Ефремов Эдуард Иванович ахтыыта

СУЛУУСПАЛААБЫТ СИРБИН САНААН КЭЛЭН…

“Оҕонньор, эн бу ханна харбыаластыҥ?”. Эдэр эрчимнээх саҥаттан соһуйан, туора хааман биэрээхтээтим.

Аҕыс уоммун аһары үктэннэрбин даҕаны, “оҕонньор” диэн тылы испэр өтөрүнэн иҥэриниэ, хайдах эрэ сөбүлүү истиэ суох курдукпун. Мин эрэ оннук буолуом дуо? Тэбэр сүрэхтээх, итии хааннаах саха диэн ааттаах бэйэ-бэйэбититтэн төһө-хачча ырааппыт үһүбүөт, саастыылаахтарым барахсаттар бары даҕаны бытааран сыр-сар үктэнэн, сыыһа-халты тэмтэриҥнэһэ хаамсыбыттарын иһин, ону оччо-бачча билиниэхтэрин баҕарбаттара буолуо ээ. Хатыылаах тылтан бэйэм курдук истэригэр хомойо-хоргута да санаахтыыллара кэмнээх буолаахтыа дуо. Ол эдэримсийэ тутта сатааһынтан үһү дуо? Суох, кырдьары билиммэт кут-сүр оҥоһуута, олоххо кытаахтаһар сылайбыт сүрэхпит уостубат, умуллуон баҕарбат дьайыыта диэтэхпинэ бука сыыстарбатым, “ууну-хаары эрдэр” диэн үөлээннээхтэрбиттэн сэмэлэммэтим буолуо диэн эрэх-турах санаалаахпын. Эдэр-сэнэх, эрчимнээх сааска киһи ону өйдөөбөт. Кырдьаҕаһы хомоппутум, хоргутуннарбытым буолуо дии санаабат.

Бачча сааспар диэри син оччолооҕу истэн, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук таспынан аһарынан баччаҕа кэллэҕим. Көр, ол күн туох үлүгэрдээх тэһэ аспыта, имнэммитэ буолла, эдэр-сэнэх саастарбын, олох киэҥ аартыгар үктэнэр, хатарыллар аармыйатааҕы сылларбын эргитэ санаан утуйан биэрбэккэ эрэйдэннэҕим үһү.

Саҥардыы туран эрэр уон аҕыстаах-тоҕустаах эдэркээн уолаттар өрүкүһэн, аармыйаҕа хомуллан баран эрэрбит субу баар курдук. Онтукам хайыы-сах алта уонтан тахса сыл буолбут. Биһиги биир байыаннай чааска үс саха уолаттара: Ермолаев Миисэ, Егасов Болуодьа – иккиэн Тааттаттан уонна Маалыһап Оппуонньа – Чурапчыттан буоламмыт, ханнык баҕарар түбэлтэҕэ сүбэлэсиһэн, көмөлөсүһэн, убайдыы-бырааттыы курдук сарын-сарыммытыттан өйөнсөн, илии-илиибититтэн тутуһан, кимнээххэ да баттаппакка, сабырыйтарбакка уҥа-хаҥас бэрсэн тэҥҥэ хаамсан сылдьыбыппыт.

Билигин хайы-сах суох буолбут, букатыннаахтык барбыт уолаттарым барахсаттары харахпар ойуулаан көрдөхпүнэ: Оппуонньам уһун синньигэс сирэйдээх хара хаастаах киэҥ харахтаах, курбуу курдук көнө уҥуохтаах иҥиир ситии уол этэ. Онно холоотоххо Миисэ киппэ-кэтит, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, төгүрүк сирэйдээх, кылгас суон моойдоох, бэрт холку, сытыары-сымнаҕас майгылаах, аргыый чиҥэтэ үктээн дьоһуннаахтык туттан хаамардыын дьиҥнээх саха саарына көрүҥнээҕэ. Егас Болуодьа тып-тап курдук барыта бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, түргэн-тарҕан туттунуулаах, буулдьа курдук сытыы-сымса киэнэ ааттааҕа буоллаҕа.

Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыттан: Кавказ хаардаах хайаларыттан, Орто Азия истиэптэриттэн, Сибиир, Ураал дэриэбинэлэриттэн, куораттарыттан, Москва, Ленинград уобаластарыттан, бэл хайдах тиксибиттэрэ эбитэ буолла, Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэриттэн кытары ыҥырыллан араас “өрүөллэр” мустубуппут. Айылҕа оҥоһуута буоллаҕа, маҥнайгы ыйдарга араас майгылаах, иитиилээх, тыллаах-өстөөх уол аймах өйдөспөт буолуута, тугу кистэниллиэй, охсуһуу-этиһии, маатыра-иитирэ да баар бөҕө буоллаҕа. Оннук этириктэһэн, уйаны-хатаны билсиһэн байыаннай олохпут саҕаламмыта. Ордук сулууспа да араас түгэннэрэ, ыарахаттара эрийэн, сыыйа өйдөһөн, нэммитин билсэн бэйэ-бэйэбитигэр чугаһаспыппыт, доҕор-атас буолбуппут. Бу 1962 сыл күһүнэ этэ.

Киэһэ бары утуйарга бэлэмнэнэ сырыттахпытына ротабыт хамандыыра мойуор Калинин сирэйэ-хараҕа турбут, тиэтэйбитэ сүрдээх, хаһаарымабытыгар көтөн түһээт барыбытын стройга туруортаата. Биһиги “тревога биллэриллэн түүннэри байыаннай үөрэххэ барар буоллахпыт дуу” диэн салла саныы турдахпытына:

–  Товарищи солдаты! – хамандыырбыт инньэ диэн туһулаан эппитин хаһан да истэ илик этибит. Онтон биһигини тургутардыы эргиччи көрөн баран бэрт кытаанахтык, хас биирдии тылларын бэлиэтиирдии дорҕоонноохтук, бэйэтэ даҕаны араатар бэрдэ этэ, салгыы саҥаран: – Возникло черезвычайно напряженное дипломатическое и военное противостояние между нами и Соединенными Штатами Америки, которое было вызвано ими размещением в Турции ракет стредней дальности. Они беспрепятственно могут достигнуть городов западной части страны, включая Москву. В качестве ответной меры правительством принято решение размещать военные части и тактические ракеты на острове Куба. В связи с этим, с нашей военной части спецсвязи военно-воздушных сил страны, требуются добровольцы. Запись будет производиться завтра с утра в клубе.

Билигин санаатахпына итиниэхэ маарынныырдыы эттэ быһыылааҕа.

Кэтэспэтэхпитин истэн бары да толкуйга түстэхпит дии. Хаһаарымабыт иһэ биирдэ ньим барбыт курдуга. Оччолорго да сүүрбэччэлээх көкөттөр син өйбүтүн туппут дьон буолуохпутун сөп этэ да, суох эбит. Баҕар, этэргэ дылы, оччотооҕу такайыы күүһэ бэрдэ эбитэ дуу, биһиги төрдүөн өрүкүһүү бөҕө, өлөр-сүтэр туһунан өй-санаа мэлигир. Сэриилэһэн кыайан-хотон, кырата мэтээл, уордьан бөҕөлөөх төннүөх курдукпут. Ону билигин сонньуйа санаан, сааһырыы, эт-сиин мөлтөөһүнүн бэлиэтэ буоллаҕа, ахтылҕаным киирэн бэл көмүскэм иһигэр уу чаалыйбытын туора сотуннум. Дьэ, сүрдээх.

Биһиги чааспыт Благовещенскай куорат киин Ленин уулуссатын бүтэһигэр баара. Хамандыырдарбыт бу турар дьиэлэригэр барбакка бары биһигини кытары хаһаарымаҕа хоноллор. Бары бэлэм олоробут. Ол курдук үс түүннээх күн хааһыласпыппыт кэннэ “барыта эйэнэн быһаарыллыбыт үһү” диэн отбой биллэрдилэр. Ол курдук күлэн эттэххэ, Кубаҕа тиийэн эмирикээннэри кэһэтэлээн “дьоруой” буолуохтаах дьон мэлийбиппит.

Өлөр, ыалдьар диэн бу тугуй диир эрчимнээх, эдэркээн бэйэлээх үтүө да саастарбыт үс сыл иһигэр элэҥнэһэн ааспыт эбиттэр. Манна баара дии, улуу бырааһынньыктарга параднай формабытын тиирэ кэтэн, араас значоктары түөспүтүгэр иилинэн, дьон тэҥэ суох сананан куорат киин уулуссатынан кирза саппыкы кытаанах уллуҥаҕа итийиэр диэри строевойунан хааман силлиргэтэрбит. Сайыҥҥы үтүө күннэргэ чугас баар куорат киин пааркатыттан иһиллэр көҕүтүүлээх-күүрдүүлээх ыҥырар-угуйар муусука тыаһын тулуйбакка самоволкалаан гауптвахтаҕа түбэһэрбит, эмиэ да учебнай тревога кэмнэригэр ийэ-хара көлөһүммүт саба түһэн сирэй-харах буолан кэлэн, бэйэ-бэйэбитин ыйсан күлэн кыччыгынаһарбыт. Үчүгэйкээн да уолаттар бааллара: Ураалтан сылдьар суон тиит төҥүргэһин курдук лаппайбыт ортону кыайбат уҥуохтаах, икки бууттаах киирэни ортоку тарбаҕынан буолбакка, ылгын чыҥыйатынан билиннэрбэккэ өрө анньан сөхтөрөр көрдөөх-нардаах Володя Рассейнов, гитараҕа, ырыаҕа барыбытын угуйбут Ленинград куорат собуотун силиэсэрэ Гриша Ходунов, Челябинскай куорат остолобуойун асчыта, үҥкүүһүт ааттааҕа, чечеткалаан лаһыгыратар Валера Цыганков, миигин үөрэххэ киирэрбэр угуйбут, үөрэппит Москваттан сылдьар олус бэлэмнээх, билиилээх аллар атаһым дьэбириэй омук уола Николаев Витя курдуктар.

Взводтарбыт да хамандыырдара капитаннар: Робачевскай, Фомичев олус көнө майгылаах, бу кэлин бар дьонноруттан тэйбит, албын-көлдьүн майгыламмыт хомуньуустар курдук буорту буола илик, дьиҥнээх бассабыыктыы иитиилээх, норуоттан тахсыбыт барахсаттар этилэр. Фомичев бэл “тоҕо маатыранан кэпсэтэҕит” диэн мөҕүөх курдук буолан иһэн, бэйэтэ маат-муут диэбитин да өйдөөмүнэ хаалан барыбытын күллэртиир буолара.

Биирдэ Өктөөп бырааһынньыгар самоволкаҕа сылдьан, мединститутка баран иһэн ыы муннубунан хамандыырбар Робачевскайга анньылла түстүм. Киһим соһуйда быһыылаах, биир-биэс быһаарсар, мөҕөр тыла суох: “Рядовой Ефремов, а ну со мной!” – диэт иннигэр уктан, бэйэтинэн хомбуойдаан чааспытыгар илдьэ барда. Хаһаарымабытыгар киирбиппит Волжанин диэн Мухтуйаттан ыҥырыллыбыт нуучча уола дневальнай эбит, чиэс биэрэн чиккэс гына түстэ уонна дакылааттаан саҥардыы: “В самоволке один…” – диэн эрдэҕинэ: “Он был со мной”, – диэн эрэ кэбистэ. Оо, онно махтана санаабыппын төрүт умнубаппын. Кэлин хамандыырбын биирдэ да түһэн биэрбэтэҕим.

Алта уонтан тахса сыл ааста, көр, ол тухары бииргэ сулууспалаабыт уолаттарым, хамандыырдарым, көрдөөх, хомолтолоох, араас бэйэлээх да түгэннэрим, байыаннай чааһым умнуллубатахтар, тосту-туора уларыйыылаах, будулҕаннаах-булкуурдаах олох хара тумарыгар саспатахтар, сабыллыбатахтар. Эгэ оччотооҕу Благовещенскай куорат умнуллуо дуо, биһиэхэ Дьокуускайбыт барахсантан ордук куорат суоҕун курдук саныы сылдьар дэриэбинэ уолаттарыгар хайдахтаах курдук тупсан көстүбүтэй – көҕөрөн-наҕаран, уулуссаларын маһа-ото хойуута, бөдөҥө-садаҥа, дьиэтэ-уота тупсаҕайа. Дэлэҕэ даҕаны 1904 сыллаахха сылдьыбыт Америка сенатора республиканец А.Беверидж долгуйа-аймаһыйа маннык суруйуо дуо: «Благовещенск в Забайкальской Сибири… Он удивительно красив и на изумление прогрессивен. Благовещенские дома почти все без исключения удобны и привлекательны. Многие из них просторны, некоторые – бесспорно красивы. Почти везде русские разбили сады и посадили деревья. Уют этих жилищ поразит вас необычайно сильно, если вы вспомните, что это не Европа, не Колорадо, не Дакота, даже собственно не Сибирь, а отдаленная, изолированная часть земной поверхности на самой границе того, что до вчерашнего дня было кровавой и мрачной азиатской землей…» – диэн.

Субу баардык көстөн кэлбит олоҕум биир бэлиэ умнуллубат кэрдиис кэмин хаттаан эргитэн көрөн, эмискэччи ахтылҕаннаах Благовещенскайбар бара сылдьар баҕа уоттаах долгураҥар оҕустардым. Онтон ороһуйан түспэтийбит киһи быһыытынан ааһар ини дии санаабытым, ааһыах бэйэлээх буолуо дуо. Күннэр илим хотоҕоһунуу бииртэн-биир субуллан ааһан истэхтэрин аайы онтукам ордук күүһүрэн истэ. Тиһэҕэр эдэр сааһым угуйуутугар баһыйтаран, саллаат доҕотторбунуун сылдьыталаабыт ахан кирза саппыкылар суолларын хайа, таарыччы чааспар сылдьан кэпсэтэн-ипсэтэн ахтылҕаммын аһарына, байыаннай билиэппин сиэппэр уктан, биэс уон сэттэ сыл эн-мин дэсиһэн олорон кэлбит эмээхсиммин, үс оҕом ийэтин, алта сиэннэрим эбэтин кыбынан субу бараары кэтэһэн, көтөр кэммин куоттарымаары кулгаах-харах буолан кылап-халап көрө пуорка киирэн олоробут.

Ханна барда байыаннай чааһым?

Бу уларыта тутуу дьалхааныгар дойду тутула эрэ буолуо дуо, туох ааттаах олох-дьаһах, майгы-сигили барыта уларыйбытын төһө да билэр курдукпут эрээри, ону туһааннаах киһи илэ бэйэтинэн сирэйинэн анньылыннаҕына, сүрэҕэр астардаҕына дьэ дьиҥнээхтик, ыарыылаахтык ылынар быһыылаах дуу диэн санааҕа оҕустардым. Баҕар сыыһаахтыырым буолуо.

Благовещенскайы билигин эдэрдэр судургутутан, уларытан ааттыылларынан Благаҕа баара-суоҕа икки чаастан эрэ ордугунан көтөн тиийдибит. Биһиги саҕана диэххэ дуу, эбэтэр алта уонус сылларга Дьокуускайтан ИЛ-14 сөмөлүөтүнэн маҥнай Тахтамыгда ыстаансыйатыгар диэри көтөн тиийэн хонорбут, онтон тимир суолунан биир күн айаннаан утуйан туруубутугар биирдэ тиийэрбит.

Сөмөлүөттэн түспүппүт урукку мас дьиэлэр оннуларыгар, килэйбит-халайбыт да буолбатар, киэҥ-куоҥ таас баксаал көрүстэ. Дьолго тиксиллэр таксилар оннуларыгар ханна баҕарар буоларын курдук чааһынайдар барахсаттар ыҥыра-угуйа тураллар, “сарай” диэн айгыраабыт оптуобуспут манна да сыттыын мэлийбит. Аныгы ньыманан Дьокуускайтан сакаастаабыт көстүүнэйбитигэр түстүбүт. Харчылаах киһиэхэ баҕарбытыҥ барыта – саунатыттан, бассыайыныттан саҕалаан, этэргэ дылы эккин имэрийтэрэргэ, баттаҕыҥ суох да буоллаҕына баар, сирэйиҥ-хараҕыҥ куһаҕан да буоллаҕына үчүгэй гына оҥотторорго, талбыт аскын аҕалтарарга тиийэ өҥөлөр баар эбиттэр. Ыйыталаһар киһи бука онтон да атын биһирэмнэрин ааттыа эбиттэрэ буолуо. Олохпут үтүөтүн сэбиэскэй кэмҥэ атаарбыт дьон биһиги ону билээхтээбэппит, туһана үөрэммэтэхпит. Ол эрээри харчыта суох буоллаххына хаҕыс соҕус курдуктар дуу диэх курдук. Биһиги улахаҥҥа наадыйбат дьон онно бэрики кыһамматыбыт.

Түүннэри айаннаан сылайан, аһаабыта буолаат утуйар аакка бардыбыт. Сарсыарда завтрак диэннэрин нэлэһитэн аҕалбыттарын бэркэ сонурҕаан охсон кэбистибит. Дьэ баарбытын-суохпутун таҥнан-симэнэн саныыр санаабытын толоро, доҕотторум барахсаттардыын үс сылтан ордук кэмҥэ байыаннай сулууспа эриирин-мускуурун билбит, тириппит-хоруппут, сүүрбүт-көппүт чааспар тиийэ охсоору байыаннай билиэппин түөһүм хармааныгар угуннум, көстүүнэйтэн таҕыстыбыт.

Билэр ахан курдук сананарым да, ханан-ханна барарбын билбэккэ элээр-мэлээр көрө турдум. Били груша, ранет мастардаах, кырааска ойуулаах мас дьиэлэрдээх, киэҥ-куоҥ олбуордардаах билэр ахан уулуссаларым чугас эҥэринэн төрүкү көстүбэт буолбуттар. Арай саба баттыахтыы бэриспит таас дьиэлэр баары барытын хаххалыы, ыга-ыпсары анньыһан тураллар. “Үс сыл кирзам суолун хаалларан ыллык гынан үктээбит Лениним уулуссатыгар киирэрим буоллар баҕас, син илиммин-арҕаабын быһаарыныам эбитэ буолуо ээ”, – диэн эрэх-турах санаалаахпын. Харса суох итинтэн-мантан ыйыталаһан-ыйдаран син киин уулуссабытын буллубут. Былыргылыы тутуулаах кирпииччэ дьиэлэр барахсаттар саҥаларга баттатан кыччаан-оччоон көстүбүттэрин да иһин, онон-манан киэргэтиллэн син баар эбиттэр. Оччолорго куорат дьоно барыта мустар ДОСА, эбэтэр Дом Советской Армии диэн киэн туттар ахай дьиэм киппииччэлэрэ элэйэн-эмтэрийэн санаарҕаабыттыы самначчы түһэн, алдьаммыт түннүктэринэн өлбөөдүччү көрөн өрөмүөҥҥэ тураахтыыр эбит. Ону көрөн санааҕа баттатан, дьэбин сиэбит тимир олбуоруттан ыга тутуһан, өөр-өр одуулаһан турдум. Манна аан бастаан ырыанан эрэ кэпсэтэр опера диэннэригэр сылдьыбыппыт, лыах курдук көтө-дайа үҥкүүлүүр балеттара диэннэрин билбиппит, киһи сөҕүөн-сөҕөр кытай сииркэтин көрбүппүт, тустууга дьарыктанарбыт, мантан баран Дальнай Восток байыаннай уокуругар миэстэлэһэн кэлэрбит. Аармыйа кэнниттэн үөрэххэ киириэн баҕалаахтар киэһээтин манна бэлэмнэнэллэрэ. Барыны умнан ааспыт эйгэбэр умсаахтыы сырыттахпына эмээхсиним тардыалаан, бэттэх кэлэн, биһиги салгыы бардыбыт.

Балай эмэ хаамтыбыт. “Уруккута буоллар ДОСА дьиэтиттэн чугас буолуохтаах этэ, хайа үөдэҥҥэ түһэн хаалбыт буоллаҕай?” – диэн Амур өрүс үрдүгэр турар куорат киин паарката кэллэр-кэлэн биэрбэтиттэн кыньаханан мөҕүттэбин. Хата ханна да барбатах, баар эбит. Параднай диэн ааттанар Ленин уулуссатыттан киирэр аана, уруккута диэн баар буолуо дуо, киһи үөрүөх килэйэн-халайан, дьэргэйэн үчүгэйэ сүрдээх. Иһирдьэ диэки араас бэйэлээх киоскалар, аттракционнар, ларектар, төрүт билбэт дьонум пааматынньыктара бөҕө көстөллөр. “Ити үчүгэйгэ” мин туох эрэ кыттыгастаах киһи курдук үөрэ санаатым, сэргэхсийдим. Чааспар тиийэн итинтэн өссө үчүгэйи көрө охсуохтуу тиэтэйэн:

– Төннөн иһэн көрүөхпүт, – диэн, кэһии оҥостон, аһары түһэ турдубут. Сотору Дальневосточное общевойсковое военное училище диэннэригэр тиийдибит. Бэрт киэҥ сири ылан турар. Уруккутуттан оччо уларыйбатах курдук. Контрольно-пропускной пункт диэннэригэр эдэркээн уол чиккэллэн турар. Онно тиийэн дорооболоһон кыратык кэпсэттим, бэркэ сэҥээрдэ. Мин хайаан да билэр буолуохтаах диэн:

– Отсюда чуть дальше должна быть военная часть спецсвязи особого назначения ВВС, вы наверняка знаете? – сэрэхэдийэ, кэтэһэ ыйыттым. Киһим тоҕо эрэ мух-мах буолла уонна:

– Извините, я точно не знаю, – диэн соһутта. Хайыахпыный, мин ону улахаҥҥа уурбатым.

–  Ну, ладно, мы пойдём, – диэт байыаннай чааһым баарыгар эрэллээх, аргыый хаамсыбытынан бардыбыт. Ол курдук тула өттүбүтүн көрүнэ син балай эмэ сири аастыбыт, сылайыы да буолла. Туох да киэҥ сири эргитэ бетон булуоктарынан тутуллубут олбуор аттынааҕы оптуобус тохтобулугар кэлэн сынньана олордубут. Арай суумка тутуурдаах бэйэбититтэн арыый эдэрчи дьахтар аттыбытынан ааһан эрдэҕинэ, култуурунай киһи быһыытынан дорообо-дыраастый бөҕө буолан, тохтотон:

–  Мин алта уонтан тахса сыл анараа өттүгэр сулууспалаабыт чааспын, субу диэки баар буолуохтаах этэ, бу кэргэмминиин көрдүү сылдьабыт, – диэтим. Кэпсээннээх баҕайы дьахтар түбэспит, сирэйбитин-харахпытын көрөн баран:

–  Вы из Якутии, да? – диэн билэ оҕуста уонна соруктаах аханнык аттыбытыгар кэлэн олоро охсон, ыйа-ыйа:

–  Вот как раз, за этим заброшенным забором и была ваша часть, то есть наша часть “Спецсвязи особого назначения”. Онтон күлэ-күлэ: – Между прочим, я тоже служила. В семидесятых годах работала в штабе машинисткой, – диэтэ. Соруйан оҥорбут курдук дьикти көрсүһүүттэн үөрэн:

–  Оо, мы с вами однополчане, оказывается, – дии оҕустум. Дьахтарбыт Александра диэн эбит. Аттыбытыгар чугаһыы сыҕарыс гына түһэн баран, тоҕус уонус сылларга суох оҥоһуллубут чааспыт туһунан бэрт хомолтолоох сураҕы хараҕыттан уу бычыахтыы хоргута-хомойо элбэҕи кэпсээтэ. Мин кинини ыар санаатыттан аралдьытаары:

–  Здесь между могучими тополями, пышными можжевельниками тропиночка была, по которой мы часто бегали купаться в Амур реке, а там дальше одноэтажный, деревянный кинотеатр “Сорок лет октября”, – диэтим.

Субу сибилигин уунан чаалыйа олорор Александра харахтара куура охсон чаҕылыс гына түстүлэр. Бэйэ киһитинии миигин санныга тап гыннаран баран:

– Да, был кинотеатр, но только он назывался “Сорок лет ВЛКСМ”, а на его место построили, вон видите, большой спортивный зал. А тропиночка и после вас называлась “самоволочкой”. Теперь там высотные дома построены, – диэн үөһэ тыынан эрэ кэбиһээхтээтэ. Онтон кэргэмминиин Анна Семеновналыын олох-дьаһах туһунан кыратык бырахсан кэпсэттилэр. Манна да, Саха сиригэр да оччо улахан уратылаһыы суох курдук буолан таҕыста. Бириэмэ биллибэккэ барбыт. Бэйэ-бэйэбитигэр үтүөнү, дьолу баҕарсан арахсаары туран Александра:

– Давно так по-свойски не разговаривала. Оказывается, несмотря на все тяготы наше поколение совсем не изменилось и осталось таким же простым и свойским, – диэтэ уонна эргиллэн көрбөккө тугу эрэ саныырдыы умса туттан дьиэтин диэки бара турда. Сотору дьиэлэр быыстарыгар киирэн көстүбэт буолла. Ол кэмҥэ бэһис нүөмэрдээх оптуобус кэлбитигэр ыйыталаһан, Богдан Хмельницкэй тохтобулугар диэри олорсон бардыбыт. Мантан көстүүнэйбит ырааҕа суох. Сылайбыппыт-сындалыйбыппыт бэрт буолан, сарсын сылдьыахпыт диэн куораппыт пааркатыгар тохтооботубут.

Билэр ахан сирдэрим

Куорат паарката Амур өрүс кытылыттан Ленин уулуссатыгар диэри соччо улахана суох сири ыла сытар. Уруккута аҕыйах киоскалардаах, дьон сылдьар ыллыктарыгар абына-табына ыскамыайкалардаах, антах түгэх диэки биэрэк чугаһыгар, өрөбүллэргэ дьон-сэргэ мустар, духовой аркыастыр оонньуур, үҥкүүлүүр площадкалаах, хачыаллыыр сирдээх буолара. Онтон ордук тутуу, биир эмит пааматынньык да баарын өйдөөбөппүн. Ол эрээри ото-маһа хойуута, араас кэрэ дьүһүннээх олордуу сибэкки бөҕө элбэҕэ, онуоха майгынныыр эҥинэ дьэрэкээн ойуулаах сиидэс, солко ырбаахылаах кэрэчээн кыргыттар сиэттиһэ хаамсаллара олус кэрэ көстүү буолара. Бу биһиги, уволнениеҕа сылдьар саллааттар сөбүлээн мустар, Амур кумах кытылынан дойдубутун, чугастык саныыр билэр-билсэр доҕор кыргыттарбытын ахта-сэлэһэ хаамсар сирбит буолара.

Уҥуор Кытай сирэ. Туох да суох кураанах киллэм хонуу. Арай икки турба төбөлөрө ыраахтан харааран көстөр буолаллара. Ону “ити Хэйхэ диэн кыра дэриэбинэ хочуолунайын турбалара” дииллэрэ. Кырдьык, олортон күһүнүн-кыһынын унаар буруо санаарҕаабыттыы күдээрийэн тахсан иһэн, киһи аһыныах халлаан күөх күдэригэр булкуллан сүтэн хаалаахтыыра. Сайынын биир эмэ тыылаах бэрт ырыган кытай эрдиитинэн чолумната устан ааһара. Ону көрөн: “Аччык муҥнаах оҕолорун аһатаары балыктыы сылдьаахтыыр”, – диэн аһына саныырбыт. Онно холоотоххо биһиги куораппыт уотунан күндээрэн, сайынын Амур өрүс кумахтаах биэрэгэ көрдөөх-нардаах күүлэйдээччилэринэн, сөтүөлээччилэринэн туолан олох күөстүү оргуйара. Өрөбүллэргэ муусука ньиргийэрэ. Таһаҕас бөҕө тиэммит кыһыл былаахтаах баарсалаах теплоходтар өрүһү хайа киэптээн аргыый устан ааһаллара. Ону көрөн кыахтаах-күүстээх, сайдыылаах дойдулаах курдук киэн тутта сананарбыт.

Ааныскам биһикки пааркаҕа киирдибит. Киэҥ-куоҥ аспааллаах аллея устун сөҕө-махтайа тулабытын одуулаһа, билбэт дьоммут пааматынньыктарын сэргии көрө биэрэк диэки хаамсабыт. Дьэ, доҕоор, урукку отунан-талаҕынан саба үүммүт кытыл ханан да суох буолбут, биэрэк барыта набережнай диэн ааттанан таас, бетон бөҕөргөтүнүүлээх. Бу биһиги турар сирбититтэн ырааҕа суох, өрүһү таҥнары бардахха биэрэк сыырын быарыгар, хойуу талахтар быыстарыгар бүлүмүөт уоһа батар чуолҕаннаах, бетонтан кутан оҥоһуллубут киһи сөҕөр халыҥ эркиннэрдээх ДЗОТ баара. Ону көрүөм дии санаабытым суох буолбут. Дьонтон ыйыталаһан көрбүппүт билбэт эбиттэр. Оннооҕор Ааныскам былыргы ДЗОТ баарын итэҕэйбэт курдук туттар. Кырдьыкпын былдьатаары кыһыйа санаатым.

Пааркаҕа төннөн, хойуу мастар күлүктэригэр ыскамыайкаҕа сынньана олордохпутуна саастаах көрүҥнээх, кэргэнниилэр быһыылаах, дьахтардаах эр киһи аттыбытыгар кэлэн олордулар. Биһигини сэргии көрөн хантан сылдьарбытын ыйыталастылар. Мин эгэ эрэ, Саха сириттэн сылдьарбытын, манна сулууспалаабыппын ыһа тоҕо кэпсээтим, букатын бэйэ киһитэ буоллум. Эр киһи “Моховая падь” диэн Благовещенскайтан ырааҕа суох байыаннай городокка баар Үрдүкү тааҥкабай хамаандынай училищеҕа сулууспалаан астаапкаҕа тахсыбыт подполковник, кэргэнэ куорат драматическай тыйаатырын артыыската эбиттэр. Кырдьаҕас хамандыыр, билигин городокка биир да байыаннай суох буола ыһыллан, өтөхсүйэн турарын туһунан тугу саныырын бэрт ыарахан, мээнэ этиллибэт тылларынан доҕуһуоллаан аһаҕастык кыһыйа-абара кэпсээтэ. Онтон сылыктаатахха дойдубутугар, ордук сэбилэниилээх күүстэр дьылҕаларыгар туох үлүгэрдээх уларыйыылар буолан ааспыттарын дьиҥнээҕин, кырдьыгын төрүт да билээхтээбэт эбиппит. Бу түҥ-таҥ барыылаах уустук кэмнэргэ аармыйабыт барахсан төрүт буурҕа түһэн ааспытыныы будулҕаҥҥа түбэһэн бүк-хах тутуллан, эрэйдэммит-эмтэрийбит, эстэ да сыспыт эбит. Араадьыйа, хаһыат, тиһэҕэр тэлэбиисэр үлэһиттэрэ, суруналыыстар, кэрэспэдьиэннэр диэн анал үлэлээх ааттаахтар тоҕо итини адьас дьиҥнээхтик туох баарынан сырдаппаттара, дьоннорун-сэргэлэрин сэрэппэттэрэ эбитэ буолла. Эмиэ син биһиги обывателлэр дэнэр боростуой дьон курдук тугу да билээхтээбэттэрэ эбитэ дуу. Бука оннук буолаахтыа ээ, кинилэр да туох улахан бырааптаммыттар үһүө. Тук диэбиттэрин туойан эрдэхтэрэ дии.

Хата мин бу кэпсэтэ олорон, өйдөөн кэлэн ДЗОТ дьылҕатын туһунан ыйыта оҕустум. Онуоха киһим бэрт судургутук:

– Вы видели наверняка над небольшим бугорком памятник пограничника с собакой, вот под ним и находится тот самый дзот, – диэтэ. Мин кырдьыгым дакаастанан сэксэс гына түһээхтээтим.

Олох диэн араастаан да уларыйар буолар эбит. Оччолорго ким улуу, модун Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыа, суох буолуо, ити икки турба эрэ хороһон көстөр кыракый кытай бөһүөлэгэ икки мөлүйүөнтэн тахса олохтоох дьонноох-сэргэлээх сүдү куорат буола сайдыа-сатарыа, оттон ураа хаһыы ньиргиэрдээх байыаннай параадтаах, хараҥаны сырдатар чаҕылыҥнас уоттаах Благовещенскай барахсан муомурбут оҕолуу улааппакка, 220 тыһыынча эрэ нэһилиэнньэлээх куоратынан хаалыа диэн куһаҕан түүлгэ дылы оҥорон көрбүтэ баар буолуой, суох бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрээри биһиги санаабытын түһэрбэппит, Арассыыйа билиҥҥи миэркэтинэн Благовещенскай да улааппыт, бөдөҥ-садаҥ таас дьиэлэрэ элбээбит, хойуу олордуу мас суугунуур күөх бэйэлээх сквердэринэн, аллеяларынан, бульвардарынан киэргэммит, киһини эрэ тардар-угуйар сырдык-ыраас сэбэрэлэммит.

Мин эрэнэбин кини дьоло өссө да иннигэр, сайдыа-сатарыа, күүһүрүө-уоҕуруо. Эдэр уолан бэртэрэ аҕаларын, эһэлэрин курдук харчы иннигэр буолбакка, дойдуларын туһугар сулууспалыы Арассыыйа араас муннуктарыттан мустуохтара уонна түөстэрин мөтөтөн биир ньыгыл кэккэнэн туран киэн тутта: “Мы верим в силу российского оружия!” – диэн ньиргиэрдээхтик ордоотуохтара. Ол уохтаах дорҕоон ой дуораана буолан үс төгүл улаатан Амур өрүс устун сатарыы тарҕаныа.

Эдуард Иванович ЕФРЕМОВ-Дэхси.

2023 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *