Кузьмин Николай Егорович ахтыыта

БУЛДУМ ТУҺУНАН. ХАЙДАХ БӨРӨЛӨӨБҮТҮМ

Суруксут, санааларын-сүбэлэрин сатаан тиһэн суруйар дьону наһаа ытыктыыбын, сөҕөбүн, саастаах өттүлэригэр сүгүрүйэбин. Бу дьон норуоту үөрэтэллэр, билиини биэрэллэр, сайыннараллар.

Мин биир бэйэм сурукка адьас сүрэҕэ суох киһибин, оттон ааҕарбын баҕас туохха да биэрбэппин. Дьэ ол бэйэм бу суруйан эрэбин. Суруллубут суоруллубат диэн буолар, суруйбуппун тиһэҕэр тиэртэхпинэ бэйэбэр кыайыы буолуо этэ. Лэбэй баҕайытык суруйууһубун быһыылаах, чэ, хайдах сатанарынан буоллаҕа.

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар дьонум Чоноойу үрэҕэр сүөһү пиэрмэтигэр олорор буоланнар, Эмискэ интэринээккэ олорор этим. 1962 сыллаах күһүн иккис кылааска үөрэнэ сылдьан аймахтарбар Устинов Николай Дмитриевичтаахха – Окоо Ньукулайдаахха, уолаттарын Үстүүнү, Куоканы кытары оонньуу кэллим. Ол сылдьан таах дьиэҕэ муостаҕа тэпсиллэ сылдьар халыҥ баҕайы таһа суох кинигэни булан, бастакы сирэйиттэн аҕыйах илииһи ааҕаат, умсугуйан, төбөм оройунан ааҕыыга түстүм. Дьиэбин ахтан буорайа сылдьар киһиэхэ оруобуна биһиги олохпут курдук ойууланан барда эбээт.

«Бу кинигэни миэхэ уларсыҥ», – диэбиппэр уолаттар: «Саатар эрэ ыл», – диэн сөбүлэһэ оҕустулар, бэйэлэрэ отой да аахпат быһыылаахтар, дэлэҕэ таһа суох, муостаҕа тэпсиллэ сылдьыа дуо. Ол кинигэни кыһыны быһа ааҕан, сааһыары бүтэрдим. Нэһиилэ сүһүөхтээн ааҕар киһи кинигэм бүтүүтэ элэгэлдьиччи ааҕар буоллум. Кинигэм аатын кэлин хас да сыл буолан баран биллим – Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм» арамаана эбит.

Оччону аахпыт киһи атын кинигэлэри тулутуом дуо, ааҕыллыах айылаах сахалыы кинигэни биэс сылынан ааҕан бүтэрбитим диэххэ сөп. Икки ыйга биирдэ тахсар «Хотугу сулуһу» ааһан иһэн ааҕабын. Ити 1965-66 сыллар эргин. Олортон эттээх кинигэлэр «Төлкө», Эрилик Эристиин арамааннара, уо.д.а. этилэр.

Оччолорго кинигэ тахсыыта аҕыйах, аны нууччалыыны өйдөөбөт буоламмын аахпаппын. Арай тохсус кылааһы бүтэрээри сылдьан Шолохов «Тихий Дон» арамаанын ааҕан баран соһуйан-өмүрэн, дьэ нууччалар да сахалар курдук үчүгэйдик суруйар эбиттэр диэн аны нууччалыыга түстүм. Нуучча кинигэтин бүтэриэҥ баара дуо, 20-чэ сыл күүскэ ааҕан баран уоскуйан тохтообутум. Ол оннугар сахалыы-нууччалыы хаһыаты, сурунаалы эдэр эрдэхпиттэн, 80-с сылларга 120 солк. тиийэ сурутар этим. Хамнас сопхуос саҕана муҥутаан 120 солк. этэ. Мин булчут буолан хамнастаах буоллаҕым.

Кыра сылдьан түүннэри мөлтөх уокка, интэринээккэ көрүдүөртэн соҕуруокка үрдүнэн киирэр уокка, ый сырдыгар эҥин, үксүгэр сытан эрэ ааҕан, харахпын буортулаабыт эбиппин. Сурук эрэ, кинигэ эрэ буоллун – аҥаар кырыытыттан ааҕан иһэрим. Хата онтум туһалаата буолуо, Эмис аҕыс кылаастаах оскуолатын биир да сыл кылааспар хаалбакка 1968 с. бүтэрбитим. Маҥнайгы кылааска 36 оҕо баар этибит, оччолорго сыл аайы 5-6 оҕо кылааһыгар хаалара. Дьэ сүрдээх «чиҥэтии» этэ, сорохтор үөрэнэ сатаан баран, 18-рын туолан, 5-6 кылааһынан үөрэнэн бүтэн холкуос үлэһитэ буолаллара. Инньэ гынан 1953 сыллаах төрүөх 5 эрэ оҕо: 3 кыыс, 2 уол буоламмыт ахсыһы хаалбакка бүтэрбиппит.

Мин кылааска сүрдээх түргэнник учуутал кэпсээниттэн теманы өйдүү охсорум, хоһоону нойосуус үөрэппэккэ кэлэн бараммын, аҕыйах оҕо этиэн икки ардыгар үөрэтэ охсоммун үчүгэй сыананы ыларым. Дьэ ол оннугар дьиэтээҕи үлэ диэни үксүгэр толорбокко кэлэрим, дэлэҕэ учууталларым Тарас Николаевич Степанов, Татьяна Еремеевна Солдатова сордоно сатаан баран этиэхтэрэ дуо: «Бу киһи учуонай буолуон сөптөөх киһи, кылааска саамай түргэнник өйдүүр, ол гынан баран сүрэҕэ суоҕа бэрт, дьиэтээҕи үлэни толорон аҕалбат», – диэн. Дьэ ону баҕас билинэбин, төһө эмэ интэринээккэ уруок аахтарыы, хонтуруол баарын үрдүнэн уруокпун толорбокко, учебник иһинэн уус-уран кинигэни хос тутан ааҕа олорооччубун.

Мин 1953 сыллаахха ыам ыйын 7 күнүгэр Амма оройуонун Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Билигин Амма улууһун Олом Күөлэ диэнинэн билэллэр. Төрүттэрим Көстөкүүнэптэр диэн төрүт олохтоох дьон, Чоноойу үрэҕэр олорбуттар. Биһиги олорор улахан үрэхпит Хомпу диэн. Амма диэкиттэн уутун тардан, Чыамайыкыттан киирэр Тамма үрэхтиин Улуу Тоҕойунан холбоһон, Тамма үрэх буолан, Хаптаҕай чугаһынан Өлүөнэ эбэҕэ түһэр. Хомпу үрэхпит үрдүк мырааннардаах, таастаах үрэх, саас хаатын толору уутун киллэрэн күллүгүрүү-халлыгырыы турдаҕына мээнэ киһи туоруу санаммат. Эдэр-дохсун сылдьан атынан харбатан туоруур буоларбыт. Онно араас буолара, үчүгэйдик харбыыр ат этэҥҥэ уҥуор таһаарара, ардыгар уҥуор өттө эмпэрэ, туруору буоллаҕына тымныы ууга балайда буккуллан, талахтан эҥин тардыһан нэһиилэ кытыыга тахсарым. Ол барыта араас куһу күөрэтэн, уҥуор түһэрэн баран ону хаалларымаары буолара. Билигин санаан куттанабын, хата барыта этэҥҥэ аастаҕа.

Бу Чоноойу Хомпу үрэх биир саамай бултаах-алтаах үрэҕэ, ордук тайах таптаан турар сирэ, элбэх халдьаайы, куула салаалардаах. Куулатыгар эһэ кырдьаҕас «дьиэлэнэр», бөрөлөр да суолланар сирдэрэ. Оҕо сылдьан бу Хомпу баһыгар олордохпут дии. Билигин олорор Олом Күөлбүттэн уутун ылар баһа түөрт көс, икки өттүнэн түһэр үрэхтэрэ эмиэ түөрт көс курдук. Онон түөрт уон да түөрт уон км. сиргэ Олом Күөл сирэ тарҕанан турдаҕа. Бу кыра соҕус сир, манна баар, үөскүүр кыылы-сүөлү быһа холуйан төһө баарын киһи билэр. Кэнники биһиги эдэр эрдэхпитинэ суох кыыллар: саарба, туртас, кулааһай, улар биир көрүҥэ кэллилэр. Тайах, таба, элик, бүүчээн, эһэ, бөрө, бэдэр, саһыл уруккуттан бааллар. Хата биһиэхэ сиэгэн суох, сүрдээх куһаҕан кыыл, Амма баһыгар, Уус Майдаҕа баар.

«Арай мин эдэрбин эргиппит эбиппин, элик кыыл табалыы элэҥнэс буолбуппун», – диэн Юрий Платонов ыллыырын үгүс сааһыран эрэр дьон өйдүүргүт чахчы. Дьэ бу элик диэн туртастан кыра, бүүчээнтэн улахан, Саха сирин сэдэх, мааны кыыла баар эбит. Элиги дьон билбэт буолбут, мин бэйэм да кэлин билбитим. Элик – таба бииһин ууһа, таба курдук үрэх сиргэ, үрдүк мыраан аннын кэрийэн, хаһан аһыыр. Хонууга киирбэт, бука лабыктаны сиэн эрдэҕэ. Дьоҥҥо мээнэ көстүбэт. Хаардаахха мыраан анныгар суола элбэх буолар. Суолун көрөн мин маҥнай туртастар дии саныырым.

Элиги бастаан хайдах билбитим туһунан кэпсиим. Биир күһүн саарба саҕана Арыылаах күөлүн үрдүгэр бииргэ төрөөбүт быраатым Константинов Никодим Егорович Амматтан кэлэн үүтээнигэр олороругар билсэ-көрсө тиийдим. Никодим биһиги алта бииргэ төрөөбүт уолаттартан саамай кырабыт этэ. Кини оҕо эрдэҕиттэн үрэххэ, айылҕаҕа үөскээбит буолан, бэйэтэ этэринэн дьиҥнээх эколог, ону таһынан леснигинэн үлэлии сылдьыбыт буолан наар тыаны ыраастыы, хомуйа сылдьааччы. Суол кытыытыгар охтубут маһы, мутуктары чохороонноох сылдьан, чөмөхтөөн кэбиспит буолара. Кыра сылдьан биһигини, убайдарын, элбэх куһу өлөрөҕүт, элбэхтик ытаҕыт диэн сүгүн бултаппат этэ. Бэйэтэ наар сатыы сылдьара, бултууругар аты мииммэт, сөбүгэр куруутун кэриэтэ илии тутуурдаах буолара.

Ити курдук бырааппар үүтээҥҥэ тиийэн үгэс курдук туох сонун, булт-алт диэн туоһуластым. «Ээ, соччо суох, арай мыраан анныгар туртаска ииппит туһахпар иҥнибитин бэҕэһээ аҕалбытым»,-диэтэ. «Ханна гынныҥ, астаатыҥ дуо?» – диибин, ону: «Ээ, бүтүннүү сүгэн аҕалбытым, үрүксээккэ уган», – диир. «Ол туртас үрүксээккэ батар үһү дуо?» – диэн соһуйабын. Киһим: «Маннык бүк тутан, бүтүннүү уган аҕалбытым», – диэн кыра дьоҕус үрүксээги көрдөрөр.

Мин соһуйуу бөҕөбүн. «Итэҕэйбэт буоллаххына тириитэ бу турар», – диэн истиэнэни ыйар. Онно көрдөхпүнэ эркиҥҥэ ойоҕосторугар бээтинэлэрдээх, эмэһэтигэр маҥана суох, бороҥ дьүһүннээх кыра баҕайы тирии тиириллэн турар. Өктөөп 10-ча чыыһылата буолан, түүтэ-өҥө ситэн, кылабачыйан сүрдээх. Дьэ «бабат» диэтим, элик диэн отой туһунан, таба бииһин ууһа кыыл баарын биллим. Тээтэм Дьөгүөр Ньукулаайабыс Көстөкүүнэп сылгыһыт буолан үрэҕи, алааһы элбэхтик кэрийэрэ, ол сылдьан мин кыра эрдэхпинэ биирдэ да туртас туһунан ахтыбат этэ. Арай биирдэ: «Элик көрдүм, элэс гынан хаалла», – диэбитин өйдүүбүн. Бэйэтэ айылҕаттан киһи хараҕар ылбычча көстүбэт буолан, дьон билбэтин кэриэтэ.

Маны тоҕо суруйаҕын диэтэххэ, оннооҕор биология департаменыгар киирэ сылдьан кэпсээбиппэр итэҕэйбэккэ туртас оҕото буолуо диэн тураллар. «Чэ, бултаан аҕалан көрдөрөөр», – диэбиттэрэ. «Кэбис, арай ыстарааптаабат буоллаххытына», – диэбитим. Тоҕус сааспыттан саанан туттар буолуохпуттан элиги бултуохтааҕар, бу 57 сыл устата харахпар да түбэспэт. Билигин биллэхпинэ ол үрэххэ мырааннар анныларынан көрөр суолларым эликтэр киэннэрэ эбит. Алаастаах сирдэргэ сэдэх, эбэтэр отой да суох буолуо. Бу дьон умнаары гыммыт элик диэн кыылбытын дьиҥнээх булчуттар билэр буолуохтааххыт, мин суруйарбын бигэргэтэн бэчээккэ сырдатаарыҥ диэн көрдөһөбүн.

Туртас биһиги диэки кэнники дэлэйбит кэлии кыыл. Интэринээккэ олорор эрдэххэ чугас дьиэлээх оҕолор өрөбүлгэ дьиэлэригэр бараллара. Эмистэн, бөһүөлэктэн, аҕыс килэмиэтирдээх Ураһалаах диэн сиргэ пиэрмэҕэ олорор дьонноох, биир кылааска үөрэнэр уолум Вася Новиков өрөбүлгэ тиийэ сылдьан туртастары көрөн, өссө бултаабыттар курдук өйдүүбүн. Вася кэпсээн-ипсээн аҕай кэлбитэ, үүт-үкчү уруһуйдаан көрдөрө-көрдөрө. Ити 1965-66 сылларга буолуо. Аны туртас улахан, киһи бүтүннүү кыайан сүкпэт. Эмэһэтэ маҕан түүлээх, нууччалар «зеркальцета» дииллэр, онон күөрэҥнээн сүүрдэҕинэ борук-сорукка сүрдээх үчүгэйдик көстөр, ону көрөн батысыһаллар. Үксүгэр оҕолорунаан үһүө-төрдүө буолан сылдьаллар.

Туртас хараҥарыыта, сырдыыта хонууга киирэн отунан, эрбэһининэн аһылыктанар, ол иһин элбэхтик дьоҥҥо түбэһэр. Үксүн массыынанан сылдьан чэпчэкитик кыайаллар, хата кэлин наһаа элбээн, син тулуктаһан, эстибэт курдук. Итинник хас эмэ массыынанан элбэх буолан сылдьалларын төрүт сөбүлээбэт суолум, ол сылдьан омуннаах дьон былдьаһа-былдьаһа мээнэ сааны эһэллэр, сылгыны-сүөһүнү ыталлар, дэҥи-оһолу таһаараллара элбээн эрэр.

Кулааһай биһиги диэки кэлбитэ син ыраатта. 1985 сыл эргин бииргэ төрөөбүт бырааппынаан, Константинов Егор Егоровичтыын саарбалыы сылдьан, Гошам Чыамалыкы үрэҕэр улахан баҕайы туртаһы көрдүм диэн кэлбитэ. Муоһа сүрдээх, ол гынан баран туртас курдук көтүөккэлээн сүүрбэт, сылгы курдук сүүрэр диэн бэркэ дьиибэргээбит этэ. Онтон ыла сыыйа көрөн барбыппыт. Түбэһэ түһэн, атынан сылдьан көрөн, ардыгар ыт утары сүүрдэн аҕалан бултуурбут, аҕыйахтык. Кулааһай соҕурууттан Өлүөхүмэ, Ленскэй диэкиттэн кэллэҕэ. Антах олохтоох дьон батыһан, ыҥыран, тураҥҥа кэтээн бултуур үһүлэр. Арба уонна 1983 сыл эргин бөртөлүөтүнэн бөрөлүү сылдьан Аммаҕа, Кириэстээх үрэҕэр кэбиһиилээх оту киирэн үрдүгэр тахсан дэлби сиэбитин, тэпсибитин көрөр этибит.

90-с сыллар кэннилэриттэн буулдьа саа көҥүл атыыга тахсан, баай уолаттар 5-6-лыы нарезтаах араас сааланан, үчүгэй кыахтаах массыыналарынан кулааһайдары анаан бултаһа сылдьыбыттара. Бука бэйэлэрин икки ардыларыгар куоталаһан эрдэхтэрэ буолуо, онуоха эбии кулааһай бэйэтэ да эриэккэс, муоһа да үчүгэй көстүүлээх. Хата билигин уоскуйа быһыытыйдылар, сокуон да кытаатта. Бэйэлэрэ тойон-хотун буоллулар, кыра булт эҥин аайы репутация, аат-суол алдьаныан, үрдүк хамнастан матыан ким баҕарыай!

Уонча сыллааҕыта Саҥа дьыл биир хонук иннинэ браконьердар ытан ыыппыт кулааһайдара өлөн, аһыйан хаалбытын, Хайахтаахха сүөһү көрө олорор үлэһиттэрим биир ытым Оҕотоо хантан эрэ хаан буолан кэлэрин кэпсээннэр, суолун ирдээн булбутум. Сылгы оҕуннаҕа диэн барбытым, үрэххэ харыйа быыһыгар, туох да булбат сиригэр алдьархайдаах аарыма буур өлөн буортуйан сытара. Аһыйбытыҥ иһин хайыаҥый, саатар дьон айаҕар киирбэтэх. Таах хаалыа дуо диэммин эрбээн, лоскуйдаан ыттарга биэрдэхпит дии. Муоһун туһунан ылан, Макаров Анатолийга оҥотторон, өрөспүүбүлүкэҕэ булчут күнүгэр быыстапкаҕа туруоран үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксибиппит. Сэттэ салаалаах наһаа улахан муос этэ. Онно быыстапкаҕа турар муостар бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн кэллэхтэрэ, араас улахан салаалаах наһаа кыраһыабай этилэр да, мин муоспун анал жюри көрөн баран 2-с миэстэни биэрбитэ.

Туйахтаах кыыллартан биир саамай сымнаҕастара тайах барахсан буолар. Тайаҕы биһиги харыстаан «кыыл» диэн ааттыыбыт. Дэлэҕэ да Сэбиэскэй Сойуус саҕана кыылы иитэр үс пиэрмэ баар буолуо дуо, билигин олортон биир эрэ хаалла быһыылаах. Оччолорго «Охота» диэн сурунаал баара, онно көрдөххө тайаҕы миинэллэр, көлүйэллэр эбит этэ. Ынах курдук ыыллар, үүтэ хойуу, 15% сыалаах, битэмиин, эмп бөҕө үһү. Билигин да биһиги курдук чөкө олорор сиргэ иитиэххэ сөп. Хаста да кыыл оҕотун күһүҥҥэ, кыһыҥҥа диэри иитэ сылдьыбыттаахпыт, ону улаатан, харааран кыыл курдук буолтарын кэннэ араас омуннаах дьон массыынанан сылдьан ытан кэбиһэллэрэ.

Тайах 1975 сылтан биһиги эргин наһаа элбээбитэ. Ол иннинэ 1969 сыл күһүнүгэр улахан кыылдьыт оҕонньоттору батыһан, алта хонук тугу да бултаабакка төннүбүппүт. Дьонум өссө хаалан түөрт хонук сылдьан кураанах мэлийэн кэлбиттэрэ. Эппитим курдук кыыл бөҕө кэлэн, кыһын үрэхпитин сылгы курдук тэпсибиттэрэ. Биһиги саарбаҕа сылдьан күн аайы кэриэтэ көрөрбүт. Отой ыта сатаабаппыт, тайах тутууһута ааһан, быста ыран, тириитэ уонна уҥуоҕа эрэ хаалар буоллаҕа.

Билигин кэлэн өйдөөтөххө, оччолорго БАМ тутуута саҕаламмыт эбит. Онно түҥ тайҕаҕа тимир суол, куорат тутуута, төһөлөөх тыас-уус, аймалҕан буолта буолуой, онтон күрэнэн кыыл-сүөл биһиэхэ элбээтэҕэ. Саарба эмиэ онтон кэлэн элбээбитэ диибин. Биһиги Хомпу үрэхпит баһыгар, салаа үрэхтэригэр элбэх тайах Амма баһынан кэлэн тохтоон, хаатыйаланан хаалтара. Аһары Мэҥэ диэки барыахтарын бөһүөлэк, дэриэбинэ, киһи-сүөһү элбэх буоллаҕа, онно да син ааспыттара, бөһүөлэктэр быыстарыгар бултуулларын истэрбит.

Биһиги төрдүө буолан уон хонукка тутуһуу кэмигэр үрэххэ үүтээннэргэ сытан эрэ бултуурбут, күн аайы кыыллары үрдэрэбит, ардыгар күҥҥэ иккитэ бултуубут. Эппитим курдук тайах элбэҕэ бэрт. Оройуон охотоведа, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Пестерев Артём Николаевич, бултаабыккынан көрөн райпоҕа заготовка билиэтин элбэҕи биэрэрэ. Уонтан тахса саамай ыйааһыннаах, улахан буурдары маҕаһыыҥҥа туттарабыт. Үксүн Мэҥэттэн истиһэ-истиһэ Оломҥо кэлэн атыылаһаллар. Оччолорго ынах этэ нуорма, лимит. Артём Николаевичтыын биһиги үрэхпитигэр 80-90 тайах баара буолуо диэн ааҕар этибит. Билигин бэркэлээтэҕинэ 12-15 баара буолуо.

Биһиги оҕо сылдьан Билиилээххэ пиэрмэҕэ кыстыыр этибит, сайынын 3 км. Чоноойу сайылыкка. Оччолорго дьон бөһүөлэктэргэ көһөн барбыт этилэр. Аҕабыт сылгыга, ийэбит субан сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэрэ. Ыаллыы биһигиттэн ураты бэрт аҕыйах ыал баара. Ону таһынан ахсааннаах оҕонньор-эмээхсин хаалан өтөхтөрүгэр олороллоро. Бөдөҥсүйүү буолан, биһиги 1 Наахараттан ыал бары дьиэлэрин көтүрэн, Эмискэ киирэн бөһүөлэк төрүттээбиттэрэ.

Ити 1960-с сыллар ортолоро этэ. Онон Хомпу үрэх баһыгар бэрт аҕыйах сүөһү–сылгы хаалбыта, сүөһү хас да сиринэн пиэрмэлэргэ ккыстыыра, ону үксүн сулумах дьон көрөллөрө. Арай биһиги аҕабыт дойдутуттан көспөккө сүөһүгэ-сылгыга үлэлээн, үйэтин моҥообута. 54 сааһыгар өлбүтэ.

Биһиги алта уол бары кыра кылаастан 40-50 биэрэстэлээх Эмискэ интэринээккэ олорон үөрэммиппит. Үрэххэ киһи аҕыйах, кус-хаас наһаа элбэҕэ, мороду саҥата сүрдээх буолара. Кусчуттар түүн дурдаҕа олорон 40-60 куһу бултаан, сарсыарда 5 ч. саҕана ботуруоннара бүтэн кэлэллэрэ. Онтон сарсыарда төһө кус түһэн ааһара буолуой. Тимир ботуруону хара буруолаах буораҕынан, кумааҕы быыскалаан, дьиҥнээх сибиниэс дорубуонньугунан биир батарантаас 24 устууканы иитэллэрэ. Ону ытан бүтэрэн, дурдаттан тахсан кэлэллэрэ. Билиҥҥи курдук күөрэтэн ытыы, кэрийэн кустааһын суоҕун тэҥэ этэ.

Ол бултаабыт кустарын уҥа сыҥаһа диэн, эркини сырса уһун ороҥҥо тилэри кэчигирэппиттэрин биһиги оҕолор, сарсыарда уһуктаат, ойон тиийэн эҥин араас кэрэ дьүһүннээх кустары көрөр, ырытар буоларбыт. Ол кустар ааттарын билэрбит. Саамай элбэх кырааскалаах мороду, халба кустар буолаллара. Биһиги тээтэбитин дьон бары үчүгэй ытааччы дииллэрэ. Куһу олоххо холбоон баран ыталлара, биирдии киһи уон хонукка 200-300 куһу бултуура. Ол курдук хойукка диэри кус элбэх этэ.

Мин улаатан кусчут бөҕө буолбутум. Түүн муҥутаан 20-25 куһу, ол оннугар кэрийэн бэрт элбэх куһу кыайарым. Аптамаат саалаах буоламмын үрэххэ наар күөрэтэн ытарым, элбэх кус үрэх элгээниттэн көттөҕүнэ талан, атыырын, улаханын ытарым. Уон хонукка 300-тэн тахсаны, онтон да элбэҕи бултуурум. Кэнники көтөн таҕыстахтарына көтүтэн иһэн хоһулатан ытарга үөрэммитим. Мин били оҕо сылдьан элбэхтик ааҕаммын хаҥас хараҕым олох мөлтөх, 30-ча м. сиртэн ырааҕы көрбөт, онтон уҥам 100 м. кэриҥэ сиргэ балачча үчүгэйдик көрөр, онон сурукка да, ытарга да ачыкыланар диэни билэ иликпин. Ол мин күөрэтэн ыта үөрэммит «кистэлэҥим» диэн олорор куһу көрбөккө көтүтэн кэбиһэр буоламмын, үрэҕи кэрийэ сылдьан кыһалҕаттан күөрэтэ үөрэммитим. Оннук сылдьан соҕуруу спортинг диэн күөрэтии күрэхтэһиитин баарын билэммин: «Оо, биһиэхэ баара буоллар», – диэн баҕарар да буоларым. Онтукам, кырдьык, сахалар спортинг күрэхтэһиитин тэрийэр буоланнар, сааһырдарбын даҕаны хара тэриллиэҕиттэн ыппытынан барбытым. 2-с, 3-с миэстэттэн саҕалаан төттөрү барбытым. Ол бииргэ ытан саҕалаабыт дьонум сайдан, саалара тупсан, дьарыктара күүһүрэн, начаас уонтан тахса маастар баар буолла. Айаал Макаровпыт Арассыыйаны, Европаны, Аан дойдуну хаардыы хааман, кыайталаабыта.

Чэ, ити үөрбүччэ киһиргиибин. Биллэн турар, киһи тус хаачыстыбата быһаардаҕа. Ол гынан оннооҕор мин «Заречье» күрэххэ саа бириис ылан, билигин МР-153 диэн саанан ытабын. Миэхэ Баай Байанайым, Аар тайҕам элбэхтик маанылаан, куһу да, улахан да булду сыыстахпына, куоттардахпына отой хомойбоппун. «Оннооҕор миигиттэн куоттуҥ, дьоллоох кус, булт эбиккин», – дии саныыбын, атын саҥа бултуур-хайыыр дьоҥҥо бултатаар диибин, ол дьон үөрбүт сирэйдэрин-харахтарын санаабар көрөргө дылыбын.

Мин билигин уруккум курдук киэҥник-куоҥнук тэлэһийэн бултаабаппын. Ол оннугар биһиги дойдубутугар бултуур дьонтон хайдах, тугу, хантан бултаабыттарын сиһилии ыйытабын, оччоҕо бэйэм бултаабыт курдук сананабын, астынабын-дуоһуйабын. Урут оҕо сырыттахха оҕонньоттор бултаабыттарын туһунан наһаа да үчүгэйдик, сахалыы уус-уран тылынан, отой бэйэҥ онно киирэн көрө сылдьарыҥ курдук кэпсииллэрэ. Билиҥҥи дьон «көрдүм», «саайдым», «ыллым» диэн киһиргии аҥаардаах кэпсииллэр. Биһиги да оннук үчүгэйдик кэпсээбэппит, тылбыт мөлтөөн иһэр.

Аралдьыйан, бултаабыппыттан суруйуохтаахпын туораан иһэбин. Бээ, тугу суруйабын, бултаабытым да элбэх эбит, ордук тайах барахсаны…

Биир күһүн, 1974 сыллаахха эбит, үөрэхпин кэтэхтэн көһөттөрөн баран, куораттан кэлэн Эмистэн Оломҥо барыахтаахпын. Куораттан хойутуу соҕус кэлэн киэһэлик «ИЖ-Планета-3» матасыыкылынан түһүнэн кэбистим. 30 км. сири өр гыммат инибин диэбитим доҕоор, суолум дьаабы эбит, аны күһүҥҥү ириэнэх хаар кырыһы эрэ кыайбат, алтынньы саҥата быһыылааҕа. Тиэрэ-маары сүүрдэн, хата атаҕым уһун буолан онтон-мантан тирэнэн, нэһиилэ бөһүөлэктэн 8 км. Долборуктаах сайылыкка кэллим. Матасыыкылым дэлби итийэн-хайаан, отой да собуоттаммат буолан хаалла.

Хайыахпыный, хаалларан баран наһаа хараҥара илигинэ Халапчаайынан быһа Оломум диэки түһэн кэбистим. Сүүрбэ биирдээх эдэр киһи сүүрбэччэ биэрэстэ сири өр гыммат буолаҕым. Нареһа бүтэн хаалбыт, эргэ, сэттэтэ эстэр туоһапканы доҕор гынан сүгэ сылдьабын. Начаас Дьараайы илин баһыгар киирэммин, уоскуйан тохтоон, атаҕым таҥаһын көннөрө олорон өйдөөн истибитим – ыт саҥата иһиллэр курдук. Арҕаа диэки, миигиттэн 2,5 км. курдук сиргэ соҕотох ыт үрэр эбит. Оччолорго чуор бөҕө буоллаҕым, бу сирдэри биэс тарбаҕым курдук билэбин. Оскуола кэнниттэн икки сыл Даккыга дьоммун кытары субан сүөһү көрөн кыстаабытым. Бу Долборуктаах сайылыкка икки сайын сайылаабыппыт.

Дьүөгэнэ баһыгар үрэрин тута сэрэйдим да, тыанан ыт саҥатын хоту түһүнэн кэбистим. Өр гыммакка ыттаах кыылга чугаһаан, үөмэн истим. Бөдөҥ баҕайы тиит мас быыһыгар үрэр эбит. Ыт үрбүтэ ырааппыт быһыылаах, чочумча буолан, тохтуу-тохтуу үрэр. Ол быыһыгар хараҥаран барбыт, нэһиилэ барыҥнатан көрөн бараммын, били куһаҕан туоһапкабынан ыттым, бэрт улахан кыыл күлүк курдук соҕуруу диэки барыгылдьыйан хаалла. Оннук туран хааллым, кыыл да суох, ыт да үрбэт. Ытан да диэн бүппүт саа, ол кыра буулдьата кумаар да сиэбитин саҕа буолбат буоллаҕа уонна таппатаҕым да буолуо, тэйиччи соҕус, хараҥа, маһа бөдөҥ, элбэх.

Аны хаар бөҕө түһэн барда, хараҥарда, дьиэм Олом Күөл мантан кырата 20 килэмиэтир буолуо. Быһыттаахха тиийдэхпинэ суол устун син дьиэбэр тиийиэхтээхпин. Муҥар маарыын куораттан кэлээт, ыксаан аһаабакка туруммутум, матасыыкылбын кытары дэлби астаһан, аны тыанан сүүрэн аччыктаан бардым, утатыы да баһаам, сэниэ да эстиэх курдук да сытыам дуо, дьиэҕэ тиийиэххэ наада.

Быһыттаах балачча улахан алаас, бүтүннүү уу, кута буолааччы, онно сайын от бөҕө буолар да ким ону оттуой, оннук тоҥноҕо дии. Тайаҕым оруобуна ол хайысханан барбыта, мин эмиэ ол диэки баран иһэбин, мантан 4 км. курдук сир. Кыылы куоттаран кыһыйа иһэбин, улахан саалаҕым буоллар бултуо этим дии саныыбын. Тайах куоттаҕына хайысхатын мээнэ уларыппат, үксүгэр отой көнөтүк барааччы. Ол хааман, хараҥаҕа хайысхабын уларыппакка тыа устун Быһыттаахха тиийдэрбин, Быһыттаахпын быһа туораан, Оломнуур суолга тахсыахтаахпын. Ол аайы кута баччааҥҥа диэри тоҥноҕо, сайыҥҥы курдук эргийэ барбаппын диэн үөрэ саныыбын, эстэн иһэр киһиэхэ кыра да наада.

Ол иһэн өйбөр күлүм гынан санаа көтөн түстэ. Арай кыыл эмиэ бу хаар түһэ турдаҕына алааһы толоон дии санаан быһа бардын уонна тосту үктээн ууга түстүн, кыайан тахсыбатын. Ол эрээри фантазиялыы иһэрбиттэн бэйэм сонньуйдум. Ол иһэн ханна эрэ ыт саҥатын курдук охсуллан ааста, чөрбөйөн иһиллээн көрдүм да суох. Хаста да хааман истэхпинэ оннук иһиллэргэ дылы гынна да сүтэн иһэр, сылайан сымыйанан ону-маны истэбин дии саныыбын. Ол гынан оруобуна Быһыттааҕым халдьаайытынан киирэн кэллим, муммат буоллум диэн үөрэн, уоскуйан хаар сиэбитэ буоллум.

Арай иннибэр алааһым ортотун диэки чуолкай баҕайытык иккитэ-хаста ыт «моҥ» диэтэ. Мин инним диэки ыстанан кэбистим. Арай доҕоор, кэлбитим мууһу тоҕо үктээн, аарыма адаар муостаах лөкөй ууга түһэн кыайан тахсыбакка сылдьар эбит. Кыра дьиэ оннун саҕаны чардаат оҥорон кэбиспит, 10 см. халыҥнаах муус кырыытыгар түөһүттэн иҥнэ сылдьар, кыайан тахсыбат. Уута дириҥэ сүрдээх быһыылаах, атаҕа тургуйбат, чардаатыгар уста сылдьар. Хара моойторуктаах ыт барахсан дэлби сытыйбыт, ууга киирэн тахсыбыт быһыылаах, эстибит, кыайан үрбэт да буолбут. Миигин билбэт буоллаҕа, чугаһаабат, мин да хантан билиэмий. Мин туоһапкабынан кыылбын кэтэххэ ыта сатыыбын, көхсүн үрдүттэн курдаттыы ытан сүрэҕин таптарбын диэн ытыалыыбын, кыылым кымаардаан да көрбөт, уста сылдьар. Мин чардаат кытыытынан сүүрэ сылдьабын, тугу гыныамый, быһаҕым суох, оннук хаалларан дьиэлээтэҕим дии. Син-биир кыайан тахсыбат уонна мөлтөх да буоллар буулдьалары хатаатаҕым. Ыты аһыммытым иһин хайыамый, миигин батыспат, оннук хаалбыта, саатар аһаабатах буоллаҕа.

Оломмор, дьиэбэр түүн икки аҥаар чааска эстэн аҕай тиийбитим. Оччолорго маҕаһыын 10 чааска аһыллар, аны телефон аҕыйах, хонтуораҕа, сэбиэт, маҕаһыын уонна билиҥҥилии эттэххэ, аҕыйах «өҥнөөх» ыалга эрэ баар. Маҕаһыыҥҥа тээтэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Боккуой үлэлээбитэ, остуорастыыр этэ. Ити Эмискэ, бөһүөлэккэ эрийэбин, оччолорго сибээс боробулуоха боруобатынан барар. Эдьиийбит оҕонньоро Чемезов Петр Кононович диэн сэрии бэтэрээнэ, булчут киһи, киниэхэ кыыл билиэттээх. Соҕотуопкаҕа диэн кыыл этин райпо 2 солк. тутар. Тута 3 солк. атыылыыр. Илдьит ыыттым: «Оҕонньор тыраахтар булан кэлэ оҕустун, уһун торуостаах», – диэн.

Бэйэм эмиэ Быһыттаахпар сатыы 12 чаас ааһыыта тиийдим, дьонум Эмистэн сотору кэллилэр. Тайаҕым чардаатыгар өлөөхтөөбүт, ыт эрэйдээх бараахтаабыт. Тайах уон түөрт салаа муостаах. Аны кыылбытыгар чугаһаары «Беларусь» тыраахтарбыт мууһу тоҕо үктээн иҥнэри түһэн хаалла, өссө тимириэн сөп. Мин Эмискэ сүүрдүм, 12 км сири өр гыныам дуо, кыһалҕа буолаары гынан ыксааһын бөҕө. Ол тиийэн «ДТ-75» тыраахтары кэпсэтэн, 100 м торуостаах, тырахтарыыс Солдатов Николай Павлович аҕам табаарыһа буолан, сөбүлэһэн кэлэн Беларустары, кыыллары соһон ылбыппыт. Киллэрэн тута маҕаһыын олбуоругар астаан туттаран кэбистэхпит.

Дьэ ити курдук дьиктитик бултаабыттаахпын. Үс-түөрт сыл буолан баран Мэҥэ-Хаҥалас Тиэлигитигэр олорор, Лээгиттэн төрүттээх Гермогенов Ыстапаан-Хараардар диэн ааттаах булчут, сылгыһыт киһиэхэ кэпсээбиппэр: «Ол мин ытым, сарсыарда кэлбитэ, ыраах да илдьибит эбит, хам аччык этэ», – диэбитэ. «Саатар быһаҕым суох этэ», – диэбиппэр өйдөөбүтэ. Дьэ итинник булчут эрэйдээх, сылаалаах, ардыгар кутталлаах, ол эрээри балысхан үөрүүлэрдээх олоҕум биир түгэнин суруйдум.

1980-с сыллар саҕаланыыларыттан оройуоҥҥа бөрө наһаа элбээн, бөртөлүөтүнэн ытыы саҕаламмыта. Оччолорго бөрө элбэх сирдэригэр оройуон аайы бөртөлүөтү көтүтэллэрэ. Миигин Артём Николаевич ыҥыран, үс саас ытааччынан сылдьыбытым. Артём Николаевич охотовед, өссө бөрө элбээн егерь-волчатник диэн дуоһунастаах, мин кинини оҕонньорум диэн ааттыыбын.

Бөрө адьырҕалартан саамай чулуулара, өйдөөхтөрө, күүстээхтэрэ. Аҥаардас дьиэ кыылларыгар сылгыга, сүөһүгэ, табаҕа, ону таһынан тыа кыылларын төһөнү тутара буолуой, ону мин илэ харахпынан элбэҕи көрдөҕүм. Биһиги олорор Оломмутугар биир саас 40-ча, нөҥүө сааһыгар 60-ча сылгыны тардыбыттара. Ыксаан, сылгыны барытын Эмискэ үүрэн киллэрбиттэрэ. Мин көтүспүт маҥнайгы сааспар 23 бөрөнү, иккис саас 28-һы, үһүс саас 42-ни ыппыппыт. Тыа көмнөҕө түһүөҕүттэн кулун тутар саҥатыттан «Ми-2» бөртөлүөтүнэн көтөрбүт. Мин 1983-85 сс. саас көтүспүтүм.

Оо, дьэ, онно кэпсээтэххэ элбэх буоллаҕа, билиҥҥи курдук устар видеотехника баара буоллар дьон илэ харахтарынан көрүө этилэр. Ол билигин мин харахпар эрэ хааллаҕа. Сорох өттүттэн саатар кыралаан суруйан көрүөм. «Ми-2» бөртөлүөт биир куттууга 1200 л. кыраһыыны ылар, онтукатын үс чааһынан бүтэрэр. Эбиэккэ диэри биир оччо, эбиэттэн киэһэ биир оччо. Күҥҥэ алта чаас көтөбүт. Ол аата биир күҥҥэ 2 туонна 400 лиитирэ кыраһыыны салгыҥҥа үрэн кэбиһэр. Онтон «Ми-8» бөртөлүөт үс чааска 4 туонна 800 лиитирэни, алта чааска ол аата 9 туонна 600 лиитирэни салгыҥҥа үрэр. Сэбиэскэй саҕана ол харчытын ким да аахпат, босхо дии саныырбыт. Билиҥҥи үйэҕэ ол иһин бөртөлүөт бөрөҕө көппөтө сөп, аны ол арыый кыра «Ми-2»-ны көтүппэттэр, улахан «Ми-8» наар көтүтэллэр. Чэ, ол да буоллар билигин «учение» дии-дии араас самолёт, вертолёт бөҕө көтөр, сүүһүнэн, тыһыынчанан. Нуучча уолаттара сэриилэһэ оонньуулларыгар, төттөрү-таары көтөллөрүгэр төһөлөөх салгын буортуйара, төһөлөөх кыраһыын, сэлээркэ ороскуоттанара буолуой. Харчытын аахтахха бука иэдээн буолуо…

Бөрө элбэҕэ бэрт буолан биһиги күн аайы кэриэтэ булан бултуурбут, бөртөлүөтүнэн даҕаны мээнэ үлүбээй көтөн булан бултаабаккын, мээнэ ороскуот эрэ буолар буоллаҕа. Артём Николаевич сылгыһыттары, булчуттары кытары сибээһэ сүрдээх эбит. Киэһэ күнү быһа көтөн бултаан кэллэххэ хайаан да илдьит кэлэ сытар буолара: хайа нэһилиэккэ, ханнык сиргэ, хаһан, хас бөрө ааспыта, тугу тыыппыттара. Онон бастакы сылларбытыгар ол дьону булан сирдэтэбит, сорохторун көтүүгэ илдьэ барабыт.

Киэһэ аайы оҕонньорум куоракка телефонунан дакылааттыыр. Баччаны-баччаны өлөрдүбүт диэн, өссө ханна бөрө баарын. Ол аайы көтөрбүтүгэр көҥүл биэрэн иһэллэр, харчытын өрөспүүбүлүкэ охотуправлениета авиатордарга уган эрдэҕэ. Оччолорго тойотторо Упхолов, Дядин диир быһыылааҕа. Сорох кыайан бөрөлөрүн булбатах оройуоннары тохтотор үһүлэр. Харчы халтайга барара табыллыбат буоллаҕа. Бөртөлүөттэрбит уонна лүөччүктэрбит норматив быһыытынан ыйга 80 чаастан ордук көппөттөр. Лүөччүктэр сынньана, бөртөлүөт көрүнүүгэ бараллар. Атын экипаж кэлэр, бөртөлүөт эмиэ уларыйар.

Арай биһиги оҕонньорбунаан уларыйбаппыт, икки ый тиргиччи көтөбүт. Доруобуйабыт да эппиэттиир быһыылаах, бөртөлүөккэ сүрэхпит эҥин өлөхсүйбэт, хотуолаппат. Сылгыһыт, булчут дьону арыт сирдьит гынан илдьэ бардахпытына бөртөлүөтү тулуйбаттар, хотуо бөҕө буолар этилэр. Аанньа буолуо дуо, бөрөнү көрдөөн буллахпытына, бөртөлүөтү күөрчэх ойуун курдук кулахачытан, эргитэн күөйэллэр, үүрэллэр, ыттараллар. Дьэ оннугу ылбычча дьон тулуйбат. Лүөччүктэрбит анаан допуск диэни ылбыт дьон кэлэллэр, ол аата бөртөлүөтү сэриигэ курдук, хайдах баҕарар эргитэн-урбатан, олордон, көтөн сылдьаллара көҥүл диэн. Лүөччүктэр бэйэлэрин икки ардыгар эмиэ күрэхтэһэр эбиттэр: ким, ханнык экипаж элбэх бөрөнү булбут, ыттарбыт диэн. Оччолорго бириэмийэ, чиэс-бочуот үһү.

Экипаж икки киһи: лүөччүк уонна штурман, биһиги оҕонньорбунаан, барыта төрдүө буолан көтөбүт. Бастакы сылларга бөһүөлэктэр тастарыгар сылгы бөҕөнү тардыбыт бөрөлөрү бултаспыппыт. Туох да эмистэрэ сүр, истиин-тастыын сыа буолааччылар, кэлин ыраах ыырдаах бөрөлөрү сойуоласпыппыт. Эппитим курдук, бөртөлүөт саппараапката үс эрэ чааска тиийэр, холобур Лээги баһыгар Аммаҕа биир чаас көтөн тиийэҕин, биир эрэ чаас көрдүүгүн, биир чаас төннөҕүн. Биирдэ аҕыс бөрөнү ирдээн булан, ытан түөрдү охторбуппут кэннэ бөртөлүөппүт өрө көтөн тахсан, төннөн барда. «Туох буолла, тоҕо ситэ ыппатыбыт, бөрөлөрү хааллардыбыт?!» – диэбиппэр саҥата суох прибордарын тоҥсуйан кэбистилэр. Ол аата «горючай бүттэ» диэн үһү. Кырдьык нэһиилэ кэлэр быһыылаахпыт, кыһыл уоттара чыпчыҥныы олорор буолааччы.

Бөртөлүөккэ наар хаһыытаһан эбэтэр тарбахпытынан көрдөрөн кэпсэтэбит. Мин улахан сэппэрээтэр иһигэр олорор курдук сананааччыбын. Лүөччүктэрбитин кытта отой доҕордоһон хаалааччыбыт, кинилэр Аммаҕа авиапорка хоно сылдьааччылар. Киэһэ кэлэн кинилэр хосторугар чэйдээн, күнүскү булпутун ырытан кэпсэтии бөҕө буолабыт. Билигин кэлэн тугу кистэниллиэй, оҕонньор лүөччүктэрдиин «тэп» гынараллар. Мин оччолорго сытыгар да турбаппын, эгэ табахтыам дуо, айылҕа оҕото эбиппин. Хата ол дьон киэнэ арыгылара үксүн ханньаак буолар, онон туох да буолбат быһыылаахтар. Сарсыарда аайы «скорайынан» медик кыргыттар кэлэн давление эҥин мээрэйдээн, көтөргө көҥүл суруйаллар. Лүөччүктэр обургулар кыргыттары күллэрэн, үөрдэн, сакалаат эҥин бэлэхтээн, кумааҕыны судургу соҕустук баттатар быһыылаахтар дии саныырым.

Экипаж элбэхтик солбуһар буолан хамандыырдарын Царёв Иваны, Суранов Сергейи, Евтушенконы өйдүүбүн. Сорохтор үөһэнэн көтө сылдьан тааҕы-таах бөрөнү кыайаллар дии саныыллара төрүт сыыһа. Улахан өттүн лүөччүк маастарыстыбата, биһигини үчүгэйдик истэн, ыйарбыт, көрдөрөрбүт курдук көтөрө быһаарар. Биһиги бэркэ тапсан Сергей Суранов диэн эдэр хамандыырдаах экипаһы кытта бултаабыппыт. Кини биһиэхэ сабыс-саҥа допуск ылан кэлбитэ, быһата, бөрөнү ирдииргэ бэйэбит ыйан-кэрдэн үөрэппиппит. Биһигини кытта сылдьан элбэх бөрөнү бултатан, лүөччүктэр ортолоругар номоххо киирбитэ. «Ас бөрөһүт» диэн ааттыыллар үһү.

Онтон Евтушенко диэн хамандыыр биллэн турар ававрията суох элбэхтик көппүт эҥин диэн знактаах, чыыннаах-хааннаах, син бөрөнү даҕаны өлөртөрбүт. Ол гынан баран биһигини отой истибэт, сэниир, биирбит оҕонньор, миигин эдэр диир буоллаҕа, бэйэтэ таптаабытынан көтөр. Бөрө суолун үчүгэйдик ыт курдук ирдээтэххинэ булаҕын, кини буоллаҕына суолу сүтэрэн баран хайан эҥин көрдүүрү билбэт, үөһэ тахсан үлүбээй эргийэ сылдьан көрдүүр да мэлиһээй буоллаҕа. Артём Николаевич олус приципиальнай, сэрии бэтэрээнэ, урут милиссийэҕэ эҥин үлэлээбит, ыйа-этэ сатаан баран кыыһырар, ньиэрбинэйдэһии бөҕөтө. Оҕонньор: «Биһиги ыйарбытын, этэрбитин истиҥ, оннук көт», – дии сатаан баран: «Вы только извозчик, нас должен слушаться, я не буду подписывать вашу путёвку», – дэтэлиир. Ол күннээҕи үлэ туһунан кини илии баттаатаҕына харчы түһэр буоллаҕа, авиатордарга.

Дьэ итинник тыллар бэйэтин билиммит лүөччүккэ дьаабытык иһиллэллэр буоллаҕа, бөртөлүөппүт мэктиэтигэр куһаҕан суолга айанныыр массыына курдук түҥ-таҥ көттө, тыаҕа кыра ырааһыйа баарыгар түстүбүт, умуллардылар. Киһибит уоскуйаары, этиһээри түспүт эбит. Миэхэ көр курдук, испэр күлэ олоробун, дьээбэлэниэх санаам киирэр, оҕонньорго сибигинэйэбин: «Бөртөлүөтү сатаан көтүтүөхпүт дуо, ыксаатахпытына мин бу дьону дөйүтэлиэм», – диибин. Оҕонньорум: «Эс, эс, оннукка тиийбэт инибит», – диэмэхтиир. Мин дьээбэм табыллан дьоллонор буоллаҕым.

Бөрө элбэх да ороскуоту аҕаларын көрдөҕүм, үксүгэр тайаҕы, табаны тутарын, кыралары туртаһы, бүүчээни, куобаҕы ааһан иһэн хабан ааспыттарын. Бөһүөлэктэн чугас сылгы сылдьар сирдэригэр хаһы эмэни өлөрөн, охторон кыратык сии-сии ааһан иһэр, дьонноох сиргэ дьаарханар буоллаҕа. Оннутугар ый курдугунан хайаан да эргийэр. Онтон үрэхтэр бастарыгар, ким да суох сиригэр үөр бөрө тайаҕы охтордоҕуна, налыччы хас эмэ хонугу быһа сытан бүтүннүү сииллэр. Үөһэттэн сиэҥнэрин көрөн, хайаан да түһэн чинчийэн хас бөрө, хаһан уонна хайа диэки барбыттарын үөрэтэбит. Тайаҕы тутан, тырыта тыытан, ким төһөнү ылбытынан, ыт курдук көҥөнөн, ыраах 50-100 м. илдьэн сииллэр. Дьиэ оннун саҕа сири чигди гына тэпсэн, ол чигдигэ биир да уҥуох, эт, төбөтө да суох буолар. Арай иһин сааҕа эрэ хаалар уонна түөрт сото тириитин тобугун үөһэ өттүнэн баар буолар, бөрөлөр ол сото этэ суоҕун билэллэр.

Ол хаалларбыт сото уҥуохтарын лүөччүктэр ылаллар, унтууга анаан, биһиги кыһаммаппыт. Онно биир эмэ атах суох буоллаҕына дьоммут кыыһырыах курдук буолан: «А где четвертая нога?!» – дэһэн, хаары тэбиэлээн син булаллара. Ол атахтары көрдөххө араас аарыма да, кыра да кыыллар, тайахтар баалларын билэрбит, онон бөрө «тыа саньытаара» буолбатах, аҥаар кырыытыттан, түбэспити барытын иһин тотороору сиир-аһыыр. Ол улахан тайахтары туталларыгар абытайдаах охсуһуунан кыайаллар, биирдэ Нуотара салаатыгар аарыма лөкөйү үөр бөрө тоҕуста охторо-охторо туппут этилэр. Ол сылдьан кинилэр да буоллар эчэйэр эбиттэр, сорох өлөрө да буолуо. Билир үрэҕэр кэлин иэччэҕэ тахсан, атаҕын соһо сылдьар бөрө баара, оттон дойдубуттан Олом Күөлүттэн чугас, илин лаппаахыта тосту тэбиллэн, атаҕа хатан хаалбыт бөрөнү бултаабыппыт. Ол да буоллар үөрдэрин батыһан, кинилэр бултарыттан асаһан сылдьар эбиттэр, сокуоннара оннук быһыылаах, оннооҕор хапкааҥҥа иҥнэн олорор ийэлэригэр, доҕордоругар ас таһан аһатар эбиттэр.

Бөрөнү бултааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бириэмийэ олохтообут этилэр, биир тыһы бөрөҕө 150 солк., атыыр бөрөҕө 100 солк. Тириитин бэйэбит сүлэн, ыраастаан, хатаран туттарабыт. Сыаната муҥутаан 25 солк. буолара. Бөрө үксүгэр тыһыта-атыыра тэҥ сыһа ахсааннаах буолар.

Биир дьикти түгэн буолбуттаах. Амма-Наахара (Өнньүөс) утары Биэлимэ үрэҕин баһыгар Эрэкээттэ салаанан үөр бөрө баар диэн булчуттар биллэрдилэр. Биһиги Суранов Сергейбитин кытта үөрэ түстүбүт. Тоҕо диэтэххэ соҕотох бөрөнү сонордуур ыарахан, суола да үчүгэйдик көстүбэт, ордук таба, тайах суолун батыһан бардаҕына. Онтон элбэх үөр бөрө суоллуурга, ирдииргэ, үөһэттэн суола-ииһэ балачча үчүгэйдик көстөр, хайа уонна бултаатахха харчыта элбэххэ элбэх буоллаҕа, ордук тыһытыгар. Онон тиийээт да көрдөөн суолларын була охсон, хата туох да наһаа улахан тайаҕы тардан сии сыталларын туруордубут, аҕыс бөрө эбит. Ыгыччы тотон, аанньа сүүрбэт буолбут кыыллары кулахачытан-эргитэн, ырааска, үрэх баҕараҕар киллэрэн бойобуой карабинынан барыларын таһырҕатан кэбистибит. Эппитим курдук, бөртөлүөт түһэр, ыраас сиригэр киллэрэн охторуохтааххын, ону лүөччүктэр олус чуолкайдык, ааны астыҥ да ылар гына түһэллэр. Ыксал бөҕө буолааччы, штурман отой: «Скорей да скорей», – дии олорор. Үс чаас наһаа түргэнник ааһар, аҥардас айаҥҥар барар буоллаҕа.

Арай ол ылбыппыт, аҕыс бөрөттөн сэттэтэ тыһы буолан биэрдэ. Ол аата аҕалара эрэ атыыр, ийэлэрэ былырыыҥҥы оҕолорунаан тыһылар эбит. Бөртөлүөт «Ми-2» бэрт кыра, лүөччүктэр кэннилэригэр иккиэн олоробут, ыскамыайка курдукка уонна салон курдук 1,5 да 1,5 иэннээх миэстэ баар. Аҕыс бөрөнү онно өрөһөлүү быраҕан баран көттүбүт. Дьоммутун кытары оччолооҕу бултаабыт дьон үөрүү бөҕөбүт, ким хайдах ыппытын, кинилэр хайдах күөйбүттэрин, үүрбүттэрин «һуу-һаа» буолан кэпсэтэ олордохпутуна штурман хараҕа кэҥээн хаалла, биһиги кэннибит диэки ыйа-ыйа: «Волк да волк», – диир. Бастаан хайдах эрэ өйдөөбөтүм, оттон волк баара биллэр буоллаҕа, кэннибитигэр сыттахтара, онтон эргиллэн көрбүтүм, биир бөрө хараҕын миин курдугунан көрөн баран туран кэлбит, хата өйүгэр ситэ киирэ илик быһыылаах. Ыксал буолла, өйдөннөҕүнэ биһигини биирдиитэ эрэ хабар буоллаҕа, саанан ыппат буоллаҕыҥ. Быһаҕынан анньыаххын бөртөлүөккэ тугун быһаҕай диэн хаалларан кэбиспиппин.

Мин ситэ өйдөнө илик бөрөҕө ыстанан кэбистим, түҥнэри көтөн суулларан баран сыҥааҕын анныттан ылан хабарҕалыы сатыыбын да моонньо суона, түүтэ да халыҥа, кыайан тууйуо суохпун. Ол икки ардыгар бөрөм өйө лаппа киирэн барда, мөхсөрө күүһүрдэ, ити суруйдахха уһун, дьиҥэ аҕыйах бириэмэ, сөкүүндэнэн буолуо. Ол сылдьан хараҕым кырыытынан көрбүтүм ойоҕос диэки кыһыл, улахан, бэрт мөлтөх сүгэ турар эбит. Мин оҕонньорбор: «Сүгэни аҕал!» – диэн хаһыытыыбын, ол быыһыгар нууччалаан: «Топор!» – эҥин диибин.

Оҕонньорум өмүрбүтэ ааһан ыла охсон биэрдэ, мин аҥаар илиибинэн бөрө хабарҕатын ыһыктыбакка сылдьан сүгэ өнчөҕүнэн бөрөм төбөтүн чохооллоо да чохооллоо. Кутталбыттан тохтообоппун, оҕонньорум: «Бүттэ, бүттэ», – диэн арыычча тохтотто.

Ол түгэн билиҥҥэ диэри лүөччүктэр ортолоругар байка буолан кэпсэнэ сылдьар эбит. Быйыл РБ-2 балыыһаҕа сыттахпына биир кырдьаҕас лүөччүк, Маҕан оҕонньоро, бэйэтэ түбэспит түгэнин курдук кэпсии сылдьар этэ. Ону: «Ол мин этим, эн суоҕуҥ, Суранов Сергейдиин этэ», – диэбэтэҕим. Кэпсээтиннэр, дуоһуйдуннар ээ.

Бөрөнү үүрэн ыраас сиргэ таһаарар чэпчэкитэ суох, сүгүн киирбэттэр. Бөртөлүөт тиит төбөтүгэр тиийэ намтаан, сүөһүнү-сылгыны үүрэр курдук үүрэҕин да урут куоппут, ытылла сылдьыбыт бөрө буоллаҕына ырааска тахсыбакка, бөртөлүөтү аннынан тыатын диэки дьулуһар, ону уоттаах буулдьанан эбэтэр ракетницанан иннилэригэр ытан төттөрү ыстаннаран толоонугар таһааран эбэтэр синньигэс соҕус үрүйэни туора сүүрэр, ыстанар кэмигэр туттуу-хаптыы, таба ытыы наада. Таппатыҥ да аныгыскы сырыыга киирэн бэрт. Ордук элбэх буоллахтарына.

Дьэ онно биһигиттэн, ытааччылартан тутулуктаах, сыыспакка түргэнник охторуохха наада. Биһиги иккиэн үчүгэйдик ытарбыт. Оҕонньорум буулдьа сааҕа оройуоҥҥа эдэрдэри кыайан бастыыра үһү. Мин буоллаҕына күөрэтэн ыта үөрэммитим туһалаан, сыыспакка кэриэтэ ытарым. Өрө мөхсө сылдьар бөртөлүөккэ чуолҕан диэн ааныгар кыра түннүктээх, онон олбу-солбу ытабыт, мин сыыстахпына кини сыыспат.

Оҕонньорум диибин да Артём Николаевич оччолорго 60-ча саастаах, тэтиэнэх киһи. Инструкция быһыытынан икки уостаах доруоп саанан уон икки устуука киирэр картечь иитиилээх ботуруонунан ытыахтааххын. Хас да бөрөнү ытан охторон баран хомуйа кэллэххинэ, сороҕо өйдөнөн туран барбыт буолар, сороҕун сүтэрэбит. Ол иһин Артём Николаевич бойобуой бинтиэпкэтинэн аҕыста ытан аҕыс бөрөнү охторбутум, сыыстахха да биирдэ-иккитэ сыыһарбыт. Бойобуой карабин буулдьата күүһэ сүрдээх буоллаҕа, таптыҥ да быраап. Лүөччүктэрбит хайгыыр, сөҕөр этилэр.

Биир түгэни үчүгэйдик өйдүүбүн. Арай биир күн көтө сылдьан лүөччүктэрбит күлэн-салан бардылар, биһиги: «Туох буолла?» –диэн ыйытабыт. Онтубут маннык буолбут. Эрдэ эппитим курдук оччолорго бөрөҕө элбэх оройуоҥҥа көтөллөр. Лүөччүктэр чаас аҥаарын аайы диспетчердэри кытта сибээскэ тахсан, ханна сылдьалларын бэлиэтэтэллэр. Биһиэннэрэ үксүн Аммаҕа, Тааттаҕа, Томпоҕо, Уус Майаҕа сибээскэ тиийэр, ыйыталаһар эбиттэр. Ким ханна төһө бөрөнү бултаабытыгар экипажтар икки ардыларыгар күрэхтэһии баар үһү. Онно биир оройуоҥҥа көтөн, биир бөрөнү булан, ытааччылара 80-чата ытан баран таппакка, бөрөлөрө оннук сүүрэ турбут үһү. Дьэ, ытыы да араастаах буолар.

Эппитим курдук, 93 бөрөнү ытыстаҕым дии, араас барыта баара. Кэнники сылга, 42 бөрөнү бултуур сааспытыгар кулун тутар саҥатыттан саҕалаан баран ыам ыйын 7 чыыһылатыгар бүппүппүт. Ону даҕаны Чурапчы Куолума үрэҕэр үс бөрөнү булан, ирдээн адьас чугаһатан эрдэхпитинэ эбиэттэн киэһэ хаарбыт ууллан, суолларын сүтэрэн бүттэхпит ол.

“Уопсайынан Аммаҕа уонна чугас оройуоннарга алта-сэттэ сыл көтөн, 205 улахан бөрөнү бултаабытым”, – диэбитэ Артём Николаевич. Онон отучча сыл Аммаҕа уонна үгүс чугас улуустарга даҕаны бөрө лаппа аҕыйаан баран, бу кэлиҥҥи сылларга эмиэ ахсааннара наһаа элбээн айылҕаҕа да, дьиэ кыылларыгар да улахан хоромньуну аҕалар буолла.

Бөрөнү отой чулуу, мындыр булчуттар эрэ сиринэн бултуохтара, аны кыра ороскуоттаах бөртөлүөт суох быһыылаах. Көтүтэр да буоллахха үчүгэйдик чинчийэн, үөр бөрөҕө үс хонуктан бэттэх сибиэһэй суолугар үчүгэй сирдьиттээх ыытыахха сөп. Оччоҕо арыый түмүктээх буолуо. Аныгы спутник сибээс үйэтигэр кыахтаах, баай уолаттар кыра сэбинэн саас тыа ырааһырбытын, күн уһаабытын, халлаан сылыйбытын кэннэ көттөхтөрүнэ бултуйуохтарын сөп. Кылаабынайа лүөччүктэн тутулуктаах, кини үчүгэйдик ирдээн, булларыахтаах.

Сурукка сүрэҕим суох киһи суруйа сатаатым, сылайдым. Бириэмэ да элбэх барда, онон тохтуум. Баҕар, сэҥээрээччи баар буоллаҕына булдум туһунан эбии суруйуом. Холобур тыаҕа баар-суох эрэллээх доҕотторум, булчут ыттарым тустарынан, сылгыларбын, айааһаабыт аттарбын, саха боруода сүөһүтүн хайдах ииппиппин суруйуохпун сөп. Үйэм тухары үрэҕим баһыгар олорбут киһи уонна тугу суруйуомуй.

Николай Егорович КУЗЬМИН,

1973-1990 сс. «Победа» совхоз кадровай булчута, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ үтүөлээх фермерэ, «Амма киэн туттуута» бэлиэ хаһаайына.

Амма улууһа, Олом Күөл. 2020 с. тохсунньу.

(“Ахтыылар”, 2026 с. тохсунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *