Акимов Михаил Афанасьевич ахтыыта

СУНТААР ОРОЙУОНУГАР САЙДЫЫ ОЛУГУН УУРУУ

Сунтаар оройуонун тыатын хаһаайыстыбатыгар техническэй сайдыы 1940 сыллаахтан саҕаламмыта. Бастакы хардыы Элгээйигэ МТС тэриллэн трактордар уонна сири таҥастыыр, от үлэтигэр туттуллар тэриллэр кэлэн холкуостарга арендаҕа бэриллэннэр үлэ оҥорон таһаарыытын биллэрдик үрдэппиттэрэ. Ол эрээри, трактордар кыра кыамталаах буоланнар, саҥа сири оҥорууга үлэ 60-с сылларга диэри мөлтөх туруктааҕа.

Мин 1955 сыл сайыныгар Ыгыаттаҕа НАТИ тракторынан (хараһыынынан үлэлиир) тракторист Данилов Пётр Ивановичтыын, Аҕа дойду сэриитин активнай кыттыылааҕа, Кыһыл Сулус орденнаах, сир солооһунугар үлэлээбиппит. Онно кылааһынньык уолаттарбынаан үс буолан троска холбоммут улахан тордуоҕу икки буолан көтөҕөн урут охтубут улахан тиит чөҥөчөгүн силиһин туура тардарга, силис тахсыар диэри күрдьэҕинэн хаһан баран холбоон биэрэрбит. Оннук эргийэ сылдьан силистэри быһа тардыталаан баран чөҥөчөгү туура тартарарбыт. Сайыны быһа биир сайылык маһын, чөҥөчөктөрүн ыраастаан, хорутан, буола оҥорон, эһиилигэр бурдук ыһан өлгөм үүнүүнү ылбыттарын өйдүүбүн. Ити үлэ «Коммунизм суола» колхоз Ыгыатта учаастагын Сэргэлээҕэр толоруллубута. Түбэйи кытта Ыгыатта колхозтар холбоспут кэмнэрэ этэ.

Сунтаарга 1950 сылга машинно-тракторнай станция (МТС) тэриллибитэ. Онно уу суолунан бастакы трактордар, сири таҥастыыр массыыналар кэлэннэр Хочо, Сунтаар улууһун нэһилиэктэрин колхозтарыгар тарҕаһан үлэлээбиттэрэ.

МТС бастакы директордарынан арҕааттан кэлбит нуучча уолаттара аҕыйахтыы сыл техниканы хайдах туттарга, үлэлэтэргэ үөрэтэн бараллара. Олохтоох Матвеев Иван Афанасьевич агроном идэтигэр үөрэнэн МТС директорынан 05.07.1955-17.11.1956 сылларга үлэлээбитэ биллэр. 1960 сыллаахха РТС директорынан Гусев Константин Сергеевич үлэлии олорор этэ. Ити бириэмэҕэ икки бирикээһи ахтан ааһар тоҕоос түбэспитин туһаныым.

Приказ №3 по мясомолочному совхозу “Эльгяйский” от 3 января 1960 г. № 2. Акимова Михаила Афанасьевича-шофера откомандировать в Турукту представителем совхоза по протягивани. клина на Туруктинской трассе на тракторе Сунтарской РТС. Срок командировки установить с 4 января по 10 января 1960 года. Бухгалтерии оплатить командировочные.

Основание: Ходатайство хоздиректора.

Директор совхоза п/п Журавлев/

Приказ № 172 (1) по Сунтарскому РТС  от 5 января 1960 г.

Командировать в Турукту трактористов Платонова Н. А. и Николаева Г. И на тракторе ДТ-54 с клином для пробивки дороги сроком на 5 дней, т.е. с 5 января по 9 января.

Директор п\п Гусев К. С.

Сунтаартан ДТ-54 тракторынан 22 көс ыраах сири үс төгүрүк суукка килиин соһон Туруктаттан 2 көс бэттэх Какаалыыр дэриэбинэтигэр тиийбиппит. Бу үс суукка былаһын тухары тракторист Платонов Николай Алексеевич уруулун сменщигэр биэрбэккэ бэйэтэ айаннаабыта. Дьэ, сөҕүмэр тулуур!

Туруктаттан отурба тиэнэн төннөн иһэн тибиигэ ылларан, бензиним бүтэн Хадантан 6 көстөөх Тыа быһыттааҕар биир монтёр олорор булчуттар дьиэлэрин таһыгар, рессорам олоруо буолан, домкраттаан туруорбутум. Төннөн иһэн тохсунньу тоһуттар тымныытыгар массыынабын анныгар үс сиргэ уот оттон ириэрэммин, тиэнэн кэлбит арыыбын ириэрэн, бензиммин буочукаттан куттан, хаар ууланан мотуорбар кутан, олорон хаалбыт аккумуляторбын олордон утуйа сытар тракториспын уһугуннаран, массыынабын состорон собуоттаатым. Мин дьолбор массыынам үчүгэйдик үлэлээтэ, аккумуляторым иитиллэр буолла, прибордар үлэлээтилэр. Ол саҕанааҕы ЗИС-355 мас дырааҥкы кабиналаах, кабината ититиитэ суох, түөрт тонна отурба тиэйиилээх массыынанан айаҥҥа туруннум.

Миигин, 21 саастаах чолохочуоһу, ойуурга тохсунньу ыйы мэлдьи тоҥон турар массыынаны соҕотоҕун собуоттаан илдьэ кэл диэн ыыталлар. Билигин оннук салайааччыны “буккуллан эрэр” диэ этилэр.

Колхозтарга тракторнай парк уонна сельхоз массыыналар элбээһиннэриттэн сибээстээн МТС ремонтнай-техническэй станцияҕа (РТС) кубулутуллубута. Онтон муус устар 28 күнүн 1961 сыллаахтан “Сельхозтехника” Сунтаар оройуонунааҕы холбоһугар уларытыллан тыа хаһаайыстыбатын колхозтарыгар, совхозтарыгар оҥорор өҥөтө кэҥэтиллэн тыа хаһаайыстыбатын салааларын оҥорон таһаарыыта тупсар туруктаммыта. «Сельхозтехника» бастакы упраляющайынан Константин Сергеевич Гусев ананан үлэлээбитэ.

Иккис управляющайынан урут Элгээйи совхозка кылаабынай инженеринэн үлэлээбит Накаряков Клавдий Васильевич. Кини 1965 сыл кулун тутар 7 күнүнээҕи 41 №-дээх бирикээһинэн Фёдоров Герасим Ивановиһы уонна Иванов Иван Львовиһы Дьокуускайтан С-100 тракторы хаамтаран кэлэллэригэр бирикээстээбит. Бу бирикээһи чиэстээхтик толорбуттар уонна Иванов И.Л. хаамтаран аҕалбыт тракторыгар старшайынан, оттон Фёдоров Декабрь Егорович сменщигинэн ананан Табаҕаҕа үлэлии тахсыбыттар.

Онтон кэлин саас Фёдоров Ариан Алексеевич старшайдаах, Назаров Егор Иванович, Петров Николай Алексеевич үс С-100 бульдозердары хаамтаран Дьокуускайтан аҕалбыттара. Тыһыынчаттан тахса биэрэстэлээх айаҥҥа биир да солбуйар тракториһа суох трактордарын бэйэлэрэ көрүнэн, буочукаттан биэдэрэнэн заправкаланан айаннаабыттара. Ыйы быһа сууммакка-тарааммакка тракторы кытта мөхсөн, харааран, таҥас-сап буорайан, үлтү сылайан кэлбиттэрэ биллэр. Тэрилтэлэрэ кыра да бириэмийэ биэрэргэ санаалара тиийбэтэх этэ. Дьэ итинник урукку механизатордар доруобуйаларын харыстаабакка, чааһы аахсыбакка туруоруллубут үлэлэригэр чиэстээхтик сыһыаннаһан үлэлиллэрэ. Ол иһин кылгас олохтоноллоро.

«Сельхозтехника» холбоһугар управляющай Пшиншев Хасан Би Азмат Гиреевич ыҥырыытынан ССКП оройуоннааҕы комитетын дьаһалынан 1969 сыллаахха балаҕан ыйыттан (Тойбохой совхозка үлэлии олорон) кылаабынай инженер быһыытынан үлэбин саҕалаабытым. Онно управляющайы производствоҕа солбуйааччынан Аҕа дойду улуу сэриитин ветерана Егоров Иван Константинович, кылаабынай бухгалтерынан эмиэ    сэрии ветерана Степанов Егор Михайлович, кылаабынай бухгалтеры солбуйааччынан эмиэ сэрии ветерана Евсеев Иван Гаврильевич, лугомелиоративнай этэрээт начаалынньыгынан Фёдоров Герасим Иванович, атыы, булуу-талыы отделын салайааччытынан кэлин 70-с сыллартан Марков Валерий Иннокентьевич, кини отделын бухгалтерынан, управляющай Хасан Азаматович ойоҕо Гуртовая Варвара Ивановна, склад сэбиэдиссэйинэн Саввинов Василий Терентьевич үлэлииллэрэ.

Мастерской сэбиэдиссэйинэн үтүө авторитетынан туһанан Кондратьев Филипп Николаевич, автомастерской маастарынан Тихонов Анатолий Дмитриевич, автопарк механигынан аатырбыт Табаҕа тыһыынчанан гектардаах бааһынатын таҥастааһыҥҥа сыралаахтык үлэлэспит үрдүк квалификациялаах бульдозерист Фёдоров Декабрь Егорович, животноводческай фермалары механизациялааһыҥҥа Попов Капитон Петрович, Петров Григорий Алексеевич бэриниилээхтик, өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Хаһаайыстыбаннай сыаҕы Алексеева Марфа Егоровна кыайа-хото тутан үлэлэтэрэ.

Ити 1969 сайын бэс ыйыгар мастерской умайан хаалан ремонтнай мастерской үлэтэ тохтоон турар кэмэ этэ. Күһүҥҥүттэн саҕалаан автомастерской диэн ааттаан бырайыак оҥоһуллан управляющай Хасан Азаматович туруорсуутунан уонна матырыйаалын (сваяларын, блогун сорҕотун) кыһын тиэйтэрэн, 1970 сыл муус устартан саҕалаан тутуута саҕаламмыта, сайын итэҕэс матырыйаалын уонна технологическай оборудованиетын уу суолунан аҕалыллыбыта. Улуу Октябрьскай революция бырааһынньыгар оройуоҥҥа бастакы таас тутуу, автомастерской үлэҕэ киллэриллибитэ!

Управляющай итинэн уоскуйбатаҕа, 300 капитальнай ремонт кыамталаах улахан мастерской комплекса (котельнайдаах, кузницалаах, трансформаторнай подстанциялаах) титульнай испииһэккэ киллэртэрэн тутуутун, Спичак Анатолий Григорьевич начаалынньыктаах улахан УСЛЭПиП тэрилтэ (электростанция тутуута бүтэриллэн) 1971 сылтан саҕалаан 1973 сыллаахха бүтэрбитэ. Саҥа таас котельнайга Е/9 котёллары туруоран оройуоҥҥа аан бастаан убаҕас оттугунан үлэлэтэн котельнай производствоҕа саҥалыы тыыны киллэрбиппит. Онно урукку өттүгэр трактористкаларынан үлэлээбит уонна механизатор кэргэннээх буоланнар техникаҕа сыһыаннаахтарынан Васильева Анна Николаевна, Фёдорова Екатерина Саввична, Константинова Вера Гаврильевна, Назарова Люция Егоровна буоланнар котельнай оператордарынан, биир да аварияны таһаарбатахтара, котельнайга маҥан халааттаах ыраастык-чэбэрдик чиэстээхтик үлэлээбиттэрэ.

УСЛЭПиП тэрилтэ Сунтаар оройуонугар отой кылгас бириэмэҕэ сүҥкэннээхэй электроситим уонна подстанциялар тутууларын ыытан, проекка киллэриллибит сайылык фермаларыгар тиийэ, энергетическэй модун хааччыллыыны киллэрэн бары нэһилиэктэр производстволарын уонна чааһынай секторын Бүлүүтээҕи ГЭС биэрэр электроуотунан 1972 сылтан туһаннарыыта цивилизация сайдыытын революциятыгар тэҥнэспитэ. Ол эрээри ол саҕана Бүлүү уута сытыйыытын уонна экология буортуйуутун туһунан ханнык да кэпсэтии, быһаарсыы суоҕа. Ити бириэмэҕэ диэри хас биирдии нэһилиэк дэриэбинэлэрэ, сорох сайылыктар кыра кыамталаах электростанцияларынан сууккаҕа аҕыйахтыы чаас хааччыллаллара уурайан, электроэнергиянан хааччыллыы биллэрдик тупсубута.

Хасан Азаматович ССКП компартиятын Сунтаардааҕы комитетын бюротун чилиэнинэн үлэлээбитэ уонна бэйэтэ үлэлиир Сельхозтехника территориятыгар атын социальнай суолталаах тутуулары туттаран нэһилиэнньэни хааччыйар элбэх тэрилтэлэр үлэлииллэрин ситиспитэ.

Бастатан туран, бэйэтин хонтуоратын туран биэрэн суукканы быһа үлэлиир ясли-сад 1971 сыллаахха үлэҕэ киллэриллибитэ, автомастерской иккис этээһигэр киинэ көрөр зал оҥоһуллубута, республикатааҕы “Холбос” тэрилтэтин кытта кэпсэтэн икки отделлаах улахан маҕаһыын, бэйэтэ тутан биэрэн улахан остолобуой үлэлиир буолбуттара. Бэйэтин үлэһиттэрин дьиэлииргэ анаан иккилии этээстээх икки дьиэ тутуллубута. Бэйэтэ дьиэ биэрэн почтовай отделение филиала үлэлиир буолбута.

Ааһа баран, республика Верховнай Советын депутата, “Якутэнерго” генеральнай директора Васенин Николай Петровиһы кытта кэпсэтэн 60 тыһыынча солкуобайы ылан 300 миэстэлээх кулууп сваятын түһэриитигэр 1973 сыл сайыныгар Мелешкевич биригээдэтэ үэлэлээбитэ. Онно Тойбохойтон быраҕыллыбыт паровой массыынаны киллэрэн, чөлүгэр түһэрэн свая түһэр дьааматын паарынан үрдэрэн 92 свая түһэриллибитэ. Бу кулууп тутуутун кэлиҥҥи управляющай Николаев Василий Архипович 1980-с сылларга ситэттэрбитэ.

Хасан Азаматович управляющайынан үлэлиир сылларыгар “Сельхозтехника” холбоһугар саҥа тутуулар ыытылланнар саҥа сыахтар тэриллэннэр оҥорон таһаарар производстволара биллэрдик кэҥэтиллибитэ, улахан промышленнай тэрилтэҕэ кубулутуллубута. Элбэх өрүттээх, араас ис хоһоонноох үлэни үлэлиир эрээри “Мин күнүс 11 чааска диэри эрэ үлэлиибин” диирэ.

Онон күннээх Кавказ уола Кабардино-Балкарияҕа төрөөбүт кабардинец Пшиншев Хасан Би Азмат Гиреевич биһиги оройуоммутугар уонча сыл таһаарыылаах үлэтинэн тыа хаһаайыстыбата саҥа техниканан хааччыллыытыгар, ремоннааһыныгар, тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ыарахан үлэни механизациялааһыҥҥа, сири солоон саҥа бааһыналары оҥорон күөх үүнээйини уонна бурдугу үүннэриигэ, оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыыга, уонунан тыһыынча гектар үрэх сирдэрин дулҕатын солоон оттуур ходуһа кэҥэтиллэн сүөһү иитиллиитин ахсаанын элбэтии ыытыллыытыгар, Сельхозтехника оҥорор өҥөтүн элбэтэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын улаатыннарыыга, эдэр көлүөнэни үлэлээх оҥорууга, кинилэр олорор уонна үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга өлбөт-сүппэт сүҥкэннээхэй үлэтин үйэлэргэ өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Ленин орденнаах Элгээйи совхоз кылаабынай инженерэ Балыграсов Иван Харитонович салалтатынан, дойдуну иилии эргийбит, араас куораттарынан сылдьа үөрүйэх, Григорьев Ким Платонович Братскай куоракка сакаастаан оҥотторбут 300 квт кыамталаах үс бойлеры оҥотторон аҕалан совхоз центральнай уһаайбатын электроотоплениенан сылытан улахан ситиһиилэммиттэрэ, сылытыныы салаатыгар саҥа технологиянан производство салаата үөскээбитэ. Фермаларга ыарахан үлэни механизациялааһыҥҥа уонна электрификациялааһыҥҥа совхоз үрдүк квалификациялаах инженердэрэ Максимов Ким Степанович, Петров Герасим Данилович, Петров Андрей Данилович, Джуалов Иван Софроович, механиктар Петров Владимир Игнатьевич – Бүлүүчээн, Иванов Николай Николаевич – Түбэй Дьаархаҥҥа, Ефимов Иван Никитич – Сиэйэҕэ, Иванов Борис Гаврильевич – Элгээйи отделениетыгар, Акимов Андрей Кирилович – Кутанаҕа уо.д.а. сыралаахтык уонна уһун кэмҥэ колхоз-совхоз туруктаах буоларын туһугар үлэлээбиттэрэ.

Совхозтарга механизация саамай тыа хаһаайыстыбатын араас салааларын хамсатар күүһэ, үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэргэ сүрүн ырычаак буолара. Атын совхозтарга Тойбохойго инженердэр Сидоров Николай Васильевич, биллиилээх рационализатор Данилов Роман Васильевич, Тотонов Николай Афанасьевич, Николаев Прокопий Дмитриевич, Николаев Борис Егорович, отделение механиктара Егоров Егор Николаевич, Данилов Прокопий Герасимович, Николаев Анатолий Егорович, Андреев Александр Тарасович, Бордоҥ совхозка Григорьев Ким Платонович Жданов колхоз саҕаттан бөдөҥсүйэн Сунтаары холбоон үлэлиир бириэмэтигэр уонча сыл кэнниттэн инженердэр Фёдоров Алексей Гаврильевич, Петров Гаврил Иванович, Михайлов Николай Васильевич, онтон да атын уонунан ааҕыллар механниктар совхозтар оҥорон таһаарар салааларын механизациялааһыҥҥа сыламталаах үлэлэрэ сыаналанан ааттара көмүс буукубанан сурулларын оннугар биирдии кырааматанан бэлиэтэммэккэ, үксүлэрэ олохтоох сирдэригэр бараахтаатахтара.

Тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар механизация киирэн араас идэлээх үрдүк калификациялах механизатордар производствоны өрө тардыыга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээннэр уһун олоҕу үксүлэрэ кыайан олорботохторо. Оройуон бастакы суоппардара Афанасий Меняков – маршал Баграмян суоппара, Василий Захаров – Элгээйи 40-ча сыл, Сергей Егоров, Ньуучакаан Уйбаан (норуот куруутун убаастабыл бэлиэтинэн итинник ааттыыра), Кирсан Еремеев – Түбэй Дьаархан, Николай Иванов – байыаннай суоппар Сиэйэ, Михаил Семенов – Сиэйэ, бастакы оҥоһуллубут ититиитэ суох массыынаҕа кыҺыннары өр сылларга тоҥон-хатан үлэлээннэр уһун үйэлэммэтэхтэрэ биллэр.

Ол курдук 1940 сыллаахтан трактористар олус ыарахан усулуобуйаҕа ХХI үйэ саҕаланыар диэри үлэлээбиттэрэ. Трактористар Петр Иванович Данилов-Аҕа Дойду Улуу сэриитин ветерана, Кыһыл Сулус орден кавалера, Петров Сергей Захарович – Түбэй Дьаархан, Василий Яковлев – Муруку Баһылай, республика хас да төгүллээх оттооһуҥҥа чемпиона, орденнаах Ариан Степанов, Петров Тарас Алексеевич – Сиэйэ, орденнаах, Данилов Василий Софронович – Сиэйэ, оройуон чемпион тракториһа, Гуринов Григорий Афанасьевич – Элгээйи, кыһын икки-үс сыарҕанан МТЗ тракторынан оту тиэйиигэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэх чемпион тракторист, Василий Жирков – Тойбохой, ДТ-54 трактор 17 сыл устата сыламтата суох үлэлэппит тракторист, онтон да атын бэйэлэрин олохтоох сирдэригэр колхоз-совхоз үлэтин эрэ буолбакка, ыаллар отторун-мастарын түүннэри-күнүстэри таһан олохтоохтор үтүө махталларынан угуттаммыт хоҺуун трактористар элбэхтэр.

Машинно-тракторнай станция, ремонтно-техническэй станция, «Сельхозтехника» холбоһуга, мелиорация көһө сылдьар колонната, «Сельхозхимия» холбоһуга тэрилтэлэр тыа хаһаайыстыбатын ынах сүөһүтэ, сылгыта элбииригэр, кинилэртэн ылыллар бородууксуйа улаатарыгар сүҥкэн оруолу ылбыта саарбаҕа суох.

Союз ыһыллыытын саҕаланыытыгар, атын производственнай, тутуу тэрилтэлэрэ банкроттуулларын саҕана техническэй сайдыы оройуоҥҥа тохтоон хаалбатаҕа. Прогрессивнай өйдөөх-санаалаах Сунтаар райисполкомун бэрэссэдээтэлэ Членов Владимир Михайлович дьаһалынан “Сунтарцеолит” тэрилтэтэ (тэрийээччи уонна бастакы директор Акимов Михаил Афанасьевич) 1989 сыллаахха тэриллэн ыарахан кризистэр бириэмэлэригэр атаҕар туран, билигин кыахтаахтык үлэлии олорор. Онно бастакы улахан хардыыны транспорынан хааччыйыыга Минсельхоз отделын эппиэттээх үлэһитэ Павлов Никандр Никифорович кэлиэхтээх техниканы үллэриигэ бирикээскэ киллэрэн алта КАМАЗ самосвалы уонна биир Т-100М бульдозеры саҥа тэрилтэҕэ бэрдэрбитэ үлэни саҕалааһыҥҥа төһүү күүс буолбута.

 

Улууска аан бастаан хайа промышленноһын хостонор баайын туһаҕа таһаарыыга “Сунтарцеолит” тэрилтэтигэр көмөлөспүт, былаас өттүттэн Сунтаар улууһун бастакы баһылыга Петров Александр Иннокентьевич буолар. Цеолиты научнай чинчийиигэ, техническэй усулуобуйа оҥоһуутугар, институттары кытары үлэҕэ г-м.н.д. Колодезников Ким Егорович, г-м.н.к. Новгородов Петр Гаврильевич, Бурцев Иван Семенович сүдү көмөлөөхтөр.

Ол эрээри, алмаас баайбытыттан саха боростой үлэтин норуота тыҥырах хоруотун саҕаны туһаммакка олордохпутуна, “Якуталмаз” хампаанньатын генеральнай директорын производствоҕа солбуйааччыта Яковлев Густав Афанасьевич Сунтарцеолит тэрилтэтин холбоһуктаах тэрилтэнэн ыларга өр сыллаах дуогабар түһэрсэн саҥа үлэлээн эрэр тэрилтэни атаҕар туруорууга үйэлэргэ умнуллубат үтүөнү, көмөнү оҥорбутугар сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, махтанабын! Хаһан да мин, Сунтарцеолит тэрилтэтин тэрийээччи, бастакы директор Акимов Михаил Афанасьевич, умнубаппын. Ол улахан дуогабар быһыытынан тутуубутун туттарбыппыт, элбэх хайа техникатын ылбыппыт. Тыа сиригэр аан бастаан 500 ат күүстээх Союз саамай улахан бульдозер-рыхлителин ылан үлэлэппиппит. Гараһа суох усулуобуйаҕа кыһыннары тыа сирин кыра карьердарыгар аан бастаан аһаҕас ньыманан цеолиты, таас чоҕу хостууру олоххо киллэрбиппит. Ыарахан сыаналаах буурдааһынтан, дэлби тэптэрииттэн аккаастаммыппыт. Омуктар сатаан үлэлэтиэххит суоҕа диэбиттэрин биһиги меанизатордарбыт олус ыарахан, гараһа суох усулуобуйаҕа чиэстээхтик баһылаабыттара. Сэнээбиттэриттэн сэттэлэрин ылбыттара!

Биир улахан ситиһиибитинэн урукку өттүгэр кыаллыбакка сыппыт Кэмпэндээйи чоҕун туһаҕа таһааран, улуус бары тэрилтэлэрин бэйэбит хааччыйаммыт Дьабарыкы-Хайа чоҕуттан аккаастаныы суотугар өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар сүүһүнэн мөлүйүөн кэмчилээһини оҥоруубут буолар.

Ааспыт сылларга “Мир” шахта үлэлиир эрдэҕинэ закладочнай смесь оҥорууга сылга 37000 тоннаҕа тиийэ цеолиты атыылаһан туһаннылар. Кэлиҥҥи сылларга сакаас кыччаатар да, атын шахталарга туһанарга ыла олороллор.

Ситиһии хаһан баҕарар тэрилтэ үлэһиттэринэн оҥоһуллар. Генеральнай директор кэлинни сылларга олус таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Отуттан тахса сыл тэриллиэхпититтэн суоппартан генеральнай директоры производствоҕа солбуйааччы Сергеев Прокопий Прокопьевич, суоппар-директоры хаһаайыстыаннай чааска солбуйааччы Данилов Петр Егорович, кылаабынай бухгалтер Иванова Светлана Васильевна, Михайлова, бульдозеристар Дмитриев Анатолий Николаевич, Пахомов Андрей Альбертович, суоппардар Данилов Юрий Ильич, Яковлев Анатолий Анатольевич үлэлииллэр. Суоппар Прокопьев Гаврил Титович 83 сааһыгар диэри сүүрбэччэ сыл бензовоз массыынаҕа тохтоло суох үлэлээтэ. Онтон да атын механизатордар өр сылларга таһаарыылаахтык, үөрүү-көтүү аргыстаах үлэлииллэр.

Цеолиты туһанан чэпчэки ыйааһыннаах блогу оҥорууга аналлаах цех тутуллан бүтэн наладкалана турар. Бу цех үлэҕэ киирдэҕинэ дьиэ истиэнэтин кладкатын үлэтэ биллэрдик чэпчиэҕэ, оҥорор таһаарыыта улаатыа, тутуу матырыйаалын сыаната биллэрдик чэпчэтиллиэ.

Улууска саҥа технологияны баһылааһыҥҥа “Татыйыына” фирма кыахтаахтык үлэлиирин ахтыбат буолуохха сатаммат. Кинилэр рулоннай матырыйаалтан профлист араас размердаан сакаас быһыытынан оҥороллор. Сылаас истиэнэ панель, полистирол оҥорон тутууга, тиэйии-таһыы үлэтин чэпчэтиигэ олус туһалаах.

Михаил Афанасьевич АКИМОВ,

1957 сылтан үлэ бэтэрээнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

2023 с. балаҕан ыйа.

(“Ахтыылар”, 2025 с. тохсунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *