КӨТӨРДӨӨХХӨ СЭРИИ СЫЛЛАРЫГАР
1941-1945 сыллар – ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга уруй-айхал!
Үөһээ Бүлүү оройуонун Боотулуу нэһилиэгин сиригэр Көтөрдөөххө 1935 сыллаахха “Киров” аатынан колхоз тэриллибит. Колхоһу тэрийээччи Данил Михайлович Михайлов (Үчэһэ Тайыла) бастакы бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт.
Кини эдэр эрдэҕиттэн Дьокуускайынан, Алданынан, Бодойбонон бэдэрээт көтөҕөн, киэҥ сиринэн сылдьыбыт сытыы-хотуу киһи эбит. Нууччалары кытта бодоруһан, быһыта-орута нууччалыы наадатын быһаарсар, үөрэҕэ да суох буоллар кыралаан кумааҕыга бэлиэтэнэр эбит. Дьокуускайтан таһаҕас илдьэн баран кэлэригэр колхоһугар “Самобир” диэн тэрилтэттэн түөрт булуугу, түөрт тимир боруонньаны иэс илдьэ кэлбит. Дьара, Көтөрдөөх, Чаҕылыс Тыымпыта, Саҥадьаан үрдүк сирдэрин хорутан, бааһына оҥортообуттар. Уонна ньэчимиэн, оруос, дьаарысса, эбиэс, оннооҕор сэлиэһинэйи кытта ыһан, бурдук үүнүүтүн хомуйар буолбуттар. 1938 сыл түмүгүнэн биир көлөһүн күнүгэр 4,5 кг бурдук, 0,2 кг арыы, 2 солк. харчынан дохуоттаммыттар. Көтөрдөөххө 1939 сыллаахха дьон бары колхозка киирбит. Бытархай хаһаайыстыба суох буолбут, колхозтааһын түмүктэммит. Бастакы колхоз бэрэссэдээтэлэ Данил Михайлович 1939 сыл күһүнүгэр сэллик ыарыыттан өлбүт.
Сэрии иннигэр “Киров” колхозка 300-чэ ынах, 400-чэ сылгы баара, балачча элбэх бурдук ыһыылааҕа. Маны таһынан колхозтаахтар кэтэхтэригэр ынах сүөһүлээх этилэр.
Көтөрдөөхтөн 1941-1943 сылларга саамай күөгэйэр күннэригэр, күүстэригэр-уохтарыгар сылдьар дьон эдэрэ, эрчимнээҕэ 51 киһи Аҕа дойдуларын көмүскэлигэр ыҥырыллан барбыттара. Өссө тоҕус киһи үлэ фронугар ыҥырыллыбыттара, кинилэр истэригэр кыргыттар Анна Гаврильева (Кыскылаах Уйбаан кыыһа), Анастасия Афанасьева (Кыһыл кыыһа), Александра Афанасьева (Доойоҥ кыыһа) бааллара.
Көтөрдөөххө сэриигэ барбатах дьонноох ыал диэн суоҕа. Биир ыалтан түөртүүгэ тиийэ эр киһи барбыта.
Мин эһэм, эбэм аах Данил Титович Титов, Варвара Игнатьевна Чагылысова дьиэ кэргэттэриттэн икки уоллара, икки күтүөттэрэ сэриигэ барбыттарыттан, улахан уоллара Данил Данилович Амыдаев, күтүөттэрэ Михаил Тимофеевич Семёнов кыргыс хонуутуттан эргийбэтэхтэрэ. Уоллара Егор Данилович Титов Сталинград куорат кырыктаах сэриититтэн, күтүөттэрэ Кирилл Данилович Кисиляхов III Украинскай фронтан илиилэригэр ыараханнык бааһыран, 1944 сыллаахха дойдуларыгар эргиллибиттэрэ. Данил Максимович Максимов (Тиэтэл) кэргэнэ Марыыналыын икки уолларын – Степан Данилович Максимовы уонна Яков Данилович Максимовы сэриигэ сүтэрбиттэрэ.
Кыра сиртэн алта уонча талыы, толомон эр дьон сэриигэ барыыта улахан охсууну аҕалбыта. Үгүс ыаллар соҕотох, көрөр-истэр, иитэр киһилэрэ-аҕалара, уоллара сэриигэ барбыта. Көтөрдөөх сирэ кураанахсыйа түспүтэ.
Ыаллар кэтэх сүөһүлэригэр эт-арыы, оттук маска буруо, байыаннай нолуок, заёмҥа булгуччулаахтык суруттарыы, фроҥҥа көмө хомуура, о.д.а. нолуоктар түһэллэрэ. Маны барытын колхоз уопсайыттан быһа тутуллан төлөнөрө уонна колхозтаахха абаансатыгар анньыллара. Оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин түүннэри-күнүстэри үлэлииллэрэ да илиилэригэр ылар дохуоттара суоҕа. Курдары нолуоктарыгар бара турара, кур иэскэ сылдьаллара.
Сталин сокуона кытаанаҕа, сэбиэтэ суох дьон кэтэх да сүөһүлэрин сииллэрэ бобуулааҕа. Көҥүлэ суох сиэтэххэ киһи хаайыыга барыан сөптөөҕө.
Көтөрдөөх Күһүтүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүт, уруккута советскай партийнай үлэһит, педагог, үлэ ветерана, Үөһээ Дьааҥы улууһун бочуоттаах гражданина Иван Тарасович Михайлов маннык ахтар: “Биир тарбыйахтаах ынахтаах этибит, ону сэрии сылларыгар нолуогу төлөөбөтүгүт диэн тутан ылбыттара. Борооскута хаалбытын аҕам тута өлөрөн кэбиспитэ. Кини актыыбынай үлэһит этэ. Сэриигэ барыар диэри куруук колхозка үлэлээн тахсара”.
Иван Иванович Долгунов суруйарынан колхоз салалтатыгар сөбө суох, дьон туһугар кыһаллыбат, сатаан тэрийбэт дьон үлэлээһинэ балаһыанньаны уустугурдубута. 1942-1943 сыллар кыһыннара кытаанах буолбута, күүстээх үлэни кыайбакка ыран-дьүдьэйэн, тоҥон-хатан, ыалдьан өлүү, ордук кырдьаҕас, оҕо, дьахтар өлүүтэ элбээбитэ. Уончаҕа чугаһыыр ыал дьиэ кэргэнинэн хоргуйан, тоҥон өлүүлэрэ тахсыбыта. Тыа сиригэр, колхозтаахтарга государство өттүттэн сөптөөх өйөбүл суоҕа. Сулууспалаахтарга, куорат олохтоохторугар кыра да буоллар бородууктаны карточканан сэрии кэмигэр биэрэллэрэ, ол колхозтаахтарга суоҕа.
Чаҕылыыс Тыымпытыгар Ньукулай Молоров икки хостоох дьиэтигэр аччыктаан, хоргуйан кыаммат буолбут дьону мунньан, ферма үүтүнэн аһатыы тэриллибит. Ситэтэ суох дааннайынан 37 киһи, ол иһигэр 15 оҕо хоргуйан өлбүттэр. И.И.Долгунов “Көтөрдөөх” диэн 2005 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтигэр суруйар уонна өлбүттэр испииһэктэрин аҕалар (128 стр.). Бу дьонтон сорохторо Чаҕылыыс Тыымпытыгар сиилэс оҥкучаҕар хараллыбыттара, үгүстэргэ уҥуох тутуллубатаҕа, кыһын тоҥ буору хаһан көмөр сэниэлээх киһи суоҕа.
Көтөрдөөхтөртөн 20 киһи сэрии толоонугар охтубута, 31 киһи сэрииттэн бааһыран, сорохторо ыалдьан төннүбүттэрэ.
1944 сыл саҥатыгар Игнатий Игнатьевич Чагылысов армияттан кэлбитэ. Данил Герасимович Буртахов Боотулууга сэбиэттии олорон, “Киров” колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлии тахсыбыта. Кинилэр балыктааһыны тэрийэн, абаансанан сүөһүнү өлөрөн эт, бурдук түҥэтэн, атын да дьаһаллары ылан дьон аччыктаан, хоргуйан, тоҥон өлүүтэ тохтообута, дьон-сэргэ өрө тыыммыта. Көтөрдөөхтөр бу дьоҥҥо махталлара улахан этэ. Сэрииттэн дьон тыыннаах ордубуттара, төһө да бааһырдаллар-үүтүрдэллэр, кэлэн барбыттара.
Семён Степанович Капитонов, Семён Данилович Долгунов, Кирилл Данилович Кисиляхов “Хорсунун иһин”, Иона Филиппович Дюлюнов “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.
Көтөрдөөхтөр үөрэхтээх учуутал уоллара Иван Андреевич Тарасов “Аҕа дойду II степеннээх” уонна фашистар икки тааҥкаларын умаппытын иһин “Кыһыл Сулус” уордьаннарынан 1945 сыл олунньу уонна муус устар ыйдарыгар наҕараадаламмыта. Берлиҥҥэ тиийэн сэриини түмүктээбитэ. Сэрии кэнниттэн салгыы үөрэнэн историческай наука кандидата буолбута, СГУ-га уһун кэмҥэ студеннары үөрэппитэ.
Сэрии сылларыгар “Килбиэннээх үлэлэрин иһин” Сталин төбөлөөх мэтээллэринэн “Киров” колхозтан 17 киһи, маны таһынан И.И.Чагылысов райсоюзтан, Д.Г.Буртахов райисполкомтан наҕараадаламмыттара.
Кыайыы буолбутун Боотулууттан Көтөрдөөххө аттаах киһини ыытан биллэрбиттэр. Хас да аттаах киһини ыытан дьону хомуйтарбыттар. Лааппыттан бурдук ылан лэппиэскэ бөҕө оҥотторбуттар, онон мустубут дьон арыылаах лэппиэскэни тото сиэн, түүнү быһа оонньоон, дьуохардаан кыайыы өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтээбиттэр.
Мин ийэм Ирина Даниловна Семёнова: “Хас да эдэр дьахталлар, кыргыттар, ол иһигэр Варвара Афанасьевна Данилова буоламмыт түүнү быһа лэппиэскэ оҥорон, буһаран дьону, оҕону-урууну лэппиэскэнэн аһаппыппыт”, – диэн кэпсиир буолара.
1-кы хаартыска: “Киров” колхоз правлениета, 1941 сыл. Хаҥастан олороллор: кимэ биллибэт, Каменев Иван И. (Хаттаҥалыыр уола Уйбаан), Поскачин Данил И., Долгунов Н.В.(Мойоһо Ньукулай), Капитонова Дарья Степановна. Ити кэмҥэ колхоз председателинэн Тээбэҥ уола Корякин Байбал, ыскылаатчыт быраата Корякин Ньукулай диэн эбиттэр. Хаҥастан тураллар: Долгунов Гаврил А. (Туллах уола Хабырыыл), Афанасьев Федот Егорович (Нотороох уола Сөдүөт), Аталларов Софрон И. (Чоролло уола Соппуруон), Гаврильев Никон Г. (Таха уола Ньыыкан).

2-с хаартыска: Бу кинигэттэн ыллыбыт – “Боотулуулар” 2-с чааһа, Саввинов Григорий Николаевич балтынаан ити нэһилиэк туһунан биэс чаастаах кинигэни таһаарбыттара. Онно бу суруйар ааптар көмөлөспүтэ.
Егор Михайлович СЕМЁНОВ,
Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, II группалаах инбэлиит, үлэ бэтэрээнэ, пенсионер, сэрии тулаайаҕа.
2025 сыл, олунньу ый.
