КИИРИИ ТЫЛ

Сүүрбэһис үйэ оҕолорун дьылҕалара майгыннаһар. Сут-кураан, сэрии, сэрии кэннинээҕи олоҕу тутуу кыһалҕата биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит, төрөппүттэрбит чараас санныларыгар сүктэриллибитэ. Төрөөбүт түөлбэлэрэ сайдарын туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыт төрүттэрбит иннигэр ытык иэспитин толорон, киэн туттар, таптыыр дьоммутун үйэтитэр сыаллаах бу кинигэни таһаардыбыт.
Ааспыт 1941-1945 сыллардааҕы уоттаах сэрии аас-туор, сут-кураан, ас-таҥас тиийбэт кырыымчык кэмнэригэр талааннаах салайааччылар, аатырбыт колхуос бэрэссэдээтэллэрэ, биригэдьиирдэрэ баар буоланнар, кинилэр ураты дьулуурдаах кыһамньылаах үлэлэрин түмүгэр Сунтаар улууһун Тыһакыыс бөһүөлэгэр баар “Сталин суола” колхуоска сэрии сылларыгар киһи-сүөһү энчирээбэтэҕэ, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута, инники кэскиллээх уонна дьоллоох олох түстэммитэ. Олор истэригэр биһиги эһэлэрбит, биригэдьиирдэр Токосов Макар Гаврилович, Прокопьев Николай Семёнович, Прокопьев Дмитрий Афанасьевич баалларынан киэн туттабыт. Эһэлэрбит, эбэлэрбит, төрөппүттэрбит олохторун-дьаһахтарын туоһуларынан архыып докумуоннара, саһарбыт хаартыскалар буолаллар. Ханнык баҕарар ыалга ыраахтан-чугастан ыалдьыт-хоноһо кэллэҕинэ урууну-аймаҕы билиһиннэрээри хаартыска альбомнарын көрдөрөр үтүө үгэс баар. Биир хаартыскаттан сэдиптээн сэһэн-ыаһах тэнийэр, уруу-аймах дьон, ааспыт кэм ахтыллар.
Психологтар этэллэринэн, дьиэ кэргэн бары түмсэн хаартыскаҕа түһэрэ дьиэ кэргэни түмэр, сомоҕолуур ураты күүстээх. Киһи сааһырдаҕын ахсын үксүн былыргы хаартыскалары сыныйан көрөрүн сөбүлүүр. Былыр олорон ааспыт өбүгэлэрбит барахсаттар ураты кэрэ сэбэрэлэрэ үйэлэри нөҥүөлээн элбэҕи кэпсиир курдуктар. Сороҕор, таайыллыбатах таабырын курдук “былыргыны былыт саппытынан” санньыйбыт мөссүөннэрэ одуулуурга дылылар. Өскөтүн хаартыскаҕа түспүт дьон тустарынан тустаахтар урууларыгар-аймахтарыгар кэпсээн хаалларбатах буоллахтарына, бу хаартыска информацията суох буолар. Ол эбэтэр көлүөнэлэри ситимниир ураты күүһүн сүтэрэн, дьиэ-кэргэн архыыбыгар бэйэтин бочуоттаах миэстэтин булбакка, устунан сүтэн-оһон хаалар дьылҕалаах. Биир үксүн урут олорон ааспыт эбэлэрбит, эһэлэрбит барахсаттар, үөрэҕэ суох буолан уруучука, харандаас туппатахтарыттан, былыргы хаартыскалар оннук дьылҕаланыахтарын сөп.
Биһиги бу кинигэбитигэр саһарбыт хаартыскаларбытын өссө төгүл сыымайдаан саас сааһынан төрүттэрбит тустарынан, кинилэр олохторун, дьиэ кэргэттэрин сырдатан көрүөхпүт. Оттон оҕолорбут, сиэннэрбит (биһиги олохпутун салҕааччылар) олох муоһатын эрэллээхтик илиигитигэр ылан үтүөнү-үчүгэйи үксэтэ, сырдыгы-кэрэни түстэһэ туруҥ!
Светлана Петровна ШКУЛЁВА (Пахомова). Дьокуускай к.
Өбүгэлэрбит сэрии сылларыгар
Биһиги өбүгэлэрбит туһунан бэрт кылгастык аҕыннахха, маннык эбит. Тыһакыыс Эбэ хабыллар хаба ортотугар оччолорго күөл омооно отой да суоҕа, үгүс элбэх буор ураһа турбута. Тыһакыыс Эбэ хотун олус кэрэ айылҕалаах, былыр-былыргыттан саха дьоно түөлбэлээн олохсуйбут сирдэрэ буолар. Кини тула элбэх ийэ, аҕа ууһа олохсуйан силис-мутук тарпыта, тэнийбитэ биллэр. 1917 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн (Якутия по переписи 1917 года. Иркутск 1925 г.) Тыһакыыс аҕа ууһугар 56 хаһаайыстыба, 217 киһи, 392 ынах сүөһү, 109 сылгы баара. Ол аата орто ыал сиэринэн сүөһү ииттэн, бурдук ыһан, аһаан-таҥнан олордохторо. Бастаан утаа сири таҥастыыр табаарыстыба, онтон салгыы “Кыһыл Күүс” диэн кыракый тыа хаһаайыстыбатын артыала, кэлин бөдөҥсүйүү буолуор диэри “Сталин суола” диэн колхуос тэриллибиттэрэ. Оччолорго Тыһакыыска Илин уонна Арҕаа диэн бөһүөлэктэр бааллара. Арҕаа бөһүөлэккэ кыстык ферма, колхуос бырабылыанньатын улахан дьиэтэ (ардыгар кулууп дьиэтин оруолун эмиэ толорон ылара), лааппы, бурдук ыскылаата (маҥхааһай), тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын харайар ыскылаат (собуосуна) уо.д.а атын бэлиэ тутуулар бааллара. Оттон Илин бөһүөлэккэ бэрт элбэх ыал түөлбэлээн олорбута. Ол ыаллар истэригэр биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит дьоһун-мааны ыал буолан олохсуйбуттара.


Хаартыскаларга: “Сталин суола “ колхуос үлэһиттэрэ
Ол курдук, ийэбитинэн хос эһэбит Прокопьев Николай Семёнович (Солко Ньукулай). Кини нууччалыы хааннаах, сулардыы бытыктаах киһи эбит. Сүрдээх дьэҥирдээх, колхуоска кэлии кэриэйтэн үөрэнэн оҕуруот аһын үүннэриинэн аатырбыта. Ол туһунан бастакы кинигэҕэ толору сырдатан турабыт. Үрдүк үүнүүнү ылан кини салайар звенота Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Сунтаар улууһун архыыбыгар (Ф.1, оп.1, д.2.) “Постановление комитета Сунтарского райсовета от 28.01.1940 г.” диэн докумуоҥҥа “Сталин суола” холкуос звеньевойун Прокопьев Николай Семёновиһы Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар ыытары бигэргэтэргэ” диэн сурулла сылдьар.

Солко Ньукулай икки кыыс оҕолооҕо: Маарыйа уонна Өксүүнньэ. Маарыйата Нуучча Ньукулай диэн киһиэхэ кэргэн тахсан биир кыыһы – Аананы төрөппүтэ, иккис кыыһа Өксүүнньэ (Ксения Николаевна) Өлүөхүмэ Токотун киһитигэр, Токосов Макар Гавриловичка кэргэн тахсан элбэх оҕону төрөппүтэ. Биһиги ийэбит кинилэр улахан кыыстара буолар.
Токосов Макар Гаврилович (Токос Макар) – (1902-1986 сс.), кэргэнэ Токосова Ксения Николаевна – (1903-1989 сс.).
Архыып докумуоннарын хасыһан сэрии сылынааҕы дьиэ кэргэттэр тустарынан маннык кинигэҕэ “Похозяйственные книги за 1940-42 гг. по колхозу “Путь Сталина” (фонд 4, опись 1, дело 7,8. Похозяйственные книги за 1943-44 гг., фонд 4, опись 1, дело 43,45) бу курдук сурулла сылдьаллар:

Мантан көстөрүнэн 1936, 1940, 1942 сс. төрөөбүт оҕолор сэрии аас-туор сылларыгар өлбүттэр. Бу оҕолор кэннилэриттэн Валерия (1947 с.), Саргылана (1949 с.), Мотрёна (1951 с.), Александр (1954 с.) төрөөбүттэр. Эһэбит колхуос мунньахтарыгар санаатын этэр, сэрии кэмигэр “Тыһакыыс” колхуоска биригэдьиирдээбит, завхозтаабыт. “Кыһыл былаах” колхозка председателлии сылдьыбыттаах, онон бронь биэрэннэр сэриигэ барбатах. Ханнык да үлэттэн толлон турбат: булууктааһыҥҥа, от оҕустарыытыгар, бурдук кыртарыытыгар барытыгар инники күөҥҥэ сылдьара. “Кыым” хаһыат 01.08.1947 с. нүөмэригэр: “Сунтаарга от ыйын үһүс декадатыгар оройуон 44 машинистарыттан бастыҥнара Токосов Макар 82 гектары оҕустарда”, – диэн суруллубут.
Кэргэннии М.Г., К.Н. Токосовтар.
Татьяна.
Лана, Мотя, Полина, Өлөксөөн 1954 с. ийэлэринээн.
Өлөксөөн.
Хос эбэбит Прокопьева Мария Гаврильевна – (1885-1986 сс.)
Солко Ньукулай иккис кэргэнэ Прокопьева Мария Гаврильевна. Кини биир Данил (1921-1943 сс.) диэн уоллаах этэ. Уола Данил эт тутан, модьурҕаан күүстээх киһи буолар чинчилээҕэ. Ону баара 20 саастааҕар 1941 сыллаахха бастакы ыҥырыыга балаҕан ыйын 1 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыта, 1943 с. Украинаны босхолооһуҥҥа геройдуу охтубута. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт. Кыргыс хонуутугар геройдуу охтубут, көмүс уҥуохтара онно хаалбыт буойуттарга тимир турбаларынан тупсаҕайдык иһэрдэн оҥоһуллубут обелиск Тыһакыыс колхуос бырабылыанньатын дьиэтэ урут турбут сиригэр Кыайыы 50 сыллаах үбүлүөйүн чиэһигэр туруоруллубута. Буойуттар ааттара анал плиталарга кутуллан оҥоһуллан, обелиск туруупкаларыгар хам иһэрдиллибитэ. Обелиск турбаларын иһэрдэн оҥорууну улуу Эбэҕэ төрөөбүт-үөскээбит, аатырбыт сварщик Туман Миитэрэй уола, биһиги убайбыт Прокопьев Василий Дмитриевич оҥорбута.

Прокопьева М.Г.



Тыһакыыска Кыайыы 50 сылыгар оҥоһуллубут обелиск (Прокопьев В.Д. турбалары иһэрдэн оҥорбут). Прокопьев Данил Николаевич аата бу обелиска баар.
Аҕабыт бииргэ төрөөбүттэрэ, эбэбит Пахомова Парасковья Фёдоровна (1897-1977 сс.)
Борускуой бастакы кэргэниниин Алексеев Василийдыын (Эрэдээк Баһылай) 1929 с. ыал буолбуттар. Икки уол оҕоломмуттар. Ньукулай уонна Бүөтүр. Оҕолоро отой кыраларыгар Баһылай туохха эрэ балыллан 8 сылга хаайыыга барбыт уонна онно өлбүт. Оччолорго ас-таҥас кэмчи кэмигэр сокуон кытаанах этэ, сорох дьон кыра да буруйга түбэhэн итинник дьылҕаланаллара. Улахан уол Ньукулай 1930 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр Тойбохойго төрөөбүт. Тойбохой детдомугар иитиллибит, 10 кылааһы онно бүтэрэн Подмосковье Пушкино куоратыгар тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбит. Кэнники ити институту Барнауллааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар көһөрбүттэр. Онон Ньукулай Барнаулга кэлэн үөрэммит. Барнаулга нуучча кыыһын кэргэн ылан уоллаах кыыс оҕоломмут уонна онно олохсуйбут. 2009 сыллаахха Барнаул куоракка олорон өлбүт. Оҕолоруттан билигин кыыһа Наталья Николаевна Клепикова (Алексеева) Барнауллааҕы педагогическай университет физико-математическай факультетын бүтэрэн преподавателлиир. Оттон уола Павел эдэр сааһыгар өлбүт.
Биһиги аҕабыт ииппит аҕатынан атын фамилияланан Пахомов Пётр Данилович буолбут. Пахомов Пётр Данилович – 1931 сыллаахха (сорох докумуоҥҥа 1932 с. диэн суруллар) төрөөбүт. Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта. Аҕабыт олоҕун туһунан бастакы кинигэҕэ суруллубута. 1974 с. от ыйын 11 күнүгэр Арыылаах отделениетын улахан опыттаах, сылгыны көрүү-харайыы ымпыгын-чымпыгын баһылаабыт сылгыһыттара Пахомов Пётр Данилович уонна Спиридонов Данил Егорович, кулун деловой тахсыытын 95,1%, сылгыны тыыннаахтыы иитиини 99,6% тиэрдэн оройуон үрдүнэн биллибиттэрэ. Кинилэр ааттара оройуон Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Бу ситиһии Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын 1936-1999 бастыҥ көрдөрүүтүнэн сыаналанан «Достижения сельского хозяйства в Якутии в 20 веке» диэн «Бичик» кинигэ кыһата Дьокуускайга 2007 с. таһаарбыт кинигэтигэр киллэриллибит. 1976-1979 сс. үс сыл тохтоло суох 100% түрүөҕү государствоҕа туттаран чулуу сылгыһыттарга оройуон “чемпион-сылгыһыттарын” аата иҥэриллибит. Кинилэр 9-с пятилетка бүтэһик 1975 сылыгар 130 биэттэн 117 кулуну ылбыттар. Пятилетка устатыгар 316 кулун оннугар 432 кулуну ыланнар былааннарын 120, 6 % толорбуттар. Биир бастакынан “Запорожец” массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар баран кэлбитэ. 1977 с. “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта.
Үһүс уол Прокопьев Василий Дмитриевич от ыйын 11 күнүгэр 1947 сыллаахха төрөөбүт. Онус кылааһы киэһээҥи оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрэн суоппар идэтин баһылаабыта. Хас да сыл ыраах рейстэргэ сылдьыбыта. Онтон айаҥҥа эчэйиини ылан, сварщик идэтин баһылаан үлэлээбитэ. Сойуус ыһыллыар диэри Сунтаардааҕы “Сельхозтехника” тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Кэнники Уһун Күөлгэ тахсан трактористаабыта, сварщиктаабыта. Кэргэннэммэтэҕэ. Иллэҥ кэмигэр үрүҥ көмүстэн, алтантан киэргэллэри оҥороро, саха быһаҕын охсоро. Сааһыран баран унтуу улларыытынан дьарыктанар буолбута. Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорон 2016 сыллаахха өлбүтэ.

Уҥа: Пахомова П.Ф. 1942 с.
Парасковья уола Колялыын. 1950 с.
Пётр. 1951 с.
Николай кыыhа – Клепикова (Алексеева) Н.Н.
Прокопьев В.Д.
Пахомов Данил Алексеевич (Таас Дайыыла 1888-1943 сс.)
Дайыыла ортону аннынан уҥуохтаах, модьу лахах курдук, илиитигэр кыахтаах киһи эбит. Чөҥөчөктөөх өтөхтөн Ураһалаахха барарга Таас Дайыыла өтөҕө баар. Кини килиэп астыыр идэлээх эбит. Өтөҕөр хойукка диэри килиэп астыыр оһоҕун дьардьамата турбут. Кини 1936 сыллаахха икки оҕолоох Бороскуойаны кэргэн ылан бэйэтин аннынан Бүөтүр диэн уолун суруйтарбыт. Онон биһиги Пахомовтар буолбуппут. Таас Дайыыла Бороскуойтан икки оҕоломмут эрээри, ол оҕолор кыраларыгар (1937, 1940 сс.) өлбүттэр. Дайыыла 1943 с. өлбүт.

Бу докумуоҥҥа (латыынныы суруллубут) көстөрүнэн биһиги аҕабыт 1941 сыллаахха 2 кылааска үөрэнэр эбит.
Прокопьев Дмитрий Афанасьевич (Туман Миитэрэй 1890-1977 сс.)
Бу сайдыылаах, сытыы-хотуу киһи. Колхозка өр сылларга биригэдьиирдээбит. Сэрии сылларыгар күн аайы от охсооччулар, мунньааччылар төһө үлэни толорбуттарын кэмниирэ. Онон колхуостаахтар окко үлэлээбит көлөһүн күннэрэ чуолкай буолан, хамнастара үчүгэйдик төлөнөрө. Миитэрэй колхоз активиһа этэ, кэнники завхоһунан эмиэ үлэлээбитэ. Кини бастакы кэргэниттэн Мария Захаровнаттан биэс оҕолооҕо – Иннокентий, Афанасий, Екатерина, Ульяна, Иван.
Екатерина.
Ульяна.
Иван.
Василий.
Хаҥастан иккис Афанасий, кытыыга кэргэнэ Маруся. Турар: эбэбит Борускуой.
Иннокентий 1943 с., Афанасий 1945 с. сэриигэ барбыттар. Кинилэр Аҕа дойду сэриититтэн этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ. Иннокентий сэрииттэн бааһырыылаах кэлбитэ. Сталинтан хайҕал суруктаах этэ. Афанасий кэлэн баран өр кэмҥэ Сунтаардааҕы лесхозка директордаабыта. 1945 сыллаахха Туман Миитэрэй икки оҕолоох Пахомова Парасковияны(1897-1977 сс.) кэргэн ылан икки огдообо дьон биир хаһаайыстыба буолаллар. 1947 с. Василий диэн уол оҕоломмуттара. Уоллара Василий бэйэлэрин кытта олорбута, кэргэннэммэтэҕэ. Миитэрэй Парасковиятын кытта 1975 сылга диэри оройуон киинигэр Сунтаарга Лесной оскуола диэки сүрдээх иллээхтик олорбуттара. Сааһыран баран илим, муҥха баайыытынан, тыы оҥоруутунан дьарыктаммыта. Элбэх киһи киниэхэ сакаастаан оҥоттороллоро. Балыктыыра, сүөһү тутар буоланнар сайынын оттуура. Кырдьан, кыаммат буоланнар Уһун күөлгэ уолларыгар чугаһаан көһөн кэлэн олохсуйбуттара. 1977 сыллаахха кэргэнинээн ыйдарынан быысаһан өлбүттэрэ.
Прокопьев Д.А.
Хаҥастан уҥа: Пахомова П.Ф., Ороева(Афанасий кэргэнин ийэтэ), Агафья(Туман Миитэрэй тастыҥ балта), Прокопьев Д.А. Кытыыга кини кыра уола Иван, аллара уола Афанасий олорор.

Ийэбит бииргэ төрөөбүттэрэ


Ийэбит Пахомова (Токосова) Татьяна Макаровна 1931 сыллаахха төрөөбүтэ. Токосовтар улахан кыыстара буолар. Ийэбит олоҕун туһунан бастакы кинигэҕэ суруллубута. Иллэҥ кэмигэр оҕуруот аһын олордуунан, сибиинньэ, ынах сүөһү, куурусса иитиитинэн дьарыктанара. Икки улахан сиэннэрин эбээлээх эһээлэрэ кыыстара Тамара Ганятынаан үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри бэйэлэрэ көрбүттэрэ. Ол сиэннэр билигин бэйэлэрэ ийэ-аҕа буолан үлэлии-хамсыы олороллор.
Емельянова (Токосова) Мария Макаровна

Ахтыыны суруйда оҕолорун, сиэннэрин ааттарыттан кыыһа Дьяконова Ксения Павловна:
– Биһиги ийэбит Емельянова Мария Макаровна 1934 сыллаахха элбэх оҕолоох Токосов Макар Гаврилович, Токосова Ксения Николаевна дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон Тыһакыыс диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Тыһакыыска ааспыта. Сэрии, аччык дьыллар кыһарҕаннарын билэн улааппыта. 1953 сыллаахха Емельянов Павел Тимофеевиһы кытта ыал буолан уон биир оҕону төрөтөн, уон оҕону көрөн-истэн атахтарыгар туруоран киһи-хара оҥорбуттара.
Бастакы оҕолоро 1954 сыллаахха төрөөн баран төннүбүтэ. Иккис уол Байбал 1956 сыллаахха төрөөбүтэ. Тойбохой совхоз Арыылаахтааҕы отделениетыгар кадровай булчутунан совхоз ыһыллыар диэри үлэлээбитэ. Кэргэннэммэтэҕэ. Билигин Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор. Иккис уол Александр 1958 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Совхоз ыһыллыар диэри тутууга үлэлээбитэ. Билигин чааһынай сылгыларын көрөн Уһун Күөлгэ олорор. Егор 1960 сыллаахха төрөөбүтэ. Совхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Билигин Сунтаардааҕы кииннэммит балыыһаҕа суоппарынан үлэлиир. Улахан кыыс Елена 1962 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьокуускайга киномеханиктар үөрэхтэрин бүтэрбитэ. Сунтаарга киномеханигынан сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээн испитэ. Сунтаар райкомун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Салгыы Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищены бүтэрэн баран культура эйгэтигэр үлэлээн иһэн эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан бу олохтон туораабыта. Антонина 1965 сыллаахха төрөөбүтэ. Сунтаардааҕы райпотребсоюз Партизаннааҕы маҕаһыыныгар атыыһытынан, сэбиэдиссэйинэн өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Билигин пенсияҕа олорор. Үс оҕолоох, үс сиэннээх. Зоя 1966 сыллаахха төрөөбүтэ. Томуһукаан маҕаһыыныгар атыыһытынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Эдэр сааһыгар хомолтолоохтук аварияҕа түбэһэн өлбүтэ. Икки оҕолоох, икки сиэннээх. Ксения 1968 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы киномеханиктар училищеларын бүтэрбитэ. Кэргэн тахсан билигин Кэбээйигэ олорор. Олохтоох балыыһаҕа 30 сыл үлэлээн кэллэ. Икки оҕолоох, үс сиэннээх. Мария 1971 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо уһуйааныгар үлэлээбитэ. Икки оҕолоох. Олег 1973 сыллаах төрөөбүтэ. Суоппар идэлээх. Суоппарынан, сылгы көрөөччүнэн, ат баайааччынан араас тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. Билигин Амма улууһугар дьаһалтаҕа суоппарынан үлэлиир. Лёня 1975 сыллаахха төрөөбүтэ. Культура уонна экономист үөрэхтээх. Идэлэринэн араас тэрилтэлэргэ үлэлээн кэллэ.
Ийэбит Мария Макаровна 1993 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Элбэх оҕо, сиэн тапталларыгар угуттанан дьоллоох-соргулаах олоҕу аҕабытын Павел Тимофеевиһы кытта олорон ааспыттара. Ийэбит сырдык мөссүөнэ хаһан да умнуллубат, сүрэхпитигэр куруук баар.
Егорова (Токосова) Валерия Макаровна

– Мин Тойбохойтон туора турар Уһун Күөл бөһүөлэгэр космонавт Юрий Гагарин космоска көппүт күнүгэр – муус устар 12 күнүгэр 1947 сыллаахха төрөөбүтүм. Уһун Күөлгэ 6 кылааска диэри үөрэммитим. Ол кэнниттэн Сунтаарга киирэн ыалга олорон үөрэммитим. Ахсыс кылааһы бүтэрэн баран Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа туттарсан киирбитим. Сахалыы оскуоланы бүтэрбит буоламмын нуучча тылыгар сүрдээҕин ыарырҕаппытым. 9-10 кылаас программата барыта нууччалыы этэ. Ол иһин кыһыҥҥы өрөбүлбэр кэлэн баран салгыы үөрэнэ барбатаҕым. Училищеттан аҕам аатыгар кэлэн үөрэннин диэн сурук кэлбитэ да, атын үөрэххэ туттарсыам диэн аккаастаан кэбиспитим. Дьокуускай куоракка үөрэх туттарса барбытым буолан баран, 4 уолум дьылҕата таайан буолуо, Иван Петрович Егоровка кэргэн тахсыбытым. Икки улахан уолаттарбын улаатыннарарбар эбэм Маарыйа барахсан биһиэхэ олорон улаханнык көмөлөспүтэ. Эдэр сылдьан эдьиэй Таанньалаахтан тыһы бургунас ылан уонча сыл ынах ииттибиппит. Ол гынан баран оттуур сирбит табыллыбакка эһэн кэбиспиппит. Сибиинньэ, куурусса, куруолук эмиэ тута сылдьыбыппыт. Куруолукпут төрөөн-ууһаан муҥутаан 50-ча буола сылдьыбыта. Сибиинньэбит этин туттаран ол-бу дьиэ малын атыылаһар этибит.
Ырыынак ыарахан кэмнэригэр бэйэм ИП тэринэн уонтан тахса сыл нэһилиэккэ ас атыылыыр салааны аһан үлэлэһэн кэллим. Билигин оҕолорум салҕаан икки ас атыылыыр отделлаахпыт, биир оҕо оонньуура уонна оҕо таҥаһа атыылыыр отдел. Улахан уол Пётр Иванович кэргэнинээн Тамара Ивановналыын бэйэлэрин чааһынай дьиэлэригэр оҕо уһуйаанын арыйан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кэргэмминиин, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитиниин Иван Петровичтыын дьылҕабытыгар махтанан туран биир саха ыала олорор олохторун 50 сыл бииргэ олорон кэллибит.
Уонча сиэннээхпит. Улахан сиэммит Ким Петрович врач үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускай куоракка РБ-3 рентгенолог бырааһынан үлэлиир, түөрт сиэн араас салааларга студент үрдүк аатын сүгэн үөрэнэ сылдьаллар. Кыралар уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуолаҕа үөрэнэллэр. Олоҕум улахан аҥаарын Сунтаардааҕы олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар кэмбинээккэ үлэлээбит буоламмын бииргэ үлэлээбит үлэһиппиниин Иванова Люция Егоровналыын бытовойбут 50 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан 2017 сылга “Олохпут оҥкула – дьоҥҥо өҥөнү оҥоруу” диэн урут үлэлээн ааспыт аҕа саастаах үлэһиттэрбитин үйэтитэр сыаллаах кинигэ таһаарбыппыт. Ону таһынан үс фотоальбом оҥорон архивка туттардым.
Үһүс уолум Толя улаханнык ыалдьыбытыгар 5-6 сылга оҕобун көрөөрү СПТУ-га кэлэн түүҥҥү дьурууһустубаҕа үлэлии сылдьыбытым. Ол сылларбын, хайдах оҕолору, үлэһиттэри кытта үлэлээбиппин эмиэ фотоальбом оҥорон бэлэхтээбитим. Быйыл СПТУ үбүлүөйүгэр ыҥырыллан сырыттым уонна оҥорбут альбомум музейга турарын көрөн сүрдээҕин долгуйдум да, үөрдүм да. Үлэлээн ааспыт тэрилтэлэрбэр суол-иис хаалларар эбиппин дэнэ санаатым. Дьэ ситинник, түөрт уол оҕону төрөтөн, үөрэхтээх оҥортоон, дьиэ-уот буолалларыгар көмөлөһөн, оҕолор, сиэннэр ситиһиилэринэн кынаттанан ыал-күүс буолан олоробут. Ону таһынан билигин Сунтаар иһинээҕи пенсионердар түмсүүлэрин, Партизан түөлбэтин, бытовой комбинат түмсүүтүн салайсан олоробун. Үлэлээбит үлэм түмүктэрин элбэх хайҕал суруктар туоһулууллар. 2008 сыллаахха Сунтаарым нэһилиэгэ «Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааты иҥэрбитэ, 2014 сылга Сунтаар нэһилиэгин баһылыгыттан Э.Е.Филипповтан Грант ылбытым.
P.s. Күтүөм Пётр Данилович эдьиийбинээн оҕолоро бары үрдүк үөрэхтэниэхтэрин баҕараллара (ыралыыллара). Оҕолор бары дьоннорун санааларын хоту үөрэнэн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн үгүстэрэ Дьокуускай куоракка олороллор. Мин балтыларбынан, бырааттарбынан киэн туттабын, астынабын.
Осипова (Токосова) Саргылана Макаровна

Мин Арыылаах нэһилиэгэр Уһун Күөл бөһүөлэгэр 1949 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр төрдүс оҕонон төрөөбүтүм. 1956 сыллаахха Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар нулевой кылааска үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэ сылдьан араас тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга, пионерскай зарницаларга кыттарбыт. Сайынын Тыһакыыс эбэтин түөлбэтигэр фермаҕа тахсаммыт сынньанан, үүт-сүөгэй, күөрчэх сиэн кэлэрбит, күүс-уох эбинэрбит. 1965 сыллаахха ахсыс кылааһы бүтэрэн фермаҕа үүт эрийээччинэн үлэҕэ киирбитим. Улахан баҕайы сэппэрээтэргэ олоппоско салҕанан туран үүт эрийэн сүөгэйдиирбит. Үлэтэ наһаа ыарахан этэ. 1970-73 сс. Сунтаарга киирэн Сунтаардааҕы санаторно-лесной оскуолаҕа түүҥҥү ньээҥкэнэн үлэлээбитим. 1973-1975 сс. Мэҥэ Хаҥаласка Төҥүлү СПТУ-тугар иистэнньэҥ идэтигэр үөрэммитим. «Эр киһи уонна оҕо таҥаһын иистэнньэҥэ» диэн идэни үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн Сунтаардааҕы бытовой комбинакка 1975-91 сс. иистэнньэҥинэн араас таҥастары, сакаастары тигиинэн үлэлээбитим. Ол кэнниттэн 1991 сылтан 1999 сылга диэри санаторно-лесной оскуола-интернакка поварынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьыбытым. Онно үөрэммит оҕолор махталларын билиҥҥэ диэри ыла сылдьарбыттан үөрэбин. 1999 сылтан Сунтаардааҕы РЭС-кэ переводунан кэлэн пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэлээн кэллим, үлэ бэтэрээнэбин. Кэргэним Осипов Сергей Алексеевич өр сылларга оройуон балыыһатыгар суоппарынан үлэлээбитэ, үлэ бэтэрээнэ. Икки кыыс, биир уол оҕолоохпут. Бары идэлээх үлэһиттэр, ыаллар. Алта кыыс сиэн, биир хос сиэн биһигини үөрдэллэр, олохпутун киэргэтэллэр. Инникитин даҕаны бар дьоммутугар барыларыгар, оҕолорго, сиэннэргэ, хос сиэннэргэ өрүү сырдык эрэ сыдьаайдын, дьол-соргу тосхойдун!
Васильева (Токосова) Мотрёна Макаровна

Мин 1951 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Бастакы кылаастан ахсыс кылааска диэри Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Онтон 9-10 кылааһы Бүлүүчээн орто оскуолатыгар интернакка олорон бүтэрбитим. Урукку оҕо оскуоланы бүтэрдэ да совхозка икки, үс сыл үлэлээн баран үөрэххэ барар этэ. Ол сиэринэн мин эмиэ фермаҕа үлэлии хаалбытым. Ол кэнниттэн үөрэххэ туттарса бара сылдьыбытым да, кыайан киирбэккэ дойдубар төннөн кэлбитим. Уонна аҕабын кытта субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитим. 1978 сыллаахха Сунтаарга көһөн киирбитим уонна АТК — автобуснай предприятиеҕа саҥа үлэбин саҕалаабытым. Ол үлэлии сылдьан олоҕум аргыһын Васильев Клим Ксенофонтовиһы көрсөн 1981 сыллаахха уруу остуолун тэрийэн ыал буолбуппут. Оччолорго Клим совхозка трактористыыр этэ. 1982 сыллаахха бастакы оҕобут Слава төрөөбүтэ. Билигин ол уолбут үс уол оҕолоох ыал аҕата. Орто анал үөрэхтээх. Идэтинэн электриктиир. Кэргэнэ Хороттон төрүттээх Васильева Мотрёна Витальевна. Үрдүк үөрэхтээх медик. Дьокуускай куоракка олороллор, үлэлииллэр. Кыра уоллара уһуйаан иитиллээччитэ, икки улахан үөрэнэллэр. Иккис оҕобут Сергей 1984 сыллаахха төрөөбүтэ. Кэргэннээх, икки кыыс, биир уол оҕолордоох. Орто анал үөрэхтээх. Кэргэнэ Михайлова Лена Иннокентьевна Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн идэтинэн үлэлиир. Икки кыраларым игирэлэр: Клим уонна Айаал. 1990 сыллаахха төрөөбүттэрэ. Клим үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн үөрэнэр. Сунтаар администрациятыгар ыччат лидеринэн үлэлиир. 2018 сыллаахха НВК “Саха” тэрийиитинэн Сунтаар Күндэйэтигэр ыытыллыбыт “Дьол тааһа” диэн телевизионнай реалити-шоу кыттыылааҕа. Айаал орто анал үөрэхтээх. Бу орто дойдуга аналбын толорон түөрт уол оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Өссө да сиэннэр, олох сибэккилэрэ кэлиэхтэрэ. Ол иһин дьоллоохпун дэнэбин. Кылгастык дьиэ кэргэним туһунан итинник.
Токосов Александр Макарович

Ахтыыны суруйда эдьиийэ Васильева М.М.:
– Быраатым Александр Макарович 1954 сыллаахха Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Биһиги бииргэ төрөөбүттэртэн саамай кырабыт, соҕотох уолбут этэ. Ол иһин наһаа атаахтык иитиллибитэ. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Оҕо сылдьан күөлгэ мундулуурун олус сөбүлүүрэ. Үс лиитэрэлээх бөтүөҥҥэ тобус-толору хаптаран кэлэрэ. Ону ийэбит биири да бырахпакка ыраастаан хобордооххо ыһаарылаан кэбиһэрэ. Наһаа булчут этэ, тыаҕа бардаҕына хайаан да илии тутуурдаах кэлэр этэ. Оскуоланы бүтэрэн баран ытык иэһин толорон Армияҕа сулууспалаан кэлбитэ. Армияттан кэлэн баран Дьокуускайга милиция үөрэҕэр үөрэнэ сылдьыбыта да бүтэрбэккэ дойдутугар төннөн кэлбитэ. Ол кэлэн араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Куокунуттан төрүттээх икки оҕолоох дьахтары кэргэн ылан ыал буолбута. Киниттэн биир кыыс оҕоломмута. Ол балтыбыт билигин биир кыыс оҕолоох, үлэлиир.
Ойор-тэбэр оҕо сааспыт, оскуолатааҕы кэмнэрбит…
Валя


– Мин 1958 сыллаахха маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Бастакы учууталым Николай Гаврильевич диэн этэ. Үһүс кылааска диэри Аллаҥа оскуолатыгар Тыһакыыстан сатыы хааман үөрэнэрбит. Биһигиттэн арыый улахан буолан Прокопьев Баасканы батыһан барарбыт. Кыра оҕолор суолга тоҥорбут-хатарбыт элбэх буоллаҕа. Оннук үөрэнэ сылдьан ыалдьан төрдүс кылааска Сунтаардааҕы лесной оскуолаҕа киирэн биир сыл үөрэммитим. Онтон дьоммут Уһун Күөлгэ көһөн кэлбиттэрин кэннэ 5 – 8 кылаастарга Уһун Күөл аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Кылаас салайааччытынан Иванова Екатерина Павловна үлэлээбитэ. Оччолорго ыал аҕыйах буолан үөрэнэр да оҕо ахсаана аҕыйах этэ. Биһиги кылааспытыгар уонтан тахса этибит. Ити үөрэнэр сылларбар наар кылааспар старостанан талыллан үлэлээбитим. Биир бастакынан комсомол кэккэтигэр киирбитим. Сайынын оҕолор оттуур звеноларга окко көмөлөһөрбүт, кыралар от кэбиһиитигэр бугул түгэҕэ харбыыллара. Мин төрдүс кылааһы бүтэрэн баран Булгунньахтаахха ыанньык ферматыгар Өксүүнньэ эбэбэр ынах ыырга көмөлөспүтүм. Сороҕор бэйэм да ыанньыксыттаан ыларым. 1968 сыллаахха ахсыс кылааһы бүтэрэн Бүлүүчээн орто оскуолатыгар 9-10 кылаастарга алта буолан үөрэнэ барбыппыт. Интернакка олорон үөрэнэммитим. Оччолорго үгүс нэһилиэккэ аҕыс кылаастаах оскуола буолан Бүлүүчээҥҥэ араас нэһилиэктэн кэлэн үөрэнэллэрэ. Үөрэхпэр үчүгэй, бастыҥ общественница буолан Уһун Күөл оҕолоруттан соҕотоҕун тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан cүүрбэччэ оҕо буолан Москва – Одесса историческай миэстэлэринэн күүлэйдээн кэлбиппит. Оскуола кэнниттэн «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынан Тойбохой совхоз Арыылаахтааҕы отделениетыгар “Сардаҥа” ыччат ыанньык ферматыгар үлэлии хаалбытым.
Света
1967 сыл, 1 кылаас.
1976 сыл, 10 кылаас.
– Эдьиийдэрбит Валялаах Рита оҕо саастара сороҕо Тыһакыыска ааспыт эбит буоллаҕына, кэнники сэттэ оҕо ойор-тэбэр оҕо сааспыт, оскуолатааҕы сылларбыт Уһун Күөл бөһүөлэгэр Арыылаах нэһилиэгэр ааспыта. Мин балтылаах бырааппын кытта сыллата төрөөбүт буоламмыт утуу-субуу оскуолаҕа киирбиппит. Балтым Тамараны миигин кытта тэҥҥэ 1966 с. бастакы кылааска биэрээри гыммыттарын сааһа кыра диэн ылбатахтара. Оччолорго оскуолабыт билигин тутуллубут саҥа оскуола оннугар баар этэ. Кэнники ол оскуола интернат буолбута. Биһиги үөрэнэр сылларбытыгар ол оскуолабытын таһынан тырыыҥка мастарынан эпсиэйдээн баран буорунан сыбаан үрүҥ оппуоханнан соппуттара. Ол тырыыҥка мастары оскуола оҕолоро сорудах ыланнар бары хастыы эрэ устууканы аҕаларбытын өйдүүбүн. Бастакы учууталбыт Елена Захаровна диэн этэ. Кини биир эрэ сыл үөрэппитэ. Онтон Иванов Николай Алексеевич алын кылааһы бүтэттэрбитэ. Биһиги алын кылааска үөрэнэр кэммитигэр бөрүөлээх уруучуканы чэрэниилэҕэ уган суруйарбыт. Оннук суруйуубут оҕо буочара үчүгэй буоларыгар улахан туһалаах быһылаах. Каллиграфия уруога баар этэ. Оччотооҕу оҕолор буочардара ол иһин үгүстэрэ үчүгэй. Төрдүс кылааска тахсарбар 1970 сыллаахха саҥа оскуола тутуллубута. Наһаа да улахан, киэҥ-куоҥ, сырдык оскуола этэ. Омуммутугар кылааспытын кыайан булбакка мунан да хаалар түгэннэр бааллара. Ону кытта сэргэ шариковай уруучукалар баар буолбуттара. Төрөппүттэрбит бэйэлэрэ кыайан үөрэммэтэх буоланнар, биһигини хайаан да үчүгэйдик үөрэнэн үөрэхтээх дьон буолуохтааххыт диэн такайаннар оскуолаҕа бары үчүгэйдик үөрэммиппит. Кыра кылааска сылдьан биирдэ иккини ылан баран марылаччы ытаан дьиэбэр кэлэн дьоннорбун куттаан турардаахпын.
Бэйэм туспунан кылгастык кэпсиир буоллахха, оскуолаҕа үөрэммит сылларбар куруук “4”, “5” сыанаҕа үөрэммитим. Ол саҕана “Бэлэм буол” диэн оҕолорго аналлаах республика хаһыатыгар “В.И. Ульянов-Ленин дневнигэ” диэн бастакы балаһа баара. Онно туйгуннук үөрэнэр оҕолор хаартыскалара бэчээттэнэрэ. Биир кэмҥэ ол хаһыакка хаартыскам тахса сылдьыбыта. Оскуолаҕа пионерскай дружина председателинэн, кылаас старостатынан, истиэнэ хаһыатын редакторынан, комсорунан, ПКО чилиэнинэн талыллан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри үлэлээбитим. Хас биирдии тыа сирин оҕотун курдук, киэһэ дьиэбит таһыгар ыаллыы оҕолорбутун кытта мустан лапталаан, былаах былдьаһан, бааҥка бырахсан, мээчиктээн оонньуурбут. Сайынын оттоон, отонноон төрөппүттэрбитигэр көмөлөһөрбүт. Сэттис кылааһы бүтэрбит сайыммар Бүтүн Союзтааҕы “Орлёнок” пионерскай лааҕырга сынньанар путёвка ылан соҕуруу баран кэлбитим оҕо сааһым биир саамай чаҕылхай өйдөбүлэ буолар. Оҕо эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕа санаалаах этим. Оччолорго оҕо барыта учуутал, быраас диэнтэн атын үөрэх да баарын үчүгэйдик билбэт этибит. Онон мин учуутал буолбутум, балтым Тамара медик буолбута. Ол баҕа санаабын толорон Учуутал үрдүк аатын чиэстээхтик толордум дии саныыбын.
Тамара

Дьүөгэбит туһунан сырдык өйдөбүл
Ахтыыны суруйда бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Агафья Семёновна Фёдорова:
– Пахомова Тамаралыын биһиги 1967 сыллаахха Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар маҥнайгы кылаас боруогун атыллаан ахсыс кылааһы бүтэриэхпитигэр диэри үөрэммиппит. Ол иннинэ детсадка бииргэ сылдьан, Арыылаах төрүт олохтоохторун оҕолоро буолан биир тэҥник оонньоон-көрүлээн ааспыппыт. Оскуолаҕа киириэҕиттэн Тамара олус сытыы-хотуу кыысчаан этэ. Баттаҕын икки өттүнэн ыга туттаран баран түргэн-түргэнник хаамара.
Кыра кылаастарга уҥуоҕун уһунунан биһигиттэн чорбойоро. Кыра эрдэҕиттэн үлэни кыайар-хотор буолан кыргыттартан ордоро. Оскуолаҕа сылдьан төһө билиини-көрүүнү ылбыккынан, сөбүлүүр, ытыктыыр учууталларга үөрэммиккинэн олоҕуҥ суола арыллар эбит. Тамара ордук нуучча тылын учууталын Евдокия Григорьевнаны олус ытыктыыра. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыт оччотооҕу олох сиэринэн бастаан октябрёнок, пионер, комсомолец кэмнэри уҥуордаан биһиги өйбүтүгэр сөҥпүтэ. Мин Тамара куруук школьнай формата ырааһын, пионерскай хаалтыһа кичэллэн өтүүктээммит буоларын өйдүүбүн. Пионерскай сбордарга куруук актыыбынайдык кыттара. “Бэлэм буол” хаһыакка кэмиттэн кэмигэр оскуола, пионерскай дружина туһунан тэттик сонуннары суруйан ыытара. Ону хаһыаттан ааҕан бары астынар буоларбыт.
Ахсыс кылааска сылдьан бэйэтигэр сыал туруорунан медицинскэй училищеҕа үөрэнэ барар баҕа санаатын эппитигэр биһиги наһаа соһуйбуппут. Оччолорго биһиэхэ ол саҕана дьиэбититтэн тэйэн ыраатар, ону ааһан үөрэнэ барар туһунан толкуйу түһээн да баттаппат этибит. Билигин өйдөөтөххө Тамара ыарыһах бырааттаах буолан онтун көрүөм, эмтиэм диэн тулхадыйбат эр санаа ылыммыт эбит. Ийэтигэр Татьяна Макаровнаҕа оскуолаҕа көрүдүөр сууйа охсон көмөлөһөн, бүтэрэн-оһорон баскетболлуу хаалара. Баскетболга кылааһын чиэһин элбэхтик көмүскээбитэ. Дьиэ сууйарыгар хайаан да ырыа доҕуһуоллаах буолара, ол курдук оҕолуу сайаҕаһа, үөрүнньэҥэ. Этиһэ, айдаарса сылдьарын отой өйдөөбөппүн. Элбэх бырааттардаах буолан ордук уолаттардыын тапсара.
Ол сайын Дьокуускайга баран экзаменнарын олус үчүгэйдик туттаран медсестра үөрэҕэр киирбитэ. Оччоотооҕуга медучилище билиҥҥи курдук буолбатах, биир миэстэҕэ 15-20 оҕо туттарсара. “Евдокия Григорьевна олус үчүгэйдик бэлэмнээн үөрэххэ киирдим”, – диир буолара. Бастаан каникулга кэлбитигэр барыбытыттан отой атын кырасаабысса кэлбитэ, наһаа тупсан хаалбыт этэ, кэчигирэс мап-маҥан тиистэринэн күлэн мичилийэн турара бу баардыы көрөбүн. Сотору буолаат Эдьигээн, хоту дойду хоһуун уолугар Гаврил Николаевичка кэргэн тахсыбыта. Биһиги студенныы кэлбит сылларбытыгар үөрэхтэрин бүтэрээри уһун болдьохтоох практикаҕа сылдьар кэмнэрэ этилэр.
Кэлин куоракка көһөн кэлбиттэригэр 1 нүөмэрдээх поликлиникаҕа анализ туттара сылдьан соһуччу көрсүһэн үөрүү бөҕө буолбуппут. Өссө онно ханнык эрэ анализ туттарарбар талон ылан биэрбитэ. Онно бэлиэтии көрбүппүнэн балыыһатын үлэһиттэрэ “Тамара Петровна” дии-дии сотору- сотору кэлэн ыйыталаһар, сүбэлэтэр этилэрэ. Онтум отой даҕаны главнай медсестра дуоһунастаах эбит. Барыларыгар холку баҕайытык эппиэттиир, олус улахан авторитеттааҕа биллэр этэ.
Өр сыл олоҕун медицина салаатыгар анаабыт буолан куоракка миэстэ буларыгар, элбэх оҕолоох буолан табыгастаах үлэни буларыгар мэһэйдэри көрсүбэтэҕэ. Республиканскай балыыһаҕа функциональнай диагностика отделениетыгар олус табыллан үлэлээн испитэ, хаста да көрсүбүппүт, саҥа дьиэ ылан астыммыт аҕай этэ. Улахан сиэним кыра кыыспыынаан тэҥ саастыылар диэн күлэрэ, хаһан эрэ илэ-сала кэпсэтиэххэ баар этэ диэн баҕа санаабытын этэрбит, хайабыт да үлэттэн, дьиэттэн ордон быстан көрсүһүүлэринэн муҥурданан хааларбыт. Наар тиэтэйэ-саарайа сылдьар буолара. Бу күн сириттэн соһуччу барыан икки хонук иннинэ кылааспыт туһунан кинигэ таһаарыытыгар анаан ахтыытын бэйэтэ аҕалан биэрбитэ, куруутун буоларын курдук холку баҕайы этэ.
Олох салҕанар, оскуола боруогун аан бастаан бииргэ үктэнэн киирбит оҕолоруҥ чоҕулуспут харахтара, билиини-көрүүнү сомсон ылаары баҕарбыт баҕа санаалара сыллар, хонуктар ааспыттарын да иһин биһиги өйбүтүгэр санаабытыгар дириҥник иҥпиттэр. Төһө даҕаны күн-дьыл аастаҕын аайы, билигин биһигинниин суох дьүөгэлэрбит сырдык ааттара, олохторо кылааһынан көрсүүһүгэ ахтан ааһар күндү дьоммут буоллахтара.

Фёдорова Агафья Семёновна.
Петя

Доҕорбутун санаан ааһабыт
Ахтыыны суруйда бииргэ үөрэммит кылааһынньыга Спиридонова (Фёдорова) Наталья Николаевна:
– Биһиги 1968 сыл күһүн 1 кылааска 40-ча оҕо үөрэххэ киирбиппит. Сайыҥҥылыы сылаас, сырдык күн этэ. Оскуолабыт эргэ интернат дьиэтигэр турара. Учууталбыт эдэр саҥа үөрэҕи бүтэрэн кэлбит кийиит кыыс Игнатьева Татьяна Алексеевна. Ол саҕана кылааска оҕолору аһара хаалларар этилэр. 40-ча оҕоттон уончата иккис сылын хаалбыт оҕолор этэ. Уолаттарбыт элбэхтэрэ, сытыылара, мэниктэрэ сүрдээх. Сорох паарталарга үстүү буолан олорорбут. Учууталбыт күүстээх, талааннаах киһи эбит, кини тылын аһара истэрбит, интэриэһиргиирбит. Мин детсадка сылдьыбатах буолан билэр оҕолорум да суохтара. Доҕотторум диэн чугас олорор уолаттарым: Семёнов Алик, Фёдоров Ваня, Григорьев Саша.
Орто сүһүөх кылааска киирэн баран уолаттары, кыргыттары дьэ «өйдөөн» көрөр буолбутум. Оҕолор түөлбэнэн «хоту», «илин» диэн арахсаллара. «Илиҥҥи» уолаттар абытай сытыы дьон этилэр. Онно Петя Пахомовы өйдүүбүн, өрө көрөн омук уолун курдугун. Ол уолаттарбытыттан кыргыттар куттанарбыт, онно биирдэ Петя кэлэн «эйигин отой охсуом, тыытыам суоҕа, биһиги аймахтыы үһүбүт» диэбитэ. Онон биирдэ көмүскэтэр киһилэнэн хаалбытым. Петя уопсайынан көнө-көрсүө, үлэһит оҕо этэ, күнүс оскуолаҕа кэллэхпитинэ мааматыгар көмөлөһөн биэдэрэлээх уу таскайдыы сылдьар буолааччы.
1978 сылга оскуолабытын 51 оҕо бүтэрбиппит. Онтон 2 эрэ оҕо үрдүк үөрэххэ киирбиттэрэ: Николаев Вова, Потапова Лида. Атын оҕолор бары тутуспутунан ол кэм «оскуола – производство — үрдүк үөрэх» ыҥырыытынан фермаҕа үлэлии тахсыбыттара. Арай мин врач буолабын диэн «темалаан» участковай балыыһаҕа оһох оттооччунан үлэҕэ киирбитим. Мас бэлэмниирбэр центральнай уулуссанан фермам кыргыттара, уолаттара күлэ- үөрэ ааһааччылар. Хаста даҕаны Петя ааһан иһэн сэһэн-сэппэн буолан, миэхэ мас хайытан ааһааччы.
Онтон үлэһит буолан дойдубар сылдьан илин бөһүөлэккэ туох наадаҕа барбытым буолла, Петялаахха ыалдьыттаабытым. Тонялыын холбоһон олороллоро, кыра оҕо баара. Петя үөрбүтэ аҕай онно, миигин Тоняҕа билиһиннэрэр «аймаҕым уонна одноклассницам» диэн. Куорат киһитэ маны сиэ эҥин диэн хадаҕалаабытын өйдүүбүн. Онно үөрбүтүм, Петя ыал аҕата буолан дьоһуннанан, дуоспуруннанан олороруттан. Онтум баара аҕыйах эрэ сыл дьоллоох олоҕу олорбут, күн сиригэр сылдьыбыт эбит…
Күндү киһибит, бииргэ үөрэммит доҕорбут сырдык, ыраас мөссүөнэ биһигинниин буолуохтун. Оҕолоро кини ситэри олорботох олоҕун, ыра санаатын толорон, тупсаран биэриэхтэрэ, дьоллоох дьон буолуохтара диэн эрэнэбит.

Пахомов Пётр Петрович туһунан ахтыым
Ахтыыны суруйда Владимир Николаев, Арыылаах оскуолатын 1978 сыллааҕы выпускнига. Дьокуускай куорат, ахсынньы ыйа 2018 сыл.
– Бүѳккэни кыра сылдьарын ѳйдѳѳбѳт эбиппин. Алтыспатахпыт буолуо. Детсадка эҥин сылдьыбатах буолан. Оскуолаҕа бастакы кылааска киирэн баран билсиспиппит. Эргэ оскуолаҕа үѳрэнэ барбыппыт. Кылааспытыгар тобус-толору этибит. 42 оҕо. Үгүстэрэ уолаттар. Син мэник дьон этибит. Учууталбыт Татьяна Алексеевна хайдах тутаттаан үѳрэппитэ буолла. Оскуола оhоҕунан оттуллар этэ. Инньэ гынан сарсыарда кэлэргэ лаппа тымныы буолара. Суруйар чэрэниилэбит тоҥон хааларын учууталбыт оhоххо ууран уулларара. Сотору-сотору уот барар буолан мэлдьи чүмэчибитин илдьэ сылдьар этибит.
Онтон 1970 сыллааха саҥа оскуолаҕа кѳспүппүт. Оскуолабыт улахана сырдыга, сылааhа наhаа үчүгэй этэ. Кѳрүдүѳр биир баhыттан атын баhыгар сүүрэн тиийэргэ дэлби аҕылаан тиийэрбит. Петя ийэтигэр Татьяна Макаровнаҕа үлэтэ ѳссѳ элбээтэҕэ. Оҕолоро бары кѳмѳлѳhѳр этилэр. Оскуоланы сууйарга. Петя ыал улахан уола буолан дьиэ таhынааҕы үлэ, оччотооҕу кэм сиэринэн, кини эбээhинэhэ этэ. Инньэ гынан мээнэ оонньуу кэлбэт этэ. Ол гынан баран кылаас общественнай үлэтиттэн туора турбата. Үлэлии үѳрүйэх буолан ордук субботниктарга инники күѳҥҥэ сылдьара. Атын да ѳттүгэр атыттартан хаалбата. Онус кылааска сылдьан Саҥа дьыл бырааhынньыгар Бременские музыканты испэктээкили туруорбуппут. Онно аhара табыллан ороспуонньуктар хотуннарын оруолун толорбута. Кѳрүҥэ да аhара барсара. Дьиҥнээх цыганка курдук кип-киэҥ харахтаах, куудара баттахтаах. Саҥата улахан баҕайы. Күллэҕинэ, онто оскуола биир баhыттан иhиллэр буолара.
Оскуоланы бүтэрэн баран, оччотооҕу кэм ыйыытынан сопхуоска үлэлии хаалбыта. Мин салҕыы үѳрэнэ барбытым. Онтон куоракка үлэлии хаалбытым. Инньэ гынан мээнэ кѳрсүбэтэхпит. Биирдэ эмит утарыта кѳрсѳн аҕыйах тылы бырахсан ааhарбыт. Онтон биирдэ Бүѳккэ улаханнык ыалдьар үhү диэн сурах кэлбитэ. Ол кэннэ уhаабатаҕа, бу орто дойдуттан барбыта. Доҕорбутун тыыннаахпыт тухары ѳйдүү-саныы сылдьабыт.


Паша
1 кылаас.
10 кылаас.
Оҕо сааhым
– Биhиги оҕо сааспыт уhаайбабыт тула, төгүрүччү элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун кытта алтыhан ааспыта. Аҕабыт наар сылгыларын батыhан, сайын үрэххэ, кыhын хаhан аhыыр сирдэринэн кэрийэн сарсыарда саҥа сырдаан эрдэҕинэ барара, киэhэ боруҥуйан эрдэҕинэ кэлэрэ. Дьэ оччоҕуна киэhээҥи күөһү улахан остуолбут тула олорон аhыырбыт. Ийэбит эппитин өлүүлээн биэрэр этэ. Аны санаатахха, элбэх оҕолоох ыал оннук үллэрэн аhаталаан, кыра, бытааннык аhыыр оҕолорун тэҥнэтэлээн, үллэртээн биэрэр эбит.
Отой кыра сылдьан кирпииччэ үктүүр дьаамаҕа ууга түhэн булумахтана сырыттахпына, эдьиийим Света соhон таhаарбыта, онтон бэттэх күөлтэн, ууттан олус саллабын. Аттыбытыгар күөллээх этибит, онно да улаханнык сөтүөлээбэт этим.
6 сааспыттан ылата ийэбэр оҕо көрсөр улахан көмө киhи буолбутум быhыылааҕа. Үс кыра оҕону көрдөрөн баран ийэм маҕаһыыҥҥа, наадатыгар сүүрэ охсон кэлэрэ. Мин кыра кыыhы Таняны ороҥҥо тиийэн суулаабат буолан, сиргэ сууну тэлгээн, бэлэмнээн баран онно суулаан көтөҕөрүм, үлтү түhэримээри. Лёня биир саастаах сылдьар, Коля 3 саастаах этэ. Син ийэм кэлиэр диэри тулуhан олоро сатыырбыт. Биир түгэҥҥэ бары ытаабыттарыгар тулуйбакка тэҥҥэ ытаhа олорорбун көрөн аhынан, “аны өр хаалларбат буолбутум” диэн кэлин кэпсиирэ. Ол курдук, номнуо оскуолаҕа барар саас буолбута. Ааҕары-суоттууру эдьиийдэрим үөрэппит буолан наар бастакы кылаастан үчүгэйдик үөрэммитим. Октябрёнок, пионер, хомсомуол буолууга бастакынан кииртэлээбитим. 4-с кылаастан ыла оскуола бүтэриэхпэр диэри сайын аайы ЛТО (лагерь труда и отдыха), от мунньуутугар үлэлээбитим. Ол оскуола, төрөппүттэр оҕо үөрэммэт кэмигэр ускул-тэскил барбатыннар диэн оччотооҥҥу олох ирдэбилэ быhыылааҕа. Ону да тутуhан буолуо, студенныы сылдьан сайын сынньана кэллэхпитинэ, таах сытыахпыт дуо диэн кыбыстан биригээдэҕэ оттоhорбут. Дьиэҕэ кыра оҕолор, кырдьаҕастар, кыамматтар эрэ олороллор диэн өйдөбүллээх улааппытым. Ол да иhин буолуо, оскуола кэннэ «Оскуола – производство — үрдүк үөрэх» диэн девиhинэн салайтаран “Сардаҥа» ыччат ферматыгар мин 25 төрүөхтээх бургунастары тутан, кылааhынан тахсыбыппыт. Биир сылынан уолаттары барыларын армияҕа ылаттаабыттара, биhиги иккис сылын үлэлээт, аны партийнай линиянан Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ барбытым. Үөрэххитин бүтэрээт совхозкутугар төннөҕүт диэн договордаах барбыппыт. 18 сааспыттан партияҕа киирбитим. Мин экономическай факультекка туттарсыбытым, ону ветеринарнай факультекка киллэрбиттэрин иhин сөбүлээбэккэ биир сыл үөрэнээт, аҕам өлбүтүнэн сылтаҕыран кэлэн хаалбытым. Кэлэн сельсовет секретарынан биир Созывка үлэлээн баран, кыра кыыс оскуола бүтэрээтин кытта бииргэ кэлэн финансовай техникумҥа киирэн бүтэрбиппит. Ол аҕам өлөрүгэр эппит кэриэhин толорон, кыра кыыhы үөрэхтээр диэбитин толорбутум. Хоту үлэҕэ ананан баран кэтэхтэн үөрэнэн үрдүк экономическай үөрэҕи бүтэрбитим. Сөбүлүүр идэбинэн аныаха диэри үлэлии сылдьабын.
Умнуллубат оҕо саас саамай кэрэ бэлиэ кэмнэринэн бары дьиэ кэргэнинэн саhаанныы, отоннуу тахсарбытын өйдүүбүн. Киэhэ бары мустан киинэ көрөрбүт, аhыы олорон ону ырытыhарбыт. Биирдэ «А зори здесь тихие» диэн киинэ кэннэ, кыргыттар бары өлбүттэриттэн хомойон сатаан да аhаабакка олордохпуна, аҕабыт ити артистар оонньууллар, бары тыыннаахтар диэн уоскуталаабыттаах. 8-с кылааска туйгуннук үөрэнэн Саҥа дьыл каникулыгар Киев куоракка күүлэйдии барбыппыт. «Днепр» өрүһү көрдөрөн баран, маны биhиги сахабыт уола харбаан туораабыта сэрии кэмигэр диэн кэпсээни өйдөөн хаалбыппын.
Уоллаах кийиитим аныгы олох биир саамай тутаах сфератын тутуhан информационнай технология идэтин баhылаан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Уол программист-бухгалтер, икки фирма техническэй үлэтин арыаллаан үлэлэтэр. Кийиит «Майтона» компания айан таhаарар оонньууларыгар проектарын оҥорон, чочуйан биэрэр. Оҥорон таhаарбыт продукцияларын Сингапурга, Владивостокка, Кореяҕа баран презентациялаан, көмүскээн кэлэллэр. Сиэн уол Ярослав 1 саас 3 ыйдаах. Чааhынай дьиэ туттан бары бииргэ олоробут.
Коля
Коля үөһээ хаҥас диэки турар.
– Оҕо саас кэрэ да кэмнэр этилэр. Мин оҕо сааһым, санаабар, түргэнник да ааспыта. Бу санаатахпына саамай кэрэ сылларым, оҕо сааһым сыллара эбиттэр: ийэ, аҕа, убай, быраат, эдьиийдэр тобус-толорулар, ас-үөл дэлэй, дьиэ тас үлэтэ бүттэҕинэ туох да кыһалҕата суох оонньуу сүүрэн хаалаҕын, бу буолбатах дуо, дьол диэн? Оҕо сылдьан түргэнник улаатыаххын баҕараҕын, эргиллэн көрбүтүҥ номнуо 50 саас буолбут эбит… дьыллар- күннэр бараллар, ону биһиги тохтотор кыахпыт суох. Детсадка отой түптээн сылдьыбатаҕым кэриэтэ. Сотору-сотору ыалдьар буолан, кырабыттан ыарыы диэни билэбин. 2 кылааска үөрэнэ сылдьан салааскаҕа соһуллан иһэн мин хаамыам, сүүрүөм диэн бэйэбэр андаҕар тыл биэрбиппин өйдүүбүн. Ол кэнниттэн ыарыым тэйдэр тэйэн сүтэн хаалбыта, туох көмөлөспүтүн билигин да билбэппин, баҕар, санаам күүһэ буолуо. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр бары ыытыллар общественнай, спортивнай хамсааһыннарга көхтөөхтүк кыттар этим: оскуола субботниктарыгар мас эрбээһинигэр, мас хайытарга тэҥнээҕим суох кэриэтэ буолара. Саас аайы субботникка мас тахсан кэрдэрбит, ол бэйэтэ туһунан бырааһынньык курдук буолар этэ, учууталларбыт бары ыытыллар тэрээһиннэри олус көхтөөхтүк ыыталлара. Хас биригээдэ аайы сибиэһэй эт түҥэтиллэрэ, кыргыттар минньигэс да миин буһараччылар.

Бу санаатахха, биһигини үөрэппит учууталлар үгүс элбэх киэҥ билиилэрэ, оҕо туһугар кыһаллаллара, барытын көрдөрөн быһааран биэрэллэрэ инники олохпор улаханнык көмөлөспүт эбит. Баскетболга хамаанда хапытаана этим, үчүгэй да курэхтэһиилэр буолааччылар, атын оскуола оҕолорун кытта дьиҥнээх күөн көрсүһүүлэр. Грузовой массыына үрдүгэр олорсо сылдьан, сотору-сотору күрэхтэһиигэ барааччыбыт. Улахан бырааһынньыктарга оскуолабыт кыраһыабай да буолааччы: тас ааҥҥа хаар оонньуурдар, оскуола иһэ барыта араас өҥнөөх гирлянда, спортзалга дьиэ үрдүгэр диэри сүдү улахан ёлка лаглайан турар, түннүктэргэ кумааҕы хаар, баататтан оҥоһуллубут хаар үөһэттэн түһэрэ билигин да бу баар курдук харахпар көстөр. Оҕолор бары наһаа кыраһыабайдар, ордук кыргыттар. Бары кылабачыгас мишура кэтэн баран сүүрэ-көтө сылдьааччылар. Кылаас иһигэр киирдэххинэ сибиэһэй дьаабылыка сыта дыргыйара. Оччолорго толкуйдаан да көрбөт этим, кыһалҕата суох оҕо сааспыт кэмнэрэ маннык түргэнник бүтүөхтэрэ диэн. Ол курдук 10 сыл биир хонук курдук ааспыта. Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбыт кэммин олус күндүтүк саныыбын, үөрэппит учууталларбар барҕа махталбын тиэрдэбин.
Лёня

Мин оскуолаҕа киириэхпэр диэри детсадка сылдьыбатаҕым. Төрөппүттэрим син аҕыйахта холонон биэрэ сылдьыбыттар даҕаны, биир хоноот (ол саҕана оҕолор нэдиэлэнэн детсадка сылдьаллара) төттөрү ылар үһүлэр. Сарсыныгар температуралаан ыалдьан маамабын ыҥыран ылаллар үһү. Инньэ гынан балтыбынаан Танялыын дьиэҕэ наар иккиэйэх хаалан күнү быһа бэйэбит эрэ оонньуурбут. Оскуолаҕа киириэм иннинэ эдьиийим Паша «учуутал» оруолун толорон үөрэтэлиир этэ. Ол кэмнэргэ кини 3-с кылааска үөрэнэр эбит. Аны санаатахха, оскуолаҕа тугу билбитин, хайдах үөрэппиттэрин кэлэн биһиэхэ көрдөрөр эбит. Олус улахан чемоданнаах этибит, ону дуоска оҥорор, онно миэлинэн буукубалары суруйан үөрэтэр этэ. Биһиги, үс кыра – Таня, Коля, мин буолан ол чемодан иннигэр олорорбут. Билбэккэ оройго охсуллааһын да баара. Инньэ гынан, оскуолаҕа добдугураччы ааҕар, суоттуур буолан толору бэлэмнээх оҕо киирбитим. Онтум да тэппитэ буолуо, оскуоланы биир да «3» сыаната суох бүтэрбитим. Хара маҥнайгыттан кыра кылааска туйгуннук үөрэммитим. Онтон кэнники ыалдьан элбэхтэ көтүппүтүм да буоллар, наар ударниктыыр этим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар, үчүгэйдик үөрэнэрим иһин буолуо, наар хайҕабылга сылдьарым, учууталларым холобур оностоллоро. Үөрэҕим таһынан оскуолам, кылааһым общественнай олоҕор оройбунан түспүтүм. Кылааспар бастаан староста этим, онтон комсомолга киирэн баран, комсорг буолбутум. Кэнники 9-10 кылаастарга оскуола ПКО-тун 1 секретарынан үлэлээбитим.
Үлэ онно күөстүү оргуйбута: комсомол кэккэтигэр саҥа оҕолору ылыы, үөрэхтэригэр ситиспэт оҕолору дьүүллээһин, кинилэргэ көмөлөһөллөрүгэр үчүгэйдик үөрэнэр оҕолору сыһыарыы, араас бырааһынньыктары барытын бэйэбит ыытарбыт. Учуутал күнүгэр аан бастаан учууталлары солбуйан (билигин самоуправление дииллэр) оҕолору үөрэппиппит. Мин дириэктэри солбуйбутум. Ол саҕана дириэктэр Попов Ксаверий Прокопьевич этэ. Кылаас сурунаалыгар сыана туруорары эҥин барытын көҥүллээбиттэрэ. Элбэх илии арагаатката былдьаммыта ол күн. Туох кистэлэ кэлиэй, сорох “учуутал оҕолорбут” бэҕэһээҥҥэ диэри бэйэлэрэ арагаатканан кыргыттары ытыалыы сылдьыбыт буоллахтарына, ол күн, дьоһуннанан туран оҕолортон былдьаталыыр этилэр.
Сайын оҕолор үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарынан (ЛТО) тарҕаһан үлэлиирбит. От уонна ыанньык лааҕыра баара. Мин иккиэннэригэр үлэлээбитим. Ыанньык лааҕырыгар биир ыанньыксыт ынахтарыгар икки буолан 25 ынаҕы ыырбыт, күҥҥэ үстэ. Аны былаан биэрэллэр этэ, дьэ ону толороору сырсыаккалаһааһын кытаанаҕа буолааччы. Аны 1-2 лиитэрэ тиийбэтэҕинэ, аан бастаан ыабыт ынаххын төттөрү киллэрэн сыппайааһын (хос ыаһын) да баара. От үлэтин үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар эмиэ күүстээх үлэ этэ. Улахан дьон курдук үлэлиирбит. Манна даҕаны былаан сырсыыта этэ. Былааннары толорон салайааччыларбыт араас фонданан наҕараадаланаллара, онтон оҕолорго соҕуруу дойдуга баран күүлэйдээн кэлэллэригэр путёвка биэрэллэрэ. Оскуолаҕа сылдьан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэ сылдьыбытым. «Смена-8» диэн фотоаппараттаах этим. Боростуой, олус эрэллээх фотоаппарат этэ. Кэлин ФЭД, онтон Зенит ТТЛ диэнинэн туттар буолтум. Ити аппараттар хаачыстыбалара быдан ордугун да иһин “Сменам” хаһан даҕаны хаппырыыстаабат этэ.

Оскуоланы 50 оҕо буолан бүтэрбиппит, «А», «Б» диэн арахсан. Бу бириэмэҕэ оскуола – производство — үрдүк үөрэх диэн оскуоланы бүтэрбит оҕолорго ыҥырыы тахсан совхозка хаалларан үлэлэтээһин үгэнэ этэ. Инньэ гынан, 50 оскуоланы бүтэрбит оҕоттон уонча эрэ буолан үөрэххэ путёвка ылбыппыт. Уоннааҕылар төрөөбүт совхозтарыгар сүөһү көрө хаалбыттара. Инньэ гынан, путёвка тутан, үөрэппит оскуолабыттан, төрөөбүт төрүт сирбиттэн тэйэн олох киэҥ аартыгар, саҥа олоххо үктэниим саҕаламмыта.
Таня

Мин 1976 сыллаахха бастакы кылааска Арыылаах орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэрим устатын тухары наар «4» уонна «5» сыанаҕа үөрэммитим. Бастакы учууталым Иванов Николай Алексеевич буолар. Кылааспар старостанан хас да сылга үлэлээн кэлбитим. Бэһис кылаастан ахсыс кылааска диэри сайын аайы Сымалаахха “Бригантина” диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар окко үлэлээбитим. Лааҕыр иитээччилэрэ үлэни, сынньалаҥы тэҥҥэ аттаран араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытааччылар. Сэттис кылааска киирэрбитигэр үчүгэйдик үлэлээн окко былааммытын аһары толорон киин куораттарга күүлэйдээн кэлэр путёвка туппуппут. Ол курдук Москва – Тольятти – Куйбышев кэрэ миэстэлэринэн күүлэйдээн кэлбиппит билиҥҥэ диэри умнуллубат өйдөбүл буола сылдьар. Ол иннинэ дьиэбит тэлгэһэтиттэн ырааппатах дьон буоллахпыт. Арыый да улаатан, тохсус кылаас кэнниттэн «Отордообут» диэн сайылыкка ыанньык ферматыгар эмиэ үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сайын үлэлээбиппит. Оскуоланы бүтэрэн эдьиийим Пашаны кытта Дьокуускайдааҕы финансовай техникумҥа туттарсан киирбитим уонна кыһыл дипломунан бүтэрбитим.
АХТЫЫЛАР
Ахтыыны суруйда СР үөрэҕириитин туйгуна, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана, үөрэҕирии, үлэ ветерана, үрдүк категориялаах биология учууталынан үлэлии сылдьан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олорор Евдокия Дмитриевна ЕГОРОВА.

– Үчүгэй, бэйэ-бэйэни өйдөһөр, күннээҕи олоххор киирсэ-тахсыһа, ылса-бэрсэ олорор ыаллаах буолуу – бу дьол! Биһиги Уһун-Күөлгэ көһөн кэлэн олохсуйбуппут номнуо 38 сыл буолла. Ол тухары үчүгэйдик саныыр, мэктиэтигэр биир ыал курдук эйэ-дэмнээхтик ыалласпыт үс ыаллаахпын. Бу Татьяна Макаровна, Пётр Данилович Пахомовтар, Екатерина Дорофеевна, Семён Трофимович Поповтар уонна хас да көлүөнэ оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит эбээтэ буолбут Евдокия Ивановна Данилова буолаллар.
Муус устар 30 күнэ, 1980 сыл. Биһиги биир улахан массыынанан Тойбохойтон көһөн кэллибит. Ол иннинэ аҕабыт Николай Алексеевич Егоров кулун тутар 1 күнүттэн Арыылаах орто оскуолатыгар директорынан ананан кэлэн үлэлии сылдьара. Таҥнар таҥаспытын кытта дьиэбит тэрилэ уонна икки кыстаабыт сибиинньэлээхпит. Ол сибиинньэлэрбитин массыынаттан түһэрээппитин кытта куотан хааллылар. Дьэ туһугар ыксал этэ. Һуу-һаа буолан күөйэ сатыы сырыттахпытына намыһах уҥуохтаах, 50-чалаах дьахтар биэдэрэҕэ аһылык туппутунан кэлэн сибиинньэлэрбитин уйаҕа киллэртээн биэрбитэ. Ол уулусса нөҥүө олорор ыалбыт ийэтэ Татьяна Макаровна этэ. Оо, онно үөрбүппүөн! Төһө өр муҥнанан-сордонон сибиинньэлэрбитин хаайталыахпыт биллибэт этэ. Дьэ ити кэнниттэн ыаллаһан аҕыс сыл олорбуппут. Бу күнтэн саҕалаан биһиги этэргэ дылы уу тэстибэт ыаллыылар буолбуппут. Аҕалара Кавказ омугун курдук хонтойбут муруннаах, киэҥ харахтаах, хайдахтаах да айаас сылгыны түргэнник сыһытар, республикаҕа кытта биллэр сылгыһыт этэ. Куруук үлэтигэр сылдьар, дьиэтигэр хонор хоноһо кэриэтэ этэ.
Онон дьиэни-уоту, аһы-таҥаһы дьаһайааччы Татьяна Макаровна этэ. Кини туттара-хаптара түргэнэ, барыны бары сатыыра. Дьиэҕэ биэс оҕо баара: Пётр, Паша, Коля, Лёня, Таня. Улахан оҕолоро үөрэҕи бүтэрэн ыал буолан хоту оройуоннарга олороллор этэ. Татьяна Макаровнаттан мин оҕо этэрбэһин тигэргэ, улларарга үөрэммитим. Оччолорго оҕолор кыра эрдэхтэринэ таҥас кэмчи буолара, маҕаһыыҥҥа барытыгар улахан уочарат, түүннэри хонуллара. Ол кэмҥэ мин улаханнык абыраммытым. Сайын тэллэйгэ, күһүн сир аһыгар кинилиин сылдьарбыт. Онно-манна кэллэхпитинэ-бардахпытына дьиэбит оһоҕун оттоллоро.
Макаровналаах биир кыыстара Тамара Петровна уонна кини кэргэнэ Гаврил Николаевич иккиэн фельдшер идэлээхтэрэ. Эдьигээнтэн сайын уоппускаларыгар кэлэ сылдьан кэргэним Николай Алексеевич хаана барбытын маннааҕылар улаханнык аахайбатахтарын түүн укуоллаан, көрөн-харайан киһи гыммыттара. Кинилэргэ махталбыт улахан. Атын да дьиэҕэ көһөн баран күндү ыалбытыныын куруук билсэ-көрсө турбуппут. Хойут атын улууска Макаровна кыргыттарыгар көспүтүгэр сайыһа хаалбытым. Онон Татьяна Макаровна чахчы саха ыалдьытымсах, эйэҕэс, сайаҕас далбар хотуннарыттан биирдэстэрэ буолар дии саныыбын. Түгэнинэн туһанан Пахомовтар бары аймахтарыгар, оҕолоругар, сиэннэригэр бары үчүгэйи, дьолу, ситиһиини баҕарабын.
* * *
Ахтыыны суруйда Егоров Николай Алексеевич – 1980-82 сс. Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ, 1982-90 сс. Арыылаах отделениетын управляющайа, 1990-93, 2002-2008 сс. Арыылаах нэһилиэгин баһылыга, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Уһун Күөл, 2018 с.

– Тойбохой оскуола-интернатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии сырыттахпына Арыылаах орто оскуолатыгар партия райкомун уурааҕынан дириэктэринэн анааннар, 1980 сыллаахха Уһун Күөлгэ кулун тутар маҥнайгы күнүгэр үлэлии кэлбитим. Онтон муус устар ыйга дьиэ кэргэммин көһөрөн аҕалбытым уонна Пахомовтар диэн ыаллар тастарыгар баар уопсай дьиэҕэ олохсуйбутум. Дьэ ол күнтэн ыла бу ыаллары кытта билсэн-көрсөн табаарыстыы буолбуппут. Ийэлэрэ Татьяна Макаровна оскуолаҕа остуораһынан, аҕалара Пётр Данилович Тойбохой совхоз Арыылаахтааҕы отделениетыгар сылгыһытынан үлэлиирэ. Татьяна Макаровна үлэтигэр олус эппиэтинэстээхтик, үтүө суобастаахтык сыһыаннаһара. Ол иһин оскуола коллективыгар, оҕолорго улахан авторитетынан туһанара. Кини үлэлиир миэстэтэ мэлдьи ыраас, тупсаҕай буолара. Ханна эмэ биир бөх-сыыс суох буолара, ол иһин ханнык баҕарар оҕо ыраастык, чэнчистик тутта сылдьара. Оскуолаҕа ыытыллар араас тэрээһиннэргэ мэлдьи активнайдык кыттара. Үчүгэй үлэтин иһин оскуола дириэктэрин уонна РОНО бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа саас 1981 сыллаахха тахсыбыта. Ол кэнниттэн салгыы үлэлээбэккэ оҕолорун иитиитинэн дьарыктаммыта, ол да буоллар оскуолатын кытта сибээһин быспатаҕа.
Онтон 1982 сыллаахха партия райкомун уонна райсовет уурааҕынан Тойбохой совхоз Арыылаахтааҕы отделениетыгар управляющайынан ананан аны совхоз үлэһитэ буолбутум. Дьэ ол кэмтэн ыла Пётр Даниловиһы кытта үчүгэйдик ыкса билсэн үлэлээбитим. Маҥнай билэрдии Пётр Даниловиһы ыҥыран ылан сылгы иитиитигэр миэхэ настаабынньык буоларыгар көрдөспүтүм. Кини ол саҕана Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта этэ. Оччолорго биир сылгыһыт үлэлиир ноҕорууската 50 сылгы, эбэтэр 5 атыыр үөрэ буолара. Кини ол кэмҥэ Тыһакыыс звенотугар старшай сылгыһыт этэ. Сайын сылгыһыттар отделение субан сүөһүтүн көрөллөрө-харайаллара. Пётр Данилович биригээдэтэ “Куба уйатыгар” 300-чэкэ сүөһүнү сайылаталлара. Ол курдук Пётр Данилович совхоз үлэтэ диэн баран “муннукка ытаабыт” киһи этэ. Кини үөрэтэлээбит эдэр уолаттара билигин бары туспа атыыр үөрдээхтэр. Мин киниттэн ылбыт үөрэхпинэн туһанан эмиэ биир атыыр үөрдээхпин. Кубалаахха туппут сылгытын типовой базата күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар. Пётр Данилович отделениеҕа түөрт-биэс сылгы базата хайаан да баар буолуохтаах диир этэ. Ол кини баҕа санаатын толорон кэлин Дьааһынаҕа, Бакамдаҕа уонна Сымалаахха типовой сылгы базаларын туттарбытым. Пётр Данилович киһи киэнэ үтүөтэ, кэрэмэһэ этэ.
Эдьиэй Таанньа
Ахтыыны суруйда ийэбит эдэриттэн алтыспыт дьүөгэтэ, тыыл ветерана, Уһун Күөл олохтооҕо Евдокия Ивановна ДАНИЛОВА.

– Биһиги оччотооҕу эдэр кыргыттар Татьяна Макаровнаны эдьиийбит диир этибит. Ол мэлдьи кини сүбэтинэн-аматынан олоро үөрэнэ хаалбыппытыттан буолуо. Тугу эмэ сатаабатахпытына, кыайбатахпытына эдьиийбит Таняҕа тахсан сүбэлэтэр буоларбыт. Татьяна Макаровна наһаа сымнаҕас майгылаах этэ. Миигин мэлдьи “балтым Баллай” диэн ааттыыр этэ. Оччолорго мин улахан уҥуохтаах, улахан сирэйдээх кыыс этим. Ол иһин таптаан итинник ааттыыра. Татьяна өр сылларга оскуолаҕа техүлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Киһи кыһалҕатын сүрдээҕин өйдүүрэ. Мэлдьи сүбэлии-амалыы сылдьааччы. Биир сайын малина хомуйан аҕалан биэрбитигэр сүрдээҕин да үөрбүтүм. Ол кэмҥэ мин үлэлээбэккэ оҕолорбун көрөн олорор кэмим этэ. Сир астыы барар кыаҕым суох этэ. Өр сылларга Уһун Күөлгэ ыаллыы олорбуппут. Онтон кини кыыһыгар Парасковияҕа хоту көһөн барбыта. Кэнники суох буолбутун истэн баран сүрдээҕин аймаммытым.
Бииргэ үлэлээбит табаарыстарбыт ахтыылара
Биһиги төрөппүттэрбит үтүө холобурдарын, үлэҕэ сыһыаннарын утумнаан бары талбыт идэлэрбитин толору баһылаан, үлэлээн-хамсаан, биир идэлээхтэрбит, общественность, табаарыстарбыт биһирэбиллэрин ылан номнуо бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан эһээ-эбээ дэтэн олордорбут да урут бииргэ үлэлээбит дьоннорбутун кытта сибээспитин быспаппыт. Билиҥҥи батсаап, интернет үйэтигэр күн аайы билсэ олоробут. Оттон сорохторбут билигин да үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
Үтүөкэн учуутал, эрэллээх доҕор
Ураhалаах орто оскуолатын 90 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ахтыыны суруйда Ураһалаах оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит коллегата, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэр хаһаайыннара, Ураһалаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үрдүк категориялаах учуутал Людмила Семёновна СТРУЧКОВА.

– Учуутал буоларга ананан төрөөбүт айдарыылаах киһи диэн ыраах хоту сытар Абый улууһугар Ураһалаах орто оскуолатыгар олоҕун саамай күөгэйэр күннэрин анаан үлэлээбит Светлана Петровна Шкулёваны ааттыыр сыыһа буолуо суоҕа. Кини 1987 сыллаахха Саха сирин биир кэрэ-дьикти айылҕалаах, дьоһун мааны дьоннордоох Сунтаар улууһуттан алгыстаах Абый сиригэр кийиит буолан кэлбитэ. Алексей Никифорович, Мария Николаевна Шкулёвтар диэн улуус дьоно бары билэр, ытыктыыр ыалларын соҕотох уоллара Анатолий сүгүннэрэн аҕалбыта. Соҕотох оҕолоох ыал ылбычча кийиити, күтүөтү бэйэлэрин оҕолорун курдук таптаабаттара сахаларга баар суол. Оттон Толя дьоно Светаны хара маҥнайгыттан таптаабыттара, убаастаабыттара. Сотору сиэн кыыһы бэлэхтээннэр, күннэрэ-ыйдара кинилэртэн эрэ тахсар буолбута. Буолумуна даҕаны, Светлана көнө майгытынан, барыны бары сатыырынан, барыга бары сыстаҕаһынан, сатаабатыттан да иҥнэн турбакка ылсан иһэринэн дьиэ кэргэнигэр эрэ буолбакка, үлэлиир коллективыгар, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр барытыгар сөбүлэппитэ, убаастаппыта. Киниттэн бэл төһө эмэ аҕа саастаах дьон сүбэ-ама ылаллара.
Оскуолаҕа хара маҥнайгыттан идэтин толору баһылаабыт, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, бэйэтигэр үрдүк ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх каадыр кэлбитин бэлиэтии көрөн, оскуола салалтата кинини алын кылаастар методическай холбоһуктарын салайааччытынан анаабыттара. Ол үрдүк итэҕэли чиэстээхтик толорон, саҥаттан саҥаны көрдөөн айымньылаахтык үлэлиир, биир өйдөөх-санаалаах, иллээх коллектив буоларын ситиспитэ. Светлана Петровна педагогическай, методическай таһымын тиһигин быспакка үрдэтинэрэ биһиэхэ куруук холобур буолара. Ол курдук кини 2004, 2005, 2006 сылларга Дьокуускай куоракка «Психолого-педагогические аспекты образования в условиях модернизации образовательной системы», «Развивающее обучение по системе Эльконина-Давыдова», «Информационные технологии для учителя предметника» куурустары, Белай Гораҕа 2007 с. «Инновационные проекты и программы в деятельности образовательных учреждений кууруһу, «Эйдос» үс дистанционнай кууруһун барбыта.
Кини хас биирдии уруога оҕо болҕомтотун, интэриэһин тардар гына куруук чочуллубут буолара. Бириэмэ ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа технологиялары, үөрэтии-иитии араас ньымаларын, формаларын саха оҕотун өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһиннэрэн табатык туттара. Кини үөрэнээччилэрэ хас сыл ахсын 100 % үөрэхтэрин ситиһэллэрэ, хаачыстыбалара 50-80 %-тан хаһан да түспэт этэ. Учууталларын көмөтүнэн саастарыгар, кыахтарыгар сөптөөх темалары талан, чинчийэр үлэни оҥорон, оскуола, улуус иһинэн көмүскээн куруук бириистээх миэстэлэри ылан кэрэхсэнэллэрэ. «Портфолио» диэн Бүтүн Россиятааҕы үөрэнээччилэр чинчийэр, айар үлэлэрин фестивалларын хомуурунньугар кини хас да оҕотун үлэтэ киирбитэ. Үөрэнээччитэ Стручкова Вера Чиряевскай ааҕыылар түмүктэринэн Улуус үөрэҕин салаатын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Светлана Петровна үөрэппит оҕолоруттан араас сылларга Старостина Таня, Стручкова Саша, Стручкова Вера оскуоланы Үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэрэ.
Рязанская Дуня уонна Стручкова Вера республиканскай «Полярная Звезда — 2006» конкурс дипломаннара буолбуттара. Шкулёв Мичил боевой искусство (саньшоу-спарринг) норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларыгар 1-кы миэстэни ылбыта. Онтон да атын ситиһиилэрин ааҕан сиппэккин. Светлана Петровна билиитин-көрүүтүн, опытын бэйэтигэр эрэ тута сылдьыбакка оскуола, улуус, республика таһымнаах педагогическай ааҕыыларга, семинардарга, конференцияларга дакылаат суруйан, аһаҕас уруоктары, мероприятиелары ыытан санаатын үллэстэрэ, опытын тарҕатара.
Кини ситиһиилэрин сороҕун холобурдаатахха манныктар: 1998 с «Уровневая дифференциация на уроках математики» дакылаатынан республиканскай педагогическай ааҕыыга, 2000 сыллаахха методическай холбоһуктар үлэлэрин кэтэхтэн көрүүгэ, 2002 с. «Психокоррекционная работа с детьми 1-го класса» дакылаатынан улуустааҕы ааҕыыга кыттыбыта. 2003 с. Чиряевскай ааҕыыларга «Оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы» бэсиэдэтэ хомуурунньукка киирбитэ. Ити сыл «Современные проблемы изучения русского языка в начальной малокомплектной школе» диэн дакылаатынан улуустааҕы педагогическай ааҕыыларга кыттыбыта. 2005 с. оскуола иһинэн «Педагог-новатор» номинация кыайыылааҕа. 2006 сыллаахха «Использование наглядных пособий при изучении трудных тем на уроках русского языка в начальной малокомплектной школе» дакылаатынан кыттыбыта. 2007 с. «Инновационные проекты и программы в деятельности образовательных учреждений» темаҕа үлэтин уопутун улууска тарҕаппыттара. 2008 сыллаахха улуус иһинэн ыытыллыбыт семинарга «Экспериментальная работа в рамках КПМО» диэн теманан үлэтин уопутун үллэстибитэ. Бэйэтин үлэтин «Индивидуальная образовательная траектория учителя» диэн теманан эмиэ билиһиннэрбитэ. 2009 сыллаахха Нам улууһугар Үөдэй оскуолатыгар ыытыллыбыт Республиканскай Саввинскай педагогическай ааҕыылар конкурустарыгар «Интернет-урок по чтению» тиэмэнэн кыттыбыта.
Светлана Петровна төрөппүттэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирэ. Кини ыытар мунньахтара, тэрээһиннэрэ уруоктарын курдук наһаа интэриэһинэйдик, атыттартан уратытык тэриллэр буоланнар, төрөппүттэр олус көхтөөхтүк кытталлара, куруук көмөлөһөргө бэлэм буолаллара. Кини оскуолатын эрэ үлэтинэн муҥурдаммат буолара. Нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Дьахтар сэбиэтин чилиэнинэн, нэһилиэк депутатынан талыллан үлэлиирэ. Бырааһынньыктар, араас тэрээһиннэр сценарийдара кини көмөтө суох суруллубат этэ. Оҕуруот аһын арааһын, сибэккини үүннэрии, кэнсиэрбэ арааһын оӊоруу, эмкэ-томко тиийэ сүбэлэри киниттэн ыларбыт.
Ытыктыыр киһибит, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, “Ураһалаах оскуолатын сайдыытыгар кылаатын киллэрбитин иһин” бэлиэ хаһаайката, үрдүк категориялаах учуутал буоларынан бары киэн туттабыт. 2008-2012 сылларга оскуола директорын үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, Анатолий ийэтэ доруобуйата мөлтөөбүтүнэн, Дьокуускай куоракка көспүттэрэ. Биһиги коллектив кинини билиҥҥэ диэри куруук махтал, киэн туттуу сылаас тылларынан ахтабыт, суохтуубут. Кэргэнинээн Анатолий Алексеевичтыын нэһилиэк биир ньир-бааччы олохтоох, үрдүк культуралаах тутаах ыаллара этилэр диэн сыаналыыбыт.
Күнү көрдөрбүт көмүс чыычаахтара, эбэтин аатын ылбыт Мариялара Белай Горатааҕы Н.Н.Ефимов аатынан гимназияны Кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, онтон СВФУ филологическай факультетын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Ити үөрэҕин сэргэ информационнай технология уонна математика институтун бүтэрбитэ. Журналистикаҕа хас да сыл үлэлээбитэ, билигин иккис идэтинэн үлэлии сылдьан кэргэннэнэн, бэйэтэ икки оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, оҕо көрөн олорор. Эбээ, эһээ сиэннэр минньигэс сыттарынан сүрэхтэрин сылаанньытан куоракка бэйэлэрэ, оҕолоро туспа дьиэ-уот тэринэн ньир-бааччы олороллор. Убаастыыр дьоммор өссө да уһуннук, дьоллоохтук, доруобайдык олороллоругар баҕарабын.
Истиҥ доҕорбут Николай
Ахтыыны суруйдулар В.И.Иванов, Капитон Николаевич Иванов “ГП Сахателеком” 1999 с. Эдьигээннээҕи филиалын директора, Г.З.Лазарев, П.Васильев.
– Ыраах тус хоту турар Эдьигээҥҥэ өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээбит табаарыспыт Николай Петрович Пахомов 1996 сыллаахха Дьокуускайдааҕы сибээс техникумун бүтэрэн, электромеханик идэтин ылан Эдьигээҥҥэ үлэлии кэлбитэ. Идэтинэн 1997 сыллаахха авиапорт тэрилтэтигэр технигинэн автотелефоннай станцияҕа үлэлии киирбитэ. 1998 сылга РРС 1-М (радиорелейнай станция) алтыс разрядтаах электромонтёр идэтин иҥэрэннэр Эдьигээн – Баахынай – Бэстээх — Кыстатыам сибээһин тутатына өрөмүөннээн быыстала суох сибээһи олохтообута. Улахан бырааһынньыктар бириэмэлэригэр түүннэри-күнүстэри дьуһуурустуба олохтуур этилэр. Ол быыһыгар биһиги Николайбыт «Радан-2» станцияны таҥан Авиапорт — Эдьигээн хайысхаларын үлэтигэр күргүөмнээхтик үлэлээн элбэх хайҕалы ылбыта. Оччолорго Валерий Данилович Иванов наставнигынан үлэлиирэ. Сотору кэминэн саҥа сүүрээннэри түргэнник ылынар буолан Николай бэйэтэ эдэр үлэһиттэргэ наставник буолбута. Онтон үйэ уларыйыытыгар, 2000 сылтан саҕалаан «РРС 1-М» станция оборудованиета эргэрэн нэһилиэк пууннарыгар спутниковай сибээһи олохтообуттара. Онно Колябыт 2012 сылга диэри үтүө суобастаахтык, коллективыгар убаастабылы ылан үлэлээбитэ. Күн бүгүҥҥэ диэри доҕотторо-атастара ол үлэлээбит кэмнэрин үөрэ-көтө, кэрэхсии саныыллар, ахталлар. Эдьигээҥҥэ үлэлиир бириэмэтигэр элбэх хайҕал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Коля сынньалаҥ бириэмэтигэр кыһыннары-сайыннары Өлүөнэ эбэҕэ киирэн балыктыырын сөбүлээччи. Ол курдук, кини булт абылаҥар күүскэ ылларбыта. Дьонун-ыччатын Байанайа түстээтэҕинэ бэрсэн үөрдээччи. Биһиги бары бииргэ иллэҥ кэммитигэр сайынын оҥочонон, кыһынын буранынан сылдьааччыбыт. Күлэн-үөрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, бу билигин сааһыран да бараммыт сибээспитин быспакка күн ахсын батсаап, интернет көмөтүнэн билсэ олоробут, истиҥ доҕорбутун Николай Петровиһы уруйдуубут-айхаллыыбыт. Доҕор бырааппытыгар кытаанах саха алмааһыныы доруобуйаны, хаһан да хараастар диэни билимэ, олоххор-үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри! Дьоҥҥор-аймаххар дьол тосхойдун! Уруй-айхал, Николай Петрович!
Хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйалар
Эдьигээн улууһун биир биллэр-көстөр урбаанньытынан балтыбыт Татьяна Петровна буолар. Кини үлэтин туһунан Эдьигээн улууһун хаһыатыгар тахсыбыт ыстатыйалары билиһиннэрэбит.
“Новости Жиганска” хаhыат 2014 сыл от ыйын 12 күнүнээҕи нүөмэрэ.
“Новости Жиганска” хаhыат 2015 сыл кулун тутар 14 күнүнээҕи нүөмэрэ.
“Новости Жиганска” хаhыат 2017 сыл балаҕан ыйын 4 күнүнээҕи нүөмэрэ.
“Новости Жиганска” хаhыат 2017 сыл сэтинньи 13 күнүнээҕи нүөмэрэ.

“Новости Жиганска” хаhыат 2018 сыл ахсынньы 15 күнүнээҕи нүөмэрэ.
Иванова А.А. «Идэни таба талыы – дьол» кинигэттэн 2012 сыл, Дьокуускай.
Хомсомуол элбэххэ үөрэппитэ
Валерия ЕГОРОВА, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. “Сунтаар сонуннара” хаһыат, 2018 с. алтынньы 22 күнэ.

– Мин 1967 сылга Сунтаардааҕы олох-дьаһах кэмбинээтигэр үөрэнээччи-иистэнньэгинэн үлэм биографиятын саҕалаабытым. Оччолорго кэмбинээт дириэктэринэн П.С.Чоросов үлэлиирэ. Аҕа саастаах настаабынньыктар сыһыарыллыбыттара: Е.А.Павлова, А.Д.Егорова, Т.М.Павлова, М.Ф.Мекумянова. Элбэх эдэр ыччат баара, олор истэригэр хомсомуол оҕолор. Онно хомсомуол бастакы сэкиритээринэн үлэлээбитим. Станислав Егорович иккис сэкиритээр этэ. Көмүс оҥорор уол, иистэнэр кыыс элбэҕэ. Хомсомуоллар Дорбойго хортуоска хостооһунугар, олордооһунугар, сайынын от үлэтигэр сылдьарбыт. Кыһын өрүс уҥуор тахсан талах быһарбыт. Саас пиэрмэ көһүүтүгэр сайылыктарыгар тахсалларыгар дьиэлэрин сууйан, алаадьы астаан көрсөрбүт. Күһүн Маар Күөлгэ, Дьаархаҥҥа хотон сыбаан киирэр буоларбыт. Сылын аайы кэнсиэргэ күрэхтэһии буолара, 100 киһилээх хор тэрийэр этибит. Биһигини кытта оройкуом үлэһиттэрэ кыттыһаллара. Олох-дьаһах кэмбинээтигэр бары былааннаах үлэлиир этибит, хоруоп оҥорор уолаттар эмиэ былааннаах этилэр. Үлэһит уолаттар-кыргыттар туох эмит буруйу оҥордохторуна улахан хомсомуолускай, партийнай, профсоюзнай мунньах буолара.
1976 сыл кулун тутар 1 күнүгэр хомуньуус баартыйаҕа киирбитим. Дьахтар чэпчэки таҥаһын, бүрүүкэ тигэр биригээдэҕэ үлэлээбитим. Хас да ыҥырыкка сельсэбиэт дьокутаатынан, оройуоннай, уобаластааҕы бартыыйынай кэмпэриэнсийэлэргэ дэлэгээтинэн талыллыбытым. Онно бара сылдьан Президент Николаев М.Е. илиититтэн “Социалистическай куоталаһыы туйгуна” диэн бэлиэни туппутум.
1994 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр кэмбинээппит моҥкуруукка барбыта. Онно мин 45 саастаах киһи үлэтэ суох хаалбытым. Оҕолорум саҥа үөрэҕи бүтэрэн эрэр кэмнэрэ этэ. Үлэ көрдөһө сатаан баран бэйэм ИП тэриммитим. Нэһилиэнньэҕэ бородуукта отделын аһан бастакы нүөмэрдээх ырыынакка турбутум. Билигин Сунтаарга биэнсийэлээхтэр сойуустарын, Бартыһаан түөлбэтин, олох-дьаһах кэмбинээтин үлэһиттэрин түмсүүлэрин салайабын. Ити үлэм түмүгэр 2014 сыллаахха киин нэһилиэкпит баһылыга Э.Е.Филиппов Грант туттарбыта. Түөрт уолу атахтарыгар туруордубут. Кэргэмминээн Иван Петровичтыын 50 сыл эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорон кэллибит. Кини сыралаах үлэтин сыаналаан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ оҥорбуттара. 40-тан тахса сыл суоппардаата.
Биһиги ситиһиилэрбит
Үлэҕэ
Пахомов Пётр Данилович – “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээл 1977 с., “Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта». 1977 c.
Саввинова Валентина Григорьевна – Саха Республикатын вице-президенин Бочуотунай грамотата, Киин быыбардыыр кэмитиэт махтал суруга 2007 с., үлэ бэтэрээнэ.
Шкулёва Светлана Петровна – “Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна” 1998 с., “Учууталлар учууталлара” 2007 с., “Ураһалаах оскуолатын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бэлиэ хаһаайката 2017 с., педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Афанасьева Тамара Петровна – “Саха Республикатын Доруобуйа харыстабылын туйгуна” 2015 с., үлэ бэтэрээнэ.
Воробьёва Парасковья Петровна – СР ЖКХ уонна Энергетика Бочуотунай хайҕал суруга 2007 с, СР Ил Түмэн государственнай мунньаҕын Бочуотунай хайҕал суруга 2011 с, СР ЖКХ Министерствотын Бочуотунай хайҕал суруга, кыһыл көмүс чаһыта 2012 с., РФ Тутуу уонна ЖКХ министерствотын Махтал суруга 2014 с., “СӨ ЖКХ уонна Энергетика сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бэлиэ хаһаайката 2013 с, Саха Республикатын олох-дьаhах хаhаайыстыбатын ветерана, үлэ ветерана,
Тапыева Лидия Мировна – 2 место в творческом конкурсе куклы в национальном костюме “Хоровод дружбы” в рамках III Республиканского фестиваля «Якутия – многонациональная семья» 2016 г, публикация в информационно-методическом журнале «Столичное образование» номер7-8 на тему «Воспитание любви к книге у дошкольников» 2017 г.
Үөрэххэ оҕолорбут, сиэннэрбит ситиһиилэрэ
Никитина Виктория Юрьевна – Эдьигээн орто оскуолатын үрүҥ көмүс медалиһа 2006 с., СГУ финансово-экономическай салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ 2011 с.
Яковлева (Никитина) Светлана Юрьевна – Дьокуускай куорат Алексеева авторскай оскуолатын үрүҥ көмүс медалиһа 2008 с., Ельцин аатынан Ураллааҕы университет “экономика управления предприятием” салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ, 2014 с.
Саввина (Пахомова) Айыына Леонидовна – ХИФУ финансово-экономическай институтун кыһыл дипломунан бүтэрбитэ 2015 с., «Лучший молодой профсоюзный лидер» среди студентов в Республиканском конкурсе среди профсоюзной молодежи, посвящённый месячнику Дня профсоюзного работника в Республике Саха (Якутия).
Макарова (Шкулёва) Мария Анатольевна – В.П.Ефимов аатынан Үрүҥ Хайатааҕы гимназиятын кыһыл көмүс медалиһа 2005 с., Президент Ёлкатын 2005 с. кыттыылааҕа, ХИФУ филологическай отделениетын журналистика салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ 2010 с.
Пахомова Саргылана Николаевна – МО Эдьигээннээҕи национальнай нэһилиэк баһылыгын Гранын хаһаайката 2013 с., IX Республиканскай “Профессияҕа хардыы” научно-практическай конференция дипломана 2015 с., Саха АССР үтүөлээх агронома Г.М.Павлов аатынан бириэмийэ стипендиата 2016 с., студеннар икки ардыларыгар ыытыллар республиканскай предметнэй олимпиада 2 миэстэлээх призёра 2016 с.
Афанасьева Ангелина Андреевна – Покровскай куорат 4 нүөмэрдээх орто оскуолатын кыһыл көмүс медалиһа 2016 с., соавтор научной публикации на тему «Воспроизводство северного домашнего оленя» в Академическом вестнике ЯГСХА №1 2018 г.
Афанасьева Тамара Гаврильевна – 1 место в IV Открытом региональном чемпионате «Молодые профессионалы» (Ворлдскиллс Россия) Республики Саха (Якутия).
Тапыев Сергей Александрович – 1 место в III Дальневосточном конкурсе «Я – инженер» на Призы Президента Фонда поддержки гражданского общества «Точка опоры» В.А.Штырова в категории «Молодой инженер», 2018 г., Сертификат за успешное прохождение школы комсостава штабов Дальневосточного округа, г.Владивосток, 2018 г.
«Мин – инженербин» диэн Дальнай Востоктааҕы конкурс түмүгүнэн 1 миэстэлээх Тапыев Сергей, «Якутск вечерний» хаһыат 2018 с.
Спортка ситиһиилэр
Пахомов Степан Петрович – Мастер спорта РС(Я) по национальным видам спорта борьба “Хапсагай” 2011 г., 1 место в республиканском турнире по борьбе “Хапсагай” на призы мастера спорта ЯАССР В.Д.Федотова, 1 место в республиканском турнире по борьбе “Хапсагай” на призы 3-хкратного абсолютного чемпиона ЯАССР Владимира Ефремова, 2 место в республиканском турнире по борьбе “Хапсагай” на призы Никиты Докторова – Бычырдана, с.Верхневилюйск
Тапыева Лидия Мировна – Дуобакка 1 спортивнай разряд 1994 с.
Тапыева Анна Александровна – Харбааһыҥҥа 2 взрослай спортивнай разряд 2018 с., обладатель Золотого знака отличия Всероссийского физкультурно-спортивного комплекса “Готов к труду и обороне” III ступени 2018 г., неоднократный призёр 2015, 2016, 2017, 2018 гг. в Первенстве РС(Я) по плаванию отборочные на Всероссийские соревнования “Весёлый дельфин”, отмечена грамотами ГБУ РС(Я) Управление детско-юношеского спорта и подготовки спортивного резерва РОО “Федерация плавания РС(Я)”, 1 место на III Региональном летнем фестивале Всероссийского физкультурно-спортивного комплекса «Готов к труду и обороне» среди III-IV ступени образовательных организаций РС(Я), 2018 г.
Тапыев Михаил Александрович – Харбааһыҥҥа 1 юношескай спортивнай разряд 2018 с., 2 место на открытом республиканском турнире по плаванию среди школьников “Олимпийские надежды” 2018 г., 3 место в соревновании по северному многоборью среди воспитанников ОПСР Республиканский центр национальных видов спорта им.В.Манчаары 2018 г.
Литература эйгэтигэр бастакы холонуулар
Тапыева Лидия Мировна.
Л.М. Тапыева – Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх «Катюша» уһуйаанын иитээччитинэн үлэлиир. Устудьуоннуу сылдьыаҕыттан кыра-кыралаан хоһоон суруйуутугар холонон көрөр. Сахалыы “Виктория” араадьыйаны сөбүлээн истэр, атас-доҕор оҥостор. “Виктория” араадьыйа биир үтүө үгэһинэн биллиилээх ырыаһыттары ыалдьыттата ыҥырааччы. Кэпсэтиилэрин түмүгэр ырыаһыттар саамай интэриэһинэй боппуруоһу биэрбит истээччигэ талан ылан кэнсиэрдэригэр босхо билиэт бэлэхтиир этилэр. Лида бастакы билиэтин Сахабыт сирин кэрэ куоластаах ырыаһыта Варя Ларионова кэнсиэригэр ылбыта. Ити кулун тутар ый 2010 сыллаахха этэ. Киниэхэ анаан маннык ис хоһоонноох баҕа санаа тылларын суруйан ыыппыта:
Ырыа – дууһа ымыыта,
Ырыа – сүрэх иэйиитэ,
Ыллаа хатыҥ тыллыыта,
Ыллаа күһүн кэлиитэ!
Ырыа дьолго сирдиэҕэ,
Ыраас санаа эбиэҕэ.
Ыллаа сааһы уруйдуу,
Ыллаа кыһыны айхаллыы,
Ымыылаах Ый Кыыһа!
Икки билиэти бэлэх ылан таптыыр кэргэнинээн Ый Кыыһа айар кэнсиэригэр астынан-дуоһуйан сылдьыбыттара.
Иккис билиэтин сөбүлээн истэр ырыаһыта Василий Еремеев кэнсиэригэр ылбыта. Ол муус устар 2010 сылыгар этэ. Лида боппуруоһа маннык этэ:
Бүгүн араадьыйабын холбоотум,
“Виктория” доҕорум
Баһылай Дьэрэмиэйэпкэ
Боппуруос наада диэтэ.
Босхо билиэккэ тиксээри,
Боруобалаан көрөөрү,
Буһа-хата түбүгүрэ.
Бэлэмнэнэ олоробун.
Баҕарабын Баһылайга
Баһаам элбэх харчыны,
Байылыаттык олороругар,
Биэчэрэ табылларыгар.
Боппуруоһум боростуой:
Бултуургун төһө сөбүлүүгүн?
Булт-алт сиэрин тутуһаҕын дуо?
Байанайыҥ мичик гынар дуо?
В.Еремеев ити боппуруоска барытыгар эппиэттээн баран Лида боппуруоһун талан ылан икки билиэти бэлэх уунан үөрүүлэрин үрдэппитэ. Циркэ киэҥ уораҕайыгар В.Еремеев айар кэнсиэригэр кыыһа Анялыын сылдьыбыттара. Билиэт ылан баран махтанан “Викторияларга” маннык ис хоһоонноох тыллары махтанан туран аһаҕас эфиргэ аахпыта:
Ый кыыһын кэнсиэригэр
Ыҥырыылаах ыалдьыт буолан,
Ылбыт билиэппинэн кынаттанан
Ырыа алыбыгар уйдаран
Ыанньыйбыт дууһам иэйиитэ
Ытыллан таҕыста ыгыллан.
Барҕа махтал, Баһылайга,
Бүлүү ырыаһыт уолугар,
Боппуруоспун талан,
Билиэт бэлэх ууммутугар!
Бэйэм чугас киһибин кытта
Биэчэригэр астына
Биэс сибэккитин истиэхпит.
Бириэмэни дуоһуйан
Бэһиэлэйдик атаарыахпыт
“Викториям” көмөтүнэн.
Үһүс бэлэҕи биир дойдулааҕа Сиэйэ уолуттан туппута. Олунньу ый 2011 сылыгар. Сиэйэ Уола бэйэтин ырыалардаах альбомун бэлэхтээбитэ. Лида хоһоон-ыйытыыта маннык этэ:
Сайаҕас намыын куоластаах,
Сунтаар ырыаһыт уолугар
Сахалыы истиҥ эҕэрдэ!
Саас кэлэн иһэрэ,
Силлиэ бүтэн эрэрэ,
Санааҕын көтөҕөр дуо?
Саҥа иэйиилэри, ырыалары
Сипсийэр дуо, эйиэхэ?
Төрдүс билиэтин алтынньы ый 2011 сылыгар Байбал Сэмэнэп айар киэһэтигэр туппута. Боппуруос-хоһооно маннык этэ:
«Виктория» араадьыйаҕа
Бэркэ диэн сөбүлүүр ырыаһытым
Бүлүү куоластаах уола
Байбал Сэмэнэп!
Баҕарабын эйиэхэ
Баҕарбыт баҕа санааҥ,
Баҕаҥ хоту салалыннын.
Биэчэриҥ табыллан
Бэһиэлэйдик аастын.
Бастыҥ ырыаларгынан
Бар дьоҥҥун үөрдэ-көтүтэ сырыт!
Боппуруоһум судургу:
Бэлиитикэҕэ сыһыаныҥ хайдаҕый?
Бас-көс киһи буолаҥҥын,
Бэйэҥ олоххо көрүүлэргин
Быһаарсар, үллэстэр киһи
Буолуоххун баҕарбаккын дуо?
Байбал Сэмэнэп интэриэһинэйдик хоһоонунан ыйытан ыыппыт истээччибэр диэн тоһоҕолоон туран икки билиэти бэлэх уунан кэргэнинээн үөрэн-көтөн туран кэнсиэргэ сылдьыбыттара. Биллиилээх эстрадабыт ырыаһыттарын билигин даҕаны астынан туран ырыаларын истэр, кинилэр сүдү талааннарыгар сүгүрүйэр.
Аны Лида тэттик хоһооннорун кытта билиһиннэрэбит:
Булчут хоһооно
Сарсыарда саҥа күн тахсыыта
Сылаас таҥас таҥнаммыт,
Саабытын сүгэммит,
Сонордьут буоламмыт
Ойуурга аттанныбыт.
Сирбитин буламмыт,
Оллооммутун оҥостоммут
Саха дьонун сиэринэн
Кутаабытын аһаттыбыт.
Сибиэһэй салгыҥҥа
Кыым кытыаһынна,
Сэһэн-ыаһах күөдьүйэ оргуйда.
Сэниэ-итии киллэринэн
Сынньанан бараммыт
Систэри быһаммыт
Бултуу-алтыы бардыбыт.
Сындалҕаннаах сырыыбыт
Халтайга хаалбата,
Сөбүн көрөн маанылаата
Байанайбыт барахсан!
Ахсынньы 2009 с.
Бииргэ үөрэммит доҕоро саҥа дьиэҕэ киирбит үөрүүлээх күнүгэр анаан суруйбут хоһооно:
Саҥа дьиэҕэ малааһын
Сырдык уота умайда,
Салгын сыта ырааһа
Сүргэбитин көтөхтө.
Саҥа дьиэҕэ оҕолоргут
Салгыбакка чугдаардыннар,
Сылдьар ыалдьыт астынан
Сынньана, дуоһуйан аастын.
Саҥа дьиэҕэ тапталгыт
Сүтэн-уостан хаалбатын,
Сэмэн куруук мааматын
Сыллыы-ууруу сырыттын.
Саҥа дьиэҕит өрүүтүн
Сылааһынан сыдьаайдын,
Сулус буолан сырдаатын,
Сүрэххитин нүөлүттүн.
Саҥа дьиэҕэ мэлдьитин
Ситиһиилэр кэллиннэр,
Сирдээҕи олох кэрэтин
Сипсийэ эрэ турдуннар.
Киһи кэлэр бу сиргэ…
Киһи кэлэр бу сиргэ
Оҕо буолан оонньоору,
Эдэр сааһы билээри,
Кырдьар диэни көрсөөрү.
Киһи кэлэр бу сиргэ
Кимниин эрэ көрсөөрү,
Таптал кутаа уотугар
Таарыйтаран ылаары.
Киһи кэлэр бу сиргэ
Кэнэҕэски хаалларан
Ийэ-аҕа дэттэрэн
Истиҥ тыллары истээри.
Киһи кэлэр бу сиргэ
Кэрэни эрэ түстээри,
Дьылҕатын оҥостон
Дьол диэн тугун билээри!
Алтынньы ый, 2011 с.
Айсен Пахомов – ХИФУ педагогическай институтун студена. Нууччалыы тылынан кэпсээн суруйуутунан 5 кылаастан дьарыктанар. 10 кылаастан уруһуйунан үлүһүйэр. Билигин маслянай кыраасканан уруһуйдуур буолан эрэр.

Рассеянность
Вове за то, что он получил две пятёрки в школе, дали билет в кино. И не просто в кино, а в новейший блокбастер года. Вова не мог такое пропустить. Он пошёл к друзьям рассказать о своем счастье, ловя завистливые взгляды. Потом направился в сторону парка и сел там на скамейку, чтобы перевести дух.
И затем он пришёл в кинотеатр. Он уже представлял, как жуя попкорн, перенес`тся в абсолютно другой мир. У кассы он хотел было отдать билет, но его там не оказалось. Обыскав другие карманы он его тоже не нашёл. Сердце внезапно ушло в пятки, а приятное щемящее чувство ожидания сменилось нарастающим криком ужаса. В голове пронесся целый ураган, ветер которого отправил его обратно в парк. Помимо своей скамьи, Вова осмотрел другие, но билет словно издевался и уходил в последний момент. С лицом величайшей трагедии и потери, он начал звонить друзьям, которые все в один голос говорили проверить свои карманы снова, но ведь он уже проверял.
Что-то внутри него не давало ему следить за временем, а за всякой бумажкой и мусором, из-за чего он успел хорошенько так вычистить парк, чтоб глаза не мозолились. А мимо него как раз проходили студенты-волонтеры:
– Какой хороший парень! Выполнил практически всё за нас.
– Может его поблагодарить? А то как-то неудобно.
– Давай. Эй, мальчик! Хорошая работа! Не хочешь…
Но Вова уже бежал в сторону своего дома. «Может дома обронил?». Только об этом и думал.
Но, не найдя его там, он уже было думал нелегально проникнуть, и раздумывая свой коварный план, взгляд его невольно упал на часы. 17:53. Его фильм кончился уже как час. Парк уже опустел, и лишь редкие пары проходили в вечернем свете фонарей, удивляясь чистоте парка. Вова мрачно сел на скамью и не знал, о чём думать. В его голове было лишь осознание тщетности бытия и несправедливость Вселенной. В последний раз, в слабом порыве надежды, он вновь обыскал карманы. Пустота в многочисленных карманах ранила душу острой бритвой, пока он не обнаружил что-то квадратное в дальнем внутреннем кармане, о существовании которого он вечно забывал.
Достав свой яркий, пестрящий противной ухмылкой билет, Вова заплакал от принятия того, что он последний осёл и дурак, и с ним вместе в унисон смеялись все его друзья, тыкая в него пальцем и ехидно причитая «мы ведь говорили!». Плач был все громче и громче, отталкивая людей.
В этот момент рядом проходили те самые студенты, и, привлечённые горестным плачем, они сели рядом с ним, утешая его и спрашивая о том, что случилось.
Вова через слёзы и сопли рассказал о причине своих душевных терзаний, пока его не прервал тот самый парень, окликавший его.
– Это же ты, тот самый парень, который весь парк вычистил?
– Слушай, и правда он!
– Мы же как раз тебя поблагодарить хотели, но ты так быстро ушёл, что не успели ничего сказать.
– Так это всё из-за того билета? Да не горюй, парень, всё пучком. Мы достанем тебе билет на этот фильм. Считай это нашим «спасибо».
Вова, не веря собственным ушам, вопросительно взглянул на них заплаканными глазами.
– Правда?..
– Не просто правда, факт! Давай, пойдём, вечерний сеанс должен вскоре начаться. Ты же не хочешь опоздать ещё раз?
И вот целой толпой студентов, в центре которого шёл повеселевший Вовка, пошли в сторону кинотеатра. Пока они стояли в очереди, кто-то купил ему большой попкорн и литр колы, за что мальчик поблагодарил всех и обнял каждого. С упоением и в замечательном настроении он вошёл в зал и, мысленно снова поблагодарив каждого, он начал смотреть долгожданный блокбастер. В тот день попкорн был удивительно вкусным, а кола казалась слаще обычной. В тот день Вова поверил в добро.

* * *
БИҺИГИ АЙМАХ АРААС КЭМНЭРДЭЭҔИ ХААРТЫСКАЛАРА

1951 с.

Оскуола коллективын кытта.

Иванова А.Н., Ороева, Пахомова П.Ф. сиэннэринээн.

Лёня.

Петя, Паша.

Света.

Лёня, Коля.

Рита, Света.

Света, Паша, Коля, Лёня, Таня.

Прокопьев В.Д.

Аймахтар.

Паша, Лёня, Света.

Коля, Лёня Читаҕа.

Ефремовтар дьиэ кэргэн.

Егорова В.М. Уһун Күөл ыһыаҕар.

Света, Маша, Айыына, Айсен.

Афанасьевтар.

Васильевтар, Осиповтар.

Кыайыы ыһыаҕа, 2015 с.

Осиповтар.

Афанасьев Г.Н. кыргыттарын, сиэннэрин кытта.

Ньургустаана, Ангелина, Настя Афанасьевалар.

Аймахтар сыбаайбаҕа, 2012 с.

Эдьиийбит Егорова В.М.

Эдьиийбит Осипова С.М.

Эдьиийбит Саввинова В.Г.

Валентина, Лия, Настя, Ванесса, Мирослав.

Лия, Настя Саввиновалар.

Саввиновтар.

Лидия, Александр, Сергей, Аня, Миша Тапыевтар.

Дарья, Анатолий, Артур, Дамир Саввиновтар.

Макаровтар, Шкулёва С.П.

Светлана сиэннэринээн.

Тамара Петровна.

Афанасьевтар.

Парасковья сиэнэ Яриктыын.

Настя, Ладомир, Ярик, Парасковья Воробьевтар.

Николай кыыһа Саргыланалыын.

Пахомовтар, Саввиннар.

Леонид сиэнэ Таялыын.

Саввиннар, Пахомовтар.

Сунтаарга сугуннуу.

Айыына, Проня, Тая Саввиннар.

Тая төрөөбүт күнэ.

Никитиннэр.

Татьяна сиэннэриниин.

Степан, Любовь Пахомовтар оҕолорунаан.

Лера, Настя. 9 мая 2018 г.

Вика, Света кыргыттарынаан.

Маша, Исай, Миша, Мира Макаровтар.
Хомуйан оҥордулар: С.П. Шкулёва, Л.П. Пахомов.
2020 сыл.






























