Филиппова Людмила Афанасьевна туһунан

МЭТЭЭЛЛЭЭХ ОЛОХ УСТУН

Киһи ханнык баҕарар түмсүүгэ, атын дьоҥҥо кэллэҕинэ аан бастаан бу дьонун кытта билсэр, оргууй чугасаһар. Син ол кэриэтэ сыл анараа өттүгэр “Харысхал” үтүө көмөлөһөөччүлэр түмсүүлэригэр кэлээт ордук ис сүрэхтэриттэн кыһанар, дьоҥҥо куруук эйэҕэс, болҕомтолоох сыһыаннаах, бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этэр, баары баарынан сылдьар үтүө дьон баалларын бэлиэтии көрбүтүм. Олортон биирдэстэрин – Филиппова Людмила Афанасьевна туһунан кэпсиэм.

Люда кыысчаан Ольга уонна Афанасий Филипповтарга иккис оҕонон, убайын кэнниттэн соҕотох мааны кыыс буолан 1955 сыл сэтинньи 24 күнүгэр, күһүн кыһынныын көрсүһэр кэрэ кэмигэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Афанасий Филиппов Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ. Сэрии кэнниттэн айгыраабыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрэ сылдьан Амурскай уобаластан, көмүс күһүн курдук сырдык нуучча кыыһын Ольганы кэргэн ылан Саха сиригэр сүгүннэрэн аҕалбыта. Кыысчааннарын Дьокуускай куоракка күн сирин көрдөрөөт ахтылҕаннаах Сунтаардарын булбуттара.

Онон Люда кыысчаан кыһалҕата суох оҕо сааһа эһэ, эбэ далбарыгар күөлэһийэн, Томуһукаан ыраас күөлүгэр сөтүөлээн, убайынаан болуотунан устан көтөн-дайан ааспыттара. Ити сылларга 5-6 саастааҕыттан бэлэсиппиэт тэбэ үөрэммитэ. Ол саҕана оҕо бэлэсиппиэтэ сэдэх буолан улахан киһи киэнин иһинэн киирэн (рамкалаан) тэбэн сыыйылыннарара. Саамай дьиктитэ Людмила Афанасьевна күн бүгүн даҕаны велик үрдүгэр түстэ даҕаны айылҕа киэҥ дуолугар көччүйэ элээрэн хаалар 70 сыл стажтаах велосипедистка. Чугас эргин киниэхэ эрэ хотуобай кокуукка, үөһэ кыырайан тахсар хачыал баар буоланнар оҕо-аймах сөбүлээн мустар, эргийэр кииннэрэ этилэр. Ийэтэ саха лэппиэскэтин сөбүлээн буһарара. Ол саҕана сахалар билбэт, хомуйбат араас тэллэйдэрин оҕолорунаан хомуйара, астыыра, тууһуура. Аҕалара булчут саха эр киһитин сиэринэн булдун-аһын бэйэтэ дьаһайара, астыыра.

Эбэтэ мас саха, ийэтэ тоҥ нуучча буоланнар Люда оҕо эрдэҕиттэн икки омук икки ардыгар бөрөгүөччүт этэ. Ол сылдьан 1964 сыллаахха нуучча кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуола сылларыгар оройуон биир бастыҥ баскетболиската буолан спортивнай саалаттан арахпата. Остуол тенниһигэр эмиэ оройуон биир бастыҥ оонньооччута этэ. Ол сырыттаҕына ийэтэ улаханнык ыалдьан 5 кылаастан оскуоланы бүтэриэр диэри интернакка олорбута. Оҕо уһуйааныгар да сылдьыбатах оҕо аан бастаан дьонуттан тэйэн улаханнык соһуйбута, онтон үгүс табаарыстанан, доҕоттордонон бу интернакка олорбут сылларын олус сылаастык ахтар.

Урукку бириэмэҕэ сайын оҕо барыта үлэлиирэ. Ол сиэринэн Люда 6 кылаастан саҕалаан сайын аайы “Дорбой” лааҕырыгар, теплицаҕа огурсуу, помидор үүннэрээһинигэр 10 кылааска диэри олус тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Бу сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, оройуон олоҕор хаһан да буолбатах, 1974 сыл тохсунньу 22 күнүгэр оройуон киин кулуубугар Үлэ бастыҥнарын слётугар “Үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин” мэтээли туттарбыттара. Оҕо барахсан онно үөрбүтүөн, ол күнү күн бүгүҥҥэ диэри ырылыччы өйдүү-саныы сылдьар.

Оскуоланы бүтэрэн оччотооҕу “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” бачыымынан салайтаран Сунтаардааҕы СПТУ-23 кыһатыгар маастар овощевод идэтигэр 1 сыл үөрэммитэ. Эдэр саас күүрээннээх кэмигэр табаарыстаһыы, доҕордоһуу, бастакы таптал барыта баара. Быйыл үөрэҕи бүтэрбиттэрэ 50 сыла.

Дьэ, онтон Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын агрономия идэтигэр бэлэмнэнии курсунан киирэн студентка буолбута. Бу үөрэх кыһатын Слава Алексеевка кэргэн тахсан, икки оҕону төрөтөн, биир сыл академнанан, ол эрээри кэтэхтэн үөрэххэ көспөккө, күнүскү отделениеҕа үөрэнэн чиэстээхтик бүтэрбитэ. Кыргыттар кэргэннэнэн, оҕолонон үөрэхтэрин быраҕар түбэлтэлэрин элбэҕи билэбин.

Людмила Афанасьевна үөрэҕин бүтэриэҕиттэн үйэ чиэппэрэ талан ылбыт идэтинэн сопхуостар эстиэхтэригэр диэри үлэлээн кэллэ. Кыыс, дьахтар оруолун толорон биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрдө, атахтарыгар туруорда, элбэх сиэннэннэ. Элбэх оҕолоох ийэ сиэринэн улууска биир биллэр “Арчы” элбэх оҕолоохтор кулууптарын чилиэнэ. Урут ас-таҥас кырыымчык бириэмэтигэр салайааччылара быһаччы туруорсан, мэнээк көстүбэт күндү табаардары, миэбэл фондатын дьонугар булан биэрэрэ. Филипповтар кыбыс-кыараҕас 36 кв иэннээх дьиэлэригэр 9 киһи симиллэн олорбуттара. Ол бириэмэҕэ салайааччы Аграфена Андреева туруорсан Кэппэндээйиттэн 7 да 8 иэннээх дьиэни 2010 сыллаахха туруорсан булан биэрэннэр, ол улахан дьиэтигэр нус-хас олороруттан Афанасьевна олус үөрэр, улахан махталынан ахтар. Сибээс эйгэтигэр өр кэмҥэ үлэлээн ааспыта. Билигин да үлэттэн илиитин араарбакка сылдьар.

2024 сыл от ыйын 29 күнүттэн АБДь көмөлөһөр сыаллаах “Харысхал” волонтёрскай хамсааһын биир саамай чаҕылхай, ис сүрэҕиттэн кыһаллар чилиэнэ. Куруук туох наада буоларын, туох тиийбэтин өйдөөн көрө сылдьан бэйэтин үбүгэр атыылаһан, булан аҕалар.

Бастаан бары кууртам сиэккэ баайар этибит. Онтон ким тугу ордук сатыырынан, кыайарынан сыыйа-баайа арахсыы (специализация) буолбута. Онно Людмила Афанасьевна түмсүүгэ туох буолбутун, ким туох көмөнү оҥорбутун учуоттаан иһэр амбарнай кинигэни толорор олус эппиэттээх, историяны оҥорор суолталаах үлэнэн дьарыктанар. Ону таһынан Альбина Семёновналыын сүрэхтэрин иэйиитин, илиилэрин сылааһын иҥэрэн туран, олус кыһаллан, улахан тапталынан, алгыһынан хас барар баһыылканы хомуйаллар, суулууллар, хаалыыллар, тохтубатын, сытыйбатын курдук чөкөтөллөр. Бу олус уустук, улахан сыраны эрэйэр үлэни, бэйэлэрин саҕа баһыылкалары, чахчы ис сүрэхтэн оҥорор буоланнар кыайа туталлар.

Аҕыйах хонуктааҕыта, оҕолоро билиэт ыланнар, дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа аан бастакытын баран Кыһыл болуоссакка долгуйа күүлэйдээн кэллэ. Аҥардас күүлэйдииринэн муҥурдаммакка Москватааҕы волонтёрдары булан, госпитальга тиийэн саха уолаттарыгар көмө оҥорон, харысхал, кытыан, аһылык илдьэн, өйөбүл буолан Сунтаарын, “Харысхалын” ааттата сырытта. “Дойдуларыттан тэйэ сытар оҕолор нуучча эмээхсинэ уу сахалыы саҥарбыппыттан олус үөрдүлэр. Сорохтор түбэспит балаһыанньаларын ылыналлар, бу тарбах үүнэрин кэтэһэ сатаатым, үүммэт эбит, протез кэтэн баран төттөрү барыам”, – диэн санаалаахтарыттан сөхпүт. Сорохтор сууланан баран сыталлар, кинилэри кытта элбэхтик психолог үлэлиэн наада диэн тугу бэлиэтии көрбүтүн эттэ. Афанасьевна улахан уола эмиэ АБДь сылдьар. Бу алдьархай бүтэ охсон, эйэлээх халлаан анныгар дьоллоохтук олоруу – Ийэ баҕа санаата.

“Дьахтар, ийэ киһи быһыытынан, нууччам хаана тардан ордук борщ буһарарбын сөбүлүүбүн, – диэн кэпсээтэ, – иис, баайыы тоҕо эрэ обошло стороной”, – диэн күллэрдэ. Сайаҕас буолан олус элбэх билэр, билсэр дьонноох. Ойоҕоһуттан өйдөөн көрдөххө ким кыһалҕалаахха, ыалдьыбыкка бастакынан көмөҕө кэлэр, ким үөрүүлээххэ, төрөөбүт күннээххэ бастакынан үөрүүтүн үллэстэр, бырааһынньыкка саамай туһалаах, оригинальнай бэлэҕи оҥорор бу Людмила Афанасьевна эбит диэн бэлиэтии көрдүм.

Мин бу этиибин ыкса ыала Галина Евсеева эмиэ бигэргэттэ: “Ыалым олус үчүгэй, куруук күлүү аргыстаах, көмө диэни бастакы тута сылдьар, оҕолоро сахалыы иитиилээхтэр, туспа олорбут кэргэнин, биэс оҕотун аҕатын, олус бэркэ харайбыттара, омугун үгэһинэн родительский день диэни олус тутуһар, элбэх доҕордоох-атастаах”.

Оҕо сылдьыаҕыттан мэтээллээх үлэһит, Сунтаар сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, “Арчы” элбэх оҕолоохтор кулууптарын чилиэнэ, “Харысхал” волонтёрскай хамсааһын саамай дьиҥнээх чилиэнэ, уйаҕас сүрэхтээх, аһыныгас санаалаах Ийэ, Эбэ Людмила Афанасьевна уһун кэмҥэ уруйдан!

Зинаида Дмитриевна ФЕДОТОВА – Дьол Кыыма.

2025 с. ахсынньы ый.

(“Ахтыылар», 2025 с.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *