ТЭТТИК ТИҺИКТЭР

Саҥарыллыбатах санааларым,

Быктарбатах баҕаларым,

Этиллибэтэх этиилэрим,

Истиҥ-иһирэх иэйиилэрим

Эһиэхэ ананар, доҕотторбор,

Күндүтүк саныыр дьоммор.

Айар үлэ абылаҥа

Арыаллаһа аргыстастын,

Ис иэйии эриэккэһэ

Кэккэлэһэ эҥэрдэстин!

*  *  *

Сүрэх тугу этэринэн,

Дууһа тугу туойарынан,

Иэйии хаһан киирэринэн

Бичийэбин… тиһиктэри.

*  *  *

Тыллар – сибэкки курдуктар,

Тыллан, тыынан бараллар.

Тыллар – чыычаах курдуктар,

Тиллэн, көтөн дайаллар.

*  *  *

Олох оргуйар күөһүгэр

Буһа-хата сылдьаммыт,

Аһыыны да, ньулууну да

Амсайабыт бары да…

*  *  *

Саарбах соҕус киһини

Чуҥнуу илдьэ барыма.

Илдьэ барыаҥ – иэдэйиэҥ,

Кэлин бэйэҥ кэмсиниэҥ…

*  *  *

Киһи, махтаныан баҕардаҕына,

Тоҕо тыла тахсыбатый?

Этиһэр-үөхсэр буоллаҕына

Тохтоло суох субулларый?

*  *  *

Бэйэҥ бэйэҕиниин

Сатаан хаалар буоллаххына

Бэйэбин буллум диэн кэбис.

Мин… буллум.

*  *  *

Бэйэбиттэн бэйэм бэркиhиибин,

Киhи кэлэйиэх кэнэн эбиппин…

Биир тылы булан эппэтэхпин

Билигин кэлэн дьиктиргиибин.

*  *  *

Киһини киэргэтэр –

Киһи киһитэ дэтэрэ,

Мүччүргэннээх түгэҥҥэ

Утары уунар илиитэ…

*  *  *

Сүүс бырыһыан сөпсөһөбүн

Маннык бэргэн этиигэ –

Киһи кимин билэргэ

Былааста биэр, киниэхэ.

*  *  *

Хонон турдах аайы

Олох ыарыыр.

Ол кыһалҕаттан

Көхсүм кыарыыр…

*  *  *

Санаалар… Санаалар… Санаалар…

Дууһабын хайыта тыыталлар,

Мин өйбүн эмискэ «баайаллар»,

Букатын «акаары» гыналлар…

*  *  *

Өбүгэ саҕаттан үтүө үгэс

Үйэттэн үйэҕэ бэриллиэҕэ,

Саха дьонун Саҥа дьыла –

Сайын буолар дьоро күнэ!


Баара-суоҕа үс дорҕоонтон

Олох саҕаланар, салҕанар диэтэххэ

Ким да итэҕэйиэ суох этэ…

Ол аптаах тыл – Ийэ!

*  *  *

Өйдөө!

Үгэс баар – суоруллубат,

Өбүгэҥ өрбүт утаҕа

Үйэлэргэ быстыа суохтаах!

*  *  *

Санньыарбыт санаабар

Сөпсөһө дьүөрэлэһэн

Күһүҥҥү ардах

Курустук ибирдиир.

*  *  *

Кэрэ да кэм ааспытын

Кэмигэр кэрэхсээбэтэхпин,

Кэлин кэлэн сыаналаан

Кэрэ кэпсэл кэһиилиибин.

*  *  *

Таастаах кэрэ айылҕата –

Харах хайгыыр хартыыната.

Дууһа ыллыыр, сүрэх үөрэр,

Ис кут уоскуйа сылаанньыйар…

*  *  *

Дойдум миэнэ киэн туттуута –

Саха төрүт сүөһүтэ.

Хойуу үүттээх, эмис эттээх

Өбүгэм ууммут бэлэҕэ.

*  *  *

Өбүгэм сиригэр, Өргөлөөххө,

Төрүт үгэһи сөргүтэн,

Күөрт уотун күөдьүтэн

Болгуо тимир уһаарыллар.

*  *  *

ЭРКЭЭНЭ

Мин кэллим эргиллэн,

«Эркээнэ» дэттэрэн,

Үс куппун үөрэтэн,

Ис куппун ииттэрэн…

*  *  *

Кичим, бүччүм санааларбын,

Таҥмыт түмүк анаарыыбын

Тэттик тылынан тиһэммин

Кэлэр кэскилбэр тиэрдэбин.

*  *  *

Сырдык, сылаас

Дьикти турук…

Истиҥ, иһирэх

Эриэккэс иэйии

Иилии кууһар ис куппун…

*  *  *

Кэрэкэ уран-оһуор тыллар

Көй салгыҥҥа уйдараннар

Куйаарга үҥкүүлүү дайаллар,

Көрүлүү-көччүйэ усталлар…

*  *  *

Эт илиигинэн тутаҥҥын,

Уу хараххынан көрөҥҥүн

Дуоһуйууну ылаҕын –

Ааҕыллыбыт айымньыттан!

*  *  *

Хаартыскалар – тыыннаах кэрэһиттэр,

Хаһан эрэ буолбуту кэпсииллэр.

Ааспыт кэм амньыраабат туоһулара,

Араҕан биэрбэт ахтылҕаннара.

*  *  *

Ойон хаалбыт оҕо сааспыт

Чүөмпэтигэр чомполонуҥ,

Сырдык ыраас истиҥ иэйии

Утахтарынан ыскайданыҥ!

*  *  *

Олоххун бэйэҥ оҥостоҕун,

Ону ким да мөккүспэт.

Оттон дьылҕаҥ суруллан турар,

Ону ким да көтүрбэт.

*  *  *

Үлэ – дьол буоллаҕа,

Сүрэх сытар буоллаҕына.

Ис кутуҥ ылынан

Дууһаҥ ыллыыр буоллаҕына.

*  *  *

Олоххор үрдүк ситиһииҥ –

Кэрэ аҥарыҥ үтүөтэ,

Эрэллээх тыыллаах буолаҥҥын

Эр-бэрдэ аатырар эбиккин.

*  *  *

Киһиэхэ кэрэхсэнэр

Ис дууһа кэрэтэ,

Ол кэннэ дьэ биирдэ

Тас дьүһүнэ, сэбэрэтэ.

*  *  *

Киһиэхэ үрдүк сыанабыл –

Кини оҥорбут дьыалата.

Кыһыл тылынан кыырары

Киһи барыта сатыаҕа.

*  *  *

Бэрэбинэ сытар иннигэр,

Көрбөтөх курдук туттума.

Бэйэҕиттэн саҕалаа, бастаан,

Көннөрөн биэр, тумнума…

*  *  *

Ыарахан нүһэр тыллары

Ыһыктыахпын баҕарабын да,

Онтукам туолуо диэн

Олус мин толлобун…

*  *  *

Оо, эмиэ ханнык айыыбар-харабар

Хатыылаах хараххын хатаатыҥ?

Уйулҕам нарын кылын

Хаhыҥныы эн хаарыйдыҥ…

*  *  *

Өстөөхпөр махтанабын

Өрө тардан иһэргэр,

Үөһэ ыттан тахсарбар,

Үөрэх-сүбэ бэрсэргэр.

*  *  *

Эр киһи ирээтэ – ытык иэс.

Дойдутун көмүскүүр – улуу чиэс.

Эйэлээх олох, ыраас халлаан –

Эн илииҥ иһигэр, Эр хоһуун!

*  *  *

Үөһэттэн өбүгэҥ үөрэтэр-такайар

Мындыр, түргэн-тарҕан, сымса буоларгар.

Сэрэнэн-сэрбэнэн, кэтэнэн-мананан

Буулдьаҕа табыллыма, быстахха былдьаныма!

*  *  *

Иннэ-кэннэ биллибэт

Икки аҥы олох…

Сэрии – өлүү,

Эйэ – олох…

*  *  *

Эр дьон эмиэ ытыыллар

Сиикэй эттээх буоланнар,

Чараас дууһа, уйан кут

Тумнубатах буоланнар…

*  *  *

«Бириэмэ көрдөрүө,

Устуоруйа дакаастыа» –

Бэртээхэй бэргэн этии

Бигэргэтиэ кырдьыгы!

*  *  *

Кэлин биллиэ буоллаҕа,

Кэлин көстүө турдаҕа.

Кэм-дьыл сыана быһыаҕа,

Ыйааһын хараҕар ууруоҕа.

*  *  *

Ким сөбө-сыыһата,

Ким кырдьыга-сымыйата

Кэлин чахчы биллиэҕэ,

Кэм-кэрдии кэпсиэҕэ.

*  *  *

Дьалхааннаах үйэбит

Дьайыыта көстүөҕэ,

Ким-кимэ биллиэҕэ,

Киһи-аймах дьүүллүөҕэ.


Сайдыылаах үйэ омсолоох өрүтэ –

Күөстүү оргуйар олох тэтимэ.

Кыл түгэнэ тохтуу түһэн, тыын ылан

Сырсабыт, тылы туора быраҕан.

*  *  *

Кырдьык даҕаны билиҥҥи олох

Өрө көтүтэн тыын былдьаһыга,

Өйүҥ-санааҥ үнтү ытыйыллан

Киһи кута айгырыах, ыһыллан…

*  *  *

«Өйдөөх саҥарбат, акаары өйдөөбөт» –

Өс хоһоонун сөбүлүүбүн.

Кэлин кэлэн кэмсинэбит кэп туонан,

Ыһыктар тылларбытыттан.

*  *  *

Киһи дэтэр үрдүк ааты

Киртиппэккэ өрө тутуох!

Киһиэхэ үрдүк хайҕабыл –

Киһи киһитэ дэтэрэ.

*  *  *

Олох кэтэх өрүттээх,

Онно көстөр идэлээх

Киһи дьиҥнээхтии кимэ-туга,

Киһиэхэ сыһыана хайдаҕа.

*  *  *

Сиэр-майгы эмиэ туһунан

Суруллубатах сокуоннаах, быдан дьыллартан.

Аат-суол, дуоһунас инниттэн

Атыллаан ааһыма дуу, киһини үрдүнэн!

*  *  *


ТЭТТИК ХОҺООННОР

Айар ыарыы тиһигэ

Эмискэ киирэн кэллэҕинэ

Тулабын өйдөөбөт

Турукка киирэбин…

Көй салгыҥҥа уйдаран

Көтө сылдьар курдукпун…

Онтукам,

Ойоҕоһуттан көрдөххө,

Олуона соҕус буолара дуу?!

 

Софья МИХАЙЛОВА

Сорохтор, баҕар, сөпсөһүөхтэрэ,

Сорохтор, баҕар, сүөргүлүөхтэрэ,

Ол эрэээри…

Ким хайдах кыайарынан,

Олох олорон ааhарынан.

Окко түспүт оҥоһуум,

Сиргэ түспүт сэрэбиэйим

Таҥара хайдах айбытынан,

Үөһэттэн хайдах анаабытынан,

Ыйаах таhааран быһаарбытынан

Буолуох тустаах буоллаҕа.

Мөккүһэр кыах суох!

*  *  *

 

Отуккуттан тахсан баран

Оттомуран-боччумуран

Олоро-тура улаҕалаахтык

Олох охсуулаах очурдарын,

Сындалҕаннаах сырыыларын

Сыаналыыгын быһыылаах…

Олоҕум аҥарын олордум да,

Оттомнооҕу оҥорботум.

Үйэм аҥарын үктэнним да,

Үөтэлээҕи өнүйбэтим…

*  *  *

 

Ыга куус, ыга куус…

Уоскут миигин кыратык.

Долгуйбуппун уҕарыт,

Өрүкүйбүппүн үмүрүт.

Көрдөһөр да күттүөннээх,

Ааттаhар да ахсааннаах…

Айыы Танара, көмөлөс,

Аhары түһэн, ааhа түспэппэр…

*  *  *

 

Бааллар эбээт, бу Айыы сиригэр,

Эҥин араас дьиибэ дьон:

Көрдөрөн туран «суох» диэн

Көҥөнөн, көхсүлэрин көрдөрөөччүлэр.

Эбэтэр, бэйэлэрэ туга да суох олорон,

Бүтэhиктэрин устан утары уунааччылар.

*  *  *

 

Дьиктилээхэй “Эбэ Хотун”

Эниэ сыырым анныгар

Нэлэhийэн сытаахтыыр…

Кини кэрэ көстүүтүн

Хайа да уран тылынан

Киhи кыайан хоhуйбат…

*  *  *

 

Киһини киэргэтэр

Аат-суол буолбатах,

Киһини киэргэтэр

Уордьан-мэтээл буолбатах.

Киһини киэргэтэр –

Киһи-киһитэ дэтэрэ,

Мүччүргэннээх түгэҥҥэ

Утары уунар илиитэ.

*  *  *

 

Кэтэхпэр ким эрэ сипсийэр:

Кэмэ илик, кэмэ илик…

Кэрэ ис иэйии тиһиллиэ,

Кэлэр кэнчээригэр иһиллиэ…

Көрөҕүн, уран тыл отонньута,

Оҥоойуккун ортотунан толорбуккун.

*  *  *

 

Ыар санаа ыга ылар…

Дууhам миэнэ кыланар.

Тууйуллабын

Тулабын өйдүүр киһи суоҕуттан,

Эн туруккар киирэн

Ирэ-хоро кэпсэппэтиттэн…

Олох эмиэ биир моһоло

Эйигин утары тоһуйан

Туормастаан тургуппутун

Туоруурга ыарахан… ыарахан,

Тулуурдаах эрэ буолуохха!

*  *  *

 

Айылҕаны утары барбыт суох,

Өлөр-өлүүттэн куоппут суох.

Ааспыт үйэ кэрэһиттэрэ –

Аҕыйах ахсааннаах туоһулара…

Өргөлөөхтөн өбүгэ төрүттээх,

Таастаахтан силис тардыылаах,

Күндү дьоммут утары уунар

Үйэлээх өйдөбүл бэлэхтэрэ –

Кэлэр кэнчээри ыччакка

Кэрэхсэтэр кэпсэл кэһиилэрэ…


 

ЭРКЭЭНЭ

Оһоллоох олох очуругар

Оҕустарыма дуу…

Оҕустардаххына даҕаны

Охтума!

Оҕуннаххына даҕаны

Оттон-мастан тардыһан

Ойон тур!

Олох эриирдээх эмпэрэтигэр

Кииримэ дуу…

Киирдэххинэ даҕаны дьэбэрэтигэр

Тимиримэ!

Тимирдэххинэ даҕаны

Тыын ылан тулуһан

Күөрэс гын!

*  *  *

Мин кэллим эргиллэн

«Эркээнэ» дэттэрэн,

Үс куппун үөрэтэн,

Ис куппун ииттэрэн…

*  *  *

2025 сыл, бэс ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *