Никифоров Валентин Иванович туһунан

ХОЛОБУР БУОЛБУТ МЫНДЫР САЛАЙААЧЧЫ

Ньурба улууһун бастакы баһылыга, доҕорум, салайааччым, Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун Ытык олохтооҕо Валентин Иванович Никифоров 2025 сыл кулун тутар 4 күнүгэр күн сириттэн барбыта биир сыла буола охсубут.

Валентин Иванович Никифоровы аан бастаан 1984 сыллаахха сайын Ньурба совхозка директордыы олордоҕуна билбитим. Ол саҕана Ньурбаҕа ахсааннаах УАЗик массыыналар бааллара. Мин практикабар Марха совхозка тахсаары директорбар Иван Трофимович Афанасьевка звоннаан эппиппэр: “Миэхэ Валентин Иванович тахсар, мин этиэҕим, булан тахсыһаар”, – диэбитэ.

Ол саҕана бадарааннаах суолунан Маар бөһүөлэгэр диэри өр айаннаан, совхоз киинигэр начаас кэпсэтэн тиийбиппит. Хайдах эрэ совхоз директора буолла да, кырдьаҕас киһи буолуохтааҕын курдук өйдөбүл баара. Онтукайым бэйэбиттэн 3 эрэ сыл аҕа – 27 саастаах киһи эбит.

1992 сыллаахха Союзпут эстэн, олох тутула уларыйан Республика президенин ыйааҕынан оройуон дьаһалтатын баһылыгынан Валентин Иванович Никифоров анаммыт кэмиттэн биһиги бииргэ үлэлээн, доҕордоһон, бу орто дойдуттан барыаҕар диэри эн-мин дэһэн кэллэхпит. Онон тугу билэрбин сырдатан көрүөхпүн баҕардым.

Ити сылларга мин Марха совхозка Үөдэй отделениетыгар управляющайынан үлэлии олорорум. Биир күн Валентин Иванович сэрэппэккэ тиийэн кэллэ. «Кэпсэтии баар, дьиэҕэр барыахха», – диэн соһутта. Урут бастакы сирэйдэр биир бииргэ кэпсэтэ ыҥырдахтарына эбэтэр улаханнык сэмэлээри, эбэтэр атын үлэҕэ анаары гыммыт буоллахтарына. Ону билэр буоламмын сэрэхэчийдим. Аатыгар дьиэбэр саатар сылаас чаайым да суох, кэргэним Людмила Васильевна Үөдэйгэ саҥа администрация тэриллэн, главнай бухгалтерынан ананан, утуйарыгар эрэ көстөр кэмэ. Саҥа анаммыт баһылык хамаандатын хомунан эрэр эбит, миигин отой: “Көмөҕө киирэҕин, эйигин тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччынан көрө сылдьабын, аккаастаабаккын», – диэн кэбистэ. “Үөдэйим дьонугар-сэргэтигэр бу ыарахан кэмҥэ биэс сыл үлэлиэҕим диэн тылбын биэрбитим, нэһилиэк уопсай мунньаҕа сөбүлэстэҕинэ киирэбин”, – диэтим. Киһим төбөтүн туттан баран: “Эс, ситэри быһаарсабыт, өйүүн нэһилиэк уопсай мунньаҕын киэһэ хотон үлэһиттэрэ сылдьалларын курдук 8 чааска оҥороҕун”, – диэтэ.

Нэһилиэгим кырдьаҕастарыгар уонна отделением специалистарыгар Валентин Иванович туохха кэлэ сылдьыбытын аһаҕастык кэпсээтим. “Барыта эһигиттэн тутулуктаах, биэрдэххитинэ барабын – оройуонум туһугар, хааллардаххытына – бары бииргэ үлэлиибит”, – диэн буолла. Иһиттэххэ хаалларарга туруммуттар. Наһаа күүстээх, иллээх коллектив буолан Үөдэйи салайан кэлбиппит, бары көрдөрүүбүтүнэн оройуоҥҥа инники этибит.

Кэтэһиилээх мунньахпытыгар кэлэн Валентин Иванович тиэрэ эргитэлээн кэбистэ, Үөдэйдэрим уруй-айхал бөҕөнөн биэрэн ыытар буоллулар. Ол курдук аудиторияны бэйэтигэр тардар дьоҕурдаах салайааччы этэ. Үөдэй салайааччытынан (баһылыгынан) ким буоларын – бэйэбэр буларга сорудахтаата.

Мин кэннибиттэн нэһилиэги түмүөхтээх уонна тахсыылаахтык салайыа диэн бииргэ үөрэммит однокурснигым, Үөһээ Бүлүүгэ «Өргүөт» совхозка управляющайдыы олорбут Андреев Андрей Константиновиһы ыҥыраары Өргүөккэ баран, сөбүлэһиннэрэн Үөдэйгэ көһөрөн аҕалбытым. Үөдэй нэһилиэгин сүрдээҕин сайыннаран, тутуу бөҕөтүн ыытан, нэһилиэк олохтоохторо махтаныахтарын махтаналлар. Ол туоһутунан Үөдэй нэһилиэгин ытык олохтооҕо буолара туоһулуур.

Валентин Иванович сахалыы улахан мындыр салайааччы этэ.

Биһиги бииргэ үлэлээбит эдэр дьон киниттэн элбэххэ үөрэммиппит, үксүбүт республика араас салаатыгар салайааччы буолан тахсыбыппыт. Олор истэригэр:

Прокопьев Владимир Михайлович – Ньурба улууһун баһылыгынан үлэлээбитэ уонна Ил Түмэн элбэх ыҥырыылаах билиҥҥи депутата;

Дмитриев Роман Гаврильевич – улуус баһылыгынан, Саха Республикатын Тыатын хаһаайыстыбатын министринэн үлэлээбитэ;

Лазарев Артур Васильевич – республика ЖКХ департаменын салайааччытынан үлэлээбитэ;

Фёдорова Ольга Николаевна – бастакы президент М.Е.Николаев көмөлөһөөччүтүнэн, онтон экономика министринэн, кэлин улахан араас салааларга салайааччы быһыытынан үлэлээбитэ;

Николаев Юрий Константинович – “АЛРОСА-Ньурба” генеральнай директорын солбуйааччытынан үлэлээбитэ;

Андреев Андрей Константинович – тыа хаһаайыстыбатын переработка департаменын салайааччытынан үлэлээбитэ;

Дмитриев Сергей Гаврильевич – Республикатааҕы ветеринарнай чинчийэр лаборатория директорынан үлэлээбитэ;

Тихонов Николай Николаевич – Саха Республикатын финансовай бюджетнай надзор федеральнай сулууспатын салайааччытынан үлэлээбитэ;

Тихонова Анна Ивановна – Дьокуускай куорат казначействотын салайааччытынан үлэлээбитэ;

Дмитриева Людмила Васильевна – Правительство финансовай отделын салайааччы солбуйааччытынан үлэлээбитэ;

Иннокентьев Николай Петрович – Саха Республикатын Гостехнадзор салайааччытынан үлэлээбитэ.

Ньурбаҕа үлэлиир кэмигэр элбэх инникилээх программаларга, былааннарга үлэлээбитэ. Ол курдук бастакынан кадр боппуруоһун туруорбута, ону ити бииргэ үлэлээбит кадрдара туоһулууллар.

Ити кэмнэргэ энергетика, сибээс, олох-дьаһах, коммунальнай, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостара инники күөҥҥэ тураллара. Тыа хаһаайыстыбатыгар Россия үрдүнэн ыарахан кэм үөскээбитэ. Валентин Иванович толкуйдаах дьаһайыыларынан, Ньурба улууһун атын улуустарга холоотоххо сүөһү-сылгы төбөтүн тутан олорбута. Ол курдук Сүлэ, Күндээдэ совхозтар, Степан Васильев аатынан сылгы завода билиҥээҥҥэ диэри бааллар, үлэлии-хамсыы олороллор.

Валентин Иванович пенсияҕа тахсан баран, Владимир Михайлович Прокопьев баһылыктыы олордоҕуна Дьокуускай куоракка олорор Ньурбаттан төрүттээх биир дойдулаахтарбытыгар уонна улуус салалтатыгар Ньурба улууһун представителинэн үлэлээбитэ. Элбэх кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө, улуус проблемнай боппуруостарыгар туруорсуу, куорат ыһыаҕын тэрийии. Ол курдук ыһыахтыыр сири Бүлүү трассатын өттүттэн Тулагы сиригэр көһөрбүтэ. Ити барыта элбэх үлэни ирдиир. Общественнай үлэлэргэ, хомсомуолга, улууска бииргэ үлэлээбит дьоно түмсэн, сүрдээх иллээхтик үлэлээбиппит.

2007 сыллар диэки Ньурбаттан биир чаҕылхай уолбут Уткин Константин Ксенофонтович оҥорбут испииһэгинэн ити сылларга Ньурбаттан төрүттээх 27 тыһ. киһи Дьокуускай куоракка олохсуйан олорор диэн буолбута. Биир дойдулаахтарбытын сүрдээҕин түмэн, мероприятие бөҕөтө ыытан, ньурбалар түмсүүлээхтэр диэн этиппит киһинэн сыаналыыбыт.

Валентин Иванович дьиэ кэргэнигэр дьоһун ыал аҕата, эһэтэ буолан олорбута. Тапталлаах кэргэнинээн Александра Николаевналыын бу дойдуттан барыар диэри дьоллоохтук олорон, оҕо, сиэн тапталын билэн, үчүгэй үөрэхтээх оҕолору иитэн таһаарбыттара. Оҕолоро бары эрэллээх, дьоһун үлэһит дьон.

Валентин Иванович норуотун туһугар үлэлээбит-хамсаабыт көлөһүнэ умнууга хаалыа суоҕа диэн эрэнэбин, кини аата кыһыл көмүс буукубанан суруллуо диэн күүтэбин.

Валентин Иванович дьиэ кэргэнинээн уонна бырааттарынаан.

 

Кыра кыыс Наташа кэргэнэ Вовалыын, оҕолорунаан.

 

Ахтыыны суруйда Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ,

1992-1993 сылларга Ньурба улууһун баһылыгын солбуйааччы, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, Ньурба улууһун уонна Ньурба куоратын ытык олохтооҕо.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *