Николаев Владимир Степанович туһунан

МИЭХЭ ТӨРӨППҮТ АҔАБЫН СОЛБУЙБУТА

«…Бука бары уһуннук олоруҥ. Бу бутуурдаах, буккуурдаах кэмҥэ урут тугу сөбүлээбиккитин, туох кэрэҕэ умсугуйбуккутун умнубакка сылдьыҥ, оҕолуу ыраас сүрэхтээх буола туруҥ, үчүгэйтэн мэлдьи үөрүҥ, кэрэни мэлдьи кэрэхсээҥ, нарыны-намчыны мэлдьи харыстааҥ.

Владимир Николаев».

Кини туһунан урут эмиэ ахтыы суруйбутум, ол хаһыакка уонна кини туһунан кинигэҕэ бэчээттэммитэ. Ол эрээри кэлин, суруйар тылым син чочуллубутун кэннэ, ол ахтыыбын өссө ордуктук суруйуох этим диэн санаа кэлбитэ. Онтон Сунтаар норуодунай тыйаатырын 55 cылыгар тахсыбыт кинигэҕэ ол санаабын толорон, эбэн суруйбутум. Сырыы аайы тугу эрэ умнуу, көтүтүү тахсар эбит, онон ол ахтыыбын сөргүтэн, бу эмиэ эбэн биэрдим.

Мин 5 cаастаахпар, ийэбит ыалдьан эдэркээн сааһыгар бу олохтон туораабытыгар, 6 cыл кыайан оҕоломмотох Николаевтарга иитиллэ барар буолбутум (аҕабыт эмиэ 2 сылынан ыалдьан өлбүтэ). Кинилэргэ кэлбитим кэннэ, утуу-субуу 4 оҕо күн сирин көрбүтэ. Бу хойут билбиппинэн, төрөөбүт ыйбынан Айыыһыт диэн буолар эбиппин.

Иитиллибит аҕам култуураҕа уопсайа 30-тан тахса сыл, ол иһигэр Сунтаар норуодунай театрын режиссёрунан умсугуйан, сыралаһан үлэлээбит Николаев Владимир Степанович, сорох дьон ааттыырынан, Болуодьа Ньукулаайап буолар. Оччолорго култуура үлэһитэ биир кыра хамнастаахха киирэр этэ. Дьиҥэр, ол хамнас сыыһа толуйбат уустук, сыралаах үлэни толороллоро. Билигин сүүстэн тахса тыһыынчаҕа тиийэр хамнастаннылар.
Мин кинилэргэ кэлээт даҕаны, атыҥыраабакка, хара маҥнайгыттан ылынан, бэйэм сыстан барбытым. Ону билигин дьиктиргии саныыбын, олох туора, урут харахтаан да көрбөтөх дьоммор хайдах итинник буолбуппун ( дьон да кэпсииринэн, киинэҕэ, кинигэҕэ аахтахха, иитийэх оҕо тута чугаһаабат, сыстыбат эбит ээ). Ол гынан баран хаһан даҕаны «маамаа, паапаа» диэн ыҥырбатаҕым, тоҕо эрэ итиннэ саҥам олох кыайан тахсыбат этэ.
Паапам миэхэ төрөппүт оҕотугар курдук сыһыаннаһарыттан оҕо сүрэҕим үөрэрэ. Дьоҥҥо кэпсииригэр «кыыһым, кыыспар» диэн этэрэ. Кыра кылааска үөрэнэр кэммэр Москубаттан наһаа үчүгэй куукула аҕалбыта. “»ЦУМ»-ҥа киирбитим, оруобуна кыыһым курдук куукула олорор эбит, ону бу ыллым”, – диирин атын хоско сылдьан истэн, үөрэ санаабытым – куукула курдук үчүгэй сирэйдээх эбиппин дуу диэн. Киһи күлүөх.

Биир күһүн эмиэ Москубаттан кыһыл өҥнөөх, плисселээх былааччыйа уонна кимиэхэ да суох үчүгэй, оскуолаҕа туттуллар суумка аҕалбытын үөрэх бастакы күнүгэр кэтэн, тутан, астынан аҕай барбытым.

Эмиэ кыра кылааска үөрэнэр кэммэр Алтаайга, куруорка сынньана сылдьан баһыылканан ыыппыт, сылаас ууга уктахха, гофре буолан хаалар таҥаһынан маамам дьууппа тигэн биэрбитэ. Ону кытта кэмбиэрдээх сурук ыыппытын мин кэлин, ким да көрбөтүгэр кэмбиэрин хоско киллэрэн, маны паапам илиитинэн туппута буолуо диэн саныы-саныы, сыллаа да сыллаа буолбутум — кинини ахтыбытым оччо этэ.

Паапам ыгым соҕус майгылааҕа да миэхэ улаханнык кыыһырбытын 1-2 эрэ түгэни өйдүүбүн. Түргэн баҕайытык уоскуйар, уҕарыйар этэ. Ол оннугар сиэри таһынан мөхтөхтөрүнэ көмүскэһэрэ.

Кини үрдүкү кылааска үөрэнэр эрдэхпинэ, сарсыарда оскуолаҕа барарбар хайаан да итии, үүттээх чэй кутан, ас бэлэмнээн биэрэрэ. Олус эрдэһит этэ, туран, оһох оттон чэй өрөрө, үксүгэр алаадьы буһарара, онто мэлдьи сымнаҕас, минньигэс буолара. Атын да аһы сатаан астыыр этэ. Ханнык баҕарар үлэҕэ сыстаҕаһа.

Бэйэтин үлэтин олус сөбүлүүрэ көстөрө, ити эйгэҕэ ананан төрөөбүт курдуга. Таптыыр идэтинэн үлэлиириттэн дьоллооҕо эбитэ буолуо. Хойут ахтыы кинигэтиттэн билбиппинэн, артыыстара кинини ытыктаан “Тээтэ”, “тээтэбит» диэн ааттыыллар эбит. Өрүү солото суох, мэлдьи өрө көтөҕүллэн сылдьара, кэпсиирэ-ипсиирэ, тиэтэйэ-саарайа барара-кэлэрэ. Тиэрэ түһэн таах сытарын хаһан да көрбөтөҕүм. Бэлэмнэнииттэн түүн үөһүгэр кэлэр буолара. Нэһилиэктэргэ, атын да улуустарга элбэхтик гостуруоллуу барара. Саҥаттан саҥа, туох эрэ идиэйэнэн «умайар» быһыылааҕа.

Кыра сылдьаммын, испэктээккэ Кыһыл ойуун оруолун оонньуурун көрбүтүм. Онно кинини уокка уматар түгэни дьиҥнээхтии уматан эрэллэрин курдук ылыммытым – аһынан, дэлби ытаабытым.
Кини оройуон хаһыатыгар ыстатыйа суруйар этэ. «Мин ыстатыйабын тугу да көннөрбөккө бэчээттииллэр» диэбиттээҕэ. Сахалыы, нууччалыы кинигэлэрдээх улахан библиотекалаахтара. «Всемирная литература», «Жизнь замечательных людей» диэн сериялары суруйтаран ылар этэ. Кинигэни, сурунаалы мэлдьи ааҕарын көрөрүм. Ол иһин эргиччи билиилээҕэ, туохха барытыгар бэйэтэ тус санаалаах буолара. Кини үөрэҕин үрдэтиниэн баҕарбыт этэ даҕаны, ол баҕата туолбатаҕа… Онтон олус муунтуйа сылдьыбытын, оҕо кыраҕы хараҕынан көрөн, өйдөөбүтүм. Эрдэ Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училище театральнай салаатыгар үөрэммитэ.

Паапам уус-уран ааҕыынан күүскэ дьарыктаммыта, кэнсиэркэ үксүгэр патриотическай хоһооннору олус бэркэ, итийэн-кутуйан ааҕара. Иван Гоголев «Уу оҕуһун муоһугар суруктар» диэн поэматынан бэйэтэ толкуйдаан, моноспектакль бэлэмнээн таһаарбыта. Мин итиччэ уһун тиэкиһи өйүгэр хайдах тутарын сөҕө саныырым. Хоһоону , эбэтэр испэктээккэ оонньууругар оруолун тылын дьиэтигэр төттөрү-таары хаама сылдьан, доргуччу ааҕан үөрэтэрэ. Миэхэ хоһооҥҥо таптал итинтэн саҕыллыбыт буолуохтаах. Билигин баара буоллар хоһоон суруйарбын, арааһа, сэргиэ уонна үөрүө эбитэ буолуо.

Кини миигин култуура идэтигэр сыһыарар баҕалаах эбит этэ. Кыра кылааска үөрэнэр кэммэр, Ньурбаҕа муусука оскуолатыгар ылаары, Сунтаартан оҕолору тала кэлбиттэрэ. Паапам ол дьону дьиэбитигэр ыҥырбыт этэ. Эрдэ бэйэбиттэн: «Онно үөрэнэ барыаххын баҕараҕын дуо?» – диэн ыйыппыта. Мин санаа бөҕөтүгэр түстүм. Дьиэбит иннигэр өрүс үрдүгэр турар ыскамыайкаҕа олорон толкуйдаатым. Барыахпын эмиэ да баҕарабын, дьиэбиттэн ыраах, билбэт сирбэр соҕотох сылдьарбыттан эмиэ да салынным. Кэнники санаам баһыйан, барыа суохпун диэн быһаарынным. Талар дьон ыллатан көрдүлэр. Онтон муусука дорҕоонун төһө үчүгэйдик истэрбин (слухпун) бэрэбиэркэлээри, харандааһынан остуолу тоҥсуйтарбыттарыгар аһара сөптүк истэр эрээри, соруйан сыыһа үтүктэ турдум. Ону слуҕа суох эбит диэтэхтэрэ дии, ылбатахтара. Билигин кэлэн, бу сааһыран баран хойутаан, фортепианоҕа оонньуулларын олус ымсыыра көрөр буоллум, ол саҕана сыыһа быһаарыммыппыттан кыһыйа саныыбын.

Тохсуска үөрэнэр сылбар «Күөрэгэй» испэктээги туруораары сылдьан, биирдэ аһыы олорон: «Кыыспар Күөрэгэйи оонньоторум дуу» диэбитигэр, кыбыстарым бэрдиттэн уонна икки илиим көхсө барыта үөннэммит буолан сөбүлэспэтэҕим.

Хайа эрэ испэктээк бэлэмнэниитигэр суфлердаппыта (сыана кэтэҕэр олорон артыыстар тылларын умуннахтарына, этэн биэрии).
Кини аһара элэккэй майгылаах буолан, кими баҕарар кытта, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ, уруккуттан билэр киһитинии, күө-дьаа, чэпчэкитик кэпсэтэрэ, олус сытыытык дьээбэлэнэн, дьону күллэрэрэ. Сэттискэ үөрэнэр сылбар мин кылааспар көрсүһүү оҥорбута, Онно эмиэ оҕолору күллэрбитэ аҕай.

Данилов Гоша диэн бииргэ үөрэнэр уолум миигин наар баттахпыттан тардан, дьээбэлээн, оонньоһон олус эрэйдиирэ, ол иһин абааһы көрөр этим. Ону биирдэ паапабар үҥсүбүппэр: «Ээ, таптыыра буолуо, мин эмиэ оскуолаҕа Даайыс диэн кыыһы таптыыр этим, ол иһин баттаҕыттан тардыалыыр этим», – диэн кэбистэ. Бүттэҕэ ол. Ол уолу мөхтөрөн, көмүскэтээри үҥүстэҕим дии, онон хомойдум, таах сибиэ этэммин дии санаатым.

Сөбүлээбэтэҕин туруору этэр буолара. Мин баттахпын ортотунан сииктэнэн баран өрүнэрбин сөбүлээбэт этэ. Төрөөн тахсыбыт дьахтар курдук буолаҕын диирэ. Онуска үөрэнэ сылдьан, биирдэ сайын кулууп иннинэн ааһан иһэрбин түбэһэн көрбүт эбит, киэһэ дьиэтигэр кэлэн баран сэмэлиир кэриэтэ: «Ити тоҕо сүүскүн аһан, баттаххын өрө тараанныҥ, эйиэхэ барбат ээ», – диэтэ. Мин утары тугу да саҥарбатым, чахчы оннук эбит диэн өйдөөтүм уонна онтон ыла баттахпын оннук оҥостубат буолбутум.

Сэттиһи бүтэрбит сайыммар этэ дуу, Сардаҥаттан уларсыбыт атын иккиэн миинэн, Улгумда сайылыгар кини ийэтин, аҕатын аахха барбыппыт. Мин ат үрдүгэр урут хаһан да олорботох, өр айаннаабатах буоламмын, сылайбытым. Ол иһин сороҕор түһэн сатыы хаампытым. Киэһээ Улгумда киэҥ сыһыытыгар киириибитигэр, эбэбин көрө охсоору ыксаан, аттан ыстанан түһээт, сүүрэн тэбиммитим. Тиийэн, дьиэҕэ ойон киирбитим – эбэм соҕотох олороро. Миигин көрөн соһуйбута аҕай.

Муоста сууйа сылдьан эҥин хоһооно суохтук мээнэ киҥинэйэн ыллыыр этим. Ону паапам: “Ити ханнык ырыаны ыллыыгын?» – диэн ыйытара. Мин 1-кы кылаастан ыла ырыаһыт буолар ыралаахпын, дьиэҕэ ким да суоҕар сиэркилэ иннигэр туран араадьыйаҕа истэр опера ырыаһыттарын куоластарын үтүктэн, чааһы чааһынан ыллыырбын кини билбэт этэ. Ол кимиэхэ да кэпсээбэт биир кистэлэҥим буолара.

Кини направление ылан Улан-Удэҕэ култуура институтугар ыытар баҕалааҕа, ол иһин оскуоланы бүтэрбиппэр кулуупка үлэҕэ киллэрбитэ. Үлэлии сылдьан мин кинилэртэн букатыннаахтык барбытым, онон, хомойуохпут иһин, ол баҕата кыайан туолбатаҕа…

Бу ааспыт сыл ахсынньытыгар “Аврора” уһун үйэлэнии киинигэр эдэр сааһыгар Сунтаар норуодунай театрыгар артыыстаабыт Раиса Борц сынньана сылдьарын көрүстүм. Паапам туһунан иһирэхтик ахтан ааста. “Эйигин сөбүлүүр этэ, театрга уопсай кэпсэтиигэ эн тускунан кэпсиирэ, “кыыһым диирэ” диэбитин, онтон да атыны кэпсээбитин үөрэ иһиттим.
Паапам кэмпэрээнис быһыытынан, кэнсиэри үрдүк таһымнаахтык ыытара. Устар ууну сомоҕолуур кэриэтэ тохтоло суох суккуйан саҥаран-иҥэрэн, көрүдьүөстээҕи кэпсээн, сытыы тылынан этэн-тыынан бардаҕына, көрөөччүлэр тута сэргэхсийэн, күлэн-салан бараллара, ытыс тыаһа хабыллан олорор буолара. Бэл сыана кэтэҕиттэн дьулурҕатык хааман, сэгэйэ үөрэн, саҥарбытынан тахсан иһэрин көрөөт да, күлсэ түһэллэрэ. Ийэтэ Агафья Егоровна олус сытыы, уус тыллаах этэ, бука, кинини удьуордаатаҕа.

Байааҥҥа оонньуур этэ уонна матыып айан 20-чэ ырыаны суруйбутун кинигэҕэ баар ахтыыттан билбитим. Кистээн хоһоон эмиэ суруйара үһү. Ити барыта дэгиттэр талааннааҕын туоһулуур.

Сунтаар оччолорго аатырар-сураҕырар ыһыахтарын икки күнү супту саҥаран-иҥэрэн, кыайа-хото тутан ыытара. Кэлин дьон ахтыытыттан билбитим – ыһыах сценарийын бэйэтэ суруйар эбит.

Кини, 56 cааһыгар саҥа үктэнээт, 1992 c. саас норуот ырыаһыта Кэтэриинэ Захаровалыын Мииринэйгэ гостуруоллуу сылдьан, Сүлдьүкээргэ кэнсиэртээн баран, төннөр айаныгар оптуобуска утуйбутунан сүрэҕэ тохтоон, Орто дойду олоҕуттан барбыта олус соһумар уонна хараастыылаах этэ. Иккиэйэх киһи холугар балтараалыы чаастаах кэнсиэртэри ыытыы, уһун болдьохтоох гостуруол улахан ноҕоруускатын кини ыалдьар сүрэҕэ тулуйбатах буоллаҕа.

Дьэ итинник, кини кылгас үйэлэниэҕин билбит курдук, үлүмнэһэ үлэлээн, аатын ааттатан, дьон өйүгэр, сүрэҕэр умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларан, тахсыылаах да түһүүлээх да кэмнэрдээх олоҕу олорон аастаҕа. Билиҥҥэ диэри баара эбитэ буоллар, төһөлөөх элбэҕи оҥоро сылдьыах этэй дииргэ эрэ тиийэбит. Кини Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбута, кини аатынан Сунтаар сэлиэнньэтин биир уулуссата ааттаммыта уонна норуодунай театрга Владимир Николаев аата иҥэриллибитэ.

 

Аҕата Степан Егорович, ийэтэ Агафья Егоровна Николаевтар.

 

Бииргэ төрөөбүт быраата Николай Степанович Николаев.

 

Мин 9 саастаахпар.

 

Владимир Николаев удьуорун уһатар оҕолоро үһүөн Сунтаарга олороллор:  Евгений – суоппар, чаһы оҥорор маастар идэлээх, биэнсийэҕэ тахсан баран харабылынан үлэлиир; Ангелина – история учуутала идэлээх, Оҕо сайдар Киинин дириэктэрэ; Валентина – нуучча тылын учуутала, 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа завуч. Элбэх сиэннэр, хос сиэннэр эмиэ эһэлэрин аатын ааттаталлар.

Кыргыттара Ангелина, Валентина.

 

Сиэнэ Коля, кыыһа Валентина, уола Евгений, сиэнэ Коля, кыыһа Ангелина, күтүөтэ Алексей.

Мин ускуустуба, култуура эйгэтин сэргиир, таптыыр буолбуппар улахан сабыдыаллаах, айылҕаттан айдарыылаах сүдү талааннаах, саха дьонун кэрэҕэ, сырдыкка сыһыарбыт сүҥкэн үтүөлээх, миэхэ төрөппүт аҕабын солбуйбут күндү паапабар махтана, кининэн киэн тутта саныыбын. Арай тыыннааҕар бэйэтигэр маннык эппит буолуум!..

Ииппит кыыһа

Зоя НИКОЛАЕВА — Зоя ИМ.

2025 cыл, тохсунньу ый. Дьокуускай к.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *