Сэбиэскэй кэм дьон-сэргэ үүнэрин сайдарын туһугар оҥорбут биир үтүө дьаһалын туһунан кэпсиэхпин баҕардым.
1967 сыллаахха, төһө да ахсыс кылааһы нэһиилэ ортонон бүтэрдэрбин, орто үөрэхтиир баҕаттан ийэм таайым Степанов Роман Михайлович олорор сиригэр Мугудайга салгыы үөрэттэрэ ыытта. Онно тиийэн интернат аһыллыар диэри дьоммор олордум. Миигин кытта саастыы Ганя баар буолан түргэнник кэргэннистим.
Маҥнай үөрэнэ тиийбиппитигэр 9-10 кылаастарга иккилии кылаас эбит, кэлин оҕолору “Б” кылаастарга киллэрбиттэр. Олохтоохтор “А”-лар. Ити кэмҥэ этэҥҥэ үөрэнэн кэлбит оҕолор биһиги кылааска 1952 сыллаах этилэр, эбэтэр оччолорго 15-16 саастаахтар. Ол гынан баран биһиги кылааска 6 билиилэрин чиҥэппит мин курдуктар эмиэ бааллар. Оччолорго кылааска хаалларыы адьас маассабай этэ. Үөрэҕинэн мөлтөхтөрү таһынан мэник-тэник, доруобуйаларынан мөлтөхтөр эҥин түбэһэллэрэ. Оннук “дьолго” мин кыра сылдьан доруобуйам мөлтөх буолан тиксэн турабын. “0” кылааска үөрэнэ сылдьан сэллик балыыһатыгар эмиэ сытан турардаахпын.
Интернакка маҥнай саҥа дьиэҕэ, онтон 1932 сыллаахха тутуллубут эргэ оскуола дьиэтигэр олохсуйдубут. Интернат диэҥҥэ саҥа олорор киһи хара ааныттан улаханнык соһуйдум, астынным. Бастатан туран дойдубар тыа колхозтаах ыалын быһыытынан сүрүн аһылыкпыт – арыылаах килиэп буолара. Онтон манна күҥҥэ үстэ, оччотооҕу кэм таһымынан иһиҥ ыларынан аһаталлар. Биһиги кылааска барыта 17-бит. Үксэ Чыаппара оҕолоро. Сорокоумов Гоша, Турантаев Гриша, Ефимов Проня, Аммосова Дуня, Слепцов Кеша, Сивцев (Хон) Ваня, Оконешников Ваня, Барашкова Мотя, Сокольникова Варя, Говоров Ваня, Хатылыктан Чичигинаров Сеня, Иванова Шура, Захаров Володя, Новгородова Дуня, Кривошапкина Лина, Мугудайтан Жергин Ваня уонна Мырылаттан мин баарбыт.
Мырыла оскуолатыгар бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт Кривошапкина Линаттан атыттарын саҥа көрөбүн, ол да буоллар оҕолор-оҕолор курдук начаас билсистибит. Аҕыйах хонон баран бэйэ дьоно буолан хааллыбыт.
Үөрэнээччи бастатан туран билиитинэн-көрүүтүнэн сыаналанар. Манна дьэ хара ааныттан эстэн түстүм, арыый сайдыылаах сиргэ үөрэммит буоланнар оҕолорум быдан ордук эбиттэр. Ордук Захаров Володя уонна бары Ванялар чорбойон бардылар. Аны биир балачча ыарахан сорук баар эбит. Иккис чиэппэргэ ситиспэтэх оҕо интернаттан уһуллар. Эмиэ да сөп буоллаҕа, баллаас киһини хайдах босхо аһата-таҥыннара туруохтарай.
Онтон интернаттан уһулуннаххына оскуолаттан барарга күһэллэҕин. Кэнники учуутал буолан баран билбитим, ордук точнай наукаларга пробеллаах оҕо онтукатын сатаан кылгас кэмҥэ ситиспэт эбит. Онон хайдах эмэ гынан оҕолортон хаалымыахха, учууталларга да көстүөххэ диэн спордунан күүскэ дьарыктанарга быһаарынным. Онно бастаан үөрэппит учууталбыт Оконешников Григорий Николаевич диэн арыый сатыыр, көрүҥүнэн улуу физрук күүс-көмө буолбута.
Онон халлаан тымныйыар диэри кимтэн да соруттарыыта суох, сарсыарда 6 чааска туран Маралаайы күөлүн тула сүүрэн кэлэбин, зарядкалыыбын. Оҕолорум турууларыгар бэлэм буолан тэҥҥэ аһыы барабын, кыһын залтан тахсыбатым кэриэтэ. Оччолорго спортзал Мугудайга эрэ баара. Саас сүүрүүбүн эмиэ салгыыбын. Оннукам түмүгэр 9-һу бүтэрбит сылбар оройуоҥҥа 800 м сүүрүүгэ, баскетболга бастааммын учууталлар атыннык көрөр буолбуттара. Үөрэхпэр да өрө тардар быһыылаахтара.
Онтон интернат олоҕо бииртэн-биир сонун дьаһалларынан иннибит диэки баран истэ. Ону барытын воспитательбыт Анна Николаевна Седалищева тэрийэр. Оҕолору уочаратынан, икки уолу уонна икки кыыһы дьуһуурунай оҥороллоро. Ол оҕолор сарсыарда 6 чааска туран иһит тардаллар, маһы-мууһу бэлэмнииллэр. Киэһээҥи аһылыгы эмиэ дьаһайаллар, остолобуойу кылбаччы сууйаллар.
Икки сыл тухары дьуһуурустубаттан куотуна сатааһыны, ээл-дээл сыһыаннаһыыны көрбөтөҕүм. Бары адьас кыһаллан туран үлэлииллэрэ, оннооҕор оскуолаҕа туох эмэ дьаһалга кыттар буоллахтарына бары үлэлэрин бүтэрэн баран кэлэллэрэ.

Ыйга биирдэ хайаан да интернат иһигэр генеральнай уборка ыытыллара. Манна дьэ туох баары барытын өрө тардынарбыт. Ол кэнниттэн Анна Николаевна хостору кэрийэ сылдьан бары ороннору бэрэбиэркэлиирэ, онно сэмэлээһиҥҥэ түбэһимээри кыһаллыы бөҕө буоларбыт. Воспитательбыт бэйэтэ 1956 сыллаахха Москваҕа ыччаттар уонна студеннар Аан дойдутааҕы фестивалларын кыттыылааҕа этэ.
Остолобуойбутугар старшай поварынан мама Ольга диэн саастаах дьахтар үлэлиирэ, кини көмөлөһөөччүтүнэн мама Варвара этэ. Иккиэн даҕаны үтүө майгылаах, барыбытын бэйэтин оҕолорун курдук көрөр дьоһун дьон этилэр. Онтон остолобуой тас үлэһитинэн Сивцев Иннокентий Михайлович үлэлиирэ.
Кэлин билбитим кини Аҕа дойду улуу сэриитигэр уот будулҕан ортотунан ааспыт хорсун сэрииһит, артиллерия наводчига эбит. Курскай дугаттан Берлиҥҥэ тиийбит, хас да бойобуой мэтээллэрдээх хорсун буойун. Кинигэттэн ааҕан билбитим, биир куорат иһигэр сэриигэ таас дьиэ үһүс этэээһигэр ытыалаһа-ытыалаһа хоско көтөн түспүтэ доруобай баҕайы ньиэмэс турар үһү. Биһиги киһибит автоматынан ытаары гыммыта сэбэ эстибэтэх, ботуруона бүтэн хаалбыт. Автоматын уоһуттан тутан баран саайбыта киһитэ илиитигэр түһэрэн ылан баран, ыта барбакка түүтэх курдук харбаан ылаат түннүгүнэн элээрдибит. Кини дьолугар түннүк анныгар киһи бөҕө бугул курдук өлө сыталларыгар баран тура түспүт уонна сүүрэн хаалбыт. Бэйэтэ кыра уҥуохтаах, наар күлэ сылдьар киһи этэ. Үлэтин таһынан оскуолаҕа сыл аайы ыытыллар саһаан эрбээһинигэр биһиги кылааска сыһыарыллан үлэлиирэ.
Онус кылааска үөрэнэ сырыттахпытына соҕурууттан үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит нуучча кыргыттара учууталлыы кэллилэр. Нуучча тылыгар Зинаида Осиповна, математикаҕа Галина Николаевна, физикаҕа Любовь Николаевна диэннэр.
Олохтоох колхозтаах уолаттар син эрийсэр быһылаах этилэр да, биир да кыыһы кэргэн ылан хаалларбатахтар. Уопсайынан үчүгэй, улаатымсыга суох дьон курдук өйдөөбүтүм. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат тыа оҕолорун мээнэ үүрбэт-түрүйбэт, киэптээбэт этилэр. Саастарынан биһиги чиҥэтийээхтэртэн аҕыйах сыл аҕа быһыылаахтара.
Эмиэ ити сыл кылааспын салайааччытынан эмиэ үөрэҕин саҥа бүтэрбит Соловьёва Марфа Дмитриевна үлэлээбитэ. Төһө да эдэр буоллар, хара ааныттан куппутун туппута. Омук тылыгар эрдэ үөрэммэтэх буолан, үгүспүт адьас мөлтөх да буолларбыт кыһаллан сордонор этибит. Кылаас таһынан үлэҕэ бары сүбэлэһэн кыттарбыт. Учууталбыт хомойуох иһин эрдэттэн хаан ыарыытыгар ылларан сылдьар эбит, оскуоланы бүтэрдэхпит нөҥүө сылыгар бу сиртэн күрэнээхтээбитэ. Оччолорго биһиги армияҕа сылдьарбыт.
Бары да улаатан эрэр оҕолор сороҕор баракаастанан да турарбыт. Көрүдүөр түннүктэрин суорҕанынан бүөлээн баран хойукка диэри үҥкүүлүүр, оонньуур да түгэннэрбит бааллара.
Ким идеята эбитэ буолла, биһиги кылаас Лэглээриннэр диэн аат ылынныбыт, барыбытыгар сахалыы аат биэрдилэр. Аҕабыт Сорокоумов Гоша, ийэбит Сорокоумова Варя буоллулар. Ааттарбыт хайдах эрэ бэйэбитигэр сөп түбэһэллэр. Холобур Барашкова Мотя – Ньургуйаана, Ефимов Проня – Ньургун.
Эмиэ ити кэмнэргэ эдэр учууталлар Никитин И.А., Алексеев Р.Д. үлэлэрин саҕалаабыттара. Директордарынан маҥнай Кузьмин И.С., кэлин Пермяков К.К. үлэлээбиттэрэ.
Иитиллибит иэспитин толорон биһиги “Б” кылаастар икки сыл устата оскуола социалистическэй куоталаһыытыгар эрэллээхтик бастаабыппыт. Онуһу бүтэрэр сылбытыгар оройуон сайыҥҥы спартакиадатыгар Захаров В. уһуну ыстаныыга, эстафетаҕа, Турантаев Г. национальнай ыстаныыларга, Сивцев В. 400 м, 3000 м эстафетаҕа, мин – 100, 800 м, многоборьеҕа, эстафетаҕа, волейболга бастааммын оскуолабытыгар, интернаппытыгар бэйэбит сэмэй бэлэхпитин оҥорбуппут.
Оскуолабыт учууталлара, интернаппыт үлэһиттэрэ барахсаттар иитэн-үөрэтэн биһиги кылаас биир да оҕобут аара хаалбакка оскуолабытын бары этэҥҥэ бүтэрбиппит. Олох киэҥ аартыгар үктэнэн, дьон тэҥинэн үлэлээн-хамсаан олох олорон кэллибит. Хомойуох иһин билигин биһиги кэккэбититтэн Чичигинаров Сеня, Ефимов Проня, Сокольникова Варя туораабыттара.
Үөрэх-билии биэрбит, киһи оҥорбут оскуолабытын, интернаппытын кытта үөрэн-көтөн арахсыбыппыт. Этэҥҥэ олордоххо сыл – хонук, ол кэмтэн ыла үйэ аҥаара ааһа оҕуста.
Онтон интернат барахсаны Советскай Союз бэйэтин дьонун-сэргэтин туһугар тэрийбит биир сүдү дьаһалын курдук сыаналыыбын. Биһиги кэм оҕолоро үксүбүт да ол нөҥүө аастахпыт. Оттон Советскай Союз үрдүнэн биһиэнин курдук барыта төһө интернат үлэлээн, төһөлөөх оҕоҕо инники кэскилин түстээбитэ буолуой!

Николай Данилович КРОННИКОВ.
2019 с. ыам ыйа.
(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)
