Сидорова Зоя Николаевна туһунан

КИЭН ТУТТАР КИҺИБИТ

Сидорова Зоя Николаевна – II-с степеннээх “Медаль материнства”, “Дети войны”, «Якутия – Россия 380» республика анал бэлиэлэрин хаһаайкалара, Көбөкөн нэһилиэгин ытык киһитэ.

Кини 1943 сыллаахха от ыйыгар Анаабыр Сааскылааҕар, улахан оҕонон Александра Федотовна уонна Николай Петрович Кривошапкиннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Саха сирин хоту улуустарыгар Анаабырга, Булуҥ Күһүүрүгэр ааспыттара. 1950 сыллаахха Күһүүр орто оскуолатыгар үөрэнэ киирэригэр ыарахан ыарыыттан ийэтэ өлбүтэ. Онон аҕалара, ыарыһах киһи буолан, үс кыыһын тус-туһунан арааран иитиигэ биэрбитэ. Зоя Николаевна Күһүүр оскуола-интернатын иитиллээччитэ буолбута. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар общественнай олоххо көхтөөҕүн, оҕолору түмэн үлэлэтэр дьоҕурун учууталлара таба көрөн, үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ интернатка иитээччинэн үлэҕэ хаалларбыттара.

Үлэтин кытта тэҥҥэ кэтэхтэн Дьокуускайдааҕы культурнай-просветительскай училище библиотечнай отделениетыгар үөрэххэ киирбитэ. 1962 сыллаахха Нам улууһун Көбөкөнүттэн төрүттээх Сидоров Егор Ивановичтыын холбоһон ыал буолбуттара. Ити кэмҥэ Күһүүр нэһилиэгин комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут секретарынан талыллан үлэлээбитэ. Олоххо актыыбынай сыһыаннаах комсомолецтар көмөлөрүнэн элбэх өрүттээх үлэлэри ыыппыта: кыыл ферматын тутууга, табаһыттар ыстаадаларыгар агитационнай биригээдэнэн концерт көрдөрүү, социальнай объектары тутууга субуотунньуктары тэрийэн киэҥ далааһыннаах үлэлэри көҕүлээбитэ. Социалистическай куоталаһыыга Күһүүр комсомольскай тэрилтэтэ хас да төгүллээх кыайыылаах тахсыбыта, ол иһин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамянан уонна вымпелынан наҕараадаламмыта.

Зоя Николаевна дьүккүөрдээх үлэтин иһин Булуҥ улууһун Комсомолун Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. 1969 сыллаахха Булуҥ Сииктээх нэһилиэгэр бэйэтин идэтинэн, библиотекарынан ананан, үс оҕолорун илдьэ көспүттэрэ. Сииктээххэ үлэһит быһыытынан үчүгэй өрүттэрин көрдөрөн, икки сылынан сельскэй сэбиэт секретарынан анаммыта. Салайар үлэҕэ дьоҕурдаах Зоя Николаевна нэһилиэк олоҕун араас салааларыгар таһаарыылаах үлэ ыытылларын ситиспитэ. Табаһыттар оҕолоро социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолалларын туруорсан, интернатка олорууларын, сайыҥҥы кэмҥэ сынньалаҥ лааҕырдарынан хааччыллыылара олохтоммута.

1976 сыллаахха кэргэнин төрөөбүт дойдутугар Нам Көбөкөнүгэр көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Фрунзе учаастагын кулуубугар сэбиэдиссэйинэн үлэтин салҕаабыта. Олоххо актыыбынай, өрүү дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр сылдьар Зоя Николаевна кыра учаастак социальнай, культурнай олоҕун биллэрдик сэргэхсиппитэ.

Агитбиригээдэ тэрийэн, оттуур звенолар арыыларын кэрийэ сылдьан, кэнсиэр көрдөрөн, хаһыат таһааран, информационнай үлэни күүстээхтик тэрийбитэ. Биэс оҕолорун үөрэттэрээри, Көбөкөҥҥө балыыһаҕа техническэй үлэһитинэн киирбитэ. Үтүө киһи, үтүөкэн үлэһит балыыһаҕа үлэлии сылдьан эмиэ үрдүк эппиэтинэстээҕин, актыыбынай туруктааҕын көрдөрөн, хас да сыл тэрилтэ профкомун бэрэссэдээтэлинэн, Көбөкөн сэбиэтин үс төгүл ыҥырыылаах президиумун норуодунай депутатынан талыллан үлэлээбитэ. Зоя Николаевна кэргэнинээн Егор Ивановичтыын 42 сыл иллээхтик олорон, 5 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээн, дьоһун дьон оҥордулар.

Киниэхэ 5 элбэх оҕолоох ийэ буолбутунан 1981 сыллаахха “Медаль материнства СССР II степени” туттарбыттара. Зоя Николаевна элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан уһуйаан, оскуола олоҕор биир сүдү оруолу ылара. Хас биирдии оҕотун кылааһыгар төрөппүт быһыытынан лекторийдары ыытан, оҕону иитии боппуруостарыгар көхтөөхтүк кыттара. Оҕо үөрэх таһынан дьарыктаах буолуутугар элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Бэйэтин идэтинэн “Мин таптыыр кинигэм”, “Саха сирин норуодунай суруйааччыларын айымньылара” диэн оҕолору ааҕарга көҕүлүүр анал тэрээһиннэри олохтообута. Аҕа оҕону иитиигэ сүрүн оруолун тоһоҕолоон, кэргэнинээн Егор Ивановичтыын күһүн, саас, сайын дьиэ кэргэнинэн үөрэнээччилэр айылҕаҕа походунан сылдьан, булт, балык бастакы ньымаларын иҥэринэллэригэр олук уурбуттара. Егор Иванович саха төрүт үгэстэрин, культуратын оҕо кыра сааһыттан иҥэринэ сылдьарыгар үөрэтии-иитии сүрүн миэстэни ыларын өрүү бэлиэтиирэ. Ити курдук Зоя Николаевна кэргэнинээн оҕолорун иитиигэ биир көрүүлээх, санаалаах буолан сахалыы куттаах, төрүт үгэстэрин тутуһар ыал этилэр. Егор Иванович ыалдьан 2004 сыллаахха олохтон туораабыта.

Зоя Николаевна биэс оҕо ийэтэ, элбэх сиэннээх, алта хос сиэн тапталлаах эбээтэ, нэһилиэк ытыктанар ыалын ийэ хотуна. Көбөкөн нэһилиэгин дьоно Зоя Николаевна үтүө холобурун үрдүктүк сыаналаан, 2012 сыллаахха “бочуоттаах олохтоох” аатын иҥэрбиттэрэ уонна «Якутия – Россия 380» республика президенэ Е.А. Борисов бэлиэтин туттарбыттара.

Галина СЕМЁНОВА.

Нам, Көбөкөн.

2022 с. ахсынньы.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *