.

Бу үөрэх кыһата 1927 сыллаахха Үрдүкү художественнай институкка кубулуйар. Ити кыһаны 1930 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, сахаттан биир бастакы, оччотооҕуга олус сэдэх идэни – “таастан киһини чочуйар” скульптор идэтин баһылыыр.

Киһи сөҕөрө, Семён Андреевич бу үөрэҕинэн сөп буолбакка, салгыы иккис идэни баһылыырга дьулуһар, күүстээх санааны ылынар. Тоҕо оннук соһуччу хардыыны оҥорбутун, билигин кэлэн этэр кыаллыбат, таабырын буолан хааллаҕа. Кини бу сырыыга Пётр I ыраахтааҕы олохтообут куоратыгар Питергэ – Ленинградтааҕы государственнай университет географическай факультетыгар киирэр уонна 1935 сыллаахха бүтэрээт, аны А.И.Герцен аатынан пединститукка аһыллыбыт аспирантураҕа үөрэҕин салгыыр.

Ити кэмҥэ бииргэ үөрэнэр хара, кэтэх санаалаах курсаннар үҥсүүлэринэн (хомойуох иһин итинник кыдьык билигин да баар), аһаҕастык эттэххэ ордук санааһын, бэрт былдьаһыы түмүгэр Семён Андреевич барахсан сор суолланар – 1936 сыллаахха репрессия буурҕатыгар түбэһэр. Күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр киһи, сотору кэминэн сахаттан биир бастакы учуонай буолуохтаах С.А.Андросов ыар охсууну ылар. Кинини РСФСР ХК 58-с ыстатыйа 10 чааһынан сууттаан түөрт сыл көҥүлэ быһыллар, икки сыл кэтэбилгэ ууруллар. Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, инники кэскилэ донуостан быһылыннаҕа. Семён Андреевич ити суут уурааҕын түөрт сылы күнүттэн чааһыгар тиийэ олорон, дойдутугар кэлэн да баран кэтэбилгэ сылдьан бастаан Мархаҕа плановигынан, Дьокуускайга саҥа аһыллыбыт педагогическай институкка доценынан үлэлии сылдьан, эмиэ дьон ордук санаатыттан куотан, хоту Булуҥҥа оскуола директорынан үлэлии барар.

Мин бэйэм өйдөбүлбүнэн бу чахчы сахаттан кыахтаах, модун булгуруйбат санаалаах буолан Ленин куоратын аспирантуратын бүтэһик курсугар тиийдэҕэ. Ону баара бүгүн үгүс киһи умнан кинини бастакы скульптордар испииһэктэригэр да киирбэтэ хомолтолоох. Ол кэмнээҕи үлэтэ дойдутугар суоҕа мэһэйдиир. Онтон мин бигэ санаам “үлэтэ суох” диэн туора сотон кэбиспэккэ, кырдьыгынан, сахаттан аан бастакы скульптор үөрэҕин 92 сыл анараа өртүгэр 1930 сыллаахха Москва кыһатыгар бүтэрбит киһинэн Семён Андреевич Андросов буоларын аһаҕастык билинэр кэм кэллэ. Уһун сылларга умнууга хаалбыт аата тиллиэхтээх, дорҕоонноохтук ааттаныахтаах. Алҕас көнүөхтээх, кырдьык күөрэйиэхтээх!

Иван Гаврильевич НЕЛУНОВ.

2022 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *