Бурцев Пётр Иннокентьевич туһунан

ҮЛЭҔЭ, СПОРТКА ҮРДҮК СИТИҺИИЛЭЭХ ЧАҔЫЛХАЙ КИҺИБИТ

Дьыл-хонук ааһан истэҕин аайы урукку умнууга барар, ол айылҕа сокуона быһыылаах. Ол да буоллар урукку үлэ-хамнас, спорт умнуллуо суохтаах диэн өйдөбүлүнэн, төһө да тыл үөрэҕэ суох буолларбын, ньурбаларым туһугар турууласпыт, кэмигэр республикаҕа, Россияҕа, Союзка биллибит биир дойдулаахтарбын, бэйэм алтыһан үөскээбит, араас күрэхтэһиилэргэ оройуоммутун көмүскэспит чулуу уолаттарбытын төһө кыалларынан сурукка тиһэн историяҕа хааллара сатыыбын.

Иллэрээ сыл дойдубар саҥа паарканы астына-дуоһуйа көрө сылдьан, үс сүүрбэччэлээх уолаттары кытта кэпсэтэн баран: “Пётр Алексеев диэн аатырбыт тустуугу билэҕит дуо?” – диэн ыйыттым. “Олох истибэтэхпит”, – диэтилэр. “Оччоҕо Пётр Бурцевы билэҕит дуо?” – диэбиппэр: “Ханна эрэ истибиппит, туоҕун-ханныгын билбэппит”, – диэн хоруйдаатылар. Мин онтон хайдах эрэ хомойо санаатым. Ол аата 1950-70-с сыллар бастакы көлүөнэ тустуук убайдарбытын ааттарын да умнуохпутун сөп эбит. 1970-85-с сыллардааҕы тустууктары билэр киһи аҕыйаабыт буоллаҕына ол кэми билэр, тустубут, ситиһиилэригэр ыалдьыбыт дьон тустуубут историятын суруйан хааллара сатыахха диэн ыҥырабын.

Оннук санаанан доҕорум, кылааһынньыгым, однокурснигым, бииргэ үлэлээбит биир идэлээҕим Бүөтүр Иннокентьевич Бурцев туһунан тугу билэрбин – үлэтин-хамнаһын, улахан тустууга ситиһиилэрин сырдатан көрүөм.

Бүөтүр Бурцев диэн кимий?

Кини төрдүс кылаастан, ол аата 1971 сылтан Ньурба 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын мастерской хоһугар тустуу маата тэлгэниэҕиттэн олоҕун спортка, чөл олоххо анаабыт ньурбалартан биир үрдүк ситиһиилээх тустуукпут: көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, хуреш тустууга РСФСР спордун маастара, хапсаҕайдаһан тустууга Саха АССР спордун маастара, Саха сирин Бочуоттаах маастара, Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ. Хапсаҕайга 37 Саха сирин маастарын иитэн таһаарбыт тренер буолар. Ньурба улууһун ытык олохтооҕо, Саха Республикатын физическэй культуратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына. Саха сирин 5 төгүллээх чемпиона, Дальнай Восток чемпиона, Россиятааҕы ДСО “Спартак” общество түөрт төгүллээх чемпиона, ЦС ДСО “Спартак” үс төгүллээх чемпиона, эдэр уолаттарга ССРС призёра, эдэрдэргэ РСФСР иккис призёра, Ленинград куоракка ыытыллыбыт “Победа” Бүтүн Союзтааҕы турнир, Москва куорат Челидзе Бүтүн Союзтааҕы турнир кыайыылааҕа, профсоюзтар ЦС үһүс призёра (Сэбиэскэй Союз кыра турнира), хапсаҕайга Саха АССР сэттэ төгүллээх чемпиона, 6-с Тыа сирин спартакиадатын чемпиона, IV спортивнай оонньууларын чемпиона (Хаандыга, 45 сааһыгар), III спортивнай оонньуулар призёрдара (Покровскай), Саха сирин муҥутуур кыайылааҕа.

Мин Бүөккэни бастакы кылаастан, ол аата 1967 сылтан алтыһан, күрэхтэһэн, бииргэ үлэлээн, сааһырар сааспытыгар диэри эн-мин дэһэн кэллэхпит. Биһиги бастакы тренербит Такыров Сергей Петрович отой эдэригэр ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Кини үлэтин тренеринэн саҕалыырыгар ити үөһээ ахтан ааспыт бастакы оскуолабыт мастерскойугар тустуу кыра залын аһаннар, биһиги көлүөнэ оҕолор спортка бастакы чугаһааһыммыт буолбут буолуохтаах. Тренербит Такыров С.П. (Хаппах) сүрдээхдик кыһаллан, хас биирдии оҕону налыччы кэпсэтэн-үөрэтэн дьарыгы ыытар эбит. Кини группатыгар сылдьыбыт уолаттартан элбэх боксаҕа да, тустууга да улахан ситиһиини ылбыт спортсменнар иитиллэн тахсыбыттара. Ол курдук Бурцев П., Додохов С., Корякин С., Дмитриев С., Алексеев Г., боксёрдар Петров С. (Россия икки төгүллээх чемпиона).

1975 сыллаахха орто саастаах оскуола оҕолоругар республикатааҕы «Спартак» общество күрэхтэһиитигэр Ньурба сборнайа баран тахсыылаахтык тустубуппут, Россия “Спартак” обществотыгар Сахабыт сирин көмүскээн кэлбиппит. Ньурбаттан – Корякин Саша, Бурцев Петя, Дмитриев Сергей, Павлов Петя, Алексеев Гоша, Егоров Кеша, Чурапчыттан – Филиппов Афоня, Кульбертинов Коля уонна Дьокуускайтан – Еремеев Алексей буолан Грознай куоракка бастакы улахан күрэхтэһиибитигэр тренербит Семён Фёдорович Алексеев салалтатынан көппүппүт. Аара суолбутугар Шереметьево аэропордугар Куба боксаҕа сборнайдарын көрөн Семён Фёдоровичпыт барыбытын түргэнник туруортаан баран: “Ол Теофило Стивенсон – олимпийскай чемпион”, – диэтэ уонна тиийэн тугу эрэ быһаарсан, биһигини ыҥыртаан барыбытын кытта кинилиин илии тутуһан эҕэрдэлэспитэ. Семён Фёдорович автограф ылан астыммыта харахпытыгар бу баар. Биһиги билиҥҥэ диэри Т. Стивенсоны кытта эҕэрдэлэспиппит диэн астына-дуоһуйа кэпсэтэбит.

Хаартыскаҕа: Бастакы тренербит Такыров Сергей Петровичтыын.

 

Грознайга тиийбиппитигэр улахан спортивнай комплекска түһэрбиттэрэ. Союз сборнайдара эрчиллэр базалара эбит, ол онно араас аатырбыт спортсменнары көрөн астыммыппыт. Билиҥҥи олох эбитэ буоллар хаартыска бөҕө баар буолуо эбит. Ити улахан бастакы күрэхтэһиибитигэр долгуйан да буолуо, улахан ситиһиитэ суох бары биир таһымҥа тустубуппут. Бүөккэ Бурцев бу күрэхтэһиигэ элбэҕи барбыт буолуохтаах, сахалартан Россия уонна Союз “Спартак” обществотын күрэхтэһиилэригэр кини курдук элбэхтик бастаабыт суох буолуо.

Хаартыскаҕа: 1977 с. Ньурба 1-кы оскуолатын бүтэрбит оҕолорун кытта. Кылаас салайааччыта Аида Гаврильевна Романова.

 

Бүөккэ оҕо сылдьыаҕыттан бэйэтэ сыаллаах-соруктаах эбит. Кыра сылдьан эт-хаан өртүнэн улахан айылҕа биэрбит күүһэ суох этэ. Онтун дэлби күүскэ эрчиллэн-хачайданан, улахан үтүөлээх тренер буоларын бэйэтиттэн саҕалаабыт эбит.

Бүөккэ тренерскэй үлэтин туһунан Россия уонна Саха сирин үтүөлээх тренерэ, Россия физкультураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун ытык олохтооҕо, кылааһынньыга Егоров Б.П. маннык этэр: “Мин Петя Бурцевтан төһө да аҕа буолларбын, ыйааһыным кыра буолан оҕо эрдэхпититтэн бииргэ дьарыктанан улааппыппыт. Көҥүл тустууга ситиһиилэрин ырыппакка, хапсаҕайга тренер быһыытынан үлэтигэр кыратык тохтуохпун баҕарабын. Бүөккэни хапсаҕайга учуутала, тренерэ Мостахов Алексей Егорович чугаһатан, тренерскэй үлэтигэр ситиһии кэллэҕэ. Ону Пётр Иннокентьевич 40-ча хапсаҕай маастарын иитэн таһаарбыта, Саха сирин үтүөлээх тренерэ буолбута туоһулуур. Намҥа оҕо спортивнай оскуолатыгар эрчийбит уолбун Румин Сашаны хапсаҕайга дьарыктаан, Саха сиригэр биллэр хапсаҕайдьыт оҥордо. Бу уол ветераннарга көҥүл тустууга Аан дойду чемпиона буолбутугар тренерэ Пётр Бурцев өҥөтө улахан, махталбын Бүөккэҕэ биллэрэбин”.

Ити дьыл 9 кылааһы бүтэрэн сайыҥҥы каникулбутугар Салтааныга, убаастыыр учууталбыт Мартынов Николай Николаевич салайааччылаах полумеханизированнай «Омолдоон» биригээдэтигэр киирэн, наһаа үчүгэйдик үлэлээн, оонньоон, от бөҕөнү оттоон республикаҕа бастакы миэстэни ылбыппыт. Ньурбатааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуолабыт чиэһин түһэн биэрбэккэ, бэркэ үлэлээбиппит. Бу Салтааны сайынын туһунан туспа ахтыы буолуон сөп этэ. Ол сайын Бүөккэ эмиэ бэйэтин хараахтырын көрдөрөн, токур хотуур биригээдэтигэр тылланан киирбитэ. Сайыны быһа илиитин, сиһин быччыҥын хачайдаан, күһүн отой атын буолан кииртэ. Манна учууталбыт Мартынов Н.Н. оруола эмиэ улахан. Оҕолортон үлэни ирдиир да, ол курдук аһатар да этэ. Ырыган, хачаайы уолаттары, көрүллүбүт астарын аһаан бүтэрэ иликтэринэ, остуолтан туруорбат идэлээҕэ. Сайын устата хаста да баайтаһын ынах идэһэлэммиппит, иһин-хоойун ырыттаран, астыырга үөрэппитэ. Биһиги Бүөккэлиин тыа хаһаайыстыбатын идэтин ыларбытыгар эмиэ көмөлөспүт буолуохтаах. Ону таһынан Салтааны эбэтин эмис соботунан аһаатахпыт. Мин өйдүүрбүнэн Бурцевтар дьиэлэригэр отой хойукка диэри сүөһүлэрин тутан олорбуттара, онон Бүөккэ хара үлэттэн туора турбатах оҕо.

1976 сыллаахха оҕолорго Ньурба хамаандата Мирнэй куоракка Тарскай зонатыгар баран, уон ыйааһыҥҥа бары финалга тустарбытыгар путёвка ылан тренербитин Николай Прокопьевиһы үөрдүбүппүт. Ити сааскы каникулга этэ, биһиги иннибитигэр убайдарбыт эмиэ Бүлүү зонатыгар хаардыы хааман тахсан, бастаан кэлбиттэрэ. Ити сылларга Ньурба тустуута саамай өрөгөйдүү сылдьыбыт кэмэ эбит. Ол сайын Чурапчыга Тарскай финала олус итии кэмҥэ буолбутун өйдүүбүн. Ньурбалар ол кэмҥэ хайа да оройуоннааҕар таҥаспытынан-саппытынан, көрдөрүүбүтүнэн даҕаны ордук этибит. Мастеркабыт кэннигэр “Ньурба” диэн суруктаах этэ. Ол ааппытын түһэн биэрбэккэ, уопсай түмүккэ Чурапчы бастакы хамаандатыттан очко аҥаарынан эрэ хаалан иккис миэстэ буолбуппут. Ол курдук Николаев Аркадий (Крошка), Павлов Петя бастакы миэстэни ылбыттара, уоннааҕылар иккис-үһүс буолан кыайыы үөрүүтүнэн кынаттаммыппыт. Ол күрэхтэһиигэ Ньурбаттан төрүттээх Чурапчы интернат оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар уолаттарбыт Егоров Кеша бастакы миэстэ уонна Алексеев Гоша иккис миэстэ буолбуттара.

1977 сыл олунньу ыйга РСФСР чемпионатыгар улахан оҕолорго Саха АССР сборнайын таларга Чурапчыга отборнай турнир буолбута. Ньурбаттан Додохов Саша, Бурцев Бүөккэ, Корякин Саша, Дмитриев Сергей, Павлов Петя буолан тустубуппут. Билигин Чурапчыга суол тупсан Дьокуускайтан икки чааһынан сылдьар буолбуттар, ол кэмҥэ тымныы автобуһунан 6-7 чаас айанныыр этибит. Кэлээппитин кытта тустуу саҕаламмыта. Павлов Петя бастакы, мин иккис буолан оҕолорго РСФСР чемпионатыгар барар буолбуппут. Корякин Саша, Додохов Саша уонна Бүөккэ Бурцев үһүс миэстэ буолбуттара, онон республика «Спартак» спортивнай общество сборугар Чурапчыга хаалбыттара. Онно бастааннар Россия чемпионатыгар туста барар буолбуттара.

Хаартыскаҕа: Кыайыылаахтар парадтара. Чемпионнар.

 

Хаартыскаҕа: Бииргэ төрөөбүттэрэ: эдьиийэ Шура, убайа Вова, быраата Кеша.

 

Хаартыскаҕа: Саха сирин тустууга сборнай хамаандата – Москваҕа.

 

Бүөккэ оҕо сылдьыаҕыттан 1-2 миэстэттэн хаһан да түспэтэҕэ, хамаандатын түһэн биэрбэтэҕэ. Саха сирин тустуутун фанаттара Бурцев Бүөккэ тустууларын, ситиһиилэрин үчүгэйдик билэллэр, билиҥээҥҥэ диэри саныыллар.

Хаартыскаҕа: Күрэхтэһии иннинээҕи эрчиллии. Саха сирин сборнай хамаандатын тустууктара. Тренер Д.П.Коркин.

 

1977 сыллаахха Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн, өссө тустуохпут диэн сыаллаах Ньурбатааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар үлэбитин саҕалаабыппыт: мин – завхоһунан, Бүөккэ – рабочайынан. Олус иллээх коллективы Мостахов Алексей Егорович салайара, кылаабынай тренеринэн Иванов Николай Прокопьевич үлэлээбитэ. Оскуола завуһа Амбросьев Анатолий Алексеевич этэ, тренердэрэ: хапсаҕайга Саха сирин абсолютнай чемпиона, оҕолорго РСФСР чемпиона Симон Афанасьевич Бойнов, аан дойдуга аатырбыт Ушканов Дмитрий аҕата Ушканов Дмитрий Спиридонович, филиалларга элбэх ССРС спордун көҥүл тустууга маастардарын иитэн таһаарбыт, Смоленскайдааҕы физкультурнай институту бүтэрэн кэлбит Васильев Виктор Михайлович, Украина чемпиона Тыасытов Владимир Григорьевич. Ити кэмҥэ Василий Гурьев госпрактикатын ДЮСШ-ҕа тренеринэн үлэлээн барбыта, кэлин Москва куорат чемпиона, Челидзе Бүтүн Союзтааҕы турнир чемпиона, ССРС Кубогын кыайыылааҕа.

Хаартыскаларга: Күрэхтэһии, эрчиллии түгэннэрэ.

Ити 1977 сыл Дьокуускай куоракка ыытыллар “Совет Министров” бирииһигэр Бүтүн Союзтааҕы турнирга Ньурбаттан Корякин Саша, Бурцев Бүөккэ, Дмитриев Сергей, Гурьев Вася, Амбросьев Анатолий, Ушканов Дмитрий, Васильев Виктор, Васильев Гена буолан тустубуппут. Бурцев Бүөккэ бу улахан күрэхтэһиигэ аатырбыт тустуук Павел Рукавишниковы кыайан улахан соһутууну таһаарбыта. Ону сэргэ Корякин Саша 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан төрдүс миэстэ буолан, спорт маастарыгар кандидат буолбута. Гурьев Бааскабыт эрэллээхтик бастаан ССРС спордун маастарын толорбута. Анатолий Амбросьев уонна Дмитрий Ушканов кыһыылаахтык маастары толорботохторо. Бу турнир кэнниттэн Бүөккэҕэ улахан ситиһиилэрэ кэлэн барбыттара.

Пётр Иннокентьевиһы тустуук эрэ быһыытынан буолбакка, үлэтин-хамнаһын эмиэ билэбин. Кинини билиилээх, тэрээһиннээх салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Үрдүк үөрэхтээх зоотехник идэтин ылан улууһугар “Өймөкөөн” совхоз кылаабынай зоотехнигынан, Томтор отделениетын управляющайынан тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин даҕаны эдэр сылдьан үлэлээбит-хамсаабыт дойдутун кытта сибээһин сүтэрбэт. Үөрэ-көтө сынньанан, бултаан-алтаан, күүс-күдэх ылан кэлэр.

1991 сыллаахха Бүөтүр аҕата Иннокентий Христофорович ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барар. Кэргэнэ Марфа Петровна тулаайах хаалбыт сиэннэринээн бэйэтэ эрэ хаалар. Ол иһин Бүөккэ дьонугар көмө буолаары, тахсыылаахтык үлэлии олорон, дойдутугар көһөн кэлэргэ быһаарынар.

Ол кэмҥэ мин улуус баһылыгын солбуйааччытынан уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан үлэлии олорбутум. Баһылыкпын Валентин Ивановиһы кытта сүбэлэһэн баран, Пётр Иннокентьевиһы улуус сылгыһыттарын түмсүүтүн тэрийиитигэр уонна салайыытыгар анаабыппыт.

Ити сылларга совхозтар ыһылла сатыыр кэмнэригэр Ньурба улууһун аҕа баһылыга Валентин Иванович Никифоров, райсовет бэрэссэдээтэлэ, улаханнык ытыктыыр киһибит Семён Никифорович Романов уонна улуус баайы-дуолу дьаһайар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Наумович Иванов ити түмсүү проегын өйөөннөр улуус сылгытын барытын улуус муниципальнай бас билиитигэр киллэрбиппит. Ол иһин 1992-1993 сылларга сылгы ахсаана көҕүрээбэтэҕэ, дьоҥҥо паай быһыытынан түҥэтиллибэтэҕэ. Бу проекка Пётр Иннокентьевич улахан үтүөлээх диэхпин баҕарабын.

Биир күн соҕотоҕун олордохпуна киһим “хонтуора үлэтэ миэнэ буолбатах эбит, миигин хаһаайыстыбаҕа таһаар” диэн этиилээх кирбитэ. Баһылыкпын Валентин Ивановичтыын токкуйдаан баран, Дьаархан коллективнай хаһаайыстыбатыгар таһаарарга сөбүлэспиппит. Манна Андреев Николай Иванович диэн эдэр олохтоох уолу солбуйааччы оҥорон (Николай Иванович кэлин Ньурбаҕа биллэр, уопуттаах салаайыччы буолан олорор) иккиэн сүрдээх тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Араас түгэн киһи санаабатах өттүттэн буолар, кыстыгы этэҥҥэ туораан иһэн хотон умайан, умайа турар хотоҥҥо бэйэлэринэн киирэн баар ынахтарын барытын таһааран хаһаайыстыбаҕа ороскуот таһаарбатахтара. Ити эмиэ сүрдээх куттаһа суохтарын, түргэн туттуулаахтарын көрдөрбутэ.

Пётр Иннокентьевич айылҕаттан бэриллибит тустуук, ол иһин тустуубар төннүүһүкпүн диэбитигэр сөбүлэһэн, утарсыбатаҕым. Ити кэнниттэн 45 сааһыгар диэри көҥүл тустууга, хапсаҕайга да элбэх ситиһиилэммитэ, тустууну сэргээччилэри үөрдүбүтэ, сүргэлэрин көтөхпүтэ элбэх. Ол курдук саха хапсаҕайын өрө тутан, чөл олох туһатын, саха киһитэ уһун тыыннааҕын эдэрдэргэ көрдөрөн 45 сааһыгар эр дьоҥҥо Саха сирин чемпиона буолбута. Ньурба хапсаҕайдьыттара убайбыт Юрий Андреев 45 сааһыгар Саха сирин абсолютнай чемпиона, Максим Васильев Саха сирин чемпиона буолбуттара киһини сөхтөрөр.

Хаартыскаҕа: 45 сааһыгар эдэрдэргэ чемпион!

Бүөккэ аҕата Иннокентий Христофорович Бурцев Ньурбаҕа сибээс уонна почта тэрилтэтин солбуйааччытынан күн сириттэн барыаҕар диэри үлэлээбитэ. Айылҕаҕа сүрдээх чугас, булчут киһи этэ. Уолун Бүөккэни эрдэ булка, айылҕаҕа сыһыаран билигин булчут бэрдэ. Хаһан эрэ Даҕан Күөлэ диэн остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук кустаах сиргэ Иннокентий Христофоровиһы уолунаан Бүөккэлиин, Корякин Василий Гаврильевиһы (биллэр спорт үлэһитэ, Бүлүүттэн төрүттээх волейболист, спортивнай комментатор) уонна Платонов Владимир Васильевиһы бултаан-алтаан кэлэн иһэллэрин Мэҥэдьэккэ көрсүбүппүт. Мин онно аҕабын Дмитриев Гаврил Романовиһы кытта сылдьабын. Аҕам отой кыра сааспыттан кустаппыта. Булчуттар “Корякин Баһылайдаах биригээдэлэрэ Даҕантан сүүстүү кустаах кэлбиттэр” диэн кэпсээбиттэригэр Бүөккэҕэ ымсыыра санаабытым. Иннокентий Христофорович уонна Василий Гаврильевич Корякин Ньурба күтүөттэрэ, билигин төһө да бириэмэ аастар саастаах дьон Корякин Баһылайы өйдүүр буолуохтаахтар. Кулуупка солбуллубат спорткомментатор этэ, «говорит и показывает Нюрба» диэн тылларынан күрэхтэһиини саҕалааччы. Бу доҕордуу дьон оҕолоро Саша, Бүөккэ төрүөхтэриттэн толору 65 саастарыгар диэри доҕордоһон кэллилэр. Иккиэн бииргэ үлэлэрин Өймөкөөнтөн саҕалаабыттара, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, күрэхтэһии бөҕө күрэхтэһэн кэллэхтэрэ.

Бүөккэ ийэтэ Марфа Петровна билигин даҕаны этэҥҥэ, тэтиэнэхтик 96 сааһыгар сылдьарын көрөн үөрэбин. Билиҥээҥҥэ диэри оҕолоругар, сиэннэригэр көмө киһитэ. Кыра уола Киэсэ эдэр сааһыгар олохтон соһумардык баран, кини оҕолоро Марфа Петровна көрүүтүгэр хаалбыттара. Сиэннэрин атахтарыгар туруоран, билигин үс кыыс бары ыал буоланнар элбэх хос сиэннээхтэр. Киэсэ бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, өссө салайааччы быһыытынан тахсыахтаах Ньурбаттан биир чаҕылхай уолбут кылгас үйэлэммитэ хомолтолоох. Марфа Петровна хос-хос сиэннэрин көрсөр дьоллоох, ону таһынан кыыһа Шура уонна уола Вова билигин элбэх оҕолордоох, сиэннэрдээх ыаллар.

Марфа Петровналыын Ньурба ветеринарнай сулууспатыгар бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. Эдэр специалистарга сүбэлээн-амалаан, куруук ийэлии сырдык мичээринэн үөрдэ сылдьара харахпар бу баар. Мин ийэм Дмитриева Клеопатра Сергеевна истиҥ дьүөгэтэ этэ. Истиҥ ийэ, эбээ, хос-хос эбээҕэ, коллегабар Марфа Петровнаҕа дьоллоох уһун олоҕу баҕарабын!

Саха сиригэр хапсаҕайы өрө тутан, Мостахов Алексей Егорович салалтатынан Пётр Иннокентьевич «Модун» спортивнай комплексыгар өр сылларга хапсаҕай тренеринэн үлэлээн кэллэ. Ол туоһутунан 40-ча хапсаҕайга Саха сирин спордун маастарын иитэн таһаарбыта уонна Саха сирин үтүөлээх тренерин аатын ылбыта буолар. Үтүөлээх тренэр буоларга элбэх үлэ, дьиэни-уоту умнан туран дьарыктыыр оҕолорун кытта элбэх күрэхтэһиигэ айан, кинилэр кыһалҕаларын быһаарыы, хас биирдии хапсаҕайдьытын кэтээн көрөн, тугу сыыста, аныгыскы күрэхтэһиигэ тугу оҥоруохтааҕын эрдэттэн былааннаан дьарыктааһын элбэх үлэни эрэйэр буолуохтаах.

Пётр Иннокентьевич эрдэттэн бэлэмнэнэн, син сааһыран баран иккис үрдүк үөрэҕин – физкультурнай институту кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ чахчы спортка бэриниилээҕин көрдөрөр. Бүөккэ ханна эмэ көрүстэ да “Модуҥҥа” кэлэн эрчиллибэккин, доруобуйаҕын көрүмэккин диэн элбэхтэ сэмэлиир. Атын биһиги көлүөнэ уолаттара Пётр Иннокентьевичка кэлэн дьарыктаналларын астынан кэпсииллэр. Олортон биирдэстэрэ Обулахов Василий Николаевич РФ уонна СР олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, үлэ-спорт ветерана, Хоро нэһилиэгин ытык олохтооҕо маннык ахтар: «“Модун” спортивнай комплекска үөлээннээхпит Бүөккэ ветеран тустууктары түмэн дьарыктыыр. Биир коллектив буолан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн сылдьабыт уонна онтон олус астынабыт, киниэхэ махтанабыт».

Хаартыскаҕа: Үлэлээбит-хамсаабыт иккис дойдута Өймөкөөҥҥө.

 

Хаартыскаҕа: Байанайдаах күн.

Бүөтүр Бурцев туһунан ахтыыбын түмүктээри туран, кыра уолун Уйгуну санаан кэллим. Аҕатын туйаҕын хатаран улахан көбүөргэ тахсан эрэриттэн үөрэбит. Хайы-сах республика икки төгүллээх чемпиона, Олимпийскай эрэллэр училище 2 курсун студена. Уйгун Бурцевка улахан спортка ситиһиини баҕарабын.

Бииргэ үөрэммит кылааһынньыкпыт Буслаев Иннокентий Николаевич Россия үпкэ үлэтин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ туһааннааҕа, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин Бочуоттаах грамотатын хаһаайына, СӨ норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайына, үлэ, сцена бэтэрээнэ, Бэрдьигэстээхтээҕи норуот тыйаатырын бэтэрээн артыыһын хоһоонунан түмүктүүбүн:

Билиҥҥэ диэри өйдүүбүн
Бүөккэ тустарын
Бөҕөстөрү бүдүрүтэн
Ааттаахтары адаарытан,
Чулуулары чугурутан
Талыылары таралытан
Табыллан тустарын.

Харахпытыгар баар эбээт
Харса суох киирэҥҥин
Хорсуннук холуоккалаан
Өйдөппөккө өттүктээн
Сылбырҕатык хамсанан
Ситиһиилэри аҕаларын.

Бастыҥ бөҕөс,
Чулуу тустуук,
Үтүөлээх тириэнэр
Ааттаах-суоллаах маастарбыт,
Атаспыт, доҕорбут
Доруобуйаҥ тубустун,
Үйэҥ уһаатын!

Ахтыыны суруйда Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ,

Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, “Спортка уонна физическэй культураҕа үтүөлэрин иһин” бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун уонна Ньурба куоратын ытык олохтооҕо.

2025 с. ахсынньы ый.

(“Ахтыылар”, 2025 с.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *