Степанов Гаврил Васильевич туһунан

ДЬОН ЫТЫКТАБЫЛЫН ЫЛБЫТА

Аҕам Степанов Гаврил Васильевич 1921 сыллаахха Бордоҥ нэһилиэгэр (Ньурба) Улгуктаҕа төрөөбүтэ. Оччотооҕу оҕо сиэринэн кыра сааһыттан дьиэ-уот үлэтигэр сыстаҕас, дьонугар илии-атах буолан улааппыта. Оскуолаҕа киирэн умсугуйан туран үөрэммитэ, үөрэҕэр үчүгэй этэ. Элбэх табаарыстардааҕа. Маалыкайга 7 кылааһы бүтэрбит дьоҕурдаах, көнө майгылаах үлэһит уол “Мэҥэдьэк” холкуоска биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ол сылдьан араас үлэҕэ акгыыбынай кыттыыны ылар эбит. Холобур холкуостары тэрийээһин, сири түҥэтии, араас кылаассабай охсуһууларга барытыгар кьптыһар эбит. От, бурдук, сир хорутуута, бурдук ыһааһына – барытыгар бэйэтэ тэҥҥэ үлэлэһэрин иһин дьон ытыктабылын ылбыт.

Эдэр киһи ыал буолан, дьиэ-уот туттан, төрөөбүт дойдутугар дьоллоохтук олоруон ыраланара. Ол ыра санаатын Ийэ дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытын туһунан ыар сурах биирдэ туора соппута. 1943 сыл от ыйын 15 күнүгэр 22 саастаах эдэр киһи сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэни туппута. Забайкальскай фронт 36-с армиятын 210-с стрелковай дивизиятын 644-с полкатыгар заряжающайынан сулууспалаабыта, ефрейтор званистын ылбыта.

Аҕам Иркутскайынан, Читанан сылдьыбыта, ол кэнниттэн Манчжурияҕа, Халкин-Голга, Харбиҥҥа сылдьан Японияны кытга сэриигэ кыттыыны ылбыта. 1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр сэрии сэбин сүгэн Манчжурияҕа Япония сэриилэрин утары киирсии буолар. Эмискэччитэ бэрдиттэн уонна охсуу күүһүттэн Япония саллааттара куоталлар. Аны кинилэри эккирэтэн кумах, истиэп уступ барыы буолар. Японецтар субу-субу бөҕөргөтүммүт сирдэриттэн утарсаллар, ону ол диэбэккэ биһиги дьоммут кимэн киирэллэр. Уу суох. Япония сэриилэрэ холуодьаһы дьааттыы-дьаатгыы куоталлар. Аҕам аах үс-түөрт сууккаҕа ууну испэккэ эрэй бөҕөтүн көрөллөр. Атырдьах ыйынааҕы ол дойду куйааһыгар уонунан көһү сэрии уоттаах толоонунан хааман, Улахан-Хинган бөҕөргөтүллүбүт миэстэлэрдээх үрдүк арҕастарын үлтү урусхаллаан советскай сэриилэр, чуолаан 210-с дивизия, Хайлар куоракка кэлэн анньылла түһэр. Хайлар куоракка алта күннээх түүннэри-күнүстэри кырыктаах кыргыһыылар буолаллар. Ол кэнниттэн салгыы Манчжурия киин куоратыгар Чаньчуҥҥа ааһаллар Ол куораты ылааттарын кытта Япония биир тыла суох капитуляциялаабытын туһунан истэн байыастар үөрүү бөҕө буолбуттар. Ону туоһулуур элбэх хаартыскалары илдьэ кэлбитэ. Армияҕа сылдьан араас омук уолатгарын кытга доҕордоспута. Уопсайынан үөрэхтээх, нууччалыы холкутук билэр буолан үчүгэйдик сылдьыбыт. Японияны кыайыы иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Сэрии кэнниттэн интернат сэбиэдиссэйинэн, улахаттар оскуолаларыгар учууталынан үлэлээн элбэх киһини ааҕарга, суруйарга үөрэппитэ. Учуутал быһыытынан олус үчүгэйдик үөрэтэрэ, дьон кыһалҕатын өйдүүр, сатаабат, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөр диэн хайгыыллара. “Эйэлээх, үчүгэй олох кэллэ, онон киһи барыта үөрэхтээх, ааҕар-суруйар буолуохтаах диирэ”, – диэн кэпсииллэр үөрэммит дьоно.

“Киһи быһыытынан олус көнө, үтүө майгылаах, элбэҕи аахпыт, билбит”, – диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр. Историческай наука доктора Е.Е.Алексеев: “Хабыччаны кытта сайын Ньурбаттан 1951 сыллаахха түөрт атынан кууллаах мээккэ бурдугу отчуттарга анаан ыырдан, 12 көстөөх Хатыыга илдьэн турабыт. Онно Гаврил Васильевиһы үчүгэй кэпсээннээх, элбэх уус-уран айымньыны билэр киһи эбит дни санаабытым. Бастаан онно “Всадник без головы” диэн Майн Рид романын ис хоһоонун ымпыгар-чымпыгар диэри кэпсээбитин истэн турабын”, – диэн суруйар.

Ону тэҥэ аҕабыт айылҕаттан кыанар-хотунар, хапсаҕай киһи эбит. Райфо-ҕа налоговай агенныы сылдьан Хатыыттан Ньурбаҕа субу-субу киирэр эбит, онно үксүн атын мииммэккэ кэлэрэ. Бэйэтин кэмигэр сүүрүүгэ, тустууга ыһыахтарга бириистээх миэстэлэргэ тиксэн турар.

1947 сыллаахха ийэбин Иванова Евдокия Васильевнаны кэргэн ылбыта. Ыал буолан сэттэ эрэ сыл олорбуттар. Олус кылгас кэмҥэ сэрии алдьархайдаах аргыара кими быһаҕас төлкөлөөбөтөҕөй, ким дьылҕатын быспатаҕай? Аҕабыт эдэригэр, баара эрэ 32 сааһыгар 1953 сыл муус устар 2 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ, биһигини – үс кыра оҕолорун хаалларан…

Ийэбит барахсан эдэр сааһыгар тапталлаах доҕорун сүтэрэн, төһө да улаханнык аһыйдар, оҕолорун тустарыгар олорорго кытаанах санааны ылынан, 70 сааһыгар диэри үлэлии-хамныы сылдьан олохтон туораабыта. Биһигини атахпытыгар туруортаан, сиэннэр минньигэс сыттарын билэн бу орто дойдуттан барбыта. Мөҥөн-этэн, дьарыйан буолбакка бэйэтин үтүө холобурунан, үлэҕэ уонна олоххо сыһыанынан биһигини ииппитэ.

Уола Валерий Гаврильевич СТЕПАНОВ.

2020 сыл олунньу 18 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *