Григорьев Святослав Павлович ахтыыта

ОЧЧОТООҔУГА – САҤА ОЛОХ СИККИЭРЭ

Оччотооҕу уларыта тутуу, демократия тыынын иҥэриммит интеллигенция биир бастыҥ бэрэстэбиитэлин, Бүлүү улууһун Халбаакы оскуолатын директорынан үлэлээбит Анна Егоровна Уварова быыбарга кыттыытын туһунан ахтан-санаан, кини күннүгэр суруйан хаалларбыт бэлиэтээһиннэрин нөҥүө арыйарга холонуом.

Хаартыскаҕа: Святослав Павлович Григорьев.

А.Е.Уварованы кытта сирэй-харах билсэн чугас алтыһыыбыт мин 1988 сыл күһүнүгэр Халбаакыга оччотооҕу «Мастаах» совхоз партийнай тэрилтэтин секретарынан ананан тахсан үлэлиэхпиттэн саҕаланнаҕа. Мин оҕолорум Анна Егоровнаҕа үөрэммиттэринэн кинини үөрэтэр предметин баһылаабыт, университеты бүтэрбиттэр методика өттүгэр доҕолоҥнууллар диэн олохсуйбут өйдөбүлү түҥнэрбит учуутал быһыытынан ылыммытым. Оттон киһи, личность, салайааччы быһыытынан Анна Егоровна кыаҕын 1989 сыллаахха буолбут ССРС народнай депутаттарын быыбарын кэмигэр толору билбитим, дириҥник ытыктаабытым. Ол умнуллубат кэмнэри ахтан-санаан аастахха маннык этэ.

Биэс оройуону (Нам, Горнай, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү) хабар 695 №-дээх Бүлүүтээҕи национальнай-территориальнай уокурукка ССРС народнай депутаттарын быыбардарын бастакы түһүмэҕэ туох даҕаны түмүгэ суох хаалан, саҥаттан депутакка кандидаттары туруоран, иккис түһүмэҕи ыытарга бэлэмнэнии саҕаламмыта. Бастакы түһүмэххэ атын уокуруктарга саха бастыҥ уолаттара, кыргыттара талыллыбакка хаалбыттара дьону аймаабыта, өссө даҕаны баһылыыр-көһүлүүр оруолун сүтэрбэккэ олорор коммунист партията быыбарга орооһуутун дьон-сэргэ сөбүлээбэтэҕэ. Оннук көҥүл санаа ордук Халбаакы орто оскуолатын учууталларын ортолоругар олохсуйбута бадахтаах, иккис түһүмэххэ партия ыйыытынан буолбакка, норуот бэйэтэ кандидаттары туруоруохтаах диэн этээччилэр элбээн барбыттара. Анна Егоровна коллективын турунуутун өйөөн, Бүлүүтээҕи уокуруктан талааннаах режиссеру, Бүлүүттэн төрүттээх уолбутун А.С.Борисовы туруоруохха диэн этиитин кытта мин партком секретарын быһыытынан, төһө даҕаны партия оройуоннааҕы комитета атын кандидаты бэлэмнии олорорун биллэрбин, сөбүлэһэн, Халбаакы оскуолатын коллектива муус устар ый 10 күнүгэр мунньахтаан туруоран кэбиспитэ. Ол хайдахтаах курдук сэрэхэдийэр, куттанар санаа баарын баттаан, эр санааны, булгуруйбат ис туругу, күүстээх быһаарыныыны ылынары кытта сибээстээҕин Анна Егоровна ол кэмҥэ суруммут күннүгүттэн өйдүөххэ сөп. Ол тэтэрээти тапталлаах оҕото Надежда Николаевна миэхэ итэҕэйэн биэрбитигэр махтанан туран, онтон быһа тардыылары туһанан оччотооҕу быһыыны-майгыны хайдах буолбутунан сырдатар ордук буолуо дии саныыбын.

Күннүк 1989 сыл муус устар ый 8 күнүттэн саҕаламмыт.

8/IV-1989. Оройуоҥҥа ССРС народнай депутатыгар 695 № национальнай-территориальнай быыбардыыр уокурукка кандидатынан хирург Н.В.Матвеевы туруорбуттар. Биһиги коллективпыт кандидатынан А.С.Борисовы туруоруон баҕарбыта ыраатта. Кини ааспыт быыбардарга Якутскайга 691 уокурукка тура сылдьыбыта. Кыайан ааспатаҕыттан олус кыһыйан-абаран, хата, туруорбут киһи дэспиппит ыраатта да, опыт суох! Иккистээн туруорар сөбө дуу? Биһиги коллективпыт окружной комиссияттан көҥүлэ суох туруорара сөбө дуу, суоҕа дуу? Атын коллективтар туруоруохтара дуо?

9/IV. Анастасия Павловна, Святослав Павлович өйүүллэр, сөп буолуо дииллэр. Куораттан (райком, райсовет) ыйыта сылдьыбыттарын сөбүлээбэтэхтэр.

10/IV. Бүгүн 2 ч.15 м. 10 кл. оҕолорун с-з директорын Лукин В.Т., партком секретарын Григорьев С.П. кытта көрсүһүүлэрэ. 10 ч.05. — планерка. Мунньахтыахха, А.С.Борисовы туруоруохха диэн быһаардыбыт. РОНО-ҕа телефоннаатым, Г.П. (сэбиэдиссэй Г.П.Андреев-СГ) суох, Мылахов иһиттэ. ВСШ № 3 директорыгар В.Н.Яковлевка телефоннуу сырыттым, баҕар, өйүөхтэрэ диэн. Бу кэлэн бардылар, Матвеевы туруортарар буоллулар. А.Сон (райкомол бастакы секретара-СГ) партбюро секретарын, 4-5 тыл этэр дьону булан барда диир. Балаһыанньатын, коллектива өйүө суоҕун, бэйэтэ А.С.Борисовы, баҕар, туруорбут киһи диэн райкомҥа Воробьевка (иккис секретарь-СГ) бара сылдьыбытын, «Не советую» диэбититтэн чугуйбут. Партия чилиэнэ буолбатахпын истэн баран: «Мунньаххын ыытан кэбис, түргэтээ, эйиэхэ дьон тахсаары олороллор», — диэтэ.

РОНО-ттан С.Г.Мылахов телефоннаата. «Т.С.Птицына (райком секретара-СГ) телефоннуу сырытта. «Мунньахтаары олорор үһүлэр. Дьоҥҥутун дьаһайыҥ, иирбиттэр», — диэтэ. Демократия кэмигэр итинник этэр, коллектив мунньаҕын ыытымаҥ диэн соруйуу сөбө суох быһыы дии саныыбын. Мин бэйэм маҥнайгынан Н.В.Матвеев кандидатуратын өйөөбүт киһибин. Ол да буоллар, бэйэм да, атын да дьон мнениетын навязывайдаабаппын. Онон итинник миэхэ эппиттэрин эрэ этэбин», — диэтэ.

12 ч.10 м. 2 райком представителлэрэ дуу уонна Саввинова С. I Чочу с/советын председателэ кэлэ сырыттылар. Арыгылааһыны утары туох үлэни ыыттыгыт, төһө беседа, кл. чааһа барда, учууталлар, оҕолор төһө арыгылыыллар эҥин диэн ыйыттылар, ыктылар. Онтон профком председателин, партгруппоргун булан аҕал диэтилэр. Уруокка сылдьаллар, туох наада диэбиппэр кэлбит сыалларын дьэ эттилэр.

– Мунньахтаары олороҕут дуо?

– Хантан маннык информацияный?

– Билэбит, эппиттэрэ.

– Мунньахтыыр да буоллахпытына, онно туох соруктааххытый?

– Биһиги мнениебыт оройуону, куолаһы хайыппаккыт буоллар. Оройуон биир кандидаттаах буолара үчүгэй. Уонна мунньаххыт хаһан барар? Учууталлар быыбардар тустарынан сыыһа өйдөбүллээхтэр дииллэр. Ону көрсөн беседалаһыахтаахпыт.

– Хантан ылан этэҕитий?

– Оройуоҥҥа соторутааҕыта конкурс (?) буолта. Онно быыбардар тустарынан, депутакка кандидаттар тустарынан боппуруоска учууталлар бэрэстэбиитэллэрэ олох быыбар туһунан туох да өйдөбүллэрэ суоҕун көрдөрбүттэрэ.

– Мин учууталларым туһунан итинник этиэххэ сатаммат. Кинилэр үксүлэрэ пропагандистар, агитатордар. Оттон депутакка кандидаты туруоруу туһунан этэр буоллахха, дьон саҥа бэйэлэрин дьон курдук сананан эрдэхтэринэ, коллективы саба баттатаары гынаҕыт дуо? диэбиппэр дьонум саҥата суох бардылар. Туһа тахсыбат буолла диэбит курдук туран таҕыстылар.

Мунньах ыытыытын туһунан сүбэлэстибит да, ким да кандидатураны туруоруон куттанар.

3 ч. Мунньахха бары кэлбиттэр 44 киһи. Мунньаҕы Николаева В.А. аста. Кандидатураны бэйэм туруордум. Өйөөтүлэр. Тыл эттилэр Васильева М.С., Егоров Л.Н., Григорьева В.Г., Уварова Л.Е., Платонов И.П., Григорьева М.М. Сүүс бырыһыан бука бары өйөөтүлэр. Дьонум маладьыастар! Өрө көтөҕүллүү, үөрүү-көтүү! Мунньах кэнниттэн ким да барбат.

Бу быһа тардыыттан дьон-сэргэ, ордук учууталларынан сирэйдээн интеллигенция ортотугар уларыта тутуу, демократия тыына олохсуйан эрэрэ, санааны аһаҕастык этинии, дьүүллэһии, көҥүлгэ тардыһыы баар буолан эрэрэ көстөр. Итиччэ ким даҕаны утары көрбөт, биир тылы утары эппэт, бүтүн оройуону дьаһайа олорор райкомтан анал сорудахтаах суос бэринэн тахсыбыт дьонтон чаҕыйбакка кэпсэтии – улахан эр санааны, өйү ирдиир быһыы буоллаҕа. Көрөрбүт курдук, Анна Егоровна быһаарыныылааҕа, холкута, этиилэрэ барылара оруннаахтара мунньаҕы бопсо тахсыбыт дьону «тыла суох» ыыталаабыт. Кини өттүттэн кыра даҕаны саарбахтааһын, сымнаан биэрии баара буоллар, кэпсэтии хайа диэки «иҥнэс» гыныа биллибэт этэ.

Биллэн турар, урукку үөрүйэҕинэн дьаарханыы, Анна Егоровна бэлиэтээбитин курдук, политическай үлэҕэ опыт суоҕа эмиэ баар бөҕө буоллаҕа. Ааспытын кэннэ киһи барыта кыттыгастаах, саҕаласпыт курдугун иһин, оччолорго кини даҕаны, мин даҕаны кимтэн даҕаны өйөбүл, сүбэ ылбакка, этэргэ дылы, «на свой страх и риск» саҕалаабыппыт. Олоххо, үлэҕэ партия ыйыытынан сирдэтиммиппит, үөһэттэн кэлэр дьаһаллары биир биэс тыла суох толорооччулар буола сылдьыбыппыт силиибитигэр тиийэ иҥмитэ ыыта охсубата өйдөнөр. Ол барыта кутталга кубулуйан, өйбүтүн-санаабытын бохсон, барыбытын кулут кэриэтэ турукка киллэрбитэ кистэл буолбатах. Төһө даҕаны уларыта тутуу лозуннарынан аһаҕастык иһитиннэрии-биллэрии, санаа араастаһыыта баар буолуохтааҕа биллэрилиннэр, ону биллэрбит партия өттүттэн ол лозуннары олоххо киллэриигэ тиэтэйии суоҕа уонна, эппитим курдук, өр кэм устата дьоҥҥо иҥэриллибит куттал харгыс буолбуттара.

Дьэ ол харгыһы тоҕо көтөн, куттанар санааны саба баттаан, дьон көҥүлгэ тардыһар дьулуурун күөртээбит киһинэн мин Анна Егоровнаны ааҕабын. Оннук дьулуур, этэргэ дылы, «куукуна» таһымыгар салгыны хамсатыынан хаалан хаалара баар суол, ол бүгүҥҥү даҕаны олохпутугар көстөр. Халбаакы оскуолатын учууталлара, бары үлэһиттэрэ Анна Егоровна курдук директордаах, дьиҥнээх лидердээх буоланнар биэс оройуон быыбардааччыларыгар эр санааланыы, сырдыкка, саҥаҕа тардыһыы холобура буолбуттара. Биллэн турар, хайа эрэ өттүнэн оҕотуйуу, күүстэр хабааннаһыыларын ыраҥалаабат быһыы баарын курдук көрүөххэ сөп этэ. Ол гынан баран, оччотооҕу дьон-сэргэ күннээҕи даҕаны, политическай даҕаны олоххо тосту уларытыылары күүтэр, тардыһар өйүгэр-санаатыгар эрэнии тирэх буолбута.

Ол эрэнии мээнэҕэ буолбатаҕын быыбардар түмүктэрэ көрдөрбүттэрэ. Оскуолаттан саҕыллыбыт кыым нэһилиэги, оройуону хабан, салгыы уокурукка киирэр оройуоннарга тарҕанан, ыраастыыр, босхолуур күүрээнинэн дьону түмэн, дьиҥнээх демократия күүһүн көрдөрбүтэ. Халбаакы оскуолатын коллектива, мелодист, музыка учуутала В.Васильев салайааччылаах нэһилиэк хора Күүлэт, Мастаах, Орто Бүлүү, куорат чугаһынааҕы эҥэрдэри таһынан Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр тиийэ хабан, агитациялаан, концерт көрдөрөн бэйэлэрин турунууларынан дьону-сэргэни сөхтөрбүттэрэ, бэрт элбэх быыбардааччыны бэйэлэрин диэки тардыбыттара саарбахтаммат. Анна Егоровна тус бэйэтэ оскуолалары кытта быһаччы сибээскэ тахсан, тылын ылыннаран, үгүстэри бэйэтин кандидатын иһин туруулаһар көмөлөһөөччү оҥортообута. Ол бэйэтин күннүгэр бэлиэтээбититтэн көстөр.

11/IV-89. Киэһэ I Чочу, Мастаах орто оскуолатын кытта сибээстэстим.

12/IV-89. Бүгүн биһигини I Чочу, Мастаах орто оскуолалара, Кыргыдай, Тоҕус аҕыс кылаастаах оскуолалара өйөөтүлэр. Маладьыастар!

15/IV. Оскуолалары кытта сибээскэ тахсан кэпсэттибит.

17/IV. Перемена аайы «летучка». Кэбээйи оройуонун 3 оскуолатыгар телеграмма оҕустубут, биһиги кандидатурабытын өйөөҥ диэн.

4/V. Бүгүн 3 кандидат: А.С.Борисов, И.И.Петров, И.Г.Шаповал Якутскайтан кэлээт, маҥнайгынан Халбаакыга быыбардааччыларын кытта көрсүһэ кэллилэр.

А.С.Борисов маҥнай тыл этэригэр «691 № быыбардыыр уокурукка ааспакка хомойон сырыттахпына, правительственнай выборнай телеграммалар кэллилэр, «Халбаакыга Романовкаҕа курдук кыһыл былаах көтөхпүттэр» диэни…, дьонум туруорбуттарын истэн олус долгуйдум» диэбитин истэн соһуйдум, дьиктиргээтим, Борисов ассоциацията биһиэнигэр чугаһаабытын. Ыарахан ыгыы-түүрүү кэмигэр поддержкалаабыт тэрилтэлэрбит агитационнай үлэҕэ, охсуһуубутугар кыайан кыттыбат кэмнэригэр бэйэбитин «Потемкин» крейсер, кыһыл былааҕы көтөҕөн баран, Чернай муора кытылыгар суос-соҕотоҕун уһуннук уста сылдьыбытыгар холонон күлсэр этибит.

Быыбар иннинээҕи агитациялыыр үлэ муҥутуур тыҥааһыннаах күннэрин туһунан аҕыйах быһа тардыыны ааҕабыт.

8/V. Түүн утуйбатыбыт. Сарсыарда дьоммут (агит. бригада) 9 ч. куоракка киирдилэр. Уу бөҕө үһү. Киирэн драмтеатрдары кытта көрсүһэн индомҥа (Сосновка), I Чочуга, Кыадаҥдаҕа сылдьыахтаахтар. А.С.Борисовтаах Тылгыныттан киирэн 11 ч. оскуола учууталларын кытта көрүстүлэр. Онтон Балаҕаччыга 3 ч. көрүстүлэр. Киэһэ 8 ч. I Чочуга. Чочуга, Балаҕаччыга көрсүһүү үчүгэйдик барбыт. Оскуолалар тэрээһиннээхтик көрсүбүттэр.

9/V. Иниц. группа уонна драмтеатр артистара бэҕэһээ Чочуга, Кыадаҥдаҕа, бүгүн педучилищеҕа, сарсын РДК-ҕа концерт көрдөрүөхтээхтэр.

10/V. …Куораттан сурах кэллэ (ЛМВ): медиктэр врачтары, отдел. завед-рын мунньан Н.В.Матвеевы эрэ агитациялааҥ, мэтириэтин кинини эрэ хаалларыҥ, агитация барыта Матвеевка барыахтаах диэбиттэр.

11/V. Оройуон радиотынан Н.П.Григорьев, М.А.Таппагарова, С.Д.Борисова ыстатыйаларын аахтылар. (Бу) ыстатыйалары оройуон хаһыата (Шувалов) бэчээттээбэппин диэбитин кэннэ бу биэрии — улахан харса суох быһыы!

Инициат. группа дьоно дьэ дьиэлэрин буллулар (вертолетунан).

12/V. 2 ч. Тойон Хонууга агитация ыытан, ыллаан-туойан араҕыстыбыт. Дьиэбитигэр 8 ч. ааһыыта кэллибит. Телефонунан Н.В.А.-лыын кэпсэттим. 1). Балаҕаччыттан ыйыппыттар: Б.А.С. кандидатуратын уһулунна дуо? — диэн. Ону өйдөтөн Балаҕаччыга, Чочуга, куоракка, Орто Бүлүүгэ, Лөкөчөөҥҥө, II Чочуга телеф-р. 2). Михайлов, Матвеев дьоно куоракка утуу-субуу ыалга сылдьан агитация бөҕө үһү. «Борисов дьоно ханналарый?»- дииллэр үһү куорат олохтоохторо. 3). I средн. шк. инициат. группа тэриммиттэр.

I Чочу Н.С.И-н: Настрой үчүгэй! Кыадаҥдаҕа инициат. группа тэрилиннэ.

Итинник тыҥааһыннаах, араас киирсиилээх агитациялыыр үлэ кэнниттэн быыбар күнэ үүнэр.

14/V. Дьэ, көһүтүүлээх, долгутуулаах күн үүннэ! 6 ч. баран быыбард-т. Оскуола үлэһиттэрэ 8 ч. диэки бары быыб-н бүттүлэр.

Салгыы Анна Егоровна быыбарга куоластааһын түмүгүн бары нэһилиэктэринэн хомуйан оҥорбут. Кыргыдайга, Халбаакыга, Тоҕуска, Чочуга, Бөтүҥҥэ, Хампаҕа кыайыы бэлиэтин кыһыл былаахтары ойуулаабыт, быыбар түмүгүнэн санаатын суруйбут:

Медиктэр үҥсүүлэринэн Григорьев, Уварова застой саҕанааҕы руководителлэр, быраастары үүртэлээбиттэр, агитацияны ыыттарбатахтар, дьону медосмотрунан хаппатылар, демократия идеятын кэстилэр диэн холуннарыылаах ыстатыйа тахсыбыт. Дьэ, кирдээх да дьон!

Хата, бу быыбардар дьэ көрдөрдүлэр, ким хайдаҕын-тугун. Дьиҥнээх рентгени дьон аастылар. Онтон атын билиэ да суох эбиппит дьон дьиҥнээх ис дууһатын.

Элбэх үтүө доҕоттор, дьиҥнээх охсуһааччылар, ыраас дууһалаах, бэйэлэрин иннин көрүммэт, куттаһа суох дьон — бу мин бииргэ үлэлиир дьонум, доҕотторум. Киэн туттабын Халбаакы 401 олохтооҕунан, биир дойдулаахтарбынан.

Сүгүрүйэбин, киэн туттабын аҕабынан, кини доҕотторунан, биир санаалаахтарынан Н.И.Протопопованан, К.Е.Павловынан, К.К.Корякинынан, В.С.Андреевынан, Е.К.Степанованан, М.Е.Тимофеевынан, М.Е.Лукинынан, Н.Н.Каратаевынан, В.А.Васильевынан.

Махтанабын Хампа, Тоҕус, Бөтүҥ, Чочу, Кыргыдай олохтоохторугар уонна бары А.С.Борисов иһин куоластарын биэрбит бар дьоҥҥо.

Бастакы куоластааһын түмүгүнэн, биллэрин курдук, уокурук үрдүнэн 14 438 куолаһы ылан А.С.Борисов, 9 104 куоластаах А.С.Рехлясова хаттаан куоластааһыҥҥа киирбиттэрэ. Салгыы агитациялыыр үлэ, төһө даҕаны суол-иис алдьанан ыарахаттар үөскээтэллэр, барыы-кэлии тохтоотор, өссө ордук хатыһыылаахтык барбыта.

17/V. Св.Павлович: Чемчоев сарсын Үөһээ-Б. барар. А.С.Борисов училищеҕа көрсүбүт. Көрсүһүү үчүгэй.

3 ч. РОНО, культ., райсовет коллективтарын кытта көрсүстэ. Үчүгэй этиилэр.

2 ч. балыыһа ылбатах.

4 ч. Герасим РК ВЛКСМ актив. (көрсүспүт). Нам РК ВЛКСМ I секр. (кытта) кытаанах кэпсэтии. А.С. промкомбинакка көрсөр. РДК-тан эдэр дьон А.С.Борисовы агитациялыы кэлбиттэр.

5 ч. А.С. бытовой комбинат дьонун кытта көрсүбүт. 30-ча киһи. 21 ч.40 мин. Телефонунан Герасимныын уонна Андрей Саввичтыын кэпсэттибит. А.С.Борисов трубканы ылар:

– Здравствуйте! Настроение үчүгэй, бодрай. Наһаа напрягайсы гынар билигин, арааһа, наадата суоҕа дуу? Бэйэтэ «как снежный ком» баран иһиэ этэ буоллаҕа дии! Якутскайга тиийэн театрга дэлби кэпсээтим, хайдахтаах дьону кытары, эһигини Халбаакылары, көрсүбүппүн. Кинилэргэ билигин биһиги 1982-83 сыллардааҕы эбэтэр өссө ыарахан балаһыанньа буолан олорор диэтим. Барыгытыгар улахан привет! Эҕэрдэни кытта!

18/V. А.С.Борисов — Кыһыл Сыыр, Үөһээ Б. (Дүллүкү, Далыр)

Герасим: К. Сыыр үчүгэй. 80 % — уоскуйбакка подводнай лодка курдук 21-кэ дылы үлэлээҥ.

Хампа — 70-ча киһи. Боппуруос, кэпсэтии. Бары А.С.Борисовка.

Маннык бэлиэтээһиннэр Горнайга, Баппаҕаайыга, Бүлүү к. балаһыанньа хайдаҕын көрдөрөллөр. Онтон агитациялыыр үлэ бүтэһик күнэ:

20/V. Степ.Данил-на: Андрей Саввич-х I Күүлэккэ көттүлэр. Онтон вертолет кэлэн 3 саппыкы ылан барыахтаах. Үөһээ Бүлүүгэ бадараан бөҕө үһү.

Андрей Саввичтааҕы Үөһээ Бүлүүгэ Хороҕо хаалларан баран вертолеттара Нюрбалаабыт.

Анаст.Павловна Староватовтары куоластата таарыйа куоракка киирэн Андрей Саввичтаах Чемчоевы Якутскайга атаарбыт. Бииргэ түспүт хаартыскабытын биэрбит. А.С. үөрэн бөҕө үһү. К.Н.А. конспирация бөҕө үһү. Тоҕо гынара буолла? Балаһыанньабыт оннук ыарахан буолуо дуо? Туох үлүгэрэй, дойдубутугар дьону көрсөр, атаарар, кэпсэтэр эмиэ кистэлинэн буолуох баҕайыта дуу?

21/V. Хаттаан куоластааһын күнэ! Бүгүн барыта быһаарыллар!

Түүн 12 ч.40 м. УРА-А-А!!!!! ХОТТУБУТ!!! ҮӨРҮҮ-КӨТҮҮ!

Поздравления. Эҕэрдэлэһии.

Кимнээх эҕэрдэлээбиттэрэ барыта суруллубут, түүн 2 ч.30 м. салгыы өссө даҕаны испииһэктэммит. Сэрэйдэххэ, утуйуу даҕаны умнуллубут бадахтаах, биһиги эмиэ түүн ортото оҕолорбутун кытта таһырдьа тиэргэммитигэр тахсан үөрүүбүтүттэн хаһыытыы-хаһыытыы эккирэспиппитин өйдүүбүн.

22/V. Эҕэрдэлэр. (Сарсыарда 7 ч. испииһэк салҕаммыт).

10 ч.05 м. – Общешкольная линейка

Дорогие ребята! Завершилась наша 42-дневная эпопея – политич. борьба за кандидата в народные депутаты СССР. Заверш. эпопея нашей победой! 28 097 чел. из 5 районов отдали голоса за А.С.Борисова. Борьба показала, что мы не одни.

Анна Егоровна күннүгүттэн аҕалыллыбыт быһа тардыылар хайдахтаах курдук тыҥааһыннаах быыбар ааспытын туһунан өйдөбүлү үөскэппит буолуохтаахтар. Аны аҥардас туох буолбутун тиһэринэн муҥурдаммакка, бэйэтин санаатын, буолбукка сыһыанын, сыанабылын суруйан хаалларбыта бу күннүгү олус сыаналаах оччотооҕу кэми туоһулуур докумуоҥҥа кубулуппут диэн санааҕа кэллим. Хас даҕаны сыллааҕыта кылгастык көрсөн ааспыппытыгар Анна Егоровна бу күннүгүн туһунан кэпсээбитигэр: «Оо, бэрт даҕаны эбит, ону туһанан тугу эрэ суруйбут киһи», – дэһиспиттээхпит. Ол онон хаалбыта. Ону саныы сылдьаммын, бу түгэнинэн туһанан дьоммут-сэргэбит билиитигэр таһаарабын.

Ким эрэ ааспыты-буолбуту эмиэ тоҕо эридьиэстээтигит диэҕин, ким эрэ өһүргэнэ саныаҕын сөп бөҕө буоллаҕа дии. Онуоха мин хоруйум: мин сыалым – ааспыты алкыйыы, кими эрэ баһааҕырдыы буолбакка, Анна Егоровна киһи быһыытынан олоххо, дьоҥҥо сыһыанын нөҥүө оччотооҕу быһыыны-майгыны көрдөрүү. Күннүк бүтэһик илииһигэр кэлин суруллубут (2014 с.) «Түмүк оннугар» диэн ситэриллибэтэх бэлиэтээһиннэр бааллар. Ону аҕалыым.

Түмүк оннугар.

Үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр ССРС-ка норуот дьокутааттарын быыбара буолан ааспыта. Төһө да сабардаан турбут систиэмэ тыйыс сабыдыала баарын иһин, ити быыбары «аан бастакы демократия быыбара» диэтэххэ улаханнык сыыспаппыт буолуо. «Новое мышление», «Уларыта тутуу», «Гласность» эҥин диэн өйдөбүллэр баар буола сылдьыбыт, саҥа олох сиккиэрэ Саха сиригэр биллэн эрэр кэмэ. Ол курдук, хаһыаттарга быыбар «бүрүкүрээт аппараата» соҥнооһунун хоту баран эрэрин саралыыр ыстатыйалар элбэхтик тахсаллара. Быыбар хампаанньатыгар аныгы «кирдээх» технологиялар, «үлэҕиттэн үүрүөхпүт», «дьыалаҕын көрүөхпүт» эҥин диэн (куттааһыннар) саҥа үөдүйэн эрэр кэмнэрэ эбит. Хастыы даҕаны күрэстэһэр хандьытаат нэһилиэнньэни бииргэ кыттыһан кэрийэ сылдьан аҕытаассыйалыыр түбэлтэлэрэ баар этэ (Борисов и К).

Быыбарга туох да уоппута суох.

Манан Анна Егоровна бэлиэтээһиннэрэ бүтэллэр. Үөһээ эппитим курдук, бу күннүк олус сыаналаах аныгы историяны туоһулуур докумуон тэҥэ суолталаах буолар. Анна Егоровна бэлиэтээбитин курдук, бастакы демократия тыынынан илгийбит быыбар дьон-сэргэ сүргэтин көтөхпүтэ, партия, былаас диктатыттан босхолонуу бастакы холобура буолбута, көҥүл санаа дьону түмэр күүстээҕин чаҕылхайдык көрдөрбүтэ. Өссө төгүл уһулуччу чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын: оччотооҕу көҥүл санаа уһуктуутун биир күөртээччитинэн, өйөөччүтүнэн Бүлүү оройуонун Халбаакы орто оскуолатын учууталын, директорын, бэйэтин нарын-намчы, номоҕон дьүһүнүгэр дьүөрэтэ суох модун эр санаалаах Анна Егоровна Уварованы ааҕабын! Кини сырдык аатыгар – сүгүрүйэбин! Бу тыллар кини тыыннааҕар этиллибэтэхтэрэ – хомолтолоох…

Святослав Павлович ГРИГОРЬЕВ,

үлэ ветерана, 1988-89 сс. «Мастаах» совхоз, 1989-90 сс. «Бүлүү» совхоз парткомун секретара.

2023 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. тохсунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *