Петрова Светлана Гаврильевна ахтыыта

МИН ТӨРҮЧЧҮМ

Боотулуттан төрүттээх Дьабыдах аҕатын ууһа

Чуукаар нэһилиэгэ, Ньурба оройуона

Чуукаар нэһилиэгин устуоруйатыгар сурулларынан Боотулу буолаһын састаабыгар 1771 сылтан Чуукаар киирэрэ ахтыллар. 1836 сылтан Чуукаар Ньурба улууһугар бэриллэр.

Биллиилээх фольклорист, кыраайы үөрэтээччи, Чаппандатааҕы литературнай-фольклорнай музейы төрүттээччи, Саха АССР үтүөлээх учуутала Н.Т.Степанов 1991 сыллаахха “Ньырбакаан удьуордара” диэн таһаартарбыт кинигэтигэр 94 стр. маннык сурулла сылдьар: “…Марха өрүс батыытыгар олохсуйуохха олус үчүгэй сир баар”. Ол иһин манна алта ыал көһөн тахсыбыттара үһү, ол эбэтэр Уһун Атах, Харсы, Ардьаакый, Тутум, Дьабыдах, Тыҥаты диэн ыаллар кэлбиттэр. Оноҕоччут: “Марха өрүскэ түһэр Далаҥда уонна Куоначчаан үрэхтэрин икки ардыгар сири бас билэн олоруҥ”, – диэн дьаһайан баран Боотулутугар төннөр.

Бу Оноҕоччут төрдө Дьокуускай киһитэ үһү. Онон манна аҕыйах тоҥус баарын суукка үҥсэн, үрдүк сууттарынан үүрдэрэн кэбиспит…

Хойутуу ыччат-уруу үөскээн, нэһилиэк дууһатын ахсаана буолбут. Ол саҕана үҥсэн Үөһээ Бүлүү Боотулуттан арахсан, Чуукаар диэн нэһилиэк буолбуттар. Нэһилиэк арахсыбытын кэннэ алта аҕа ууһугар хайдыбыттар:

  1. Уһун Атах аҕатын ууһа Төкөөнө эбитэ үһү, онон Төкөөнө аҕатын ууһа үөскээбит.
  2. Ардьаакый аҕатын ууһа.

3.Тутум аҕатын ууһа.

  1. Харсы аҕатын ууһа.
  2. Тыҥаты аҕатын ууһа.
  3. Дьабыдах аҕатын ууһа.

Манна суруллубут алтыс Дьабыдах аҕатын ууһугар киирэр буоламмыт Чуукаар нэһилиэгин кинигэтигэр Борокуоппай Чуукаар өссө ааспыт үйэ бүтэһигэр архыыптан илиитинэн устан биэрэпистэри ыыппытын 2019 сыллаахха бэчээттэппиттэрин, махтанан туран үөрүүбүн кытта үөрэттим. Онтон манныктары биллим:

1895 сыллаах 1 биэрэпискэ 66 нүөмэринэн Григорьев Спиридон (Ордьоох) 63 саастаах, Анастасия Степановна (Такыр кыыһа) 58 саастаах, Кукаакыттан төрүттээх ойоҕо, Байбал 30 саастаах, уоллара, кини ойоҕо Федосия 29 саастаах, оҕолоро Егор, Ордьоох Испирдиэн 18 саастаах кыыһа Дария киирбиттэр.

Оттон 1927-28 сс. хаһаайыстыбаннай испииһэккэ 601 нүөмэринэн Ордьоох Испирдиэн уола Григорьев Петр Спиридонович 46 саастаах, ойоҕо Александра 46 саастаах, кыыһа Анна 16 саастаах, уола Гаврил 14 саастаах диэн суруллар. Бу Гаврил мин аҕам.

Аны Петрдаах бастакы кыыстара 22 саастаах Мария Ефремов Прокопий Николаевичка кэргэн тахсан, Ефремов Ньукулайдаах кэргэттэригэр туспа суруллубут.

Итинэн, мин хос эһэбиттэн саҕалаан, сибидиэнньэ толору баар буолла. Атын алта аҕа уустара даҕаны бу биэрэпистэн төрүттэрин билиэхтэрэ турдаҕа!

Дьабы диэн үрэх Үөһээ Бүлүүгэ, Дьабы диэн күөл Хорулаҕа баар сурахтаах. Оттон Дьабыдах диэн ааты Багдарыын Сүлбэ тыы оҥорооччу диэн быһаарбыттаах. Чуукаарга олохсуйбут Дьабыдахха Сирэйдээх Эбэ сыһыарыллыбытын ходуһатын барытын “биир ынах төбөтүгэр” Тээһэлэргэ, ол аата кыыс сулуутугар, биэрбитин туһунан үһүйээн кэпсиир.

Аҕам Петров Гаврил Спиридонович, Чуукаар бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ, педагогическай династияны төрүттээччи, “Учууталлар учууталлара”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Чуукаар, Түмүк нэһилиэктэрин уонна Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, Чуукаарга бастакынан үктэммит Дьабыдах Байбалтан бэһис көлүөнэ эр киһи. (Дьабыдах Байбал, Маҥыйаан Уйбаан, Ордьоох Испирдиэн, Ыгдаҕар Бөөтүр, Хабырыыл Испирдиэнэбис Бөтүрүөп). Соҕотох Леонид диэн уола кэргэннэммэккэ, оҕоломокко сылдьан ыалдьан өлөн, элбэх кыргыттарыттан сиэннэрдэнэн, хос сиэннэрдэнэн, уруунан суураллан атын аҕа уустарын байытан, 96 сааһыгар сирдээҕи олоҕун түмүктээбитэ. Өр сыралаһан хомуйан бэйэтин аҕатын ууһун туһунан ыччаттарыгар анаан “Кэс тыл этэргэ сананным” уонна “Күн күлүмүн суһума” кинигэлэригэр суруйан хаалларбыта. Ити кинигэлэрин Ньурба оройуонун Киин библиотекатыгар, музейга, оройуон архивыгар бэлэхтэтэлээбитэ. Ким наадыйбыт билсиһиэн сөп.

Дьабыдах аҕатын ууһуттан төрүттээхтэр уһун үйэлээхтэринэн, үөрэҕи ылынымтыаларынан биллэллэр. Өтөкөсүү Өлөксөй Чөккүүһэйиттэн Дьэллик Ньукулай Дьабыдах аҕатын ууһун бүтэһик кинээһэ ааттаах мас ууһунан биллибит. Кини уола Н.Н.Алексеев-Дьалта ааттаах мас уонна көмүс ууһа этэ. Уһун Ньукулай диэн эмиэ ааттааччылар. Дьабыдах биир сыдьаана Ырыа Дарымыан ааттаах олоҥхоһут. Киниэхэ үөрэнэн Ордьоох Испирдиэн уола, мин эһэм Ыгдаҕар Бөөтүр, олоҥхоһут этэ. Бөөтүр убайа Тыккый Ньукулай Бодойбонон тэлэһийэн сылдьан дойдутун булбут. Сиэнэ Борокуоппай Чуукаар суруйааччы, суруналыыс, тылбаасчыт.

Бу суруйуубар сыһыарыы быһыытынан аҕам урут бэчээккэ тахсыбатах төрүччү схематын оҥорбутун киллэрэбин. Дьабыдахтан төрүттээхтэргэ төрдүлэрин төргөһөргө төрүөт, күүс-көмө буолуо диир санааттан!

Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА.

 


Өбүгэлэрбит схемалара: сыллар-күннэр илим хотоҕоһун курдук биллибэккэ-көстүбэккэ ааһан иһиэхтэрэ. Хойутун хойут биһиги өлөн-сүтэн, үөдэн-таһаан буолбуппут кэннэ, баҕар, биһиги удьуордарбытыттан ким эрэ “өбүгэлэрбит кимнээх этилэрий” диэн суортан-тураахтан сураһар киһи көстүөҕэ. Киниэхэ кыратык да буоллар көмө буолаарай диир санааттан бу схеманы оҥорорго сананным.

Гаврил Спиридонович ПЕТРОВ,

1912 с. төрөөбүт, Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгин төрүт олохтооҕо.

1995 сыл олунньу 18 күнэ.


 

Петрова Светлана Гаврильевна (1943 с.т.) – үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Г.С.Петров педагогическай династиятын баһылыга, СӨ бочуоттаах старейшината, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото. Идэтинэн учуонай-агроном. Кэргэнэ Павлов Иван Яковлевич (1937-2012) – идэтинэн механизатор этэ. СӨ үлэтин бэтэрээнэ. Кинилэр үс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.

Оҕолоро:

Павлов Владимир Иванович (1965) – Р.М.Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын боксаҕа тренерэ, СӨ боксаҕа кылаабынай тренерэ. СӨ үөрэҕириитин, СӨ физкультуратын уонна спордун туйгуннара, СӨ физкультуратын уонна спордун үтүөлээх тренерэ. Кэргэнэ Готовцева Наталия Радиковна, финансист үөрэхтээх (1967).

Павлова Сардана Ивановна (1967) – СӨ профүөрэхтээһинин туйгуна, ХИФУ үөрэтэр-методическай үлэтин специалиһа. Кэргэнэ Горохов Валерий Петрович (1967) – Дьокуускай куорат 6 №-дээх оскуолатын физрук учуутала.

Павлов Иван Иванович (1968) – ИП, идэтинэн суоппар. Кэргэнэ Павлова Александра Викторовна (1971), полиция подполковнига.


 

 

2024 с.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл бэс ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *