ТОЙОН АРЫЫ МОХСОҔОЛЛОРО – БЫРААТТЫЫ ХАРИТОНОВТАР
Быйыл биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит олохторун толук ууран туран Улуу Кыайыыны аҕалбыттара 80 сылын туолар. Бу күн сылын ахсын киэҥник бэлиэтэнэр, ону кытары кыайыыны уһансыбыт сэрии кыттыылаахтара, олор истэригэр уоттаах сэрии толоонугар сылдьыбыт саха саллааттарын, тыыл бэтэрээннэрин ахсааннара лаппа көҕүрээн, сүтэн-симэлийэн иһэр.
Уон сыл анараа өттүгэр Хаҥалас улууһугар сэрииттэн тыыннаах ордон кэлбит бэтэрээннэртэн биир эрэ киһи хаалбыт диэн баара. Ол курдук аны аҕыйах сылынан бүтүн Арассыыйа киэн туонатыгар биир эрэ сэрии кыттыылааҕа хаалла диэн сурах иһиллэр кэмэ кэлэн эрэрэ – бу Дьылҕа Хаан ыйааҕа, Одун Хаан оҥоһуута, ол аата айылҕа тулхадыйбат ыйааҕа буолар.
Ол кэннэ аны эдэр көлүөнэ ыччаттар, кинилэр олохторун туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут өбүгэлэрин ахта-саныы сылдьыахтара дуо? Ол эбэтэр аныгы сэлэспэ нөҥүө тарҕанар, киһи харааста көрөр хартыыналара, бэл сэрии дьоруойдарын өйдөбүнньүк бэлиэлэрин үрдүгэр ытта, оонньуу, алдьата-кээрэтэ сылдьар дьон үксүү туруохтара дуу диэн хобдох соҕус ыйытык үөскүүр. Оннук буолбатар ханнык диэн, дойдубут баһылыга В.В.Путин, эдэр ыччаты дойдуга бэриниилээх дьону иитэр үлэҕэ болҕомто ууран эрэрэ, ону таһынан «Бессмертный полк» диэн курдук араас акциялар ыытыллан эрэллэрэ, сэриигэ кыттыспыт хас биирдии саллаат мөссүөннэрин аныгы техника сайдыытынан сэриини кэпсиир түмэллэргэ көрөр кыахтар бааллара бу олус үчүгэй өйдөбүнньүктэр буолаллар. Манна хайаан да эдэр ыччат аҕа көлүөнэ дьону ытыктыылларын курдук гына, оҕолору иитиигэ төрөппүттэр бэйэлэрэ эмиэ кыттыахтаахтар. Аҥардас осуолаҕа эрэ сигэнэр төрдүттэн сыыһа.
Билэрбит курдук, ааспыт сэрии бүтүн Арассыыйа дьонугар, ол иһигэр Саха сирин хас биирдии ыалыгар ыкса сыһыаннааҕын ааһан, барыбытыгар ыар сүтүгү аҕалбыта. Онон сылын ахсын кэлэр Улуу Кыайыы күнүн көрсө хас биирдии төрөппүт, харах уулаах өрөгөй бырааһынньык суолтатын бэйэтин ыччаттарыгар тириэрдэ, бу күн туох суолталааҕын оҕолоругар кэпсиирэ, өйдөтөрө – бу биһиги ытык иэспит буолар. Төһө да сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ биһиги кэккэбитигэр суох буолбуттарын иһин, кинилэр ааттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн хаһан даҕаны умнуллуо суохтаах.
Кыайыы күнүгэр.
Ол холобуругар олоҕуран, бүгүн мин Улуу Кыайыы 80 сылыгар анааммын, «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» уонна «Суруллубут суоруллубат» диэн бэргэн этиилэргэ олоҕуран, биһиги аҕа ууһуттан сэрии толоонугар олохторун толук уурбут хаан-уруу аймахтарым ааттарын барыларын ааттаан тураммын ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.
Ол курдук, сэрии буолбутун туһунан ыар сураҕы, Тыгын абаҕатын сыдьааннара малдьаҕардар 1941 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр, Kyohaҕac диэн алааска ыhыaх буола турар кэмигэр истибиттэр. Ол кэннэ тута, от ыйын caҥaтыгap ини-бии Хабырыыс уонна Улахан Ыстапаан, ини-бии Данил уонна Сэмэн, бырааттара Кыра Ыстапаан, Харытыан уонна Баhылай Харитоновтар, бары тутуспутунан биир хомуурга түбэhэннэр сэриигэ барбыттара. Ол туһунан мин аҕам Василий Николаевич Харитонов, биһиэхэ биир түгэни бу курдук хараастан олорон кэпсиир буолара. Кини, ол сахха 11 саастаах уол, ийэтинээн Тимирдээх диэн алаастан Тойон Арыы дьаамыгар аймахтарын сэриигэ атаараары чугаhаан истэхтэринэ, арай ким эрэ бөрө улуйарыныы күүскэ иэлийэн туран ытыырын истибиттэр. Тиийэн көрбүттэрэ абаҕалара Дайыыл буолан биэрбит. Кини аҕам ийэтин кытта кэлэн туралларын көрөн соһуйбут үһү уонна:
– Тоҕойдоруом, бу уолаттарым, атаарарбар миигин отой ытаайаххын диэн көрдөспүттэрин быһа гыммаккабын, барбыттарын кэннэ дьэ туох баар аһыыбын-абаккабын кинилэр көрбөттөрүгэр таһаарынан ытаан улуйа олорорбун бука диэн баалаамаҥ дуу, – диэбитэ аҕам хараҕар хаһан да сүппэт баас буолан иҥэн хаалбыта диирэ.
Ол курдук, сэриигэ барбыт бырааттыы Харитоновтартан: Хабырыыс Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон Дубовицы дэриэбинэтигэр, Кыра Ыстапаан Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Редицы дэриэбинэтигэр, Баhылай, Сэмэн, Улахан Ыстапаан уонна Харытыан сураҕа суох өлбүттэрин тyhунaн хара суруктар утуу-субуу кэлбиттэрэ үһү. Онтон Данил: «…Сэриилэhэ сылдьан сэттэтэ бааhырдым уонна aҥap харахпын сүтэрдим, онон төннөр буоллум, кэтэhиҥ…» – диэн дьoнyrap суруйбут суруга кэлбитэ эрээри, кини 1945 сыллаахха ыам ыйыгар Новгородскай уобалас Мало-Витерскай оройуон Красненки дэриэбинэтигэр өлбүтүн тyhyнaн хара суругу кэргэнэ Өрүүнэ туппут. Ити курдук ини-бии Харитоновтар Ийэ дойдуларын көмүскүүр улуу сэриигэ сылдьаннар үстэрэ Новroродскай уобаласка, түөртэрэ ханна көмүллүбүттэрэ биллибэккэ сураҕа суох сүппүттэрэ.
Үөһээ ахтыллыбыт Харитоновтар сэриигэ хайдах бэйэлэрин тыыннарын харыстаабакка, Аҕа дойдуларын көмүскээбиттэрин туһунан биир холобуру ахтан ааһар буоллахха, ол уруккута байыаннай корреспондент, XI-с Армия полковнига В.Фаберов «Знамя Советов» хаһыакка «Смерть героя» диэн төбөлөөн суруйбут очеркатыгар, Тойон Арыыттан сылдьар разведрота байыаһа Степан Харитонов, немец офицерын билиэн тутан иһэн, бэриллибит сорудаҕы толорор баҕаттан, өссө ордук табаарыстарын тыыннарын хаххалаан, бэйэтэ тылланан туран соҕотоҕун хаалан, кинилэри сойуолаһан иһэр сүүрбэччэ фашиһы кыдыйбытын туһунан хаһыакка суруйбута баар. Бу хорсун быһыы 1942 сыллаахха муус устар ыйга буолбута дэнэр.
Степан Харитонов хаҥас турар.
Разведчик Степан Харитонов аата сэрии түмэлигэр.
Разведчик Степан Тимофеевич Харитонов аата умнуллубат.
Бу холобурга олоҕуран, атын да сэрии толоонуттан тыыннаахтыы эргиллибэтэх бырааттыы Харитоновтар, бу холобуртан итэҕэһэ суох хорсуннук сэриилэспиттэрэ саарбахтаммат.
Кэлин аҕам бииргэ төрөөбүт убайа, биһиги абаҕабыт Николай Николаевич Харитонов, Илиҥҥи фроҥҥа түбэhэн дьоппуон самурайдарын кытapы сэриилэспитэ.
Саха саллаата Николай Харитонов.
Кини сэриигэ барбыт Харитоновтартан соҕотоҕун тыыннаах эргиллибит киһи буолар. Ол да үрдүнэн, абаҕам дойдутугар эргиллэн кэлиэн аҕай иннинэ, дьонугар кини өлбүтүн тyhунaн хара сурук кэлбитэ үһү. Ол кини убайдарын курдук сэриигэ бэйэтин харыстаммакка өлөр-өлбөт икки ардынан хорсуннук сылдьыбыт туоһута буолар. Ол иһин кини аата 1985 сыллаахха диэри Покровскайдааҕы Албан аат булгунньаҕар сэрииттэн тыыннаах эргиллибэтэх буойуннар испииһэктэригэр киирэн өргө диэри сурулла сылдьарын биһиги көрөр этибит. Ону кэлин көннөрбүттэрэ.
Николай Николаевич Харитонов, сэрии бэтэрээнэ.
Абаҕам Николай Николаевич өйдөбүнньүк хаартыскатын таһыгар.
Бу маны ахтан-санаан тураммын, сэрии толоонугар биһиги эйэлээх олохпут туһугар өстөөхтөрү кытары хорсуннук охсуһан, сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбэтэх аймахтарбар – сэттэ бырааттыы Харитоновтарга 2015 сыллаахха Кыайыы 70 сылыгар анаан суруйбут кыра хоһооммунан бу кылгас ахтыыбын түмүктүөхпүн баҕарабын.
СЭТТЭ БЫРААТТЫЫ ХАРИТОНОВТАР
Сэттэ быраттыы Харитоновтар
Тойон-Арыыттан туруннулар,
Аҕа дойдуларын көмүскүү
Төннөн, эргиллэн кэлбэттии.
Хорсун разведчик Ыстапаан
Табаарыстарын тыыннарын харыстаан,
Соҕотох көрүстэ ойуурга
Сүүрбэччэ фашиһы тоһуурга.
Ыстапааннар Ыстаарай Руссаҕа,
Харитон Хотугу фроҥҥа,
Дайыылка буулдьатын бааһыттан
Тыыннара быһынна сэриигэ.
Сэмэннээх, Хабырыыс биллибэт
Хайа эрэ булгунньах анныгар
Көмүллэ сыталлар убайдар,
Кыайыыны уһаммыт геройдар!
Сэриигэ кыттыста самурай
Ол онно турунна Николай,
Дьоппуон сэриитин түмүктээн
Кэлбитэ этэҥҥэ абаҕам.
Сэриигэ хорсуннук охсуспут
Эйэлээх олох иһин охтубут,
Дьоммутун кэриэстээн ылыаҕыҥ
Тыыннаахтыы баалларын саныаҕыҥ.
Саныаҕыҥ, харааста түһүөҕүҥ,
Ааттарын доргуччу ааттыаҕыҥ
Түмсүүлээх буоларбыт туһугар
Ойуку ыһыаҕын ыһыаҕыҥ!
Ыһыаҕыҥ Үрэх Арыы сыһыытын
Оҕо-аймах күлэр саҥатынан,
Бырааттыы Харитоновтар хааннара
Хааларга тохтубатаҕын туоһутунан!
Бу хоһооҥҥо суруллубутун курдук, биһиги Үрэх Арыы алааһыгар Ойукулар ыһыахтарын ыһан, бырааттыы сэттэ Харитоновтары ахтан-санаан, ааттарын доргуччу ааттаан, ыллаан-туойан, оһуохайы оройуттан тутан, күрэх тэрийэн өбүгэлэрбит алаастарын оҕо-аймах саҥатынан толорон турабыт.
Үрэх Арыы алааһыгар ыытыллыбыт ыһыахха.
Ол ыһыахха аҕам: «…Холобура, сэрииттэн бу сэттэ бырааттыы Харитоновтар бары тыыннаахтыы ордон кэлбиттэрэ буоллар уонна кинилэр ортотунан түөрт-биэс оҕолонон элбэх сиэннэммиттэрэ буоллар, биһиги аймах билигин төһөлөөх элбэх буолуох этибитий…» – диэн курутуйан туран тыл эппитэ.
Онно олоҕуран, мин Сахам сирин олохтоохторугар баҕарыам этэ: бу билигин буола турар Анал байыаннай операцияҕа саха тургун уолаттара, 1945 сыллаахха Улуу Кыйыыны уһансыбыт өбүгэлэрин курдук, сотору кэминэн кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр уонна инникитин аны хаһан даҕаны хаан тохтуулаах сэрии буолбатыгар, биһиги үрдүбүтүгэр куруутун эйэлээх, ыраас халлаан сандаара тыган турарыгар!
Александр Васильевич ХАРИТОНОВ,
Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуола дириэктэрэ.
Хаҥалас, 2025 сыл.









