Неймохов Егор Петрович туһунан

АЙАР КУТТААХ ҮТҮӨКЭННЭЭХ КИҺИ

Мин Неймохов Егор Петровиһы маҥнай ааҕааччы быһыытынан кини айымньыларын ааҕан, маннык ааттаах-суоллаах суруйааччы баар эбит диэн билбитим.

Ол курдук Ньурба улууһугар учууталлыы сылдьан «Хотугу сулус» сурунаалга кини айымньыларын, ыстатыйаларын ааҕарым. Ордук умсугуйан туран «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» диэн айымньытын аахпытым.

Онтон кэлин “Таптал түөрт кэмэ”, “Хара мааска”, “Ильмень үрдүнэн туруйалар”, “Быһах биитинэн” кинигэлэрин аахпытым. Общественнай олох бары эйгэтигэр, хайысхаларыгар сүдү айымньылары суруйбута. Ол кэнниттэн кини бэйэтин айымньыларыгар сценарий суруйбутунан, икки толору метражтаах киинэ уһуллубутун эккирэтиһэн туран көрбүтүм.

Кини талааннаах суруйааччы буоларын быһыытынан суруйбут айымньылара мэлдьитин дириҥ ис хоһоонноохторунан, улахан проблемнай боппуруостары көтөҕөллөрүнэн уратылаахтар. Ол иһин кини айымньыларын хас биирдии киһи, дьон-сэргэ олус интэриэһиргээн, умсугуйан, болҕойон ааҕара, билсэрэ, сүбэлэһэрэ, ырытара уонна дьүүллэһэрэ. Сөптөөх түмүктэри бэйэтигэр оҥороро.

Онон бэйэм толкуйбар Егор Петрович Неймоховы Саха сирин олохтоохторо, ааҕааччылара уонна киинэни сөбүлээччилэрэ идэтийбит талааннаах суруйааччы уонна саха киинэтэ сайдыытыгар биир маҥнайгы киносценарист быһыытынан ылыналлар. Хорсун санаалаах, сынтарыйбат күүстээх санаалаах, бэйэтин норуотун интэриэһин өрө тутар патриот, саха омугун биир чулуу уолун быһыытынан билинэллэр.

Ону үрдүкү салалта, дьон-сэргэ туруорсуутун таба өйдөөн, Егор Петровиһы дойдутун-норуотун иннигэр үтүөтүн-өҥөтүн туоһулуур үгүс бэлиэлэринэн, араас таһымнаах аатынан-суолунан наҕараадалаабыта, бэлиэтээбитэ.

Ити тас өттүнэн Саха сирин патриота Егор Петрович Неймохов урукку былаас кытаанах ирдэбиллэриттэн чаҕыйбакка, Дмитрий Дыдаев «Хара быраат үрүҥ убайыгар суруга» хоһоонугар резенция суруйан бэйэтин гражданскай чиэһин өрө туппута.

Мин Егор Петровиһы кытта сирэй көрсүүм Санкт-Петербурга Саха сирин представительствотыгар үлэлии олордоҕуна буолбута. Олоҕум саамай ыарахан кэмигэр тирэх, сүбэһит буолбута, өйөөбүтэ-көмөлөспүтэ. Ол көрсүһүү төһө да кылгаһын иһин кини миэхэ киһи быһыытынан чараас дууһалааҕын, киһиэхэ киһи ханнык таһымнааҕыттан тутулуга суох үтүө сыһыаннааҕын, хас биирдии киһи кыһалҕатын бэйэтигэр чугас ылынарын, олоҕу дириҥник өйдүүрүн көрдөрбүтэ.

Ити түгэнтэн ыла мин киниэхэ убаастабылым кинини талааннаах суруйааччы өйдөбүлүнэн эрэ буолбакка, үтүө-мааны киһи быһыытынан өссө дириҥээбитэ. Дьокуускайга үлэлиир кэмнэригэр былаас көрүдүөрдэригэр, уулуссаҕа көрүстэхпитинэ эн-мин дэһэн иһирэхтик кэпсэтэн арахсарбыт.

Онтон кэлин үлэлиир тэрилтэбэр салайааччы көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии кэлэн, төрүт даҕаны коллегалар буолан хаалбыппыт. Биир көлүөнэ дьон быһыытынан өйбүт-санаабыт сөп түбэһэринэн, олус чугастык билсиһэн атас-доҕор буолан хаалбыппыт. Үлэ кэмигэр бииргэ эбиэттиирбит. Бэлиитикэни, олоҕу, ону-маны ырытарбыт, кэпсэтэрбит. Олоххо элбэҕи көрбүт-билбит буолан бары түгэҥҥэ муударайдык сыһыаннаһара, бириэмэ күндүтүн куруутун бэлиэтиирэ. Киһи быһыытынан судургу майгылаах, кэтит көҕүстээх этэ. Мин киниэхэ киһи быһыытынан махталым, суруйааччы быһыытынан сөҕүүм сыл-хонук аастаҕын аайы өссө күүһүрэн, чиҥээн иһэр.

Ол сылдьан “ону-маны оҥорон кэпсииргинэн дьону бэйэҕэр тардаҕын, ону барытын сурукка киллэр” диэн муннукка хаайара. Ону отой аккаастанарым. Ол гынан баран сүбэтин ылынан, кэлин пенсияҕа тахсан баран ону-маны сурукка киллэрэр идэлэнним.

Егор Петрович «Алампа» диэн кинигэтэ, автор бэйэтэ илии баттааһыннаах айымньыта дьиэбэр биир күндү-бэлиэ бэлэх буолан турар.

Афанасий Петрович РОМАНОВ

— Бабаҕа Баатыр.

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *