ОҔО СААСПЫТ ӨЙДӨБҮЛҮНЭН АХТЫЫ
Биһиги ийэбит Кычкина Александра Николаевна 1930 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Мөҥүрүөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ олохтон туорааннар хараҕа суох эбэтин көрүүтүгэр хаалбыт. Кэлин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийэ Феврония Николаевна Скрябина (кэргэнинэн араспаанньата) үлэһит, ыал буолбутун кэннэ киниэхэ олорон улааппыт. Оҕо сааһа сэрии аас-туор сылларыгар ааспыт.
Ийэбит Александра Николаевна Кычкина.
1951 сыллаахха аҕабытыгар Колесов Пётр Петровичка кэргэн тахсан алта оҕолоноллор. Мин иннибинээҕи кыыс балтараатыгар тымныйан, төннүбүт. Дьоммут үс оҕолонуохтарыгар диэри Тулагыга (Лыгыйга ) олорбуттар. Онтон өрүс уҥуор Дойдунуускайга, Хапчаҕайга көһөн кэлбиттэр.
Онно улахан дьиэ тутталлар. Саҥа дьиэбит санаабар наһаа киэҥ-куоҥ, сырдык этэ. Кыра быраатым Петя, балтыларым Саргылана, Оля бу Дойдунуускайга олордохпутуна төрөөбүттэрэ.
Аҕабыт холкуоска тырахтарыыһынан, ийэбит ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ. Мин анныбынааҕы уолу кыратыгар ийэм бииргэ төрөөбүт кыра эдьиийэ, Эдьигээҥҥэ олорор Елена Николаевна уонна Алексей Алексеевич Баишевтар иитэ ылбыттар. Онон Алитет диэн ааттаах оҕобут онно тиийэн Алёша диэн ааттаммыт этэ. Ити уолу аҕабыт «Алитет уходит в гору» диэн киинэни көрөн кэлэн баран ааттаабыт үһү. Бука киинэни наһаа сөбүлээтэҕэ буолуо.
Уокка холбонор олус улахан араадьыйа, арааһа пластинка холбонордооҕо эбитэ дуу, баара. Онно Лобановтар ырыаларын аҕабыт өрүү сөбүлээн истэр буолара. Онон кыра эрдэхпиттэн Лобановтары истэн улааппыт эбиппин. Аҕам Өлүөнэ өрүһү Кангалааска диэри харбаан туоруура үһү. Биирдэ куораттан таас сэрбиис оонньуур аҕалбыта.
Ийэлээх аҕабыт.
Дьиэбит истиэнэтигэр, утуйар хоско көбүөр саҕа улахан, аттаах киһи ойуулаах, кыраасканан уруһуйдаммыт хартыыналаах этибит. Уонна миигин убайбын кытта уруһуйдаабыттара баара. Ким уруһуйдаабыта буолла, билбэппин. Ол кырааска хартыыналар саас уу кэлбитигэр сытыйан, алдьаммыт этилэр. Ол саас улахан уу кэлбитэ, оһохпут сууллубута. Ньирэй тутарга диэн түннүгэр диэри тутуллубут «телятник» баара, ону уу хоту тыа саҕатыгар илдьэн кэбиспит этэ, ол онно хаалбыта. Сибиинньэ ууга харбыырын онно көрбүтүм.
Чугас ыалларбыт Кычкин Ньукулай, Шестаков Хабырыыс элбэх оҕолоох этилэр. Саастыы оҕолор тэҥҥэ оонньоон улааппыппыт. Кыһын дэриэбинэ иһинэн-таһынан, киэһээ хараҥарбытын кэннэ хаары оймоон «казаки и разбойники» оонньуурбут.
Хапчаҕайтан үс килэмиэтирдээх Көрдүгэҥҥэ оҕолор сатыы сылдьан үөрэнэр этибит, интернат аһыллыар диэри.
Кырабыт икки ыйдааҕар аҕабыт эмискэ олохтон туораан, тулаайах хаалбыппыт. Аҕабыт суох буолбутун кэннэ ыалга дьукаахтаһан олорор этибит. Ол Кычкин Маппыйдаах этилэр. Уоллара Маппыйдыын эт саастыыбыт, эдьиийэ Катя, Каакка диир этибит, уонна балта Аанчык. Ийэлэрэ Өрүүнэ эмиэ ыанньыксыт этэ. Сайын Кааккалыын хотоҥҥо баран ийэлэрбит ынахтара турар миэстэлэрин ып-ыраас гына сиппийэн, ыраастаан баран уһун мастары киллэрэн, таһааран ынахтаах буола оонньуурбут. Биирдэ оонньуу сылдьан, онно хаһыытыы-хаһыытыы ыллаа да ыллаа буолан дьоммут истэн мөҕүллүбүппүт. Абааһы кэлиэ диэн куттааннар, аны киһитэ суох киирбэт буолбуппут. Өрүүнэ дьээбэлээх этэ, бииргэ үлэлиир өмүрэх эмээхсинин иннигэр холуоһа быраҕан баран «абааһы кэллэ!» диэн хаһыытаабытыгар эмээхсинэ «абааһы кэллэ!» дии-дии өрүтэ ыстаҥалаабытыгар күлсүү бөҕө буолбуппут.
Сайын холкуос оҕурсу үүннэрэрэ, бааһынаҕа хортуоска олордоро. Биир сайын Балыктаахтан сэттис кылааһы бүтэрбит оҕолору үлэлэтэ аҕаллылар. Биһиги саҥа дьиэбитигэр олохтоотулар. Мин Кааккалыын кыргыттары кытта биир хоско сытабыт, убайбыт Куола уолаттары кытта атын хоско. Ийэм кыраларын кытта Маппыйдаахха олорбуттара. Кыргыттар наар миигин дьээбэлээн тахсаллара, ытаталлара даҕаны. Оччолорго мин уоммар сылдьабын. Оҕуруокка сыыс от ыраастыыллара. Биирдэ оҕурсу аҕаланнар Кааккаҕа бэристилэр, миэхэ көөчүктээн баран биэрбэтилэр, наһаа да хомойбутум. Каакка барахсан утуйаары сытан суорҕан аннынан кистээн биир оҕурсутун бэрсибитэ.
Кыһынын ийэм «Барын Табыга» кыстаабыта, бырааппын уонна улахан балтыбын илдьэ. Мин оскуола киһитэ кыра балтыбынаан Маттаҕа ийэбит улахан эдьиийигэр, Февронья Николаевнаҕа кыстыырбыт. Кини учууталлыыра.
Ийэм эдьиийдэрин кытта (турар).
«Барын Табыга» ийэм хас да ыаллыын дьукаах олорбуттара. Захаров Дьөгүөрдээх диэн элбэх оҕолоох ыал уонна Кычкиннар диэннэр баалларын өйдүүбүн.
Каникулга ийэбэр ыыталлара. Биһиги оҕолор ийэбитин кытта биир улахан ороҥҥо бииргэ утуйар этибит. Аны санаатахха, мөхсөн-тахсан ийэбит барахсаны төһө сынньатарбыт эбитэ буолла.
Үс кыыс ийэбитиниин.
Сайынын Холболооххо көһөрбүт, эмиэ дьукаахтаһан олорорбут. Күнүскү уонна киэһээҥи ыамҥа ийэбэр ынах иэтэр этим. Бэйэм икки ыыр ынахтааҕым – биирэ сымнаҕас майгылаах улахан, иккиһим кыра тыһаҕас этилэр. Сайылыкка көһөн тиийдибит да оҕолор сөтүө бөҕө буоларбыт. Киэһээ сайылык түптэ сытынан тунуйан, бу үчүгэйин!
Бэс ыйын саҥатыгар балтараатын ааспыт балтым сэбиргэхтэтэн ыалдьан хаалла. Ийэм ыанньыксыт буолан, миигин уоннаах киһини оҕо көрдөрө диэн балыыһаҕа уган кэбистилэр. Наһаа да өр сыппыппыт. Биирдэ дьахталлар оҕолорун илдьэ ыһыахтыы барбыттара, миигин ыыппатылар, наһаа да хомойбутум. Балтыбын быыкаа киһини мөҕөбүн, барахсаны.
Быраатым Петя, улахан балтым Саргы.
Кыралар оскуолаҕа киириилэригэр ийэм Маттаҕа көһөн кэлэн, интернакка биир хоско олорон поварынан үлэлээбитэ. Мин эдьиийбэр олорон илии-атах буолабын. Сэттиһи бүтэрэр сылбар ийэм кэргэн тахсан Төҥүлүгэ көһөн хаалла. Мин отой сөбүлээбэтим, оттон ийэбит барахсан оҕолорун атаҕар туруораары кэргэн таҕыстаҕа буолуо.
Ийэбит оскуолаҕа муоста сууйааччынан үлэлиирэ, кыра кыыс бастакы кылааска киирбитэ. Мин ахсыс кылаас кэнниттэн Төҥүлүгэ СПТУ-га иис үөрэҕэр дьоммор олорон үөрэммитим. Киэһээ өттүгэр ийэбитигэр муоста сууйан көмөлөһөр этим. Үс сыллаах үөрэхпин бүтэрэн атын улууска үлэлии барбытым кэннэ арыый улааппыт балтыларым Саргы, Оля көмөлөһөллөрө. Аҕыс сыл оскуолаҕа үлэлээбитэ.
Ийэм эдьиийдэрин кытта (турар), сааһыран бараннар.
Ийэбит пенсияҕа тахсар сааһыгар тиийбэккэ ыалдьан инбэлииккэ тахсыбыта да уһаабатаҕа, биэс уон иккитигэр сылдьан сирдээҕи олохтон барбыта. Ийэбит баара буоллар быйыл 95 сааһын кулун тутар 8 күнүгэр туолуо этэ.
Билигин оҕолор бары ыал-күүс буолан, эбээ-эһээ дэтэн сиэннэнэн олоробут.
Арай улахан убайбыт Куола 2020 сыллаахха олохтон туораабыта. Бу сиргэ кэлэн аатын ааттатар кими да хаалларбакка…
Эрдэ тулаайах хааламмыт аҕабыт туһунан билбэппит хомолтолоох. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр этэ, тулаайахтар диэбиттэрэ. Быраата Егор аҕабытыныын үс сылынан быысаһан бу олохтон барбыт этэ. Икки уол, икки кыыс оҕолордоох.
Оҕо сааспыттан өйбөр ийэлээх аҕам туһунан туох хаалбытынан суруйдахха, итинник.
Ахтыыны суруйдум улахан кыыстара
Елена Петровна ФЁДОРОВА (Колесова).
28.02.2025 сыл.
Биһиги ийэбит Александра Николаевна Кычкина диэн, 1930 сыл кулун тутар 8 күнүгэр төрөөбүт.
Биһиги бииргэ төрөөбүт алтыа этибит. Мин кыра эрдэхпинэ Дойдунуускайга Хапчаҕайга олорбуппут. Ийэбит онно колхозка дайааркалаабыт, аҕабыт тырахтарыыстаабыт үһү. Онно олорон аҕабыт соһуччу олохтон туораан, Маттаҕа ийэм эдьиийигэр Феврония Николаевнаҕа чугаһаан уонна биһигини үөрэттэрээри Маттаҕа көһөн кэлбиппит. Онно интернат аҥаарыгар олорбуппутун өйдүүбүн. Мин онно маҥнайгы кылааска киирбитим. Матта оскуолатыгар икки сыл үөрэммитим кэннэ ийэбит Төҥүлү киһитигэр Сүөдэр Уйбаанабыска кэргэн тахсан, Төҥүлүгэ 1970 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Ийэбит онно начальнай оскуолаҕа уборщицанан үлэлии киирбитэ. Мин онно 3-с кылаастан 10-ка диэри үөрэммитим. Кыра сылдьан ийэбэр тиийэн көмөлөһөрбүн өйдүүбүн. Оччолорго барыта былыргы паарталар, олору туруоран, түһэрэн сааһылаан көмөлөһөр этим. Ийэм барахсан оскуола ыарахан үлэтин барытын үлэлиирэ – кырааска буоллун, испиэскэ буоллун, сээкэй таһыыта буоллун. Барытын сүгэн, көтөҕөн ыарахан үлэлээх этэ. Ол үлэлии сылдьан ыараханнык ыалдьан операцияламмыта. Ийэм 1981 сыллаахха күһүн олохтон туораабыта. Ийэбит суох буолбутун кэннэ үрүө-тараа тарҕаспыппыт. Мин Майаҕа кэлбитим, онтон ыла онно олоробун.
Кэргэним Алексейдыын.
Оҕолорбунуун.
Ахтыыны суруйдум орто кыыһа
Саргылана Петровна ОКОНЕШНИКОВА (Колесова).
28.02.2025 с. Майа.
Ийэм туһунан наһаа үчүгэй, сылаас, истиҥ өйдөбүл хаалбыт. Алта оҕотуттан саамай кыралара буолабын. Ийэбит хаһан эмэ кыыһырбытын, хаһыытаабытын отой өйдөөбөппүн. Тугу эрэ сөбүлээбэтэҕин хараҕыттан билэр этим. Наһаа сытыары-сымнаҕас майгылааҕа. Ийэбит хараҕын көрдүм да, үөрбүтүн эбэтэр хомойбутун тута билэр этим.
Сарсыарда күөрчэх ытыйар тыаһыттан уһуктан кэлээччибин. Тураат, ийэбин кытары хотоҥҥо тахсааччыбын. Ийэбит оскуолаҕа муоста сууйааччы этэ, онно үөрэнэн бүтэн баран устунан көмөлөһө хаалааччыбын.
Арай биирдэ кыһын, бүтэ охсон бараары, биэдэрэлээх ууну таһырдьа тоҕо таһаараары үрдүк баҕайы боруокка кыайан көтөхпөккө тоҕон кэбистим. Ийэм “хаһан да ыксаабат буол, иккис үлэ оҥордуҥ” диэбитин өйдөөн хаалбытым, билигин да ол тус олохпор туһалыы сырыттаҕа. Ол саҕана 4-5 кылаас этим. Ийэбит хайдах курдук дьиэттэн таҕыста да, санаабар дьиэбит хараҥара, тымныйа түһэргэ дылыта. Ханнык ыалга барбытын көрдөөн тиийэр этибит, ону “оо, дьэ бу оҕолор киһини сүгүн да кэпсэтэннэрбэттэр ээ” диэн күлэн эрэ кэбиһэрэ. Эдьиийбинээн ийэбитин батыһа сылдьааччыбыт.
Субуота күн кулуупка оҕолорго анаан киинэ буолааччы. Сүгүн да көрбөт этим. Ийэм бүгүн бэрэски буһарар күнэ, тиийдибит да ип-итии бэрэски сиирбин санаан тахсар этим. Бүтээт да сүүрүүнэн дьиэлиирим.
Балыыһаҕа сыта киирдэҕинэ күн аайы баран көрсөр этибит. Балыыһаттан таҕыстаҕына биһиги саҕа дьоллоох дьон суох буолара – аһылыктарыгар кэмпиэт биэрэр эбиттэр, ону биһиэхэ кэһии гынан аҕалара.
8-9-с кылааска ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Эдьигээҥҥэ үөрэммитим. Ол саҕана ийэм олус ыарахан ыарыыга ылларбыт этэ, ол иһин 10-с кылааска төннөн кэлэн оскуоланы дойдубар бүтэрбитим. Ийэм илиитинэн иэдэспин имэрийэрэ, ону мин наһаа сымнаҕас, сылаас курдук саныыр этим. Кыра сылдьан ийэм баттаҕын тарыырбын наһаа сөбүлүүрүм уонна өрөн кээһээччибин. Ити курдук оҕо сылдьан ийэм туһунан өйдөбүлүм сылаас тыынынан кууһан, билиҥээҥҥэ диэри угуттуу сырыттаҕа, Билигин бэйэм эбээбин, ийэбин санаатахпына билигин да хараҕым уута кэлэр. Бу санаатахха 51 сааһыгар бараахтаабыт, эдэр да эбит дии саныыбын.

Дьиэ кэргэним.
Ахтыыны суруйда кыра кыыһа
Ольга Петровна ЕРМОЛАЕВА (Колесова).
28.02.2025 сыл.









