ӨЛБӨӨДҮЙБЭТ МӨССҮӨН: УЧУУТАЛ, БУОЙУН
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык тыына быстыбыт аҕабыт убайа Жендринскэй Н.М. туһунан.
Биһиги абаҕабыт, аҕабыт Жендринскэй Пётр Михайлович убайа Жендринскэй Николай Михайлович 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар төрөөбүтэ.

Кини ийэлээх аҕата Бэс Көлүйэҕэ дьиэлэнэн-уоттанан олорбуттара. Оччолорго манна Докторовтар, Мохтуяховтар (Мохтуйалар), Николаевтар (Ньоммойолор) олороллоро. Эһэлээх эбэбит 17 оҕону төрөппүттэриттэн үс эрэ оҕо ордубута – оччотооҕу ас-таҥас кырыымчык, ыарыы-дьаҥ элбэх кэмигэр үгүстэрэ кыра саастарыгар ыалдьан өлөллөрө.
1928 сыллаахха Хоту арыыга – Дьүүллээҥҥэ Капитон Спиридонович Кардашевскай көҕүлээһининэн оскуола аһыллыбыта. Ньукулай онно үөрэнэ киирбитэ, онтон кэлин Ороһу оскуолатыгар үөрэнэн 7 кылааһы бүтэрбитэ. 1937 сыллаахха Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ. Балаҕаннаахтан иккиэ буолан үөрэммиттэрэ. Иккиһэ – кэлин экономическай наука кандидата буолбут Докторов Пётр Иванович этэ. Кини маннык ахтар: «Училищеҕа Колялыын үс сыл биир группаҕа үөрэммиппит. Ону ааһан 1939 сыл тохсунньу ыйыттан бүтэриэхпитигэр диэри биир ыалга олорбуппут. Наһаа иллээх-эйэлээх этибит, биирдэ да кыыһырсыбатахпыт. Көрсүө, бэһиэлэй майгылаах уол этэ. Сытыы бэргэн тыллары этэн биһигини да, улахан да дьону күллэрэрэ. Оннооҕор кылааска олорон туох эмэ көрүдьүөһү саҥаран баран, чуумпу баҕайытык олорор буолара. Училище үөрэнээччилэрэ кинини наһаа сөбүлүүллэрэ».
Абаҕабыт 1940 сыллаахха Бүлүү училищетын бүтэрэн баран Быракаан оскуолатыгар учууталлаабыта. Быракааҥҥа 1940-41 үөрэх дьылыгар үлэлээбит. Онно үлэлии сылдьан суруйбут суруктарын аахтахха, тыа дьоно барахсаттар төһө да сэриитэ суох эйэлээх кэмҥэ олорбуттарын иһин сүрдээх ыараханнык, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр олорбуттарын ис дууһаҕыттан итэҕэйэҕин. Ыйга дууһаҕа биэрэр бурдуктара тиийбэккэ аччыктыырын туһунан, аҕатын бурдукта аҕала оҕус диэн суруйарыттан киһи эрэ уйадыйыах курдук. Быракааҥҥа күһүн үлэлии тахсарыгар 20 сааһын саҥардыы туолбут эдэркээн киһи киниэхэ сүктэриллибит эбээһинэһи дириҥник өйдүүр буолан, аччыктыырын-тоҥорун барытын тулуйан үөрэх дьылын түмүктээбит.
Быракаантан суруйбут суруктарыттан быһа тардан аҕалабын:
“…Оскуолабыт үрдүнэн 26 эрэ оҕо кэллэ. Кыайан оҕолорун аҕалбаттар. Школабыт бүччүмүн ааһан киһи олох тэһийбэт. Школа быйыл ускуруой үлэлиирэ да үлэлээбэтэ да биллибэт… Сураҕа, куобах бу ыйга көҥүллэммит. Дьону кытта соччо билсэ иликпин, онон сэп чааһын ыйыталаспаппын, сэп манна да булчуттарга кыра эбит.
Манан суруйарым бүттэ. Дэлби суруйуҥ!
Хааллым Ньукулай. 5/IX-40 сыла”.
“…Кыһыҥҥы этэрбэс чааһа суох. Аҕам үөс сылдьар киһи хайдах эмэ гынан телогрейка ыстаанна булан ыытаар. Аҕам баҕар хойут атыҥ киирдэҕинэ тахса сылдьыаҥ! Петр сэрэн! Хойутаабыккынан сылтанан хааларгын тэринимэ. Мин кумаахылаах дьааһыкпын эрэллик ууран кээһээриҥ! Эһиги суруккутун бу ый 21 күнүгэр киэһэ туттум. Олус үөрдүм. Көссүбүт курдук санаатым. Аҕам тозовка патронуна Антоновтан көрдөһөн ыыт.
Суруйарым бүттэ. Ньукулай. 22/IX-40”.
“…Мин пайым туола илик буолан бу Октябка 5-тии метр таҥаһы биэрэллэриттэн маттым. Мин пайым туолбут буоллаҕына онтубун книжкатын ылан ыытыҥ! Бэрт наада буолла. Субу түргэнник!
Аҕам бурдукта таһааран кулу! Ийэм бэркэ олор. Оҥорбут таҥаһыҥ барыта сөп буолан үөрдүм. Быраатым үөрэххин кытаат!
Суруйдум Ньукулай. 7/XI-40 c.”.
Онтон иккис сылыгар, 1941-42 үөрэх дьылыгар Дүллүкү оскуолатыгар үлэлээбит. Манна дьоно көһөн тахсан бииргэ олорбут этилэр. Дүллүкүгэ Пётр Николаевич Тобуруокаптыын бииргэ үлэлээбиттэр. Үөрэх бүппүтүн кэннэ сайын сэриигэ барар бэбиэскэни туппут.
Кыра оҕо сырыттахпытына аҕабыт сэриигэ баран өлбүт убайын туһунан элбэхтик саныыр буолара, ардыгар уйадыйан да ылара. Убайа сэриигэ аттаныаҕыттан бүтэһик кыргыһыыга киириэр диэри суруйбут суруктарын харыстаан уура сылдьара, ол суруктары билигин кини сиэннэрэ ааҕаллар.
Урут оҕо сылдьан абаҕабын саастаах киһи курдук саныыр этим, онтум баара-суоҕа бу орто дойдуга 23 эрэ сыл олорон ааспыт эбит. Дьонугар соҕотох ордон хаалбыт хаартыскатыттан эдэркээн киһи наһаа өйдөөх харахтарынан одуулаан олорор. Кини хаартыскатын көрдөхпүнэ уонна суруктарын аахтахпына куруук хараастан ылабын, төһөлөөх элбэх бу кини курдук эдэркээн дьон дьиэ-уот тэриммэккэ, кэннилэригэр кэнчээри ыччаты хаалларбакка ол алдьархайдаах сэриигэ суорума суолламмыттара буолуой? Биһиги кыракый алааспытыттан, Балаҕаннаахтан 70-тан тахса киһи ыҥырыллыбытыттан аҥардарын кыайбат киһи эргиллэн кэлбитэ. Билигин кинилэртэн ким да суох.
Биирдэ радиоҕа Балаҕаннаахтан төрүттээх Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии тулаайаҕа Бырдакаров Валерий Афанасьевич эппитин истибитим: «Билигин үксүгэр сэрииттэн эргиллэн кэлбит дьону үчүгэйдик билэбит, оттон ыал буолбакка, оҕо төрөппөккө барбыт дьон ааттыын да симэлийбит эбиттэр». Уонна кини, кырдьык, биһиги улууспутугар билигин иһиллибэт буолбут хас да араспаанньалары ааттаталаабыта. Валерий Афанасьевич аҕата сэриигэ барарыгар ийэтэ кинини ыарахан хаалбыт, билигин кини аҕатын аатын ааттатар, төрдүн-ууһун салгыыр оҕолордоох, элбэх сиэннэрдээх. Сэриигэ охтубут аҕатын олоҕо салҕанар. Абаҕабыт барахсан кылгас гынан баран чаҕылхай олоҕун туһунан сырдык өйдөбүлү биһиги, кини соҕотох быраатын уонна балтын оҕолоро, сүрэхпитигэр-быарбытыгар иҥэрэн үгүс сыллар тухары илдьэ кэллибит уонна сиэннэргэ, хос сиэннэргэ тиэрдэри ытык иэспитинэн ааҕабыт.
Абаҕабыт көмүс уҥуоҕа хараллан сытар Смоленскай сиригэр сырыыттан бэлиэтээһиннэр
Бу дьыл ыам ыйыгар (2021 с. -Ред.) оҕолорбун кытта аҕам бииргэ төрөөбүт убайа Жендринскэй Николай Михайлович көмүллэн сытар Смоленскай уобалас Духовщина куоратыгар бара сырыттыбыт.

Абаҕабыт 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннааҕар төрөөбүтэ. Ороһу оскуолатыгар 7 кылааһы бүтэрэн баран Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэн учуутал идэтин ылбыта. 1942 сыллаахха Дүллүкү оскуолатыгар учууталлыы сылдьан сэриигэ барар бэбиэскэни туппута уонна ол сайын фроҥҥа аттаммыта. 1943 сыллаахха Духовщина аттынааҕы кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта.
Абаҕабыт уҥуоҕар Улуу Кыайыы күнүгэр сылдьардыы былааннаммыт буоламмыт, ыам ыйын 1 күнүгэр аан бастаан Смоленскай куоракка тиийбиппит. Биллэрин курдук, Смоленскай – Россия биир саамай кырдьаҕас, баай историялаах куората. Куорат киин өттүгэр сэрии кэннинээҕи тутуулара баһыйаллар, суол, дьиэ өрөмүөннэрэ барбатаҕа ырааппыт курдук буолан баран куораты сүрдээх ыраастык-чэбэрдик тутан олороллоро киһи хараҕар тута быраҕыллар.
Куорат кытыытыгар саҥа элбэх этээстээх дьиэлээх микрорайоҥҥа квартира куортамнаан олордубут. Сүрдээх сэргэх көстүүлээх, чугас эргин киһи наадыйар эбийиэктэрэ барыта баар: маҕаһыыннар, кафелар, парикмахерскай, почта уо.д.а.. Элбэх үйэлэри уҥуордаан кэлбит, уруккута былыргы Смоленскайы иилии эргийэн турбут былыргы крепостной истиэнэ сорҕото, чөлүгэр түһэриллибит собуордар, храмнар куоракка ураты тыыны биэрэллэр. Биир нэдиэлэ устата куорат да, уобалас да историятын кытта лаппа билистибит диэххэ сөп. Смоленскайтан баара-суоҕа 15 километрдаах сиргэ хараҥа историятынан биллэр Катынь ойуура баар. Манна тыһыынчанан ааҕыллар политическай репрессия сиэртибэлэрэ сыталлар. Нууччалыыта «Долина смерти» диэн ааттаммыт территорияҕа 1995-98 сс. ыытыллыбыт хаһыы түмүгэр 1937-38 сылларга репрессияламмыт дьону маассабай көмүү 200 миэстэтэ көстүбүт, онтон арыый тэйиччи сиргэ тоҕус маассабай көмүүнү булбуттар уонна 1920-30-с сылларга өлөрүллүбүт дьон кырамталара буолуон сөп диэн быһаарбыттар. Манна 2017 с. ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн «Козья гора» диэн сир репрессияламмыттары көмүү эрэ сирэ буолбакка, политическай буруйдаахтары маассабайдык ытыалаан өлөрүү миэстэтэ диэн быһаарбыттар. 2000 с. бу миэстэҕэ «Катынь» диэн улахан музейнай-мемориальнай комплекс аһыллыбыт. Сүүсчэкэ миэтэрэ уһуннаах өйдөбүнньүк истиэнэ былаһын тухары репрессияламмыт дьон ааттара суруллубут. Маны таһынан бу комплекска НКВД бирикээһинэн ытыллыбыт польскай байыаннай билиэннэйдэр кладбищелара эмиэ баар. Билигин от-мас суугунугар сууланан чэлгийэ турар Катынь ойууругар төһөлөөх харах уута тохтубутун, төһөлөөх киһи сор-муҥ бөҕөнү көрсөн орто дойдуттан арахсыбыттарын сэрэйиэххэ эрэ сөп… Эмиэ мантан чугас ойуурга 2010 с. муус устар 10 күнүгэр биир дойдулаахтарын кэриэстэригэр траурнай тэрээһиҥҥэ көтөн кэлэн испит Польша 96 киһилээх официальнай делегациятын самолёта авариялаан, улахан аймалҕан тахса сылдьыбытын киһи барыта билэр буолуохтаах. Кинилэр истэригэр Польша президенэ Лех Качиньскай кэргэнинээн эмиэ бааллара.
Историяттан билэрбитинэн Смоленскай куорат биир да сэрии тумнубатах сирэ, Наполеон сэриититтэн саҕалаан фашистскай халабырдьыттарга тиийэ Смоленскай сирин үлтү урусхаллаан ааспыттара. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр Смоленскайга бүтүн дьиэ хаалбатаҕын кэриэтэ этэ. Хас биирдии дьиэ, уулусса иһин хаан тохтуулаах кыргыһыылар буолбуттара. Ол иһин да куорат олохтоохторо сэрии историятыгар сыһыаннара кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ отой атын диэххэ сөп.
Биир нэдиэлэ устата куорат историятын кытта билсэн, кини атын интэриэһинэй миэстэлэрин көрөн-истэн баран ыам ыйын 8 күнүгэр тиийиэхтээх сирбитигэр – Духовщина куоракка айаннаабыппыт. Смоленскайтан таксинан баара-суоҕа 40-ча мүнүүтэ айаннаах сиргэ баар. Аара айаннаан истэххэ быраҕыллыбыт дэриэбинэлэр, сыыс отунан бүрүйэ үүммүт бааһына сирдэрэ элбэҕэ киһини хомотор. Үүт-үкчү сэриилээх киинэҕэ көстөр курдук былыргы соҕус тутуулаах, харааран хаалбыт дьиэлээх кыракый дэриэбинэлэр субу-субу көстөн ааһаллар. Ханна да туох эмэ үүнэн турара, сүөһү-бараан мэччийэ сылдьара көстүбэтин кэриэтэ. Били үгүстүк иһиллэн ааһар «Киин Арассыыйа дэриэбинэлэрэ эһиннилэр» дииллэрин илэ хараххынан көрөн итэҕэйгэр тиийэҕин.

Духовщина 3000 кэриҥэ эрэ нэһилиэнньэлээх кыра куорат. Административнай тутуулартан ураты үксэ биир этээстээх чааһынай дьиэлэр, аҕыйах аныгылыы тутуулаах иккилии этээстээх дьиэлэр көстөллөр. Эрдэттэн оройуон баһылыгын солбуйааччы Надежда Сергеевнаны кытта кэпсэтэн гостиницаҕа миэстэ заказтаабыппыт. Онно тиийэн сээкэйбитин уурдубут да, эмиэ эрдэттэн кэпсэппит буолан куорат музейыгар бардыбыт.

Музей директора Виктор Иванович Берёзкин үөрэ-көтө көрүстэ. Музейга бэйэлэрин сирдэриттэн булуллубут экспонаттар сүрдээх элбэхтэр. Фашистар оккупациялаан олорор кэмнэринээҕи немецкэй архыыптартан булуллубут хаартыскалар өстөөхтөр кыыллыы-сидьиҥ быһыыларын туһунан кэпсииллэр. Сэбиэскэй саллааттар кырыктаах кыргыһыыга киирээри олорон дьонноругар суруйбут суруктарын (ол иһигэр ботуруон гильзатын иһиттэн булуллубут суруктар эмиэ бааллар) киһи хараастыбакка эрэ аахпат. Ыарахан ыйааһыннаах буомбалар, снарядтар үлтүркэйдэрин, саллааттар барахсаттар аһыыр хочулуоктарыгар, луоскаларыгар ааттарын суруйан хаалларбыттарын, киһи тириититтэн тигиллибит бэрчээккилэри илэ хараххынан көрдөххүнэ сэрии туһунан өссө дириҥник өйдүүгүн…
Абаҕабыт 91-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа взвод командира этэ. Биһиги бу дивизияҕа кыргыспыт дьон суруктарын сэҥээрэн аахтыбыт. Барахсаттар кыргыһыыга киирээри олорон дьоннорун кытта бырастыылаһар бүтэһик суруктарын ааҕарга ыарахан. Абаҕабыт Николай 1943 атырдьах ыйын 12 күнүгэр дьонугар бүтэһик суругун маннык суруйбута:
“Уб. төрөппүттэрим: аҕам, ийэм, быраатым уонна балыстарым дорооболоруҥ!
Атырдьах ыйын 12 күнүгэр дылы тыыннаахпын.! Тобукпар ууран олорон траншея иһигэр суруйдум. Бойобуой бирикээһи күүтэн олоробут. Дьылҕам туохха айбытын быһаарар күн кэллэ.. Эһигиттэн тугу да тута иликпин. Дьиэбиттэн хайдах тахсан барбытым да ол курдук. Доруобуйам үчүгэй буолла. Бу сурук кэнниттэн тыыннааҕым эбэтэр өлбүтүм туһунан биллэриитэ күүтэ олоруҥ! Бука быраһаайдаһар сурук буолуо. Бары табаарыстарбар, бар дьоммор приветтэ тириэрдиҥ. Дойдум иһин, Сталин иһин туохпун да харыстыам суоҕа, бакаа тыыннааҕым тухары. Ытар сэп, быраҕар граната, аһыыр ас толору баар. Бэйэм гвардейскай чааска баарбын. Бу аадырыс быһыытынан хаалыахтааҕар суруйуҥ:
Полевая почта 51915-п Жендринскому Николаю Михайловичу
Бакаа быраһаайдарыҥ, эһиги уолгут Николай.»
Бу абаҕам өлүөн икки хонук иннинээҕи суруга. Бу кэнниттэн 1943 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр Смоленскай уобалас Духовщинскай оройуонун Гремилово дэриэбинэтигэр геройдуу охтубута.
Оруобуна бу даатаҕа суруллубут хас да суругу көрдүбүт уонна кинилэртэн үгүстэрэ эмиэ атырдьах ыйын 14-15 күннэригэр сырдык тыыннара быстыбыт. Тоҕо диэтэххэ кимэн киирии атырдьах ыйын 13 күнүгэр сарсыарда 6 аҥаар чааска саҕаламмыт уонна 14-15 күннэргэ тыһыынчанан киһи өлүүлээх кырыктаах кыргыһыы буолбут…
Музейы көрөн баран директор хоһугар киирэн чэй иһэ-иһэ салгыы кэпсэттибит. Икки этээстээх музей аҥардас Духовщина эрэ историятыгар аналлаах эбит. Олохтоохтор Екатерина II саҕана аатырбыт биир дойдулаахтара Григорий Потёмкинынан киэн туттар эбиттэр, киниэхэ анаммыт туспа экспозиция баар. Виктор Иванович, уруккута оройуон салалтатыгар үлэлээбит киһи, пенсияҕа тахсыаҕыттан музейга үлэлии сылдьар. Төрөөбүт оройуонун историятын дириҥник билэр, кини дьылҕатыгар сүрдээҕин ыалдьар киһи диэн көрдүм. Россия араас муннуктарыттан аймахтарын кэриэстээн элбэх киһи кэлэр, сувенир, араас бэлэх аҕалар эбиттэр. Биһиги абаҕабыт кылгас олоҕун туһунан, дьоннорун хаартыскаларын, Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит, үлэлии сылдьан уонна фронтан суруйбут суруктарын киллэрэн өҥнөөх буклет оҥорон бэлэхтээтибит.
Музей кэнниттэн абаҕабыт көмүллэн сытар братскай кладбищетыгар таҕыстыбыт. Бу куорат киин болуоссатыгар баар кладбищеҕа 7000-тан тахса советскай саллааттар хараллан сыталлар. Сүрдээх элбэх мраморнай плиталарга алфавитынан саллааттар араспаанньалара суруллубут. Абаҕабыт аата суруллубут плитатыгар дойдубутуттан, төрөөбүт уһаайбатыттан илдьэ кэлбит буорбутун куттубут уонна эмиэ сахалыы сиэринэн алаадьы уурдубут. Манна туран санаан-хараастан кэлэҕин: төһөлөөх элбэх саха дьоно төрөөбүт алаастарыттан арахсан, үгүстэрэ дьиэ-уот тэриммэккэ, ыал буолбакка, кэннилэриттэн кэнчээри ыччаты хаалларбакка отой ыраах, хаһан да үөйбэтэх- ахтыбатах сирдэригэр кэлэн уһун ууларыгар утуйа сыталлара буолуой… Манна сытааччылар ааттара биллэр буолан аймахтара кэлэн кинилэр көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйэ турдахпыт, онтон төһөлөөхтөрө сураҕа суох сүтэн сири кытта сир, буору кытта буор буолбуттара буолуой! Плиталары кэрийэ хааман сахалыыга майгынныыр араспаанньалары син элбэҕи көрдүбүт, арааһа Үөһээ Бүлүү улууһугар эрэ баар буолуо дии саныыбын, Долгунов диэн араспаанньалаах икки киһини буллубут.
Биһиги иннибитинэ 1985 сыллаахха эдьиийим Жендринская Зоя Петровна кэргэнэ Константинов Василий Васильевичтыын кэлэ сылдьыбыттара. Ол бара сырыттахтарына маннык плиталар суох эбиттэр, икки обелиск эрэ турбут. Кладбище плиталарынан саҥардыллыбыта эмиэ туһунан остуоруйа эбит. 2013 сыллаахха Германия народнай союһун көрдөһүүлэринэн Духовщинаҕа вермахт саллааттарын уонна офицердарын кладбищеларын оҥорбуттар. Ыаллыы Брянскай, Калужскай уобаластар кыккыраччы аккаастаабыттар, оттон Смоленскай уобалас салалтатын кытта хайдах кэпсэтии барбыта буолла, олохтоохтор төһө эмэ утарсыбыттарын үрдүнэн 5 га иэннээх сиргэ кладбище оҥорон 30000 кэриҥэ кырамтаны аҕалан дьаһайбыттар. Боростуой саллааттар ааттара, төрөөбүт-өлбүт сыллара-күннэрэ тобус-толору суруллубут улахан мемориальнай комплекс буолбут. Улахан чыыннаахтар ааттара тус-туспа плиталарга суруллубут. Виктор Иванович кэпсииринэн, Германия народнай союһа кладбище оҥорорго көҥүл ылбытын өҥөтүгэр Духовщинаҕа сэбиэскэй саллааттар көмүллэ сытар кладбищеларын саҥардыыга үп биэрбит эбит. Хомойуох иһин, бэйэбит дойдубутугар эйэлээх олохпут туһугар олохторун толук уурбут дьоммут бүтэһик миэстэлэрин тупсарарга сөптөөх харчы көстүбэтэх… Өссө киһи бэркиһиирэ, немецкэй кладбище федеральнай трасса кытыытыгар дьон элбэхтик сылдьар сиригэр, советскай ветераннар көмүллэ сытар сирдэриттэн отой чугас баар эбит.

Духовщинаҕа бастакы киэһэбитигэр биир сүрдээх интэриэһинэй киһини кытта билистибит. Түспүт гостиницабытыгар киэһэ кэлэн чэйдээн бүтэн эрдэхпитинэ, ааны тоҥсуйаат хоспут ортотугар биир сүрдээх тэтиэнэх көрүҥнээх чүөчэ (саастааҕа биллэр да киһи эмээхсин диэҕин тыла тахсыбат) баар буола түстэ. Билсибиппит Москваттан сылдьар 85 саастаах Фурман Нелли Яковлевна диэн буолла. Мин хоспор тахсан чэйдии-чэйдии кэпсэтиэххэ диэбитигэр туох астаахпытын илдьэ таҕыстыбыт. Кини 27 сыл тухары Кыайыы күнүн Духовщинаҕа кэлэн бэлиэтиир эбит. Аҕата Фурман Яков Исакович 1943 сыл балаҕан ыйыгар Духовщинаны босхолооһуҥҥа өлбүт. Кини дьиэ кэргэнэ сэрии саҕаланыытыгар Белоруссияҕа олорбуттар, биэс саастаах кыысчаан сэрии саҕаламмыт күнүн наһаа үчүгэйдик да буолбатар син өйдүүр эбит. “Тыас-уус бөҕө буолбутугар икки саастаах бырааппынаан орон анныгар киирбиппит”, – диэн ахтар. Аҕалара ол күн военкомакка баран сэриигэ барааччыларга суруйтарбыт уонна фроҥҥа барбыт. Ол кэннэ аҕаларын көрбөтөхтөр. Бэйэлэрэ хата этэҥҥэ Казахстаҥҥа эвакуацияланан тыыннаах хаалбыттар. Казахстантан сэрии кэнниттэн, кини 13 саастааҕар ийэлэрин кытта Москваҕа көһөн кэлбиттэр. Духовщинаҕа сыл аайы кэлэр буолан олохтоохторго билэр дьоно сүрдээх элбэх эбит. “Аан бастаан кэлэрбэр сэрии ветераннара кэлэллэрэ, көрсүһүү бөҕө буолар этэ, онтон кэлин кинилэр аҕыйаатахтарын аайы оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара кэлэр буолбуттара”, – диэн сэһэргиир. Урукку сылларга Кыайыы күнүгэр кэлбит ыалдьыттары ГПТУ общежитиетыгар босхо олордон, кулууп дьиэҕэ кинилэри кытта туспа көрсүһүү, аһылыктаах остуол кытта тэрийэр эбиттэр. Нелли Яковлевна наһаа сэргэх кэпсээннээх киһи буолан киэһэ хойукка диэри олорон кэпсэттибит. Үс оҕолооҕуттан уоллаах кыыһа Израильга, биир уола Москваҕа олорор эбиттэр.
Нөҥүө күммүтүгэр – ыам ыйын 9 күнүгэр 11 чааска киин болуоссакка миитиҥҥэ бардыбыт. Пандемияттан мэһэйдэппэккэ, оройуон салалтата тэрээһини ыытардыы дьаһаммыт этэ. Үгүс дьонун сүтэрбит, тыһыынчанан киһи олохторун толук ууран босхоломмут куоратын олохтоохторо бу күнү бэлиэтиири ытык иэстэрин быһыытынан ылынан болуоссакка элбэх киһи мустубута. Миитин кэнниттэн мустубут дьон кладбищеҕа сибэкки уурбуппут кэннэ плиталар бары сибэккинэн, веногунан туолбуттара… Дьоннорун кэриэстии биһигиттэн ураты Марий Элтан, Калмыкияттан, Москваттан, Санкт-Петербургтан эмиэ кэлбит этилэр.

Абаҕабыт сырдык тыына быстыбыт Гремилово дэриэбинэтэ сэрии кэмигэр суох буолбута. Биһиги ол диэки бара сылдьар баҕалаахпытын Виктор Ивановичка эппиппитигэр, музей үлэһитэ Наталия Алексеевнаны арыалдьытынан анаан массыына булан биэрдэ. Марий Элтан Советскай Союз Геройа Василий Соловьёв хос сиэннэрэ кэргэттэринээн, оҕолорунаан эмиэ хос эһэлэрэ кыргыспыт сирин көрө кэлбиттэр, онон үс массыынанан бардыбыт. Биһиги суоппарбыт Василий Кириченко диэн сэрии хонуутугар охтубут буойуннар кырамталарын көрдүүр поисковой этэрээт байыаһа буолан биэрдэ. Массыынабыт поисковой үлэҕэ айан бөҕөнү айаннаабыт советскай «Нива» массыына этэ. Василий элбэх кэпсээннээх, 40-ча саастаах эдэр киһи. Этэрээттэригэр 12 байыас баар эбит, поисковай үлэнэн дьарыктаммыттара балайда ырааппыт. Командирдара урут военкомат начальнигынан үлэлээбит Александр Чернышов диэн эбит. Ким хайдах бокуойдааҕынан, иккилии-үстүү да буолан үлэлиибит диир. Сайын аайы «Вахта памяти» диэн ыытыллар буолан араас уобаластартан кинилэр курдук доброволец поисковиктар кэлэллэр. Бу туох да хамнаһа суох, сороҕор биир эмэ спонсор көмөтүнэн, бэйэлэрин ытык иэстэрин курдук сананан үлэлии кэлэр эдэр дьоннор. Сыл аайы тыһыынчанан кырамтаны буллахтарына уонча киһи аата-суола билиннэҕинэ баһыыба эбит. Биллибит дьон кырамталарын сороҕор аймахтара кэлэн илдьэ бараллар. Барыларын мунньан баран байыаннайдыы чиэстээн, оркестр-салют доҕуһуоллах бүтэһиктээхтик ийэ буордарыгар харайан атаарар эбиттэр. Смоленщинаҕа, нууччалыы эттэххэ, “вся земля пропитана кровью” буолан уонна сэрии алдьархайа ааҥнаабатах ыала бу дойдуга суох да буолан Наталиялаах Василий иккиэн манна буолбут кырыктаах кыргыһыылар историяларын барытын билэллэр.
Айаммыт былаһын тухары элбэҕи кэпсээбиттэриттэн икки түгэни сөҕө да, соһуйа да иһиттибит. Биһиги эрэ дьоммут буолбакка немецтэр эмиэ кэлэн саллааттар кырамталарын көрдүүллэр, биһиэттэрэ кинилэр дуу эбэтэр кинилэр биһиэттэрин дуу буллахтарына хардары-таары бэрсэллэр. Онно Василий этэр: “Немец саллааттарын уҥуохтара биһиги дьоммут киэниттэн атын, араҕас өҥнөөх, бөҕө көрүҥнээх буолар – үчүгэйдик аһаан-сиэн сылдьыбыттара биллэр. Биһиги дьоммут уҥуохтара, аас-туор олохторун содула буолуо, үрүҥ өҥнөөх, үлтүрүйэ сылдьар буолар”.
Ону истэн баран абаҕам барахсан сэрии иннигэр Быракаан оскуолатыгар үлэлии сылдьан нуорма бурдуга тиийбэккэ аччыктыырын, аҕатын бурдук ыыта охсоругар суруйарын санаан кэллим. Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларын, фроҥҥа көмөлөрүн туһунан «Барыта Улуу Кыайыы туһугар» диэн 2 чаастаах сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох кинигэни Ильина Е.П. уонна Саввинова У.Ю. таһаартарбыттарын аахтым. Онно фроҥҥа барбыт сорох дьоммутун ырыгаттара-дьүдэхтэрэ бэрдиттэн төттөрү ыыппыт түбэлтэлэрэ баар эбиттэр. Ол курдук Туручоков Николай Ивановиһы Иркутскайтан хас да табаарыһын кытта сухой паёк биэрэн баран дойдуларыгар ыыппыттар, Степанов Николай Сергеевиһы – Көмүс Атаҕы наһаа ыран ыалдьан тиийбит киһини тута санчааска ыыппыттар.
Иккис соһуйа истибит түгэним – немец саллааттарыгар сэриигэ баралларыгар бааҥҥа счёт аһыллыбыт, ол счёттарыгар билиҥҥэ диэри бырыһыан эбиллэ турар эбит. Ону аймахтара чахчы кинилэр аймахтара буолалларын дакаастаатахтарына наследник буолаллар. Ол иһин Духовщинаҕа баар немецкэй кладбищеҕа үгүстүк тиэстэр эбиттэр. Үлтүрүйбүт фашизм тутуллаах дойду харчыта хайдах, ханан эргийэн кэлэрин өйүм хоппот…
Абаҕабыт охтубут Гремилово дэриэбинэтэ турбут сиригэр от-мас үүнэн суол омооно да хаалбатах.

Аара чугаһаан сибэкки дьөрбөтө уонна эмиэ сахалыы үгэһинэн алаадьы уурдубут. Ол кэннэ 1943 сыл атырдьах ыйыгар кырыктаах кыргыһыы буолбут «Жуковские высоты» диэн сиргэ бардыбыт. Кэлин сир-дойду уларыйан намтаабыт курдук дииллэр гынан баран, билигин да лаппа үрдүк, туруору сыырдаах сиргэ тиийэн кэллибит. Сыыр үрдүгэр немецтэр улахан бөҕөргөтүнүү оҥостубут үһүлэр, биһиэттэрэ аллара “ытыска уурбут курдук” бадарааннаах сиринэн кимэн киирэ сатаабыттар да, “тиистэригэр тиийэ сэбилэммит” армия охсуутун тулуйбатахтар. Онон атырдьах ыйынааҕы кимэн киирии операцията табыллыбатах. Биһиэттэрэ тыһыынчанан дьоннорун сүтэрбиттэр, чугаһынан сүүрүгүрэн ааһар “Царевич” диэн өрүс дьон өлүгүттэн туолан хаатыттан тахсыбыта, кыа хаантан өҥө кытта уларыйбыта диэн кэпсииллэр. Наталия “дьоммут бу өрүстэн хаһан да балык сиэбэт этилэр” диэбитэ. Бу үрдэлгэ Василий Соловьёв Александр Матросов хорсун быһыытын хатылаан өстөөх амбразуратын түөһүнэн бүөлээн, бэйэтин дьоно ДЗОТу ылалларыгар олоҕун биэрэн геройдуу өлбүт. Билигин кини хос сиэнэ 27 саастаах эдэр уол аллара түһэн туруору сыыры дабайаары дэлби аҕылаан таҕыста уонна саллан төбөтүн быһа илгистэр. Хос эһэтэ сэриилэһэр сэбин-сэбиргэлин барытын сүкпүтүнэн, өстөөх силлиэ-буурҕа курдук буулдьатын быыһынан, эбиитин ардах-бадараан ортотунан хайдах тахсыбытын санаан хараастан ылла…
Айаммытын салҕаан «Троицкое» диэн Наталия төрөөбүт дэриэбинэтигэр бардыбыт. Манна эмиэ улахан кыргыһыы буолбутун туоһута – братскай кладбище баар. Олохтоох оскуолаҕа учуутал, энтузиаст Лариса Евгеньевна көҕүлээһининэн сэрии историятын кэпсиир кыра музей тэриллибит. Онно 91-с гвардейскай стрелковай дивизия туһунан балачча элбэх материал баарын көрдүбүт. Дивизия ветераннарын суруктара, хаартыскалара кичэллээхтик хараллыбыттар. Оскуола баара-суоҕа 16 эрэ оҕолоох малокомплектнай эбит. Улахан кылааска үөрэнэр аҕыйах оҕо күүс-көмө буолаллар.
Айаммыт бүтэн арахсарбытыгар Василий, Наталия ыраах сиргэ аймахпытын кэриэстээн кэлэ сылдьыбыппытыгар махтаннылар. Василий Духовщина поисковой этэрээтин үлэтин туһунан «Была война в родном краю» диэн кинигэни бэлэхтээтэ. Биһиги кинилэргэ дойдубутун көмүскээн олохторун биэрбит дьоммутун дириҥник кэриэстииллэрин иһин ис сүрэхпититтэн махталбытын эттибит.
Дьэ ити курдук Улуу Кыайыы күнүн умнуллубаттыы атаардыбыт. Сарсыардаттан аһаабакка сылдьар дьон Духовщинаҕа кэлэн собус-соҕотох үлэлиир “У Семёныча” диэн кафеҕа тиийбиппит хаһаайка “үлэлээн бүтэн баран эрэбин” диэн баран, ыраах сиртэн сылдьарбытын көрөн киллэрдэ уонна остуол бэлэмнээн аһатта. Кафе хаһаайката Надежда кафетын таһынан фермалаах, 160 төбө сүөһүлээх, онтон 90-чата ыанар ынах, араас үрүҥ аһы оҥорор маслоцехтаах эбит. 30-ча үлэһиттээхпин диир. Ирэ-хоро кэпсэтэн аһылыкпытыгар төлөөрү гыммыппытын “бырааһынньыгынан подарогым” диэн отой ылбата, эбиитин айаммытыгар ыһык кытта бэлэмнии охсон биэрдэ.
Аҕабыт тапталлаах убайа, эһэлээх-эбэбит эрэллэрэ, улахан уоллара, абаҕабыт Жендринскэй Николай Михайлович уонна хас эмэ тыһыынчанан ааҕыллар советскай саллааттар, ол иһигэр сүүһүнэн саха саллааттара олохторун толук ууран туран босхолообут Духовщина олохтоохторугар дириҥник махтанан баран дойдубутугар, Сахабыт сиригэр айаннаатыбыт.
Абаҕам сырдык кэриэһигэр анаан, суруктарын киллэрэн «Өлбөөдүйбэт мөссүөн» диэн кыракый кинигэ таһаартарбытым.




Ахтыыны суруйда
Галина Петровна ЖЕНДРИНСКАЯ, омук тылын учуутала.
Үөһээ Бүлүү, 2021 сыл.
(«АХТЫЫЛАР», 30.04.2025 с.)
