Скрябин Пётр Семёнович туһунан

МИНИСТР СКРЯБИН КӨМӨТӨ

1960 сыллаахха педучилищеҕа төрдүс кууруска историяҕа эксээмэҥҥэ олордохпутуна, үөрэх миниистирэ Скрябин Пётр Семёнович киирэн кэллэ. Биһиги бары ойон туран дорооболостубут, оччолорго физкультурнай отделениеҕа сүүрбэ сэттэ устудьуон үөрэнэр этибит.

Пётр Семёнович Скрябин, 1959-1983 сс. Саха АССР Үөрэҕин министрин 1 солбуйааччы (-Ред.).

Эксээмэн тута олорор учууталларбыт эмиэ соһуйдулар. Пётр Семёнович: “Дьэ, эһиэхэ улахан наадалаах кэллим. Верхоянскай оройуонугар биир да физкультура учуутала идэлээх киһи суох, онус кылааһы бүтэрбит оскуола оҕолоро эбэтэр атын-атын идэлээх учууталлар, анал үөрэҕэ суохтар үлэлии сылдьаллар, онон улахан көрдөһүүлээх кэлэн турабын. Быһаччы ыйытабын, ким эмит баҕалаах баар буолуо дуо?” – диэтэ.

Устудьуоннар чуумпуран хааллылар. Пётр Семёнович барыбытын эргиччи көрөн баран салҕаата: “Мин бу эһиэхэ тус үлэбин хаалларан ыксаан, кыһалҕаҕа ылларан кэлэн турабын. Баһаалыста, ыйытыыларда биэриҥ, мин эппиэттиэм”.

Биир кыыспыт, Өлүөхүмэттэн сылдьар этэ, туран ыйытта: “Верхоянскайга наһаа тымныы дииллэр, -60 тиийэ тымныйар, олус тыаллаах дииллэр. Сөмөлүөт аанньа көппөт, массыына сырыыта эмиэ суох үһү диэн истибитим”, – диэбитигэр, Пётр Семёнович: “Ол -60 биирдэ эмит буолар, биһи оттон өбүгэ саҕаттан саха дьонун сиэринэн сөпкө таҥнан-саптан, тымныыга үөрэнэн баччааҥҥа диэри тулуйан кэллибит, хайыахпытый”, – диэн киһи өйдүүр гына боростуойдук быһааран биэрдэ. Мин төһө бултааҕын интэриэһиргээн ыйыталастым, онуоха Саха сиригэр бултанар барыта баар диэтэ. Мин тоҕус сааспыттан абаҕаларым көмөлөрүнэн, сүбэлэринэн, ирдэбиллэринэн булт абылаҥар ылларбыт оҕо этим.

Пётр Семёнович салгыы: “Чэ, оҕолор, бириэмэм кылгас, онон ким барыан баҕалаах илиигитин уунуҥ. Мин баҕам диэн спорт араас көрүҥнэригэр дэгиттэр буолара ордук буолуо этэ, сатаан спорду салайар, судействоҕа быһаарсар киһини ордоруом этэ”, – диэтэ. Онуоха биир кыыспыт туран: “Биһиги кууруспутугар ити ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр Колесов Семён баар. Саахыматчыт, дуобатчыт, хайыһардьыт, хаҥкыһыт, теннистиир, волейболлуур, ити көрүҥнэргэ разрядтаах. Кини барыан сөп этэ”, – диэтэ. Миигиттэн ыйыппыттарын сөбүлэстим.

Ол Дьааҥыга ананыам иннинэ механизация училищетын бүтэрбитим, онтон Намҥа МТС-ка ананан тыаҕа үлэлээбитим. Ол кэнниттэн тутуу куурсугар геологоуправлениеҕа киирбитим, ону бүтэрэн плотник-столяр идэтин ылбытым. Физкультурнайга үөрэнэ сылдьан уруок кэмигэр төбөбүн өлөрөн, үс сыл эмтэнэ-эмтэнэ үлэлии сылдьыбытым. Онтон 1958 сыллаахха салгыы үөрэнэ киирэн 1960 сыллаахха бүтэрэн миниистир Скрябин көрдөһүүтүнэн итинник кэпсэтии түмүгүнэн дьылҕам тардан, Верхоянскайга учууталлыы барбытым.

Баатаҕайга тиийбиппэр Эҥэ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар анаабыттара. Физкультура уруоктарын ыытарга аналлаах туох да инвентарь суоҕа, инньэ гынан сороҕун бэйэм оҥорор этим. Саахымат, дуобат, тустуу, хайыһар секцияларын ыыппытым. Ол сыл хаһыакка кэтэхтэн саахымат садааччаларын суоттааһыҥҥа конкурс ыыппыттарыгар кыттаммыт иккис миэстэ буолбуппут. Онуоха Үөрэх министерствота оскуола аатыгар диплом уонна оҕолорго хас да араас өҥнөөх харандаас, тимэх кырааска ыыппыт этилэр. Оҕолор үөрүү бөҕө. Эбиитин оройуоҥҥа саахымакка, дуобакка, хайыһарга бастаан оҕолорум үөрэн киһи тэҥэ суох буолбуттара.

Ити курдук үлэбин саҕалаан, Дьааҥыга уопсайа түөрт уонча сыл үлэлээн кэллим: Эҥэҕэ – икки сыл, Верхоянскай куоракка – алта, Боруулаах оскуолатыгар – түөрт, Адыаччыга – сүүрбэ үс сыл. Ол үлэлиирим тухары Үөрэх министерствотын көмөтө-өйөбүлэ сүҥкэн этэ.

Скрябин Пётр Семёнович тус бэйэтинэн спорт тээбиринэ атыылаһарбар көмөлөспүтэ. Ол курдук, үс үлэлээбит оскуолабар биэстии мөһөөк харчы бэрдэрэн сүүс уоннуу быа хайыһардары ыларбар көмөлөспүтэ, Верхоянскай оскуолатыгар уон икки бачыыҥка хайыһардары уонна Эҥэ оскуолатыгар алта бачыыҥканы хайыһарга олордуталаан биэрбитим. Ону таһынан спортивнай көстүүмнэри “Спартак” обществоттан атыылаһан, хас да сыл устата күрэхтэһиигэ кыттар оҕолорум абыраммыттара. Табаарыһым Жирков Семён Семёнович “Спартак” бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир эрдэҕинэ көмөтө эмиэ улахан буолара.

Дьааҥыга үлэлиир кэмнэрбэр хас да сыл устата оҕолору республиканскай күрэхтэһиилэргэ илдьэр этим. Биирдэ Адыаччы оҕолорун куоракка аҕала сылдьан таарыччы Скрябин Пётр Семёнович кабинетыгар киирэ сылдьарга сананным. Миниистирим саахымат күрэхтэһиитин отчуотун көрө олорор эбит, мин оҕолорум иккис миэстэ буолбуттарынан эҕэрдэлээтэ уонна оскуолабыт дириэктэрэ ким буоларын туоһуласта. Мин эппиппэр: “Ээ, билэбин, Колесова Акулина Ильинична – математикаҕа республикаҕа биллэр учуутал, Үлэ Кыһыл Знамя орден кавалера, Бүтүн Россиятааҕы учууталлар съезтэрин делегата”, – диэтэ.

Мин көрдөһөөччү буоллум: “Оскуолабытыгар саҥа салҕааһын тутулунна, онно турба, батарея наада, көмөлөс”, – диэтим. Киһим тута сөбүлэстэ, наадалаах дьоҥҥо эрийэн туоһуласта, балачча кэпсэтиһии түмүгүнэн сарсын сарсыарда уон чааска коммерческай ыскылааттан тиэнэр буоллум.

Сарсыҥҥы күнүгэр болдьохтоох кэммэр тиэнэн таһаҕаспын портка илдьэн туттараат, махтана миниистирбэр тиийдим. Сэкирэтээрэ кабинетыгар дьон кэллилэр диэн киллэрбэтэ. Кэтэһэ таарыччы аһаҕас аанынан иһиллэр кэпсэтиини истэргэ күһэнним. Миниистирим саҥата биир өттүнэн сүбэлиир-амалыыр курдук, эмиэ да улахан куолаһынан мөҕө да түһэн ылар курдук: “Мин күһүн үлэҕэ ылымаҥ диэбит дьоммун ылбыккыт, билигин баран хааллылар диэн миигиттэн учуутал көрдүү олороҕут. Ол урдустар сымыйа докумуонунан үлэлии кэлбиттэрин сэрэйбитим, ол иһин үүрбүтүм. Бу кабинекка мин баарым тухары ким да албынныа суоҕа”, – диэн чиҥ куолаһынан кытаанахтык эттэ-тыынна.

Сотору соҕус кабинеттан сүүстэрин көлөһүнүн сотто-сотто Алдан, Мирнэй, Тикси, Ленскэй РОНО-тун сэбиэдиссэйдэрэ тахсан кэллилэр: “Оҕонньорбут тиритиннэрдэ”, – дэстилэр. Мин буоллаҕына Пётр Семёнович арыый уоскуйарын кэтэһэн баран киирдим. Киһим үөрэ-көтө көрүстэ: “Эн үлэҥ туһунан Баатаҕайтан РОНО-ттан ыйыталастым, спорт бары көрүҥэр бастаан иһэллэр диэтилэр, ол аата Дьааҥыга спорду өрө тардыбыккын. Эйигин сөпкө ыыппыт эбиппин, махтанабын өрө таһаарыылаах үлэҥ иһин. Аны да оскуолалар икки ардыларыгар спортка сибээскин быһыма”, – диэн сүбэ-ама биэрдэ.

Баатаҕайга көтөн кэлиибэр ыыппыт турбаларым, батареяларым бэйэм иннибинэ номнуо кэлэн сыталлара. Оскуолам коллектива, сельсовет бэрэссэдээтэлэ Слепцов Николай Захарович миниистирбитигэр Скрябин Пётр Семёновичка махтал суруктарын аадырыстаан ыыппыттара, оскуолабыт кыһалҕатын бэрт түргэнник быһаарбытын иһин махтанан. Кырдьык да Скрябин Пётр Семёнович үлэтигэр олус бэриниилээх, бэйэтин норуотугар дьиҥнээх патриот киһи быһыытынан сыаналыыбын уонна оннук үтүө киһи курдук дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыта саарбаҕа суох.

Семён Семёнович КОЛЕСОВ,

РФ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ, тыыл бэтэрээнэ.

2022 с. кулун тутар.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *