Семёнов Егор Михайлович туһунан

ТУРГУТУУ. ОЛОХ ДЬОЛУН БИЛЭР БЫАБАР

Мин кинини “Үөһээ Бүлүү” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин, айылҕа харыстабылыгар да, экология айгырааһыныгар да улахан ыйааһыннаах, лоп-бааччы ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх суруксут киһи быһыытынан сыаналыыбын. Егор Михайлович билигин көрөрө мөлтөөн, бэйэтэ суруйара ыарахаттардаах.

Кини: “Киһи ыарыыны кытта охсуһуохтаах. Тулуйдахха, сырдык ыра санааҕа дьулустахха, туох барыта кыаллар. Киһи ханнык да ыарыыттан көмүскэлэ суох, буллаҕына кими баҕарар булуон сөп. Кыра да сылтах, улахан ыарыыга тиэрдиэн сөп. Сүрүнэ, бэйэ доруобуйатыгар болҕомтолоох сыһыан, кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэ, манана сылдьыахтааҕын туһунан эппитэ. Онкология курдук уодаһыннаах ыарыыны санааларын күүһүнэн кыайбыттар, салгыы дьоллоох олоҕу олороллор. Олохтон толору дуоһуйууну ылаллар”, – диэн этэр. Онон, атыттарга холобур буоллун диэн иитиэхтээн сылдьыбыт бүччүм санаатын эһиэхэ тиэрдэбин. Салгыы кэпсээччим бэйэтин аатыттан суруйуубун салҕыыбын.

– Миигин, 1976 сыллаахха кулун тутар ыйга, Дьокуускайга онкологическай балыыһаҕа ыыттылар. Оччолорго онкология ыарыыта диэни күдээринэ истэр этибит, араагынан кырдьаҕастар эрэ ыалдьаллар диэн толкуй баара. Манныкка түбэһиэм диэн өйбөр да суоҕа. Тиийбитим, областной балыыһа территориятын иһигэр икки этээстээх мас дьиэҕэ онкология балыыһата баар эбит этэ. Онно киирэн, эһиэхэ сыта кэллим диэбиппэр, Местников Иван Ивановичка, онкология сэбиэдиссэйигэр киллэрдилэр. Кинини кытта солбуйааччыта, Евдокия Пантелеймоновна, биир кэбиниэккэ олороллор. Көрөн-истэн баран, сиэстэрэ хаһаайканы ыҥыран, палатаҕа олохтууругар сорудахтаатылар. Сиэстэрэ батыһыннаран илдьэн, эр дьон сытар икки палаталаахтарыттан, биэс киһилээх, арыый ама ыарыһахтар сытар палаталарыгар, киллэрдэ. Ыарыһахтары кэрийэн көрбүтүм, арай биир киһи оһоҕоһо ойоҕоһугар таска сытар, ону көрөн, чугурус гына түстүм. Салынным. Сотору сиэстэрэ хаһаайка, нуучча дьахтара, утуйар таҥаспын көтөҕөн мадьалытан аҕалан, тэллэҕи ороҥҥо тэнитэ бырахпыта, иэдээн хартыына: хаан-билик, иик-саах курдары түспүтэ, баататын дуома онон-манан хомуохтуйбут, уоттуйан дьөлүтэ барбыт. Мин, маннык тэллэххэ сыппаппын, уларытыҥ диэн туруорсааччы буоллум. Сиэстэрэ сөбүлээбэтэх хараҕынан көрөөт, тэллэҕин суулуу тутаат илдьэ барда. Үс төгүл оннук уларытан төттөрү-таары мэскэйдэннэ, улахан уларыйыы суох, оннук тэллэҕи аҕалан иһэр. Сотору, бу постельнайыҥ диэн аҕалла, онтубут, эмиэ, биир оннук. Аны ситэ куурбатах, сииктээх. Били, оһоҕоһо таска сытар киһим, кытаат туруорус, манна сахалары атаҕастыыллар диэн кигэр. Мин, кини да кигиитэ суох, сөбүлээбэтэхпин син биир этэ турар киһи буоллум. Ол да буоллар, ама таҥас көстүбэтэ, баара оччо буоллаҕа.

Мучумааннанан, оннубун булан, аны бииргэ сытар дьоммун билистим: Анохин, төрдө Уус Алдан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, фроҥҥа байыаннай кэрэспэдьиэннээбит. сэнэрээт эстэн, ол бытархайдара этигэр хатанан хаалбыта, искэн ыарыыта буолбут. Куртаҕын ылларбыт, оһоҕоһун аҥарын быстарбыт, ойоҕоһугар хойуута мустар туруупкалаах сытарын, оһоҕоһо дии санаабыт эбиппин. Аһаабытын дуома барыта трубкатыгар үргүлдьү ааһан иһэр эбит. Ленскэй хаһыатыгар эппиэт-сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, ыалдьыбыт. Саха кыраһаабыссата кэргэннээх, ийэтигэр майгынныыр төрдүс кууруска үөрэнэр кыыстаах. Иккис киһим, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕа, Охонооһой кырдьаҕас сытар. Кыргыттардаах, биирэ летчик кэргэннээх, биирэ Дьокуускайга ханнык эрэ улахан балыыһаҕа ыстаарсай сиэстэрэнэн үлэлиир, киис саҕынньахха сууламмыт улахан хотун. Үһүс, Жирков, Уус Алдантан төрүттээх, нуучча кэргэннээх, Брянскай куоракка кооперативнай дьиэ ылан, онно олороллор, өттүгэр искэннээҕин ылларан баран сытар. Киһи бэйэтин омугун дьахтарын ойох ылыахтаах эбит диэн, дойдутуттан атын сиргэ көһөн тиийбитин улаханнык кэмсинэр эбит. Эдэрдэрэ, тура сылдьааччылара, мин. Инньэ гынан, дьоҥҥо көмөлөһүөххэ диэн санааттан, чанчарык үлэ да буоллар, туалеттарын таһааччы, палатаны сууйааччы, ону аҕал, маны биэр диэтэхтэрин ахсын, буостуктаһааччылара буоллум. Туалеттара баар, барыта аан боруогар дылы хам тоҥон сытар. Кыраһаабысса дьахталларбыт дьоннорун көрсө кэлэллэр эрээри, тугу да гыммакка, туруктарын билсэ, кэпсэппитэ буолаат, уһаабаттар, баран хаалаллар. Балыыһабар оннук 20-чэ хоннум. Улахан эмтэнии суох, анаалыс эрэ ылаллар, тугу да быһаарбаттар. Хаһан да балыыһаҕа сыппатах киһи, балыыһаларынан сырыым итинник саҕаламмыта.

Кылаабынай бырааска хаста эмит киирэммин, миигин уҥуох институтугар ханна эмит соҕуруу ыытыҥ диэн көрдөһөбүн, туһа суох. Саараама, кэпсэппэт. Муннунан да, айаҕынан да тыыммат. Солбуйааччыта барытын истэр-көрөр, тугу да саҥарбат. Тылбай-өспөй буолан, миигин өйөөбөт, олорор. Утуйар таҥаска талымастаабыппын, баппат киһи кэллэ диэн, сиэстэрэ-хаһаайка кылаабынайга үҥсүбүт быһыылаах, ол иһин өһүргэннэҕэ буолуо. Дьиҥэр, оннук гыныа суохха баар эбит диэн кэлин эрэ толкуйдуубун.

Биирдэ, сарсыарда палаталарынан ыарыһахтары көрө сылдьан, кылаабынай быраас батыһа сылдьар кэллиэгэлэригэр туһаайан, дойдутугар, Уус –Алдаҥҥа, командировкаҕа нэдиэлэ устата барарын туһунан эттэ, кини суоҕар хас биирдиилэрэ тугу гыныахтаахтарын ыйда-кэртэ. Оннук этэн-тыынан баран, дойдулаан хаалла.

Эбиэт иннигэр сиэстэрэ кэлэн, Евдокия Пантелеймоновна эйигин ыҥыттарар, барар үһүгүн диэтэ. Кабинекка киирбиппэр, Евдокия Пантелеймоновна: докумуоҥҥуттан көрдөххө, Үөһээ Бүлүү Сургуулугуттан сылдьар эбиккин, мин күтүөтүм эмиэ Сургуулук, Сэмиэнэп диэтэ. Кырдьык, ырааҕынан аймаҕым эбит, кэнники билбитим. Бэйэтэ даҕаны, аймаҕыргыы көрдүм ээ, диэтэ. Эйигин мин Москваҕа ыытыам, ыарыыҥ кутталлаах, ыарахан ыарыы. Докумуоҥҥун бэлэмниэм. Атаххын быһабыт диэтэхтэринэ, аккаастаммаккын, оннук эрэ усулуобуйалаах бараҕын, аккаастанан кэлбэккин. Онон түргэнник бэлэмнэн, дьоҥҥор эҥин биллэр диир. Илии тутуурдаах бараар, этэҥҥэ буоллаххына, баҕар, наада буолуо диир. Мин көнөтүнэн өйдөөммүн, илиибэр ол тугу тутабын диэн ыйытааччы буоллум. Түүлээх эҥин диэн сүбэлээтэ. Бэрик биэриэхтээх буоллаҕым дуу, диэн испэр олох сөбүлээбэтим эрээри, таспар биллэрбэтим. Барабын диэтэҕим дии, атахпын быстарарым туһунан долгуйбатым даҕаны, оччотооҕуну оччотооҕу быһаарыа дии санаатаҕым буолуо. Ийэм муҥнаах үс бэргэһэ тахсар андаатар тириитин була охсон, түүннэри имитэн, куоракка атаара кэлэригэр, аҕалан биэрдэ. Нэдиэлэ иһинэн хомунан, Москваҕа көттүм.

Онно, Н.Н. Блохин аатынан институтка, тиийбиппэр, эмтиир бырааһым 26 саастаах, ординатураҕа үөрэнэ сылдьар, эдэр онколог-быраас Синюков Павел Александрович, кини куратора Еремина Людмила Алексеевна, ый аҥара кэриҥэ хаста да төхтөрүйэн, ыалдьар атахпыттан пункция көмөтүнэн биопсия ыла сатаатылар. Түмүгэ олох кураанах буолан иһэр. Ол иһин балыыһаҕа киллэрэн сытыардылар, онно эмиэ пункция ыла сатаатылар да, туох да биллибэтэ. Ол кэннэ, Людмила Алексеевна эпэрээссийэлиэхпит, ыраастыахпыт диэтэ. Мин, саатар эрэ диэн испэр үөрэ санаатым. Аны ол кэтэһиитэ. Хара сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри күҥҥэ 20-чэҕэ тиийэр эпэрээссийэни оҥороллор эбит. Миигин саамай бүтэһиккэ киллэрдилэр.

Остуол үрдүгэр сытаммын билэр быраастарбын көрө сатыыбын, биир да билэр бырааһым суох, Синюковпар да, Ереминабар да, майгынныыр киһини булан көрбөтүм. Бары бороҥ халааты кэппит дьон, күлүк курдук барыгылдьыһаллар. Атахтарбын көрө-көрө, кэпсэтэллэрин иһиттэхпинэ, икки атаҕа иккиэннэрэ үчүгэй эбит дии, хайа атаҕын оҥоробутуй дэһэллэр. Мин куттанным, аны өлүөр атахпын тыытыахтара, бу дойдуттан куотууһукпун дии санаатым да, хамсаан көрөөрү гыммытым, кэлгиллэ сытар эбиппин. Онтон, укуоллаан эрэллэрэ баара да, сүтэн хаалбыппын, гиипсэлии сырыттахтарына, уһугуннум. Эпэрээссийэ кэнниттэн сытар хоско биир эрэ хоннордулар, нөҥүө күнүгэр уопсай палатаҕа таһаардылар. Людмила Алексеевна киирэн тарбахтаргын хамсат диир, барыта хамсыыллар, үчүгэй эбит, ньиэрбэлэрэ таарыллыбатахтар диэтэ. Мин дьэ абыраннаҕым дии санаатым. Оннук түөрт хонук ааста, арай атаҕым тилэҕэ абытайдык ыалдьар буолла. Бырааһым Павел Александрович киирбитигэр, этинним. Киһим, атаҕым иҥиирбэр тиийэ килэйэ аалсыбытын көрөн, баата укпутугар, дьэ арыый да өрө тыынным. Сотору кэминэн гипсэбин уһуллулар. Атаҕым килэччи оһон, хаамар киһи буоллум. Мин сотору тахсарбын, дьиэбэр барарбын толкуйдуубун. Ону, институт сэбиэдиссэйэ Николай Николаевич Трапезников Канадаҕа онкологтар конференцияларыгар сылдьар, кини быһаарарын кэтэһэҕин дииллэр. Мин, кэллэҕинэ, дьиэбэр таһаарыа диэн кэтэһэн бөҕөбүн. Биир сарсыарда киһим кэлбит, ыарыһахтарын обходтуу сылдьар. Миэхэ кэлэн атахпын көрдө, көрөн баран, быһабыт диэн турда. Обходтаан бүтэн, көрүдүөргэ тахсан, палата таһыгар туран, ыарыһахтар туруктарын ырыталлар, хас биирдиибитигэр салгыы тугу оҥоруохтарын сөбүн «итиилии” быһаарсаллар, ол кэпсэтиини истээри аһаҕас хаалбыт ааҥҥа кулгаахпын тоһуйан турдахпына, ааны ньимиччи сабаннар, төбөбүн кыбыттардым. Инньэ гынан, мин туспунан тугу кэпсэппиттэрин истибэккэ хааллым. Испэр, атахпын оҥорбуттара дии, тоҕо быһыахтаахтарый дии саныыбын. Сотору соҕус буолан баран, бырааһым Павел Александрович кэлэн, эйиэхэ атаххын быһаары сылдьаллар, бакаа быһаарса сылдьаллар диэтэ. Турукпун билсибитэ буолан, хаста да киирэн таҕыста. Арааһа, өйбүн-санаабын бэлэмниир эбит, бу санаатахха. Киэһэ, үлэ чааһа бүтүүтэ, хуолга барыахха, кэпсэтиэххэ диэн илдьэ таҕыста. Мин, дьыала куһаҕан өттүгэр барбыт диэн сэрэйдим. Хуолга аргыый наллаан олорон кэпсээтэ, барытын быһаарда. Ааспыттааҕы эпэрээссийэҕэ уҥуохпуттан ыланнар анаалыска ыыппыттара, уҥуох саркоматын көрдөрбүт. Онон атаххын быһабыт диэтэ. Мин дөйбүт курдук буоллум, саҥата суох олорбохтоотум. Атын ньыманан эмтэнэр кыах суох дуо диэн ыйыппыта буоллум. Атын ньыма суох, өскөтүн быстарбатахпына, тыыннаах хаалар шанс 1 % эрэ, 99 %-өлүү, оттон быстардаххына тыыннаах хаалар шанс 99 %, өлүү-1 % диэн эттэ. Хайыахпыный, тылыгар киллэрэн, атахпын быстарар буоллум.

Химиянан эмтэнэн, өлө-өлө тиллэр диэн онно баар этэ. Бастаан циклофосфан ылбытым. Ити сириэстибэни барааннарга түүлэрин ылаарылар астарыгар буккуйан сиэтэллэр уонна кып-кыараҕас хайаҕаһынан ньылбы соһон ыллахтарына түүтэ барыта соролоон онно хаалар, барааныҥ сыгынньах тахсан кэлэр. Оннук эми онкологияҕа химиятерапияҕа туттар эбиттэр. Баттаҕым барыта түһэн, айахпыттан күүгэн бөҕө аллан, икки ойоҕоспор бырастыынаны эрийэ тутан угаллара, ыгыллар гына инчэйэн, ыарахан этэ. Эмтиир бырааһым Павел Александрович кэлэн, кыһыл оҕону курдук көтөҕөн ылар, оччоҕо инчэйбит таҥаспын санитарка уларыта охсор.

Аны ол муҥнана сыттахпына, химия сытын тулуйумуна, хоту өттүнээҕи түннүгү арыйан, палатаны салгылаталларыгар үрдэрэн, этим уот умайар итиитэ буолла. Павел Александрович салайааччытын Николай Трапезниковтыын улахан мунньахха барбыттар. Кинилэр көҥүллэрэ суох атын үлэһиттэр ханнык да эми биэрэр кыахтара суох. Көҥүллэммэт. Мин пятницаҕа ыалдьабын, быраастарым понедельникка кэлэллэр. Ол сытан өйбүн сүтэрэн ыллым, хайаатым быһыылаах. Наташа диэн Архангельскайтан сылдьар сиэстэрэ кыыс сүүрэн кэлэн туох эрэ укуолун саайда. Онно биирдэ хараҕым сырдыы түстэ. (Арааһа, бырааһым барарыгар сэрэппит быһыылаах, критическэй турукка киирдэҕинэ, ону биэрэҕит диэн). Мин сиэстэрэбиттэн, ити туох укуолун биэрдиҥ, абыраатыҥ аҕай диэн махтанан бөҕө буолбуппар, кыыһым: “Дьэ, мин-итинникпин!”-диэн үтүөмсүйэн, үөрэн мичилийэ турара харахпар билигин да көстөр. Бэйэтэ хоту дойдуттан сылдьар буолан, миигин эмиэ аймаҕыргыыр быһыылааҕа. Уопсайынан сиэстэрэлэр, санитаркалар наһаа эйэҕэс-сайаҕас дьон этилэр. Уһуннук эмтэнэр буоламмыт, үлэһиттэрдиин, ыарыһахтардыын биир дьиэ кэргэн курдук буолан хаалар эбиппит. Атахпын быстаран сыттахпына, бастаан өйбөр киирэрбэр, көрдөхпүнэ, үс сиэстэрэ кыыс оронум атаҕар миигин көрөн тураллар, үөрбүттэр аҕай, сибэкки дьөрбөлөөхтөр, палатам дьоно эпэрээссийэм этэҥҥэ ааспытынан эҕэрдэлээбит суруктарын, дьоммуттан телеграммалары туттаран кэбистилэр. Өссө киһиргэтэллэр, Гоша маладьыас да маладьыас бөҕөлөр. Барахсаттар, наһаа да үчүгэй үлэһиттэр этэ.

Ити кэннэ адриамицин, винкристин, сарколизин диэн ааттардаах полихимиятерапияны анаабыттара, искэн салҕыы тарҕамматыгар туһалыахтаах эмтэри.

1986 сыллаахха, уонча сыл буолан баран, Мэйиктэн куолай араага буолбут Титов Захары бэйэм эмтэммит сирбэр, дьоҕойон, илдьэ бара сылдьыбытым. Приемнай покойга 20-чэ киһи олорор этэ. Биһиги Захардыын ааны утары олоробут. Арай, көрүдүөр аана арылынна, Павел Александрович бэйэтинэн бу иһэр, миигин көрдө, сүүрэн кэллэ, икки окумалбыттан өрө тардаат кууһа түстэ: “Оо, Егор, живо-о-ой! Живо-о-ой!!!”-диэмэхтээтэ. Наһаа үөрдэ. Оннук кууспутунан көтөҕөн кэбиниэтигэр киллэрэн олорто. Чаас аҥара курдук кэпсэттибит. Миигин кытта сыппыт дьоммун ыйыттым. Өлбүттэрэ, кинилэр эйигиннээҕэр быдан мөлтөх этилэр, хомойуох иһин диэтэ. Захарым докумуонун көрөн баран, Герцен аатынан институтка илдьэҕин, онно направлениелаах, ылыахтаахтар диэтэ.

Бырааһым барахсан, мин өлүөр сылдьарбын, аҥар атахтаах да буолларбын, өссө сирдьит буолан, ыарыһах батыһыннарыылаахпын хайгыы, астына көрөн, илэ-бааччы кэпсэтэн, үөрэн бөҕө хаалбыта. Ол кэнниттэн көрсө иликпин, билигин 75 сааһын туоллаҕа.

Герцеҥҥэ тиийэммит Мамонтов Анатолий Сергеевич, м.н.д. профессор, институтка торакальнай онкология салаатын сэбиэдиссэйин көрсөн, эһиэхэ ыарыһаҕы аҕаллым диэтим. Кэлиэхтээҕин билэн олорор эбит, дьыалатын туппут. Мамонтовпыт арай этэр, эһиги сахалар бу хайдах буоллугут, өлөн бүтэн баран кэлэҕит. Киһиҥ искэнэ 40 мм. Биһиги 0,5 мм эрэ улаханнааҕы кыайабыт диир. Эһиэхэ бу ураан уруудатын хостууллар дуу, тугуй. Манна, бу Захар дойдутуттан Поскачин Петр Данилович диэн киһи сытар диэтэ. Театр артыыһа Уйгурова Домна аҕатын этэр эбит. Домна аҕатын буостуктуу онно баар этэ. Кинилэри көрсөн кэпсэппиппит.

Миэхэ онтон өйдөбүл үөскээбитэ, экология айгырааһына доруобуйаҕа охсор уонна искэни кыра эрдэҕинэ, быстахха, кыайтарар эбит диэн. Итинник төттөрү–таары кэлэн-баран сылдьыбыт сырыым, экология боппуруоһугар, ыстатыйа суруйуубар төрүөт буолбута. Онуоха, Николай Васильевич Павлов, экология боппуруоһугар үчүгэй, ыйааһыннаах ыстатыйата суруй диэн күөттээн, суруйбутум, хаһыакка тахсыбыта. Кэлин, Анатолий Игнатьевич Чомчоев улууһу салайа кэлбитигэр, үс ыстатыйаны: Кривошапкин Вадим Васильевич, м.н.д., маннааҕы экспедицияны салайан сылдьыбыт киһи, ыстатыйатын, Леонид Барахов (И. Барахов аймаҕа) ракеталар көтүүлэрин туһунан ыстатыйатын уонна бэйэм ыстатыйабын, ыалдьа сытар буоламмын, Корнилов Анатолий Васильевиһынан киниэхэ тиксэттэрбитим. Анатолий Чомчоев ол ыстатыйалары ааҕан, мин ыстатыйабын улаханнык сөбүлээбит этэ, былаах гына оҥостон, Москубанан эҥин суруйсан, туруорсан, улууска 27 мөл. ылары ситиспитэ. Онтун крестьянскай хаһаайыстыбаларга, инбэлииттэргэ уонна балыыһаларга тыырдарарыгар, улахан аҥарын хаһаайыстыбаларга, бэрт дуона суоҕу балыыһаларга биэрбиттэр. Ону мин сыыһа түҥэттилэр, балыыһа инвентара барыта бүтэн, балыыһаҕа киирдэхпитинэ, утуйар таҥаспытын, иһиппитин-хомуоспутун дьиэбититтэн илдьэ тиийэбит, балыыһа инвентээрин саҥардынарыгар элбэх үбү биэриэхтээхтэр этэ диэн хаһыакка суруйбуппун, сөбүлээбэккэ, кэпсэппэт буола сылдьыбыта.

Эмтэммит быраастарбын, туох хайдах дьылҕаламмыттарын билээри, интернеттэн сиэним көмөтүнэн булан көрдүм:

Оччотооҕуга 30-чалаах эдэр бырааһым, Павел Александрович Синюков, м.н.д., институт старшай научнай сотруднига, онкологияҕа научнай консультант буола үүммүт. Билигин да Блохин аат. институтка үлэлиир. Сааһа 75-һэ.

Павел Александрович Синюков

Мин сытарбар, сахаларга испэсэлиис диэн өйдөөбүппүт. Кини көрүүтүгэр түөрт саха сыппыппыт: Сосин Коля-Бүлүү, Марков Володя-Алдан уонна Амма Соморсунун уола, учуутал киһи (аатын умнубуппун) уонна мин.

Людмила Алексеевна Еремина, эдэр сылдьан баскетболга ССРС сборнайын хамаандатын чилиэнэ эбит. Онто таһыгар көстөр, тилигирээн киирбит-тахсыбыт сытыы дьахтар этэ. Медицинскэй наука доктора, старшай научнай сотрудник буолбут. Ол гынан 63 сааһыгар эмискэ ыалдьан өлөн хаалбыт.

Балыыһабар сытаммын, телевизорга көрдөхпүнэ, арай Людмила Алексеевна спортивнай комментатордыы олорор. Наһаа сөҕөммүн, сиэстэрэ кыргыттарбар, Алексеевна иккис үлэлээх эбит дуо, комментатордыы аҕай олорор диэбиппэр, ити игирэтин аҥара дэстилэр. Ол аата, спорду өрө туппут дьон буоллахтара.

Николай Николаевич Трапезников, институту Н.Н. Блохин кэнниттэн салайбыта, академик, икки төгүллээн судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата. 73 сааһыгар бараахтаабыт.

Николай Николаевич Трапезников

Атахпын быһалларын билэн бараммын, киниэхэ икки төгүллээн киирэ сырыттым, бастакыбын атын ньыманан эмтээбэккит дуо, облучение эҥин диэн баар үһү диибин. Облучение эйиэхэ барсыбат. Оҕо оҥорор кыаҕыҥ суох буолар. Эдэргин, оҕолордонуоҥ диир. Иккис сырыыбар киирэн, Италия учуонайдара сүһүөх уҥуоҕун керамиканан уларыталлар диэн сурунаалга аахпыттаахпын, оннук сатаммат дуо диэн. Биһиги керамикаҕа тиийиэхпит отучча сыл баар. Манна киирэҥҥин киһини ол-бу боппуруоһунан уонна бадьыыстаама, көрөҕүн дии, таска төһөлөөх киһи уочараттаан олорорун. Баҕар биир эмит ыарыһаҕы быыһыахтаах бириэмэбитин тутаҕын. Здесь как на войне…! Аны биирдэ киирдэххинэ выпискалыам уонна иккистээн кэллэххинэ даҕаны, ылыахпыт суоҕа диэтэ. Хайыахпыный, саҥата суох тахсан бардаҕым дии. Үүрбүтэ да үчүгэй. Үүрбэтэҕэ буоллар, үһүстээн киирэммин, эпэрээссийэлээбэккэлэр, дойдубар букатыннаахтык утаарбыт буолуохтарын сөп эбит, эмиэ баппат киһи аатыраммын.

Мин санаа-оноо бөҕө, атахпын быстарарбын санаатахпына, хайдах салгыы киһи-хара буолабын диэн, атаҕа суох киһиэхэ ханнык саха кыыһа ойох тахсыай диэн, инбэлиит буолан, айахпын ииттэбин эрэ, суох эрэ. Аҥар атахтаах дойдубар хайдах тиийэбин диэн. Дьэ кыһалҕа! Ол санаабын, биирдэ, 70-чалаах муоста сууйааччы Вера Григорьевна диэн үтүөкэн бэйэлээх нуучча эмээхсинин кытта үллэһинним. Кини санныбын таптайа-таптайа: “Ээ, санаарҕаама, сэрииттэн төһөлөөх элбэх киһи илиитэ-атаҕа суох кэлбиттэрэй, ол дьонуҥ бары ойохтоммуттара, оҕо-уруу бөҕөтүн тэниммиттэрэ. Знаешь, на русских бабах держится Россия! Мы тебе найдее-ом, женушку-то, прямо здесь, в Москве!”-диир. Ол сырыттахпына, Октя суруга тигинээн кэллэ, тыыннаах эрэ кэл, барыта көстөн иһиэ, диэн.

Кэлин, выпискаланан дойдубар кэлэн баран, Октябынаан ыал буолбуппут, икки уол, үс кыыс оҕолонон, уон сиэннээхпит. Соторутааҕыта хос сиэн кыыстанныбыт. Дьол диэн ол буоллаҕа. Киһи-хара буоларбар, дьонтон хаалсыбакка, үлэлээн-хамсаан дьоммун иитэрбэр, кимтэн да итэҕэс санаммакка толору дьоллоох олоҕу олорон кэлбиппэр, Октям — Октябрина Афанасьевна көмөтө, өйөбүлэ барытыгар төһүү күүс буоллаҕа. Оҕолор бары сөптөөх иитиини ылан, үөрэхтэнэн, үлэһит дьон буолан, олоххо оннуларын булан сылдьаллара-ол барыта ийэбит бүтэн биэрбэт түбүгэ-табыга, уҕараабат кыһамньыта. Киниэхэ, эбии алтыс оҕо буолан, мин сырыттаҕым, хаамар атаҕым, тутуһар тирэҕим. Ыарахан ээ, ийэбит барахсан намчы санныгар барытын уйан, тулуйан кэлбитэ.

Уонна, палатаҕа бииргэ сыппыт киһим, Бубнов Борис Иванович, биир санааны эппитэ, билигин даҕаны миэхэ өйбөр баар. Кини, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, летчик-истребитель, М. Шолохов суруйбут «Тихий Дон» романыгар кэпсэнэр нуучча хаһаахтара олорор сирдэрин биир оройуонугар райком сэкирэтээринэн үлэлии сылдьыбыт. Шолоховы бэйэтин да билэр, роман дьоруойдарын да билэр киһи эбит этэ. Сөмөлүөтүн бронеспинатыгар снаряд түһэн, оскуолактарыттан бааһырбыта, атаҕар охсубутун, төрдүттэн быстарбыта. Саараама, биирдэ “мыык” диэбэккэ, ыарыыны тулуйар киһи диэн кини этэ. Мин атаҕым ыарыытын тулуйумуна түүн ынчыктаан, киниттэн сэмэлэнним. Ыарыыгын ынчыктааҥҥын уҕарыппаккын, төһө кыалларынан тулуйуохтааххын диир. Сэриигэ сылдьаммын сахалар тустарынан сүрдээх үчүгэй өйдөбүллээхпин, стрелок да быһыытынан, тулуурдаахтарынан, күүстээх санаалаахтарынан киһиттэн эрэ ураты дьон этэ диир. Итиччэни истэн баран, ынчыктыахха да ынчыктаабат буоллум. Хойут да оннук, тулуйа үөрэннэххэ, киһи тулуйар эбит диэн кэпсээнин түмүктээтэ.

Бараары туран, били, «бэрик» илдьэ барар эбиппин дуу диэн сөбүлээбэккэ буола-буола илдьэ барбыт андаатардарын тириилэрэ ханна тиийдилэр диэн ыйыттым. Оо, дьэ, эрэйим диэн онно баара. Оччолорго саха боростуой киһитин майгытыгар, хайдах даҕаны санаам буолбата. Ону биэриэхтээхпин санаатахпына, көлөһүн бөҕө аллабын. Чэ, бээ, хааллын, абааһытын диэн, уоскутунабын. Ол курдук хаһан эмтэнэн бүтэн, протезпын кэтиэхпэр диэри тумбам түгэҕэр сытта ээ. Биирдэ, хайаларыгар эрэ, кэпсэтэрим быыһыгар нөмүөктээн көрдүм. “Оо, неет, что Вы, А то сгладим… Может быть, когда-нибудь…». Кыбыстаммын, оронум тимириттэн иҥнэн хааллым.

Дьэ, тахсарым кэлбитигэр, тириини эрэ биэрэ турарым хайдах эрэ буолсу диэммин, бырааппынан хартыына ыллардым. Ол кэннигэр махтал тыла бөҕөтүн бэйэм ааппыттан суруйан субурутан бараммын, Павел Александровичка биир бэргэһэ тахсар тириитин туттаран кэбистим. Киһим үөрдэ аҕай. Бэргэһэ гыммыта дуу, суоҕа дуу, билбэтим. Иккис бэргэһэм тириитин протезист-консультаҥҥа туттардым. Ол барахсан, пациеҥҥа протеһы сакаастыырга, хас биирдиибит быһыытын-таһаатын, тириибит, былчыҥмыт тулумтуотун суоттуур-учуоттуур, кэтэрдэн, туттаран үөрэтэр быраас этэ. Үһүс бэргэһэ тириитин техник-протезиспытыгар үс киһи, Сосин Коля-Бүлүү, Марков Володя-Алдан уонна бэйэм ааппытыттан баһыыбалаан, махтанан туттаран кэбистибит. Үөрдэ аҕай, кэтэспэтэх да быһыылаах. Билигин кэлэн, көннөрү тылбынан махтаммыта буолан, тахсан барбытым буоллар, кэмчи буолуо эбит дии саныыбын. Евдокия Пантелеймоновна билэн сүбэлээтэҕэ Онон оннук, киһи махталын тугунан эрэ бэлиэтиэхтээх эбит. Дьиҥэр, кэһии эрэ буоллаҕа дии. Саха кэһиилээх сылдьарын сөбүлүүр, ол курдук.

*  *  *

Егор Михайлович олоххо төннөн, баҕар, сорохтортон ордук да буолуо, үлэһит быһыытынан хаһан да сирдэрбэтэҕин туоһулуур бэлиэтээһиннэри, интернеттэн хасыһан, киллэрэн биэрдим. Кини кэпсииригэр бу туһунан биир тылы быктарбатаҕа. Балыыһаҕа сырыыларын, эмтэммитин, быраастарын эрэ туһунан кэпсээбитэ. Суруйан бүттэхпинэ, тугу бооччойбуппун бэрэбиэркэҕэ биэриэх буолбутум, биэрбэтим, сөбүлээбэккэ сотон кэбиһиэ диэн.

Семёнов Егор Михайлович маҥнайгы наҕараадатын – Сэбиэскэй сойуус “Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 20 сыла” үбүлүөйүнэй мэтээлин Приморьетааҕы байыаннай чааска 3,5 сыл сулууспалаабытын иһин ылан турар. Иккиһин – ССРС Үрдүкү Сэбиэтин “Баһаарга хорсунун иһин” мэтээлин, 1985 сыл сайыныгар турбут улахан ойуур баһаарын умуруорууну сатабыллаахтык салайбытын иһин ылбыта. Салгыы РФ ойуурун хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах киһитэ ааттар бииртэн биир иҥэриллэн испиттэрэ. Кини Үөһээ Бүлүү улууһун ойуурун хаһаайыстыбатыгар 35 сыл дириэктэрдээбитэ. Ону сэргэ өр сылларга Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр норуот депутата, Үөһээ Бүлүүгэ норуот суутун сэтээтэлэ, олохтоох хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ. Сытыы бөрүөлээх суруксутун туоһулаан, «Бастыҥ селькор» ааты икки төгүл ылан турар. Сатабыллаах салайааччы, үлэһиттэригэр үтүө сыһыаннаах аҕа табаарыс, дьиэ кэргэн киэн туттар амарах аҕата, истиҥ сыһыаннаах тапталлаах кэргэн.

Үлэлиирин тухары кыһынын уоппускатыгар олордоҕуна, ыарыыттан аралдьыйан, мэйиитин сынньан туран, барыта 29 муҥханы өрбүт-баайбыт. Ол муҥхаларын нэһилиэктэринэн ылбыттар, улуус киинэ эмиэ тиксибит. Муҥханы баайыы улахан суоту-ааҕыыны эрэйэр, мэйиигин эрчийэр. Тарбахтарыҥ куруук хамсыыллар, оччоҕо-баччаҕа бүтэриэхтээхпин диэн сыаллааххын-соруктааххын. Ыарыыны эрэ санаабаккын. Ити дьарыгым улаханнык көмөлөспүт буолуохтаах диир.

Уонна тугу этиэмий, улууска ойуурдаах сиргэ олорорбут тухары, кинини билбэт киһи диэн суоҕа буолуо.

Ирина Петровна АБРАХОВА.

2024 сыл, сэтинньи ый.

*  *  *

 

Семёнов Егор Михайлович туһунан

САНАА КҮҮҺҮНЭН ҮЙЭ АҤААРА

“Ыарахан ыарыыны кытары охсуһан, уустук олоҕу олорон кэллим”, – диэн сыыйа кэпсээнин саҕалыыр 1974-2008 сылларга Үөһээ Бүлүүгэ Ойуур хаһаайыстыбатын дириэктэринэн үлэлээбит, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 20-чэ сыл олохтоох Сэбиэт дьокутаата, СӨ Айылҕатын харыстабылын туйгуна, РФ Ойуурун бочуоттаах үлэһитэ, баара-суоҕа 33 сааһыгар сылдьан искэн ыарыытыттан хаҥас атаҕын быстарбыт, билигин 78 саастаах ытык кырдьаҕас Егор Михайлович СЕМЁНОВ.

Утары көрсөн, атах тэпсэн олорон бэрт уһуннук сэһэргэстибит. Кини кэпсиирин истэ олорон, тэҥҥэ долгуйан, мунчааран ылаҕын, олоххо дьулууруттан тэҥҥэ үөрэҕин. Күүстээх санаалаах дьоһун дьон биһиги ортобутугар баалларынан киэн туттаҕын, ытыктыыр санааҥ күүһүрэр.

Дьылҕам бастакы тургутуута

Сааскы ылааҥы күн 4 саастаахпар миигин, таһырдьа куйуурдуу барбыт дьоммун кэтэһэн таһырдьа чигдигэ утуйа сытар оҕону, булан ылбыттар. Бэйэм ол түгэни наһаа өйдүүбүн ээ, күҥҥэ сыламнаан олорорбун. Онно икки өттүбүнэн ойоҕостотон, өлө сыһан турабын. Кыра сылдьан бэйэм да аһаах доруобуйалаах этим. Бааҥка бөҕөнү көхсүбэр быыһа суох туруоран, Мария Ивановна диэн эдэркээн биэлсэр кыыс быыһаабытын кэпсииллэрэ.

Ииппит аҕам Тайыла миигин сүрдээх үчүгэйдик ииппитэ. 1914 сыллаах төрүөх. 17 сааһыгар оскуола боруогун атыллаабыт, 6 кылаас үөрэхтээх. Элбэх саҥалаах-иҥэлээх киһи этэ. Билигин санаатахха, эдэригэр, баара-суоҕа 54 сааһыгар, сылдьан суох буолбута. Ол саҕана мин аармыйа кэнниттэн Красноярскай куоракка 1-кы кууруска үөрэнэ сылдьарым.

Сэриигэ баран өлбүт аҕабыттан соҕотох уолбун. Ыарахан ыарыы кэнниттэн хас да сыл буолан баран ыал буолбутум. Оччолорго ытык кырдьаҕас Ньыыкантан “эр киһи хас сааһыгар диэри оҕолонуон сөбүй?” – диэн ыйыталаспыттаахпын. Ону “Дьэ, Дьөгүөр, ууттан тахсыбытынан собону мииннээн иһэр буоллаххына, 85 сааскар диэри хабар баар буоллаҕына, хаптарыаххын сөп”, – диэн этэн турардаах.

Эрдэ ыал буолбутум буоллар, элбэх оҕолоох буолуо этим. 35 сааспар ыал буолбутум. Ыалдьан баран, маҥнай утаа “ыал буолбакка, удьуор тэниппэккэ утуму быһар буоллум” диэн мунчаарар санаа киирэрэ.

Ыарыым сылтаҕа аармыйаттан саҕаламмыт буолуон сөп

Аармыйаҕа Кытай кыраныыссатыттан чугас сытар Приморьеҕа 1963-66 сылларга (3,5 сыл устата) сулууспалаабытым. Бу кэмҥэ Кытайы кытта сыһыан тыҥаан турар кэмэ этэ. Онно байыаннай база артылыарыйа ыскылаатын харабыллыырбыт. Сулууспалаабытым 2-с сылыгар түүн “территория иһигэр атын дьоннор бааллар быһыылаах” диэн, байыаннай түрүбүөгэнэн туруораннар, улахан массыыналарга олордон илдьэ барбыттара. Көһүнэн эргимтэлээх сир. Онно үрдүк массыынаттан ыстанан түһээри, уулаах ханаабаҕа түһэн хаалбытым. Онно хаҥас атаҕым сүһүөҕэ аһыс гыммыта. Оннук 2-3 күн ыалдьан баран, ааһан хаалбыта.

Онно, арааһа, уҥуох төбөтө хайа ыстанан, хаан туран, ол онтон эрэмсэрэн саҕаламмыта быһыылааҕа диэн саныыбын. Кыра-кыралаан нүөлүйэн ыалдьарын болҕомтоҕо ылбат этим.

Аармыйа кэнниттэн Красноярскай куоракка Сибиирдээҕи технологическай институт Ойуур хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэн “инженер-лесовод” идэтин ылбытым. Маны тэҥэ 4 сыл устата байыаннай кафедраҕа “химическэй сэриилэр инженердэрэ” диэҥҥэ үөрэммитим. Онно атом, водород буомбата эһиннэҕинэ, бактериологическай сэрии сэбэ туттулуннаҕына, биһиги эрэспиэскэҕэ көмүскэнэр көстүүмнэрбитин кэтэн баран, бастакынан киириэхтээхпитин үөрэтэллэрэ.

Ыарыы иккис “түбэлтэтэ”

Үөрэхпин саҥа бүтэрбит, оччолорго 29 саастаах эдэр киһи 1972 сыллаахха Нам улууһун 1-кы Хомустааҕар ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлии кэлбитим. Онтон 1973 сыллаахха Үөһээ Бүлүү ойуурун харыстабылын инженеринэн үлэҕэ анаан, онно көһөрбүттэрэ.

Ол сайын сүрдээх кураан күн-дьыл буолбута. Өртөөһүнтэн Дүллүкүгэ, Үөдүгэй сиригэр элбэх ойуур баһаара турбута. Онно өрүс уҥуор Дүллүкүгэ тахсан, ойуур баһаардарын кэрийэн баран, Далырга “Урал” матасыыкылга мэҥэстэн барбытым.

Ол айаннаан иһэн, биир дулҕалаах маары өрө көтө-көтө туораан иһэн, дулҕа быыһыгар атахпын эрийтэрэн, атаҕым ыарыытыттан орулаабытынан сууллан кэлэн түспүтүм. Атаҕым дэлби иһэн тахсыбыта.

Олохтоох балыыһа биэлсэригэр көрдөрбүппүн “оройуоҥҥа киирэн эрэнгиэҥҥэ түһээр” диэбитэ. Аны ол кэмҥэ Кырыкыйга улахан ойуур баһаара туран, ону салайа бөртөлүөтүнэн онно быраҕыллыбыппыт. Ол сайыны быһа ойуур баһаарын кытта охсуһан, атахпын көрдөрүммэтэҕим. Ол онон хаалбыта.

Ити түбэлтэ кэнниттэн 2 сыл буолан баран, 1975 сыл күһүнүгэр хаамарым бытааран хаалан көрдөрүннүм, эрэнгиэҥҥэ түһэрдилэр. “Урукку оһоллонууларгыттан сылтаан атаҕыҥ соччото суох буолбут. Дьокуускайга бардаххына сатанар”, – диэтэ оччотооҕуга эдэр хирург Григорий Никонович Алексеев. “Оттон Кэппэндээйи сонотуоруйугар бадарааҥҥа сытан эмтэммэппин дуо?” – диэн туруорсан, онно бардым. 10-тан тахса күн бадарааҥҥа сытан баран, бэргээн кэллим. Онон син биир “Дьокуускайдаа” диэтилэр. Онон Дьокуускай куоракка ыыттылар.

Киһи чиэппэрэ буолан…

Инньэ гынан куорат онкологическай балыыһатыгар кэллим. Оччолорго, билиҥҥи “уобаластааҕы балыыһа” оннугар 2-лии этээстээх мас дьиэлэр баар этилэр. Биир балаатаҕа киллэрдилэр. Мин көрдөхпүнэ, биир киһи оһоҕоһо барыта тахсан баран сытар. Ону көрөн, чугурус гына түстүм. Өйдөөн көрбүтүм, калоприёмнига тахсан сытар эбит. Дьэ, ол гынан анаалыс бөҕөтүн туттара-туттара ый кэриҥэ сыттым. Ыалдьар сирбиттэн пункция ылаллар – тугу да көрдөрбөт.

Онтон муус устар ыйга Москубаҕа ыыттылар. Москубалыырбар атаҕым быһыллыа диэн толкуйа суох этим. Уһун баҕайытык анаалыс ыллылар да, тугу да көрдөрбөт дииллэр, онтон эрэнгиэн синиимэгэр искэн көстөр үһү. Инньэ гынан “атаххын эпэрээссийэлиибит” диэн буолла. “Хайдах оҥороҕут?” – диэн ыйыталаспыппар “уллуҥаххыттан бууккар диэри сымнаҕас эккин хайытан, уҥуоххар киирэн искэнин ыраастыыбыт” диэн быһаардылар. “Хата, атахпын быспаттар эбит” диэн үөрэ санаатым.

Дьэ, оннук санаалаах эпэрээссийэҕэ киирдим. Эпэрээссийэ кэнниттэн атахпын гиипсэлээбиттэрин, атаҕым бүтүнүн билэн үөрдүм. Бырааһым, эдэр баҕайы Павел Александрович Синяков диэн нуучча уола, киирэн көрдө-иһиттэ. “Тарбахтаргын хамсат эрэ” диир, хамсатан көрдөрбүппэр үөрдэ “хата, этэҥҥэ эбит, ньиэрбэтин таарыйбатахпыт” диэтэ. Мин манан бүттэҕим, онон үтүөрэр инибин дии санаатым.

Онтон аҕыйах хонон баран: “Дьэ, Егор Михайлович, атаххын быһар буоллубут, уҥуох искэнэ буолбуккун. Ити үнүр эпэрээссийэлээн матырыйаал ылан, анаалыска ыыппыппыт, дьиҥнээх диагноһыҥ бигэргэннэ”, – диэн соһуттулар. “Хайдах атаҕа суох хаалыахпыный, быспакка эрэ кыаллыбат дуо?” – диэбиппин “эпэрээссийэлэннэххинэ, атаҕыҥ быһылыннаҕына эрэ, тыыннаах хаалаҕын. Инньэ гымматаххына, тыыннаах хаалар эрэлиҥ 1 эрэ %”, – диэтилэр. Онон, хайыамый, сөбүлэстэҕим дии.

Эпэрээссийэ бириэмэтигэр дьикти турукка киирэн, бэйэбин үөһэттэн көрбүтүм. Киһи кута тахсар дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Үөһэттэн көрдөхпүнэ, бэйэм аллара сытабын, атаҕым быстыбыт, көстүбэт. Онтон эмиэ түлэс-балас баран хааллым. Диагноһым “Саркома большой берцовой кости” диэн эбит. Хата, баччаҕа тиийиэх дьолбор, метастаз барбатах.

Түлэй-балай барыы, өлө-өлө тиллии…

Эпэрээссийэ кэнниттэн этэҥҥэ буолан, балаатаҕа таһаардылар. Дойдубуттан Н.П. Корякин, В.Н. Максимов, убайдарым Амыдайдар уонна ийэм тэлэгирээмэлэрин тутуталаатым. Нуучча сиэстэрэ кыргыттара киирэн, кэлбит тэлэгирээмэни ааҕалларын быыһыгар миигин “Молодец, Гоша” диэн хайгыыллар уонна тыыннаах сибэкки киллэрэн, төбөм чугаһыгар ууга уган кэбистилэр.

Дьэ, ол кэнниттэн 10-ча хонон баран, хиимийэнэн эмтээһин саҕаланна ээ. 4 суол хиимийэни биэрэн саҕалаатылар. 50 укуолу исхиэмэнэн 4,5 ый устата ылбытым. Дьэ, онно баар этэ өлө-өлө тиллии… Икки укуолу биэрдилэр да, киһи кыаммат буолан хаалар. Хааҥҥар баар маҥан эттиги (лейкоцит) сиэтэн, искэн килиэккэтэ атын сиргэ барбатын диэн, өлөрөр быһыылара эбит. Хааҥҥар лейкоциттарыҥ бүтэн хаалан, өлөн киирэн бараҕын, турар да, саҥарар да кыаҕыҥ суох буолан хаалар. Оннук турукка киирдэххинэ, аны хаан куталлар. Хаан куттахтарына, эмиэ тиллэн кэлэҕин. Иккис укуол кэнниттэн баттаҕым түһэн киирэн барбыта. Биирдэ консервацияҕа турбут хааны кутан кэбиһэннэр, “реакциялаан“ өлө сыспытым. Онтон ыла күнүнэн ылбыт хааны кутар буолуохтарыттан тулуйбутум. Инньэ гынан 8 төгүл хаан куппуттара. Аны хаан эттиктэрин үөскэтэр аһылыктары (гранат, эрэдьиискэ, моркуоп, быар) аһыы сатыахтааххын. Уопсайынан, хааны элбэтэргэ кыһыл өҥнөөх оҕуруот астара туһалаахтар эбит.

Уотунан тыктарыы (облучение) эҥин биэрбэтэхтэрэ “Эдэр киһигин, ыал буолуоҥ, оҕолонуоҥ. Уотунан тыктарыыны ыллаххына, оҕото суох буолуоҥ” диэбиттэрэ. Кэлин барытын эргитэ санаатахпына, оччотооҕуга сөптөөх диагноһы туруоран, атахпын быһан, тыыннаах хаалан оҕо-уруу тэниппиппэр быраастарбар махталым муҥура суох.

Искэн – кыратыгар кыаллар, эмтэниллэр ыарыы. Киһи бэйэтин иһиллэнэ, көрүнэ сылдьыахтаах.

Үүт – абыраллаах ас

Оччолорго Москуба балыыһатыгар тастан киһи киирэн көрбөт-истибэт. Көннөрү киирэн, билсэн эрэ тахсаллар. Кими да чугаһаппаттар. Атаахтыа суохтааххын. Атаахтаан, найыланныҥ даҕаны, бэйэҕин кыаммат буолан хаалаҕын. Мэлдьи бэйэҕин көрөн-истэн, хамсанан-имсэнэн сыттаххына, хааныҥ эргиирэ мөлтөөбөт.

Институкка байыаннай кафедраҕа үөрэнэ сырыттахпытына, “сүһүрдэххитинэ, бастатан туран, үүттэ иһэр буолуҥ” диэн үөрэтэллэрин санааммын, балыыһаҕа сытан сууккаҕа 3-түү лиитэрэ үүтү хайаан да иһэр этим. Үүт сүрэҕи сүрдээҕин сөрүүкэтэр. Онон үүт миигин быыһаабыта диэн мэлдьи саныыбын. Хиимийэ эккин-сииҥҥин дьаат кэриэтэ син биир сүһүрдэр буоллаҕа. Онон күнүстэри-түүннэри 3 лиитэрэ үүтү иһэрим сүрдээҕин туһалаабыта. Атаҕым быстыбытыттан буолуо, сүрэҕим боруоста биллигирии сылдьар буолан хаалбыта.

Арыый туран саллаҥныыр буолбутум кэннэ, быратыас “айааһааһыныгар” киирбитим. Бастаан “учебнай” быратыаһы кэтэрдэн хаамтара үөрэтэллэр. Сатаан хаампакка эрэй бөҕөтүн көрөҕүн. Балыыһа уһун көрүдүөрүн устун Саха сириттэн сылдьар эдэр уолаттардыын 3 буолан, хааман сүөдэҥнэһэбит. Мин саастарынан аҕалара этим уонна 17 саастаах уолаттар – Бүлүү куоратыттан эдэркээн Коля Сосин уонна Алдантан Владимир Марков диэн нуучча уола бааллара. Бүлүү уола саас хаккыайдыы сырыттаҕына, хаккыай саайбата кэлэн түһэн, онтуката иһэн, ыарыы төрүөтэ буолбут. Оттон Алдан куоратын уола баскетболлуу сылдьан атаҕынан тобуктуу түспүт, онто иһэн тахсан, абааһы ыарыыта этигэр үөскээбит. Ол уолаттар мин кэннибиттэн кэлбиттэрэ уонна атахтара эмиэ быһыллыбыта. Кэлин дьонноруттан истибитим, тыҥаларыгар “метастаз” баран, кыайан өрүһүллүбэтэхтэр этэ.

Сэбиргэхтэтиибин Ньыыкан эмтээбитэ

Сыл аҥаарыттан ордук күүстээх эмтэринэн эмтээбиттэрэ. Бу эмтээһини тулуйбакка, эмтээһиним кууруһа бүтэрэ ый аҥаара хаалбытын кэннэ, икки өттүбүнэн сэбиргэхтэтэн өлө сыспытым. Нэһиилэ өйөнө сылдьар киһи, дойдубар дууһам эрэ кэлэн, үргүлдьү кэриэтэ оройуон балыыһатыгар киирбитим. Быраастар төһө да кыһанан-мүһэнэн эмтээбиттэрин иһин, ойоҕостотуум ааһан биэрбэтэҕэ, дьарҕа буола кубулуйбута. Киэһэ буолла да, көхсүм дьөлө анньан ыалдьан, кыайан тулуйан олорбот этим.

Оннук хас да ый эрэйдэнэн бараммын, дьон сүбэтинэн Боотулууга, Ньыыкаҥҥа көрдөрүнэ тахсыбытым. Атахпын быстарбыт сурахпын урут истибит эбит. “Эрдэ миэхэ кэлэ сылдьыбытыҥ буоллар, баҕар, көмөлөһүөм хааллаҕа, уҥуох ыарыытын (тыһытын) чэпчэкитик кыайааччыбын. Атаххын быспыт быраастар уҥуоҕуҥ өҥүн хайдах диэбиттэрэй?” – диэн ыйыталаспыта. Мин ону ыйыталаспатах урааҥхай эбиппин. “Ол Москуба үөрэхтээх быраастара сыыспатахтара буолуо, чахчы, өлүөххүн билэн быстахтара буолуо” диэн алы гыммыта, уоскуппута.

Миигин түннүк сырдыгар чугас олордон баран, көхсүм таһыгар баара-суоҕа биллибэккэ иһийэн хаалла уонна чочумча буолан баран: “Бастаан манан ыалдьыбыта дуо?” – диэн, сөмүйэтинэн көхсүбэр оруобуна ыалдьар сирбин дьөлө аспыта. “Сүрэҕиҥ төбөтүн туһунан алларанан соҕус ойоҕостоппут эбиккин. Онон тыыннаах хаалбыккын. Арыый үөһэнэн эбитэ буоллар, дьыалаҥ куһаҕан буолуох эбит”, – диэтэ. “Ойоҕостотуу саҥатык эрдэҕинэ киһи хааннаан, ылан кэбиһиэн сөп. Эйиэнэ уһаабыт, ол да буоллар хаанныам, көмөлөһүөҕэ”, – диэтэ.

Болдьообут күнүгэр иккиһин кэлбиппэр хааннаата. 500 г бааҥканы ортотунан чэлкэхтээх хааны муоһунан оборторон ылла. Муоһа, өйдөөн көрбүтүм, төбөтүнэн хайаҕастаах эбит. Онтон ыла тыҥам аматыйбыта. Ыйы кыайбат кэм иһигэр олох үчүгэй буолан, өрүттэргэ барбытым. Ньыыкан ис уорганнарбын көрөн баран, “барыта үчүгэй, үйэҕин моҥуоҥ” диэбитэ. Онон кини көмөтүнэн, баҕар, олоҕум уһаабыт буолуон эмиэ сөп дии саныыбын.

Ыарахан ыарыы кэнниттэн бэйэбин бэйэм тибеттэр ньымаларынан эмиэ эмтэммиттээҕим. Ол курдук, 250 г буоккаҕа 200 г чосунуогу эт эрийэринэн эрийтэрэн, 1 ый хараҥа сиргэ туруораҕын. Кыра-кыралаан иһэҕин. Чосунуок хааны ыраастыыр күүстээх эбит.

Удьуор, утум салҕанан…

Салгыы сыл аҥаара эмтэнэн, чөлбөр түһэн баран, 1977 сыл сайыныгар үлэбэр тахсыбытым. Онтон аны биир сылынан ыал буолан, сыбаайбалаан, 5 оҕо аҕата буолар дьолун билбитим. 36 сыл ойуур хаһаайыстыбатыгар, таптыыр үлэбэр олохпун бүтүннүү анаабытым. Ол иһигэр 30-тан тахса сыл ойуур хаһаайыстыбатыгар дириэктэринэн үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытым.

Эдэрим бэрт буолан эбитэ дуу, ыалдьа сытан, өлөр туһунан олох санаабат этим. Өлбөт киһи киэҥ-куоҥ санаалаах буолар эбит. Наар үчүгэй буолан, дойдубар, дьоммор эргиллэрбин ыраланарым. Онон САНАА КҮҮ¤Э улахан оруолу оонньуур эбит диэн саныыбын.

Санаам күүһүнэн ыарахан ыарыыны кыайан, олоххо төннөн, дьоллоох олоҕу олордум, өссө да олоро түһэр баҕа санаам күүстээх. Миигин тула тапталлаах дьонум: кэргэним Октябрина, 5 оҕом, кийииттэр, күтүөт, 7 сиэн эргийэ сылдьаллара сүрэхпин үөрдэр, дьоллуур.

Оҕолорум олоххо миэстэлэрин булуннулар. Онтон үөрэбин. Бастакы кыыһым Еля 3 оҕолоох. Улахан уолум Михаил энэргиэтик идэлээх, ыал, 1 уоллаах. Кыыһым Ирина фармацевт идэлээх, уол оҕолоох. Кыра уолум Афанасий Мииринэй куоракка хайаны байытар кэмбинээккэ үлэлии сылдьыбыта. Билигин Накыыҥҥа маастардыыр. Ыал. Кыра Кыыс Варвара Дьокуускай куоракка олорор, ыал, 2 оҕолоох. Онон сэрииттэн эргиллибэтэх аҕам утумун быспатым диэн испэр сэмээр үөрэбин.

Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн үлэнэн ииппитим. Биэс оҕоҕо барыларыгар биэс күрдьэҕи анаан оҥортоон, тэлгэһэ хаарын күртэрэрим. Хойукка диэри кэтэх хаһаайыстыбалаах, сүөһүлээх-астаах олорбуппут. Сүөһүбүтүн эспиппит аҕыйах сыл буолла.

Айылҕаны кытта сибээстээх олоҕум

Айылҕаны харыстыыр эйгэ үлэтэ олус интэриэһинэй, киһи хал буолбат үлэтэ. Өртөөһүн бобуллубута куһаҕан. Өртөөһүнү аан бастаан 1972 сыллаахха боппуттара. Ол сайын Москуба уобалаһыгар туорпа умайан, дэриэбинэ дэриэбинэнэн сир анныгар түспүттэрэ. Ити – өртөөһүн содула этэ. Инньэ гынан ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ өртөөһүнү ыытары сокуонунан боппута. Онон 50-тан тахса сыл буолла өртөөһүн бобуллубута. Ол кэнниттэн эмиэ да көҥүллүүр, эмиэ да көҥүллээбэт сокуоннар тахса сылдьыбыттара. Билигин олох бобон тураллар.

Сойуус саҕана ойуур баһаарын умулларыыга үп-харчы үчүгэйдик көрүллэрэ. Оччолорго Үөһээ Бүлүү соҕуруу өттүгэр күн аайы кэриэтэ Ан-2 сөмөлүөт көтөр буолара. Олох куйаас күннэргэ ханна баһаар баарын-суоҕун, ханна баһаар турбутун бэрэбиэркэлии күҥҥэ иккитэ көтөрө. Онтон хоту өттүгэр Сургуулук Ыйылаһыгар тиийэ Ми-2, Ми-4 бөртөлүөт күн аайы кэриэтэ көтөрө.

Үлэлээбит 34 сылым устата Үөһээ Бүлүү оройуонугар 434 ойуур баһаара тура сылдьыбыта. Бу, биллэн турар, улахан көрдөрүү. Баһаар туруутун саамай муҥутуур чыпчаала 90-с сыл кураан дьылларыгар буолбута. Биир сайын устата 70-ча уот турбута. Ону соччо улаатыннарбакка, үксүн саба тутан испиппит. Оччотооҕу нэһилиэнньэ сүрдээх сэргэх буолара. Олорор, оттуур сирдэринэн уот туран, буруо тахсан эрэрин көрдүлэр да, бэйэлэрин күүстэринэн саба туталлара уонна лесхозка биллэрэллэрэ.

Билигин “хаһаайыннааһын” диэн суох. Урукку сылларга сопхуостар өртөөһүнү ыытар этилэр. Өргүөт уола Василий Егоров диэн айылҕа харыстабылыгар инженердээх этим. Сүрдээх билиилээх-көрүүлээх, дьоҕурдаах, мындыр киһи этэ. Сири-уоту билэрэ сөҕүмэрэ. Бэйэтэ туһугар силиэдэбэтэл курдук этэ, буруйдааҕы хайаан да булан тэйэрэ. Хомойуох иһин, ойуур хаһаайыстыбатыгар бииргэ үлэлээбит дьонум Орто дойду олоҕуттан барыталаатылар.

Саамай дьадаҥы үптээх-харчылаах тэрилтэ, мэлдьи да буоларын курдук, ойуур хаһаайыстыбата буолар. Үлэһиттэрим наһаа кыра хамнастаахтара. Тыаҕа олорор ойуур көрөөччүлэр тустаах үлэлэрин толордулар даҕаны, булчут киһи кыһынын бултуур, балыксыт киһи балыктыыр. Онон орто ыал сиэринэн олороллоро.

Умайбыт мас 100 сылынан чөлүгэр түһэр

Аллараа өттүгэр ирбэт тоҥо ыраах буоллаҕына, баһаарга эмсэҕэлээбит ойуур маһа 40-ча сылынан сиэрдийэ маһа буолар. Саха сирэ кылгас сайыннаах буолан, мас 100-тэн тахса сыл буолан баран чөлүгэр түһэр. Соҕуруу дойду маһынааҕар бытааннык үүнэр. Мин саҥа үлэлии кэлбит сылбар 1973 сыллаахха Кырыкыйга улахан ойуур баһаара турбута. Билигин ол сорох сиригэр мас олох үүммэтэх, сорох сиригэр сиэрдийэ маһа буолар тиит мастар үүммүттэр дииллэр. Сургуулук Ыйылаһыгар 1967 сыллаахха ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит сиргэ эмиэ сиэрдийэ буолар мастар үүммүттэр. Сорох сир аллараа тоҥ араҥата ирэн, бадарааннаах, маардаах буоллаҕына, күөлгэ кубулуйар.

Ойуур кэмиттэн кэмигэр ыраастаныахтаах. Ол ыраастаннаҕына, баһаар турар куттала аччыыр.

Өрүс төрдүгэр мас кэрдилиннэҕинэ, ол өрүс уолар кутталланар. Онон тыытыллыа суохтаах. Итиннэ сөптөөх нуормалар бааллар. Холобур, Бүлүү өрүс бэтэрээ уонна уҥуоргу да өттүнэн биир килэмиэтир кэтиттээх харыстанар зоналар бааллар. Онно мас кэрдиллибэт. Кэрдиллэр да түбэлтэтигэр (холобур, “саньытаарынай тыаны кэрдии”) ойуур хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэ кэрдиэхтээх. Ол эрээри ойуурга сыһыаннаах сокуон мэлдьи уларыйа турар.

Туобуйа диэки барыыга “Намана” (заказник) диэн өрөспүүбүлүкэ суолталаах харыстанар зона баар. Манна мас кэрдиллибэт. Бу сиргэ 1990 сыллаахха иэдээннээх баһаар турбута. Онно дьон-сэргэ, тиэхиньикэ бөҕөтө туруоруллан, ый кэриҥэ үлэлээн уот бохсуллубута. Оччотооҕу сыананан мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр суумалаах ороскуот тахсыбыта. Үөһээ Бүлүү соҕуруу өттүгэр үөскүүр киис, үөр таба, эһэ, бөрө уйалара эбит. Манна үөскүү-үөскүү Бүлүү эҥээр сытар 3 оройуонунан тарҕаналлара биллибитэ. Таба, тайах муоһа, бириэмэтэ кэллэҕинэ, сааскы өттүгэр түһэн хаалар идэлээх. Ол сиртэн тайах муоһа (“бой рогов”) бөҕөнү хомуйан хас да бөртөлүөтүнэн киллэрбиттэрэ.

Солко өрөөччү үрүмэччи (шелкопряд) элбэх үөскээтэҕинэ, ойуур маһын баһаар турбутуттан итэҕэһэ суох көрүҥнээн, быһа сиэн кэбиһэр. Ону үрүмэччи үөнэ (гусеница) кэрбээн сиир. Мас мутукчатын, сэбирдэҕин биири да ордорбот. Уот сиэбитин курдук, ньимиччи сотон ааһар. Ол сир эмиэ өр сылларга чөлүгэр түһэр.

Олоҕум устата 29 муҥханы таҥным

1978 сылтан үлэм быыһыгар муҥха таҥар дьарыктаммытым. Маҥнайгы муҥхабын быраатым Баһылайга кыра соҕус элгээҥҥэ балык хаптардын диэн, оҥорон биэрбитим. Сүрдээҕин ылар муҥха этэ. Түүкээн үрэҕэр муҥхалаан, хаһан да кураанах тахсыбаттара. Онтон эрдийэн, дойдум дьонугар – көтөрдөөхтөргө – күрэх муҥхатын оҥорон биэрбитим. Ити – быстарыктаах 90-с сыллар этилэр. Муҥхалаан, элбэх балыгы хаптаран, кэлбит-барбыт кэмэрсээннэри кытта аска-үөлгэ атастаһан, харахтарын өрө көрбүттэрэ. Олоҕум устата барыта 29 муҥханы таҥным. Онон Үөһээ Бүлүү хоту эҥээрин үксүн кэриэтэ хааччыйдым. Билигин күөллэр чычааран, оттонон, улаханнык муҥхалаабат буолбуттар.

Бииргэ үөрэммит үөлээннээҕим, Кырыкыйга оскуола дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт Ф.В. Ксенофонтовка биир кынатын устата 75 миэтэрэ, ийэтин устата 14 миэтэрэлээх, уопсайа 4.5 миэтэрэ усталаах муҥханы оҥорон биэрбитим. 2000 сыллар эргин уолбалаан баран угуттаммыт күөлтэн биир түһэриигэ 16 хоппону, онтон нөҥүө сырыытыгар 25 хоппону ылан турардаах. Биирдии хоппотун 1-дии туоннанан ааҕар, ол аата 25 туонна балыгы биир түһэриигэ ылар. Онон кырыкыйдары аһатан турар. Ол муҥханы, Федот Васильевич суох буолбутун кэннэ, кэлин олохтоох дьаһалта атыылаһан ылбыт. Онон улууһум хоту өттүн олохтоохторун мин оҥорбут муҥхам балыгынан хааччыйда диэн олоробун.

Үлэбинэн сыллааҕы отчуоппун тохсунньу ортотугар туттаран баран, кулун тутар ортотугар диэри уоппускабын ылан, ол бириэмэҕэ муҥхабын таҥабын. Муҥха матырыйаалын сылы быһа бэйэм булан-талан бэлэмниирим.

*   *   *

Дьэ, ити курдук Егор Михайлович Семенов күүстээх санаатын ыһыктыбакка, ыарахан ыарыыны кытта туруулаһан, үтүөрэн үйэ аҥаара олорон кэлбит олоҕо кимиэхэ баҕарар холобур буолуон сөп. Онон искэн ыарыытын бириигэбэр курдук ылыммакка, төһө кыалларынан эми батан, олох иһин тиһэҕэр дылы охсуһуохха, онтон кыайыылаах тахсыахха сөбүн Егор Михайлович олорон кэлбит олоҕор туоһулуур. Ыарыыны кытары охсуһарга киһи күүстээх санаалаах, олоххо тардыһыылаах буоллаҕына кыайыан сөп. Эбэн эттэххэ, аныгы сайдыылаах мэдиссиинэ ситиһиилэрин, араас чинчийэр, эмтиир тэриллэр күннэтэ, айылла, оҥоһулла тураллар.

Ирэ-хоро сэһэргэстэ

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

2021 сыл, кулун тутар ый.


 

Дорогие друзья, коллеги и земляки!

1 февраля 2025 года отметил свой 82-й день рождения настоящий труженик, человек с большой буквы, ветеран лесного хозяйства – Семёнов Егор Михайлович!

Егор Михайлович посвятил свою жизнь служению лесу, став примером преданности своему делу и безграничной любви к природе. Его трудовая биография началась в 1966 году с должности участкового техника в Верхневилюйском лесхозе. Уже тогда он проявил себя как ответственный и грамотный специалист. В 1973 году он был переведен на должность инженера охраны лесов, а в 1974 году возглавил Верхневилюйский лесхоз в качестве директора.

Под его руководством лесное хозяйство района достигло значительных успехов. Егор Михайлович всегда стоял на страже лесных богатств, внося неоценимый вклад в их сохранение и приумножение. Его труд был отмечен множеством наград и почетных званий:

Знак отличия «Почетный работник лесного хозяйства России»;

Знаки «За долголетнюю и безупречную службу в государственной лесной охране РФ Х, ХХ, ХХХ лет»;

Знак «За сбережение и приумножение лесных богатств России»;

Звание «Отличник охраны природы Республики Саха (Якутия)»;

Грамоты Министерства природных ресурсов России, Правительства Республики Саха (Якутия), а также более 30 ведомственных и районных наград.

Егор Михайлович также удостоен званий Почетного гражданина Верхневилюйского улуса, Ботулунского наслега и села Верхневилюйск. Эти звания – признание его огромного вклада в развитие родного края и уважение со стороны земляков.

Егор Михайлович – не только профессионал своего дела, но и мудрый наставник, который воспитал не одно поколение специалистов лесного хозяйства. Его жизненный путь – это пример трудолюбия, честности и преданности своему призванию.

В этот знаменательный день желаем Егору Михайловичу крепкого здоровья, бодрости духа, тепла и заботы близких людей! Пусть каждый день приносит радость и вдохновение, а ваши мудрость и опыт продолжают служить примером для всех нас!

С днем рождения, дорогой Егор Михайлович! Ваш труд и наследие навсегда останутся в сердцах тех, кому дороги природа и лесные богатства нашей родной земли!

С уважением и благодарностью,

Коллектив ГКУ РС (Я) «Верхневилюйское лесничество».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *