БИҺИГИ ААДЫРЫСПЫТ – СЭБИЭСКЭЙ СОЙУУС
А.С. Пушкин аатынан өрөспүүбүлүкэ библиотекатын устуоруйаҕа саалатыгар “Биһиги аадырыспыт – Сэбиэскэй Сойуус: саха устудьуоннара Орто Азияҕа, Казахстаҥҥа уонна Кавказка” диэн эриэккэс ааттаах кинигэ биһирэмигэр сырыттым.

Тэрээһиҥҥэ ахтыы суруйбуттар, олохтон туораабыт дьон аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ, уопсайа 60-тан тахса киһи кэлбит. Арассыыйа “Саха-Вести” биэрии үлэһиттэрэ көрсүһүүнү устан сарсыныгар сонуннарга көрдөрдүлэр.
Мустубут дьону бу кинигэни суруйууга доҕотторун көҕүлээбит бырайыак ааптара М.Е.Друзьянов – 1974-75 сылларга Душанбе куорат саха устудьуоннарын салайааччыта, билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт түмэлин дириэктэрэ кинигэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэлээтэ уонна кылгастык кинигэ суруллубут 12 сыллаах устуоруйатын билиһиннэрдэ.
Михаил Егорович тэрээһин киирии тылын 1970-74 сылларга Ташкеҥҥа үөрэммит Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар бас-көс киһилэрэ Т.Т.Егоровка биэрдэ. Тимофей Тимофеевич: “Кинигэ сүрэхтэниитэ, үгэс курдук, кинини киэҥник биллэрии, рекламалааһын быһыытынан ыытыллар. Бүгүн манна кэлбит дьоҥҥо ол наадата суох дии саныыбын”, – диэн саҕалаата уонна Орто Азия, Казахстан, Кавказ куораттарыгар үөрэммит устудьуоннар ол кэмнээҕи салайааччыларыгар, көхтөөх дьонугар тылы утуу-субуу биэрэн истэ, кинигэни сыаналыылларыгар көрдөстө.
Тыл эппит үксүлэрэ баттахтара маҥхайбыт, сэдэхсийбит, чанчыктра кыырыктыйбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах үтүө-мааны эр бэртэрэ, далбар хотуннара: Андросов Василий, Тоскин Тимофей, Гаврильева Валентина, Багынанова Саргылана (бары Ташкент), Захаров Дмитрий, Герасимов Владимир (иккиэн Душанбе), Иванова Варвара (Фрунзе), Кычкин Николай (Павлодар), Попова Наталья, Ефремов Василий (иккиэн Ашхабад), Готовцев Прокопий (Тбилиси), Абрамова Светлана (Караганда), Климентов Николай (Самарканд) модун Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр үөрэммит дьоллоох устудьуон сылларын истиҥ-иһирэх тылларынан долгуйа-үөрэ аҕыннылар, бэртээхэй, киһи хараҕар быраҕыллар, дьоһун өйдөбүнньүк кинигэ тахсыбытын, аатын олус сөбүлээбиттэрин бэлиэтээтилэр, кинигэ тахсыытыгар сүрүн кылааттарын киллэрбит М.Друзьяновка, Г.Анисимоваҕа, Т.Егоровка, А.Петроваҕа ис сүрэхтэриттэн махтаннылар, кэрэ аҥаардарга сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.

Кинигэни СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруналыыстарын сойууһун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Н.Н.Петров эрэдээксийэлээбит, аан тылы “Реализованный потенциал якутских студентов в вузах Средней Азии, Казахстана, Кавказа” диэн ааттаабыт. Кырдьык, Саха сирин үгүс муннуктарыттан кэлэн үөрэммит олоххо, үөрэххэ, үлэҕэ көхтөөх эдэр дьон үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн дойдуларыгар кэлэн ылбыт идэлэринэн норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар бэриниилээхтик үлэлээн Саха сирэ чэчирии сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ, сорохтор билигин да киллэрэ сылдьаллар. Кинилэр истэригэр бааллар: Арассыыйа уонна СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх уонна бочуоттаах үлэһиттэрэ, биир СӨ Бочуоттаах олохтооҕо, үгүс төрөөбүт улуустарын уонна нэһилиэхтэрин бочуоттаах олохтоохторо, элбэх киһи – мэтээл, уордьан хаһаайыттара. Холобура, мин биир идэлээхтэрим: Т.Т.Егоров (ТашГУ) — СӨ үтүөлээх геолога, РФ сирин баайын баһылааһыҥҥа бочуоттаах үлэһитэ, В.Н.Захаров (Тадж. ГУ) – СӨ үтүөлээх горняга, РФ бочуоттаах горняга, Г.С.Анисимова (ТашГУ) – геология-минералогия билимин хандьытаата, амгаит диэн саҥа минералы арыйааччы, 7 монография суруллуутун кыттыылааҕа, 200-тэн тахса билим ыстатыйатын ааптара. Бары бэйэлэрин эйгэлэригэр киэҥник биллэр, ытыктанар дьон. Өссө сахалартан биир бастакылар истэригэр 1958 сыллаахха Казахстан хайа-металлургия институтун бүтэрбит, инженер-геолог идэтин ылбыт Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Петр Егорович Антонов туһунан С. Багынанова хаһыакка суруйбут ыстатыйата кинигэҕэ киирбит. Хомойуох иһин кини ханна, тугу үлэлээбитэ чопчу суруллубатах.
384 страницалаах, элбэх хаартыскалаах, үчүгэй хаачыстыбалаах кумааҕылаах, сиэдэрэй оҥоһуулаах кинигэ “Алта” издательствоҕа (тех. эрэдээктэр З.А.Архипова) таҥыллан оҥоһуллубут, Новосибирскай куоракка 130 устуука тирааһынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
Кинигэни хомуйан оҥорууга сүрүн үлэни толорбут Г.С. Анисимова барыллаан ааҕыытынан 1960-80 сылларга Орто Азия, Казахстан, Кавказ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар: Алма-Атаҕа – 100-тэн тахса, Ташкеҥҥа – 60-ча, Душанбеҕа – 40-ча, Тбилисигэ – 30-н тахса, Фрунзеҕа – 20-чэ, Самаркаҥҥа – 20-чэ, Ашхабадка – 10-тан тахса, Павлодарга – 10-ча, Чимкеҥҥэ – 10-ча, Джамбулга -3, Карагандаҕа – 1, Ереваҥҥа – 1, Азербайджаҥҥа – 1 киһи үөрэммиттэр.
Көрсүһүүгэ кэлбиттэр уонна араас биричиинэнэн кэлбэтэх дьон оҕолоро, сиэннэрэ, доҕотторо дьоһун кинигэни илиилэригэр тутан үөрдүлэр, уопсай хаартыскаҕа түһүстүлэр, тэрийээччилэргэ махтаннылар.
Биир бэйэм, кинигэ Улуу Сэбиэскэй Сойуус гииминэн саҕаланарын, аата ол эйэлээх, норуоттар истиҥ доҕордоһууларынан угуттаммыт кэрэ кэми, санатарын олус биһирээтим. Бэйэм олохпор Орто Азияны кытта сибээстээх хас да түгэни суруйарга сананным.
- Булуҥ улууһун Күһүүр интэринээт-оскуолатын 1966 с. бииргэ бүтэрбит доҕорум Трофимов Петр армия кэнниттэн бииргэ сулуспалаабыт узбек уолун батыһан Казахстан Джамбул куоратыгар тиийэн 1970-1975 сс. гидромелиорация-тутуу институтун (ДГМСИ) үөрэнэн бүтэрбитэ. 1975-1976 сс. Комсомольск-на-Амуре куоракка мелиорация ПМК-гар линейнай механигынан үлэтин саҕалаабыта. Оттон 31 сыл Уус-Алдан улууһугар 4 тэрилтэҕэ салайар дуоһунастарга олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин ааттара иҥэриллибитэ. 2007 с. дойдутугар ыҥырыллан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ороссолуода нэһилиэгин баһылыгынан талыллыбыта. 2012 с. биэнсийэҕэ тахсыбыта, 2020 с. олохтон туораабыта. Саҥа Ороссолуода биир уулуссата кини аатын сүгэр.
- 1971 с. СГУ геология салаатыгар 4-с кууруска үөрэнэ сылдьан 30-ча буолан Сэбиэскэй Сойуус биллэр хостонор баайдаах сирдэригэр кыһыҥҥы каникул кэмигэр 3 группанан буор босхо экскурсияҕа сылдьан кэлбиппит. Мин түбэспит группам — 9 буоламмыт учууталбыт И.П. Винокуров салалтатынан Киргизия Кадамжай (сүлүмэ) уонна Хайдаркен (уртуут) баайдаах сирдэригэр сылдьыбыппыт. 10 киһилээх 2-с группа А.Ф. Кытаховтыын Узбекистаҥҥа алтан баайдаах Алмалыкка сылдьыбыттара. 3-с группа О.В. Плышевскайдыын Украина Никитовка диэн уртуут баайдаах сиригэр барбыттара. Экскурсия кэнниттэн Орто Азияҕа сылдьыбыт икки группа Ташкеҥҥа көрсүбүппүт. Биһигини кытта сылдьыбыт Чурапчы уолаттара В. Посельскай уонна В. Филиппов көҕүлээн уонча буолан студгородокка тиийэн Ташкеҥҥа политехническай институтка үөрэнэр доҕордорун Алексей Макаровы кытта көрсүбүппүт. Кини Орто Азияҕа үөрэммиттэртэн бастакы билсибит киһим буолар. Улуу дойду геология эдэр кадрдарын бэлэмнээһиҥҥэ ол курдук кыһаллара, улахан болҕомтотун уурара.
Биллэрин курдук, 1966 с. муус устар ыйга күүстээх сир хамсааһына буолан Ташкент куорат улаханнык эмсэҕэлээбитэ, 300 тыһ. тахса киһи дьиэтэ суох хаалбыта. Сэбиэскэй Сойуус бары өрөспүүбүлүкэлэрин көмөтүнэн 4-5 сыл иһигэр “саҥа Ташкент” тутуллубута. Биһиги сылдьарбытыгар сир хамсааһынын содула адьаһын биллибэт этэ, үрдүк этээстэрдээх, киэҥ проспектардаах, аныгылыы моһуоннаах кыраһыабай куораты көрбүппүт.
- Дьокуускайга доҕотторум Виталий уонна Александра Посельскайдар билиһиннэрэннэр 1985 с. Ташкент Судаарыстыбаннай университетун бүтэрбит кэллиэгэбин Покровскай кыыһа Галина Анисимованы кэргэн ылбытым, уруубутугар СГУ-гар уонна Орто Азия вузтарыгар үөрэммит доҕотторбут күндү ыалдьыттарынан буолбуттара. Кинилэр үтүө санааларынан, алгыстарынан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, эйэ дэмнээхтик дьоллоохтук олоробуппут быйыл 38 сылын туолла. Икки уоллаахпыт, уоллаах кыыс сиэннээхпит, элбэх эрэллээх доҕоттордоохпут. Кэргэним төрөөбүт күнүн (01.01) Орто Азияҕа, Казахстаҥҥа үөрэммит дьүөгэлэрэ Н.Охлопкова, В.Иванова, Н.Красильникова, О.Кочкина сыл аайы кэлэн биһиэхэ бэлиэтииллэрэ үгэс буолбута ыраатта.
- Галина бииргэ үөрэммит кэллиэгэлэрин Башкирия Судаарыстыбаннай университетын бэрэпиэссэрэ, геология билимин дуоктара С.К.Мустафины, А.С.Пушкин аатынан Ленинградтааҕы Судаарыстыбаннай университет дассыана, геология билимин хандьытаата А.Н.Трифоновы билсэн кинилэрдиин геология, экология боппуруостарыгар 20-чэ ыстатыйа суруйан араас кэмпэриэнсийэлэргэ кыттыбытым. Сабир Кабирович Саха сиригэр хаста да кэлэ сылдьыбыта, Т. Егоров, биһиги даачаларбытыгар ыалдьыттаабыта. Галина биһиги эмиэ кини ыалдьытымсах дьиэтигэр Уфаҕа сылдьан кэргэнин Зулейханы, уолун Хамиды кытта билсибиппит. Сабир үлэлиир сиригэр, национальнай түмэлгэ сырытыннарбыта, ып-ыраас, киэҥ-куоҥ, күп-күөх болуоссаттарынан, искибиэрдэринэн, уулуссаларынан күүлэйдээбиппит, мечеттэригэр киирэ сылдьыбыппыт. Номоххо киирбит башкир омук дьоруойа Салават Юлаев дойдутун киин куоратын олус сөбүлээбиппит.
- 2009 с. балаҕан ыйыгар 10-ча күн кыра уолбутунаан И. Губкин аатынан нефть уонна гаас институтун 4-с курсугар үөрэнэр Германныын Ташкент, Самарканд, Бухара куораттарынан күүлэйдээн кэлбиппит. Ташкеҥҥа Галя бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Н. Александрова 3 хостоох квартиратыгар олорон маанылаппыппыт, тыйаатырга, түмэллэргэ, баһаарга сылдьыбыппыт, куорат кэрэ сирдэрин кэрийбиппит, ТашГУ студгородогар тиийэн Галина үөрэммит факультетыгар киирэ сылдьыбыппыт, ол кэмнээҕи деканы көрсөн кэпсэппиппит, бииргэ хаартыскаҕа түспүппүт. Наталья дьиэтигэр Галина бииргэ үөрэммит доҕотторо Ахмат Заманов, Татьяна Козловская, Галина Пенькова, Широпат Муратова кэлэннэр наһаа истиҥ көрсүһүү тэрийбиттэрэ, устудьуоннаабыт сылларын, доҕотторун, учууталларын ахтан-санаан ааспыттара. Широпат уонна кини кэргэнэ Рахмат Муратовтарга куорат таһынааҕы Кибрай диэн бөһүөлэккэ тиийэн чааһынай дьиэлэригэр ыалдьыттаабыппыт. Биһигини кытта Кибрайга Наталья уонна Зуляра Мурдасилова сылдьыбыттара. Самарканд, Бухара курдук Орто Азия баай устуоруйалаах, түҥ былыргы кэрэ тутуулардаах, улуу дьон салайбыт, олорбут куораттарыгар сылдьыыбыт умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта.
Улуу Сэбиэскэй дойду бары 15 өрөспүүбүлүкэлэригэр элбэх Саха сирин ыччата үөрэммитэ, туһалаах идэлэри баһылаабыта.

Константин Константинович СТРУЧКОВ.
Дьокуускай, 2023 с. балаҕан ыйа.
(“Ахтыылар”, 2025 с. ахсынньы)
