КҮНДҮ ИЙЭМ
Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаан күндү ийэм Попова Федосья Михайловна туһунан, кылгас да буоллар, ахтыы суруйан хаалларабын.
Ийэм Попова Федосья Михайловна Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээх, чугас кыра учааскаҕа төрөөбүт үһүбүт диирэ. Кини 1917 сыллаахха төрөөбүт. Кыра эрдэҕинэ биир ынахтаан, Сунтаардыыр суолунан сатыы манна Бэтинчэгэ аҕалан, Туруукка ыалга хаалларбыттар. Ол ыаллар сарсыарда аайы оһох отуннарар этилэр диэн кэпсиирэ. “Дьон бары утуйа сыталлар, ким эрэ үөгүлээн: Оһоххун отуун!” – диирэ. Онно уһуктан баран тобуруоккаҕа бүк түһэн, түһээтэхпинэ оһохпун отто сатыы сылдьабын, онтон уһуктан кэлбитим тобуруоккаҕа соннук умса түһэн сытарым”, – диэн кэпсиирэ. Хойут ол ыалы сөбүлээбэккэ, ынаҕын сиэппитинэн Хордоҕойго убайын ааҕы булбут. “Убайым Уйбаан, саҥаһым Маарыйа”, – диирэ. Кинилэр сэниэ ыал үһүлэр, убайа олус булчут киһи. Ханна эрэ баран кэллэҕинэ наһаа үчүгэй амтаннаах бирээнньик аҕалара эбит.
Биирдэ күрүө быыһынан кулунчуктарга от үргээн биэрэ турдаҕына тыас бөҕө лаһыгыраабыт, хаптаһыны охсон лаһыгыратар курдук. Дьон кэпсээнинэн, ол бандьыыттар бүлүмүөтүнэн ытыалаабыттар. Дьэ, дьон бары куотуу буолбут. Ийэбин биир оҕонньор ынах үрдүгэр олордон, ынахтарын тумсун былаатынан, өрбөҕүнэн баайталаан баран Бэтинчэ үрэҕинэн, Кулун Туппутунан куоппуттар. Ийэм ынах көхсүттэн тугуттан тутуһуой, үлтү түһээри куттанан ытаабытыгар оҕонньор: “Бу кыыһы үрэххэ быраҕан кэбиһиэм, боҕуу буолсу”, – диэбит. Ону эмээхсинэ утары сарылаабыт: “Аньыыта да бэрт буолуо, баран ис!”.
Ийэм: “Оҕо сылдьан Нохоолооххо, күөл үрдүгэр баар оһохтоох хоспоххо үлэһиттэргэ килиэп буһарар этим”, – диирэ. Ол оһоҕун кирпииччэлэрин үлтүркэйдэрин биһиги оттоон кэлэн иһэн мэлдьи көрөн, ийэбин саныыр этибит.
Аҕам оҕо сылдьан, ийэм буһара турар килиэбиттэн сүүрэн элэстэнэн иһэн бэриһиннэрэн, сиэн ааһар эбит. Аҕам мап-маҥан сирэйдээх, куп-кугас баттаҕа күкээрийэ сылдьар үһү.
Ийэм аҕабын кытары 1938 сыл диэки буолуо, холбоһон туспа бур-бур буруо таһааран ыал буолан олорбуттар.
Үөһэ турар Маарыйа, ийэм Попова Федосья Михайловна, саҥаһын кыыһа Маруся, аҕам Попов Семён Николаевич. Төрөппүттэрим саҥа ыал буолан баран түспүттэр. Ити оҕо – аҕам убайын уонна саҥаһын кыыстара Маруся. Кэннилэригэр Терешкина Марья турар, хонуу үлэтигэр бииргэ үлэлээбит этилэр.
Түөрт оҕону төрөппүттэр, бэһис уол оҕо сатамматах. Онтон ийэм хаана баран доруобуйата мөлтөөн Мухтуйаҕа балыыһаҕа сытара, миигин ыалга хаалларара. Маарыйа эмээхсин биир оҕону көтөҕө сылдьан тугу эрэ киҥинэйэн туойар курдуга, мин ырбаахытын тэллэҕиттэн ыытыспакка тутуһан төттөрү-таары сылдьыһабын. Күммүт онон бүтэрэ.
Ийэм аҕабынаан колхуос араас үлэтигэр сылдьаллара: хонуу, ыһыы үлэтигэр, саас туос туостаан ыаҕайа тигэллэрэ. Ийэм ньилбэгэр кылынан сап хатара, аҕам ыһык укталларыгар тууйас оҥороро. Туоһун кыралаах-улаханнаах бүтэй гына ылар эбит – кытаанах хаппахтаах буолан арыы, сүөгэй уктарга аналлаах. Ыһыы үлэтин саҕана Хордоҕойго хоно сылдьан үлэлиирэ.
Аҕам аһара уус этэ. Дьиэ тэрилин: ыскаабы, остуолу, орону, тобуруоккалары, бээйиккэни, таҥас сууйар кэдэрээни, куукуна тэрилин, саха быһаҕын, күөрчэх ытыгын, тиэстэ ытыгын барытын оҥороро. Балыктыыр тууну, андаатар туутун өрөрө.
Ийэм олус иистэнньэҥ, быысапкаһыт, куруһуба бөҕө баайара. Балыыһаҕа сытан үөрэммит быһыылааҕа. Урут Бэтинчэҕэ Архангельскайтан тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ кэлбиттэрэ, кинилэри уопсай дьиэҕэ олохтообуттара. Ол дьон ийэбэр эр киһи көстүүмүн, чүөчэтэ былааччыйа, куопта, оҕо таҥаһа тиктэрэллэрэ. Биһиэхэ киирэн мэлдьи ону-маны наадаларын уларсаллара. Ийэм тимир орон, иһит-хомуос уларсара.
Икки оҕолоохторо, Оля уонна Андрей диэн. Үтүө санаалаах үчүгэй ыалларбыт этилэр. Үлэлээн баралларыгар оҕолору хаартыскаларын кэннигэр суруйан бэлэхтээбиттэрэ. Ол хаартыска эргэ альбомҥа билигин да угуллан сылдьар.
Ийэбин батан сиэним Настя Художественнай колледжка таҥас дизайнера үөрэххэ ситиһиилээхтик үөрэнэн, экзаменнарын барытын «5»-кэ туттаран бастакы курсун бүтэрдэ.
Ийэм аҕам булка кэтэр суппуун сонун, ыстаанын, бэргэһэтин, кээнчэтин, уостаах үтүлүгүн олорчу түүннэри иистэнэрэ. Ыала Коляҕа бултуур таҥаһын тикпитин тыаҕа сылдьан ойуурга уокка былдьатан кэбиһэн, аһынан ытыы сыһар диэбиттэрэ.
Ийэм Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр звеноводунан үлэлээбитэ. «Кыһыл сулус» колхуоска Ат-Кытылын учааскатын биэрэр диэбитэ, онно звенотун дьонун кытары харса суох үлэлээннэр мэлдьи инники миэстэҕэ испиттэр. Ийэбин «Туйгун звеновод» диэн улахан бырааһынньыктарга сыаналаах метровай «Бостон» шевиот таҥастарынан бириэмийэ аныыр эбиттэр, ону Дьокуускайтан делегация кэлэн туттарара. Биирдэ хабылыттаҕас бороҥ өҥнөөх драп таҥаһы биэрбиттэринэн сон тиктибит этэ, ону оҕо сылдьан көрөрүм. Ийэбин өссө “мэтээлгэ түһэриэхпит” диэбит этилэр да, онтулара суох этэ.
Сэрии ыар кэмнэригэр икки оҕото ойоҕостотон өлөн хаалаахтаабыттар. Колхуос өссө үрэх баһыттан тулаайах хаалбыт оҕону киллэрэн, ийэбэр “көр” диэн туттаран кэбиспиттэр. Ол оҕо хойут ыал буолан элбэх оҕолонон, ийэм-аҕам диэн улааппыт этэ. Кини – Кучумова Александра Николаевна диэн.
Сэрии кэмигэр ийэм звеноводтуу сылдьан Мария Алексеевналыын (Екатерина Алексеевна ийэтиниин) сиэмэ бурдуктарын 60 км ыраах Мухтуйаттан атынан тиэйэн тахсаллара. Ол кэмнэргэ кыһын тымныыга таҥас-сап да мөлтөҕө. Арай биирдэ оннук бурдуктарын тиэйэн таһааран истэхтэринэн аттара отой турунан кэбиспит. Дьэ ыксал буолбут, олус тымныы үһү. Ону ийэм урут дьонтон истибит миэтэтин туттубут. Маайаны “эн ат кутуругун үөһэ тутаар” диэбит уонна ойууртан туос оҕото бэлэмнээн баран, Маайата ат кутуругун өрө тутан турдаҕына туоһун уматан ат кутуругун анныгар чугаһаппытыгар аттара боруоста түһүнэн кэбиспит. Сыарҕаҕа нэһиилэ тутуспуттар. Ол аттара “ол кэннэ Бэтинчэҕэ тиийиэр диэри тэппит атаҕын кубулуппакка тиэрдибитэ, оттон ол кыһалҕаттан этэ” диэбитэ ийэм.
Мин кыра сылдьан “тоҕо мин соҕотохпунуй, туохтан маннык буолбутай” диэн элбэх өйдөммөт боппуруостаах этим. Сарсыарда оонньуу таҕыстахпына кыраһа хаарга элбэх да элбэх, ахсаана биллибэт атаҕым суолун хаалларарым – тиэргэним иһигэр эмиэ маннык элбэх оҕо оонньообуттар дэтээри. Хойут оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан альбомҥа уруһуйдаатахпына элбэх оҕолордоох ыалы ойуулуур этим, бары тугу эрэ гына сылдьалларын. Улахан кыргыттар бары илиилэригэр оҕо көтөҕүүлээх гынар этим, олус элбэх оҕолоро хатыыскалаан оонньуулларын ойуулуурум.
Сэрии кэмигэр өлбүт кыыс оҕолор, эдьиийдэрим “куп-кугас баттахтаах этилэр, – диирэ ийэм, – күн уотугар алтан өҥө буолан көстөллөрө”, Юлия уонна Надежда. Үһүс эдьиийим Христина, сэттискэ үөрэнэр улахан оҕо, 1957 сыллаахха ахсынньы томороон тымныытыгар ыалдьан суох буолбута. Мин онно иккис кылааска үөрэнэрим, эдьиийим похоронатыгар баран илиим олус тоҥмутун өйдүүбүн.
Эдьиийим Христина сэттис кылааска, инники эрээккэ ортоку олорор.
Ийэм колхуоһунай тутуу бэтэрээнэ. Колхуос саҕана ийэм мас уһаарыытыгар Ленанан Дьокуускайга сылдьыспыт этэ. Онно биир кутталлаах түгэни кэпсээбитэ. Нөҥүө болуокка ким эрэ ыҥырбытыгар ийэм сүүрэн иһэн халты тэбинэн, болуот маһа ыһыллыбыт сиринэн ити үлүгэрдээх Лена байҕалыгар ууга түһэн хаалбыт. Ону хата ким эрэ көрөн, ыстанан кэлэн баттахха анньынар токур тарааҕа дагдайан тахсыбытын уонна тарбахтарын төбөлөрө эрэ көстүбүтүн харбаан ылан ойутан таһаарбыт. Онон ийэм эрэйдээх кыл саҕаттан өлөр өлүүттэн быыһаммыт. Маны санаатахпына билигин да сүрэҕим ытырбахтаан ылар…
Ийэм ыарытыйан, хойут колхуос үлэтиттэн уурайбыта. Оскуола интернатыгар поварынан өр сылларга үтүө суобастаахтык оҕолор, төрөппүттэр махталларын ылан үлэлээбитэ. Интернат оҕолорун ахсаана элбии, 50-ҥа тиийэ сылдьыбыта. Толоонтон, Наахараттан, Чамчаттан, Нотуораттан, Таас Үрэхтэн кэлэн бэлэм усулуобуйаҕа олорбуттара. Ийэм үлүгэрдээх элбэх оҕолорго соҕотоҕун астаан аһаталаан үлэлээбитэ. Хойут саҥа интернакка харабылынан, оҕо сынньанар лааҕырыгар поварынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Сайыҥҥы лааҕыр үлэһиттэрэ: ийэм лааҕыр повара, Альбина Андреевна Черепанова баспытаатал, Тартыева Варя баспытаатал.
Сайыҥҥы лааҕырга.
Ийэбин интернат оҕолоро «ийэбит» диэн ааттыыллара. Мэлдьи махталларын этэн сурук, открытка ыыталлара. Сайын кэлэн көрсүһэн, сэһэргэһэн бараллара. Аармыйаттан суруйаллара, баһыылка ыыталлара. Биир уол тельняшкалары ыыппыта. Морской флокка сулууспалаабыт уол, Попов Ионарий диэн. Хаартыска бөҕөтүн ыыталлара, Корнилов Толя эҥин. Оҕолор махталлара, убаастабыллара ол этэ, онтон ийэм аах олус үөрэллэрэ.
Интернаттан тахсыбыт оҕолор биһиэхэ кэлэн олороллоро, эбэтэр бэйэлэрэ да кэлэн олорор этилэр. Непряхин Володя, Захаров Юрий Гаврильевич, Никонов Архип, Захарова Света, Никонова Света, Ушницкая Клара, Коколова Таня мэлдьи биһиэхэ кэлэн сылдьан, чэйдээн барар буолаллара. Биһиги тиэргэммитигэр кэлэн мээчиктээн, араас оонньуулары оонньоон бараллара. Биһиги Сэбиэскэй уулуссабыт мэлдьи күп-күөх көбүөр курдук от этэ. Онно олорон, төкүнүйэн, мээчиктээн күн аайы, киэһэ аайы оҕо-аймах айдаана билигин да иһиллэргэ дылы… Биллэн турар, бу отой кылгас ахтыы.
Ийэбинээн Попова Федосья Михайловналыын, 1969 сыл.
Ийэм Маай бырааһынньыгар хос сиэнэ Сашоктуун, ыалларын оҕолоро Ирочкалыын уонна Надюшалыын.
Мин кэргэним Савва Иннокентьевич ыалдьан 1991 сыллаахха күн сириттэн эдэр сааһыгар барбыта. Кинилиин биһиги үс оҕолоохпут, биэс сиэннээхпит, икки хос сиэннээхпит.
Ийэлээх аҕам сиэннэрим көрсөн, бэрэлэспиттэрэ аҕай. Аҕам улахан сиэнин Сашаны билисипиэккэ олбохтоон, үтэн бөһүөлэги биир гына эргийэн кэлэллэрэ. Иккис сиэнин от тиэйэригэр барааҥка соҥҥо суулаан мэлдьи илдьэ сылдьара. Сиэнэ кыыһыгар Таняҕа сытыары буочукаҕа «бассейн» оҥорон, сайыҥҥы куйааска сөтүөлэтэн абыраталыыра. Күннэрэ-дьоллоро кинилэртэн тахсара, олус таптыыллара.
Ийэм хос сиэннэрин Айгылаананы, Туйаараны кытта.
Ийэм хос сиэнинээн Туйааралыын.
Ийэм Нүүйэ өрүскэ хос сиэннэрин Айгылаананы уонна Айааны кытары сөтүөлүү сылдьан.
Кыыһа Наталья Семёновна ИВАНОВА (Попова),
педагогическай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын методист-учуутала, «Учитель ученических признаний», изо, труд, черчение учуутала.
Ленскэй, Бэтинчэ.
2025 сыл бэс ыйын 25 күнэ.









