Семёнов Николай Иванович туһунан

АҔАБЫТ БОЙОБУОЙ АЛБАН ААТТААХ СЫРЫЫТА

Аҕабыт Николай Иванович Семёнов томороон тымныы түһэн турдаҕына, 1917 сыллаахха кыһыҥҥы Ньукуолаҕа төрөөбүт. Төрөөбүт сирэ – Ньурба оройуонун Хорулатыгар баар Иикээ Төрдө диэн алаас.

Ийэлэрэ кыра быраата Миитэрэй (Чөкөйөөн) иккилээҕэр ыспааҥка ыарыыга ылларан өлбүт. Аҕалара биэс ыы-кырбас оҕолорун бэйэтэ булдунан бултаан иитэлээбит. Кыраларыгар, күһүөрү үөн-көйүүр хаптайыыта, бултууругар икки кыра уолаттарын тымтайга сүгэн илдьэ барар эбит. Хоно сытан үрэххэ туулаан, күөлгэ илим үтэн балыктаан аһатар. Аҕыйах ынах сүөһүлээхтэрэ өлөн хаалбыттар, аҕыйах сылгыларын тутан хаалбыттар. Ийэлэрэ суох буолан таҥас-сап диэн суох эбит, эдьийдэрэ кыралар. Инньэ гынан аҕалара тарбыйах тириитинэн таҥас-сап тигээхтиир эбит. Аас-туор олох, аччыктааһын да ханна барыай.

Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, биир өттүнэн ити эриирдээх-мускуурдаах оҕо сааһа, чэгиэн эттээх-сииннээх, сиргэ чиҥник үктэнэн турар, хайдахтаах да ыараханы, тоҥору-хааһары, аччыктааһыны тулуйар, бэйэтэ этэригэр дылы кыра аайы санаатын түһэрбэт, кытаанах майгылаах киһи буола буһан-хатан тахсарыгар олук уурдаҕа. Ол да иһин уоттаах сэриигэ хаанын хамсаппакка, күн аайы өлүүнү кытта сэргэ сырыттаҕа. Кытаанах санаалаах, эппит тыла биир майгылаах киһи буола улаатыыта кэлин сэриигэ кимиэхэ да баттаппакка-атаҕастаппакка этэҥҥэ сылдьарыгар көмөлөстөҕө, киһилии майгытын-сигилитин сүтэрбэккэ сырытыннардаҕа.

Оччотооҕу саха киһитигэр дьыл саамай күүтүүлээх-кэтэһиилээх, айылҕа барахсан силигилии ситэн, сир ийэ күөх унаар урсуннаммыт, киһи-сүөһү күөххэ үктэммит үөрүүтүн уруйдуур-айхаллыыр ыһыахтар саҕаланан эрэр кэмнэригэр “немецкэй-фашистскай халабырдьыттар биһиги Ийэ дойдубутугар саба түспүттэр” диэн соһумар сурах ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии сири-дойдуну тилийэ көппүтэ, алаас-алаас аайы ыардык сатараабыта.

Биһиги аҕабыт, “Социализм суола” холкуос чилиэнэ, сэриигэ барыар диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини холкуос ханнык да хара үлэтиттэн туора турбатаҕа. Кыра оҕо сааһыгар оҕус сиэппитэ, борбуйун көтөҕүөҕүттэн сир солоспута, сир тиэрсибитэ. Оччоттон холкуос бастыҥ от охсооччуларыттан биирдэстэрэ, хадьымал тэлээччилэрэ этэ. Оҕо эрдэҕиттэн дьөһөгөй оҕотун кытта бодьуустаһан улааппыт уоппуттаах киһи сылгыһыттаан да сылдьыбыта. Хас да улуустар сирдэринэн эт атаҕынан тэлэһийэ сылдьан холкуоһугар бултаабыта, бэдэрээт көтөҕүүтүгэр сылдьыбыта. Аҕабытыгар Булааҥкыйга сир солуу сырыттаҕына, 1943 сыллаах күһүнүгэр бэбиэскэ кэлбитэ.

1 Украинскай фроҥҥа

Аҕабыт Николай Иванович Семёнов сылтан ордук, быһа холоон 400-чэ хонук кэриэтэ кэмҥэ, уоттаах сэриигэ өстөөх ыстаал ардаҕын аннынан сылдьыбыт. Ол кэнниттэн өссө хас да сыл сулууспалаан, 1947 сыллаахха биирдэ демобилизацияламмыт.

Бу сылдьыбытын устатыгар, дьылҕатын ыйааҕынан, улаханнык эмсэҕэлиир бааһырыы ылбатах. Миэхэ кэпсээбитинэн, биирдэ контузияланан ый курдук госпитальга сытан эмтэнэн, ама буолан чааһыгар төннүбүт уонна биирдэ атаҕар чэпчэкитик бааһыран таһыттан сылдьан санчааска эмтэммит. Демобилизацияланан кэлэригэр, арааһа, льготалаах диэн өҥө оҥорон буолуо, врачебнай хамыыһыйаҕа атаххар бааһырыылаах эбиккин, инбэлиит гынабыт диэбиттэрин: «Ама, бачча эдэрбиттэн инбэлиит аатыра сырыттахпыный”, – диэн аккаастаан кэбиспит. “Дьиҥинэн, атахпар бааһырыым кыра этэ, контузия ылбытым өр эрэйдээбитэ”, – диэбитэ.

Аны бу 400-чэ хонук устата ханнык кыргыһыыларга кыттыыны ылбытый, ханнык сирдэринэн сылдьыбыт эбитий диэн, кини сулууспалаабыт 117-с стрелковай дивизиятын бойобуой суолун хайан көрөбүт. Бу дивизия Аҕа дойду Улуу сэриитин историятыгар бэйэтин кыһыл көмүс буукубаларынан суруйан хаалларбыт, немецтэри сууһарар аатырбыт улахан кыргыһыыларга кыттыбыт, ааттаах-суоллаах дивизия эбит! Ол да иһин бойобуой албан ааттаах суолун сырдатар, бу эрэ дивизия албан ааттаах бойобуой суолун туһунан кэпсиир, Украинаҕа Бердичев куоракка уонна Москваҕа Каширскай шоссеҕа икки музей баар. Бу аатырбыт Богдан Хмельницкэй уордьаннаах Бердичевскэй 117-с дивизия Кутузов уонна Богдан Хмельницкэй уордьаннардаах 333-с стрелковай полкатын бастакы батальонун састаабыгар биһиги аҕабыт Аҕа дойдутун көмүскэлигэр чиэстээхтик сулууспалаабыта.

Бу дивизия 1943 сыл алтынньы ый 10 күнүгэр тэриллээт даҕаны Крымы босхолооһуҥҥа Керчь-Эльтиген диэн аатынан биллибит десантнай операцияҕа кыттыыны ылбыта, элбэх байыаннай суудуналара тимирэн улахан сүтүгү көрсүбүтэ уонна ордубут тобохторо Украинаҕа кэлэн, Бердичев куораты ылар уулуссаҕа кыргыһыыларга элбэх киһитин сүтэрбитэ. Бу улахан суолталаах кыргыһыы этэ. Өстөөх күүһэ-уоҕа да өһүллэ илигэ. Гитлер Киев куораты төттөрү ылар холонуулары оҥорон, дэлэҕэ даҕаны Житомир куораты икки төгүл төттөрү ыла сылдьыа дуо?!

Дивизия өстөөх Киеви ылар былаанын төттөрү охсор биир саамай эппиэттээх учаастакка, Бердичевкэ куоракка турбута. Дивизия хаста даҕаны салгыы кимэн киирэн иннин диэки бара сатаабыта кыайтарбатаҕа. Кинилэри немецтэр иннилэрин диэки ыытыахтааҕар буолуох, хата, бэйэлэрэ хас да күүстээх контрудар оҥорон көрбүттэрин дивизия төттөрү охсо сыппыта. Бу кыргыһыылар түмүктэригэр олус элбэх киһитин сүтэрбитэ. Манна улахан хаан тохтуулаах кыргыһыылар 1943 сыл ахсынньы ыйыттан 1944 сыл олунньу ыйыгар диэри буолбуттара. Онон сабаҕалаатахха, биһиги аҕабыт кулун тутар диэки дивизия сүтүгүн оһорунар кэмигэр тиийбит буолан тахсар. Бердичев куораты ылбытын уонна онно өстөөх Киев диэки барар суолун бүөлүү түһэн сыппыт өҥөтүн иһин 117-с дивизияҕа Бердичевскэй диэн Бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ даҕаны 1946 сыллаахха мотострелковой дивизияҕа уларытан тэриллэн, Украина тутулуга суох судаарыстыба буолуор диэри, Бердичев куоракка дислокацияланан турбута.

Аҕабыт Украинаҕа сэриилэспит кэмин кытта сибээстээх көлүөнэлэр бэрт дьикти алтыһыылара буолан ааспыт эбит. 1986 сыллаахха орто кыыһыгар Еляҕэ үлэлиир тэрилтэтэ “Холбос” потребкооперация путёвка биэрэн, соҕуруу санаторийга сынньата ыыппыттар. Биһиги Москваҕа олордохпутуна кэлэн ааспыта. Ханна сырыттыҥ диэн аҕата ыйыталаспытыгар кыыһа Украинаҕа Бердянскэй куоракка сынньанным диэн эппиэттээбит. Оҕонньор:

– Отто ол мин сэрии кэмигэр сылдьыбыт куоратым эбит, – диэн саҥа аллайа түспүт. Кырдьык, сулууспалаабыт полкатын бойобуой сырыыларын суоллаһан көрдөххө, кини бу куораты босхолоспут эбит. Ол курдук Еля сэрии кэмигэр аҕата саллаат саппыкытынан мээрэйдээбит уулуссаларынан сылдьан, өстөөхтөн босхолоспут куоратыгар сынньанан турар.

Аҕабыт Дьэлигимдэҕэ сытан маннык кэпсээбитэ:

– Улахан кыргыһыылар кэннилэриттэн бастаан тиийбит куораппар Украинаҕа ый курдук, сороҕор ыйтан ордук уоппускаҕа таһааран сытыараллар этэ. Чугас дьиэлээхтэр пуойаска олорон дьиэлэригэр баран хаалааччылар. Биһиги, ыраах дьиэлээхтэр, кинилэргэ ымсыыран бөҕө. Биирдэ биһигини, хаалааччылары, дэриэбинэҕэ таһааран, биир улахан уулуссалаахтарыгар устуруойдатан кэбистилэр. Оҕонньоттор, эмээхситтэр уонна дьахталлар кэлэн үллэстэн дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Мин биир оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ түбэһэммин үүттээх чэй, эттээх миин, быһата, умна быһыытыйбыт дьиэм аһылыгын аһаан абыраммыппын билиҥҥэ диэри, күн бэҕэһээҥи курдук саныыбын. Мин оҕонньордооххо хал буолбут паёкпун биэрбитим, кыаммат буолбут дьоҥҥо ээк-сээкэй хаһаайыстыбаларын тутуулара сытыйбытын өрөмүөннээн биэрбитим.

Мин “сэрии кэмигэр уоппуска биэрэллэр эбит дуу” диэн испэр сөҕө санаабытым. Онтум, докумуоннары хасыһан билбитим, кини сулууспалаабыт 117-с гвардейскай дивизията, 333-с гвардейскай Кутузов уонна Богдан Хмельницкэй уордьаннаах полката улахан кыргыһыыларга куруутун инники кирбиигэ сылдьыбыт, бастакынан өстөөх оборуонатын тоҕо анньан киирэр, хас сырыы аайы элбэх салааттарын уонна офицердарын сүтэрбит 1 Украинскай фронт бойобуой подразделениета эбит. Ол иһин улахан кыргыһыылар кэннилэриттэн дислокацияламмыт сиригэр Бердичев куоракка тахсан сүтүгүн оһорунар эбит. Ону уоппускаҕа тахсар этибит диэн кэпсээбит.

Бердичев куорат 100-чэ тыһыынча нэһилиэнньэлээх арҕаа Украина Житомирскэй уобалаһын биир ааттаах улахан оройуонун киинэ. Сэбиэскэй былаас олохтонорун саҕана дьэбириэйдэр куораттарынан ааҕыллар эбит. Оккупацияҕа сэрии саҕаланыаҕыттан үс сыл кэриҥэ олорбута. Өссө 1941 сыл атырдьах ыйыгар Гитлер бэйэтинэн кэлэн аармыйатын “Юг” группатын салалтатын кытта мунньахтаабыт куоратынан биллэр. Немецтэр оккупация кэмигэр 30-тан тахса тыһыынча бу куорат олохтооҕо дьэбириэй дьонун кыргыбыттара.

Албан ааттаах 117-с дивизия састаабыгар

Аҕабыт, гвардия рядовойа Николай Иванович Семёнов бойобуой албан ааттаах сырыытын ССРС Оборуонатын министиэристибэтин докумуоннарыгар олоҕурбут, информация аһаҕас источниктарыгар тахсыбыт матырыйаалларынан 117-с гвардейскай дивизия өстөөҕү кытта кыргыспыт суолунан сирдэтэн, хайан көрүөҕүҥ.

Бастакы сүрэхтэниитин кулун тутар 4 күнүттэн муус устар 17 күнүгэр диэри тохтоло суох барбыт, ол аата 45 хонук устата Проскуровскай-Черновицкай операция диэн аатынан биллэр сэбиэскэй сэриилэр кимэн киирэр операцияларыгар сылдьыспыт. Байыаннай эспиэрдэр этэллэринэн, бу кыргыһыы Иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр буолбут кыргыһыылартан биир улаханнара буолар. Байыаннайа суох дьон биһиги өйдүүрбүтүнэн, бу кыргыһыы хайдахтаах курдук суолталааҕын аармыйалары икки өртүттэн улуу полководецтар салайбыттарынан быһаарабыт. Ол курдук 1 Украинскай фронт командующайынан маршал Г.К.Жуков бэйэтинэн анаммыта. Оттон Германия “Юг” диэн ааттаммыт аармыйалар группаларын бастаан генерал-фельдмаршал Манштейн, онтон генерал-фельдмаршал Модель салайбыттара.

Биһиги сэриилэрбит кимэн киириилэрин төттөрү охсорго өстөөх улахан күүстэрин түмпүтэ. Көмөҕө Францияҕа, Германияҕа бэйэтигэр, Румынияҕа, Югославияҕа турбут чаастарын эбии бырахпыта. Ол түмүгэр өстөөх төгүрүтүллэн баран, биһиги чаастарбытыгар утары охсуу оҥорор. Ордук Францияттан кэлбит СС 2-с танковай корпуһун көмөтүнэн биһиги төгүрүктээһиммиттэн Днестр уҥа биэрэгэр турар Бучач куоракка тоҕо көтөн тахсар. 10 күннээх күүстээх утарсыыны оҥорууларын кэнниттэн, биһиги чаастарбыт кимэн киириитэ тохтообута, оборуонаҕа көһөргө күһэллибитэ.

Немецтэр хайдахтаах курдук күүстээх утарсыыны оҥорбуттарын холобурунан кинилэр Тернополь куоракка баар 12 тыһыынча киһилээх кириэппэстэригэр баара-суоҕа 55 эрэ киһилэрэ хаалыар диэри кыргыспыттара буолар. Ол да буоллар бу операция үчүгэй түмүктэрдээх буолбута. Арҕаа Украина Хмельницкэй уобалаһа барыта, Винницкэй, Тернопольскай уонна Черновицкай уобаластар сорҕолоро немец халабырдьыттарыттан босхоломмуттара. Операция сүрүн ситиһиитинэн 1 Украинскай фронт инники сылдьар чаастара Карпат хайаларын тэллэҕэр тумустуу тоҕо көтөн киирэннэр, Германия сэриилэрин икки аҥыы хайа охсон, утарылаһар күүстэрин лаппа мөлтөппүттэрэ. Сэбиэскэй дааннайдарынан, өстөөх 183 тыһыынча саллааттара уонна офицердара суох оҥоһуллубуттара, элбэх тааҥкаларын урусхаллаппыта. Онон Гитлер сэрии хаамыытыгар төттөрү өрө мэҥийэн тахсар былаанын тохпута. Онтон кыйаханан генерал-фельдмаршал Манштейны дуоһунаһыттан уураппыта уонна сэрии бүтүөр диэри салалтаҕа чугаһаппатаҕа.

Биһиги да өттүбүтүттэн сүтүк улахана. Бастакы Украинскай фронт 45 тыһыынча буойуна Сэбиэскэй ийэ дойдулара немецкэй-фашистскай халабырдьыттартан босхолонорун туһугар тыыннарын толук уурбуттара.

Бу улахан хаан тохтуулаах кыргыһыылар кэннилэриттэн 1 Украинскай фронт тыын ыла түһэн, сүтүгүн оһорунан баран, аны биир биллиилээх полководец И.С.Конев салалтатынан Львов-Сандомир диэн ааттаммыт операцияны саҥа тэриллибит 4-с Украинскай фрону кытта ыытар. Икки фрону кытта манна Чехословакия корпуһа, сэбиэскэй, поляк партизаннара кыттыыны ылаллар.

Өстөөх биһиги кимэн киирэр учаастакпытын билэн күүскэ бэлэмнэммитэ. Фронтан 6 км, 10-15 км уонна 40-50 км иһирдьэ 3 оборуоналанар кирбиилэри тэрийбитэ. От ыйын 13 күнүттэн саҕаланан 47 түүннээх күн барбыт кыргыһыыга икки өттүттэн 2 мөлүйүөнтэн тахса киһи, уонунан тыһыынча орудиелар уонна минометтар, тыһыынчанан танкалар уонна самолеттар кыттыыны ылбыттара. Сэбиэскэй командование Аҕа дойду сэриитин кэмигэр хаһан да түмпэтэх 1 мөлүйүөн 200 тыһыынча киһилээх холбоһугу тэрийбитэ.

Бу сүҥкэннээхэй киирсиигэ аҕабыт сулууспалыыр 117-с дивизията, буоларын курдук, аармыйа инники эшелоҥҥа сылдьар, тоҕо анньан киирэр подразделениета этэ. Дивизия Львов куорат хоту өртүнэн, өстөөх оборуонатын уҥа флангатын тоҕо көппүтэ. Күүскэ бөҕөргөтүллүбүт Арҕаа Буг уонна Сан өрүстэри туораан, Сандомировскай диэн ааттаммыт плацдармҥа бастакынан киирбитэ. Дивизия дьэ бу маны кэҥэтэр уонна өстөөх утары охсууларын бохсор кыргыһыыларга кыттыбыта. Львовскай-Сандомировскай операция түмүгэр сэбиэскэй Украина туох баар территорията немецкэй-фашистскай халабырдьыттартан босхоломмута. Операция хаамыытыгар Германия аармыйатын “Хотугу Украина” группировката, ол иһигэр Украина националистарыттан тэриллибит СС “Галичина” дивизията үлтү охсуллубуттара. Бу кыргыһыы саамай улахан суолтата сэбиэскэй-германскай фроҥҥа немец аармыйата Карпат хайаларын тэллэҕинэн икки аҥыы хайа охсуллуута, түргэнник маневрдыыр кыаҕыттан тахсыыта, Чехословакиянан уонна Венгриянан эрэ эргийэн бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр кыахха киириитэ буолар.

Операция ыытыллар кэмигэр өстөөх бөҕөргөтүнүүтэ улахана, утарсыыта күүһэ бэрт буолан, биһиги өттүбүтүттэн улахан сүтүк тахсыбыта. Ол курдук, Германия 54 тыһыынча киһи өлбүтүнэн сүтүктэммит буоллаҕына, биһиэнэ 65 тыһыынча киһиэхэ тиийбитэ, маны таһынан 224 тыһыынча киһи бааһырбыта. Хайдахтаах курдук хаан хааҥҥа, тыын тыыҥҥа кырыктаах кыргыһыылар буолбуттарын үөһэ этиллибит сыыппаралар көрдөрөллөр.

Дивизия салгыы Сандомировскай плацдармы өстөөххө төттөрү биэрбэт, кини утары атаакаларын бохсор элбэх кыргыһыылары ааһар. Онтон 1945 сыл тохсунньу ый 12 күнүттэн саҕаламмыт соҕуруу Польша территориятын босхолуур сыаллаах “Сандомир-Силезия” диэн ааттаммыт операцияҕа кыттар. Бу манна хотторор түбэлтэтигэр Кыһыл Аармыйаҕа Берлиҥҥэ барыытыгар быһа суол аһылларын вермахт үчүгэйдик өйдүүрэ. Маны таһынан Польша Силезиятыгар тэриммит промышленнай оройуонун былдьаттаҕына, онто да суох кэбирээбит экономикатыгар кэмэ суох улахан охсууну ылыахтааҕа, сэбиэскэй сэриилэр Германия историческэй границатыгар ыга анньан кэлиэхтээхтэрэ. Дьэ ол да иһин биһиги сэриилэрбитин немецтэр ылан олорор территорияларыгар фронтан 300-450 км иһирдьэ 7 оборуоналанар кирбиилээх, аан дойдуга буолбут сэриилэртэн биирдэстэригэр да суох күүстээх бөҕөргөтүнүүлээх көрсүбүттэрэ. Оннук да буолуохтаах. Хас да сыл оккупацияҕа олорбут Европа нэһилиэнньэтэ, ол иһигэр биһигиттэн күүс өртүнэн үүрүллэн барбыттар эмиэ, сүүһүнэн тыһыынча киһи өстөөх оборуоналанар кирбиилэрин тутууларыгар үлэлээтэхтэрэ.

117-с стрелковай дивизия, буоларын курдук, бу да сырыыга аармыйа кимэн киирэр инники эшелонугар сылдьыбыта. Докумуоннар кэпсииллэринэн, бу инники күөҥҥэ сылдьар дивизия бастакынан өстөөҕү кытта харсар, иннин диэки барар суолун солооччунан аҕабыт сулууспалаабыт 333-с гвардейскай полката буолар. Кимэн киирии саҕаланаатын кытта полк өстөөх бастакы кирбии траншеятын ылар, хас даҕаны оборуонатын тирэх пууннарын суох оҥортуур.

Бу кэнниттэн Шацкой сэлиэнньэ анныгар биир күн иһигэр өстөөх 5 күүстээх контр-атаакатын төттөрү охсор уонна кимэн киирии төрдүс күнүгэр Краков куоракка тиэрдэр суолу былдьыыр. Инньэ гынан бу Польша былыргы столицатыгар баар немец сэриилэрин тас сибээстэрин быһан кэбиһэр. Төгүрүктээһинтэн тахса сатаан өстөөх туох баар күүһүн барытын, ол иһигэр, 200 тааҥкатын туттубута туһалаабатаҕа. Полк улахан хаан тохтуулаах кыргыһыы түмүгэр Кельце куораты ылбыта.

Манна даҕатан эттэххэ, Польша суруналыыһа Войцех Борсук дойдутун «Глос научицельски» сурунаалыгар таһаарбыт корреспонденциятыгар аҕабыт туһунан «…Николай Иванович Семёнов немец тоҕус снайперын суох оҥорбут. Бу кыргыһыыларга кини Албан Аат уордьанынан наҕараадаламмыт» диэн ахтан аһарбыта биһиэхэ олус долгутуулаах. Кельце куораты ылыы кэнниттэн, бэрт кыратык тыын ыла түһэн баран, полк өстөөх оборуонатын биир улахан суолталаах пуунугар, түүн Петркув куоракка саба түһэр. Кельце куорат иһин кыргыһыыга улахан сүтүгү көрсүбүт полк саба түһүө эрэ диэн кэтэспэтэх, уолуйбут немецтэр атахха биллэрэллэр. Бу оҥорбут операциятын иһин ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун Укааһынан полк үһүс степеннээх Кутузов уордьанынан наҕараадаламмыта.

Одер өрүскэ

1945 сыл тохсунньу 19 күнүгэр полк 13-с аармыйа головной заставатыгар киирэн Одер өрүскэ тиийэн, тохтобула суох арҕаа биэрэккэ туораан, олус улахан стратегическэй суолталаах “пятачогу” былдьыыр. Бу плацдармы өстөөххө төттөрү биэрбэт туһугар бүтэһигэр диэри охсуһар кытаанах бирикээһи ылар. Мантан аллараа полк Одер өрүһү хайдах туораабытын туһунан, биһиги аҕабыт сулууспалаабыт полкатын хамандыыра, гвардия подполковгига Я.А.Бабенко туһунан суруллубут матырыйааллартан ааҕабыт:

“…Полк тохсунньу 23 күнүгэр Одер өрүс биэрэгин булбута. Одер өрүс улахан тымныы эрэ кыһыннарга кылгас кэмҥэ тоҥон ылар эбит. Үгүс сылларга тоҥмокко, төгүрүк сыл устата сүүрүгүрдэр. 1945 сыл кыһына тымныы буолан, полк гвардеецтара муус турбут кэмигэр Одер биэрэгин булаллар. Полк хамандыыра подполковник Бабенко муус төһө бөҕөтүн бэрибиэркэлэтэр сыаллаах түүҥҥү хараҥанан туһанан бастаан разведчиктары туоратар. Ону өстөөх билэн пулемёттарынан күүстээх уоту аһар. Онуоха биһиги артеллеристарбыт гитлеровецтар аспыт уоттарын мөлтөтөр сыаллаах, хаҥас биэрэктэн өстөөх фланговай пулемёттарын суох гынаары артиллерия уотун аһар. Бу кэмҥэ разведчиктарга көмөҕө үс колоннанан бастакы батальон туоруур. Билигин плацдармы өстөөххө төттөрү биэрбэт кырыктаах кыргыһыы саҕаланар. Бастаан немецтэр артиллерия уонна миномёт күүстээх уотун аһаллар. Ол кэнниттэн пехоталара атаакалыыр да, биһиги гвардеецтарбыт төттөрү охсоллор. Аны «Юнкерс» самолёттарынан үлтү буомбалаталлар. Ол кэнниттэн, тааҥкаларын атаакаҕа киллэрэллэр, кэннилэриттэн пехоталара киирэр… Бу үлүгэрдээх атаакалары батальон десантниктара эрдээхтик төттөрү охсо сыппыттара. Үһүс күнүгэр эрэ Одер биэрэгэр чугуйан бөҕөргөтүнүү оҥостон сыталлар, плацдармы төттөрү гитлеровецтарга биэрбэт соруктарын толороллор. Нөҥүө түүнүгэр полк атын батальоннара үлтү буомбаламмыт Одеры эрэйинэн туораан көмөҕө кэлэллэр. Плацдармы кэҥэтэр кыргыһыылар саҕаланаллар, Темендорф куораты штурмалаан ылаллар. Биир суукка устата немецтэр быыстала суох атаакаларын тохтотоллор. Биир атаака кэмигэр өстөөх чаас бөҕөргөтүммүт территориятыгар тоҕо көтөн киирэн биһиги дьоммутун ыксата сылдьаллар. Оборуонаны туппуттара алтыс эрэ сууккатыгар Кыһыл Аармыйа сүрүн чаастара тиийэн кэлэллэр. Ити күн Бабенко полката Любень куорат оройуонугар баар немецтэр аэродромнарын сэриилээн ылар. Ону быыһаары анарааҥылар үгүс ахсааннаах танковай биригээдэлэрин ыыталлар. Ол иһин чаас командованиета немец самолёттарын дэлби тэптэртиир быһаарыныы ылынар. Маны таһынан бэрт улахан саппаастаах хас даҕаны боеприпастаах складтары суох оҥорон баран, арыы ойуурга чугуйан өстөөх таанкаларын көрсөр».

Дьэ, ити курдук биһиги аҕабыт сэриилэспит полката Одер өрүһү туоруур охсуһууга 7 түүннээх күн устата, биир да чаас тыын ыла түһэр бириэмэтэ суох, өстөөҕү кытта кыргыспыта. Кини сулууспалаабыт батальона бастакынан өрүһү туораабыта. Аармыйа сүрүн күүстэрэ кэлиэхтэригэр диэри түөрт суукка устата өрүс уҥуор тахсан ылбыт плацдармын тутан сыппыта, Одеры харгыһа суох туорууру хааччыйбыта. Полк өстөөх 22 тааҥкатын, 416 массыынатын, 25 самолетун уонна 3000 кэриҥэ саллааттарын уонна офицердарын суох оҥорбута. Сэрии бүтүө аҕыйах ый хаалбытын кэннэ полк үгүс гвардеецтара кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Одер иһин кыргыһыыга уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин полк Богдан Хмельницкэй уордьанынан наҕараадаламмыта, хамандыыр, гвардия подполковнига Яков Алексеевич Бабенко Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ.

Аҕабыт Одер өрүһү туораан иһэн ууга түһэн өлө сыспытым диэн ахтан аһарбыта баар. Ити өстөөх артиллериянан үлтү ытыалаан уонна юнкерстарынан буомбалаан күөрэ-лаҥкы ыыппыт мууһунан туораан иһэн өлө сыспытын этэр эбит.

Мантан салгыы полк тохтобула суох “Алын Силезия” диэн ааттаммыт операцияҕа олунньу 8-с күнүттэн кыттан Любен уонна Шпроттау куораттары өстөөхтөн ыраастыыр. Ити ый 13 күнүгэр Бобер өрүһү туораан Нейсе өрүскэ тахсар уонна ыйтан арыый ордук кэм устата Берлини штурмалааһыҥҥа кыттар бэлэмнэнии үлэлэрин ыытар. Берлиҥҥэ биһиги сэриилэрбит суолларын быһан сытар өстөөх биир саамай күүстээх оборуоналаммыт учаастагынан хас даҕаны дьирбиилээх Нейсе кирбиитэ этэ. Маны тоҕо көтөр операция муус устар 26 күнүгэр сэбиэскэй артиллерия күүстээх ытыалааһынын кэнниттэн биһиги чаастарбыт кимэн киириитинэн саҕаламмыта. Бу кирбиини ылыы иһин кыырыктаах кыргыһыылар үс түүннээх күн тохтоло суох салҕанан барбыттара.

Үрдүк наҕараадаҕа түһэрии

“Подвиг.ру» саайтан биһиги бу кыргыһыыларга аҕабыт дьоруойдуу кыргыспытын туоһулуур докумуону, бойобуой наҕараадаҕа түһэриллибит лииһин булан ыллыбыт. Ол наҕараадаҕа түһэриллибит лииһигэр 333-с стрелковай полк бастакы стрелковай батальонугар сулууспалыырын, 1944 сыл кулун тутар 5 күнүттэн сэриилэһэр аармыйаҕа баарын, Саха АССР Ньурба оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбытын ыйбыттар уонна туох хорсун быһыыны оҥорбутун, ханнык бойобуой үтүөлэрин иһин наҕараадаҕа түһэриллэрин маннык эппиттэр:

«16.04.45 сыл Нейсе өрүһү туоруур кыргыһыыга таб. Семёнов хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны көрдөрдө. Бастакылартан биирдэстэринэн өрүс уҥуоргу биэрэгэр туораан, өстөөх траншеятыгар сыылан чугаһаан киирэн, гранатанан тамнаан пулемет расчетун суох оҥордо, взвод подразделениелара өрүһү харгыһа суох туоруулларын хааччыйда. Өстөөҕү сойуолаһыы кэмигэр куотан эрэр 20-н итэҕэһэ суох немец саллааттарын суох оҥордо.

Хорсун быһыыны уонна дьоруойустубаны көрдөрбүтүн иһин Правительство наҕараадатынан Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан наҕараадаланара сөптөөх.

333 гвардейскай, Кутузов уордьаннаах полк командира Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа подполковник Бабенко. 24.04.1945 с.»

Дьэ, бу! Төрөөбүт сириттэн-уотуттан харыс халбарыйбатах, Хорулатыттан, Чиллэтин үрэҕин баһыттан ырааппатах эдэр киһи хайдахтаах хорсуннук сэриилэспитий, өстөөҕү сууһарсыбытый! Хайдахтаах хайҕалга сылдьыбытый!

Өстөөх Нейсе уонна Шпрее өрүстэр ыккардыларыгар бөҕөргөтүнүүлэрин үлтү охсуу Берлиҥҥэ суолу аспыта. Мантан салгыы полк Берлин соҕуруу-илин кытыытынан өстөөх оборуонатын тоҕо көтөр. Уопсайа Берлин операцията 23 суукка устата салҕанан барбыта, немец 500 тыһыынча киһилээх аармыйата суох оҥоһуллубута. Биһигиттэн 78 тыһыынча хорсун сэрииһит уолаттарбыт уонна кыргыттарбыт Кыайыы кыыһар Кыһыл Знамята рейхстаг үрдүгэр ыйаныа аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ, баччаҕа диэри биһиги эйэлээх халлаан анныгар олорорбут туһугар, тыыннарын толук уурбуттара.

Полк сэриини Чехословакияны босхолуур иһин кыргыһыыларга кыттыытынан түмүктээбитэ, Пласы уонна Пльзен куораттары босхолоспута. Пльзен куораты босхолоон баран Америка Холбоһуктаах Штаттарын оккупациялыыр сэбилэниилээх күүстэригэр биэрбиттэрэ.

Биһиги аҕабытыгар сэрии манан бүппэтэҕэ. Дислокацияланан турар куоратыгар Бердичевкэ тиийэн биир сыл устата бандеровецтары сойуолааһыҥҥа сылдьан баран, 1947 сыллаахха демобилизацияламмыта.

Хорула элбэх көлүөнэ ыччатын тапталлаах учуутала, бэйэтин оҕолорун курдук бүөбэйдээн билиигэ үөрэппит, сырдыкка, кэрэҕэ иитэлээбит, улахан буукубаттан суруллар педагог, сэрииттэн аҥар илиитэ суох эргиллэн кэлбит Гаврил Михайлович Иванов – Сыыйыскай туһунан ииппит уола Н.Г.Семёнов (Дьоҕус) суруйбут кинигэтигэр биһиги аҕабыт кылгас ахтыытын киллэрбит:

«Снайпердар отделениеларыгар сылдьан 3 буолан 16 немеһи өлөрбүппүт. Ол иһигэр 9 немец снайперын. Онно Слава 111 степеннээх орденын биэрбиттэрэ.

— 12 буолан разведкаҕа бардыбыт. Одер өрүс анараа өттүттэн немец землянкэтиттэн ытыалаатылар. Биһиги чугуйдубут. Түүн соһуччу киирэн ытыалаатыбыт. 27 немеһи билиэн ыллыбыт.

— Берлини ылыыга Эльба өрүһү туоруурга 6 хонук устата тохтоло суох кыргыспыппыт.

— пулемётчик бастакы номера өллө. Мин иккис номербын. Немецтэр контратака оҥордулар. Биир окопа иһигэр бэс охтубут, мин онно састым, ытыалаатым. Онтон автомаппын туппутунан дьоммор төттөрү сыылынным. 12 киһиттэн алтата кэлбит, мин 7-с буоллум, атыттар 5 киһи өлбүттэр». Манна разведкаҕа сылдьарын туһунан ахтыбыт.

“Разведка боем”

Полк бойобуой суолун туһунан докумуоннары үөрэтэ сылдьан көрдөххө, дивизия, аармыйа кимэн киирэр суолун солоон биэрээччи буолан, куруук да кэриэтэ чаас сүрүн күүстэрэ кимэн киириэхтэрин иннинэ налыччы быһыыны-майгыны үөрэтэр бириэмэтэ суоҕуттан, тоҕо көтөн киириллиэхтээх сир туһаайыытынан, нууччалыы эттэххэ, “разведка боем” оҥорор эбиттэр. Ити аҕабыт оннук биир түгэни ахтан аһарбыт. Биирдэ эмэ сэриигэ сылдьыбытын быктардаҕына, разведкаҕа сылдьан диэн тылы элбэхтик туттан ааһааччы.

«Эльба өрүһү туоруурга алта хонук устата тохтоло суох сэриилэспиппит” диир. Дьиҥинэн, полк бойобуой суолун докумуоннара кэпсииллэринэн, сэрии бүтэһик ыйдарыгар, 1945 сыл тохсунньу ый 12 күнүттэн Чехословакияҕа ыам ыйын 14 күнүгэр сэриини түмүктүөр диэри, ол аата, түөрт ый тухары кини чааһа биир да күнү көтүппэккэ, өстөөҕү кытта кыргыспыт. Ол да иһин кини биир ахтыытыгар эппит:

« …сэрии диэн ынырык, сор. Өстөөхтөр талыллыбыт снайпердара биир эрэ ытыыны таһаараллар. Биир ытыыларыттан бүтэҕин. Одер өрүһү туорааһыҥҥа өстөөх артиллериятын ытыалааһыныгар түбэһэммин ууга түһэн өлө сыспытым, кыл-мүччү тыыннаах ордубутум. Өлбөт дьылҕалаах киһи ханнык баҕарар өлүү айаҕыттан төлө туттарарын онно билбитим…». Кырдьык даҕаны, дьылҕа хаан ыйан турбут буолан, 120 хонуктаах улуу кыргыһыы толоонуттан тыыннаах таҕыстаҕа.

Сорохтор сэрии бүтэһик күннэригэр куота эрэ сылдьар немецтэри Сэбиэскэй Аармыйа кыайбыт курдук саныыллар. Дьиҥнээҕэ оннук буолбатах этэ. Польшаҕа Германия границата чугаһаабытыгар, онтон Германия бэйэтин территориятыгар фашистскай пропагандаттан төбөлөрө иэдьэгэй курдук ытыллыбыт немецтэр Кыһыл Аармыйаҕа ииримтийэн туран утарыласпыттара. Ол да иһин аҥаардас арҕаа Украинаны, Польша уонна Германия соҕуруу өттүн, Чехословакияны босхолуур кыргыһыыларга ситэтэ суох чахчыларынан 223 тыһыынча сэбиэскэй саллааттар уонна офицердар тыыннарын толук уурбуттара, 614 тыһыынча киһи бааһырыыны ылбыттара.

Нууччалыы “додо” курдук

Аҕабыт докумуоннарын толороллоругар кыра үөрэхтээх дииллэр эбит. Кинини быраата Чөкөйөөн Миитэрэй икки сыл оскуолаҕа үөрэммит буолан, сэриигэ барарыгар “додо” курдук нууччалыы билэр киһи барбыта диир. Кырдьык оннук буолуон сөп. Быстах-остох ахтыыларыттан сабаҕалаатахха, ордук снайпердаабытын кэпсээтэҕинэ, бэйэтэ төһө да “аанньа нууччалыы билбэт этим” диэтэр, син иннин быһаарсан сылдьыбыт курдук. Балачча нууччалыы билбэхтэһэр буолуон сөбүн бэйэбит кэлин биир түгэнтэн билбиппит.

Аҕабыт Семёнов Николай Иванович ийэбитинээн Терентьева Мария Алексеевналыын.

Ааспыт үйэ 80-с сылларын саҥаларыгар сопхуостар муҥутаан сайдан турар кэмнэрэ этэ. Биһиги уоппускаҕа эбитэ дуу, быстах тугунан эрэ сибээстээн тахса сылдьыбыппыт эбитэ дуу, Хорулаҕа баарбыт. Ол саҕана сайдыы чыпчаалыгар сылдьар сопхуостар ыраах оттуур отчуттарын вертолёт сакаастаан тастарар этилэр. Биһиги дьоммут ыалынан сылдьан оттуур кэмнэрэ. Оҕонньор, ийэбит Маайа, кыра уол Алик, күтүөт Куока уолунаан Кешалыын Орто Үрэххэ тахсыахтаахтар.

Отчуттары таһар вертолёт хойутуу соҕус кэллэ. Оччотооҕу сиэринэн оттонуох айылаах биир да гаа ходуһа ордубакка оттоноро. Онон вертолёт илдьиэхтээх звенолара элбэх. Онуоха эбии угут буолан турар кэмэ буолан, дэриэбинэ таһынааҕы звенолартан уратылар, бары да вертолёттанар быһыылаахтар. Бастаан ыраах звенолары Чиллэ Ампаардааҕыттан саҕалаан тастылар.

Биһиги дьоммут арыый чугас уонна аҕыйах ахсааннаах буоланнар буолуо, саамай бүтэһик көтөр буоллулар. Звенолары киэһэ хойукка диэри тастылар. Биһиги таһаҕастарын таһарга көмөлөһөөрү кэтэһэ сылдьабыт. Түүн үөһэ чугаһаабытын кэннэ биһиги дьоммут уочараттара кэллэ. Төһө да сайыҥҥы халлаан буоллар, олус хойутаан уонна былыттаах буолан, хараҥара майгыйан барда. Вертолёт хамандыыра сотору-сотору түннүгүн аһа баттаан:

– Давайте, быстрей-быстрей, у меня регламент заканчивается! – диэн хаһыытыыр. Биһиги, санаабытыгар, сүүрүүбүтүн эбэ-эбэ таһаҕаспытын таһа сатыыбыт. Хамандыыр хаһыс даҕаны үөгүлээһинин кэнниттэн аны оҕонньорбут вертолёт түннүгүн анныгар сүүрэн тиийдэ даҕаны хаһыытаан дэлби ыстанна:

– Сколко можно крычать! У тебя глаза нет?! Итак бегаем, не видишь что ли! – бүтэһигэр өссө ботуччу соҕус маатыры эбииликтээх буолла. Вертолётчик түргэн үлүгэрдик түннүгүн сапта охсон кэбистэ, тиэтэтэрэ тохтоото. Ийэбит үөрүүтэ сүрдээх:

– Оҕонньорбут нууччаһыта дьикти эбит буолбаат, ити лүөччүгү быкпат оҥордо, – дии-дии таһаҕаһын сүгэ-сүгэ сүүрэр. Биһиги эмиэ соһуйдубут даҕаны уонна уора-көстө күлүстүбүт даҕаны. Ол иһин отуттан тахса сыл устата ойууртан быкпатах, нууччалыы биир тылы саҥарбакка сылдьыбыт киһи, итиччэ быһаарсар буоллаҕына, сэрии саҕана кырдьык “додо” курдук кэпсэтэ, дьыалатын быһаарса сырыттаҕа буолуо дии саныыбыт. Онуоха оччотооҕу икки кылаас үөрэх чиҥин эбэн кэбиһиэххэ. Нууччалыы билбэхтэһэрэ, баҕар, ханнык эмэ түгэҥҥэ өлөр өлүүттэн быыһаабыт да түгэнэ баар буолуон сөп.

Аҕабыт Николай Иванович таайбынаан Васильев Егор Петровичтыын (хаҥаһа).

Өлөртөн куттаммат киһи диэн суох

Дьэлигимдэҕэ сытан:

– Сэриигэ өр сылдьыбыт дьон өлөртөн куттаммат буолан хаалаллар дииллэр. Ол кырдьык дуо? – диэн ыйыппытым. Оҕонньор идэтинэн быһа-бааччы:

– Сымыйа, хайдах куттаммат буолуоххунуй, биир эмэ акаары эрэ киһи куттаммат ини. Ордук кимэн киирии буоларын эрдэттэн биллэххинэ, кыайан утуйбат буолан хаалаҕын. Кыратык даҕаны чуумпура түһэн ыллаххына, оҕо эрдэххиттэн олорон ааспыт олоҕуҥ санааҕар элэҥнээн ааһара түргэнэ бөҕө. Уолаттар атаакаҕа киириэхтэрин иннигэр биэрэр сүүс кыраамнарын түһэрэн кэбиһэллэр. Санаалара бөҕөргөөбүт курдук буолаахтыыллара буолуо, ураа хаһыы, маат-куут бөҕөнү түһэрдилэр да, түһүнэн кэбиһээхтииллэр. Араас санаа киирэр буоллаҕа… Сороҕор өр бииргэ сылдьан баран өлбүт табаарыстаргын, дойдугар хаалбыт дьоҥҥун санаан, хааныҥ оргуйан кэлэр. Абаккам, биир эмэ “ыты” анныбар баттаан баран өлбүт киһи дии саныыгын. Дьон туран атаакаҕа киирдэҕинэ, кырдьык, туох барыта умнуллар, тиийиэхтээх сиргэр тиийбит эрэ киһи диэн өйгөр баар. Санааҕар сэнэрээт, буомба түспүт боруоҥкаларыгар тиийэ сатыыгын. Ол төһө көмөлөһөрүн туох билиэҕэй, сэрии обургу тыыҥҥын ылыа кэллэҕинэ, хайдахтаах да балаһыанньаҕа ылар. Бэрт соһуччу, дуона суохтан өлөн хаалбыт дьону сэриигэ сылдьарым тухары элбэҕи көрбүтүм.

Биир түгэҥҥэ улаханнык үөрбүппүн уонна куттаммыппын умнубаппын. Биирдэ биһигини, снайпердары, өстөөх сүгүннээбэтэх снайперын суох оҥорор сорудахтаах хомондьуруопкалаатылар. (Бэйэтин чааһын иһигэр эбитэ дуу, атын сиргэ ыыппыттара эбитэ дуу, ону чуолкайдаабыт суох, «хомондьуруопка» диэбитин өйдүүүбүн). Старшайбыт ол кэмҥэ суох буолан, көмөлөһөөччүтэ мин чааска саҥардыыҥҥыта соҕус кэлбит уоллуун бардыбыт. Бастакы түүммүтүгэр анарааҥҥы снайпер баар буолуохтаах сирин утары бэйэ бэйэбититтэн чугас-чугас тоһуйар сирбитин оҥостон баран, сарсыарда хараҥа эрдэҕинэ киирэн сытынан кэбистибит. Күнү быһа араас билэр билбэт албастарбытын туһанан анарааҥыбытын угуйан көрдүбүт даҕаны киһибит баарын биллэрбэтэ. Бөһүйэ майгыйбыт хаарга сытабыт. Иккис күммүт киэһэтигэр диэри сыттыбыт. Сухой паекпут бүппүтэ ыраатта. Таҥас сытыйда. Бөҕүөрүү буолла. Күн киириитэ тыала сытыыта, тымныыта сүрдэннэ. Баран хаалбыт киһини кэтэһэр эбиппит, тахсарга да сөп буолла диэн, старшай киһиэхэ миэхэ санаа киирдэ. Хараҥа буолбутугар бүтэһигин, таах хаалыаҕынааҕар, сытыйан устубут маск-халаатым тордоччу тоҥон сытарын, санаабар, сыылан төттөрү тахсан эрэр киһи курдук, хаар аннынан анньан сыҕарыттым. Инньэ гынааппын кытта тута халаатым көхсүн хараҕар түһэрдилэр. Онон бэйэтин биллэрэн, уолум өстөөх снайперын суох оҥордо. Улахан үөрүү-көтүү буолла. Тоҕо диэтэххэ, бу эрэйинэн, инчэҕэй хаарга балтараа суукканы быһа хамнаабакка кэриэтэ, аһаабакка-сиэбэккэ, хаар уобалыы-уобалыы сытан туолбут сорудах үөрүүтэ кэмнээх буолуо дуо?! Хайдах ыалдьыбакка сылдьыллыбыта эбитэ буолла…

Хамандыырбыт даҕаны олус үөрдэ, кууспалаҕаһыылаах, өрө быраҕыылаах эҕэрдэлээһин буолла. Уоскуйан, утуйаары сытан эмискэ санаан кэллим: “Ити халаатым оннугар бэйэм тахсан биэрбитим буоллар, ыттыы өлөн хаалар эбиппин буолбат дуо”, – диэн. Уонна эмискэ баҕайы көлөһүн аллан кэллим, дэлби уҥуоҕум хамнаата. Ол түүн сүгүн утуйбатым. Сэриигэ сылдьыбытым тухары онтон ордук уйулҕам хамнаабытын өйдөөбөппүн. Өлөртөн куттаммат киһи диэн суох, ол сымыйа», – диэн тоһоҕолоон эппитэ, оннук кэпсээччилэри тириитин таһынан ылынарын биллэрбитэ. Идэтинэн бэйэтин буолбакка, саатын хайгыыр эбит. Быраатыгар Чөкөйөөҥҥө: «Снайпер бинтиэпкэтэ биһиги сааларбытын ууһуо дуо, сыалгын оптика кириэһигэр киллэрдиҥ да бүтүүтэ», — диир эбит.

Нуучча барахсантан ордук үчүгэй омук суох

«Сэриигэ сылдьан син элбэх омугу кытта алтыспытым буолуо да, нуучча барахсантан ордук үчүгэй омук суох. Элэккэйдэрэ, аһыныгастара сүрдээх. Кыра омуккун, нууччалыы үчүгэйдик билбэккин диэн биирдэ даҕаны, биир да киһи туораппатаҕа. Хамандыырдарым, хата, атыттардааҕар чорбото тутан харыстабыллаахтык сыһыаннаһар этилэр. Кырдьаҕас өттүлэрэ оҕолорун курдук сыһыаннаһаллара. Чааһым хамандыыра бэйэтэ снайперскай сорудах биэрэн ыытар буоллаҕына, чуолаан миигин эрэ иннигин-кэннигин көрүнэн, сэрэнэн сырыт диэн алҕаан ыытара. Эйигин бултаспыттара ыраатта диирэ», – диэн биирдэ эмэ ахтан ааһааччы.

Бердичев куоракка тахсан сүтүктэрин оһорунар кэмнэригэр хамандыыра үксүн бэйэтин таһыгар илдьэ сылдьар эбит. Ордук, сэрии кэнниттэн Украина националистарын сойуолаһар кэмнэригэр бэйэтин таһыгар сырытыннарбытын махтана ахтара. «Николай, эн баччаҕа диэри тыыннаах кэлэн бараҥҥын дойдугар эргиллиэхтээххин», – диир эбит. “Бэйэтин таһыгар сырытыннаран тугу гыннарар этэй?” – диэтэххэ: “Тугу гыныамый, кыра бар-кэл сорудахтарын толорор этим. Хамандыырым сороҕор дьээбэлэнэн: «Доруобуйам кэбирээтэ, сэрии бүттэҕинэ, демобилизацияланыам, эн эмиэ манна хаал, биир эмэ кыыһы булан ыал буолуоҥ, сибиинньэ ииттэн байан-тайан олоруоҥ», – диэччи. Барахсан үчүгэй да киһи этэ, баара эрэ, суоҕа эрэ. Сымыйа гынан баран көрсүбүт киһи баар ини”, – диэн дьиппиэн майгылаах аҕабыт ууллан ылар буолара. Элбэх сүтүктээх чааһын хамандыыра кини хаһан боруоҥҥа тиийиэҕиттэн демобилизацияланыар диэри солбуллубат хамандыыра эбит. Ол да иһин истиҥник санаан, аҕабытын бэйэтигэр чугастык тутан сырыттаҕа.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, 333-с гвардейскай Кутузов уонна Богдан Хмельницкэй уордьаннаах стрелковай полк хамандыыра подполковник Яков Алексеевич Бабенко кадровай офицер буолбатах эбит. Кини 1913 сыллаахха Украинаҕа Херсон уобалаһыгар бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ол аата, сэрии саҕана отучча эрэ саастаах эдэр киһи эбит. Бухгалтер үөрэхтээх киһи аармыйаҕа сэрии саҕаланыаҕыттан “Соҕуруу фроҥҥа” сэриилэһэн хотторуу хомолтотун даҕаны, кыайыы үөрүүтүн даҕаны билбэхтэспит буойун. Аатырбыт Аччыгый Сир кыргыһыытын кыттыылааҕа. Байыаннай талаанын көрдөхтөрө буолуо, 1943 сыллаахха түргэн курс диэн ааттанар Фрунзе аатынан Байыаннай академияҕа үөрэтэ түһэн баран, хас да полк тобохторуттан хомуллан тэриллибит 333-с полк хамандыырынан ананар. Кини полката «головной передовой застава” диэн ааттанан сэрии былаһын тухары инники эшелоҥҥа сылдьыбыт. Онон элбэх сүтүктээх кыргыһыыттан тахсара чуолкай, ол да иһин хаста даҕаны дислокацияламмыт сиригэр, Бердичев куоракка тахсан онтун саҥа байыастарынан оһоруммут эбит.

Кырдьык даҕаны, Яков Алексеевич 1946 сыллаахха фронтовой баастара-үүттэрэ бэргээн саппааска тахсыбыт. Төрөөбүт дойдутугар төннөн өр кэмҥэ Цюрипинскай куорат горисполкомун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Каховка куоракка көһөн, араас хаһаайыстыбаннай дуоһунастарга үлэлээбит. 1979 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр сырдык тыына быстыбыт. Аныгы Интернет үйэтэ арыый эрдэ кэлбитэ эбитэ буоллар, уоттаах сэриини бииргэ муннуларынан тыырсыбыт, Арҕаа Украинаны, Польшаны, Германияны, Чехословакияны фашистартан босхолообут саллаат уонна хамандыыр көрсүөхтэрин да сөп эбит диибит.

Аҕабыт арҕаа Украинаҕа 1945-1946 сылларга националистары сойуолаһыыга сылдьыбытын үрдүттэн “бандеровецтэр куһаҕан, дьиикэй дьон, утары сэриилэһэрдээҕэр кинилэри сойуолаһар куһаҕан” диирэ.

Аармыйаттан 1947 сыллаахха демобилизацияламмыт. Эдьиийбит, Төҥүлү олохтооҕо Анна Иннокентьевна Кычкина «Ньукулай Уйбаанабыс аармыйаттан кэлэригэр, уордьан, мэтээл бөҕөтө иилиммит саллааты күөл уҥуортан иһэрин көрбүппүтүн билигин даҕаны бэҕэһээҥи курдук өйдүүбүн» диэн оскуола оҕото барыта сүүрэн бытарыһан тахсан көрсүбүттэрин куруук саныыр.

Фашистскай Германияны кыайыы өрөгөйдөөх күнүнэн итии-истиҥ тыллардаах 102-с стрелковай корпус командира генерал-полковник Пухов, 13-с аармыйа Байыаннай Сэбиэтин чилиэнэ генерал-майор Козлов илии баттааһыннаах эҕэрдэ суругу туттарбыттара. Демобилизацияланан дойдутугар айанныырыгар Прикарпатскай Байыаннай уокурук командующая генерал-полковник Галицкай, уокурук штабын начальнига Городецкай ааттарыттан эҥкилэ суох сулууспатын, немецкэй-фашистскай халабырдьыттары урусхаллыырга актыыбынай кыттыытын иһин махтал сурук туттаран ыыппыттара.

Кини бойобуой үтүөлэрэ Сэбиэскэй Правительствонан үрдүктүк сыаналаммыттара. Аҕа дойду сэриитин бастакы истиэпэннээх, Албан аат үһүс истиэпэннээх уордьаннарынан, “Берлини ылыы иһин”, “Праганы босхолооһун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” уонна элбэх юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Төрүттэриттэн утумнаан аҕабыт үчүгэй доруобуйалаах этэ. Арай сааһыран биир кэмҥэ сүрэҕинэн моһуогура сылдьан баран, аһарыммыта. Сылдьымалыах киһини ким да төлөрүйбэтэх ыарыыта – куолай араага буулаан Дьокуускайга аҕалбыппыт. Өлүөм да диэбэккэ, бураанын запчааһын көрдөтөр айдааныгар сылдьыбыта. Көрдөрүнэ сылдьан искэнэ тоҕо баран, Дьокуускай балыыһатыгар сырдык тыына быстыбыта. Дойдутугар аҕалан төрөөбүт төрүт буоругар, бултуу-алтыы, үлэлии-хамсыы элбэхтик кэлбит барбыт суолун аартыгар, Кулуһуннаахха ийэбит таһыгар харайбыппыт. Оҕолоро аҕабытыгар бүтэһик ытык иэспитин толорбуппут. Балаҕан ыйын ортото эрээри, таһаарбыт күммүтүгэр хаар кыыдамнаан сири бүрүйбүтэ. Оҕонньоттор: “Үтүө киһи суолун сабынна”, – дэһиспиттэрэ.

Биһиги оҕолоро Ньурба оройуонун сэрии кыттыылаахтарын өйдөбүнньүк кинигэтин аан тылыгар, Ньурба дьоно бэйэлэрин уолаттарынан, хорсун буойуннарынан үйэлэргэ киэн туттар бырааптаахтар диэн уонча ветеран иһигэр киллэрэн, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара Н.Н.Чусовскойу, Н.П.Кудряшову сэргэ аҕабыт аата ааттаммытын үөрэ, долгуйа ааҕабыт. Кини сырдык аатынан сиэннэрэ, кэнэҕэски ыччаттара киэн туттуохтара, маннык эһэлээх этибит диэн холобур оҥостуохтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Фашист тоҕус снайперын охторбута

Мин иннибэр «Ким да умнуллубат» диэн 24 сыллааҕыта Герасим Васильев суруйбут кинигэтэ баар. Кинигэ 26 стр. «Н.И.Семёнов (Хорула) немец 9 снайперын суох оҥорбута» диэн болҕомтобун тардыбыта. Ахтыытын ыытарыгар көрдөспүтүм. Николай Иванович кэмчи ахтыытын сурукка-бичиккэ киллэриим:

– Ньурба оройуонугар, Хорула нэһилиэгэр «Хотой Элгээнэ» диэн алааска ийэм күн сирин көрдөрбүтэ. 78 сайыҥҥа олорон кэллим. Биэс буолан бииргэ төрөөбүппүт. Ийэбит эрдэ өлбүтэ. Аҕабыт иитиитигэр хаалбыппыт. “Социализм суола” холкуоска үлэҕэ сырыттахпына, армияҕа ылбыттара. Москва куорат таһыгар снайпер буоларга үөрэппиттэрэ. Снайпер араас мындырдарын ситиһиилээхтик баһылаабытым. Туруоруллубут, хамсыыр сыаллары сыыспакка ытарым. Хайҕанарым, 13-с армия, 17 дивизиятын, 163-с полкатыгар снайперынан анаабыттара. (117-с дивизиятын 333-с полкатыгар диэн көннөрөн ааҕыллыахтаах – В.И.). Снайперскай отделение командира Сершиков снайперскай ытыыга улахан уопуттааҕа, киниэхэ көмөлөһөөччүннэн анаабыттара. Ханнык баҕарар ыраахха туруоруллубут сүүрэн эрэр, эмискэ элэс көстөр сыаллары сыыспакка ытыалыырым, бука ол иһин командование көмөлөһөөччүнэн анаатаҕа буолуо, нууччалыы аанньа билбэтим үрдүнэн. Үксүн өстөөх снайпердарын бултаһыннара ыыталлара. Өстөөх снайперын хас да күнү-күннүктээн кэтэһэн үөрэтэрим. Ол кэнниттэн араас угаайылары туттарым. Сыыһа ыппат иннигэр болҕомтобун уурарым. Өскө алҕас сиирэ-халты ыттыҥ да, биир ытыынан бэйэҕин дьөлө сүүрдэн таһаарыа. Снайпер ытарын ханнык баҕарар снайпер билэр үгэстээх. Онон снайперы көрбүт сиргэр түһэриллиэхтээх. Ханнык баҕарар снайперы, снайперы кытта күөн көрсүһүүгэ ыытааччылара суох, сүүмэрдээн, талан ыытааччылар. Албастары сатаан туһаннаххына эрэ кыайыылаах тахсаҕын. Кэтиир пуунтан командирым «9 өстөөх снайперын туораттыҥ», – диэбитэ. Учуокка киллэрбитин эппитэ.

Снайперынан сылдьан Германияҕа Одер өрүс туорааһыныгар ууга түспүтүм. Өстөөх артиллерийскай ытыытыгар түбэһэн кыл-мүччү тыыннаах ордубутум. Баччаҕа тиийиэх, оҕо-уруу үөскүөхтээҕэ баһыйдаҕа. Өлбөт дьылҕалаах киһи ханнык баҕарар өлүү айаҕыттан сыыһа харбатарын онно билбитим. Ити түгэн мэлдьи харахпар бу элэҥнииргэ дылы. Түүлбэр кытта охсуллан ааһар.

Сэрии диэн ынырык, сор. Сэриигэ хайдах өстөөх снайпердарын дьылҕаларыгар турбуппун сатаан өйдөөбөппүн. Кинилэргэ олус күүстээх снайпердар баалларын этэллэрэ. Олору кытта кыргыһыы олус кутталлаах. Өстөөхтөр талыллыбыт снайпердара ханнык баҕарар сиртэн, ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох биир эрэ ытыыны таһаараллар. Биир ытыыларыттан бүтэҕин. Снайперскай отделением командирын кытта бииргэ уһуннук сэриилэһэ сылдьан атахпар бааһыран, госпитальга эмтэнэн баран, чааспар кэлбитим. Урукку билэр дьоннорум уонна командирым суохтар этэ. Бука кыргыһыы хонуутугар туораатахтара. Аны автоматчиктар роталарыгар автоматчигынан киллэрбиттэрэ. Хаста да атаакаҕа киирсибитим. Өстөөх самолеттара үлүгэрдээх элбэх бомбалары бырахпыттара, сир тыыннаах курдук эккириирэ. Ханна барбыппын билбэккэ хаалбытым. Биирдэ өйдөөбүтүм госпиталга сытар, контузияламмыт эбиппин. Ый курдук эмтэммитим. Тас эппин бааһырпакка эрэ улаханнык доргуппут этэ. Ама буолан чааспар эргиллибитим. Берлини штурмалааһыҥҥа кыттыбытым. Онтон Прагаҕа тиийсибитим. Сэриини онно түмүктэспитим. Ол кэнниттэн биир сылы быһа бандеровецтары сойуолааһыҥҥа сырытыннарбыттара. Бандеровецтары кэтэһии-манаһыы, кыргыһыы биир туспа олус кутталлааҕа. Аҕыйах киһини тыыннаахтыы туппуппут. Бэриммэккэ чоҕойдоһоллро, сорохтор бэриниэхтэрин кэриэтэ бэйэлэригэр тиийиммит буолаллара.

Дойдубар 1947 сыллаахха эргиллибитим. Контузиям бэргээн, онуоха эбии айаннаан иһэн сыыстардаҕым буолуо, ыараханнык ыалдьан, Дьокуускайга эмтэнэн, төрөөбүт төрүт өтөхпүн булар дьол тускулаабыта.

Ама буолан, холкуоспар бэдэрээтчик буолбутум. Таһаҕас илдьэрим, аҕаларым. Үйэм тухары хара үлэҕэ үлэлээбитим. Ол иһигэр элбэх сылларга булчут этим. Армияҕа барыам иннинэ булт соноругар хас да сыл сылдьыбытым. Хара тыа маанылаах булдуттан ирээттиир буолара. Тииҥи тириитигэр хаан туруорбат наадаттан төбөтүгэр ытарым. Көтөртөн да матарбата. Биирдэ ытан элбэх куһу хомуйар эмиэ баар этэ. Кырабыттан бултуурга үөрэммитим, сэриигэ өстөөх снайпердарын самнарыыга төһүү буолбут буолуохтаах.

Сэрииттэн кэлэн баран Мария Алексеевналыын олохпутун холбообуппут. Барахсаммын кытта бииргэ олохпутун түмүктүүр дьол тиксибэтэҕэ, ыарахан ыарыы ыбылы ылан, 54 сааһыгар хараҥа күүскэ былдьаттаран, кутурҕан кута буолан олорбуппут 13 сылыгар тиийдэ. Сэттэ оҕону иитии-харайыы, үөрэттэрии, кынат үүннэрии олус илиһиннэрбитэ. 14 сиэннэнэн күнүм кинилэртэн тахсар. Улахан кыыһым Христина икки уоллаах, иккис оҕом Алексей суоппардыыр, үс оҕолоохтор, үһүс оҕом Александра – ветврач, кэргэнэ Валентин Ньурба улууһун кулубата – үс оҕолоохтор, төрдүс оҕом Елена – атыыһыт, 5 оҕолоохтор уоннааҕы оҕолорум эмиэ ыаллар, үлэһиттэр, хастыы да оҕолоохтор.

Аҕа дойду сэриитин 1 степеннээх уонна Албан аат 3-с степеннээх орденнарынан, бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмытым. Үлэ ударнига оҥорбуттара. Биир сыл 4 бөрөнү өлөрбүппэр убаһа бэлэхтээбиттэрэ.

Сэриитээҕи дьарҕаларым бэргээннэр уонна атахпын тоһутан ыараханнык ыалдьыталаабытым. Оҕолорум, доҕотторум көмөлөрүнэн уонна эмп-том күүһүнэн атахпар тура сылдьар дьоллоотулар, – диир ытык кырдьаҕас, бэргэн ытааччы снайпер Николай Иванович Семёнов.

Семёнов Николай Иванович дьиэ кэргэнинээн.


 

ХОРСУН БУОЙУН, ХОҺУУН ҮЛЭҺИТ

(«Коммунизм суола» хаһыат, 1980 с. ыам ыйын 9 күнэ)

Николай Иванович Семёнов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ – гвардия рядовойа, оттон сэрии кэннинээҕи айар-тутар үлэҕэ – коммунистическай үлэ удаарынньыга.

Кини суостаах сэрии уотун ортотунан сылдьыбытын, ол хоодуот сырыыларын уонна төрөөбүт Хорулатыгар сылайары билбэт сындааһыннаах үлэтин тустарынан кэпсиир буоллар, бука, хаһыат страницатыгар эрэ буолбакка, ону тэҥэ биир-икки киэһэнэн бүппэт кэпсээн буолуох этэ.

Биһиги сыччах Николай Иванович фашист арҕаҕын – Берлини ылсыспытын уонна Чехословакия столицата Праганы штурмаласпытын эрэ туһунан этэн аһарабыт. Саллаат бойобуой сырыылара албан аат үһүс степэннээх уордьанынан уонна элбэх бойобуой мэтээллэринэн бэлиэтэммиттэрэ.

Николай Иванович билигин даҕаны отделение биир тутаах үлэһитэ. Кини кыһынын бултуур, оттон сайынын оттуур. Итиннэ барытыгар инники сылдьар. Кини уҕараабат эрчимнээх үлэтин туһунан хорулалар дэлэҕэ уос номоҕо гыныахтара дуо?! Оннук ураты хоһуун киһи бу Николай Иванович.

Хорсун буойун, хоһуун үлэһит Н.И.Семёнов эдэр ыччакка мэлдьи холобур буолар. Кини Хорула оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүтүгэр оҕолору коммунистическай тутуу актыыбынай охсуһааччыларынан буолалларыгар ыҥырар.

Күтүөтэ Валентин Иванович НИКИФОРОВ.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Николай Иванович Семёнов кыыһа

Александра Николаевна НИКИФОРОВА.

2020 сыл.

(“АХТЫЫЛАР”, 2025 с. ыам ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *