ДЬОҺУННААХ ОЛОҔУ ОЛОРБУТА
Таайым Титов (Хоппотоороп) Василий Данилович 1929 сыл тохсунньу 29 күнүгэр I Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕөр Кыбытыы диэн алааска орто сэниэ Титов (Хоппотоороп) Данил Титович уонна Чагылысова Варвара Игнатьевна дьиэ кэргэнигэр эмсэх куурдар, оһоҕос түгэҕинээҕи бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини ийэм кыра быраата.

Аҕата Тайыла аҕатынан Сонтороохтон (Киргиэлэй), ийэтинэн Түүкээҥҥэ олохтоох Дьаарханнартан, онтон ийэтэ Балбаара Чаҕылыыстарынан Хоонтоонуттан Кутаҕайаантан төрүттээхтэр. Бүлүү уокуругун Үөдүгэй улууһун I Боотулуу нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николаев Н.Г. (Нуккаа) 1926 с. алтынньы 1 күнүттэн 1927 с. алтынньы 1 күнүн хабан туран, 1927 с. от ыйын 27 күнүгэр оҥорбут дьиэ кэргэн испииһэгэр: “Хоппотор Данил глава, 50 саастаах, Варвара жена, 50 саастаах, Данил (Амыдай) сын, 17 саастаах, Ирина дочь, 15 саастаах, Анна дочь, 10 саастаах, Егор сын, 8 саастаах, Ирина дочь, 5 саастаах, Ирина дочь, 1 саастаах, Анна сестра, 70 саастаах” диэн суруллубут. “Боотулуулар” кинигэ иккис чааһа, 32 стр. 2012 сыл.
Ийэтэ Балбаара уон биирдэ оҕоломмутуттан сэттэтэ улаатан, ыал буолан оҕо-уруу тэниппиттэрэ. Кыра уолун Баһылайы 53-гэр төрөппүт. Ыал кырата буолан Баһылай ийэлээх аҕатынан, убайдарынан, эдьиийдэринэн мааныланан улааппыта. Уонуттан тахсан баран ампаардарын кэннинээҕи хатыҥҥа куртуйах олорбутун көрөн, күтүөтүн Мэхээлэ саатын ылан ыппытыгар, бастакы булда куртуйах хатыҥтан өлөн илибирээн түспүтүгэр үөрбүтүн үйэтин тухары саныыра. Күтүөтэ Мэхээлэ аҕатыгар “Баһылай сааланар кэмэ буолла” диэн аҕата Тайыла сөбүлэспитигэр, күтүөтэ Мэхээлэ Баһылайга саа биэрбит. Онтон ыла Баһылай сааланан, кустаан-куобахтаан булка сылдьар буолан барбыт.
Дьоно оскуолаҕа уонун туолбутун кэннэ Сургуулукка Багадьа оскуолатыгар үөрэттэрэ киллэрбиттэр. Иккис кылааска 1940-1941 үөрэх сылыгар Көтөрдөөх маҕаһыыныгар атыыһыттаабыт. Сургуулукка маҥнайгы кылааска Долгунов Семён Данилович үөрэппит, уруок быыһыгар оҕолору оһуохайдатан оонньотор эбит. Баһылай оһуохайы олус сөбүлээбит, онтон ыла оһуохай тылын этэр буолбутум диирэ. Сааһыран олорон Сэмэн Даныылабыһы “оһуохайдыырга үөрэппит учууталым” диирэ.
1943 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр иккис күтүөтэ Семёнов Михаил Тимофеевич эдьиийин Орто Өрүүнэ кэргэнэ биэс ыйдаах уолун хаалларан сэриигэ аттаммыта, ол уола бу сэттэ уон биэс сааспар тиийэн баран суруксуттуу олоробун. Аҕата Тайыла, күтүөтэ Кирилэ сэриигэ бараатын кытта кыыһын Аананы үс оҕотун кытта Киһилээх сириттэн Кыбытыыга бэйэтигэр көһөрөн аҕалбыта.
Баһылай икки сыл балыс быраатын Бүөтүрү кытта аргыстаһа сылдьан Көтөрдөөххө үөрэммиттэрэ. Кэлэ-бара сылдьан суолларын кытыытыгар куобахха, мас көтөрүгэр туһахтаан, кырынааска, солоҥдоҕо, мукучайга, чыс кутуйахха чааххааннаан, тииҥнээн, саһылга, куобахха айа иитэллэрэ, бултана сатыыллара. Дьонноро, ийэлээх аҕата бултаах кэллэхтэринэ улаханнык үөрэллэрэ, үөрэхтэрэ суох буолан буолуо, хайдах үөрэнэ сылдьалларын, үөрэтэллэрин туһунан ыйыталаспат да этилэр. Баһылай ийэтэ Балбааара, аҕата Тайыла сэрии саҕаланыытыгар сэттэ уоннарыгар чугаһаабыт дьон этилэр.
Эһэбит Тайыла сэрии сылларыгар оҕолорун биир сиргэ, олорор сиригэр Кыбытыыга түмэн сэрии кытаанах, кыһалҕалаах сут, хоргуйуу сылларын этэҥҥэ туораабыттара. Кыыстара, мин ийэм Семёнова Ирина Даниловна сэрии бастакы сылыттан кэргэнин Семёнов Мэхээлэни сэриигэ барыар диэри Түҥ, Түүкээн үрэхтэрин төбөлөрүгэр, Өлөөн сиригэр тиийэ тыаласпыта. Кэргэнэ Мэхээлэ сэриигэ барбытын кэннэ оҕонньоттору кытта эмиэ тыаласпыта. Тайыла кыыһа Аана эмиэ саанан үчүгэйдик ытара, дьиэ таһыгар куска, куобахха сылдьара. Кийиитэ Амыдаева Дария Ивановна (Чоҥоргуур Уйбаан кыыһа) эмиэ сааланара, чааххаан, туһах, сохсо иитэрэ. Тайыла дьиэ таһыгар эмиэ бултанара, онуоха уолаттар Баһылай, Бүөтүр эбии буолаллара. Таайым Баһылай кэпсииринэн аҕата Тайыла бултуурга үөрэппэт эбит, сохсо, чааххаан, туһах хайдах иитиллэн туралларын көрөн бултуурга үөрэммиппит диирэ. Хочокко Капитонов Степан (Муҥур) муус тоҥмутун кэннэ тууну хайдах уган сытыарарын көрөөрү, тоҥмут ойбону маһынан мууһун тоһоон, алҕаска тууну алдьатан учууталбытыттан мөҕүллэн турабыт, Ыстапаан туубун алдьаталлар диэн үҥсүбүт этэ.
Сайын Баһылай, Бүөтүр сайыҥҥы булчут буолан күрдьүгэстииллэрэ, бурҕаалыыллара. Биир күн икки буолан Дүүрээҥдэттэн 100 күрдьүгэһи, бурҕааны өлөрбүттэрин туһунан ахтыытыгар баар.
Киһилээхэп Бүөтүр биир сайын оҕолорго оройуон үрдүнэн күрдьүгэс, бурҕаа бултааһыныгар иккис миэстэ буолбут, Сургуулукка Ксенофонтов Иван кэнниттэн. Баһылай Көтөрдөөххө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан айалаан үс саһылы өлөрбүтэ. Ол туһунан сэбиэт отчуотугар киирбит эбит.
Убайа Амыдайы кытта уончалааҕыттан от охсорго үөрэммит. Убайа ийэлээх аҕатыттан оҕону наһаа уһуннук оҕустараҕын диэн сэмэлэнэр эбит. 1945 сыл сайын оҕолорго от охсуутугар бастаан грамота туппут, холкуоһа ырбаахынан бириэмийэлээбит.
1952 сыллаахха күһүн армияҕа сулууспалыы ыҥырыллыбыт. Аҕата Тайыла, аймаҕа Семёнов Бүөтүр (Очоо) Баһылайдарын кытта быраһаайдаһан баран, харахтарын уута тахсыбытын көрдөрүмээри киэр хайыһан, Дүүрэҥдэҕэ күрүө тута тахсан барбыттара. Баһылайдара кэлэригэр тиийбэттэрин сүрэхтэрэ сэрэйээхтээбитэ буолуо. Аҕата Тайыла 1952 сыл алтынньы бүтүүтүгэр, аймаҕа Бүөтүр 1953 сыл олунньуга эмискэ ыалдьаннар олохтон барбыттара. Кыбытыы сыырыгар көмүллэн сыталлар.
Баһылай Иркутскай анныгар артиллерия чааһыгар түбэспитэ. Чаастара Ангара өрүс биэрэгэр турбута. Советскай Союз Братскай ГЭҺи уонна куорат тутуутун саҕалаабыта. Баһылай уу хараҕынан бу баараҕай ГЭҺи тутуу уонна куорат тутуллан, үүнэн тахсарын көрбүтэ. Сулууспа ыарахан этэ, холкуос ыарахан үлэтигэр эриллибитэ олус туһалаабыта, үс сыл этэҥҥэ ааспыта. 1955 сыл күһүнүгэр демобилизацияламмыта, Иркутскайга вокзалга убайын Амыдай уолун Амыдаев Николайы көрсө түспүтэ. Николай Кытайга сулууспалаан бүтэн иһэрэ, биир Сургуулук уолун кытта үс буолан хаартыскаҕа түспүттэрэ.
Дойдутугар кэлэн, Бүлүүгэ атыыһыттар куурустарын бүтэрэн, Оноҕоччут маҕаһыыныгар атыыһыттаабыта. Варвара Ивановнаны көрсөн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттара. 1958 с. уол оҕоломмуттара, Баһылай диэн ааттаабыттара, кини билигин мааны ыал аҕата, Үөһээ Бүлүүтээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үчүгэй салайааччы быһыытынан биллэр. Баһылайдаах Балбаара түөрт уол, үс кыыс оҕоломмуттара. Иван предприниматель, улуус мунньаҕар Боотулууттан депутат, элбэх оҕолоох ыал. Борис милиция майора этэ, сидьиҥ дьон илиититтэн эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, үс оҕолоох. Вячеслав ыал, биир оҕолоох, Татьяна икки оҕолоох, биир уол оһолго түбэһэн олохтон туораабыта. Оксана биир оҕолоох.
Баһылай Оноҕоччут маҕаһыыныгар икки сыл атыыһыттаан баран, Көтөрдөөх маҕаһыыныгар салгыы үлэлээбитэ. 1960 сылтан Көтөрдөөх хотутугар субай сүөһү көрүүтүгэр кэргэнин Балбаараны кытта үлэлээбитэ. “Биир бииргэ” эргэ пиэримэ хотонун дьардьамата турарын оҥорон, тутан сүөһүлэрин кыстаппыттара. Бэйэлэрэ туруорбах дьиэ үрдэ эрэ турарыгар мас кэрдэн киллэрэн, туруорбах дьиэ туттан кыстаабыттара. Онтон Булгунньахтаахха көспүттэрэ. Мин 1966 сыл ахсынньыга аармыйаттан кэлэн баран Үөһээ Бүлүү лесхоһун Боотулуутааҕы учаастагар участковай технигинэн үлэлии киирбитим. Оттон 1967 сыл муус устарга Түҥҥэ Муос Арыытыгар бэстээх сиргэ бэс туораҕын сиэмэтин хомуйаары атынан киирэн иһэн, таайбар Баһылайга олорор сирдэригэр Булгунньахтаахха таарыйан, хонон ааспытым. Көмүлүөк оһохтоох, 5х5 кээмэйдээх дьиэҕэ олороллоро. Дьиэ ортотунан буор өрө анньан, дьиэ муостата хайа курдук өрө үллэн тахсыбыт этэ. Аһыыр остуоллара, оронноро дьиэ истиэнэтин кыйа тураллара. Түөрт кыра оҕолордоох эдэр ыал, таайым Баһылай, саҥаһым Балбаара бу маннык усулуобуйаҕа олороллорун көрөн улаханнык хараастыбытым, бөтө бэрдэрбитим. Били генсек буола сылдьыбыт Н.С.Хрущ”в эппит хомуньууһума кэлэрэ уонча эрэ сыл хаалан турара.
1961 сыл Титов В.Д. Коммунистическай баартыйаҕа чилиэнинэн киирбитэ. Баартыйа устуоруйатын, устаабын үөрэтэригэр Боотулуу партийнай тэрилтэтин хомуньуустара Дмитриев Д.П., Григорьев Н.Д. көмөлөспүттэрэ уонна баартыйаҕа чилиэнинэн киирэригэр мэктиэни биэрбиттэрэ.
Таайым аахха иккистээн 1970 сыллаахха күһүөрү соҕус Тараас Тыымпытыгар олордохторуна сылдьыбытым. Сайын субай сүөһүнү бостууктаан олороллоро, киэһэ түптэҕэ сүөһүлэр муһуннахтарына, уолаттар Иван уонна Борис бүтэй үрдүгэр тахсан, ааҕан суот-учуот бөҕө буолаллара, ахсааны лаппа баһылаабыт дьон этилэр. Саҥаһым Балбаара оҕолорун көрө-көрө сүөһүлэрин бостууктуура, уолаттар Баһылай, Уйбаан, Боря, кыргыттара Сардаана алтата, Таня үһэ, Оксана биирэ этилэр. Таайым Баһылай отчуттар звеноларыгар хоно сылдьан оттууллара, ыһыктарын ылалларыгар эрэ кэлэн бараллара. Мин оччолорго Красноярскай куоракка үнүстүтүүккэ үөрэнэ сылдьар кэмим этэ. Каникулбар сылдьарым, аҕыйах хонон төннүбүтүм, итиннэ от кэбиһиитигэр сылдьыспытым.
Таайым Титов Василий Данилович кыһыннары-сайыннары үлэ үөһүгэр сылдьара. Оччолорго бастыҥ үлэһиттэргэ Коммунистическай үлэ удаарынньыгын аатын иҥэрэллэрэ, Василий Данилович эмиэ коммунистическай үлэ удаарынньыгын аатын сүгэн сылдьыбыта. Оҕолорун үөрэттэрээри 1970 сыллаахха Боотулууга “Ардьаахаан” пиэримэтигэр Балбаара ыанньыксытынан, Баһылай тас үлэһитинэн үлэлээбиттэрэ. Икки сыл тутуу биригээдэтигэр Боотулууга биригэдьиирдээбитэ, онтон Көтөрдөөххө тахсан биригэдьиирдии сылдьыбыта. 1974 сыллаахха Ханайга баар дьиэлэрин көһөрөн киллэрэн, Боотулууга уһаайба ылан туппуттара, ити сылтан заправщигынан үтүө суобастаахтык бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
1988 сыллаахха сэттэ оҕотун күн күбэй ийэтэ, тапталлаах кэргэнэ Варвара Ивановна ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта, кыра уоллара Славик уончалаах эрэ оҕо этэ. Баһылай соҕотоҕун оҕолорун атахтарыгар туруортаабыта, ыал оҥортообута. Ыал буоллулар да, олороллоругар дьиэ тутан биэртэлиирэ. Сэбиэскэй былаас эстэн, олох отуора хамсаабыт бириэмэтигэр 1998 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ Атыыр Бастаах таһыгар Элгээҥҥэ көһөн киирбитэ, оҕолорун көмөтүнэн ынах сүөһү, сылгы туппута. Уонча ыанар ынахтаах, сүүрбэччэ сылгылаах бааһынай хаһаайыстыбата буолбута. Оҕолорун, сиэннэрин этинэн, үрүҥ аһынан хааччыйбыта. Кыра кыыһа Оксананы, кыра уола Вячеславы кытта сүөһүлэрин, сылгыларын көрүүлэригэр көмөлөһөрө. 88 сааһын туолуор диэри тиргиччи ньиэмэстэр “Штиль” мотуордаах хотуурдарынан от охсоро. Кырдьар сааһыгар кытайдар кыра тыраахтардарынан отун оҕустарара, мунньара, кыра бырысыабы холбоон отун таһара. 89 сааһыгар биирдэ үлэттэн тохтообута. Илиим хотууру да, атырдьаҕы да кыайан туппат буолла, сүрэҕим мөлтөөтө диирэ. Хаста да Тамалакаан балыыһатыгар кырдьаҕастар сытар балыыһаларыгар сытан, эмтэнэн доруобуйатын көннөрүммүтэ, балыыһа үлэһиттэригэр, быраас Барчахова К.И. улаханнык махтанара, астара тотоойу, минньигэс диирэ. Быйыл ыам ыйыгар баран эмтэниэм, быраас кэлээр диэбитэ диэн үөрэ-көтө кэпсээбитэ.
Сэрии сылларыгар Көтөрдөөххө эр дьон бары сэриигэ баран хаалбыттарын кэннэ холкуос үлэтигэр оҕо-дьахтар, кырдьаҕас оҕонньоттор хаалан төһө кыахтара баарынан үлэлии сатаабыттарын ахтара. “Киров” холкуоска Көтөрдөөххө хоргуйан, ыалдьан, тоҥон биэс уончаҕа тиийэр оҕо-дьахтар, кырдьаҕас суорума суолламмыттара диирэ.
Биирдэ холкуос оҕуһа сүтэн хаалбыт. Ону аҕата Тайыла көрдөөн, Дүүрэҥдэ уҥуоргу өттүгэр, Сургуулуктуур аартыктан чугас ойуур иһигэр оҕуһа өлө сытарын булбут. Сургуулук сэбиэтигэр баран тыллаабыт. Сэбиэттэр кэлэн оҕуһу өлөрбүт киһи өтөххө утуйа сытарын булбуттар. Хоргуйан өлөрө буолбут киһи оҕуһу тутан ойуурга таһааран, маска баайан баран сүүскэ охсон өлөрөр кыаҕа суох буолан, түөрт атахтарын сүгэнэн кэрдэн охторон хабарҕатын быһан өлөрбүт. Иһин хайытан, этиттэн быһан үтэһэҕэ үөлэн сиэн баран утуйа сытарын булбуттар. Күрээн сылдьар дьон 1941 сыл күһүнүгэр Дьүүрэҥдэттэн биэс-алта сылгыны Сис күөлүгэр тахсар кырыыга, ойуур ортотугар баар хаарчахха хаайан баран тутан барбыттар, сылгылар киирбит суоллара баар, тахсыбыт суоллара суох үһү. Хатыс быанан сылгылары күрүө кытыытыгар үүнэн турар маска баайбыттара, хатырыгы тоҕута таппыттара хойукка диэри дьаба буолан турбут.
Оһуохайдыы сылдьар Корякин Николай Павлович, Огочонов Иннокентий Саввич.
Василий Титов бырааттарын Е.М.Семёновы, П.К.Кисиляховы кытта.
Балбааралаах Тайыла кыра уоллара Титов Василий Данилович дьоһуннаах олоҕу олордо. 89 сааһыгар сүүрбэччэ хонук тиийбэккэ, бу орто дойду олоҕуттан 2018 сыл тохсунньу 7 күнүгэр барда. Кини сырдык аата ыччаттарыгар үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.
Суруйдум эдьиийэ Орто Өрүүнэ улахан уола Егор СЕМЁНОВ,
Арассыыйа ойуурун бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Боотулуу нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат. 2018 с. олунньу 13 күнэ, оптуорунньук.
Көтөрдөөххө сэрии сылларыгар
(Үлэ, тыыл бэтэрээнэ В.Д.Титов ахтыытыттан)
Үөһээ Бүлүү оройуонун I Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕөр орто сэниэ ыалга, бүтэһик оҕонон 1929 сыл тохсунньу 29 күнүгэр күн сирин көрбүппүн. Хоппотоороп Баһылай Даньыылабыс диэн ааттаабыттар. Ону убайым Егор Данилович улаатан үөрэхтээх үлэһит буолан баран, сэрии иннинэ сирэн Титов Баһылай Даньыылабыс диэн ааттаммыппын.
1939-1940 үөрэх сылыгар Сургуулук нэһилиэгэр Багадьа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим, учууталым Долгунов Сэмэн Данилович этэ. Элбэхтик оһуохайдаан оонньотор этэ, онон оһуохайы ордорон сөбүлүүр буола улааппыппыт. 1940-1941 үөрэх сылыгар Көтөрдөөх оскуолатыгар иккис кылааска үөрэммитим. Оччолорго аҕам сэттэлээх кыра хотуур оҥорон биэрбитинэн оту кыралаан охсорго үөрэммитим.
1944 сылтан ыраах тыаҕа кыһынын бултуур киһи буолбутум. Саас бурдук ыһыытыгар атынан сир хорутарым. Бурдук ыһыытын кэнниттэн ыһыахха диэри саҥа бааһына алдьатыыта буолара.
От ыйын маҥнайгы күнүттэн от охсуутугар киирэрбит. Оҕолорго хас күн аайы га аҥара күннээҕи нуормабыт, ону биригэдьиир быалаан, тоһоҕо маһы анньыталаан кэбиһэр, ону бүтэрдэххинэ ходуһаттан тахсаҕын. 1945 сыл сайыныгар оҕолорго оройуон үрдүнэн бастаан грамота уонна холкуос улахан киһи соруочкатынан бириэмийэлээбиттэрин тыаҕа бултуу тахсыбытым кэннэ ыыппыт этилэр.
1947 сылга 18 сааспын туолан улахан киһи ахсааныгар киирбитим, онон күҥҥэ биир га икки дьэһээтэй сири оҕустахпына бириэмийэҕэ хапсар буолбутум. Сайын устата кырата икки дэкээдэҕэ киирэн ылар этим, элбэҕэ түөрт дэкээдэни ыларым. Дэкээдэ бириэмийэтэ биирдии киилэ кыынньыбыт арыы буолара. От охсуутугар Лахаайыга диэри барарым, хаар түһүөр диэри оттуурбут.
1948 сыллаахха 19 саастаахпар Дүүрэҥдэҕэ Филиппов Мэхээлэни, Амыдаев Ньукулайы кытта от охсон турардаахпын. Онно от ыйыгар икки дэкээдэни ылбыппыт. Дүүрэҥдэ тыатын бүтэрэн баран, атырдьах ыйын маҥнайгы күнүттэн Дүүрэҥдэ муҥутаан уолбалаан турдаҕына, онно киирии буолбутугар биһиги үс буоламммыт, үс өттүттэн утарыта көрсөрдүү сүбэлэстибит уонна уон күнүнэн бүтэрэрдии соруктанныбыт. Мэхээлэ Сис күөлүн аартыгынааҕы дьиэҕэ хонордуу Таарын күөл аартыгыттан түһэр буолла. Ньукулай биһикки билииттэн улахан киэҥ баҕараҕы аҥардаһан түстүбүт. Мин отуу оҥостубатым, онон халлаан хараҥардаҕына бугул анныгар киирэн, утуйа түһэн ыла-ыла сылдьыбытым. Былааммыт туолбута, уон күн охсон бүтэрбиппит. Онно мин уон күннээх охсуубун биригэдьиир Баагынаан уола Эҥиэттэй быалаабыта, 17 дэһээтинэ буолла диэбитэ. Мэхээлэлээх Ньукулай охсуулара 16-лыы, 15-тии дэһээтинэ буолбут курдук өйдүүбүн. Ол этэ, үлэ диэн. Онтон Сис күөлүн охсон бүтэрбиппит кэннэ Киһилээх сиригэр ыыппыттара. Онно тиийэн, күҥҥэ га аҥарын да кыайбат буола быстан хаалбыппыт. Киһилээх сирин ото кытаанаҕа да бэрт этэ. Барыта быалык от, оҕустахха буруо оргуйар, охсо сатыы-сатыы сытан тахсар дьон буолбуппут.
От үлэтэ бүттэ да сир алдьатыыта, бадарааныҥ диэн биир улахан үлэ буолааччы. Икки атынан буоһанан булууктатар этим, сир тоҥуор диэри. Онтон Бокуруоп саҕана тыаҕа бултуу барааччыбын, икки ый кэриҥэ буолан кэлээччибит. Тииҥ диэн булт отой аҕыйах буолара, тайаҕы суолун да көрбөт этибит, киис диэни сураҕын эрэ истэрбит. Солоҥдо, кырынаас, саһыл, куобах син баар буолара.
1948 сыллаахха Көтөрдөөх хотутугар биригэдьиир буола сылдьыбытым. Сааскы ыһыы кэнниттэн Алексеев Егор Семёнович (Хооно уола) ыалдьан эмкэ барар, ону эмтэнэн кэлиэр диэри солбуй диэбиттэригэр ээх диэн турабын. Онтум сүрдээх ыарахан үлэлээх эбит этэ. Күһүн убайбар Егорга кумааҕым дуомун туттаран бараммын, булпар тыалыы баран хаалан куоппутум.
1952 сыллаахха күһүн Сэбиэскэй аармыйаҕа бараммын, үс сыл сулууспалаан 1955 сыл күһүнүгэр кэлбитим. Онтон үргүлдьү кыһын ахсынньыга Алын Бүлүүгэ үс ыйдаах атыыһыт куурсугар үөрэнэн, Оноҕоччут маҕаһыыныгар атыыһыттаабытым. Онно икки сылы кыайбат курдук үлэлээбитим. Кэргэннэнэн, уол оҕолонон, Ньукуола биир хонук иннинэ Көтөрдөөх маҕаһыыныгар көһөн барбытым.
* * *


