АҔАБЫНАН КИЭН ТУТТАБЫН
Айбыт аҕам, тыыл бэтэрээнэ Василий Данилович Нерлов 1935 сыл муус устар 23 күнүгэр Амма оройуонун Амма нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ-кэргэҥҥэ бэһис оҕонон төрөөбүтэ.

Аҕам урут кэпсииринэн уонна билигин 70 сааһын быдан ааспыт куоракка олорор Амма Чакырыттан төрүттээх, үйэтин тухары рентген бырааһынан үлэлээбит быраата Нерлов Иван оҕо сырыттахпына кэпсээбитинэн, хос-хос эһэм эмиэ Нерлов Иван диэн ааттаах политссыльнай эбит.
Аҕам аҕата, мин эһэм Нерлов Данил Михайлович Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэриэмэтигэр 1941-45 ссыллардаах заёмна суруйтаран 5000 солкуобайы, оччотооҕу харчынан сүрдээх элбэх сууманы, тааҥка оҥоһуутугар биэрбит. Ол туһунан бастакыбын Амма-Наахара ситэтэ суох оскуолатыгар 5-с кылааска саха тылын уруогар үөрэнэ олорон истибитим. Ол курдук, саамай сөбүлүүр учууталым Александр Лаврентьевич Александров: “Элбэх сууманы тааҥка оҥоһуутугар биэрбит Амма олохтооҕо Данил Михайлович Нерлов, эһигини кытта бииргэ үөрэнэр Нерлова Лара эһээтэ буолар, ол туһунан оройуон музейын архива кэпсиир”, – диэн иһитиннэрбитигэр үөрэн, киэн туттубуппун өйдүүбүн. Уруок бүтүүтэ сүүрэн тиийэн дьоммуттан ыйыппыппар, кинилэр билэр эбиттэр уонна тоҕо эрэ буолуохтааҕын курдук санаан биһиэхэ кэпсээбэтэх этилэр.
Онтон аҕам ийэтэ, эбэм Нерлова (Кривошеина) Зинаида Васильевна Амма Солобуодатыгар сир оҥоһуутугар, бурдук үүннэриитигэр кэлбит нуучча Кривошеин Василий кыыһа уонна «Победа» сэлиэһинэй бурдук суордун айбыт убайбыт, аатырбыт селекционер Кривошеин Фёдор Васильевич бииргэ төрөөбүт балта буолар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сут-кураан сыллара саҕаламмыттарыгар аҕам аас-туор олоҕу, аччыктааһыны, тоҥору-хатары этинэн-хаанынан билбитэ. Кини алта сааһыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ күүстээх үлэ амтанын амсайан, “Победа” колхуоска үлэлиэҕиттэн дьоллоох оҕо саас үөрүүтүттэн-көтүүтүттэн маппыта.
Сайынын бэйэтин саастыылаахтарын уонна улахан дьону кытары ыраах сытар Нуотара үрэҕэр тахсара. Онно сайыны быһа оттууллара. Оччолорго охсуу, хомуйуу барыта илиинэн буолара, атынан тиэллэрэ. Инньэ гынан сылгыга сыстыбыта, кэлин онтуката ыал буолбутугар элбэхтик туһалаабыта. Ол бириэмэҕэ биир да оҕо халтай хаампат кэмэ этэ, оҕо-аймах бары үлэлиирэ. Сайын-күһүн хаппыыста, хортуоска үүннэриитигэр, хомуйуутугар бааһынаҕа үлэлиирэ, олордон, уу таһан, сыыс от үргээн сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥарыар диэри улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьара. “Толору уулаах 15 киилэлээх биэдэрэлэри сыһар-соһор этибит. Ол соһон иһэн сылайан охтон утуйан хааларбыт, онтон тоҥон уһуктан кэлэрбит уонна туран салгыы үлэлиирбит, – диэн кэпсиирэ. – Кыра буолан уонна ыарахан үлэттэн аччык аҥаардаах оҕолор наһаа сылайар этибит. Улахан дьон “За Сталина!” диэн сүрбүтүн өрө көтөҕөллөрө, оччоҕо эмиэ туран үлэлээн барарбыт”.
Сэрии сылларыгар аҕам үөрэммэтэҕэ, наар үлэлээн тахсыбыта. 1954-57 сыллардаахха аҕам Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, үс сыл сулууспалаабыта.

Барыан иннинэ Покровка бурдугун үлэтигэр ыраахтан көрөн таптаабыт кыыһыгар аармыйаҕа тиийээт сурук суруйан, үс сыл былаһын тухары ийэбинээн суруйсубуттара. Нууччалаах саха иккиэ буолан түспүт хаартыскатын ыыппытын, ийэм саханы кытта суруйсабын дии саныы сылдьыбыта, сурук киниэхэ эмиэ сахалыы кэлэрэ. Аармыйа кэнниттэн аҕам Амматыгар кэлэн сопхуоһугар үлэлии киирбитэ. Ийэм баспытаатал үөрэҕин бүтэрэн Муомаҕа икки сыл үлэлээбитэ. Уонна дойдутугар аҕам аармыйаттан кэлбитин көрсөөрү тиийбитэ. Бу билигин хас киһи барыта массыыналанан халлаанынан сырыы суох, оччолорго самолёт Аммаҕа нэдиэлэҕэ куораттан үстэ-хаста көтөрө.
Куораттан ийэм Амма пуордугар көтөн тиийбитигэр, арай тоҥ нуучча киһитэ утары кэлэн көмөлөһөөрү чемоданын тардыалаһар үһү, өссө Василийбын диэбит. “Мин нууччаны кытта суруйсубатаҕым, саханы кытта суруйсубутум”, – диэн аҕабын бастаан ийэм ылымматах. Инньэ гынан көрсөллөрүгэр тоҥ нуучча тиийэн кэлбитигэр ийэм соһуйуу бөҕөтүн соһуйбут. Аҕам икки эрэ кылаас нууччалыы үөрэхтээх, сэрии кэмэ уонна олус дьадаҥы буолан салгыы үөрэммэтэх. Инньэ гынан сахалыы отой сатаан суруйбат эбит, ол иһин үс сыл устата табаарыһа кини аатыттан сурук суруйбута биллэн тахсыбыт. Ийэбиттэн кэлэр суруктары эмиэ ол табаарыһа аҕабар улаханнык ааҕан, өйдөөбөт тылларын тылбаастаан биэрэр эбит.
Итинник 1959 сыллаахха төрөппүттэрим эйэлэрин, тапталларын холбоон холбоспуттара. Аммаҕа олохсуйан үс уол, икки кыыс оҕоломмуттара.
Бастакы оҕолорун Толяны кытта.
Аҕам кэргэнинээн Матрёналыын, бастакы оҕолоро Толя, ийэтэ Зинаида Васильевна, аҕата Данил Михайлович, эдьиийэ Аграфена Даниловна кыргыттарынаан Дашалыын, Зиналыын.
Ийэм төрөппүттэрэ Михаил уонна Парасковья Пахомовтар, быраата Павел. Аҕам миигин көтөҕөн турар. 1963 сыл.
Аҕам 1962 сыллаахха тырахтарыыс куурсугар үөрэммитэ, ону тэҥэ киэһээҥи оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1962 сылтан 1966 сыллаахха диэри Амма орто оскуолатыгар оҕолорго тыраахтар уруогун үөрэппитэ. Ол быыһыгар Амма сопхуоска тырахтарыыстаабыта.



Аммаҕа уордьаннаах тутааччы Кузьмин биригээдэтигэр аҕам болуотунньугунан киирэн, билигин мин олорор “Мир” кварталбар биэс сыл устата элбэх икки этээстээх мас дьиэлэри туппуттара. Ону таһынан Амматааҕы орто оскуоланы тутуспута. Ол дьиэлэр билигин да наһаа үчүгэй көстүүлээхтэр, аҕам илиитин сылааһа хаалбыт дьиэлэрэ диэн куруук киэн тутта көрөбүн.
Иккис убайым Степан Өнньүөстэн көһөн киирэн, Даниллаах Амгаяната Амматааҕы гимназия оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри, эмиэ “Мир” кварталга олорбута. Онон аҕабыт илиитин сылааһынан тутуспут дьиэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри дьоҥҥо туһалыы тураллар.
Ийэм биэс оҕолонон, дьааһылаҕа-детсадка барыларын ылбат буоллахтара, ол иһин 1966 сыллаахха биэс кыра оҕолоох ыал Амматтан Өнньүөскэ ийэм дойдутугар көһөн тахсыбыттара. Аҕам туруу үлэһит, маска да тимиргэ да сүрдээх уус, наһаа үлэһит, наһаа сүрэхтээх киһи этэ. Аҥаардас Өнньүөскэ кэлэн киэҥ Пахомовтар аймахха элбэх дьиэни тутуспута. Ону таһынан доҕотторугар уонна бэйэтигэр, үс уолаттарын кытта төрөппүттэрбит бэйэлэригэр уонна оҕолоругар түөрт дьиэни тутан дьэндэппитэ.
1966-85 сылларга сопхуоска Амма-Наахара нэһилиэгэр бастаан тутууга, онтон тракториһынан, сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Быстах кэмҥэ 1985-87 сылларга Амма балыыһатыгар кочегарынан, Амма орто оскуолатын интернатыгар үлэлээбитэ. 1987-92 сылларга Амма-Наахара оскуолатыгар электригинэн, кочегарынан, оробуочайынан үлэлээбитэ. Мин ийэм уонна оҕолоро, биһиги бары үөрэммит кырдьаҕас оскуолабыт мас кырыыһатын тимир ньаалбаанынан соҕотоҕун кэриэтэ бүрүйбүтэ. Ону ийэм кэпсиирин, билигин да кэлэ-бара улаханнык сөҕө көрөбүн. Даҕатан эттэххэ, бу оскуоланы ийэм таай убайа Иван Петрович Пахомов Өнньүөс сэбиэтин бастакы бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон туттарбыта.
Аҕам оскуола миэбэлин, ааннары, паарталары абырахтыыра, олоппос, остуол оҥороро. Ону таһынан икки оскуола уотун көрөрө-истэрэ, оҥороро. Кини сатаабатаҕа диэн суох буолара – барытыгар сыстаҕас, түргэн-тарҕан туттуулааҕа. Оскуола киэҥ мас олбуорун эмиэ оҥороро. Итинник хоһууннук үлэлээн, 1992 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыта.
Ол да тахсан сүөһүлээх-астаах киһи соло буолбат этэ: олбуоругар үлэлиирэ, тутууга түбүгүрэрэ. Итинник, Өнньүөс айылҕатын, дьонун-сэргэтин олус сөбүлээн 50-ча сыл, олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри иккис дойду оҥостон олорбута. Олоҕун кэлин сылларыгар, мин Аммаҕа көспүтүм кэннэ, Аммаҕа кыстаатар да сайынын хайаан да Өнньүөскэ сайылыыра. Дьоммун ыам ыйын бүтүүтэ сайылыктарыгар хаста да кырынан тиэйэн таһаарарым, күһүн төттөрү көһөрөрүм. Аҕам суох буолуоҕуттан, кинини суохтатымаары ийэбин сайылыгар син биир сайылатабын. Төттөрү-таары таһабын.
Ийэбинээн Нерлова (Пахомова) Матрёна Михайловналыын үйэлэрин тухары дьиэ сүөһүтүн – ынаҕы-сылгыны, сибиинньэ иитэн, ону таһынан арбузка тиийэ оҕуруот арааһын олордон быр-бааччы, нэһилиэк сис ыала дэтэн олордулар. Бэйэтэ бааһынай буолан оҕуруота эмиэ хас да олбуорунан сыалай бааһына буолара. Куулунан төһө кэлэрин хаһан да аахпат этибит, балтым Зина этэринэн саамай элбээбитэ 70-тан тахса куул хортуосканы биир бааһынаттан хостообуппут. Онтон икки сиртэн икки төгүл элбэх буоллаҕа, ол иһин аҕам баарына сайыннары быстыбакка төгүрүк сыл хортуосканан аһыырбын билигин сүрдээҕин ахтабын. Өнньүөстэр элбэх ыал аҕабыттан атыылаһан кыстыыр уонна сиэмэ хортуоппуйдарын булуналлара.
Кини сүрдээх булчут, балыксыт киһи этэ. Дьиэ сүөһүтүн олус сөбүлүүрэ, сылгыга наһаа сыстыбыта, наар таптаан миинэр хас да аттаах буоларбыт. Оннооҕор куһу-хааһы, кууруссаны иитэрин сөбүлүүрэ. Аҕам наһаа киэҥ көҕүстээх, холку, көнө майгылааҕа.
Үлэтиттэн киэһэ хойут кэлэрин оҕо сылдьан наһаа кэтэһэрим. Хаһан да сылайдым диэбэт этэ, сүүрэн тиийдэххэ көтөҕөн ылан кууһан-сыллаан баран өрүтэ быраҕаттыыра уонна хабан ылара, онно иһим кычыгыланан үөрүүбүттэн салгыҥҥа күлэн чаҕаарарбын өйдүүбүн. Күн аайы ол да иһин кэлэрин наһаа кэтиирим, техникатын тыаһын ыраахтан эндэппэккэ билэрим.
Нерловтар дьиэ-кэргэн оҕолорун кытта: Толя, Стёпа, Лара, Вася, Зина. Амма-Наахара, 1971 сыл.


Кини сылгыны көлүйэрин таһынан техниканы – тыраахтары, мотоциклы, мопеды, велосипеды барытын үчүгэйдик билэрэ уонна итини барытын дьоммут дэриэбинэҕэ бастакынан биһиэхэ баар гынан иһэллэрэ. Аҕабыт бастаан биһигини олордон хатааһылатара, онтон бэйэбит көрө сылдьан сатыыр буолан хааларбыт. Инньэ гынан мин бырааппынаан, убайбынаан ат мииниитигэр-көлүйүүтүгэр, техника бары көрүҥэр барытыгар сыстаҕас буола улааппыппыт.

Аҕабыт олоҕун аргыһынаан, ийэбинээн – Саха Республикатын үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, коммунистическай үлэ ударнига, Амма улууһун уонна Амма-Наахара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Матрёна Михайловналыын, төрөппүттэрбит 50 сыл бииргэ олорбут Кыһыл көмүс сыбаайбаларын 2009 сыллаахха бүтүн нэһилиэгинэн кулуупка бэлиэтээбиппит. Республикатааҕы саахса кинигэтигэр көмүс буукубанан суруллан киирбиттэрин туоһулуур докумуону Амматааҕы саахса үлэһитэ Оделия Николаевна Скрябина үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарбыта.
Ийэлээх аҕам бииргэ олорбуттара 50 сыла – Кыһыл көмүс сыбаайба.
Биир сүрүн үөрүүлээҕэ – ийэм үлэлиир кэмигэр туттарбыт бэйэтин детсадыгар, мин улаханнык убаастыыр, сулус туттар киһим, ийэм 20 сыл эҥкилэ суох детсад сэбиэдиссэйинэн үлэлээн бэйэтин оннугар хаалларбыт коллегата, сэбиэдиссэй Полина Петровна Кононова ийэм бииргэ үлэлээбит коллективын кытта тэрийэн ыыппыттара буолар. Аҕам онно ыҥырыллыбыт ыалдьыттар, оскуолаҕа, собуокка бииргэ үлэлээбиттэрэ бары кэлбиттэригэр олус үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Ыалдьа сылдьар кэмэ этэ, дьылҕа хаан ыар тургутуутугар биир да мөлтүүр-ахсыыр тылы ыһыктыбатаҕа.

Аҕам Василий Данилович сэрии аччык сылларын дьаныардаахтык тулуйбутун курдук, ыар ыарыыга бэринэн кэбиспэккэ эмиэ ыарахан ыарыыны хас да сыл эрдээхтик тулуйбута, кыаҕа баарынан турууласпыта. 2011 сыллаахха 76 сааһыгар бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Кини олоҕун билигин оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Биэс оҕону иитэн, үөрэттэрэн, үлэһит ыал оҥортоон аҕыс сиэннээх, элбэх хос уонна хос-хос сиэннэрдээх. Аҕам тыыл, үлэ бэтэрээнэ буолан элбэх юбилейнай мэтээллэрдээх, грамоталардаах, «За доблестный труд в годы Великой Отечественной войны 1941-1945 гг.» диэн саамай киэн туттар мэтээллээх.
Мин төрөппүттэрим – ийэм уонна аҕам олорбут олохторунан, олоххо сыһыаннарынан, килбиэннээх үлэлэринэн киэн туттабын уонна сиэрдээх киһи гына ииппиттэригэр күндү дьоммор улаханнык махтанабын!
Аймахтар. Аҕабыт туйаҕын хатарааччы Степан Нерлов 60 сааһын юбилейыгар.
Суруйда улахан кыыһа
Лариса НИКИФОРОВА – Баһылай кыыһа.
Амма сэлиэнньэтэ.
2025 сыл, ыам ыйа.






