АҔАМ ТУҺУНАН АХТАН-САНААН КЭЛЛЭХПИНЭ…
Мин аҕам Попов Семён Николаевич төрүт маннааҕы олохтоох киһи, 1908 сыллаахха Ленскэй Бэтинчэтин Хордоҕойугар төрөөбүт.

Аҕам аах ийэлэрэ эрдэ өлөн, кини эдьиийдэринээн Марбаалалыын, Кэтириистиин тулаайах улааппыттар. Уу-кыһыл оҕону, аҕабын, эбэлэрэ эмээхсин ырбаахытын тэллэҕэр уктан бүөбэйдээбит. Аҕам сэттэтэ буолуор диэри кыайан хаампатах, сиһэ токуччу тардан хаалбыт. Эбэлэрэ ону ынах арыытынан сотон уҥунуохтаан, имэрийэн сиһин көннөрбүт. Эдьиийдэрин олус убаастыыра, хара өлүөр диэри ааттарынан ыҥырар, ахтар этэ. Аҕалара наар үлэҕэ үһү. Кини куоластаах, тойуксут Ньукулай диэн эбит.
Аҕам: “Кыра сылдьан тарбыйах тириитэ ыстааннааҕым”, – диэн соһуппута. “Нохоолоохтон сорукка ыыттахтарына ыллык устун сүүрэн иһэн, ыстааным аллараа өттүнэн тырыттыбыт сиринэн «тырк-тырк» гынар тыаһын истэ иһэбин”, – диэн кэпсиирэ. Арыт Хордоҕойтон Бэрэҕэ аймахтарыгар оонньуу барар үһү. “Оо, бырааппыт кэллэ”, – диэн эмээхситтэр арыылаах алаадьы буһаран аһатан, хоннорон, оҕолору кытары дэлби оонньотон ыытар эбиттэр.
Аҕам ийэбинээн Попова Феодосья Михайловналыын 1938 сыл диэки буолуо, холбоһон ыал буолан, бур-бур буруо таһаарынан туспа олорбуттар. Түөрт оҕону төрөппүттэрэ.
Хаартыскаҕа төрөппүттэрим саҥа ыал буолан баран түспүттэр. Ити оҕо – аҕам убайын уонна саҥаһын кыыстара Маруся. Кэннилэригэр Терешкина Марья турар, хонуу үлэтигэр бииргэ үлэлээбит этилэр.
Колхуос араас үлэтигэр – бурдук ыһыытыгар, кыһын аҕам булка, маска сылдьара. Мас үлэтэ ыарахан үлэ диирэ. Үлүгэрдээх элбэх маһы барытын илиинэн кэрдэн, түрүлүөпкэлээн өрүскэ киллэрэн, болуот оҥортоон Ньүүйэ өрүһүнэн, салгыы улахан Лена өрүһүнэн Дьокуускайга уһааран илдьэллэрэ. Ол эмиэ туспа эрэйдээх, ыарахаттардаах үлэ эбит. Ити үлүгэрдээх Ленаҕа атын үөһүнэн барыа диэн салайа сатааһын, хайа хаспаҕар симэттээри ыгылытыы, болуот ыһыллыбыта, миэлгэ олороору ыгылытааһын – эрэйэ элбэх үһү.
Аҕам олус талааннаах киһи этэ: үчүгэй, чөллөркөй куоластааҕа, туойара, араас норуот айбыт ырыаларын ыллыыра. “Быт ырыата”, “Кытарах ынаҕым”, “Һоо-дьэ”, “Кэриэй ырыата”, онтон да элбэх бүппэт ырыалардааҕа. Сахалыы дойду туһунан, бухатыырдар тустарынан тойуктары туойара. Үлэлии сылдьан аһыыр сынньалаҥнарыгар көрүдьүөс ырыалары дьон көрдөһөн туойталлара. “Ол онтон быарбыт ыалдьыар диэри төкүнүйэ сылдьан күлэрбит”, – дэһэллэрэ дьон.
Урут дьон бары Көҕөннөөххө «Үҥкүүлүүр Томторго» мусталлара. Хордоҕойтон, Нохоолоохтон, Кулун Туппуттан, Тумуһахтан, Ат Кытылыттан, Бэрэттэн, Амтаалаттан, Мосуукка өтөҕүттэн, Турууктан, Аартыктан кэлэр эбиттэр. Онно аҕам аах оһуохайы оройуттан туталлара, араас көр-нар, ыһыах оонньуути буолара үһү. Ити сири хаһан да уу ылбат, томтордоох, хонуулаах. Мин оҕо сылдьан хойут, улахан оскуола кэннигэр ыһыахха оонньуу сылдьан аҕам куолаһын, улахан оһуохай түһүлгэтин ортотугар киирэн туран, истибитим. Онно аҕам эрчимнээх баҕайытык хамсанан-имсэнэн, оһуохай этэн көтүтэн барбытыгар элбэх эр дьон истиэнэ курдук тэбис-тэҥҥэ түсүһэн бартара көрүөххэ-истиэххэ үчүгэйэ бэрт этэ. Аттыгар Мордосов Николай Иванович, Мыреев Өлүөскэ, Семён Никииппэрэбис, Семён Константинович, Ефим Петрович, Мыреев Баһылай, Попов Баһылайкалаах бары тэбис-тэҥҥэ көтүтэн иһэллэрэ. Дьэ ол курдук ыһыах аайы “былааһы ылаллара”, дуоһуйа сынньаналлара. Дьахталлар, эмээхситтэр бэтэрээ өттүнэн ойуһан сарбынньахтаһан иһэллэрэ эмиэ көрүөххэ олус үчүгэйэ. Ол курдук тыыннарын таһаараллара. Эр дьон бары хара көстүүмнээхтэрэ, маҕан булууһалаахтара, хаалтыстаахтара, сэлээппэлээхтэрэ, хараҥа күөх дождевик плащтаахтара. Сайыҥҥы сөрүүн, сырдык түүн этэ. Оҕо-аймах бары сүүрэкэлэһэн, оонньуу сылдьаллара.
Онон аҕам улахан, биллэр оһуохайдьыт. Дьон оһуохайдаан тыыннара тахсара. Аҕам олус дьээбэлээх, кэпсээннээх киһи этэ. Кинини кытары дьон сөбүлээн бииргэ үлэлииллэрин, сылдьалларын туһунан кэпсэтэллэрин истэр этим. Бэйэлэрэ да миэхэ этэллэрэ: эн аҕаҥ оннук «норуот киһитэ» этэ, диэн. “Кини дьон сынньанар кэмигэр элбэҕи кэпсээн, күллэртээн, туойан сылаабыт тахсара. “Быт ырыата” диэҥҥэ төкүнүйэ сытарбыт”, – дииллэрэ. Онно маннык тыллар бааллара:
Тараах сэриитэ кэллэҕинэ
Кэтэх уолаҕаска түһэрим.
Аҕабыыттыыр диэбэккэ
Ахталарын аннынан
Аадардаталаан үөскээбитим,
Баачыкалыыр диэбэккэ
Баккыларын сиигинэн
Баатаҥалаан үөскээбитим,
Чаччыыналыыр диэбэккэ
Чанчыктарын иһинэн
Чинэккэлээн үөскээбитим, – диэн. Өссө да быт уһун ырыата элбэҕэ.
Оһуохайын тылыгар төрөөбүт дойдутун кэрэтин, айылҕа уһуктар тыаһын, от-мас көҕөрөн-наҕаран барарын “мүөт сыттаах сибэкки нэһириэ-нэһириэ нэҥнэрдиир” эҥин диэн хоһуйан, таптаан, хайдах сиккиэр тыалга хамсаабыттарын хоһуйар эбит. Кини булчут буолан тииҥи, куобаҕы, көтөрү хайдах саҥара-саҥара чэрэҥнэһэн баралларын, “арыт ытаан бырылыы олороллорун көрөн аһынар да буоларым” диирэ.
Иккис сиэнэ Семён 10 кылааска сылдьан бөрөнү бултаабыта, ыала Индеев Коляны кытары сойуолаһан. Онно эһэтинээн хаартыскаҕа түспүттэрэ.
Аҕам өссө олус уус киһи этэ, кини сатаабатаҕа суоҕа. Бэйэбитигэр уонна ыалларга иһит уурар этээстээх ыскаап оҥороро, таҥас угар комодтары маһын быһаҕынан кыһан ойуулаах-киэргэллээх гынара. Дьиэ тэрилин барытын: тимиринэн мас араамалаан таҥас сууйар кэдэрээн оҥортуура, ыалларга эмиэ оҥороро, оҕо бээйиккэтин, остуолу, устуулу. Балыктыыр сэби-сэбиргэли, андаатар туутун өрөрө, сохсону, чааркааны эҥин оҥороро. От тиэйэр сыарҕалары, косуокка сыарҕалары сопхуоска оҥортуура.
Саас туос туостуура, ийэбинээн ыаҕайа тигэллэрэ, ыһыы үлэтигэр ыһык укталларыгар тууйас оҥортуура. Ис-иһигэр угуллар, улаханнаах-кыралаах бүтэй гына, хайыппакка ылар эбит. Кытаанах мас хаппахтаах гына илдьэ сылдьара, ыһыы саҕана уҥуор Хордоҕойго хоно сылдьан үлэлиирэ. Дьонум мэлдьи сүөһү иитэллэрэ, оттууллара.

Сибиинньэ иитэн саптаран төрөтөллөрө, сибиинньэ оҕолорун таптыы олорор буолаллара. Биһиэхэ үүт-сүөгэй дэлэй буолара, күөрчэх, чиэстэ. Аҕам саха быһаҕын оҥортуура, куукуна тэрилэ барыта баара. Ийэм аһара иистэнньэҥ этэ, түүннэри курууһуба баайара, быысапкаһыт да этэ. Дьиэ истиэнэтин киэргэтэ ыйыыра. Аҕабар бултуур, ойуурга кэтэр таҥаһын барытын – суппуун сонун, бэргэһэтин, суппуун ыстаанын, олооччутун, уостаах үтүлүгүн түүннэри тигэрэ.
Ийэм колхуос хонуу, ыһыы үлэтигэр сылдьара. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана звеноводунан үлэлээн, бурдук ыһыытыгар Ат Кытылыгар мэлдьи бастакы миэстэни ылара. Улахан бырааһынньыктарга «бостон», «шевиот» диэн сыаналаах метровай таҥастарынан бириэмийэ ылара. Ол бириэмийэлэри Дьокуускайтан делегация кэлэн туттараллара. Өссө мэтээлгэ түһэриэхпит диэбиттэр. Сиэмэ бурдуктарын ыраах 60 километрдаах сиртэн Мухтуйаттан атынан тиэйэн таһаараллара.
Аҕам биир биэлээх этэ. Сыҥнаахха оттор мас бэлэмниирбит, ону атынан тиэйэрбит. Аҕам олоҕор хомойбута – билисипиэккэ үөрэммэккэ хааллым, диэбитэ.
Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденын кавалера, Волховскай фроҥҥа Ленинград оборонатын көмүскэспитэ, улахан сэриигэ, кимэн киириигэ араанньы буолбута. Эмтэнэн, үтүөрэн Челябинскайга байыаннай собуокка үлэлээбитэ. Дойдутугар 1946 сыллаахха кэлбитэ.



Сэрии кэмигэр кинилэр Надежда, Юлия диэн кыыс оҕолоро ойоҕостотон ыалдьан өлөөхтөөбүт этилэр. Үһүс кыыстара, сэттис кылааска үөрэнэр улахан оҕо эмиэ ыалдьан өлбүтэ. Мин эрэ хаалан сылдьабын, ол иһин бу ахтыы суруйа олоробун.
Кыыһа Наталья Семёновна ИВАНОВА (Попова),
педагогическай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин методист учуутала, «Учитель ученических признаний», ИЗО, черчение учуутала.
Ленскэй, Бэтинчэ. 2025 сыл ыам ыйа.
Хаартыскаларга ааптар компьютернай нейросеть көмөтүнэн төрөппүттэрин кытары көрсүспүт, куустуспут (видеоттан ылылынна).
“Ахтыылар”, 16.05.2025 с.




Утуе кунунэн! Олус учугэй ахтыы, хайдах эрэ ааспыт оло5у керен аастым , махтал буоллун ааптарга уонна таъаарааччыларга!