Егорова Евдокия Дмитриевна туһунан

КҮН КУРДУК КҮНДҮ КИҺИБИТ

Тапталлаах кэргэним, ийэбит, эбээбит, хос эбээбит, халыҥ дьиэ кэргэн Далбар хотуна, Күҥҥэ тэҥнээх киһибит, сүбэһиппит-амаһыппыт Егорова (Гуляева) Евдокия Дмитриевна баара буоллар 2025 сыл тохсунньу 9 күнүгэр оруобуна 80 сааһын туолбут буолуо этэ. Ону баара олус ыарахан ыарыыттан уонна тапталлаах кыра уола Дмитрий Егоров — Сунтар РФ уонна ДНР Геройдара СВО-ҕа баран дойдутун туһугар охсуһа сылдьан сырдык тыына быстыбыттан ийэ эрэйдээх чараас сүрэҕэ тулуйбакка, биһигини барыбытын ытаталаан-соҥотолоон туран бу Орто дойдуттан букатыннаахтык 2023 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр бараахтаабыта.

Евдокия Дмитриевна Ньурба улууһун Маалыкай бөһүөлэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн баран 2 сыл совхозка доярканан үлэлээбитэ уонна биир ынахтан 2000 л тахса үүтү ыан бастыҥнар ортолоругар сылдьыбыта. Онтон СГУ-га киирэн бэтэринээр идэтин баһылаабыта. Дьылҕа хаана ыйан Сунтаар улууһун Бүлүүчээн нэһилиэгэр ветвраһынан ананан кэлэн үлэлии сылдьан биһиги аҕабытын Николай Алексеевич Егоровы көрсөн сүрэхтэринэн таптаһан, харахтарынан хайҕаһан биэс уонтан тахса сыл ыал буолан дьиэ-уот туттан, ынах-сылгы иитэн, үс оҕону төрөтөн, икки оҕону иитэн Арыылаах нэһилиэгэр ньир-бааччы олорбуттара. Билигин оҕолоро бары үөрэхтэнэн, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот туттан республика араас улуустарыгар үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Ийэбит кэлин СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэн биология учууталын идэтин баһылаабыта. Онон оҕону иитиигэ барыта 45 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол иһин Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна үрдүк аат иҥэриллибитэ, үрдүк категориялаах биология учуутала буолбута. Ол иһигэр сэбиэскэй кэмҥэ 15 сыл оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһиҥҥэ кыргыттары «мастер машинного доения КРС» диэн идэҕэ үөрэтэлээн совхоз дирекциятыттан элбэх хайҕал суруктары, грамоталары, дипломнары ылбыта. Хас да сайын ферма ЛТО-тун салайбыта. Ону таһынан нэһилиэк фермердэрин түмэн оскуола юбилейыгар 6 төбө бороону, 7 төбө убаһаны бэлэхтээннэр Арыылаах орто оскуолата агрошкола буоларыгар бастакы олук уурсубута. Ол да иһин буолуо, киниэхэ Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ аат иҥэриллибитэ. Оҕолорго араас НПК-ларга араас ис хоһоонноох дакылааттары бэлэмнээн аахтарара. Ол оҕолоро улууска, республикаҕа уонна Дальневосточнай уокурукка өрүүтүн бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрэ.

Евдокия Дмитриевна бэйэтин туһааннаах үлэтин тас өттүгэр нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ мэлдьи көхтөөх кыттыыны ылара. Ол курдук эбээлэр “Көмүлүөк” диэн түмсүүлэрин көхтөөх кыттыылааҕа. Ол нөҥүө араас илиинэн тигиигэ маастар-кылаастары биэрэрэ. Уонна саамай сүрүнэ биология учуутала буоларынан быһыытынан ыаллар тиэргэннэригэр араас дьэрэкээн сибэккилэри, отонноох талахтары, мастары олордууга биир көҕүлээччинэн, бастакыларынан буолара. Араас куонкурустарга кыттара: улуустааҕы эбээлэр күрэхтэригэр кыттан бастакы миэстэни ылан тыыннаах сүөһүнэн, “Моя индийская душа” диэҥҥэ, “Кыайыы вальсыгар” сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта.

Ийэбитигэр нэһилиэк общественнай олоҕор элбэх кылаатын киллэрбитин иһин Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ. Бары үлэлэрин үрдүктүк сыаналаан үлэ бэтэрээнэ, сэрии тулаайаҕа уонна араас юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Евдокия Дмитриевна дьиэтигэр асчыт, иистэнньэҥ бэрдэ. Ол курдук араас минньигэс аһы астаан оҕолорун, сиэннэрин, ыалдьыттарын остуол хотойорунан бэлэмнээн көрсүтэлиирэ. Бары оҕолоругар, сиэннэригэр, кийииттэригэр, күтүөттэригэр убаһа, таба, тайах тыһыттан бачыыҥка, унтуу тигэттээн таҥыннарара.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон кылтан, сиэлтэн араас харысхаллары, паннолары, сэлээппэни, дэйбиири оцороро, баайара. Хоруоҥкаттан араас киэргэллэри, илин-кэлин кэбиһэри тигэрэ. “Саха сатаабата суох” диэҥҥэ сөп түбэһэн, кини сатаабатаҕа суох быһыылааҕа. Оннооҕор туоһунан уонна араас матырыйаалларынан араас иһиттэри-хомуостары оҥорон оҕолоругар, сиэннэригэр бэлэхтэтэлээбитэ.

Саамай-саамай Күн курдук күндү киһибит, үөһээ кыырай ыраах халлаантан сып-сырдык сулус буолан биһигини барыбытын көрө-истэ, куруук араҥаччылыы сылдьыаҥ диэн эрэнэбит. Мэлдьи саныыбыт, суохтуубут, таптыыбыт, умнубаппыт. Эн тыыннаах мөссүөҥҥүн, күлэ-үөрэ, мичилийэ сылдьарыҥ тыыннаахпыт тухары биһиги өйбүтүгэр санаабытыгар өрүү баар буолуо!

Кэргэниҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, кийииттэриҥ, күтүөттэриҥ.

2025 сыл, тохсунньу ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *