Иванов Алексей Семёнович туһунан

ТАЛААННААХ УЧУУТАЛ, ХОРСУН БУОЙУН

Күһүн этэ. “Оскуолаҕа саҥа директор кэлбит, үрдүкү кылаастары нуучча тылыгар үөрэтэр үһү, онтон кэргэнэ – начальнай кылаастары”, – диэн сурах Боотулуу ыалларыгар тыаллааҕар сыыдамнык тарҕана охсубута. Онуоха эбэн ол киһибит сэриигэ сылдьыбыта уонна олус күүстээҕэ иһиллэ охсон, бастакы сонуну тилэх уопсан тилийэ көппүтэ. Биһиги, кыра кылаас оҕолоро, директорбытын көрө охсоору сонурҕааһыммыт улахан быһыылааҕа.

Үөрэх бастакы күнүгэр эрдэ оскуолабытыгар тэбиннибит. Кырааска минньигэс сытынан аҥылыйан оскуолабыт кэҥээбиккэ, сырдаабыкка дылы буолан көрүстэ.

Оҕолор утуу-субуу кэлитэлээн истилэр. Сайын биллэ-көстө улааппыттар, саҥалыын, туттан-хаптан сылдьардыын кытта уларыйбыттар. Күүгээн ортотугар саҥа директорбыт оскуолаҕа киирбитин өйдөөбөккө да хааллыбыт. Оҕо айдаанынан өрө күйгүөрэ, тигинии турбут көрүдүөр эмискэ ах барда, уу-чуумпу сатыылаата. Көрө биэрбиппит – үрдүк, көнө уҥуохтаах, толуу, төрөл, кырдьык даҕаны күүстээх көрүҥнээх, киэҥ эрилкэй харахтаах, дьиппиэн киһи көрүдүөр ортотунан муостаны хотолдьута үктээн, уоһун сэгэччи соҕус туттан дорооболоһо толло көрөр учительскай хоспутугар киирэн хаалла.

Ити оройуон кырдьаҕас учууталларыттан биирдэстэрэ, Улуу сэрии активнай кыттыылааҕа, коммунист Алексей Семёнович Иванов этэ.

Онтон ыла балачча бириэмэ ааста да оччотооҕу үөрэнэээччилэрэ кинини ытыктыы, толло көрбүппүт уостубат. Төттөрүтүн төһөнөн чугастык, дириҥник билэн иһэҕин да ытыктыырыҥ, убаастыырыҥ өссө күүһүрэр. Үлэ уонна сэрии ыарахаттарын, дьон сэргэ олоҕун билбит, өлөр өлүүлүүн уун-утары көрсүбүт учуутал нуучча тылын үөрэтиитэ билиигэ-көрүүгэ утаппыт курдук тардыһар эдэр көлүөнэ өҥ почватыгар түспүтэ.

А.С.Иванов уонна кини кэргэнэ Мария Петровна Васильева Боотулуу оскуолатыгар үс сыл үлэлээбиттэрэ, аламаҕай-эйэҕэс, киһилии истиҥ майгыларынан, үлэлэригэр кыһамньыларынан үөрэнээччилэр уонна олохтоохтор дириҥ ытыктабылларын ылбыттара. Сургуулук, Боотулуу, Маҥаас нэһилиэктэрин күүһүнэн Боотулууга саҥа типовой интернат тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ону туттарыыга Алексей Семёнович нэһилиэктэр уонна колхозтар салалталарын кытта элбэхтик үлэлээбитэ. Тутуу маһын көлөнөн таспыттара, онуоха сүнньүнэн оҕо-дьахтар үлэлээбитэ.

А.С.Иванов 1915 сыллаахха, олунньу 25 күнүгэр Ньурба улууһун II Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 14 сааһыттан комсомол кэккэтигэр киирэн сир үллэһигэр суруксуттаабыта.

1935 с. Якутскайга учительскай институту бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүү оройуонугар учууталынан үлэлии кэлбитэ.

Үөһээ Бүлүүгэ үлэтин саҕалаабыт сиринэн Ороһу оскуолата буолар. Кини үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Ол кэмҥэ директорынан А.Г.Александров (Ленинград оборонатыгар өлбүтэ), учууталларынан Р.Н.Ильин, М.С.Романов, М.С.Иванов, И.Н.Алексеев үлэлииллэрэ. 1939-1941 сылларга Далырга учууталынан уонна завуһунан бырааттыы Василий, Николай Еремисовтары, А.П. Васильевы (Мордьоннооҕобу) кытта үлэлээбитэ. 1942-1943 сылларга үөрэх салаатын инспекторынан үлэлии сылдьан оройуон бары оскуолаларын кэрийбитэ, уһук Ыйылас, Туобуйа оскуолаларыгар кытта тиийтэлиирэ, учууталларга сөптөөх көмөнү, ыйыыны-кэрдиини биэрэрэ. Оччотооҕу айан ыарахаттарын этэ да барыллыбат.

– Барыбытыгар даҕаны ыарахан күннэр-дьыллар кэлэн ааспыттара, итини барытын хайдах тулуйбуппутун билигин сөҕө саныыгын, – диэн ахтар кырдьаҕас учуутал.

Алексей Семёнович 1943 сыллаахха бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыта уонна илин Маньчжурия сиригэр Дацаҥҥа тиийбитэ, үс ый үөрэнэн снайпердар курстарын туйгунунан бүтэрбитэ. Ити сыл алтынньыга Даурияҕа кэлбитэ уонна 120 мм миномёкка наводчигынан анаммыта. Чаас командованиета Иванову политзанятиелары ыытарга пропагандиһынан анаабыта, бу сорудаҕы кини эҥкилэ суох толорбута, партия чилиэнигэр кандидатынан ылыллыбыта. Кини Арҕаа фроҥҥа ыыталларыгар командование аатыгар хас да төгүллээн көрдөһүү түһэрбитэ да аккаастаан испиттэрэ.

1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр советскай правительство союзтаахтарыгар биэрбит тылын толорон, милитаристскай Япония биһиги илиҥҥи кыраныыссабытыгар күөнтээн туруорар биир мөлүйүөн киһилээх Квантунскай армиятын утары кимэн киирэр уонна урусхаллыыр операциятын саҕалаабыта. Иванов сулуспалыыр чааһа бу операцияҕа активнай кыттыыны ылбыта уонна Хайлар, Харбат, Чаньчунь туһаайыларынан кимэн киирбитэ.

Японнар күүстээх утарсыыны Хайлар куоракка оҥорбуттара. Манна японскай сэриилэр бэйэлэрин бөҕөргөтүнүүлэрин халыҥ эрэһиинэнэн бүрүйэннэр буомба да, снаряд да кыайан ылбат гына оҥостуммут этилэр. Онон буомбалааһын, артиллерийскай бэлэмнэнии кэнниттэн бастакынан атаакаҕа киирбит полкаттан 40-ча эрэ киһи ордон хаалбыта. Олохтоохтор көмөлөрүнэн сир аннынан барар водопроводу быспыттарын эрэ кэннэ японскай гарнизон саллааттара уулара суох буолан бэриммиттэрэ. Хинган хайаларын уҥуордаан советскай сэриилэр дохсуннук, самнарыылаах уотунан кимэн киирбиттэрэ, сууккаҕа хастыы да көһүнэн инники түһэллэрэ. Өстөөх, төһө да хотторон истэр, кини уодаһына уонна өһүөнэ улахан этэ. Биирдиилээн, бөлөҕүнэн быстан хаалбыт япон саллааттара тыыннара быстыар диэри утарсаллара.

Таммах да уута суох хонуу куйаар устун кимэн киирэн испиттэрэ, японнар холуодьастары, уу источниктарын киһи испэт гына дьаатынан сутуйа-сутуйа чугуйаллара. Онон миномёттарын уонна миналарын тиэйэн иһэр массыыналарын уу аҕалтара командование бирикээһининэн илдьэ барбыттара, 12 миномётчик хонуу-куйаар ортотугар кэтэһэн хаалбыттара. Биһиги сэриилэрбит салгыы кимэн киирэн ааһа турбуттара. Ол кэмҥэ япон уонтан тахса саллаата саба түспүтэ. Миномётчиктар истиэп устун быардарынан сыыла сылдьан сэриилэспиттэрэ. Алексей өстөөх буулдьатыттан ыараханнык бааһырбыт табаарыһын көхсүгэр сүгэн сыылан иһэн япон саллаатын кытта утары көрсүһэ түспүтэ. От быыһыгар пилотката хамсыырын көрөн урут туттан тыыннаах хаалбыттаах. Кэлин табаарыстарынаан кэлэн көрбүтэ японец саатыгар ботуруона бүтэн баран, аҕыс кырыылаах гранатаны илиитигэр бобуччу тутан быраҕардыы оҥостон иһэн саха саллаатын бэргэн буулдьатын сүүһүгэр түһэттэрэн охтубут этэ. Бу хапсыһыыга миномётчиктар, төһө да биир киһилэрин сүтэрдэллэр, икки табаарыстара бааһырдар кыайыылаах тахсыбыттара.

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Чаньчунь куорат ортотугар кимэн киирэн истэхтэринэ миномётчиктар олорон иһэр массыыналарын японскай мултугур массыына ойоҕостон ойон тахсан тарааннаан эрэрэ баара да, Алексей ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. Ыараханнык контузияланан, кыа хаанынан устан, өлбүт дьон ортотугар өйө суох сытарын биир дойдулаахтара, доҕотторо Константин Терентьевич Тюляхов, Иван Варламович Дудуков түбэһэ түһэн булан таһаараннар күн-ый буолбуттара.

Алексей биирдэ өйдөммүтэ атын саҥалаах-иҥэлээх сахалыы дьүһүннээх эмчиттэрдээх сиргэ сытар эбит. “Билиэн түбэспит буоллаҕым”, – диэн санаа киниэхэ элэс гынан ааспыта,аттыгар сытар нуучча саллаатыттан сибигинэйэн ыйыппытыгар: “Биһиги санчаастарбыт ыраах хааланнар, японскай госпиталь персоналын көрүүтүгэр-истиитигэр командование расписканан туттарбыта”, – диэн буолла. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Япония капитуляцияны биллэрбитэ, ол эрээри быстан хаалбыт японскай сэриилэр сабыта түһэллэрин тохтоппотохторо. Онон бааһырбыт саллааттары биир киһини эрэ ылар “кукурузнигынан” Монголияҕа таспыттара. Онно сытан үтүөрэн баран, кини 1946 сыл саҥатыгар таптыыр идэтигэр – оҕону иитиигэ төннүбүтэ, Далырга кэлэн салгыы үлэлээн барбыта.

Алексей Семёнович 45 сыл устатыгар оскуолаларга үлэлээн олоҕун бүтүннүүтүн ыччат, норуот үөрэҕириитигэр анаабыт дьонтон биирдэстэрэ. Уонтан тахса сыл оскуолалар директордарынан уонна завучтарынан, 3 сыл райОНО инспекторынан, уһун кэмҥэ нуучча тылын учууталынан айымньылаахтык, дьиҥ ис сүрэҕиттэн ылсан, талаана арыллан үлэлээтэ. Кини үөрэппит-ииппит оҕолоруттан оройуоҥҥа, республикаҕа киэҥник биллэр үчүгэй үлэһит дьон үүнэн таҕыстылар. Бааллар кинилэр ортолоругар партийнай-советскай үлэһиттэр, норуот хаһаайыстыбатын араас идэлээх специалистара, инженердэр, ветеринардар, агрономнар, врачтар, учуонайдар. Бааллар норуот уйгутун оҥорсон таһаарар бастыҥ үлэлээх араас идэлээх рабочайдар, сүөһү үлэһиттэрэ, шофёрдар, трактористар. Алексей Семёнович чугас аймахтарыгар билиини көрүүнү тарҕатыспыт уонтан тахса учууталлар бааллар. Холобур, эдьиийдэрэ Марина Семёновна Саха АССР уонна РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Елена Семёновна эмиэ учуутал, Герой-ийэ.

Алексей Семёнович олоҕун доҕоро, тапталлаах кэргэнэ Мария Петровна 41 сыл учууталынан үлэлээбитэ, тоҕус оҕо күн-күбэй ийэтэ, материнскай слава I-II-III степеннээх медалларынан, “Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэҕэ туйгунун иһин”, “Үлэ ветерана” медалларынан кини үлэтэ бэлиэтэммитэ.

Алексей Семёнович уонна Мария Петровна улахан уоллара Алексей “Үөһээ Бүлүү” совхозка ветвраһынан үлэлиир, үс оҕо тапталлаах аҕата, Василий институт үлэһитэ, теплофизикаҕа аспирантураны бүтэрбитэ, ыал, Анатолий ПМК-аҕа электрик, икки оҕо аҕата, Александр “Сельхозтехникаҕа” шофер, кыргыттара Мария фельдшер, Татьяна үрдүк үөрэхтээх математика учуутала, Клавдия үрдүк үөрэхтээх учуутал, ЫБСКЛС райкомун оскуолаҕа отделын сэбиэдиссэйэ, кыра кыыс Люда СГУ-га врач идэтигэр бэһис курска үөрэнэр. Төрөппүт оҕолорун таһынан кинилэр тулаайах хаалбыт аймахтарын оҕолорун ыланнар, алта оҕону иитэн-үөрэтэн олох суолугар таһаарбыттара. 15 оҕону көрөн-истэн, улаатыннаран үчүгэй үлэһит дьон гына иитэн таһаарыы уонна уһун кэмҥэ учууталынан эҥкилэ суох үлэлээһин – улахан олох умнуллубат страницалара итинниктэр.

Алексей Семёнович 1937 сылтан партия историятын үөрэтиитэ ахсаабат пропагандист быһыытынан киэҥник биллибитэ. Үлэһит маассаны коммунистическай тыыҥҥа иитиигэ үлэтин партия Саха уобаластааҕы обкома уонна Саха АССР Министрдэрин Совета грамотанан бэлиэтээбиттэрэ. Үөрүүлээх мунньахтарга уонна бырааһынньыктарга Алексей Семёнович кэтит түөһүн килэччи кини уһун сыллаах туйгун педагогическай үлэтин кэрэһэлиир правительственнай наҕараадалар киэргэтэллэр.

Үлэ, сэрии ветерана, норуот үөрэҕириитин туйгуна, коммунист Алексей Семёнович Иванов үлэлээбит сирин ахсын Ороһуга, Далырга, Боотулууга, Дүллүкүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ барытыгар көрсүө-сэмэй майгылаах, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах, ирдэбиллээх салайааччы, талааннаах учуутал быһыытынан нэһилиэнньэ бары араҥатын дириҥ ытыктабылларын ылбыта уонна ылар. Үтүө киһи олоҕо, кини үлэлээбит үлэтэ-хамнаһа, эппит этиитэ, дьоҥҥо үтүө сыһыана уос номоҕор, бар дьон сэһэнигэр сылдьар.

Егор Михайлович СЕМЁНОВ, селькор,

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат.

1985 сыл олунньу 16 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *