МУКУЧУ СОВХОЗ 50 СЫЛЫГАР
Мин кэргэним, түөрт оҕом аҕата, уонтан тахса сиэн, биэс хос сиэн эһэтэ Григорьев Пётр Петрович Мукучу совхозка сүүрбэччэ сыл кылаабынай инженеринэн үлэлээбитэ.

Кини 1948 сыллаахха Кэбээйи улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Кучан ферматыгар Григорьева Мотрёна Софроновна уонна Григорьев Пётр Афанасьевич диэн сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Хаартыскаҕа: Ийэтэ Мотрёна Софроновна, аҕата Пётр Афанасьевич Григорьевтар.
Убайа Григорьев Марк Петрович СВФУ физико-математическай факультетын доцена этэ. Балта Васильева Мотрёна Петровна Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, бырааттара Григорий Петрович уонна Афанасий Петрович Арыылаах бастыҥ ыаллара, элбэх оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Быраата Софрон Петрович Баҕадьа биир бастыҥ ыалын аҕата, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, уола Софрон Софронович Баҕадьа – 1 Лүүчүн баһылыгынан үлэлии сылдьар. Быраата Данил Петрович Уус Алдан Кэптэнитигэр олорор, ытыктанар аҕа, эһэ.

Хаартыскаҕа: Сэттэ бииргэ төрөөбүт Григорьевтар.
Дьэ онон Григорьевтар сэттэ оҕолоро бары ыал-күүс буолан ийэлэрин, аҕаларын аатын үрдүктүк тутан олорбуттара, олороллор, сүүс ахсааннаах сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.
Пётр Петрович оҕо сааһыттан бэрт дуоспуруннаах, араас үлэҕэ эриллэн улааппыта. Түөрт сааһыттан бултаан дьонун үөрпүтэ. Кыра кылаастан окко үлэлээн, техникаҕа эриллэн, оскуолаҕа 8-9-с кылаастарга сылдьан отделение управляющайа Саввинов Егор Иванович грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Оскуолаҕа сылдьан Танара орто оскуолатын чиэһин көҥүл тустууга, хапсаҕайга оскуолалар икки ардыларыгар, оройуоҥҥа, зональнай күрэхтэһиилэргэ чиэстээхтик көмүскээн элбэх грамоталардаах.
1968 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран төрөөбүт Арыылааҕар араас үлэҕэ үлэлээбитэ. 1969 сыллаахха Өлүөхүмэтээҕи сельхозтехникумҥа туттарсан киирбитэ. 1972 сыллаахха бүтэрэригэр училищеҕа Бочуот дуоскатыгар бастыҥ студент быһыытынан хаартыската хаалбыта.
1972 сыллаахха дойдутугар Кэбээйи улууһугар Мукучу отделениетыгар механигынан ананан кэлбитэ. Түөрт сыл үлэлээбит сылларыгар Мукучу отделениета окко үчүгэй көрдөрүүтүн иһин Кэбээйи совхоһуттан элбэх бочуотунай грамоталардаах. Онон 1976 сыллаахха Мукучу совхоз тэриллибитигэр Пётр Петровиһы кылаабынай инженеринэн анаабыттара.
Мукучу совхоз биэс отделениеттан тэриллибитэ: Чагда, Арыттаах, Мастаах, Баҕадьа, Мукучу отделениелара. Директорынан Саввинов Егор Иванович буолбута.
Отделение саҕана биир-икки кыра массыына, үс ДТ-54, икки “Беларусь” трактордар бааллара. Туспа совхоз буолан Кэбээйиттэн эргэ-урба техника тыырсан, кэлин кини үлэлиир кэмигэр 1985-1990 сылларга совхоз үрдүнэн сүүстэн тахса техника буолбута, икки автобус үлэлээн ааспыта.
Бары билэрбит курдук техниката суох от да оттоммот, сүөһү да көрүүтэ кыаллыбат, тутуу да барбат, суол да оҥоһуллубат. Бачча элбэх техника докумуона, саппаас чааһа, сельхозтехника горючайа. Сайын окко түөрт-биэс механизированнай звено, ону таһынан уонча полумех-звенолар үлэлииллэрэ. Онно от тэрилин, сельхозтехника, саппаас чаас булуута – барытын совхоз кылаабынай инженерэ Пётр Петрович сүүрэн-көтөн кэпсэтэрэ. Онтукайын сайын баржанан, кыһын массыынанан Сангаартан, Дьокуускайтан тастарара, барытыгар бэйэтэ сылдьыһара.
Аны горючайы кэмчилиир туһуттан Арыылаахха Хабырый олоҕор гравий баар сирин булбута, онон 110 км быһалыыр суолу оҥорторор баҕата ыалдьан олоххо киирбэтэҕэ. Ол эрээри кыһыҥҥы суолу аспыта: чагдалар, арыттаахтар, мастаахтар быһа Лөкөчөөҥҥө, оттон Мукучу, Арыылаах, Баҕадьа олохтоохторо эмиэ Бүлүүнэн эргийбэккэ быһа Лөкөчөөҥҥө түһэр этилэр. Ол быһа суол федеральнай суолга киирбэтинэн күн-бүгүн оҥоһулла илик.
Пётр Петрович эккирэтиһэн 1300 т тахса горючай кэлэр нефтебазатын Бакырга туттарбыта. Онно аһыыр ас, уотурба, миэбэл, сапчаас барыта хараллар ыскылааттара тутуллубуттара, суол оҥоһуллубута. Икки этээстээх мастерской дьиэтин, 14 боксалаах массыына гараһын, трактордарга туспа гаражтар, массыына уонна трактор сапчаастарыгар тус-туспа ыскылааттары, уус уһанар дьиэтин, гараж территориятыгар механизатордар хонтуораларын туттарбыта. Ол билигин Мукучу СХПК үлэһиттэрин сынньанар дьиэтэ, гостиница буолан турар.
1978 сыллаахха Сивцев Борис диэн ТБ-инженерин кытта центральнай хочуол проектаан туттарбыттара, бөһүөлэк үс гыммыт биирэ ититэр системанан хааччыллыбыта. Бүтүн бөһүөлэги хааччыйар баҕата газ киирэринэн сибээстээн туолбатаҕа.

Дьиэ кэргэн хаартыската, 1984 сыл.
Өр сылга механигынан Абрамов Иван Маркович уо.д.а. элбэх отделение механиктара үлэлээн ааспыттара.
Ыскылааттар саппаас чааһынан тобус-толору этилэр, бэл бүлүүлэр эҥин биһигиттэн сапчаас ылан бараллара, сөҕөллөрө. Бэрт өргө диэри сапчаас кырыымчык кэмигэр тобох сапчаастары СХПК-лар туһанабыт диэн махтаналлара.
Кыһын, саас техника барыта өрөмүөннэнэн, окко киириигэ бэлэм техниканы тиэнэн бараллара. Мукучуга түөрт механизированнай звено оттуур этэ. Совхозка хас да төгүллээх чемпион отуттар, суоппардар баар буолбуттара.
Ол курдук:
- Капитонов Илья Ильич звенота биирдии киһитигэр 311-дии т оту оттоон Ньурба чемпион отчутун Васильевы хотон, республикаҕа рекорд олохтообута. Итинник хас да сыл Капитонов И.И. бастаабыта. ССКП обкомун секретара Прокопьев Юрий Николаевич барытын көрөн-истэн баран директор Онопров Степан Ильиһы уонна кылаабынай инженер Пётр Петрович Григорьевы хайҕаабыт этэ: үлэни бэркэ тэрийэр эбиккит диэн.
- Иванов Иван Трофимович “Үлэ Кыһыл Знамята” орденынан наҕараадаламмыта.
- Тракторист-суоппар Кычкин Николай Афанасьевич РСФСР үтүөлээх механизаторын аатын сүкпүтэ.
- Гоголев Николай Николаевич республика чемпион суоппара, звеньевода буолбута.
Чемпион трактористар баар буолбуттара: бырааттыы Гуляевтар – Василий, Иван Семёновичтар; аҕалыы-уоллуу Кралиннар – Ким Алексеевич, Валерий Кимович; хас да төгүллээх чемпион тракторист Ионов Михаил Егорович; Мастаахтан Павлов Январь Петрович уо.д.а.; хас да төгүллээх чемпион суоппар Алексеев Константин Иванович.
Совхоз тэриллээтин кытта сэттэ уолу тракторист, суоппар үөрэҕэр үөрэттэрэ ыыппыта. Пётр Петрович биир сыл көрдөһөн Танара орто оскуолатыгар тылланан производственнай үөрэтиигэ учууталлаабыта. 1982 сыллаахха кини үөрэппит биэс уола механик, инженер үөрэҕэр туттарсан киирбиттэрэ.
Үөрэммит оскуолатыгар производственнай кабинет арыйбыта, техника бэрдэрбитэ, хас саас аайы оскуоланы бүтэрэр уолаттарга III кылаастаах тракторист идэтин биэрэргэ улахан көмөнү оҥорбута. Билигин ону туһана сылдьар ыччат элбэх буолуохтаах.
Сарсыарда 5 чааска туран куорат уһугар сельхозтехникаҕа баран уочараттыыра, булбут сапчааһын улахан куйаастарга илиитинэн сосуһан автобуһунан ыалга таһан мунньара. Кыһынын буурҕа түстэҕинэ сиргэ хоно-хоно күрдьэҕинэн хаары хаһан айаннаан, биэс отделение наадатын ситиһэрэ.
Дьэ итинник киэҥ далааһыннаах, сүүрүүлээх-көтүүлээх үлэ төһөлөөх сыратын, доруобуйатын ылбыта буолуой. Дьиэтигэр хонор хоноһо курдуга.
1992 сыллаахха үлэтиттэн уурайбыта. 1993 сыллаахха 45 сааһыгар уҥа өттүн оҕустарбыта, 51 сааһыгар орто дойдуттан барбыта.
Бииргэ үлэлээбит дьоннорун ахтыыларынан “Дойдутугар бэриниилээх үлэһит” диэн кинигэнэн аҕабыт Пётр Петрович Григорьев аата үйэтитиллибитэ.


Хаартыскаҕа: Оҕолор, сиэннэр оттуу сылдьан. 2012 сыл.
Оҕолоро Светлана Петровна медсестра – медицина туйгуна, Мария Петровна – старшай медсестра, Василий Петрович – стоматолог, Николай Петрович – газ инженерэ этэ. Үс оҕо медик, сиэннэрэ үлэһиттэр, бары массыыналаахтар, учуутал, полиция, юрист идэлээхтэр. Оҕолорунан, сиэннэринэн олох салҕанар. Аҕаларын, эһэлэрин Григорьев Пётр Петрович аатынан киэн тутталлар.
Ульяна Васильевна ГРИГОРЬЕВА,
таптыыр кэргэнэ, Танара орто оскуолатын ветеран учуутала, Мукучу бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо.
2026 с. тохсунньу ый.
(“Ахтыылар”, 2026 с.)
