Иванов Роман Макарович туһунан

САТАБЫЛЛААХ, ХОРСУН САЛАЙААЧЧЫ

Салайааччы олоҕо, аата-суола бар дьонугар оҥорбут үтүөтүнэн сыаналанар. Биһиги аҕабытыгар, Роман Макарович Ивановка – Сэбиэт Арамааҥҥа, дьылҕа хаан уоттаах сэрии, уот кураан, аччыктааһын ынырык сылларын утары ууммута. Кини 1929-1931 сс., 1934-1941 сылларга Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгин сэбиэтин председателинэн үлэлээбитэ. Биир сыл буолан баран нэһилиэк “Сталин суола” колхоһугар председателинэн талыллан, сэрии саамай уодаһыннаах 1942-1945 сылларыгар үлэлээбитэ. Олох кытаанах тургутуутун этинэн-хаанынан билбитэ.

Ол эрээри өркөн өй, хорсун санаа, сахалыы сиэр-майгы, сатабыллаах салайыы бу тыҥааһыннаах кэмҥэ дьону түмпүтэ, биир санааҕа киллэрбитэ, өлөр өлүүнү кытта охсуһууга, үлэ үрдүк көрдөрүүтүн ситиһиигэ бары бүттүүн туруммуттара. Ол түмүгэр үлэ көрдөрүүтэ үрдүгүнэн оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыбыта. “Тыһакыыстан” биир да киһи энчирээбэтэҕэ, сэрии сылларын 100 % тыыннаах туораабыттара.

Аҕам сырдык аата умнуллубат. Биир дойдулаахтара убаастаан, кэриэстээн үрдүктүк туталлар. Үүнэн иһэр кэнчээри ыччаттара бука бары эһэлэрин аатынан киэн тутталлар, олохторугар холобур оҥостоллор. Саха сирин үрдүнэн маннык салайааччылар аҕыйаҕа суохтара биллэр. Кинилэр героическай үлэлэрэ аныгы көлүөнэ ыччатынан үөрэтиллиэ, үтүө дьон ааттара киэҥ билиигэ тахсыа диэн эрэнэ, кэтэһэ саныыбын.

Уола Роман Романович ИВАНОВ.

Тыһакыыс. 2023 сыл, бэс ыйа.

*  *  *

 АРАМААН АРТЫАЛА

“Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара – тыыннаахтар умнубат сыллара!”

Кыайыы 50 сылыгар хаһыат аналлаах таһаарыыта №10.

Пролог оннугар

“Арамааны Дьөгүөр олус сыаналыыра, убаастыыра. Ол иһин сэрииттэн кэлэригэр Арамааҥҥа хара, чугуун кытыылаах хармаан чаһыыны кэһии быһыытынан аҕалан биэрбитэ… Роман Макарович дойдутун дьонугар улахан үтүөлээх, ырааҕы өтө көрөр, муударай, үтүө дууһалаах киһи этэ”. (А.Е. Спиридонова ахтыытыттан).

“Кини чуолкай, киһини ылыннарар тыллаах-өстөөх киһи этэ. Хара үлэни дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэр буолара”. (М.Г. Спиридонова ахтыытыттан).

“Холкуостары тэрийиигэ уһулуччу оруолу ылбыт дьоннорунан Тыһакыыска Р.М. Иванов, З.Ф. Саввинов буолаллар. Кинилэр өр сылларга председателлэринэн үлэлээн кыра колхоз тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргүүрүн ситиспиттэрэ”. (С.Н. Яковлев ахтыытыттан).

“Буостапка бурдугун (государствоҕа булгуччу туттарыллар бурдук) туттарыах иннигэр чүмэчи уотугар сырдатынан бурдук үллэстэр этибит, куттал бөҕөтө буолара”. (Х.А. Яковлева ахтыытыттан).

“1943 с. саас Роман Макарович биир күн завхоһун соруйарын истибитим: “Ыаллары кэрий, кимнээх олус эстибиттэрин испииһэктээ”, – диэбитэ. Сэрии саҕана күн-ый буолбут тапталлаах салайааччыбыт Роман Макарович сырдык кэриэһэ биһиги тыыннаахтар сүрэхпитигэр мэлдьи баар”. (Т.Н. Пахомова ахтыытыттан).

“Тыһакыыс” колхозка сэрии сылларыгар икки өйдөөх, үчүгэй дьоннор – З.Ф. Саввинов, Р.М. Иванов председателлэринэн үлэлээн биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө. Роман Иванов Сунтаарга үөрэнэ киирэрбитигэр күһүн аайы арыы нэрээттээн биэрэрэ. Сунтаарга үөрэнэр оҕолорго уопсай дьиэ туттарбыта”. (Ф.П. Герасимова ахтыытыттан).

“Кэргэним Роман сарсыарда эрдэ, киэһэ хойут бүтэр режимнээх салайааччы этэ. Миигин эмиэ сүгүн олордубат буолара. Киэһэ ыаллар утуйалларын саҕана “баран кэрийтэлээн билсэн кэл, күнү хайдах туораабыттарын бил” диэн сыарҕалаах атынан ыаллары кэрийтэрэрэ”. (Кэргэнэ Е.А. Иванова ахтыытыттан).

Бу быһа тардыылар Роман Иванову кытта бииргэ үлэлээбит тыыл ветераннарын билиҥҥи ахтыыларыттан ылылынна.

Роман Макарович диэн кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһи этэй? Кини төрүт Тыһакыыс олохтооҕо этэ. Эдэр сааһыгар киэҥ сирдэринэн ыырданан баара-суоҕа батараактар курстарын Дьокуускайга бүтэрэн, бэйэтин дьулуурунан талааннаах салайааччы буолбута. 8 сыл Арыылаах нэһилиэгэр (1934-1942 сс.) совет председателинэн, 1942-48 сс. “Тыһакыыс” колхоз председателинэн саамай кытаанах кэмнэргэ тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ тэриллибит 4 колхоз сыыйа-баайа сайдан барбыттара. Олортон сэрии иннинэ “Тыһакыыс” колхоз суон сураҕа, албан аата оройуоҥҥа эрэ буолуо дуо, республикаҕа кытта киэҥник биллибитэ. Колхоһу үөрэҕэ суох, аатын нэһиилэ илии баттыыр Захар Федорович Саввинов салайара. Этэргэ дылы, эт өйүнэн, үтүө майгытынан, салайар талаанынан колхоһу бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыта. Онуоха совет председателэ Роман Иванов көмөтө, сүбэтэ быһаарар оруолламмыта саарбаҕа суох. Кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин толорсон биэрэллэрэ.

Мин бу очеркаҕа үөһэ ахтыыларга олоҕуран Р.М. Иванов тус олоҕун туһунан буолбакка, “Тыһакыыс” колхоз хайдах сайдан испитин, сэрии ыар сылларыгар председатель Иванов колхозтаахтарын аччык кэмнэргэ хайдах өрүһүйбүтүн туһунан, сорох чахчылары аҕалан, тус бэйэм көрүүлэрбин суруйдум.

Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан

“Тыһакыыс” колхоз киинэ, Тыһакыыс диэн төп-төгүрүк, остуол ньуурун курдук дэхси, ортотугар сүдү улахан күөллээх, өҥ буордаах киэҥ сыһыы илин эҥээригэр баара. Биһиги өбүгэлэрбит үһүйээннэринэн эттэххэ Тыһакыыс күөлэ былыр маһын саҕатыттан тайаан, хомуһунан хаймыыланан, көтөр-сүүрэр таптаан мустар, ортотунан быһан буһарыллар соболоох, дириҥ улуу күөл эбитэ үһү. Кинини тула былыр Тумат омуктар олорбуттар. Хойукка диэри күөлү тула ураһа мастара ыһыллан сыппыттара диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрин истэрим.

Колхоз, нэһилиэк салайааччылара трактор, автомассыына диэн техникалары түһээн да баттаппат эрдэхпитинэ, илии үлэтин чэпчэтэргэ от охсор, мунньар, бурдук кыргар, астыыр аччыгый техникалары буларга дьаныардаахтык үлэлээбиттэрэ. Тыһакыыс эбэ хотун киэҥ иэнигэр от үлэтигэр сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри косилкалар курулууллара, от мунньар ат кыраабыллара адаарыһаллара. Сонуоктарга бурдук кыргар икки ат тардар массыыналара (самоскидтар) күөрэлэҥнэһэллэрэ көрүөххэ кэрэ да этэ. Һэҥэйик Сэмэнэ (Тимофеев Семен) бурдук тартарар ат тардар, оҕус үктүүр суоруналарын (сүрүн механизма мас этэ) аҕыс ат тардар таас миэлиҥсэтэ солбуйбута. Бурдугу астааһыҥҥа дьиҥнээх революция диэххэ наада, эмиэ аҕыс ат тардар сүүнэ молотилка оҥоһуллубута.

Мин бу техникаларга ат үүрээччинэн үлэлиэм иннинэ, маннык сорох түбэлтэлэр өйбөр умнуллубакка иҥэн хаалбыттар. Оччолорго биһиги дьиэ кэргэн колхоз кииниттэн 4 километрдаах Дьиэрэҥ диэн сыһыы сиһигэр олорбуппут. Аҕам Байбал бурдук астааһыныгар сарсыарда аайы барара. Мин кыһын сарсыардааҥы дьыбарга аҕам бурдук астатар молотилкатын тыаһын истэрбин сөбүлүүрүм. Молотилка барабаанын тыаһа, хаһан ыла-ыла орулаан иһиирэн ылара (ол аата түүтэх угаллар эбит), онтон эмиэ лоҥсуйан, ньиргийэн киирэн барара.

Арай биирдэ, ахсынньыга быһыылааҕа, киэһэ им сүтүөн иннинэ эмискэ Былаат сыһыытын диэки сыарҕа тыаһа кыыкынаан барда, киһи ынчыктыыр саҥата: “Саайа, саайа”, – диэн иччилээхтик иһилиннэ. Дьиэҕэ киирэн ийэбэр кэпсээтим, кини тугу да саҥарбата, куттаммыт көрүҥнэннэ. Бу киэһэ аҕам тоҕо эрэ тардылынна… Эмискэ дьиэбит аана тэлэччи аһылынна, аан туман туруорбах дьиэ иһигэр кутуллаатын кытта аҕам киирэн кэллэ.

– Бүгүн табыллыбатыбыт, улахан дэҥ таҕыста, – диэтэ сыгынньахтана туран, онтон көмүлүөк оһох иннигэр олох маска кэлэн иттэн сөҥөн олордо.

– Тыый, ол туох алдьархайа буолла? – диэтэ ийэм.

– Киргиэлэй Дьаакыбылап молотилкаҕа дэҥнэннэ. Молотилка барабаана тарбаҕыттан тардан ылан, сонун сиэҕиттэн сөрөөн бүлгүнүгэр диэри илиитин мэһийэн кэбистэ. Бүтүннүү тардан ылыаҕын молотилка эрэмиэнин нэһиилэ төлө охсон, көлүөһэҕэ мас уган аттары тохтоттубут, аттар кыыл бара сыстылар. Эмиэ биир туспа аймалҕан буола сырытта, – диэтэ аҕам уонна өр саҥата суох олордо. Мин ол Киргиэлэй ынчыктыырын истибиппин өйдөөн ыллым, аҕабар кэпсээтим.

Ол кэнниттэн Киргиэлэй Сунтаар балыыһатыгар эппэрээсийэлэммит, икки хонон баран тигиитэ төлө ыстанан, хаана тоҕо баран өлөөхтөөбүт сураҕа иһиллибитэ. Дэҥ биричиинэтэ – барабааҥҥа түүтэҕи аҕалан угарга аналлаах остуол синньигэс буолбут, ону көннөрбүттэр.

Сэрии иннигэр “Тыһакыыс” колхоз колхозтаахтара сүүһүнэн гектар буоланы булууктарынан хорутан, кылгас агрономическай болдьоххо бурдук ыһан, өлгөм үүнүүнү ылбыт сыллардаахтара. Ыһыыга киһи бары, бэл оскуола оҕолоро кыттарбыт. Көлөһүн күнүгэр 4 кг бурдугу үллэстэ сылдьыбыппыт. Стахановец колхозтаахтартан Мисаил Пахомов 3 т бурдугу, мин аҕам 2 т бурдугу дохуоттарыгар аахсыбыттарын бэҕэһээҥи курдук өйдүүбүн. Колхоз бырабылыанньатын уурааҕынан элбэх дохуоттаах стахановец колхозтаахтар дохуокка ылар бурдуктарын “Кыһыл обуоһунан” дьиэлэригэр илдьэргэ муударай дьаһалы таһаарбыттар.

Арай биир үтүө күн биһиги дьиэбитигэр хас да сыарҕаҕа пааралыы көлүллүбүт сыарҕалаах аттаах дьоннор кэллилэр. Дуҕаларыгар чуорааннаахтар, кыра кыһыл былаахтаахтар. Аҕам олору кытта олорсон иһэр эбит.

– Аҕаа, бу бурдук барыта биһиэнэ дуо, тугун чуорааннарай, былаахтарай? – диэн ыйытыктаах киһи буолан биэрдим.

– Бу кыһыл обуос диэн буолар, биһиги дохуоппутугар ылар бурдукпут,  диэтэ аҕам. Дьэ өйдөөтүм. Ол эрээри туох сыалтан оннук тэриллибитин хойут өйдөөбүтүм.

“Тыһакыыс” колхозка билигин киһи барыта билэр племенной үлэтэ оччолортон саҕаламмыт эбит. Күһүөрү этэ, таайым Баһылай дьиэтин таһыгар оҕус тыһаҕаһы аҕалан баайбыттара улахан бэрдэ.

– Бу улахан оҕуһу хантан, кимиэхэ аҕаллыгыт? – ыйытабын таайбыттан.

– Бу улахан оҕус буолбатах, былырыын төрөөбүт боруода тыһаҕас, – хардарар Баһылай. Симментальакай боруоданы оройуоҥҥа соҕурууттан аҕалбыттар эбит. Ити боруода тыһаҕас ситэн-хотон, колхозка өр сылларга сиэнчэр симменталлары дэлэппитэ, үүт ыама тосту үрдээбитэ, сүөгэй-арыы элбээбитэ. Маны таһынан колхозка бириэмийэ быһыытынан орловскай боруода атыыр бэриллэн, сиэнчэр, бөдөҥ, тардыыһыт сылгылар эмиэ дэлэйбиттэрэ. Колхозка оҕуруот аһын үрдүк үүнүүтүн эмиэ ылаллара. Хортуоппуй, хаппыыста үрдүк үүнүүтэ ылыллан, оҕуруотчут Николай Прокопьев Бүтүн Союзтааҕы быыстапкаҕа кыттар быраап ылбыта. Хомойуохпут быатыгар, Москваҕа барартан саллан аккаастаммыта.

Ити курдук “Тыһакыыс” колхоз кэккэ сылларга аатыран олордоҕуна гитлеровскай Германия Советскай Союзка саба түһэн, олох-дьаһах атыйахтаах уу курдук дьалкыллыбыта, колхоз 40-ча чулуу уолаттара Ийэ дойдуларын көмүскүү сэриигэ аттаммыттара.

Ол суостаах сылларга

Колхоз салалтатын иннигэр уустук сорук турбута. Сэриигэ барбыттары киминэн солбуйан колхоз баайын-дуолун оннунан хаалларыахха. Этэргэ дылы, биэс киһи үлэтин биир киһи, эр киһи толорор үлэтин дьахталлар толордохторуна, оскуолаҕа оҕолорун сайыҥҥы үлэҕэ киэҥник тардар наадата тирээн кэлбитэ. Колхоз, нэһилиэк салалтата ити хайысханан элбэх өрүттээх тэриэйр үлэни тэниппитэ, оройуон салалтата да таах олорботоҕо. Колхозтаахтар уопсай мунньахтарыгар ити соруктар чуолкайдаммыттара. Колхозка М.Г. Спиридонова секретардаах комсомольскай тэрилтэ (партийнай тэрилтэ суоҕа) бырабылыанньа үлэтигэр күүс-көмө буолбута. Сэрии бастакы сылын кыстыга этэҥҥэ ааспыта.

Куһаҕан кутуруктаах диэбиккэ дылы, сэрии иккис сайына күүтүллүбэтэх өттүттэн үөмэн кэлбитэ. Аһыыкалаах кураан сайын саҕаламмыта. Үһүс сайын өссө ынырык буолбута. Хаар хайдыаҕыттан аһыыка саба сүүрбүтэ, оту-маһы сиэбитинэн барбыта, ыһыллыбыт буолалар харанан көрөн кэбиспиттэрэ. Тыһыынча тонна от үүнэр Тыһакыыһыгар үс эрэ от чөкөтүллүбүтэ. Колхоз салалтата биһигини – оскуола оҕолорун биригээдэтин Хороҕо оттото ыыппыта. Колхоз фермата кыстыыр отун оттоон ыкса күһүн дьиэбитигэр эргиллибиппит, колхоз сүөһүтүн өрүһүйбүппүт. Бурдук үүммэтэҕэ, от кэмчитэ суту аҕалбыта. Дьон аччыктааһына саҕаламмыта. Байыаннай балаһыанньа сокуонун токурутуу, сыыһа салалта итиниэхэ эбиилик буолбуттара. БЭл буолаттан куоластааһын бобуллубута. Бурдук атаҕын даҕаны бас билбэт буолбуппут. Сиэмэ бурдугун хаалларан баран уоннааҕытын госпоставкаҕа (государствоҕа) туттараллара. Аччыктааһынтан дьону хайдах өрүһүйүөххэ диэн ыарыылаах боппуруос бырабылыанньа мунньаҕар биирдэ эрэ дьүүллэһиллибит буолбатах этэ. Араас этиилэр киирэллэрэ.

– Бурдук атаҕын түҥэтиэххэ, ол баҕас ама бобулуннаҕай?

– Сатаммат эбит, бобуллубут. Дьэ дьикти!

– Кистээн түҥэтиэххэ наада.

– Ол диэхтээн төһө өйүөк буолуой?

– Сиэмэ бурдугуттан ордорун дьоҥҥо түҥэтиэххэ, саатар сиэмэ бурдугу гынныннар.

Бырабылыанньа итинник кистэлэҥ уурааҕы ылынар, ол аата этиилэри барытын ылынар. Икки биэдэмэһи олохтуурга быһаараллар. Олортон биирдэстэрэ – “сымыйа” биэдэмэс, түҥэтэн баран суох гынан кэбиһэллэр. Оттон биирэ дьиҥнээх дохуот биэдэмэһэ. Дьиҥнээх биэдэмэһинэн тыыннаах хаалбаккын. Ити кистэлэҥ үлэ оройуоҥҥа биллэн хаалбыт, дьэ иэдээн диэтэҕиҥ. Ким эрэ бэлэм айах быктардаҕа, үҥсүбүт суох буолуохтаах этэ.

Бырабылыанньа уурааҕа олоххо киирбитэ, элбэх киһи хоргуйан өлүүттэн өрүһүллүбүтэ. Ол гынан баран түмүгэ трагическай буолбута. Колхоз председателэ З.Ф. Саввинов завхоһун кытта хаайыыга олорон кэлбиттэрэ, уруттаан эттэххэ. Хаайыыга барбыт председатель оннугар дьону аччыктааһынтан өрүһүйүүгэ быһаччы кыттыбыт Р.М. Иванов “Тыһакыыс” колхоз председателинэн 1942 с. быыбардаммыта.

Хорсун быһаарыы

Дьону өрүһүйүү иһин сууттаныыттан Роман Макарович толлубатаҕа. Ити сууттаһыыны кини иһигэр сыыһанан ааҕара, көмүскэһэр кыаҕа суоҕа. Аахсаҥҥын да оччотооҕу ынырык сокуонтан кырдьыгын булунар кыаҕа суоҕун билэрэ. Аны билигин бэйэтэ эппиэттээх дьаһаллары ылына барбыта. Былааны толоруохха, байыаннай нолуоктары төлүөххэ уонна эмиэ дьону өрүһүйүөххэ! Хайдах, тугу гыныахха? Ити боппуруос Романы үүйэ-хаайа туппута, утуйар уутун умнарга тиийбитэ. Колхоз биэлэрин ыан иһэргэ ким кыһалҕалаах түҥэппитэ, отун кытта биэрэн, күөх окко үктэннэриэхтээх этилэр. Ол туһата диэн биэ үүтэ эмтээҕин билэрэ.

Колхоз итинтэн тугу да ночоотурбатаҕа, биэлэр үчүгэй көрүүгэ-харайыыга киирбиттэрэ, дьоннор хоргуйбатахтара. Дьон туһугар икки муударай салайааччылар бэйэлэрин сиэртибэлэммиттэрэ туһугар геройдуу быһыы этэ. Сиэмэ бурдугун ырыбыллаан колхозтаахтарыгар бурдук ысталларыгар анаан уоран түҥэттэрэ олорбута. Бурдуку атаҕын этэ да барыллыбат, буолаҕа куоластааһын көҥүл буолбута. Биһиги, оҕолор, кутуйах, күтэр хаһааһын булан күннүүрбүт.

Роман Макарович колхозтаахтарын аһынан, таҥаһынан, харчынан хааччыйарга элбэҕи оҥорбута, саҥаттан саҥа дьаһаллары олохтоон испитэ. Дэҥҥэ өлбүт сүөһү, сылгы этин колхозтаахтарыгар түҥэттэрэрэ. Аччыктаабыт ыалларга көлө атын кистээн өлөттөрөн баран түҥэтэр түгэнэ баара. Ол сүөһү, сылгы өлүүтэ кытаанах учуоттааҕыттан сибээстээҕэ. Сунтаарга баар “Якутзолото” хонтуоратын кытта дуогабар түһэрсэн чэй, табаах, мэлии бурдук ылан колхозтаахтарыгар таһааран сотору-сотору түҥэттэрэрэ.

Бодойбо көмүһүн бириискэлэригэр колхоз этин-арыытын ордорон, колхозтаахтар ордорунар эттэрин, арыыларын хомуйтаран табанан “кыһыл обуос” диэни тэрийэн эргиэҥҥэ дьоҕурдаах дьоннорунан ыыталыыра. Ол эргиэнтэн колхозка харчынан дохуот киирэрэ, араас нолуоктары төлүүллэрэ. Колхозтаахтар бородууксуйалара харчыга кубулуйан табаар, бородуукта, табах буолан кэлэрэ. Оччолорго таҥнар таҥас олус кырыымчыга, куул ыстаан буолара үгүһэ. Дьэ итинник араас көмөлөр түмүктэригэр сэрии ыар сылларыгар колхоз дьоно аччыктаабатахтара, сүөһүлэрин эспэтэхтэрэ.

Председатель тус олоҕо колхозтаахтарын олоҕуттан атына суоҕа, ордук олорорго дьулуспат этэ. Ол да иһин дьон дириҥ ытыктабылынан туһанара. Чаҕылхай араатар, ылыннарыылаах тыллаах салайааччы этэ. Ол эрээри оройуон салайар чөмчөкөлөр кинини икки өрүттээхтик сыаналыыллара. Кинилэр тылларын улгумнук ылыммат “көҥүл барбыт” председатели дьиҥэр сөбүлээбэт этилэр. Ол да иһин буолуо, 1948 сылтан председателиттэн уурайарга күһэллибит эбит. Онтон аҕыйах кэмҥэ биригэдьиирдээбитэ. Доруобуйата мөлтөөн биригэдьиириттэн аккаастаммыта, колхозтаах быһыытынан 1953 сылга диэри араас “хара” үлэни үтүө суобастаахтык толорбута.

Роман Макарович 1953 сылга икки улахан уолун Сунтаарга үөрэттэрэр боппуруоһун быһаара киирэ сылдьан мэйиитигэр хаан киирэн ыалга эмискэ өлбүтэ. Кини чаҕылхай олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Ииппит улахан уола Григорий Тимирязевскай академияны бүтэрэн ученай экономист буолбута, 4 оҕоломмута, былырыын ыалдьан өлбүтэ. Иккис уола Анатолий өр сылларга киномеханигынан үтүө суобастаахтык үлэлээн баран пенсияҕа тахсыбыта, билигин Хадаҥҥа олорор, 6 оҕолоох, 8 сиэннээх. Үһүс уола Роман СГУ-ну бүтэрэн инженер-зоотехник идэлээх, 3 оҕолоох. Улахан кыыһа Раиса араас үлэҕэ сылдьан 1988 сылга ыалдьан өлбүтэ, 3 оҕолоох, 3 сиэннээх. Кыра кыыһа Надя военкомат үлэһитэ, 5 оҕолоох, 2 сиэннээх. Кэргэнэ Евдокия Архиповна 78 саастаах, тыыл ветерана, уолугар Сунтаарга олорор.

Үтүө киһи аата умнуллубат, биир дойдулаахтарын өйдөрүгэр-санааларыгар легенда курдук уос номоҕор сылдьар. Билигин баара буоллар юбилейдаах сылга 100 сааһын көрсүөх этэ.

Хаартыскаҕа: советскай, колхознай тутуу талааннаах тэрийээччитэ Роман Макарович Иванов.

Степан ГЕРАСИМОВ, тыыл ветерана.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат №136, 14.12.1995 с.

          *  *  *

 

Пётр Степанович ЯКОВЛЕВ ахтыыта:

– Хараҕынан мөлтөхтүк көрөрүн иһин дьон-норуот Балай Арамаан диэн ааттыыр киһилэрэ төрүт-уус Тыһакыыс төрүт олохтооҕо этэ. Эдэр сылдьан киэҥ сирдэринэн ыырданан сылдьыбыт. Кэлин баара-суоҕа Дьокуускайга батараактар куурустарын бүтэрэн, бэйэтин дьулуурунан талааннаах буолбута.

Аҕыс сыл Арыылаах нэһилиэгэр (1934-42 сс.) н/совет председателинэн, “Тыһакыыс” колхоз председателинэн, саамай кытаанах кэмнэргэ тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ баар түөрт колхоз сыыйа-баайа сайдан барбыттара. Олортон сэрии иннинэ “Тыһакыыс” колхоз суон сураҕа, албан аата оройуоҥҥа эрэ буолбакка, республикаҕа кытта киэҥник биллибитэ.

Колхоһу үөрэҕэ суох, аатын эрэ нэһиилэ илии баттыыр З.Ф.Саввинов салайара. Колхоз саламтата илии үлэтин чэпчэтээри от охсор, мунньар, бурдук кыргар, астыыр массыыналары булбуттара. Ити курдук “Тыһакыыс” колхуос кэккэ сылларга аатыран олордоҕуна сэрии саҕаламмыта. Колхозтан 40-ча эдэр дьон уоттаах сэриигэ барбыттара. Сэриигэ барбыт дьону колхоз эдэр оҕолоро, кырдьаҕастар солбуйбуттара. Колхоз комсомольскай тэрилтэтин секретарынан Мария Гаврильевна Спиридонова үлэлээбитэ. Кини салалтатынан ыччаттар күүстээх үлэҕэ туруммуттара.

Сэрии бастакы сылын колхоз этэҥҥэ туораабыта. Сэрии иккис сылыгар аһыыкалаах уот кураан түспүтэ. Тыһыынчаттан тахса тонна от үүнэр Тыһакыыска отой аҕыйах от үүммүтэ.

Дьэ бу дьылга дьон-норуот аччыктааһына саҕаламмыта. Роман Макарович правление мунньаҕар “дьону өлөртөн быыһыахха, кистии-саба сиэмэ бурдугуттан, уопсай эттэн дьэҥкэрэн эрэр дьоҥҥо биэриэххэ” диэн колхоз председателигэр З.Ф.Саввиновка, завхоз С.И.Аввакумовка сорудахтыыр. Сотору ити кистэлэҥ түҥэтии, оройуоҥҥа сигнал киирэн, үөһэ ааттаммыт дьоммут үстүү сыл күлүүс хаайыытыгар бараллар. Хаайыыга барбыт председатель оннугар Роман Макарович 1942 сылтан “Сталин суола” колхоз председателинэн үлэлиир. Аччыктаабыт ыалларга колхоз биэлэрин ыан иһэргэ түҥэтэлиир. Ити сылларга көлө атын өлөрөн, уоран түҥэтэллэр.

Төрөөбүт норуота өлбөтүн-сүппэтин туһугар Роман Макарович хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат. Ити курдук хорсун быһыылара оройуоҥҥа биллибитэ буоллар, хааннаах репрессия саҕана уонча сыл хаайыыга баран өлүө этэ.

Роман Макарович Сунтаарга баар “Якутзолото” хонтуоратын кытта дуогабар түһэрсэн чэй, табах, мээккэ бурдук ылан таһааран сотору-сотору колхуостаахтарыгар түҥэтэрэ. Кини тус олоҕо колхуостаахтарын курдуга. Дьон-норуот туһугар хойут утуйан, эрдэ туран дьүккүөрдээхтик үлэлээбит киһинэн буолар. Роман Макарович чаҕылхай араатар, уус тыл маастара этэ. Дьиссипилиинэни кэһэ, үлэлээбэт сүрэҕэ суохтары оруу-маһы ортотунан киирэн саҥарбат. “Дьэ, буолуо, сөп-сөп, таах даҕаны! Сыыһа гыммыккын, көр эрэ, ол бастыҥ үлэһит дьону батыһыахха”, – диэн уус тылынан буруйданааччы ис буотараҕын үлтү булкуйан, көнөр суолга киллэрдэҕэ ол.

Оройуон чөмчөкөлөрө, кинилэр тылларын истигэннээбэтин иһин, 1948 сыллаахха колхуос председателиттэн уураппыттара. Роман Макарович маҥнай биригэдьиирдээбитэ, онтон хара үлэҕэ үлэлээбитэ. 1955 сыллаахха икки улахан уолун Сунтаарга үөрэттэрэр боппуруоһун быһаартара сылдьан, мэйиитигэр хаан киирэн ыалга эмискэ өлбүтэ.

Кини оҕолоро Анатолий алта оҕолоох, аҕыс сиэннээх, киномеханиктаан баран пенсияҕа тахсыбыта. Эмээхсинэ Огдоой СГУ-ну бүтэрбит уолугар Ромаҕа Сунтаарга олорор.

Уһун Күөл сэл. 1996 с.

Яковлев Пётр Степанович ахтыытын суруйдум Аввакумов Владимир Семёнович. 2023 с. ыам ыйа.

Васильева Антонина Афанасьевна, архив үлэһитэ. “Бороҥчой”.

*  *  *

ТЫЫЛГА ДА КЫТААНАХ, ТЫЙЫС ЭТЭ

Кырдьык, 1941-1945 сыллардааҕы Улуу сэрии ынырык сылларыгар тыылга хаалбыттарга эмиэ балаһыанньа олус уустук, кытаанах этэ. Сорохтор этэллэрин курдук, онно ким даҕаны сибиэһэй сэлиэһинэй бурдуктан оҥоһуллубут лэппиэскэни халыҥнык арыылаан баран мотуйа сыппатаҕа. Арыый атын олох этэ…

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин бары да нэһилиэктэригэр хартыына биир этэ. Нэһилиэнньэ эдэр-чэгиэн, кыанар өттө бары сэриигэ барбыта. Тыылга оҕо-дьахтар, кыаммат-кырдьаҕас, ыарыһах өттө эрэ хаалбыта. Ону кытта дэҥҥэ “боруонньаланан” диэн биир эмит эр киһи учуутал, холкуос бэрэссэдээтэлэ баара. Үөһэттэн ыйыы, сорудах «Барыта – фронт туһугар!» диэн этэ. Ордубуккун барытын, ордубуккун эрэ да буолуо дуо, булбуккун барытын фроҥҥа, кыайыы туһугар диэн буолара.

Биирдэ санаан көрдөххө, хотоҥҥо хороҕор муостаах, сыһыыга сыспай сиэллээх толору курдук этэ да, үөһэттэн көҥүлэ суох бэл, бэйэҥ бас билэр сүөһүгүн өлөрөн сиириҥ кытаанахтык бобуллара. Бааһынаҕа ордон хаалбыт бурдук атаҕын, оннооҕор кутуйах хаһааһын хомуйан сиириҥ кытаанахтык бобуллара. Ол туһуттан хаайыыга барбыттар, онтон эргиллибэтэхтэр даҕаны бааллара. Нэһилиэктэргэ сүөһүнү-аһы учуоттааччы, бас билээччи холкуос бэрэссэдээтэлэ буолара. Ханна дьаһахтаах бэрэссэдээтэллээх, сэбиэттээх нэһилиэктэргэ аччыктааһын, хоргуйуу лаппа аҕыйаҕа эбит.

Соторутааҕыта устуоруйа наукатын хандьыдаата, биир дойдулаахпыт Пантелеймон Петров-Хардыы «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтинэн кэпсииригэр, Аҕа дойду иккис сэриитин сылларыгар Саха сирин оройуоннарыттан саамай элбэх киһи хоргуйан, аччыктаан Сунтаар улууһугар өлбүт диэн турар. Дьэ, ынырык эбит.

Ханна даҕаны нэһилиэк нэһилиэк киһитин ахсаана төһө да уратыластар, сэрии сут-кураан сылларын саҕана аччыктаан, хоргуйан өлүү биһиги улууспут Арыылаах нэһилиэгэр арыый да аҕыйах эбит. Дьэ, ол туһунан арыый киэҥник билээри, мин биир идэлээҕим, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суох С.П. Герасимов «Тыһакыыс – ытык сир» диэн кинигэтин хасыһан көрдүм. Кырдьаҕаспыт биир дойдулаахтарыгар бэртээхэй да кинигэни суруйан, оҥорон хаалларбыт эбит.

Сэрии сылларын саҕана Арыылаах нэһилиэгин «Тыһакыыс» холкуос салалтатын иннигэр ханна да буоларын курдук, эмиэ уустук сорук турбута. Сүрүн сорук – аччыктааһынтан дьону хайдах өрүһүйүөххэ диэн этэ. Араас этиилэр киирэллэрэ: бурдук атаҕын түҥэтиэххэ, ол баҕас ама бобулуннаҕай? Сатаммат, бобуулаах. Оччоҕо кистээн түҥэтиэххэ. Сиэмэ бурдугуттан ордорун дьоҥҥо түҥэтиэххэ, саатар сиэмэ бурдуга гынныннар. Сэрии бастакы сылларын саҕана итинник кэпсэтиилэр холкуос салалтатыгар элбэхтик турар буолбуттар.

Ол саҕана холкуос бэрэссэдээтэлинэн Захар Фёдорович Саввинов эбит. Дьону быыһыыр туһуттан хорсун уураах ылыллан олоххо киирбит. Элбэх киһи хоргуйууттан өрүһүллүбүт. Ол эрээри, холкуос бэрэссэдээтэлэ Захар Саввинов сопхуоһун кытта хаайыыга түбэспиттэр. Ити кэнниттэн, 1942 сыллаахха, дьону аччыктааһынтан өрүһүйүүгэ быһаччы кыттыбыт, ити холкуос чилиэнэ 46 сааһыгар сылдьар сиппит-хоппут Роман Макарович Иванов «Тыһакыыс» холкуос бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Быһаара түһэн эттэххэ, кини төрөөбүт сыла билиҥҥэ диэри чуолкайа суох, кини сааһынан уонна хараҕынан сыыйыллан сэриигэ барбатах курдук.

Р.М.Иванов төрүт Тыһакыыс олохтооҕо этэ. Эдэр сааһыгар киэҥ сирдэринэн ыырданара. Ол сылдьан Дьокуускайга батараактар куурустарын бүтэрбитэ. Бэйэтин дьулуурунан, кыаҕынан салайааччы буола үүммүтэ. 8 сыл (1934-1942 сс.) Арыылаах нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, 1942-1948 сылларга (саамай кытаанах сылларга) «Тыһакыыс» холкуос бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Роман Иванов дьону өрүһүйүү иһин убайын кэриэтэ саныыр З.Ф.Саввиновы сууттааһынтан толлубатах. Кини ити суут уурааҕын төһө да иһигэр сөбүлээбэтэр, хайдах да көмүскэһэр кыаҕа суоҕа. Бэрэссэдээтэл буолаат, бэйэтэ эппиэттээх дьаһаллары ылынан барбыта. Роман Иванов холкуостаахтарын аһынан-таҥаһынан хааччыйарга элбэҕи оҥорбута, саҥаттан саҥа дьаһаллары олохтоон испитэ. Дэҥҥэ өлбүт сүөһү этин холкуостаахтарыгар түҥэтэрэ. Олох аччыктаабыт ыалларга көлө атын кистээн өлөттөрөн баран түҥэтэр түгэнэ эмиэ баара. Сунтаарга баар «Якутзолото» хонтуоратын кытта кэпсэтэн чэй, табаах, мэлии бурдук ылан, сотору-сотору холкуостаахтарыгар түҥэттэрэрэ.

Бэрэссэдээтэл Роман Иванов үлэтин туһунан биир дойдулаахтарын сорох ахтыыларыттан быстахтык ыллахха:

– Роман Макарович дойдутун дьонугар улахан үтүөлээх, ырааҕы өтө көрөр, муударай, үтүө дууһалаах киһи этэ. (А.Е.Спиридонова).

– Кини чуолкай, киһини ылыннарар тыллаах-өстөөх киһи этэ. Хара үлэни дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэр буолара. (М.Г.Спиридонова).

– Холкуостары тэрийиигэ уһулуччу оруолу ылбыт дьонунан Тыһакыыска Р.М.Иванов, З.Ф.Саввинов буолаллар. Кинилэр өр сылларга бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээн, кыра холкуос тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргүүрүн ситиспиттэрэ. (С.Н. Яковлев).

– Буостапка бурдугун (судаарыстыбаҕа булгуччу туттарыллар бурдук) туттарыах иннигэр чүмэчи уотугар сырдатынан бурдук үллэстэр этибит, куттал бөҕөтө буолара. (Х.А. Яковлева).

– «Тыһакыыс» холкуоска сэрии сылларыгар икки өйдөөх, үчүгэй дьон З.Ф.Саввинов, Р.М.Иванов бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээн биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө. Роман Иванов Сунтаарга үөрэнэ киирэрбитигэр күһүн аайы арыы нэрээттээн биэрэрэ. Сунтаарга үөрэнэр оҕолорго уопсай дьиэ туттарбыта. (Ф.П.Герасимова).

– Кэргэним Роман сарсыарда эрдэ, киэһэ хойут бүтэр режимнээх салайааччы этэ. Миигин эмиэ сүгүн олордубат буолара. Киэһэ ыаллар утуйалларын саҕана «баран кэрийтэлээн билсэн кэл, күнү хайдах туораабыттарын бил» диэн сыарҕалаах атынан ыаллары кэрийтэрэрэ (кэргэнэ Е.А.Иванова).

Дьэ, биир дойдулаахтара ытыктаан Сэбиэт Арамаан диэн ааттаабыт Роман Макарович Иванов сэрии ыар сылларыгар тыыл тыйыс усулуобуйатыгар итинник үлэлээн-хамсаан, үгүс киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыт үтүөтэ-өӨөтө көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубатар ханнык.

Түмүккэ, Роман Макарович төрөппүт уолун, улуус биир бастакы урбаанньытын Роман Романович Иванов ахтыытын биэрэбит:

«…Аҕам мин 4 саастаахпар икки улахан уолун Сунтаарга үөрэттэрээри оннуларын буллартыы киирэн баран, ыалга хоно сытан төбөтүгэр тымыр быстан, эмискэ суох буолбута. Биэс оҕо соҕотох ийэҕэ хаалбыппыт. Аҕабын субу диэн өйдөөбөппүн. Арай кыра эрдэхпинэ, дьон сибигинэһэн, «Сэбиэт Арамаан» диэн кэпсэтэллэрин дьиктиргии истэрим. Аҕабыттан төбөм элбэхтик имэриллибитэ. «Көрүҥүтүүй, үкчү аҕатын курдук» диэн ис-истэриттэн үөрэллэрэ. Ийэм бастаан утаа оскуолаҕа, кулуупка остуорастыы сатаан баран, пиэрмэҕэ ыанньыксытынан киирбитэ. Онон үүт-ас үрдүгэр син киһи-хара буолбуппут. Дьиктитэ баар, мин аҕам суох диэн хаһан даҕаны тулаайахсыйбатаҕым. Санаабар аҕам мэлдьи аттыбар баар курдук буолара, аата үгүстүк иһиллэрэ. Дьон-сэргэ барахсан өлөр-хаалар күннэригэр өрүһүлтэ буолбут салайааччыларыгар ытыктабыллара, махталлара биһиги дьиэ кэргэммитигэр бүтүннүүтүгэр иҥмит курдуга.

Кэлин, сааһыран баран санаан көрдөхпүнэ, оччотооҕу суут-сокуон кытаанах кэмигэр мин аҕам быыһанар суолу син тобулан, дьиҥнээх хорсун быһыыны оҥорбут эбит. Бу туһунан биир дойдулааҕа Герасимов Степан Павлович бэрт үчүгэйдик, кырдьыктаахтык суруйан хаалларбытыгар махтана саныыбын. Кэлин Чириков Иннокентий Фёдорович көҕүлээн, сүүрэн-көтөн, ытык сир Тыһакыыс үс үтүө салайааччытыгар анаан сэмэй мемориал турбута уонча сыл буолла. Манна Тыһакыыстан төрүттээхтэр үс сылга биирдэ самаан сайын саамай муҥутаан ситэн-хотон турдаҕына, тапталлаах Тыһакыыспыт киэҥ туонатыгар мустан, кини айгыр-силик айылҕатыгар көҥүл көччүйэн, төрүттэрбитин ахтан-санаан ааһар үтүө үгэстээхпит.

Биһиги аҕабыт Роман Макарович ыччаттара төрөөн-ууһаан, тэнийэн, билигин кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ куоратынан, тыанан тарҕанан олороллор. Үлэ-хамнас үлүскэннээх үөһүгэр сылдьаллар. Олох салҕанар. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорбут аҕам аата умнуллуо суоҕа. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн буолан бара туруо диэн эрэлим улахан».

Кырдьыга даҕаны, онтон атын буолар туһа суох. Тыылга хаалан аччыктаан төһөлөөх киһи суорума суолламмытын оччоҕо даҕаны ааҕар олус уустуга. Эгэ кэлэн, билигин. Ыал ыалынан эстибитэ, сорох аймахха удьуору салгыыр биир да киһи ордубатаҕа биллэр. Аччыктаан өлүмээри кутуйаҕы, күтэри, моҕотойу, олох ыксалга кэтиллэ сылдьыбыт тирии этэрбэһи, аан тириитин үтэллэрин, бэл, сылгы сааҕыттан эбиэһин тоноон сууйан, хааһы оҥостон аһыылларын туһунан ахтыылар эмиэ бааллар. Оо, эрэйдээхтэри даҕаны!.. Хайыахтарай, күн сырдыга баҕалаах, олох иһин охсуһуу кытаанах буоллаҕа эбээт.

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар тыа сиригэр олорон тоҥмут-хаппыт, сурахтыын сүппүт, бэйэтин тыынын толук ууран туран кыайыыны уһансыбыт дьоммутун ахтан-санаан ааһыы – биһиги ытык иэспит. Кинилэри саатар санаан, кэриэстээн ааһыахтаахпыт дииллэригэр мин эмиэ сөбүлэһэбин.

Борис НИКОЛАЕВ.

Сунтаар. 2020 сыл.

*  *  *

 

ИККИТЭ СУУТТАННАР ДА КЫАЙТАРБАТАХ, ХОРСУН ПРЕДСЕДАТЕЛЬ

Бастакы сууттаныы

Роман Макарович Иванов бастакы сууттаныыта Сунтаар оройуонун Арыылаах нэһилиэгин председателинэн үлэлии сырыттаҕына, 1941 сыл саҕаланыытыгар буолбут. Сэрэйдэххэ бу иннинэ, 1940 сыл ахсынньытыгар, кинини ким эрэ үҥсүбүт – борогууллаата диэн. Буруйа диэн хараҕынан дьиҥнээхтик ыалдьан, эмтэнэ сылдьан больничнайын кэмигэр уһаппатаҕа буолбут.

Ааспыт кэм дьоно нууччалыы, сахалыы суруйбуттарын хайдах баарынан, арай киһи буккуллуох алҕастарын кыратык көннөрөн биэриэхпит.

Сунтарский РИК (районный исполнительный комитет) совета депутатов трудящихся – Сунтаар районун үлэһиттэрин депутаттарын Советын ситэриилээх комитета Сунтаардааҕы народнай суукка Васильев диэн судьуйаҕа дьыаланы ыыппыт, ону председатели солбуйааччы илии баттаабыт (илии эрэ баттааһын, араспаанньата суох).

Ол сурук бу баар:

При сем препровождаю дело т.е. решение РИК от 14.12.1940 г. №73 параграф 800, председатель Арылахского н/с находясь по больничному листу 30.12 вышел срок больничного листа, после этого т. Иванов не приступил на работу до настоящего времени. Это явление райисполком считая прогулом дело т. Иванова направляет на вашем рассмотрении.

Зам. пред. РИК (илии баттааһына, арааһа Семенов диэн).

Секретарь И.Иванов. Декабрь 1940 г.

           *  *  *

Нарсуд

Протоколтан выписка

Протокол № 73

Сунтар оройуонун Ү.Д. Советын ситэриилээх комитетын мунньаҕа

Ахсынньы ый 14 к. 1940 с.

Параграф 800 Очередтаах отпускалар тустарынан райисполком секретара тов. Иванов Ив. Мих. Киллэриитэ.

  1. Арыылаах н/с председателин т. Иванов Роман отпускатын тохтоторго уонна 30/XI дылы больничнай лииһинэн сылдьан баран, больничнай лииһин срогын уһаттарбакка эбэтэр үлэтигэр 14/XII дылы үлэтигэр киирбэккэ сылдьыбытын прогулунан ааҕан туран нарсудка атаарарга.

РИК председателя (илии баттааһын)

РИК секретаря И.Иванов.

 

Нарсуд т. Васильеву

Посылаю дополнительно:

  1. К делу т. Саввиновой М.Т. (бывшей машинистки РИКа)
  2. Заявление т. Иванова Романа (Арылахского нассовета)

№93 Секретарь РИК И.Иванов.

18/XII.

 

Иванов Роман Макарович быһаарыы сайабылыанньата баар. Онно маннык визаламмыт:

Тов. (Никола)еву

Приобщить к делу

т. Иванова Р.

Секретарь РИКа И.Иванов.

18/XII 1940 г.

Роман Макарович быһаарыыта:

(Председателю) райсовета т. Федорову

(Дьыалалаах) Ивановтан

Бу суругу ыытан туран көрдөһөбөн:

  1. Бу ый 17 күнүгер балыһаҕа киирдим, онон, урут суукка береет … буолан тураҕыт, ону тохтоторгутугар көрдөһөбүн, мин ыарыым салҕана турарын быһытынан.
  2. Урут прогулга быһаарыы. Мин ыалдьан балыһаҕа кыайан киирбетеҕим, онон 13 күнү көтүбүтүм. Мин ыалдьа сылдьыыбар неһилек (дьоно) һитере билеллер. Онон туоһулааҥ. Онон мин дьелам суукка барарын тохтотуҥ.

Арылах. Иванов.

18/XI 40 г.

 

Роман Макаровиһы Васильев диэн судьуйа сууттаабыт. Кини тута сууттаан барбатах, быраас “табаарыс Сергеевкэ” сурук суруйбут уонна Иванов Роман 1940 сыл ахсынньы 1 күнүттэн 14 күнүгэр диэри ханна сылдьыбытын, эмтэммитин дуу суоҕун дуу туоһуласпыт. Суут секретарын буочара олус куһаҕан, эбиитин докумуон куоппуйаламмыт буолан үчүгэйдик ааҕыллыбат. Буочара тоҕо куһаҕанын быһаарыахха сөп – үчүгэй да буочардаах киһи ыксаан, олус түргэнник суруйдаҕына буочара куһаҕан буолар. Онон сууттаһыы ити кэмҥэ олус элбэх эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Санаан көрүҥ: борогууллааһын диэн сабаҕалаан киһиэхэ холуобунай дьыала тэрийэллэр! Кытаанах кэм эбит.

Быраас Васильев маннык хоруйдаабыт:

“В нарсуд Сунтарского района.

Справка.

Иванов Роман Макарович председатель Арыл. н/сов. Болен трахомой с осложнениями на роговую оболочку, ослаблением зрения и постоянной повышенной светочувствительностью, слезотечением. Согласно (…) имел больничный лист с освобожд. От работ с 1/XI по 30/XI-40 г. Рекомендацию на выезд г.Вилюйск спец. лечение продол. (…) С 1/XII-40 по 14/XII-40 в больницу не являлся, а 14/XII явился с еще выраженной формой болезни и воспалением слизистой горла (ангина). В виду серьезности болезни … оставлен на лечение в б-це …, с 14/XII имеет освобождение со дня явки в больницу, за время с 1/XII по 13/XII больничный не выдан, так как за прошлое время не явился на прием б/лист не выдается. Режим домашний и лечение его дома нам не известен. По состоянию здоровья гр-н Тванов Ром. М. с 1/XI мог бы явиться в б-цу, для оформления вновь б/листа или прийти на больничное лечение.

Главврач Сунтарской райб-цы Сергеев.

23/XII-40 г.

Бу кэнниттэн холуобунай дьыаланы тохтоппут быһыылаахтар, салгыы архивка буруйдааһын туһунан ханнык да докумуон суох. Онон быраас Сергеев, төһө да Роман Макарович больничнайын уһаппатах диэн туоһулаатар, ыалдьыбыт киһини ыарыһах диэн бигэргэтэн үтүө дьыаланы оҥорбут буолан тахсар.

*  *  *

Иккис сууттаныы

Биир сыл буолан баран, олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар Роман Макаровичка иккистээн холуобунай дьыала тэрийэллэр. Маныаха эмиэ хаттаан борогууллааһыҥҥа буруйдууллар. Ким үҥсүбүтэ биллибэт.

Оччотооҕу кэм тыынын, балаһыанньата хайдаҕын биллиннэр диэн, нарсуд бириигэбэрин хайдах баарынан бэчээттиибит.

“Именем РСФСР  нарсуд Сунтарского района в составе председательствующего нарсудьи Попова … при секретаре Герасимова П.А. в открытом судебном заседании от27/II-41 г. с. “Сунтар” разбирал уголовное дело по обвинению: Иванова Романа Макаровича, якута, 45 лет, гр-на Арылахского наслега, Сунтарского р-на, Якутской республики, члена союза, грамотного на якутском языке, семейного – женат и трое дети в возрасте ч 1 до 16 лет, происхождение бедняцкое, б/партийного, колхозника, в данное время председателя Арылахского наслега, физически и психически здорового и 2) Герасимова Семена Павловича, якута, 21 лет, гр-на Арылахского наслега, Сунтарского р-на, Якутской республики, в данное время холостого, секретаря Арылахского насисполкома, грамотного на якутском языке, члена ВЛКСМ, б/партийного, физически и психически здорового, переданных суду по п.5 ч. 2 указа президиума Верхсовета СССР от 26/VI-40 г.

Выслушав об’яснения подсудимых, последнее слово подсудимых и рассмотрев переписку суд находит: что виновность подсудимого Иванова Романа Макаровича по обвинительному материалу состоит в том, что он будучи председателем Арылахского нассовета без уважительной причины совершил прогул в рабочее время на 3-го февраля 1941 г. длительностью 48 минут, мотивируя в этот день заболел зуб, но подсудимый Иванов Роман Макарович на руках не имеет мед. справку о болезни во время судебного процесса не представил.

Вину подсудимый Герасимов Семен Павлович по обвинительному материалу состоит в том, что он будучи секретарем Арылахского насисполкома без уважительных причин 8 февраля 1941 г. совершил прогул т/е на работу не явился в рабочее время длительностью 30 минут, но подсудимый Герасимов в этот день стоял в кооперативе очередь за чаями на 30 минут.

Подсудимые Герасимов Семен Павлович и Иванов Роман Макарович по данному делу суду виновными признали и согласились с обстоятельствами в обвинительном постановлении.

На основании вышеизложенного суд считает виновным подсудимых Иванова Романа Макаровича и Герасимова Семена Павловича, в том, что они явно без уважительных причин совершили прогул, каковое вполне доказывается по их показании самим подсудимым т/е преступлении предусмотренного по п.5 ч.2 Указа президиума Верхсовета СССР от 26/VI-40 г. А потому и руководствуясь ст.ст. 314, 320 и п.”1” 326 УПК РСФСР нарсуд приговорил:

1) гр. Иванова Романа Макаровича на основании Указа президиума Верхсовета СССР от 26/VI-40 г. подвергнуть к исправтрудовым работы сроком 5 (пять) месяцев по линии ИТР на общих основаниях с удержанием зарплаты % 20 по месту работы. 2) гр. Герасимова Семена Павловича на основании Указа президиума Верхсовета СССР от 26/VI-40 г. подвергнуть исправ. трудов. Работ сроком пять 5 месяцев по линии ИТР на общих основаниях с удержанием зарплаты % 20 по месту работы. Исполнение приводится немедленно. Приговор может быть обжаловано в течении 5 суток со дня вынесении приговора через нарсуд в СКК Верзсуд ЯАССР.

Председательствующий судья Попов.

Верно судья Попов.

27/II-41 г.”.

*  *  *

 ПАРТИЯҔА КАНДИДАТЫНАН КИИРИИ

Роман Михайлович Иванов Бүтүн Союзтааҕы коммунистическай партияҕа (бассабыыктарга) – ВКП (б) киириитэ

Урукку кэмҥэ компартияҕа киирии судургута суох этэ. Маҥнай кандидатынан киирэҕин, онтон дьиҥнээх коммунист буолуон сөп диэтэхтэринэ эрэ партияҕа ылаллара. Хас да сыл кандидатынан сылдьыаххын, өссө отой да ылыа суохтарын сөп этэ.

Роман Михайлович партияҕа хайдах киирбитин кэпсиир докумуоннары бэчээттиибит. Манна оччотооҕу кэм тыына биллэр, Сэбиэт Арамаан олоҕо хайдах баарынан көстөр.

“В Сунтарский райком ВКП (б)

гр-на Арылахского н., Сунт. р-на

Иванова Романа Макаровича

Заявление

При сем прилагая свою автобиографию прошу принять меня кандидатом в члены ВКП (б). 1943 г. 25 июня.

В чем и подп. (Иванов) 25/VI-43.

 

АНКЕТА

Вступающего кандидатом в члены ВКП (б)

(Анкетаны көр):

Автобиография

Мин, Иванов Роман Макарович төрөөбүтүм 1895 сыллаахха, Арылах нэһилиэгэр Сунтар оройуонугар, дьадаҥы кэргэнтэн.

Төрөөбүт дьонум т/х дьарыгыран олорбуттара, Өктөөп революциятыгар диэри. Өктөөп революциятын кэнниттэн а.э. 1932 с. колхозка киирбиппит. Аҕам 1929 сыллаахха өлбүтэ, ийэм 1920 с. өлбүтэ. Биһиги биир аҕаттан-иньэттэн төрөөбүппүт, 6 бырааттыы буолан. Бу иһиттэн үһэ өлбүтэ, 3 буолан баарбыт. Биһиги алта бырааттыыттан кыһыл-үрүҥ Армияҕа сылдьыбыт суох. Мин 1916 с. дылы бэйэм төрөппүттэрим иидимдьилэригэр сылдьыбытым. 1916 с. “Бодойбоҕо” барбытым. Ол сылдьан 1916 с. ыла 1919 с. дылы хара үлэҕэ сылдьыбытым. Ол кэннигэр тиһэх 1919 с. параходка мотуруоһунан сылдьыбытым. Ол кэннинэ сити 1919 с. ликбезкэ үөрэнэн сылдьыбытым. 1920 с. от ыйыгар дойдубар Сунтаар оройуонугар кэлбитим. 1921 с. Маачаҕа хамнаска үлэлээн аһыы киирбитим. 1922 с. дойдубар олорбутум, онон бэйэм хозяйствабын саҕалаан барбытым. Онтон 1922-23 с.с. Өлүөхүмэҕэ хамнаска үлэлии киирбитим. Ол кэннигэр 1924 с. ыла бэйэм хозяйствабын саҕалаан барбытым, 1929 с. дылы. Ол кэннинэ 1929 сылтан ыла н/советка выбордаах үлэҕэ ылбыттара. Онно үлэлээбитим 1931 с. дылы. Онтон 1931 с. миигин выбор времятигэр түбэһиннэрэн советтан уурайбытым. 1931 с. ыла 1934 с. дылы Бодойбо бэдэрээтигэр сылдьыбытым бригадирынан. 1934 с. сэтинньи ыйтан ыла советка выбордаах үлэҕэ киирэн советка үлэлээбитим 1941 с. кулун тутар ыйга дылы.

1941 с. Алдаҥҥа Якутзолото сүөһү үүрүүтүгэр сылдьыбытым. 1941 с. олунньу ыйтан ыла Арыылаах нэһилиэгэр “Сталин суола” колхозка председателинэнвыыбарданан онно үлэлиибин.

1943 с. 25/VI.

Илии баттаатым … (Р.М.Иванов).

 

Характеристика

Бу дьиҥнээх характеристиканы бэриллэр Арылах насл. Путь Сталина колхоз председателигэр т. Иванов Роман Михайловичка бу туһунан.

Кини кирдик Арылах Путь Сталина колхозка председателинэн 1942 сылтан билиҥҥэ дылы үлэлиир, колхоһун 1942 сыллаах хозяйственнай планын сөптөөх времятыгар толорбута, онон колхоһун тупсарда, үлэтин кыайар, үүнэн иһэр товарищ, иннигитин салайар үлэҕэ дьоҕурун көрдөрдө.

Врио зав райзо (районный земельный отдел) Егоров.

25/VI-43 г.

 

Рекомендация (1)

Тов. Иванова Романа Макаровича, зная его с 1940 года, рекомендую для вступления кандидатом в члены ВКП (б). Тов. Иванов в последние годы работает председателем колхоза “Путь Сталина” Арылахского наслега, который является одним из лучших колхозов Сунтарского района.

Член ВКП (б) с августа 1939 г., № партбилета 2506609,

Захаров Семён Иудович.

24 июня 1943 г.

 

Рекомендация (2)

Рекомендую т. Иванова Романа Макаровича о его вступлении кандидатом в члены ВКП (б), как товарища соответствующего быть в рядах ВКП (б).

Тов. Иванов Р.М. работает в работах совета – колхоза 1934 года, где показал себя одним из хороших работников. Когда он работал в н/совете получал почетные грамоты и премии от вышестоящих правительственных органов. Сейчас во время работы к/з “Путь Сталина” его колхоз считается хорошим колхозом.

т. Иванов  Р.М. дисциплинированный, авторитетом пользуется, работе энергичный. Его соц. происхождении и положении знаю начиная с 1929 года. За рекомендацию принимаю всю ответственность. Мой партстаж 9/II-1929 г. Партбилет №1266800.

Член ВКП (б) Е.Догойдонов.

25/VI-43 г.

 

Рекомендация (3)

Рекомендую т. Иванова Романа Макаровича о его вступлении кандидатом в члены ВКП (б). Я тов. Иванова Р.М. знаю с января 1942 года, как одного из лучших председателей колхозов, он является активным инициативным и политически выдержанным работником в наслеге. Колхоз “Путь Сталина” Арылахского наслега в котором председателем работает т. Иванов Р.М. является передовым колхозом в районе.

Считаю т. Иванова достойным быть в рядах ВКП (б).

К сему член ВКП (б) билет № 2638160,

Афанасьев Михаил Дмитриевич.

25/II-43 г.

*  *  *

ПАРТИЯҔА ЧИЛИЭНИНЭН КИИРИИ

Уоттаах сэрии бара турар кэмигэр “Сталин суола” колхозтаахтара күүстэрин харыстаммакка үлэлииллэрэ. Үлэни-хамнаһы Роман Макарович Иванов сатабыллаахтык салайара, хас биирдии колхозтаахха олус кыһамньылаахтык сыһыаннаһара. Кини биир сыл буолан баран аны кандидаттан дьиҥнээх коммунист буоларга быһаарынар уонна компартия оройуоннааҕы комитетыгар сайабылыанньа суруйар.

Оройуоннааҕы БКВ / партия (урукку дьон бу иннинээҕи латынныы алфавиты туттар түгэннэрэ элбэх, онон “б” буукубаны “в”-нан суруйбут буолуохтарын сөп) оройуоннааҕы комитетыгар Партия кандидата Иванов Роман Макаровичтан 30/VI-44 г.

Заявление

Мин партия членигэр кандидатынан 1943 сыл бес ыйыгар киирбитим. Ити сыл устатыгар бэйэм тустаах үлэбэр төһө күүһүм кыайарынан, дьоҕурбун үлэбэр, народ туһугар биердим, ол түмүгэр бэйэм үлэлиир колхоһум тэрилтэ-хозяйство өртүнэн бөҕө. Мин билигин кандидаттан члеҥҥэ тахсарга баҕарабын, кэлэр өртүгэр тустаах үлэбин төһө көрдөнүллэрин толоруом, народ олоҕо тупсарын делотыгар бары күүспүн ууруом, онон члеҥҥэ таһаараргытыгар көрдөһөбүн. Рекомендациябын холбуу тигэбин.

Партия членигэр кандидат

Иванов.

 

Манна партияҕа сайабылыанньалаах Р.М. Иванов анкетата баар, ис хоһооно былырыыҥҥыттан уларыйбатах. Партияҕа эмиэ былырыыҥҥы курдук Догойдонов Егор Гаврильевич (Промкомбинат директора) уонна Афанасьев Михаил Дмитриевич (ВКП (б) Сунтаардааҕы райкомун секретара) рекомендациялаабыттар, үһүс киһинэн Саввинов Николай Егорович (ОСО райсоветын председателэ) рекомендациялаабыт. Кини рекомендацията бу баар:

Рекомендация

Настоящим рекомендую тов. Иванова Романа Макаровича для вступления в рядах членов ВКР (б). Он достоин в рядах Коммунистической партии, активный и хороший общественник и в политическом плане выдержанный. Тов. Иванова Р.М. знаю с 1934 года августа, когда он работал председателем н/совета (… үчүгэйдик көстүбэт).

Член ВКП (б) с 1932 года,

партийный билет №1265265,

Саввинов Николай Егорович.

 

Автобиография

Партия членигэр кандидат Иванов Роман Макарович.

Мин 1895 сыллаахха Сунтар оройуонугар Арылаах нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэттэн төрөөбүтүм. Мин төрүттэрбэр үрүҥ-кыһыл, армияҕа сылдьыбыт, урутку должнастаах үлэҕэ сылдьыбыт суох уонна урут да, Өктөөп кэнниттэн даҕаны судтана сылдьыбыт суох.

Мин 1914 с. диэри төрөппүттэрбэр олорбутум, онтон 5 сыл устатыгар Бодойбоҕо наемнай үлэҕэ сылдьыбытым 1919 сылга диери, онтон 1923-24 сыл бүтүөр диери Олекмаҕа, Мачаҕа киирэн проста хамнаска сылдьыбытым. 1927 сыллаахха Арылаахха кэлбитим, 1931-34 сылга диери н/советка председтателинэн сылдьыбытым. Онтон Бодойбоҕо подрядка сылдьан баран 1935 сылтан эмие н/совет председателинэн 1941 сылга диери үлэлээбитим.

Үлэни кыайбатынан уһуллан, 1 сыл производствоҕа сылдьан 1942 сылтан Арылах “Сталин суола” колхоз председателинэн үлэлии сылдьабын.

Бэйэм үрүҥ-кыһыл армияларга службалаабатаҕым, судтана сылдьыбатаҕым. Колхозка 1931 сылга киирбитим.

Урут ааспыт времяҕэ, билигин даҕаны бэйэм моралбар ханнык даҕаны сатарыйыы, ол курдук аргылааһын суох.

Партия членигэр кандидат Иванов.

 

*  *  *

 

ОРОЙУОН ХАҺЫАТЫГАР ТАХСЫБЫТ СУРУЙУУЛАР

Штурмалаах түүннэр

Арыылаах. Совет председателэ Т. Алексеева уонна “Сталин суола” колхоз председателэ Р. Иванов инициативаларынан “Кыһыл былаах” колхозка социалистическай көмө кыайыылаахтык оҥоһулунна. Бу колхоз ыам ыйын 28 күнүгэр диэри баара эрэ 19 гаҕа туораахтаах культуралары ыһан, былаанын 21,7 бырыһыан толорбута. Ити курдук ыһыы букатыннаахтык тохтор кутталга турдаҕына “Сталин суола”, “Трудовой” колхозтартан ыам ыйын 28 күнүн киэһэтигэр 20 плуг, 15 бороонньу көмөҕө кэлэннэр, икки түүннээх-күн тохтобула суох үлэлээннэр, барыта 65 ганы ыһан, правительственнай болдьоххо колхоз ыһыытын бүтэрдилэр.

Көмөҕө кэлбит колхозтардаахтартан Аввакумов, Аввакумова, Герасимов (“Сталин суола”) нуормаларын күннэтэ 150 бырыһыан толортоотулар.

Көмөҕө кэлбиттэри “Кыһыл былаах” колхоз колхозтаахтара үрдүк үөрүүнэн көсрөн туран, бары усулуобуйаларынан хааччыйдылар.

Билигин ыытылла турар паардааһын уонна кэлээри турар хомуур үлэлэригэр ити курдук социалистическай көмөнү киэҥник тэрийэр улахан наадалаах. Билигин, Аҕа дойдуну көмүскүүр улууканнаах сэрии бара турар бириэмэтигэр, ханнык баҕарар тэрилтэҕэ, колхозка үлэ тохтубатын хааччыйыы – колхозтаахтар ытык иэстэрэ.

Н.Г.

“Сталин суола” хаһыат №48, 04.06.1942 с.

 

Ыһыыга бэлэмнэнии

Ыһыыга толору бэлэм

Арыылаах нэһилиэгинээҕи “Сталин суола” колхоз (председателэ т. Иванов) сааскы ыһыыга бэлэмнэниини күүһүрдэр ыйы тэрээһиннээхтик ыытан, ыһыыга бэлэмнэнии үлэҕэ үчүгэй көрдөрүүлэри ситистэ.

Колхоз сиэмэ ыраастааһынын 100 бырыһыан бүтэрдэ. Агроном дьаһалларын олоххо киллэрии былааннара толорулуннулар. Ол курдук, ноһуом тиэйиитин былаана – 100 бырыһыан, хаар типтэриитин былаана 101 бырыһыан туоллулар. 26 массыына ремоннанна. Көлөлөр ыһыы бириэмэтигэр сиир отторо ыһыы учаастактарыгар тиэйилиннилэр. Маны тэҥинэн, 9 эдэр сылгылары көлүүргэ үөрэтилиннэ уонна ыһыыга үлэлиир былааннаах көлөлөр сынньатыыга туруорулуннулар.

Ыһыыга туйгуннук бэлэмнэммит “Сталин суола” колхоз холобурун атын колхозтар батыһыахтаахтар.

С. Остобунаайап.

“Сталин суола” хаһыат №20, 28.03.1943 с.

 

Колхоз хонууларыгар

Хомуурга нуорматын толорбот биир да колхозтаах суох буолуохтаах. Тохтууну суох оҥорорго туох баар күүһү барытын туһаныахха.

БУРДУК ХОМУУРА. Атырдьах ыйын 10 күнэ. 16 нэһилиэк 28 колхоһун сводкаларынан 374,46 гектар сирэ бурдуга быһылынна. “Сталин суола” колхоз 52,6 гектар уонна “III пятилетка” (Арыылаах) колхоз 34,4 гектар сир бурдугун быстардылар, онон оройуон үрдүнэн бастаан иһэллэр. Сунтаар “Партизан” колхозка тохтууну утары охсуһуу куһаҕаннык барар, о.д.а. колхозтарга. Тохтууну таһаарбат гына туох баар ньымалары толору туттуохха.

ОТ ХОМУУРА. Атырдьах ыйын 10 күнэ. Оройуон үрдүнэн 21.814,66 гектар сирэ охсулунна; 19225,79 гектар сирэ мунньулунна уонна 10.834,27 гектар сирэ кээһилиннэ; отунан 8359,02 тонна. От кээһиитэ уруккутун курдук хаалан иһэр. Ити хаалыы кылгас болдьох иһигэр булгу ситэриллиэхтээх.

“Иккис Хардыы” колхоз 618,73 гектар сирэ охсулунна, 513,75 гектар сирэ мунньулунна уонна 229,0 гектар сири кээстэ; Тельман аатынан колхоз 533,0 гектар сирин оҕуста, 405,5 гектар сирин муста уонна 201,6 гектар сирин кээстилэр, онон атын колхозтарга тэҥнээтэххэ бастаан иһэллэр.

“Сталин суола” хаһыат №40, 13.08.1943 с.

 

Колхоз председателэ Иванов

Билигин Арыылаах нэһилиэгинээҕи “Сталин Суола” колхоз председателинэн үлэлээччи Роман Макарович Иванов өр сылларга бу нэһилиэккэ олохтоох н/с председателинэн үлэлээбитэ. Ол иһин кини колхоз олоҕун уонна үлэтин өртөн билэрэ. Совет үлэтиттэн доруобуйата сылаабайынан уурайбыта. Ол эрээри, т. Иванов бу сэрии кытаанах бириэмэтигэр таах олоруон баҕарбатаҕа. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилэһии кырыктаах охсуһуутун күннэриттэн биирдэстэригэр “Сталин Суола” колхоз председателинэн быыбардаабыттара. Сэриилэһии бириэмэтигэр баар күчүмэҕэй усулуобуйалары аахсыбакка туран, бэйэтин колхоһун тэрилтэ хаһаайыстыба өттүнэн кытаатыннарыыга харыстаммакка үлэлиир. Ити түмүгүнэн: 1943 сыллаах арыы поставкаларын 100 %, бурдук, картофель поставкатын 100 %, эт поставкатын 100 % уонна колхозтаахтар төлөбүрдэрин 100 % болдьоҕун иннинэ төлөөн бүтэрдэ.

Сүөһү иитиитин государственнай былаанын ынахха 100,6 %, сылгыга 101,2 %, уонна табаҕа 98 % толортоото, ньирэй атыылаһыытын былаанын 100,8 % толорбута. 4 сүөһүтэ суох кыһылармеецтар кэргэттэригэр сүөһүлээтэ. Сааскы уонна күһүҥҥү паардааһын былааннарын 100 % толортоото. Колхоз государства иннигэр харчынан төлөбүрдэрин болдьоҕун иннинэ төлөөтө. Колхозтаахтар байыаннай нолуоктарын уонна заемнарын хайы-сахха төлөөн бүтэрэллэрин ситистэ. 1944 сыллааҕы сааскы ыһыыга колхозка толору сиэмэ фоннарын уурда, хаар типтэриитин 36 гааҕа тэрийэн былааны толордо; кур ноһуому 205 тонна оннугар 210 тоннаны бааһыналарга тастылар. Күлү график быһыытынан толору бэлэмнээн иһэр; массыыналары барытын хомуйан баран ремоннааһыҥҥа киирдилэр.

Ити иһин колхозтаахтар дохуоттара өрүүтүн үүнэр. Быйыл колхозтаахтарга биир көлөһүн күнүгэр 2 солк. 20 харчы, арыы 10 грамм, огород аһа 1,2 кгр. доход тиксэр. Бу колхоз колхозтаахтара уонна колхозницалара Аҕа дойду оборонатын фоннарыгар харчыны уонна заемнар облигацияларын элбэх суумалааҕы биэрдилэр. Колхозка үлэ эбэһээтэлинэй минимумун толорботох колхозтаах биир да суох буолара ситиһилиннэ.

Производственнай кыайыылар колхоз председателэ коммунист Роман Макарович Иванов сатабылын уонна дьоҕурун көрдөрөллөр.

Таб. Иванов салалтатын сэкириэтэ хас биирдии киһи толору күүһүнэн уонна дьоҕурунан үлэҕэ туһанылларыгар, колхоз байыаннай бириэмэ нуормаларынан уонна тэтимнэринэн олохтууругар, тыа хаһаайыстыбаннай үлэ бары ымпыгар-чымпыгар тийэ былааннаахтык баралларыгар, баар кыахтары толору туһаналларыгар сытар. Колхозтаахтары уонна колхозницалары бары үлэҕэ түмэригэр онон кинилэргэ ордук авторитеты ыларыгар буолар.

Артыал председателэ колхозтаах масса итэҕэйбит дьыалатыгар иҥэн-тоҥон киирэр, хаһаайыстыбаны дириҥник үөрэтэр туох баар бары резервалары уонна кыахтары толору туһаныыны хамнатыыны тэрийиэхтээх.

Үлэни сөптөөхтүк тэрийиэххэ, бары дьахталлары, саастарын ситэ илик оҕолору производстваҕа тардыахха, кинилэр туох дьоҕурдаахтарын уонна кыахтаахтарын билиэххэ, бары күүстэри таба тарҕатан туруоруохха эрэ наада.

Колхоз председателин үлэтигэр сүрүн төрүтүнэн былаан туолуутун иһин охсуһуу буолуохтаах. Хас биирдии колхозтаах бэйэтин сорудаҕын кыайыылаахтык толорорун ситиһиэххэ, маныаха кини үлэтигэр кытаанах контролы уонна быһаччы көмөнү оҥоруохха, кини үлэтин түмүгүн киэҥ масса билиитигэр таһаарыахха наада.

Тыа хаһаайыстыбаннай устаабын, колхоз демократиятын кытаанахтык тутуһуу, общественнай бас билиигэ кыраҕытык сыһыаннаһыы тыыныгар колхозтаахтары иитии колхоз председателин ытык иэһэ уонна эбээһинэһэ.

Үчүгэй председателлээх колхоз куруутун бастакы кэккэҕэ турар. Бу колхозка большевистскай порядок кытаанах дисциплина баар буолар, ол барыта колхоз председателиттэн тутуулуктаах. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилэһии бириэмэтигэр Роман Макарович Иванов курдук председателлэр оройуоҥҥа үгүстэр. Ол эрээри сорох колхоз председателлэрэ гражданскай иэстэри чувствотын сүтэрбит, колхоһу сатаан салайбат канцелярийэнэн салайар, биригээдэлэргэ, фермаларга сылдьыбат председателлэр эмиэ бааллар.

Маннык председателинэн Күүкэй нэһилиэгинээҕи “Коммунар” колхоз председателэ таб. Афанасьев, Арыылаах нэһилиэгинээҕи “Кыһыл Флаг” колхоз председателэ Спиридонов онтон да атыттары ааҕыахха сөп.

Баар итэҕэстэри туоратан үчүгэй үлэлээх председателлэр уоппуттарын киэҥник тутуһан колхозтары большевистскай порядоктаах, кытаанах тимир дисциплинэлээх оҥоруохха.

П. Данилов.

“Сталин суола” хаһыат №56, 01.12.1943 с.

 

БӨҺҮӨЛЭКТЭЭҺИН БАРА ТУРАР

Арыылаах “Сталин Суола” колхоз Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии бириэмэтигэр даҕаны бөһүөлэктээһин боппуруоһун умнубат. Ол курдук 5 ампаар дьиэ маһын бөһүөлэккэ киллэрэн, иккитин тутан бүтэрдэ.

Оройуон үгүс колхозтаахтарын салайааччылара “бириэмэ уонна үлэһит күүс” суох диэннэр бөһүөлэктээһининэн дьарыгырбаттар. Оттон “Сталин Суола” колхоз председателэ т. Иванов Р.М. тоҕо эрэ “бириэмэ уонна күүс” көстөр.

Кырдьыга – дьыала сатаан салайыыга.

А. Яковлева.

“Сталин суола” хаһыат №23, 02.06.1944 с.

 

СОВЕТСКАЙ СОЮЗ ГИМНЭ

(Сергей Михалков уонна Эль-Регистан ньууччалыы суруйбуттарын Николай Мординов уонна Сергей Васильев сахалыы тылбаастаабыттара)

Үйэҕэ көҥүл тэҥ республикалары

Ньыгыл биир Союзка түмнэ Улуу Русь.

Уруйдан, народтар дьулуурдара айбыт

Модун, сомоҕо күүс Советскай Союз!

Албан ааттан, көҥүл күн – Аҕа дойдубут,

Народтар иллэрин суон дурдата!

Советпыт знамята, народпут знамята

Кыайыыттан кыайыыга сирдии турдун!

Силлиэни курдат дьол күнэ күлүмнүүрэ,

Улуу Ленин суолбутун сырдаппыта.

Күн — Сталин народка эрэл дьон оҥордо,

Хорсун сырыыга, үлэҕэ угуйда.

Албан ааттан, көҥүл күн – Аҕа дойдубут,

Народтар иллэрин суон дурдата!

Советпыт знамята, народпут знамята

Кыайыыттан кыайыыга сирдии турдун!

Биһи армияны сэриигэ үүннээрпит,

Талаанньыт сидьиҥи суолтан сотуохпут!

Түстүүбүт кыргыһан көлүөнэ төлкөтүн,

Аҕа дойдубутун албан ааттыахпыт!

Албан ааттан, көҥүл күн – Аҕа дойдубут,

Народтар иллэрин суон дурдата!

Советпыт знамята, народпут знамята

Кыайыыттан кыайыыга сирдии турдун!

“Сталин суола” хаһыат №44, 28.10.1944 с.

 

Арыылаахха

Арыылаах нэһилиэгэ от хомуурун от ыйын 20 күнүнээҕи графигын 124,2 бырыһыан толордо. “Сталин Суола” колхоз (председателэ таб. Иванов) иккис декадатааҕы графигын 140 бырыһыан толорон, нэһилиэккэ бастаан таҕыста. Ити колхоз 530 га сирин кээстэрдэ. “III пятилетка” уонна “Кыһыл Флаг” колхозтар графиктарын аһара толорон иһэллэр, оттон “Трудовой” колхоз графигын толорбото уонна биир да га сирин кээһэ илик.

Я.

“Сталин суола” хаһыат №29, 22.07.1945 с.

_______________________________________________________________

Ахтыылар.ру сайтка анаан бэлэмнэннэ

23.01.2025 с.

Иванов Роман Макарович туһунан: 1 комментарий

  1. Василий Спиридонов

    Дьэ олус диэн бэртээхэй сайт оҥоруллубут. Дьон-сэргэ ааҕыа-билиэ диэн эрэнэбит. Хайдахтаах курдук үтүө киһи олорон ааспыт эбитий биһиги эһээбит барахсан! Сайты бэлэмнээбиттэргэ бар5а махтал!!!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *