Васильев Никон Алексеевич – Ньыыкан ойуун туһунан

НЬЫЫКАН

Саха сиригэр киэҥник биллибит уонна дьон-сэргэ улахан ытыктабылын ылбыт норуот эмчитэ Васильев Никон Алексеевич – Ойуун Ньыыкан 1984 сыл сыллаахха саас муус устар ыйга Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр республикаҕа, оройуоҥҥа киэҥник биллибит сүүрүк, марафонец Кирилл Никонович Никифоров кыра дьиэтигэр кыстаан олорон бэйэтэ сааһынарынан 104 сааһыгар сылдьан ыалдьан бу орто дойдуттан аттаммыта.

Кини улаханнык ыалдьыбыт сураҕын истэммин саас муус устар ыйга биир тыаллаах баҕайы күн өрөбүл сарсыардатыгар кинини кытта көрсүһэ, кыаллар буоллаҕына хаартыскаҕа түһэрэ барбытым.

Тиийбитим Никон Алексеевич суорҕаннаах тэллэххэ сытара, улаханнык хотторбут этэ. Кини: «Өрүттүбэт ыарыыга ыллардым быһыылаах. Аны сааскыга тиэрдибэттэригэр тиийдилэр. Күөххэ үктэнэрим буоллар баҕар эмтэнэнткөрүөм этэ», – диэбитэ.

Никон Алексеевиһы кытта кэпсэтэн иһэн кэлбит наадабын этинним: «Кэлин дьонуҥ-сэргэҥ көрө сылдьыа этилэр. Хаартыскаҕа түһэрэбин дуо?» – диэн.

Никон Алексеевич сөбүлэһэн эмээхсинигэр Маарыйаҕа өйөттөрөн оронуттан туран олоппоско олорбута. Мин кинини соҕотохтуу уонна дьонун кытары олорорун хаартыскаҕа түһэрбитим.

Нэдиэлэ буолан баран оҕонньорбут ыксаата, кэлэ сырыт диэн дьоно телефонунан эппиттэригэр тиийэ сылдьыбытым уһугулаан сытара. Ол күн быстыбыта.

Хоруобун хаппаҕын саппакка эрэ бүтэһигин орто дойдутун, сирин-уотун көрөн айаннаатын диэн кини чугас дьонноро арыаллаан муус устар ыраас ичигэс күнүгэр Боотулууга тахсыбыттара.

Никон Алексеевич Васильев – Ойуун Ньыыкан туһунан эһэм-эбэм кэпсээннэрин бэрт кыра эрдэхпиттэн, ону-маны өйдүүр буолуохпуттан истэрим.

Былыр Ньыыкан мин эһэбин Тиитэп Тайыла оҕонньору кытары саас тоҥот бириэмэтигэр бииргэ тайахтыыр эбиттэр. Ньыыкан мин эһэм биир буулдьалаах миинтэ саанан ытарын хайгыыра. Эһэм Таалакаан күөлүн хордоҕойугар сытан күһүн үөскэ сиикэйгэ умсаахтар кэлэн түһэллэрин тоһуйа сытан тэһитэ ытыалаан ылара үһү.

Тыаҕа үөскээбит биһиги көлүөнэ оҕолоро абааһыны-айыыны итэҕэйэ, ойуунтан толло үөскээбит буолан мин Никон Алексеевич Боотулууга кэлэн олохсуйан олордоҕуна билсибэт этим.

1976 сыллаахха Москваҕа Онкологическай кииҥҥэ хаҥас атахпын быстаран, эми тулуйбакка сыыстара быһыытыйан, икки өттүбүнэн ойоҕостотон өлө сыспытым. Ол ойоҕостотуум ааһан-араҕан биэрбэккэ дьон сүбэтинэн Боотулууга Никон Алексеевичка көрдөрө тахсыбытым. Ньыыкан аһына көрүстэ, атахпын быстарбыппын истибитим диэтэ. Тиитэп Тайыла сиэнэ буоларбын истэн ирэ-хоро кэпсэттэ.

Никон Алексеевич киһини хараҕынан курдаттыы дьөлө көрөн ыарыыҥ диагноһын таба туруорар дьоҕурдаах этэ. Көрөрүгэр түннүк сырдыгыттан сугас соҕус олордон баран, көхсүбэр баран баара-суоҕа биллибэккэ иһийэн-сүтэн хаалла. Кэтэһэ сатаан сүнньүм көһүйэн, кэтэҕим илигирээн барда. Тулуйбатым. Мин нөҥүө хоско таҕыста дуу дии санаан кэннибин хайыһан көрөн улаханнык мөҕүлүннүм. «Киһи көрө турар кэмигэр тоҕо эргичиҥнии олороҕун», – диэтэ уонна чочумча буолан баран “бастаан манан ыалдьыбыта дуо” диэн баран көхсүбэр ыалдьар сирбин чопчу дьөлө аста. «Сүрэҕиҥ төбөтүн туһунан ойоҕостоппут буолаҥҥын тыыннаах хаалбыккын, арыый үөһэнэн эбитэ буоллар дьыалаҥ куһаҕан буолуох эбиккин, – диэтэ, – ойоҕостотуу саҥа эрдэҕинэ киһи хааннаан ылан кэбиһиэн сөп. Эйиэхэ уһаабыт, ол да буоллар хаанныам, көмөлөһүөҕэ», – диэтэ. Болдьообут күнүгэр иккиһин кэлбиппэр хааннаан, өрүттэр аатыгар барбытым.

Иккиһин саас дьоҥҥо көҕүйэн кустаһа барсан Ньукуолаҕа ала-буурҕа, хаардаах тымныы күҥҥэ түбэһэн, соҕотох атаҕым тобугун тоҥорон хаампат киһи буолан хааллым. Ыйтан ордук эмтэнэ сатаан баран эмиэ оҕонньору буллум. Хааннаан ылан быраҕан кэбистэ, хаамар аакка бардым.

Биирдэ Ньыыкан ыйытта: «Врачтар атаххын быһан баран уҥуоҕун өҥүн хайдах диэбиттэрэй – көҕөрбүт дуу, хараарбыт дуу? Мин уҥуох ыарыытын кыайабын, баҕар, мин көмөлөһүөм хаалбыта буолуо. Москва улахан врачтар билэннэр быспыттара буолуо», – диэн алы гынна. Мин буоллаҕына уҥуоҕум өҥүн хайдах өҥнөммүтүн ыйыппатах урааҥхай эбиппин.

Кини “бүөр, хабах, үөс таастарын эмтээх от көмөтүнэн суурайан түһэрэбин” диэбитэ. Биирдэ биир киһи хабаҕыттан чыычаах сымыытын саҕа тааһы түһэрбитин көрдөрбүтэ. Хайдах батан тахсыбыта буолла, диэн күлэ-күлэ кэпсээбитэ. Хааннааһыны, эмтээх отунан эмтээһини чахчы баһылаан элбэх киһи эрэйин, кыһалҕатын чэпчэппит буолуохтаах. Аны бириэмэ курдук норуот эмчиттэрэ аһаҕастык бириэмэлэригэр эбитэ буоллар элбэх туһаны оҥоруоҕа, талаана чахчы арыллыаҕа хааллаҕа.

“Саха сирин эмтээх отторо соҕуруу дойду эмтээх отторунааҕар эмтэрэ ордук күүстээх, ордук Лена уҥа эҥээригэр тааска үүнэр оттор эмтээхтэр. Кыанан сылдьарым буоллар былыр сылдьыталаабыт сирдэрбэр, Мухтуйанан, Бодойбонон эмтээх оттору хомуйа бара сылдьыахпын баҕарабын”, – диирэ.

Никон Алексеевич бэрт элбэх сэһэннээх, былыр дьон тугу кэпсэппиттэрин, хайдах туттубуттарын барытын төбөтүгэр тута сылдьар умнубат сытыы өйдөөх ытык кырдьаҕас этэ.

Эдэр сылдьан Саха сирин үгүс оройуоннарыгар, хотунан-соҕуруунан сылдьыбыт, Амур өрүскэ, Краноярскай сахаларыгар Дьэһиэйгэ тиийэ сылдьыталаабыт.

Дьэһиэй күөлү биир сайын тэбиэһирэн, тиэрэ түһэн сынньана-сынньана, быһа харбаан туораабыт. Өлүөн аҕыйах сыл иннинэ Дьэһиэйгэ бара сылдьыбыта. Оччоҕо баар дьон бары бүппүттэр, биир саха киһитэ Дьэһиэй күөлү харбаан туораабытын туһунан үһүйээн курдук сэһэн мин туспунан баар эбит диэн сэһэргээбитэ.

Эдэригэр бэйэтин чахчы кыанар буолуохтаах, кырдьан да баран чэпчэкитик, тыаһа суох үктэнэн хаамар ытык кырдьаҕас этэ. Күһүҥҥү муҥхаҕа күрэххэ эдэрдэри кытта тэҥҥэ сүүрэ сылдьааччы, өссө сүүрэн иһэн өрүтэ ыстаҥалаан ылааччы.

Онон мин бу айылҕаттан айдарыылаах киһи бу орто дойдуга олорон ааспытын туһунан, ону-маны ырыҥалыы улааталларыгар эдэр ыччакка анаан, Ньыыкан туһунан суруйдум.

Норуот эмчитэ Никон Алексеевичка мин ыарахан кэммэр эмтээн көмөлөһөн, санаабын көтөҕөн кыһалҕабын чэпчэппитигэр хойутаан да буоллар махталым бэлиэтэ буоллун диэн суруйдум. 1992 с. кулун тутар 12 күнэ.

Егор Михайлович СЕМЁНОВ,

1974-2008 сс. Үөһээ Бүлүү лесхоһун директора, Айылҕа харыстабылын туйгуна, Россия ойуурун бочуоттаах үлэһитэ.

(“Ахтыылар”, 2025 с. сэтинньи ый)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *