Саха сирин Грудинина баар!
Москва таһыгар В.И.Ленин аатынан сопхуос аатырбыт дириэктэрэ, 2018 с. Арассыыйа президенин быыбарыгар хандьытаатынан туран, Саха сиригэр кытта кэлэ сылдьыбыт П.Н.Грудинин туһунан билбэт улахан киһи суоҕа да буолуо. Ырыынакка киириэхтэн, алдьархайдаах ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар кини аан дойду таһымнаах, ынахтарын роботтарынан ыаттарар, бары өттүнэн аһара сайдыылаах хаһаайыстыбаны тэрийбитин киһи сөҕөр эрэ. Онтон биһиэхэ, кинилэргэ холоотоххо сатала суох уустук усулуобуйалаах Саха сиригэр, оннукка маарынныыр хаһаайыстыбаны сүһүөҕэр туруорбут киһи, салайааччы баар дуо?
Баар эбит. Кини кимий?
Кини Горн Егорович Платонов диэн Сунтаар Мэйигиттэн төрүттээх, били нууччалыы «лихие девяностые» эбэтэр «бандитские девяностые» диир саамай ыарахан, уустук сылларга Сунтаар улууһун «Кириэстээх» ПК дириэктэринэн үлэлээбит саха биир саарына.

Горн Егорович 1977 сыллаахха СГУ-ну бүтэрэн ахсаан учууталын идэтин ылбыт. Бастаан Түбэй оскуолатыгар учууталынан, дириэктэринэн 2 сыл үлэлээт комсомол райкомун 2-с сэкэритээринэн талларбыттар. Онтон 3 сыл Тойбохой Маар Күөлүн оскуолатыгар эмиэ дириэктэринэн, нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Салгыы 4 сыл «Бордоҥ», 3 сыл «Кириэстээх» сопхуостарга партком сэкиритээринэн үлэлээн, этэргэ дылы буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт, тыа сирин үлэтин-хамнаһын ымпыгын-чымпыгын кытта билсиспит. Дьэ онтон кини 1992-2007 сс., 15 сыл курдук «Кириэстээх» ПК (оҥорон таһаарар кээпэрэтиип) дириэктэринэн олус таһаарыылаахтык үлэлээбит.
Мин Горн Платоновы Павел Грудиниҥҥа тэҥнии санаатым. Ол манныктан. Бары билэргит курдук, ыһыллыы кэнниттэн төһөлөөх элбэх араас КП-лар тэриллэн баран, араастаан ааттара уларыйан, иэс бөҕөҕө киирэн ыһыллыбыттарын, мөлтөөбүттэрин киһи ааҕан сиппэт. Үгүстэригэр иэстэрин сотон, көмөлөһө сатаабыттара даҕаны өнүйбэтэхтэрэ. Оннооҕор киэҥ батарар ырыынактаах киин куораппыт таһынааҕылар.
Онтон ыраах, Бүлүү түгэҕэр сытар Сунтаар «Кириэстээх» кээпэрэтиип 200-тэн тахса үлэһити быстыбакка хамнастаан, эстибэккэ, үлүгэрдээх элбэх үлэни ыыппытын, сайдыбытын киһи сөҕөр-махтайар эрэ. Ону сорохтор «АЛРОСА» хампаанньыйа абыраабыта буолуо дииллэрэ буолуо эрээри, аныгы үйэҕэ ким да босхо үлэлээбэтин, босхо харчы биэрбэтин өйдүөххэ наада.
«Кириэстээх» ПК ситиһиилэрин сүрүн төрүөтэ кини үлэһит дьонугар, салайааччыларыгар, чуолаан кини дириэктэригэр Г.Е.Платоновка сытар диибин. Ити кыһарҕаннаах кэмнэргэ, билигин даҕаны кириэстээхтэр курдук бигэтик олорор, сайдыбыт хаһаайыстыба Саха сиригэр суох эбит диибин. Ол иһин биһиги тыйыс услуобуйабытыгар дириэктэр Г.Платоновы Москва Ленин аатынан сопхуос дириэктэрэ П.Грудиниҥҥа тэҥнии саныыбын. Кырдьык оннук буолбат дуо?
Уйбаан ПОНОМАРЁВ.
Чурапчы.
* * *
КИИРИИ ТЫЛ
Ааптар Горн Егорович ПЛАТОНОВ,
Сунтаар улууһун «Кириэстээх» сопхуоһун 15 сыл устата салайбыт дириэктэр,
СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна,
Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
– Бу кинигэни суруйбут сыалым-соругум диэн, бастатан туран, икки үйэ быыһык кэмигэр, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас, социализм систиэмэтэ эстэн, Арассыыйаҕа капитализмҥа киирии саҥа саҕаланар, дьиикэй ырыынак кэмигэр, уопсай судаарыстыба бас билиититтэн чааһынай бас билиигэ киирэр быыһык кэмҥэ, дьылҕа хаан ыйааҕынан Сунтаар оройуонун “Кириэстээх” сопхуоһугар дириэктэринэн ананан, лоп курдук 40 сааспын туолаат үлэбин саҕалаабытым. “Кириэстээх” сопхуоhу атыттар курдук үөһэттэн дьаһалы толорон тута ыспакка, 15 сыл дириэктэринэн үлэлээн чɵл хаалларбыт кэммэр, төһө өйдүүрбүнэн ыытыллыбыт сорох үлэлэри ахтан-санаан устуоруйаҕа хаалларар сыаллаах этэ.
Иккиһинэн, эдэр сааспыттан 30-ча сыл аҥаардас тыа сиригэр – Түбэйгэ, Сунтаарга, Маар Күөлгэ, Бордоҥҥо, Кириэстээххэ саламта үлэтигэр учууталтан, оскуола дириэктэриттэн саҕалаан үлэлээбит уопуппуттан кэлэр көлүөнэ салайааччыларга, производственнай кээпэрэтииптэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр анаан сорох түгэннэри ахтан, үөрэх, сүбэ буоллун диэн суруйдум.
Сорох билбэт ааҕааччылар Кириэстээх Мииринэйтэн 135 км чугас сытар буолан, кинилэр үүннэрбит оҕуруоттарын аһын, үүттэрин, эттэрин былдьаһыгынан атыылаһаллара буолуо дии саныыллар. Төттөрүтүн, күн өрүү-өрүү түөрт “Алроса” Ил-76 грузовой сөмөлүөттэринэн Москубаттан, Новосибирскайтан чэпчэки сыаналаах суулаах-хаалаах омук уонна киин уобаластар бородуукталарын быстыбакка аҕалаллара. Суруйбутум курдук, Мииринэйгэ сырыы сылга муҥутаан 6 ый эрэ буолааччы. Саас, күһүн кырата иккилии ый өрүс хаайар, оттон Бүлүүчээҥкэ уонна Ботуобуйа үрэхтэрин хас ардах түстэҕинэ чааһынай Урал эбэтэр КАМАЗ массыыналарга состорон эбэтэр тиэллэн туорааччыбыт.
Сорохтор сыыһа өйдүүллэринэн, “Кириэстээх” ПК мэлдьи элбэх, тэпсэ сылдьар харчылаах буолан хамнаһы бириэмэтигэр төлөөбүт, араас тутууну ыыппыт уонна элбэх ГСМ, тиэхиньикэни, саппаас чааһы атыыласпыт эбит дии саныахтара. Бары билэргит курдук, судаарыстыба сопхуостары кылаас быһыытынан эһэр, оттон чааһынай, бааһынай хаһаайыстыбалары өйүүр политиката ыытыллар уонна бэйэтэ отой мөлтөөн, быстан олорор бириэмэтэ буолан, кэлэктиибинэн хаһаайыстыбаларга баар да буоллаҕына көмөтө бэрт кыра этэ. Ол да суотугар өрөспүүбүлүкэ үгүс хаһаайыстыбалара моҥкурууттаатахтара дии. Билигин даҕаны сайдарга, үүнэргэ сөптөөх экэнэмиичэскэй усулуобуйа оҥоһулла илигэ хомолтолоох.
Биһиги үүтү, эти толору астыыр-үөллүүр уонна ыраас ууну кутар собуоттары араас сиртэн кирэдьиити эриһэн ылан туппуппут уонна, кылаабынайа, кэмигэр төннөрбүппүт. Урут да, билигин да бааннар солуок ыллахтарына эрэ кирэдьиити биэрэллэрин билэр буолуохтааххыт. Ырыынак сокуонун тутуhан, оҥорор бородууксуйабытын аныгылыы суулаан-хаалаан атыыга түргэнник таhааран ол харчытыгар олордохпут дии. Иккиhинэн, хас биирдии үлэhит тустаах үлэтигэр эппиэтинэhин толору ɵйдɵɵн, кэлэктиип бары бииргэ сомоҕолоhон, биир ɵйгɵ-санааҕа кэлэн таhаарыылаахтык үлэлээбиппит суотугар тэрилтэбит өрөспүүбүлэҕэ бастыҥ хаhаайыстыба ахсааныгар киирбитэ.
Суруллубут – суоруллубат диэн этиини тутуһан, мин математик үөрэхтээх буолан, ойуулаан-оhуордаан суруйууга мөлтөх да буолларбын, кэлэр кэлүөнэ ыччакка олохторугар, үлэлэригэр туһалаах буолуо диэн суруйдум. Биллэн турар, сорох санааларым умнуллан киирбэккэ хаалбыттара баар суол. Олох олоруу диэн уустук, түргэн сүүрүктээх ɵрүhү утары эрдиилээх тыынан тохтообокко айаҥҥа тэҥнииллэрэ сɵп эбит. Хас биирдии киhи олоҕун устата араас элбэх кыhалҕаны, тургутуулары кɵрсɵр. Ол тургутуулары соhуйбакка, уолуйбакка уочараттаах тургутан кɵрүү курдук ылынан, сырдыгынан туоруур да соччонон үүнэр-сайдар, кыаҕырар, кэскилэ кэҥиир дии саныыбын. Олорбут олоҕу, үлэлээбит үлэни бэйэ анаарыыта диэн ɵссɵ уустук дьыала эбит.
Эдэр дьоҥҥо анаан умнубакка өйдөөтүннэр диэн бу кинигэҕэ мин олохпор, үлэбэр туһаммыт саха бэргэн этиилэрин, домохторун киллэрэ сатаатым.
КӨМӨ, ЫЙЫННЬЫК КИНИГЭ БУОЛАР АНАЛЛААХ
Күндү ааҕааччы! Эн иннигэр СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Горн Егорович суруйан, бэчээттэтэн таһаарбыт ураты тутуллаах, киэҥ уонна бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох саҥа кинигэтэ арыллар. Эн ону дьоһуннаан олорон суолта биэрэн аах, ол кэнниттэн болҕомтолоохтук ырытан, сыаналаан көрдөххүнэ, инники олоххор уонна үлэҕэр-хамнаскар наада буолар бэрт элбэх туһалааҕы, ону тэҥэ көдьүүстээҕи булуоҥ уонна туһаныаҥ.
Горн Егорович тус бэйэтэ Бүтэй Бүлүү үөһээ тардыытыгар сытар дьикти-кэрэ айылҕалаах, бараммат быйаҥнаах Үөһээ-Мэйик (иккис аата Ойууһут) сиригэр-уотугар үөскээн-төрөөн тахсыбыт буолан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, тыынын-салгынын ис иһиттэн иҥэн-тоҥон билэн улааппыт дьиҥнээх тыа сириттэн тахсыбыт киһи. Кэлин үөрэнэн, үрдүк үөрэҕи баһылаан, үүнэн-сайдан, аан дойду араас элбэх дойдуларыгар сылдьан, дьонун-сэргэтин кытта билсибит киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үрдүк култууралаах тыа сирин дьиҥнээх патриота, интеллигэнэ буолар. Кини үлэһит быһыытынан бэйэтин кэмигэр бастаан үөрэнэн ылбыт идэтин үүнэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ уонна иитиигэ учуутал, дириэктэр быһыытынан үлэлээн баран, төрөөбүт-үөскээбит Сунтаарын оройуонугар араас таһымнаах комсомольскай, сэбиэскэй уонна партийнай үлэлэр олус туһалаах оскуолаларын ааһан баран, олоҕун уонна үлэтин бүүс-бүтүннүүтүн тыа сирин олоҕун уонна үлэтин тупсарыыга, сайыннарыыга анаабыта. Ол курдук сааһыран биэнсийэҕэ тахсыар диэри, сүнньүнэн олус бутуурдаах уонна судургута суох кэмнэ туох баар билиитин-көрүүтүн, күүһүн-уоҕун, олохтон уонна дьону кытта үлэттэн мунньуммут баай уопутугар олоҕуран үрдүк оҥорон таһаарыылаах, тэрээһиннээх хаһаайыстыба салайааччытын быһыытынан дьиҥнээх тыыннаах холобур буолар курдук үлэлээбитэ, бэрт элбэҕи ситиспитэ, олоххо киллэрбитэ. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар дойду үрдүнэн үөһээҥи былаастар алдьатыылаах дьаһалларынан эҥкилэ суох үлэлии олорбут норуот хаһаайыстыбатын бары салааларын ханнык даҕаны ааҕыыта, дакаастабыла суох аҥаардастыы үрэйии, чааһынай бас билиигэ тарҕатыы киэҥник уонна күүскэ бара турар кэмэ этэ. Горн Егорович олохтоохтук быһаарбыт бэрт үгүс боппуруостарыттан биир бастакы суолталаах боппуруоһунан 1972 сыллааахха саҥа тэриллэн 20 сыл устата көрдөрүүлээхтик үлэлээн кэлбит “Кириэстээх” сопхуос производствотын үрэйбэккэ, күн-ый ыһыаҕа оҥорторбокко хаһаайыстыба тэрээһин форматын уларытан тыыннаах хаалларан бу хаһаайыстыба күн бүгүҥҥэ диэри үрдүк көрдөрүүлээхтик, бигэ туруктаахтык үлэлии олороро бэйэтин кэмигэр саамай сөпкө ылыныллыбыт быһаарыы үтүө кэскиллээх түмүгэ буоларын итэҕэтиилээх туоһутунан буолар. Ону сэргэ иккис ураты суолталаах дьыаланан Горн Егорович ити уустук уонна ыарахан услуобуйалардаах сылларга олорон-туран хаалбакка, салайар хаһаайыстыбатын материльнай-техническэй уонна технологическай базатын бөҕөргөтүүгэ уонна сайыннарыыга тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, бэрт элбэх кэпсэтиилэри уонна туруорсуулары кимиилээхтик ыытан, кими даҕаны албыннаабакка уонна кимиэхэ даҕаны албыннаппакка хаһаайыстыба үлэтин хайысхалара кэҥээһинигэр, ырыынак усулуобуйатыгар бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны намтаппакка, астааһын-үөлээһин саҥа бастыҥ технологияларын булан-талан, олору олоххо киллэрэн эҥкилэ суох үлэлээһиннэрин ситиһэн, барыыстаахтык батарар ситими олохтоон хаһаайыстыбатын финансовай балаһыанньатын лаппа бөҕө уонна туруктаах буоларын ситиспитэ. Ол барытын уонна да атын боппуруостары хайдах уонна туох тэрээһиннэринэн хаһаайыстыба үтүөкэн үлэһит дьоно уонна салайааччылара ситиспиттэрин туһунан Горн Егорович “Үлэм олуктара”, “Улахан Табаҕа билиҥҥитэ”, “Суол – сайдыы төрдө”, “Сөпкө туруоруллубут сорук – ситиһии аҥаара”, “Салайааччы – олоҕу өтө көрөөччү”, “Үлэттэн дьолун булбут дьоруой” диэн суруйууларыгар бэрт үчүгэйдик, ким барыта өйдүүрүн курдук суруйбут. Ону сэргэ “Үөрэх, билии – ситиһиилээх үлэ төрдө”, “Үтүө дьыала үтүөнэн эргиллэр”, “Умнуллубат онус кылаас”, “Эдэр саас – кэлэр кэм”, “Дьиэ кэргэним – мин дьолум”, “Баай байанай бэлэхтэрэ”, “Илии тутуурдаах, өттүк харалаах” диэн суруйууларыгар кини киһи быһыытынан бэйэтин үөлээннээхтэригэр, дьиэ кэргэнигэр, тулалыыр эйгэҕэ, аар тайҕатыгар истиҥ уонна ытыктабыллаах сыһыанын долгутуулаахтык арыйбыт. Дириҥ толкуйдаах, кэскили-кэрэни кэрэхсиир киэҥ көрүүлээх киһи быһыытынан духуобунас уонна доруобуйа, ону тэҥэ араас боппуруостары тула бэйэтин бүччүм санааларын үллэстибитэ кэлэр көлүөнэлэргэ эмиэ дьиҥ чахчы туһалаах буолара саарбаҕа суох.
Онон бу барыта хомуллан тыа сирин уонна хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэн, үүнэригэр, сайдарыгар интэриэстээх, ону олоххо киллэрэргэ толкуйдаммыт уонна туруммут хас биирдии киһиэхэ тыа сирин олоҕун, дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын саҥалыы көдьүүстээхтик тэрийиигэ уонна дьаһаныыга дьиҥ чахчы туһалаах, көмө, ыйынньык, остуол кинигэтэ буолар аналлаах кинигэ буолбут диэн сыаналаан туран, кини элбэх ааҕааччылаах уонна туһанааччылаах буолуоҕар баҕарабын.
Прокопий Семёнович ИВАНОВ,
СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
тыа хаһаайыстыбатын туйгуна,
ааспыт кэмнэргэ СӨ Госагропромун бэрэссэдээтэлэ,
тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ,
1972 сыллаахха саҥа тэриллибит “Кириэстээх” сопхуос
бастакы партийнай кэмитиэтин сэкиритээрэ
* * *
Υлэм олуктара
1992 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаhаайыстыбатын миниистирэ Трофимов Юрий Дмитриевич бирикээhинэн «Кириэстээх” сопхуос дириэктэринэн анаммытым. Ол кэмнэргэ партия үлэтэ тохтотуллубута номнуо биир сыл буолан эрэрэ. Уларыта тутуу, демократия, гласность уо.д.а. боппуруостар муҥутаан сытыырхайбыт кэмнэрэ этэ.
Уопсайа 15 сыл кэриҥэ сопхуоска, онтон кэлэктиибинэй предприятиеҕа, салгыы производственнай кээпэрэтиипкэ 2005 сыл бүтүөр диэри дириэктэрдээбитим. Солбуйааччы дириэктэринэн уонна кылаабынай экэнэмииһинэн Гуринов Нестер Васильевич үлэлээбитэ.
Мин дириэктэринэн үлэбин саҕалыырбар аан дойду аҥаарын баһылаан олорбут Сэбиэскэй Сойуус АХШ эрдэттэн ыыппыт былааннаах, тэрээһиннээх үлэтин уонна дойдуну салайан олорбут оччотооҕу саламтаҕа үлэлиир дьоннор таҥнарыыларын түмүгэр эстэн-быстан, сууллан түһэн, ыһыллан, бары 15 союзнай өрөспүүбүлүкэлэр тус-туһунан судаарыстыба буолан, дьиикэй ырыынакка, капитализм систиэмэтигэр киирэр кэмнэрэ этэ. Улуу судаарыстыба уруккуттан олоҕуран кэлбит экэниэмикэтэ, идеологията, үлэтэ-хамнаһа, өйө-санаата барыта сиҥнэн түһүүтэ уопсастыба, дьон олоҕор-дьаһаҕар охсуута иэдээннээх буолбута. Ырыынакка эмискэ, туох да былаана, бэлэмэ суох киириинэн сибээстээн, нэһилиэнньэ быста дьадайбыта. Аан дойдуга атыыланар ниэп биир баррелын элбэх омук судаарыстыбалара киксэн баран 16 дуолларга диэри түһэрбиттэрэ, ол суотугар сэбиэскэй былаас эстэрэ чугаhаабыт буолан, маҕаhыыннарга ас-таҥас барыта дэписиит буолбут кэмэ этэ.
Арассыыйаҕа 1992 сылтан Егор Гайдар баһылыктаах бырабыыталыстыба эмискэ “шоковай терапия” уонна либерализация политикатын ыыппытын суотугар, ас-таҥас, матырыйаал, тиэхиньикэ, ГСМ тиийбэт буолбута, сыаната тохтоло суох күн-түүн ыарааһына экэнэмиичэскэй эрэ өттүнэн буолбакка, дьон уйулҕатыгар, духуобунай туругар сууһарыылаахтык дьайбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит дьон, олох уларыйыытыгар улахан охсууну ылбыппыт. Буккуурдаах-бутуурдаах историческай быыһык кэмҥэ дьон өйө-санаата сатарыйбыта, мунуу-тэнии, уҥа-хаҥас охсуллуу маассабай буолбута. Дойду үрдүнэн уhун кэмнээх сатарыйыы-ыhыллыы саҕаламмыта. Чубайс сыыһалаах дьаһалыгар олоҕуран государство уопсай баайын приватизациялыыбыт диэн ааттаан үлэлии турбут тыhыынчанан бастыҥ собуоттар, баабырыкалар үксэ араас албын-түɵкэй ньыманан нэhилиэнньэттэн ваучеры хомуйбут дьоҥҥо босхону үрдүнэн эрэ сыанаҕа атыыламмыттара. Сиртэн хостонор баай барыта уонна сэбиэскэй норуот 70-ча сыл муспут уопсай баайын кураанах куолунан, демократиянан сирэйдэнэн, былааска тахсыбыт аҕыйах чааhынай дьон, кинилэр аймахтара-уруулара, билсиилээхтэрэ иҥэриммиттэрэ уонна омукка таhааран атыылаан сытыйа байбыттара. Кинилэр сүрүн бириинсиптэрэ – бу улуу буккуур кэмигэр бэйэ сиэрэ суох байарын-тайарын туhугар суобаhы, чиэһи, сиэри-майгыны ылан сиэпкэ уктуохха диэн этэ.
Үп-харчы, баан кириисиһэ саҕаланан, драконовскай нолуоктар, араас төлөбүрдэр, ыстарааптар, пенилар олохтонон уонна сатаан салаллыбакка бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тэрилтэлэр маассабай моҥкурууттаабыттара уонна ыһыллыбыттара. Мөлүйүөнүнэн үлэһиттэр үлэтэ-хамнаhа, дохуота суох хаалан, быстыы-ойдуу, маассабай быстар дьадайыы саҕаламмыта. Дойдуга оҥоһуллар араас табаар, ас-үөл лаппа аҕыйаан, күүстээх инфляция саҕаламмыта, сыана туохха барытыгар тохтоло суох күн-түүн үрдээн иһэрэ. Маҕаһыыннарга үксэ Кытай уонна мөлтөх хаачыстыбалаах омук табаара, бородууктата атыыланар буолбута. Инфляцияны мөлтөтөөрү уонна оҥорон таһаарыы суоҕун, нолуок киириитэ хас эмэ төгүл кыччаабытын суотугар, дойду үрдүнэн үп-харчы сүппүтэ. Бюджет үлэһиттэрэ кырата сыл аҥаара хамнаһа суох үлэлииллэрэ. Онон үгүс тэрилтэлэр уонна биирдиилээн да дьон бартерга, биэксэлгэ көһөн үлэлииргэ күһэллибиттэрэ. Итини сэргэ сиэр-майгы сатарыйан, арыгы, табаах, наркотик, бандитизм, буруйу оҥоруу дэлэйбиттэрэ. Киэhэ хараҥаҕа дьон куттанан уулуссаҕа тахсыбат буолбуттара.
Арассыыйаҕа президент Ельцин баһылыктаах правительство көҥүл биэрэн “Парад суверинитетов» диэн саҕаланан, бары регионнар, республикалар туспа барыахтарын баҕарбыттарын суотугар, Чечня икки сэриитэ саҕаламмыта, онтон салгыы дойдуга араас дьулаан террактар буолуталаабыттара, Арассыыйа уонунан сылларга дириҥ политическай уонна экономическай кириисискэ киирбитэ. Ити бириэмэҕэ дойду ханна баран иhэрин, сарсын-ɵйүүн, салгыы хайдах буолуоҕун ким да билбэт этэ. Буккуур уонна хааhы элбээн иhэр курдуга. Ити кэмнэргэ ханнык да киһиэхэ уйана-хатана биллэр тургутуу кэмэ кэлбитин үгүс киһи ситэ өйдөөбөтөҕө.
Мин оччолорго даҕаны аан дойду историятыттан 1200 сылтан Чыҥыс Хаантан саҕалаан судаарыстыбалар уонна норуоттар олохторо хайдах араастык сайдарын син билэр этим. Онно араас сайдыылаах судаарыстыбалар эстибиттэрин уонна симэлийбиттэрин элбэхтик аахпыт буолан, Арассыыйаҕа бу ыарахан, уустук, буккуур кэмнэр ааhыахтара, олох-дьаhах түргэн кэминэн сүнньүн булан, уhаабыта уонча сылынан сайдыы-үүнүү кэлиэхтээх диэн толкуйдуур этим.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр саха омук 90 бырыhыана тыа сиригэр олороро. Ол да иhин Саха сиригэр 1957-1960 сыллартан партия Уобаластааҕы кэмитиэтэ уонна бырабыыталыстыбата Сойуус уонна Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар улахан экэнэмиичэскэй расчёттаах, грамотнай, күүстээх туруорсуутун түмүгэр бары колхуостары сопхуостарга уларытан тэрийбиттэрэ уонна хас биирдии солкуобайдаах оҥорбут бородууксуйатыгар 4 солкуобайга диэри дотация бэриллэрин, атыннык эттэххэ судаарыстыба тыа хаhаайыстыбатыгар күүстээх үбүлээһинэ оҥоhулларын ситиспиттэрэ. Ол суотугар хамнаска бэриллэр харчыны таhынан хаhаайыстыба бары ороскуотун судаарыстыба уйунара, ол курдук сайаапкаҕа олоҕуран тыраахтардар, массыыналар, комбайннар, атын араас тиэхиньикэ, саппаас чаастар бэрт кыра сыанаҕа сылы быһа быыстала суох кэлэллэрэ. Саас аайы баhаам элбэх комбикорм суудунанан тиэллэн кэлэрэ. Итини таhынан тыа сиригэр араас хотоннортон саҕалаан, оскуолалары, кулууптары, балыыhалары, уопсай дьиэлэри уо.да.а. тутууну эмиэ судаарыстыба толору үбүлүүр этэ. ГСМ, электроэнергия эмиэ босхону эрэ үрдүнэн сыанаҕа төhөнү наадыйаргынан толору хааччыйар этилэр.
Сопхуос рабочайдардарын хамнаhа промышленность үлэhитин хамнаhын 70 бырыһыаныгар тиийбитэ. Рабочайдар уоппусканан, больничнай лииhинэн, бырайыаһынан, биэнсийэнэн, санаторийдарга эмтэниинэн толору туhаналлара ситиhиллибитэ. Күннээҕи аhылык-таҥас, суол-иис, барыы-кэлии, босхо үөрэх, эмтэнии боппуруостарыгар төбө ыалдьыбат буолбута.
Сопхуостар сылтан сыл үүнэн-сайдан 1990-91 сылларга сүөhү, сылгы төбөтө балачча элбээн муҥутуур элбэх үүт, эт оҥоhуллубута. Ол түмүгэр Саха сирин нэhилиэнньэтин үүккэ, эккэ, хортуоскаҕа уонна оҕуруот аhыгар наадыйыытын 65 бырыhыанын хааччыйары ситиспитэ. 2020 сыл түмүгүнэн ити сыыппара 20 бырыhыаҥҥа диэри түhэн турар.
Тыа сирин бары бөhүөлэктэригэр сопхуостар көмөлөрүнэн, бэрт кыра ороскуотунан куоталаhа-куоталаhа аарыма улахан чааhынай дьиэлэри тутуу маассабай буолбута. Киин уобаластартан хаалбакка, сороҕор ордон ыаллар дьиэлэригэр холодильник, телевизор, миэбэл, мотоцикллар, араас мотуордар баар буолбуттара. Дэлэй олох кэлэн, судаарыстыба моонньо суон диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Билигин кэлэн үгүс саастаах дьон «коммунизм олоҕо кэлэн ааспытын өйдөөбөккө хаалбыт эбиппит” диэн кэпсэтиилэрэ үгүс буолла.
“Көмүс эпоха” диэн итинник үчүгэй балаhыанньа саха омук историятыгар отучча сыл салҕанан баран, 1990 сылга тиийэн түмүктэммитэ. Сэбиэскэй былаас эстэн, дьиикэй ырыынакка киириинэн, Арассыыйаттан кэлэр күүстээх көмө, дотация харчыта тохтоон, баай-талым олохпут эмискэ уостубута, сиик буолан симэлийбитэ.
Саха сирэ бэйэҕит суверинитет ылаҥҥыт судаарыстыба буолаҥҥыт, бэйэҕитин бэйэҕит дьаһаныҥ диэн буолбута. Ол суотугар Саха сирин бырабыыталыстыбата үбэ-харчыта аҕыйаҕынан тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлүүр, дотация харчыта бэрт дуона суох буолан кырата уон төгүл күччээн, 1 солк. бородууксуйаҕа 0,3 солк. диэри түспүтэ. Арассыыйаҕа, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ кириисис сылтан сыл дириҥээн күүстээх инфляция саҕаланан, тиэхиньикэҕэ, ГСМ-ҥа, саппаас чаастарга, араас промышленнай табаардар сыаналара балысханнык, үүнэ-тэһиинэ, туох да хонтуруола суох түргэн тэтиминэн уонунан, сүүһүнэн төгүл үрдээн “диспаритет цен” диэн бас-баттах барбыта. Оттон биһиги Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата – оҥорон таһаарар эппит, үүппүт, бурдукпут уонна оҕуруоппут аһын сыаната норуот сөптөөх атыылаһар харчыта суоҕунан уонна үөһэттэн хааччах да баарынан, үрдээбэтэҕэ уонна чэпчэки сыаналаах омук уонна киин уобаластар эттэригэр, үүттэригэр холоотоххо ороскуота элбэҕинэн, переработката суоҕунан, батарыыта лаппа уустугурбута. Итилэр түмүктэригэр үгүс сопхуостар моҥкурууттаан ыһыллыбыттара, тыа сиригэр атын үлэ суоҕун, хамнас аһара кыратын кыhалҕатыттан арыый күүстээх санаалаах, кыайыгас-хотугас орто саастаах уонна эдэр ыччаттар күргүөмүнэн, маассабайдык улуус кииннэригэр уонна куоракка көhүүлэрэ, күрэниилэрэ саҕаламмыта. Тыа нэһилиэктэригэр үчүгэй хамнастаах үлэ миэстэтэ быста сарбыллыбытын түмүгэр, кырдьаҕастар, кыамматтар, бэрт аҕыйах араас биричиинэнэн куоракка, баахтаҕа барар кыаҕа суох дьон ордон хаалбыттара, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан, харыларын күүһүнэн айахтарын ииттинээри аҕыйах сүөһүнү, сылгыны тутан хаалан былыргылыы кыараҕас, сииктээх, хараҥа саах сыбахтаах хотоҥҥо симилиннилэр. Итинник усулуобуйаҕа, күн аайы хотонтон тэйбэккэ үлэлиир киһи өйө-санаата хайдах буолара биллэр буоллаҕа. Арассыыйаны аһынан-таҥаһынан толору хааччыйан олорбут үгүс элбэх тыhыынчанан бөhүөлэктэр эстибиттэрэ.
Урутаан эттэххэ, Арассыыйаҕа күн бүгүн нэһилиэнньэ 20 бырыһыана дьадаҥы ахсааныгар киирбит эбит буоллаҕына, Саха сирин тыа нэһилиэктэригэр олорор дьоно, кырата 50 бырыһыана быстар дьадаҥы ахсааныгар киирбитэ отучча сыл буолла. Тыа сирин, чуолаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга сөптөөх күүстээх үбүлээһини оҥорор бырабыыталыстыба да, политическай да, экэнэмиичэскэй да дьаһалы ылар кыахтаах баартыйа да, салайааччы да көстө илигэ хомолтолоох.
Мин 1992 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаhаайыстыбатын миниистирэ Трофимов Юрий Дмитриевич бирикээhинэн Сунтаар оройуонун “Кириэстээх” сопхуоһун дириэктэринэн анаммытым. Ол кэмнэргэ партия үлэтэ тохтотуллубута номнуо биир сыл буолан эрэрэ. Уларыта тутуу, демократия, гласность уо.д.а. боппуруостар муҥутаан сытыырхайбыт кэмнэрэ этэ.
Уопсайа 15 сыл кэриҥэ сопхуоска, онтон кэлэктиибинэй предприятиеҕа, салгыы производственнай кээпэрэтиипкэ 2005 сыл бүтүөр диэри дириэктэрдээбитим. Солбуйааччы дириэктэринэн уонна кылаабынай экэнэмииһинэн Гуринов Нестер Васильевич үлэлээбитэ.
Дириэктэринэн үлэбин саҕалыырбар аан дойду аҥаарын баһылаан олорбут Сэбиэскэй Сойуус АХШ эрдэттэн ыыппыт былааннаах, тэрээһиннээх үлэтин уонна дойдуну салайан олорбут оччотооҕу саламтаҕа үлэлиир дьон таҥнарыыларын түмүгэр эстэн-быстан, сууллан түһэн, ыһыллан, бары 15 союзнай өрөспүүбүлүкэлэр тус-туһунан судаарыстыба буолан, дьиикэй ырыынакка, капитализм систиэмэтигэр киирэр кэмнэрэ этэ. Улуу судаарыстыба уруккуттан олоҕуран кэлбит экэниэмикэтэ, идеологията, үлэтэ-хамнаһа, өйө-санаата барыта сиҥнэн түһүүтэ уопсастыба, дьон олоҕор-дьаһаҕар охсуута иэдээннээх буолбута. Ырыынакка эмискэ, туох да былаана, бэлэмэ суох киириинэн сибээстээн, нэһилиэнньэ быста дьадайбыта. Аан дойдуга атыыланар ниэп биир баррелын элбэх омук судаарыстыбалара киксэн баран 16 дуолларга диэри түһэрбиттэрэ, ол суотугар сэбиэскэй былаас эстэрэ чугаhаабыт буолан, маҕаhыыннарга ас-таҥас барыта дэписиит буолбут кэмэ этэ.
Дириэктэр буолаат, ыам ыйын бүтүүтэ кыстыгы этэҥҥэ туоруур уонна сааскы ыhыыга бэлэмнэнэр күннээҕи үлэлэри таhынан бастакы дьаhалбынан кылаабынай экэнэмиис Гуринов Нестер Васильевиhы уонна кылаабынай буҕаалтыр Саввинов Савва Николаевиhы ыҥыран олорон, Сунтаар коммерческай бааныттан 20 мөлүйүөн солкуобайдаах кирэдьиит ыларга докумуоннары оҥорорго дьаhайбытым.
Тоҕо диэтэргин, бастакынан, бу кэмҥэ күүстээх инфляция саҕаланан, туохха барытыгар сыана түргэн тэтиминэн күн-түүн үрдүү турар этэ. Иккиhинэн, Сунтаар “Сельхозтехникатыгар” саас баарсанан элбэх саҥа комбайннар, ДТ, МТЗ тыраахтардар, сеялкалар, диискэлэр, араас холбонор тиэхиньикэ, доильнай установкалар, ТСН-нар уо.д.а. ааспыт сыллар сайаапкаларыгар олоҕуран кэлэн баран, атын сопхуостар ыhыллар турукка киирэн, үптэрэ-харчылара суох буолан ылбакка сыталлара. Үсүhүнэн, Бэрэсидьиэн Николаев Михаил Ефимович ол саҕана тыа хаhаайыстыбатыгар көмөлөhөн бааhынай хаhаайыстыбаларга уонна ордубут сопхуостарга ылбыт кирэдьииттэрин сыл түмүгэр сотторор идэлээҕэ. Ону аксакаллар бэйэлэрэ туспа сүбэлэhэн баран, миэхэ киирэн, бакаа 3 мөлүйүөн солкуобайдаах кирэдьиити ылыахха диэн сөбүлэhиннэрбиттэрэ. Онон бэрт аҕыйах тиэхиньикэ ылбыппыт уонна күhүн тиийэн, үүнүү уонна күhүҥҥү забой харчытынан кирэдьиити эрдэ сабан кэбиспиппит. Онтон Саҥа дьыл диэки Бэрэсидьиэн Николаев М.Е. дьаhалынан баар кирэдьииттэри, иэстэри барытын сотторон кэбиспитэ. Онон ити сыл биhиги хаhаайыстыбабыт, мэлдьи буоларын курдук, улахан кирэдьиити ылан баран сотторор кыахпыт таах хаалбыта.
1992 сыл саҥатыттан Арассыыйаттан кэлэр дотация харчыта тохтоон, өрөспүүбүлүкэ салалтата сопхуостар үйэлэрин моҥоотулар, онон бары ыhыллан баайгытын үллэстэн баран бааhынайдыы баран тургэнник байыҥ эбэтэр кэлэктиибинэй хаhаайыстыбаҕа көhүҥ диэн күүстээх аҕытаассыйа уонна дьаһал, сорук ыыталлара. Онтон баай-дуол миниистирэ Архипов Н.Е. улуустарга суһал телеграмма ыыппыт этэ. Саҥа дьылга диэри хаhаайыннааhын көрүҥүн уларыппатаххытына, эhиилгиттэн паайгытын толору харчыгытыгар атыылаhан ылар бэрээдэк олохтонуоҕа диэн. Ол суотугар өрөспүүбүлүкэҕэ баар 172 сопхуос үксэ күhүн түргэн үлүгэрдик ыhыллан, паайдарын үллэстэн, бааhынайдыы барбыттара. Уонна аҥаардара сүөhү иитэр кыаҕа суох буолан, сүөhү, сылгы бөҕөтүн сүүстээбиттэрэ. Тыаҕа үлэтэ суох хаалан куоракка, улуус киинигэр маассабай көhүү саҕаламмыта.
Мин Мэйиккэ начаалынай оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына учууталбыт кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Ол курдук, биир баай киһи өлөөрү сытан бары уолаттарын ыҥыран баран, хас биирдиилэригэр миинньик талаҕын биэрбит уонна тоһутарга соруйбут. Уолаттар бары тоһута тутан кэбиспиттэр. Онтон оҕонньор барыларыгар бүтүн миинньиктэри биэрбит уонна тоһутарга соруйбут. Биир да уол кыайан тоһуппатах. Онно аҕалара оҕонньор: “Эһиги бары биир сомоҕо буолан, биир өйүнэн-санаанан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, бииргэ түмсэн үлэлээн-хамнаан олордоххутуна, олоххут ситиһиилээх, дьоллоох-соргулаах буолуоҕа уонна эһигини кыайар-хотор күүс суох буолуоҕа”, – диэбит үһү. Сахалыы да малтаччы толкуйдаатахха, олохпут төһө да сайыннар кыһыммыт кылгаабата, бытархан тымныыбыт сымнаабата буолуохтаах. Онон бөдөҥ эрэ тэрилтэ биир өйүнэн-санаанан күүскэ үлэлээн үлэтэ түмүктээх буолар диэн бигэ өйдөбүллээх этим. Биһиги хаһаайыстыба 1972 сыллаахха Тойбохой совхозтан Кириэстээх, Куокуну уонна Бүлүүчээн отделениета араарыллан тэриллибитэ. Онтон 1983 сыллаахха саҥа Бүлүүчээн совхоһа тэриллибитэ. Кириэстээх совхозка 1992 сылга диэри урут үлэлээн ааспыт элбэх аҕа көлүөнэ дьон ситиһиилээх үлэтин түмүгэр, балачча улахан материальнай база тэриллибит этэ. Баары ыһар, алдьатар дөбөҥ, онно улахан өй наадата суоҕа өйдөнөр этэ.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ Тыа хаhаайыстыбатын институтун дириэктэрэ Иван Афанасьевич Матвеевы кытта дуогабардаhан, икки экэнэмиис учуонайы аҕалан, уонча хонукка гостиницаҕа олохтоон баайбытын-дуолбутун аахтарбыппыт, саҥа Устаап уонна Учредительнай дуогабар бырайыагын оҥотторбуппут.
Кыстыкка киирэн уонна күһүҥҥү хомуур кэнниттэн Кириэстээхтээҕи Култуура дьиэтигэр кырата 200 киһи мустан учредительнай конференцияны ыыттыбыт. Мунньаҕы мин салайдым. Бастаан икки учуонай оҥорбут Устааптарын, учредительнай дуогабардарын дакылааттаатылар, онтон Нестер Васильевич кэлэктиибинэй үлэ барыыстааҕын, кэлэктиибинэй предприятиеҕа көһөр наадалааҕын туһунан дакылааттаата. Араас эрэдээк боппуруостары хото биэрдилэр. Ол иһигэр КП аппараата, отделениелар исписэлиистэрэ таах олороҥҥут үрдүк хамнаһы ылаҕыт дуо диэнтэн саҕалаан. Дьэ кэпсэтиигэ киирдибит. Эппит дьон үгүстэрэ бакаа ыһыллыбакка өссө түмсэн, КП тэринэн үлэлиэххэ дииллэр. Аҕыйах үс дуу, түөрт дуу киһи ыһыллан паайбытын үллэстиэххэ диэн чохчойо-чохчойо хаһыытаатылар. Мин кинилэр этиилэригэр отой суолта биэрбэккэ конференцияны салгыы ыытан иһэбин. Ордук Куокунуга ыанньыксытынан үһүс сылын үлэлиир Тойбохойтон кэлбит киһи наһаалыыр. Эмискэ саалаттан Генеров Семён Фёдорович: “Бу Куокуну аатыттан хантан кэлбит киһи саҥарарый?” – диэн бааҕынаата. Киһибит сонно саҥата суох барда. Куоластааһын түмүгэр аҕыйах киһиттэн ураты кэлэктиибинэй предприятиеҕа көһөн үлэлииргэ, Устаабы, Учредительнай дуогабары бигэргэтэргэ, миигин кэлэр биэс сылга дириэктэринэн куоластаабыттара. Бу кырата 300 үлэhиттээх хаhаайыстыбаны тыыннаах хаалларан этэҥҥэ салгыы үлэлиирин, Кириэстээх уонна Куокуну нэhилиэгин дьоно үлэлээх, хамнастаах буолалларын туhугар миэхэ улахан эппиэтинэс сүктэриллибитин өйдөөбүтүм.
Учуонайдарбыт бараары сарсыарда чэйдии олорон, гостиница хаhаайката Нина Ивановнаҕа “салайааччыларгыт улахан муударай дьон эбиттэр” диэн эппиттэрин кэпсээбитэ. Саҥа дьыл иннинэ Нестер Васильевичтыын бырабыыталыстыба аактабай саалатыгар тиийэн Устааппытын, Учредительнай дуогабарбытын бигэргэттэрэн, судаарыстыба бас билэр баайыттан арааран бэйэбит бас билиибитигэр ылбыппыт.
Бастатан туран, Арассыыйаҕа ырыынакка киирии саҕаламмытынан хаһаайыстыбаны ырыынак усулуобуйатыгар уларыта тутар күүстээх дьаһаллар наада буолбуттара. Саха сирин үрдүнэн тыа сирин нэһилиэктэрин барытын толору хааччыйан олорбут үгүс сопхуостар ырыынакка сатаан киирбэккэ моҥкурууттаан ыһыллыбыттара, онон биһиги эмиэ ороскуоппутун күччэтээри (билиҥҥилии оптимизация ыытан), 1993 сыл саҥатыттан ведомственнай детсадпытын, бюджет тэрилтэлэрин сылытар киин котельнайдарбытын, остолобуойбутун, гостиницабытын, баанньыкпытын, баһаарынай депону, ветсулууспаны уо.д.а. билиҥҥилии «непрофильнай активтары” бюджекка биэриини кэмигэр саҕалаабыппыт. Итини таһынан салайар аппараакка каадырдары сааһылаан, улахан сарбыйыыны (сокращение) ыыппыппыт. Быһаччы оҥорон таһаарар салааҕа үлэлиир дьону эрэ хааллара сатаабыппыт.
Чааһынай ыалларга дууһанан сири түҥэтии саҕаламмытынан, Кириэстээххэ Бэкэйи, Эмис Күөлү, Түбэни, Сэрии Киирбити, Моомураны биэрэн баран, Хомустаах, Таалалаах киэҥ ходуһаларын уонна Кыра Табаҕа бааһынатын барытын хаалларбыппыт. Куокунуга чааһынайдарга Элгээни, Куокуну түбэтин, Улахан Табаҕа бааһыналарын быттыгын-хонноҕун, Быйагы аҥаарын биэрбиппит. Боруллуо уонна Улахан Табаҕа бааһыналарын барытын ылбыппыт. Онон бэйэбитигэр сөптөөх 1099 га ходуһаны уонна 2023 га бааһынаны үйэ-саас тухары туһанарга бас билиигэ регистрационнай палататтан сибидиэтэлистибэ ылбыппыт. Элбэх мэччирэҥ сириттэн уонна ыраах сытар үрэхтэртэн аккаастаммыппыт. Онон кэлиҥҥи сылларга ортотунан 1500-2000 тн оту, сөлүөҥкэни, 3000 тн сиилэһи, 700 тн ньэчимиэн бурдугу бэлэмниир этибит. Дьокуускайтан, Хаптаҕайтан сыл аайы ортотунан 200 тн уотурба, Томмоттон 150 тн. эбиэс бурдугу атыылаһан тиэйэн аҕалааччыбыт. Ол иһин сүөһүбүтүн, сылгыбытын сөптөөх нуорманан аһатаары аҕыйатан күһүҥҥү забой кэннэ 1000 төбө ынах сүөһүнү, 800 сылгыны кыстыкка киллэрэр этибит.
Өссө биир түгэни ахтан ааһар наадалаах дии саныыбын. Ол курдук, “Якуталмаз” генеральнай дириэктэрин Сафонов Лев Алексеевиһы сайын ортото субуотаҕа Егоров Борис Сергеевич улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, Куокуну Быйагытыгар Сэмэн оҕонньорго балыктата, сынньата ыҥырбыта. Дьэ биһиги аҕыйахпыт, эрдэттэн аһылык бэлэмнэтэн илдьибиппитин уонна онно миэстэтигэр эт, балык буһаран наллаан аһаатыбыт. Дьоммут күөлтэн собо бөҕөнү ыллылар, өссө киэһэ киһибит өрүскэ, уу тымныы да буоллар, сөтүөлээтэ. Кинилэр үүтээҥҥэ, биһиги балааккаҕа хоннубут. Сарсыныгар эбиэккэ киһибитин Кириэстээх паромугар атаардыбыт. Киһибит астынан аһара үчүгэйдик сынньанным диэн махтанна. Мин кинини урут кылаабынай инженер эрдэҕинэ дорооболоһон билсэр этим. Аҕыйах хонон баран Мииринэйгэ тахсан, биһиги хаһаайыстыбаны “Новай” сопхуос курдук иккис подсобнай хаһаайыстыбанан ыларгар көрдөһөбүт диэн туран, сопхуос төһө ходуһалааҕын, бааһыналааҕын, ынах сүөһүлээҕин, сылгылааҕын, тутуулааҕын, тиэхиньикэлээҕин толору характарыыстыкатын уонна сылга төһө бородууксуйаны оҥорорун, төһө ороскуоттааҕын толору суруйан, Сафонов Л.А. уонна Мииринэй оройуонун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Кириллин Пётр Дмитриевичкэ сайаапка туттартаан кэбиспитим. Балаҕан ыйын саҥатыгар дьоммор сылдьан туох этиилээхтэрин истэбин. Кинилэр олус утарбаттар этэ. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаҕа буккуур саҕаланан аһылык, бородуукта тохтоло суох кэлиэ биллибэт кэмэ этэ.
Балаҕан ыйын бүтэһигэр биһигиттэн управляющайдар, сорох кылаабынай исписэлиистэр буолан улахан дэлэгээссийэнэн тахсан, оройуон баһылыга Пётр Дмитриевич кабинетыгар “Якуталмаз” саламтатын кытта мунньахтаатыбыт. Түмүгэр өрөспүүбүлүкэ уонна улуус дьаһалтата сөбүлэстэхтэринэ ылабыт диэн буолла. Мин кэлэр нэдиэлэтигэр Дьокуускайга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта экэнэмиичэскэй наука дуоктара, Күүкэйтэн төрүттээх Егоров Егор Григорьевичка тиийэн сурукпун биэрэн, барытын кэпсээн биэрдим. Киһим улаханнык утарбата, «Бэрэсидьиэн Михаил Ефимовичка этэн кэрүөм уонна алтынньы ыйга өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтин сессията буолар, онно оройуоннар баһылыктара уонна Сафонов Л.А. баар буолаллар, кэлээр, киэһэ Бэрэсидьиэҥҥэ бары приёмҥа киириэхпит”, – диэтэ. Болдьоммут кэмҥэ профком председателэ Климент Ильичтиин киэһэлик тиийэн, көрүдүөргэ Сафонов Л.А., Кириллин П.Д., Москубаттан кэлэ сылдьар “Алмаззолото” корпорация тойоно Рудаков В.В. уонна Егор Григорьевич буолан, чаас курдук биһиги улууспут баһылыгын кэтэһэ сатаан баран тарҕастахпыт дии. Онно улуус дьаһалтата, бастакытынан, мииринэйдэр Кириэстээх уонна Куокуну сирдэрин былдьаан ылыахтара, иккиһинэн, кириэстээхтэр байан барыахтара, оччоҕуна улуус атын нэһилиэктэрин дьоно күнүүлүөхтэрэ, айдаан тахсыа диэн куттаммыттара быһыылааҕа. Буолбут буоллаҕа дии, билигин кэлэн кими да буруйдуур наадата суох дии саныыбын. Итинник боппуруос тура сылдьыбытын туһунан устуоруйаҕа дьон-сэргэ биллин диэн ахтан аастым. Хата ол сылдьан, Лев Алексеевичтан “ГАЗ-2109” диэн саҥа кэриэтэ крутой “Волга” массыынатын босхо ылан, икки сыл сүүрдэн абыраммыппыт. Ленскэйтэн түөрт чааһынан Кириэстээххэ холку тиийэн кэлэр этибит.
Ити 1992 сыл сайыныгар Нам улууһугар уонна Сунтаар улууһун “Сиэйэ” сопхуоһугар Семёнов Виктор Никифорович дириэктэрдээн олорон, Кытайтан хаппыыста үүннэрэр биригээдэ аҕалан балачча элбэх хаппыыстаны үүннэрбиттэрин туһунан кэпсээн элбэх этэ.
Кытайдарга үлэлэрин иhин МСХ минеральнай удобрениенан төлөспүт үhү. Ол иһин күһүн Дьокуускайга командировкаҕа сылдьан, НМЦ диэн тэрилтэҕэ сылдьан билсиһэн, сотору сүүрбэччэ күнүнэн Кытайга “Лена-речфлот” анал бөлөҕө Хэйхэ-Харбин куораттарынан коммерческай сыаллаах баралларын истэн, миигин ол бөлөххө киллэрэллэригэр кэпсэппитим. Уонна сонно миграционнай кэмитиэккэ тиийэн, загранпааспар оҥорторорго ирдэнэр докумуоннары уонна хаартыскабын биэрдим. Биир ыйынан кэлээр диэбиттэрин нэһиилэ курдары кэпсэтэн эрдэ ылыах буоллум. Кириэстээххэ кэлээт кылаабынай исписэлиистэри кытта сүбэлэһэн баран, Нестер Васильевичтыын дуогабар бырайыагын сүрүн хонтуруолунай сыыппараларын оҥорбуппут уонна «Якуталмаз» сүрүн офиһыгар уруккуттан үчүгэйдик билсэр табаарыстарбар Красноштанов Р.Ф., Демьянов И.К. тиийэн кэпсэтэлээн, кинилэр генеральнай дириэктэр Сафонов Л.А. киирэн поставка дуогабарын саҥаттан оҥорорго сорудах ылан баран отделларга визалата ыыттылар. Биһиги аны кытайдары кытта дуогабар бырайыагын оҥоруунан дьарыктанныбыт.
Сотору Дьокуускай-Благовещенскай көтөн тиийэн, сарсыныгар икки таможняны этэҥҥэ ааһан, Хэйхэҕэ таҕыстыбыт. Сэттэ киһилээх бөлөҕү кытайдар кэтэһэн тураллар этэ. Бөлөх салайааччыта ЛОРП генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Александр Васильевич сүрдээх достойнай киһи, кинилэр биэстэр этэ. Покровскайтан бытовой кэмбинээт дириэктэрэ саастаах нуучча дьахтара уонна мин соҕотох сахабын. Кыра рестораҥҥа аҕалан чэйдэттилэр. Онно арай мас паалкаларынан аһаталлар уонна сүүтүк саҕа үрүүмкэҕэ буокка кута-кута, туос этэ-этэ “комбей” дииллэр, ол аата “до дна” диэн эбит. Нууччаларбыт иһэ сатаан баран кыйаханнылар уонна “гранёнай ыстакаанна уонна биилкэтэ, ньуоската” аҕалыҥ диэтилэр. Онтон дьэ ыстакаанынан кутта-кутта түгэҕигэр диэри түһэрии саҕаланнаҕа дии. Ол түүнү супту айаннаан кыра микрооптуобуһунан сарсыарда Харбиҥҥа тиийэн үс сулустаах гостиницаҕа түһэрдилэр. Кыраныыссаны туораатыҥ да аһылыгыҥ, гостиницаҥ, транспорыҥ ороскуотун көрсөр өттө уйунар эбит, онон барыта босхо. Сарсыныгар, өйүүнүгэр речниктэри кытта үлэлээтилэр. Онтон дьэ мин киһим Хуан Син Хай Тунцзян куораттан икки эдэр экэнэмиис уолаттардаах уонна тылбаасчыт кыыстаах тиийэн кэллэ. Икки күнү быһа дьэ дуогабар түһэрсээри – биһиэхэ 25 кытай кэлиитэ, төннүүтэ, аһылык, олорор дьиэ-уот боппуруоһуттан саҕалаан, ымпыгар-чымпыгар тиийэ кытаанах кэпсэтии, торгуйдаһыы бөҕө буолла. Түмүгэр син уопсай тылы булан, дуогабарга илии баттастыбыт. Онно биир пууну киллэттэрдим – улуус дьаһалтатын тас сибээскэ отдела сөбүлэһэр буоллаҕына, дуогабар күүһүгэр киирэр диэн буолла. Манна кэлэн дуогабары хос илдьиритэн ааҕан-суоттаан баран, дириэксийэ сэбиэтэ сөптөөх эбит диэн быһааран баран, Мииринэйгэ “Якуталмаз” хампаанньаҕа баар телетайпынан сурук ыыттым. Улуус дьаһалтатын отдела сөбүлэһэр диэн. Онно үлэлиир эмээхсиҥҥэ кыра сүөгэй биэрэн, мэлдьи телетайпынан дьоммун кытары босхо кэпсэтэбин, быһаарсабын. Оччолорго электроннай почта, вассаап, суотабай сибээс кэлиэ ыраах этэ. Международнай переговордарга төлөпүөн нөҥүө тылбаасчыт көмөтүнэн кэпсэтии бэрт эрэйдээх буолара.
Саас ыам ыйын бүтүүтэ агроном Максимов В.Н, хозчаас Максимов В.Е. Хабаровскайга көтөн тиийэн баран, поеһынан салгыы айаннаан, Уссурийскай чугаһыгар кыраныыссаҕа Суйфэнхэ куоракка 22 кытайы көрсүбүттэрэ. Поеһынан Нерюнгрига диэри кэлэн баран авиапорка киирэн Сунтаарга диэри ЯК-40 сөмөлүөтү спецрейс быһыытынан сакаастаан, чековай киниискэнэн төлөөн, Сунтаарга кэлэн түспүттэрин, сопхуос ПАЗ-ик оптуобуһунан Куокуну Боруллуотугар кинилэргэ анаан тутуллубут саҥа дьиэҕэ түһэрбиппит. Кинилэргэ анаан утуйар миэстэлэрин, таҥастарын-саптарын, иһиттэрин-хомуостарын, аһыыр бородуукталарын толору эрдэ хааччыйан бэлэмнээбиппит. Онон ханнык да претензия кинилэртэн суох этэ. Кинилэр бырайыактарынан барыларыгар мастарыскыайга саҥа тээпкэлэри оҥортоон биэрбиппит. Уонна биһиги дьоммут эрдэттэн икки улахан теплицаҕа үүннэрбит бэлэм үчүгэй хаачыстыбалаах «Слава» суортаах хаппыыста рассадаларын субуотунньугунан 20 гектарга кэмигэр олордубуппут.
Ол иннинэ сыл аайы муҥутаан 2-тэн 5 гаҕа диэри олордор этибит. Кинилэр этиилэринэн тыраахтарынан бириэмэтигэр уу ыстарыытын толору оҥорбуппут. Нэһилиэнньэни кытта ханнык да конфликт тахсыбатаҕа. Биһиги «Якуталмаз» тэрилтэтин кытта дуогабардаах буолан, кинилэр үлэлэрин күннэтэ хонтуруолга ылбыппыт. Аһара кураан сыллар этилэр. Оннооҕор от үүммэккэ Ньурба, Бүлүү улуустарыттан 100-200 туонна от атыылаһан, сылын аайы бэйэбит массыыналарбытынан тиэйэрбит.
Күһүн балаҕан ыйын ортото эмискэ күүстээх хаһыҥнар түстүлэр. Кытайдарым ыксаан миэхэ тиийэн кэллилэр. Сарсыҥҥыттан быһан, кууллаан, буолаҕа хаалларан иһэргэ сүбэлэстибит. Сүрүнэ хаачыстыбалаах буолуохтаах, онон сымнаҕаһы уонна биэстээх оҕо төбөтүттэн кыраны ылбаккыт диэн кытаанахтык эттибит. Эрдэ ыраастаан бэлэмнэммит 15 тыһыынча куулу уонна пресс быаларын биэрдибит. Үһүс күнүгэр сарсыардаттан баар массыыналары прицептээн уонна сопхуоска баар прицептээх МТЗ тыраахтардары барыларын ыытыах буоллум. Итини таһынан ХДСУ түөрт дуу, биэс дуу прицептээх массыынатын уонна аҕыйах чааһынай массыынаны икки күҥҥэ кэпсэттим.
Кириэстээх спортсаалатын икки өттүттэн ааннарыгар туонналаах ыйааһыннары туруордубут. Биир өттүгэр уонча сопхуос оробуочайдара, иккис өттүгэр элбэх оскуола улахан кылаас уолаттарын биригээдэтин туруордубут. Ыйааһыҥҥа анал дьону анаатыбыт. Күн аҥаарыгар диэри кытайдарбыт кууллары таах элээрдэн тиэйэн испиттэр, онтон киэһэнэн отой сылайан, быстаран, охто сылдьар буолбуттарын ыстаарсайдара быһыта тэбиэлээн туруортаан тиэйтэрэр диэбиттэрэ. Уонтан тахса араас мааркалаах улахан массыыналары прицептээн уонна сүүрбэччэ “Беларусь” тыраахтарынан күҥҥэ хастыыта да сылдьан 320 туонна хаппыыстаны, ол аата 15 тыһыынча кэриҥэ куулу 18 биэрэстэлээх сиртэн икки күҥҥэ таһан кэбиспиттэрэ. Бу киин уһаайба уонна икки отделение бары исписэлиистэрин, мэхэньисээтэрдэрин тэрээһиннээх, дьиссипилиинэлээх үлэлэрин түмүгэ этэ. Онно хас да суоппар уонна тырахтарыыс миэхэ киирэн буолаҕа наһаа элбэх кыратыҥы, дьон сиир кыахтаах хаппыыстатын үлтү тэбистибит диэн хомолтолорун биллэрбиттэрэ. Кытайдар биһиги тиэхиньикэбит элбэҕиттэн улаханнык саллыбыттарын эппиттэрэ уонна 320 туонна хаппыыстаҕа бүтэһиктээх аахха илии баттаабыттара.
Хаппыыста ыйааһынын уйбакка спортсаала муостата онон-манан хотойбутун Игнатьев Иван Николаевич дириэктэрдии сылдьан көтөхтөрөн көннөрбүтэ. Онтон дуогабарга, “Якуталмаз” анал “үллэрии” бирикээһигэр олоҕуран, Мииринэйтэн, Айхалтан, Удачнайтан алмаас тэрилтэлэрэ бэйэлэрин үлэһиттэригэр анаан прицептээх өссө улахан массыыналарынан нэдиэлэ иһинэн тыаһа-ууһа суох тиэйэн ылбыттара. Хаачыстыбатыгар ханнык да претензия киирбэтэҕэ.
Мин тырааныспары дьаһайар вице-бэрэсидьиэн Красноштанов Р.Ф. кытта эрдэттэн кэпсэтэн, Мииринэйдээҕи ОРС-ка Хабаровскайтан сакаастаан бородуукта булларан, ону тиэйэ АН-24 сөмөлүөт ыытар курдук кэпсэппитим. Онон биир-биэс харчыта суох грузовой сөмөлүөтүнэн 22 кытайбытын кытта биир экспедитор дьахтар, мин, Сидоров А.И., Павлов Г.Н. уонна Иванов В.С. буолан көттүбүт. Икки чаас курдук көппүппүт кэннэ арай биир кытай киһитэ туран, сөмөлүөт аанын аһаары тардыалаһан барда. Биһиги ойон туран сутурукпутун көрдөрөн, хаһыытаан нэһиилэ тохтоттубут. Түөрт чаас тохтоло суох көтөн Хабаровскайга тиийэн түстүбүт. Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин кытта эрдэ переговордаһан кэпсэтии быһыытынан анал оптуобус көрсүбүтэ, кытайдарбытыгар уонна биһиги икки киһибитигэр интэринээт хосторугар түһэрэргэ кэпсэппит этилэр.
Сарсыныгар куоракка элбэхтик көрдөөн, биир саҥа карьернай КАМАЗ массыынаны сиэппитигэр укта сылдьыбыт 23 мөлүйүөн солкуобай уу харчыбытыгар атыыластыбыт. Таможняҕа тиийэн, араас докумуон бөҕөтүн икки күнү быһа эриһэн нэһиилэ туттаран, кыраныыссаны туоратарга көҥүл ыллыбыт. Саатар Хабаровскайтан Тунзян куоракка “Ракета” сылдьыбат буолбут кэмэ этэ. Онон ЕАО-ҕа баар Ленинскэйгэ кытайдарбытын илдьэ Афанасий Ивановичтыын поеһынан бардыбыт. Григорий Николаевич Виталий Петровичтыын КАМАЗ массыыналарынан бардылар. Ханна баҕарар курдук, оччолорго итирик-холуочук нуучча уолаттара буолунайдар, кырбаталаан туран харчы ылаары тииһэллэр. Нэһиилэ сыыһа-халты харбатабыт. КАМАЗ-таах дьоммутун эмиэ элбэхтик эриһэн нэһиилэ уҥуор туоруур баарсаҕа олортубут. Бэйэбит киһи элбэҕэ бэрт буолан, дьоммутун илдьэ “Ракетанан” үһүс күммүтүгэр нэһиилэ туораатыбыт.
Афанасий Ивановичтыын үчүгэй гостиницаҕа сытабыт. Күн аайы киэһэ рестораҥҥа банкет буолар уонна биэрэккэ киирэн дьоммутун көрөбүт, отой суохтар. Амур өрүс наһаа киэҥ, унуоргута кыайан көстүбэт уонна элбэх арыылардаах, онон-манан ыраах баарсалар тураллар эрээри, КАМАЗ көстүбэт. Уҥуор Ленинскэй бириистэн начаалынньыгар киирэн, кэпсэппит киһибэр субуоннуубун, ону туораабыттара, тиийэ иликтэр дуо диэн бэйэбиттэн ыйытар.
Кытайдар биир уратыларынан кинилэр абыычайдарын билэр уонна тутуһар, элбэхтик аһыыр уонна элбэхтик арыгы иһэн баран итирбэт киһини аһара убаастыыллар. Биллибэтинэн куоталаһа сатыыр быһыылаахтара. Мин аан бастаан эрэ элбэхтик туос этэн, кыратык арыгы иһэн баран мөлтөөн хаалабын быһыылаах. Оттон Афанасий Иванович маҥнай отой саҥата-иҥэтэ суох олорон иһэр уонна аһыыр этэ. Онтон сыыйа хараҕа уоттанан, тыла-өһө элбээн, дьэ форматыгар киирэр этэ. Кытайдарбыт кинини кытта тэҥнэһэн аһаары, иһээри элбэхтик кэһэйбиттэрэ быһыылааҕа. Кини букатын саха бухатыырын курдуга. Бачча сааспар диэри итинник аһыыр, арыгыны тулуйар киһини көрө иликпин.
Иккиһинэн рестораҥҥа сороҕор 30-40 сантиметр уһуннаах сазан балыгы, биһиги чыырбыт курдугу, буһаран остуол ортотугар уураллар. Онно кытай абыычайынан балык төбөтүн остуол тула олорор дьонтон саамай убаастыыр киһилэригэр хайыһыннараллар, оттон кутуругун иккис убаастыыр киһилэригэр хайыһыннаран уураллар. Бастаан төбөтүн диэки олорор киһи палочканан балык хараҕын ылан сиэхтээх, онтон иккис киһи кутуругун диэкиттэн ылан сиэхтээх. Онтон дьэ һуу диэн атыттар эмиэ сиэн-аһаан саҕалыыллар. Сиэри-туому тутуһан уопсайа үстэ Кытайга сырыыбар элбэх балык хараҕын сиэн турабын уонна кинилэр абыычайдарын убаастыырбын биллэрбитим.
Хайатын КАМАЗ-таах дьоммутун кэтэһиэхпитий, биэс хоноот Тунзяньтан массыынанан күнү быһа айаннаан Дзямусы куоракка тиийэн хонон баран, Сунгари өрүс устун сарсыарда 7 чаастан тохтоло суох айаннаан, күнүс аһаабакка киэһэ 5 чааска диэри улахан “Ракетанан” Хабаровскайга кэллибит. Таможняҕа биһиги иккини РФ гражданнарын көрбөккө да быһа таһаардылар, оттон кытайдары биир чааһынан кэлиэхпит диэн баран атын судноҕа баран хаалбыттара. Төһөҕө таһаартаабыттара биллибэт, таможняҕа хайдах үлэлииллэрин бэйэлэрэ билэр быһыылаахтара.
Гостиницаҕа тиийэн тэлэбииһэри көрбүппүт, Москваҕа Үрүҥ дьиэни тааҥканан ытыалаан, түннүктэриттэн хара буруо бөҕө тахса турара. Дьоммут баарсатын Тунзянь рейдэтигэр биир нэдиэлэ биэрэккэ тиксэрбэккэ туруорбуттар этэ. 320 туонна хаппыыстабыт харчытыгар “Якуталмазтан” икки саҥа КАМАЗ массыынаны хаһаайыстыбабытыгар, биири үлэлэрин иһин кытайдарга, түөрт саҥа МТЗ тыраахтары Майа “Агроснабыттан”, Дьокуускайтан икки саҥа ГАЗ-53 массыынаны кинилэргэ толору саппаас чааһы, биир саҥа Волга-31029 массыынаны атыыласпыппыт. Ордубут харчыны сороҕун хамнаска, сороҕун ГСМ-ҥа уо.д.а. туһаммыппыт.
Сорох дьыала ис дьиҥин билбэт дьон таах кытайдары аҕалан, бэйэбит да сатаан хаппыыстаны үүннэриэ этибит диэн куолулууллара. Кытайдартан үөрэнэн, сыл аайы Куокунуга 10 га, Кириэстээххэ 10 га хаппыыстаны үүннэрэр буолбуппут.
Ити курдук, Арассыыйаҕа «тимир занавес» аһыллыбытын суотугар, 1993-94 сылларга биһиги хаһаайыстыба тас сибээһи салгыы олохтоон Хабаровскай, Ленинскэй нөҥүө Тунзцян куорат тэрилтэтин кытта хардары-таары делегациялары атастаһыыны тэрийбиппит. Ол түмүгэр мин өйдүүрбүнэн биһигиттэн барыта 18 специалист Кытайга тахсан сылдьыбыта. Кытайтан Кириэстээххэ эмиэ кырата түөртэ кэлэ сылдьыбыттара. Бүтэһигэр тэрилтэ салайааччыта нууччалыы кыратык билэр уолун Кириэстээххэ хаалларан үлэлэтэн, ыал буоллун, олохсуйдун диэн хаалларбыта. Аҕыйах ыйынан миграционнай сулууспа булан депортация оҥорбуттара.
1998 сылга диэри солкуобай долларга тэҥнээн 5 эбэтэр 6 солкуобайга турбут буоллаҕына, омук сиригэр сиртэн хостонор баайы – ньиэби, гааһы, чоҕу, алмааһы, алюминийы уо.д.а. атыылыыр хампаанньалар киксэн баран, Арассыыйаҕа солкуобай ыйааһынын түһэрэн, биржаҕа биир күҥҥэ доллар сыанатын 18-24 солкуобайга таһаарбыттара. Онуоха диэри омук сириттэн араас табаардары кытта тыа хаһаайыстыбатын бородууктатыттан сүнньүнэн чэпчэки сыаналаах эт, эттэн араас бородуукта, чэпчэки сыаналаах үүт ас, арыы уонна фрукта буолунай киирэрэ. Оттон соҕурууттан сибиэһэй хортуоска, хаппыыста, араас бытархай култууралар билиҥҥи курдук сөмөлүөтүнэн, массыынанан кыайан тиэллэн кэлбэт этилэр.
Онон биһиги хаһаайыстыбаҕа уонча сыл 2000 сыллаахха диэри хортуоскаттан, хаппыыстаттан, бытархай култууралартан, бурдуктан киирэр выручка 60-70 % ылара. Үүт ыамыттан уонна ынах сылгы этиттэн сыана олус намыһаҕыттан отой кыра үп-харчы киирэрэ. Ол кэмҥэ ханна баҕарар, ол иһигэр Мииринэйгэ, омук бородууктатын кыра сыаналааҕын иһин хамаҕатык ылаллара. Ол суотугар Арассыыйаҕа уонна ол иһигэр Саха сиригэр баар аҥаардас сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар үгүстэрэ моҥкурууттаабыттара.
Биһиги кытайдартан үөрэнэн эһиилигэр хаппыыста үүннэриитигэр ыаллары кытта аренда дуогабарын түһэрсэн үлэлээһини саҕалаабыппыт. Ол курдук, Кириэстээххэ Кыра Табаҕаҕа эмиэ Куокунуга курдук улахан тэпилииссэ туппуппут, быыс күрүө оҥорбуппут, буолаҕа уу ыһар систиэмэтин Куокуну Таалатыгар тойбохойдар таҥан оҥорбут бааһыналарыттан көтүрэн аҕалан тардыбыппыт уонна арассаада үүннэрэр звено тэрийэн үлэлэппиппит. Ыаллар ким биир гааны, сорохтор 0.5 гааны ылан, бэлэм арассааданы бары аймахтарын, табаарыстарын көмөтүнэн сүнньүнэн икки күнүнэн олордон бүтэрэллэрэ. Ууну агроном дьаһалынан сороҕор күн аайы ыстараллара. Сөптөөх уоҕурдуунан хааччыйарбыт.
Сайыны быһа өрөөбөккө күн аайы сыыс отун ыраастаан, буорун сотору-сотору көбүтэн биэрбит ыаллар гаттан 30-тан тахса туонна хаппыыстаны үүннэрэн туттараллара. Арендатордарга хаппыыста атыыламмыт сыанатын 25 % диэри уу харчынан төлүүрбүт.
Ол суотугар ыаллар оҕолорун сайыны быһа үлэҕэ үөрэтэллэрэ, эбии балачча элбэх дохуот ылаллара. Итиннэ даҕатан кэпсээтэххэ, Сунтаар райпообсоюһун бэрэссэдээтэлинэн 16 сыл үлэлээн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үрдүк таһымҥа таһаарбыт улуус кырдьаҕас аксакал салайаачыта, мин күтүөм Данилов Д.Д. биирдэ ыам ыйын бүтүүтэ Куокунуга үбүлүөйгэ баран иһэн, Кыра Табаҕа буолатыгар Кириэстээх бөһүөлэгин 300-тэн тахса олохтооҕо хаппыыста олордуутугар араас тиэхиньикэнэн тахсан субуотунньукка үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрөн сүрдээҕин сөхпүтүн уонна астыммытын туһунан мэлдьи кэпсиирэ.
Үксүн Мииринэйдээҕи ОРС, “АЛРОСА” тэрилтэлэригэр, Светлэйгэ ГЭС тутааччыларга, Чернышевскайга “ВилюйГЭС” уонна УС ЛЭП тутааччыларыгар сыл аайы ортотунан 260-400 туонна хаппыыстаны уонна соччо хортуосканы дуогабарынан атыылыырбыт. Сыл аайы былааннаах үүнүүнү ылаары икки отделениеҕа тэҥ иэннээх сиргэ хаппыыстаны, хортуосканы, бытархай култуураны ыһарбыт. Өскөтө бииригэр үүнүү мөлтөөтөҕүнэ атыныгар үүнүү үчүгэй буолара.
Ол курдук үүт валовай даҕаны, биир ынахтан да ыамыгар, ньирэй уонна кулун ылыытыгар уо.д.а. көрдөрүүлэргэ сыл аайы орто көрдөрүүнү ылааччыбыт. Ол иһин мэлдьи этэбин, төһөнөн тэрилтэ улахан уонна араас салаанан тэҥҥэ дьарыктанар да, соччонон кыра бааллаах долгуҥҥа кыһаллыбат буолар диэн. 2000 сылтан саҕалаан доллар куурса үрдээбитин суотугар омук сириттэн эт, үүт аһылыктар киириилэрэ лаппа аччаабыта уонна сыаналара үрдээбитэ. Онон олохтоох экологическай өттүнэн ыраас эт уонна үүт бородууксуйата хамаҕатык атыыга барар буолбута. Ону кэмигэр сөптөөх судаарыстыбаттан өйөбүл оҥоһуллубакка үгүс хаһаайыстыбалар эрдэ моҥкурууттаан хаалбыттара.
Арай 1997 сыл сайын уу сут буолбута, ол курдук от уонна атырдьах ыйыгар 21-дии күн улахан ардахтар түспүттэрэ. Сир-дойду ириҥэ курдук буолбута, трассаттан туораатыҥ да, тиэхиньикэ төбөтүн оройунан бадарааҥҥа түһэн батыллара. Ыалга да, хаһаайыстыбаҕа да от отой оттоммотоҕо. Арай биһиэхэ сиилэс буолунай симиллибитэ уонна рекорднай 460 туонна хаппыыста үүммүтэ.
Онно тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Сивцев И.С. Мииринэйгэ сөмөлүөтүнэн кэлэн баран, Ботуобуйатааҕы экспедицияттан ылан икки Урал массыынанан Кириэстээххэ кэлбитэ. Аара Бүлүүчээҥкэ үрэҕин туорууругар уута Урал массыына түннүгүн ортотунан буолбутугар аһара саллыбыт этэ. Уонна биһиэхэ кэлэн чэйдии олорон, Чурапчы кураана диэн таах эбит диэбитэ. Ол сырыытыттан тиийэн, Бэрисидьиэн Михаил Ефимовичка, бырабыыталыстыбаҕа балаһыанньаны сөпкө быһааран, ол суотугар суһал дьаһал ылыллан, аҥаардас Сунтаар улууһугар 2000 туонна от киин улуустартан тиэллэрин уонна Алросаҕа В.А. Штыровка 10000 туонна уотурбаны атыылаһан аҕалан, түөрт Бүлүү улуустарыгар түҥэтэрин ситиспитэ. Онно эбиискэ аһылыгы бэлэмнээн эбэн, улууска сүөһү, сылгы маассабай өлүүтэ тахсыбатаҕа. Ол сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр халыҥ хаар түһэн баран ситэ ууллубакка кыһын эрдэ кэлбитэ. Улахан Табаҕа бааһыналарыгар 600 гектарга ыһыллыбыт ячмень бурдукка арааран хомуур барарынан, буолалар барыта охсуллан субурҕаланан баран, хаар анныгар хаалбыттара. Хаар уулуннаҕына хомуйуохпут дии санаабыппыт кыаллыбатаҕа. Куокуну ыаллара хаар анныттан хомуйан бэрт кыраны тиэйбиттэрэ. Дьэ ол иһин Куокунуга уонна Кириэстээххэ баар 800-чэ сылгыбытын анал бирикээс таһааран, Улахан Табаҕаҕа мунньан кыстатарга дьаһайбыппыт уонна биир да туонна оту, бурдугу сылгыга биэрбэтэхпит. Ол кыһын баар сылгы барыта Улахан Табаҕаҕа мустан, аһара бэркэ кыстаабыттара.
Биллэр биричиинэнэн күһүн Мииринэй диэки хаппыыста атыылыыр кыах суох этэ. Төрүөх саҕана муус устар ыйга Бэкэйгэ, Хомустаахха аҕалан, аны тоҥ хаппыыстанан аһатыы буолбута. Сылгы күн сылыйдаҕына хаппыыстаны аһара астынан сиирин көрөн, оройуонтан, өрөспүүбүлүкэттэн кэлэр дьон аһара сөҕөллөрө. Оттон пиэрмэлэргэ ынах сүөһү хара күһүҥҥүттэн үксүн сиилэһинэн уонна хаппыыстанан, бэрт кыра отунан кыстаабыттара. Командировкаҕа кэлэр дьон аһара сөҕөллөрө – хаппыыстанан сүөһүнү аһатарбытын көрөннөр. Ол саас ынах сүөһү туругар даҕаны, төрүөҕэр даҕаны өлүү атын сыллары кытта тэҥнээтэххэ отой аҕыйах буолбута.
1997 сыллаах уу сута буолан, оттуур ходуһалар 70-80 бырыһыаннара уу анныгар хаалбыта. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ, Сунтаар улууһун саламталарын туруорсуутунан, ходуһалар ууларын түһэриигэ 1998 сыл олунньу, кулун тутар ыйдарга “АЛРОСА” хампаанньаҕа дэлби тэптэрэн хоруу оҥорон ууну түһэрэргэ сорудахтаабыттара.
Биһиги хаһаайыстыбаҕа Мииринэй ГОК-га сыһыарыллан үлэтин саҕалаабыта. ГОК дириэктэригэр Леоненко В.Н. киирэн Хомустаах уонна Эмис Күөл уутун түһэрэргэ сайаапка биэрдим. Киһим тута кылаабынай инженерин Юрий Петрову уонна взрывной отдел начаалынньыгын Александр Сергеевиһи ыҥыртаан ылла уонна түргэнник үлэни саҕалаан муус устар 15 күнүгэр диэри үлэни бүтэрэргэ сорудахтаата. Биһиги тутуспутунан тахсан, кылаабынай инженер кабинетыгар үлэбитин былааннаатыбыт. 1982 сыллаах уу сутугар хаһыллыбыт эргэ хорууну кыратык эбэн, сороҕун дириҥэтэн биэрэргэ кэпсэттибит. Бу үлэлэргэ биһигиттэн эппиэттээҕинэн кылаабынай агроном Валерий Николаевич уонна главнай инженер Николай Афанасьевич сыһыарыллан үлэлээбиттэрэ. Мин икки эрэ күн сылдьыһан турабын.
Ол курдук, бастаан Эмис Күөл кытыытыттан саҕалаан, быһа холоон 150 миэтэрэ усталаах томтору туоруур үс миэтэрэ дириҥнээх хорууну оҥорорго былааннаан, ЗИЛ буровой массыынанан үстүү миэтэрэ дириҥнээх, үстүү миэтэрэ икки ардылаах элбэх үүтү хастардылар. Онтон Урал массыынаҕа тиэнэ сылдьар кууллаах взрывчаткаларын куталлар. Дьэ бүтэрэн барытын бэлэмнээбиттэрин кэннэ биһиги кырата икки километр тэйбиппит кэннэ эстилэр. Төннөн баран көрбүппүт — олох даҕаны хоруубут үллэх гынан баран төттөрү түһэн хаалбыт. Онон аттыгар икки ардын икки аҥаар миэтэрэ гынан хос үүттээн уонна взрывчаткатын эбэн биэрдилэр уонна эмиэ эстилэр, дьэ үчүгэй хоруу буолла. Онтон төннөн кэлэн, Хомустаах урукку хоруутун туоруур муоста буорунан маһынан кутуллубутун эмиэ үүттээн дэлби тэптэрдилэр. Биһиги ыраах куотан биэрэн баран кэлэн көрбүппүт – хоруубут үчүгэй эбит, оттон Николай Афанасьевич оттуур сирин күрүөтүн киһи төбөтүн саҕа тоҥ буордар онон-манан модьу баҕайы сиэрдийэлэрин тосту түһэттээбитин көрөн аһара саллыбыппыт.
Дьэ биирдэ Хомустаах иһигэр эбии саҥа хоруу хаһан эһэбит диэбиттэригэр бардым. Скоблов В.А. Т-170 тыраахтарынан Хомустааҕы ортотунан суол астарбыт эбит. Валерий Николаевичтыын Хомустаах ортотугар киирэн, арыылаах алаадьы ууран кыратык баҕа санаабытын эттибит. Бэйэбит икки-үс км курдук тэйэн, Хомустаах ааныттан 200-чэ миэтэрэлээх сиргэ кэлэн көрөн турдубут. Икки Урал массыына биирэ биэс туонна взрывчатка тиэниилээх, иккиһэ кураанах эмиэ биэс туоннаны аҕалбытын барытын куппуттар. Мин уонна Александр Сергеевич УАЗ массыыналарбыт уонна Скоблов В.А. Т-170 тыраахтара. Дьэ эстилэр даҕаны хап-хара тоҥ буор бөҕө кырата биир-икки километр үрдүккэ тоҕо көтөн таҕыста уонна кыра тыал күүһүнэн биһиги диэки кэлэн барда. Дьэ ыксал буолла, сорох сылбырҕа дьон УАЗ массыыналар анныгар элэс гыннылар, сорохтор кураанах Урал анныгар киирдилэр. Мин УАЗ массыынам саппаас көлүөһэтин анныгар саһа сатаатым. Сотору соҕус буолан баран, сутурук саҕа тоҥ буордар кэлэн онон-манан тулабытыгар түстүлэр. Биһигиттэн сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ 5 туонна взрывчатка тиэниилээх Уралга арай арыый улахан буор кэлэн таба түспүтэ буоллар, кырата уонча миэтэрэ дириҥнээх дьаама үөскээн, биһиги бары быыл буолар кыахтаах этибит. Бары аһара салынныбыт уонна баран көрбөккө да, тута дьиэлээтибит.
Кэлин санаатахпына, Хомустаах эбэтин иччитин алаадьынан аһатан, алгыс этэн алы гынаммыт кыратык куттаталаабыт эбит дии саныыбын. Ити оҥоһуллубут хорууларынан Хомустаах уонна Эмис Күөл ходуһаларын уулара балачча түспүттэрэ. Биир саас бириэмэтин көрө сылдьан, сир сүүрбэччэ см ирбитин кэннэ Климент Ильич Скоблов В.А. тыраахтарынан олорсо сылдьан, Сыстаҥ күөлүн уутун уонна Күөнэхтээх үрэҕин сүнньүн ыраастаабыта эмиэ балачча туһалаабыта. Кэлин улууска дьокутааттыы сылдьан, улуус бюджетын суотугар Үөһээ Бүлүү мелиорациятын ПМК исписэлииһигэр Хомустаах уонна Таалалаах күөллэрин уутун түһэриигэ бырайыак оҥорторбутум. Проектировщикка көмөлөһөөччүнэн Хомустаахха Корякин А.В., Таалалаахха Трифонов А.И. сылдьыспыттара. Ол бырайыакка олоҕуран, кэлин Таалалаах күөлүн уутун түһэрэн тураллар.
Ырыынакка киирии бастакы сылларыгар сүөһү иитиититтэн бэрт элбэх эрэйинэн батарбыт эттэн уонна арыыттан отой кыра харчы киирэрэ. Ол иһин үүттэн уонна эттэн аныгылыы аан дойдутааҕы стандарка, ирдэбилгэ эппиэттиир суулаан-хаалаан, атыннык эттэххэ, переработкалаан баран атыыга таһаарар сорук турбута.
Ол иһин “АЛРОСА” региональнай вице-бирисидьиэнинэн үлэлиир Попов А.Т. кытта сүбэлэһэн баран, Европа дойдуларыгар хайдах тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлииллэрин уонна чуолаан переработка боппуруоһунан дьарыктаналларын үөрэтэр сыаллаах үөрэнэр бырагыраамалаах кууруска уон киһилээх бөлөх тэринэн барарга былааннаан үлэни саҕалаатыбыт. Москубаҕа биир международнай куурустары тэрийэр тэрилтэни булан кэпсэтии буолла. Кинилэр эһиги Мииринэйгит, 61 широтаҕа бааргыт, онон Швеция хоту өттүгэр, 61 широтаҕа баар Умео куоракка аграрнай университекка уонча хонукка кууруһу барыҥ диэтилэр. Сыаната 50 тыһыынча доллар. “АЛРОСА” бэрисидьиэнигэр В.А. Штыровка сайаапка суруйбуппутун сөбүлэһэн төлөөн кэбистэ. Онон Анатолий Тарасович бөлөх састаабын талан оҥордо. Ньурбаттан Маалыкайдааҕы сылгы собуотун дириэктэрэ Антонов Н.К., Сунтаартан Тойбохойтон Адам Семёнович биһикки, Ленскэйтэн эмиэ сопхуос дириэктэрэ Переверзин В.Н., “Новай” сопхуостан Спартак Васильевич икки исписэлииһин кытта уонна салайааччынан Анатолий Тарасович бэйэтэ барар буолла. Онон барыта аҕыс буолан олунньу ыйга Москубаҕа көттүбүт уонна Ленинскэй быраспыакка баар “Спутник” гостиницаҕа түстүбүт.
Дьэ арай киэһэ Адам Семёнович биһикки хоспутугар мустан аһаатыбыт. Ас, арыгы арааһа буолунай, түүн хойукка диэри аһаатыбыт. Сорохтор утуйа бардылар, оттон биир табаарыспыт хоһугар отой барбат, өссө аһыахха диир, ардыгар Адам Семёнович оронугар сытар, сотору-сотору сиргэ төкүнүйэн түһэр. Ону ороҥҥо нэһиилэ көтөҕөн бырахтахпытына, син биир суулла турар. Өссө охсуһаары гынаҕыт диэн силбиэтэнэр. Ол иһин кыһыйан киһибитигэр тураары гыннаҕына, эбии арыгы кутан иһэрдэн иһэбит. Оннук сарсыардааҥҥа диэри эрэйи көрдүбүт. Уһуктан айдаараары гыннаҕына, буокка кутан биэрбиппит суотугар күнү быһа утуйда. Киэһэ кэлэн эмиэ бары утуйдубут. Сарсыарда авиапорка киириэххэ диэн туруорбуппут, өссө хонон баран сарсын барыахтаахпыт диэн киһибит мөккүһэр. Онон биир күнүн сүтэрэн турардаах. Олоххо итинник эмиэ буолааччы.
Күнүс Стокгольмҥа икки чаас устата көтөн тиийэн куорат киинин көрдүбүт, киэһэ поезка киирэн утуйан айаннаан, сарсыарда Умео куораппытыгар тиийдибит. Үөрэхпит туһунан кэлин ситэри кэпсиэм. Ол курдук элбэх тэрилтэлэргэ сылдьыбыппытыттан бүтэһигэр “Алфа-Лаваль Агри” диэн сүүстэн тахса сыл устуоруйалаах, билиҥҥэ диэри этэҥҥэ үлэлии турар үүт переаботкатынан дьарыктанар фирма бэрэссэдээтэлэ нууччалыы билэр киһини кытта үчүгэйдик билсэн, Москубаҕа бэрэстэбиитэлистибэлээхтэрин биллим уонна ол киһи нөһүө кэпсэтэн, миигин Москубаҕа Шереметьево авиапордугар көрсүөх буоллулар.
Швецияҕа сылдьан саамай кыһыйбытым диэн английскайдыы билбэппиттэн, отой балык айах, аҥала киһи курдук буолан сылдьаҕын. Оттон Ленскэй совхоз дириэктэрэ Москубаҕа Тимирязевканы бүтэрбит буолан, нэдиэлэ бүтүүтэ толору наадатын кэпсэтэр буолбута, сороҕор таксинан соҕотоҕун баран хаалар этэ. Мин оскуолаҕа немец тылын куһаҕана суохтук билэрим, СГУ-га английскайы эбии анал семинарга үөрэтэ сатаан баран аккаастаммытым. Онон билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ оскуола оҕолоро, ыччаттар эмиэ бары нууччалыы билэрбит курдук, английскайдыы билии булгуччу наадатын өйдүөхтээхтэр эбит.
Авиапорка кэлэн түспүппүтүгэр киһим суох. Сүүрбэччэ мүнүүтэ кэтэспитим кэннэ барыта маҥан кэриэтэ баттахтаах, грузинныы сирэйдээх киһи сүүрүүнэн кэллэ. Билистибит – Сергей Тенгизович Джапаридзе буолабын диэтэ. Нууччалыы, грузинныы, английскайдыы ыраастык саҥарар, Москубаҕа улааппыт, миигиттэн уонча сыл балыс эбит. Аҕата академик, Сэбиэскэй Сойууска племенной үлэни тэрийэн олоххо киллэрбит киһи эбит. Бэйэтэ наука хандьыдаата, АХШ-ка икки сыл олорон үлэлээбит. Фирма кылаабынай менеджерэ эбит.
Авиапортан тута Москуба хоту өттүгэр космонавтар олорор, үлэлиир Королёв диэн куораттарыгар баар офистарыгар уонна базаларыгар бардыбыт. Тиийэн көрбүтүм – ханнык эрэ моҥкурууттаан эстибит собуот базатын атыылаһан, офистарын, ыскылааттарын уонна сорох объектарын Швеция стандартыгар сөп түбэһиннэрэн, анал бырайыагынан уонна матырыйаалынан оҥорбуттар уонна салгыы оҥоро сылдьар эбиттэр. Онно үксэ эдэр, соторутааҕыта үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, маҥан ырбаахылаах, хаалтыстаах уолаттар уонна кыргыттар үлэлииллэрэ уонна бары английскайдыы холкутук кэпсэтэр эбиттэр. Арассыыйаҕа хас да аарыма улахан үүт переработкалыыр собуоттары оҥорбуттар. Мин наадыйар күҥҥэ биэс туоннаҕа диэри үүтү переработкалыыр мини-собуоту хаһан да оҥоро илик буолан биэрдилэр. Бырайыактыыр отделга Швецияҕа баар бырайыактыыр тэрилтэни кытта сибээстэһэн, түргэнник оҥорорго сөбүлэстилэр.
Миигин ааттаах үчүгэй “Вольво” массыыналарынан Сергей Тенгизович Подмосковьеҕа баар элбэх хаһаайыстыбаларга кинилэр оҥорбут ынах ыыр установкаларын, опытнай фермерскэй хаһаайыстыбаларын, Клинскэй куоракка баар үүт переработкалыыр собуоттарын көрдөртөөтө. Сороҕор Чехов куоракка олорор наладчигынан үлэлиир, инженер-механик үөрэхтээх хоту өр соҕус сопхуоска кылаабынай инженеринэн үлэлээн кэлбит Андрей Косоруков илдьэ сылдьар. Москубаҕа массыынанан тохтоло суох икки чаас айанныыр сиргин отой чугас сир диир эбиттэр. Сарсыарда аайы “Спутник” гостиницабыттан ылаллар уонна киэһэ аҕалаллар.
Мин Мииринэйинэн Кириэстээхпэр кэллим. Онтон кулун тутар ыйга Сергей Тенгизович биһиги мини-собуот оҥоруохтаах кормокуукунабытын көрө, кэмнии уонна хаһаайыстыбаны билсэ кэллэ. Кини кэлиэн иннинэ иһигэр баар кормосмесители, оһохтору уо.д.а. бөхтөрү быһыта сыбааркалаан, ыраастаан сыбаалкаҕа быраҕаттаатыбыт. Мииринэйгэ сарсыарда эрдэ кэлэн гостиницаҕа тохтообут. Наадалаах тэрилтэлэрбэр сылдьан баран, эбиэт кэннэ киһибэр кэллим, кыратык утуйан ылбыт. Эрдэ ичигэстик таҥнаар диэн төлөпүөнүнэн сэрэппитим үрдүнэн, иһинэн биир чараас соҕус ыстааннаах. Ол иһин хайыахпыный, иһинэн баар биир чараас ыстааммын устан киһибэр кэтэттим, киһим бачыыҥканан сылдьар. Таһырдьа 40 кыраадыс тымныы этэ. Волга массыынабытынан икки чаас айаннаары иккиэн дэлби тоҥнубут. Киһибин сылааска дьиэбэр хоннордум даҕаны тоҥмута түргэнник ааспат эбит. Сарсыныгар комплекска сырытыннардым уонна кормокуукунаны сантиметрыгар диэри кэмнээтилэр. Дуогабар бырайыагын – 192 тыһыынча доллар суумалааҕы дьүүллэһэн баран хаалларда. Биһиги бэйэбит этиилэрбитин киллэттэрдибит. Ол курдук, бастакы транш 70 %, онтон түмүгэр бүтэһиктээх тутар акт кэнниттэн 30 % төлүүргэ сөбүлэстибит. Киһибит сарсыныгар төттөрү көттө.
Дуогабарым бырайыагын илдьэ куоракка көттүм. Миниистиргэ киирэн барытын кэпсээн, дуогабар бырайыагын көрдөрөн, кирэдьиит ыларга сайаапкабын биэрдим. Киһим «Туймаада» ФАПК Ноттосов Д.А. визалаан быһаарыс диэн ыытта. Мин Дмитрий Алексеевиһы урут сэбиэскэй саҕаттан билсэр киһим этэ. Кини көрөн баран, бу дуогабарга баар мини-собуоту уонна хаһаайыстыба кирэдьиитин төлүүр кыахтаах дуо диэн сыныйан үөрэтэргэ анал учуонайдартан, МСХ, ФАПК исписэлиистэриттэн турар хамыыһыйа тэрийэбин, ол хамыыһыйа туох дииринэн барыа диэтэ. Мин аҕыйах билэр дьоммор балаһыанньаны билиһиннэрэн баран эмиэ дьиэлээтим. Сотору-сотору төлөпүөннээн билсэ олоробун. Хамыыһыйа быһаарыытынан мин бырайыакпын сөбүлэстэ диэн буолла. Онон мин Москубаҕа Королёв куоракка тиийэн, “Альфа Лаваль Агри” Арассыыйатааҕы салаатын дириэктэрэ швед киһитэ Андрес Норены кытта дуогабарга илии баттастым.
Онтон кэлэн кэнники сылларга таас тутуунан дьарыктанар Мелешкевич тэрилтэтин Сунтаардааҕы салайааччыта Титовтыын кормокуукуна дьиэтин шведтэр бырайыактарынан биһиги матырыйаалбытынан оҥорорго биир бииргэ олорон кэпсэтэн, Мелешкевичкэ эппэккэ эрэ оҥорорго сөбүлэһэн илии тутустубут. От ыйыгар уонча киһилээх белорустар биригээдэлэрэ кэлэн, аһара түргэнник, хаачыстыбалаахтык, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир курдук иһин, таһын, канализациятын, күрүөтүн киллэрэн туран, барытын оҥорбута.
Мин “АЛРОСА”-ҕа эрдэ сылдьан, вице президент Красноштанов Р.Ф. кытта эрдэттэн мини-собуоппут оборудованиета Швецияттан оҥоһуллан кэллэҕинэ, Москубаттан Мииринэйгэ ИЛ-76 грузовой сөмөлүөтүнэн аҕаларга кэпсэппитим. Дуогабарга баар графикка олоҕуран, атырдьах ыйын ортото кэргэним Валентина Афанасьевна уонна арыы сыаҕын маастара Лидия Никитична буолан Москубалаатыбыт. Сергей Тенгизовичтыын сарсыныгар Клинскэй куоракка таһаарыылаахтык үлэлии турар үүт собуотугар илдьэн Лидия Никитичнаны стажировкалата хааллардыбыт. Биһигини сопхуос дириэктэрэ приемнаан үчүгэйдик аһатта, бэйэтэ хомуньуус эбит. Борис Ельцини олус үөҕэр. Дойдуну ыста, ордук тыа хаһаайыстыбатын эстэ диир.
Биһиги собуоппут оборудованиетын Королёв куорат базатытыттан Москуба хоту өттүгэр баар Медведково метро станциятын чугаһыгар баар “Алроса” базатын территориятыгар полуприцептээх Камаз массыынанан габариттаах баҕайы таһаҕаһы толору тиэйэн, икки күнү супту үлэлээтибит уонна аах быһыытынан туттардыбыт. Итини таһынан, үүт промышленноһын институтугар сылдьан, сыл аҥаарыгар тиийэр кефир уонна йогурт закваскатын, биир фирматтан араас ароматизатордары атыыластыбыт.
Лидия Никитична стажировкатын толору баран Москубаҕа кэлбитэ, онон Мииринэйинэн эмиэ дьиэлээтибит. Балаҕан ыйын ортотугар “Алросалар” грузовой сөмөлүөтү көрсүҥ диэбиттэригэр, Мииринэйгэ икки полуприцептээх Камаз массыынанан ЗИЛ-131 кунг, газель уонна икки хас УАЗ фургон массыыналарынан тахсан, авиапорт территориятын иһигэр киирэн, ИЛ-76 сөмөлүөттэн толору тиэнэн кэллибит. Мин биир сылга тиийиэ диэн суоттаан аҕалтарбыт үүт, сүөгэй, йогурт, кефир тетрапакеттарым сороҕо хас да сыл барбыта.
Биһиги таһаҕаспыт габариттаах буолан, отут туоннаны тиэнэр сөмөлүөт аҥаарын ылбыт этэ. “Алроса” үс улахан грузовой сөмөлүөттэрэ төттөрү бараары бастаан Пекинҥэ тиийэн, толору фрукта тиэнэн, харчы өлөрөн Москубаҕа тиийэллэр эбит этэ.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ дуогабарга олоҕуран үүт собуотун таҥан үлэлэтээри Швецияттан кырдьаҕас инженер Аттерфорш салайааччылаах, Косоруков Андрей, Коробов Андрей, биир электрик уол буолан кэлэн, механизатордар дьиэлэрин гостиницатыгар сытан, биир ыйы быһа өрөбүлэ суох үлэлээн таҥан бүтэрбиттэрэ. Аһылыктарын Нина Ивановна бэлэмниирэ. Биһиги механигынан уонна наладчигынан үлэлиэхтээх Скоблов В.А., Кириченко В.А. уонна Максимов В.Н. хара бастакыттан кинилэри кытта бииргэ үлэлииллэрин, үөрэнэллэрин ситиспиппит. Кырдьаҕас оҕонньор шуга бара турдаҕына өрүс биэрэгэр киирэн туран, бу түҥкэтэх, суола-ииһэ суох сиргэ кэлэн өлөр киһи буоллум быһыылаах диэн муҥатыйда диэбиттэрэ.
Сэтинньи ый 10-нун диэки өрүһү муус үрдүнэн УАЗик туоруур буолтун кэннэ мини-собуоту толору таҥан бүтэрэн бастакы бородууксуйаны оҥорон көрдөрдүлэр. Онон бүтэһиктээх аах оҥорон илии баттаан, дьоммутун Мииринэйинэн атаардыбыт.
Дьэ онтон сэтинньи 17 күнүгэр Сунтаартан, Мииринэйтэн элбэх киһилээх, ол иһигэр улуус баһылыга Петров А.И., Москубаттан фирма солбуйааччы бэрисидьиэнэ швед киһитэ кыттыылаах улахан малааһын оҥорбуппут. Онно аһыы олорон, биһиги уруккуттан табаарыспыт, Ботуобуйа экспедициятын солбуйааччы начаалынньыга Шаталов Н.П. бу Швецияҕа баран Горн Егорович эрэ үөрэммит, үлэлээбит, оттон Спартак Васильевич уонна Адам Семёнович маҕаһыыны кэрийбиттэр уонна дьахтардыы сылдьыбыттар быһыылаах диэн күллэртээбитэ.
Муус устар ый бүтүүтэ дуогабар илии баттанан, биэс ый буолан баран үүт собуота үлэҕэ киирбитэ. 1996 сылтан саҕалаан сыллата Москуба Королев куоратыттан биир сылга тиийэр тетрапакеттары, араас расходнай матырыйааллары, закваскалары, ароматизатордары, араас хаһаайыстыбаҕа наадалаах тэриллэри, саппаас чаастары иккилии, үстүү туоннанан Мииринэй ОРС таһаҕаһын курдук оҥорторон аҕалар идэлэммитим. Атын специалиһы ыытыахпын баҕарбытым да иһин, бары куттанан аккаастыыллара.
Мииринэйдээҕи ОРС кытта эт, арыы, хортуоска уонна хаппыыста сыл аайы туттарарга дуогабардаах этибит. Хардарыта аахсыы суотугар ыскылааттары кэрийэ сылдьан, араас бородуукта, табаар арааһын, арыгытыгар тиийэ сайаапканан толору ыларбыт. Мииринэйдээҕи ОРС дириэктэрдэрин Куокуну Быйагытыгар, сорохторун Мэйиккэ илдьэн балыктатан, бултатан ыкса билситэлиир этим. Оччолорго авиа хараһыын сыаната чэпчэки буолан, авиабилет уонна авиагруз тариба кыра этэ. Билигин үүт собуота үлэҕэ киирбитэ 24 сыл ааста даҕаны, биир да күн өрөөбөккө, этэҥҥэ алдьаммакка-кээһэммэккэ үлэлии турар.
Манна эбэн кэпсээтэххэ, 1996 сыл сэтинньи ый бүтүүтэ Дьокуускайга Опера уонна балет театрыгар Бэрисидьиэн Михаил Ефимович Николаев 60 сааһын туолар үбүлүөйүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрин мунньаҕа буолбута. Онно мин былдьаьан туран сунтаардар ааттарыттан тыл эппитим. Арассыыйаҕа балаһыанньа уустук да буоллар, Саха сиригэр син үп-харчы уонна валюта баар быһыылаах. Ол курдук, бу саамай кытаанах, уустук кэмҥэ баһаам элбэх үбү-харчыны ороскуоттаан, илин эҥээр улуустарга Өлүөнэ өрүстэн уу хачайдыыр турбалары туттугут. Медицинскэй киини тутарга 62 мөлүйүөн доллар, Ийэ уонна оҕо киинин тутарга 186 мөлүйүөн доллар ороскуоттаатыгыт. Онон сибээстээн, быһа холоон өрөспүүбүлүкэ 100-150 арыый бөдөҥ нэһилиэктэригэр омук сириттэн биһиэхэ Кириэстээххэ тутуллубут курдук үүт, эт эбэтэр балык переработкалыыр биирдии мини-собуоту атыылаһан аҕалан тутарга баара-суоҕа 20-30 мөлүйүөн доллары олохтоох переработкалыыр тэрилтэлэргэ кирэдьиит буолбакка, босхо тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ороскуоттуургар көрдөһөбүн диэбитим. Ону Михаил Ефимович сөбүлээбэккэ, эн Мииринэйтэн ханнык баҕарар томторго тахсан тугу эрэ гыннаххына халыйан тиийэр сиргэ олороҕун эрээри айдаарыма диэх курдук эппитэ уонна миниистиргэ миигин үлэтиттэн уурат диэбит этэ. Миниистир оробуочайдар быыбардаан эрэ ууратар кыахтаахтар диэн быһаарбыт.
Дьиҥэ Михаил Ефимовиһы кытта тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир кэмигэр 1984 сыллаахха саас ыам ыйыгар Байкал күөл кытыытыгар баар санаторийга уонча күн бииргэ түбэһэн сынньаммыппыт. Мин Маар Күөлгэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этим. Хаста да 70 км-даах Иркутскай куоракка “Волга” массыынанан киирэн тахсыбыппыт. Арай биирдэ өрөбүлгэ Ньукуолун таҥара күнүгэр санаторийтан биэс километрдаах Листвянка бөһүөлэгин таҥаратын дьиэтигэр бырааһынньыкка барыах диэтэ. Сатыы тиийдибит. Онтубут Иркутскайтан кэлэн Дальнай Восток архиериейа бэйэтинэн кэлэн молебен оҥоро сылдьар эбит. Биһиги анньыһан чугаһаатыбыт. Ол сылдьан киһибит сибэтиэй уунан ыһыахтаммытыгар саамай элбэҕэ биһиэхэ түбэстэ. Иккиэн үөрэ түстэхпит дии. Төннөн иһэн маҕаһыынтан буокка ылаары киирбитим, барыта кыһыл эрэ арыгы баар. Онон кураанах төнүннүбүт.
Манна даҕатан эттэххэ, кэнники сылларга омук сириттэн, киин уобаластартан араас боруода ынахтары аҕалан, саҥа ыанньык комплекстары тутан баран, туох баар ороскуотун, сүөһү атыылаһыытын, аҕалыытын, комплекс тутуутун сууматын олохтоох ПК-га 70-80 бырыһыанын кирэдьииккэ ыйааннар мертворожденнай тэрилтэлэри тэрийэҕит диэн мэлдьи тыл этээччибин. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар барыта 100 бырыһыан судаарыстыбаннай инвестиция буолуохтаах этэ диэн туруорсааччыбын. Үгүс саҥа тэриллибит хаһаайыстыбалар кирэдьииккэ батыллан моҥкурууттаабыттарын, холобур, Намҥа “Модут” ПК курдук, саламта билигин кэлэн саҥа өйдөөн эрэр.
Биһиги собуоппут туһунан хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалар тахсаннар, араас дэлэгээссийэлэр сылдьаннар, биһигини батыһан, “Новай” сопхуоска, Мииринэйгэ үүт собуотугар, Удачнай үүт собуотугар уонна Үөһээ Бүлүү Ороһутугар саҥа оборудованиелары атыылаһан туруорбуттара. Итини таһынан итальянскай үүт собуотун үс улууска – Бүлүү, Кэбээйи уонна биирин умнубуппун, ФАПК нөҥүө атыылаһан оҥорбуттара. Олор бары уһаан үлэлээбэккэ араас биричиинэнэн ыһыллыбыттара быһыылааҕа. Тоҕо диэтэххэ, мин курдук сыллата Королёв куораттан араас саппаастары, расходнай матырыйааллары, закваскалары уо.д. а. аҕалар киһилэрэ суох этэ уонна хара бастакыттан уһуннук, олохсуйан үлэлээбит механиктара, наладчиктара суоҕа улахан оруоллаах дии саныыбын.
Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Сунтаарга кэллэҕинэ мэлдьи Кэмпэндээйигэ тахсар этэ, оттон биһиэхэ Кириэстээххэ биирдэ даҕаны кэлэ сылдьыбатаҕа хомолтолоох. Онуоха, мэлдьи буоларын курдук, мин толкуйбун, санаабын толлубакка, куомдьаарбакка, аһаҕастык, малтаччы этэр быһыым-майгым уонна коллективнай тэрилтэлэри сөбүлээбэтэ мэһэйдээбит буолуохтаах дии саныыбын.
Өссө эбэн кэпсээтэххэ ФАПК-ҕа харчы суоҕунан Саҥа дьыл иннинэ иккис траншы төлөөбөккө хаалбыта. Онтон тохсунньу ый бүтүүтэ Сергей Тенгизович фирма бэрисидьиэнин Норены илдьэ Дьокуускайга кэлбиттэр уонна ФАПК салайааччыта Д.А.Ноттосовы кытта көрсөн, биһиги собуоппут харчыта бириэмэтигэр төлөммөтөҕөр уонна инфляция суотугар эбии 70 тыһыынча солкуобайы төлүүргэ туруорсубуттар. Ону кини анал хамыыһыйа уонна Горн Егорович сөбүлэстэҕинэ эрэ төлүүбүн диэбит. Ону миэхэ киэһэлик төлөпүөннээбиттэригэр, Мииринэйгэ Борис Сергеевичкэ эрийэн, хампаанньа бронун суруйтардым уонна сарсыарда 8 чааска көтөр сөмөлүөккэ тиийэн куоракка көттүм. «Стерх» гостиницаҕа тиийбитим – дьонум суохтар, ханна эрэ таксинан барбыттара диэтилэр. Ону мин сэрэйэн ФАПК-ҕа тиийдим, дьонум эмиэ элбэх баҕайы буолан мунньахтыы олороллор, төлүүбүт дуу, суох дуу диэн. Миэхэ тыл биэрдилэр. Ону мин бу хампаанньа дуогабарын чуолкай толордо, инфляция тохтоло суох бара турар. Кирэдьиити син биир мин төлүүбүн, уон бырыһыаҥҥа тиийбэт эбиллэр, онон төлүөххэ диэтим. Дьонум бары тыҥаан олорбуттара, дьэ, һуу гына түстүлэр. Нореннаах сарсыарда тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр приёмҥа киирэн, эбии үүт собуотун уонна ынах ыыр установка атыылыырга былааннарын кэпсээбит этилэр. Кинилэр сарсыарда 5 чааска Москубаҕа көтөр билиэттээх эбиттэр.
Халлаан олус тымныы – 55 кыраадыс, туман да туман. Мин МСХ гостиницатыгар миэстэ ылан баран, киэһэлик дьоммор «Стерх» гостиницаҕа бардым. Дьонум миигин люкс нүөмэргэ үөрэ-көтө көрүстүлэр, эрэстэрээнтэн аһылык, арыгы аҕалтаран үчүгэйдик аһаатыбыт. Түүн икки чааска таксинан порка киирэбит диэн утуйбатылар. Ол бириэмэҕэ куоракка итирик-кутурук, бандитизм саамай муҥутаан сайдан турар кэмэ этэ. Онон мин киэһэ хойут уулуссаҕа соҕотоҕун тахсыахпын куттанан, манна утуйан баран гостиницабар сарсыарда барыам диэтим даҕаны, биир ороҥҥо кэпсэтэ сытан быстаран утуйан хаалбыппын. Уһуктубутум – дьонум суохтар. Кэлин Сергей Тенгизович кэпсииринэн, порка тиийбиттэрэ, рейстэрин халлаан тымныытынан тохтоппуттар, онон итиннэ болуоссат нөҥүө гостиница баар, онно тахсан хонуҥ диэбиттэр. Арай таһырдьа тахсыбыттара – ынырык тымныы үһү, чараас истээх ыстааннаах, бачыыҥканан сылдьар дьон үлтү тоҥмутунан барбыттар. Туман буолан уонча эрэ миэтэрэ барыгылдьыйан көстөр үһү. Хайыахтарай, 50-ча миэтэрэ барбыттарын кэннэ балачча ыраах туох эрэ барыйан турарын көрбүттэр. ёТөттөрү бардахпытына тиийэр кыаҕа суохпут чуолкай этэ”, – диир Сергей. Киһим хараҕын көрбүтүм – отой бааньыкалаабыт этэ диир. Өскөтүн ити дьиэ гостиница буолбатах буоллаҕына, тоҥон өлөбүт дии санаатыбыт даҕаны, хата салгыы баран гостиницаҕа киирэн өлбөтөхпүт диэн мэлдьи кэпсэл оҥостубут этэ.
Онон биһиги дуогабарга олоҕуран, доллар куурсугар сөп түбэһиннэрэн, «Туймаада» ФАПК-тан 1 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай кирэдьиити ыллыбыт, үс сылга бырыһыана эбиллэн, мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобайы төлүөхтээхпит. Улуус баһылыга Петров А.И. кытта кэпсэтэн, САПИ дивидеҥҥэ улууска биэрэр биир бырыһыан харчытыттан аҥаарын 600 тыһыынча солкуобайы төлөтүөх буоллум. Онтубун сылы быһа Тумусов Ф.С. нэһиилэ эриһэн ыллым. Онтон 600 тыһыынча солкуобай оҕуруот аһын хас да сыл туттаран, “Алроса” биэксэллээхпитин биэрдибит, ордугун расчётнай счёппутуттан выручкаттан үс сыл иһинэн төлөөбүппүт.
Оччолорго анал бородуукта таһар “Газель” фургон массыына мээнэ атыыламмат, онон собуотуттан атыылаһан перегоннаан аҕалбыппыт. Соҕуруу рэкет, бандитизм трассаҕа аһара муҥутаан сайдан турар кэмэ этэ. Биһиги икки суоппары ыыттыбыт уонна кэлэллэригэр ойуур иһигэр хонон тохтообокко кэриэтэ түүннэри айаннаан нэдиэлэнэн кэлбиттэрэ. Хас куорат аайыттан телеграмма биэрэн иһэллэрэ.
Онон упаковкаламмыт үүт, сүөгэй, йогурт, кефир анал дьааһыктарга угуллан, Мииринэйгэ күн өрүү-өрүү толору тиэллэн барара. Онтон саас уонна күһүн Бүлүүчээҥкэ уонна Ботуобуйа үрэхтэрин ууларын кэстэрэн туоруурга МТЗ мотордаах ЗИЛ-131 фургон массыынанан тиэйэр буолбуппут. Сунтаар өттүгэр дьон харчыта суоҕунан атыылаабат этибит.
Мииринэйгэ бастаан саҥа тутуллубут гараас курдук ырыынакка миэстэ ылан атыылаабыппыт, онно сороҕор биир күн 50 дьааһык аҥаардас үүт атыыланар этэ. Кэлин эт собуота оҥоһуллубутун кэннэ “Темп” маҕаһыыҥҥа толору ирдэбилгэ эппиэттиир оборудованиены Новосибирскайтан аҕалан, күн аайы үлэлиир анал киоска аһан үлэлэтэри ситиспиппит. Итини таһынан сылга хаста даҕаны “Темп” маҕаһыыҥҥа, саҥа тутуллубут ырыынакка эбэтэр телевышка анныгар баар аһаҕас былаһааккаҕа улахан дьаарбаҥка атыытын тэрийээччибит. Онно барарбытыгар эрдэттэн тэринэн араас бородууксуйаны бэлэмнээн, тус-туһунан подотчёт ылан, күргүөмүнэн, кырата сүүрбэччэ буолан, атыыһыттар, грузчиктар санитарнай киниискэлээх, спецтаҥастаах тахсан атыылаан киирээччибит. Барыахпыт биир-икки күн иннинэ куорат араадьыйатын бастыҥ ыытааччытыгар бородууктанан төлүөх буолан рекламалатар этибит. Бары исписэлиистэри, ол иһигэр дьахталлары, ырыынак усулуобуйатыгар бары үчүгэй атыыһыт буолуохтааххыт диэн ирдэбил туруорааччыбын.
Мииринэй СЭС-тэрэ уонна ветсулууспата ирдэбиллэрэ аһара кытаанах этэ. Куорат главнай ветеринарнай враһа Щукель иккитэ, СЭС солбуйар начальнига биирдэ бэйэлэринэн Кириэстээххэ киирэн молокозаводу уонна комплексаны бэрэбиэркэлээн, илэ харахтарынан көрөн баран, күн аайы маннык үлэлиир буоллаххытына ханнык да претензиябыт суох диэбиттэрэ. Биһиги тентовай КАМАЗ, фургон ЗИЛ-131, бортовой УАЗ уонна кырата 6-7 араас фургон УАЗ-иктар, барыта уонча массыынанан тахсааччыбыт. Кырата күҥҥэ 200-300 тыһыынча солкуобай суумалаах бородууксуйаны атыылыыр этибит. Оччолорго ити элбэх харчы этэ. Күһүөрү “АЛРОСА” бухгалтериятыттан үүт собуотун провоһун 182 тыһыынча солкуобайы төлөөҥ диэн счёт кэллэ. Ону туппутунан вице-президеннэр Красноштанов Р.Ф. уонна Попов А.Т тиийдим уонна төлүүр кыаҕым суох диэн быһаардым. Сотору уочараттаах бырабылыанньаҕа ороскуоту хампаанньа бэйэтигэр ылынар диэн уураах тахсыбыт этэ.
Ити 1996 сыллартан саҕалаан Арассыыйа үрдүнэн уу харчы аҕыйаан, ордук бюджет үлэһиттэрин хамнаһа сылы сылынан хойутаан кэлэрэ. Ол бириэмэҕэ ордук сайыҥҥы бириэмэҕэ үүт ыанара элбэҕинэн, молокозавод үлэһиттэригэр ыйга 500 тыһ. солк суумаҕа арыы уонна упаковкалаах үүт бородууксуйатын атыылаатахтарына биир убаһа бириэмийэ биэрэргэ бирикээс таһаарбыппыт түмүгэр, сайыҥҥы өттүгэр ый аайы бириэмэтигэр үлэһиттэргэ хамнас биэрэргэ проблема суох буолбута.
2002 сылга диэри, кырата уонча сыл устата, биһиги үлэһиттэрбит орто хамнастара бюджет үлэһитин хамнаһыттан үрдүк этэ. Ол суотугар биһиэхэ үлэлиир дьахталлар урутаан шуба кэппиттэрэ да туоһулуур.
1997-98 сылларга быһыылааҕа, аан дойду элбэх судаарыстыбаларыгар туһаныллар экологияҕа туһалаах бастыҥ опыты олоххо киллэрэн Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайыгар биир бааһынай хаһаайыстыбаҕа, онтон кэлин ЯГСХ-ҕа ынах сааҕыттан биогазовай установка туруоран үлэлэтэн метан гаһынан аһылык буһарар уонна саамай наадалааҕа гаһыттан араарыллан бастыҥ биоорганическай удобрение оноһуллар эбит диэн Сиэйэттэн төрүттээх бырааттыылар хаһыатынан уонна телевизорынан республиканы аймаабыттара. Манна тиийэн кэлэн эһиэхэ улахан установка оҥорон водораздатчигынан удобрениены бааһыналарга тиэйэн киллэриэххэ уонна киилэлээх, киилэ аҥаардаах тетрапакеттарга кутан нэһилиэктэргэ уонна Мииринэйгэ атыылыахха сөп эбит диэн дирекция сэбиэтигэр боппуруос киллэрдилэр. Сатаннаҕына пакеттаах үүтү атыылыыргыт курдук элбэх харчы киллэриэххитин сөп диэтилэр. Биһиги элбэх үп-харчы ороскуоттаммат, улахан сүтэрэрбит суох, барыта манна баар матырыйаалынан миэстэтигэр инженернай отдел оҥорор кыахтаах эбит диэн сөбүлэстибит.
Онон комплекс уонна телятник икки ардыгар туһаныллыбакка турар 75 кууптаах цистернаны миэтэрэ үрдүктээх атахха туруоран стекловатанан таһыттан бүрүйдүбүт. Иһигэр турбалары ыытан ититэр системаҕа холбоотубут, ортотунан ынах сааҕын уунан убатан буккуйар лопастары оҥордулар. Биогазовай установканы бырайыак быһыытынан сваркалаатылар. Тутуу отдела түргэн кэминэн 5х7 миэтэрэлээх дьиэ иһигэр цистернаны миэтэрэ үрдүккэ туруоран тутан кэбистилэр. Комплекс иһиттэн шнековай насоһунан ТСН дьаамаҕа аҕалбыт сааҕын бырахтаран сылаас система уутуттан убатан 50 кыраадыска диэри сылытар наада эбит. Балачча өр эриһэн барытын ситэрэн удобрениебытын ылан Сунтаарга, Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ анализка ыыппыппыт. Түмүгэ үчүгэй диэн буолла. Кыһын улахан тымныыга онон-манан тоҥон эрэйдиир, аны тымныыга водораздатчик тоҥон үлэлээбэт. Упаковкалыыр кыахпыт эмиэ сатаммата. Уһун тымныылаах, халыҥ хаардаах Саха сиригэр обслуживаниета эрэйдээх уонна барыыһа суох эбит диэн тохтообуппут. Оччолорго ууну кутар пластиковай бытыылканы оҥорор оборудование ылыахпыт ыраах этэ. Онон ити бырайыакпытын эрдэ үчүгэйдик, ситэ толкуйдамматах буолан тохтоторбутугар тиийбиппит.
Биһиги хаһаайыстыбабыт бизнес былааҥҥа олоҕуран Саҥа дьылга 1000 ынах сүөһүлээх, 800 сылгылаах буолааччыбыт. Онтон ордугун күһүн эт тоҥно даҕаны сыл аайы Сунтаар, онтон кэлин Тойбохой буойуналарыгар 220-250 төбө ынах сүөһүнү уонна кырата ортотунан 300-чэ убаһаны тиэйэн илдьэн забойдуурбут уонна туох баар хаанын, ис буотарактарын, төбөлөрүн, туйахтарын, төттөрү тиэйэн аҕалан, сууйан-сотон, упаковкалаан, кыһыны супту үксүн Мииринэйгэ атыылыырбыт.
Оттон ынахпыт уонна убаһабыт этэ оротунан күһүн аайы 50 туонна тоҥ эт буолара. Мин дириэктэринэн үлэлээбит 15 сылбар кырата 750 туонна тоҥ эти атыылаатахпыт буолуо. Эппитин төһө да себестоимостан кыратын иһин, орто ырыынак сыанатынан атыылыырбыт. Үрдүк буоллаҕына ким да атыыласпата чуолкай. Иккис өртүттэн олус кыра сыанаҕа атыылаатахха, выручка аччаан тэрилтэ тыыннаах хаалара уустугурар кыахтааҕа. Бу эти холунан, буутунан ахсынньы, тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга атыылыы сатаан кыһыны быһа улахан эрэйи-муҥу көрөөччүбүт. Оччолорго Мииринэй дьоно чэпчэки сыаналаах омук этин, оттон ыаллар бары элбэх сүөһүлээх, сылгылаах буолан эти мээнэ атыыласпат этилэр. Улууска бюджет тэрилтэлэригэр итии аһылыкка батара сатыырбытын араас инструкцияҕа олоҕуран отой ылбаттар, омук кэлии этин ылар этилэр.
Саҥа дьыл кэнниттэн убаһа этэ салгын сиэн сотору буортуйан барарынан ыксал буолааччы, ол суотугар ким элбэҕи ылар киһиэхэ биэрэргэ тиийээччибит. Биирдэ кулун тутар ый бүтүүтэ Ленскэйтэн Нестер Васильевич хантан эрэ билэр коммерсана Симоновка биир тонна убаһа этин ылан атыылаан баран, харчытын биэрэр диэн дуогабар оҥостон биэрдибит. Ол киһибит сайын кэргэниттэн арахсан, биисинэһэ мөлтөөн харчытын сороҕун эрэ биэрбитэ, эһиилигэр өлбүт сураҕын истибиппит.
Биирдэ Куокунуга учууталлыы сылдьыбыт киһи Чернышевскайга эмиэ убаһа этин кууһунан ыларга дуогабардаахпын диэн эмиэ биир туонна эти ылан баран, албыннатан харчытын отой төлөөбөтөҕө. Онон бу эти сайыннары атыылаары, бастатан туран, улахан бадыбаал оҥосторго былааннанныбыт. Ол наадатыгар Мииринэйгэ «Якуталмаз» институтугар үлэлиир билэр киһибэр бырайыак оҥоттордум. Угуйа сыырын сирэйигэр Мииринэй бадыбаалын курдук үрдүк сыырга дьөлө хаһан киириэххэ диэбиппитин, эһиги сыыргыт почвата кумах буолан сатаммат эбит диэтилэр. Онон сыыры бульдозерынан биэс миэтэрэ дириҥнээх, үс тус-туһунан секциялаах, ортотугар улахан саалалаах траншея хаһан баран, Мииринэйгэ биэстии туонналаах цементнай полублоктары канализацияҕа анаан оҥорбуттарын тиэйэн, олору ойоҕоһунан холбоон оҥоруҥ диэтилэр.
Т-170 бульдозерынан Скоблов В.А. бырайыак быһыытынан начаас дириҥ траншеяны хаспыта. КАМАЗ массыынаҕа икки эрэ устуука полублок тиэллэр этэ. Сүүрбэччэ полублогу Мииринэйтэн тиэйэн аҕалан, Сунтаартан чааһынай Урал автокраны наймылаһан, икки секциятын икки күн толору үлэлээн оҥордубут. Бадыбаал уопсай тутуутун Григорьев К.С. олохтоох түөрт уолу хомуйан, биригээдэ тэринэн дуогабардаһан, урукку почта уонна уурайбыт дьааһыла дьиэтин көтүрэн, биир секциятын уонна киэҥ саалатын, проходун түргэн кэм иһинэн хаачыстыбалаахтык оҥорбуттара. Эти, арыыны киллэрэргэ, таһаарарга рельсэнэн анал тимир тэлиэгэнэн туһаныллар. Үрдүнэн Куокунуттан элбэх соломо тиэйэн аҕалан кырата миэтэрэ аҥаара буоларын курдук тэлгэтэн баран, бульдозерынан икки миэтэрэ халыҥнаах кумаҕынан көмнөрөн кэбистибит. Кыһын тымныы оройугар аанын аһан тоҥорбуппут. Уонна эппитин арыыбытын подвалга укпуппут. Биэс уонча туонна эт эбэтэр сүүс туонна арыы киирэр бадыбаала оҥоһуллубута. Оччолорго улахан бадыбаалы эбии тоҥорор установка мээнэ суох этэ уонна омук установкатын ыларга харчыбыт да суох этэ.
Кладовщикпыт үөрүйэҕэ суох буолан ыам ыйыттан нэдиэлэҕэ биирдэ аһыахтааҕын хас наадыйар киһи эт көрдөөтөҕүн аайы күн аайы аспытын суотугар, эбии тоҥорор установката суох буолан бэс ыйын ортотуттан кыралаан сылыйан барбыта. Ол иһин ордубут биэс тонна арыыны таһааран Мирнэйгэ ОРС холодильнигар харчы төлөөн уурдарбыппыт. Дьон кыайан ылбатах 200-300 киилэ эт сыттаммытын аахтаан баран таһааран буорга көмпүттэр этэ. Ону сорохтор эт сыанатын чэпчэтэн атыылаабакка сытыттылар диэн кэпсэл оҥостоллоро. Омук сиригэр фермердэр рынокка эт сыанатын түһэримээри барааннарын хастыы да сүүс тыһыынчанан тыыннаахтыы муораҕа тиэйэн киллэрэн куталлар эбит этэ. Билигин дьон сылга биир күн туохха эмит сыана түһэрин эрдэ биллэхтэринэ кэтэһэн сылы супту атыыласпакка сылдьаллара хара баһаам эбит. Ордук билигин морозильник элбээн турар кэмигэр. Билигин Владимир Семёновичтаах эбии тоҥорор установка атыылаһан аҕалан туруорбуттарын суотугар, бадыбаал сылы эргиччи үлэлиир кыахтанна.
Биһиги бастакы былааммытынан бадыбаал сайыннары минус 20-30 кыраадыс тымныы буоллаҕына, сайыҥҥы бириэмэҕэ үүт элбэҕэр күннээҕи атыыттан ордорон кырата 100-200 туонна үүтү бакыаттаан тоҥорон баран кыһыҥҥы бириэмэҕэ ордук Удачнайга, Айхалга, Өлөөҥҥө уонна Анаабырга илдьэн атыылыыр былааммыт кыаллыбатаҕа. Дьон бороһуок үүттээҕэр натуральнай үүтү тоҥ да буоллар атыылаһыа этилэр. Иккис өттүттэн, мин Москваҕа сылдьан куруутун кыра кыамталаах, күҥҥэ 5-10 туонна үүтү стерилизациялыыр уонна суулуур-хаалыыр оборудованиены оҥорор эбэтэр атыылыыр фирмалары көрдөөччүбүн. Бары кэриэтэ аарыма улахан собуоттары оҥорон атыылыыллара. Арай биир фирманы булан оҥорбут оборудованиеларын көрбүтүм соччо табыгаһа суох тэрил этэ. Сотору атыыта кыайан барбакка моҥкурууттаабыт этэ.
Иккиһинэн, баар эти, суббородуукталары барытын суулаан-хаалаан, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына переработкалаан баран атыылыыр сорук турбута. Онон кулун тутар ыйга рабкооп солбуйар бэрэссэдээтэлэ Семёнов Аркадий Харитоновичтыын Новосибирскай куоракка көттүбүт. Новосибирскайга мөлүйүөн аҕыс сүүс тыһыынча киһи олорор Сибиир саамай улахан куората, столицата диэн аатырар. Мин араас саппаас чаас, наадалаах туһаныллар матырыйаал атыылаһарга 600 тыһыынча солкуобай (2000 сыллаахха баһаам) харчыны кэргэммэр анал кур-суумка тиктэрэн, бөдөҥ харчыны баачыканан уган бардым. Ол саҕана, ханна да буоларын курдук, үлэ суох буолан итириктээһин, бандитизм сүрдээх этэ. Толмачёво авиапорка тахсарга тоһуйан туран, миэхэ олор, бардыбыт диэн таксистар күүстэринэн тардыалаһыы бөҕө буолааччы. Ордук азиат сирэйдээхтэри.
Хата Ботуобуйа экспедициятыгар 30 сыл солбуйар начаалынньыгынан үлэлээбит табаарыһым Шаталов Н.П., биэнсийэҕэ да олордор, Новосибирскайга экспедиция бэрэстэбиитэлэ буолан анал суоппардаах фургон УАЗ–таах үлэлиирэ, онон кини миигин хас тиийдэҕим аайы наар көрсөөччү уонна атаарааччы. Харчыбын үксүн Аркадий билсэр оптовай база хотунун сейфэтигэр уктаран баран, икки күн туһанар харчыбын ылабын. Чааһынай Нива массыыналаах байыаннай пенсионер оҕонньору чааһынан наймылаһан, бэрт кыра харчыга рекламнай справочникка олоҕуран, куорат араас тэрилтэлэрин кэрийэн атыылаһабын. Новосибирскай “Агроснабыттан”, ВАСХНИЛ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин саппааһын атыылыыр базатыттан анал шина, подшипник, спецтаҥас уо.д.а. атыылыыр чааһынай тэрилтэлэртэн Дьокуускайдааҕы сыанаттан икки аҥаар төгүл чэпчэки сыанаҕа эрдэ былааннаан, оҥоһуллубут сайаапкаҕа олоҕуран, биир сылга тиийэр саппааһы атыылаһабыт. Үс улахан тэрилтэҕэ эрдэ счёт ыыппыттарыгар олоҕуран, поручениенан төлүүр этибит. Онтон кыралартан уу харчыга олох кыра сыанаҕа атыылаһарбыт. Оччолорго Арассыыйаҕа уу харчы олох суох кэмэ этэ. Холобур, ити бириэмэҕэ Ньурбаттан кырдьаҕас убайым оҕонньор Сиэйэттэн төрүттээх Платонов В.Ф кэлэн хонно. Онно мин дьиэбэр биир улахан салапаан бакыаты толору бөдөҥ баачыкалаах харчыны аҕалан остуолга кутан били кур-суумкабар угаттаабыппын көрөн аһара сөхпүтэ. Эбиитин: «Бу эһиги, тойоттор, харчыны барытын бэйэҕит үрүксээгинэн сүгэ сылдьаҕыт, ол иһин кыра-хара норуот харчы өҥүн көрбөтөхпүт ыраатта”, – диэн улаханнык мөҕүттүбүтэ.
Нэдиэлэ бүтүүтэ суоппар Сидоров А.И. уонна Новосибирскайга үөрэммит кылаабынай инженер Максимов Н.Н. прицептээх, тентовай КАМАЗ массыынанан иккиэн солбуһан ыытан тиийэн кэллилэр. Эрдэ кэпсэтии быһыытынан, куорат уонна Академгородок суолун ортотугар баар ботуобуйалар шефтэрэ ураан көрдүүр экспедиция баазатыгар түстүлэр. Утуйар хостордоох, үчүгэй буфеттаах, наада буоллаҕына гараастаах этэ.
Биһиги эбиэккэ диэри улахан базалартан прицеба суох КАМАЗ массыынабытынан баран тиэнэбит уонна прицепкэ аҕалан сүөкүүбүт. Оттон кыра тэрилтэлэртэн Газель массыына арендалаһан базаҕа таһабыт. Холобур, З устуука МТЗ мотуора, 4 комплект ДТ-75 гусеницата, түөрт комплект МТЗ илин уонна кэлин көлүөһэлэрэ, 12 устуука МТЗ прицебин көлүөһэтэ, 20 устуука УАЗ, 20 устуука КАМАЗ көлүөһэлэрэ, хас да дьааһык араас подшипник, араас электромотуордар, аккумулятордар, элбэх водовоз, молоковоз шлангалара, вакуум насостара, сыл аайы 40 устуука вакуум пластинката, араас спецтаҥас, сууйар кальцемин, рулонунан маарыла уо.д.а. хаһаайыстыбаҕа наадалаах араас матырыйааллары тентэ иһигэр тыыммат курдук симээччибит. Прицепкэ көлүөһэлэри, чэпчэки таһаҕаһы тиэйэн баран улахан бириһиэнинэн сабааччыбыт.
Новосибирскай уратыта диэн ГАИ-лар атын регион, ол иһигэр Саха сирин 14 регион диэни көрдүлэр даҕаны үөрэн эрэ ыстана түһэллэрэ. Эбэһээт тохтотон, ылыахтаах 50 солкуобайдарын права иһигэр уган биэрдиҥ да аһаран иһэллэрэ. Оттон биэрбэккэ ааттастаххына эҥин хас да чаас эрэйдээн баран, син биир ыллахтарына биирдэ ыыталлара. Аны киэһэлик бандьыыттар кыра массыыналарынан тоһуурга тахсаллара. Кинилэр атын регион массыынатын көрдүлэр даҕаны, Новосибирскай куоратынан сылдьаргыт иһин диэн үс тыһыынча түһээни көрдүүллэрэ. Төлөөбөтөххүнэ массыынаҕын алдьатыахпыт, бэйэҕин араас гыныахпыт диэн үөхсэллэрэ, сааналлара. Дьээбэтэ диэн, харчыларын ылан баран анал тылынан суруйан араспыыска биэрэллэрэ, онтугун аныгыскы бандьыыттарга көрдөрдөххүнэ тута ыытан кэбиһэллэрэ Ол курдук, бастакы сылга үс тыһыынчаны, кэлиҥҥи сылларга биирдэ сэттэ тыһыынчаны биһиги дьоммут төлөөн тураллар.
Бастакы сырыыларбытыгар калымбаактарын толору куттан баралларын уонна антах сэлээркэ чэпчэкитин суотугар массыыналар баара-суоҕа ыстарааптарын, саппаастарын, араас төлөбүрдэрин киллэрэн туран, 25 тыһыынча солкуобай харчынан эргийэн кэлэр этилэр. Итини таһынан, дьэ төттөрү таһаҕастаах кэлэргэ эбэһээт үһүс киһинэн охраннай тэрилтэҕэ икки, кэлин үс тыһыынча солкуобай харчыны төлөөн, Марковоҕа диэри кылгас анал картеһынан биэстэ ытар доруоп саалаах киһини наймыылаһарбыт. Оннук охраннига суох массыынаны Красноярскай диэки эбэһээт аара халыыллара. Биһиги сылын аайы билсэр доруобай уолбутун ылааччыбыт. Киһибит КАМАЗ-ка үлэлээбит буолан, үһүөн тохтообокко күннэри-түүннэри солбуһан айаннаан, манна биэс хонугунан кэлэр этилэр.
Мин дьоммун тэрийэн ыытан баран, эт переработкатынан дьарыктанар араас фирмалары билсэн, “Флокс-Азия” диэн тэрилтэни булан, халбаһы арааһын уонна эттэн полуфабрикаттары оҥорор мини-собуот оҥорорго бырайыак оҥортордум. Мин комплекска ситэ тутуллубатах животноводтар дьиэлэрин бары кээмэйин илдьэ барбытым, онон ханнык оборудование ханан туруохтааҕын, ханнык хостор баар буолуохтаахтарын, бары кээмэйдэрин куорат кылаабынай технологын ыҥыран олорон бырайыак оҥортордулар. Миэстэ ордубутугар капитальнай быыстаан нөҥүө өттүттэн киирэр ааннаан бэкээринэ оҥорор курдук бырайыактаатыбыт. Оборудование сыанатын, монтаж уонна наладка, араас биир сылга тиийэр расходнай матырыйааллары киллэрэн туран, суумата икки мөлүйүөн сүүс тыһыынча курдук буолла.
Мин дьиэбэр кэлэн Мииринэйгэ “АЛРОСА”-ҕа икки мөлүйүөн харчыта кирэдьииттэ биэриҥ диэн сайаапка суруйан, барыллааһын дуогабарбын көрдөрөбүн. Мииринэйдээҕи вице-бэрисидьиэннэр суумата элбэх, онон Москубаҕа В.А. Штыров эрэ быһаарар боппуруоһа диэтилэр. Мин Штырову син билэбин. Ол курдук, 1993 сыллаахха Сунтаарга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы бриллианы чочуйуу малааһыныгар вице-бэрисидьиэннии сырыттаҕына, биһигини, “Кириэстээх” КП-ны “АЛРОСА” бас билиитигэр киллэр диэн боппуруоска приёмҥа сылдьыбытым.
Иккиһинэн сайын Яковлев Георгий Петрович баһылыктыы сырыттаҕына, Егоров Борис Сергеевич уонна мин буолан бөртөлүөтүнэн Кириэстээхтэн Куокуну Быйагытыгар сынньана бараары мин Улахан Табаҕа бааһыналарыгар буолунай бурдук, Боруллуоҕа хортуоска үүнэн турарын көрдөрбүтүм. Итини таһынан, Мииринэйгэ “Темп” маҕаһыыҥҥа бэйэ оҥорор бородууксуйатын атыылыыр хас да улуус ыытар дьаарбаҥкатыгар ааһан иһэн тохтоон кэпсэтэн ааспыта уонна кини ыытар бырабылыанньатын мунньаҕар алта улуус баһылыктарын сэргэ Адам Семёнович биһиги мэлдьи сылдьааччыбыт.
Онон син билэр буолан, оҥостон Москубаҕа көттүм уонна “АЛРОСА” гостиницатыгар түстүм. “АЛРОСА” головной офиһыгар мээнэ киһи киирбэт сирэ. Мин Штыров көмөлөһөөччүтэ уруккуттан билэр киһибэр Чуйкоҕа эрийэн пропуск оҥортордум. Сарсыныгар элбэх аптамааттаах охранниктар быыстарынан проходнойу ааһан, түөрт этээстээх чахчы курутуой оҥоһуулаах дьиэҕэ киирэн үөһэ тахсыбытым – оруобуна Штыров бу сарсыарда Лондоҥҥа көттө, хаһан кэлэрэ биллибэт диэтилэр. Мин хайыахпыный, үпкэ-харчыга вице-бэрэсидьиэн саха эдэрчи киһитэ баарыгар приёмҥа киирэн сорукпун кэпсээтим. Кини Штыров кэллэҕинэ мин сайаапкабын тиксэриэх буолла уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыам диэтэ.
Мин Королёв куоракка сылдьан, үүт собуотугар эбии араас саппааһы, атын наадалаах тэрилтэлэри кэрийэн атыыласпыт араас матырыйаалбын эмиэ Медведковаҕа баар базаҕа аҕалан палетка ууран упаковкалаан ОРС-ка барар курдук туттаран кэбистим. Ол таһаҕаһым мин кэлиэм иннинэ Мииринэйгэ кэлбит этэ.
Саҥа дьыл иннинэ Мииринэйгэ буолар бырабылыанньа уочараттаах мунньаҕар Попов Анатолий Тарасович эн сайабылыанньаҕын көрөр буоллулар диэтэ. Онон бырабылыанньа мунньаҕар Штыров мин сайаапкабын көрөн баран, икки мөлүйүөн солкуобайы биэрэбит диэтэ уонна сүүс сылынан төннөрөөр диэтэ. Мин үөрэн хааллым уонна билигин инфляция суотугар 2 мөлүйүөн 300 тыһыынча буолла диэтим уонна аны уон сылынан төннөрүөм диэтэҕим үһү. Онон уон сылга оҥорторон, наадалаах кирэдьииппин ыллым. Саҥа дьылга диэри 70 бырыһыанын төлөөн кэбистибит. Икки ыйынан туох баар оборудованиены, наадалаах расходнай матырыйааллары, араас приправалары ыскылаакка мунньуохпут диэтилэр, онон кулун тутарга кэлэн тиэйээриҥ диэтилэр. Кулун тутар ыйга сүрүн суоппардар Сидоров А.И. уонна Назаров И.Н., кылаабынай инженер Максимов Н.Н. – барыта алта буолан биир полуприцеп уонна прицептээх икки КАМАҺ-ынан тиийдилэр. Кинилэр тиийээттэрин кытта эт собуотун бородууксуйатын таһарга диэн анаан саҥа УАЗ-охотник атыыластыбыт. Куораты онон кэрийэбит. Эт собуотун оборудованиетын тиэнэн баран, ордубут миэстэҕэ наадалаах саппаастарбытын атыылаһан толору тиэннибит. Эмиэ саалаах охранникпытын наймылаһан төттөрү бардылар. Мин идэбинэн эмиэ сөмөлүөтүнэн көтөн хааллым.
Сунтаарга эмиэ Мелешкевичтэргэ тиийдим уонна биһиги матырыйаалбытынан биир ый иһинэн новосибирскайдар бырайыактарынан мини-собуоту оҥорорго кэпсэттим. Сайын урукку биригээдэ кэлэн түргэн кэминэн эмиэ хаачыстыбалаахтык дьиэ иһин-таһын, канализациятын, бэкээринэ өттүгэр душтаах, күрүөтүн киллэрэн туран оҥордулар. Төлөбүрүн эмиэ тутатына төлүүрбүт иһин үөрэллэр этэ.
Күһүн Новосибирскайтан үс монтажник кэлэн, барытын бырайыак быһыытынан таҥнылар, биһиги үлэлиэхтээх икки эр киһини эмиэ монтажка холбуу үлэлэттибит. Ол кэмҥэ Дьокуускайтан “Туймаада-ас” тэрилтэттэн улахан уопуттаах технологу бастакы бородууксуйаны оҥорорго анаан ыҥыран үлэлэппиппит. Кини сорох оборудованиелар турар миэстэлэрин уларытан монтажтаппыта. Онон эмиэ сэтинньи ыйга бастакы халбаһыы арааһын, убаһа, сибиинньэ этин ыыһаан, вакуум упаковкалаан, араас суббородуукталары суулаан-хаалаан уопсайа 18 араас бородууксуйаны оҥордулар уонна күн аайы 140 килиэп оҥоһуутун саҕалаатылар.
Эт собуотун технологунан Потапова Р.Е., механигынан Григорьев К.С., биэкэринэн Григорьева В.И. таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Эмиэ идэбитинэн улахан малааһыны оҥорбуппут. Саас аайы 100 төбө сибиинньэ оҕотун ылан иитэн, улаатыннаран, күһүн аайы забойдаан халбаһыга туһанарбыт. Кэлин анал сибиинньэ хотоно тутан, арааһа, алта төрүүр сибиинньэ баара быһыылааҕа, сороҕор Мииринэйдээҕи ОРС-тан сибиинньэ этин атыылаһарбыт. Оччолорго Хатастааҕы свинокомплекс этин кыайан булан атыылаһыллыбат этэ. Онон эт бородууксуйатын переработкалаан, кыһыны быһа Мииринэйгэ, Сунтаарга атыылыыр идэлэммиппит. Сунтаар нэһилиэктэригэр эмиэ норуот харчыта суоҕунан атыы-эргиэн мөлтөх этэ. Оҥоһуллар халбаһыылар табаарынай көрүҥнэрэ арыый мөлтөҕүн иһин, ханнык да соята суох, натуральнай эттэн уонна приправалартан оҥоһуллар буолан, аһара минньигэс этилэр диэн дьон-норуот билигин да ахтар.
Эт собуотун араас отходун, сүөһү, сылгы төбөтүн, хара иһин, туйаҕын саас куоракка баран иһэн Горнай Маҕараһыгар баар саһыл пиэрмэтигэр Камаһынан тиэйэн илдьэрбит, күһүн ону хара саһылынан төлөһөллөрө.
Эт собуотугар араас упаковочнай пленкалары, подложкалары, приправалары сороҕор Москубаттан ылааччыбыт, сороҕор Новосибирскайтан. Биир да күн расходнай матырыйаал, закваска, ароматизатор, приправа суоҕунан үүт собуота даҕаны, эт собуота даҕаны өрөөбөтөхтөрө. Барыта эрдэттэн толору хааччыллан испиттэрэ. Эт собуота үлэлиэҕиттэн эти батарыы боппуруоһа сөптөөхтүк быһаарыллар буолбута.
2000 сыллартан Дьокуускайтан саҕалаан гаастаах утах арааһын уонна ыраас ууну полиэтиленовай бытыылкаҕа кутан атыылыыр муода буола сылдьыбыта. Биһиэхэ урукку авиапорт сыырыттан дьүүктэ уута кыһыннары-сайыннары сүүрэр. Ол ууну Сунтаарга уонна Дьокуускайга ыытан анаалыстаппыппытын үчүгэй уу, кыратык эбии ыраастаан, посеребрение ыыттахха үчүгэй буолуо диэбиттэрэ. Ол иһин Ботуобуйа экспедициятыгар профком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт, анал гидролог үөрэхтээх Элгээйиттэн төрүттээх Ефремов Леониды ыҥыран дьүүктэбитин көрдөрдүм. Киһим авиапорт кумах эбит, онтон чараас гравий араҥата кэлэр, онтон туой буор кэлэр эбит, онон дьүүктэ син ардахтаах сылларга уута эргиччи баар буолууһу диэтэ.
Инньэ гынан 2004 сыллаахха Москубаҕа уочараттаах барыыбар уу кутар мини-собуоту бэйэтэ оҥорор, монтажтыыр «Продвижение» диэн улахан фирманы быыстапкаҕа түбэһэн билистим. Кинилэри көрсөн кэпсэтэрбэр мантан илдьэ барбыт уубун анаалыска биэрдим уонна Сунтаар, Дьокуускай лабораторияларын анаалыстарын эмиэ биэрдим. Итини сэргэ Ботуобуйа экспедициятыгар оҥорторон баран нэһилиэккэ туһаныыга анаан босхо биэрбит таас баанньык (ититэр ситимин хам тоҥорон кэбиһэн уонча сыл таах турбута) кээмэйин илдьэ барбыппын биэрдим. Онон кинилэр научнай институкка биэрэн, биһиги уубутугар сөптөөх анал фильтр систиэмэтин оҥортордулар. Бэйэлэрэ эмиэ биһиги дьиэбитигэр анаан бырайыак оҥорон сөптөөх оборудование таҥан оҥоробут диэтилэр. Биир сыллаах расходнай матырыйаалы киллэрэн туран, үс мөлүйүөн солкуобай кэриҥнээх дуогабар оҥордулар. Оччоҕо даҕаны, билигин даҕаны ким да босхо харчы биэрбэт үйэтэ кэлэн турар. Онон үлэлии турар эт собуотун дьиэлэри холбуу солуок биэрэммин ФАПК «Туймаадаттан» үс мөлүйүөн солкуобай кирэдьиит ылан, эмиэ 70 % төлөөтүбүт.
Мелешкевич тэрилтэтэ Мииринэйгэ толору көһөн, Мииринэйгэ, Накыынҥа үлэлиирэ. Онон Сунтаарга биир биригээдэлээх Малерян диэн армян киһитин көрсөн кэпсэтэн, аны сайын эбии дьон аҕалан, москубалар бырайыактарынан таас баанньыгы оҥорорго үлэлиэх буолла. Ыам ыйын бүтүүтэ Новосибирскайга диэри поеһынан, онтон сөмөлүөтүнэн кэлэн, уон киһи механизатордар дьиэлэригэр сытан, сайыны быһа үлэлээтилэр.
Нэһилиэккэ баанньык үлэлээбэтэҕэ ырааппыт буолан, Григорьев К.С. биригээдэтинэн саастан саҕалаан саҥа мас баанньыгы толору хааччыйан тутан биэрдибит.
Армяннар үлэлэрин хаачыстыбата да, түргэнэ да беларустарга тиийбэт этэ. Ол да буоллар, эмиэ дьиэ иһин-таһын, канализациятын, олбуорун оҥорбуттара. Итини сэргэ дьүүктэ тахсар сиригэр эмиэ Григорьев К.С. биригээдэтинэн 4х4 миэтэрэ кээмэйдээх саҥа буруус дьиэни туппуппут. Улахан «Буллерьян» оһоҕунан оттуллар этэ. Үөһэ икки миэтэрэ үрдүккэ тимир атахха оцинкованнай ёмкость уурбуппут уонна аллараттан погрузной носуоһунан бырахтарар курдук оҥорбуппут. Үөһэттэн УАЗ водовозка бэйэтэ түһэр курдук гыммыппыт.
Бу сырыыга собуот оборудованиетын, расходнай матырыйаалларын Мииринэйдээҕи ОРС таһаҕаһын курдук аҕаллыбыт уонна кэлиитин сыанатын толору төлөөтүбүт. Эмиэ Москубаттан үс киһи монтажтыы кэлэн үлэлээтилэр, биир электриги Ботуобуйа экспедициятыттан ылан, аҕыйах хонукка монтажка үлэлэттибит. Кинилэргэ эбии салгыы үлэлиэхтээх эмиэ икки киһини сыһыардыбыт. Онон биир нэдиэлэнэн таҥан бүтэрдилэр уонна бастакы бородууксуйаны оҥорон көрдөрдүлэр. Технологынан Игнатева А.И. үлэлээбитэ. Эмиэ малааһын тэрийдибит. Хас да сыл син үчүгэйдик үлэлээтилэр, элбэх араас гаастаах утахтары уонна 1,5 уонна 0,5 лиитэрэлээх бытыылкаҕа ыраас ууну кутар этилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ кутуллар ыраас уулары анаалыстаабыттарыгар биһиэнэ серебрениелаах буолан иккис миэстэҕэ тахсыбыт этэ. Биир сыл этэҥҥэ үлэлээбитин кэннэ Сунтаардааҕы Санэпидстация сир анныттан тахсар ууга Москуба лиценцията наада эбит диэн туорайдаста. Өрүс уутун ыраастаан кутар тэрилтэлэргэ лицензияны Саха сирэ бэйэтэ биэрэр эбит, оттон биһиэнэ — скважина курдук сир анныттан тахсар дьүүктэ уута. Онон докумуон хомуйан баран Москубаҕа көттүм. Сир баайын хостуур Департамент лицензионнай отделыгар тиийэн докумуоммун туттардым. Күн аайы араас биричиинэнэн сарсын кэлээр дииллэр. Арааһа, улахан собуот дииллэр быһыылаах, бэрик харчы эрэйэллэрэ чуолкай. Миэхэ оннук харчы суох, онон толорон ыытаарыҥ эбэтэр Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтиттэн кэлэн ылыахтара диэн баран төнүннэҕим дии.
Мясницкай переулокка баар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр Климент Егоровичка киирэн чэй иһэ-иһэ Сунтаар сонунун кэпсээтим, онтон тахсан, кини солбуйааччытыгар урут комсомолтан билэр Мигалкин А.В. киирэн, бара сылдьаар диэн аадырыстарын биэрэн баран кэллэҕим дии. Онтон мин ыалдьан үлэбиттэн уурайбытым кэннэ собуот сыыйа үлэтин тохтоппут этэ.
Ити кэмнэргэ Саха сиригэр ханна эрэ «Прок-500» диэн биир уотурба оҥорор мини-собуот атыылаһан үлэлэппиттэрин истэр этим. Арай Москубаҕа эмиэ быыстапкаҕа түбэһэн, билсиһэн, көрөн-билэн баран, харчыта да, кээмэйэ да кыра эбитин көрөн сакаастаан ыллым. Биэс туонналаах контейнерга миэлиҥсэтэ, 200 туонна уотурбаҕа тиийэр араас микро-макро битэмииннэрэ батар эбит. Ордор миэстэтин толору спецтаҥас атыылаһан хаалаан баран, Братскайга баар «Алроса» базатыгар эрдэ кэпсэтии быһыытынан Ботуобуйа экспедициятын аатыгар тимир суолунан ыытан кэбистим.
Саҥа дьыл кэнниттэн суол турбутун кэннэ Ботуобуйа экспедицията ыыппыт икки массыынатыгар Братскайдааҕы бэрэстэбиитэли кытта кэпсэтэн эбии тиэйбитин аҕалан бэйэлэрин ыскылааттарыгар сүөкээбиттэрин тиэйэн киллэрэн, Куокунуга Ампаардаах пиэрмэтин территориятыгар баар урукку кормокуукуна дьиэтигэр монтажтаан, күһүн тымныы түстэҕинэ үлэлэтэр этилэр. Билигин да үлэлиир кыахтаах буолуо дии саныыбын.
Өссө биир боппуруоһу ахтар наадалаах дии саныыбын. Ол курдук Правительство 28 мөлүйүөн харчыны эбии көрөн киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар барыта 12 заправканы тутарга МСХ уонна Туймаада-неби дьаһайбыта. Биһиги эрдэттэн харчы эбии киллэрэр наадатыттан билигин үлэлии турар заправкабытын 300 миэтэрэ көһөрөн трасса кытыытыгар сана заправка тутуутун былааннаан уот баҕаналарын туруорбуппут. Кырата 20-чэ КАМАЗ массыына гравий таспыппыт уонна түөрт устуука 8 миэтэрэ уһуннаах бетоннай сваяны навес онорорго диэн анаан аҕалбыппыт. Онон куоракка миниистиргэ приемҥа киирэн Кириэстээххэ заправка тутуута саҕаламмытын, ону ситэрэн тутар наадатын кэпсээтим. Онон Туймаада-нефть тутуутун отделын начаалынньнига кулун тутарга кэлэн миэстэтин көрөн баран сөбүлэстэ уонна олохтоох дьаһалта заправка туруохтаах 0,25 га сирин картатын уонна аренда дуогабарын оҥорон ыыттыннар диэтэ. Мин баһылык Лариса Дмитриевнаҕа уонна солбуйааччыта Корякин А.В. тиийэн бэрт түргэнник докумуону оҥоро охсон ыытын диэбитим. Арай муус устарга Туймаада-нефкэ тутуу отделыгар тиийэн тутуу матырыйаалын хаһан аҕалаҕыт диэн тиийбиппэр, киһим: «Тойбохойго тутар буоллубут. Эһиги дьаһалтаҕыт кып-кыра сир арендатыгар сыл аайы биэс тонна бензин уонна биэс тонна сэлээркэ көрдөөбүттэр”, – диэн миэхэ дьаһалталар дуогабардарын бырайыагын биэрдэ. Онтон ыксаан Тойбохой дьаһалтатыгар төлөпүөннээбиппит, докумуону барытын сөпкө оҥорон ыыппыттар диэтэ. Ол нэһилиэк дьаһалтатын дуогабарын аҕалан ПК конференциятыгар куоппуйалаан тарҕатан турабын. Ити кыра сиргэ арендаҕа билиҥҥи сыананан 600000 тыһ. солк сыл аайы көрдөөбүттэр этэ, дьиҥнээҕэ сокуонунан бигэргэммит сыананан аҕыйах тыһыынча солкуобай буолар. Кылаабынайа Кириэстээх, Куокуну, Бүлүүчээн, Наахара нэһилиэнньэтэ уонна трассанан ааһар дьон абыраныа этилэр, олоххо түгэни мүччү тутуу диэн итинник буолааччы.
Улахан Табаҕа билиҥҥитэ
Мин аан бастаан Улахан Табаҕа бааһыналарын кытта билсиһиим 1980 сыл күһүнүгэр комсомол райкомун иккис сэкиритээринэн үлэлии сылдьан, күһүн хомуурга СПТУ курсаннарын уонна оройуон киинин комсомолецтарын үлэлэрин билсиһиибэр буолбута. Онно биригэдьииринэн Иванов Иннокентий Гаврильевич үлэлиир этэ. Бурдук хомуурун сэргэ Куокуну звенота Пинчук Евгенийдаах АВМ мээккэтин оҥороллоро. Үлэ-хамнас тохтоло суох симиэнэнэн барара. Маҥнайгы күн харабыл уонна оператор Акыым оҕонньорго, иккис күммэр Куокунуга эдьиийбэр Мария Алексеевнаҕа уонна күтүөппэр Клавдий Ивановичтаахха хоммутум.
Онтон 1988 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр партком сэкиритээринэн сопхуоска быыбарданан үлэбин саҕалаабытым уонна күһүҥҥү хомуур үлэтигэр кыттыһан барбытым. Улахан Табаҕаҕа бурдук элбэхтик үүммүт сыла этэ. Оттон Кыра Табаҕаҕа Жирков И.И. салайааччылаах сиилэс звенота рекорднай 4812 туонна сиилэһи бэлэмнээбитэ. Биир ыанар ынахха 8-тыы туонна сиилэс симиллибитэ. Күөх маасса олус хойуутук үүнэн, куобахтар кыайан куоппакка сиилэс комбайнын жаткатыгар киирэн биэрэн, сэмнэхтэрэ балачча элбэҕэ.
1992 сыл тохсунньу ыйтан Арассыыйаттан кэлэр дотация харчыта тохтоон, өрөспүүбүлүкэҕэ баар 172 сопхуос маассабайдык моҥкурууттаан ыһыллан, бааһынай хаһаайыстыбаларга паайдарын үллэстэн тарҕаспыттара уонна аҕыйах сүөһүлэрин, сылгыларын идэһэ гынан баран, тыа сиригэр үлэ суоҕунан үгүстэрэ, арыый кыанар өттө, куоракка маассабайдык көспүттэрэ. Баара-суоҕа уонча хаһаайыстыба ыһыллыбатаҕа.
Биһиги хаһаайыстыба тыа хаһаайыстыбатын институтуттан икки учуонайы наймылаһан уонна дуогабардаһан Устаап уонна Учредительнай дуогабар бырайыактарын оҥорторон, улахан конференция тэрийэн, ыһыллыбакка кэлэктиибинэн салгыы үлэлииргэ уураахтаабыппыт. Инньэ гынан, хаһаайыстыба бары ходуһаларын, бары бааһыналарын, сүөһүлэрин, сылгыларын, тутууларын, тиэхиньикэлэрин үллэстибэккэ чөл хаалларбыппыт. Ол суотугар Улахан Табаҕа бааһыналара салгыы аналынан туһаныллыбыттара. Өскөтүн чааһынай кэтэх хаһаайыстыбаларга ыһыллыы буолбута буоллар, баар бааһыналар үксэ оттуур ходуһа эбэтэр атын нэһилиэктэргэ курдук күрүөлэрэ сууллан, быраҕыллан, маһынан саба үүммүт буолуо этилэр. Билигин ол бааһыналарга үүммүт ойуурга куобах үүрэн бултуу сылдьыа этибит.
Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах, уһун кыһыннаах дойдуга биир санаанан үлэлиир улахан кэлэктиибинэй тэрилтэ эрэ саҥа күүстээх тиэхиньикэни атыылаһар уонна саҥа бастыҥ технологияны олоххо киллэрэн, бородууксуйаны дириҥник переработкалаан атыыга таһааран, үп-харчы киллэрэн, ырыынак усулуобуйатыгар тэрилтэ тыыннаах хаалар диэн мин мэлдьи тоһоҕолоон этээччибин уонна санаабар сүнньүнэн сөптөөх үлэни кыаҕым, таһымым тиийэринэн тэрийэр этим. Сахаларга үлэлээбэт киhи сыыспат, үлэлиир киhи сыыhар — диэн өс хоhооно баар. Биллэн турар, бу орто дойдуга үлэҕэ-хамнаска, олоххо- дьаhахха итэҕэhэ, алҕаhа суох киhи суоҕа биллэр. Норуокка этиллэринэн, киhи майгытын-сигилитин, үлэтин-хамнаhын, олоҕун-дьаhаҕын холбуу тутан сыаналаатахха 70 бырыhыан үчүгэй, 30 бырыhыан куhаҕан (итэҕэс) буоллаҕына, бу үчүгэй киhи диэн сыаналанар дииллэр. Ол да иhин буолуо миигинэн сыыhа-халты, итэҕэс-быhаҕас дьаhаллар оҥоhуллубуттара баар суол буолуохтаах.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, Мииринэйгэ кырата нэдиэлэҕэ биирдэ, сороҕор иккитэ, Ленскэй, Светлэй, Айхал уонна Удачнай диэки ый аайы биирдэ командировкаҕа сылдьар этим. Сорохтор сыыhа өйдүүллэринэн Мииринэйгэ тиийдиҥ даҕаны бородууксуйаҕын батарыыга улахан уустук боппуруос, кыһалҕа суох буолуохтаах дии саныыллар. 2002-03 сылларга диэри авиакеросин сыаната чэпчэки буолан, “АЛРОСА” Ил-76 грузовой самолеттара Новосибирскайтан, Москубаттан чэпчэки сыаналаах омук уонна киин уобаластар араас бородуукталарын тохтоло, харыыта суох таhаллара. Нэhилиэнньэ, биллэн турар, чэпчэки сыаналаах омук бородууктатын ордук хамаҕатык атыылаhара.
Итини таhынан Кириэстээх аннынан күhүн муус туруутугар алтынньы, сэтинньи ыйдарга уонна саас муус устар ый 15 күнүттэн ыhыахха диэри өрүскүн туораабаккын, оттон элбэх уулаах, ардахтаах сылларга сайын устата Бүлүүчээҥкэ уонна Ботуобуйа үрэхтэригэр бараары, кэлээри чааhынай Урал эбэтэр КАМАЗ массыыналарга балачча харчыны төлөөн, сороҕор состорон, сороҕор тиэллэн туоруур этибит. Онон Мииринэйи кытта кыhын 4 ый, сайын 2 ый эрэ, уопсайа 6 ый сырыы баара. Билигин Бүлүүчээҥкэ уонна Ботуобуйа үрэхтэрин муосталара тутуллан бүппүттэрин суотугар сылга 8 ыйга сырыы баар буолла.
Былырыын уонна быйыл араас таhымнаах мунньахтарга Сунтаар тыа хаhаайыстыбатынан дьарыгырар улуус буоларынан, оҥорон таhаарар бородууксуйатын Дьокуускай куоракка таhан атыылыыр кыаҕа суоҕунан, сылы эргиччи, түүннэри-күнүстэри Мииринэй, Ленскэй улуустарыгар уонча сыл урутаан таhар наадатыгар, Үөhээ Бүлүү муостатын тутуутун кэннэ, Марха муостатын эрэ саҕа уhуннаах, Кириэстээх аннынааҕы муостаны тутары ситиhиэххэ диэн этиилээхпин. Оччоҕо Сунтаар улууhун этин, үүтүн, араас сууламмыт-хааламмыт боролдууксуйатын сылы эргиччи батарар усулуобуйа үөскээн, сайдыыга улахан олук буолуо этэ. Онтон дьэ Күндээдэ уонна Устье аннынан тутуллара сөптөөх.
Мин эрдэттэн Өксөкүлээх Өлөксөй интеллигенцияҕа анаан суругар “үрүҥ харахтаах, улахан муруннаах нуучча быдан биһиэхэ чугас, эйэҕэс, аймахтыы. Кини бэйэбит курдук кэнэн бэйэлээх, амарах, биһигини атаҕастыыр дьоҕура суох (култуурунай таһыммыт тэҥ эбитэ буоллар, саха кинини таптаабытынан муннуттан сиэтиэ этэ)” диэн суруйбутун үчүгэйдик билэрим. Мин кинилэртэн билиибинэн-көрүүбүнэн, кругозорбунан, интеллектуальнай, култуурунай таһыммынан итэҕэс буолбаппын билэрим. Кинилэри кытта биир тэҥ муостаҕа туран кэпсэтэр наадатыгар үгүс боппуруостарга саамай кырата тэҥ, оттон сорох боппуруостарга кинилэртэн балачча ордук таһымҥа билэр-көрөр, дьаһайар буоларыҥ ирдэнэр дии саныыбын. Таҥаһыҥ-сабыҥ, тылыҥ-өһүҥ, тутта-хапта сылдьарыҥ, дьээбэҥ-хообоҥ, иһэриҥ-аһыырыҥ кинилэртэн итээбэт буоллаҕына, бэйэлэригэр тэҥнээҕинэн ааҕаллар. Нууччаларга “По одежке встречают, по уму провожают” диэн бэргэн этии баар. Онон, араас үрдүк таhымнаах салайааччылары кытта кэпсэтэн тылгын ылыннарыаххын баҕарар буоллаххына, кинилэртэн итэҕэстик таҥнар отой сатаммат дьыала. Онон таҥнар таҥаска эмиэ улахан суолта биэрэр наада.
Мииринэй тэрилтэлэрин салайааччыларын сэттэ аҥаар сыл “Бордоҥ” уонна “Кириэстээх” сопхуостарга партком сэкиритээринэн үлэлии сылдьан үгүстэрин үчүгэйдик билсэр, атас-доҕор, табаарыс дьонум элбэх этилэр. Онон мин кэллим даҕаны мунньахтаабат буоллахтарына (предбанникка) приёмнайга кэтэһэн олорбокко курдары ааһарым. Кинилэр эмиэ ыарахан балаһыанньаҕа үлэлиир буолан, бары бииргэ көмөлөсүһэн бу уустук кэми туоруоххайыҥ диэн баҕа санаалаах этилэр. Ордук чугастык Мииринэй оройуонугар уhуннук, кырата отучча сыл, олорор, үлэлиир кырдьаҕас салайааччылары уонна Мииринэйгэ төрөөн, үөрэхтэнэн начаалынньык буолбут уолаттары кытта ыкса доҕордоспутум, табаарыстаспытым. Сороҕор үчүгэйдик бииргэ аһыы олорон, мин саха буолан эһигиттэн туох уратылаахпыный диэн уолаттартан ыйытааччыбын. Ону кинилэр туох да атыннааххын билбэппит диэччилэр. Мин кэмиттэн кэмигэр, бырааhынньыктарга уонна Кириэстээххэ кэллэхтэринэ кинилэргэ үүт, эт собуоттарын бородууксуйатын кэhии гынан булгуччу биэрээччибин, онтон аhара үөрээччилэр. Нууччаларга “не оскудеет рука дающего” диэн бэргэн этиини тутуhан, төhө кыалларынан урутаан биэрэр ордук. Оччоҕо тугу наадыйбыккын көрдөөн ылыаххын сөп буолааччы.
Ырыынак үйэтэ кэлбитинэн, ханна да босхо диэн суох буолбута. Мин кинилэргэ көрдөһөөччү эрэ буолбакка, үксүн оҥорбут бородууксуйабытын – эппитин, арыыбытын, оҕуруот аhын батарар кыһалҕатыгар сылдьааччыбын. Ону кинилэр сөпкө өйдөөн, сороҕун бартерга, сороҕун кэлин төлүөх буолан ылааччылар. Бастакы сылларга Мииринэйдээҕи УРС Тонков Н.А. уонна ОРС Чуркин В.Г. кытары бородууксуйа батарарга уһун кэмнээх дуогабар түһэрсэн, күннэтэ бииргэ үлэлиирбит. Онтон сылын аайы чааhынай маҕаhыыннар күүскэ элбээн иhэллэринэн, УРС уонна ОРС атыылыыр кээмэйдэрэ сыллата күүскэ күччээн, мөлтөөн испиттэрэ уонна түмүгэр моҥкурууттаабыттара. Бүтэhик ОРС дириэктэрэ Василий Кузьмин киирдэҕим аайы утары туран дорооболоhор, эбэhээт итии чэй, хампыат, бичиэнньэ уурар уонна балаhыанньа ыараханын, уу харчы суоҕун кэпсээччи этэ. Туттарбыт оҕоруотум аhын, этим уонна арыым иhин 2 мөл. солк төлүөхтээҕин биэрбэккэ икки сылтан ордук эрэйдээбитэ. Онтон сабыылаах тэрилтэлэри хааччыйбытым иhин дьаһалтаттан курдары харчы түhэттэр диэн кумааҕы биэрдэ.
Аны улуус баhылыгар тиийбиппин, экономикаҕа солбуйааччытыгар визалаата. Аны ол киhибит казначейство начаалынньыгын ыҥыран, маны толор эрэ диэн көрдөстө. Киhитэ оннук онорорум сокуонунан сатаммат, соторунан харчы суох, ОРС кытта сверка ыытар киhим ыалдьа сытар, хаhан тахсара биллибэт эҥин диэтэ. Элбэх эрэйи көрөммүн, түмүгэр ыксаан бары наадалаах докумуону хомуйан Дьокуускайга арбитражнай суукка биэрдим. Икки ыйынан суут уурааҕа тахсан, аны суут уурааҕын Мииринэй приставтарыгар илдьэн биэрбитим. Ону кинилэр ылан инкассо уочаратыгар суруйдулар. Сахалар ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэ эрэн дииллэрэ сөп быhыылаах. Онон бородууксуйаны батарыы элбэх эрэйдээх дьыала эрээри, төлөбүр харчытын ылыы өссө улахан эриирдээх, уустуктардаах буолааччы.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, бородууксуйаны батарарга эбэтэр подряд дуогабарын оҥорорго улахан тэрилтэлэр стандартнай дуогабар бырайыагын уларыттарбат буола сатааччылар. Ону мин эбэhээт эриhэн биhиэхэ ночооттоох өттүн сотторон, наадалааҕын булгуччу киллэрэн эрэ баран илии баттааччыбын. Итини таhынан ирдэнэр счёт-фактура, ТТН, дэбиэринэс, ылсыы-бэрсии ааҕа, араспыыска уо.д.а. докумуоннар барыта илии баттанан, бэчээтэ туран чуолкай буоларын ирдээччибин. Сорох тэрилтэ салайааччылара, элбэх ИП-лар уонна чааhынай дьон мүөттээх тылларынан барытын толоруох, харчытын тута бириэмэтигэр төлүөх буолан эрэннэрэн баран, аҕыйах хонугунан санаалара 180 кыраадыс уларыйан, араас биричиинэнэн уhатан-кэҥэтэн, ким эрэ харчы биэрбэтэ, ыалдьыбыт үhү эҥин диэн ыйы-ыйынан, сороҕор сылынан куота, уhата, албынныы сатааччылар. Оннооҕор уруккуттан үчүгэйдик билэр киhиҥ, ардыгар табаарыhын, урууҥ, аймаҕыҥ илии тутуhан баран эргийэн биэрэллэрэ кэнники сылларга аhара элбэх буолла. Бары билэрбит курдук ынах эриэнэ таһыгар, оттон киһи эриэнэ иһигэр дииллэрэ саамай сөп. Онон ирдэнэр докумуоннары уhаппакка-кэҥэппэккэ, дьыаланы сөптөөхтүк бэлэмнээн баран, Арбитражнай, Федеральнай эбэтэр мировой суукка тута биэрэр наада буолааччы. Итинник эрдэттэн сэрэнэн дьаhамматаххына, бэйэҥ тэрилтэҥ моҥкурууттуур куттала үөскүүр.
Онон “АЛРОСА” подразделениеларыгар уонна бюджет тэрилтэлэригэр бэйэлэригэр тиийэн кууhунан батарар сорук турбута. Холобур, саамай мөлтөх экэнэмиичэскэй туруктаах Светлэйдээҕи ГЭС-3 тутааччыларыгар уонна “Иреляхнефть”, “Алросагаз” тэрилтэлэригэр кэлин да төлөһүөххүт диэн хортуоска уонна хаппыыста төһө наадыйалларынан биэрээччибин. Кинилэр кэлин да матырыйаалынан, ньиэбинэн, газоконденсатынан төлөһөөччүлэр.
Мииринэйгэ мантан сарсыарда эрдэ хоҥнон баран, 9 чаас ааһыыта тиийэн, эрдэ оҥоһуллубут испииһэккэ олоҕуран тэрилтэлэри кэрийэбин. Уонча тэрилтэттэн саамай суолталаах, саамай наадалаах икки-үс тэрилтэҕэ аан бастаан сылдьабын. Тоҕо диэтэххэ, улахан тойоттор 11 чаас диэки онно-манна баран хаалааччылар. Эбиэт кэннэ кыра суолталаах боппуруостары быһаарсар идэлээх этим. Сорох тэрилтэлэр салайааччыларыгар баарбын биллэрэн, киирэн сэһэргэһэн, чэй иһэн тахсааччыбын. Саамай элбэхтик “Алроса” хампаанньаҕа вице-президеннар Анатолий Тарасовичка, Роберт Фёдоровичка, Иван Кирилловичка, Александр Павловичка, хаһан эмит Зилберт Семён Ильичка, Валентина Потрубейкоҕа, араас отделлар начаалынньыктарыгар, улуус дьаһалтатыгар баһылыктарга Кириллин Петр Дмитриевичка, Попов Анатолий Тарасовичка, элбэх солбуйааччыларыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, торговай отделга мэлдьи сылдьааччыбын. Оттон Ботуобуйа экспедициятын начаалынньыктара Туканов Ю.В, Шаталов Н.П. бэйэм хонтуорабар курдук киирээччибин. БПТОК-ка Павленко В.А., Чайдахскай партияҕа, “Алросагазка”, “Западно-Якутскай” экспедицияҕа, Мииринэйдээҕи ОРС-ка Чуркин В.Г. аатырбыт солбуйааччыта Эмма Викторовнаҕа, “Новай” сопхуоска Спартак Васильевичка нэдиэлэ аайы сылдьааччыбын. Ленскэйгэ саамай элбэхтик “Ленснаб” Волков Л.Я. уонна ЛОТК, Айхалга Амакинскай экспедицияҕа Бойко Г.Д., Удачнайга ГОК-ка Попов А.Т. сылдьааччыбын. Итини таһынан, араас ыскылаат, мастарыскыай сэбиэдиссэйдэригэр, мэхээнньиктэргэ, токардарга, электриктэргэ, слесардарга, носуос регулировкалааччыларга, электрообмотчиктарга уо.д.а. сылдьан, кыра сыанаҕа быһа кэпсэтэн бартерга арааһы оҥорторооччубун. Онно-манна бараары, кэлээри Мииринэйгэ хонорбор Ботуобуйа экспедициятын гостиницатыгар суоппарбыныын мэлдьи босхо хонооччубут, массыынабытын БПТОК гараһыгар угааччыбыт. Тэрилтэлэргэ дуогабар түһэрсэрбэр, араас матырыйаалы атыылаһарбар элбэхтик омук сиринэн сылдьан үөрэммит, араас матырыйаал сыанатын эрдэттэн билэр уонна математик үөрэхтээх буолан, эбэһээт түргэнник төбөбөр толкуйдаан, ааҕан-суоттаан мэлдьи түһэрсэн, улахан барыыстаах эрэ буоллаҕына илии тутуһааччыбын. Ол да иһин буолуо, «ВилюйГЭСстрой” аксакала, кырдьаҕас 75 саастаах прораба Спичак А.Г.: “После Горн Егоровича хохлу делать нечего”, – диэбиттээҕэ. Дьону кытта сыhыаҥҥа, сатаан кэпсэтэргэ, тылгар киллэрэргэр араас элбэх ньымалар бааллар. Дейл Карнеги, Брайан Трейси, Роберт Киосаки, Джо Витале, Джон Кехо уо.д.а. үгүс элбэх кинигэлэрин үксүн эрдэ аахпыт, үөрэппит буолан, балачча бэлэмнээх этим. Сүрүнэ – киитэрэйдээбэккэ, албыннаабакка, көнөтүнэн аһаҕастык, грамотнайдык, ааҕан-суоттаан барытын быhааран кэпсэтиллиэхтээх.
Сайыҥҥы өттүгэр өрүһү туоруурбар 15 сыл устата сарсыарда 7 чааска паром биэрэккэ бэлэм үлэлии турар, оттон киэһэ болдьообут чааспар уҥуор кэтэһэн турар буолааччы. Биирдэ даҕаны уҥуор биэрэккэ хонон хаалбатаҕым. Паромщиктар Николаев А.П. уонна Сидоров В.П. чуолкайдык үлэлииллэрэ.
Дьокуускайга сылга кырата үс-түөрт төгүл, өссө сиринэн куоракка диэри суол оҥоһулла илигинэ биир сыл иһигэр тоҕуста сөмөлүөтүнэн командировкаҕа МСХ-ҕа эҥин бара сылдьыбыт этим. Мин үлэлиир кэммэр миниистирдэринэн Трофимов Ю.Д., Сивцев И.С., Борисов Е.А., Наумов Д.Ф., Степанов А.И. үлэлээбиттэрэ, кинилэргэ барыларыгар хас сырыым аайы приёмҥа элбэхтик сылдьыбытым. Бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар солбуйааччыларыгар уонна Ил Түмэн аграрнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэригэр сылдьааччыбын. Ордук 1986 сыллаахха “Шмаковка” санаторийга бииргэ сынньаммыт, Мэҥэттэн төрүттээх Охлопков Ф.Г. кытта Ил Түмэҥҥэ араас сокуон бырайыагар уонна бырабыыталыстыба дьаһалларыгар аһара тапсан бииргэ үлэлээбиппит. Сунтаардар дьокутааппытыгар Уаров А.С., комсомолтан билэр САПИ тойоно Тумусов Ф.С. сылдьааччыбын. Министиэристибэҕэ Хоту норуоттар департаменнарыгар үлэлиир биир дойдулаахтарбар Иванов П.С. уонна Николаев П.П. сылдьан, бастаан куорат уонна МСХ сонунун билээччибин. Онтон наадалаах отделларбын уонна араас “Туймаадалары” барытын кэрийэбин. Сыл түмүгүн аайы улахан ыҥырыылаах МСХ кэллиэгийэтэ буолааччы. Онно миэхэ мэлдьи тыл биэрээччилэр. Сороҕор “Племобъединениены”, “Туймаада-лизини”, “Туймаада-ньиэби”, “Зернопродугу” эҥин кириитикэлээччибин. Салайааччылара миигин бары билэллэрэ уонна сорохторо аһара саллаллара, бу сырыыга саҥараайаҕын эрэ диэбит дьон баар этилэр.
Биирдэ “Туймаада-агроснаб” салайааччыта Филипповы уотурба уонна сиэмэ бурдугу Томмоттон Кириэстээххэ түргэнник толору аҕалбытын хайҕаан тыл эппитим, онно кини улаханнык махтаммыта. Онон куоракка баар тэрилтэ салайааччыларыгар уочарата суох курдары киирээччибин. Арай биирдэ “Туймаада-лизинг” тэрилтэтигэр сверка оҥороору бухгалтерияҕа киирбитим, биир отой эдэр кыыс миэхэ наадыйбат, төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор, солом суох, эбиэт кэннэ кэлээр диир. Мин кылаабынай буҕаалтырга тахсан бэйэбин билиһиннэрэн баран, туох буолбутун кэпсээтим. Киһим били кыыһы ыҥырда уонна “бу киһини билэҕин дуо?” диэтэ. Кыыс умса көрөн турда. Киһим кытаанахтык мөхтө уонна “последнее китайское предупреждение” биэрэбин, аныгыскы клиент үҥүстэҕинэ, сонно уурайаҕын диэтэ. Кыыһым ытаан барда.
Биирдэ куорат ТЭЦ-гэр уу собуотугар кислороднай баллону заправкалата тиийбитим, киһим баллон өрөмүөнүгэр уонна заправкатыгар ааспыт сырыытааҕар балачча элбэх харчыны көрдүүр. Мин “биир ый иһигэр сыана тоҕо олус үрдүүрүй” диэн мөккүстүм. Ону киһим “оччоҕо баран хаал, чугас Читаҕа баран заправкалат” диэтэ. Мин кыйаханным уонна кылаабынай инженергэ киирэн, киһиҥ инньэ диир, сыаната уларыйа сылдьар диэтим. Кэлин кэлбитим ол киһини ууратан, эдэр уолу туруорбут этилэр.
Биирдэ биир үлэһиппит ПК-тан тахсабын, онон паайбын биэрэргитигэр көрдөһөбүн диэн дирекция сэбиэтигэр сайабылыанньа биэрдэ. Биһиги дьүүллэһэн баран Устаапка олоҕуран аккаастаатыбыт. “Тэрилтэ ыһыллар түбэлтэтигэр эрэ эн, эбэтэр нэһилиэнньиктэриҥ паайы ылар бырааптааххыт”, – диэтибит. Киһибит сөбүлэспэккэ Сунтаарга федеральнай суукка үҥсүү түһэрдэ. Биһигиттэн быһаарыы көрдөөтүлэр, онтон суут буолла. Судьуйа суолтатыгар ыйыталаһаат, эрдэ бэлэмнээбит уурааҕын аахта. ПК киниэхэ паайын 157 тыһ. солк харчыны төлүүрбүтүгэр уураахтаата. Оччолорго бу улахан суума этэ. ПК -ҕа үлэлиир паайдаах дьон ахсааныгар төгүллээтэххэ, туох баар ПК баайын хас да бүк суума тахсар этэ. Ол иһин суут уурааҕын ылан үөрэтэн баран, Верховнай суукка барытын быһааран, анаалыстаан ааһыныы суруйдубут. Верховнай суут буолуон иннинэ МСХ юридическай отделын начаалынньыгын мэлдьи билсэр киһибин наймыыластым. Дьиэтигэр тиийэн араас сокуоннары хаһыстыбыт уонна Ельцин Ыйааҕын булан ыллыбыт – племенной хаһаайыстыбалары ыһыы бобуллар диэн. Онон Верховнай суукка тиийэн дакаастаан, Сунтаар суутун уурааҕын көтүттэрдибит. Ол киһим билигин имущество министрын солбуйааччытынан үлэлиир.
Өссө эбэн кэпсээтэххэ, тутуу миниистиринэн үлэлээбит Павел Аргунов диэн эдэр киһи МСХ тутуу отделыгар, билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов растениводство отделыгар, бырабыыталыстыба солбуйар председателинэн үлэлээбит Денис Белозёров ФАПК Туймаадаҕа саҥа үөрэҕи бүтэрээт үлэлээбиттэрэ. Мин дириэктэринэн үлэлиир 15 сылбар элбэхтик арбитражнай, федеральнай уонна мировой суукка ирдэһээччи эбэтэр эппиэттээччи быһыытынан сырыттым. Онон кыһалҕаттан гражданскай, административнай, холуобунай кодекстары уонна да атын сокуоннары элбэхтик үөрэппитим. Хас биирдии салайааччы юридическай өттүнэн грамотнай буолара булгуччулаах ирдэбил дии саныыбын.
Итини таһынан сылга биирдэ Новосибирскайга уонна иккитэ-үстэ Москубаҕа эмиэ хаһаайыстыба наадатыгар командировкаҕа баран кэлэрим. Подмосковье куораттарыгар Чеховка, Подольскайга, Серпуховка, Клинскэйгэ, Жуковскайга, Королевка уо.д.а. сылдьыталыыр этим. Москубаҕа бастайаанна олорор киhитэ 12 мөлүйүөн буолар. Арассыыйаҕа баар харчы кырата 70-80 бырыhыана эргийэр сирэ, онон Арассыыйа олигархтара, бары баай дьоно, саамай өйдөөх, талааннаах дьоно мустубут сирэ буолар. Итини сэргэ Арассыыйа саамай күүстээх мафията, бандьыыттара эмиэ мустубут сирдэрэ. Мин командировкаҕа бастаан сылдьарым саҕана араас ытыалаһыылар, терактар, айдааннаах сакаастаммыт өлөрүүлэр сотору-сотору буолаллара. Москуба мэринэн учуонай, рынокка киирии теоретига Гаврил Попов үлэлиир эрдэҕинэ уулуссалар бүтүннүү бөх-сыыс, тутуу отой барбат, Москубаны “проходной двор” дииллэр этэ. Киэһэ хараҥа буолла да, криминальнай структуралар “сфера влияния” былдьаһан сотору-сотору автоматынан ытыалаһан тахсаллара. Онтон Юрий Лужков мэринэн талыллыаҕыттан Москуба бэрээдэктэнэн, аһара түргэнник күүскэ тупсубута. Кээмэйэ суох элбэх өрөмүөн уонна саҥа тутуу, суоллары, уулуссалары асфаллааһын саҕаламмыта. Онтон араас дьулаан террактар саҕаланан уулуссаҕа хас сүүстүү миэтэрэ буола-буола иккилии-үстүү киһилээх полициялар эбэтэр иккилии миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх аптамааттаах спецназтар, ВДВ уолаттара турар буолаллара. Кинилэр хас Кавказ сирэйдээх киһини барытын тохтотон, истиэнэҕэ тайаннаран туран дьэгдьийэллэрэ уонна пааспар, регистрация бэрэбиэркэлииллэрэ. Онон кавказтар ырыынактарга эрэ толору этилэр.
Арай биирдэ эмиэ Москубаттан Мииринэйгэ киэһэ 11 чааска көтөр билиэттээх, тэрилтэм такситынан Внуково авиапордугар киэһэ 8 чааска, адьас хараҥаҕа тиийдибит. Таксиспыттан бухгалтерияҕа отчуоттуурбар бырайыаспар төлөөбүт харчыбар квитанция биэрэҕин диэбиппэр, киһим порт территориятыгар сүүсчэ миэтэрэ чугаһаан баран тохтоон, фаратын умуруоран баран, массыына иһин уотун уматан, квитанциятын суруйан эрдэҕинэ, эмискэ икки массыына сүүрдэн кэллилэр даҕаны, аптаматтаах спецназтар ыстанан тахсан массыынабытын төгүрүйдүлэр. Биһигини сулбу тардан таһааран массыынаҕа тайаннаран туран дьэгдийдилэр. Уонна тоҕо манна тохтоотугут диэн биир полиция капитаннаахтара ыйытар. Таксиһым стоянкаҕа киирэн уһуннук турдахпына харчы төлөтөллөр, ол иһин манна ыраах туран квитанция суруйабын диэн быһаара сатыыр. Киниэхэ соччо кыһамматтар, мин таһаҕаспын барытын астаран сүөкэтэн көрдүлэр. Араас ароматизатордар пластиковай бытыылкаҕа, араас закваскалар баалларын чинчийдэх буолаллар. Мин сопхуос дириэктэрэбин, Саха сириттэн командировкаҕа кэлэ сылдьабын, сотору көтөр билиэттээхпин диэн быһаара сатыыбын. Бу үүт собуотугар туһаныллар закваскалар, ароматизатордар диэн быһаарабын. Капитаным соруйан бириэмэни тардар, ыксаан харчы биэриэ диир быһыылаах. Мин бириэмэм балачча баар буолан испэр ыксаабаппын. Түргэнник полиция учаастагар илт, онно быһаарсыахпыт диибин. Чаас аҥаарыттан ордук кэмҥэ тутан баран, туһа тахсыа суох диэн ыыппыттара.
Оччолорго кыра ычалаах, куттас, мөлтөх киһи дууһатын харыстаан, куттанан дьиэтиттэн мээнэ ыраах барбат-кэлбэт бириэмэтэ этэ. Ол курдук, сорох исписэлиистэри Дьокуускайга бородуукта, матырыйаал тиэйтэрэ КАМАЗ-ка эҥин олордон командировкаҕа күһэйэн ыыттахха, кэргэттэрэ миэхэ дьиэбэр субу-субу төлөпүөннээн сүгүн олордооччулара суох, оччолорго билигин курдук дойду хайа баҕарар куоратыттан видео сибээһинэн кэпсэтэр суотабай сибээс кэлиэ ыраах этэ. Онон куоракка межгородка киирэн кырата чаас уочараттаан сибээс баар буолан переговордастаххына улахан махтал буолааччы.
2003 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр Арассыыйа Конституцията ылыллыбыта 10 сыллаах үбүлүөйүгэр бары регионнартан уончалыы бастыҥ үлэһиттэри, уопсайа биир тыһыынча киһини мунньан, Кыһыл болуоссакка Сэбиэскэй былаас сууллуоҕуттан бастакы байыаннай парады В.В. Путин бэрэсидьиэннээбитэ үһүс сылыгар тэрийбитэ. Саха сирин дэлэгээссийэтигэр Мииринэйтэн “Алросаттан” Демьянов И.К., Нерюнгриттан “Якутугольтан” биир экскваторщик, Тааттаттан Ытык Күөл оскуолатын английскай тылын учуутала дьахтар, Москваттан Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Акимов А.К. уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн Сунтаартан мин баарбын. “Россия” гостиницаҕа сытыардылар. Москва куорат ханнык эрэ управатыгар сыһыарбыттар, массыынанан тиэйэ сылдьан киэһэ рестораннарга аһаталлар. Ханна сылдьар баҕалаахпытын ыйыталлар. Парадка элбэх хонтуруолу ааһан Мавзолей таһынааҕы ыскамыайкаларга олортулар. В.В. Путин биһигиттэн отучча миэтэрэлээх сиргэ турар. Парад биир чааһынан бүппүтэ. Онтон Кыһыл болуоссакка бөлөхтөрүнэн хаартыскаҕа түстүбүт. Онно мин, Иван Кириллович Демьяновтыын уонна учуутал чүөчэ буолан В.В. Жириновскайдыын хаартыскаҕа куустуһан туран түспүппүт Саха сиригэр сурунаалга бэчээттэммитэ.
Үөһэ эппитим курдук, массыынам бары суоппардара аһара бэрээдэктээх, бириэмэни тутуһар, чуолкай этилэр диэн өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Сахаларга былыр-былыргыттан “бөрөнү атаҕа аһатар” уонна “сылдьыбыт сыыһы булар, кɵрдɵɵбүт кɵмүhү булар” диэн өс хоһоонугар этиллэринии, уонна эдэрчи буолан күнү-түүнү аахсыбакка үгүстүк айанныыр, кэлэр-барар этим.
Мин командировкаҕа бардахпына тэрилтэни киэҥ билиилээх-көрүүлээх, ураты грамотнай, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх, баай уопуттаах Нестер Васильевич бэркэ салайара, миигин суохтаппат этэ. Кинилиин мин аһара тапсан, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, эйэ-дэмнээхтик, таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээбиппит.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, Сунтаар улууһа Мииринэй улууһун уонна “Алросаны” кытта уһун кэмнэргэ ыкса сибээһи тутуһан олорбуппут. Онтон 2002 сылга Штыров В.А. өрөспүүбүлүкэ бэрисидьиэнигэр быыбарга Тумусов Ф.С. кытта киирсибитэ. Онно бастакы туурга улууска аҕыйах нэһилиэк, ол иһигэр Кириэстээх, Штыровка үгүс куолаһы биэрбиппит. Иккис туурга Куокунулары баран биһиги аҕытаассыйалыы сатаабыппыт. Ол бириэмэҕэ Кириэстээххэ уонна Куокунуга Ил Түмэн дьокутааттара Уаров А.С. уонна Корнилова З.А. кэлэн мунньахтаан, дьону аҕытаассыйалаан, улуус бары нэһилиэктэригэр Тумусов Ф.С. хотон тахсыбыта. Онтон аһара хомойон, Штыров В.А. хампаанньа саҥа саламтатыгар сунтаардарга бары көмөнү тохтотуҥ диэн эппит үһү. Онон биһиги, сунтаардар, бэйэбит буруйбутунан кэнники сүүрбэччэ сыл ыкса сибээспит уурайан турар.
Иккиһинэн, доллар куурса үрдээн, хампаанньа үлэһиттэрин орто хамнаһа кырата 100 тыһыынча солкуобай буолан бары түргэнник байбыттара, ордук тойотторо. Баай дьадьаҥыны уруурҕаабат уонна куодарыспат диэн төрүттэрбит сөпкө эппит эбиттэр. Онон күн бүгүҥҥэ диэри доҕордуу сыһыан сөргүтүллэ илик. Хаһан эрэ урукку доҕордуу сибээс сөргүтүллүө диэн эрэнэрбитигэр эрэ тиийэбит.
Түмүгэр, өссө 1995 сыл сайын атырдьах ыйын ортото буолбут түгэни ахтан ааһыахпын баҕарабын. Оччолорго биһиги уҥуор Сэрии Киирбиккэ сыл аайы ортотунан 300-чэ субай сүөһүнү таһааран сайылатар этибит. Арай биирдэ бостуук сарсыарда өрөбүлгэ тыраасса кытыытынааҕы күөлгэ кус ыта киирбитэ – күөл уҥуор элбэх суор тугу эрэ сииллэр эбит. Баран көрбүтэ – сибиэһэй сүөһү иһин сии сыдьаллар эбит. Онтон суоллаан көрбүтэ, чугас ойуурга тириитигэр төбөтүн уонна туйаҕын суулаан бырахпыттар эбит. Дьэ манна киирэн тута тыллыыр. Онуоха учаскуобай, нэһилиэк баһылыга, управляющай тахсаннар көрөн аах оҥороллор уонна чугас Соколинай уорааныгар бараллар. Тиийбиттэрэ биир ЗИЛ фургон уонна икки кыра массыынанан Мииринэйтэн үс эдэр дьиэ кэргэн балаакканан киирэн балыктыы кэлэн хонон бараары хомуна сылдьар эбиттэр. Ону-маны ыйыталаһан баран, фургоннарын аһан көрдөрөллөрүгэр учаскуобай эппит. Бастаан аккаастыах курдук буолан иһэн син аһан көрдөрбүттэр. Арай эттэрэ онно сытар эбит. Ону хантан ыллыгыт диэбиттэригэр биир киһиттэн атыыластыбыт диэбиттэр. Ордук дьахталлара айдаарар эбиттэр. Эһиги, сахалар, соруйан була сатаан ол-бу буолаҕыт, национальнай боппуруоһу көтөҕөҕүт диэн маатыралара сүрдээх. Ону бу эти ыйыыбыт, Кириэстээххэ барыахха диэн илдьитэлии кэлбиттэр. Уонна Сунтаарга милииссийэҕэ эрийэн силиэдэбэтэл ыҥырбыттар. Дьахталлар айдаан бөҕөтүн таһааран, Мииринэй дьаһалтатыгар, милииссийэтигэр төлөпүөннээбиттэр. Москубаҕа ИДьМ-ҥа улахан телеграмма ыыппыт этилэр. Киэһэ силиэдэбэтэл үс эр киһилэрин илдьэ Сунтаарга барбыттара. Онно тиийэн хаайабыт диэбиттэригэр билиммит этилэр. Биһиги түргэн үлүгэрдик КП баайын уорбут киһи оҥорбут ночоотун уон төгүл элбэҕи төлүүр диэн устаапка уларытыы киллэрэн туран, ааҕан-суоттаан милииссийэҕэ сайабылыанньа суруйдубут.
Кэлин билбиппит, Мииринэй киин газовай хочуолунайын үлэһиттэрэ эбит. Мииринэйгэ резонанс бөҕө таҕыста. Кириэстээхтэр сүөһүлэрин мэлдьи уоран сиэбиттэр үһү диэн. Уонча хонук ааспытын кэннэ Ботуобуйа автобаазатын аксакал начаалынньыга табаарыһым Павленко В.А. миэхэ субуоннаата. Биирдэрэ урукку Мииринэйдээҕи ГОК кылаабынай инженерин Гареев уола баар эбит, мин табаарыһым уола диир. Онон “хайдах эмэ эйэлээхтик быһаарсар кыах баар дуо?” диэн ыйыталлар диэтэ. Мин “толкуйдуом” диэтим. Аҕыйах буолан сүбэлэстибит уонна кинилэри холуобунайдатан тугу туһаныахпытый, хата тугу эрэ уурдаран ылыахха диэн буолла. Мииринэйгэ тахсан ол хочуолунай мэхээнньигэ уолу биир бииргэ көрүстүм. Уонна биһиэхэ киин хочуолунайбыт таһыгар Элгээйиттэн кэлбит 5 туонна ыйааһыннаах газовай оһох сытар, ону сарайы кыратык көтүрэн, КАТО кыраанынан көтөҕөн киллэрэн, толору үлэлиир курдук үһүс аварийнай оһоҕунан монтажтыыгыт, икки циркулярнай электроносуоһу булан киллэрэҕит уонна хочуолунайгыт аварийнай түгэҥҥэ туһаныахтаах “НЗ” сэлээркэтиттэн биир КАМАЗ массыына налив 16,5 куб. сэлээркэни биэрэҕит, оччоҕуна сайабылыанньабын төттөрү ылыам диэтим. Илии тутустубут. Дьоммут уонча хонугунан кэпсэтиини 100 бырыһыан толорбуттара. Мин Сунтаарга милииссийэҕэ киирэн сайабылыанньабын төттөрү ылбытым. Онон биир борооску улаханнык туһалаан турар. Итиннэ оччотооҕу учаскуобай Никифоров Е.П. үчүгэй үлэтин тоһоҕолоон бэлиэтиир наада.
Сунтаарга оччолорго ыйга биирдэ, иккитэ эрэ киирээччибин. Улуус дьаһалтатыгар, бары тэрилтэлэргэ уонна нэһилиэнньэҕэ харчы отой суох, кэмчи этэ. Арай налоговайдар, СЭС-тэр, экологиялар, баһаарынайдар, ветстанциялар, энергосбыттар уо.да.а. тэрилтэлэр бары араас сокуоннарга, инструкцияларга олоҕуран потологу ыйа-ыйа үөһээ Ельцин Ыйааҕа дии-дии аҥаардастыы ыстарааптары, пенилары суруйа-суруйа харчы хайытан, ирдэһэн, киэбирэн, куттаан тахсаллара. Мин кинилэргэ киирэн сороҕор айдааран, сороҕор үчүгэйдик кэпсэтэн, сороҕор куоракка үөһээ турар тэрилтэлэригэр ааһынан биһигини мээнэ тахсан хонтуруолу, харчы хайытааһынын тохтоппутум. Атын үгүс тэрилтэлэри аахсыбаттар эрэ диэн аһара ыстарааптаан, пенилээн моҥкурууттаппыттара баар суол. Кинилэр үчүгэй үлэһит аатыран, ыстараап сууматыттан бириэмийэ ылаары аһара сүрдэнэллэрэ.
Куокунуттан уонна Кириэстээхтэн улуус мунньаҕар депутаттыы сылдьан бюджет хамыыһыйатыгар үлэлээн балачча харчыны Кириэстээх уонна Куокуну нэһилиэктэригэр көрдөрбүтүм. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан соҕотох депутат буолан эрэйдээх этэ, единэйдэр куомуннаһан үксүн хотоллоро. Биирдэ Саҥа дьыл буолуо аҕыйах күн баарына сессияҕа эһиилигэр улууска Спартакиада уонна Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан сибээстээн тыа хаһаайыстыбатыгар биир да солкуобайы сыллааҕы бюджекка көрбөтүлэр. Уопсайа 17 депутаттан 12 депутат баар этэ. Биир депутат утары куоластаатаҕына сыллааҕы бюджет бигэргэммэт балаһыанньалааҕа. Дьэ мин кыйаханан тыл этэн баран утары куоластыам диэтим. Сынньалаҥ биллэрэн баран элбэх киһи миигин тылларыгар киллэрэ, гына сатаатылар. Соҕотох мин эрэ утары куоластаан бюджет бигэргэммэтэҕэ. Ону ахсынньы 31 күнүгэр эбии депутаттары хос хомуйан бигэргэппиттэр үһү. Мин киирбэтэҕим.
Арай биирдэ сарсыарда 8 аҥаар чааска үлэбэр тиийэн олордохпуна Мииринэйтэн эрийдилэр. Бу сарсыарда Ньурба улууһун баһылыга Петрова Варвара Андреевна дойдутугар ааһан иһэн эһиэхэ сылдьан ааһар үһү диэтилэр. Мин Нина Ивановнаҕа уонна Тамара Захаровнаҕа төлөпүөннээн кэлэн чэйдэ түргэнник бэлэмнээҥ диэн дьаһайдым. Тоҕус чааска киһим киирэн кэллэ. Ону-маны кэпсэтээт, дьэ, комплексаны тахсан көрүөххэ, онтон чэйдиэхпит диэтим. Тахсан комплекс үлэтин-хамнаһын, онтон үүт собуотун үлэтин сиһилии билистэ.
Киирэн мэхэньисээтэрдэр дьиэлэригэр олорон наҕылыччы чэйдээтибит. Элбэх сэһэн-сэппэн суох, бараары туран илиитин биэрдэ уонна: “Гуорун, куһаҕана суохтук үлэлиир эбиккин”, – диэбитэ. Уонна тахсан салгыы айаннаатаҕа дии. Манна сыһыаран кэпсиир буоллахха, арай биир “АЛРОСА” хампаанньа бырабылыанньатын мунньаҕар алмаас провинциятын улуустарын кытта үлэ салгыы хайдах хайысханан барыаҕай диэн боппуруос көрүлүннэ. Бары улуустар баһылыктара, мин уонна Тойбохойтон Адам Семёновичтыын баарбыт. Үөһээ Бүлүү баһылыга Михаил Чалбанов бэйэтин этиитин – эһиги, алросалар, иһэр уубутун киртитэн, айылҕабытын алдьатан олороҕут, онон босхо иитэн-аһатан олоруохтааххыт диэх курдук этэн истэҕинэ, В.А. Штыров кыйаханан, эһиэхэ көмөлөһөөрү өссө ыҥыртаан кэпсэтэ сатыы олордоххо – диэт тарбахтарын төбөтүнэн остуолу охсон саайда. Биһиги бары умса көрдүбүт уонна үүртэлээн таһаарар буолла диэн салла санаатыбыт. Арай эмискэ Варвара Андреевна туох да буолбатаҕын курдук наҕыл куолаһынан Ньурба улууһа хайдах хайысханы тутуһан үлэлиирин кэпсээн барда. Баар дьон бары дьэ һуу гына, уоскуйа түстүбүт. Онно бары Варвара Андреевнаҕа муударайын иһин улаханнык махтанан турабыт.
Биирдэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан опыт атастаһа кэлбит делегацияҕа аҕыйах нэһилиэк баһылыга уонна бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара баар этилэр. Халлаан -45 кыраадыс тымныы этэ. Үүт собуотугар уонна комплексаҕа молокопровод, ТСН, автопоилка, сиилэс, от киллэриитин механизацията үлэлии туралларын көрөн сөхтүлэр. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм биир киһи сиилэс түҥэтэн сүүһүгэр көлөһүн түспүт ыанньыксыт чүөчэни сөҕөн чыпчылыйбакка көрөн турар. Ону мин туох баарый диэн ыйыттым. Киһим чүөчэни ыйа-ыйа маҥан лифчигэ көстөр дии диэтэҕэ үһү. Комплекс ичигэһэ бэрт буолан курдары көстөр рубашка кэтэн үлэлии сылдьарын аһара сөхпүт этэ. Кинилэргэ хотоҥҥо былыргыттан билиҥҥэ диэри телогрейканан үлэлииллэр үһү.
Атырдьах ыйын бүтүүтэ сарсыарда үлэбэр 8 аҥаар чааска тиийээппин кытары физико-математическай наука дуоктара, РК дириэктэрэ, билигин Саха кэнгириэһин салайааччыта Шамаев И.И. киирэн кэллэ. Мин кинини үп миниистирин солбуйааччыта Данчиковаҕа приёмҥа киирээри уочараттаан олорон, икки чаас кэпсэтэн билсибит киһим. Усов М.А. баарын, суоҕун ыйыталаста, бэҕэһээ киэһэ попутканан кэлэн “Кириэстээх” диэн аншлаг таһыгар ойуурга кыра балаакка курдуктаахпар хоннум диир. Миэхэ эбэтэр Михаил Аввакумовичка киирэн хонуоххун диэбиппин, мин мэлдьи итинник сылдьааччыбын диир. Сотору чэй бэлэмниэхтэрэ, кыратык күүтэ түс диэбиппин “түбүгүрэр наадата суох, салгыы Мииринэйдиибин” диэт баран хааллаҕа үһү. Оннук дьон эмиэ баар эбиттэр.
Төһө да реформа уһун синньигэс, булкуурдаах кэмнэрин иһин Улахан Табаҕаҕа сылын аайы 560 гектарга ньэчимиэн ыһарбыт. Үс сүүс гектарга эбиэһи сиилэскэ уонна 130 гектарга зеленкаҕа анаан ыһарбыт, уоннааҕыта хара паар буолара. Кылаабынай агрономунан бастаан Петров Н.П., онтон Максимов В.Н. үлэлээбиттэрэ. Отделение управляющайдарынан Куокунуга Гаврильев Н.Н., Босиков З.С., Петров М.Д., Кириллина А.С., Кириэстээххэ Босиков З.С., Амбросьев Д.Н., биригэдьииринэн Сидоров Н.П. эмиэ уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Михайлов Клавдий Иванович кэнниттэн аренднай бэдэрээт ньыматынан үлэлиир бурдук звенотун салайааччытынан Конобулов Олег Иванович, онтон Куличкин Петр Петрович эмиэ үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Сир үлэтигэр ирдэниллэр бастыҥ технологияны толору тутуһан үлэлииллэрэ. Бурдук звенотугар бары пиэрмэлэргэ, оттуур, сиилэстиир звеноларга курдук үлэлиир бириэмэлэригэр аһыыр ыһыктарыгар Дьокуускай уоптабай база сыанатыгар, транспортнай да ороскуотун эппэккэ туран, бэйэбит маҕаһыыммыт атыыһыт Тамара Захаровна нөҥүө, сөп буоларынан тушенка, бурдук, саахар, лапса, чэй, табах уо.д.а. бородууктанан хамнас суотугар барыларын толору хааччыйарбыт. Эт, арыы, оҕуруот аһа, үүт, эт аһылыктары төһө баҕаралларынан эмиэ хамнас суотугар ылаллара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллибит бурдук хаһаайыстыбаларын ситимигэр 1998 сылтан киирэн үлэлээбиппит. Сылын аайы ортотунан 700 туонна бурдугу үүннэрэрбит, онтон 200-400 туонна дьэһимиэн бурдугу Бүлүү бөлөх улуустарын хаһаайыстыбаларыгар “Зернопродукт” нөҥүө атыылыыр буолбуппут. Итини таһынан зеленкаҕа уонна сиилэскэ анаан эбиэһи ыһарбыт.
Мин хаһаайыстыбаны 15 сыл салайар кэммэр Улахан Табаҕа бааһыналара толору сылын аайы икки хонуулаах севооборокка олоҕуран туһанылла турбуттара. Ол аата бааһына аҥаарыгар ыраас паар оҥоһуллара. Итиннэ эбэн эттэххэ, мин үлэлиирим тухары тэрилтэ үп-харчы өттүнэн туруктааҕын туоһулаан, ыйдарынан, кварталларынан тустаах төлөбүрдэр оҥоһуллан испиттэрин суотугар, ПК бары эбийиэктэригэр биир да күн электроэнергия, төлөпүөн арахсыбатаҕа, биир да тыраахтар, биир да массыына саппаас чааһа суоҕуттан турбатахтара, бары тиэхиньикэлэр сэлээркэ, бэнсиин суоҕуттан өрөөбөтөхтөрө. Тэрилтэ бааннарга баар счеттара хаһан да сабылла сылдьыбатахтара. Үлэһиттэр хамнастарын ый аайы болдьоҕор ылан иһэллэрэ ситиһиллибитэ. Арай 1996 сыллаахха сайын икки ый кэриҥэ хойутааһын тахса сылдьыбыта. Нэрээттэри Нестер Васильевич бэйэтэ баарыгар ый түмүгүн аайы үчүгэйдик хонтуруоллуура, онтон кэлин Кириэстээх өттүгэр нэрээт барыта мин визалаатахпына эрэ ааҕыллара. Оттон Куокунуга Николай Васильевич бэйэтэ хонтуруоллуура. Оччолорго мин кассовай отчуоту ый аайы көрөн, приходнай уонна расходнай квитанциялар, биэдэмэстэр төһө сөпкө толорулларын бэрэбиэркэлиир этим. Оччолорго кылаабынай буҕаалтырдар Саввинов С.Н., Намылов И.П., Еремеева Т.Д., Старостина А.А. уонна кассирдар чиэһинэй этилэр. Билигин эбитэ буоллар, күн аайы төһө харчы киирбитин, төһө харчы ороскуоттаммытын суругунан чуолкай хонтуруолга ылыам этэ. Билигин аһара сэрэхтээх бириэмэ. Хас биирдии подотчетникка, кассирга, буҕаалтырга барыларыгар харчы итиир түгэнигэр итэҕэһи 100 бырыһыан төлүүбүн уонна холуобунай эппиэтитинэһи сүгэбин диэн баппыыска үлэҕэ киирэригэр ылыахха наада. Уонна хас квартал аайы эбэтэр сылга иккитэ балаһыанньаны дириҥэппэккэ эрэбиисийэ ыытар наадалаах дии саныыбын. “Доверяй, но проверяй” диэн бириинсиби, көнөмсүйбэккэ, кытаанахтык тутуһуллуохтаах. Уонна В.И. Ленин “Финансовая дисциплина – ключ к богатству и счастью” диэн этиитин булгуччу тутуhуллуохтаах. Хаhаайыстыбаҕа биир сүүнэ улахан эппиэттээх сорукпутунан хамнастан, ГСМ-тан таhынан араас материальнай ороскуоту күччэтии, күннээҕи араас расходнай матырыйааллары хорҕомнооhуну суох гыныы этэ. Холобур, оччолорго саппаас ыскылаатыгар балачча сыаналаах, мээнэ көстүбэт араас кыамталаах аккумулятордары, УАЗ-иктар, араас массыыналар, МТЗ, КАМАЗ бары кэлүɵhэлэрин ким, хаhан ылбытыгар анал тэтэрээт оҥорбуппут уонна кылаабынай инженери таhынан дириэктэр эрэ визалаатаҕына бэриллэр бэрээдэгин олохтообуппут. Атын саппаастары кылаабынай инженер урукку алдьаммыт саппаастарын ыскылаакка туттардахтарына эрэ биэрэрэ. Мин ɵйдүүрбүнэн сылга саамай элбэх, туоннанан кээмэйдээх электроду, араас кээмэйдээх оскуоманы уонна кырата уонча дьааhык электролаампаны нуормалаан, хонтуруоллаан ороскуоттуурбут. Оччолорго маҕаhыыннарга боростуой да лаампа мээнэ атыыламмат буолан, ардыгар бүгүн ыйаабыт лаампаҥ сарсыныгар умайбыт буолааччы. Урут даҕаны, билигин даҕаны уопсай баайтан уос-тиис салаhа, ордук хос туhана сатааhын баар дьыала.
Ханнык баҕарар тэрилтэ, ол иһигэр ордук тыа хаһааайыстыбатын тэрилтэтэ, үүтэ үксэ сайын ыанарынан, үүнээйитэ күһүн хомулларынан, этэ тымныы түстэҕинэ эрэ баар буоларынан, сыл устата этэҥҥэ үлэлииригэр кылгас уонна уһун болдьохтоох кирэдьиит ылан туһанара булгуччу наада. Ол наадатыгар бааннарга солуок биэрэргэ саҥа улахан сыаналаах тиэхиньикэлэр, оборудованиелар эбэтэр производственнай объектар наадалар. Ол улахан эрэ тэрилтэлэргэ кыаллар дьыала. Аны кирэдьиити ылан баран, ханнык эбии источниктартан графикка олоҕуран төлүүргүн эрдэ чуолкай билэриҥ ирдэнэр. Сыллааҕы уопсай выручка 30, муҥутаан 40 бырыһыаҥҥа диэри кирэдьиит ылыахха сөп. Үгүс кыра тэрилтэлэр уонна чааһынай дьоннор кирэдьиити босхо кэлэр харчы курдук өйдөөннөр ылан туһанан баран, күннээҕи ороскуоттартан таһынан ханнык дохуоттартан төлүөхтээхтэрин үгүстэрэ эрдэ кыайан билбэттэр, толкуйдаабаттар. Ол суотугар долговой дьаамаҕа киирэн моҥкурууттаан хаалаллар. Арассыыйаҕа баан кирэдьиитин бырыһыана мэлдьи сиэрэ суох үрдүк. Онон сир баайын хостооччулар, атыы-эргиэн, тутуу тэрилтэлэрэ уонна арыгынан, наркотигынан эргинээччилэр эрэ үчүгэйдик кэмигэр төлүүр кыахтаахтар. Онон билигин Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах граннарга, субсидияларга уонна бырайыактарга сөптөөх докумуоннары кэмигэр оҥорон киирсэр наада буолла курдук.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, мин 15 сыл үлэлиирим устата дириэктэрскэй тоҕус УАЗ-ик уонна икки саҥа “Волга” массыыналары сүүрдүбүт эбиппин. Биир эбэтэр икки сыл сүүрдээт атын отделларга биэрэр этибит. Суоппардарынан кэргэннэнэ илик эдэр уолаттар Жирков Л.И., Егоров С.В., Назаров В.И., Амбросьев А.К. аһара бэркэ үлэлээбиттэрэ. Өрөбүлгэ эрэ өрүүллэрэ уонна күн аайы эрдэттэн кэлии-барыы сүрдээх этэ. Массыыналара саҥа уонна тиэхиньикэҕэ кыраларыттан сыстаҕас буоланнар, аара суолга массыыналара хаппырыыстаабытын өйдөөбөппүн.
Сылга ортотунан 10-15 туоннаҕа диэри бэнсиини ороскуоттууллара. Биир сыл түөрт араас мааркалаах УАЗ массыынаны “Колмиттан” атыыласпыппытын сир комитетын председатэлэ Пахомов И.О. кэлэ сылдьан сөхпүтүн өйдүүбүн. Кыһыҥҥы өттүгэр хаһаайыстыбаҕа Кириэстээххэ уонна Куокунуга холбоон күн аайы араас маршрутунан аҕыс УАЗ массыына, кырата уон МТЗ тыраахтар сүүрэрэ, оттон сайын баһаам элбииллэрэ. Биһиги Кириэстээххэ да, Куокунуга да биир да тыраахтары уонна массыынаны кимиэхэ да атыылаабатахпыт, биэрбэтэхпит. Арай Бүлүү Тылгынытыгар, Күүлэтигэр пресстэммит от иһин бартерга эрдэ улаханнык алдьанан, раскулаачы буолбут, саппаастара мээнэ көстүбэт Т-16, Т-25 уонна ДТ-75 тыраахтардары тиэйэн илдьибиппит. Биирдэ Сунтаартан техосмотр ыыта тахсыбыт гостехнадзор Гуринов Руслан биһиги тыраахтардарбыт уонна сельхозтехникабыт элбэҕиттэн саллыбытын кэпсээбитэ.
Хаһаайыстыбаҕа, этиллибитин курдук, саамай элбэх ороскуот хамнаска уонна ГСМ-ҥа тахсара. Ол иһин хас биирдии тиэхиньикэҕэ төһө ыраах барарыттан суоттаан кыра резервэлээн путевкаҕа суруйан иһэр бэрээдэк олохтоммута. Заправщик путёвкаҕа ыйыллыбыт эрэ ГСМ-ы кутара. Ол да буоллар билигин кэлэн сорох тырахтарыыстар: «Эн салайарыҥ саҕана баахпытын мэлдьи толору куттааччыбыт. Онтон үлэ чааhын кэннэ, сороҕор ɵрɵбүлгэ ыалга от-мас тиэйэн холтууралыыр этибит», – диэччилэр. Хаһаайыстыба тохтоло суох кэлэр сыллааҕы, күннээҕи ороскуоттарын таһынан эбии төһө тиэхиньикэни атыылаһара уонна төһө тутууну ыытарынан кини үлэтэ сыаналанар. Сопхуос 30 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан оҥоһуллубут буклекка 1992-2002 сылларга мин хаһаайыстыбаны салайбыт бастакы уон сылбар төһө тиэхиньикэ атыылаһыллыбыт таблицатын киллэрэбит.

Бу уон сылга уопсайа 54 сүүрэр тиэхиньикэ, ол эбэтэр сылга ортотунан биэс тиэхиньикэ ылыллыбыт буоллаҕына, итини таһынан ыһыыга аналлаах хас да ыарахан дискэлэри, сеялкалары, оттооһуҥҥа аналлаах уонунан ахсааннаах скоростной, роторнай косилкалары, поперечнай кыраабыллары уонна элбэх саппаас чаастарын Дьокуускай “Агроснабыттан” атыыласпыппыт. Бу сэбиэскэй кэми кытта тэҥнээтэххэ тиэхиньикэ сыаната сиэрэ суох үрдүгүн суотугар лаппа кырата өйдөнөр.
Биһиги, ПК салайааччылара, биир сүрүн сорукпутунан үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир курдук оҥоруу буолара. Ол кэнниттэн эрэ кинилэртэн үрдүк таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни күүскэ ирдиир этибит. Ол аата хас биирдии исписэлиис, үлэhит дьоҕурун, талаанын туhанан үлэ оҥоруутун үрдэтэр сорук турара. Итиннэ сыhыаран кэпсээтэххэ, кылаабынай исписэлиистэргэ, управляющайдарга, биригэдьиирдэргэ булгуччу «делегирование полномочий” бэриллиэхтээх, ол эбэтэр кинилэр айымньылаахтык үлэлииллэригэр усулуобуйа оноhуллуохтаах, кыах, көҥүл бэриллиэхтээх. Ол кэннэ үлэ түмүгүнэн сыаналаан хонтуруол уонна күүстээх ыйытык туруорааччыбын. Манна даҕатан эттэххэ, ханнык баҕарар тэрилтэ салайааччыта уhун кэмнээх командировкаҕа бардаҕына эбэтэр уоппускатын кэмигэр, тэрилтэтэ кини суоҕар собуоттаммыт чаhыы курдук ɵссɵ үчүгэйдик, бэрээдэктээхтик оҥорор бородууксуйатын кээмэйин түhэрбэккэ үлэлиир буоллаҕына, бу үчүгэй салайааччы эбит диэн сыаналанар. Бары билэрбит курдук кыра да, улахан, улуу да дьыала баhаам элбэх бытархай түгэннэртэн (мелочтартан) турар. Онон хас биирдии кыра дьыалалары, бытархай түгэннэри холбоон, суол-суол арааран эрдэттэн былааннаан, сыыйа баар уустук боппуруостары кыра-кыралаан түөрэҥнэтэн, тохтоло суох үлэни салгыы ыытыахха наада. Саамай сөбүлээбэт дьыалабынан бүгүн бүтэн хаалар кыахтаах үлэни сарсыҥҥыга көһөрүү буолар. Итини таһынан элбэхтик толкуйдаан былааннаммыт үлэни төһө кыалларынан түргэнник саҕалаан баран, араас биричиинэнэн тохтоон хаалбакка булгуччу тиһэҕэр тиэрдэр, түмүктүүр хаачыстыба наадатын ирдэһээччибин. Манна даҕатан кэпсээтэххэ, үгүс киһи балачча толкуйдаан баран налоговай тэрилтэҕэ тиийэн ИП эбэтэр ООО диэн чааһынай тэрилтэ тэринэр уонна сотору байан барыам дии саныыр. Биисинэс диэн барыыс иһин үлэ буолар. Үгүс дьон ырыынак усулуобуйатыгар ночооттоох эбэтэр тэҥ-тэҥэ тахсар буоллахха, отой да үлэлээн эрэйдэниэ суохтааххын билбэттэр. Кытайга киһи барыта кэриэтэ “прибыль-прибыль” дии-дии сүүрэр этилэр. Оттон биһиэхэ ити тылтан кыбыстар курдуктар. Кинилэр тэрилтэ тэрийэн биисинэс-былаан оҥостон, онтон кыратык да туораабакка күннэтэ кыһыл оҕону көрөн-истэн, бүөбэйдээн улаатыннарар курдук дьаһаныахха наадатын билбэттэр. Оннооҕор сорохтор налоговайга, статуправлениеҕа, араас фондаларга ый, кыбаартал аайы, сыл түмүгүнэн биэрэр отчуоттарын уонна төлөбүрдэрин кэмигэр, чуолкай оҥорботтор. Сорохтор наадыйдахтарына бэйэлэрэ булан ылыахтара дии саныыллар. Оннук толкуйдуур, саба быраҕан, холоон үлэлиир киһи дьону да, бэйэтин да албыннаммакка хамнаска, атыннык эттэххэ хамначчытынан үлэлии барыахтаах. Бэйэ тэрилтэтин сатаан барыыстаах тэрилтэҕэ таһаарарга дьоҕур, талаан, көрүү-билии, элбэх уопут, күннэтэ ааҕыы-суоттааһын, чуолкай суот-учуот, отчуот, кытаанах бэрээдэк, ороскуоту кыччатар күүстээх дьаһаллар уо.д.а. наадалар.
Ханнык баҕарар тутуу сыл-күн аастаҕын аайы эргэрэр, косметическай, текущай эбэтэр капитальнай өрөмүөҥҥэ наадыйар. Холобур, биһиги саас аайы пиэрмэлэр сайылыкка көһөллөрүгэр туох итэҕэстэр баалларын көрөн баран, хамыыһыйанан дефектнэй аах оҥорооччубут. Уонна кыһыҥҥыгын сайын, оттон сайыҥҥыгын кыһын оҥоһун диэн принциби олоххо киллэрэн дьаһанааччыбыт. Ол курдук, этэҥҥэ окко киирээт биригээдэ наймылаһан хотон өрөмүөнүн саҕалааччыбыт. Хойутаабыта балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри бүтэрин ситиһээччибит. Отой эргэрбит эбийиэктэри бүтүннүү ыһан, саҥаттан акылаатын подсыпкалаан баран бетон кутан оҥорооччубут.
Айылҕа кэнники бириэмэҕэ күүскэ уларыйан баһаам элбэх ардахтар түһэр буолан, саҥа тутууну эбэһээт үрдүк кумах подсыпка үрдүгэр бетон акылааты вентиляциялаан оҥорор ордук дии саныыбын. Сайын кыһыҥҥыга, кыһын сайыҥҥыга бэлэмнэн диэн (готовь сани летом) бэргэн этии баар. Ол курдук кыһын от тиэйэр стоговозтар мастарын үлэтин саас ыам ыйыгар оҥорон бэлэмнээччилэр. Күһүн халлаан ичигэһигэр хаар түһээтин кытта улахан тымныылар иннилэригэр чугастааҕы оттору ферма аттыгар тиэйэр боппуруос, чааһынай ыал отун-маһын тиэйэр буолан үксүгэр кыаллыбакка хаалааччы. Ахсынньы, тохсунньу, олунньу тымныы ыйдарга тыраахтарынан тиэйэр-таһар үлэни төһө кыалларынан аҕыйатар сорук турааччы эрээри, кыайан туолбакка хаалара үгүс.
Арай биирдэ кыһын түүн 4 чаас диэки балыыһаттан биир киһи эрийэн, мастарыскыай умайа турар диэтэ. Онно сүүрэн тиийбитим уһанар дьиэ умайа турар эбит, биэс-алта киһи баар. Электрик кэлэн уотун араарда. Баһаарынай массыына уонна водовоз кэлэн хойутаан да буоллар син умуруордулар. Биир эркинэ эрэ туран хаалла. Ону мин ситэри сиэтин, иһигэр түҥнэри анньыҥ диэн дьаһайбытым. Саас тиийэн умайбыт дьиэ чугаһыгар саҥа уһанар дьиэни тутан үлэҕэ киллэрбиппит. Онно икки саамай наадалаах станогу Жирков И.И. уолаттардыын сатыыллара бэрт буолан подшипниктарын уларытан сөргүтэн үлэлэппиттэрэ.
Өссө биирдэ кыһын улахан тымныыга комплекс котельнайын небинэн үлэлиир форсункатын электродвигатэлэ умайан, сатаан уларыппакка тоҥор куттал буолла диэн миигин түүн 5 чааска төлөпүөннээн уһугуннаран илтилэр. 5-6 киһи баар, кыра оһох отой кыайбат эбит. Онон мин уһаайбабар икки саһаан курдук эргэ тутууну эрбээн туруорбут хаппыт маспын аҕалан оттуҥ диэтим. Дьонум бортовой УАЗ массыынанан начаас үлүгэр тиэйэн аҕалан чаас аҥаара күүскэ отуннулар, онтон дьэ хойутуу соҕус форсунка оҥоһуллан үлэлээн барда. Онно улахан оһоҕу маһынан оттубатахпыт буоллар, улахан ЧП буолуо этэ. Халлаан -50 кыраадыс буоллаҕына икки котельнайбытыгар хайаан да иккис операторы олордооччубут. Кинилэр бэйэлэрэ рациянан сибээстэһэн, балаһыанньаны билсиһэ олорооччулар, наада буоллаҕына инженердэргэ, электриктэргэ, дьуһуурунай массыына суоппарыгар төлөпүөннээн биллэрээччилэр. Кэлин котельнай циркуляция насостарын 3000 обороттаахтарын барытын 1500 обороттаах электродвигателлэргэ, электродойка вакуум насостарын водокольцевойга уларытан, арыый эрэйтэн быыһаммыппыт. Мин 15 сыл устата түүн аайы төлөпүөнүм иккис трубката оронум аттыгар тумбаҕа сытааччы.
Биирдэ комплекс таһыгар 150 төбөҕө ньирэй хотонун тутаары стандартнай бырайыак көрдөөтүбүт да, кыайан булбатыбыт. Онон Климент Ильичкэ: “Бэтэринээр үөрэхтээх киһи хотон хайдах буолуохтааҕын билэҕин, оҥор эрэ”, – диэтим. Киһим сотору баҕайы аһара аккуратнайдык, бары кээмэйин суруйан, наадалаах миэстэлэри киллэрэн туран оҥорон аҕалбыт этэ. Кыратык дьүүллэһэн баран сөпкө оҥоһуллубут диэн быһаардыбыт. Уонна: “Эн алҕас бэтэринээр буолбуккун, архитектор буоларыҥ хаалбыт”, – диэтим.
Ол кэнниттэн хаһаайыстыбаннай ньыманан саҥа көньүүһүнэни, сибиинньэ хотонун, эт, хортуоска бадыбаалын уо.д.а. эбийиэктэри кини бырайыагынан тутаттаабыппыт. Мин дириэктэринэн үлэлээбит 15 сылбар Кириэстээххэ таас барыйаанынан үүт переработкалыыр собуот, эт переработкалыыр собуот, ыраас уу уонна гаастаах утаҕы кутар собуот, 150 км усталаах күрүө тутулунна, 20 тиэхиньикэ киирэр панельнай гараас, улахан тэпилииссэ, столярка, ньирэй хотоно, сүүрүк сылгыларга көньүүһүнэ, киин хочуолунай, 50 туонна эти, арыыны уурар бадыбаал, сибиинньэ хотоно, хортуоппуй уурар бадыбаал, нэһилиэккэ баанньык, Куокунуга бурдугу ыраастыыр ЗАВ-10, Прок-500 уотурба собуота, саҥа пилорама, сайылык дьиэлэрэ, тэпилииссэлэр уо.д.а. тутуулар уонна капитальнай өрөмүөннэр ыытыллыбыттара. Тутууга үлэлиир араас наймыламмыт да, бэйэ да биригээдэлэрин кытта дуогабарга олоҕуран, эрдэ матырыйаалларын уонна тиэхиньикэлэрин, ГСМ-нарын, аһылыктарын бириэмэтигэр толору хааччыйааччыбын уонна кылаабынайа тутар аах кэнниттэн уһаппакка-кэҥэппэккэ тута хамнастарын төлөөччүбүн. Онон биһиэхэ тутууга биригээдэ булар уонна араас тиэхиньикэни арендалыыр дөбөҥ этэ. Үөрэх этэринэн даҕаны, саҥаттан саҥа эбийиэктэри, сылтан сыл тохтообокко тутууну ыытан иһиллиэхтээх, оччоҕуна эрэ тэрилтэ стагнациялаабакка сайдар, үүнэр кэскиллээх. Түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык тутар биригээдэ икки бүк элбэҕи биэрэр диэн өйдөбүллээхпин.
Бастакы сылларга Улахан Табаҕа күрүөтэ эргэрэн, сүөһү, сылгы сөбүлээбит сиринэн алдьатан киирэллэрин иһин, хас да биригээдэни тэрийэн, кырата 20 км күрүөнү биир сайын саҥаттан тутуллубута. Ол иhигэр Григорьев Карл Семёнович биригээдэтэ сайын аайы 5 км күрүɵнү тутан хас да сайын салгыы үлэлээн бүтэрбитэ уонна саамай элбэҕи оҥорбута. Онтон Сис Маарыгар көһөн үлэлээбиттэрэ. Бары билэрбит курдук, саҥа тутуллубут күрүө 15-20 сылынан толору эргэрэн сууллар. Сахалар күрүөнү урут ампаарбыт дииллэринэн, эргэрбит күрүөлээх ходуһаҕа от оттуур, бааһынаҕа ыһыы ыһар туһата суоҕунан, сылын аайы кыралаан саҥардан иһиллиэхтээх. Мин дириэктэрдиир кэммэр икки отделениеҕа уопсайа 150 км тахса усталаах күрүө тутуллубута. Бүтэһигэр Моомура үрэҕэр трасса өттүн 5 км тутуллубута быһыылааҕа. Оччолорго улуус дьаһалтата күрүө тутуутун ороскуотун сороҕун толуйар этэ. Биһиги атын нэһилиэктэр кыайан туппаттарын суотугар күрүө тутар үгүс ороскуоппутун возмещениеҕа биэрэн ылар этибит. Билигин күрүө кыайан тутуллубат буолан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан кыһалҕа үөскээтэ. Онон, мин санаабар, саҥа күрүө тутуутун ороскуотун МСХ 25 %, улуус 50 %, хаһаайыстыба эбэтэр чааһынай киһи 25 % софинансирование оҥорон, үс-түөрт сылынан өрөспүүбүлүкэҕэ баар күрүөнү саҥардар сорук турара наада этэ диэн араас таһымнаах мунньахтарга этии оҥорооччубун. Дьэ улуус баһылыга Григорьев А.В. дьаһалынан 2019 сыллаах бюджекка күрүө тутуутугар 24 мөлүйүөн солкуобай харчы көрбүттэрэ. МСХ, нэһилиэк дьаһалтата, чааһынай киһи эбэтэр тэрилтэ эбии софинансирование оҥорон, биир километрдаах күрүө оҥоһуутун сүүс тыһыынчаҕа тиэрдэр сөп буолуо этэ. Нэһилиэк баһылыктара күрүөлэниэхтээх бааһыналары уонна ходуһалары билиҥҥиттэн былааннаан, тутааччылары кытта эрдэттэн дуогабардаһан, баҕанатын уонна сиэрдийэтин хаар чарааһаатаҕына муус устар ыйтан саҕалаан ыам ыйын ортотугар диэри толору бэлэмнээн, суол тоҥугар миэстэтигэр тиэйэр соруктаах үлэлиэхтээхтэр. Саамай сүрүнэ хаачыстыбаны көрүллүөхтээх. Баҕана төбөтө кырата 20 см түөрт өттүнэн, сиэрдийэ эбэһээт үс сиринэн сулуллуохтаах. Уулаах, инчэҕэй сирдэргэ күрүө атахха тутуллуохтаах. Күрүө тутуутугар туһаныллар маһы санитарнай кэрдии курдук көрөн, өрөспүүбүлүкэ, улуус лесхозтарын кытта кэпсэтэн билиэтэ суох туһаныллыахтаах. Итинник үлэ икки-үс сыл устата ыытылыннаҕына, улууска баар сүөһү, сылгы аһылыгын толору хааччыйар кыах үөскүө этэ.
Иккиһинэн, комбайн үксэ эргэрэн, Саха сиригэр комбайн саппааһа атыыламмат буолан, өрөмүөннүүргэ балачча уустуктары көрсөрбүт. Ол кэмҥэ оройуоҥҥа биһигиттэн уонна Күндэйэттэн ураты ханна да ыһыы ыһыллыбат буолан, эстибит сопхуостар бурдук, сиилэс комбайннарын, жаткаларын, элбэх сеялкалары, ыарахан диискэлэри босхону эрэ үрдүнэн сыанаҕа чааһынай дьонтон атыылаһар этибит. Хойутуу «Туймаада-лизинтэн” биир саҥа “Енисей” комбайны лизиҥҥэ ылан хас да сыл төлөөн бүтэрбиппит. Намтан БХ-тан саҥа “Петкус” диэн германскай бурдук ыраастыыр тэрил атыылаһан абыраммыппыт. Кэлин 1998 сылтан Новосибирскай “Агроснабыттан” сылын аайы прицептээх КАМАЗ массыынанан баран уопсайа уонча МТЗ мотуордарын, араас эрэһиинэ көлүөһэлэри, ДТ гусеницаларын, комбайн саппааһын Николай Афанасьевич уонна Прокопий Герасимович эрдэттэн толкуйдаан оҥорбут сайаапкаларыгар олоҕуран, сылга сөп буолар араас саппааһы, матырыйаалы Дьокуускайдааҕар икки-үс төгүл чэпчэки сыанаҕа толору атыылаһан аҕалар идэлэммиппит.
Саас муус устар ый саҥатыгар комбайнердар дьиэлэрин таһыгар баар ёмкоска 16 кууптаах наливынан ыһыыга аналлаах дизтопливоны суол баарыгар сылын аайы кутан бэлэмниирбит. Хомуурга аналлаах ГСМ-ы сайын аайы эмиэ таһааран кутан хаһаанарбыт. Ити сылларга Куокуну отделениетын заправщига Ольга Степановна миэхэ төлөпүөннээн турардаах. Итиэннэ ГСМ-наах массыыналары ыытымаҥ, баар ёмкостар бары туоллулар диэбитин мөҕөн биэрбитим: “Булгуччу эбии баар иһиттэри саамылаан барыларын толортоо, ГСМ наада буолуо, сытыйбат-ымыйбат”, – диэн сорудахтаабытым. Ол саҕана ГСМ сыаната “Туймаада-ньиэпкэ” чэпчэки этэ уонна Мииринэйтэн отой кыра сыанаҕа төһөнү баҕарар булар этибит.
Кириэстээх уонна Куокуну ыалларын тиэхиньикэлэрэ мин үлэлиир кэммэр бары ПК сэлээркэтинэн уонна газоконденсатынан саппараапкаланаллара. Хаһаайыстыба сылга ортотунан 350 туонна дизтопливо, 200 тн бензин, 20 тн дизмасло уонна 600 тн газоконденсат эбэтэр ньиэп ороскуоттуурбут, уопсайа кырата 1000 тн уматыгы тиэйэн аҕаларбыт. Манна даҕатан кэпсээтэххэ, биһиги хаһаайыстыба икки нэһилиэк бары ыалларыгар чэпчэки сыанаҕа от, мас толору тиэйэрбит. 2006 сылга мин уурайыахпар диэри 20 км ыраах сиртэн биир оту аҕаларга 500 солкуобай төлөбүрү ылар этибит. Ол суотугар икки нэһилиэк ыалларыгар ынах сүөһү аҕыйаабакка уруккунан 2007 сылга диэри турбута. Хаһаайыстыба ыһыллыбакка этэҥҥэ үлэлээн, ити кэмҥэ 220 киһи бастайааннай үлэлээх-хамнастаах буолан, Кириэстээх, Куокуну нэһилиэктэригэр нэһилиэнньэ ахсаана уруккуттан аччаабакка турбута. Онтон билигин чааһынайдар тиэйэр-таһар өҥө оҥороллорунан сыана кырата биэс төгүл ыараан, Кириэстээххэ 200-чэ ыал баарыттан 32 эрэ ыал ынах сүөһүлээх.
Биир сайын Антонина Степановна управляющайдыыр кэмигэр атырдьах, балаҕан ыйыгар Куокуну отделениета 60 кууп сэлээркэни ороскуоттаан турардааҕын өйдүүбүн. Онно “Новай” сопхуостан үһүс силоснай комбайн КСК-100 уонна Урал самосвал массыыналар көмөҕө кэлбиттэрэ.
Улахан Табаҕаҕа ол күһүн бурдук хомууругар, сиилэскэ, оттооһуҥҥа, зелёнка бэлэмигэр күн аайы кырата 40-ча араас мааркалаах тиэхиньикэ үлэлиирин өйдөөн хаалбыппын. Мэктиэтигэр, Улахан Табаҕа биир кэм ньиргийэн олорор курдуга. Күһүөрү улуус баһылыга Никифоров Михаил Викторович, миэтэрэ тоҕус уон сантиметр үрдүктээх киһи, хойуу эбиэс бурдук үүнэн турар бааһынатыгар киирбитигэр төбөтүн аҥаара эрэ быган көстөр этэ. Ардахтаах дьыллар уонна ыраас паарга элита сиэмэ ыһыллыбыт буолан, оннук элбэх үүнүү буолара. Биир сыл Тороп В.В. мехзвенота Моомуранан, Оторууһунан уонна Улахан Табаҕаҕа зеленкаҕа үлэлээн, 1000 тн.окко кыранан тиийбэтэхтэрэ быһыылааҕа.
Арай биир кыһын улахан тымныыларга Улахан Табаҕаҕа аһыы сылдьар икки-үс биэни бөрөлөр үөрдэрэ тардыбыттар диэн биллэрии кэллэ. Онуоха элбэх буолан баран облава оҥоруоххайыҥ эбэтэр булчут Карллааҕы ыытабын диэбиппин, охотовед Егор Иванович сөбүлэспэтэ. Оргууй тыаһа-ууһа суох маннааҕы булчуттар бултуохтара диэн көҥөннө. Онтон нэдиэлэ буолан баран, кырата уонча сылгыны тардыбыттар диэн биллэрдилэр. Мин аһара кыйаханным: “Бөрөлөрү иитэ-аһата сытаҕыт, төһө ороскуоту таһаарбыттарын харчытын ааҕыҥ”, – диэтим уонна маатырылаан баран мантан барар тыраахтардары кытта холбоон, 10-ча МТЗ тыраахтарынан саалаах дьону олордон облавата сарсын тэрийиҥ диэн дьаһайдым. Алта тыраахтарынан арыы тыалары кэрийэн дэлби ытыалаан, тыас-уус бөҕөнү таһааран кэлбиттэрин кэннэ салгыы бөрөлөр биллибэтэхтэрэ.
Өссө биирдэ күһүөрү Быйагыга баар субай сүөһүттэн үс сүөһүнү кырдьаҕас сууллартаабыт диэн биллэрдилэр. Сонно тута Сунтаарга экология кэмитиэтин кытта кэпсэтэн көҥүл ылан, мантан Карлы суһаллык эбии сэбилээн ол күн ыыттыбыт. Куокунуттан кырдьаҕас булчуттар Егор Иванович, Николай Васильевич, Кузьма Дмитриевич буолан тиийэн манаан, киэһэ хойут сиэҥэр киирбитин бултаан тураллар.
2003 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ олунньу ыйга Воронеж куораттааҕы собуоту кытта дуогабар түһэрсэн, 10 устуука бурдук ыраастыыр ЗАВ-10 оҥорорго сакаас биэрбит уонна харчытын төлөөбүт этэ. Собуот сааскыттан сорох оборудованиетын бириэмэтигэр отгрузкалаан ыыппыта биһиэхэ тиийэн кэлбитэ. Ол саҕана сыллааҕы инфляция улахана бэрт буолан, 10 сушилка оннугар 7 устууканы эрэ отгрузкалаабыт этилэр. Билигин күһүн сыана үрдээн эбии төлөөтөххүтүнэ эрэ эбии үс устукууканы ыытабыт диэбиттэрэ. Ону харчы суох буолан МСХ кыайан төлөөбөтөҕө. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ 10 тутуллубут ЗАВ-10 үһэ сушилката суох тутуллубуттара, ол иһигэр биһиэнэ. Ол гынан баран бу 7 сушилка биирэ да үлэлээбэтэх этэ. Бурдук куурдар форсунка сэлээркэнэн үлэлиир буолан, ороскуота улахана бэрт диэн үлэлэппэтэхтэр. Сорох ити дьыала ис дьиҥин билбэт дьон сэрэйэн ону-маны саҥаралларын сыыһанан ааҕабын. ЗАВ-10 тутуутугар барыларыгар МСХ оччотооҕу харчынан бэдэрээтчиктэргэ иккилии мөлүйүөн солкуобайы төлөөбүтэ Онон бу тутууга хаһаайыстыба тугу да ороскуотурбатаҕа. Улахан Табаҕаҕа тутуллубут ЗАВ-ка бурдугу ыраастаан ыскылаакка актыыбынай вентиляциянан куурдан элбэх сыл харайар этибит.
Суол – сайдыы тɵрдɵ
Мин Кириэстээххэ кэлиэхпиттэн саҕалаан тоҕо эрэ сайын аайы суол оҥоһуутун тэрийэрим. Куокунуга барар суол Күөнэхтээх үрэҕэр диэри анньыллан баран хас да сыл тохтоон хаалбыт этэ. Куокунуга аҥаардас Элгээнинэн эргийэн сылдьыллара. Онтон дьэ биир сайын Ботуобуйа экспедициятын Чайдахскай партиятыттан биир Т-170 бульдозеры шефтэһии дуогабарыгар олоҕуран аҕалан, Куокуну авиапордуттан астаран саҕалаатыбыт. Тырахтарыыспыт бастаан син үлэлиэх буолан иһэн отой мөлтөөтө, мэлдьи арыгы көрдүүр. Ол иһин мин усулуобуйа туруордум – 250 м суолу үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥордоххуна хамнаһыҥ таһынан биирдии буокка биэрэбин, онтугун хас 500 м оҥордоххуна иккилии буокканы аҕалан биэрэбин диэтим. Дьэ киһим отой кыратык утуйар буолла быһыылаах, аһара түргэтээтэ. Мин Ксаверий Андреевичтан көҥүл сурук ылан, иккилии буокканы сотору-сотору аҕалан биэрэбин. Киһим арыгытын бүтэриэр диэри отой үлэлээбэт, онтон эмиэ түһүнэн кэбиһэр этэ. Скоблов Виктор Александровиһы урукку суолунан буолбакка Күөнэхтээх, Күкүүһэй суолугар туораан үлэлииригэр дьаһайбытым. Киһим аһара улахан тиит мастар үүнэн туралларыттан төһө да салыннар дьаһалы толорон аһара күүскэ үлэлээбитэ. Мин утары иһэр нууччаҥ аһара күүскэ үлэлиир, онон эйиэхэ кыра сири оҥороҥҥун хамнаскын былдьатыаҥ диэн киһибин ыгылытабын. Онон биир сайын иһигэр икки өттүттэн түргэнник анньыы суол оҥоһуллубута.
Онтон салгыы хаһаайыстыба салайааччыта буолаат Күөнэхтээх, Күкүүһэй, Бордоҥ сайылыктарын суолун, онтон эһиилигэр уу баһарга диэн Элгээн суола анньыллан оҥоһуллубуттара. Итинэн сибээстээн, бары ис хаһаайыстыбаннай суоллары барытын астаран, үрдэтэн оҥорор сорук турбута. Онон уруккуттан чугастык билсэр табаарыстарбын – Ботуобуйа экспедициятын начаалынньыктара Туканов Ю.В., Шаталов Н.П., Айхал экспедициятын начаалынньыга Бойко Г.Д., “Вилюйгэсстрой” учаастак начаалынньыга Спичак А.Г., Чайдахскай ГРП начаалынньыктара Шмаров И.П., Сизов М.Г. кытта кэпсэтиһэн, дуогабардаһан, сайын аайы хастыы да Т-170 тыраахтырдары аҕалан суол оҥоһуутугар иккилии ый үлэлэтэр буолбутум. Түмүгэр, ис хаһаайыстыбаннай суоллар оҥоһуллан бүппүттэрин кэннэ, хаһаайыстыбаҕа харчы киллэрэр туһуттан ХДСУ начаалынньыга Федотов Е.П. кытта дуогабардаһан, Кириэстээх-Бүлүүчээн суолун оҥорого турунан, биир сайын түөрт устуука Т-170 бульдозердары үлэлэтэн, биэс километртан ордук суолу астаран 20 мөлүйүөн солкуобай харчыны аахсыбыппыт. Онтон эһиилигэр ХДСУ-ну кытта харчытыгар сөбүлэспэккэ суол оҥоһуутун тохтоппутум. Наахараҕа диэри суол кырата уонча сыл эрдэ оҥоһуллан бүтэрэ хаалан турар.
Куокунуга Скоблов В.А. тыраахтарынан саҥа пилораманан Улахан Табаҕа ааныгар диэри, онтон эһиилигэр ыскылаакка диэри 300 миэтэрэ тиийбэт сиргэ тиийэ астаттарбытым. Үп-харчы тиийбэтиттэн уонна самосваллар, улахан погрузчик суох буолан гравийын кыайан куттарбатаҕым. Билигин ити суолу дириэктэр Егоров Владимир Семёнович гравийынан куттаран, Табаҕаҕа ыскылааттарыгар аҕыйах мүнүүтэнэн тиийиллэр буолбут уонна салгыы Бүөр Күөл сайылыгар диэри бэртээхэй суол оҥоһуллубут.
Кириэстээх уонна Куокуну нэһилиэктэриттэн улуус сэбиэтин дьокутаатынан быыбарданан баран, “Сунтарцеолит” тэрилтэ начаалынньыга, бэйэлэрин уоллара Иванов Евгений Ильичтыын сүбэлэһэн, Куокуну бөһүөлэгин сүрүн уулуссаларын сапараапкаҕа диэри уонна Боруллуоҕа киирэр суолу гравийынан куттарбыппыт. Мин кырата 6 туонна сэлээркэни үлэлииллэригэр толору биэрбитим. Кэлин ити үлэни салҕаан, баһылыктар хас ыал аайы иномарка массыына тиийэр гына оҥорторбуттара киһини барытын астыннарар.
Биһиги күһүн аайы Улахан Табаҕа бурдук ыскылаатын үрдүн уонна сөһүөктэрин өрөмүөннээн эрэ баран үлэлиирбит. Онон МСХ уонна улууска саҥа ыскылаат тутарга харчынан көмөлөһүҥ диэн сылын аайы көрдөһө сатаан баран, бэйэбит ороскуоппутугар хаһаайыстыбаннай ньыманан ыскылаат тутуутун саҕалаабыппыт. Бастаан авиапортан таһан, ыскылаат подсыпкатын гравийынан куттарбыппыт. Онтон буровой массыына наймылаһан баҕаналарын туруорбуттара. Биригээдэ тэрийэн ыскылаат арааматын оҥорбуттара, сарайын хаптаһынынан саайбыттара. Сарайын үрдүн бүрүйэргэ Новосибирскайтан ааҕан-суоттаан, элбэх рубероиды уонна кабель арааһын аҕалбыппын өйдүүбүн.
Мин ыалдьан дириэктэрдээн уурайбытым 15 сыл буолла даҕаны, ыскылаат араамата эрэ турара аһара хомолтолоох. Онон билигин ахсыс сылын ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар дириэктэр Владимир Семёнович ирдэбилгэ толору эппиэттиир саҥа ыскылааты туттарыа диэн эрэлим улахан.
Владимир Семёновиһы үбү-харчыны булар, хамсатар улахан дьоҕурдаах салайааччынан сыаналыыбын. Кэлин дьону да кытары үлэҕэ, үлэ тэрээһинигэр да сүрдээҕин уопутурда. Холобурун эттэххэ, Владимир Семёнович сүөһүнү, сылгыны дороххой уонна сүмэһиннээх аһылыгынан толору хааччыйар сыалтан былырыын уонна быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны сири кытта үлэлииргэ элбэх тиэхиньикэни атыыласта. Урут баар икки Т-150 тыраахтардарга эбии буолаҕа үлэлииргэ аналлаах МТЗ-1523 уонна МТЗ-1221 саҥа тыраахтардары атыыласта. Итини таһынан, соһуллар баар урукку тиэхиньикэлэргэ эбии түөрт эпэрээссийэни биир сырыынан оҥорор икки устуука «Агратор» бурдук, өр сыллаах от ыһар комплекстар, үс устуука ыарахан дискэ, «Мегадиск-7200» сэттэ миэтэрэ захваттаах, «Дискомастер-4,2» түөрт миэтэрэ захваттаах уонна «БДМ 5,6*2-П-Д-ШКС» уопсайа уонча мөлүйүөн суумаҕа атыылаһылынна.
Ол түмүгэр, Улахан Табаҕаҕа барыта ыһыылыын, ыраас паардыын, күһүҥҥү зябтыын 1750 гектар бааһынаны обработкалыыр былааннаахтар. Итини таһынан Улахан Табаҕа аксакала Михайлов Клавдий Иванович улуустан арендаҕа үлэлэтэр Мулчерын көмөтүнэн 90 гектардаах быраҕыллан, титирик маһынан толору үүммүт бааһынаны ыраастаан, хорутан аны саас өр сыллаах от ыһыллара былааннанар. Кэлэр да өттүгэр маннык күүстээх дьаһаллар салгыы ылыллан, Улахан Табаҕа саҥа тыынын ылар кыахтаммытыттан мин, уһуннук, уопсайа 20-чэ сыл манна салайааччынан үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан, ис сүрэхпиттэн үөрэбин уонна астынабын.
Улахан Табаҕа быйаҥнаах бааһыната 60-ча сыл устата бородууксуйаны биэрэ турар. Онон сырдык, ыраас санаанан салайтаран, үрдүк үүнүүнү ылар туһугар баар ис кыахтарын толору туһанан күүскэ үлэлээбит уонна ону ситиспит араас көлүөнэ бары оробуочайдарга, исписэлиистэргэ, салайааччыларга махталбын тириэрдэбин.
Итини таһынан, мин дириэктэрдиир кэммэр 1999 сыл балаҕан ыйын ортотугар Куокуну Табаҕатын бааһыналарын оҥороору бастаан ойууру, талаҕы солооһун саҕаламмыта 40 сыллаах үбүлүөйэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Сыл саҕаланыаҕыттан анал тэрээһин оҥоһуллан бэлэмнэнии үлэ былааннаахтык ыытыллыбыта. Ол курдук үрдүк үүнүү звенота сааскы ыһыыны ыраас паарга кылгас болдьоххо хаачыстыбалаахтык ыыппыта. Сайыҥҥы паар үлэтин кэмигэр ыытан, бааһыналары хаста да обработкалаабыттара. Хас да биригээдэ Табаҕаҕа саҥа күрүөлэри туппуттара. Күһүҥҥү хомуур үлэтэ кэмигэр тэрээһиннээхтик барбыта. Комбайннар, бааһынаҕа үлэлиир Т-150, ДТ-75, МТЗ тыраахтардар уонна сири обработкалыыр соһуллар тиэхиньикэлэр үчүгэйдик ыраастанан, сууллан эмиэ бары линейкаҕа турбуттара. Табаҕа ыскылаатын чугаһыгар солооһуҥҥа кыттыбыт бастакы механизатордарга, исписэлиистэргэ аналлаах пааматынньык оҥорбуппут. Сунтаартан, улуус атын да нэһилиэктэриттэн, Мииринэйтэн Табаҕа солооһунугар кыттыбыт, Табаҕаҕа бурдук хомууругар уһуннук үлэлээбит элбэх ыҥырыылаах ыалдьыт кэлбитэ. Үбүлүөйү эрдэттэн бэлэмнэнэн Николай Харитонов-Чуор аһара бэркэ салайбыта. Гуринов Нестер Васильевич идэтинэн олус интэриэһинэй дириҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥорбута. Хас биирдии ыҥырыылаах ыалдьыкка махтал суруктар, буклеттар, грамоталар туттарыллыбыттара, Москубаттан “Татыйыына” фирманан аҕалтарбыт анал суруктаах офицерскай чаһынан барыларын наҕараадалаабыппыт. Онтон оскуола саалатыгар дэлэй астаах остуолга элбэх тыл этиилээх, ырыалаах-тойуктаах аһылык тэриллибитэ. Кэлбит дьон бары астынан уонна махтанан тарҕаспыттара.
2002 сыл олунньу ыйга “Кириэстээх” сопхуос тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн эмиэ олус тэрээһиннээхтик ыыппыппыт. Сыл инниттэн анал тэрээһин былаанын оҥостон үлэлээбиппит. Үлэ бары салааларыгар хаачыстыбаннай көрдөрүүлэр тупсалларыгар хонтуруолунай сыыппаралар хас биирдии пиэрмэнэн, аренднай звеноларынан, үүт, эт собуоттарыгар барыларыгар тиэрдиллибитэ. Иккиһинэн, бары эбийиэктэр санитарнай туруктарыгар ураты болҕомто ууруллубута. Үсүһүнэн, ыҥырыллар дьон испииһэгэ хамыыһыйанан бигэргэнэн 300 киһи буолбута. Ким ханнык наҕараадаҕа тиксэрэ эрдэттэн былааннаммыта. Оччолорго кинигэ бэчээттэтэр олус уустук этэ да буоллар, Н.П. Петров Улахан Табаҕа туһунан суруйбут «Сиртэн силис тардан» диэн кинигэтин “Бичиккэ” 70 тыһыынча солкуобайы төлөөн 1000 экземпляры уонна Сунтаар типографиятыгар «Кириэстээх ПК 30 сыла» диэн 50 сирэйдээх 300 экземплярдаах буклеты бэчээттэппиппит. Хамнастарын төлөөн уонна суолларын-иистэрин хааччыйан туран, сайын, күһүн уонна кыһын кэлэн устан, Сунтаар телевидениетэ Ольга Захарова салайыытынан ПК үлэтин-хамнаһын туһунан анал киинэ оҥорторбуппутун Сунтаарга уонна НВК-ҕа көрдөрбүттэрэ. Онтон үбүлүөй бириэмэтигэр НВК Саха «Тыа сирэ» биэриититтэн Гаврил Захаровы ыҥыран эмиэ анал киинэ устуллубута. Бу киинэлэр Сунтаар уонна НВК бэйэлэрин архыыптарыгар сытар буолуохтаахтар. Онон ким наадыйар бу архыыптартан ылан туһаныан сөп буолуо.
Үбүлүөйгэ нуучча үчүгэй аһылыгыттан, араас утаҕыттан саҕалаан, фруктатын эҥин үксүн Мииринэйдээҕи ОРС-тан, тоҥ балыгын, соботун Дьокуускайтан, кыһыл эттээх балыгы хотуттан аҕалан бэйэбит тууһаабыппыт. Атын сылгы иһэ, хаттата, тыла, хаһата, араас үүт аһылыктар, халбаһы, ыыһаммыт ас арааһа бэйэбитигэр элбэх этэ.
Дьокуускайга эрдэ ахсынньы ый бүтэһигэр сылдьан министиэристибэҕэ каадыр отделын начаалынньыга Птицина А.С. кытта үбүлүөйгэ сөп түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ баар кэлэктиибинэй тэрилтэлэр дириэктэрдэрин семинардарын, уопут атастаһыытын тэрийэргэ сөбүлэһэн, 20 устуука пригласительнай хааллардым. Миниистир Наумов Д.Ф. киирэн, Кириэстээххэ сылдьа иликкин, онон семинары салайа таарыйа бара сырыт диэн пригласительнай биэрдим. Вице-бэрисидьиэн Акимов А.К., дьокутаат Уаров А.С., Пахомов И.О., Петров А.И., Иванов П.С. уо.д.а. дьоҥҥо түҥэппитим. Ол иһигэр “Хатас” сопхуос дириэктэрэ Прасковья Павловна ырааҕа бэрт, массыынаны тулуйбаппын диэбитин иһин сөмөлүөтүнэн барар уонна кэлэр бырайыаскын төлүөм диэбитим.
Кулууп саалатыгар, сыанатыгар элбэх устуул, ыскамыайка эптибит, элбэх шариктарынан, саламанан, 50 миэтэрэ дюролайн проводынан балачча киэргэттибит. Буолар күнүгэр сарсыарда 9 чаастан кэлбит дириэктэрдэр, ким баҕалаах ыалдьыттар комплекска, үүт уонна эт собуоттарыгар, гарааска, мастерскойга, саппаас уонна спецтаҥас ыскылаатыгар анал исписэлиистэр саламталарынан экскурсияҕа 11 чааска диэри сырыттылар. Саппаас уонна спецтаҥас ыскылаатын көрөн баран, сэбиэскэй саҕанааҕы “Сельхозтехника” ыскылаатын курдук баай эбит диэбиттэрэ. Прасковья Павловна үүт, эт собуоттарын көрбүтэ, үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн, ыйыталаһан баран, аһара чиэһинэйдик, бэриниилээхтик үлэлиир эбиттэр диэн хайҕаабыта.
11 чаастан хонтуора иннигэр сахалыы алгыс сиэрин-туомун норуот ырыаһыта, алгысчыт Амбросьев К.А. оҥорбута. 11 аҥаар чаастан хонтуора иннигэр анаан хаара анньыллыбыт ырааһыйаҕа киин уһаайбаҕа уонна Кириэстээх отделениетыгар кыһыҥҥы өттүгэр үлэлиир массыыналар уонна тыраахтардар барыта сүүрбэччэ тиэхиньикэ линейкаҕа турбуттара. Кэлбит дириэктэрдэр уонна ыалдьыттар тиэхиньикэ элбэҕиттэн уонна кинилэр көлүөһэлэрин протектордара саҥатыттан аһара сөхпүттэрэ. 12 чаастан ыраахтан кэлбит дириэктэрдэр, улууска үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ Алмаас мусуойун саалатыгар мустан семинарбытын ыыттыбыт. Хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын туһунан уон биэс мүнүүтэҕэ кылгастык кэпсээтим. Онтон УСХ начаалынньыга Семёнов Ю.К. уонна миниистир Дмитрий Федосеевич тыл эппиттэрэ. Эбиэттээн баран икки чаастан кулуупка үөрүүлээх чааһа саҕаланна. Мииринэйтэн Ботуобуйа экспедициятыттан делегация, «ВилюйГэсстройтан» Спичак А.Г., Дьокуускайтан Уаров А.С., Иванов П.С., улуус баһылыга Никифоров Михаил Викторович, Хатастан Прасковья Павловна, Суоттуттан Семён Портнягин, Тандаттан Николай Николаевич, Бүлүү бөлөх улуустарын бары дириэктэрдэрэ, УСХ начаалынньыктара уо.д.а. ыалдьыт элбэх этэ. Мин ааспыт үбүлүөй кэннинээҕи уон сылга туох үлэ ыытыллыбытын, инники былааннар туһунан дакылааттаатым. Онтон дьэ араас наҕараадалары туттарыы быыһыгар улуус бастыҥ ырыаһыттарын кэнсиэрэ буолла. Элбэх араас таһымнаах наҕараадалары сэргэ махтал суруктар, грамоталар, буклеттар уонна Москубаттан аҕалыллыбыт сыаналаах, анал суруктаах хары чаһыларын ыалдьыттары киллэрэн туран барыларыгар туттарбыппыт. Эрдэттэн кэпсэтиллэн бэлэмнэммит ыытааччылар Бүлүүчээнтэн Кириллин А.М., Тойбохойтон Тыртыкова Галина сценарийга сөп түбэһиннэрэн, үөрүүлээх чааһы уонна остуолу бэркэ салайан ыыппыттара. Киэһэ алта чаастан оскуола спортсаалатыгар 300 киһиэхэ остуол тардыллыбытыгар толору олордубут. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар аһылыккыт арааһынан, элбэҕинэн алмаас тыына аһара биллэр диэн сыаналаабыттара. Элбэх үтүө алгыс тыллар этиллибиттэрэ, ырыа ылламмыта. Киэһэ 8 чаастан бэйэбит маҕаһыыммытыгар 50 % чэпчэтиилээх үүт, эт собуоттара анаан бэлэмнээбит араас бородууксуйаларын, полуфабрикаттарын атыыта тэриллибитэ. Онтон аһылык кэнниттэн киэһэ 9 чаастан оскуола иннигэр Ботуобуйа экспедицияттан уларсыллыбыт 5 ракетницанан алта төгүл төхтүрүйэн 30 устуука салют ыппыппыт. Оччолорго билиҥҥи курдук араас фейерверк атыыламмат этэ. Салют кэнниттэн тута миниистирбит Дмитрий Федосеевиһы элбэх ыһыктаан Үөһээ Бүлүүгэ дьонугар атаарбыппыт.
Эрдэттэн былаан быһыытынан киэһэ 10 чаас ааһыыта мэхэньисээтэрдэр дьиэлэрин саалатыгар ыраахтан кэлбит ыалдьыттары бары кылаабынай исписэлиистэр сэмсэ эмиэ аһаттыбыт. Мин киэһэ 12 чааска сылайан дьиэлээбитим. Сорохтор хойукка диэри олорбут этилэр. Сарсыарда 10 чааска эбии аһаталаан, ыһык биэртэлээн атаарбыппытын хойукка диэри кэпсэл оҥостоллорун истэрим. Оттон Прасковья Павловнаны сарсыарда эрдэ билиэттээҕинэн массыынам Мииринэйгэ таһааран биэрбитэ. Эмиэ аһара астынан, махтанан барбыта. Үбүлүөйгэ кыттыыны ылбыт “Сунтаар сонуннара” хаһыат корреспондена Сивцев И.П. хайҕаан 1000 киһи сырытта диэн суруйбут этэ. Итиэннэ сопхуос бастакы дириэктэрэ Иванов Г.А. бары урут үлэлээбит дириэктэрдэртэн эн саамай ыарахан, уустук кэмҥэ уһуннук үлэлээтиҥ диэн миигин сөхтөрбүтэ. 2012 сылга хаһаайыстыба 40 сыллаах үбүлүөйүн эрдэттэн тэринэн бэлиэтиэҕиҥ диэн СХПК дириэктэрэ Корякин А.В. уонна нэһилиэк баһылыгар, УСХ начаалынньыгар хаста да этэ сатаабыппын кыайан тэрийбэтэхтэрэ хомолтолоох.
Билиҥҥи дириэктэр Егоров В.С. сопхуос тэриллибитэ 45 сылын 2017 сыл күһүн үлэ-хамнас үмүрүйбүтүн кэннэ балаҕан ыйын ортото Кириэстээх пааркатыгар бэтэрээннэри мунньан бэркэ аһаппыта. Уонна аны биэс сылынан хаһаайыстыба тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүн эрдэттэн тэринэн улаханнык бэлиэтиэхпит диэн бэтэрээннэри эрэннэрбитэ улахан хайҕаллаах дьыала.
Үөрэх, билии – ситиһиилээх үлэ төрдө
Мин 1977 сылга ЯГУ физмат факультетын бүтэрэн, Түбэй аҕыс кылаастаах оскуолатыгар математика учууталынан, завуһунан биир кыһын үлэлээбитим кэннэ саас “Институт усовершенствования учителей” ыытар икки нэдиэлэлээх математиктар куурустарыгар үөрэммитим. Онтон эһиилигэр дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына күһүн аны оскуола дириэктэрдэрин биир ыйдаах куурустарыгар эмиэ Дьокуускайга үөрэнним.
Сэтинньи ыйга кууруспун бүтэрэн Сунтаарга кэлбитим, авиапорка Саввинов С.А. кэтэһэн турар уонна эйигин райком 1 сэкиритээрэ Пахомов И.О. приемҥа ыҥырар диэтэ. Хайыахпыный, бардаҕым дии. Онно Иннокентий Осипович өйүүн Сунтаар оройуонун комсомольскай конференцията буолар, онно Акимов А.К. 1 сэкиритээр, оттон эйигин райкомол 2-с сэкиритээринэн, 3-с сэкиритээринэн Саморцева Н.Д.-ны быыбардатар буоллубут диэн мас-таас курдук этэн кэбистэ.
Онтон кулун тутар ыйга аны биир ыйдаах комсомол райкомун 2-с сэкиритээрдэрин куурсугар үөрэнним. Ол күһүн марксизм-ленинизм институтугар икки сыллаах кэтэхтэн үөрэххэ киирэн үөрэнэн бүтэрдим.
Иккис сылбар аны Благовещенскай куоракка зональнай комсомольскай оскуолаҕа биир ый үөрэнним. Онтон Маар Күөлгэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыттахпына эмиэ биир ыйдаах кууруска үөрэттилэр.
Онтон «Бордоҥ» сопхуоска партком сэкиритээринэн үлэлии сырыттахпына аны биир ыйдаах партком сэкиритээрдэрин куурсугар үөрэммитим. Кириэстээххэ кэлэн эмиэ сопхуоска дириэктэрдии сырыттахпытына оччотооҕу тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Ю.Д. Трофимов тэрийэн хас да хонуктаах семинар-практикум ыытан турардаах. Онон сэбиэскэй кэмҥэ «Кадры решают всё» диэн Сталин этиитин олоххо киллэрэн, салайар каадырдары алларааттан сыыйа иитэн-үөрэтэн үөһэ таһаарарга уонна анал билиилэрин-таһымнарын үрдэтэргэ систиэмэлээх үлэ ыытыллара. Билигин оннук систиэмэ суох, ол оннугар билсии-көссүү, үөһээ саламта этиитин истигэн уонна демократиянан саптынан ким элбэх уруулаах-аймахтаах, билсиилээх, табаарыстаах, өссө түмүгэр ким элбэх харчылаах дьокутаат, салайааччы буолар кэмэ кэлэн турар.
Билигин үлэлии олорор салайааччылар үксүлэрэ шоумен оруолун толороллор, ол аата араас бырааһынньыктары, спортивнай, ырыа-үҥкүү, оһуохай күрэхтэрин ыытыынан дьарыктаналлар, кырата 50 %-ра билиитэ, салайар дьоҕурдара, талааннара, бэйэлэрэ тус санаалара, инициативалара суоҕуттан кэскиллээх үлэлэр түргэнник ыытыллыбаттар, олох таһыма таҥнары түһэр, оҥорон таһаарар производство элбиир кыаҕа суох. Ол суотугар олохпут-дьаһахпыт сайдыыта атын омуктары кытта тэҥнээтэххэ күнтэн-күн хаалыыбыт дириҥээн иһэр. Ол оннугар кыра оҕо сааһыттан лидер, билиилээх, дьоҕурдаах, талааннаах эдэр ыччат сөптөөх үлэтэ суох буолан кыайан сайдыбакка, үүммэккэ хаалаллара олохпут чахчыта буолла.
Манна диэн аҕыннахха, сэбиэттии да, партком сэкиритээрдии да, кэлин дириэктэрдии да сырыттахпына, үөһэттэн – УСХ-тан, райкомтан, улуус дьаһалтатыттан, МСХ-тан эмискэ араас ыспыраапка наада эбэтэр бүгүн суһал мунньах буолар диэтэхтэринэ мин аккаастаан, бэйэбитигэр ыйдааҕы былааҥҥа киирбит дьаһал буолар диэччибин. Ол түмүгэр бэйэтэ санаабытынан, эппитинэн сылдьар киһи диэн райкомҥа миигин мэлдьи кырыы харахтарынан көрөр киһи элбэх этэ. Кинилэр хас этиилэрин, дьаһалларын толоро сырыттахпына миэстэтигэр үлэ мөлтүүрэ, атахтанара чуолкай буоллаҕа. Итиэннэ сорох кылаабынай исписэлиистэр сарсыарда киирэн бүгүн ханна эрэ барарга, кэлэргэ тиэхиньикэ наада диэтэхтэринэ тута аккаастааччыбын. Тоҕо кырата икки эбэтэр үс хонук иннинэ эппэтэххиний диэн. Нэдиэлэтээҕи үлэ былаана планёркаҕа үксэ эрдэ быһаарыллааччы.
Мин үрдүк үөрэҕи бүтэриэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри «Эбиллибэт билии көҕүрүүр» уонна улуу кытайдар «Сарсын өлүөҥ да буоллар, бүгүн үөрэн» диэн бириинсиптэрин тутуһабын. Итини таһынан саха норуодунай суруйааччыта Далан: “Үөрэх баар киһини атын таһымҥа таһаарар, улахан да, кыра омук киһитин тэҥниир сүдү күүс. Оттон ситэ билбэт-көрбөт киһи судургуну да өйдөөбөт, оннук киһи өрүү дьонтон итэҕэс, хаалан-куоттаран иһэр. Онон дьон тэҥэ бэртэри кытта бииргэ сылдьыаххын баҕардаххына, кинилэртэн итэҕэһэ суох өссө үгүстэри баһыйар билиилээх, сайдыылаах буолуохтааххын. Оннук киһини ким сэниэй, атаҕастыай, төттөрүтүн, билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах киһи дьон инники күөнүгэр тахсан, бас-көс киһи буолар”, – диэн этиитин сүрдээҕин сөбүлээн, мэлдьи хаттаан ааҕааччыбын. Бары билэрбит курдук, киһи аймах улуу өркөн өйдөөхтөрө сааһылаан, суруйан хаалларбыт кинигэлэригэр олох ханнык баҕарар эйгэтигэр этиилэрэ үйэлэргэ сүппэт, симэлийбэт. Онон ким элбэҕи ааҕар – ол билиилээх, ким билиилээх – ол кыахтаах, бараммат баайдаах, өй-санаа өттүнэн таһыччы киэҥ эйгэлээх дииллэрэ саамай сөп дии саныыбын. Кинигэни аахпат киһи биир олоҕу олорор, оттон 100 үчүгэй кинигэни аахпыт киһи сүүс олоҕу олорор дииллэр. Үйэ уларыйан билигин урукку курдук кумааҕы кинигэни ким да аахпат дииллэрэ улахан сыыһа. Билигин даҕаны мин, 70-ча саастаах киһи, хас күн аайы анал кинигэ эбэтэр хаһыат аахпатахпына тугум эрэ тиийбэт буолааччы. Онон эдэр дьон элбэхтик анал кинигэтэ булан ааҕыҥ, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр ааҕыы эйгэтин иҥэрин диэн алгыспын этэбин.
Капитализмҥа киирии бастакы сылларыгар омук сирдэригэр үөрэнэ, стажировкалана барыы Арассыыйаҕа муода буолбута. Ол иһин буолуо, биһиги, алмаастаах түөлбэҕэ олорор аҕыс улахан хаһаайыстыба дириэктэрдэрэ “АЛРОСА” суотугар региональнай боппуруостарга вице-бэрисидьиэн Попов А.Т. салайааччылаах Швеция Умео куоратын аграрнай университетыгар 1996 сыл олунньу ый саҥатыгар уон хонукка стажировканы барбыппыт. Икки этээстээх панельтан оҥоһуллубут гостиницаҕа сытабыт, онно үрдүгэр сарсыарда, киэһэ аһыыбыт. Аһылыктара элбэх эттээх, аһара тотоойу. Биир дьиктитэ диэн, гостиницаҥ түннүгэр турар светильнигы олорор бириэмэҕэр түүннэри-күннэри уматан туруохтааххын. Тоҕо диэтэххэ, бу реклама эбит. Дьон сөбүлээн түһэр сирэ диэн. Кинилэргэ элбэх атомнай электростанция баар буолан электричество сыаната аһара чэпчэки, онон түүн куорат уулуссата, бары тыраассалар күнүс курдук сырдыктар.
Чугас 30 миэтэрэлээх сиргэ биир этээстээх дьиэҕэ аудиторияҕа эбиэккэ диэри элбэх лекцияны тылбаасчыт нөҥүө истэбит. Онно эбиэттээн баран, күн аайы оптуобуска олорон, пиэрмэттэн саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах араас эбийиэктэригэр сылдьан, илэ харахпытынан көрөн, ыйыталаһан, чуолкайдаһан билсэбит. Ол аата кинилэргэ наука производствоҕа практическай туһаны аҕалар буоллаҕына эрэ дьарыктаналлар.
Оттон биһиэхэ, Арассыыйаҕа, араас научнай институт аһара элбэх даҕаны, тугунан дьарыктаналлара, тугу туһалааҕы оҥорбуттара, айбыттара, олоххо киллэрбиттэрэ биллибэт. Оттон үрдүк үөрэх кыһаларыгар кинилэргэ сарсыарда теорияны үөрэтэн баран, эбиэт кэнниттэн быһаччы харыларын ньыппарынан үлэлээн тахсаллар. Арассыыйаҕа аҥаардас теорияны күнү быһа үөрэтэллэр, онон илиилэринэн производствоҕа үлэлээбэтэх, олоххо уонна үлэҕэ бэлэмэ суох нуул дьону таһаараллар. Швеция тыатын хаһаайыстыбата аһара сайдыылаах, бары салаа үлэтин барытын эрдэттэн оҥоһуллубут бырагыраамаҕа олоҕуран көрдөрбүттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ. Ону барытын кэпсиир олус уһун буолуо. Биир сөхпүппүт диэн, киэһэ рестораҥҥа аһылыктан ураты пиибэ уонна аҕыйах кыһыл арыгы биэрэллэр, буокканы биэрбэттэр. Уонна 200 тыһыынча киһи олорор куоратыгар биир судаарыстыбаннай арыгы маҕаһыына баар, онно аан дойду сухой уонна кыһыл арыгытын арааһа атыыланар. Оттон үстэн ордук бытыылка буокканы ылар буоллаххына куорат мээрин көҥүлэ наада эбит.
Маҕаһыыннарыгар омук табаара отой суох, барыта бэйэлэрин киэнэ. Аһара хаачыстыбалаах табаардар. Кытайтан туох да атыыламмат этэ. Тыраасса барыта сырдатыылаах уонна икки өттүнэн күрүөлээх, онно сотору-сотору тайахтар, табалар, туртастар аһыы сылдьаллара көстөр. Саамай үрдүк хамнастаах быраастар, онтон учууталлар, онтон чунуобунньуктар диэбиттэрэ. Үлэтэ суох киһи ыйдааҕы ылар босуобуйатыгар сылга биирдэ Канарскай арыыларга баран сынньанан кэлэр эбит.
2001 сыллаахха Москуба куоракка өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларын дириэктэрдэрэ тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтин каадыры кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Птицина А.С. салайааччылаах квалификацияны үрдэтэр кууруска үөрэммиппит. 21 хонук устата Бэс Чагда санаторийыгар сыппыппыт. Кууруһу Арассыыйа Менеджмеҥҥэ уонна агробизнескэ академията тэрийэн ыыппыта. Сарсыардаттан күнүс түөрт чааска диэри санаторий Сталин кыыһыгар анаан туттарбыт эргэ куорпуһугар лиэксийэ истэбит. Ардыгар аҕыйах күн Подмосковье хаһаайыстыбаларыгар, биирдэ Калуга уобалаһыгар баар хаһаайыстыбаҕа баран үлэтин-хамнаһын билсибиппит. Онно Бастакы бэрисидьиэн М.Е. Николаев Индияттан кэлэн өрөөбүтүгэр икки чаастаах көрсүһүү буолбута. Үөрэхпит түмүгэр барыбытыгар свидетельство биэрбиттэрэ. Эһиил олунньуга хаһаайыстыбаҕыт үлэтин туһунан диплом суруйан кэлэн көмүскээтэххитинэ икки сыллаах үрдүк үөрэх дипломун биэрэбит диэбиттэрэ. Мин дипломмун суруйбутум эрээри, оруобуна сопхуос тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн тэрийэн ыытар кэмҥэ болдьоҕо түбэһэн барбатаҕым. Амматтан уонна Горнайтан баран көмүскээн икки киһи диплом ылбыт этилэр.
Онтон ахсынньы ый саҥатыгар ити институт тэрийиитинэн биһиги биир дойдулаахпыт П.С. Иванов ТХМ Хотугу норуоттар төрүт дьарыктарын отделын начаалынньыга салайааччылаах бөлөх Германия Эрфурт куоратыгар уон хонукка стажировкаҕа үөрэнэ барбыппыт. Эмиэ эбиэккэ диэри лиэксийэ истэбит, онтон оптуобуска олорон, хаһаайыстыбалары, астыыр-үөллүүр тэрилтэлэри көрөбүт, үлэлэрин сиһилии билсэбит, ардыгар экскурсияҕа сырытыннараллар.
Берлиҥҥэ Рейхстагка, Трептов пааркаҕа, араас замоктарга уо.д.а. сылдьыбыппыт. Онно биирдэ пиибэ собуотугар сылдьыбыппыт кэннэ дегустацияҕа пиибэ арааһын кытта сибиинньэ этин сиикэй фаршын сииллэриттэн аһара сөхпүппүт.
Өссө биирдэ улахан үүт собуотун аарыма улахан дьиэтигэр киирбиппит – отой космическай хараабыл курдук кип-килэбэчигэс тимир турбалар быыстарынан араас конвейер бөҕө сүүрэр уонна үүт араас бородууктата бэйэтэ упаковкаланан анал хоруопкаҕа угуллан, аттыгар турар түөрт тыһыынча туонна киирэр холодильнигар киирэн, анал миэстэҕэ сааһыланан ууруллан иһэр эбит. Биир да киһи үлэлии турара көстүбэт, арай киинигэр тиийбиппит, кыра хоско түөрт киһи компьютер көрөн олороллор. Уонна биир киһи сорох палеты ылан анал погрузчигынан улахан фураҕа тиэйэ сылдьар. Күҥҥэ 2000 туонна үүтү суулаан-хаалаан таһаарар собуокка симиэнэҕэ баара-суоҕа биэс киһи үлэлиир эбит. Күн аайы бэҕэһээ упаковкаламмыт бастыҥ хаачыстыбалаах бородууксуйаны уонча Европа судаарыстыбатыгар таһааран, дуогабарга олоҕуран атыылыыр эбиттэр. Барыта компьютер, автоматика үлэлиир. Ону көрөн баран, сорох уолаттар Арассыыйа 100, кырата 50 сыл хаалбыт эбиппит диэн аһара саллыбыттара.
Биһиги Восточнай Германияҕа сырыттахпыт дии. Онно биир сопхуос арҕаалары кытта холбоһуу кэнниттэн үлэлиир дьонун лаппа аҕыйатан, кэпэрэтиип тэринэн, баар бааһынатын уонна сүөһүтүн үксүн тутан олорор эбит уонна оҥорбут бородууксуйатын күннэтэ бэйэтэ сибиэһэйдии астаан-үөллээн, упаковкалаан баран бэйэтин маҕаһыыныгар атыылаан, кытаанах конкуренцияны тулуйан олорор эбит этэ.
Эрфурт провинцияҕа Голландия фирмата кэлэн, 40 тыһыынча төбө иитэр сибиинньэ комплексын тутан үлэлэппитин суотугар, сибиинньэни иитэр фермердэр бары моҥкурууттаабыттар этэ.
Биһиги 1000 км ыраах сиргэ икки этээстээх оптуобуһунан Парижка баран икки хонон кэлбиппит. Автобаанынан кырата 120 км/чаас түргэннээх айанныыгын, икки сиргэ аһаан, уопсайа 9 чааһынан тиийбиппит. Эйфель башнятыгар, Лувр мусуойугар, Нотр-Дам, Мулен-Руж уо.д.а. элбэх сиргэ сылдьыбыппыт. Дьэ киэһэ тиийэн гостиницабытыгар рестораҥҥа аһаатыбыт, кыратык арыгы истибит. Онтон сорох уолаттар топпокколор түүнү быһа хосторугар холодильникка турар араас арыгыны барытын испиттэр. Сарсыарда барыы буолбутугар холодильниктан биир-икки бытыылка арыгыны испиттэртэн баһаам харчыны төлөттүлэр. Оттон холодильник иһигэр толору баар омуктуу суруктаах араас бытыылкалары барытын испит уолаттартан отой да харчы ылбатылар. Тоҕо диэтэххэ уолаттар арыгы диэн шампуннары, лосьоннары, сууйар средстволары эмиэ барытын испиттэр. Онон өлөн хаалыахтара диэн аһара куттаммыт этилэр. Хата уолаттар истэрэ да ыалдьыбатаҕа.
Кэлэрбитигэр Эрфуртан сарсыарда 5 чаастан Берлиҥҥэ оптуобуһунан айаннаатыбыт. Онтубут халлаан барыта хаас үөрэ, 50 эбэтэр 100 миэтэрэ үрдүгүнэн сайылыы хоту диэки быыстала суох көтөллөр. Биһиги тохтоло суох айанныыбыт, сарсыарда 7 чааска диэри мөлүйүөнүнэн хааһы көрдүбүт быһыылаах. Салгыы Берлин чугаһыгар ойуурдаах сиргэ суол икки өттө күрүөлээх, нөҥүө өттүгэр тыһыынчанан туртас аһыы сылдьарын көрдүбүт.
Онтон 2005 сыл олунньу ый саҥатыгар биһиги курдук усулуобуйалаах Канада Торонто куоратыгар эмиэ уон хонуктаах тыа хаһаайыстыбатын билсэ, стажировкалана Саха сирин фермердэрэ уонна аҕыйах хаһаайыстыба дириэктэрэ буолан, миниистир Степанов А.И. салалтатынан баран үөрэммиппит. Москубаттан тохтоло суох 14 чаас көтөн, Торонтоҕа кэлэн түстүбүт. Гостиницалара улахана сүрдээх, оҥоһуута сиэдэрэйэ бэрт этэ. Эмиэ сарсыарда-киэһэ гостиницаҕа аһаталлар, шведскэй остуол, аһылыктара үксэ эмиэ эт аһылык, сүрдээх тотоойу этэ. Остуолга графиҥҥа муустаах ыраас уу мэлдьи баара сөхтөрбүтэ. Кыратык лиэксийэ ааҕаллар уонна элбэх араас тэрилтэлэри, фермердэри көрдөрөллөр. Сайдыылара эмиэ таһыччы этэ.
Быыһыгар экскурсиялаталлар. Ол курдук, оччотооҕу кэмҥэ аан дойдуга саамай үрдүк, Останкинотааҕар 18 миэтэрэнэн үрдүк телебашня рестораныгар тахсан аһаатыбыт. Онно үөһэттэн небоскрёбтары көрдөххө отой күччээн көстөллөрө. Онно биир 30-ча этээстээх международнай баан дьиэтин тас эркинин барытын, таҥара дьиэтин куполун курдук, сусальнай көмүһүнэн бүрүйбүттэрэ кылабачыйан сүрдээх этэ. Итини таһынан, 78 миэтэрэ үрдүктээх, аан дойдуга аатырар Ниагара водопадка тиийэн хоннубут. Кыһын буолан катерынан даҕаны устубатыбыт, вертолётунан даҕаны көппөтүбүт. 50 уонна 100 миэтэрэлээх сиртэн смотровой площадкалартан эрэ көрдүбүт, хаартыскаҕа түстүбүт. АХШ сүүс миэтэрэлээх муостанан туораатыҥ да саҕаланар эбит. Турист аһара элбэх, онон гостиница эмиэ элбэх. Өссө иккилии тыһыынча киһи киирэр икки казино баарыгар киэһэ киирэн бииригэр кыратык оонньоотубут, көрдүбүт-иһиттибит. Арыгылара, пиибэлэрэ туһунан турар судаарыстыбаннай маҕаһыыннарга эрэ атыыланар эбит.
Москубаҕа кэлэн хонон баран, өрөбүллэргэ үс күҥҥэ Турцияҕа Стамбулга тахса сырыттыбыт. Ататюрк авиапордугар оптуобуһунан көрсөн гостиницаҕа түһэрдилэр. Сарсыныгар куорат устун экскурсияҕа сырытыннардылар. Султаан дыбарыаһыгар, аан дойду саамай улахан мечетигэр, Стамбул историческай киинигэр, аһылык уонна табаар ырыынагар, Босфор проливын саҥа муостатынан туораан, куорат европейскай чааһыгар уо.д.а. миэстэлэргэ сырыттыбыт. Иккис күммүтүгэр араас маҕаһыыннары көрдөрдүлэр. Саамай сөхпүтүм диэн, мин бэйэбин отой дойдубар сылдьар курдук сананабын, арааһа, туроктардыын биир тюрк омуктан төрүттээх буоларбыт иһин буолуо. Үһүс күммүтүгэр Москубаҕа төттөрү кэллэхпит дии. Онтон мин Москубаҕа хаалан, кырата биир нэдиэлэ устата Москуба уобалаһыгар баар “Евросеть” фирматтан пэт бытыылка заготовкатын ыраас уу кутар собуокка анаан атыылаһан КАМАЗ полуприцепка тиэйэн, “Алроса” авиабазата Жуковскай куоракка көспүтүгэр тиэйэн илдьэн туттардым. Итини таһынан, Королёв куораттан үүт собуотугар уонна Москуба араас фирмаларыттан эт собуотугар наадалаах расходнай матырыйааллары эмиэ Жуковскай куоракка Газель массыынаны арендалаан хаста да тастаҕым дии. Уопсайа биир ый курдук Москубанан, омук сиринэн сылдьан кэллим диэбиппэр Сунтаардааҕы нефтебаза начаалынньыга Семён Михайлович Никифоров сотору-сотору Москубаҕа, ардыгар Новосибирскайга сылдьаҕын, туох элбэх харчылаах киһигиний, биһиги Дьокуускайга нэдиэлэ буолаары эстэн кэлэбит диэбитэ.
Итини таһынан, 1997 сыл балаҕан ыйыгар Япония Токио куоратыгар “Альфа Лаваль агри” фирма анал бөлөҕөр киирэн барарга Москубаттан авиабилиэт эрдэ ылбыт этилэр. Ону мин уу сута буолан от кыайан оттоммокко, хомуур ситэ хомуллубакка турар диэн аккаастаан турабын.
2005 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията вице-бэрисидьиэн Акимов А.К. салалтатынан Японияҕа барарыгар Сунтаар улууһуттан Тойбохойтон Мария Сергеевна биһиккини киллэрбиттэрэ. Ону кыыһым муус устар 9 күнүгэр Дьокуускайга сыбаайбата буоларынан, визам оҥоһуллан, гостиницам сакаастанан турдар даҕаны, эмиэ аккаастаан турабын. Ырыынак усулуобуйатыгар ким да кими да сиэтэ, соһо сылдьыбат үйэтэ, бэйэҥ эрэ булан, суолу-ииһи эрдэттэн хайан, кэпсэтэн, былааннаан сылдьар кэм кэлэн турар.
Эппитим курдук, Кытайга үстэ сылдьыбытым. Онон аан дойдуга аҥаардас кэрэ миэстэлэринэн экскурсиялаан эрэ буолбакка, атын омуктар хайдах үлэлээн, дьаһанан-тэринэн олороллорун ис-иһиттэн син биллим, илэ харахпынан көрдүм дии саныыбын.
Кинилэр биһигиттэн кырата 50-100 сыл инники барбыттар. Тоҕо диэтэххэ, салайааччылара, дьокутааттара бэйэлэрин омуктарын кэскилин толкуйдуур, үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэр туһугар саҥаттан саҥа, бастыҥтан бастыҥ технологияны түргэнник олоххо киллэрэн, аҥаардас бэйэлэрин иннилэрин буолбакка, дьон-норуот олоҕун таһымын үрдэтиигэ харса суох дьулуһан, дьиҥнээх патриоттуу үлэлииллэр. Онно холоотоххо биһиэхэ, Арассыыйаҕа, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ, саламтаҕа үлэлиир дьон үксэ тус билсиинэн, уруунан-аймаҕынан, биир дойдулааҕынан салайааччы буолаллар. Олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы сатаан салайбат, производствоны тэрийэр билиитэ, дьоҕура, дьонтон ирдэбили уонна хонтуруолу тэрийэр кыаҕа суох, демократиянан сирэйдэнэн аҥаардас кыһыл тылынан, куолунан дьон өйүн-санаатын булкуйан, норуот олоҕун-уйгутун, таһымын үрдэтэр туһугар буолбакка, аҕыйах баай дьон уонна тус бэйэлэрин, аймахтарын, доҕотторун интэриэһигэр үлэлииллэрэ хомолтолоох. Оннук дьону этэллэр – санаата биир, саҥата отой атын, дьыалата туспа диэн. Бары билэрбит курдук билигин капитализм систематыгар олоробут, атыннык эттэххэ туох барыта чааһынай бас билиигэ бэриллэн турар, Онон элбэх харчылаах аҕыйах олигархтар, үрдүкү чунуобунньуктар, улахан баай дьон интэриэһин судаарыстыба, былаас, суут, Госдуманан ылыллар сокуоннар толору көмүскүүр буоллулар, уопсай дьон-норуот олоҕун таһыма үрдүүрүн туһугар буолбатах. Бары билэрбит курдук Арассыыйаҕа оҥорон таһаарыы кээмэйэ кэнники 30-ча сылга үрдээбэт, кыра уонна орто биисинэс сайдыбат, ол суотугар нолуок киириитэ аҕыйыыр. Ол иһин дьоҥҥо-норуокка нолуок арааһа, кээмэйэ тохтоло суох эбиллэр. Ыстараап, пеня ставкалара үрдүү, араастара элбии тураллар. Бюджекка доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕирии салаатыгар үп-харчы сылтан-сыл күччүү, оптимизация бара турар.
Салайааччы – олоҕу өтө көрөөччү
Былыр да, билигин да салайааччы буолуон баҕалаах баһаам буоллаҕа. Итиннэ эбии дьон-норуот барыта быыбар буолбутунан оргууй көҥүл-босхо сылдьаары, кыраны үлэлээн элбэх хамнаһы аахсаары, салайааччы, дьокутаат киһи быһыытынан үчүгэй, эдэр, куолуһут буолла да даҕаны, төһө да салайар үлэҕэ-хамнаска билиитэ, дьоҕура, талаана, уопута суоҕун иһин, араас үрдүк дуоһунаска быыбардыыллара, аныыллара хомолтолоох. Тылтан дьыалаҕа тиийии олус уустук уонна үгүс элбэх сыраны, билиини, сатабылы эрэйэр үлэ.
Аан дойду үрдүнэн статистика көрдөрүнэн, сүүс киһиттэн муҥутаан икки-үс эрэ киһи дьону салайар, түмэр уонна биир солкуобайы икки-үс гынар дьоҕурдаах буоларын, оттон кырата 95 киһи собственник буолар кыаҕа суох, күннээҕи хамнаска эрэ үлэлиир дьоҕурдаах төрүүллэрин билбэт быһыылаахтар. Дьон үксэ өйдүүрүнэн, ханнык баҕарар үөрэхтээх, үчүгэй көнө майгылаах киһи салайааччы буоларга баҕалаах буолла даҕаны, түргэнник ааһан иһэн саламта уустук үлэтигэр үөрэниэ диэн толкуйдууллара отой сыыһа.
Салайааччылар араас таһымнаах буолаллар. Ол курдук араас тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк таһымнаах салайааччылар, улуус таһымнаах салайааччылар уонна улахан өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах судаарыстыбаннай, политическай деятеллэр бааллар дии саныыбын.
Былыр-былыргыттан сахаларга үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах ойууттар, удаҕаннар уонна уустар үөскүүллэр диэн буолар. Ону тэҥэ эмиэ үөһэттэн айдарыылаах, төрүттээх-уустаах аҕыйах ахсааннаах талааннаах салайааччылар баар буолаллар. Холобур, мин бииргэ үлэлээбит дьоммуттан ханнык да үөрэҕэ суох эрээри айылҕаттан бэриллибит салайар, тэрийэр дьоҕурдаах уонна уус-ураннык сахалыы саҥарар талааннарын сайыннаран, дьону түмэр, улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр Маар Күөлтэн Мыреев Т.И., Бордоҥтон Михайлов С.А., Кутанаттан Крыжановскай В.М., Кириэстээхтэн Коколов М.И. уо.д.а. үчүгэйдик билэттиибин, кинилэртэн мин эмиэ элбэххэ үөрэммитим уонна холобур оҥостор салайааччыларым буолаллар. Бу дьон арай бары үрдүк үөрэхтээхтэрэ эбитэ буоллар, дьоҥҥо-норуокка төһөлээх үтүөни оҥоруо этилэрий?
Салайааччы сытыы, булугас өйө, үлэни сатабыллаахтык аттарар дьоҕура, саҥаны, кэскиллээҕи кэмигэр өйдөөн, иилэ хабан ылар, инникини хорсуннук, мындырдык анаарар уратыта – бу ситиһии төрдө буолар.
Аҕа дойду сэриитин ыар, иэдээннээх кэмигэр байыаннай балаһыанньанан, онно эбии сутунан-кураанынан доҕуһуоллаах кэмҥэ бэриниилээх, талааннаах, муударай салайааччылаах оройуоннарга, нэһилиэктэргэ дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбатаҕын бары билэбит. Оннук ыарахан балаһыанньа сэбиэскэй былаас эстэригэр 1990-2000 сылларга Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр эмиэ хатыламмыта.
Бары билэрбит курдук, Сэбиэскэй былаас саҕана колхуостар, онтон сопхуостар тэриллэн үлэлээбиттэрэ. Тыа сиригэр “Көмүс эпоха” кэлэн ааспыта дииллэр. Саха киһитэ совхозтар саҕана аан бастаан дэлэй олох диэни билбитэ. Манна салайааччы талааннаах, сатаан тэрийэр-дьаһайар кыахтаах буоллаҕына, хаһаайыстыба күүскэ сайдара. Ол курдук 70-80 сылларга тыа сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн балысханнык сайдарыгар Саха сиригэр киэҥник биллибит талааннаах сопхуос дириэктэрдэрэ С.М.Журавлёв, В.М. Кладкин, С.Г. Жирков, Николаев Уйбаан (Бытык), Фёдорова П.П. уо.да.а. оруоллара уһулуччу улаханын өйдүүбүт. Хаһан баҕарар, ханна баҕарар улууска даҕаны, нэһилиэккэ даҕаны, ортоһуор уонна ортону аннынан таһымнаах салайааччы аһара элбэх буолар. Кинилэр үөһэттэн кэлэр дьаһалы эрэ толорор, бэйэлэрэ туспа толкуйа, санаата суох, ханнык да инициативата суох буолаллар. Холобур, Кириэстээх ПК-ҕа мин кэннибиттэн аҕыйах сыл иһигэр 7 дириэктэр үлэлээн баран, кыайбакка уурайбыттара. Онтон хата Егоров В.С. кэлэн ахсыс сылын таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Онон Владимир Семёнович кэнниттэн үлэлиир кыахтаах, салайар талааннаах киһини эрдэттэн бэлэмниир наада быһыылаах. “Кириэстээх” ПК курдук бөдөҥ материальнай базалаах хаһаайыстыбаны ситиһиилээхтик салайарга саамай кырата ортону үрдүнэн таһымнаах салайааччы наада, мөлтөх таһымнаах салайааччы талыллан үлэлээтэҕинэ бу уустук бириэмэҕэ хаһаайыстыба моҥкурууттуура чуолкай. Ол иһин даҕаны Тыа хаһаайыстыбатын миниистирдэригар, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, Ил Дархаҥҥа сурукпар билигин сайдыылаах, анал үөрэхтээх эдэрчи дьон чааһынай, личнэй интэриэһи урут туталларынан, улахан кэлэктиибинэй хаһаайыстыба талааннаах салайааччыларыгар 10 сылтан ордук биир тэрилтэҕэ үчүгэйдик салайан үлэлээтэҕинэ, тэрилтэ сыллааҕы барыыһыттан сөптөөх бырыһыан ылыахтаах уонна төһө үлэһиттээҕиттэн, төһө сүөһүлээҕиттэн көрөн пенсиятын 10-25-50 бырыһыаҥҥа диэри эбэр балаһыанньаны оҥоруохха диэччибин. Оччоҕо эрэ тыа сиригэр куораттан, улуус кииниттэн үлэҕэ-хамнаска уопуттаах, талааннаах салайааччылар кэлэн үлэлиэхтэрэ, олох таһыма түргэнник үрдүө этэ диэччибин.
Салайааччы буолар сүрдээх уустук, мындыр уонна эппиэтинэстээх идэ буоларын киһи бары билиэхтээх. Салайааччы дьонтон ураты көрүүлээх-истиилээх, тутулуга суох эппиэтинэстээх быһаарыныылары ылынар кыахтаах, үөскүүр боппуруостары дьаныардаахтык туруорсар, бэлиэтээбит сыалын ситиһэн тэйэр, суһал балаһыанньаҕа уолуйан турбакка, үүтү-хайаҕаһы була охсор дьоҕурдаах буолуохтаах. Ол иһин салайар дьоҕурдаах лидер оҕону, ыччаты эрдэ билэн, кыратыттан араас дуоһунаска анаан, үөрэтэн алларааттан сыыйа бары дуоһунаска үлэлэтэн, үүннэрэн, сайыннаран истэххэ эрэ дьиҥнээх салайааччы буолан тахсалларын билэр кэм кэллэ ини. Мин санаабар үксүгэр улахан талааннаах салайааччылар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахтарыттан оҕолорго лидер буолан, онтон студенныы сылдьан уопсай дьыала туһугар тэрийэр, салайар үлэҕэ дьоҕурдаахтара эрдэттэн биллээччи. Оттон төһө да элбэх үрдүк үөрэхтээх эдэр киһи, эмискэ, түргэнник үчүгэй салайааччы буолбат. Алларааттан бары дуоһунастарга үлэлээн бэйэтин баҕатын, дьоҕурун, үлэтин түмүгүн көрдөрүөн наада дии саныыбын. Араас таһымнаах каадырдары кытта үчүгэй систиэмэлээх үлэ, үөрэх бардаҕына, сөптөөх ирдэбил уонна хонтуруол турдаҕына эрэ үлэ кэлэктиибигэр, нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа олох таһыма түргэн тэтиминэн үрдүүр кыахтаах.
Салайааччыны ханнык баҕарар дуоһунаска аныырга, быыбардыырга аан бастаан урут ханна, тугу үлэлээн, тугу оҥорбутун, туох түмүгү ситиспитин билиэххэ, үөрэтиэххэ наада, онтон атын хаачыстыбаларын, эдэрэ, киһи быһыытынан майгыта, үөрэҕэ-билиитэ, куолуһута, уус тыла суолтата отой кыра дии саныыбын. Итинэн сибээстээн кэнники Ил Дарханнарга, Ил Түмэн бастайааннай хамыыһыйатыгар, сенаторбытыгар Саха сиригэр нэһилиэктэр баһылыктарын быыбарын Татарстан уопутунан тохтотуоҕуҥ, улуус баһылыга нэһилиэк дьокутааттара хас да киһини туруорбутуттан талан хаһан баҕарар аныыр уонна ууратар бэрээдэгин олохтуоҕуҥ диэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга санааларбын кытта холбуу суруталаабытым да хоруй суох.
Салайааччы сороҕо “созидатель”, сороҕо “разрушитель” буолар. Итини сахалар «үчүгэй өттүктээх» уонна «куһаҕан өттүктээх» салайааччы диэн этэллэр. Үчүгэй өттүктээх салайааччыга үлэ-хамнас, олох-дьаһах тохтоло суох тупсар, сайдыы-үүнүү түстэнэр, туох барыта этэҥҥэ буолар. Оттон куһаҕан өттүктээх салайааччы кэллэҕинэ, өлүү-сүтүү эмискэ элбиир, араас куһаҕан быһылааннар тохтоло суох бара турааччылар, олох-дьаһах, үлэ-хамнас муораҕа уруула алдьаммыт хараабыл устарын санатар буолааччы.
Үөрэх этэринэн, ханнык баҕарар тэрилтэ 20 бырыһыан үлэһитэ холобурга сылдьар бастыҥ, лидер, саҥаны бастыҥы олоххо киллэрээччи, үтүө-мааны үлэһиттэр буолаллар. Холобур Владимир Африканович, Клавдий Иванович курдук бэйэлэрин идэлэрин профессордара, академиктара, улуу дьаныардаах, дьулуурдаах, инициативалаах, саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрэр дьон. Манна даҕатан, Скоблов В.А. Т-170 тыраахтарынан маннык оҥоруохха диэн кэпсэтэн баран, хос эргийэн кэлэн көрбүтүҥ – отой атыннык, өссө үчүгэйдик оҥорбут буолааччы. Туох эмэ тэрил улаханнык алдьаннаҕына сатаан оҥоһуллуо суох буоллаҕына, Пётр Софроновичка аҕалан биэрдэххэ киһи сатаан өйдөөбөтөх өттүттэн оҥорон кэбиспит буолааччы.
Тэрилтэ үлэһитин 60 бырыһыана күннээҕи үлэлэрин, эбээһинэстэрин чуолкай толорор, орто үлэлээх-хамнастаах дьон буолаллар. Манна биир түгэни ахтан ааһыым. Арай биир сарсыарда үлэбэр кэлбитим – кылаабынай инженер Тотонов Н.А. бирикээс суруйан киллэрбит. Бөлүүн хонтуора таһынааҕы киин хочуолунайга газоконденсата баранан оһох умуллубутугар сүүрэн-көтөн сапараапкаттан бэстилиэтинэн ылан балтараа туонна дизтопливо аҕалан кутан, абаарыйа буолуоҕун быыһаатыбыт, онон үс киһиэхэ бириэмийэ биэриэххэ диэтэ. Ону, бастакытынан, бэйэҥ эрдэ дьаһайан көрбөккөҕүн буруйдааххын, иккиһинэн, 4-5 төгүл сыаналаах сэлээркэнэн оһох оттоҕун, үсүһүнэн, сапараапкаҕа баар конденсаттан носуоһунан ылан эрэйдэммэккэ, сэлээркэ аҕалаҕыт, өссө бириэмийэ биэрэҕин диэн мин сөбүлээбэтим, бирикээскэ илии баттаабатым.
Ити күнтэн саҕалаан хас сэрэдэ аайы икки киин хочуолунайдарга уонна сапараапкаҕа баар ёмкостарга конденсат уонна ГСМ тобоҕун кэмнээн миэхэ киллэриҥ диэн дьаһайбытым. Николай Афанасьевич уонна үлэлээбит уолаттар аһара хомойбуттара быһыылааҕа. Билигин эбитэ буоллар, хайдах дьаһайыам эбитэ буолла?
Оттон хаалбыт 20 бырыһыан үлэһиттэр мөлтөх, бэрээдэгэ, эппиэтинэһэ суох үлэни-хамнаһы таҥнары тардар, киһи эппитин барытын тута төттөрүтүн, кыаллыбатын куолулуур үлэһиттэр баар буолар эбиттэр. Оннук дьону үлэ кэлэктиибиттэн эрдэ туоратар ордук. Сахаларга биир сыптарыҥнаах ынах бүтүн ферманы сутуйар диэччилэр. Ол иһин быстах үлэлэргэ разнорабочай быһыытынан үлэлэтээччибит. Итини таһынан, үлэ кэлэктиибигэр булгуччу саастаах, олоххо, үлэҕэ улахан баай уопуттаах үлэһиттэр баар буолаллар. Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт эбэтэр кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл диэн сахалар мээнэҕэ эппэттэр. Холобур, биһиэхэ Гуринов Н.В., Петров Н.П., Николаев К.И., Тотонов Н.А., Спиридонов П.Ф., Жирков И.И., Данилов П.Г., Михайлов В.А., Иевлев Н.В., Михайлов К.И., Иевлев В.И. уо.д.а. буолаллар. Биһиги кинилэр төһө да саастарынан биэнсийэҕэ тахсыбыттара ырааппытын иһин, үрдүк квалификациялаах үлэһиттэри салгыы үлэлииллэригэр көрдөһөөччүбүт. Кинилэр сүбэлэрин, этиилэрин үксүн толорорго кыһанааччыбыт. Ол да суотугар тэрилтэ тыыннаах хаалан, этэҥҥэ үлэлии олорор диэн тоһоҕолоон бэлиэтээччибит. Салайар каадырдар, исписэлиистэр уонна оробуочайдар да ортолоругар сэбиэскэй саҕанааҕы курдук анал бирикээс таһааран наставничество боппуруоһун күүскэ, тоһоҕолоон туруорбатахпыт биһиги улахан итэҕэспит буолар. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ, улуус, араас тэрилтэ таһымыгар үлэҕэ-хамнаска, олоххо улахан уопуттаах кырдьаҕастарын үгүс элбэх сиэрдээх этиилэрин ырыынакка киириинэн сибээстээн наадыйбат буолбуттара отучча сыл буолла. Кинилэри үлэттэн тута уураппыттарын суотугар, бары эдэр дьон хаалан, муммут кус оҕотун санатан, бэрт кыраны да сыыһа дьаһанан моҥкурууттаабыттара баар дьыала.
Киһи киһиттэн үөрэнэр. Оттон үгүс эдэр дьон билбэттэриттэн кыбыстан эбитэ дуу, эбэтэр бэйэлэрин сананыылара (гордынялара) үрдүгүн суотугар, киһиттэн ыйытары наадалааҕынан аахпаттар. Оттон салайар үлэҕэ улахан уопуттаах, кырдьаҕас советскай-партийнай, хаһаайыстыбаннай уонна урукку КГБ үлэһиттэрин илдьэ сылдьыбыт элбэх тэрилтэлэр, кинилэр сүбэлэрин сөпкө туһанан балысханнык сайдыбыттара, үүммүттэрэ баар суол. Холобур “АЛРОСА”, “Алмазы Анабара” уо.д.а. тэрилтэлэр. Омук сиригэр үгүс тэрилтэ улахан харчы төлөөн консультациянан дьарыктанар өҥөнөн элбэхтик туһаналлар эбит этэ.
Мин үлэлиир кэммэр ПК-ҕа уопсайа 126 киһи саастарын туолан биэнсийэҕэ тахсыбыттара уонна икки киһиттэн ураты бары урукку биэс сыллаах орто хамнастарын суотугар үрдүк биэнсийэҕэ, оччотооҕу биэнсийэ потологар тахсыбыттара. Дьыалаларын барытын каадыр отделын исписэлииһэ Трифонова П.Н. эрдэттэн оҥортоон, туох да эрэйэ суох бэлэм пенсионнай удостоверениены ылбыттара. Холобур, мин уонна Владимир Африканович мэлдьи ый аайы балачча үрдүк хамнастаах эрээри, син биир потолокка хаайтаран 2007 сыллаахха 4582 солкуобай, билигин сыл аайы кыралаан улаатан 2021 сылга тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэбит 23852 солкуобай буолла. Кэлин улахан тойоттор, дьокутааттар үрдүк хамнастаах буолан үрдүк биэнсийэҕэ тахсаары сокуоҥҥа уларытыы киллэрэн, биэнсийэҕэ потолок диэн суох буолбут этэ.
Биллэн турар, тэрилтэҕэ эдэр специалистар эмиэ баар буолуохтаахтар. Биһиэхэ ЯГСХ-ны бүтэрбит элбэх эдэр дьон үлэлээн ааспыттара. Кинилэр үлэ үөрүйэхтэригэр саастаах көлүөнэттэн үөрэннэхтэринэ эрэ салгыы ситиһиилээхтик үлэлиир кыахтаахтарын үчүгэйдик өйдүүллэрэ.
90-с сыллартан биһиги хаһаайыстыба оскуола кэнниттэн Данилова Э.В. Благовещенскайга, Саввинов Н.Н. Москубаҕа, Старостина А.А. уонна Тихонов И.В. Дьокуускайга бырайыастарын, учебнай уоппускаларын төлөөн үөрэттэрбиппит быһыылааҕа. Итини таһынан, ПК үлэһиттэрин оҕолоро үөрэххэ туттарса баралларыгар анал харчы көрөн, саас аайы абаанса биэрээччибит. Ол түмүгэр ити кэмнэргэ атын нэһилиэктэргэ холоотоххо элбэх Кириэстээх уонна Куокуну оҕолоро араас үөрэхтэргэ бириэмэтигэр киирэн үөрэммиттэрэ. Ол курдук арай биирдэ Григорьев К.С. СГУ-га үөрэнэр уола Семён Карлович студеннары омук сиригэр атастаһан үөрэтии граныгар киирсэн, Турцияҕа биир сылга үөрэнэ барар буолбутун үллэһиннэ уонна салгыы: «Ону баара харчыбыт суох буолан ыыппат буоллубут”, – диэтэ. Ону мин Карлга: “Балачча улахан абаанса биэрэбин, кэлин үлэлээн төлүөҥ”, – диэтим. Итини таһынан Мэйиктэн төрүттээхтэр харчы кыттыһан көмөлөһөн Карлович этэҥҥэ биир сыл үөрэнэн кэлбитэ. Сыл аҥаарынан туроктыы дакылаат ааҕар буолбута. Билигин кини хас да улахан научнай суолталаах фундаментальнай кинигэни суруйан бэчээттэттэ.
Билиҥҥи бириэмэҕэ тыа хаһаайыстыбатын ханнык да тэрилтэтигэр күн аайы биир исписээлинэһинэн күнү толору үлэлиир үлэ суоҕунан, омук сиригэр курдук хас биирдии үлэһит элбэх исписээлинэстэнэрэ булгуччулаах ирдэбил буолла. Холобур суоппар, тырахтарыыс, сварщик, электрик, наладчик, слесарь үлэтин барытын сатаан үлэлиир буолуохтаахтар. Исписэлиистэр мин буҕаалтырбын эбэтэр зоотехникпын, онон бүтэр диэбэккэ, эбии хас да тустаах эбээһинэстээх буолуохтаахтар.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ ненормированнай, ол эбэтэр сороҕор субуота, өрөбүл, түүн-күнүс диэбэккэ араас хара үлэҕэ эмиэ үлэлэниэхтээх. Онтон кэлин переработка суотугар отгул ылар эбэтэр уоппуска күнүн уһатар боппуруоһа туруохтаах. Холобур, омук сиригэр сиилэс угуутугар уонна оттооһуҥҥа быстах бириэмэҕэ үлэһиттэр күнүстэри-түүннэри хас да суукканан тохтоло суох тыраахтартан түспэккэ үрдүгэр аһаан үлэлиир эбиттэр. Ол суотугар сиилэстэрэ, отторо аһара хаачыстыбалаах буолар. Онтон кэлин хас да хонукка наадаларыгар отгул ылан сынньаналлар.
Омук сиригэр Европаҕа да, Кытайга да сылдьан көрдөххө, үлэһиттэр бары урукку холкуостаахтар курдук хара ньуура суох үлэ кэмигэр сынньана, табахтыы, кэпсэтэ олорбокко, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри тохтообокко үлэлииллэр. Ол иһин сайдыы тэтимэ түргэнник барара өйдөнөр. Оннооҕор саҥа ыал буолбут кыргыттар эбэтэр кийииттэр үс-түөрт сыл оҕолоноллорун бобор эбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ кэргэн хаһаайыстыбалара кинилэр үлэттэн уурайан хааллахтарына моҥкурууттуур кыахтаахтар. Улуу Сталин «Кадры решают всё» диэн эппитин хаһан да умнуо суохтаахпыт.
Сɵпкɵ туруоруллубут сорук – ситиhии аҥаара
Биһиги хаһаайыстыбаҕа урукку сэбиэскэй саҕанааҕы дьону кытта үлэлиир систиэмэни оннунан хаалларар туһугар балачча үлэлээбиппит. Ол курдук сыл саҥатыгар тохсунньу ый 10 күнүгэр диэри ыанньыксыттары, ньирэй көрөөччүлэри, осеменатордары, сылгыһыттары, бурдук, хортуоска үүннэрээччилэри, бары тырахтарыыстары, суоппардары, сылгыһыттары анал графикка олоҕуран тус-туһунан мунньан, туһааннаах исписэлиистэри кытта ааспыт сыллааҕы үлэ түмүктэрин ырытан, үчүгэй уонна мөлтөх өрүттэрин анаалыстаан баран, үүммүт сылга отделениеларынан, звеноларынан, хас биирдии үлэһитинэн кыбаарталларынан, ыйдарынан арааран былааннарын тиэрдээччибит. Ол аата хас биирдии үлэһит сыллааҕы, ыйдааҕы, күннээҕи үлэтин чуолкай билэн, муна-тэнэ сылдьыбакка үлэлиирин ситиһэрбит.
Ырыынак усулуобуйатыгар сүрүн сорукпут элбэх уонна хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥоруу, хорҕомнооһуну тохтотуу, ороскуоту күүскэ аччатыы буоларын өйдөтүү буолара. Билигин былаас ыытар бэлиитикэтэ сыыһатын, аныгы сайдыылаах үйэҕэ кэтэх чааһынай хаһаайыстыбалар саах сыбахтаах, сииктээх, кыараҕас хотоҥҥо ынаҕы илиинэн ыаннар, сааҕын баалынайынан соһон үлэлээн, улахан таҥнары барыы буоларын уонна санитарнай ирдэбилгэ эппиэттиир, үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйа хайдах да кыайан оҥоһуллан атыыга таһаарыллар кыаҕа суоҕун өйдөтөрбүт.
Ыһыллыбакка олорон, биир-өйүнэн санаанан үлэлиир бөдөҥ хаһаайыстыба эрэ улахан, сыаналаах, саҥа күүстээх тиэхиньикэлэри атыылаһар уонна сайдыылаах дойдулар курдук бастыҥтан бастыҥ технологиялары олоххо киллэрэн, бородууксуйаны дириҥник астаан-үөллээн бастыҥ хаачыстыбалаах бородууксуйаны атыыга таһааран, үп-харчы киллэрэн, ырыынак усулуобуйатыгар тыыннаах хаалар кыахтаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтээччибит.
Тиэрдиллибит былааннар туолууларын ый аайы дириэксийэ сэбиэтигэр анал былааҥҥа сөп түбэһиннэрэн, кылаабынай исписэлиистэри, отделение управляющайдарын, биригэдьиирдэрин, исписэлиистэрин отчуоттатар бэрээдэк олохтоммута, тустаах уураах ылыллан бириэмэтигэр хонтуруолланара ситиһиллибитэ. Холобур, биһиги хаһаайыстыбаҕа Гуринов Н.В., Николаев К.И., Петров Н.П., Тотонов Н.А. курдук дьон олоххо, үлэҕэ улахан баай уопуттаах буоланнар, дириэксийэ сэбиэтин уонна СХПК конференциятын уураахтарын уу тэстибэт курдук суруйаллара. Онон уураах, дьаһал туолуутун хонтуруоллуурга чэпчэки этэ. Улахан болҕомтону хаачыстыбаннай көрдөрүүлэри үрдэтэргэ, сүөһү, сылгы туһата суох өлүүтүн тосту күччэтэргэ уурааччыбыт. Хас ый аайы ньирэй, ынах, сылгы туһата суох өлүүтүн түмүгүнэн анаалыстаан, буруйдаахтар 100 да бырыһыан буолбатар, эппиэтинэһи сүгэллэрин ситиһэрбит. Ол түмүгэр эппиэтинэс үрдээн, дэҥҥэ-оһолго эбэтэр ыалдьан эрэ өлүү баара.
Билиҥҥи бириэмэҕэ нэһилиэккэ, улууска буолар араас таһымнаах мунньахтарга уураах суруйар киһилэрэ суох буолан уураах ылбаттар курдук көрөбүн. Хайдах былааннаах үлэ туолуутун хонтуруоллууллара буолла?
Иккиһинэн, СХПК хас биирдии үлэһитэ ыйдааҕы хамнаһын 65 бырыһыанын толору ылара. Оттон хаалбыт 35 бырыһыанын бириэмийэ быһыытынан ый устата үлэ чааһын төһө тутуһарын, үлэҕэ сыһыанын, араас бэрээдэги кэһэн борогууллурун, арыгылыырын учуоттаан, киин уһаайбаҕа дириэктэр, отделениеларга управляющай ый түмүгэр бырыһыанын туруорар быраактыката олохтоммута. Ити дьаһал бирикээс тахсыбытын түмүгэр үлэһиттэр ылар хамнаска охсуулааҕын өйдөөн, мин 15 сыл дириэктэрдиир кэммэр улахан бэрээдэги кэһиилэр тахсыбаттара ситиһиллибитэ.
Тиэхиньикэ сыаната аһара үрдээбитин учуоттаан, эрдэттэн сэрэнэн аҕыйах суоппар, тырахтарыыс арыгы испит буоллулар даҕаны, күһэйэн туран, сороҕун саха эмчиттэрин ыҥыран эбэтэр Сунтаарга, Мииринэйгэ тиэйэн илдьэн хаһаайыстыба суотугар эмтэтэр этибит. Итини таһынан, биһиги хаһаайыстыба сылга ылар дохуота үксэ үүт ыамыттан уонна эт атыытыттан тутулуктааҕын өйдөөн, сылы эргиччи хас нэдиэлэ бээтинсэтин көтүппэккэ, кыһын комплекска уонна Куокуну ыанньык пиэрмэтигэр, сайын бары сайылыктарга итии аһылык кэнниттэн 11 чаастан 20-30 мүнүүтэлээх бээтинсэтээҕи мунньахтары тэрийэн ыытар быраактыка олохтоммута үлэҕэ-хамнаска улаханнык туһалаабыта. Манна бары үлэһиттэр, отделение исписэлиистэрэ уонна киин уһаайбаттан кылаабынай исписэлиистэр, дириэксийэ бэрэстэбиитэлэ кыттан, нэдиэлэтээҕи үүт ыамын түмүктэрин, кэлэр нэдиэлэтээҕи үүт ыамын былааннарын, үлэҕэ тахсыбыт итэҕэстэр-быһаҕастар, хаһаайыстыбаҕа баар үп-харчы, материальнай хааччыйыы, үлэлиир усулуобуйаны тупсарыы, спецтаҥас уонна да атын тирээн турар боппуруостары дьүүллэһэллэрэ. Аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр, улууска буолбут араас событиелары кэпсиирбит. Бастыҥ үлэһиттэргэ, куоталаһыы усулуобуйатын толорбуттарга уу харчынан бириэмийэ туттарарбыт, баар итэҕэстэри тутатына туоратар дьаһаллары ыларбыт.
Биллэн турар, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар биһиги курдук кэлэктиибинэй тэрилтэлэри былаас бары араҥата кырыы харахтарынан көрөллөрө мэлдьэх буолбатах этэ. Тойбохойдор уонна кириэстээхтэр кэнсиэрбэлэнэн баран олороллор дииллэрэ. Ол оннугар судаарыстыба бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалары өйүүр бэлиитикэтэ ыытыллара.
Маҕаһыыннарга барыта омук бородууктата, табаара атыыланара. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн үп-харчы суох буолан, хастыы да ыйынан бюджет үлэһиттэрэ хамнас ылбат этилэр. Араас саппаас чааһы, туттар матырыйаалы төһө да уу харчыны тута сырыттаргын булар кыах суох этэ. Үгүс боппуруостары Мииринэй, Ленскэй, Светлэй, Чернышевскай, Айхал, Удачнай тэрилтэлэрин кытта бартер ньыматынан быһаарсан, наадалаах матырыйааллары, саппаастары буларга тиийиллэрэ.
Биһиги тэрилтэ үүт, сүөгэй, кефир, йогурт, ынах арыыта, ынах, сылгы этэ, араас полуфабрикаттары оҥорон, хортуосканы уонна хаппыыстаны Мииринэй өттүгэр атыылаан, үбү харчыны, ГСМ-ы уонна наадалаах саппааһы, тимири, араас наадалаах матырыйаалы буларбыт. Итини таһынан, Москубаттан “АЛРОСА” сөмөлүөтүнэн, Новосибирскайтан, Дьокуускайтан КАМАЗ массыынанан араас наадалаах саппааһы, спецтаҥаһы, матырыйаалы, бородууктаны атыылаһан аҕаларбыт суотугар, пиэрмэ үлэһиттэригэр уонна мэхэньисээтэрдэргэ тиийэн туоххут тиийбэтий диэн ыйыттахха, утары этэллэрэ суох буолааччы. Холобур, спецтаҥаска анаан Новосибирскайтан эбэтэр Москубаттан Дьокуускайдааҕар кырата икки төгүл чэпчэки сыанаҕа ыларбыт. Сыл аайы кырата быһаччы производствоҕа үлэлиир 150-чэ киһиэхэ анаан кыһыҥҥы, сайыҥҥы кууркалары, көстүүмнэри, эрэһиинэлээх хаатыҥкалары, араас көрүҥнээх, размердаах эрэһиинэ саппыкылары, үтүлүктэри, верхонкалары, халааттары, сварщик көстүүмнэрин аҕалан, оптовай сыанаҕа 20 бырыһыан эбэн хамнас суотугар разнарядка оҥорон түҥэтээччибит.
СЭС уонна ветстанция ирдэбилигэр сөп түбэһэн ыанньыксыттар санитарнай киниискэлээхтэрэ, спецтаҥаска сезонуттан көрөн үрүҥ, хара халаатынан, эрэһиинэ саппыкынан, эрэһиинэлээх хаатыҥканан, үүт сиидэлииргэ лавсанынан, маарыланан, ынах эмиийин сууйарга сылаас уунан, илии суунарга мыыланан, сотторунан, биэдэрэлэри, ыыр аппарааттары сууйарга каустическай соданан уо.д.а. толору хааччыйары ситиспиппит. Ол түмүгэр толору стандарка эппиэттиир үүтү ыан, үүт собуотугар ыам аайы тиэллэрэ ситиһиллибитэ. Үүтү тутааччынан айылҕаттан ыраас туттуулаах Ляшеева Олимпиада уһуннук, үтүө суобастаахтык, чуолкайдык билиҥҥэ диэри үлэлиир. Комплекска уонна сайылыкка ыаммыт үүт собуокка толору переработкаланан, суулананхааланан атыыга тахсара. Оттон ыаллартан хомуллубут үүт хаачыстыбата быстар мөлтөҕүнэн арыы эрэ оҥоһуллара, хайдах да суулуур-хаалыыр кыаллыбат этэ. Мин үлэлиир кэммэр үүтү Кириэстээххэ кытай тыраахтарынан, Куокунуга УАЗ массыынанан босхо хаһаайыстыба суотугар ыаллары кэрийэн хомуйарбыт. Үүт харчытын ый аайы хойутаппакка төлүүр этибит. Билигин ыал бары үүтүн күн аайы бэйэтэ собуокка тиэйэр эбээһинэстээх быһыылаах.
Төрдүһүнэн, саас аайы ыам ыйыгар отделениеларынан бурдугу, кормовой култууралары ыһыыга, хортуоска олордуутугар, хаппыыста үүннэриигэ бэлэмнэниигэ, бэс ыйын бүтүүтэ окко киириигэ, атырдьах ыйыгар хомуур боппуруостарын, кыстыкка киириигэ оробуочай былааҥҥа киирбит тустаах оробуочайдары барыларын мунньан, эппиэттээх исписэлиистэри кытта мунньах тэрийэр этибит. Онон үлэ тэрээһинигэр, дуогабар оҥоһуутугар уонна үлэ түмүктээх буоларыгар ханнык да буккуур тахсыбат этэ. Дуогабарга чорботон бэлиэтиир наада, бары звенолар хамнастара төһө бородууксуйаны үүннэрэн ылалларыттан тутулуктааҕа, өскөтүн былааннаах бородууксуйа ылыллыбатаҕына ыйдааҕы абаансаларынан сөп буолаллара.
Онон үлэ түмүгүттэн хамнас тутулуктаах буолан, хаачыстыбалаахтык үлэлииргэ бары кыһаналлара. Холобур, мэхэньисээтэр тыраахтарын эбэтэр массыынатын алдьатан баран өрөмүөннүүбүн диэн ааттаан уһуннук мастарыскыайга үлэлээтэҕинэ, элбэх тугу да оҥорон таһаарбатыҥ диэн отой кыра хамнаһы биэрээччибит.
Бэсиһинэн, сылга биирдэ ол эбэтэр сыллааҕы отчуот МСХ-ка туттарыллан бүппүтүн кэннэ кулун тутар ый 15 диэри СХПК пайщиктаахтарын уонна бары үлэһиттэрин уопсай кэмпириэнсийэтэ буолааччы. Онно сыллааҕы үлэ-хамнас отделениеларынан, салааларынан араарыллан төһө барыыстааҕа, ночооттооҕо, төһө үп-харчы киирбитэ, ханна ороскуоттаммыта, бородууксуйа себестоимоһа, төһө тутуу барбыта, ханнык тиэхиньикэ ылыллыбыта уо.д.а. боппуруостар чуолкай сыыппаранан дакылааттанара, ватмаҥҥа суруллан араас таблицалар эрдэ ыйаналлара, үүммүт сылга саҥа былааннар чуолкайданаллара.
Итини таһынан кылаабынай исписэлиистэр, отделение управляющайдара ааспыт сылга ыыппыт тэрээһин үлэлэрин уонна инники соруктарын кэпсииллэрэ. Боппуруостарга уонна кэпсэтиигэ хаһаайыстыба инники өттүгэр салгыы үлэлииригэр сөптөөх хайысха бэриллэрэ. Уураах ылыллара. Кэмпириэнсийэҕэ улуус, нэһилиэк баһылыктара, УСХ аппараатын үлэһиттэрэ ыҥырыынан булгуччу кытталлара. СХПК үлэһитэ биричиинэтэ суох кэлбэккэ хааллаҕына ыйдааҕы бириэмийэтэ сотуллар үгэһэ олохтоммута.
Алтыһынан, кыстыкка этэҥҥэ киирэн, күһүҥҥү хомуур үлэтин түмүктээн уонна эт тоҥмутун кэннэ күһүҥҥү забой кэнниттэн сэтинньи ый бүтүүтэ, Мииринэйгэ суол турбутун кэннэ, Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бырааһынньыгын Кириэстээххэ уонна Куокунуга тус-туһунан күн тэрийэр идэлээх этибит. Онно, бастатан туран, хас биирдии үлэһиккэ босхо 5 киилэ убаһа этин, күһүн эрдэ 50 бырыһыан чэпчэтиилээх куулунан хортуоска, хаппыыста түҥэтээччибит. Бырааһынньыкка эрдэттэн шефтээх Ботуобуйа экспедициятыттан, Чайдахскай баартыйаттан нэһилиэк, улуус элбэх тэрилтэтин ыҥырыллара. Бырааһынньык күн мин дириэктэр быһыытынан хаһаайыстыба 9 ыйдаах үлэтин-хамнаһын уонна кыстык соруктарын туһунан дакылааттааччыбын. Онтон бастыҥтан бастыҥ үлэһиттэри уу харчынан, хара саһылынан, араас сыаналаах табаардарынан наҕараадалааччыбыт, хаһаайыстыба, нэһилиэк, улуус араас наҕараадаларын туттарыллара. Ботуобуйа экспедициятын аатыттан туттарар бэлэхтэрэ (спальнай мешоктар, кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы рабочай көстүүмнэр, кууркалар, курумуулар, араас спецтаҥастар) ордук сыаналаналлара. Онтон Мииринэйдээҕи ОРС ыскылаатыттарын, маҕаһыыннарын кэрийэн, хортуоска, хаппыыста туттаран, взаимозачёкка аахсан ылар харчыбыт суотугар кырата 300 устуука араас ыалга туһалаах балачча сыаналаах табаары киллэрэн хас үлэһит аайы босхо түҥэтэрбит. Күнүүлэспэтиннэр диэн ким ханнык табаары ылара анал бүтэй хоруопкаттан эриллибит кумааҕыны бэйэтэ талан ылар бэрээдэгэ олохтоммута. Онон ким да, кими да ордугургуур кыаҕа суоҕа. Бүтэһигэр чэпчэки сыанаҕа эрдэ бөһүөлэк иһигэр лотерея билиэтэ атыыланара. Сорохтор уоннуу билиэти ылар этилэр. Онно супер-бириис убаһа эбэтэр племенной тыһы ньирэй буолааччы. Бирииһигэр бэйэ оҥорор бородууксуйата 5 киилэ убаһа этэ, биирдии киилэнэн сууламмыт-хааламмыт элбэх арыы, сүөгэй, үүт, кефир, йогурт, куулунан хортуоска, хаппыыста, бүтүн бурдук, уотурба, киһи сиир бурдуга, саахар, чэй, Мииринэйтэн киирбит араас табаардар, хара саһыллар уо.д.а. оонньоноллоро. Онон тыа хаһаайыстыбатын бырааһынньыгар кулууп толору буолааччы. Дьон сүрдээҕин астынан тарҕаһааччылар.
Сэттиһинэн, мин үлэлиир кэммэр биһиги хаһаайыстыба тэриллибитэ 20 уонна 30 сыллаах үбүлүөйүн, Улахан Табаҕа бааһыната оҥоһуллубута 30 уонна 40 сыллаах үбүлүөйдэрин тэрээһиннэрэ буолбуттара. Үбүлүөйдэр буолуохтара биир сыл иннинэ анал тэрээһин былаанын оҥорон дириэксийэ сэбиэтигэр бигэргэтэн үлэни саҕалыырбыт.
Бастатан туран, бары үлэ салааларынан үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ хонтуруолунай сыыппаралар тиэрдиллэллэрэ, сөптөөх тэрээһин үлэнэн хонтуруолланара. Онтон ыҥырыллыахтаах дьон уонна тэрилтэлэр испииһэктэрэ чуолкайданан оҥоһуллара, ыҥырыы суруктар бэчээттэнэллэрэ.
Ахтыылары, хаартыскалары хомуйан араас буклеттар, стендэлэр, кинигэлэр бэчээттэнэллэрэ. Баар производственнай эбийиэктэр ис-тас көрүҥнэрэ тупсарыллара, санитарнай турук ирдэбилгэ эппиэттиир курдук тэрээһин үлэтэ ыытыллара. Араас лозуннар, былакааттар эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ. Эрдэ бырагыраама уонна сценарий оҥоһуллан, наҕараадалары кимнээххэ тугу биэриллэрин быһаарсан, представление оҥорорбут. Араас бэлэхтэр, сувенирдар, бэчээттэммит бородууксуйалар сакаастаналлара. Буолар миэстэтин киэргэтии, кэнсиэр нүөмэрдэрэ, ыытааччылар барыта эрдэттэн кэпсэтиллэн былаанныыр этибит. Итини таһынан төһө киһи банкекка аһыыра, туох ханнык бородуукта арааһа, төһө наадата, анал меню уонна смета оҥорон бигэргэтэн, кимнээх астыыллара чуолкайданан эрдэ быһаарыллара. Онон төһөнөн эрдэ бэлэмнэниини саҕалыыртан үбүлүөй барыыта улахан тутулуктаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Араас үбүлүөйдэри, бырааһынньыктары үрдүк таһымҥа тэрийии дьон өйүн-санаатын бииргэ түмэргэ улахан суолталаахтара чуолкай.
Саҥа дьыл бырааhынньыгар ааҕан-суоттаан дьааhыктарынан араас хампыаты, бичиэнньэни, дьаабылаканы, апельсины Мииринэйтэн киллэрэн, оскуолаҕа үɵрэнэр оҕолоох, сиэннээх үлэhиттэргэ профком испииhэгинэн бэлэх оҥорон түҥэтээччибит. Элбэх оҕолоох ыаллар үрүксээгинэн сүгэн баралларын ɵйдүүбүн. Итини таhынан ахсынньы 31 күнүгэр дириэктэр кэбиниэтигэр исписэлиистэри мунньан күнүс 12 чаастан эбиэккэ диэри билиҥҥилии корпоратив диэни ыытааччыбыт. Хампыат, бичиэнньэ, араас утах уонна 5 эбэтэр 6 шампанскайы иhээччибит. Кылаабынайа сылы түмүктээн, эҕэрдэлэhэн тарҕаhааччыбыт. Тохсунньу 2 күнүттэн үлэбитин саҕалаабытынан барарбыт.
Биhиги хаhаайыстыба 2000 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайга буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаркаҕа кыттан “2000 сыл бастыҥ табаары оҥорооччута” диэн үрдүк ааты ылан, Бэрэсидьиэн супербирииhин – МТЗ-82 тракторынан бириэмийэлэммитэ.
Тыа хаhаайыстыбатын миниистирдэрин бирикээhинэн биирдэ өрөспүүбүлүкэ производственнай кэпэрэтииптэрин дириэктэрдэрин уонна биирдэ осеменатордарын семинарын тэрийэн ыытан турабыт. Тэрийсибит, сылдьыбыт дьон аhара астынан барбыттара. Биhиэхэ үүт, эт переработкабытын кɵрɵ-билсэ Чурапчыттан кэпэрэтиип дириэктэрэ Андрей Ноговицын, Амматтан Александр Артемьев уо.д.а. дэлэгээссийэлэр тохтоло суох кэлэллэрэ. Биhиги Саха сиэрин тутуhан мээнэ рекламаламмат буола сатыырбыт. Тоҕо диэтэххэ сахаларга ордугурҕааhын баарын билэбит. Онто да суох МСХ чааhынай буҕаалтарыскай тэрилтэни анаан наймылаhан, бэрэбиэркэ ыыппыта. Ордугургуур дьон хонтуруоллуур тэрилтэлэргэ үҥсэн, сороҕор кигэн, билигин Москубаҕа Грудинин дириэктэрдээх Ленин аатынан сопхуоһун итэҕэhин микроскуобунан кɵрɵр курдук бэрэбиэркэлээн баран, кыра итэҕэhи булан дарбатан-үлүннэрэн телевизорга бүтүн Арассыыйаҕа таhааран кэпсииллэрэ баар суол.
Υтүɵ дьыала үтүɵнэн эргиллэр
1993-94 сс. Санкт-Петербурга олорор биир дойдулаахпыт Петров П.В., нуучча дьахтара кэргэннээх, аҕыс оҕолоох киһи, Кириэстээх нэһилиэгин дьонугар уонна кэлэктиибинэй тэрилтэ аатыгар дьиэ кэргэнин аһатарыгар-таҥыннарыгар уустук балаһыанньа үөскээн, материальнай көмө көрдөһөн сурук ыыппыт этэ. Онно биһиги хаһаайыстыба аатыттан 10 тыһыынча солкуобай уонна биирдиилээн дьон кыра харчы ыыппыттара. Оччотооҕу уон тыһыынча кырата билиҥҥи сүүс тыһыынчаҕа тэҥнэһэрэ буолуо. Кэлин кэлэ сылдьан, ол эһиги ыыппыт харчыгытынан уоҕуран этэҥҥэ балаһыанньаттан тахсыллыбыта диэбитэ, билигин оҕолорум улаатан бары улахан үлэһиттэр, онон эйиэхэ махталым муҥура суох диэн анаан дьиэбэр кэлэ сылдьыбыта уонна Санкт-Петербург туой барельебын бэлэхтээбитэ. Үтүө дьыала иһин махталын уон киһиттэн биир киһи биллэрэр диэн статистика этэрэ сөптөөх эбит. Сорох дьонтон ордук көмөлөспүт киһиҥ кэнники кэлэн үөҕэн биэрэрэ, кэтэххэр саҥараллара баар суол.
Ити уустук сылларга Америкаттан гуманитарнай көмөҕө диэн аһылык кэлэрэ, холобур, дьааһыктаах арыы уонна байыаннай сухой паёк эҥин. Ону мииринэйдэр харчыга атыылыыллара. Мин Кириэстээх икки дьоруой ийэлэригэр американскай биирдии дьааһык арыыны босхо биэрбиппин өйдүүбүн.
Биирдэ Кириэстээхтэн төрүттээх ыал Намҥа дьиэлэрэ бүтүннүү умайан хаалбытыгар биһиги КАМАЗ-пыт куоракка барарынан, утуйар бэриинэ, сыттык, сылгы аҥаара эт, биирдии куул бурдук, саахар уонна дьааһык арыы ыыппытым.
Мин дириэктэрдиир кэммэр икки төгүл өрүскэ дьон дэҥнэммиттэрэ. Онно нэдиэлэнэн көрдүүллэригэр мотуордарыгар толору бэнсиин, аһыылларыгар дьааһыгынан тушёнка, чэй, саахар, лапса босхо биэрэр этим. Көрдөөһүҥҥэ сылдьыспыт дьоҥҥо үлэ күнүнэн хамнас төлүүр этибит.
Кириэстээх отделениетыгар үлэлиир үлэһиттэрбит дьиэлэрэ умайан хаалбыта. Онно дьиэ тутталларыгар бастаан гравий тастарбыппыт, онтон акылаат оҥороллоругар цемент биэрбиппит. Истиэнэтин туталларыгар үлэлээн уурайбыт оҕо саадын саҥа өттүн көтүрэн ылалларыгар дьаһайбытым. Тутууга үлэлээбит атын дьоҥҥо хамнастарын төлөөбүппүт. Малааһыҥҥа маҕаһыынтан атыылаһан дьыбаан бэлэхтээбиппит.
Итини таһынан балачча арыгылыыр уонна ыарыһах, кырдьаҕас дьон ыксаан кэлэн бурдук, саахар, чэй, арыы көрдөөтөхтөрүнэ аккаастааччым суох. Биирдэ нэһилиэк биир ытыктанар кырдьаҕаһа, элбэх кыанар оҕолордоох киһи, биир куул саахар көрдөөбүтүн биэрбэтэхпэр аһара хомойбута быһыылааҕа. Оруобуна аҕыйах куул хаалбыт кэмигэр түбэспитэ.
Биһиэхэ элбэх кыра оҕолоох икки ыал – исписэлиистэр бааллара. Кинилэр оҕолорбут күҥҥэ түөрт бухааҥка килиэби сииллэр дииллэрэ. Онон мин кинилэргэ эрэ хамнас суотугар диэн эт, арыы, килиэп уо.д.а. үүт, эт собуотун бородууксуйатын тохтоло ылалларыгар көҥүллээбитим. Онтум оччотооҕу харчынан 400 тыһыынча солкуобайтан тахсалыы иэстэммиттэрэ.
Икки нэһилиэккэ буолар үгүс элбэх тэрээһиннэргэ сүрүн спонсор буоларбыт. Улууска, нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр сайаапка суруйан баран булгуччу биэриэхтээхпит курдук өйдүүллэрэ. Сорох оробуочайдар, оннооҕор нэһилиэк олохтоохторо, сылга биирдэ көрдөһөбүт, булгу биэрэриҥ наада дииллэрэ. Кинилэр көрөллөрүгэр уонна өйдүүллэринэн, урукку сопхуос курдук каассаҕа мэлдьи харчы баар, ыскылааттарга эт, арыы, араас бородуукта, спецтаҥас, тиэхиньикэ саппаас чааһа, хаһаайыстыбаннай табаар, турба, тимир, ГСМ барыта баар курдук буоллаҕа. Күҥҥэ ортотунан икки-үс киһи көрдөһө кэлэллэрэ. Көрдөөбүт киһи аайы түҥэтэн истэхпинэ сатаммата чуолкай буоллаҕа.
Уон биэс сыл устата үс киһи араас боппуруоска мин остуолбун тоҥсуйан турардаахтар. Биир биэнсийэлээх учуутал, иккис дьаһалта үлэһитэ уонна үһүс киһи бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта этэ. Уопсай дойду үрдүнэн былаас ыытар политикатын, ырыынакка киирии буолбутун сөбүлээбэккэ, бэйэтин дьылҕатыгар эппиэтинэһи ылбакка чугастыы буруйдааҕы булан, барытын дьаһайар курдук киһиэхэ – дириэктэргэ, управляющайга киирэн буруйдуур, мөҕөн-этэн, кириитикэлээн быһаарса сатыыллара. Кинилэргэ эрэ кыһалҕа баарын курдук толкуйдууллара. «Эн, дириэктэр киһи, ханнааҕы кыһалҕалаах үһүгүн” дииллэрэ. Ол курдук биэс тарбах иһинэн ахсааннаах үлэһиттэр араас боппуруоска эрдэттэн былааннанан киирэн соһутан, мөҕөн- этэн тахсыбыттара баар суол. Онно мин тэҥҥэ этиһэ олорбокко, күлэ олорооччубун, ол иһин ордук кыйаханаар этилэр. Онтон мин дьэ өйдөнөн, дуобатчыт буолан икки-үс хонук устата араас варианы толкуйдаан, үөрэтэн, сыымайдаан баран син биир атахтарын “кыбытар” этим, алҕаһаабыттарын, буруйдаахтарын билинэр этилэр. Салайааччы улахан психолог буолара булгуччу ирдэнэр кэмэ кэллэ. Дьоҥҥо сыһыаҥҥа биир-бииргэ кэпсэтэргэр тута ууратабын, үүрэбин, эһэбин диэбэккэ, эйэлэһэргэ, үчүгэйдик салгыы үлэлииргэ быыс-хайаҕас булгу хаалларыахтааххын дии саныыбын. Олох сатаммат буоллаҕына, киһи бэйэтэ салгыы толкуйдаан баран, бэйэтэ сайабылыанньа биэрэн уурайара ордук. Билигин туох да кэпсэтиитэ суох, бирикээс таһааран кэбиһэр быһыылаахтар.
Үгүс боппуруостар төһө да уустук, кыһарҕаннаах бириэмэ буоллар, сөпкө бириэмэтигэр быһаарыллар этилэр дии саныыбын. Тэрилтэбитигэр айдаан-куйдаан, ньиэрбинэйдээһин, этиһии-охсуһуу, улаханнык саҥарыы, кураанаҕы куолулааһын буолбутун өйдөөбөппүн, моральнай-психологическай климат үчүгэй этэ дии саныыбын.
Кыһалҕа үөрэтэн уонна сирэйим тириитэ да халыҥаан буолуо, дьон миигин кытаанах киһинэн ааҕаллара. Дьиҥэр, миигин эдэр эрдэхпинэ күлэ сылдьар уол дииллэрэ. Нестер Васильевич дьоҥҥо төһөнөн элбэх үчүгэйи, чэпчэтиини, усулуобуйаны оҥороҕун даҕаны, дьон аһара баран соччонон саҥараллар диирэ. Ол оннугар сылга биирдэ бэрт кыраны биэрбит киһини үйэлэрин тухары өйдүүллэр диирэ. Мин кэлин санаатахпына дьону олус бэлэмҥэ, интэринээт усулуобуйатыгар үөрэппит быһыылаахпын дуу дии саныыбын.
Ырыынак усулуобуйатыгар дьон барыта бэлэмҥэ үөрэнэрэ, сылдьара сыыһа быһыылаах. Дьон билиҥҥэ диэри босхо эбэтэр ырыынак сыанатыттан лаппа чэпчэки сыанаҕа эти, арыыны эбэтэр оҕуруот аһын ылыахтарын баҕараллар. Оччоҕо хантан хамнаска, ГСМ-ҥа, нолуокка, араас ороскуоттарга харчы булан төлөһөрбүтүн санаабаттар. Ханна да босхо эбэтэр чэпчэки сыанаҕа тугу да биэрбэттэрин билэр эрээрилэр. Элбэх киһи эн сэбиэскэй былаас саҕана дириэктэрдээбитиҥ диэн мөккүөр буолааччы. Сэбиэскэй саҕана баартыйа обкомун дьаһалынан учуутал үөрэхтээх киһи сопхуос дириэктэрэ буолбат этэ. Онон баартыйа үлэтин тохтоппутун суотугар миигин дириэктэринэн анаабыттара. 2005 сыллаахха ПК-ҕа мин ыалдьан балаҕан ыйын бүтүүтүгэр уурайарбар кэмпириэнсийэ тэрийэн 14 аҥаар сыллаах үлэбин отчуоттаан, баар балаһыанньаны толору билиһиннэрэн кэпсээбитим. Ол курдук котельнайдарга Саҥа дьыл бырааһынньыга ааһыар диэри тиийэр газоконденсат, сапыраапкаҕа биир сылга тиийэр дизтопливо, бенсиин, бааҥҥа баар счёппутугар кырата үс-түөрт ыйга хамнаска тиийэр харчы хаалбыта. Бааннарга төлүүр иэс суох этэ. Оттон муспут араас табаарым, саппааһым мин кэннибиттэн кырата биэс сыл барбыта быһыылааҕа. Кэмпириэнсийэҕэ улуус баһылыга Никифоров М.В. кытта сылдьыбыт УСХ начальнига Уаров И.Н. Мэхэньисээтэрдэр дьиэлэригэр чэйдии олорон: “Эн курдук үчүгэйдик отчуоттаан уурайбытым буоллар, дьоллооҕунан ааҕыныам этэ”, – диэбитэ.
Мин үлэбиттэн уурайан баран сололоммучча “Сунтаар сонуннара”, “Кыым” уонна “Туймаада” хаһыаттарга Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата хайдах сайдыахтааҕый диэн тус санаабын нэһилиэнньэ уонна саламта баҕар туһаныа диэммин элбэх ыстатыйа суруйан турабын. Ол курдук хас саҥа кэлбит миниистир аайы кэлэр үлэлэригэр баҕар туһаныахтара диэммин баҕа санааларбын суруйааччыбын. Мэлдьи кыаллыбатын, сатамматын, үп-харчы тиийбэтин туһунан хоруй кэлээччи. Оннук суруктары Ил Дархан Борисов Е.А. уонна сенатор Акимов А.К. биэртэлээбитим.
Бары билэрбит курдук, биир-икки ый кыһыннаах, муҥутаан -5 кыраадыс тымныылаах Европа уонна Америка дойдуларыгар тыа хаһаайыстыбата улахан көҥдөй ночооттооҕун бары билэллэр уонна өйдүүллэр. Онон бюджеттарыттан үүт, эт себестоимоһыттан 40 бырыһыаныгар диэри үбүлээьин, дотация, субсидия биэрэллэр. Оттон Арассыыйа быйыл кэнники отучча сыл кыралаан эбэн-эбэн бюджет 2 бырыһыаныгар тириэртэ. Судаарыстыба көмөлөһөр кыаҕа-күүһэ мөлтөөтө диэн тыа сирин эһэн кэбиһэр хайдах да сатаммата өйдөнөр. Бэриллэр үбүлээһин, дотация, субсидия сылтан сыл салгыы үрдээн иһэр буоллаҕына эрэ тыа хаһаайыстыбата сайдара өйдөнөр. Онон мин бастакы туруорсуум тыа хаһаайыстыбатыгар өрөспүүбүлүкэ бюджетын бастаан утаа саатар 10 %, онтон салгыы эбэн 15 % үбүн тыыран, сылга кырата 20-30 млрд. солк тириэрдэр наадатын этээччибин. Филиппов В.В. Ил Түмэҥҥэ председателлиирин саҕана тыа хаһаайыстыбатыгар сыл аайы сыыйа эбэн бюджет 16 % диэри тириэрдэр уураах ылыммыта. Биир сылга М.Е. Николаев бэрэсидьиэнниирин саҕана өрөспүүбүлүкэ бюджета баара-суоҕа 30-ча млрд. солк эрдэҕинэ, тыа хаһаайыстыбатыгар 12 % тиийэ үп көрүллэ сылдьыбыта. Ол сылларга өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн В.А.Штыров үлэлии олорон, 2002 сыл алтынньы 17 күнүгэр 566 №-дээх Ыйааҕын 2-с пуунун быһыытынан, кус-хаас, сибиинньэ, хоруолук, страус уо.да.а. соҕуруу регионнартан самолетунан тиэйэн аҕалан тыа хаһаайыстыбатыгар сыллата бюджет ороскуоттаах чааһын 15 %-тан итэҕэһэ суоҕу көрүллүөхтээх этэ. Ону Е.А.Борисов баһылыктаах Бырабыыталыстыба наадалааҕынан ааҕан толорботоҕо, өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы бюджета уонча бүк улааппытын үрдүнэн, кэнники 10-ча сылга тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр харчы суумата уларыйбакка турбутун түмүгэр, билигин 5 % диэри түһэн турар.
Иккиһинэн, хаһыаттарга эрдэ суруйбутум курдук, биһиги Сахабыт сиригэр “АЛРОСА” тэриллиэҕиттэн сыл аайы уопсай выручкатыттан уонна барыһыттан “Фонд будущих поколений” диэн сорох сылларга уонча миллиард харчыны биэрэр. Бюджет харчыта кырыымчыгынан Саха сирин баайын хостуур бары промышленнай тэрилтэлэр сыллааҕы ыраас барыыстарын саатар биир эбэтэр икки бырыһыанын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын фондугар биэрэллэрин ситиһэр наада этэ. Бу фонданы өрөспүүбүлүкэ Баһылыга бэйэтэ сүүрэн-көтөн быһаччы тэрийэрэ, салайара уонна хонтуруоллуура наада буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата түргэн тэтиминэн билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир курдук сайдыа этэ.
Мин үлэлээн уурайыам иннинэ 2005 сыллаахха миниистиргэ киирэн “Живодноводство России” сурунаалы көрдөрө-көрдөрө: «Магадаҥҥа уонна Сахалиҥҥа киилэ үүтү 100 солк. тутар эбиттэр. Онон биһиэхэ эмиэ киилэ үүт сыанатын 100 солк. таһаарыахха”, – диэбиппин: “Харчылаах сиргэ Магадаҥҥа баран хаал”, – диэбитэ.
Оччолорго, мин санаабар, бааһынай, чааһынай хаһаайыстыбалартан саатар киилэ үүтү 60 солк., оттон ПК-лартан киилэ үүтү 100 солк. тутуохха уонна эбии ыанар ынахха, төрөөбүт биэҕэ, сибиинньэҕэ, табаҕа төбөтүгэр 20 тыһ. солк. биэрэр наада буолуо диирим.
Төбөтүгэр бэриллэр субсидияны харчынан 30 бырыһыанын, оттон 70 бырыһыанын франко-двор отурбанан, бурдугунан, ГСМ-нан биэрэр ордук буолуо. Сүөһү аһылыга баар буоллаҕына сүөһү, сылгы төбөтө эмискэ элбииригэр улахан төһүү буолуо этэ.
Чааһынайдар уонна бааһынайдар нолуок төлөөбөттөр, оттон Арассыыйа сокуоннарыгар олоҕуран ПК-лар олус элбэх нолуогу уонна араас төлөбүрү оҥороллор. Ол курдук уопсай киирбит выручка 20 бырыһыана НДС, барыыстан нолуок, подоходнай нолуок 13 %, сир нолуога төһө элбэх ходуһалааххыттан, мэччирэҥнээххиттэн, бааһыналааххыттан, итини таһынан бөһүөлэк иһигэр баар хонтуораҥ, гарааһыҥ, котельнайыҥ, хотонуҥ, территорияҥ иһин балачча үрдүк нолуок, транспортнай нолуогуҥ төһө элбэх тыраахтардааххыттан, комбайннааххыттан, массыыналааххыттан тутулуктаах, баай-дуол нолуога төһө элбэх тутуулааххыттан, төһө сыаналаах оборудованиелааххыттан тутулуктаах, уо.д.а.
Итини таһынан үлэһиттэргэ биэрбит хамнас сууматыттан НДФЛ 13%, ЕСН (пенсионнайга 22 %, соц.страх 5,1 %, ФОСС 2,9 %, травматизм иһин 8,5 %) — барыта хамнас сыллааҕы фондуттан 55 % араас нолуокка тутуллар. Итини таһынан экология комитета кыбаартал аайы котельнайдар барыта бачча буруону таһаарбыттар диэн ааҕан счёт түһэрэр, онтон төһө массыыналааххыттан, тыраахтардааххыттан көрөн бачча углекислай гааһы таһаарбыккын диэн эмиэ төлөбүр түһэрэр. “Ленаводхоз” диэн тэрилтэ төһө сүөһүлээххиттэн, сылгылааххыттан ааҕан төһө ууну сылга ороскуоттаабыккын ааҕан ууну туһанарга лиссиэнсийэ биэрэр уонна төлөбүр түһэрэр. “Госстандарт” диэн тэрилтэттэн кэлэн биэс сыл буола-буола бары ГСМ ёмкоһын, баар ыйааһыннары, эбийиэктэргэ баар электросчётчиктары, трансформаторга турар трансформаторы тока диэннэри поверкалыыллар уонна баһаам харчыны төлөтөллөр. Кэмигэр төлөөбөтүҥ даҕаны, бэчээттээн кэбиһэллэр. Барытын оҥорон хос холбуулларыгар эмиэ харчы ылаллар. Ветстанциялар ый аайы бачча сүөһүнү эмтээтибит, быһыы оҥордубут, борооску аттаатыбыт, хаан ыллыбыт диэн төлөтөллөр. Итини таһынан күһүн ынах, убаһа өлөрүүгэр бачча полутушкаҕа бэчээти уурдубут диэн эмиэ төлөтөллөр. Саамай элбэх харчыны күн аайы атыыга барар үүт, эт бородууксуйатыгар анаалыс оҥоробут диэн күннэтэ ылаллар. “Саханефтегазтан” кэлэн икки АЗС-тын бэрэбиэркэлээн, эмиэ харчы ылаллар. Саҥа эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрэргэ баһаарынайдартан, Энергосбыттан, СЭС-тэн, экологияттан эмиэ төлөбүрдээхтэр. Бу мин элбэхтэн сорох эрэ төлөбүрдэри киллэрдим.
Кэмигэр көрдөнөр отчуоттар уонна төлөбүрдэр оҥоһуллубатахтарына элбэх ыстараап, пеня ааҕыллар буолааччы. Маннык сокуоннары Госдумаҕа олорор араас партиянан киирбит спортсменнар, артыыстар, үйэлэригэр производствоҕа үлэлээбэтэх дьон ылаллар.
Арассыыйа сокуоннара хара буордаах, ичигэс айылҕалаах, кыра сиринэн тайыыр сирдэрдээх (расстояние) Краснодарга, Подмосковьеҕа, Татарстаҥҥа уонна биһиэхэ барыта биирдэр. Холобур, сылга 100 мөл.солк. выручкалаах, 20 мөл. солк. хамнаһы төлүүр хаһаайыстыба кырата 20 мөл. солк. нолуогу уонна араас төлөбүрдэри оҥорор.
Итини таһынан биир туонна эти, үүтү оҥорорго соҕуруулартан биһиэхэ кырата 3 эбэтэр 4 төгүл ороскуоппут улахан буолара өйдөнөр. Онон хоту биһиги усулуобуйабытыгар элбэх киһини үлэлээх оҥорор тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ арктическай улуустар курдук сир, баай-дуол уонна транспорт нолуогун төлүө суохтаах диэн Ил Түмэн сокуон ылыахтаах дии саныыбын. Ону таһынан ылыллыбыт Арассыыйа сокуоннарыгар, көннөрүүлэри, эбиилэри киллэрэргэ хоту регионнар бары холбоһон күүстээх үлэни ыыталлара ирдэнэр. Билиҥҥитэ ити боппуруос соторунан быһаарыллар кыаҕа суох – Госдума билиҥҥи састааба баарыгар, кураанах куолуга, тылга эрэ сылдьар. Ол нолуоктарга, төлөбүрдэргэ тутуллар харчыга биһиги хоту дойдуга төһө элбэх тиэхэньикэ атыылаһыа, үлэһиттэргэ хамнас үрдэтиэ этибитий? Онон Арассыыйаҕа кыра уонна орто биисинэс сайдыбат төрүтэ – нолуок арааһа элбэҕэ, үрдүгэ итиэннэ ГСМ, электроэнергия, гаас сыаната аһара үрдүгэ, араас хааччахтар элбэхтэригэр сытар дииллэрин саамай сөп дии саныыбын.
Онон судаарыстыба ПК-ларга Саха сирин Ил Түмэн сокуонунан биир илиитинэн кыра да буоллар үбүлээһин, субсидия, дотация биэрэр, иккис илиитинэн Арассыыйа сокуоннарыгар олоҕуран нолуоктаан уонна араас төлөбүрүнэн хаһаайыстыба счётугар киирбит харчы 40 бырыһыанын тутан ылар. Онон өссө төгүл этэбин: тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга дьону үлэлээх оҥороллорунан, улахан социальнай боппуруоһу быһааралларынан, саамай кырата БХ-тан, чааһынай дьонтон 40 % ордук үбүлээһин көрүллүөхтээх. Оччоҕуна эрэ БХ-га, чааһынай ыалга уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга тэҥ экэнэмиичэскэй усулуобуйа олохтонуо этэ уонна үгүс тэрилтэлэр сөптөөх рентабельностаах, барыстаах үлэлиэ этилэр. Ырыынак үйэтигэр барыыһы биэрбэт салаа эстэр аналлааҕын билбэт киһи суох ини. Биһиги үлэлиирбит саҕана сөптөөх үбүлээһин суоҕун иһин ПК төһөнөн элбэх үүтү ыыр даҕаны, соччонон ночоото элбиир этэ.
Бары билэрбит курдук, ааспыт буккуурдаах отучча сылга кырата уонунан тыһыынча чааһынай уонна БХ үлэлиир дьон пенсионнай, социальнай төлөбүрдэри араас биричиинэнэн төлөөбөккө кэллилэр. Ол суотугар кинилэргэ трудовой ыстаас ааҕыллыбат, онон кинилэр бары 12-15 тыһ. солк. минимальнай, социальнай пенсияны ыла сылдьалларын үгүс киһи билбэт буолуохтаах. Бу иэдээннээх балаһыанньаны үгүс киһи ситэ өйдөөбөккө сылдьар. Эдэр ыччат үксэ үлэтэ суох эбэтэр дуогабарынан быстах үлэҕэ үлэлии сылдьар, онон кинилэргэ пенсионнай, социальнай төлөбүрдэри оҥорботторунан үлэ ыстааһа ааҕыллыбат. Оттон ПК-лар бары пенсионнай, социальнай төлөбүрү оҥороллорун суотугар, үлэ ыстааһа ааҕылларын билэр буолуохтаахтар. Итини таһынан нолуоктары уонна араас төлөбүрдэри оптимизациялыырга уонна кэлэр счёттар бары сөптөөхтөрүн бэрэбиэркэлииргэ дириэктэр уонна кылаабынай буҕаалтыр күүстээх үлэни ыытыахтаахтар.
Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга уонна чааһынай ыалга тэҥ экэнэмиичэскэй усулуобуйаны оҥорон, туттарыллар үүккэ бэриллэр харчы тэҥ буолуохтаах диэн куолулуур чааһынай сүөһүлээх дьон, ол иһигэр Чурапчыттан мэлдьи хаһыакка суруйар Иван Пономарёв, оннооҕор тыа хаһаайыстыбатыгар үйэлэригэр үлэлээбэтэх дьон Арассыыйаҕа баар “диспаритет цен” диэни уонна хаһаайыстыбалар уонна БХ сылга төһө нолуогу, төһө төлөбүрү оҥороллорун түһээн да билбэттэр. Онон кинилэр ол бэриллэр “баһаам харчыттан” тииһээри кэлэн үлэлээн көрдүннэр. Оччоҕуна эрэ ис дьиҥин билэн куолулууллара тохтуоҕа. Ону ким да боппот ээ.
Онон тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир бастайааннай үлэһит бюджет үлэһитин орто хамнаһын, ол эбэтэр кырата ыйга ортотунан 50-60 тыһ. солк хамнаһы аахсарын ситиһиллиэхтээх. Итинтэн атын усулуобуйаҕа эдэр ыччат, эдэр ыаллар төһө да толору хааччыллыылаах дьиэ уонна толору инфраструктура баарын иһин, тыа сиригэр олохсуйар кыахтара суох дии саныыбын. Сорохтор тыа сиригэр олорон, ыччат бэйэтэ үлэ миэстэтин оҥостон хамнастаныахтаах, дохуоттаныахтаах, бары ирдэнэр төлөбүрдэри кэмигэр төлүөхтээх дииллэрин отой кураанах өйдөөҕүмсүйүү, куолу быһыытынан сыаналыыбын. Билигин өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк баһылыктарын сүрүн үлэлэрэ дьон бары үлэлээх, хамнастаах уонна дохуоттаах буолалларын ситиһии дии саныыбын.
Тыа сиригэр бюджет уонна хааччыйар тэрилтэлэр үлэһиттэрин таһынан оҥорон таһаарар производство сүнньүнэн экологическай өртүнэн ыраас, натуральнай эт, үүт уонна оҕоруот аһын үүннэрии буолар. Ырыынак усулуобуйатыгар кэнники отут сыл практиката көрдөрбүтүнэн, балачча элбэх үлэһиттээх атын салаалар биһиги курдук аҕыйах нэһилиэнньэлээх, тыйыс айылҕалаах, ырааҕынан тайыыр сиргэ хайдах да сайдар кыахтара суоҕа толору бигэргэннэ.
Мин санаабар, Ленскэй улууһун баһылыга казах киһитэ Жумарт Абильманов тыа хаһаайыстыбатыгар саамай сөптөөх үлэни ыытан саҕалаата. Ону сорохтор кинилэр промышленнай улуус буолалларынан харчылаахтар уонна сүөһүлэрин ахсаана аҕыйаҕынан быһаараллар. Сэбиэскэй саҕанааҕы 4600 ыанар ынах ахсаанын аҕыйах сылынан ситиэхпит дииллэр. Ол аата молоднягы киллэрэн кырата 10000 ынах сүөһү буолар. Кинилэр курдук элбэх ходуһата, алааһа, бааһыната суох өрүс баһа, хайалаах дойдуга улахан ситиһии буолуо дии саныыбын.
Иккиһинэн Сунтаар улууһун кииниттэн чугас 18 км кыра Илимниир бөһүөлэгэр “Татыйыына” диэн кыахтаах, улахан баай атыы-эргиэн тэрилтэтэ баантан кредит ылан 120 төбө ыанар ынахха уонна соччо ньирэйи көрөргө анаан 49 мөл.солкуобай суумалаах Саха сирин услуобуйатыгар саамай сөп түбэһэр проектаах тимир каркаастаах, панель истиэнэлээх, бөҕө-таҕа үйэлээх, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир механизациялаах, благоустройстволаах бэртээхэй хотону тутан үлэҕэ киллэрбит. 120 уулаах симментал боруода ынахтары ыраах Белгород уобалаһыттан лиисиҥҥэ ылан, тиэйэн аҕалан, үчүгэйдик кыстаан, үлэлии-хамсыы тураллара киһини үөрдэр. Туох баар ирдэниллэр санитарнай, зоотехническай, ветеринарнай ирдэбиллэри толорор эбиттэр. МСХ былаан быһыытынан хотон тутуутун, сүөһү атыытын уонна тиэйиитин ороскуотун “возмещение” оҥорор эбээһинэстээх эбит. Хотон ис-тас үлэтигэр 15 киһи үлэлиир, хамнастарын ыйга 2-тэ ылаллар. Итини таһынан оттооһуҥҥа, зелёнка, сиилэс бэлэмигэр уонна таһыытыгар анал дьоннор договорынан үлэлииллэр. Кэлэр өттүгэр миэстэтигэр кырата 500 тонна от, зелёнка уонна 800 тонна сиилэс миэстэтигэр бэлэмниир сорук турар. Билигин ынахтарын атын сиртэн от, сиилэс, комбикорм атыылаһан, тиэйэн аҕалан толору рационынан аһаталларын суотугар, төрөөбүт ынахтар ортотунан күҥҥэ 15 кг үүтү биэрэ тураллар. Үүт молокопроводынан баран анал охладительгэ түһэр эбит. Кэлэр кэскилгэ Саха сирин услуобуйатыгар тыа хаһаайыстыбатыгар сөптөөх үбүлээһини оҥорон хас нэһилиэк аайы маннык хотоннору судаарыстыба суотугар тутан, симментал сүөһүлэри аҕалан үүт, эт хайысхатынан тэҥҥэ үлэлээн олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн уонна этинэн-үүтүнэн хааччыйар сорук туруохтаах дии саныыбын. Мин санаабар бу Илимниир хотонугар кэлэр өттүгэр Бүлүү бөлөх улуустарын орто сүһүөх салайааччыларын, ыанньыксыттарын, ньирэй көрөөччүлэрин, осеменатордарын, слесардарын, электриктэрин анал программанан үөрэтэр база тэрийэр наада буолуо дии саныыбын.
Герасимова Н.П. улууһугар патриоттуу санаатынан оҥорбут бастыҥ бачыымын, үтүө холобурун батыһан, республика бары бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэрэ, улахан тутуу, атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ, биирдиилээн баай дьон бэйэлэрин төрөөбүт-үөскээбит, чугас сыһыаннаах нэһилиэктэригэр маннык аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир хотоннору тутан тыа хаһаайыстыбатын салгыы тэтимнээхтик сайыннарар биир соҕотох суол баар дии саныыбын.
Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы мэхэниисимэ ленскэйдэр уонна илимниирдэр бастыҥ холобурдарын батыһан ыытыллыахтаах. Дьыала баара-суоҕа харчы булуутугар сытар. Билигин урукку сопхуостар курдук бөдөҥ хаһаайыстыбалары тэрийэр сатаммата буолуо.
Онон нэһилиэк төһө сирдээҕиттэн, нэһилиэнньэлээҕиттэн көрөн элбэх, хаачыстыбалаах табаарынай бородууксуйаны оҥорор 20, 30, 50, 100 үлэһиттээх производственнай кэпэрэтииптэри тэрийэр наада этэ. Промышленноска, вахтаҕа барбат дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарар наадаттан, нэһилиэккэ үлэлиир кыахтаах дьонтон кырата 10-20 бырыһыана сүөһүгэ, сылгыга сэптээх тиэхиньикэ, технология киирдэҕинэ уонна ырыынагы толору хааччыйар бородууксуйа оҥоһуллар буоллаҕына, тыа хаһаайыстыбатыгар идэтийэн үлэлиир киһи бырыһыана күччүүрэ чуолкай.
Сокуоҥҥа олоҕуран бу орто дойду олоҕуттан барбыт, куоракка көспүт уонна сүөһүтэ, сылгыта суох эрээри бааһыналаах, оттуур сирдээх дьонтон сирдэрин төттөрү ылан, нэһилиэк дьаһалталара хос сааһылаан ПК-ларга, БХ арендаҕа сыһыараллара наада этэ. Барыларыгар судаарыстыба суотугар аан дойду билиҥҥи ирдэбилигэр толору эппиэттиир мэхэньисээссийэлээх, бастыҥ технологиялаах хотоннору тутуохха, итини таһынан улахан тыраахтардары, массыыналары, комбайннары омуктар курдук 49 сылга судаарыстыба лиисиҥҥэ биэрэрин ситиһиэххэ. Тоҕо диэтэххэ, холобур, улахан сыаналаах комбайн сылга 10-ча күн үлэлээн баран, ордугар таах турар. Ити судаарыстыбаттан көмө быһыытынан бэриллэр сыаналаах араас тутуулар уонна бэриллэр тиэхиньикэ атыылаһыытын нолуога ПК-ларга, БХ-ларга охсубатын ситиһиллиэхтээх. Сыһыарыллыбыт сирдэригэр эппиэттиир сөптөөх сүөһү, сылгы иитэллэрэ наада.
2021 сылтан саҕалаан чааһынай, кэтэх сүөһүлээх ыалтан үүтү туталларын тохтотон, ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк субсидия бэриллэрин мин уруккуттан да биһириибин, оттон ылбыт бородууксуйатын бэйэтэ талбытынан туһанара саамай сөптөөх дьаһал дии саныыбын. Бары билэрбит курдук, олус ыарахан 1990-2000 сыллары саха дьоно, тыа сирин ыала хотонноох, сүөһүлээх бэйэ үүттээх, эттээх буолан арыый этэҥҥэ аһарбыппыт. Оччолорго кэтэх ыалларга сүөһү төбөнөн ахсаана билиҥҥитээҕэр кырата икки-үс төгүл элбэх этэ. Ол аата кэтэх ыал этэ, үүтэ икки төгүл элбэх этэ да, эт-үүт батарыытыгар боппуруос турбат этэ. Судаарыстыба бэйэтэ быстаран олорон чааһынай ыалга биир да солкуобай көмөтө суох этэ. Оттон билигин ыанар ынахха босхо 35 тыһ. солк көмөлөһөр буолбутугар үөрүллүөхтээх этэ буоллаҕа.
Оскуола учуутала, балыыһа, кулууп үлэһитэ балачча хамнастаах үлэлээх, тоҕо кини күн аайы саах сыттаах хотоҥҥо күн аайы үстэ сылдьыахтааҕый? Кини эмиэ сынньалаҥнык сылдьан этин, арыытын ырыынактан атыылаһар кыахтаах ээ.
Билигин пенсионердар да, эдэр да киһи, ким баҕалаах, бэйэ этигэр, үүтүгэр наадыйар ыал ынах төбөтүгэр субсидияны ыла-ыла ииттин ээ. Дьону барытын кыра үүт харчытыгар баайан, сүөһү төбөтүн элбэтэбит диэн ааттаан сииктээх хотоҥҥо киллэрэ сатыыр сыыһа. Оннооҕор сорох нэһилиэк баһылыктара куолулаан, чааһынайга элбэх үбү-харчыны биэрэн, илиинэн үлэлээн сүөһүнү, эти, үүтү элбэтиэххэ дииллэрин отой өйдөөбөппүн. Ханнык омук судаарыстыбатыгар элбэх чааһынай, кэтэх ыал аҥаардас илиинэн сүөһү иитэрий? Дьиҥ чахчы идэтийэн, билиҥҥи бастыҥ технологияны олоххо киллэрэн бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлииллэр.
Үсүһүнэн, бары билэрбит курдук, билигин хотоҥҥо үксэ биэнсийэлээх эр дьон сылдьар, кинилэр ынах синньин кытта сатаан күүскэ үлэлээбэттэр уонна ыраас буолуу өттүгэр, сымнатан эттэххэ, олус мөлтөхтөр. Онон үрдүк хаачыстыбалаах, билиҥҥи стандарка толору эппиэттиир үүтү кинилэртэн эрэйбэккин. Баһан соҕус эттэххэ, ыал үүтүн амтана амырыын соҕус буолааччы. Уон ыалтан 2 эбэтэр 3 ыал эрэ ирдэбилгэ эппиэттиир үүтү туттарар этэ.
Мин үлэлиир кэммэр ыалтан хомуллубут үүттэн нэһиилэ арыы эрэ оҥорор этибит. Хаһаайыстыба бэйэтэ илиинэн ыабакка, электродойканан сылы супту ыыр үүтэ эрэ, санитарнай ирдэбилгэ эппиэттээн, сууланан-хааланан Мииринэйгэ атыыга тахсааччы.
Онон өрөспүүбүлүкэҕэ бюджеттан тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп чааһынай ынах, сылгы, таба, сибиинньэ төбөтүгэр бэриллэр харчыттан ураты, барыта ПК-ларга, БХ-ларга анал араас дотация, субсидия быһыытынан тиийиэхтээх. Кинилэр сылы эргиччи сүөһү иитиитинэн уонна сири кытта идэтийэн үлэлииллэрин иһин. Өссө төгүл этэбин, баһаам элбэх харчы бэриллэр диэн куолулуур дьон ол харчыттан тииһээри бэйэлэринэн кэлэн үлэлээн көрдүннэр.
Чааһынай ыаллар, холобур, хас биир ньирэйдээх ынахтарыгар 2 туонна оту 10 тыһ. солк. атыыластыннар, 5 тыһ. солк. тиэйтэрдиннэр. 5 тыһ. солк. ороскуоттаан 5 куул отурбаны атыыластыннар. Ый аайы биирдии тыһ. солк. хамнастанан, сылга 12 тыһ. солк. ыллыннар, ордубут 3 тыһ. сепаратор электроуотун төлөөтүннэр ээ. Онон хас биирдии ынахтан 1500 литр үүтү ыан оҕолорун, сиэннэрин, урууларын, аймахтарын сүөгэйинэн, арыынан, иэдьэгэйинэн тото аһаттыннар. Ордор хаачыстыбалаах үүттэрин, сүөгэйдэрин, арыыларын бэйэлэрэ кэпсэтэн, конкуренциялаһан ыалга лиитирэтин 40-50 солк. атыылаатыннар. Маҕаһыын сыаналаах бороһуок үүтүнээҕэр хаачыстыбалаах, натуральнай үүтү ыаллар былдьаһыгынан атыылаһыахтара. Холбуй үүтүнэн сибиинньэ ииттиннэр, барыта бэйэлэрин туһаларыгар барар.
Саамай кылаабынайа Саха сирин хас биирдии олохтооҕо тыа хаһаайыстыбатын баһаам улахан, көҥдөй ночооттоох, аҥаардас эт, үүт, балык, булт оҥоһуллар производство салаатын курдук күччэтэн, намтатан көрбөккө, Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын былыр үйэттэн илдьэ кэлбит олохторун укулаатын сүтэрбэккэ, салгыы сайыннарыы сүдү суолталаах боппуруоһа буоларын үчүгэйдик өйдүөххэ.
Саха киһитэ былыр былыргыттан сүөһү, сылгы, таба ииттэҕинэ, оттоотоҕуна, бултаатаҕына, балыктаатаҕына, сири кытта үлэлээтэҕинэ эрэ дьиҥ сахатын менталитетын сүтэрбэккэ, тутан хааларыгар саарбахтаабаппын. Өскөтүн сахалар бары сүөһүбүтүн, сылгыбытын эһэн тыа сириттэн, улуус кииннэригэр, куораттарга көстөхпүтүнэ, сахалыы саҥаны умнан, эдэр ыччаппыт нууччалыы, омуктуу эрэ кэпсэтэр буолуохтара уонна элбэх ахсааннаах, улахан омуктар быыстарыгар киирэн аҕыйах сылынан сахалар сүтэн, симэлийэн хааларбытыгар саарбахтааһын суох. Итиэннэ бүтэһик саха сүөһүтүн, сылгытын эстэҕинэ саха буолан бүтэр диэн этэллэрэ эмиэ саамай сөп дии саныыбын.
Горн Егорович ПЛАТОНОВ,
норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
республика тыатын хаһаайыстыбатын ветерана,
Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
1992-2005 сылларга “Кириэстээх” совхоз директорынан 15 сыл үлэлээбит.
* * *
АХТЫЫЛАР
Киэҥ көрүүлээх сатабыллаах салайааччы
Прокопий Семёнович ИВАНОВ,
1972-1974 сс. «Кириэстээх» сопхуос
партийнай кэмитиэтин сэкиритээрэ,
Анаабыр, Горнай райкомун бастакы сэкиритээринэн,
тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ,
бэтэрээнэ
Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕаламмыт уһуннук-киэҥник толкуйдамматах, атын дойдулартан соҥноммут алдьатыылаах политика уонна дьаһаллар үрдүк көрдөрүүлээхтик уонна туруктаахтык үлэлии олорбут “Кириэстээх” сопхуоһу тумнубатаҕа. Ол бастакы дьайыытынан сопхуоһу сопхуос быһыытынан тэрээһин-правовой форматын уларытыы буолбута. Дойдубут уонна республикабыт үрдүнэн салайан олорбут үрдүкү салалталарбыт тыа хаһаайыстыбатын коллективнай төрүккэ олоҕурбут социалистическайдыы тэрээһиниттэн бэрт түргэнник аккаастанан, чааһынай бас билиигэ олоҕурбут кыра-кыра нэһилиэнньэ кэтэх уонна араас көрүҥнэрдээх бааһынай хаһаайыстыбаларын тэрийэргэ тус санаалаах политиканы олус күүскэ уонна кимиилээхтик ыыппыттара, быһаччы модьуйуулары туруорбуттара. Онно олоҕуран аан бастатан турар сэбиэскэй хаһаайыстыбалары (сопхуостары) ысталаабыттара. Урукку өртүгэр хаһаайыстыбаларга үлэлии сылдьыбыт үлэһит дьон таах кураанах туран хаалбыттара. Бу алдьатыылаах политиканы ыыппыт уонна түргэн тэтимнээх олоххо киллэриигэ сорунан туран күүстээх үлэни ыыппыт урукку салайааччыларбыт бу дьыалаларын сүрдээх судургутук быһаарбыттара – урукку тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар отой эһиннилэр, быстардылар, хайдах да гынан ыһыллыбакка бииргэ үлэлиир кыахтарын аастылар, онон саҥа кэлбит ырыынак экэниэмикэтин услуобуйатыгар саамай көдьүүстээх уонна таһаарыылаах услуобуйанан чааһынай бас билии буолар. Чааһынай бас билии эрэ производствоны көдьүүстээхтик уонна көрдөрүүлээхтик сайыннарыыны хааччыйар диэн дьону уонна норуоту кэнники сыллардааҕы олохпут көрдөрөрүнэн албын уонна түөрэккэй суолга таһаарбыта.
Тыа хаһаайыстыбатын ол кэмнээҕи балаһыанньатын, үлэтин түмүктэрин дьиҥнээҕинэн көрөр уонна сыаналыыр буоллахха, дойду тыатын хаһаайыстыбата бэйэтин сүрүн аналын – дойду нэһилиэнньэтин аһынан-үөлүнэн толору кээмэйинэн хааччыйыыны быһааран аска-үөлгэ дойдубут атын дойдулартан тутулуга суох буолуутун эҥкилэ суох тутуһан кэлбитэ. Ол иһигэр Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата 1990-1993 сылларга оҥорон таһаарыыта муҥутуур үрдүк таһымҥа тахсыбыта, өссө даҕаны үүнэргэ-сайдарга толору кыахтар баар этилэр.
Чопчу “Кириэстээх” сопхуос 1991 сыл түмүгүнэн оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын барыыстаахтык батаран 9 мөлүйүөн солкуобайы аахсыбыта уонна уопсай түмүккэ 3 мөлүйүөн солкуобай ыраас барыыстаах сылы түмүктээбитэ. Сопхуос үлэһиттэрин орто хамнаһа сопхуос саҥа тэриллиэҕиттэн 4 төгүлтэн ордук үрдээбитэ. Ити курдук үрдүк көрдөрүүлээх үлэлээн олорбут хаһаайыстыбалар бэрт кылгас кэм иһинэн үрэллибиттэрэ, баайдара-дуоллара ый-күн ыһыаҕар кубулуйбуттара. Киһи улаханнык мунчаарара уонна хомойоро диэн Ленин орденнаах “Элгээйи” сопхуос курдук бөҕө туруктаах, муҥутуур кыахтаах хаһаайыстыба производствота республика үрдүкү салалалтатын ирдэбиллэрин олоххо киллэрэн, ханнык даҕаны утарсыыта суох бэрт түргэнник суох буолбута.
Ол кэмҥэ кириэстээхтэр инники дьылҕалара быһаарылларыгар улахан оруоллаах киһинэн Бүлүүчээн Үөһээ Мэйигиттэн төрүттээх Горн Егорович Платонов буолбута. Кини үөскээбит балаһыанньаны чуолкай өйдөөн, ырытан көрөн, инники дьылҕаны ааҕан –суоттаан, хаһаайыстыбаны ыһан биир-биир барыы дьиҥ-чахчы сыыһатын, улахан уонна куһаҕан содуллааҕын туһунан сопхуос үлэһиттэрин ортолоругар киэҥ өрүттээх өйдөтөр уонна быһаарсар үлэни ыыппыта. Инньэ гынан сопхуоһу коллективнай бас билиигэ уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ олоҕуран үлэлиир “Кириэстээх” коллективнай предприятиеҕа уларытан тэрийэн, онно салайааччынан талыллан бэрт уустук, былдьаһыктаах уонна бутуурдаах кэмҥэ үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын дьиҥнээх производствотын тыыннаах хаалларбыт улахан үтүөлээх собус-соҕотох киһинэн буолар. Төһө даҕаны уустук уонна ыарахан, араас таһымнаах утарсыылар, мэһэйдэр баар буолтарын иһин, хаһаайыстыба биир санаалаахтык талбыт суолун тутуһан, сөпкө баран иһэрин ааспыт кэмнэр чахчылара итэҕэтиилээхтик туоһулууллар.
Хаһаайыстыба саҥа кэм, ырыынак экэниэмикэтэ туруорар араас элбэх моһоллорун хорсуннук туораан, күн бүгүҥҥэ диэри балачча ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан олорор. Бу дьыалаҕа өссө төгүл Г.Е.Платонов салайааччы быһыытынан үрдүк эппиэтинэстээхтик уонна бэриниилээхтик үлэлээн ааспытын өссө төгүл дириҥ махталынан өйдөөн-санаан ааһарбыт хайаан даҕаны наада. Кини манна үлэлээн, олорон ким-хайа иннинэ ырыынак услуобуйатыгар ханнык баҕарар оҥорон таһаарар производство аан бастатан туран оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын үрдүк хаачыстыбалаахтык, тобоҕо суох астаан-таҥастаан барыстаахтык батаран үптэнэр-харчыланар эрэ буолара наадатын өйдөөн туран, бу боппуруоһу кэлимсэ тиһэҕэр тиийэ быһаарарга киэҥ өрүттээх үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр ырыынак инфраструктуратын бары сүһүөхтэрэ хаһаайыстыба иһинэн баар буолбуттара. “Кириэстээх” КП-та үчүгэй хаачыстыбалаахтык астаммыт-таҥастаммыт бүтэһиктээх бородууксуйатынан ырыынакка ким-хайа иннинэ тахсар буолуута ситиһиллибитэ.
Ону тэҥэ ол ыарахан уонна үөһэттэн үбүлээһин ханнык даҕаны көрүҥэ суох оҥоһуллубут кэмигэр, Горн Егорович коллективнай хаһаайыстыбатын үлэтин туруктаах уонна ханнык эмит өртүттэн өйөбүллээх буоларын ситиһэр инниттэн, элбэх үптээх-харчылаах бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһини сатабыллаахтык олоххо киллэрбитэ. Ол курдук алмаас промышленноһын араас тэрилтэлэрин кытта хардарыта интэриэстээх буолар курдук былааннаан, элбэх ахсааннаах дуогабардары уонна сөбүлэһиилэри түһэрсэн, производствоҕа туһаныллар араас техниканы, механизация тэриллэрин уонна да атын матырыйааллары, үбү-харчыны ылбыта уонна ону барытын производствоҕа туһалаах буоларын курдук көдьүүстээхтик үлэлэппитэ. Ону сэргэ дойду киин собуоттарыттан араас көрүҥнээх үрдүк оҥорон таһаарыылаах техника көрүҥнэрин, механизация уонна аныгы технологиялар тэриллэрин быһа кэпсэтэн ылары ситиспитэ. Ити барыта киһи барыта сатыыр уонна кыайар дьыалата буолбатах. Ону олохтоохтук уонна дьоһуннаахтык быһаарбыт, олоххо киллэрбит Горн Егоровичка кэлэр даҕаны көлүөнэлэр мэлдьи махталлаах буолуохтара диэн эрэнэ саныыбын.
Мин тус бэйэм ити кэмнэргэ республика тыатын хаһаайыстыбатын салайааччытын быһыытынан, онтон кэлин киин аппараакка үлэлээн сылдьыбыт буоламмын үчүгэйдик билэбин. Уонна коллективнай төрүккэ олоҕуран бииргэ түмсэн үлэлээһини собус-соҕотоҕун бэйэтин муударай өйүнэн-санаатынан уонна халбаҥнаабат дьулуурунан ситиспит Г.Е.Платоновка туох кыалларынан уонна сатанарынан өйүү, тирэх буола уонна көмөлөһө сылдьыбытым. Ону барытын “Кириэстээх” сопхуос аан бастаан тэриллэригэр, атаҕар туруутугар быһаччы кыттыылаах киһи быһыытынан эбээһинэспинэн ааҕынабын.
Ол курдук, уопсай түмүгэр “Кириэстээх” хаһаайыстыбата 50 сыллаах баай историятыгар (летопиһыгар) Горн Егорович хаһаайыстыба коллективнай производствотын ыспакка тыыннаах хаалларан, аныгы кэм ирдэбиллэригэр сатабыллаахтык сөп түбэһиннэрэн салгыы үлэлииргэ тустаах услуобуйаны олохтообута эмиэ биир кэрэхсэбиллээх чахчынан буолара саарбаҕа суох.
Түмүгэр «Кыым» хаһыат кулун тутар 13 күннээҕи нүөмэригэр бэрт уһун кэмнээх кэтэһии кэнниттэн “Санаабын сайа эттэхпинэ” диэн ыстатыйаҕын ааҕан баран олус диэн астынным, отой сүтэн, бүгэн хаалбатах, бэйэтин гражданскай позициятын тута сылдьар эбит диэн үөрдүм. Онон улахантан улахан махтал, баһыыба.
Мин бэйэм даҕаны испэр эрэнэ саныыр этим, Горн Егорович курдук киһи олус чуолкай санаалаах, булгуруйбат толкуйдаах, бары буола турар быһыыга-майгыга, араас быһаарыыларга, ыйаахтарга бэйэтэ туспа көрүүлээх уонна сыанабыллаах буолуохтаах диэн. Ону дьэ сылдьан-сылдьан баран бэйэҥ санааларгын сайа эппиккин. Ол үчүгэй дьыала. Туруортаабыт даҕаны боппуруостарыҥ наадалаахтар, этиилэриҥ эмиэ бары ыллыктаахтар. Ол гынан баран ити боппуостар быһаарыллыылара сүнньүнэн киинтэн уонна үөһээҥи былаастартан тутулуктааҕа эмиэ өйдөнөр. Ону дьэ хайыыллар. Биир эмит тойон, хотун түбэһэ түһэн ааҕар, болҕомтотугар уурар дуу, суох дуу. Дьиҥэ даҕаны быһа этиллибэт, эрэлэ суох дьыала. Ол да буоллар Эн санааларгын эттэҕиҥ, этиилэргин киллэрдэҕиҥ дии. Ити барыта Эн буола турар быһыыга-майгыга, уопсай балаһыанньаҕа аҥаардастыы саҥата суох кэтээн көрөөччү эрэ буолбакка, олору барытын кыраҕатык кэтээн көрөргүн, ырытаргын, сыаналыыргын, ыалдьаргын көрдөрөр. Дьэ онон сибээстээн мин Эйиэхэ манан эрэ тохтоон-олорон хаалыма, олоххо уонна үлэҕэ мунньуммут баай уонна дьоһуннаах үгэстэргэр, сахалыы муударай өйгөр-санааҕар тирэҕирэн, дьоҥҥор-сэргэҕэр өссө даҕаны киэҥник, кимиилээхтик, дириҥ хорутуулаахтык көмөлөһө, туһалыы сырыт диэн баҕа санаабын этэбин.
Сэтинньи ый 30 күнэ 2018 с.
* * *
Бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын
Пётр Федорович СПИРИДОНОВ,
85 саастаах тыыл, үлэ, алмаас бэтэрээнэ,
колхуос бэрэссэдээтэлинэн,
сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн уһуннук үлэлээбит,
улуус, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо
Горн Егорович Платоновы мин аҕыйах бириэмэҕэ алтыһан үлэлээбиппинэн, билиҥҥэ диэри СХПК паайщига буоларбынан, биир бөһүөлэккэ олорорбунан үчүгэйдик билэбин.
Мин араас үлэлэргэ, дуоһунастарга 40-ча сыл үлэлээн баран, сааспынан 1981 сыллаахха пенсияҕа тахсыбытым. Онтон сопхуоска спецтаҥастарга ыскылаат сэбиэдиссэйинэн 1995 сыллаахха ыам ыйыгар диэри үлэлээбитим.
Сэбиэскэй кэмҥэ оччотооҕу саламта каадырдары иитэрэ, үөрэттэрэрэ, киһи дьоҕурун табатык сыаналыыра, аттаран үлэҕэ туруорара. Сопхуостары ыһыы кэлимник бара турар кэмигэр биһиги, кириэстээхтэр, атыннык дьаһаммыппыт дьолбутугар эбит диибин.
Биир сарсыарда элбэх саҥалаах, күлбүт-үөрбүт, сырдык, ыраас хааннаах, эр дьоҥҥо сэдэхтик бэриллэр кыраһыабай дьүһүннээх, уурбут-туппут курдук, чэгиэн-чэбдик киһи дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Бу Үөһээ Мэйиктэн төрүттээх олоххо, үлэҕэ элбэхтик эриллибит, санаата сааһыламмыт, тыла-өһө сайдыбыт уопуттаах салайааччы Горн Егорович Платонов этэ. Тулаайахсыйа сыһа олорор коллектив дьонун-сэргэтин, саламта эйгэтин үлэһиттэрин тута астыннарбыта, туох баар үлэни, олоҕу-дьаһаҕы, итэҕэстэри-быһаҕастары аҕыйах күн иһигэр билсибитэ, оҕуһу муоһуттан ылан саҥалыы кэскиллээхтик, хорутулаахтык салайбытынан барбыта. Аҕыйах ый иһигэр: “Горн Егорович билэр дуо, туох диирий”, – диэн Кириэстээх, Куокуну нэһилиэктэрин бары салайааччылара, общественнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин кытта болҕомтолорун хатаабыттара, тоҕо диэтэххэ Горн Егорович аҥаардас кэлэктиип үлэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар кытта болҕомтотун уурбута.
Үлэлээбит 15 сылын устатыгар икки нэһилиэк тэрилтэлэрин, нэһилиэнньэтин кытта көрөн-истэн, дьаһайан олорбута диир толору оруннаах. Ол курдук нэһилиэк икки пилорамата тохтоло суох үлэлиирэ, онно КП техникатынан хаһан баҕарар тэрилтэлэр, ыаллар тутуу мастарын удамыр сыанаҕа киллэрэн эрбэтэн, тутуу бөҕөнү ыыппыттара. Водовозтар, тыраахтардар отой кыра төлөбүргэ сылы эргиччи ыаллар отторун, мастарын тиэйэн үлэлииллэрэ. Нэһилиэнньэ араас техникатын хаһан наада буоларынан төлөөн сапараапкаланара, төлөпүөн, араадьыйа, телевизор миэстэтигэр үлэһиттээх буолан эҥкилэ суох үлэлииллэрэ. Улуус хаһыатын сарсыныгар ааҕыллара, дьону кытта үлэ бары ханаалларынан күүскэ ыытыллара, түөлбэнэн, зонанан араас общественнай, дьокутааттар үлэлэрэ, нэһилиэнньэ мунньахтара, бырааһынньыктар үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллара. Ол түмүгэр общественнай бэрээдэк тупсубута, буруйу оҥоруу, билиҥҥи курдук уодаһыннаах буруйдар отой да суохтара.
Горн Егорович икки нэһилиэк быыбардааччыларын итэҕэлин ылан оройуон сэбиэтин дьокутаатынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини тэрийэр, салайар дьоҕура, талаана, ылыннарыылаах, ирдэбиллээх, чуолкай тыла-өһө үөһэ саламтаҕа, нэһилиэктэр олохтоохторугар күүстээх сабыдыалы ыларын оччолорго да нэһилиэнньэ өйдүүрэ. Кини кимиэхэ да өстүйбэт, киһи кэннигэр куһаҕаны саҥара сылдьыбат, үлэлиир кэмигэр биир да киһини үлэтиттэн үүрэн, эһэн ыыппытын, хаарга хаамтарбытын истибэтэҕим. Ол оннугар дьоҥҥо кыһамньытын ааҕан сиппэккин. Элбэх техника ылыллыбыта, 250-ча үлэһит ый аайы хамнастарын толору ылаллара. Мииринэйгэ, Дьокуускайга, Сунтаарга элбэх билсэр, атас-доҕор салайааччылардаах этэ. Мииринэйдэри кытта ыкса сибээһи тутуһара. Оччолорго кылаабынай инженер Н.А.Тотоновтыын булан-талан муспут техниката, саппаастара билиҥҥэ диэри бааллар. Салайааччыбыт ураты хаачыстыбатынан ситиһиинэн дуоһуйбат, эрдэттэн эрдэ инники соруктары торумнуу сылдьар, санаатын иҥнэн-толлон турбакка, грамотнайдык, сытыытык, чуолкайдык этэн иһэр уратылааҕа. Республика уонна улуус салайааччылара ону билэллэрэ, болҕомтоҕо ылаллара.
Былааһы биирдиилээн лидердэр уларыталлар, олоҕу норуот тутар. Б.Ельцин былааһы уларытарыгар былаас бары саламтатын суох оҥорбута, тугу баҕарар гынарыҥ барыта көҥүл диэбитэ. Норуот көҥүл, дэлэй олох кэллэ диэн дуоһуйбута, чуумпурбута. Ол эрээри олох ирдэбилэ бэйэтэ сирдээн, 1992, 1993, 1994 сыллартан саҕалаан күүтүллүбэтэх бары түбэлтэлэр Россия норуоттарын барытын аймаабыта. Сүрэҕэ суох, үлэлээбэт буолуу, баайы-дуолу босхо кэриэтэ үллэстии, байар туһугар куомуннаһыы, уруурҕаһыы, уоран сиэһин, тугу баҕарар оҥоруу, коррупция, бэрээдэги кэһии, өлөрүү, арыгылааһын, атах-балай барыы, сыана тохтоло суох үрдээһинэ улам күүскэ эмэн ылан испитэ. Ити куһаҕан содуллара тыа нэһилиэктэрин ыксары ылбыта. Сопхуостары эһии иэдээнээх политиката тыа хаһаайыстыбатын өрүһүлтэтэ суох, эстиигэ күһэйбитэ. Арыый кыахтаахтар ыксаан бааһынай хаһаайыстыбаларга барбыттара.
Ити Кириэстээх коллективнай хаһаайыстыбатыгар биллэн турар сабыдыаллаабыта, ол эрэн Горн Егорович саламта үлэтигэр уопута бэрт буолан, республика саламтатыгар, министиэристибэлэргэ сүүрэн-көтөн кэпсэтэн, ылсан-бэрсэн, дьаһайан коллективын этэҥҥэ хаалларбыта. Салгыы СХПК-ҕа коллективы уларыта тутан салгыы этэҥҥэ билигин даҕаны үлэлии олорор.
Билигин ырыынак сыһыаннарыгар сайдыы сыыйа бытааннык, эрэллээхтик барар. Мин тус санаабар транспорт бары көрүҥэ, сир баайа, энергетика, оттук-уматык курдук олоххо сүрүн суолталаах дьаһаллар чааһынайга бэриллэн, былаас тус дьаһалыттан тахсыбыттара куһаҕан. Онуоха эбии дьайымтыалаах сокуоннар суохтара көҥүл барыыга төрүөтүнэн буолаллар.
Билигин Илин Сибиир киэҥ нэлэмэн сирэ, Хоту Муустаах муораҕа тиийэ балысхан элбэх сирин баайа, ыраас иһэр уута, күөх чэлгиэн айылҕата, Америка, Кытай, Дьоппуон уо.д.а. омук дойдуларын иҥсэлэрин көбүтэн эрэр. Ол эрээри улуу нуучча норуота бэйэтин олоҕун историятыгар, экэниэмикэтигэр, политикаҕа, наукаҕа мэлдьитин бастыҥнар кэккэлэригэр эрэллээхтик сылдьар. Былааһы норуот уларыттарар – олоҕу норуот тутар, сайдыы мэлдьитин барар, ол олох төрүтэ, дьоло буолар. Эрэллээх саламта, түмсүүлээх буолуу, дьаныардаах үлэ барыны кыайар.
Атырдьах ыйын 28 күнэ 2011 с.
* * *
Икки үйэ үтүөлээх үлэһитэ
Михаил Иннокентьевич КОКЛОВ,
үлэ тыыл бэтэрээнэ,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
саха алмааһын арыйыы кыттыылааҕа,
СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна,
Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
Россия үтүөлээх фермерэ,
СӨ Бэрэсидьиэнин гранын хаһаайына,
Хотугу Сулус уордьан кавалера
Бүлүү өрүһүм эҥсиллэр сүүрүгэр, эрийэ-буруйа айаннаан 50 ат күүстээх, эрчимнээх айаннаах американскай “Ивенруд” мотуорканан Кириэстээхтэн киэһэлик соҕус айаҥҥа турунан барыы – эмиэ биир туспа үөрүү. Мэйиктээн иһэбит. Айылҕа барахсан кэнники кэмҥэ эмискэ уларыйыыта, дьыл-күн алтыһыыта уратылардаах, хатыласпат түгэннэр. Быйыл 2015 сыл саас эрдэ кэлбитэ. Муус устар ыйга ириэрэн, ардах түһэн, онуоха эбии Бүлүү ГЭС уутун муус устар 13 күнүгэр ыыппыта, ол түмүгэр өрүс мууһа ыам ыйын 5 күнүгэр устан бүппүтэ.
Үөһээ Мэйик кэрэ айылҕалаах Ойууһут диэн Бүлүү өрүс хаҥас биэрэгэр, дэхси ньуурдаах кырдалыгар былыр-былыргыттан сахалар, тоҥустар олохсуйан олорбут үтүө дойдулара. Былатыанаптар киэҥ аймахха Горн Егорович төрөөбүт сирэ. Ити 20-с үйэ ортотугар, ол аата Аҕа дойду улуу сэриитин кыайыы ааспыта 7 сыл буолбут кэмэ.
Горн аҕата Дьөгүөр Былатыанап 1942 сыллаахха армияҕа барар. 2 сылтан ордук уоттаах сэриигэ сылдьар. Можайскайтан саҕалаан Смоленскай уобалаһы босхолооһуҥҥа кыттар. Онно агдатыгар улаханнык бааһыран, элбэхтик эмтэнэн дойдутугар 1944 сыллаахха саас кэлэр. Немецтэри кыайыы кэнниттэн Дьоппуон сэриитэ саҕаланар. Онно ыҥырыллан иккиһин сэриигэ барар. 1946 сыллаахха эргиллэн кэлэн дойдутугар Мэйиккэ олохсуйан колхоһугар үлэлиир, Куруҥ Тумулга төрөөбүт дьахтары ойох ылан хас да оҕолоноллор. Мэйик нэһилиэгэ оройуон кииниттэн 22 көстөөх ыраах сир, суола-ииһэ оччотооҕуга ат, таба көлөнөн сылдьыллар дойду этэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ даҕаны ас-таҥас тута дэлэйэн барбатаҕа. Ол эрээри Мэйик сирэ айылҕата кэрэтинэн, киэҥ оттонор үрэхтэрдээҕинэн “Ленин суола” колхоз тэриллэн элбэх киэҥ сири тайаан сытар, булт арааһа, өрүһүн балыга, күөлүн собото бөдөҥө атын сиртэн уратылара элбэҕэ.
1900 сылларга Тэрэппиин Павлов диэн иккис гильдиялаах атыыһыт байан-тайан олорбут сирэ. Ити сылларга Тэрэппиин атыыһыкка борохуот тиийэн табаар, аһылык, булт тэрилэ тиэйэн, түүлээх иһин мэнэйдэһэн эргинэр киэҥ сибээс олохтоммут дойдуларыттан биирдэстэрэ. Ким өйдөөх, сүрэхтээх байан эргинэн олоруулара, сирин ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох улуу дьон үөскээн-төрөөн олордохторо. Россия эргиэмсиктэрэ улуу Лена өрүһүнэн эрэ айаннаабат, кини салааларынан – Бүлүүнэн, Алданынан, Амма өрүһүнэн сылдьар кыра мас салбах эрдиилээх, чычаас уунан сылдьар борохуот Мэйиккэ тиийэрэ. Сунтаар улууһугар Доценко атыыһыт, Бордоҥҥо Попов, Тэҥкэҕэ Крюков, Кириэстээххэ Дьөгүөр атыыһыттар. Ол Мэйиккэ Тэрэппиин атыыһыкка борохуот кэлэрэ. Ити сүүсчэ сыллааҕыта. Нэһилиэнньэ ити курдук өйдөөх, киэҥ ыырдаах дьонноох буолан, аһаан-таҥнан тутайбакка олордохторо.
Горн Егорович эһэтэ, аҕата ол кэмҥэ ити атыыһыттары кытта алтыһан үөскээбит дьон. Үөһээ Мэйик Ойууһут диэн сири киһи бары умсугуйа ааттыыр, киэҥ сурахтаах, үтүө дойдуга дьон-норуот таптаан олохсуйар. Былыр Тэрэппиин атыыһыт Мэйиктэн Мухтуйаҕа 30 көс уһуннаах суолу солоон оҥорбута. Суолун көнөтө, элбэх үрэхтэри быһан, сис тыаны солоон, атынан-табанан кыһын сылдьыллар суол этэ. Ол суол 1950 сыллаахха диэри баара, билигин ким ити курдук илиинэн, сүгэнэн, илии эрбиинэн кэрдэн итиччэ ыраах суолу солуой. Тэрэппиин атыыһыт аҥаардас атыылаан эрэ олорбут буолбатах, Өлөөн оройуонуттан, Дьэһиэйтэн тыһыынчанан төбө таба атыылаһан аҕалан дойдутун дьонун таба көлөлүүр. Үөрэхтэрэ суох дьону үөрэтэргэ Мухтуйаттан үөрэхтээх учуутал ыаллары аҕалан, төрөппүт оҕолорун кытта атын ыаллар оҕолорун үөрэттэрэр. Ол улахан сабыдыала – Мэйик эдэр ыччата үөрэххэ тардыһыылаах. Сэбиэскэй кэмҥэ үүнэн-сайдан колхозтары тэрийии, онтон кэлин совхоз буолан үлэ-хамнас күүскэ сайдар. Сунтаар оройуонун салайыыга республикаҕа тиийэ үүнэн-үлэлээн барбыт элбэх ыччат дойдута буолар.
Онтон биир бэрэстэбиитэллэрэ Горн Егорович Платонов буолар. Улаатан, үөрэхтэнэн, эдэр киһи Түбэйгэ, Маар Күөлгэ, Бордоҥҥо, Сунтаарга араас салайар үлэҕэ буһан-хатан баран, Кириэстээххэ партком сэкиритээринэн ананан кэлиэҕиттэн, үлэ бөҕөнү үлэлээн, эдэр бэйэтэ билигин сааһырда.
Мин Горн Егоровиһы кытта алтыһан үлэлээбит киһибин. Өр сылларга тыа сиригэр, төрөөбүт нэһилиэкпэр олорон “Тойбохой”, “Кириэстээх” сопхуостары тэриһэн, биригэдьииринэн, уонунан сылларга управляющайынан, партийнай, профсоюзнай үлэни салайсан, сэбиэт бэрэссэдээлинэн, эргиэн салайааччытынан уопсайа 68 сыл үлэ ыстаастаах элбэххэ үөрэнэн, эриллэн кэллэҕим. Ыһыллыы-тоҕуллуу барарын эрдэттэн сэрэйэн, оройуоҥҥа биир бастакынан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээбитим үйэ чиэппэрэ буолла.
Уустук, эриирдээх, дьон-сэргэ олоҕо огдолуйар, мунар-тэнэр сыллар “Кириэстээх” сопхуоһу тумнубатахтара. Оччотооҕу сопхуос салалтата Горн Егорович сатабыллаах салайыытынан тэрилтэни производственнай кооперативка уларытан тэрийэн, чөл хаалларбыттара дьолбутугар эбит. Горн Егорович уустук 15 сыл устата ол турууласпыт тэрилтэтин салайбыта. Үөһэттэн дьаһалынан эбэтэр күннээҕинэн сылдьыбат, бэйэтэ туспа санаалаах, толкуйдаах, инициативалаах, олохтон хаалбат инники иһэр салайааччы буолан сопхуоһун баайын тугу да ыспатаҕа. Экэниэмикэ сайдыытын, үп-харчы дьыалатын ааҕан билэр, оройуон бюджетын киирии-тахсыы ороскуотун тарбаҕар ааҕан, төбөтүгэр суоттаан билэр диплома суох экэнэмиис киһи.
Күүстээх ааҕар-суоттуур экономист Н.В.Гуриновтыын ааҕан-суоттаан үлэлээбиттэрэ. Улахан Табаҕаҕа бурдук ыһыытын, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини, кыра Табаҕаҕа нүөлсүтүллэр систиэмэлээх сүүһүнэн гектарга сиилэскэ анаан күөх үүнээйини ыһан, тыһыынчанан тонна сиилэс симиллэрэ. Куокунуга хаппыыста олордор сүүрбэччэ кытайдары аҕалан үлэлэппитэ. Саҥа былааска, рынок сыһыаныгар атыы-эргиэн уларыйыытын ситимин иилэ хабан ылан үлэлэспитэ. Кытайга хаста да тахса сылдьыбыта, кэлин Швециянан, Германиянан, Канаданан тахсан тыа хаһаайыстыбатын переработкалыыр оборудованиеларын, сүөһүнү көрүү-харайыы тас дойдуга хайдах тэринэн олороллорун илэ хараҕынан көрөн, үөрэнэн кэлбитэ. Ол сылдьан Швецияттан үүтү переработкалыыр оборудованиены аҕалан, уонча араас бородууктаны бакыаттаан таһаарар үүт сыаҕын аспыта. Ол үлэлиир дьиэтин урукку кормоцеҕы омуктарынан саҥалыы оҥотторон, билиҥҥи стандарка толору эппиэттиир үүт-ас бэлэмнэнэр буолбута.
Оҥоһуллубут бородууксуйаны үптээх-харчылаах алмаастаах Мииринэйгэ таһааран сатабыллаахтык атыылаан, үпкэ-харчыга кубулуталлара. Оройуоҥҥа “Сельхозтехника” базата эстэн, техника өрөмүөннэммэт буолбута. Кириэстээхтэр сөптөөхтүк дьаһанан, саҥа сибээстэри олохтоон, Новосибирскайтан, атын да куораттартан саппаас чааһын, атын даҕаны тэриллэри, матырыйааллары аҕалтараллара. Атын хаһаайыстыбалар сапчаастары “Кириэстээх” ПК-тан кэлэн атыылаһаллара. Итинник эргинэн хаһаайыстыба техникалара хаһан даҕаны харгыстанан турбатахтара.
Горн Егорович аҥаардас үлэни эрэ өрө туппатаҕа. Сайын саха омук ыһыаҕын үчүгэйдик тэрийэрэ. Үлэһит дьонугар анаан тыа хаһаайыстыбатын бырааһынньыгын тэрийэн элбэх бириэмийэни олохтуура, дьоҥҥо үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиирэ. Кылаабынайа үлэлиир дьону сөптөөхтүк сыаналыыра, көҕүлүүрэ. 2002 сыллаахха “Кириэстээх” сопхуос тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымнаахтык ыыппыта. Оройуон, республика салайааччылара, оччотооҕу тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Д.Ф.Наумов, республика бастыҥ үлэлээх тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларын элбэх салайааччылара, ол иһигэр “Хатас” сопхуос аатырбыт дириэктэрэ П.П.Фёдорова хаһаайыстыбаны билсэн, уопут атастаһан, үөрэн-көтөн, сөҕөн-махтайан барбыттара.
Кини үлэлиир кэмигэр ыһыахтарга ат сүүрдүүтүнэн дьарыктанан, соҕурууттан ыраас хааннаах боруода эдэр сылгылары аҕалан, сүүрдэн оройуоҥҥа уонунан сылларга иннин кимиэхэ даҕаны биэрбэтэҕэ, элбэх туһалаах бириистэри кириэстээхтэр ылбыппыт. Итини салҕаан билигин даҕаны СХПК ат атыылаһан сүүрдэр.
Горн Егорович уурайбытын кэннэ уонча сыл ааста. Ол кэннэ хаһаайыстыба салайааччыларыгар табыллыбакка өлө-өлө тилиннэ, ыһылынна-тоҕулунна, иэс бөҕөҕө киирбитэ. Сүөһү-сылгы ахсаана аччаан, бааһына ситэ туһаныллыбат буолбута. Бу кэлин 2012 сылтан В.С.Егоров дириэктэрдии кэлэн өрүһүннүлэр. Анал бырагыраамаларга киирсэн тас сиртэн 200 төбө алтай, 300 төбө калмык боруода сүөһүлэрин босхо аҕалан биэрдилэр. Судаарыстыбаттан субсидия 20-чэ көрүҥүн ылар буоллулар. Биир төбө ынах сүөһүгэ 20 тыһыынча солкуобай бэриллэр, хотон тутуутун ороскуотун 95 бырыһыанын судаарыстыба уйунар буолла. Урут итилэр суох этилэр.
Эдэр саас эрчимэ элэҥнээн аастаҕа түргэнэ. Икки үйэ кирбиилэрин уларыта тутууга уол оҕо уйана-хатана биллэр кэмнэригэр, биһиги сааһырбыт дьон олоҕу билэн ким хайдах үлэлээн ааспытын ахтан санаан аастахпыт.
Үлэһит киһи үйэлэргэ оҕолоругар, сиэннэригэр бэйэтин ахтыытын суруйар кинигэтигэр табаарыстара, бииргэ үлэлээбит аҕа уонна балыс саастаах дьон суруйууларын ааҕа сырыттыннар диэн этиинэн түмүктүүбүн.
Сэтинньи 3 күнэ, 2015 с.
* * *
Олоҕум саамай дьоллоох кэмнэрэ
Климент Ильич НИКОЛАЕВ,
СӨ үтүөлээх ветеринарнай враһа,
Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Мин 1940 сыллаахха Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Сэрии аас-туор аччык сылларыгар оҕо сааһым ааспыт ыарахан үлэтигэр үйэтин тухары үлэлээн мүккүллүбүтэ. 1969 сыллаахха СГУ-га үөрэнэн ветеринар идэтин ылбытым. Оччолорго Кириэстээх эдэр ыччата дойдуларыттан ускул-тэскил барар, уччуйар кэмнэрэ этэ. Дэриэбинэ экспедицияттан ордубут эргэ дьиэлэрдээҕэ, эдэр ыччат аҕыйаҕа, үлэһит илии тиийбэт этэ. Онон миэхэ төрөөбүт дойдубар патриоттуур бигэ санаа киирэн, төрөөбүт төрүт сирбэр үлэлииргэ быһаарыммытым.
Улахан сайдыы 1972 сыллаахтан саҕаламмыта. “Тойбохой” сопхуостан арааран Кириэстээххэ кииннээн саҥа “Кириэстээх” сопхуос тэриллибитэ. Саҥа олорор дьиэлэр, социальнай, производственнай эбийиэктэр, оскуолалар, кулууптар тутуллубуттара. Сопхуоска эдэр, эрчимнээх исписэлиистэр, үлэһиттэр кэлбиттэрэ, олохсуйбуттара. Мирнэй-Сунтаар суола оҥоһуллубута. ЛЭП линията тардыллыбыта, Кириэстээххэ 400 төбө ынахха аналлаах таас комплекс тутуллубута. Кыра Табаҕа ойуура астарыллан кэҥэтиллибитэ, сир үлэтэ дьоһуннаахтык саҕаламмыта. Бары салаа үлэлэргэ үүнүү-сайдыы, өрө көтөҕүллүү күүскэ, баһырхайдык барбыта.
Платонов Горн Егорович 1988 сыллаахха сопхуоска партком сэкиритээринэн ананан кэлбитэ. Мин ветвраһынан үлэлиирим. Онтон бэттэх кинилиин бииргэ алтыһан үлэлээбиппит. 1991 сыллаахха Горн Егорович сопхуос дириэктэрэ буолбута, миигин профсоюз бэрэссэдээтэлинэн быыбардаабыттара.
Ити кэмнэртэн дойдуга олохсуйбут олох укулаата огдолуйар, ыһыллыы-тоҕуллуу, таҥнары барыы, ханна-туохха баран иһэрбит биллибэт, инникини тымтыктанан көрбөт уустук сыллар саҕаламмыттара. Бу остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук, уҥа диэки бардаххына оннук буолуо, хаҥас диэки бардаххына маннык буолуо дэнэр, суол арахсыытыгар, дьылҕа быһаарыллар кэмигэр Горн Егорович дириэктэрдээх сопхуос саламтата ыһыллыбакка, кэлэктиибинэн тутуспутунан олорорго быһаарыммыта. Ыарахан бириэмэ этэ, судаарыстыба өттүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл суох буолбута, бэйэҥ төһө үбү-харчыны, дохуоту киллэринэргинэн олоруу саҕаламмыта. Дьокуускайтан кэлэр былаас бэрэстэбиитэллэрэ бу кириэстээхтэр ыһыллыбакка, “кэнсиэрбэлэнэн” баран олороллор диэн кириитикэлииллэрэ. Ордук партия райкомун урукку секретара Иннокентий Осипович Пахомов, капитализмҥа киирии укулаатын дьаарай пропагандиһа, нэһилиэктэр аайы биирдии баай киһини үөскэтэргэ, олох онтон көнөн барыаҕын курдук, быһыыта санаалааҕа.
Бу быһаарыылаах ыарахан бириэмэҕэ Горн Егорович ааҕар-суоттуур математическай өйө-санаата, салайар талаана, үбү-харчыны булан үлэһиттэрин хамнастыыр харса суох санаата, дьоҕура быһаарар суолталаммыттара, кээпэрэтиип бары салаа үлэлэрин тэҥҥэ сайыннаран, тэрилтэ түөрэҥнээбэт бөҕө тирэхтээх сайдыытыгар үлэ-хамнас күүскэ барбыта.
Горн Егорович ыанньыксыттарга, сылгыһыттарга бүтэһиктээх оҥорон таһаарар бородууксуйаларын интэриэстээн саҥа, судургу расценка оҥорбут киһи диэн өй-санаа укпутугар, үүт ыамыгар, кулуну ылыыга саҥа расценка оҥорбуппун бигэргэппиттэрэ. Ол хаһаайыстыбаҕа үүт ыама элбииригэр, тутаах салаа үлэһиттэрэ хамнастара үрдээһинигэр олук буолбута. Ыанньыксыттар хамнастара үрдээн, ыарахан үлэлэрэ сөптөөхтүк сыаналаммыта. Дириэктэрбит ас-таҥас сыаната баһырхайдык үрдүүр кэмигэр, сылга хаста даҕаны үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэн, харса суох индексациялаан иһэрэ. Ол аайы кылаабынай экэнэмиис Гуринов Нестер Васильевич кутугунуура, үп-харчы кырыымчыгар, эппиэттээбэтигэр хамнаһы үрдэтэрий диэн “этин таттарара”. Онто кэмигэр харчы баар буолан, орун-оннун булан иһэрэ.
Кини үлэһиттэр тустарыгар аһара кыһамньылаах салайааччы, кинилэр үлэлиир, олорор усулуобуйаларын тупсарыыга күннэтэ үлэлэһэр этэ, олохторун-дьаһахтарын көрөрө, кырдьаҕаска-кыаммакка, кыһалҕалаахха көмөлөһөрө. Үлэһиттэргэ кэлэр-барар, айан ороскуота төлөнөрө, материальнай көмө оҥоһуллара, бородууктанан хааччыйыы мэлдьи баар буолара, спецтаҥас бэриллэрэ, сүөһү үлэһиттэригэр итии аһылык тэриллэрэ. Бары исписэлиистэр, үлэhиттэр ис кыахтарын, дьоҕурдарын толору сатаан туhанар этэ. Кэлэктиипкэ сөптөөх моральнай-психологическай эйгэ баар буоларын ситиһэрэ. Хаһан да этиһии, үҥсүү-харсыы, айдаан суох буолааччы.
Горн Егорович хаһаайыстыбаҕа саҥа дириэктэрдээн эрдэҕинэ араас суолу тобулуу, толкуйдааһын саҕаламмыта. «Новай» сопхуос оччолорго баайдык-тоттук олороро. «Якуталмаз» төһөнү наадыйалларынан үбүлүүрэ, дьиэ-уот тутан биэрэрэ, тиэхиньикэнэн, комбикорманан толору хааччыйара. Үлэһиттэрэ долларынан хамнастарын ыла сылдьыбыттара. Кириэстээхтэн баара-суоҕа уон биир көстөөх сиргэ оннук олох баара биһиги дьоммутун ымсыырдар этэ.
Ол курдук Мииринэй «Якуталмаз» тэрилтэтэ биһигини бэйэтин хонноҕор ылан, «Новай» сопхуос курдук үбүлүүрүгэр туруорсан көрүөххэ диэн боппуруос үөскээбитэ. Биһигиттэн делегация тэриллэн «Якуталмаз» генеральнай дириэктэрэ Л.А.Сафоновы, Мииринэй Горсоветын бэрэссэдээтэлэ П.Д.Кириллины кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтии буолбута уонна ол түмүгэр сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ. Дьыала оройуон саламтата сөбүлэһиититтэн тутулуктаммыта. Бу дьыаланы олоххо киллэрэр туһугар Горн Егоровичтыын Дьокуускайга көппүппүт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин экэниэмикэ отделын сэбиэдиссэйэ Трубицына “сайдаргытыгар көмөлөөх буолуо, сөптөөхтүк быһаарыммыккыт” диэн биһирээбитэ. Аны Бэрэсидьиэн Николаев М.Е. приёмугар киириэххэ диэн, киэһэ хойут мунньахтаан кэлэрин кэтэһэн түөрт буолан олордубут: биһигини кытта «Якуталмаз» генеральнай дириэктэрэ Сафонов Л.А., урукку дириэктэр Рудаков В.В. бааллар. Ол гынан баран приёмҥа киирэрбит сатамматаҕа.
Горн Егорович тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарын переработкалаан үүтү, эти суулаан-хаалаан оҥорон ырыынакка батарыыга, үбү-харчыны киллэриигэ олус күүскэ ылсан үлэлээбитэ. Үүт, эт собуоттара оҥоһуллан, аныгылыы саҥа оборудованиенан хааччыллан тигинэччи үлэлээбиттэрэ. Маннык дьаһаныы Саха сиригэр аан бастакынан саҕаламмыта буолуохтаах. Делегациялар кэлэр, сылдьар, үөрэнэр буолбуттара. «Хатас» сопхуос аатырбыт дириэктэрэ Прасковья Павловна Фёдорова кэлэ сылдьан эт собуотугар халбаһыы оҥоруутун, эти ыыһааһын үлэтин-хамнаһын билсэн, көрөн-истэн, Карл Семёнович Григорьев тиритэ-хорута үлэлии-хамсыы сылдьарын, “Фирма сэкириэтин айахтатан аһабын» дии-дии кэпсиирин-ипсиирин истэн баран, “үлэлэригэр ис дууһаларыттан бэриниилээх үчүгэй да үлэһиттэрдээх эбиккит” диэн хайҕаабыттаах. Кырдьыга даҕаны үүт, эт собуоттарыгар үтүөкэн үлэһиттэр аттарыллан туруоруллубуттара. Үүт собуотугар технолог, кэлин салайааччы быһыытынан Лидия Никитична Николаева өр сылларга үтүө суобастаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Собуот арыллыаҕыттан итинник үлэһиттэр кыһамньыларынан биирдэ да тохтоон ылбакка, уонунан сылларга үлэлээн кэллэ.
Горн Егорович омук дойдуларыгар – Кытайга, Швецияҕа, Германияҕа, Европа дойдуларыгар, Канадаҕа сылдьан туох саҥа, бастыҥ баарын билэн-көрөн, бэйэтин хаһаайыстыбатыгар олоххо киллэрэргэ дьулуспута. Куокунуга «Прок-500» комбикорм оҥорор, Кириэстээххэ ыраас иһэр ууну кутар собуоттар үлэлээбиттэрэ.
Хаһаайыстыба ис тутуулара, төһө кыах баарынан өрүү ыытыллара. Биирдэ Горн Егорович Юбилеяҕа ньирэй сайылыга тутуохпутун былаана, томуһура наада диэбитигэр чаас иһинэн бырайыагын оҥорон киллэрбитим. “Архитектор буолуох киһи атын идэни талбыт быһыылааххын”, – диэбиттээх. Киһиэхэ кыра да хайҕал наада, онтон тэттэн хаһаайыстыба ис тутууларын – Бэкэй сылгы пуунун, бадыбаалы, сибиинньэ хотонун, овощехранилищены уо.д. а. былааннарын, бырайыактарын оҥортообутум.
Хаппыыста үүннэриитигэр кытайдары кытары сибээс олохтоон, кытай үлэһиттэрэ биригээдэнэн кэлэн хаппыыста үүннэрбиттэрэ. Үс сыл устата үгүскэ үөрэммиппит, онтон кэлиҥҥи сылларга бэйэбит да хаппыыстаны аһара бэркэ үүннэрэр, хомуйар буолбуппут. Кириэстээххэ, Куокунуга өрүстэн ууну турбанан таһааран хаппыыстаҕа ыстарыллара. Кээпэрэтиипкэ үлэ дьоруойа Михайлов Владимир Африкановиһы Бордоҥтон көһөрөн аҕалан үлэлэтии үгүс үтүө өрүттэрдээх буолбута. Үүт ыама, хаачыстыбата үрдээбитэ, маяк ыанньыксыт Кириэстээххэ үлэлээн үүт ыамыгар үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ, атыттары көҕүлээбитэ.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта билигин да оннун-тойун булбакка турар. Россияҕа, Саха сиригэр да тыа хаһаайыстыбатын бигэтик сайыннарар бырагыраамалаах, кэскиллээх былааннаах былаас суох быһыылаах. Дьиҥинэн сопхуостары төрдүттэн ыһыы отой сыыһа политика этэ. Кинилэри оннунан хаалларан, судаарыстыба өттүттэн аныгылыы саҥа технологиянан хаачыйан, көмөлөһөн салгыы сайдалларын ситиһиллиэхтээх этэ. Бытархай, чааһынай хаһаайыстыбалары тэрийэ сатаан баран билигин кэлэн кээпэрэтииптэри тэрийэ сатыыллар. Үлтүрүйбүт чааскы кыайан силимнэммэт, ыһыллыбыт хос хомуллубат. Билигин бөдөҥ, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин сөргүтэргэ, хаттаан тэрийэргэ үгүс сыллар, үп-харчы наада.
Горн Егорович тыа хаһаайыстыбата бөдөҥсүйбүт, бэйэтэ переработкалаах, маҕаһыыннаах улахан кыахтаах кээпэрэтииптэри тэрийиинэн сайдыахтаах диэн биир бигэ санаалааҕа. Германияҕа оннук тэриллиилээхтэрин холобур аҕалара. Ол санаатын бэйэтэ салайар “Кириэстээх” производственнай кээпэрэтиипкэ, ырыынак ыарахан сылларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бөҕө туруктаах, сайдар кэскиллээх хаһаайыстыбаны оҥорон, олоххо киллэрбитэ. “Кириэстээх” ПК курдук хаһаайыстыбалары улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэритэлээбит буоллар, сайдыы барыа этэ.
Мин Горн Егоровиһы дьоҕурдаах, талааннаах салайааччы диэн үрдүктүк сыаналыыбын. Доруобуйатын да харыстаабакка, кээпэрэтиип сайдарын туһугар бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кинини кытары үлэлээбит кэмнэрим олоҕум саамай дьоллоох кэмнэрэ этилэр, ону билигин үтүө өйдөбүлүнэн саныыбын, ахтабын.
Балаҕан ыйын 21 күнэ, 2011 с.
* * *
14 сыл үлэ үөһүгэр, норуот ортотугар
Захар Сергеевич БОСИКОВ,
урукку кэмнэргэ управляющай, кэлин ПК дириэктэрэ,
Кириэстээх нэhилиэгин баhылыга,
үлэ бэтэрээнэ
Платонов Горн Егоровиһы 1988 сыллаахха “Кириэстээх” сопхуоска партком сэкиритээринэн ананан кэлиэҕиттэн билэбин. Мин оччолорго Куокуну отделениетыгар управляющай этим. Кини улахан тэрилтэни 14 сыл салайар кэмигэр управляющайынан, хаһаайыстыбаннай дириэктэринэн 2006 сылга диэри бииргэ үлэлээбиппит, уҥа илиитэ этим. Кини хаһаайыстыба исписэлиистэрин сатаан аттаран туруортуура. Ол курдук Гуринов Н.В., Максимов В.Н., Амбросьев Д.Н., Тихонов В.И., Сидоров Н.П., Николаев К.И. курдук чулуу исписэлиистэр, кинилэри кытта баай уопуттаах кырдьаҕас каадырдар Тотонов Н.А., Петров Н.П, Иванов И.Г., Иевлев Н.В., Саввинов С.Н. кылгас да кэмнэргэ буоллар Горн Егорович салалтатынан үлэлээн элбэҕи оҥорон ааспыттара. Кырдьаҕастары ытыктыыра, кинилэр сиэрдээх этиилэрин, сүбэлэрин болҕойон истэрэ, ылынара, ону олоххо киллэрэрэ.
2006 сылга икки отделениенан барыта 208 үлэһит, 42 тыраахтар, 25 массыына, 5 комбайн үлэлиирэ. Хаһаайыстыба 1000 ынах сүөһүлээх, 800 сылгылаах этэ. Сылын аайы 560 гектарга бурдук, 60 гектарга хортуоппуй, 20 гектарга хаппыыста, 630 гектарга сиилэс маассата үүннэриллэрэ. Сылга ортотунан 600-700 туонна үүт ыанара, онтон 20 туонна арыы оҥоһуллара, 50 тахса туонна ынах уонна сылгы этэ оҥоһуллара. 600-700 туонна бурдук, 400-500 туонна хортуоппуй, 300-400 туонна хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ үүннэриллэрэ. Икки отделениенан 1500-2000 туонна от оттоноро, 3000-4000 туонна сиилэс бэлэмнэниллэрэ. Дьэ ол иһин хаһаайыстыбаҕа үүт да ыанара, эт да оҥоһуллара. Ол барыта харчыга туран, үлэһиттэр ый аайы хамнастарын ылаллара. Сылын аайы тыа хаһаайыстыбатын бырааһынньыга үрдүк тэрээһиннээхтик кулуупка ыытыллара, үлэһиттэр бары сыаналаах бэлэҕи ылаллара, сүүйүүлээх лотереялар оонньоноллоро, киһи барыта 5-тии киилэ убаһа этин босхо ылан үөрэрэ-көтөрө. Саҥа дьылга үлэһиттэр оҕолоругар ааҕа бадаарак ылаллара. Хаһаайыстыбаҕа кырымахтаах хара саһыл, кырса тириилэрэ профсоюз хоһугар толору этилэр. Үлэһиттэр төрөөбүт үбүлүөйдээх күннэригэр онон бэлиэтэнэрэ. Кэлбит-барбыт бырайыас дириэксийэ сэбиэтин көрүүтүнэн төлөнөрө, үлэһиттэргэ чэпчэтиилээх тиэхиньикэ өҥөтө оҥоһуллара, эти-арыыны, халбаһыыны хамнас суотугар салаасканан соһоллоро.
Сыл түмүгүнэн сүөһү үлэһиттэрин, сылгыһыттар, мэхэньисээтэрдэр, осеменатордар мунньахтара тус-туһунан буолара, үлэ түмүгэ уонна инники былааннар көрүллэллэрэ. Ыһыы мунньаҕа, сайылык, кыстык былааннара, оттооһун, хомуур мунньаҕа дириэксийэ сэбиэтигэр көрүллэн бигэргэнэрэ. Ынах, сылгы туһата суох өлүүтэ тута көрүллэн, буруйдаахтарга миэрэ ылыллан иһэрэ. Фермаларга итии аһылык кыһыҥҥы кэмҥэ тохтоло суох үлэлиирэ, бээтинсэ мунньахтара көтүппэккэ буолан нэдиэлэтээҕи үүт былаанын толорбут үлэһит харчынан бириэмийэлэнэрэ.
Горн Егорович 14 сыл хаһаайыстыбаны салайбыт кэмигэр дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүн ааҕа турдахха бүтэр уһуга суох, ону сорох өйдүүрэ, сорох өйдөөбөтө буолуо. Хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ, инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Горн Егорович ирдэбиллээх, итэҕэһи-быһаҕаһы бырастыы гыммат салайааччы этэ. Ол курдук үлэҕэ-хамнаска ээл-дээл сыһыаннаһыы, бэрээдэги кэһии, арыгылааһын, этиһии-айдаарыы тахсар түгэнигэр тута төрдүгэр-төбөтүгэр тиийэ быһаарсан баран, миэрэ ылан иһэрэ. Кини бэйэтэ ис-хаан бэрээдэктээх буолан бары да толло саныырбыт, ол иһин бэрээдэги кэһии суох буолбута. Ол эрээри дьон алдьархайга түбэстэхтэринэ биир бастакынан улахан көмөлөрү оҥороро, дьиэни дьиэнэн биэрэрэ. Кини киэҥ, дириҥ билиилээх, кэскили, инникини эрдэттэн былаанныыр, эппит тылын булгуччу толорор уонна толотторор муударай салайааччы этэ.
Былаас уларыйыытыгар, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр хаһаайыстыбаны ыспакка, тутан хаалан, икки нэһилиэк дьоно үлэлээх буолуутугар уонна ырыынак ыарахан тыыныгар ыктарбакка, чөл олохтоох олорууларыгар Горн Егорович өҥөтө улахан. Биллэн турар, соҕотох дириэктэр тугу да гынар кыаҕа суох, кини бэйэтин тула дьону түмэ тардыбыта, сөптөөх каадырдары аттарбыта – кини ситиһиитэ онно сытар. Өссө биир улахан ситиһиитин төрдө, кистэлэҥэ – чугастыы сытар алмаас бырамыысыланнаһын салалтатын кытта доҕордуу, хардарыта барыстаах сыһыаны олохтообута буолар. Урут да, билигин даҕаны үп-харчы онно сытар. Мин өйдүүрбүнэн дьиэҕэ аанынан, түннүгүнэн, үөлэһинэн киллэрбэт буоллахтарына муостатын тоҕо көтөн эбэтэр үрдүн үрэйэн син биир киирэр кыахтаах киһи дии саныыбын.
Кини үрүҥ эрэ үлэҕэ салайар талааннаах киһи буолбатах, хара үлэтигэр эмиэ көрөн турбат салайааччы буолар. Ол курдук биһиги билигин олорор дьиэлэрбит мастарын бииргэ кыттыһан кэрдэн турардаахпыт, онно 500 устуука бэс бэрэбинэни хаары кэһэ сылдьан Оҥкучах үрэххэ икки күн кэрдэн, икки күн трелёвкалаан, ыстаабыллаан турабыт, кэлиилиин-барыылыын 5 күнү ыыппыппыт. Мин онно билбитим – түргэн туттуулааҕын, сатабыллааҕын уонна отууга олус сыстаҕаһын. Итини таһынан күһүн Хомустаахха муус отун бэлэмнээһин субуотунньугар охсууга инникилэр кэккэлэригэр мэлдьи сылдьааччы.
Сахаларга биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт диэн өс хоһооно баар. Икки нэһилиэккэ араас балаһыанньаҕа көмөлөһүннэрбит киһи элбэх. Ол дьонтон сорох өйдүүр, сорох өйдөөбөт, ол бэйэлэрин дьыалалара.
Билигин сорох дьон ирдэбиллээх салайааччылары сөбүлээбэттэр, кинилэр этиилэрин толорор, батыһа сылдьан кинилэр орохторунан сылдьар салайааччыны сөбүлүүллэр. Сорох сирдэргэ салайааччыны аймаҕынан уонна табаарыһынан талаллар. Киһи салайар хаачыстыбатын, дьоҕурун көрө да барбаттар, ол үлэҕэ-хамнаска төһөлөөх охсуулааҕын билбэттэр. Кыра ычалаах салайааччылар уонна улахан, кыра дьокутааттар биһиги ортобутугар билигин даҕаны элбэхтик көстөн ааһаллар. Рекламанан, мүөттээх тылынан дьону сымыйанан эрэннэрэн, кырааскалаан үйэҥ тухары бас киһи буолбаккын, дуоһунас барыта уларсыкка бэриллэр.
Икки нэһилиэккэ бу хаһаайыстыбаҕа араас кэмҥэ үлэлээн ааспыт уонна үлэлии сылдьар бары үлэһиттэр маны барытын өйдүүллэр, кинилэр сыралаах үлэлэрин түмүгэ суруйа турдахха бүтэр уһуга суох. Кириэстээх хаһаайыстыбата бөҕө тирэхтээх буолуутугар акылаат уурсубут, үлэлээн ааспыт дириэктэрдэри – Иванов Г.А., Евсеев С.Г., Петров А.И., Герасимов Н.А., Егоров Б.С., Уаров И.Н. ааттарын үтүө өйдөбүлүнэн ахтан ааһар наадалаах.
Олох-дьаһах саамай уустук, кытаанах бириэмэтигэр үлэлээбит дириэктэр, үтүө киһи Платонов Горн Егорович туһунан быһа тардан суруйуубун түмүктүүбүн. Дьон туһугар үлэлээбит уонна олорбут салайааччынан сыаналыыбын.
Балаҕан ыйын 8 күнэ, 2011 с.
* * *
Сатабыллаах, муударай салайааччы
Прокопий Степанович АКИМОВ,
Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрэ,
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо
Мин Горн Егоровиһы кытта уһун кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга тэрилтэ салайааччыларын быһыытынан бииргэ үлэлээн кэллибит. Кинини ордук 1992 сылтан, “Кириэстээх” сопхуоска дириэктэрдиэҕиттэн билэбин. 1992 сылтан киэҥ Россия политическай тутулугар революцияҕа тэҥнээх уларыйыылар тахсыбыттара. Үөһэ саламта сыала, соруга. дьаһала сүтэн ыһыллыы саҕаламмыта. Ити ордук тыа хаһаайыстыбатыгар охсуулаах буолбута. Улахан хаһаайыстыбалар ыһыллан бытарыйбыттара, үбүлээһин тохтотуллубута, сопхуостарын баайдарын чааһынай үллэстии саҕаламмыта. Дьэ манна Горн Егорович Кириэстээх курдук үчүгэй базалаах сопхуоһу ыһары утарсыбыта, өссө дьиикэй ырыынак диэн ааттанар кэмҥэ сайдыы суолун тобулууга, кэлэктиибинэн хаһаайыстыбаны уларыта тутан, саҥа хайысхалары олоххо киллэриигэ күүскэ үлэни ыыппыта. Үүт, эт, ыраас ууну, утаҕы кутар собуоттар бэйэ күүһүнэн тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Бородууксуйаны Мииринэй куорат ырыынагар күннэтэ атыылааһыны олохтообута.
Мин эмиэ ити кэмтэн Элгээйигэ кииннээн ити үлэлэри уонна итинник эбийиэктэри тутан, эт-үүт кэмбинээтин тэрийэн, үлэлэтэн нэһилиэнньэ биһирэбилин ылан, дириэктэрдии олоробун. Улахан тэрилтэни тутан хаалан сайыннарыы, саҥа собуоттары тутуу үп-харчы суоҕар олус ыарахана, судаарыстыба политиката – “ыһыллыҥ, оччоҕо тыыннаах хаалыаххыт” диир кэмнэрэ этэ. Ону толорбот, атыннык толкуйдуур салайааччылары утары күүстээх үлэ барара. Кинилэри утары норуоту туруоран, быыбардатан үлэлэриттэн устан сир-буор сирэйдиир кыыллааһыны тэрийэн баран, баайы-дуолу биирдиилээн ыһары күөттүүллэрэ. Суут-сокуон уорганнара үлэһиттэргэ кэмигэр хамнас биэрбэтигит диэн ыган-түүрэн салайааччылары норуот өстөөхтөрүн курдук көрүү кэмигэр, дириэктэртэн кытаанах хараактыр, уопут, бэйэтин сыалын чуолкайдык туруорсан олоххо киллэрэргэ тулҕадыйбат уонна халбаҥнаабат буолууну, мындыр өйү, дириҥ билиини, толкуйу, бэйэ идиэйэтин дьоҥҥо сатаан тиэрдиини, туруорсууну ирдиирэ. Итиннэ толору эппиэттээн Горн Егорович сопхуоһу уларытан саҥа кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр производствоны тэрийэн сайыннарбыта, кэлэктииби түмэр үлэни күүскэ ыыппыта. Итилэри олоххо киллэрэр сыалтан сыл аайы Новосибирскай, Москва куораттарга, Дьокуускайга элбэхтик производственнай командировкаларга сылдьыталыыра, кини киһи быыс-хайаҕас булан араас дэлэгээссийэлэргэ киирэн омук сирдэригэр үөрэнэ, уопут атастаһа тахсыһара. Ол сырыылар түмүктэринэн хаһаайыстыба саҥа моделын тэрийбитэ.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕыннахха, Россия улахан собуоттара рабочайдарыгар хамнастарын биэрбэккэ ыһыллар кэмнэригэр, Горн Егорович 200-тэн тахса үлэһитигэр хамнаһын ый аайы биэрэ олорбута, улахан кыамталаах техникалар үлэлииллэрэ, сир үлэтэ уруккулуу ыытыллара, сүөһү, сылгы ахсаана куччаабатаҕа, ылыллар бородууксуйа улаханнык түһүүтэ тахсыбатаҕа. Салайааччы улахан болҕомтотун үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга уурбута.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын боппуруостарын араас таһымнаах мунньахтарга Бэрэсидьиэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа, министерствоҕа кимтэн да толлубакка, сытыытык, чуолкайдык туруорсара. Ол иһин Горн Егоровиһы сөбүлээбэт, кырыы харахтарынан көрөр улахан да, кыра да салайааччылар бааллара кистэл буолбатах. Дьиҥинэн кини үгүс туруорсуута, сөптөөх этиилэрэ олоххо киирбэтэҕэ элбэх. Олортон сорохторо күн бүгүнүгэр диэри олус актуальнайдар. Билигин үрдүкү саламта тэриллиилээх хаһаайыстыбалары тэрийиэххэ, өйүөххэ диэн саҥа өйдөөн 20 сыл кэнниттэн үлэ ыытан эрэрэ кэрэхсэбиллээх.
Биир бурҕалдьыны кэтэн нөҥүө-маҥаа улахан хаһаайыстыбалары салайбыт табаарыһым, үөлээннээҕим Горн Егоровиһы кытта доҕордуу сыһыаммыт билигин да салҕанар. Кэнники сыл аайы ыһыах кэнниттэн кини төрөөбүт дойдутугар Мэйиккэ тиийэн аҕыйах хонукка балыктаан, лууктаан, дуоһуйа сынньанан кэлэрбитин аһара астынабыт.
“Кириэстээх” ПК өссө салгыы сайдарыгар сөптөөх кэм дьэ кэллэ. Горн Егоровичтыын 2001 сыл олунньу ыйыгар Москваҕа институт агробизнеса и менеджмента ыытар куурсугар Бэс Чагда санаторийыгар сытан 21 күн үөрэммиппит. Онтон 2005 сыллаахха ТХМ делегациятыгар киирэн Канадаҕа Торонто куоракка 10 хонукка стажировкаҕа баран кэлбиппит. Алтайга Новосибирскайынан тиийэн Белокуриха санаторийга баран сынньанан кэлээччибит. Кини арыый аҕа буолан, мин киниттэн элбэххэ үөрэммитим.
Хаһаайыстыбаннай салайааччы быһыытынан Платонов Горн Егорович үлэтин, олоҕун сырдатар кинигэни таһаарыыны биһириибин, республика, оройуон тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга киллэрбит кылаата сүдү улахан диэн сыаналыыбын.
Балаҕан ыйын 20 күнэ, 2011 с.
Ахтан-санаан аастахха…
Карл Семёнович ГРИГОРЬЕВ,
оҕо сааһыттан доҕоро, атаһа
Бу орто дойдуга киһи кылгастык эбэтэр уһуннук, дьылҕа хайдах тосхойорунан олох олорор аналлаах. Уонна сааһыран баран кэннин хайыһан көрөн, ааспыт олоҕун араас өрүттэрин сыымайдыыр, кэрэ кэмнэрин ахтар, саныыр. Биһиги Горн Егоровичтыын Ойууһут диэн олус кэрэ айылҕалаах, уһук сиргэ кыра бөһүөлэккэ үөскээн-төрөөн тахсыбыппыт. Киһини билиэхпититтэн бииргэ алтыһан барбыппыт – моҕотойдооһун, күтэрдээһин, сир астааһын, күөгүлээһин. Ол барыта кыра дьоҥҥо туһалаах дьарык этэ. Холобур күтэри, моҕотойу туттаран тэтэрээт, уруучука ыларбыт, сугуннаан, отонноон кыһыҥҥы аһылыкпытын хаҥатарбыт. Саас күөгүлээн дьиэ кэргэн остуолугар сибиэһэй балыгы аҕаларбыт, дьоммутугар туһа дьоно буолан үөрдэрбит.
Онтон улаатан устудьуон саастарбытыгар биир кэмҥэ кыра бөһүөлэктэн араас үөрэххэ хас да буолан үөрэнэ сылдьыбыппыт. Ойууһут оҕолоро мэлдьи түмсэн, сахалыы чэй иһэ-иһэ кэһии аспытын үллэстэн сиирбит, дойдубутун, дьоммутун ахтыһарбыт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэрбит. Үлэһит дьон буолан эмиэ онно-манна тарҕаһан, араас үлэҕэ үлэлээн барбыппыт.
Кэлин оҕо сааһым доҕорун кытта кини “Кириэстээх” сопхуоска дириэктэринэн үлэлиирин саҕана эмиэ бииргэ алтыһан үлэлээн барбыппыт. Мин ол саҕана кадровай булчут этим. Бастаан өрүс уҥуор Булгунньах уонна Киэҥ үрэх диэки бултуурбут. Онтон эдэр охотовед Аммосов Е.И. өйөөн, бултаммакка сыппыт сири туһаҕа таһааран Сүлдьүкээртэн лаппа үөһэ Оҕума заказнигар атынан ыырдынан 50-ча көстөөх сиргэ балаакканан сылдьан бултуурбут. Сороҕор ДТ-75 тыраахтарынан нэдиэлэ айаннаан тиийэн бултуурбут. Бултаах сир буолан былааммытын мэлдьи аһара толорор этибит. Онтон Горн Егорович үлэлии кэлиэҕиттэн уоппускатыгар биһигини кытта кырата уонча сыл сылдьыһан турар. Үксүгэр Горн Егорович кэпсэтиитинэн Ботуобуйа экспедициятын вертолётунан аҕыйах чааһынан көтөн тиийэр буолбуппут. Кэлиҥҥи кэмҥэ бары бураанынан сылдьарбыт, рациялаах этибит. Кини уруккуттан булка үөрүйэх буолан мэлдьи өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлээччи. Булт кэмигэр арааска барытыгар түбэһэр этибит.
Аҕыйах холобуру кэпсээтэххэ, үрэх тааҥыгар түһэн баран бураммытын тааҥҥа хам тоҥорумаары ууну хаатыҥканан баллырҕаччы кэһэ сылдьан сосуһуу, түүн оройугар бурааммытын оротолоон, муус кыаһаан буолан, тоҥо сатаан баран тоҥору билбэт буолуохха диэри туруктаах үүтээммитин буларбыт. Эбэтэр бураммыт лаампата умайан олбу-солбу бураан иннигэр сирдээн сүүрэн бэдьэҥэлээн эмиэ түүн оройо дьиэни булуу – бу барыта сыанан-арыынан аҕаабат буолара, булчут оскуолатын буһуутун-хатыытын ааһыы буолар. Дьиэҕэ хаалбыт кэргэттэр ону билбэттэр, сыалаах эти төһө баҕарар мотуйа-мотуйа күндү түүлээҕи хомуйан киирэр курдук саныыллар. Булчут хаһан баҕарар дьиэтигэр кэлэн ону дакылааттаабат. Үчүгэй эрэ өттүн кэргэттэригэр кэпсиир. Булчут онон тулуурдаах, сүрэхтээх, сырыыны кыайар, ыалдьан бырдыргыы сылдьыбат, үлэтигэр бэриниилээх буолуохтаах.
Саас уонна күһүн аайы дойдубутугар Мэйиккэ кустуу уонна балыктыы мотуорканан барааччыбыт. Сороҕор өрүһү туора харбаан иһэр тайаҕы көрөн, аһынан өлөрбөккө ааһа турааччыбыт. Арай биирдэ биэрэккэ элбэх улахан кустар олороллоругар түбэстибит. Мотуорунан сүүрдэн кэлэн инники олорон иһэр буолан, аптамаат саабынан үстэ субуруччу ыппытым хас да хаалла. Арай биир кус эрэ мотуортан отой чугаһынан көтөн ааһан иһэр этэ. Горн Егорович мотуорун ыытан иһэн “ытыый да ытыый” диир. Мин “айаҕын аппыт, айаҕын аппыт” диибин. Көрбүппүт куспут аллараа сыҥааҕар табыллыбыт буолан, кыраттан иҥнэн салыбыраан иһэр эбит. “Аттыныый, өссө ыт ээ” диэн киһим үөгүлүүр. Ону мин саам ботуруона баранан, сомуога аппытын көрдөрдүм. Дьэ күлсүү бөҕөтө буоллубут.
Биирдэ саас улахан, дьоһуннаах күөл ырбыылыы сытарыгар түбэһэн, собону илимнээн ылаары, миэстэтин тала сылдьан, мин аҕа саастаах киһи быһыытынан Горн Егоровичпар этэбин: “Дьэ манна сэрэхтээх буолуллааччы, андаатар хаһыытыгар түбэһиэххэ, ууга түһүөххэ сөп”, – дии-дии биир тумус курдукка ыстанан кэбистим. Онтум баара босхо турар дулҕа эбит, түөрэ эргийдэ да бэйэм төбөм оройунан ууга түстүм. Сааскыга халыҥ соҕус таҥаһынан сылдьар киһи ууну оботторбутунан тарбачыһан үөһэ күөрэйэн тахсан кэллим да, киһибэр үөгүлээтим. Киһим моойдоох төбөтө эрэ көстөр киһини нэһиилэ ороон соһон таһаарда. “Аллараа дойдуга барыах киһини киһитэ мин буолан таһаардым”, – диэһиннээх. Ити курдук быһылааннар элбэхтэр этэ.
Дьэ биирдэ сааһыран баран, 50 сааспын ааһа сырыттахпына, бултуур сирбитигэр Туора Апычаҕа быраатым Коля аҕыйах хонукка Светлэйтэн бииргэ үлэлиир Охрана тойонун – бурят уолун таһаарда. Киэһээҥи аһылыгы аһыы-аһыы кэпсэтии буолла. Киһибит эдэр сылдьан Бурятия сборнайыгар сылдьыбыт легкоатлет эбит. Быһыы-таһаа мааны. 30-тун эрэ ааспыт эр бэрдэ эбит. Горн Егорович сүбэлээтэ: “Дьэ киһиҥ сүрдээх киһи быһыылаах, тыла-өһө биһиги тэҥнэспэт киһибит эбит. Эн дьэ сарсын бииргэ хаамаргар сэрэнээр, эбиэккэ диэри тарда соҕус хаамаар. Онтон дьэ эбэр кыахтаах буоллаххына эбээр, атаҕыҥ таҥаһын көрүн, ыстааҥҥын аһара халыҥ гыныма, үрүксээккэ эбии наскыта уктаар», – дии-дии киһитин улахан күрэхтэһиигэ бэлэмниир тренер курдук сүбэлиир. “Соһуллан хааллаххына күөрт ыт күлүүтүгэр барыахпыт”, – дии-дии сүбэлэстибит.
Дьэ сарсыарда буолла. Мин былааммынан ыраах сиринэн суолу-ииһи көрө боруочукаларынан эргийэн кэлэр курдук сананным. Хаама сылдьар, эрчиллиилээх буолан бэйэбин эрэх-турах сананабын. Атаҕым иҥиирэ хоҥнубатар дии саныыбын. Хайыахпытый, сарсыарда 8 ч. 30 мүн. диэкиттэн хоҥуннубут. Мин сирин билэр киһи бастаатым. Киһим саҥата элбэҕэ сүрдээх, ойоҕолуу хааман икки өттүбүнэн өҥөҥнүү иһэр. Хаарбыт син халыҥаабыт, киһи сототун ортотунан. Дьэ кыахтаах буолан, онтугар эрэнэн, олук олукка үктээбэккэ тоҥууну оймоон ойоҕолоон иһэр дии саныыбын. Бэйэм сэргээбитэ буола-буола сөптүк хааман иһэбин. Чаһыбын көрбүтүм 12 чаас буолбут. Чэ сыыйа-баайа хардыыбын кэҥэтэн түргэтии түһэн биэрдим. Киһим өҥөҥнөөбөт буолан барда. Ойоҕоспор түөһэ көстөөрү гыннаҕына эбэн биэрэбин. Добуочча хаамтым, киһим атаҕа тыаһаабат буолбутугар эргийэн көрбүтүм, уонча миэтэрэ хаалбыт. Бэйэтигэр эрэнэр буолан, хаала-хаала ситээри сананан иһэр быһыылаах дии саныыбын. Туругум үчүгэйин иһин хаамыыбын өссө эбэн биэрдим. Хайдах эрэ бултуу буолбакка күрэхтэһэ сылдьар дьон курдукпут. Киис суола быһа охсон аастаҕына эргэтэ быһыылаах дии-дии умньаан да көрбөппүт, ыппыт эмиэ биир оннук. Чаһыбын көрбүтүм эбиэт буолан эрэр, сотору чэй өрүнүөм диэн санаалаахпын. Кэннибин хайыһан көрбүтүм киһим көстүбэт. Боруочукабыт түһүүлээх-тахсыылаах буолан көстүбэтэ буолуо диэн кыһаллыбаппын. Сотору чэй өрүнэ-өрүнэ киһибин күүтэбин, чэйим сойон бараары гынна, хайыахпыный, аһаан баран чэйбин, аһылыкпын хаалларан салгыы айаннаатым. Быһа холоон балтараа көстөн тахсаны хаамтыбыт. Былааннаммыт сирбинэн бардахпына, дьиэбитигэр диэри үс аҥаар көс. Аһаан баран хаамыыбын өссө эптим, тоҕо диэтэргит көлөһүннүрбэккэ сылдьабын. Саҥа кииһи суоллаабакка судургу хаамааһын буолла. Инньэ гынан бүтэһик боруочукам быһа охсуһуутугар кэллим, мантан үүтээммит көстөн эрэ ордук. Чаһыбын көрбүтүм эрдэ эбит. Кэбис эргийэн барыыһыбын дии санаатым, хаарга сурук хааллардым – «бу стрелканан боруочуканан дьиэҕэр бар, мин эргийэ атын сиринэн бардым” диэн. Эргийэ баран биир кииһи ыллым уонна дьиэбэр сөпкө кэллим. «Хайа киһиҥ? Тоҕо күүппэтиҥ» дэһии буолла. «Чэ, аһара хойутаары гыннаҕына буранынан сылгылаарыҥ”, – диэтим. Мин чэйдиир кэммэр Горн Егорович буранынан сылгылыы барда. Хараҥа буолуута киһитин тиэйэн кэллэ. “Тоҕо хойутаатыҥ?” – диэн ыйытыыга киһибит баһын быһа илгистэр уонна “сатыы сылдьыбаппын, соҕотохтуу сылдьан капкаанынан дьарыктаныам” диэбитэ.
Кириэстээххэ Горн Егорович сүүрэн-көтөн, омук сириттэн оборудование аҕалтаан үүт-эт завода тэрийэн үлэлэппитэ. Мин эт собуотугар мэхээньигинэн уонна ыыһаммыт бородууксуйаны оҥорууга хас да сыл үлэлээбитим. Убаһа, улахан сылгы, ынах сүөһү, сибиинньэ этиттэн араас набордары, халбаһыылары, ыыһаммыт эттэри оҥорорбут. Атыыбыт хамаҕатык барар этэ. Эти, халбаһыыны ыыһыырга былыргылар туттар ньымаларын кытта туһанарбыт. Дьокуускайтан кэлэ сылдьар улахан технолог хотун собуокка анаан-минээн сылдьыбыта. Копчёнай халбаһыыгытын, убаһа копчёноһын ыыһыырга тугу-тугу туттаҕытый диэн ыйыталаһар этэ. “Эһиги аскыт хайдах эрэ үчүгэй амтаннаах”, – диирэ. Дьиҥинэн, ийэм кэпсииринэн, саамай сымалата суох маһынан – хаппыт үөтүнэн, сытын, амтанын тупсарарга чабырыас барар диирэ. Урут тоҥустар балыктарын, эттэрин ыыһаан, уһатан-кэҥэтэн сии сатыыллара. Оҕо сылдьан истибиппин санаан кэлэммин ону туһанар этим. Хабаххай амтаны уларытарга саахар эбэн бэриллэрэ. Үүт-эт собуотун үлэһиттэрэ Чурапчыга уонна Бороҕоҥҥо уопут атастаһа бара сырыттаххпытына, иирэ талаҕы кытта тиит мас көөбүлүн буккуйан буруолаталлар эбит этэ уонна тугу да булкуйбат эбиттэр. Ол саҕана Чурапчы ыыһаммыт этэ аатырар этэ. Араас элбэх делегациялар атын улуустартан уопут атастаһан бараллара. Ол курдук Ороһу ПК дириэктэрэ Антонов А.В. уонна аатырбыт “Хатас” сопхуос дириэктэрэ Прасковья Павловна олус интэриэһиргээн көрбүттэрин уонна ыйыталаспыттарын өйдүүбүн.
Оччотооҕу ПК үлэһиттэрэ халбаһыыны хардаҕас курдук көтөҕөн тахсалларын суохтаабыттара буолуо. Аны санаатахха ырай олоҕо буолан ааспыт эбит. Аҥаардас этинэн оҥоһуллубут халбаһыы минньигэһэ ханна барыай, араас химия эбииликтэрэ, суойалар эҥин туһаныллыбат этилэр. Билигин биэнсийэҕэ да тахсан олордорбут, Горн Егоровичтыын мин уһаайбабар туттубут саха балаҕаныгар духуобунаска, саха төрүт үгэстэригэр, сиэригэр-туомугар үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан уонна улууспут нэһилиэктэриттэн элбэх ыалдьыттары көрсөбүт.
Ахсынньы 5 күнэ, 2020 с.
* * *
Ким доҕордоох – ол дьоллоох
Александр Моисеевич КИРИЛЛИН,
СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ,
улуус бочуоттаах олохтооҕо
Бүгүн бэс ыйын 9 күнэ – Аан дойду үрдүнэн доҕордуулар күннэрэ. Бу бэлиэ күн мин эркин курдук эрэнэр доҕорум Горн Егорович Платонов, Горн туһунан ахтыы суруйан эрэрбиттэн олус үөрэбин. Биирдэ биир муударай киһиттэн: “Доҕор-атас хас көрүҥэ баарый”, – диэн ыйыппыттар. Онуоха кини хоруйдаабыт: “Түөрт көрүҥэ баар – ас тэҥэ күннэтэ наадыйар доҕоруҥ; кыһалҕа кыһайдаҕына эрэ, эмп тэҥэ наадыйар доҕоруҥ; ыарыы тэҥэ эйигин бэйэтэ булар доҕоруҥ уонна тыынар салгыныҥ тэҥэ наадалаах доҕоруҥ, кини көстүбэт да буоллар, эн аттыгар өрүү баар”.
Дьэ оннук көстүбэт да буоллаллар, мин аттыбар өрүү баар эрэнэр, аҕыйах да буоллар, доҕоттордоохпун. Олортон биирдэстэринэн Горн Платонов буолар.
Сааһыран олорон кэмиттэн-кэмигэр альбомнарбын бэрийэр үгэстэнним. Оҕо сааһым, эдэр-сэнэх кэмим доҕотторун күлүктэрин көрөн уйадыйа үөрэбин. Оҕуурдаан да туппат ол кэрэ кэмнэри эргиппит саҕа сананабын. Оччоҕуна мин, Уурастыырап бэйиэт убайбыт эппитинии, “саппаҕырбыт санаам саһарҕанан туоларга, күлүгүрбүт халлааным күлүм-мичил үөрэргэ” дылы буолар. Бу хаартыскаҕа бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан Горнныын ыбылы куустуһан аҕай турабыт. Икки ардыбытынан уу да бычыгырыа суох курдук. Бу күлүм түгэнтэн ис-испититтэн үөрбүт, толору дьолломмут дьон турабыт. Оскуола кэнниттэн уруоктаргын толордуҥ, дьиэтээҕи үлэҕин үмүрүттүҥ да аһыыртан, оонньууртан атыҥҥа аралдьыйбатах, наадыйбатах улар улдьаа сааспыт. Оо, ол алыптаах түгэҥҥэ кыл түгэнэ саҕа да кэмҥэ бара охсон кэлбит киһи баар ини…
Үөһээ Мэйик алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Горн биһиги кылааспытыгар кэлбитэ. Сып-сырдык, ып-ыраас бэйэлээх, өрүү кылбаа маҥан ырбаахылаах, үөрэ-көтө сылдьар, Горн диэн сонун ааттаах уол. Үөһээ Мэйик кыра оскуолатыгар олус сүүрдүбэттэрэ-көтүппэттэрэ да буолуо, переменаҕа оскуола көрүдүөрүгэр, “куча мала” диэбиттии, муостаҕа төкүнүһэн, үрүт-үрдүбүтүгэр куучалаһан, оонньоон, мэниктээн булумахтанарбытын ойуччу соҕус үөрэн аҕай көрөн турарын саныыбын. Бары да олус түргэнник доҕор-атас буола охсубуппут. Горн үөрэҕэр хоп курдук үчүгэй этэ. Алтыс кылааска буолара дуу, быарынан ыалдьан, олус өр кэмҥэ балыыһаҕа сыппыта. Оччотооҕута, баҕар эн туйгуннук да үөрэн, 48 күн үөрэммэтиҥ да, кылааска иккис сылын хааллараллар этэ. Үөрэҕирии сокуонунан оннук үһү. Онон, Горн биһи кылаастан хаалан, биир сыл хойут оскуоланы бүтэрбитэ. Биһиги – 1969, кини – 1970 сылга. Ол да буоллар, оҕо сааспыт биир кэмҥэ, биир оскуолаҕа ааспыта.
Устудьуон сылларбытыгар өссө ордук чугастыы буолбуппут. Бүлүүчээн ыччата сайын ахсын күргүөмүнэн, үөрэх суолун батыһан, долгуйар Дьокуускай куоракка барара. Дойду ахтылҕана да дьайара буолуо, куоракка тиийэн бары биир иллээх дьиэ кэргэн оҕолорун курдук буоларбыт. Горн математика салаатыгар, мин омук тылыгар үөрэнэ киирбиппит. Биир уопсайга олорбуппут. Чугас доҕордуулар түмсүүлээх этибит, Бүлүүчээн ыччата бары буолбатах. Роза Спиридонова, Горн Платонов биһигини көҕүлүүр, түмэр дьоммут этэ. “Бүлүүчээн ыччаттара наһаа да түмсүүлээххит, доҕордуугут, көхтөөххүт, киһи эрэ ымсыырыах”, – диэн атын улуус оҕолоро ордугурҕууллара. Кэмиттэн-кэмигэр мустан, ирэ-хоро сэһэргэһэн, ыллаан-туойан, күлэн-үөрэн, дойдубутугар баран кэлбит саҕа сананан тарҕаһарбыт. Ол курдук тыыммытын таһаарарбыт. Иһэн-аһаан атааннаһар диэни билбэт этибит, оннук санаа өйбүтүгэр да киирбэтэ. Биир сомоҕо буолан, бары тутуспутунан, үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэн сылдьарбыт. Коля Николаев эдьиийин дьиэтигэр, Мотя Акимовалаахха, ардыгар Эдик Пахомовтаахха, Новокарьернайга Роза балта Раялаах хосторугар мустарбыт. Ойон туран бары күргүөмүнэн оҕо площадкаларыгар баран түүннэри хатааһылаан, хачыаллаан оонньуурбут.
Оҕо, эдэр саас ахтылҕана ураты истиҥ, ураты долгутуулаах, хатыламмат кэрэлэрдээх буолара чахчы суол. Ааспыт кэми олус истиҥник-иһирэхтик ахтар-саныыр буолар эбиккин. Ол ааспыт кэмнээҕи хомолто, хоргутуу барыта умнуллар. Өйгөр-санааҕар үтүө эрэ өрүтэ хаалар. Хайа да көлүөнэ бэйэтэ олорон ааспыт кэмин ордорор быһыылаах. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы өрө күүрдэр, үрдүккэ көтүтэр көхтөөх үлэ күргүөмэ, Ийэ дойдуга, Аар айылҕаҕа, ийэҕэ, аҕаҕа, доҕорго-атаска, таптал тыыныгар ииппит ыллаабыт ырыаларбыт, барыта кэрэ этэ…
1976 с. үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, биир сыл атын улууска үлэлээн, 1977 с. төрөөбүт-үөскээбит Бүлүүччээммэр кэлбитим. Алтыс кылаас салайааччытынан анаммытым. Ол оҕолорум 9-с кылааһы бүтэрэллэригэр, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан, ыанньык ферматын куос ылан, үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийбиппит, Атаҕа Суох сайылыгар. Ити кэмҥэ Горн Егорович комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтигэр үлэлиирэ. Кини үтүөтүнэн кыһын, оҕолорум онус кылааска үөрэнэллэригэр, Москва-Ленинград-Вильнюс-Каунас маршрутунан күүлэйдээн кэлбиппит. Оҕолорум барахсаттар, билигин ыал ийэлэрэ, аҕалара, эһэлэрэ, эбэлэрэ буолбут дьон, ол кэми дьикти түүл курдук саныыллар. Ити 1982 с. этэ. Ону таһынан, мин комсомол путёвкатынан Германия Демократическай өрөспүүбүлүкэтигэр күүлэйдээн кэлбитим. Ол барыта доҕорум Горн Егорович үтүөтүнэн-өҥөтүнэн. Онон киниэхэ махталым улахан.
Чэгиэн, сэнэх эрдэххэ
Чугас доҕор толору,
Чуҥкук сааска кэллэххэ
Чарааһыыллар олоруҥ.
Хаалбыт үтүө доҕоргун
Харыстаан илдьэ сырыт,
Күннээҕи сэргэх сонуҥҥун
Кинилиин дуоһуйа ырыт.
Оччоҕо дууһалыын уоскуйан,
Күнүҥ ыыра кэҥиэҕэ,
Ол-бу мэһэйдэри да уйан,
Кырдьар сааһыҥ чэпчиэҕэ
– диэн Бүлүүчээнтэн төрүттээх, Тойбохойго олорор педагогоческай үлэ бэтэрээнэ Анатолий Егорович Данилов “Доҕоргун харыстаа” диэн хоһоонугар суруйбутунуу, доҕор-атас кэккэтэ чарааһаан иһэр. Ким эрэ бу сирдээҕи олохтон баран туоруур, кими эрэ кытта ыраатан тэйсэн хаалаҕын. Олоҕуҥ оҥоһуута оннук буоллаҕа… Хаалбыттар арыт төлөпүөнүнэн, хам-хаадьаа да буоллар көрсүһэн, аныгы үйэҕэ бассаап көмөтүнэн син билсэ-көрсө олоробут курдук. Мин олоҕум бэлиэ кэрчик кэмнэрин бэйэм туруорсан, баҕаран туран бэлиэтээбэппин. “Салгыны хамсатыахпын” баҕарбат быһыылаахпын. 50 сааспын үлэлиир кэллэктиибим, оскуолаларым барахсаттар, этэргэ дылы, хара күүстэринэн бэлиэтээбиттэрэ. Ыраахтан-чугастан доҕор-атас дьон бөҕөтө мустубута, эҕэрдэ эгэлгэтэ этиллибитэ, алгыс бастыҥа анаммыта. Ол барыта олоххор туһалааҕа, киһини үөрдэрэ, өрө көтүтэрэ, санааҕар санаа, сэниэҕэр сэниэ эбэрэ саарбахтаммат. Хас төрөөбүт күммүт ахсын доҕорум Коля Николаевтыын ыҥырыга суох, бэйэбит санаһан, эҕэрдэлэһэбит. 60 сааспын эмиэ оннук бэйэбит эрэ бэлиэтээри олордохпутуна, доҕотторбут – Дьокуускайтан Эдик Пахомов, Кутанаттан Гоша Третьяков, Кириэстээхтэн Горн Платонов болдьоһон, бииргэ түмсэн кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ. Улахан экраннаах аныгы ЖК телевизор, тэриэлкэ антыана бэлэхтээх. Ол миэхэ соһуччу үөрүү уонна дьол этэ. Ол курдук истиҥник бэйэ-бэйэбитин санаһабыт. Ырыа бөҕөтүн ыллаан, сэһэн бөҕөтүн сэһэргэһэн, уруккуну-хойуккуну астына-дуоһуйа ахтан-санаан тарҕаспыппыт. Оннук көрсүһүүлэр киһини олус сэргэхситэллэр. Гоша Третьяков ыҥырдыбыт да эстэр ох курдук, тиийэн кэлэ турар, ол быыһыгар арыт бэйэтэ биллэрбэккэ кэлэн соһуталыыр, үөрдүтэлиир. Сүтэрбиппитин булбут курдук, доҕотторбут кэллилэр да суксуруһуу бөҕөтө буолабыт. Туох барыта умнуллар, үлэ үксэ тохтуур. Эдэр сааспыт эргийэр… Күн бэҕэһээ “айа-ойо” дэспиппит ханна да суох буола түһэр, күрүөнү үрдүнэн-аннынан көтүү, сыылыы саҕаланар.
Доҕорбут Горн Егорович дьиэ кэргэнин, үлэлиир тэрилтэтин үөрүүлээх түгэннэригэр өрүү ыҥырыктаах ытык ыалдьыт буолан тиийэбит. Мааны далбар кийииппит Валентина Афанасьевна баай-талым астаах остуолугар, кини көрүүтүгэр-истиитигэр буола түһэбит. Горннаах Валя олордуох да, туруоруох да сирдэрин билбэт курдук буолаллар. Биһиги көрсүһүүлэрбит өрүү көр-күлүү, омуннаах сэһэн, ылбаҕай ырыа, үөрүү, дьол аргыстаах ааһаллар.
Горн Егорович олоҕун устата салайар үлэҕэ сырытта. Ханна да үлэлээтэр, инникини өтө көрөн үлэлиир киэҥ далааһыннаах салайааччы быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр. Өр сылларга салайбыт “Кириэстээх” сопхуоһа өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр хаһаайыстыба этэ. Ол базатыгар тирэҕирэн, бүгүн да Кириэстээх хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэҕэ биир тонуктаах тэриллиинэн буолар. Горн Егорович үлэтин уопута киэҥник тарҕаммыта. “Кириэстээх” сопхуос базатыгар үгүс улуустааҕы да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да тэрээһиннэр ыытыллаллара. Олорго сылдьан, дьон-сэргэ доҕорбут үлэтин-хамнаһын хайдах курдук үрдүктүк сыаналыылларын илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн үөрэрбит, киэн туттарбыт. Киниэхэ Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк ааттар иҥэриллибиттэрэ да элбэҕи туоһулуур.
Доҕоттордоох үчүгэйин,
Атастардаах абыралын,
Сэһэн-тэппэн буолар
Санааҕа да астыгын.
Тулабын куруук кинилэр
Туналыта сырдаталлар,
Үүт үрүйэ буоланнар
Доллоһута туойаллар.
Кинилэрэ суох олоҕум
Кыра, кымчы буоллаҕа.
Солотуута суох көмүстүү
Дуйа болооруоҕа.
Олус, олус таптыыбын,
Доҕотторбун, эһигини.
Холбуу тутан ытыспар
Куруук илдьэ сырыттарбын.
Оҕуруоттаах диэн псевдонимнаах ааптар суруйбутунуу, бу олоххо истиҥ доҕордоох буолуу – дьол. Биһиги оннук дьоллоохпут! “Умса түһэр түгэммэр сүүспүттэн өйүөҕэ, тиэрэ түһээри гыннахпына кэтэхпиттэн өйүөҕэ” диэн Горн Егорович Платонов курдук эрэнэр доҕордоохпутунан биһиги дьоллоохпут. Доҕорбут барахсан өссө да өр сылларга этэҥҥэ буоллун. Оҕолорун кынаттанан, сиэннэрин сэтиилэнэн тапталлаах Валентинатыныын дьоллоохтук олордуннар. Кинилэр алаһа дьиэлэригэр, көмүс ньээкэ уйаларыгар ил-эйэ бөҕөргүү, уйгу-быйаҥ улаата турдун! Дом!!!
Бүлүүчээн,
бэс ыйын 9 күнэ, 2020 с.
* * *
Киэн туттар үөлээннээхпит
Зинаида Дмитриевна ПОНОХОВА,
бииргэ үөрэммит кылааһынньыгыҥ,
РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, \
СӨ култууратын туйгуна,
Учууталлар учууталлара, норуот маастара,
Нам улууһун, Бүлүүчээн уонна Нам нэһилиэктэрин
бочуоттаах олохтооҕо,
Намнааҕы педагогическай колледж ытык киһитэ
Эдэр саас кэрэ кэмнэрэ киһи өйүттэн сүппэт өйдөбүл буоланнар, олоҕуҥ тухары арыаллыыллар. Ол курдук оҕо сааскар алтыспыт, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоргун үтүө өйдөбүл гынан, сүрэххэр-дууһаҕар илдьэ сылдьаҕын.
Сыллар-хонуктар ааһаллар. Оскуолабыт үбүлүөйүгэр уонна кылааспыт көрсүһүүлэригэр үксүбүт хайа сатанарынан көтүппэккэ кэлэ сатыыбыт. Билигин, хата, бассаап үйэтэ кэлэн кылааһынньыктар бары билсэ-көрсө олорорбутуттан наһаа астынабыт. Эдэр кэмнэрбитин өйдүүрбүт-саныырбыт, үбүлүөйдэргэ көрсүһүүлэрбит сааһыран истэх аайы өссө күндүтүйэн иһэргэ дылылар.
Мин 1970 с. Горн Егоровичтаах кылаастарыгар 10-с кылааска үөрэнэ кэлбитим. Кылааска талааннаах спортсмен уонна олус күүстээх математик уолаттар, сытыы-хотуу, күндү күлүүк кырасаабысса кыргыттар бааллара. Бары наһаа эйэлээх этилэр. Кылааспыт салайааччыта Евдокия Иннокентьевна Соловьёва харахтара чоҕулуһан, күлэн мичилийэн, укааска тутуурдаах, сурунаал кыбыныылаах кылааска киирэн кэлэрэ билигин да харахпар көстөргө дылы. Эп-эдэр учууталбыт биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ үөрэрэ-көтөрө наһаа да үчүгэй буолааччы. Ол иһин кинини бары наһаа астынар этибит. Уопсайынан, кылааһым оҕолорун наһаа сөбүлээбитим.
Оскуолабытын бүтэрэн, бүтэһик чуораан кэнниттэн бары үрүө-тараа тарҕаһан, ким эрэ төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтигэр хаалан, оҕо-уруу төрөтөн, сиэннэри бүөбэйдэһэн, билигин быр-бааччы дьоллоохтук олороллор. Сорохтор үөс куораттарга тарҕаһан, араас үөрэхтэнэн, талан ылбыт идэлэрин баһылаан, олохторун бүүс-бүтүннүүтүн онно анаан, Сахабыт сирин араас муннуктарыгар билиҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, оттон сорохтор үлэлээн бүтэн бочуоттаах сынньалаҥҥа дуоһуйа олороллор.
Уопсайынан, сорох киһи олоҕун суолун-ииһин түргэнник таба тайанар, оттон ким эрэ хойут да буоллар, талбыт идэтин эмискэ уларытан, туохха сүрэҕэ сытарынан, дууһата ылынарынан олоҕун тосту уларытыан сөп. Биһиги кылааһынньыкпыт Горн Егорович идэтинэн математика учуутала. Ситиһиилээх, үчүгэй учуутал буолуоҕар саарбахтаабаппын. Ырыынакка киирии, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу үгэнигэр, дьылҕата кинини отой атын эйгэҕэ – тыа хаһаайыстыбатыгар аҕалбыта. Ол гынан «Кириэстээх» сопхуос дириэктэринэн 15 сыл үлэлээн, сопхуоһу ыспакка, баайын-дуолун тохпокко, өссө элбэтэн, сайыннаран, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри олус таһаарыылаахтык үлэлээбититтэн биһиги, бииргэ үөрэммит оҕолоро, үөлээннээхтэрэ үөрэбит, киэн туттабыт. Кини дьулуурун, тулуурун сөҕөбүт.
Манна даҕатан эттэххэ, 2002 с. Горн Егорович өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр ыҥырыллан, ааттаан-суоллаан куораттан оруобуна ол күнүгэр көтөн тиийбитим. Порка Третьяков Гоша көрсөн, кыратык хойутаан кэлбиппит – хонтуора иһэ тобус-толору ыалдьыт этэ. Онно аан бастаан Горн Егорович үлэтин туһунан элбэҕи истэн сөхпүтүм да, махтайбытым да этэ. Бэйэм төһө да тыа сиригэр-уотугар төрөөбүтүм-үөскээбитим иһин, бэрт элбэҕи билбэппиттэн кыбыста да санаабытым. Ол курдук, мин төбөбөр соччо батан киирбэт тыа олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан дьон-сэргэ элбэҕи эппитэ-тыыммыта.
Сунтаар ыһыаҕар ат сүүрдүүтүгэр сопхуос аттара бастакы миэстэни ылан, УАЗ массыына сүүйэн, үөрүү-көтүү кынаттанан, дьол-соргу аргыстанан, ол түүн кылааһын оҕолорун кытта үөрүүтүн үллэстэн, сүүйүүлээх тимир атыгар хатааһылаабыппыт эмиэ умнуллубат түгэн буолар.
Үөһэ эппитим курдук, 50-ча сыл устата оскуолабыт үбүлүөйүгэр көтүппэккэ хайа сатанарынан кылааспыт көрсүһүүлэрин тэрийэр, биһигини түмэр талааннаах Горн Егорович, бэйэбит испитигэр Горн дэнэр киһи, спортсмен, математик уолбут, туохха барытыгар инники кэккэҕэ сылдьар кылааспыт биир тутаах уола. Билигин кэлэн тугу кистиэхпитий – үөрэнэ сылдьан кыргыттар математик, физик уолаттарбыт көмөтө суох, арааһа, үгүспүт орто оскуоланы да бүтэрэрбит саарбах буолуо этэ диэн ардыгар күлсээччибит. Ол сахтарга шпаргалка диэн улахан көмөлөөх «кумааҕы» баар этэ. Математик уолаттарбыт хонтуруолунай үлэлэргэ, эксээмэннэргэ кыргыттары ол шпаргалканан хааччыйан, элбэхтик өрүһүйбүттэрэ диэн билигин билинэр кэммит кэллэ диэххэ. Онон кинилэргэ, чуолаан Горн Егоровичка, улахан махтал буоллун!
Ким талан ылбыт идэтигэр үөрэнэн, үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, ким эрэ олоҕун доҕорун булан, дьылҕатын оҥостон, хас да оҕо тапталлаах ийэтэ, аҕата буолан олордоҕуна, ким эрэ олоҕун оннун булбакка, өссө да суолун-ииһин көрдөнө сылдьар кэмигэр, оскуоланы бүтэрбиппит 10 сыллаах бастакы үбүлүөйбүтүн бэлиэтээбиппит. Горн ол саҕана райкомолга үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Комсомолец, төрөөбүт дойдутун патриота киһи аан бастаан онно олус ылыннарыылаахтык, үрдүк күүрүүлээхтик, уоттаах-төлөннөөх тыллары этэн турар: «Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө үөрэниэххэ!» диэн. Били улуу сирдьиппит Ильич эппит тылларынан. Онтон аны 25 сылбытыгар: «Байыахха, байыахха, өссө да байа туруохха!» диэн, арааһа, дьон-сэргэ бэйэтэ үлэлээн-хамсаан ылбыт үбүн бэйэтигэр иҥэринэр кэмэ кэлбитигэр этиллибит эбит. 45 сылбытыгар: «Олохпут улахан аҥаарын олордубут, аны ыраас дууһалаах анараа дойдуга аттанарга бэлэмнэнэбит» диэн өмүрдүбүтэ, соһуппута даҕаны, ону ааһан ууга-уокка түһэртээбитэ диэтэххэ кистэл буолбатах. Онтон бу сайын бүтэрбиппит 50 сылбытыгар көрсөрбүтүгэр: «Бэйэбит ааппытын ааттатар пааматынньык оҥостуохтаахпыт» диэн эмиэ үөйбэтэх өттүбүтүттэн этии киллэрбитэ, дьэ уонна онтун маннык быһаарбыта: «Кэлэр кэнэҕэски ыччаппытыгар бэйэбит туһунан туох эрэ өйдөбүл хааларын курдук тугу эмэ оҥоруохтаахпыт» диэн. Дьэ ити кини түөрт көрсүһүү тухары итинник араас девизтээх сэргэх көрсүһүүлэри тэрийбитэ кинини үчүгэй өттүттэн эрэ көрдөрөр дии саныыбын. Уонна ол эппитин олоххо киллэрэр сыаллаах кинигэ таһааран эрэрэ кини санаабытын олоххо эбэһээт киллэрэр дьүккүөрдээҕин туоһулуур.
2017 с. 65 сааһын туолар үбүлүөйүн тапталлаах Мэйигэр ыҥырталаан, хара тыа баай Байанай аһынан-үөлүнэн күндүлээн турар. Аан бастаан онно балык, эт, кус арааһын амсайбыппыт, кэрэ айылҕалаах Мэйиги кытта чугастык билсибипит.
2020 с. көрсүһүүбүт төһө да аан дойдуну аймаабыт ыарыы турбут ураты сайыныгар буоллар, кини көҕүлээһининэн, аны бэйэтэ бырагыраама оҥорон, уонтан тахса буолан икки мотуорканан Мэйиккэ айаннаабыппыт. Аара ытык сирбитигэр – Эмээхсин хайатыгар тохтоон, сиэр-туом толорон ааспыппыт. Мэйиккэ табаарыспыт икки этээстээх уораҕайыгар хоно-өрүү сытан, уолаттарбыт балыктаан, үбүлүөйбүт бастакы түһүмэҕин бэлиэтээбиппит, иккис күммүтүгэр аны Укуһукка тиийэн эмиэ балыктаан, оҕо сааспытын санаан ис сүрэхпититтэн тэбэнэтирэ оонньоон-көрүлээн, ыллаан-туойан, дуоһуйуохпутугар диэри кэпсэтэн-ипсэтэн, олус үчүгэйдик сынньанан, дьиэбитигэр өссө өттүк харалаах олус астынан кэлбиппит. Онон кылааһынньыкпытыгар эмиэ улахан махталлаахпыт.
Ити курдук бииргэ үөрэммит кылааһынньыгым туһунан түмүктээн эттэхпинэ, Горн Егорович Мэйик сирин биир бастыҥ, киэн туттар бас-көс ыччата. Кини тапталлаах кэргэн, түс-бас ыал амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ, эрэллээх табаарыс. Киһи буолан килбэйбит, саха буолан сандаарбыт төрөөбүт Мэйигин олус таптыыр патриот киһи. Кылааспыт биир тарбахха баттанар актыбыыһа, биир бастыҥ түмээччитэ. Хомуньуус баартыйатын эрэллээх байыаһа. Саҥаны биһирээччи, сонуну киллэрээччи. Дьон-сэргэ убаастыыр, ытыктыыр дьоһун-мааны салайааччыта.
Күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, ыалдьар-кырдьар диэни аахсыбакка, эдэрдии эрчимҥин сүтэрбэккэ, ыллыктаах санааҕын ыһыктыбакка уһун сылларга дьоллоохтук олороргор ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Санаабытыҥ сатаннын, толкуйдаабытыҥ тобулуннун! Дом!!!
ТҮБҮКТЭЭХ ҮЛЭТЭ ТҮМҮКТЭЭХ
(Горн Егорович үлэтин уонна олоҕун туhунан киинэҕэ
“Саха” НКИХ Сунтаардааҕы филиалын редактора
Захарова О.В. ылбыт интервьюларыттан быhа тардан сурулунна)
НАУМОВ Дмитрий Федосеевич, СӨ тыа хаhаайыстыбатын миниистирэ, 2002 сыл олунньу.
- Сэминээргэ Горн Егорович этиитин иһиттибит, биирдэ да хамнаһы төлөөбөтөх кэмэ суох, уһаппыт кэмин күнүн, ыйын кытта билэн турар үлэлиир хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар. Кириэстээх кимнээҕэр да ордук балаһыанньалаах, кимнээҕэр да ордук тутуллубут хаһаайыстыба буолбатах. Хайа эрэ өттүгэр бэйэтин кэмигэр сөптөөхтүк дьаһаллыбыт буолуон сөп, ол гынан баран тэрээһин, дьаныардаах үлэ холобурун күннэтэ көрдөрөр. Тыа хаһаайыстыбатын бородууктата билигин ырыынакка сыаналанар, биһиги бородууктабыт атыылаһыллар буолбутун кэннэ, маннык элбэх салаалаах, ол иһигэр туох ханнык иннинэ переработкалаах хаһаайыстыбалар биллэ хамсаатылар. Кини бу тиэхиньикэтигэр, үлэтин тэрээһинигэр, үлэтигэр-хамнаһыгар ирдэбиллэринэн дьиҥнээх кооперативнай сыһыаннаах хаһаайыстыба. Биһиги ол иһин бу хаһаайыстыбаны бэйэбит систиэмэбитигэр биир саамай ордуктара диэн көрөбүт. Ханна бэрээдэк, ханна үлэ-хамнас түмүгэр сөптөөх сыһыан баар, оннук хаһаайыстыбалары тилиннэрэр, өйөбүлү оҥорор саҥа экэнэмиичэскэй услуобуйалар, мэхэньиисимнэр оҥоһуллаллар. Ол көдьүүһэ маннык тэрээһиннээх бөдөҥ тэрилтэлэргэ уонна фермерскэй хаһаайыстыбаларга көстөр. Онон хаһаайыннааһын бары көрүҥнэрин тэҥник туттахха, кимиэхэ баҕарар үлэлиир-олорор кыах баар диэн өйдөбүлү бу хаһаайыстыба дакаастыыр. Хаһаайыстыба үлэлээбит 30 сылыттан 10-нун кириисис кэмигэр аһарда. Онтон кыахтаахтык, тулуурдаахтык, барытын үчүгэйдик тэринэн тахсыбытыттан биһиги дириҥник астынабыт. Тэриллиилээх хаһаайыстыба бэйэтин иннин эрэ буолбатах, бу эргин олорор бары нэһилиэнньэ туруктаах буолуутун хааччыйда. Онон мин кинилэргэ ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабын уонна тыа сирин дьонун быһыытынан тыйыстык, дьэбирдик, ол гынан баран таһаарыылаахтык бу боппуруоһу быһаарбыттарыгар махтаныахпын баҕарабын.
ФЕДОРОВА Парасковья Павловна, “Хатас” СХПК дириэктэрэ, 2002 сыл олунньу.
- Бүгүн биһиги Кириэстээх кээпэрэтиибигэр ыалдьыттыы сылдьабыт, сэминээргэ сырыттыбыт. Кириэстээх кээпэрэтиибин үлэһиттэрин кытта көрүстүбүт, кинилэр хайдах үлэлии сылдьалларын илэ харахпытынан көрөммүт сүрдээҕин астынныбыт. Горн Егорович ый аайы лоп курдук хамнаһы биэрэр. Биһиги куорат таһыгар олоробут уонна хамнаһы дьоммутугар ый аайы кыайан биэрбэппититтэн мин бэйэм даҕаны кыбыста санаатым. Дьонноро туох да кыҥкый-хаҥкый суох, бары «бу биһиги кимиэхэ даҕаны эрэммэккэбит бэйэбит үлэлиибит, оҥорон таһаарар бородууксуйабытын элбэтэ, хаачыстыбатын тупсара сатыырга кыһаллабыт” диэннэр сүрдээх бэриниилээхтик, тахсыылаахтык үлэлии сылдьалларын сүрдээҕин сөхтүм. Уонна бары үлэһиттэргэ, исписэлиистэргэ уонна салалтаҕа өссө таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар баҕарабын.
АКИМОВ Александр Константинович, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, сенатор. 2019 сыл сэтинньи ый.
- 1979 сыл сэтинньи ыйыгар Горн Егоровиһы рекомендациялаан райкомол 2-с сэкиритээринэн талбыппыт. Кини билиилээх-көрүүлээх, оскуола дириэктэрэ, сүрдээх дьоһуннаах, дьоҥҥо, ыччакка, оҕоҕо чугас эдэр киһи этэ. Оччолорго ыччаттар быыбардаан талаллара. Иккис сэкиритээр сүрүннээн иделогия боппуруоһунан дьарыктанар. Кини уратыта диэн тэрээһинигэр даҕаны уонна да атын боппуруостарыгар эдэр сааһыттан чуолкай, бэйэтэ туһунан санаалаах, толкуйдаах буолара. Сөбүлээбэтэҕинэ ким да буоллун, сирэйгэ бал-бааччы этэр — райком бастакы сэкиритээрэ, миниистир да буоллун. Сороҕор биһиги тус санааларбыт сөп түбэспэт этэ. Ол саҕана комсомолга бэйэ-бэйэни кириитикэлэһэр көҥүллэнэрэ. Комсомолга үлэлии сылдьан Прокопьева Валяны кэргэн ылбыта. Билигин үчүгэй баҕайытык олороллор.
Горн Егорович сүрдээх принципиальнай салайааччы буолара эдэриттэн көстүбүтэ. Кэлин Маар Күөлгэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, онтон “Кириэстээх” сопхуоска партком сэкиритээринэн, салгыы сопхуостар мөлтүүр кэмнэригэр салайааччынан уһуннук дириэктэринэн үлэлээбитэ. Горн Егорович эппитим курдук аһара принципиальнай, чиэһинэй. Кини «Кириэстээх” сопхуоһу чөлүнэн хаалларбыт улахан үтүөлээх. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр үөһэттэн сорук-дьаһал бөҕө, ону бары чиэс биэрэ-биэрэ ыһан испиттэрэ. Билигин буоллаҕына ол сыыһа соҕус дьаһаныы буоларын олох бэйэтэ көрдөрдө дии. Кини тутан хаалбыт Кириэстээх тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай улахан, этинэн-үүтүнэн дьарыктанар, онтун переработкалыыр, сылгынан, оҕуруот аһынан дьарыктанар. Билигин бурдукка үлэлээн Табаҕаны чөлүгэр түһэрэллэр. Ити улахан дьыала. Онон Горн Егорович үтүөтэ онно сытар. Киһи быһыытынан ис-хаан бэрээдэктээх, дьон туһугар, дьыала туһугар турууласпыт киһи. Чиэһинэйэ суох эбитэ буоллар ыһан-тоҕон, баран хаалыа этэ буоллаҕа дии. Кини оннук гыммат, “после меня хоть потоп” диэбэт. Төһө эмэ үөһэттэн дьаһал баарын үрдүнэн кини “сэриилэһэн”, бэйэтэ хаалан, туох да элбэх ыарахаттары туораан, үлэтин дьоһуннаахтык түмүктээбитэ. Онон билигин Горн Егоровичка биһиги махтаныах эрэ кэриҥнээхпит.
ПЕТРОВ Александр Иннокентьевич, улуус урукку баһылыга, 2019 сыл сэтинньи ый.
- Мин Горн Егоровиһы уруккуттан билэбин, тоҕо диэтэххэ кини бу Сунтаар оройуонуттан атын сиргэ олорботох, үлэлээбэтэх киһи. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кэргэниниин Кириэстээххэ үчүгэй баҕайы икки этээстээх дьиэлээхтэр, оҕолорун, сиэннэрин илдьэ тапталлаах Мэйигэр сайылыыллар, сынньаналлар. Табаарыстарын эмиэ сырытыннарар, онно тиийэ сылдьыбыт күннэрбитин ахтабыт, саныыбыт. Мин Горн Егоровиһы хаһаайыстыбанньык быһыытынан аһара сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ “Кириэстээх” сопхуоска урут үлэлээбит буоламмын, араас ыарахан сылларга кини тутан хаалан кэлин үчүгэй хаачыстыбаннай балаһыанньаҕа таһааран уонна оттон дьонун-сэргэтин, сүөһүтүн-сылгытын ыспакка, тиэхиньикэтин толору хаалларан үлэлээтэ. Сунтаар улууһугар баар элбэх сопхуостан суос-соҕотох хаһаайыстыба хаалбыт. Ол иһигэр аатырбыт уордьаннаах «Элгээйи” сопхуоспут эмиэ суох. Оннук олох дьалхаана буолан ааспыта. Горн Егорович курдук үлэлээбит киһи суох. Кини киһи, табаарыс быһыытынан олус эрэллээх уонна бэриниилээх, төлөннөөх коммунист, компартиятын идеологиятын билигин даҕаны тутан кэллэ. Итэҕэһи-быһаҕаһы, санаатын сирэйгэ этэр, туруулаһар хаачыстыбалаах. Бу аҕыйах сыллаахха диэри улуус мунньаҕын дьокутаата этэ. Онно кини саламтаҕа туох итэҕэс баарын малтаччы этээччи. Үгүс дьон кириитикэлээбэккэ, онно сөп түбэһэн, сүүрүк хоту устуһан иһэр буолаллар. Кини үчүгэй көрүүлэрдээх, этэргэ дылы, Саха сирин, улууһун тыатын хаһаайыстыбата хайдах сайдыахтааҕар бэйэтин этиилэрин этэ, сүбэлии-амалыы сылдьар. Табаарыспар кытаанах доруобуйаны, нус-хас, этэҥҥэ олоҕу баҕарабын!
МИХАЙЛОВ Владимир Африканович, үйэ аҥаарыттан ордук сүөһү үлэтиттэн илиитин араарбатах сулуһа суох Үлэ дьоруойа, 2019 сыл сэтинньи ый.
- Горн Егорович 1999 сылга атырдьах ыйыгар дойдубар сайылыкка олордохпуна “Кириэстээххэ үлэлии кэл” диэн тиийэн кэлбитэ. Мин үөрүүнэн сөбүлэспитим. Аҕыйах ынахтаах этим, онтубун дьаһайан баран, балаҕан ыйыгар көһөн кэлбитим. Кириэстээххэ кэлбиппин дьолунан ааҕабын. Дойдубар тунуктаах үлэм да суоҕа, соҕотохсуйар да этим. Онон Горн Егорович аата мин олохпор отой тылынан кыайан этиллибэт көмүс буукубанан суруллуон сөп. Манна кэлэн таптыыр үлэлээхпин, кэргэннэнним, саҥа дьиэ-уот тутуннум… Уопсайынан Горн Егорович майгыта наһаа үчүгэй, отой киһи киһиэхэ сатаан кэпсээбэт. Аһара үчүгэй салайааччы, үчүгэй тэрийээччи уонна дьону-сэргэни, үлэһиттэри кытары үчүгэйдик кэпсэтэр, быһаарсар, өйдүүр. Онон мин киниэхэ улахантан-улахан махталбын этэбин.
КИРИЛЛИНА Антонина Степановна, Куокуну отделениетыгар управляющайынан үлэлээбит, 2019 сыл сэтинньи ый.
- 2001 сыллаахха Амма сиригэр үлэлээн-хамсаан бараммын, дойдубар эргиллэн кэлбитим. Горн Егорович Кириэстээх СХПК-тыгар племзоотехнигынан исписэлиис быһыытынан тута үлэҕэ ылбыта. Кини үлэтигэр сүрдээх ирдэбиллээх киһи, хас биирдии исписэлиис тустаах үлэтигэр толору кыаҕынан үлэлиирин ирдиир этэ. Хас биирдии тыа хаһаайыстыбатын үлэһит киһитигэр болҕомтотун уурар, туох баар усулуобуйаны барытын оҥороро. “Кылаабынайа үчүгэйдик үлэлээ, туох барыта баар буолуоҕа,” — диэн этэр идэлээх этэ. Ол курдук биһиги Мииринэйгэ тахсан сүрдээх улахан атыы-дьаарбаҥкалары тэрийэн үбү-харчыны оҥорорбут. Ол саҕана мииринэйдэр сылгы, убаһа этин сиэбэт буоллахтарына, Горн Егорович дириэктэрдии олорон, бу ас чахчы деликатес эбитин, убаһа этэ бренд буоларын нууччаларга көрдөрбүтэ, биллэрбитэ. Биирдэ үлэлии сырыттахпына ыҥыран ылан, “Антонина Степановна, эн Куокунуттан төрүттээх киһи буоларыҥ быһыытынан, управляющайынан аныыбын”, — диэн эппитигэр сүрдээҕин долгуйбутум. Салайааччы киһи хайдах буолуохтааҕын мин баччааҥҥа диэри кининэн холобур оҥостобун. Үлэһит дьону сүрдээх үчүгэйдик чиэстиир этэ. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатын бырааһынньыга Кириэстээххэ уонна Куокунуга олус тэрээһиннээхтик барар этэ. Кэлбит дьон бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах, чиэстэнэн, хайҕанан бараллара. Итинник сыһыан саҥаттан саҥа ситиһиилэргэ сирдиирэ биллэр.
“Кыым”, “Туймаада” уонна “Сунтаар сонуннара” ХАҺЫАТТАРГА СУРУЙУУЛАРТАН быһа тардан
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар көрүүлэрим
Сэбиэскэй Союз ыһыллыбыт кэмиттэн Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын салаата – төрүт олохтоох омуктар сүрүн дьарыкпыт сайынна диир кыахпыт суох. Мин тус санаабар Бастакы Бэрисидьиэммит М.Е.Николаев саха норуотун өйүгэр-санаатыгар өрөспүүбүлүкэ суверенитетын, судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтүүгэ, социальнай сайдыы боппуруостарыгар, ол иһигэр норуот үөрэҕириитигэр, доруобуйа харыстабылыгар, төрүт култуурабыт, духуобунаспыт сайдыытыгар киллэрбит сүдү кылаата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа дии саныыбын. Иккис Бэрисидьиэммит В.А.Штыров республика промышленноһын, суол-иис, тутуу, сибээс, энергетика, транспорт тэрилтэлэрин атахтарыгар туруортаан күүскэ сайдалларын ситистэ. Россия Бырабыыталыстыбатын өрөспүүбүлүкэ кэлэр 10-15 сылларга сайдар бырагырааматын оҥорон бигэргэттэрдэ, мэҥэ-бырайыактар олоххо киириилэрин саҕалаата. Бүлүү суолун холбоон федеральнай буоларын ситистэ. Онон кини аата эмиэ Саха сирин историятыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллан хааларыгар биһиги саарбахтаабаппыт.
Оттон үһүс Бэрисидьиэммит тыа сирин билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын бэркэ билэр, тыа хаһаайыстыбатын салайыыга элбэхтик үлэлээбит киһи Е.А.Борисов бэйэтин үлэтин бырагырааматын бастакы чааһыгар тыа сиригэр, ордук тоһоҕолоон тыа хаһаайыстыбатыгар кээпэрээссийэни сайыннаран, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир толору мэхэньисээссийэлээх хотоннору тутан, табаарынай оҥорон таһаарыыны тэрийиэххэ, сири кытта үлэни саҥа таһымҥа таһаарыахха, саҥа үрдүк хамнастаах элбэх үлэ миэстэлэрин таһааран эдэр ыччаты, дьиэ кэргэттэри, исписэлиистэри тыа сиригэр олохсутуохха диэн уо.д.а. этиилэрин саха норуота сүргэбит көтөҕүлэн туран истибиппит номнуо иккис сылын туолан эрэр. Биллэн турар, сэбиэскэй саҕана сопхуостар ситиспит кирбиилэрин хатылыыр кыах суоҕа өйдөнөр. Ол эрээри, бу күҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ бары тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ өйдүүр, билэр бырагыраамалара оҥоһуллубутун уонна баарын билбэппин. Дьыала тылга уонна кумааҕыга хаалаары гынна дуу дии саныыбын. Телевизорга уонна араадьыйаҕа сотору-сотору көрөбүт уонна истэбит, хас хаһыат аайы ыстатыйа бөҕө суруллар да, туох да боччумнаах үлэ-хамнас саҕаламмыта биллибэт. Тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын улуустарга биэрии саамай сөптөөх дьаһал эрээри, үүт субсидиятын таһынан улуустарга бэйэлэрин дьаһалларыгар эбии тус сыаллаах тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар 50-100 мөл. солкуобай биэрдэххэ эрэ хамсааһын саҕаланыа этэ. Ол барыта үп-харчы тиийбэтиттэн буолуо дииргэ тиийэбит.
Мин 1991 сылтан хаһаайыстыба салайааччытынан өр кэмҥэ үлэлээбит буоламмын, өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан төһө үп-харчы тыа хаһаайыстыбатыгар тыырыллан кэлбитин син билэбин. Ол курдук 2001 сылга М.Е.Николаев Бэрисидьиэн эрдэҕинэ бюджеттан үүт ыамыгар 63 % төннөрүллэн (невозвратнай) кирэдьиит бэриллэрин уонна түргэнник ситэр салааны өрө тутуу политикатын саҕана 6 млрд. солк. харчы ороскуоттаммыта. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэ бюджета баара-суоҕа 30-40 млрд. солк. этэ. Онтон В.А.Штыров Бэрисидьиэн буолбута уонна 5 млрд. солк. көүллүбүтэ. Онтон ааспыт 10 сылга кыра-кыралаан эбиллэн быйыл, 2012 сылга, 7 млрд. 800 мөл. солк. көрүллүбүт. Оттон өрөспүүбүлүкэ бюджета 120 млрд. солк. тиийдэ, а.э. бюджет 6,5 %. Сыл аайы бюджекка көрүллэр 6-7 млрд. солк. харчы араас бырагырааманан тыырыллан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн үллэһиллэн дьиҥ-чахчы тыа сиригэр үүтү ыыр, эти оҥорор, үүнээйини үүннэрэр, табаны иитэр, балыктыыр, бултуур тэрилтэлэргэ, дьоҥҥо аҥаара да тиийэрэ биллибэт. Тоҕо диэтэххэ аан бастаан үрдүк хамнастаах Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин судаарыстыбаннай чунуобунньуктара, өрөспүүбүлүкэ ветеринарнай сулууспатын үгүс элбэх үлэһиттэрэ, улуустааҕы ТХУ үлэһиттэрэ, нэһилиэктээҕи т/х исписэлдиистэрэ, куоракка тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах элбэх салайар уонна хааччыйар тэрилтэлэр тыһыынчанан үлэһиттэрин сыллааҕы хамнастара, үлэлиир ороскуоттара барыта өрөспүүбүлүкэ бюджетын тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көрүллэр үбүттэн барара чуолкай. Онтон ордубута, бэрт дуона суох харчы үүккэ субсидия уо.д.а. хайысхаларынан түҥэтиллэр. Итинник политика түмүгэр уонна инфляция суотугар, кэнники уонча сылга тыа хаһаайыстыбатыгар үп-харчы элбиэхтээҕэр, төттөрү аччыыр өттүгэр барда. Онон сайдыахтааҕар төттөрү мөлтөөн, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 1991 сылы кытта тэҥнээтэххэ, бөһүөлэктэргэ нэһилиэнньэ 60-70 %-на эрэ хаалла, сүөһү, сылгы, таба ахсаана аҥаарыгар да тиийбэт буолла уонна аҕыйааһын тэтимэ сылтан-сыл өссө түргэтээн иһэр. Маннык балаһыанньа үөскээһинигэр тыа сирин дьоно сүөһү, сылгы иитиэхтэрин баҕарбаттарыгар эбэтэр быһаччы үлэлиир дьон сүрэҕэ суохтарыгар уонна миэстэтигэр сатаан салайбаттарыгар сигэнэр сыыһа буолуо. Салгыы маннык ылбат-биэрбэт судаарыстыбаннай политика салҕанан бардаҕына, аны 10-20 сылынан сүөһүнү анал заказниктарга уонна зоопаркаларга көрөр балаһыанньалаахпыт. Итини таһынан сылтан-сыл куоракка олорор дьиэ тутуута элбээтэҕинэ, нэһилиэнньэ кыанар араҥата уонна ыччат бары куоракка эбэтэр промышленноска үлэ, дьол көрдөһө барыахтара, элбэх ахсааннаах кэлии омуктар быыстарыгар киирэн сүтэн, симэлийэн барыахтара, үгүс бөһүөлэктэргэ тутуллубут таас оскуолалар, кулууптар, балыыһалар алдьаммыт түннүктэрэ оҥоһон туруохтара дии саныыбын уонна салгыы биһиги, төрүт олохтоох омуктар, хайдах буолуохпутун хас биирдии бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ.
Мин 1996 сыллаахха Щвеция Умео, 2001 сыллаахха Германия Эрфурт, 2005 сыллаахха Канада Торонто куораттарыгар сылдьан, тыа хаһаайыстыбатын салайааччыларын квалификацияларын үрдэтэр куурустарыгар үөрэммитим. Онно тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын провинцияҕа муҥутаан 4-5 киһи салайар, оттон хааччыйар тэрилтэлэр, ветеринардартан саҕалаан бары хозрасчёкка олороллор дииллэрин биһиги соччо итэҕэйбэт буоларбыт. Ааспыт үйэ 60-с, 80-с сылларыттан саҕалаан Европа бары судаарыстыбалара уонна АХШ, Канада бэйэлэрин дойдуларыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар, билиҥҥи таһымҥа таһаарар туһугар улахан ороскуокка да баран туран, сылын аайы сүүһүнэн млрд. доллар харчыны табаары оҥорооччуларга дотация, субсидия быһыытынан төһө сүөһүлээҕиттэн, сылгылааҕыттан, бааһыналааҕыттан көрөн, араас балаһыанньа, бырагыраама оҥорон түҥэппиттэр. Ол улахан үптэн тииһээри араас хайысхалаах: тиэхиньикэ, тутуу, технология, комбикорм уо.д.а. тыһыынчанан тэрилтэлэр үөскээннэр, күүстээх конкуренция түмүгэр билиҥҥи сайдыылаах таһымҥа тиийэн кэлбиттэр. Кинилэр сылаас, аныгы үйэ бастыҥ оборудованиетынан толору хааччыллыбыт хотоҥҥо турар ынахтарыттан сылга холкутук 7-8 тыһ. лиитэрэ үүтү ыыллар. Табаары оҥорооччулар бэйэлэрин бородууксуйаларын атыылаан уонна судаарыстыба субсидиятыттан киирбит харчыларыттан наймыламмыт үлэһиттэргэ хамнастарын, нолуоктарын, араас өҥөнү оҥорбут тэрилтэлэрин кытта аахсан, бары ороскуоттарын төлөөбүттэрин кэннэ, кинилэр дохуоттара хаалар. Олус байбыт эбэтэр нэһиилэ дьаһанан олорор киһи баарын көрбөтөхпүт. Барыдьиҥ-чахчы күүскэ үлэлииллэр уонна үчүгэйдик олороллор, тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба кинилэргэ үчүгэйдик үлэлээтэххэ сөптөөх, холоонноох дохуоту ылалларын курдук экэнэмиичэскэй усулуобуйаны тэрийэр.
Мин санаабар ороскуоту күччэтэ сатаан, билиҥҥи кэмҥэ сүөһүнү иитэргэ, аһатарга «саҥаны-бастыҥы» киллэрэ сатаан, араас бэйэ «фирменнэй» мэхэньиисимнэрин толкуйдуу сатаан күнү-дьылы ыытан, дьону буккуйар сыыһа буолуо. Киһи-аймах үөскүөҕүттэн үөрэтиллэн-үөрэтиллэн чуолкайданан турар дьыала. Сүөһү сылаас, сырдык хотоҥҥо туран толору рационунан аһаатаҕына эрэ, элбэх бородууксуйаны биэрэрин билбэт киһи суоҕа буолуо. Оннооҕор 1-2 ый кыһыннаах, муҥутаан -5, -10 кыраадыс тымныылаах, сайдыылаах Европа уонна Америка дойдуларыгар тыа хаһаайыстыбата улахан ночооттооҕун билэллэр уонна үчүгэйдик өйдүүллэр. Аны туран кэнники 20 сыллаах үлэ-хамнас, олох-дьаһах көрдөрбүтүнэн, билиҥҥи сайдыылаах ырыынак услуобуйатыгар сылы быһа ичигэс климаттаах, үчүгэй суоллаах-иистээх Европа уонна Америка дойдуларын уопутун барытын үүт-үкчү үтүктэн кыра бааһынайынан, биирдии кэтэх ыалынан олорон илиинэн ынах ыан, баалынайынан саах таһааран сайдыбаппыт билиннэ. Ордук чуолаан биһиги 9 ыйдаах кыһыннаах, ол иһигэр 40-50 кыраадыс тымныылаах, бытанан олорор, суола-ииһэ суох, Москубаттан 8-9 тыһыынча км ыраах олорор дьоҥҥо чааһынай бас билиигэ олоҕурбут аныгы стандарка эппиэттиир оборудованиелаах, мэхэньисээссийэлээх хотоннордоох бөдөҥ кээпэрэтиибинэй эбэтэр акционернай 30, 50, 100 үлэһиттээх, хас да салаанан дьарыктанан, элбэх табаарынай бородууксуйаны оҥорор, сорохтор эбии переработканан дьарыктанар кыахтаах тэрилтэлэр эрэ инники кэскиллээхтэрэ дакаастанна. Тоҕо диэтэххэ, саамай сүрүнэ элбэх киһини үлэлээх, хамнастаах оҥорор, саҥа улахан суумалаах араас тиэхиньикэни, оборудованиены атыылаһарга, тутуулары ыытарга, саҥаттан-саҥа үрдүк технологиялары киллэрэргэ, бааннартан улахан суумалаах уһун даҕаны, кылгас даҕаны болдьохтоох кирэдьииттэри тохтоло суох ыларга солуога бэйэтигэр мэлдьи баар буолар уонна судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга тус сыаллаах көмөтө туора-таары барбакка аналыгар туһаныллара чуолкай хонтуруолга киирэр кыахтанар.
Билигин мин санаабар Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба кээпэрээссийэ туһунан эргэрбит сокуону саҥаардан, тыа сиригэр элбэх киһини үлэлээх, сөптөөх хамнастаах оҥороору, нэһилиэнньэни олохтоох бородууктанан хааччыйаары судаарыстыба дьиҥ-чахчы чааһынай бас билиилээх бөдөҥ тэрилтэлэри тэрийиинэн күүскэ дьарыктаныахтаахтар. Биллэн турар, урукку сопхуостары хос тэрийиэххэ диэбэппин. Чааһынай киһи баар сокуоннарга олоҕуран үлэлиэҕэ. Биллэн турар, арыгылыыр, борогууллуур, сүрэҕэ суох, саарбах үлэһиттэри чугаһаппата биллэр дьыала. Мин санаабар нэһилиэгиттэн көрөн, судаарыстыба суотугар 50, 100, 200 ынах-сүөһү турар, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору мэхэньисээссийэлээх хотоннору тутуохха сөп. Онно борооскулар сиэмэлээбит ынахтарын хомуйбакка, Урал хайатыттан бэттэх баар чөл олохтоох, үлэлээх хаһаайыстыбалартан хомуйан тыһыынчанан сиэмэлэммит симменталь боруода туҥуй бургунастары атырдьах ыйын бүтүүтэ сылын аайы поеһынан Аллараа Бэстээххэ диэри атыылаһан аҕалан, салгыы баржаларынан, массыыналарынан улуустарга түҥэтиэххэ сөп буолуо. Итини таһынан хаһайыстыбалар атыылаһар тиэхиньикэлэрин сыанатын 70-80 %-нын судаарыстыба эмиэ уйунуохтаах, үлэлииргэ сөп буолар ходуһа сирэ уонна бааһына сыһыарыллыахтаах. Маннык хаһаайыстыбалары тэрийиигэ араас элбэх варианнар бааллар, ону тустаах сокуоҥҥа эбэтэр Бырабыыталыстыба анал дьаһалынан оҥоруохха сөп этэ.
Онон кэлэр өттүгэр үбү-харчыны ыскайдаабат туһуттан муҥутаан 5-10 ыанар ынахтаах чааһынай, бааһынай «бастыҥнара» дьону хас мунньах, көрсүһүү аайы үлэнэн хааччыйыах, норуоту аһатыах буолан, улахан тэрилтэлэр бары ночооттоохтор, үлэһиттэри баттыыллар диэн билээҕимсийэр «чаҕылхай», «улуу» куолулааһыннарын тохтотор кэм кэллэ. Кинилэр үгүстэрэ «диспаритет цен» диэн ис дьиҥин билбэттэр, дьэбиннээх оскуоманы саайдахпына ол миэнэ, чааһынай бас билиим буолар диэн таһымнаах сааһыра барбыт дьон буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин сиэптэриттэн ороскуокка барбыт курдук айдаараллар. Сэбиэскэй саҕана аан дойду сайдыылаах судаарыстыбаларын курдук, Россия бюджетын 20 % тыа хаһаайыстыбатыгар бэриллэрэ. Ол саҕана тыа хаһаайыстыбата ночооттоох диэн тоҕо эрэ ким да айдаарбат этэ, оттон билигин 1 % эрэ бэриллэрин билэллэрэ саарбах. Онно мөккүөр суох. Холобур, мин санаабар, кэтэх төрүүр ынахтаах, сылгылаах, табалаах, сибиинньэлээх буоллаҕына судаарыстыба кинилэргэ эмиэ сөптөөх көмөнү оҥоруохтаах, ыалга табаарынай субсидия быһыытынан төбөтүн аайы 100 кг. комбикорму эбэтэр бүтүн бурдугу босхо, өссө 100 л дизельнэй уматыгы эбэтэр бэнсиин сыанатын 50 % чэпчэтэн, бөһүөлэккэ (франко-двор) аҕалан биэриэххэ. Итини таһынан хас төрөөбүт ынахтан 500 лиитэрэҕэ тиийэ үүтү биирдии лиитэрэтин 50 солк. (2-3 сылынан 100 солк) тутуохха. Ордубут үүтүн бэйэтэ сүөгэйдээн, арыылаан сиирэ эбэтэр атыылыыра көҥүл буоллун. Оччоҕо эрэ тыа сиригэр олорор ыаллар сүөһүнү, сылгыны иитэр интэриэстэрэ үрдүө, үүт, эт дэлэйиэ этэ.
Билигин Бэрисидьиэммитин быыбардыыр услуобуйабытыгар норуот киһитэ буолаары, эбии куолас хомуйар инниттэн сөптөөх политика уурайан, барыларыгар тэҥ көмө оҥоһуллуохтаах диэн төттөрү барыы балаһыанньата үөскүөн сөп уонна кэлэр өттүгэр саха киһитэ Бэрисидьиэннэнэрбит да саарбах буолуон сөп.
Урут даҕаны, билигин даҕаны тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, чааһынай ыалларга үүккэ, эккэ, арыыга, бурдукка, оҕуруот аһыгар төһө кээмэйдээх субсидия биэриэххэ сөбүй диэн саамай уустук, кытаанах боппуруоска сыллааҕы техкартаҕа оҥоһуллубут расчеккутун уонна сыллааҕы туттар үпкүтүн, себестоимоскытын салааларынан арааран аҕалыҥ диэн Экэниэмикэ уонна Үп министиэристибэтигэр олорор тыа сирин үлэтин билбэт эдэр оҕолор чобуоххайан туора түһэн олорбуттара 20-чэ сыл буолла. Ол суотугар улуустарга, хаһаайыстыбаларга, ыалларга көрүллүбүт харчы хастыы да ыйынан хойутаан тиийэрэ баар суол. 5-6 сыллааҕыга диэри син үрдүнэн-аннынан оҥоһуллар эбит буоллаҕына, билигин ону оҥорор кыахтаах экэнэмиис, буҕаалтыр тыа сиригэр хаалбата. Ону билигин нэһилиэктэргэ баар исписэлиистэртэн ирдэһэ сатыыллар, нэһилиэккэ баар кээпэрэтииптэр уонна бааһынай хаһаайыстыбалар, ыаллар сыллааҕы туттар үптэрин түмэн аҕылыҥ диэн айдаан бөҕө да, кыаллыбата чуолкай дьыала. Ону, мин санаабар, өрөспүүбүлүкэҕэ баар кэм туруктаах хаһаайыстыбалары пилотнай, экспериментальнай оҥортоон, холобур Нам улууһун Модут нэһилиэгин «Тунал» ХЭТ, Мархаҕа баар б/х фермата, Амма «Покровка», Мэҥэ Хаҥалас «Кыһыл Сулус» ТХПК-ларыгар, «Өлүөхүмэ» агрофирма, «Новай» сопхуос курдук хаһаайыстыбаларга тыа хаһаайыстыбатын институтуттан, министиэристибэттэн экэнэмиистэри, буҕаалтырдары, элбэх ДьГТХА устудьуоннарын сыһыартаан, сыл түмүгэр чуолкай сыыппаралары ылан, киин, Бүлүү бөлөх, хоту улуустарга, төһө ыраахтарын учуоттаан, тус-туһунан орто субсидия кээмэйин таһаарыахха сөп дии саныыбын уонна сыл аайы инфляция коэффициеныгар төгүллээн, индексация ыытан иһиэххэ сөп этэ. Ол гынан баран субсидия бүтэһиктээх кээмэйин быһаарарга саамай сүрүнэ хаһаайыстыба сыл түмүгүнэн үчүгэйдик үлэлээн ортотунан 30 % рентабельностаах буолара ситиһиллиэхтээх. Холобур, Щвецияҕа уонна Канадаҕа кэлиҥҥи кэмҥэ хаһаайыстыба учуоттанар биричиинэнэн үлэтин түмүгэ мөлтөөтөҕүнэ сыл түмүгэр орто рентабельноһын ыларын курдук судаарыстыба эбии үбүлээһини оҥорор эбит.
Тэрилтэ ситиһиилээх, түмсүүлээх үлэтэ салайааччыттан тутулуктааҕын бары билэбит. Улуу Сталин эппитинии «каадыр барытын быһаарар» оруоллааҕа чуолкай. Ол да буоллар, киһи быһыытынан көнө, сымнаҕас, дьон этиитигэр, ордук үөһэ салалта этиитигэр, барытыгар сөбүлэһэр, истигэн, бэйэтэ чуолкай санаата, салайар үлэҕэ уопута, үлэһиттэриттэн ирдэбилэ суох салайааччыны сөбүлүүллэр, ону уларытан «култуурунай, интеллигентнэй, бэйэ киһитинэн» ааттыыллар. Ирдэбил, эппиэтинэс, туруоруллубут сыалы-соругу булгуччу ситиһэр кытаанах майгы диэн хаачыстыбалартан дьон аһара куттаналлар. Итинник балаһыанньа баарын түмүгэр, тыа сиригэр олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы үчүгэйдик билэр, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, талааннаах дьон сааһыран бары биэнсийэҕэ олороллор. Онон карьера эрэ туһугар үлэлээбэт, тыа сирин таптыыр, айылҕаҕа чугас, 35-40 саастаах, олоҕу билэр, үлэҕэ-хамнаска уопуттаах, салайар үлэҕэ бэйэлэрин ситиһиилээх үлэлэрин көрдөрбүт эдэрчи дьону анал хамыыһыйа быһаарыытынан саҥа тэриллэр чааһынай тэрилтэ менеджердэринэн таһаартыахха. Кинилэргэ үрдүк хамнаһы, сыл түмүгэр тэрилтэтэ барыстаах үлэлээтэҕинэ сөптөөх бырыһыаны биэриэххэ, тэрилтэ төһө үлэһиттээҕин көрөн, 10-тан тахса сыл үлэлээтэҕинэ, сылын учуоттаан, биэнсийэтин 20-40 %-ҥа диэри үрдэтэри ситиһиэххэ диэн этиилээхпин.
М.Е.Николаев Бэрисидьиэннии олорон өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин дьонун олоҕун таһыма үрдүүрүгэр сүдү кылааттарын киллэрбит, улаханнык ытыктанар, аатырбыт, талааннаах салайааччыларга, 10-тан тахса сыл сопхуос дириэктирдэринэн, «тыа сирин генералларынан» үлэлээбит С.Г.Жирковка, В.М.Кладкиҥҥа, П.П.Федороваҕа, И.В.Николаевка, П.Н.Степановка, А.С.Алексеевка уо.д.а. барыта 30-ча киһиэхэ оччотооҕу госсулууспа үэһиттэригэр тэҥнээн, биэнсийэлэригэр эбии 1500 солкуобай олохтообута 15 сыл буолла даҕаны, индексацияламмакка тоҥон турара хомолтолоох. Оттон биһиги улууска биир атыы-эргиэн тэрилтэтэ ханнык баҕарар дуоһунаска 10 сыл үлэлээбит биэнсийэлээхтэригэр 3000 солк. ый аайы эбии төлөбүр оҥорбута биэс сыл буолла. Промышленность тэрилтэлэрин туһунан этэ да барыллыбат. Бу көрдөххө кыра эрээри, дириҥ ис хоһоонноох итэҕэһи Россияҕа биллэр уонна Уһук Илиҥҥэ бастыҥ үлэлээх регион баһылыга, Бэрисидьиэммит Е.А.Борисов туоратыа диэн эрэнэбит.
Түмүгэр бачча элбэх үбү-харчыны хантан ылабыт дииргит чуолкай. Биһигиттэн икки төгүл кылгас кыһыннаах, икки-үс төгүл ичигэс, Москубаттан биэс төгүл чугас сытар, үчүгэй суоллаах-иистээх Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин сыллааҕы бюджета биһиэнин кытта тэҥ кэриэтэ – 120 млрд. солк. Быйыл 2012 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар кинилэргэ 42 млрд. солк. көрүллүбүт. Ол аата биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар кэнники 5 сылга көрүллүбүт харчы саҕа ороскуоттаныаҕа. Кинилэргэ кэнники биэс сылга уопсайа 182 млрд. солк., атыннык эттэххэ биһиэнинээҕэр 4-5 төгүл элбэх үп-харчы көрүллүбүт уонна сыл аайы 3-4 млрд. солк. эбиллэн иһэр. Тоҕо эрэ элбэх харчы ороскуоттанар диэн кинилэргэ айдаан суох. Биллэн турар, Европа дойдуларыгар тэҥнээтэххэ, Татарстаҥҥа көрүллэр 1,5 млрд дуоллар кыра харчы буолара чуолкай. Бары билэргит курдук В.В.Филиппов Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ сыл аайы эбэн 16 % диэри тыа хаһаайыстыбатыгар ыытарга диэн сокуону ылыммыта кумааҕыга хаалбыта.
Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэ бюджетын үбүн 2013 сылга 10 %, 2014 сылга 13 %, 2015 сылга 15 % тыа хаһаайыстыбатыгар биэриэххэ. Билигин баар социальнай ороскуоттары күччэппэккэ оннугар хаалларан,бюджет улаатыытын суотугар оҥоруохха наада буолуо. Ити, быһа холоон, 12-тэн саҕалаан 20 млрд. солк. тиийиэ буолуо.
Иккиһинэн, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин 20 сыллаах үтүө уопутун, холобурун үтүктэн өрөспүүбүлүкэ территориятыгар үлэлиир промышленность тэрилтэлэрин сыл түмүгүнэн ылбыт ыраас барыстарын 2 % добровольно-принудительнай бэрээдэгинэн өрөспүүбүлүкэ Бэрисидьиэнин бюджет таһынааҕы тыа хаһаайыстыбатын өйүүр фондатыгар хомуйуохха. Татарстаҥҥа фондаҕа сылын аайы 20-25 млрд. солк. киирэр эбит, оттон биһиэхэ 5-8 млрд. солк. киириэн сөп.
Үсүһүнэн, Татарстан тыа хаһаайыстыбатыгар Россия бюджета сылын аайы 8-9 млрд. солк. биэрэр. Оттон биһиэхэ аҕыйах сүүс мөлүйүөнү биэрдэҕинэ махтал, онон үчүгэйдик күүскэ үлэлэһэн, туруорсан, сылга 2-3 млрд. солк. ылыахха сөп буолуо.
Төрдүһүнэн, Кытай, АХШ, Европа улахан бааннарыттан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга тус сыаллаах 100 мөл. дуоллар кыра бырыһыаннаах, уһун болдьоххо кирэдьииттэри сылын аайы ылыахха сөп. Ити бэйэтэ 3-түү млрд. солк. буолар.
Итини таһынан сыл аайы 3 млрд. солк. суумалаах агровекселлэри тарҕатыахха сөп. Өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар холобурдаан көрдөххө, 40 тыһ. солк. хамнастаах киһи 1-2 тыһ. солк. кирэдьиити ыларыгар тэҥнээх. Ханнык баҕарар баан сөбүһэр дьыалата.
Тыа хаһаайыстыбата үчүгэйдик үлэлээн сөптөөх бырыһы ылар экэнэмиичэскэй услуобуйатын тэрийдэххэ, үптээх тэрилтэлэр, чааһынай инвестордар үптэрин-астарын түмүөххэ сөп этэ. Харчы баара эбэтэр суоҕа киһи өйүгэр сытар дьыала. «Харчы суох» дии-дии ытыһы нэлэҥнэтэ олорору ууратар кэм кэлэн турар.
Холобур, быйыл Талакаантан «Сургутнефтегаз» тэрилтэ 10 мөл. туонна неби хостоон, турбанан хачайдаан, омуктарга атыылаатаҕына, 6 млрд. дуоллары киллэрэр. Онтон хостуур, хачайдыыр ороскуота 1 млрд. дуоллар. Тойон Богданов табаарыстарынаан өлүүтэ 1 млрд. дуоллар, оттон быһа холоон 4 млрд. дуоллар эбэтэр өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы бюджетын харчытын саҕа нолуок быһыытынан Россия хааһынатыгар киирэн, омук бааныгар стабилизационнай фондаҕа аттаныаҕа. Эһиги үгүскүт билэрэ да буолуо, 1991 сыл бүтүүтэ Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ М.Е.Николаев дьаһалынан, Саха сирэ Россияҕа сырьевой придаток эбэтэр колония оруолун толорон бүппүтэ, онон көмүс уонна алмаас 10 %-нын бэйэтигэр хаалларынан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ хостоммут сир баайын омукка атыыламмыт сууматыттан 20 % харчытын нолуок быһыытынан тута олорбута. Ол харчы төһө көдьүүстээхтик туһаныллыбыта туспа боппуруос. Бу саамай сөптөөх быһаарыы этэ. Билиҥҥи кэмҥэ атыыламмыт сууматтан 50 %-на Россияҕа, 20 %-на Саха сиригэр буолара буоллар, быйыл аҥаардас Талакаантан өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар эбии 36 млрд. солк. үп киириэ этэ. Онон сиртэн хостонор нефть, газ, таас чох, көмүс, алмаас баайдаах регионнар бары кыттыһан, атыыламмыт сууматтан 20 % (саатар 10 %) олохтоох территория, төрүт олохтоох омуктар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар хаалыахтаах диэн сокуон бырайыагын оҥорон интернеккэ киллэриэххэ, референдум ыытыахха, араас партияларынан көмөлөһүннэрэн Госдумаҕа киллэриэххэ наада буолуо. Урут, сэбиэскэй былаас саҕана, утары этэр кыах суох буоллаҕына, билигин, демократия үйэтигэр араас таһымнаах дьокутааттар, судаарыстыбаннай чуньуобунньуктар, общественнай тэрилтэлэр күүстэрин холбоон, кутаммакка үлэ ыытыахха.
Онон сылын аайы биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар 20-30 млрд. солк., а.э. 1 млрд. дуоллар харчы көрүллүөхтээх. Бу Россия үгүс олигархтарын сыллааҕы дохуоттарыттан хас эмит бүк кыра харчы. Биһиги курдук аҕыйах ахсаанаах хотугу омуктар дьылҕабыт кыра да үптэн тутулуктааҕыттан сонньуйарга эрэ тиийэбит. Дьэ бу үбү сокуоҥҥа олоҕуран сатабыллаахтык, өйдөөхтүк сударыстыбаннай субсидия, дотация быһыытынан түҥэтэн, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын барыстаах биисинэс салаатыгар кубулутуллуохтаах. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин орто хамнаһа бюджет эйгэтин үлэһитин орто хамнаһыттан күччүө суохтаах. Итинник сөптөөх экэнэмиичэскэй усулуобуйаны тэрийдэххэ, тыа сиригэр күүрээннээх, көхтөөх үлэ саҕаланыа, нэһилиэнньэ, үөрэҕи бүтэрбит ыччат үөрэ-көтө олохсуйуо, куораттан төттөрү күүстээх миграция саҕаланыа этэ.
Саамай кылаабынайа, хас биирдии киһи тыа хаһаайыстыбатын баһаам улахан, көҥдөй ночооттоох, аҥаардас эт, үүт, балык, булт оҥоһуллар, сүөһү, сылгы уонна таба иитэр производство эрэ салаатын курдук күччэтэн, намтатан көрбөккө, Саха сирин бары төрүт олохтоох омуктарын былыр үйэттэн илдьэ кэлбит олохторун укулаатын сүтэрбэккэ, салгыы сайыннарыы сүдү суолталаах боппуруоһа буоларын үчүгэйдик өйдүөххэ. Үгүскүт билэрэ буолуо, харчыны сатаан табан муҥутуур көдьүүстээхтик, дьон олоҕун таһыма үрдүүрүн, сайдыыны түстүүрүн курдук сатаан туһаныы харчы булардааҕар хас да бүк уустук, улахан эппиэтинэстээх, ыарахан дьыала буоларын. Онно туспа улахан кэпсэтии барыан наада.
Түмүкпэр бу мин этэр сорох санааларбын нэһилиэнньэ өйүөҕэ уонна баар историческай түгэни мүччү туппакка өрөспүүбүлүкэ салайааччылара, ордук чуолаан Бэрисидьиэммит Е.А.Борисов күүстээх политическай быһаарыыны ылынан, уталытыллыбат, хамсатыылаах дьаһаллары ыларыгар баҕарабын. Бириэмэ күүппэт. история бэйэтин геройдарын умнуо суоҕа.
“Сунтаар сонуннара”. 15.03.2012 с.
Санаабын сайа эттэхпинэ
Нэһилиэк, улуус баһылыктарын, бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэлэрин отчуота буолалларынан сибээстээн, аҕыйах боппуруоска санаабын этиэхпин баҕарабын.
Билигин ХХ1 үйэҕэ аан дойду үрдүнэн сылтан сыл аайы сайдыы, үүнүү уонна олох тэтимэ урукку ХХ үйэтээҕэр лаппа түргэтээбитин ким да саарбахтаабат буолла. Төһө да мөлтөх, орто үлэлээх баһылык, салайааччы салайбытын иһин, олох иннин диэки барара чуолкай. Отчуоттарга суруллубутун, этиллибитин курдук, үлэ отой барбат диир сыыһа буолуо. Ол эрээри билиҥҥи отчуоттарга туох оҥоһуллубутун, ситиһиллибитин эрэ эридьиэстээн суруйаллар, кэпсииллэр оттон баар сүрүн итэҕэстэри ыйан туран, анаалыстаан, хайдах үлэлээн, туох дьаһалы ылан туоратар туһунан уонна үүммүт сылга инники тирээн турар сүрүн соруктар тустарынан чуолкайдык тугу да эппэттэр.
Билиҥҥи кэмҥэ былааһы хайдах даҕаны үлэлээбитин иһин, олоххо позитивнай көрүүлээххин биллэрэн тыастаахтык күүскэ хайҕаныахтаах, түмүгэр туруорсар боппуруоскун этиэхтээххин диэн принцип (муода) баар. Оччоҕо эрэ эбии үп-харчы көрүллэр, дьыала иннин диэки сыҕарыйар буолбута ыраатта. Оттон баар итэҕэһи малтаччы этэр, былаас сыыһа политикатын, дьаһалын кириитикэлиир киһи туора көрүллэр, үлэтиттэн уурайыан да сөп. Ол иһин отчуоттарга, араас мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ нэһилиэнньэ актыыбынаһа аһара мөлтөх, баар буоллахтарына боппуруоһунан эрэ муҥурданаллар, кэпсэтиигэ үлэлээбэт эрэ пенсионердар кэпсэтэллэр.
Холобур, былырыын Кириэстээххэ бырабыыталыстыба отчуотугар элбэх этии, кириитикэ этиллибитэ даҕаны, улуус хаһыатыгар бэчээттэммэтэҕэ, боротокуолга биир да этии киирбэтэҕэ. Оччоҕо туох туһалаах отчуоттарый диэн боппуруос үөскүүр.
Бэрисидьиэн Е.А.Борисов нэһилиэнньэ биир хардыыны оҥордоҕуна, былаас икки хардыыны утары оҥоруохтаах диир. Онон хас биирдии этии учуокка ылыллан, сааһыланан, наарданан, анал дьайыы оҥоһуллан, түмүгэ нэһилиэнньэҕэ тиийиэхтээх этэ дии саныыбын.
Быйыл дохуот күччээн өрөспүүбүлүкэ бюджета 10 млрд. солк. дефициттээх ылылынна, онон оптимизацията ыытыҥ диэн бырабыыталыстыба дьаһала кэлбит. Онон доруобуйа харыстабылын миниистирэ Александр Горохов 2010 сыллаахха ылыллыбыт Арассыыйа сокуонун дьэ өйдөөн, 2000-чаттан кыра нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэр учаастактааҕы балыыһаларын күнүскүгэ көһөртүүр дьаһалы таһааран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүһүнэн, оттон Сунтаарга 7 учаастактааҕы балыыһаны оптимизациялаан үлэһиттэрин лаппа күччэтэн, бородуукта харчытын кэмчилээн, ороскуоту сарбыйар санаалаах.
Оттон үөрэх саҥа миниистирэ Сардаана Татаринова. тохсунньу ыйдааҕы учууталлар мунньахтарын дакылаатыгар 215 малокомплектной оскуолаттан 50 оскуоланы филиалга кубулутарга, 10-тан кыра оҕолоох 33 оскуоланы реорганизация ыытарга дьаһайбыт (бэйэҕит өйдөөҥ). Бу сүрдээх киэҥ истээх, дириҥ силистээх-мутуктаах дьаһаллар саха киһитин барытын дьиксиннэрэр буолуохтаахтар.
Кылгастык историяттан ылан көрдөххө, 1960 сылга Н.С.Хрущев бөдөҥсүтүү политикатыгар сөп түбэһиннэрэн, Мэйик, Наахара, Тэҥкэ, Толстой курдук кыра колхуотары улахан колхуостары кытта күүстэринэн холбообуттара, учаастак онортообуттара, онтон салгыы оскуолаларын саппыттара. Ол түмүгэр, холобур Мэйиктэн оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыаллар Бүлүүчээҥҥэ, Кириэстээххэ, Куокунуга көспүттэрэ, бөһүөлэк эстибитэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүһүнэн кыра бөһүөлэктэр сабыллыбыттара.
Онтон 1990 сылларга ырыынакка киириинэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэҕэ баар 172 сопхуостары “эһиҥ, ыһыллыҥ, БХ-ры тэриниҥ, байыҥ” диэн Арассыыйаҕа сокуон, уураах, дьаһал бөҕө ылыллыбыта, ол түмүгэр 10-ча эрэ хаһаайыстыба хаалбыта. Тойбохой, Кириэстээх “кэнсиэрбэлэнэн” олороҕут дииллэрэ.
Ити үөһэттэн сыыһа политика ыытыллыбытын түмүгэр, үрдүнэн үлэтэ-хамнаһа суох буолан арыый өйдөөх, кыахтаах өттө тыа сириттэн куоракка маассабайдык көһүүлэрэ саҕаламмыта. Хата ол түмүгэр куорат олохтооҕун аҥаара саха буолбута хайҕаллаах. Билигин 20-чэ сыл ааспытын кэннэ былаас дьэ өйдөнөн төттөрү холбоһуҥ, кээпэрээссийэлэһиҥ, табаарынай бородууксуйата оҥоруҥ диэн сокуон, уураах элбэх даҕаны, бары эстэн хаалбыттар саҥаттан, нуултан саҕалыылларыгар тиийэллэр. Кырата 100-200 мөл. солк. суумаҕа саҥа хотоннору туталлар, соҕурууттан улахан сыаналаах ынахтары тиэйэн аҕалаллар уонна саҥа тэриллибит хаһаайыстыбаҕа ороскуот 70-80 % кирэдьиит ыйыыллар. Онтукалара саҥа тэриллэн үлэлээн иһэн кирэдьиити кыайан төлүүр кыаҕа суох буолан, моҥкурууттаан хаалаллар.
Билигин кэлэ сылдьар салайааччылар: «Эһиги, кириэстээхтэр, ыһыллыбакка сөпкө дьаһаммыккыт, урукку базаҕыт, оттуур ходуһаларгыт, бааһыналаргыт толору ордон хаалбыттар”, – диэн хайгыылларыттан соло буолбаттар. Ханнык баҕарар сокуон, дьаһал икки өрүттээх буоларын билиэххэ наада, үөһэттэн этии барыта сөп буолбатаҕа чуолкай. Кириэстээх бөһүөлэгэ СХПК 200-тэн тахса үлэһиттээх үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлии олордоҕуна, 2006 сылга диэри, 1070 киһитин тутан олорбута. Кэнники 9 сылга СХПК үлэтэ-хамнаһа лаппа мөлтөөбүтүн түмүгэр, нэһилиэнньэ 150-200 киһинэн аҕыйаан, Саҥа дьыллааҕы дааннайынан 800-кэ да тиийбэт буолла.
Кылаабынай быраас Попов И.В. этэринэн, балыыһа кырдьаҕастар, инбэлииттэр, кыамматтар сытан сынньанар миэстэлэрэ буолбатах, ороскуота аһара элбэх үһү. Холобур, ыарахан ыарыһахтар (инфаркт, инсульт, улахан эчэйиилээхтэр уо.д.а.) миэстэ баар буоллаҕына Тойбохойго, Сунтаарга 50-100 км массыынанан айаннаан тиийэн сытыахтаахтар, эмтэниэхтээхтэр эбит (аара суолга хаһа өлүө биллибэт). Арыый ама киһи күнүскү ыһыгын илдьэ баран эмтэниэхтээх эбит, киэһэ дьиэтигэр баран хонуохтаах үһү (бу тымныыларга).
Арассыыйа Европатааҕы өттүгэр, киин сирдэргэ бөһүөлэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн көстүһэн турар, асфальт суоллаах сирдэригэр бу сокуон баҕар үлэлиэн сөп буолуо. Оттон биһиги курдук суоллаах-иистээх, 9 ый бытарҕан тымныылаах, кырата бэйэ-бэйэлэриттэн 50-100 км ыраах сытар бөһүөлэктэрдээх дойдуга бу сокуон үлэлээбэтэ чуолкай буоллаҕа. Холобур, бу сокуон булгуччу олоххо киирэр түгэнигэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа сирин кырдьаҕастара, инбэлииттэрэ, ыарыһахтара күн сирэ күндүтүн учуоттаан, балыыһаны сырсан улуус кииннэрин, куораты булуохтарыгар саарбахтаабаппын. Кириэстээх 2-3 сылынан 500-чэ нэһилиэнньэлэниэ, онтон оскуола 8-с кылаастаах буолуо, салгыы 10-ча сылынан 300-чэ нэһилиэнньэлэнэн 1972 сыллаахха сопхуос саҥа тэриллэрин саҕанааҕы балаһыанньатыгар тиийиэн сөп курдук.
Итинник политика салгыы бардаҕына сахалар бары улуус киинин, куораты буларбытыгар тиийэбит, улахан кэлии омуктар быыстарыгар киирэн суураллан, сылгыттан, сүөһүттэн, табаттан айылҕаттан тэйэбит, күн аайы төрөөбүт тылбытынан кэпсэппэт буолан тылбытын умнарбытыгар тиийэбит. Иэдээммит итинэн эрэ бүтүө суоҕа. “Свято место пусто не бывает” диэн Өксөкүлээх өссө 100 сыл анараа өттүгэр сэрэппитин курдук, Столыпин уонна Пекарскай былааннарын олоххо киллэрээри балыыһаҕа, оскуолаҕа наадыйбат мөлүйүөнүнэн кыйма курдук көс омук дьоно кэлэн кураанахтаммыт бэлэм сирдэргэ хаһаайын курдук олохсуйар кутталлара ыраах буолбатах дии саныыбын. Ааһа баран эттэххэ аны 100 сыл буолан баран историяларын учебнигар былыр бу дойдуга ынах, сылгы, таба ииттэн айахтарын хааччынан саха диэн көс биис омуктар олорбуттар үһү диэхтэрэ суоҕа дуо?
Элбэх киһи өйдүүр буолуохтаах, В.А.Штыров Бэрэсидьиэн буолбут сылыгар Арассыыйаттан ылар дотация күччээн бюджет эмиэ улахан дефициттээх ылыллыбыта. Онно бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Борисов Е.А. дьаһалынан хаһыат икки балаһатын толору Бэрэсидьиэн М.Е.Николаев дьаһалынан, үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ А.К.Акимов салалтатынан оноһуллубут, Ил Түмэнинэн бигэргэммит ырыынакка киирии быыһык кэмигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин кыаммат араҥатыгар анаан оҥоһуллубут сокуоннара уонна көмөлөрө барыта эмискэ суох оҥоһуллубуттара. Оччолорго тоҕо ким да айдаан таһаарбатаҕын өйдөөбөккө сылдьабыт. Баччааҥҥа диэри төһө да бюджет хас эмэ бүк улааппытын иһин, биир да сотуллубут социальнай төлөбүрдэр сөргүтүллэ иликтэр.
Быйыл кэлэн эмиэ биһиги тыа сирин олохтоохторун Конституциянан мэктиэлэммит сүрүн социальнай көмүскэлбитин – босхо уонна бириэмэтигэр эмтэниибитин уонна олорор сиринэн босхо орто үөрэҕи ылар бырааппытын быстах бириэмэҕэ бюджекка харчы тиийбэт диэн сылтаҕыран тохтотоору гыналларый?
Олох практиката көрдөрөрүнэн, урут сабыллыбыт социальнай тэрилтэлэр: балыыһа, оскуола, интернат, почта, сберкасса уо.д.а. материальнай базалара, үлэһиттэрэ ыһыллан баран саҥаттан, нуултан саҕалаан хос тэриллибит түбэлтэтэ суох быһыылаах. Онон эрдэтинэ тыа сирин олохтоохторо Украинаҕа курдук майдааҥҥа да тахсыбатарбыт, бырабыыталыстыба бу сыыһа дьаһалларын түргэнник тохтоторун модьуйуохха. Былырыын күһүн сирдээҕи ырай олоҕун оҥоруох буолан быыбардаммыт Ил Түмэн дьокутааттара тоҕо биллибэттэрий, айдаан таһаарбаттарый? Тапталлаах «Единэй партиябыт» тоҕо сөбүлэһэрий? Маннык быстах дьаһаллары оҥортуур бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, тустаах миниистирдэр үлэлэриттэн уурайаллара наада, кэлэр өттүгэр үөрэх буолуо этэ.
Бырабыыталыстыба, былаас ыытар үлэлэрин хайысхата хара баһаам буоллаҕа, ол эрээри, мин санаабар, сүрүн болҕомтону тыа сирин нэһилиэнньэтин күннээҕи кыһалҕатын, ол аата олоҕун таһымын уонна хаачыстыбатын үрдэтэр сорук туруохтаах.
Бастатан туран, тыа сиригэр олорон үлэлиир киһи ханна үлэлиириттэн тутулуга суох саамай кыра хамнас ииттинэн олоруу муҥутуур алын таһымын икки бүк буолан 25000 солк буолуохтаах. Өрөспүүбүлэҕэ ааспыт сылга орто хамнас 47000 солк. буолла дииллэр. Арассыыйаҕа онус миэстэ, оттон Дьалнай Восток уокуругар бэһис миэстэ. Истиэххэ үчүгэй курдук эрээри, улахан ноолоох диэххэ наада. Промышленнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнаһа, холобур “АЛРОСА” 80 тыһ., “Алмазы Анабара” 130 тыһ., көмүс, таас чох хостооччулар, нефтяниктар, газовиктар туһунан этэ да барыллыбат, аһара үрдүгүн бары билэбит. Энергетиктэр, тутааччылар уонна транспорт үлэһиттэрин хамнаһа эмиэ киһи олус мыыммат буолуохтаах. Учууталлар хамнастара ааспыт сылга ортотунан 46000 солк. буолбут. Итини таһынан куоракка олорон үлэлиир дьон, ордук министиэристибэлэргэ үлэлиир чунуобунньуктар хамнастара аһара үрдүгүн бары билэбит.
Оттон тыа сиригэр олорон үлэлиир оскуола, балыыһа, детсад тиэхиньиичэскэй үлэһиттэрин хамнаһа 12-15 тыһ. солк. Сууккаҕа 6-8 тн. таас чоҕу оттор ЖКХ кочегардара 18 тыһ.солк., СХПК үлэһиттэрин орто хамнаһа 13-15 тыһ. солк., ол да хамнастара кэмигэр кэлбэт. Ону таһынан тыа сирин аҕыйах оҕолоох оскуолатын учууталларын хамнаһа кылааска оҕо аҕыйаҕынан, Арассыыйа стандартыгар сөп түбэспэтинэн (бырабыыталыстыба бэйэтэ олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр стандарды оҥорор кыаҕа суох үһү) диэн куоһурданан аһара кыра. Демография сиэртибэлэрэ буолан олороллор, ханна да баран үлэлиир кыахтара суоҕун билэллэр быһыылаах. Улуус кииннэрин уонна куорат оскуолаларын кылаастара толорулар, онон учууталларын хамнастара үрдүгүн суотугар, улахан орто хамнас тахсара чуолкай.
Маннык кыра дохуот, хамнас төлөнөрүн тухары, төһө да судаарыстыба өттүттэн киинтэн ититиилээх, итии-тымныы уулаах, көмүс дуйдаах унитазтаах дыбарыастары босхо тутан биэрбитин, үлэлиир уонна олорор усулуобуйа оҥорбутун үрдүнэн, ыччат тыа сиригэр олохсуйбата биллэр дьыала. Били мэлдьи этэр суох харчыбыт барытыгар тэҥҥэ кыайан тиийбэтинэн, аан бастаан тыа сиригэр киһи күүскэ үлэлээн, табаар оҥорон таһааран сөптөөх хамнаһы, дохуоту аахсар экэнэмиичэскэй усулуобуйатын былаас тэрийэрэ наада! Сэбиэскэй былааска тыа сирин үлэһитэ промышленность үлэһитин хамнаһын 70-80 % ылара, билигин саатар 50 % ылара наада этэ.
Практика көрдөрбүтүнэн, сатаан салайбат салайааччылар сылайбакка урукку былааһы үөҕээччилэр эбэтэр урукку салайааччылар итэҕэстэрин көрдөөччүлэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ үлэлэрин кыайбаттарын баар эбэтэр суох сокуоннарга сыҕайаллар, сорохтор тыһыынча биричиинэ көрдүүллэр, дьыала түргэнник көнөр кыаҕа суоҕун дакаастыырга кинилэр маастардар.
Арассыыйаттан саҕалаан хамнас, дохуот араастаһыыта олус сиэрэ суох улахан. Холобур, 100 % судаарыстыба бас билиитигэр баар “Роснефть” тойоно Сечин сылга 35 мөл. доллар, а.э. биир млрд. 200 мөл. солк. хамнастаах, “Газпром” тойоно Миллер сылга 25 мөл. дуоллар, а.э. 850 мөл солк. хамнастаах, “Ростелеком” тойоно үлэтиттэн уурайарыгар 298 мөл. солк. манньа (золотой парашют) ылла.
Саха сиригэр улахан дефициттээх, Арассыыйа дотациятыгар олорор бюджеттаах өрөспүүбүлүкэ миниистирдэрэ, Ил Түмэн бастайааннай үлэлиир дьокутааттарын хамнастара аһара үрдүк. Холобур, Үп миниистирин хамнаһа 500 тыһ. солк. кэриҥэ, атын кыра миинистирдэр, дьокутааттар 200-300 тыһ. солк., уо.д.а. Кинилэри үтүктэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тугу да оҥорон таһаарбат, 100 % бюджеттан үбүлэнэн олорор тэрилтэлэр салайааччылара, оскуолалар дириэктэрдэриттэн саҕалаан бэйэлэригэр мунутуур үрдүк – 150-200 тыһ. солк. хамнаһы ыйга суруналлара аһара сиэрэ суох буолла.
Атын сайдыылаах дойдуларга барыларыгар хамнас араастаһыытын күччэтэр инниттэн дифференцированнай подоходнай нолуогу киллэрбиттэрэ ыраатта. Холобур, Францияҕа ыйга биир мөл. евроттан элбэх хамнастаах киһи 75 % нын судаарыстыбаҕа нолуок биэрэр. Атын дойдуларга 35-50 %-нын биэрэллэр. Биһиэхэ минимальнай хамнаска диэри нолуога суох, икки минимальнай хамнаска диэри 6 %, уон минимальнай хамнастан 20 %-тан сыыйа улаатыннаран сүүс минимальнайтан 50 % тиэрдэр тоҕо сыыһа буолуо этэй? Үгүс тэрилтэ сыллааҕы дохуотун, үбүлээһинин 40-50 % хамнаска ыытарынан, үрдүк нолуоктан куотан, орто хамнаска түһүө уонна инвестициятын элбэтэригэр тиийиэ этэ.
Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ орто биэнсийэ 13778 солк., Арассыыйа үрдүнэн 10400 солк. дииллэр. Тыа сирин кырдьаҕастара хамнаспыт кыратын суотугар Арассыыйа орто биэнсийэтин эрэ ылар курдукпут. Промышленность үлэһиттэрин, чунуобунньуктар биэнсийэлэрэ үрдүгэ чуолкай. Интернет кэпсииринэн, хаһыакка суруйалларынан спикербит ыйдааҕы биэнсийэтэ 310 тыһ.солк., биһиги дьокутааппыт 348 тыһ. солк. Бу сокуону оҥорон киллэрэн биир да дьүүллэһиитэ суох куоластаппыт Макиенко 245 тыһ. солк., үп миниистирин биэсийэтэ 360 тыһ. солк. буолуо дииллэр. Орто биэнсийэттэн 20-23 төгүл үрдүк биэнсийэни ый аайы дотацияҕа олорор өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан ылаллар. Итини таһынан үрдүк судаарыстыбаннай биэнсийэлэрэ баара чуолкай. Онон саамай үрдүк биэсийэ потолога холбоон орто биэнсийэни уон төгүл үрдээн, 140000 солк. буолуохтаах дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 47 тыһ. солк. буолбутунан, биэнсийэ хамнас 40 %-на буолуохтаах диэн сокуоҥҥа олоҕуран, орто биэнсийэ 19-20 тыһ. солк. буолуохтаах. Биэнсийэни дьаһайар сулууспа итини соторунан кыайбата чуолкай. Итинэн сибээстээн Москуба куорат бырабыыталыстыбата бары үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбии биэнсийэ биэрэр кээмэйэ быйыл 12 тыһ.солк тиийдэ. Онон биһиги бырабыыталыстыбабыт бу үтүө холобуру батыһан, 20000 солк.-тан кыра биэнсийэлээх кырдьаҕастарга 5-6 тыһ. солк. ый аайы эбии төлөбүрү бюджеттан оҥороро наада диибин.
Куоракка сөптөөх театрдар, спортивнай дыбарыастар бааллар, онон саатар биэс сылга бюджет лаппа улаатыар диэри, олорор дьиэлэри, коммерческай тутуулары, благоустройствоны эрэ салгыы ыытыахха баара. Ордор үбү-харчыны барытын тыа сирин дьонун күннээҕи олоҕун таһымын үрдэтэр дьаһалларга ыытыахха сөп этэ.
Үсүһүнэн, мин санаабар, олох-дьаһах хаамыытын уонна сайдыытын бытаардар, туормастыыр, харгыстыыр сүрүн боппуруоһунан Саха сиригэр бэнсиин, дизуматык сыаната аһара ыараханыгар сытар. 2012 сылга киирэн баран “Дети Азии” оонньууну ыытарга харчы наада буолан, А-92 бэнсиин, сэлээркэ сыаната 30 солк.-тан эмискэ 30-ча % үрдээн, 40-ча солк., оттон Н-80 бэнсиин сыаната 20 солк.-тан 30 солк буолбуттара. Ол түмүгэр “Саханефтегазсбыт” “АЛРОСА”-тан кырата үс төгүл элбэх харчыны 380-ча мөл. солк. спонсордаабыта. Оонньуу бүппүтүн кэннэ сыана түһүө дии санаабыппыт түспэтэҕэ. ГСМ сыаната үрдээһиниттэн массыыналаах, тыраахтардаах баай эрэ дьон ночоотураллар диир сыыһа буолуо. Транспортнай ороскуоттар ыараан аска-таҥаска, өҥөҕө сыана күүскэ үрдээн, ордук куораттан ыраах сытар улуустар, нэһилиэктэрин бары олохтоохторо оҕустараллара чуолкай. Итинэн сибээстээн кэнники сылларга төһө элбэх харчыны кыра да, улахан да ГСМ тиэйэн аҕалан эргинэр тэрилтэлэр барыыһырбыттарын бэйэлэрэ эрэ билэллэр.
Аан дойдуга ниэби саамай элбэхтик хостоон атыылыыр судаарыстыбалар бэйэлэрин дойдуларыгар ГСМ-мы саамай чэпчэкитик атыылыыллар, Холобур, Персидскэй хомо тула сытар Кувейт, Иран, ОАЭ, Саудовскай Аравия, Каспийскай муора таһынааҕылар – Азербайджан, Туркмения, Казахстан, Венесуэла уо.д.а биһиги харчыбытыгар таһаардахха биир лиитирэтин 4-6 солк.-тан саҕалаан 12 солк. диэри атыылыыллар. Кытай былырыын 16 солк.-тан 22 солк. таһаарбыта, кинилэргэ дойду үрдүнэн биир сыана олохтонор.
Нефть хостообот дойдуларга, ордук Европаҕа, ГСМ сыаната биһигиттэн 1,5-2 төгүл ыарахан эрээри, хамнастара, биэнсийэлэрэ таһыччы үрдүк уонна климаттара ичигэс буолан, улаханнык оҕустарбаттар. Арассыыйаҕа ГСМ ортотунан 27 солк., Москубаҕа уонна Америкаҕа 30 солк. Америкаҕа орто хамнастара 130 тыһ. солк, биэнсийэлэрэ 60-70 тыһ. солк., оттон Саха сиригэр ГСМ 40 солк. Дьэ хайдах тэҥэ суох балаһыанньаный? Ордук тыа сирин дьоно хамнастара, биэнсийэлэрэ кыра уонна массыына, тыраахтар кыһын 8 ый устата гаражтан таҕыста да, киэһэ киириэр диэри мотуора умуллубакка үлэлиир.
Биһиги курдук бытарҕан тымныылаах, киэҥ территориялаах, ыраах расстояниелаах дойдуга ГСМ сыаната аһара үрдүгэ, ханнык да ырыынак усулуобуйатыгар сигэммэккэ, былаас сыыһа дьаһаныытыгар буолара чуолкай. Соҕуруу расстояниелара чугас уонна тохтоотун даҕаны халлааннара ичигэһин суотугар мотуоргун умуруоран иһэр буолан, биһигиннээҕэр оҕустарыылара кыра.
Билигин Ангарскайдааҕы НПЗ сайыҥҥы сэлээркэни лиитирэтин 15 солк., А-92 бэнсиини, кыһыҥҥы сэлээркэни 25-тии солк. атыылыыр. Биһиэхэ суудунанан эбэтэр поеһынан Аллараа Бэстээххэ кэлэригэр, ороскуота 3-5 солк. эбиллэр, харайыыта 3-6 ыйга эмиэ кыра, ону ГСМ-нан эргинээччилэр накладной ороскуоттара улахана уонна баан кирэдьиитин бырыһыана аһара олус үрдэтэллэр.
Онон куораттан ыраах сытар нэһилиэктэр, улуустар дьаһалталара бэйэлэрин территорияларыгар баар тэрилтэлэрин, чааһынай дьоннорун харчыларын аккумуляциялаан, кыттыһан поеһынан, онтон суудуналарынан сакаастаан, саатар сыл аҥаардааҕы наадыйыыларын аҕалаллара эбитэ буоллар, бэнсиин, сэлээркэ лиитэрэтэ 30-ча солк. буолуо этэ. Куорат уонна киин улуустар аны күһүҥҥүттэн холку 30 солкуобайдаах ГСМ-нан туһанар кыахтаахтар.
Иккис этиим диэн – Арассыыйаҕа 28 НПЗ баарыттан Ангарскайдааҕы НПЗ Уһук Хотугу регионнарыгар атыылыыр ГСМ сыанатын нолуогун, акциһын күччэтии суотугар лиитэрэтин 15 солк. диэри түһэрэн атыылыырын ситиһиэххэ. Арассыыйа бюджета олус улахан ночоотуруо суоҕа этэ. Ол наадатыгар Дальнай Восток сайдыытын бырагырааматыгар олоҕуран, Госдума сокуона эбэтэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕа наада этэ. Оччоҕо биһиэхэ лиитэрэ ГСМ 25, муҥутаан 30 солк. буолуо этэ.
Арассыыйа экэниэмикэтэ түргэнник сайдыбат биир сүрүн биричиинэтэ ГСМ уонна э/энергия сыаната үрдүгэр сытар. Судаарыстыба норуот интэриэһинээҕэр олигархтар интэриэстэрин инники тутара аһара хомолтолоох.
Ханнык баҕарар былаас уонна салайааччы ыытар үлэтин хайысхата сүнньүнэн барыта биир буолар, ол эрээри сорох тирээн турар боппуруостарга приоритета, акцена, сүрүн болҕомтото тус-туһунан буолааччы. Тыа сирин кэлимник сайыннарыахха диэн тыын боппуруос тылтан, кумааҕыттан салгыы олоххо сэниэлээхтик киирбэт, оттон хаһыат, араадьыйа, телевидение кэпсииринэн олох күн-түүн тупсан иһэр курдук. Миэстэтигэр балаһыанньа сылтан-сыл эбии уустугуран иһэр, тыа сиригэр элбэх табаар оҥорон атыылаан олоҕун-дьаһаҕын тупсарыммыт биир эмэ тэрилтэни да, киһини да билбэппит диэххэ сөп.
Нэһилиэк, улуус таһымыгар үлэ, олох уустук оскуолатын ааспыт, муударай бэтэрээн кырдьаҕастары сылга саатар биирдэ эмэ түмэн мунньахтаан санааларын, сүбэлэрин истии уурайбыта кырата уонча сыл буолла. Өрөспүүбүлүкэ туһунан этэ да барыллыбат, үлэлээн уурайбыт дьон куолулуулларын истэр туһата суох диир быһыылаахтар.
Биллэн турар, биһиги бэтэрээннэр этиилэрбит уонна суруйууларбыт барыта 100 % сөп буолбата буолуо, ол эрээри сороҕо күннээҕи үлэҕэ- хамнаска туһалыан сэп буолуо.
“Сунтаар сонуннара” 28. 02. 2014 с.
* * *
Россия сокуоннарыгар этиилэрим
Муус устар ый саҥатыгар Дьокуускайга Уһук Илин уонна Байкал регионун сайдыытын бырагыраамата түргэнник олоххо киирэрин ситиһэргэ Арассыыйаҕа баар билиҥҥи сокуоннарга барыларыгар кэриэтэ элбэх эбиилэри уонна көҕүрэтиилэри оҥорорго Федерация Сэбиэтин парламентскай истиилэрэ буолалларынан сибээстээн, улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталара, араас таһымнаах дьокутааттар, бары партиялар уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эмиэ бэйэлэрин этиилэрин киллэрэргэ саамай сөп дии саныыбын.
Бу биһиги туспутугар улахан историческай суолталаах событие буолаары турар, ол эрээри бу дьаһал ахсынньы, тохсунньу ыйдарга халлаан 45-50 кыраадыс тымныйан турдаҕына, Госдума уонна Федерация Сэбиэтин кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин, фракция салайааччыларын, дьокутааттарын олохтоох услуобуйаны билиһиннэрэ таарыйа 5-6 бөлөххө хайытан, 10-ча улууска сырытыннарбыт эбитэ буоллар көдьүүһэ лаппа үрдүк буоларыгар саарбахтаныллыа суох этэ.
Ол үрдүнэн Арассыыйаҕа кэнники 20-чэ сыл бары биир тэҥ сокуоннарынан, нолуоктарынан олорон уонна үлэлээн кэллибит. Онон билигин бары сокуоннарга баар Арассыыйа стандартара, нуормалара, тарыыптара регионнарынан чопчуланан, олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн, уларытыылары, эбиилэри киллэрэр кэм кэлбитэ бириэмэ ирдэбилэ буолла. Өскөтүн салгыы уларыйыы киирбэккэ, сир баайын баахта да ньыматынан хостуохха сөп диэтэхтэринэ, эһиги олохтоох омуктар тоҕо Уһук Хоту төрөөбүккүтүй, тоҕо итиннэ олороҕутуй, үлэлиигитий, бэйэҕит буруйгут диир түбэлтэлэригэр, эдэр үөрэхтээх, кыанар ыччат сыыйа соҕуруу эбэтэр омук сирдэригэр дьоһун олох көрдөһө баралларыгар тиийиэхтэрэ.
Билигин төрүт олохтоох омуктар быһа холоон 30 % куораттарга, 30 % улуус кииннэригэр, 30 % тыа нэһилиэктэригэр олороллор. Куоракка олорооччу, үлэлиир кыахтаах дьонтон 5-10 % киһитэ, улуус киинигэр олорооччулартан 15-25 %, оттон тыа нэһилиэктэригэр олорооччулартан 30-40 % үлэтэ суох буолан чуолаан эдэр ыччат, эдэр дьиэ хаһаайкалара, үлэлиир кыахтаах эдэрчи биэнсийэлээхтэр дьиэлэригэр олорбуттара 20-чэ сыл буолла.
Бары билэрбит курдук, билигин нэһилиэнньэ оскуола, оҕо саада, балыыһа, кулууп, почта, дьаһалта уонна ОДьКХ-ҕа аҕыйах кочегардарга эрэ үлэ миэстэтэ баар. Урут сопхуостар баар эрдэхтэринэ 100-150 үлэһиттээх отделениелар, киин уһаайбалар баалларыгар быстах эбэтэр сезоннай да үлэни булар кыах толору баара. Үлэтэ, дохуота суох буолуу ордук биһиэхэ хоту дойдуга саамай дьулаан, саамай ыарахан дьыала буолар. Реформа сылларыгар төһө элбэх киһи өй-санаа муунтуйан эрдэ кырдьыбыта, муҥур уһугар тиийэн ыалдьыбыта, сороҕо арыгыһыт буолбута, сороҕо бэйэтигэр тиийиммитэ буолуой – айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэр.
Билигин тыа сиригэр үлэ миэстэтин таһаарарга икки эрэ хайысха баар курдук: бастатан туран, кырата 30-50-100 үлэһиттээх тыа хаһаайыстыбатын табаарынай бородууксуйатын оҥорон, бэйэтэ эргинэн, атыылаан, сөптөөх дотация ылан, кырата 30 % рентабельностаах тэрилтэ ТХПК эбэтэр ХЭТ буолуу. Иккиһинэн, бэйэ дьыалатын тэринэн ИП буолан, нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥоруу уонна кэтэх сүөһү, сылгы ииттэн эт, үүт туттаран дохуоттанан олоруу.
Кыратык билигин баар балаһыанньаны исписэлиистэр, экэнэмиистэр этэллэринэн суруйдахха, ханнык баҕарар бородууксуйаны оҥорорго бастаан тутуу ыытыаххын наада. Холобур, Саха сирин услуобуйатыгар хотон тутарга Арассыыйа Европатааҕы чааһыгар тутардааҕар кырата 4-5 төгүл ыарахан сыаналаах буолар. Иккиһинэн, биһиэхэ кыһыммыт 8 ый уһуннаах, онон бу хотоннору сылытарга итиитин ороскуота баһаам, кырата биэс бүк улахан буолар.
Соҕуруу өттүгэр отой да сылыппаттар. Үсүһүнэн, биһиэхэ уматык уонна электроэнергия ыараханын уонна таһар сирбит ырааҕын суотугар транспортнай ороскуот аһара улахан. Төрдүһүнэн, хамнас биһиэхэ киин сиргэ холоотоххо 2-3 төгүл үрдүк буолар. Бэсиһинэн, сымнаҕас сиргэр тэп диэбит курдук, сүрдээх улахан нолуоктар, социальнай отчислениелар киин сиргэ баар тэрилтэлэри кытта тэбис-тэҥнэр.
Итини таһынан араас көрүҥнээх төлөбүр элбэх буоллаҕа. Онон биһиэхэ оҥоһуллар бородууксуйа ороскуота (издержки производства) аһара улахан. Оттон соҕуруу да, биһиэхэ да оҥоһуллубут табаар, бородууксуйа атыыга барар сыаната биир буолар. Онон биһиги услуобуйабытыгар барыыстаах тэрилтэ баар да буолар кыаҕа суох.
Итинэн сибээстээн кыратык Малайзия, Таиланд, Гонгконг, Индия, Кытай уо.д.а. дойдуларга бородууксуйа хайдах оҥоһулларын ахтан ааһар наадалаах. Онно собуот, фабрика оҥорорго транспорт ороскуотун аҕыйатаары муора кытыытыгар фундамена суох каркас оҥорон, профлииһинэн бүрүйэн, улахан сарай оҥороҕун уонна станоктары, оборудованиены туруоран, энергияны холбоотуҥ даҕаны үлэлээн барарга бэлэм буолар. Биһиэхэ тутардааҕар 10-20 төгүл ороскуота кыра буолар. Сылытыаххын баҕардаххына сылы супту сүрэҕэлдьээбэккэ түннүккүн астаххына 25-30 кыраадыс ичигэс буолар. Күннээҕи аһыыр аһылыктарын, таҥнар таҥастарын иһин эбэтэр ыйга 100-200 дуоллар иһин күҥҥэ 10-нуу чаас үлэлииргэ бэлэм дьон олбуор таһыгар тыһыынчанан уочараттаан тураллар. Итини таһынан нолуоктарын кээмэйэ биһигиттэн 2-3 төгүл кыра эбит. Ол иһин бородууксуйаны оҥорон, атыылаан ылар барыыстара биһигиннээҕэр 10-20 төгүл үрдүк, онон омуктар үптэрин-харчыларын ити дойдуларга угаллар.
Оттон Арассыыйаҕа, чуолаан биһиги Сахабыт сиригэр, омуктан инвестиция киириэҕэ диэн саҥа былаас бары таһымнаах чунуобунньуктара эрэннэриилэрин 20-чэ сыл кэтэстибит даҕаны, суох. Омук бизнесменнэрэ акаары буолбатахтар, бу үлүгэрдээх ороскуоттаах, нолуоктаах дойдуга собуот, фабрика тутан, олохтоох дьону үлэлээх оҥорон, бородууксуйа оҥорон, эргинээри кэлэр да бириэмэлэргэ киирбэттэрэ чуолкай, онон кураанаҕы кэпсиири тохтотор сөп буолуо этэ.
Биһиги билэрбитинэн, 20-чэ сыллааҕыта кинилэр Арассыыйаҕа арыгы, пиибэ, табах, дьыалабыай мас бэлэмнээһинин 100 % илиилэригэр ылбыттара. Кэлин омук табаарын, бородууксуйатын күүскэ атыылаан-эргинэн уонна сир баайын хостоон, омуктарга тиэйэн-таһааран эргинэр баллайар барыыһы биэрэр салааларга, тэрилтэлэргэ үптэрин уган, үлүннэрэн, нефть, газ атыытыттан киирэр дуоллары төттөрү таһаллар. Өссө эбэн эттэххэ Бразилияҕа, Аргентинаҕа сылы супту күөҕүнэн чэлгийэр истиэптэригэр мөлүйүөнүнэн көҥүл мэччийэ сылдьар сүөһүлэриттэн бөдөҥнөрүн, эмистэрин талан өлөрөн, трейлер морозильниктарынан тиэйэн аҕалан, суудунаҕа тиэйэр ороскуоттара биир киилэ эккэ биһиги харчыбытыгар таһаардахха 25-30 солк. буолар.
Онтон Владивостокка диэри суудунанан, онтон поеһынан Дьокуускайга диэри аҕалан кууһунан ылааччыларга 150-200 солк. буолар. Оттон биһиги оҥорон атыылыыр эппит киилэтэ 400-500 солк. Дьэ итинник балаһыанньаҕа биһиги, тыа сирин дьоно, эрэнэрбит эрэ бэйэбит Саха сирин эбэтэр Арассыыйа Бырабыыталыстыбата олохтоох дьону хааччыйан табаары, өҥөнү оҥорор бары тэрилтэлэри, атыыттан-эргиэнтэн уонна сир баайын хостуур тэрилтэлэртэн уратыны сөптөөх субсидиянан, дотациянан өйүүрүн ситиһиллиэхтээх.
Билигин баар уонна саҥа тэриллэр олохтоох оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ улахан, күүстээх болҕомтону уурар кэм кэллэ. Кинилэр барыстаахтык үлэлиир экэнэмиичэскэй услуобуйаларын тэрийэн нолуок базатын кэҥэтиэххэ.
Кэнники 20-чэ сыл производственнай тутуулары тохтотон туран, социальнай эбийиэктэри тутуунан олус үлүһүйэн кэллибит. Хааһына үбэ төһөнөн элбиир да, соччонон элбии турар чинчилээх. Кинилэр саҥа үлэ миэстэтин таһаараллара аҕыйах, хата, кинилэри хааччыйарга үгүс үп-харчы хааһынаттан ороскуоттанар.
Биһиги Сахабыт сиригэр субсидия, дотация кээмэйинэн региональнай экэниэмикэ институтун уонна ТХНЧИ оҥорбут расчёттарыгар олоҕуран оҥоруохха сөп буолуо. Бары билэр буолуохтаахпыт, төһөлөөх элбэх тэрилтэ ырыынакка киирии саҕаланыаҕыттан, билигин даҕаны НДС, барыыстан нолуок, подоходнай, сир, транспортнай, баай-дуол уо.д.а. нолуоктары, ЕСН, экология, пожарнай, СЭС, ветслужба, ууну туһаныы иһин уо.д.а. сыллааҕы, кварталлааҕы төлөбүрдэрин кэмигэр кыайан төлөөбөккө, ону таһынан сиэрэ суох улахан пеняны, ыстараабы кыайбакка моҥкурууттаабыттарын.
Мин толкуйдуурбунан, Уһук Илиҥҥи регионнарга дьону үлэнэн хааччыйалларын эрэ иһин тэрилтэлэртэн ханнык даҕаны нолуогу, төлөбүрү ылбакка эрэ, төттөрүтүн хас үлэһиттээҕинэн көрөн, судаарыстыба ый аайы салааларынан көрөн субсидия, дотация биэриэхтээх. Холобур, бюджет уонна промышленность, атыы-эргиэн үлэһиттэрэ акылааттарыгар эбии хотугу коэффициент 60 % уонна надбавка 80 % ааҕыллар уонна үбүнэн кыаллар. Оттон атын олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйалаах салаалар хамнас ааҕыллыылара, дохуоттара кыратынан мээнэ кыаллыбат. Саатар бу араастаһыыны судаарыстыба тэрилтэҕэ ый аайы эбэтэр кыбаарталга биирдэ компенсациялыахтаах. Нолуок кодексын регионнарынан көрөн уларытар олус уустук буолуон сөп, ол иһин регионнарынан, салааларынан көрөн, субсидия, дотация кээмэйин олохтоох услуобуйаны учуоттаан уларытан оҥортуур дөбөҥ буолуо этэ.
1998 сыллаахха Арассыыйа отой эстэн олорон тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр дотация төлөөбөт сылтаҕын булан, бааһынай хаһаайыстыбатын уонна кэлэктиибинэй хаһаайыстыбатын суох оҥортоон, саҥа ГК атыы-эргиэн тэрилтэлэрин кытта тэҥнээн ИП (индивидуальнай предприниматель), ПК оҥортообута. Бу балаһыанньа көнөр кэмэ кэллэҕэ дии.
Ити курдук билигин биэнсийэ сокуонугар 80 сааһын туолбут киһиэхэ биэнсийэтигэр 6151 солк. эбиллэр буоллаҕына, Уһук Илиҥҥи региоҥҥа 5 сыл эрдэ биэнсийэҕэ тахсарбытынан уонна орто сааспыт кыратынан 75 саастан эбиллэрэ сөп буолуо этэ.
Региоҥҥа орто хамнас сылын аайы төһө үрдүүрүттэн көрөн дьүөрэлии орто биэнсийэ эмиэ үрдээн иһэрин ситиһиллиэхтээх. Биэнсийэ саамай алын таһыма олохтоммутунан саамай үрдүк кэрдииһэ эмиэ олохтонуон наада. Итини таһынан билигин Арассыыйа үрдүнэн 40 сыл ыстаастаах киһи үлэ бэтэрээнэ буолар, ону биһиги услуобуйабытыгар саатар 35 сылга түһэрэр тоҕо сатаммат буолуой?
Төрүт олохтоох омугу элбэтиэххэ диэн политиканы бигэргэтэн, 3-с, 4-с, 5-с оҕотун 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорор дьахталларга хамнаһын 70 %, саамай кырата 20 тыһ. солкуобай ый аайы төлөбүр олохтуохха. Биэс оҕолоох дьахтарга Герой-ийэ аатын иҥэриэххэ баара. Хамнас араастаһыытын аҕыйатар сыалтан уонна хааһына үбүн элбэтэр инниттэн хойутаабакка, эрдэтинэ Уһук Илиҥҥи региоҥҥа дифференцированнай подоходнай нолуогу түргэнник олоххо киллэриэххэ наада.
Итини таһынан нефтяниктар, энергетиктар нолуоктарын, акцизтарын аҕыйатыы эбэтэр тус сыаллаах дотация суотугар Уһук Илин регионнарыгар туһаныллар ГСМ, электроэнергия, сибээс сыанатын, тарыыптарын Арассыыйа орто көрдөрүүтүгэр түһэрэр наада буолуо.
Үөрэх, медицина, ОДьКХ уо.д.а. сокуоннарга олохтоох услуобуйаҕа сөп түбэһэр стандартары, тарыыптары киллэрэргэ тустаах тэрилтэлэртэн, исписэлиистэртэн этиилэрин ылан, уларытыылары киллэрэргэ саамай табыгастаах кэми мүччү туппатарбыт сатаныа этэ.
Бу сокуоннарга эбиилэри, уларытыылары киллэрэргэ элбэх үп-харчы наада буолара биллэр. Ону толуйар наадаттан Саха сиригэр сыллата көрүллэр Уһук Илин сайдыытын бырагырааматыгар анаммыт үп 10 % уонна сыл устата хостоммут сир баайын атыыламмыт сууматын 20 % (саатар 10 %) олохтоох омуктар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар бэриллэрин Арассыыйа сокуонунан бигэргэтиэххэ. Дьэ бу уустук боппуруостарга Госдума, Федерация Сэбиэтин, Ил Түмэн дьокутааттарын уонна Бэрисидьиэммит, Бырабыыталыстыбабыт таһымнарын, ис кыахтарын, бииргэ түмсүүлээхтэрин билэр кэммит дьэ кэллэ дии саныыбын.
Онон бу тирээн турар боппуруостары тула хаһыатынан, араадьыйанан, ТВ уонна интернетинэн киэҥ кэпсэтии барара туһаттан атыны аҕалбата чуолкай.
“Сунтаар сонуннара” 01. 04. 2014 с.
Кэскили түстээбит дириэктэр
Ольга ЗАХАРОВА,
Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
СӨ радио уонна тэлэбиидэнньэ туйгуна,
Н.Кондаков аатынан бириэмийэ лауреата
Үлэбит сиэринэн Горн Егоровичтыын элбэхтик алтыспыт кэмнэрдээхпит. Салайааччы, тэрилтэ имиджэ, үйэтитии диэн өйдөбүллэргэ мэлдьи холобур туттар муударай салайааччым, Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос дириэктэрэ Семён Журавлёву саныыбын. Кини ааспыт үйэ 60-с сылларыгар соҕурууттан кинохроника үлэһиттэрин ыҥыран аҕалан хаһаайыстыбатын, үлэһиттэрин, Угут Күөл номоххо киирбит ыһыаҕын, сүдү киһи Сэргэй Сибиэрэби-Кыыл Уолун киинэҕэ уһултаран, билигин ол түгэннэри эргитэн көрөр кыахтаахпыт. Горн Егорович эмиэ муударай, кэскили саныыр салайааччы буолан, хаһаайыстыбатын үлэтин бары салааларын, үлэ дьонун, быйаҥнаах Кыра, Улахан Табаҕалары, саҥа эбийиэктэр аһыллыыларын, ыһыы, хомуур үлэлэрин анаан-минээн биһигини ыҥыран, айан борогуонун, үлэ төлөбүрүн кытта толуйан сырытыннаран, олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ тэлэбиидэнньэтигэр кинилэри элбэхтик сырдаппыппыт. Билигин, хомойуох иһин, итинник дьаһанар салайааччылар аҕыйахтар. Өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт элбэх түгэнтэн сороҕун ахтыым эрэ.
… Харах ыларынан нэлэһийэ мэндээрбит Улахан Табаҕа быттык-хоннох бааһыналарыгар истиэнэ курдук үүммүт эбиэс ортотугар оннооҕор сахаҕа үрдүк уҥуохтаах улууспут баһылыга Михаил Никифоров нэһиилэ көстөрө. Мин отой даҕаны бурдук быыһыгар киирэн мунан хаалыах курдугум.
… Онно этэ дии бу үлүгэрдээх быйаҥы хомуйарга күн былдьаһыгын, биһиги усулуобуйабытыгар от, сиилэс өр кэмҥэ куурарын туһунан кэпсэтиигэ, икки хонугунан бэйэтэ куурдан, кэнсиэрбэлээн кэбиһэр саҥа технологиялар соҕуруу баалларын, оннук тэриллэри булар наадатын туһунан кини элбэҕи кэпсээбитэ. Билигин улуус бааһыналарыгар итинник тэриллэр кэлэннэр, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин биллэ түргэтээтэ, судургутуйда уонна хаачыстыбата тубуста.
… Горн Егорович сири кытта үлэҕэ улахан болҕомтотун уурара. Кини сүөһүнү иитии дьыала кыра өттө, туох ханнык иннинэ сүөһү айаҕын хааччыллыахтаах, атыннык эттэххэ кормовой базаны тэрийдэххэ эрэ, сүөһүнү иитии ситиһиилээх уонна түмүктээх буолар диирэ. Кырдьык урут хотон тутуннуҥ да ынах сүөһүнү иитэн барарыҥ. Уонна халлааны манаан, үүнэр-үүммэт оту кэтэһэн, ону кэмчилээн, дьонтон атыылаһан аһылыктанан бэрт эрэйдээхтик олороллор. Билигин кэтээн көрдөххө кэскиллээхтик дьаһанар сүөһү иитэр хаһаайыстыбалар бааһына сирин оҥостон, бурдугу, элбэх сыллаах оту ыһар буоллулар.
… Куокунуга ЗАВ-10 бурдук установкатын киэн тутта кэпсиирэ, кэнэҕэһин Сунтаарга уотурбаны оҥорор собуоту үлэлэтэр кичэмэ санаалааҕа.
… Биэриилэри устар кэммитигэр материальнай ыскылаакка үөһэ-аллара долбуурдарга толору саппаас чаас арааһа баарын көрөн, операторбыныын харахпыт “түһэ“ сыспыта. Тоҕо эрэ элбэх баҕайы хаатыҥкалары өйдөөн хаалбыппын…
… Эт собуотугар кинилэр оҥорор халбаһыылара минньигэһин, арааһа элбэҕин саныыбын. Дьэ дьикти, олох сайдар диибит эрээри, оччоттон баччаҕа диэри Сунтаар улууһугар эти ыыһыыр биир да тэрилтэ тэриллэ илик. Түргэнник буортуйар сылгы этин уһатан сииргэ бэртээхэй ньыма буолуохтааҕа. Итинтэн да атын кэрэхсэллээх түгэннэр элбэхтэрэ.
Күн бүгүнүгэр диэри үлэм сиэринэн Горн Егорович курдук кэскилгэ үлэлиир, киэҥ анаарыылаах, ааҕар-суоттуур дьоҕурдаах салайааччылары ытыктыыбын, кинилэр үлэлэрин сырдатарбын астынабын. Хомойуох иһин, оннук салайааччылар аҕыйахтар уонна дэҥҥэ көстөллөр…
Кириэстээхтэр тустарынан суруналыыстар, ол иһигэр мин эмиэ, «социалистическайдыы, сэбиэскэйдии» дьаһанан олороллор диэн элбэхтик суруйдахпыт. 90-с сылларга үгүс тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ эстэн, ыһыллан эбэтэр бүтэһик тыынынан сурдургуу олорор кэмнэригэр, Горн Егорович хаһаайыстыбата астыыр-үөллүүр собуоттары тутан, аныгылыы суулаах-хаалаах бородууксуйаны таһаараллара, Табаҕа бааһыналарыгар «истиэнэ» курдук эбиэһи ыһаллара, саҥа эбийиэктэри туталлара, техниканы, сүүрүк аттары атыылаһаллара. Ыанньык комплексатыгар ыанньыксыттарга итии аһылык, бээтинсэ мунньахтара, көҕүлээһин – быһатын эттэххэ бэйэлэрин толору хааччынан, кыахтаахтык, олохтоохтук дьаһанан олорбуттара.
Горн Егорович ситиһии төрдө үөрэнии, билии-көрүү диэн этэр. Кини улуу кытай омугун «Сарсын өлүөҥ да буоллар, бүгүн үөрэн» уонна «Күннэтэ эбиллибэт билии көҕүрүүр» диэн цитаталары сөбүлээн туттар. Кини курдук омук сирдэригэр тиийэ билиитин үрдэтиммит салайааччы баарын биир бэйэм саарбахтыыбын.
Ылбыт билиини сөптөөхтүк туһаныы – эмиэ туһунан наука, ураты култуура таһыма, дипломатия көстүүтэ. Дэлэҕэ биир биллэр салайааччы – «ВилюйГэсстрой» учаастагын салайааччыта Спичак уочараттаах дуогабарга илии баттаһыы кэнниттэн «После Горна Егоровича хохлу делать нечего» диэн этиэ дуо.
Кини бу бары ситиһиилэри коллективнай үлэ түмүгүнэн ааҕара оруннаах. Кырдьык, Горн Егорович бэйэтин тула үлэһит, инициативалаах, эрэллээх, инникини өтө көрөн үлэлиир хамаанданы түмэн, түбүктээх үлэтэ үтүө түмүктээх буоллаҕа. Маныаха муударай салайааччы эмиэ наукаҕа да, айылҕаҕа да баар «балаансалаһыы» диэн сокуону кыраҕатык тутуспута: кырдьаҕаһы кырыы хараҕынан көрбөтөҕө, эдэри эҥэриттэн ылбыта, боростуой диэн булгумматаҕа. Кини бу үтүө хаачыстыбаларын бииргэ үлэлээбит эдэр-эмэн дьоно астына бэлиэтииллэр.
Ити курдук Горн Егорович 2005 сылга диэри 15 сыл устата хаһаайыстыбаны салайан баран, 55 сааһыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Доруобуйа кыайар, кыахтаах эрдэххэ дьон, дойду туһугар сөптөөхтүк үлэлээн, отуору оҥорон баран бэйэ санаатыттан уурайар, этэргэ дылы, күүстээх санаалаах, өйдөөх дьон тактикалара дии саныыбын. Ким эрэ кэннигиттэн кэрбээн, ньиэрбэҕин сиэн, үҥсэн-хаҥсан, куһаҕанын баран эттэххэ, сымыйанан күтүрээн “күрдьүккэ анньыллан” хаалыаххын эмиэ сөп. Олоххо араас буолар. Билигин Горн Егорович сынньалаҥҥа олорон доруобуйатын көрүнэр, дьиэ кэргэнигэр, сиэннэригэр урут тиийинэн тиэрдибэтэх болҕомтотун уурар, элбэхтик ааҕар, дьарыктанар, кэргэниниин доруобай аһы аһаан, салгыҥҥа хааман, төрөөбүт дойдутугар Мэйиккэ сайынын сынньанан, айылҕа быйаҥын сомсон нус-хас олороллор. Ол эбээт СИРДЭЭҔИ ДЬОЛ диэн!
Үтүөҕэ үтүө тардыһар диэн этэллэр. Горн Егорович олоҕун аргыһа Валентина Афанасьевна киниэхэ холоонноох кэрэ, мааны киһи. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-хоторсон биэрэллэр, бастыҥ сүбэһитэ, бигэ тыыла. Иккиэн үөрэҕи бүтэрэн кэлиэхтэриттэн дьылҕа анаабытын курдук туой биир эйгэҕэ түбэсиһэн үлэлээбиттэр. Эдэркээн районо методиһа кыыс Түбэй оскуолатыгар бэрэбиэркэҕэ тиийэр. Горн Егорович онно дириэктэр. Онтон кини комсомол райкомугар секретардыыр кэмигэр кыыс Пионердар дьиэлэригэр үлэлиир. Комсомольскай мунньахтар, тэрээһиннэр, субуотунньуктар, уопсай доҕоттор… Ити курдук үс сыл эн-мин дэһэн билсиһэн ыал буолбуттар. Салайааччы кэргэнэ буолуу диэн туһунан уонна ураты анал. Бу аҥаардас баай-талым, мааны далбардаах олох буолбатах. Мэлдьи икки хараҥаны силбээн ыраах-чугас айанныыр кэргэни кэтэһии, тойон киһи аһын-таҥаһын бэрийии, уустук психологическай, өй-санаа, дьону кытта үлэ кыһарҕаннарын өйдөөһүн, муударай, тулуурдаах, ыалдьытымсах буолуу, биир тылынан киниэхэ бигэ тыыл буолуохтаах. Горн Егорович «олоххо тугу ситиспиппэр аҥаара кэргэним үтүөтэ-өҥөтө» диэн этэр. Уоллаах кыыс оҕолоро олоххо суолларын булбут, атахтарыгар турбут ыаллар, ийэлээх аҕаларыгар элбэх сиэннэри бэлэхтээн, билигин күннэрэ кинилэртэн тахсар.
Дьон-сэргэ олоҕунан олорор, дьон үөрүүтүттэн үрдүүр, дьон ситиһиититтэн дьоллонор киһи чахчы да дьоллоох киһи буоллаҕа.
Түгэнинэн туһанан Горн Егоровичка, Валентина Афанасьевнаҕа миэхэ итэҕэйэн, бу дьоһуннаах кинигэни көрөн-истэн таһаарарга бииргэ үлэлээбиппитигэр махтанабын. Кинигэни аахпыт эрэ элбэҕи билиэ, туһаныа, үлэтигэр, олоҕор ыйынньык оҥостуо диэн бигэ эрэнэбин. Уонна умнуллубуту саната таарыйа, үөһэ суруллубуту бигэргэтэр быһыынан бэйэм архыыппыттан үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр 1995 сыл сэтинньи 16 күнүгэр “Сунтаар сонуннара” хаһыакка тахсыбыт “Кириэстээхтэр кистэлэҥнэрэ” диэн ыстатыйабын бэлэх кэриэтэ кинигэҕэ киллэрэбин. 35 саастаах суруналыыс диэтэххэ хоп курдук суруйбут эбиппин. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
Кириэстээхтэр кистэлэҥнэрэ
Бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыакка уруккута Мэҥэ Хаҥалас оройуонун биллиилээх ыанньыксыта Павел Шарин дойдутугар коллективнай хаһаайыстыба дириэктэрэ буолбутун туһунан информацияны үөрэ, долгуйа аахтым. Уонтан тахса сыллааҕыта кини туһунан ыччат хаһыатыгар суруйан турардаахпын. Оччолорго ыанньыксыт уол үрдүк үөрэхтээх зоотехник буолан, сопхуоһун туругурдуон баҕарарын этэн аһарбыта. Ол баҕа санаатын толорон билигин хаһаайыстыба салайааччыта буола үүннэҕэ.
Итинтэн сиэттэрэн хаһыат урукку геройдарын дьылҕаларын, бүгүҥҥү күннээҕи түбүктэрин туһунан суруйар санаа батарбата. Кириэстээххэ тахса сылдьан 80-с сылларга үрдүк үүт иһин хамсааһыннар көҕүлээччилэрэ, оройуоҥҥа, республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх “Гвардеец” ферма коллективын сурастым. Предприятие кылаабынай зоотехнига Виктор Тихонов кабинетыгар киһи толору. Отделение управляющайа Дмитрий Амбросьев, биригэдьиир Николай Сидоров, племзоотехник Антонина Барашкова бүгүҥҥү ыанньыксыттар бээтинсэлэрин туһунан кэпсэтэ олороллор. Суруйар идэлээх киһи мин бу сырыыга табылынным: гвардеецтар сыл-хонук тумарыгар муммакка, уларыйыы ухханыгар оҕустарбакка уруккуларын курдук тутуспутунан үлэлии олороллор. Предприятие ыанньык сүөһүнү иитэр салаатыгар син биир бастыҥнар, тутаахтар.
Кимнээх этилэрий, бастакы гвардеецтар? Кинилэр ханна тиийдилэр? Коллективы биһиктээбит Семён Яковлевич Саввинов билигин кинилэр кэккэлэригэр суох, ыарахан ыарыы олохтон эрдэ былдьаабыта. Ирина Иннокентьевна Кумарова, Елизавета Леонидовна Данилова 15 сыл ыанньыксыттаабыт үлэлэрин ыстааһынан эрдэ пенсияҕа тахсан, атын үлэҕэ үлэлииллэр. Николай Петрович Сидоровы кытта хайы-сах билсиһэн тураҕыт. Кини уһуннук ыанньыксыттаан баран, билигин Кириэстээх отделениетын биригэдьиирэ. Клара Михайловна Иванова племенной хаһаайыстыба тэриллэригэр улахан өҥөлөөх оччоттон баччааҥҥа диэри осеменатор. Алексей Никитич Данилов – кочегар, Илья Николаевич Ильин – солбуллубат бостуук, кыһын фуражир, былырыыҥҥыттан наладчик идэтин баһылаабыт. Уоннааҕылар – ферма старшайа Лидия Николаевна Данилова, Валентина Иосифовна Иванова, Александра Федотовна Никифорова, Николай Фёдорович Анисимов – ыанньыксыт ыарахан үлэтиттэн илиилэрин араабакка сылдьаллар. Уон ый түмүгүнэн ферма үрдүнэн биир фуражнай ынахтан 1500 кг үүт ыаммыт, сыл бүтүүтүгэр 2000 кг тириэрдэргэ суоттаналлар. Билиҥҥи кэмҥэ бэл оннооҕор үүттүгэннээх сайылыкка 600-700 кг үүтү ыыр хаһаайыстыбаларга тэҥнээтэххэ олус үчүгэй көрдөрүү. Сайыҥҥы түөрт ыйга уонна балаҕан ыйыгар ордук элбэх үүтү Валентина Иванова, Александра Никифорова ыан предприятие үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлэммиттэр. Ыанньыксыттар үлэлэрэ буолаары турар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр үчүгэйдик сыаналаныаҕын туһунан салайааччылар уруттаан эттилэр: иккилии кырса саҕа, ньирэй кинилэр суоттарыгар суруллубут.
“Гвардеец” ферма коллектива атыттар курдук тоҕо ыһыллыбакка, тутуспутунан таһаарыылаахтык үлэлии олороро, маныаха ханнык кистэлэҥнэр бааллара предприятие үлэтин-хамнаһын билсиһиигэ арылхайдык көстөн кэллэ. Ол – предприятие салалтата, туох ханнык иннинэ дириэктэр, опыттаах хаһаайыстыбанньык Горн Егорович Платонов, экономист Нестер Васильевич Гуринов, профком дьон туһугар ахсаабат кыһамньыларын түмүгэ. Ханна баҕарар курдук хаһаайыстыбаннай сибээстэр айгыраабыт, государство өттүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто, өйөбүл кытааппыт, тосту уларытыылар кэмнэригэр итинник муударай хаамыылары оҥорбуттара. Ханна барыай, сороҕор улуу Ленин эппитинии инники диэки биир хардыы туһугар икки хардыы кэнники барар эмиэ баара. Ол туһунан Горн Егорович бу курдук этэр:
– «Дьиикэй» ырыынак усулуобуйатыгар ыһыллан, бытанан хаалбакка күүһү холбоон, түмсэн олорор сүүйүүлээҕэр хаһан да саарбахтаабатахпыт. Араас ыарахаттары, ардыгар утарсыылары да туораан, этэҥҥэ төрдүс сылын предприятие быһыытынан үлэлии олоробут. Сопхуос эрдэхтэн сүрүн средстволарбытын барытын илиибитигэр тутан сылдьабыт. Бүгүн предприятиеҕа 266 үлэһиттээхпит (сопхуос үлэһиттэрин 62 бырыһыаннара). Производство араас салааларыгар эдэр, орто, аҕа саастаах каадырдар сөптөөхтүк аттарыллан туруоруллубуттара. Сүөһү төбөнөн ахсаана уруккутааҕар 40-нуу бырыһыанынан күччэтиллэн, билигин 1200 ынах сүөһү (ыанньыга 520), 900 сылгы кыстыкка киирдилэр. Техниканы сөбүн көрөн атыылаһабыт, ордук бастакы сылларга сыана удамыр эрдэҕинэ, элбэхтик ылбыппыт. Сибилигин бары салааларга үлэ олус үчүгэй диэн этэр табыллыбат, балаһыанньа уустуктардаах, элбэх проблемалар бааллар. Ол эрээри коллективынан олорор үлэҕэ-хамнаска, социальнай эйгэҕэ да өйүөктээҕэ чуолкай. Салалта сүрүн болҕомтотун сөптөөх үлэлиир усулуобуйаны тэрийиигэ уурар. Ол – араас өрүттээх чэпчэтиилэр, материальнай көҕүлээһин көрүҥнэрэ, туруктаах хамнас – барыта үптэн-харчыттан тутулуктаах. Оттон харчы үлэлээтэххэ эрэ баар буолар. Атыннык эттэххэ, бородууксуйаны оҥорон таһаарыы, табыгастаахтык батарыы бүтэр уһугар үлэһиттэргэ бэйэлэригэр сулууспалыыр. Көстөрүн курдук, манна туох да саҥаны киллэрии, Американы арыйыы суох. Дьыалабыай сибээстэри олохтоон, ааҕан-суоттаан, атын саҥа суоллары хайынан үлэлиэххэ наада. Маныаха промышленнай оройуоннары, чуолаан Мирнэйи кытта уонунан сылларга ыкса сибээспит олус туһалыыр. Кэлэр да өттүгэр сибээспитин быспат санаалаахпыт. Промышленниктар санаалара даҕаны итинник. Ханнык эрэ бытархай бааһынай хаһаайыстыбаны кытта үлэлиирдээҕэр туруктаах, идэтийбит салаалардаах бөдөҥ хаһаайыстыбаны кытта сибээстэһэр, аахсар эрэбил бөҕө буоллаҕа дии.
Дириэктэр этиитин туоһулаан чопчу предприятие сүөһүнү иитэр салаатыгар ханнык бэлиэ түгэннэр баалларын көрүөҕүҥ. Туох ханнык иннинэ манна үлэни былааннааһын системалаахтык тэриллибит. Үлэһиттэргэ былаан нэдиэлэ, ый, квартал, сыл кэрдиистэринэн тириэрдиллэр. Туолуута, хонтуруола нэдиэлэтээҕи ыанньыксыттар бээтинсэлэригэр, дириэксийэ сэбиэтигэр ирдэнэр. Быстах экстреннэй былааннааһын эмиэ көрүллэр. Ол курдук быйыл сайылыктан киирбит кэмҥэ, балаҕан ыйыгар, үүт ыама тоҕо түспэтин наадатыгар куоталаһыы тэриллэн, ыанньыксыттар графикка үчүгэйдик киирбиттэр. Үлэ таһаарыылаах буоларын ситиһэргэ материальнай көҕүлээһин механизма толкуйданан оҥоһуллубут. Холобур, нэдиэлэтээҕи былаан туоллаҕына, 100 тыһ. диэри харчынан бириэмийэ тута бээтинсэ мунньаҕар төлөнөр. Ыйдааҕы былаан туоллаҕына 35 бырыһыаҥҥа диэри эбии төлөбүр оҥоһуллар. Сыл түмүгүнэн предприятие барыһыттан көрөн дивидент, 13-с хамнас аахсыллар. Ыанньыксыт ыйга ортотунан 600 тыһ. солк. хамнаһы аахсар, онтун ый аайы сороҕун хамнас суотугар чэпчэтиилээх бородууктанан, сороҕун уу харчынан аахсар. Үлэһиттэр субу алтынньы ыйдааҕы хамнастарын ылбыт буолуохтаахтар.
Комплекска үлэлиир 11 ыанньыксыт солбудаһык үлэһит баар буолан, графигынан өрүүллэр, өссө иккис ыанньыксыты көрөр санаалаахтар. Сүөһү үлэһиттэрэ уоппусканан толору туһаналлар, ыраата айанныыр буоллахтарына борогуоннара төлөнөр. Холобур, быйыл предприятие 25 киһи айанын ороскуотун төлөөбүт. Кыстыкка киириэхтэриттэн чэпчэтиилээх итии аһылыктаах чайной үлэлиир, повар-технолог Евгения Спиридонова аһылыгын үлэһиттэр сөбүлүүллэр. Үлэҕэ тэрээһиннээх барыыны-кэлиини суоппар идэлээх эдэр ийэ Олимпиада Иванова микроавтобуһунан хааччыйар. Предприятиеҕе олохтоммут араас суол социальнай чэпчэтиилэр сүөһү үлэһиттэригэр толору тарҕаналлар: пилорама, столярнай мастарыскыай, тиэйэр-таһар өҥөлөр, наадыйааччыларга материальнай көмө, улахан суумалаах табаар атыылаһарга авансанан төлөбүр, спецтаҥас, сайылыкка тахсарга табааҕар, испиискэтигэр тиийэ хааччыйыы.
Кириэстээхтэр дьэ ити курдук үчүгэйдик, кэскиллээхтик (социалистическайдык диэххэ дуу) тэринэн үлэлии-хамныы олороллор. Тэрилтэ – үлэһит туһугар, үлэһит – тэрилтэ туһугар кыһаллан үлэлиир усулуобуйата тэриллибит манна. Быйылгы оккураҥ астаах-үөллээх, бастакыттан улаханнык тымныйар чинчилээх кытаанах кыстыгы (хаһан сымнаабыта баарай?) предприятие бары салаатын үлэһиттэрэ, кинилэр күннэтэ мөрүөрэр сүөһүлэрэ-астара өлүөрдүк, сүппэккэ, кэбирээбэккэ кыстаан, этэҥҥэ күөххэ үктэнэллэригэр, олохторун уйгута тупсуоҕар, тэрилтэлэрэ өссө кыаҕырыаҕар ис сүрэхпиттэн баҕардым. Барыта үчүгэй буолуоҕар эрэнним.
«Сунтаар сонуннара», 1995 сыл сэтинньи 16 күнэ.
* * *

1973 сыл. Иккис куурус студеннара.

1995 сыл. Демьянов И.К. кабинетыгар.

1996 сыл. Опера балет театрыгар мунньахха.

1998 сыл. В.В.Жириновскайы кытта Кыһыл болуоссакка.

1998 сыл. КНР, Тунзянь куорат.

Кириэстээххэ Кытай делегацията.

2000 сыл. Сунтаар улууһун баһылыга Г.П.Яковлевтыын.

2002 сыл. Бириис – УАЗ массыына!

Киин уһаайба техникалара.

Парижка.

2002 сыл. ПК 30 сыллаах юбилейа.

Ыалдьыттары эҕэрдэлээһин.

2003 сыл. Продовольственнай программаны ылыныы мунньаҕа.

Берлин, Рейхстаг аттыгар.

Берлин, Трептов-парк.

2003 сыл. Стамбулга султан дыбарыаһа.

2003 сыл. Таалалаахха.

2017 сыл.

2017 сыл.

2018 сыл. Владимир Африканович 65 сааһыгар.

2019 сыл. «Тёщин язык» сынньанар кииҥҥэ. Сенатор А.К.Акимов тыл этэр.

2002 сыл.

2008 сыл.

2009 сыл, тохсунньу. Кэрэ кэһиилэрбит.

2010 сыл.

2011 сыл.

2015 сыл. Сунтаарга одноклассниктар 45 сыллаах юбилейбыт.

2015 сыл. Анапаҕа.

2016 сыл, атырдьах ыйа.

2017 сыл, от ыйа.
2018 сыл. Сиэннэрбитин кытары отоннооһун.

2018 сыл, бэс ыйа. Белокурихаҕа.

2019 сыл, атырдьах ыйа.

2020 сыл. Байанай бэлэхтэрэ.

2020 сыл, ыам ыйын 21 күнэ.

2022 сыл. Саҥа дьыллааҕы көрсүһүүлэр.
2022 сыл от ыйын 2 күнэ.

2022 сыл атырдьах ыйын 20 күнэ.

2024 сыл алтынньы 27 күнэ. Дьокуускай к.

2024 сыл ахсынньы 27 күнэ.
* * *
Горн Егорович ПЛАТОНОВ
Доруобуйа – дьол
Ханнык баҕарар киһи доруобай эрэ буоллаҕына сүүрэр-көтөр, күлэр-үөрэр, үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар, быһата биирдэ бэриллэр олоҕу толору олорор кыахтаах. Киһи саамай улахан баайа – доруобуйата. Доруобуйа туһугар киһи тугу да кэрэйиэн, кэччэйиэн табыллыбат. Онтон сорохтор доруобуйа туруга элбэх бырыһыана иһэр ууттан, аһылыктан тутулуктаах дииллэр.
Төһө да эдэригэр чэгиэн доруобуйалаах киһи бэйэтин көрүммэт, бириэмэтигэр туран-олорон, сөптөөхтүк аһаан-сиэн сылдьыбат, онно эбии тымныйан, сыыстаран баран ситэ эмтэммэт буоллаҕына эдэр сааһыттан эрэйи көрөр, сорох түбэлтэлэргэ кылгас үйэлэниэн да сөп. Дьоллоохтук, ыалдьыбакка олоруу боппуруоһа хас биирдии киһини таарыйар сытыы проблема буолар. Онон киһи барыта төһө кыалларынан бу сир үрдүгэр уһуннук олорорго кыһанар. Доруобуйа үгүс түбэлтэҕэ киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕа өйдөнөр.
Мин кыра кылааска үөрэнэ сылдьан өйдүүрбүнэн, сотору-сотору мэлдьи тииһим балтата кариестаан хастыы да күнү-түүнү супту эрэйи көрөрүм. Түүн ыксаан ытыы-ытыы иннэнэн тэһитэ кэйэрбин өйдүүбүн уонна анальгин таблетканы элбэхтик ыстыыр этим. Биэлсэр Тороп тииһи ылбат этэ. Онтон Бүлүүчээҥҥэ үөрэнэ сылдьан кыратык тоҥнум да эмиэ мэлдьи тииһим уонна ангинам ыалдьан тахсара. Онон арааһа алтыс кылааска буолуо, хараҕым ыалдьан биир ый Сунтаарга харах балыыһатыгар, үс ый Илимнииргэ эмтэммитим. Онон доруобуйам кырабыттан мөлтөх этэ. Билигин өйдөөтөххө тиис уонна ангина ыарыыта сүрэхпин кырабыттан мөлтөппүт эбит.
1972 сылга СГУ-га физматка киирбитим кэннэ тиис бырааһа күн аайы үстүү тиис тобоҕун туурталаан баран тимир протез оҥорон, тиис ыарыытыттан босхоломмутум. Ангинам студенныы да, үлэлии да сырыттахпына сотору-сотору эмиэ ыалдьарын иһин кэһэйэн Благовещенскай куоракка биир ый Зональнай Комсомольскай школаҕа үөрэнэн баран хаалан областной балыыһаҕа киирэн быһалларыгар көрдөспүтүм.
Дьэ икки-үс хоммутум кэннэ быһабыт диэтилэр. Ку-клукс-клан маҕан халаатын курдугу кэтэртилэр, харахтарым уонна айаҕым эрэ аһаҕас. Операционнайга остуолга биир опыттаах хирург биир эмээхсини эпэрээссийэлиир, оттон миигин икки кэриҥэ миэтэрэлээх, толору эттээх нуучча кыыһа практиканка устуулга олордон эпэрээссийэлиир. Укуоллаан баран биир ангинабын быһаҕынан тула быһан баран кольцевой плоскогубцы курдугунан тардар да тардар, онто отой кэлбэт, сотору-сотору эбии быһар, айахпыттан сылаас хааным тохтоло суох барар. Кыыһым ыксаан көлөһүнэ уу чоккурас. Мин ыксаабаппын, ыксаан ханна барыахпыный. Кыыс кэккэлэһэ эпэрээссийэлии турар хируру көмөлөс да көмөлөс диир. Киһитэ аккаастыыр, хайдах киһибин быраҕыахпыный диир. Кыыһым маҕыйа-маҕыйа тардар, онтон тимирин тосту тардан кэбистэ. Отой паникалаата, саҥа плоскогубцы көрдүү сүүрдэ. Мин хааным тохтоло суох сүүрэр. Чаас аҥаарынан наркоһум дьайыыта бүтэн хаалла. Кыыһым өр буолан син булан аҕалла. Эмиэ быһаҕынан өр хаһан, туура тардыбакка сототун быһан ылла. Дьэ хирург бүтэн, биир ангинабын начаас быһан баран туура тардан ылла. Миигин палаатаҕа илдьэн бырахтылар. Сирэйим кумааҕы курдук маҕан, этим барыта баата курдук буолан хаалбыт этэ. Айахпыттан тохтообокко хааным кэлэр. Сотору-сотору соттору ууга илитэн биэрэллэр. Суукка устата уопсайа сэттэ соттору хаанынан силлээтим. Палаатам дьоно бу киһи эмиэ өлөр буолла дэһэллэр. Мин ороммор сыппыт эдэр доруобай уол гайморитын эпэрээссийэлэтэн баран өлбүт үһү. Практиканкам сотору-сотору сүүрэн кэлэн көрөр этэ. Үһүс күммэр дьэ аһаан киһи хара буолбутум. Онон ангинаттан эрэйдээхтик да буоллар эмиэ босхоломмутум.
Билиҥҥи үйэ буолан биһиги кыыстаах уолбут тиистэрин бириэмэтигэр ийэлэрэ эмтэтэн, доруобайдык улааппыттара. Сиэннэри эмиэ бириэмэтигэр эмтэтэн иһэллэрэ саамай сөп. Онон доруобуйам бэрдэ суоҕунан элбэхтик санаторийдарга сырыттым. Холобур Приморьеҕа Шмаковка санаторийыгар сөбүлээн үстэ, Байкалга биирдэ, Кисловодскайга иккитэ, Ессентукига иккитэ, Бэс Чагдаҕа иккитэ, Анапаҕа биирдэ, Белокурихаҕа иккитэ сырыттым. Ол суотугар бачча сааспар тиийдим дии саныыбын. Саатар убайдар курдук сыл аайы буолбакка, икки сылга биирдэ булгуччу санаторийга баран ремоннанар наада, төһө да материальнай өттүнэн ороскуоттааҕын иһин диибин.
Биһиги бары үчүгэйдик билэбит: трактордар эбэтэр массыыналар үчүгэй хаачыстыбалаах сөптөөх октаннаах бензининэн, солярканан уонна үчүгэй арыынан заправкаланан, бириэмэттэн бириэмэтигэр техническэй уходтанан эрэ уһаан үлэлииллэрин. Онон бириэмэтигэр, үчүгэй хаачыстыбалаах олохтоох аһылыгы аһаан, сылаастык таҥнан, кыратык да ыарыйдахха тута бириэмэтигэр эмтэнэн, отой эдэр эрдэхтэн доруобуйаны харыстыыр, сатаан көрүнэр буоллахпытына эрэ уһуннук, дьоллоохтук олорор кыахтаахпыт.
Төрүттэрбит уонна төрөппүттэрбит босхо биэрбит доруобуйаларын улаханнык сыаналыахтаахпыт. Биһиги биэс сыл студенныы сылдьан киэһэ хойутаан утуйан, сарсыарда үөрэххэ куоттараары ыксаан, сороҕор чэй да испэккэ үөрэххэ баран, түөрт паараланан күнүс түөрт диэки бүтэрбит. Күнүс эмиэ үчүгэйдик аһаабаккын. Арай киэһэ эрэ тото аһыырбыт, онон куртах, ис-үөс мөлтөх этэ.
Ол курдук харчы өлөрөөрү үйэбит тухары харыстаммакка ньүдьү-балай сылдьан үлэлээн доруобуйаны айгыратабыт, онтон сааһыран баран ол муспут ыарыыларбытын эмтэтэргэ өссө элбэх харчыны ороскуоттуубут. Ол иһин отой оҕо сааскыттан күҥҥэ үстэ бириэмэтигэр аһаан уонна сарсыарда аайы тиис суунар курдук зарядкалаан, анал хамсаныылары оҥорон, бэйэҕэр сөптөөх спордунан дьарыктанан эт-хаан өттүнэн чөл-доруобай буолар туһугар сүрэҕэлдьээбэккэ дьарыктанар булгуччу наада эбит.
Холобур мин боростуой зарядканы аҕыйах мүнүүтэҕэ 40 сааспыттан мэлдьи оҥорор этим. Онтон 53 сааспар сүрэҕим ыалдьан 2007 сылга Новосибирскайга Мешалкин институтугар шунтирование операциятын кэннэ сарсыарда аайы тураат икки ыстакаан сылаас ууну иһэбин, онтон кырата 20 мүнүүтэ зарядкалыыбын, ол иһигэр Бубновскай түөрт сүрүн хамсаныыларын, цигун дыхательнай гимнастикатын уонна бүтэһигэр растяжкаҕа аналлаах хамсаныылары оноробун. Түмүгэр суунарбар тымныы уунан илийбит марлянан биилбиттэн үөһэ закаливание оҥоробун. Спорт, физкультура аҥаардас эт-хаан, күүс-уох өттүнэн эрэ буолбакка, саамай олоххо-үлэҕэ, хамнаска наадалаах хаачыстыбаларгын, эмоцияларгын сайыннаран ситиһиилээх киһи буоларгар төһүү күүс буоларын толору дакаастаата.
Мин санаабар биһиги хоту, аан дойдуга саамай тымныы сиргэ олорорбутунан ыарыы 40 бырыһыана тымныйыыттан, 30 бырыһыана стресстэн, 30 бырыһыана араас сыстыганнаах вирус, бактерия уо.д.а. араас биричиинэлэртэн буолар дии саныыбын. Оттон Ньурбаттан төрүттээх, айылҕаттан айдарыылаах эмчит Тина Константиновна Анисимова бэйэтин кинигэтигэр маннык суруйбут: «Надо научиться управлять собой, своими психическими и физическими началами. Избегать гнева, злобы, ненависти, зависти, беспокойства и страха. Универсальные рекомендации сохранения здоровья и долголетия духовной жизни. Соблюдение 10 библейских заповедей. Хуже любой бактерии и вируса семь смертных грехов: 1. зависть. 2. скупость. 3. блуд. 4. обжорство. 5 .гордыня. 6. уныние. 7. грех”, – диэбит эбит. Мин өйдүүрбүнэн бэйэбитигэр саамай куһаҕан уонна кыайтарбат хаачыстыбанан, эмоциянан гордыня буолар дии саныыбын.
Биһиги төрүттэрбит даҕаны уонна биһиги эмиэ кыра сылдьан баата ыстаанынан, хаатыҥканан, телогрейканан, халыҥ бэргэһэнэн күһүн хаар түстэ даҕаны саас хаар ууллуор диэри сылдьарбыт. Оннооҕор Кытайга кыһын минус 20-30 кыраадыстан тымныйбат Харбин куоракка эр дьон бары, дьахталлар үксүлэрэ баата ыстаанынан, халыҥ сонунан, бэргэһэнэн отой кыбыстыбакка уулуссаҕа сылдьалларын көрбүтүм. Кытайдар бары доруобуйаларын аһара харыстыыллара сөхтөрбүтэ. Биһиги саха үгүс эдэр ыччата моднай, тоҥмот курутуой буолаары норка шубанан эбэтэр синтепон куурканан, баайыы бэргэһэни капюшоннаан уонна омук бачыыҥкатынан кыһыны туоруулларын көрөн төрөппүттэрин буруйдуу саныыбын. Оҕолоро сааһырдахтарына ыарыһах эбэтэр инбэлиит буолалларын билбэттэрэ дуу.
Киһи ханнык эрэ органын тоҥордоҕуна тымырдара кыарыыллар, онтон артериялара бары бүөлэнэллэр, оччоҕуна хаан эргиирэ кэһиллэр – воспаление саҕаланан ыарыы төрдө буоллаҕа ол. Киһи билиҥҥи уустук бириэмэҕэ, араас уустук балаһыанньаҕа түбэһэн кыйаханнаҕына, стресстээтэҕинэ хаһыытаан-үөгүлээн эбэтэр күүскэ хамсанан, куотан эҥин тута стреһин таһаара сатыахтаах. Оттон биһиги сахалар хараактырбытыгар сөп түбэспэтинэн стреһи кыайан сатаан таһаарбакка барытын бэйэбитигэр тутабыт. Ол түмүгэр араас оргаммытыгар баар тымырдарбыт хам тутан лаппа кыарыыллар. Онтон өссө эбии стрестээтэхпитинэ депрессияҕа киирэбит, тымырдар салгыы өссө кыарыыллар, ол түмүгэр баар органнаргар, клеткаларгар кислород, араас минераллар кыайан тиийбэт буолаллар. Доруобай киһи эмискэ араас ыарахан, күүстээх нагрузкаҕа түбэстэҕинэ баар тымырдара 8 төгүл кэҥиир кыахтаах эбиттэр. Оттон ыарыһах, үрдүк холестериннаах киһи тымыра кыараан, эластичноһа сүтэн, кыайан кэнээбэккэ тоҕо баран инсульт эбэтэр инфаркт буолар. Былчыҥ быыһынан барар артериялар үлэлээбэт буолан хаан эргиирэ кэһиллэр, ыарыы саҕаланнаҕа ол. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ хас биирдии киһи ханнык органа туохтан ыалдьыбытын биричиинэтин билэн, анализтаан, толкуйдаан клеточнай таһымҥа тиийэ билиэхтээх уонна тута эмтэниини дириҥии илигинэ барыахтаах дии саныыбын.
Холобур мин үлэм сүрдээх нервнай үлэ этэ, күн аайы кэриэтэ тиийбэт-түгэммэт, сатаммат, кыаллыбат боппуруос аһара элбэх буолааччы. Оччолорго мин хас органым аайы тымырдаахпын да, уонна хас стресс аайы тымырым кыарыырын да билбэт этим. Онтон 2005 сыл сайын август ыйга хайдах эрэ ыарытыйан Медцентрга толору бэрэбиэркэ барбытым, онно сүрэххин эһиил операциялыахпыт, үлэҕиттэн уурай уонна таблетка арааһын анаабыттара. Онтум үлэбиттэн уурайбытым кэннэ күһүн, алтынньы ыйга сүрэҕим тымыра отой бүтэйэн, хааным хойдон инфаркт ылбытым. Оччолорго билиҥҥи курдук элбэхтик коронаграфия оҥорон сүрэх тымыра кыараабытын чуолкай билбэт этилэр. Онно эрдэ билбиттэрэ буоллар билиҥҥи курдук сүрэх тымыра кыараабытыгар пружина олордуо этилэр. Дьэ оройго бэрдэрэн кыһалҕаттан элбэхтик ааҕан, кыра-кыралаан дьарыктанан бардаҕым дии. Доруобуйаны тупсарарга аналлаах тыһыынчанан кинигэ сурулунна, сүүһүнэн араас методикалар чочуллан оҥоһулуннулар. Ону барытынан буолбакка, хас киһи аайы тус-туһунан эйиэхэ эрэ барсар системанан дьарыктанар наада дии саныыбын. Ордук 40 сааһын туолбут, өйүн саҥардыы тутан эрэр киһи күн аайы кырата 4-5 км сири сүрэҕэлдьээбэккэ сатыы хаамара эбэтэр сүүрэрэ ирдэнэр эбит.
Аан дойдуга уонна чуолаан Саха сиригэр даҕаны улахан ситиһиилээх, курутуой салайааччылар, бизнесменнэр кырата 95 бырыһыаннара эттэрин-хааннарын чэбдигирдэргэ улахан суолта биэрэллэрин бары билэбит. Иккис өттүттэн кинилэр эдэр саастарыттан сүрэҕэлдьээбэккэ күннэтэ эти-хааны чэбдигирдэн ситиһиилээх дьон буолбуттарын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Биллэн турар, күүстээх үлэҕэ сылдьар киһи киэһэ эрдэ 9-10 чааска утуйан баран сарсыарда 6 чаас диэки туран дьарыктаныан наада буолар. Төһөнэн кыраттан саҕалаан күүскэ дьарыктанаҕын да, соччонон энергиялара эбиллэрин бэлиэтииллэр.
Духуобунас туһунан
Мин билэрбинэн аан дойдуга сэттэ миллиард киһи олороруттан алта миллиард киһи бары итэҕэллээхтэр, Сүдү Күүс, Таҥара баар дииллэр. Оттон биһиги курдук кыра омуктар үксүбүт итэҕэлэ суохтар. Ону оскуола саҕаттан сөҕө, дьиктиргии саныырым. Ол иһин да буолуо, аара суолбар түбэспит таҥара диэлэрин хаһан да быһа ааспакка булгуччу интэриэһиргээн киирэн көрөн-истэн тахсааччыбын. Онон бачча сааспар диэри соҕуруунан уонна омук сиринэн сылдьарбар уопсайа кырата сүүсчэкэ араас итэҕэллээх таҥара дьиэтигэр сырыттым быһыылаах. Элбэх литератураны хаһыстым, аахтым.
Киһи аймах үөскүөҕүттэн элбэх улуу пророктар төрөөн ааспыт эбиттэр. Ол курдук Гермес Трисмегист, Будда, Моисей, Иисус Христос, Магомет, Сатья Саи Баба уо.д. а. диэн Айылҕаттан айдарыылаах улуу дьон олорон ааспыттар уонна бэйэлэрэ тустаах итэҕэл айан хаалларбыттар. Холобур, Европаҕа христианскай итэҕэл баһылаан олорбута быданнаата. Ол иһин айылҕаттан айдарыылаах дьон үөскээн киһи хараҕар көстүбэт чараас эйгэ баарын билэллэрин, кэпсииллэрин олоххо туһаналларын иһин колдун, еретик диэннэр Жанна Дарк курдук уматан уопсайа 8 мөл. киһини суох оҥорбуттара дииллэр.
Оттон восточнай дойдуларга оннук кытаанах репрессия хаһан даҕаны ыытыллыбатаҕын түмүгэр духуобунас Тибеттэн саҕалаан күүскэ сайдыбыта. Улуу дьон этэллэринэн киһи хараҕар көстөр материальнай эйгэ Кудул-Куйаар биэс-уон эрэ бырыһыанын ылар дииллэр. Оттон тоҕус уон бырыһыантан ордуга көстүбэт эйгэҕэ баар дииллэр.
Былыр-былыргыттан Азия дойдуларыгар легенда баар эбит. Тибет ортотун диэки икки атахтаах киһи сатаан тиийбэт сиригэр Гималай хайаларын саамай үрдүк, саамай тымныы, саамай хаардаах хайаларын кэтэҕэр киэҥ хонуулардаах, өрүстэрдээх, күрүлгэннэрдээх, күлүмүрдэс саадтардаах дойду баар үһү уонна аата Шамбала диэн эбит. Онно боростуой дьон буолбакка улуу эт-хаан уонна өй-санаа үрдүктэн-үрдүк таһымҥа тахсыбыт муударай дьон – Махатмалар олорор эбиттэр. Кинилэр Айылҕа уонна Космос сокуоннарын, уруккуну уонна буолуохтааҕы барытын курдары билэр дьон. Өй-санаа күүhүнэн атын планеталарга баран күүлэйдээн кэлэр, эбэтэр онно олорор ис кыахтаах дьон эбиттэр. Ол сүдү билиилэрин чып кистэлэҥҥэ туталлар, тоҕо диэтэххэ ол билиилэр кыра да куhаҕан санаалаах киhиэхэ түбэстэҕинэ аан дойду киhи-аймаҕар улахан куттал суоhуур. Кинилэр сир үрдүгэр буола турар событиелары барытын кɵрɵ, билэ-истэ, хонтуруоллуу олороллор. Кинилэргэ барар суолу кинилэр бэйэлэрэ ыҥырбыт эрэ киhилэрэ булар уонна кинилэри кытта олорон үɵрэнэр эбиттэр. Бастакы сылдьыбыт улуу нуучча монааҕа Сергий кэнниттэн аҕыс үйэ ааспытын кэннэ сэттэ сылы быhа үстэ тиийэн кɵрдɵɵн, эрэй бɵҕɵнү кɵрсɵн улуу айылҕаттан айдарыылаах Елена Петровна Блаватская (1831-1891) иккис киhинэн баран үс сыл үɵрэнэн кэлбитэ. Кини этэ көрүүлэрин киһи-аймах улуу Нострадамуска, Сен- Жермеҥҥэ, Вангаҕа тэҥнииллэр.
1875 сыллаахха Америкаҕа бастакы теософскай тэрилтэни тэрийэн, аан дойдуга бастаан духовноhы киhи-аймахха, Европаҕа, Америкаҕа тиэрдибит киhи буолар. 1888 сыллаахха үс томнаах “Тайная доктрина” диэн кинигэ суруйан Махатмалар үɵрэхтэрин, муударастарын киhи-аймахха тиэрдибитэ. Бу улуу кинигэ икки томун Е.И.Рерих нууччалыы тылбаастаан 1937 сыллаахха Ригаҕа бэчээттэппитэ. Рерихтэр кырата уонча сыл устата бэлэмнэнэн 1925 сыллаахха Николай Константинович кини кэргэнэ Елена Ивановна экспедиция тэринэн улахан эрэйи-муҥу кɵрɵн Махатмалары кɵрсɵн кэлбиттэрэ. Кинилэр Индияҕа олохсуйан “Урусвати” диэн научнай институту, обществоны тэрийэн элбэх улуу кинигэлэри суруйан хаалларбыттара. Бу общество филиаллара билигин да аан дойду үгүс государстволарыгар үлэлииллэр. Элбэх кини кинигэлэрин бэчээттииллэр, араас конференциялары, симпозиумнары уонна семинардары тэрийэн ыыталлар. Арассыыйаҕа Новосибирскай куоракка кииннээн үлэлииллэр. Ким сиhилии киhи-аймах уруккутун уонна инники сайдар суолларын билиэн баҕалаах салгыы дириҥэтэн үɵрэтэн билиэн сɵптɵɵх бириэмэтэ үүннэ.
Орто дойдуга олорор хас биирдии киһи олоҕор буолар араас үчүгэй эбэтэр куһаҕан событиелар, санаалар, эмоциялар төрүттэрэ, биричиинэлэрэ көстүбэт эйгэттэн тутулуктааҕа толору дакаастанна. Ол курдук ханнык баҕарар киһи айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ куһаҕаны, хараҥа дьыаланы, аньыыны оҥордоҕуна, саҥардаҕына киниэхэ бэйэтигэр эбэтэр оҕолоругар, удьуордарыгар, каарма сокуонугар олоҕуран, 7 төгүл улахан охсууну ылаллара дакаастанан турар. Онон сырдык сырдыкка, хараҥа хараҥаҕа тардыһар эбит. Ол аата үтүɵ үтүɵнэн, мɵкү мɵкүнэн хайаан да эргиллэр. Нууччалыы “что посеешь, то и пожнёшь” диэн ɵс хоhооно итини үчүгэйдик быhаарар. Хас биирдии киһи олоҕо, доруобуйата, кэнчээри ыччатын кэскилэ кэҥээһинэ тус бэйэтиттэн тутулуктааҕын өйдүүр наада эбит.
Олох практиката көрдөрөрүнэн ханнык баҕарар киһи улахан трагедияҕа түбэстэҕинэ эбэтэр ыалдьан өлөр-тиллэр турукка киирэн таҕыстаҕына, улахан стресс ылан сүрэҕэ хайдар диэн буолар. Ол сүрэх хайдыбыт хайаҕаһынан сырдык күн уота (эбэтэр таҥара) киирэн киһи духуобунаска сыстар дииллэр.
Биһиги сахалар төрүттэрбит былыр-былыргыттан көстүбэт эйгэ, кистэлэҥ күүс баарын аһара бэркэ билэллэрэ уонна ону сатаан дьүөрэлээн олохторугар-дьаһахтарыгар туһаналлара. Онтон нууччалар кэлэн христианствоны киллэрбиттэрин кэннэ уонна 70-ча сыл сэбиэскэй былаас күүстээх бобуутун түмүгэр умнууга, сүтүүгэ бара сыһан баран саҥа сөргүтүллэн эрэр дии саныыбын.
Кырабытыгар аҕабыт саҥа сиргэ кэллэххэ уонна бултуу бардахха эбэһээт уоту аһатар идэлээҕэ. Киһи уҥуохтаах сири ырааҕынан тумнарбыт, сөмүйэнэн ыйдарбат этилэр. Холоругу көрүстэххэ ыраахтан куотуллуохтаах эбэтэр уһуктааҕы утары тутуохтааххын дииллэрэ. Киэһэ дьыбар түстэҕинэ уулуссаҕа эбэтэр кырдьаҕас сиргэ, өтөххө киэһэ улаханнык саҥарар, күлэр, ыллыыр, айдаарар көҥүллэммэтэ.
Ийэбит кыһын билгэ, таҥха кэмигэр араас сэрэбиэйдэниини, бүлүүһэ сүүрдүүтүн эҥин кытаанахтык боборо. Студенныы сылдьан хаан биэрэрбитин, атын киһи таҥаһын таҥнарбытын эмиэ боборо. Сэбиэскэй былаас саамай туругуран турар кэмэ буолан ойууннааһын, отоһуттааһын, сахалыы сиэр-туом, алгыс, олоҥхо, оһуокай бобуулаах кэмэ этэ. Онтон дьэ 90-с сыллартан саҕалаан Саха сиригэр суверенитет бэриллэн саха итэҕэлэ, төрүт култуурата, абыычайа уонна сиэрэ-туома сыыйа хос сөргүтүллэн барбыта.
Сахаларга аан бастаан биhиги таҥарабыт Υрүҥ Айыы Тойон үөрэҕин сөргүтүүгэ В.А.Кондаков суруйбут сүүрбэччэ араас кинигэтэ улахан оруолу оонньообута дии саныыбын. Ону сэргэ Тэрис кинигэлэрэ тахсыбыттара. Мин санаабар В.А.Кондаков үлэлэрэ баччааҥҥа диэри ситэ сыаналаммакка сылдьаллар. Кэлэр көлүөнэ дьон кини үлэлэрин сөптөөхтүк сыаналыахтара дии саныыбын. Кэлин А.С.Фёдоров алгыһы уонна сахалыы сиэри-туому үөрэтиинэн элбэхтик үлэлээтэ. Итини сэргэ элбэх билиҥҥи учуонайдар Уткинтан, Бравинаттан, Винокуроваттан, Санаайаттан, Умсуураттан, Куорсуннаахтан саҕалаан саха төрүт культуратын дириҥэтэн үөрэтиигэ элбэх киһи кылааттарын киллэрдилэр. Итини таһынан Айыы үөрэҕин уонна итэҕэли сөргүтүүгэ айылҕаттан айдарыылаах Эдьиий Дора, Сырдык, Сылык, Кулан, уо.д.а. бары кыахтара тиийэринэн күүскэ үлэлииллэрин билэбит.
2008-09 сылга кэргэним Валентина Афанасьевналыын куоракка кыстаан турабыт. Онно айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах К.И.Максимова-Сайыына “Бэйэни бэйэ салайыныыта, бэйэни бэйэ чэбдигирдиитэ, бэйэни бэйэ сайыннарыыта” диэн уһуйааныгар үөрэнэн икки куурсун бүтэрбиппит. Онно үөрэниэм иннинэ Куйаар тутулун син балачча билэбин дии саныыр этим. Төһө да элбэҕи ааҕан билбитим иһин ис дууһабынан, куппунан өйдөөбөт эбиппин. Биһиги өбүгэлэрбит айылҕа сорҕото, оҕото буолалларын, кинини кытта быстыспат ситимнээхтэрин билэллэрэ. Тулалыыр айылҕаны тыыннаахсытан от-мас, сир дойду, баай хара тыа, уот, дьиэ иччитин, уо.д.а. кытары истиҥ сыһыан олохтууллара. Кинилэргэ анаан сиэр-туом, алгыс толороллоро. Онон айылҕаны харыстаан, көрдөһөн-ааттаһан араҥаччыланаллара. Бастакы уон хонуктаах кууруска Аар Айыы Тойону, Итэҕэли, Куйаар тутулун кытта сиэр-туом, алгыс туһунан, киһи айылҕаны кытта хайдах сатаан дьүөрэлэһэн олоруохтааҕын, киһи үс куттааҕын Буор кут, Салгын кут, Ийэ кут туһунан сиһилии үөрэппитэ. Иккис кууруска киһи бэйэтин тус доруобуйатын көннөрөргө 7 көмүс быраабыланы оҥоруохтааҕын булгуччу ирдиирэ. 1. Зарядка. 2. Массаж (имитинии). 3. Тыыныы (пранаяма). 4. Арааран аһааһын. 5. Ыраастаныы (суон уонна синньигэс оһоҕостон саҕалаан) Семёнова эбэтэр Малахов систематынан организмы толору ыраастааһын. 6. Тапталы үүннэрии. 7. Итэҕэли үрдэтии. Итини таһынан Пранаяма (энергияны салайыы) великое йоговское дыхание. Киһи 7 энергетическэй чакратын (ойбонун) хайдах сатаан аһарын уонна сабарын үөрэппитэ. Пранаяманан тыынан органнары эмтииргэ үөрэппитэ. Үһүс кууруска хас биирдии киһи айылҕаттан бэйэҕэр ийэ куккар баар дьоҕургун, талааҥҥын сатаан арыйыы буолуохтааҕа кыаллыбатаҕа.
Холобур хас биирдии киһи бу сиргэ төрүүрүгэр ыйаахпыт ыйыллан, дьылҕабыт айыллан, аҕыс кырыылаах алтан сэргэҕэ төрүөҕүттэн өлүөр диэри хайдах олоруохтааҕа эрдэ суруллан кэлэр диирэ. Онтон кырата 70 бырыһыана булгуччу туолар, оттон ханнык баҕарар киһи бэйэтэ бэйэтин кытта күүскэ үлэлээн дьылҕатын 30 бырыһыаныгар диэри үчүгэй эбэтэр куһаҕан өттүгэр уларытар кыахтаах диирэ.
Ханнык баҕарар омукка тастан дьайдарыы (сглаз, порча), сахалыы кырыыс диэн ɵйдɵбүллэр бааллар. Биhиги ɵбүгэлэрбит ол дьайыыттан арчылыылларыгар “татаар тыллаах таба эппэтин, кырыы харахтаах туора кɵрбɵтүн” диэн алгыыллара. Билиҥҥи түhүүлээх-тахсыылаах кэмҥэ дьон санаата түhэн, алдьанан, албыннатан кыыhырсыы, хомойсуу, этиhии түмүгэр бэйэ-бэйэлэригэр дьайсыы тахсар. Сахаларга “киhи тыла охтооҕор сытыы” эбэтэр “киhи тыла сэттээх, киhи тыла сүлүhүннээх” дииллэр. Онтон сатаан харыстанарга сүүhүнэн араас ньымалар бааллар. Ол курдук боростуой кокуоскаттан, хаҥас санныгынан үстэ силлээhинтэн саҕалаан, түмүгэр талисман эбэтэр амулет кэтэр наада. Сглаз, порча оҥоһуллубут киһитэ дьыалата туга да сатаммат, кини туппут техниката мэлдьи алдьанар, араас ыарыылар, депрессия буулууллар о.д.а. Сатаан тута тɵттɵрү кыыhырбакка, кыйахаммакка наллаан туран кɵмүскэннэххинэ, аураҥ күүстээх буоллаҕына порча, сглаз оҥорбут киhиэхэ бэйэтигэр тɵттɵрү хас да тɵгүл күүhүрэн тɵннɵр. Ону таhынан сатаан бэйэҕин кɵмүскэммэтэххинэ, ыраастамматаххына айылҕаттан ыраастыыр, айдарыылаах аналлаах дьону булан ыраастатар, арчылатар наада.
Киһи Үрүҥ Күнтэн күүс ылан Куйаар, тыыннаах айылҕа тутулугар дьүөрэлэһэн олоруохтаах. Биһиги өбүгэлэрбит “окко түспүт оҥоһуум, сиргэ түспүт сэрэбиэйим”, “Дьылҕа хаан ыйааҕа итинник буоллаҕа” диэн туох да буоллаҕына улаханнык аймаммакка, уйулҕаны хамсаппакка, кинилэртэн тутулуга суохха бэйэлэрин ыспакка, бэйэлэриттэн тутулуктааҕы барытын оҥоро сылдьаллара. Итиннэ төһүү күүһүнэн: Үрдүкү Тапталы үүннэрии, баары хайдах баарынан ылыныы, инникигэ эрэллээх буолуу, Айыы Киһитэ буолан кэрэни кэрэхсээһин, айыы-тутуу, үтүөнү үксэтии, аһыныгас санааланыы, көмүскэс сүрэхтэнии, айылҕаны тыыннааҕымсытыы, кинини харыстааһын, киниттэн көрдөһүү-ааттаһыы, үгэстэри, сиэри-туому тутуһуу.
Айылҕа – Кудул Куйаар тутулугар дьүөрэлэһэн олоруу. Баары барытын айбыт Сүдү күүһү билиннэххэ, өйдөөтөххө уонна баары баарынан ылыннахха, Куйаартан кутуллар туруору ситим чөлүгэр түһэр. Оччоҕо бүөлэммит эттиктэрин тобуллан, арыллан эпчимириэххин, чэбдигириэххин сөп.
Аныгы түргэтээбит, балысхан олох тэтимигэр киирэн киһи барахсан үрдүнэн-аннынан көрөргө-истэргэ, көтүмэхтик үлэлииргэ-хамсыырга, тугу барытын ааһан иһэн оҥорорго, толкуйдуурга, ааҕарга, аһыырга күһэллэр. Ити туох да кистэлэ, мөккүөрэ суох киһиэхэ охсуута сүрдээх улахан. Итинник долгуҥҥа оҕустарбакка, киһи тугу ылсыбытыгар барытыгар бүтүн бэйэтин, өйүн-санаатын, сүрэҕин-быарын, иэйиитин угуохтаах. Оччотугар итиннэ кини иэйиилээх информацията – сырдык вибрациялаах энергията утумнаан баран иһэр. Ити буолар айымньылаах үлэ, айымньылаах олох – сирдээҕи аналгын толорон бэйэҥ кэннигиттэн сырдык суолу, сырдык ааты хаалларыы. Киһи сүрэҕэлдьээн, сэлээннэнэн, баары суолталаабатыттан, харыстаабатыттан, итэҕэлэ суоҕуттан улаханнык улугурар, буомурар эбит.
Араас боппуруостарга санааларым
Эдэр ыччат билсиһэн саҥа ыал тэринэллэригэр Японияҕа кэргэннии буоларга анал хаан группата сөп түбэсиһэр схематын толору тутуһар эбиттэр. Ол түмүгэр ыал арахсыыта мээнэ буолбат.
Нууччаларга орто дойдуга төрөөбүт киһи ытык иэһинэн бастатан туран ыал буолан оҕо төрөтүү, иккиһинэн олорор уйатын, атыннык эттэххэ дьиэ туттуохтаах, үсүһүнэн мас олордуохтаах дииллэр. Ыал бастакы оҕото аҕатын удьуорун батар. Кинилэр удьуордара оҥорбут каармаларын булгуччу толорор. Үчүгэй үчүгэйинэн, куһаҕан куһаҕанынан. Итини таһынан кинини олоҕор иэйиэхсит буолан аҕатын удьуордара араҥаччылыы сылдьаллар.
Ыал иккис оҕото ийэтин удьуорун батар дииллэр. Кинилэр удьуордара оҥорбут каармаларын эмиэ булгуччу толорор. Итини таһынан кинини иэйиэхсит буолан ийэтин удьуордара араҥаччылыы сылдьаллар.
Ыал үһүс оҕото ханнык да каарманы толорбот, бэйэтэ туспа саҥа дьылҕаны оҥостор дииллэр. Кинини ким да араҥаччылаабат. Ити курдук 4, 5, 6-с оҕолорго салгыы хатыланар эбит.
Ыал аҕа баһылыга буоларынан үөскүүр боппуруостарга уопсай сүбэлэһии кэннэ дьахтара өйдөөх, муударай буоллаҕына бүтэһиктээх быһаарыыны эр киһи ылара ордук. Эр киһи – төбө, оттон моонньо – дьахтара. Сахалар оннук ыал уһуннук, дьоллоохтук олорор уонна уһун соннонор дииллэр.
Ырыынакка киириинэн эр киһи тыа сиригэр үчүгэй хамнастаах үлэтэ суоҕунан уонна үгүс дьахтар үөрэхтэммитинэн, үлэлээҕинэн эр киһи оруолун толорон ыал баһылыгынан буоллулар. Оннук ыал уһун сонноммот дииллэрэ оруннаах. Оттон эр дьон дьахтар дьиэтээҕи үлэтин толороллор уонна хотон үлэһитэ буоллулар. Сахалар былыр-былыргыттан дьахтар оронуттан туран оһоҕор тиийиэр диэри санаата 40-на уларыйар дииллэр. Ол кини акаарытыттан буолбатах, айылҕатыгар сытар.
Кыыс оҕо аҕатын курдук дьүһүннээх буоллаҕына, оттон уол оҕо ийэтин баттаҕына дьоллоох буолар диэн былыргылар этэллэрэ. Паапата өйдөөх буоллаҕына кыыһа өйдөөх буолар эбит. Маамалара өйдөөх буоллаҕына уола өйдөөх буолар эбит. Паапа өйө уолугар бэриллибэт эбит. Маамаларын өйө кыыһыгар бэриллибэт эбит (чуолкайа суох дааннай).
Кыыс аҕата арыгыһыт буоллаҕына кыыһын кэргэнэ үксэ арыгыһыт буолар эбит. Онон аҕалар кыргыттарын аһынар буоллахтарына арыгылыа суохтарын наада.
Тапталынан ыал буолбут 10 ыалтан 8-һа эбэтэр 9-һа олох ыараханнарын тулуйбакка арахсар дииллэр. Оттон аймахтарын, билэр дьонун сүбэтинэн толкуйдаан, расчуотунан холбоспут ыаллар уһуннук, дьоллоохтук олороллор дииллэр.
Саха улахан омугу кытта холбостоҕуна саха хаана баһыйан оҕолоро сахалыы куттара күүстээх, эт-хаан өттүнэн кыахтаах, тулуурдаах буолар быһыылаах. Холобур Дыгын да оонньуутугар кыттар уолаттар уонна Сардаана Трофимова, эбэтэр бурят хааннаах талааннаах Виталий Очиров холобуругар көрдөххө.
Саха нуучча холбостоҕуна бастакы көлүөнэ оҕолоро үөрэххэ, билиигэ мөлтөх, иккис көлүөнэ оҕолоро орто, үһүс көлүөнэ оҕолоро чаҕылхай оҕолор төрүүллэр диэн буолар.
Реинкарнация сокуонунан уонна Саха сүр-кут үөрэҕэр этиллэринэн киһи ийэ кута өлбөт эбит, ол суотугар киһи Куйаартан эргиллэн кэлэн хат-хат элбэхтэ төрүүр. Сорох кырдьаҕас кут 500, 1000 төгүл сиргэ эргийэн үүнэн-сайдан салгыы төрүүр эбит. Орто дойдуга куһаҕаннык олордоххуна аныгыскы тɵрүүргэр от-мас, үөн-көйүүр, кыыл-сүөл буолан төрүүр эбиккин.
Каарма сокуонугар сөп түбэһэн эн төрүттэриҥ үгүс куһаҕан дьайыыларын, эбэтэр эн урукку олохторун сэттэрэ-сэлээннэрэ, тардыылыктара таҥнары тардан, ону боруостаан элбэх эрэйи көрүөххүн сөп. Эбэтэр эн урукку олохторгор уонна тɵрүттэриҥ үчүгэй майгылаах, дьоҥҥо, айылҕаҕа элбэх үтүөнү оҥорбут буоллахтарына эн олоҕуҥ ситиһиилээх, баай-талым олохтонуоҥ. Онон аныгыскы тɵрүүрүгэр, оҕолоргор, сиэннэргэр, кэлэр кɵлүɵнэ удьуоргар үтүө кэһиини хаалларарга хас биирдии киһи кыһаныахтаах.
Υлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаhахха ситиhиилээх буоларга үɵрэтэр кинигэ арааhа аhара элбэх, ону таhынан араас таhымнаах семинардарга, курстарга, трениннэргэ, мастер-класстарга сылдьан билиини хаҥатар наадатын наада. Ол эрээри бу барыта буор кут – материальнай эйгэ таhымынан буолар. Духуобунаhа үүммэтэх, үрдээбэтэх, итэҕэлэ суох киhи тɵhɵ да сүбэни иhиттин, кинигэни аахтын – туhанара саарбах буолар. Онон духовноhын үүннэрдэҕинэ эрэ киhи материальнай ɵттɵ эмиэ тахсар эбит.
Араас таһымнаах салайааччылар уол оҕолоро аһара бэлэмҥэ үөрэнэн, аҕалара үлэттэн солото суох буолан батыһыннара сылдьан үлэҕэ уонна айылҕаҕа ииппэтэҕин суотугар олоххо бэлэмэ суох тахсаллара үгүс. Ол оннугар тиийиммэт-түгэммэт, арыгылыыр ыал оҕото олоххо ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, бэлэмнээх буолар. Ол аата оҕо кыратыттан араас кыhалҕаны, эрэйи кɵрсүɵхтээх, элбэх үлэни күннэтэ үлэлиэхтээх эбит.
Соҕотох ийэ соҕотох оҕото үксэ олус ачаатык уонна барыта бэлэмнэ улаатан иитиитэ, үлэһитэ мөлтөх буолар быһыылаах. Элбэх оҕолоох соҕотох ийэ ииппит оҕолоро уустук олоххо, үлэҕэ-хамнаска кыраларыттан элбэхтик эриллэн ордук конкурентноспособнай буола улааталлар. Холобур М.Е.Николаев, Е.А.Борисов, М.Н.Евсеев “Арктик-Капитал”, П.Ф.Фёдоров “ЭПЛ-Даймонд”, А.П.Алексеев “Японец” уо.д.а.
Υлэттэн эрэ эрэйдээх үлэ киhини иитии уонна бэйэни ииттинии буолар дииллэр. Бэйэтин бэйэтэ киhи гынар эйгэҕэ киирбит киhи үрдүгү ситиhэр, олоххо толору дьоллонор. Сэлээннэнэ сылдьар киhи ɵрүү дьону буруйдуур. “Киhи бэйэтин бэйэтэ киhи гынар” диэн норуот муудараhа баар.
Сахалар былыр-былыргыттан, япон омуктар курдук 5 сааһыттан 15 сааһыгар диэри бэрээдэги, сиэри-туому тосту-туора кэһэр, ханнык баҕарар улахан киһи тылын истибэт оҕону чыпчаххай талаҕынан таһыйаллара наада быһыылаах. Курунан эбэтэр кипятильник быатынан буолбатах.
Оҕону детсад, оскуола сааһыттан араас спортивнай күрэхтэртэн саҕалаан элбэх конкурстарга, концертарга, предметнэй олимпиадаларга, холобур “Полярная Звезда” эбэтэр “Шаг в будущее” эҥин курдуктарга кыттыһыннарар наада. Оччоҕо оҕо кыбыстанньаҥа суох буолан, ханнык баҕарар аудиторияҕа кыбыстыбакка тахсар уонна билиҥҥи олох ирдэбилинэн конкурентоспособнай буола улаатар.
Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана учуутал 70 бырыһыана эр дьон этэ. Онтон билигин детсад воспитателэ 99 бырыһыана, оскуола учууталын 90 бырыһыана дьахтар аймах. Ол түмүгэр уолаттарга тулуурдаах, дьулуурдаах, кытаанах эр киһи майгыта суох, бу общество сайдыытыгар уонна ыал олоҕор улахан охсуулаах буолла.
Билигин оҕо иитиитэ үксүн ыал ийэтигэр сүктэриллэр буолан сорохтор иһэ тот, таҥнар таҥастаах буолла да кыһаллыбаттарын суотугар уолаттар үксэ олус ачаа, бэрээдэгэ, чуолкай режимэ суох, үлэҕэ сыстыгаһа, сүрэҕэ суох, хараактырдара, майгылара дьахтар курдук буолла.
Сэбиэскэй кэмҥэ оҕону үɵрэхтээх, үлэhит, чиэhинэй, патриот, бэрээдэктээх, үчүгэй майгылаах, табахтаабат, арыгылаабат киhи буолан улаатыахтааххын диэн иитии сүрүн сорук буолара. Онтон билигин олох сайдан, түргэтээн, күнтэн-күн уустугуран иһэринэн, ырыынак усулуобуйата буолбутунан оҕону иитиигэ эбии күүстээх соруктар турдулар. Ол курдук оҕо кыра сааhыттан туохха дьоҕурдааҕын, талааннааҕын тɵрɵппүттэрэ эрдэ булан сайыннарар, атын оҕолору кытта конкурентоспособнай буоларын ситиhэр наада. Иккиhинэн оҕо бэйэтин билиитин ханнык баҕарар боппуруоска дириҥэтэн үɵрэтэригэр бэйэтэ ааҕан, үɵрэнэр дьоҕурдаах буоларын ситиhэргэ. Кыра сааhыттан харчыны ааҕарга-суоттуурга, бизнескэ сыстан тугу барытын кэмчилииргэ, ороскуотун ааҕарга үɵрэтиллиэхтээх.
Аныгы ирдэбилгэ эппиэттээн айылҕалыын алтыhар, харыстыыр, тɵрɵɵбүт сахатын тылын, сиэрин-туомун билэрин таhынан булгуччу нууччалыы, английскайдыы холкутук кэпсэтэр, суруйар буолуохтаах. Ɵссɵ техникаҕа кыра сааhыттан сыстан шофёр, тракторист праватын бэйэтэ үɵрэтэн ылыахтаах. Компьютеры, гаджеттары толору баhылаан онлайн үɵрэнэр, үлэлиир буолуохтаах. Доруобуйатын кыра сааhыттан эрчийэн харыстыырга, бэйэтин эмоцияларын хонтуруоллуу үɵрэниэхтээх уо.д.а. Итини таһынан оҕоҕо туһалаах араас наадалаах хаачыстыбалары иитиигэ дьиэ кэргэн, оскуола оруола өссө улаатара наада.
Аҕыйах сɵбүлүүр нууччалыы этиилэрим. “Дисциплина – это фундамент любого успеха”, “Отсутствие дисциплины неизбежно приводит к неудаче”, “Без дисциплины любой талант будет попусту растрачен”, “Ошибка даёт возможность начать всё сначала, только более разумно”, “Никогда не ошибается тот, кто ничего не делает”, “Учитесь на ошибках других людей – вы не можете прожить достаточно долго, чтобы сделать их всё самостоятельно”, “Тот, кто правильно указывает на мои ошибки – мой учитель”, “Тот, кто правильно отмечает мои верные поступки – мой друг”, “Тот, кто мне льстит – мой враг”. Образование – это умение правильно действовать в любых жизненных ситуациях. Великая цель образования – это не знания, а действия.
“Гавайский метод Хоопонопоно очистит ваше подсознание от блокирующих установок. Этот метод помогает избавиться от скрытых программ, не позволяющих вам реализовать свои желания относительно здоровья, счастья, богатства или чего-нибудь ее. По сути это процесс освобождения, полного освобождения от прошлого”.
Я люблю тебя.
Мне очень жаль.
Прости меня, пожалуйста.
Спасибо, благодарю тебя.
Бу тыллары күн аайы тɵhɵ кыалларынан элбэхтэ хатылыаххытын наада. Искитигэр да буоллун, оччоҕо эhиги ментальнай бүрүөҕүт сыыйа ырааһыран үлэҕит-хамнаскыт, олоххут-дьаhаххыт тупсан барыаҕа.
* * *
Түмүк оннугар
Биhиги 1950-1960 сылларга тɵрɵɵбүт дьон 20-с үйэни түмүктээтибит уонна саҥа үүммүт 21-с үйэҕэ олоробут. Итини тэҥэ коммунистическай партия салалтатынан социализм систиэмэтигэр сэбиэскэй былааска 40-ча сааспытыгар диэри уонна саҥа капитализм систиэмэтигэр 30-ча сыл олордубут. Онон биhиги бу тутуллар уонна олох-дьаһах үчүгэй уонна куhаҕан ɵрүттэрин тэҥнээн кɵрɵр кыахтаах курдукпут.
Биллэн турар, урукку барыта үчүгэй этэ диир кыах суох, билиҥҥи да тутулга, олох укулаатыгар аан дойду балысханнык сайда турдаҕына үчүгэй ɵрүттэр бааллара саарбахтаммат. Билигин аан дойдуга араас итэҕэллээх, араас тутуллаах кырата 200-чэ судаарыстыба баар дииллэр. Кинилэр бары бэйэлэрин итэҕэллэрин, омуктарын уратытын, айылҕаларын усулуобуйатын учуоттаан, бэйэлэригэр сɵп түбэhэр тутуллаахтар уонна бэйэлэригэр сɵп түбэhэр сокуоннаахтар. Халыып курдук атылыы тутуллаах уонна сокуоннаах судаарыстыбалар суохтар уонна бу саамай үчүгэй, саамай сатаммыт тутуллаах судаарыстыба диир кыах эмиэ суох курдук.
Мин бэйэм саныырбынан, Арассыыйа кэнники 20-чэ сылга баар ис кыахтары сатаан туhанан кыайан сайдыбата, хаалыыбыт дириҥээн иhэр курдук. Бэчээт, телевидение, ютуб кɵмɵтүнэн уонна бэйэм сылдьан илэ харахпынан кɵрɵн-истэн, дьон-норуот сайдыылаах дойдуларга олохторун таhымын, хайдах тэринэн-дьаhанан олороллорун кɵрɵн тэҥнээтэххэ, кырата 50-ча сыл хаалан иhэбит быhыылаах. Мин санаабар Арассыыйа Скандинавия дойдулара – Швеция, Норвегия, Финляндия, Канада дойдуларын үчүгэй ɵрүттэрин уонна Кытай сорох бастыҥ уопутун туhанан сиэрдээх, социальнай судаарыстыбаны тэринэн олорорбут буоллар сатаныа этэ дии саныыбын.
Сахалар олорор сирбит аһара тымныы, уһун кыһыннаах, тыйыс усулуобуйалаах. былыр-былыргыттан суол-иис, ситим-сибээс, барыы-кэлии мөлтөх буолан, ойдом олороммут төрүт үгэстэрбитин, тылбытын, духуобунай уонна материальнай культуурабытын, атыннык эттэххэ ыһыахпытын, олоҥхобутун, тойукпутун, сиэрбитин-туоммутун уо.д.а. чөл тутан хаалбыт эбиппит. Холобур халыҥ ахсааннаах омуктары кытта ыаллаһан олорбуппут буоллар сахалар ураты үтүө үгэстэрбит суураллан симэлийбиттэрэ ырааппыт буолуо этэ. Биһиги уһун кыһыммыт киһини өр кэмҥэ балаҕаҥҥа, дьиэҕэ хаайар. Ол түмүгэр саха аһара усидчивай омукпут. Өр кэм устата салгыбакка, сылайбакка дьаныардаахтык, тулуурдаахтык уонна арахпакка уһана, быһа-кыһа, иистэнэ үөрэммиппит. Онон саха омук туохха барытыгар дьоҕурдаах, күүстээх санаалаах. Айылҕаҕа чугас буолан айар куттаахпыт, ырыаҕа-тойукка, успуорка, иискэ-ууска ыпсаран иһэбит. Сахалыы толкуйбутунан, мындырбытынан, саамай судургу уонна табыгастаах суолу була охсобут. Ол иһин үлэбит түмүктээх уонна ситиһиилээх буолар. Онон мээнэ омукка сабырыйтарбат, дьон кэннигэр сылдьыбат толору кыахтаахпыт. Ол эрээри ахсааммыт олус аҕыйаҕын суотугар үөрэхпитинэн, билиибитинэн-көрүүбүтүнэн дьоппуон, кэриэй эбэтэр кытай омуктан ордукпут диир сотору кэминэн кыаллыбата буолуо.
Сахабыт сиригэр инфраструктура сайыннаҕына, атыннык эттэххэ суол-иис, транспортнай логистика, сибээс – интернет күүскэ сайыннаҕына олорорго-үлэлииргэ атын дойдулар курдук аан дойду биир кэрэ, ураты, чɵл айылҕалаах миэстэтинэн буолуоҕа. Сахаларга былыргыттан `киhи сатыырын киhи сатыахтаах” диэн этии баар. Билигин “саха сатаабатаҕа суох” диэн этии эмиэ баар. Саха киhитин дьоҕура, талаана аhылыннаҕына сүрдээх үрдүк таhымнаах, ураты буолан аан дойду дьоно-сэргэтэ билинэр буолла. Ол да иhин былыр-былыргыттан үɵрэхтээх кэлии дьон сахалары Cибиир еврейдэрэ дииллэрэ. Сайдыылаах үгүс элбэх сахалар хайа баҕарар аан дойду араас тэрилтэлэригэр атын омуктартан хаалбакка онлайн үлэлиир буолуохтара. Υлэлээх киhини дьоллоох киhи диэхтэрэ. Ол да буоллар биhиги олус ыраах олорорбут, уhун тымныы кыhыммыт, кылгас итии сайыммыт олоххо-үлэҕэ уустук сабыдыала хаһан да сүппэтэ буолуо.
Киhи олоҕо түннүгүнэн чыычаах кɵтɵн ааспытын курдук түргэн дииллэр. Олох, кэм-кэрдии тохтообокко иннин диэки баран иhэр. Хас биирдии киhи сааhырдаҕын аайы “бу орто дойдуга кэлэн туох туhалааҕы оҥорон баран эрэбиний” диэн санаа киирэр эбит. Сорох саастаах дьону кытта кэпсэттэххэ “мин үлэм диэн ыт ууну кэспитин курдук дьыала”, диэн хом санааларын этээччилэр. Мин санаабар саамай сүрүнэ киhи Ийэ сиргэ тɵрɵɵн элбэх оҕону тɵрɵтɵн, иитэн, элбэх сиэннэри бүɵбэйдэhэн үлэһит, үтүө дьон оҥортоон бардаҕына дьоллоох киhинэн ааҕыныахтаах дии саныыбын.
Америка учуонайдара этэллэринэн, хас биирдии киhи ситиhиилээх, дьоллоох олоҕу олорорун наадатыгар эдэригэр кырата үс-түɵрт сиргэ кɵhɵн олорон үлэлиэхтээх. Иккиhинэн, биир үлэҕэ муҥутаан иккиттэн-сэттэ сылга диэри уhаан үлэлиэхтээх, онтон дьэ сааhырдаҕына эрэ уhуннук биир тэрилтэҕэ үлэлиэхтээх диир эбиттэр. Мин олоҕум ити этиигэ сɵп түбэспит курдук. Ол курдук үɵрэх кэнниттэн 30 сыл үлэ ыстаастаахпын, ол кэмнэ улууhум иhигэр биэс нэhилиэккэ биэс араас үлэҕэ үлэлээтим. Ол курдук Түбэй – “Элгээйи”, Маар Күɵл – “Тойбохой”, Сардаҥа – “Бордоҥ”, Кириэстээх – “Кириэстээх” сопхуостар нэhилиэктэригэр үлэлээн, сирин-дойдутун, бастыҥ мааны дьонун ыкса билсэн, доҕор-атас элбээн үчүгэйэ сүрдээх. Ол да иhин Сунтаар ыhыаҕар элбэх киhини дорооболоhон, эҕэрдэлэhэн, сороҕун кытта кэпсэтэн иhэрим суотугар “эйигин кытта ыhыахха сылдьар аhара эрэйдээх эбит” диэччилэр. Хас биирдии киhи олоҕо баhаам элбэх кыра-кыра үчүгэй да, куhаҕан да түгэннэртэн таҥыллан турар быhыылаах.
Мин тус бэйэм олохпор сыhыаннаах аҕыйах үчүгэй, бэлиэ түгэннэри ахтан ааhаары гынабын. Ол курдук үрдүк үɵрэҕи бүтэрэн баран Түбэй аҕыс кылаастаах оскуолатыгар иккис сылын дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына буолбута. Оскуолабытыгар саамай аҕа саастаах, сытыы ɵйдɵɵх, билиилээх-кɵрүүлээх, сайдам-сайаҕас майгылаах, уус тыллаах, элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ, бɵhүɵлэккэ улаханнык ытыктанар киhи Максимова Тамара Кузьминична диэн начаалынай кылаастарга нуучча тылын уруогар үɵрэтэр учуутал баара. Мин бачча сааспар диэри киниэхэ тиийэр чаҕылхай дьахтары кɵрсɵ иликпин, арай көҥүл демократия үйэтэ кэлэн сайдарга, үүнэргэ баҕалаах Саха телевидениетын телеведущайа Гея Буртахова, блогердар Далаана, бизнес леди Столярчик уо.д.а. ситтэхтэринэ-хоттохторуна чугаhыыллара дуу. Кини биирдэ утары кɵрөн олорон “эн аhара ɵйдɵɵххүн, райком секретара буолар кыахтааххын” диэбитин сүрдээҕин сɵхпүтүм уонна ɵйдɵɵн-санаан хаалбыппын.
Иккиhинэн, 1997 сыл саҥатыгар МСХ дэлэгээссийэтин кытта саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит шведскэй үүт собуотун кɵрɵн, билсэн баран элбэхтик хаартыскаҕа түhэрэн, сɵҕɵн-махтайан “Саха сирэ” хаhыат кырдьаҕас суруналыыһа Егор Афанасьев анабыл суругу уонна элбэх хаартысканы хаалларбыта.
Υсүhүнэн, комсомолтан билсибит табаарыhым, поэт, суруналыыс Харитонов Николай Ивановичтыын 1999 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Улахан Табаҕа 40 сыллаах үбүлүөйүн Куокунуга үрдүк таhымнаахтык тэрийэн ыыппыппыт. Сарсыныгар кини Кириэстээххэ дом механизаторов гостиницатыгар хонон баран эйиэхэ анаан “Күннэтэ күүрээннээх үлэнэн…” диэн хоhоон суруйан киллэрдим диэн бэлэхтээбитэ. Нэhиилэ махтанан эрэ хаалбытым.
Тɵрдүhүнэн, Саха сирин, Сунтаар улууhун сайдыылаах, ɵйдɵɵх, чаҕылхай эдэр киhитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ алмааhы кырыылааhыны бастаан саҕалаабыт Яковлев Георгий Петрович улууска баhылыгынан үлэлии олорон миигиттэн биир боппуруоска ыйытан баран, утары кɵрɵн туран: “Эн ɵйдɵɵх киhи сɵпкɵ дьаhаммыккын”, – диэбитэ. Онтон мин 50 сааспын Кириэстээххэ бэлиэтиир үбүлүөйбэр: “Горн Егорович бэйэтин чааhынай интэриэhигэр үлэлээбитэ буоллар, улахан баай киhи буолуохтааҕа хаалла”, – диэбитэ.
Бэсиhинэн, эмиэ ити 50 сааспын туолар үбүлүөйбэр 2002 сыл бэс ыйын 19 күнүгэр оскуола саҕаттан табаарыhым, Сунтаарга олорор улахан талааннаах ырыаhыт, мелодист Коротов Валерий Васильевич Мэйиккэ Бүлүүчээн оскуолатын оҕолоругар сынньалаҥ лааҕыры тэрийэн үлэлэтэ сылдьар буолан, кыайан кэлбэтэҕэ. Ол оннугар Фёдоров Володянан “эйиэхэ, табаарыспар, “Мэйик сирэ” диэн ырыа айан ыытабын” диэн сурук ыыппыт этэ. Ол ырыа билигин мэйиктэр гимнмыт буолан ылланар буолбута ыраатта.
Ɵссɵ биир үчүгэй боппуруоhу ахтан ааhар наада курдук. Ол курдук Сунтаар улууhуттан өрөспүүбүлүкэ саамай үрдүк наҕараадатын – “Хотугу Сулус” уордьаны ылбыт дьону барыларын кытта алтыспыт дьоллоохпун. Ол курдук Акимов А.К. кытта икки сыл бииргэ үлэлээбиппит уонна билиҥҥэ диэри табаарыстаhабыт. Михайлов Владимир Африкановиhы уонна Коколов Михаил Иннокентьевиhы кытта элбэх сыл бииргэ үлэлээтибит, биир нэһилиэккэ олоробут, чугастык табаарыстыы билсэбит. Оттон былырыын ылбыт Евсеев Матвей Николаевич – мин үөрэнээччим. Саҥа үɵрэҕи бүтэрэн кэлэн Түбэй оскуолатыгар икки сыл 7-с уонна 8-с кылаастарга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, талааннаах поэтесса, Саха телевидениетын биир бастыҥ суруналыыһа, норуодунай суруйааччы Михалёва Наталья Владимировнаны уонна саха омук киэн туттар, ытыктыыр бизнесменэ, сахалары промышленноска сыһыарбыт Евсеев Матвей Николаевиhы математикаҕа үɵрэппит уонна оскуолаҕа дириэктэринэн үлэлээбиппинэн аhара үɵрэбин уонна астынабын, кинилэринэн мэлдьи киэн туттабын.
Ааспыт кэми, урукку үлэни-хамнаhы, олоҕу-дьаhаҕы эдэр дьон билэллэрэ уонна бэйэлэрин үлэлэригэр, олохторугар туhаналлара наада этэ. Ол санаанан салайтаран аҥаардас үлэм туһунан хайдах баарынан, ханнык да киэргэтиитэ, тупсарыыта суох суруйдум. Уhун кэмҥэ бииргэ алтыспыт үɵлээннээхтэрим, доҕотторум, чугас дьонум бэйэлэрин ахтыыларын суруйан ситэрэн-толорон биэрбиттэригэр махталым улахан.
Суруйуубун Кириэстээхтэн тɵрүттээх республика биир муударай аксакала, суруйааччы Семёнов Я.А. алгыhынан түмүктүүбүн. «Биhиги, саха омук, күммүт уота ɵлбɵɵдүйбэтин, күhэҥэбит быата быстыбатын, алгыспыт баhа сыаланнын, алаhа дьиэбит амтаннаах астаах, аал уоппут ыҥырар кыымнаах, күɵспүт хоргуннаах, иhиппит салааhыннаах, холумтаммыт тобохтоох, хобордоохпут алаадьылаах, хаhааспыт халыҥ, кыстатар сүɵhүбүт сылаас үллүктээх, сааhыыр ɵтɵхпүт сардаана сибэккилээх, ходуhабыт күрүɵлээх, мэччирэҥмит күɵх, үүнээйибит тахсыылаах, тɵрүɵхпүт тɵрɵлкɵй, аартыкпыт суола аhаҕас, сырыыбыт сыыдам, аппыт аллаах, булпут байанайдаах, ɵйбүт булугас, бɵрүɵбүт сытыы, санаабыт ыраас, үлэбит түмүктээх, үɵрэхпит ситиhиилээх буоллар ханнык. Уhун, сырдык, киэҥ кэхтибэт кэскиллэниэҕиҥ, дьоллоох-соргулаах олох, дьоhун доруобуйа доҕуhуолланыаҕыҥ, ахсааммыт аҕыйаабатын, үйэбит уhаатын, саргылаах санаабыт самныбатын!
Тохтуур сирбитигэр торҕо буруо унаардын, кии сыта кэтэстин, мутукча кɵҕɵрдүн, хатыҥ лабаата намылыйдын, сибэккилээх от сириэдийдин, чыычаах ыллаатын, күɵрэгэй кɵччүйдүн, ɵтɵн үɵттүн, кэҕэ эттин!
Айах тутан аhаппыт аал уоппут, Аҕа буорбут айыыhыта, ииппит-бүɵбэйдээбит Ийэ сирбит иччитэ, баай байанайбыт, унаара-кэйээрэ биллибэт улуу орто дойдубутугар, эhиги киэҥ нэлэмэн уйгу-быйаҥ уораҕайгытыгар үɵскээн-тɵрɵɵн сылдьар саха омук ыраас санааларын ɵйдɵɵн, кɵрдɵhүүбүтүн ылынан, биhигини аны да араҥаччылааҥ, харыстааҥ!
Улуу дьаалы Υрдүк Айыыларбыт, үҥэр-сүктэр аанньалларбыт инникитин да сиэри-туому тутуhуохпут, айаннаан иhэн амтаннааҕынан аhатыахпыт, аны да, кэнэҕэски да ɵртүгэр бэссиhэ-ылсыhа туруохпут!”.
Ааптар Горн Егорович ПЛАТОНОВ.

