ЫТЫК КИҺИБИТ, КҮНДҮ КҮТҮӨТҮМ
Ытык киһибит, күндү күтүөтүм М.К.Аммосов аатынан ХИФУ мединститутун профессора, медицина билимин доктора Карл Георгиевич Башарин күн сириттэн күрэммитэ 2023 с. атырдьах ыйын 25-гэр 40 хонуга туолар.

Кини биһиги аймахха 1971 с. күһүөрү кыһын эдьиийбитин Зоя Константиновнаны кэргэн ылан күтүөт быһыытынан киирбитэ. Ийэбит, педагогическай үлэ ветерана Марфа Федоровна Винокурова киирии аҕабытынаан Андрей Терентьевич Винокуровтыын биһигини үөрэттэрээри 1968с. Булуҥ улууһун Күһүүрүттэн көһөн кэлэн Покровскай бөһүөлэгэр олохсуйбуттара. Карл бэрт кылгас кэм иһигэр сэмэй-көрсүө майгытынан, көнө сүрүннээҕинэн, үлэһитинэн, оҕо курдук үөрүнньэҥинэн кинилэр куттарын туппута, бэйэ киһитэ буолбута. Андрей хоту дьон үгэһинэн булчут, балыксыт ааттааҕа этэ. Покровскайга кэлээт саас өрүс эстиэҕиттэн күһүн кыдьымах киириэр диэри Өлүөнэ эбэтиттэн арахпата. Бэйэтин курдук булт диэн баран муннукка ытаабыт Покровскай олохтоохторун С.Максимовы, И.Мироновы кытта сайыны быһа муҥханан тугуноктууллара, сааскы, күһүҥҥү куска, куобах күрэҕэр бииргэ сылдьаллара. Карл Андрей муҥхатынан сатабыллаахтык балыктыырга үөрэммитэ. Кэлин бэйэтэ муҥха оҥотторон, оҕолорун кыра саастарыттан муҥхаҕа илдьэ сылдьара, балыктыыртан улахан дуоһуйууну ылара. Эдьиийдээҕим оҕолорун илдьэ Покровскайга кэлиилэрэ дьоммор мэлдьи улахан үөрүүнү аҕалара, бырааһынньыкка кубулуйара.
Мин 1972 с. СГУ инженерно-техническай факультет геология салаатын бүтэрэн “горный инженер-геолог” дипломун тутаат, университет военнай кафедратын выпускнигын быһыытынан Советскай Армияҕа офицерынан сулууспалыы барбытым. 2 сыл Забайкальскай военнай уокурукка Фастовскай танковой полкаҕа автомобильнай взвод командирынан сулууспалаабытым. 1974с. атырдьах ыйыгар демобилизацияланан ЯТГУ кадрдар отделларыгар тиийбиппэр: «Эдэр специалистары саас экспедицияларга ыыппыппыт, экспедициялар бары толорулар” диэбиттэрэ. Онон үөрэммит факультеппар профессор В.И.Коростелев ыҥырыытынан, соччо баҕарбатарбын да минералогия уонна петрография кафедратыгар старшай лаборанынан үлэҕэ киирбитим. Онно сүрүн сүбэһиттэрбинэн эдьиийим уонна күтүөтүм буолбуттара.
Эдэр специалиска Дьокуускайга олорор дьиэ булар билигин да урут да уустук буолара. Мин 1983 с. диэри СГУ эдэр үлэһиттэрин студеннар саҥа тутуллубут 8-с корпустарыгар миэстэ биэрэн олохтуохтарыгар диэри (9 сыл!) эдьиийдээхпэр олорбутум. Карл Георгиевичтан дьиэ кэргэҥҥэ, төрөппүттэргэ, оҕону иитиигэ, үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо-сэргэҕэ, доҕотторго сыһыаҥҥа тугунан да кэмнэммэт, сыаналаммат улахан оскуоланы ааспытым, элбэххэ үөрэммитим.Киниэхэ уонна эдьиийбэр махталым муҥура суох. Күтүөтүм иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан оҕолорун кыра саастарыттан бэйэтин холобурунан иитэрэ, олоҕу сыаналыырга, бэйэҕэ ирдэбиллээх буоларга, үөрэххэ кыһамньылаах, саастаах дьоҥҥо болҕомтолоох буолары ирдиирэ. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьан отоннууру, тэллэйдиири, балыктыыры сөбүлүүрэ. Дьиҥ чахчы ыал халыҥ хаххата, суон дурдата, дьиэ кэргэн эрэллээх бигэ тирэҕэ этэ. Эдэр сааһыгар ыалдьа сылдьыбыт буолан аҕатын холобуругар олоҕуран доруобуйаны бөҕөргөтөр дьайыылары толороро.Чугас дьоно, аймахтара физкультуранан дьарыктаналларын көҕүлүүрэ.
Ол курдук биир кэмҥэ сарсыарда аайы томороон да тымныыттан саллыбакка кыһыны быһа сүүрэн дьону сөхтөрбүтэ, лаппа сааһыран баран балкоҥҥа, онтон таһырдьа тахсан тымныы уунан куттарын саҕалаабыта, Күһүн хаһыҥ түһүөр диэри даачатын күөлүгэр сөтүөлүүрэ, олохтон туоруор диэри Бубновскай ньыматынан дьарыктанара. Учуонай быһыытынан киһи мыыммат ситиһиилэрдээх. Саха омугу эһэ сыыспыт, үгүс хаарыан дьоммутун илдьэ барбыт туберкулез ыарыыны анаан үөрэтэн 27 сааһыгар кандидатскай диссертация суруйан көмүскээбитэ. Бэчээттэппит монографията коллегаларын улахан биһирэбилин ылбыта. Бырастыылаһыы түгэнигэр хас да үөрэнээччитэ: “Остуолга уура сылдьан туһанар кинигэбит”, – диэбиттэрэ. Салайааччы быһыытынан мединститукка анатомия кафедратын солбуллубат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, кафедрата Россияҕа бастыҥ кафедранан билиниллибитэ, Карл Георгиевич саҥаны арыйааччынан ааттаммыта.
Эдьиийбинээн бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн, үлэҕэ, общественнай дьыалаҕа иннэлээх сап курдук куруук бииргэ сылдьан республикаҕа да, Россия да таһымыгар үгүс үтүө дьыаланы оҥорбуттара, үтүмэн элбэх өйөөччүлэммиттэрэ.
Кинилэр үтүө холобурдарын, сүбэлэрин-амаларын туһанан, үлэбэр-хамнаспар, олохпор сэмэй ситиһиилэрдээхпин, 49 сыл устата Саха сирин сүрүн үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үлэлээн төрөөбүт республикабар геология эдэр кадрдарын бэлэмнээһиҥҥэ бэйэм кылааппын киллэрбиппинэн киэн туттабын.
Кинилэргэ олорор кэммэр дьиэлээхтэргэ аймахтарыттан ураты өссө үгүс бииргэ үлэлиир коллегалара, доҕордоро-атастара уонна саха киэн туттар айар-тутар интеллигенциятын бастыҥ дьоно күндү ыалдьыт быһыытынан сылдьаллара. Дьылҕабар махтанабын, саха бастакы үөрэхтээх дьонун, интеллигенциятын сыдьааннарын сүдү дьонун: номоххо киирбит, 17 сааһыгар оскуола боруогун атыллаабыт, сахаҕа бастакы история билимин дуоктара, Карл аҕата Георгий Прокопьевич Башаринныын, аҕас-балыс саха чулуу далбар хотуттара Кыдана, Сата Платоновалардыын аймах быһыытынан алтыспыппын, кинилэр уустук дьылҕаларын, ыарахан кэмнэргэ самныбатахтарын, кырдьык өрөгөйдүүрүн туһугар туруулаһан кыайыылаах тахсыбыттарын кэпсииллэрин истибиппэр. Умнубаппын өйбөр-санаабар сөҕүүнү-махтайыыны хаалларбыт үтүө дьону: философия билимин дуоктара, дьиэ-кэргэн, таптал, киһи киһиэхэ сыһыана темаларга дьон улахан сэҥээриитин ылбыт үлэлэрдээх Б.Н.Попову – Барылҕаны, юкагир норуотун биир чулуу киһитин, история билимин кандидатын, профессор С.Н.Гороховы, медицина билимин кандидата, кытаанах тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр тымныы киһи организмыгар хайдах дьайарын үөрэппит, физкультура уонна спорт сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрбит Д.С.Тимофеевы, история билимин кандидата, Г.П.Башарин биир чулуу үөрэнээччитэ, Е.Ярославскай аатынан түмэл директорынан өр кэмҥэ үлэлээбит Е.С.Шишигини, дэгиттэр талааннаах Айсен Дмитриевич Дойдуну, Саха Сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин тэрийбит, Саха республикатын народнай артыыһа Аиза Петровна Решетникованы, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, хореографическай училищены төрүттээбит уонна директорынан үлэлээбит Наталья Семёновна Посельскаяны уонна да атыттары кытта көрсүһүүлэри, үөрэбин кинилэр ыллыктаах тылларын-өстөрүн истибиппиттэн.
Түмүк. Нуучча улуу поэта Сергей Есенин “Большое видится на расстоянии” диэн бэргэнник эппитинии күтүөтүм былырыын 80 сааһыгар анаан таһаарбыт дьоҕус кинигэтин бэлэхтээбитин бу күннэргэ өссө биирдэ ааҕан, кини тиһэх суолугар атаарыы, бырастыылаһыы сиэригэр-туомугар сылдьан правительство үлэһиттэрэ, университет салайааччылара, бииргэ үлэлээбит коллегалара, үөрэппит студеннара (билигин бэйэлэрэ дьоһун үлэһит дьон), чөл олоҕу туруулаһыы үлэтигэр соратниктара, доҕотторо-атастара, чугас аймахтара, кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ кини туһунан эппиттэрин-тыыммыттарын истэн баран хайдахтаах курдук сүдү киһини – Саха Саарынын сүтэрбиппитин дьэ өйдүүгүн, курутуйаҕын, хараастаҕын.
Профессор К.Г.Башарин сырдык аатын үйэтитиигэ этиллибит тыллары, сыаллары-соруктары, туһааннаах салайааччылар, тэрилтэлэр, биир дойдулаахтара, күндү, чугас дьоно-сэргэтэ туох кыаллары оҥоруохтара, толоруохтара диэн эрэнэбин. Карл Георгиевич дойдутун, Саха Сирин уонна Россия улахан патриота, кэрэҕэ-сырдыкка, билиигэ сөҕүмэр тардыһыылаах оптимист киһи этэ. Олох салҕанар, кини ситэ оҥорботоҕун оҕолоро оҥоруохтара, ситиспэтэҕин сиэннэрэ ситиһиэхтэрэ. Башариннар ааттара умнуллубакка үйэлэргэ ааттана, чаҕылхай сулустуу ыҥыра-угуйа туруоҕа!
Константин Константинович СТРУЧКОВ,
ХИФУ доцена.
2023 с. атырдьах ыйа.
(“Ахтыылар”, 2025 с. сэтинньи ый)
