СЫРДЫК МӨССҮӨНЭ УОСТУО, УМНУЛЛУО СУОҔА
Бүгүн эһиэхэ Анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан сырдык тыынын толук уурбут тапталлаах убайым, Владислав Александрович Кубаров кылгас да буоллар чаҕылхайдык олорон ааспыт олоҕун туһунан кэпсиэхпин-сэһэргиэхпин баҕарабын.
Кубаров Владислав Александрович.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин 2025 сылы быйыл дойдуга Аҕа дойдуну, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ.
2022 сыл олунньу 24 күнүгэр, Москва бириэмэтинэн сарсыарда 6 чааска, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы саҕаламмытын биллэрбитэ. Ракетанан аэропортары, байыаннай эбийиэктэри, Киев, Харьков, Одесса уонна да атын куораттарга пакетынан дэлби тэптэрии саҕаламмыта.
Арассыыйаҕа бүттүүн бүрүүкээбит билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа дьоннорун-сэргэлэрин көмүскэлигэр турбут, баҕа өттүлэринэн уонна ыҥырыллан ытык иэстэрин төлүү барбыт эр дьоммутунан, кинилэргэ күүс-көмө, өйөбүл буолар ийэлэринэн, кэргэттэринэн киэн тутта саныыбыт уонна түмсүүлээх норуот инникитэ бигэ кэскиллээх диэн эрэнэбит.
Баҕа өттүлэринэн ыҥырыллан ытык иэстэрин төлүү барбыт эр дьонтон биирдэстэринэн мин убайым Владислав Кубаров буолар. Убайым Владик 1989 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр, Горнай улууһун Маалтааны нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ – Кубарова Анна Власьевна. Бииргэ төрөөбүт биэс оҕоттон улаханнара буолар. Эбэлээх эһэтигэр сылаастык мааныланан, көөчүктэнэ иитиллибит буолан, оҕоттон эрэ ураты сымнаҕас, аһыныгас майгылаах этэ. Эбэтэ – Тимофеева Анна Николаевна, тыыл-үлэ бэтэрээнэ, Герой-ийэ, 12 оҕолоох; эһэтэ – Кубаров Власий Васильевич, тыыл-үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа, 103 сааһын туолан баран 2021 сыллаахха өлбүтэ.
Кыратыттан үгүс саҥата суох, ол эрээри оҕо-оҕо курдук мэник-тэник, үөрүнньэҥ, бэрт сэмэй буола улааппыта. Тэтиэнэх, сүүрбүт-көппүт уол, спордунан олус сөбүлээн дьарыктаммыта, физкультураҕа 5 сыанаттан атыны туруорбаттара.
Ханнык да ыарахан үлэттэн чаҕыйбат эр бэрдэ улааппыта, ханна да сырыттын, хайа да сиргэ тиийдин – өрүүтүн хайҕабылга сылдьара.

Дьоҥҥо элэккэйэ, улгума, үлэһитэ, оҕомсоҕо – барыта мааны этэ. Оҕо эрдэҕиттэн булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи диэн кини буолара.
Биир саастыылаахтарын кытта чугастык, доҕордуу сыһыаннаһар буолан атын да дьоҥҥо истиҥ киһи, табаарыс быһыытынан сөбүлэтээччи.
3 сыл ЗЯГЭ-ҕа экспедицияҕа үлэлээбитэ. Бүлүү куоратыгар олоҕун оҥостордуу быһаарыммыта. Петрова Анастасия Аркадьевналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, уонча сыл ыал буолан олорбуттара.

2017 с. алтынньы 20 күнүгэр тапталлаах, соҕотох кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, аҕа буолар дьолу билбитэ. Кыыһа Виолетта 1 кылааска үөрэнэр.


Виолетта эбээтинээн Анна Власьевналыын.
Владик баҕа өттүнэн Анал байыаннай дьайыыга барар контрагын 2024 сыл кулун тутар 24 күнүгэр баттаспыта уонна повестка тутан 2024 сыл муус устар 1 күнүгэр барбыта. Аан бастаан Южно-Сахалинскайга полигоҥҥа үөрэхтээһини ааһаат, Мариуполь куоракка тиийэллэр.

Онно эмиэ анал үөрэтиини-такайыыны ааһаллар, уочаратынан караулга тураллар. Ол сылдьан бииргэ сулууспалыы сылдьар киһитин кытта хорсун быһыыны оҥорбуттара, өстөөх техникатын умаппыттара. Ол кэннэ Угледарга ыыппыттара.
Олоҕун тиһэх кэмнэригэр сибээскэ киирбэт буолан хаалар. Чуолкайдааһынынан, ыам ыйын 20 күнүгэр бойобуой сорудахха бараллар, снаряд эстиитигэр түбэһэн Владимировка сиригэр-уотугар сырдык тыына быстыбыт. Өлбүтүн туоһулуур суруга ыам ыйын 29 чыыһыланан суруллан кэлэр. От ыйын 30 күнүнээҕи Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттааһыннаах “Эр санаа” (посмертно) уордьаннаах.


Убайым күүстээх санаатын, модун күүһүн анаабыт “Эр санаа” уордьана ону этэн эрдэҕэ. Байыаннай дьайыыга бииргэ сылдьыбыт уолаттарыгар аҕалыы-убайдыы сыһыаннааҕын, доҕотторугар тиһэҕэр диэри бэриниилээҕин бэйэтин олоҕунан көрдөрдөҕө.
Кылгас эрээри чаҕылхай олоҕу олорон ааста, дьон өйүгэр-санаатыгар сырдык өйдөбүлү хааллардаҕа буолуо дии саныыбын. Былаадьыкпыт биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар сырдыгынан сыдьаайан, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар мөссүөнэ хаһан да уостуо, умнуллуо суоҕа. Өрүү ахта-саныы сылдьыахпыт! Биһиги дьиэ кэргэн Дьоруойа көлүөнэ ыччаттарбытыгар үтүө холобур буолуоҕа.
Буойун убайым килбиэннээх чиэһигэр, эр киһилии эрдээхтик тэлбит суолугар, оҥорбут хорсун быһыытыгар махтана, саха саллаатын албан аатыгар дириҥник сүгүрүйдүм…
Арсен ТИМОФЕЕВ,
Кэптин орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ.


