Биһиги – Улгумда оҕолоробут

Кинигэҕэ Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин Улгумда сайылыгар ойор-тэбэр дьоллоох оҕо саастарын атаарбыт дьон иһирэх иэйиилээх ахтыылара уонна хаартыскалара киирдилэр. Ону таһынан Алквиад Алексеев Улгумда сайыҥҥы, кыһыҥҥы айылҕатын түһэрбит хаартыскалара бааллар.

КИИРИИ ТЫЛ

Кэм-кэрдии көлүөһэтэ кынаттаах кэриэтэ кулахачыйа эргийэр, күнү-дьылы элэстэтэ көтүтэр. Ол аайы биһиги хайыы-үйэ лаппа сааһырбыт дьон буола оҕустахпыт. Ааспыт олохпут сорох түгэннэрэ умнуллан, өйтөн сүтэн иһэллэр. Ол иһин, оҕо сылдьан, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин Улгумда сайылыгар оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн ааспыт дьоллоох сайыннарбыт кэрэ, сырдык өйдөбүллэрин үйэтитээри, бу кинигэни таһаардыбыт. Өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр иҥэн сылдьар истиҥ, иһирэх иэйиилээх ахтыыларбытын оҕолорбут, сиэннэрбит ааҕан, оччотооҕу кэм быыһын арыйан көрүөхтэрэ, биһиги оҕо сааспыт хайдах ааспытын билиэхтэрэ.

Ааҕааччы барыта да биһиги «Улгумда оҕолоробут» дэнэн, кинини хайдах курдук таптыырбытын, төһөлөөх күндүтүк, махтана саныырбытын өйдүөҕэ. Ол кэмнэргэ онно олорон, ыалдьыттаан ааспыт дьон ааҕан, эргэрбит хаартыскаларга билэр дьонун мөссүөннэрин көрөн, үөрүөхтэрэ, эдэр-сэнэх саастарын, оччотооҕу олохторун ахтан-санаан ааһыахтара, эргиллибэт кэрэ кэмнэрин өйдөөн кэлэн, сырдык санньыарга куустарыахтара турдаҕа.
Ити этиибин холобурдаатахпына, мин Улгумда туһунан ахтыыбын, хоһооннорбун аахпыт дьон: «Наһаа да үчүгэйдик суруйбуккун! Мин эмиэ сайылыкка үөскээбит буолан, ону санаан кэллим, олус долгуйдум, уйадыйан, ытаатым» диэн курдук элбэхтик суруйааччылар. Оннооҕор хас да киһи: «Ити Улгумда чахчы олус да үчүгэй дойду быһыылаах дии, мин баран көрүөхпүн наһаа баҕардым», – диэбиттээх. Ону мин үөрэ, киэн тутта истэбин.
Оҕо сааспыт сылаас биһигэ буола сылдьыбыт Улгумдабыт барахсан ыраахтан сандаарар сулус курдук өрүү угуйа турар. Кини биһиги сүрэхпитигэр, үйэ-саас тухары сөҕүрүйбэт таптал буолан, мэлдьи баар буолуоҕа.

Бу кинигэни таһааран, Бордоҥ нэһилиэгин историятын үйэтитиигэ эмиэ, кыра да буоллар, кылааппытын киллэрдэхпит буолуо дии саныыбын.

Суруллубут – үйэлээх. Суруллубут – суоруллубат.

Зоя НИКОЛАЕВА — Зоя ИМ.


 

Нина Михайловна ПАВЛОВА (ИВАНОВА): УЛГУМДАБЫН ТҮҺЭЭН КӨРӨБҮН

«Киһи олорон ааспыт сыллара – кини баайа» дииллэрэ бэргэн этии.
Улгумда оҕолоро бары сааһырдыбыт. Хаһан да хатыламмат, умнуллубат оҕо сааспытын ахтан, санаан ылыаҕыҥ.

Ойор-тэбэр оҕо сааһым үтүө-мааны дьоннордоох, кэрэ айылҕалаах Улгумда сайылыгар ааспыта.

Эһээм Николай Николаевич, эбээм Мария Марковна Николаевтар орто бааһынай ыаллар этэ. Саха ыалын быһыытынан бэйэлэрэ ииттинэр сүөһүлээхтэрэ. Кинилэр суос-соҕотох кыыстара, мин ийэм Иванова Мотрена Николаевна буолара. Эбээм Маарыйа 2-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, олохтон туораабыта, онон кинини улаханнык өйдөөбөппүн. Ийэм аҕабар, сэрии бэтэрээнэ Иванов Михаил Гаврильевичка кэргэн тахсан, 9 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ. Эһээм элбэх сиэн тапталлаах эһээтэ буолбута.
Кини сиэн көрсөр түбүккэ түһэн, миигин бииргэ төрөөбүттэрбиттэн арааран, бэйэтигэр иитэ ылбыта. Онон эһээ атаах оҕото буолан хаалбытым.
Эһээм Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сытар ынаҕы туруорбат көнө-мааны майгылааҕа, үлэни эрэ өрө туппут киһи этэ. Үөрэҕэ суох эһээм барахсан оҕону иитэр-үөрэтэр диэни билбэтэ. Арай үлэҕэ сыһыара сатыыра: таҥас сууйтарара, окко илдьэ сылдьара. Улаханнык буһа-хата үлэлиирбин өйдөөбөппүн.

Улгумда оҕолорун ортотугар эмиэ эбээ, эһээ оҕолоро бааллара: Алааппыстаах Ыстаппаан үлэһит да үлэһит сиэннэрэ Зоя уонна атыыһыт Киргиэлэйдээх сиэнннэрэ, кыраһаабысса Роза.

Эһээм биһиги кыра ампаарга сыһыары тутуулаах сайыҥҥы дьиэҕэ хонорбут. Аһыырбытыгар Киэсэ дьонугар Татаардаахха тахсарбыт. Кыра, чөкө дьиэҕэ уһун остуолга 3 ыал буолан, биир дьиэ кэргэн курдук эйэ-дэмнээхтик аһаан турарбыт. Биир ыалбыт, убайдыы-балыстыы Варваралаах Обокуун этилэр.

Киэсэ аҕата Охоноос (Татаар), улахан уҥуохтаах киһи, дьээбэлээх-хооболоох буолан, миигин муҥнаан тахсара. Ийэтэ Татыйыына мэлдьи мичээрдии сылдьар көрүҥнээҕэ. Киэсэни Татыйыыналаах төрөппүт оҕолоро суох буолан, иитэ ылбыттарын кэлин билбитим.
Дьиэбит таһыгар киһи уҥуоҕа баара, хата ону биһиги оонньуур дьиэ оҥостон, иһигэр оонньоон бөҕө буоларбыт.

Чыычаах оҕолорунан оонньоору, уйатын көрдөөн тахсарбыт. Биирдэ биир чыычаах оҕото өлө сытарын көрөн, кистээн ытаан баран, Киэсэлээх тэлгэһэлэрин иһигэр көмпүтүм, буоругар кириэс туруорбутум.
Улгумдабытыгар маҕаһыыннаах этибит, онно Роза эһээтэ Киргиэлэй үлэлиирэ. Ыарыһах буолан, нэһиилэ хаамар, Маарыйа диэн модьу эмээхсиннээҕэ.

Атыыһыт сиэнэ Роза оонньуура элбэҕэ. Ону көрөн ымсыырар аҕай этим. Ампаар иннигэр ыаллаах буолан оонньуурбут.

Биир үтүө күн ким эрэ скакалката сүппүтүгэр Роза миигин уорбалаата. Мин уорбатахпын чуолкайдык билэрим, ол иһин уоруйах аатырбыппыттан оҕолортон кыбыстан бөҕө буоллум.

Улгумдам кыргыттарыттан бэйэм курдук мэник-тэник, Хоту олорор Сибиэтэбин өйдүүбүн. Бэрэ күөлүгэр күҥҥэ хаста сөтүөлүүрбүт буолла, күнү супту да буолуон сөп. Сөтүөлээн ыла-ыла икки этээстээх ампаар баарыгар тахсан сытарбыт. Улгумдаттан Хотуга дылы Сибиэтэҕэ арыт сүктэрэн тиийэр этим. Сибиэтэ дьиэтигэр ыҥыран чэйдэтэр буолара. Ийэтин Мотяны, таайын Кириили күннэтэ көрөр дьонум этэ. Убайын Бииктэри отой өйдөөбөппүн.

Оҕолор бары муһуннахпытына, уулуссаҕа тахсан, сүүрэн-көтөн дуоһуйа оонньуурбут. Биирдэ оннук оонньуу сырыттахпытына, Алааппыс талахтаах кэлэн иһэрин көрөн, бары куотан хаалбыппыт. Зоятын ыҥыра сатаан баран, кыыһырбыт быһыылааҕа. Зоя Сунтаартан тахсан, эбээлээх эһээтигэр үлэ бөҕөнү үлэлээн сайылыыра. Оонньуу бараары, хаһан бүтэрин күүтэн да биэрэрбит. Алааппыс сиэнин үлэҕэ сыһыаран, үлэҕэ үөрэппит эбит. Кини Улгумдаҕа муҥур хотун этэ. Дьон бары толло көрөр быһыылааҕа. Ааһан иһэр дьон күөлгэ суунаары, сөтүөлээри гыннаҕына, хаһыыран, үүртэлээн таһаарара. Кинини мин куһаҕаннык санаабаппын, убаастыыр киһим буолар. Мап-маҥан баттахтааҕын иһин Ыстаппааны уола дии саныырым.
Күһүөрү, халлаан сөрүүдүйдэҕинэ, эһээм миигин Алааппыстаахха хоннороро. Дьиэлэрэ-уоттара мааныта бэрдиттэн, мэктиэтигэр, куттана-куттана киирэрим. Алааппыс хайаан да аһатан баран хоннороро. Биһиги аспытыгар холоотоххо, аһа элбэх, араас этэ. Килиэбэ баата курдук сымнаҕаһа, эчи минньигэһиэн!

Маҕаһыыннаах буоламмыт эһээм миэхэ кэмпиэт, бичиэнньэ, баахыла бөҕөтүн ылан туттаран кэбиһэрэ. Ириис кэмпиэти сыттыгым анныгар укта сытан, түүннэри сиир этим. Ол кэннэ тиис ыарыыта кэһэппэт дуо. Ыарыытыттан ытыырым иһин, эһээм барахсан түүн көхсүгэр сүгэ сылдьара. Аны үлүгүнэйэр этим, ону хоонньугар укта сытан, атахпын кыбыйан утуйара.
Ынахпытын ким эрэ ыан, үүтүн сүөгэйдээн биэрэр быһыылааҕа. Онон аһылыкпытыгар мэлдьи үүттээх, сүөгэйдээх, арыылаах буолааччыбыт.
Күөлгэ собоҕо илим үтэрэ, ону көрөрүгэр, тыыга хатааһылатаары илдьэ киирэрэ. Киэһэ хараҥарыыта, күөлбүтүгэр оҕус мөҥүрүүрүн истэн, куттанарым. Ону эһээм «Күөлбүтүгэр оҕус сылдьар», – диэн куттуура. Аҥыр саҥата буоларын кэлин улаатан баран билбитим.

Быйыл дойду үрдүнэн Улуу Кыайыы 75 сылынан Сүгүрүйүү уонна ытыктабыл сылын биллэрбиттэрэ. Онон бу кинигэ тахсарын туһанан, эһээм сэриигэ хайдах сылдьыбытын сырдатар ытык иэһим буолар.
Кини 1942 с. уоттаах сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Харьков куорат таһыгар 2-с автоматнай ротаҕа сэриилэспитэ. Манна сиһигэр буомба буора түһэн, госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн, сэрии толоонугар төннүбүтэ. Украинаҕа сэриилэһэн баран, 1943 с. Днепр өрүскэ тиийбитэ. Манна өстөөх буулдьата сүнньүн сиирэ көтөн, улаханнык бааһыран, сэриилэһэн бүппүтэ.

Эһээм: «Кыргыһыы хонуутугар дьон өлүгэ балбаах курдук ыһылла сытара көрөргө дьулаан этэ», – диэн хараастан кэпсиир буолара. Уралга Рейда куоракка эмтэнэн баран, 2 сыл байыаннай собуокка үлэлээбитэ. Тыҥатыгар оскуолка хаалан, Свердловскай куоракка эппэрээсийэлэммитэ. Кыайыы күнүн Рейда куоракка көрсүбүтэ. «Ол күнү умнубаппын. Дьон-сэргэ үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээҕэ. Биһиги тыыннаах тиийбит дьоллоох эбиппит», – диирэ. Кини сэриигэ хорсун быһыытын иһин «За Победу над Германией» уонна сэрии үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кыайыы саллаата 1947 с. 2-с группалаах сэрии инбэлиитэ буолан, төрөөбүт дойдутугар эргиллибитэ.
Кэлээт, колхуоска үлэлээн барбыта. Үксүн Нээлбиктэ ферматыгар сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Соҕурууттан орловскай аты аҕалбыттарын баайан, ол ата сүүрүк бэрдэ буолан, Сунтаар оройуонугар хайа да акка иннин биэрбэтэҕэ. Сайынын оскуола оттуур звенотугар наставнигынан үлэлээбитэ. Коммунистическай үлэ ударнига буолбута.

Мин улааппытым кэннэ, Федорова Варвара Яковлевналыын холбоһон, 12 сыл бэйэ бэйэлэрин өйөһөн-убаһан үчүгэйдик олорбуттара. Сайын буолла да сүөһүлэрин сиэппитинэн, Улгумдаҕа сайылыы бараллара. Ону сайыһа хаалар этим. Оскуола звенотугар оттуур буолан, Улгумдабар барарым тохтообута.

Эһээм эрэллээх, баар-суох доҕоро Николаев Аввакум Ефремович (Обокуун) эмиэ сэрии бэтэрээнэ, Берлини штурмалааһыҥҥа кыттыыны ылбыт, хорсун-хоодуот саллаат этэ. Сардаҥаҕа эмиэ биһигиттэн чугас олорбуттара. Эһээм кинини олус күүтэрэ, биир эмэ күн киирбэтэҕинэ суохтуура.

Мин Обокуун балта Дора Егоровналыын бастакы оҕобутун сайын бииргэ оҕоломмуппут. Обокуумнаах эһээм көрүстүлэр да сиэннэрин куоталаһыннаран, мин сиэним ону сатаата, маны туһалаата диэбит курдук аны кэпсэллэрэ эрэ сиэннэрэ, хос сиэннэрэ буолбута.

Доҕордуулар көмүс уҥуохтара Марба кылабыыһатыгар сэргэстэһэ хараллан сыталлар. Эһээм 1980 с. атырдьах ыйыгар сэрииттэн ылбыт бааһыттан уһуннук, ыараханнык ыалдьан, анараа дойдуга бараахтаабыта. Биһиги, ыччаттара, кинилэр сырдык ааттарынан киэн туттабыт.
Кэлин ыал буолан бараммын, наһаа түһээн көрөрүм иһин, Улгумдабар бара сылдьыбытым. Дьиэлэр эмэҕирэн, отчут-масчыт эрэ аараан ааһар сирдэрэ буолан тураллара. Арай Алааппыстаах Ыстаппаан дьиэлэрэ сэнэхтик турара. Түннүгүнэн өҥөйөн көрбүтүм уонна били хаһан эрэ киһи хараҕа халтарыйар маллара-саллара баалларыттан уйадыйан ылбытым. Алааппыстаах ханна эрэ чугас тахсыбыт курдуктара.

Бэйэбит ампаарбыт сууллубут этэ. Быыһынан иһин көрбүппэр, эһээм сайыннары кэтэр истээх бэргэһэтэ, хотуурун кыстыга уонна мин куобах истээх суорҕаным ыйанан тураллара. Улгумдам олоҕо тохтообута ырааппыт этэ.

Петров Владимир Николаевич-Бордоҥ Болуодьата миигин «Улгумда кыыһа» диэн ааттыыр.

Ол сайылыкка ааспыттара дьоллоох оҕо сааһым кэмнэрэ. Оҕо сааһым доҕотторун умнубаппын, кинилэр мэлдьи сүрэхпэр бааллар.
Билигин урукку Улгумдабын түһээн эрэ көрөбүн…

Сунтаар сэлиэнньэтэ.

Тапталлаах эһээм Николаев Николай Николаевич.

 

Эһээм иккис кэргэнин Федорова Варвара Яковлевнаны, кыыһын, ийэм Мотрена, күтүөтүн, аҕам Михаил Ивановтары уонна кинилэр оҕолорун кытта.

 

Олороллор: Охоноос — Уһун Татаар, эһээм. Тураллар, хаҥастан уҥа: Татыйыына, Кисиэнньэ, Өлөксөй — Көөт.

 

Бэтэрээннэр барахсаттар. Инники кэккэҕэ хаҥастан уҥа олороллор: эһээм уонна Николаев Аввакум Ефремович — Обокуун.

 

Үбүлүөйбэр.

 

Мин, кэргэним Виталий Павлов уонна сиэннэрбит.

 

Эһээм удьуора салҕанар: оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.


 

Зоя Владимировна НИКОЛАЕВА — Зоя ИМ: ОЛ ОННО, УЛГУМДА САЙЫЛЫГАР

Улгумда… Бу тыл миэхэ олус күндү, сүрэхпин мэлдьи сылааһынан угуттуур. Онно эрэ билбитим оҕо саас саамай дьоллоох, сырдык сыдьаайдаах кэмнэрин. Мин оҕо сааспын дьэрэкээн өҥүнэн киэргэппит ол сайылыкпыт өлбөөдүйбэт өйдөбүлү хаалларбыт. Сааһыран истэҕим аайы онтум ордук дириҥ суолталанан иһэр. Улгумда өҥ буорун илгэтиттэн тото-хана аһаан-сиэн, ыраас салгыныгар сүүрэн-көтөн, оонньоон, күөх кырыһыгар күөлэһийэн, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдан, эһээм, эбээм сылаас сыһыаннарынан угуттанан улааппытым — мин дьолум эбит.
Ийэ дойдуга таптал тиэргэнтэн саҕаланар дииллэринии, онно миэхэ төрөөбүт дойдуга, ийэ айылҕаҕа таптал иитиллибит, куппар сахалыы тыын иҥэриллибит.

Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин Улгумда диэн сүүнэ улахан күөллээх сирин урут аҕыйах ыал таптаан сайылыыра. Мин эбээм Агафья Егоровна (Алааппыс), эһээм Степан Егорович (Ыстаппаан) Николаевтар онно Сүрэх дэнэр өттүгэр сылы эргиччи олороллоро. Онон сайыҥҥы, кыһыҥҥы каникулларбын барытын атаарбыт сирим буолар. Онно барар күммүн тулуйбакка кэтэһэрим уонна күһүн Сунтаарга, дьиэбэр төннүөхпүн баҕарбат этим. Биир күһүн барар күммэр, ампаар кэннигэр туран, дэлби ытаабыппын өйдүүбүн.

Эһээм аах үс ыанар ынахтаахтара, сибиинньэ уонна куурусса бөҕөтүн иитэллэрэ. Эбээм сайыны быһа эмалированнай биэдэрэҕэ быырпахтыыра. Күүскэ утатан баран, ампаарга турар сөрүүн быырпаҕы ыймахтыыр астык даҕаны этэ!

Нээлбиктэҕэ баран-кэлэн иһэн, элбэх дьон таарыйан, быырпах иһэн, утаҕын ханнаран ааһара. Кинилэр өрүү ыалдьыттаах, хоноһолоох буолаллара. Ол курдук кусчуттар кэлэн хастыы да хоноллоро, сайын аайы окко үлэлиир кэмигэр аймахпыт Черепанов Алексей Михайлович кинилэргэ дьиэлэнэрэ. Эбээм быраата, мин саастыым Николаев Виталий эмиэ сорох сайын кэлэн олорор этэ.

Эбээм сэппэрээтэринэн сүөгэйдиирэ, онтун сороҕун иирдэн, арыы бөҕөтүн оҥороро, иэдьэгэйдиирэ, өссө суораттыыра. Сайын ампаарга сүүнэ улахан саар ыаҕаска тар көөнньөрөрө, онно собо уҥуоҕун быраҕарбыт. Манна даҕатан эттэххэ, сахалыы иһит-хомуос арааһын, туттар тэрили мин бастаан онно көрбүтүм-билбитим. Сарсыардааҥы аһылыкка оҥкучахтан тымныы үүт чөчөгөйүн таһааран, чааскыга кутан биэрэрэ эчи үчүгэйиин! Суораты саахардаппакка иһэрдэрэ. Килиэбин оһох иһигэр буһарара, онто мип-минньигэс, сымнаҕас, иһэ мап-маҥан, таһа кытархайдыҥы кугас өҥнөөх буолара. Оннук килиэби кэлин ханна да сии иликпин. Билигин таайа сатыыбын ээ, бурдуга итиччэ үчүгэйэ дуу эбэтэр тиэстэтин итинник табан охсоро эбитэ дуу. Ынах туйаҕын астаан, хойуу, наһаа минньигэс халадьыаһы эмиэ буһарара, ол амтанын билигин да өйдүүбүн.

Кинилэр Сунтаарга, биһиэхэ тирии батаҥаларга уган, ас арааһын мэлдьи ыыта олороллоро: эт, үүт, үрүмэ, хайах, улахан тууйастарга сүөгэй, барыанньа, саҥыйахтаах алаадьы, бэрэски.

Сайын улахан баҕайы күлтэйбит сылабаарга чэй өрөрбүт. Оннук сылабаары көрдөхпүнэ, чэйдиирбитигэр, эбэм хараҕын симэн, утуктуу олорорун санаан кэлэбин. Кини хоспоххо киэһэ аайы эти мииннээн буһарара. Эһээм мэлдьи окко звенону салайан үлэлэтэрэ. Ол иһин, отчуттар хойут кэлэр буоланнар, киэһээҥи аһылыкпытыгар букатын хойут олорорбут, онон кыраһыын лаампатын сырдыгар аһыырбыт. Өрөһөлүү хоторуллубут эмис эти хартыыһалаан сиэн уонна улахан тэриэлкэттэн миин бөҕөтүн иһэн, өссө үүттээх чэйи эбинэн баран, утуйуу буолара. Билигин санаатахха, барыта айылҕа биэрбитинэн, дэлэй да аһы аһаан улааппыт эбиппин.

Эбээм куурусса сымыытын эпиилкэлээх чабычахтарга уган мунньара, ону сороҕун Сардаҥаҕа илдьэн атыылыыра. Сүөһүтүн, кууруссаларын аһара үчүгэйдик аһатар этэ. Ол курдук ынахтарга сайыннары-кыһыннары көөнньөрбө оҥорон, күн аайы сиэтэрэ, туус биэрэрэ. Сибиинньэҕэ туспа оҥороро, отун сүгэнэн кырбыыра. Көөнньөрбөҕө анаан миэхэ от үргэтэрэ, сиэрпэлиирэ. Суол буоругар сыстан үүнэр синньигэс салаалардаах туох эрэ оту эмиэ үргүүрбүт. Кууруссатыгар кырыллыбыт кумааҕыны, собо уҥуоҕун, өстүөкүлэни үлтүрүтэн, сүөһү уҥуоҕун уокка уматан уонна сымыыт хаҕын, эбиэһи сиэтэрэ. Ону таһынан эт киһи сиэбэт өттүн буһаран, кып-кыра гына кырбаан биэрэрэ.

Кини сылгы кылын сыгынньах тобугар ууран эрийэн, ньирэйин, ынаҕын баайар хатыы быаны оҥосторо.

Эбээм олус чэнчиһэ, дьиэтин, тэлгэһэтин ып-ыраастык тутара. Кирдээх таҥас таҕыста да, уулаах тааска мыылалаан баран, илитэ уурара уонна кэлэ-бара сылдьан, кыра-кыратык сууйан кэбиһэрэ. Инньэ гынан кирдээх таҥас мунньуллан сытарын отой көрбөтөҕүм. Кини куурбут таҥаһын тута өтүүктээн, чымадааннарга уган иһэрэ. Онтун иһэ наһаа үчүгэй духуу сыттаах буолара. Уот суох буолан, чох өтүүгүн туттарбыт.

Сир астыырбытыгар мэлдьи саахар укта сылдьара, ону иккиэн сиирбит. Сайын оһоҕу отторго дьиэбит таһынааҕы ойууртан хаппыт мутугу хомуйан, быанан баайан, сүгэн кэлэр этибит.

Ньукулайдаах тастарыгар кыра сиргэ хортуоска үүннэрэллэрэ, мин ону көмсөөччүбүн.

Дьэ, ити курдук кини күнү быһа үлэлээн хачыгырайан тахсара, онно миигин сорук-боллур оҥостон, көмөлөһүннэрэрэ. Ол курдук мин ынах, ньирэй үүрэрим, хомуйарым, хаһааҕа киллэрэн баайсарым, от үргүүрүм, сүөгэй иирдиһэрим. Ону таһынан оҕолору көрүү, иһит, сэппэрээтэр, муоста сууйуута эмиэ миэхэ сүктэриллэрэ. Бэйэм да сүрэҕэлдьиири, сылайары билбэт, олус сүрэхтээх буолан, итини отой ыарырҕаппат этим. Ынаҕы ыырга тоҕо эрэ сыһыарбатаҕа.

Кини майгыта кытаанах соҕуһа эрээри, миэхэ сылаас сыһыаннааҕа. Кыыһырдаҕына да, биирдэ этэн кэбиһэрэ, тута аһарара. Онон мин эбээбиттэн хаһан да хомойботоҕум. Эһээм эмиэ сөбүлүүрэ, отой мөхпөт этэ. Ол арааһа, уоллара аах алта сыл кыайан оҕоломмокко, миигин ииттэн оҕоломмуттарыгар, онон кинилэр сиэннэнэр дьолу билбиттэригэр, удьуордара салҕаммытыгар мындыр өйдөөх дьон махтана саныылларыттан буолуо.

Эбээм миигин кыыс быһыытынан сэмэйдик туттарга такайара. Аһыы олорон, атахпын эйэҥнэтэрбин, кэдэрги тайанарбын, күрүө үрдүгэр тахсан олорорбун отой сөбүлээбэт этэ, мөҕөн, дьарыйара. Мин күрүөбүт ааныгар ыттан тахсан, ону-маны көрөрбүн сөбүлүүрүм. Кини чиҥ-чаҥ, улахан саҥалааҕа, уус тыллааҕа. Күнүс модьуйан туран утутара даҕаны, мин уум кэлбэт буолан, таах сытан баран турарым. Эбээм өҥөйөн көрдөҕүнэ, харахпын симэн, күүскэ тыынан, утуйбута буоларым. Хаһан туруоран, оонньуу барарбын күүтэрим.

Сорох сарсыарда эрдэ уһугуннарара: «Чэ тур, күнүс утуйаар, ынахтарбыт суохтар, баран аҕал, Хоту өтөххө тиийбиттэрэ буолуо», – диирэ. Ол Хоту эргэ өтөхтөр оннулара баара, кини аҕатын аах ампаардара бүтүн турара. Биирдэ эбэбиниин онно киирэ сылдьыбыппыт – муостаҕа элбэх баҕайы мас чороон чохчолоно сытара.

Улгумдаҕа маҕаһыыннаах этибит. Онно араас мал-сал, таҥас атыыланара. Маҕаһыыны Филиппов Киргиэлэй, Атыыһыт Киргиэлэй үлэлэтэрэ. Кини бокоорор ыарыыга ылларан, олоппоһу үтэн хаамар эмээхсинин уонна сиэнин Розаны кытта олороро. Тэйиччи соҕус Хоту өтөххө икки ыал баара уонна Бэрэҕэ, Нээлбиктэҕэ, Куруҥ балаҕаҥҥа, Кумакылаахха ферма сайылыктара. Онно олорор дьон маҕаһыынтан кэлэн атыылаһаллара. Бордоҥтон Нээлбиктэҕэ, Тэҥкэҕэ массыынанан барар-кэлэр дьон эмиэ таарыйан ааһаллара. Ол барыта биһиэхэ сонун буолара.

Мин олус кытыгырас этим. Күрүөнү тахсарга быыһынан буолбакка, хайаан даҕаны үрдүгэр ыттан баран, ыстанан түһэрим. Ол сылдьан, ырбаахым тэллэҕин мутукка хайа тардаммын, мөҕүллэрим. Өссө ампаар аанын кытта куоталаһар көрүдьүөс идэлээҕим. Ол аата, ампаартан ас киллэрэрбэр аспын ылабын, ааны тэлэччи баҕайы аһабын уонна сабыллыан иннинэ дьиэҕэ баар буолуохтаахпын. Дьиэ боруогар үктэнээппин кытта, ааным дьэ сабыллан, «лип» гынара. Ол курдук, тэлгэһэ иһигэр туох эмэ сорукка барытыгар наар сүүрүүнэн эрэ сылдьарым. Арай биирдэ эбээм бииргэ оонньуур икки кыыспын кытта үһүөммүтүн хотонтон дьиэҕэ диэри уонна төттөрү сүүрдэн куоталаһыннарда. Онно мин иккиһинэн кэллим, Петрова Роза бастаата. Онуоха эбээм: «Пахай, бу кыыс сүүрүүнэн эрэ сылдьарыҥ бэрт дии уонна хайдах кыайтардыҥ?» – диэн сонньуйбута.

Эбээбэр хаһыаты, «Хотугу сулус» сурунаалы доргуччу ааҕан биэрэрим, ол сөбүлүүр дьарыгым этэ. Кыһын эмиэ оннук ааҕар буоларым.
Оҕолору кытта оонньуу сырыттахпына, тугу эрэ соруһаары, үөгүлээн, ыҥырара. Ону мин сороҕор улдьааран хаалан, кэлэн быстыбат этим. Арай биирдэ эбээм ыҥыра сатаан баран, талахтаах иһэрин көрөөт, атын сиринэн эргийэн, дьиэбэр куоттум, дьэ таһыллар буоллум диэн куттанным аҕай. Хата, кэлэн баран, отой да таһыйбата, мөхпөтө. Хаһан эрэ, быыл сото сылдьан, алҕас улахан сиэркилэни үлтү түһэрбиппэр кыыһыран, талаҕынан биирдэ-иккитэ сабырҕаппыта. Кэлин өйдөөбүтүм, арааһа, сиэркилэ киһи өлөрүгэр алдьанар диэн аньыырҕаабыт буолуохтаах.

Оҕолордуун оонньуурбутугар көрүдьүөс түгэннэр да бааллара. Бэсиһи бүтэрбит сайыммар этэ дуу, күөл кытыытыгар үс кыыс кэпсэтэ турбуппут. Онно Сибиэтэ быһыылааҕа: «Дьээдьэлээх чүөчэ сылластахтарына, оҕо төрүүр үһү», – диэн сырдатта. Биһиги истибэтэхпитин истэн, соһуйдубут, дьиктиргээтибит аҕай.

Биирдэ тыаҕа мурукулуу сылдьан, баҕаны булан ыллыбыт. Олег көҥдөй оту уган үрбүтүгэр, баҕа иһэ сараччы үллэн таҕыста. Күлүстүбүт. Хата өлөрбөт этибит.

Дьиэлэр тастарыгар биир эргэ киһи уҥуоҕа баара, ол иһигэр киирэрбит. Мин олус дьиксинэрим эрээри, оҕолору батыһарым. Павлова Розалаах тиэргэннэригэр элбэхтик оонньуурбут, сороҕор – Олегтаахха. Биһиги тиэргэммитигэр раскладушка тэлгэтэн, дьааһыгынан күрүөлэнэн, ыал буола оонньуур этибит. Кыргыттардыын күөх кырыска сытан, былыттары одуулуурбутун олус сөбүлүүрүм. Мин харахпар былыттар араас кыыл моһуоннанан көстөллөрө.

Хоту өтөххө эмиэ оонньуу барарбыт, Сибиэтэлээх Бииктэр, Замиралаах онно олороллоро. Бэрэ күөлүн үрдүгэр турар, колхоз икки этээстээх улахан ампаарыгар киирэн оонньуурбут.

Биир сарсыардааҥы ыам кэнниттэн Кешалыын сүөһүлэри арҕаа диэки үүрэн бардыбыт. Нээлбиктэлиир суолга баар киэҥ сыһыыга киллэрэн баран, киһи уҥуохтарын өр кэрийэн, көрө сырыттыбыт. Дьиэбитигэр кэлбиппит, ким эрэ сүөһүлэри таһаарбыт уонна кэлэн, колхоз бааһынатыгар сылдьалларын үүрбүтүн эппит. Мөҕүлүннэхпит дии. Онно билбэккэ киллэрдэхпит буолуо ээ.

Хонууга дэлэйдик үүнэр кииһилэни эмтээҕин билэрбит быһыылааҕа, түбэстэрбит эрэ хардырҕаччы ыстаан сиэн кэбиһэрбит. Ол доруобуйабытыгар туһалаабыта чахчы. Онтон да буолуо, мин сылы биирдэ да тумуулаан көрбөккө туоруурум.

Биир сайын Хоту өтөхтөн өссө тэйиччи баар, трибуналаах ыһыахтыыр сиргэ «ДТ” трактор сыарҕатыгар олорсон, ыһыахтыы бардыбыт. Аара сыарҕа быыһынан мас өрө анньан тахсыбытыгар эбээм атаҕын өлөрөн, тохтоотубут. Онно мин кинини аһынан ытаатым. Хата, улаханнык эчэйбэтэх эбит, онон салгыы айаннаан тиийбиппит.

Эһээм күөлгэ илим үтэрэ. Олус элбэх да буолбатар, айахпытыгар сиири таһаарара. Миигин сороҕор илимин көрөрүгэр тыынан хатааһылата таарыйа, илдьэ киирэрэ. Кини олус холку майгылаах, аҕыйах саҥалаах, эмиэ үлэһит бэрдэ киһи этэ. Маҥан аттааҕа, звеноводтууругар онон сылдьара. Биир киэһэ тэйиччи сиртэн бэйэтин отун тиэйэригэр миигин илдьэ барбыта, аты аан бастаан онно мииммитим. Кыһыҥҥы каникулбар тахса сырыттахпына, ол аты күөх кырааскалаах мас сыарҕаҕа көлүйэн, үһүөн Сардаҥаҕа күүлэйдии барбыппыт. Сыарҕа үрдүк хоруопка курдук этэ, өйөнөрдөөҕө, били былыргы баайдар киэннэригэр майгынныыра, кэлин билбитим – хосуопка сыарҕа дэнэр эбит. Ыйдаҥалаах киэһэ, тула сып-сырдык, тымныы чэбдик салгын, ат туйаҕа хаары хаачырҕатар тыаһа, биһиги сылаас бараан тулуупка сууланан олоробут. Ол айан туһунан наһаа кэрэ өйдөбүл хаалбыт, билигин оннук айаннаабыт киһии! Эһээм аах Петр Яковлевич Федоровтааҕы кытта доҕордоһоллоро, кинилэргэ тиийэн хоммуппут.

Биирдэ хантан эрэ кэлбитим – күрүөбүтүгэр үс таба баайыллан турар эбит! Мин кинигэҕэ, аккырыыккаҕа көрөрбүнэн табаны лабаа курдук муостардаах, улахан, наһаа кэрэ көстүүлээх кыыл курдук саныырым. Оттон ол турар табалар эчи, кыраларыын, мараларыын! Онон ити кыыл туһунан өйдөбүлүм тута өлбөөрөн хаалла. Дьиэҕэ киирбитим – билбэт дьонум чэйдии олороллоро. Хантан кэлэн хаалбыт табалаах дьон эбитэ буолла.

Эбээм миэхэ олус үчүгэй гына былааччыйа, ыстаан тигэн биэрэрэ. Биир сайын Сунтаар ыһыаҕар кэтэрбэр байбаралаах, сутаастаах икки былааччыйаны тигэн ыыппыта: биирин – бастакы күҥҥэ, иккиһин – иккис күҥҥэ кэтэрбэр. Сөрү-сөп гына тигэрэ эрээри, уһун баҕайы гынара. Мин онтон кыбыстан бөҕө буоларым. «Уһун баҕайы» диэтэхпинэ: » Эмэһэҥ көстө сылдьары кэтээри гынаҕын дуо?» – диэн кыыһырара. Плащ, сон эмиэ атыылаһан ыытара.

Баттаҕы өрүнэргэ кини үөрэппитэ. Бастаан бэйэтэ өрө сырытта, онтон биирдэ: «Бэйэҥ өрүнэ үөрэн, сатаатаххына эрэ таһаарыаҕым», – диэт, ампаар дьиэҕэ киллэрэн, ааны таһыттан олуйан кэбистэ уонна балаҕан дьиэ муостатын сууйа сырытта. Хайыамый, өр эрэйдэнэн, тиэрэ даҕаны буоллар, син сатаан өрүммүтүм.

Бэлэсипиэти тэбэргэ эмиэ онно сылдьан үөрэммитим. Эһээм киэнин атахпын сидиэнньэ аннынан уган, кыратык тэбэрим. Онтон Петрова Розаттан уларсан, боруочука суолугар, атаҕым күөх баламах буолуор диэри дэлбэритэ түһэ-түһэ, өсөһөн туран, сатаан тэбэр буолбутум. Ол быыһыгар эбээм үөгүлүүрүн истэн, сүүрэн кэлэн, сорудаҕын толоро охсон барарым.

Киэһэ хаппыт киини хомуйан, түптэлиирбит. Онтон ыла түптэ буруотун сыта сүрэҕим ортотунан киирэр. Поэт Күндэ «Кии сыта» диэн хоһооно оччотооҕу кэми сытыытык даҕаны санатааччы.

Бу өйдөөтөхпүнэ, сайылыкпытыгар ыаллар олус даҕаны иллээхтик олорбуттар эбит, ону хойут сөҕө саныыбын. Киҥир-хаҥыр саҥарсыы, этиһии суоҕа. Олох биир кэм, оргууй, чуумпутук устара. Сорох киэһэ улахан дьон мустан, оһуохайдыыр этилэр, ону оҕолор түһүлгэ ортотугар киирэн, көрөн олорорбут.

Тохсуһу бүтэрбит сайыммар бырааппын, балтыбын көрөрбүттэн аралдьыйаары уонна оҕолору кытта бииргэ сылдьаары, көрдөһөммүн, эһэм звенотугар киирэн оттоспутум. Онно мэлдьи бииргэ оонньообут уолум Сиидэрэп Бииктэр баара. Саҥа оҕолордуун билсибитим. Үксүгэр кырдьаҕас дьону кытта от мунньуутугар сылдьыбытым. Эбээм үөрэҕэ баар буолан, ону дьэ кыайар этим. Үс эр киһи от охсоро, мин биир дьахтардыын мунньарбыт. Кырдьаҕастарым хайҕаан бөҕө буолаллар, ол аайы түһүнэн кэбиһэбин. Оҕолор элбэх буоланнар, кэбиһиигэ сылдьарым ордук сэргэҕэ. Отчуттар чугас сирдэри оттоон бүтэрэн, арҕаа хонуктаан оттуу көһөллөрүгэр сайыһа хаалбытым. Миигин онно ыыппатахтара.

Ол күһүн, киэһэ массыына кузовар олорон Сунтаарга айанныырбар, эбээм аах дьиэлэрин хараҕым далыттан сүтүөр диэри көрө испитим. Итиэннэ манна кэлэн оонньоон, сүүрэн-көтөн бүппүппүн, бу тиһэх сайыным ааспытын, тэбэнэттээх оҕо сааспын кытта букатын арахсарым субу чугаһаабытын өйдөөн, хараҕым уута тохтоло суох сүүрэрэ. Курус даҕаны курус санаа хам баттаабыта… Ол түгэни өйдөөн кэллэхпинэ, билигин да уйадыйан, хараҕым ууланар.

Балаҕан ыйыгар үөрэнэ сырыттахпына, «Беларуһунан» от оҕустара сылдьан, миигин кистээн одуулаһар хара харахтаах, сэмэй Миша уол доҕордоһор баҕалаах сурук ыыппыт этэ да, онно мин хардарбатаҕым.

Ахтылҕаннаах Улгумдабар сүүрбэччэ сыл кэнниттэн, ыраах ыал ийэтэ буолан олорон, итиччэ өр ыра санаа оҥостубуппун толорон, тиийэ сылдьыбытым. Өтөхсүйбүт, быраҕыллыбыт сайылык иччитэх, сууллубут дьиэлэринэн көрсүбүтэ. Арай эһээм аах дьиэлэрэ эрэ, аймахтар кэлэ-бара көрө сылдьар буолан, сэнэх туруктааҕа. Дьиэҕэ киирбитим — барыта урут хайдах этэй да, үүт-үкчү оннук турара. Түннүктэр, быыстар оччотооҕу сабыыларын, малы-салы, иһити-хомуоһу көрөн, олус соһуйбутум, долгуйбутум. Кэм-кэрдии онно тохтоон хаалбыт курдуга. Хайдах эрэ оҕо сааспар иккиһин төннүбүт курдук санаммытым, сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Атына, хараастыылааҕа диэн, эбээлээх эһээм барахсаттар эрэ суохтара.

Мин сып-сап дьиэни харбаан кэбиспитим, муннуктарга мустубут буору хомуйан, таһырдьа таспытым, элбэхтик уутун баспыт күөлбэр элэстэнэн киирэн, уу баһан таһаарбытым.

Киэһэ Сунтаарга төннөрбөр, паапам кууһан баран: «Дьэ, маладьыас, хата эһээҥ, эбээҥ өтөхтөрүгэр кэлэн бардыҥ дии», – диэн баран, сыллаан ылбыта.

Эһиилги сайыныгар уолбун, балтыларбын, күтүөппүн кытта Сардаҥаҕа эһээбит балта, эдьиийбит Дора, күтүөбүт Иннокентий Федотовтар эргэ дьиэлэригэр олорбуппут. Биһиги Улгумдаҕа тиийэн оттуурбут, Нээлбиктэҕэ сир астыырбыт. Онно ыт тиҥилэҕэ өлгөмнүк үүммүтүн хомуйбуппут. Ол эмиэ умнуллубат, үтүө кэм этэ.

Нөҥүө сайын эмиэ Доралаахха ыалдьыттаабытым. Улгумданы көрүөхпүн баҕарарым бэрдин иһин кэргэнэ Кешалыын матасыыкылынан онно илдьибиттэрэ.

Чаҕылхай күннээх итии күн этэ. Биһиги эһэм аах өтөхтөрүгэр кырыска олорон чэйдээбиппит. Дора эдьиийэ Варваралаахтыын олорбут Хоту өтөҕөр сылдьан хаптаҕастаабыппыт. Мин ахтылҕаммын таһааран, олус үөрэн, дуоһуйан төннүбүтүм. Доралаах эмиэ сырытыннаран астыммыттара. Миигин мэлдьи үөрэ көрсөллөрүгэр, балтыбыт диэн сылаастык сыһыаннаһалларыгар кинилэргэ махталым улахан.

Хомойуох иһин, ааспыты эргиппэккин, хос тилиннэрбэккин. Арай барыта санааҕар эрэ илэ тыыннанан, сүрэҕи нүөлүтэ долгутан, хараххар көстөн кэлэр. Оччоҕо мин көрөбүн эбээм, эһээм күндү мөссүөннэрин уонна оҕо сааһым чугас доҕотторун: амарах сүрэхтээх Сиидэрэбэ Муоча оҕолорун, ыал буола оонньуурбутугар аҕалара буолар уонна миэхэ римскэй сыыппаралары бастаан үөрэппит Бииктэри, кини балтын, куудара баттахтаах Сибиэтэни, атыыһыт Киргиэлэй сиэнин, сытыы-хотуу кыраһыабай Розаны, Ньукулайдаах сиэннэрин Ниинэккэни, Паабылаба Кисиэнньэ көрсүө-сэмэй кыргыттарын Розаны уонна Наташаны, «Татаардар» диэн хос ааттаах Мэхээлэйэптэр уолларын, мэник-тэник Киэсэни, Чараппаанаптары: Дашаны, Олегы уонна онно олорон ааспыт улахан дьону барытын.

Улгумдам хаһан эмэ түүлбэр көстөн, миигин үөрдэр.

Дьэ, ити курдук үүт-тураан олохтоох, түптэ сыттаах сайылыкпыт сүрэхпин сылаанньытар барыта сырдык, кэрэ эрэ өйдөбүлэ хаһан даҕаны суураллыа суоҕа. Бука, бииргэ оонньоон улааппыт оҕолорум санаалара бу этиигэ холбоһоро буолуо диэн эрэллээхпин.

Эргиллэ туруом Улгумдабар –

Эһээм, эбээм өтөхтөрүгэр,

Онно хаалбыт оҕо сааспар,

Олоҕум кэрэ кэмнэригэр.

2017 c. Дьокуускай к.

Күндү эһээм Степан Егорович, эбээм Агафья Егоровна Николаевтар.

 

Эбээм барахсанныын.

 

3-с кылаас үөрэнээччитэбин.

 

Үлэ быыһыгар хаартыскаҕа түһүү.

 

Убайым Коля, саҥаһым Варя Тулагыттан кэлбиттэригэр көрсүһүү.

 

Балтым Линалыын, быраатым Женялыын.

 

Эһээм аах хаан сиэннэрин, балтыларым Линаны, Валяны кытта.

 

Биһиги өтөхпүт.


 

Розалия Степановна АЛЕКСЕЕВА: ОҔО СААС КЫНАТЫГАР УЙДАРАН…

Дьолунан доҕуһуолланар, күлэн лыҥкынатар оҕо сааһым харахпар тиллэн кэлэн, сүрэҕи-быары сылаанньытар сылыыс-сылаас ахтылҕан иэйиитинэн кууһар… Ийэм күлэн мичилийбит мөссүөнэ, сып-сымнаҕас ытыһын сылааһа олохпор алгыс буолан арыаллыыр, аҕам сырдык үөрбүт хараҕа, күүстээх үлэтин туоһулуур чэрдээх илиитин күүһэ олох ситимин, утумун туоһулаан, күүспэр күүс, санаабар санаа буолан кынаттыыр. Ойор-тэбэр оҕо саас кэрэ кэмнэрин санаатахха, киһи олус уйадыйан ылар, ол кэмнэри сүрэҕэр күндү өйдөбүл, хаһан да умуллубат кыым уота гынан үйэ-саас тухары илдьэ сылдьар. Бүгүн мин ааспыт оҕо сааһым күндү түгэннэрин, бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыт доҕотторбун санаан олус да долгуйан ыллым. Дьоллоох, сырдык да кэмнэр ааспыттар эбит.

Мин Павловтар дьиэ кэргэннэригэр 1959 сыллаахха бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм Ксения Петровна Павлова төрдө-ууһа дьиҥнээҕэ биллибэт, ийэтэ 1934 сыллаахха кинини оҕолоноору күн сириттэн күрэммитэ. Кэлиҥҥи чуолкайдааһын түмүгүнэн Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо, Туора Сыһыыга олорбут Николаев Егор (Чолоко) кыыһа Ульяна буолуон сөп. Ити курдук саҥа күн сирин көрбүт иринньэх оҕо бу орто туруу бараан дойдуга соҕотох тула эргийэн хаалбыт. Кини дьолугар, төгүрүк тулаайах хаалбыт оҕону Мартынов Егор Егорович кэргэниниин Алексеева Лариса Никифоровналыын иитэн, киһи-хара гыммыттара. Ийэбитин кэрэ сэбэрэлээх, сырдык хааннаах, толору эттээх-сииннээх кыыһы элбэх уол кэргэн ыйыттарбыт. Ону аҕата: “Ити Павлов Ыстаппаан үчүгэй, үлэһит, көнө майгылаах дьадаҥы киһи уола, атын уолаттар эйигин атаҕастыахтара, кэргэн тахсар буоллаххына киниэхэ тахсаар”, – диэн өлөөрү сытан кэриэс кэриэтэ эппит. Ийэбит аҕатын эппит тылын ытыктаан, «Каганович» колхоз уолугар Павлов Степан Ивановичка кэргэн тахсыбыта. Төрөппүттэриттэн хаалбыт нэһилиэстибэтин илдьэ, икки ыанар ынахтаах, балтараа саастаах сибиинньэлээх, уон кууруссалаах Ыстаппааҥҥа сүктэн тиийбит. Муус устарга 1958 сыллаахха комсомольскай сыбаайбаны тэрийбиттэр.

Аҕабыт Павлов Степан Иванович 1927 сыллаахха күн сирин көрбүт. Бастаан Тэҥкэ начаалынай оскуолатын, онтон Марба сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Үөрэххэ тардыһыыта күүстээх буолан, тиийиммэт-түгэммэт, ас татым, таҥас тутах диэни аахсыбакка, үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, «Каганович» колхоз биир киэн туттар комсомол актыыбынай чилиэнэ буолбута.

Аҕабыт ийэтин, күндү эбээбит Павлова Мария Константиновна туһунан биһиги ийэбит сүрдээх үчүгэй өйдөбүллээх. Эбээбит барахсан ийэбитигэр көмөлөһөн, сиэннэрин көрсөн-харайсан, аһатан-таҥыннаран, тэбис-тэҥҥэ иитиспитэ. Ол да иһин биһиги, оҕолор, бары эбээбитин олус күндүтүк саныыбыт. Кини кэпсэтэн, ийэлээх аҕабыт бастакы холбоспут сылларыгар ыалга дьукаахтаһан олорбуттар. Ол курдук, Улгумдаҕа Сөдүөттээххэ, Хаар оҕонньорго икки кыһын кыстаабыттар. Онтон дьиэ атыыласпыттар.

Улгумда диэн улахан күөллээх, олус кэрэ айылҕалаах сиргэ биһиги оҕо сааспыт ааспыта. Манна хас да ыал буолан сайылыыр этибит. Онтон кыһын Нээлбиктэҕэ көһөрбүт. Арай ыалларбыт Алааппыстаах Ыстаппаан кыстыы хаалар этилэр.

Улгумдаҕа бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыт доҕотторбун олус күндүтүк саныыбын, оҕо сааһым биир дьоллоох кэминэн ааҕабын. Сайын үтүөтүн билэн, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күммүтүн оонньоон атаарар этибит. Эр дьон сарсыарда эрдэ окко бараллара, киэһээ хойут кэлэллэрэ. Биһиги дьиэбит таһыгар кыра «уоттанар дьиэ» диэн кыра хочуоҥкалаах этибит. Ийэм онно ас астыыра, алаадьы буһарара, оҕолорго барыбытыгар түҥэтэн күндүлүүрэ. Тэлгэһэбитигэр «тэлээр ааннаах» этибит, онно ыйаастан хатааһылыы оонньуурбутун олус сөбүлүүрбүт.

Мин ыал улахан оҕото буолан, балыстарбын көрөрүм-истэрим. Дьүөгэм Тася, Таасыйам, миэхэ оҕолору көрөргө, аһатарга-таҥыннарарга көмө буолара, сүбэ-ама биэрэрэ. Кинини олус сөбүлүүр, аһынар да этим. Кини ыарыһах этэ, бу санаатахха полиомиелиттаабыт эбит. Кини эбэтиниин Өксүүнньэлиин уонна мин буолан сир астыы барарбытын олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Кэлин, мин оскуолаҕа киирэрбэр бөһүөлэккэ саҥа дьиэ туттан көһөн киирбиппит да кэнниттэн, Таасыйа биһиэхэ мэлдьи кэлэрэ, оҕо көрсөрө, таҥас сууйсара. Кэлин, улаатан баран, Красноярскай куоракка устудьуоннуу сылдьан, Таасыйам улахан оҕото оскуолаҕа киирэригэр школьнай форма уонна кыра оскуола тэрилэ бэлэх ыыппытым, олус да үөрбүт этэ.

Биирдэ Алааппыстаах Ыстаппаан сиэннэрэ Зоя Сунтаартан грузовой массыынанан кэлбитин өйдүүбүн. Кини, кып-кытыгырас, түргэн-тарҕан туттунуулаах, олус үлэһит, мэлдьи сүүрэ-көтө сылдьар сытыы кыыс, эбээтигэр Алааппыска улахан көмө киһитэ этэ. Биһиги дьиэбит кэннигэр Татаардар диэн хос ааттаах Татыйыыналаах Охоноос уоллара (Атаах) Киэсэлиин, оттон уулусса нөҥүө Ньукулайдаах Маарыйа сиэннэрэ Ниинэккэлиин олороллоро. Улгумда оҕолоро бары доҕордоһон, оонньоон-көрүлээн да биэрэрбит. Биһиги тиэргэммитигэр мустаммыт, ампаарбыт иннигэр ыаллаах буолан оонньуурбутун олус сөбүлүүрбүт. Ийэм биһиэхэ таҥаһынан куукула тигэн биэрбитэ, онтубутунан астына оонньуурбут.

Арыт бары Хоту оонньуу барарбыт, онно эмиэ оҕо толору этэ. Тэҥ саастаах буолан, ордук Сибиэтэни, Бииктэрдээх Балекканы кытта тапсан оонньуурбут. Бииктэр ийэтин эмиийин хаһан эмэн бүтэрин кэтэһэн баран биирдэ оонньуу барарбытын өйдүүбүн. Кэлин, бөһүөлэккэ көһөн баран, Сибиэтэлээххэ мэлдьи сылдьар, хонор этим. Сибиэтэ ийэтэ Муоча наһаа холку, көнө майгылааҕа, остуола куруутун толору астаах буолара. Таайдара Кириил аҕыйах саҥалаах, олус үлэһит, мэлдьи үлэ үгэнигэр сылдьара. Кинилэр оҕолору хаһан да мөхпөт, улаханнык да саҥарбат ыал этилэр.

Оскуолаҕа киирэн баран, сайыҥҥы сынньалаҥмытыгар эбээбитигэр, эдьиийбитигэр Кумакылаахха сайылыы барарбыт. Онно тиийэн баран, аны Улгумдаҕа хаһан барарбытын кэтэһэр да этибит. Эбээбит барахсан икки хараҕа көрбөтөр да, биһигини, сиэннэрин, сирдьит оҥостон, Алааппыстаахха күүлэйдии, таарыйа маҕаһыынтан ас атыылаһа барарбыт. Алааппыс ыраас, сырдык дьиэтигэр сылабаарга итии чэйэ бэлэм олороро, наһаа минньигэс килиэп астаабыт буолара. Быырпах иһэн, суорат сиэн, сынньанан, эбэм ирэ-хоро кэпсэтэн барарын олус сөбүлүүрэ.

Кэлин, бөһүөлэккэ көһөн киирбиппит кэнниттэн, Улгумдаҕа олорбут дьиэбит маҕаһыын буолбута, Билиикэп Киргиэлэй атыыһыттыыр этэ. Ол кэнниттэн отчуттар олорор дьиэлэрэ буолбута. Урут олорбут уһаайбабытыгар бэйэбит оттуур этибит, кэлин сир түҥэтигэр атын дьоҥҥо биэрбиттэрэ. Билигин Улгумда күөлүн нөҥүө оттуубут. Онон оонньоон-көрүлээн улааппыт алааспын мэлдьи көрө сылдьабын.

Бордоҥҥо Өкүлүүннээх Сөдүөт Николаевтардыын дьиэ тастыы олорбуппут. Аҕабыт эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораан, ийэбит алта оҕону кытта соҕотох хаалбытыгар кинилэр уонна өссө биир чугас ыалларбыт убайдыы-балыстыы Обокууннаах Балбаара бу кэмҥэ улахан сүбэһит, көмө буолбуттара. Күн бүгүҥҥэ диэри ийэм кинилэри олус истиҥник санаан махтанар. Маспытын хайытан, ийэбит үлэлиир кэмигэр дьиэбитин оттон, оһоҕу сабан олус абырыыр этилэр диэн ийэм мэлдьи кэпсиир. Өкүлүүннээх кыыстара Замира олус учугэйдик иистэнэрэ, биһиэхэ ыһыахтыыр былааччыйа тигэн биэрбитин олус күндүтүк саныыбын.

Билигин, ыал ийэтэ, эбээтэ буолан олорон, оҕо сааһым кэрэ кэмнэрин, сүрэхпэр күндү күннэрбин санаатахпына, бэйэм оҕоҕо кубулуйан ыларга дылыбын. Үлэбинэн Тэҥкэ диэкки баран-кэлэн иһэн, эбэтэр сайын оттуу сылдьан, оҕо сааһым ааспыт сыһыытын көрдөхпүнэ, харахпар доҕотторбунуун күлэ-үөрэ, сүүрэ-көтө сылдьарбыт бу көстөн кэлэргэ дылы. Ол чаҕылхай күннэр добун халлааҥҥа күлүмнүүллэр уонна хаһыын да хаһан да киириэ суохтуу, аламаҕайдык мичээрдии, «мэниктээ миигин кытта, күрэстэһиэх күөх сирэмҥэ» диэн кучуйа угуйаллар. Тэбэнэттээх оҕо сааһым дьиэрэҥкэйдиир аттыбар, үөрэр-көтөр, тырымныыр. Мин эмиэ бу бүгүн ол лыҥкынас күлүүлээх, тэлээркэй ырбаахылаах, лэппиэскэ тутуурдаах, мэник-тэник туллуктанар кыысчааҥҥа кубулуйдум – аан дойдуну куустум, сүрэҕим хас биирдии тэбиитин кэлэр кэскилбэр анаатым.

Розалия Степановна АЛЕКСЕЕВА,

Бордоҥ участковай балыыһатын үрдүк категориялаах медсиэстэрэтэ,

СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ Доруобуйа харыстабылын миниистирин

Бочуотунай грамотатын хаһаайката, Бордоҥ нэһилиэгин Сэбиэтин депутата.

Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ.

Күндүтүк саныыр эбээм Мария Константиновна.

 

Төрөппүт аҕам барахсан, Павлов Степан Иванович.

 

Балыстарбын кытта.

 

1998 с. Киирэп сайылыкка ийэбитин кытта сынньанабыт.

 

Күн курдук ийэм Ксения Петровналыын уонна кэргэним Эдиссоннуун.

 

Күндү бүөбэйдэрбитин: оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта.


 

Наталия Степановна СТЕПАНОВА: УЛГУМДА – МИН ОҔО СААҺЫМ СЫРДЫК ӨЙДӨБҮЛЭ

Сардаҥаттан аҕыйах биэрэстэ тэйиччи сытар Улгумдаҕа 1950-с сыллар бүтүүлэрэ – 60-с сылларга уонча ыал түөлбэлээн олорбута. Мин төрөппүттэрим, Павлов Степан Иванович уонна Мартынова Ксения Петровна олохторун холбоон, бур-бур буруо таһааран, ыал буолан саҕалаабыт бастакы сирдэрэ. Холбоспут бастакы сылларыгар Сөдүөттээххэ (Иванов Федот уонна Акулина) кыстаабыттар. Онтон икки кыһын Хаар оҕонньордооххо олорбуттар. Төрдүс кыһыннарыгар дьиэ атыылаһан, дьэ туспа көспүттэрэ. Ол дьиэҕэ биһиги түөт оҕо төрөөбүппүт. Онон Улгумданы кииммит түспүт сиринэн ааҕабыт.

Оччолорго Нээлбиктэҕэ сүөһү фермата баар этэ. Аҕабыт Степан Нээлбиктэҕэ ийэтиниин, эбээбит Маарыйалыын, саҥа төрүөх ньирэйи көрөллөрө. Ийэбит сыллата кэриэтэ оҕолонорун быыһыгар таах олорботоҕо. Үсүһүн оҕолонон баран, кыһыннары үлэҕэ тахсан, Нээлбиктэҕэ бороон көрбүтэ. Аҕабыт ол кыһын ынах аһаппыт. Ийэбит төрдүс кыыһын Ангелинаны оҕолонон баран, Улгумда Бэрэтигэр арыыһыттаабыт.

Онон мин төрөппүттэрим 1965 сыллаахха Сардаҥаҕа көһүөхтэригэр диэри Улгумданы дойду оҥостон, биһигини, иринньэх оҕолору, иитэн-харайан олорбуттара. Сардаҥаҕа көһөрбүтүгэр олорбут дьиэбитин маҕаһыын гыммыттара.

Мин кып-кырачаан, өйдүүр-өйдөөбөт оҕо сааһым сыллара ити Улгумдаҕа ааспытын олус сылаастык ахтабын. Күлүм гынан ааспыт сып-сырдык оҕо сааһым өйдөбүллэрин санаатахпына, дууһабар сылаас иэйии уһуктар. Кыра киһи өйдүүрүм аҕыйах, одоҥ-додоҥ. Түөртээх-биэстээх буолуохтаахпын. Бастакы өйдөбүл — ампаар охсуу, санаабар улахан да улахан дьиэбиттэн тахсан, оҕуруокка ыттан туран, Улгумда собус-соҕотох көнө уулуссатын өҥөйөн көрө турабын. Саас хаардаахха курдук. Тымныы тыал биллэн ааһар… Ол көрдөхпүнэ, уулусса икки өттүнэн дьиэлэр кэчигирэспиттэр. Хаҥас уһукка саамай баараҕай, Алааппыстаах дьиэлэрэ….

Иккис өйдөбүл – сайыҥҥы өҥүрүк куйаас… Үөн-көйүүр дыыгыныыр, чыычаах саҥата дьып-дьырылас… Дьиэбититтэн тэйиччи турар ампаар дьиэ күлүгэр ыал буола оонньуубут. Фарфоровай чааскылар, бүлүүһэлэр, сойутар…

Үһүс өйдөбүлүм – дьиэбитигэр киирээт кытта, аан хаҥас муннугар биэдэрэҕэ (!) (улахан да улахан мастар, санаабар) уһун лабаалардаах мутукча тылыннара ууруллубут. Ол сыта үчүгэйин эриэхсит! Билигин да ол сыта кэлэргэ дылы.

Төрдүс өйдөбүлүм – дьиэбит кэннигэр турар ыалбыт, Хаар оҕонньордоох дьиэлэрэ. Ол оҕонньору өйдүүбүн: маҥан баттахтааҕа уонна маҥан сэксэгэр бытыктааҕа. Кэргэнэ — кыра уҥуохтаах, наар былаат баана сылдьар, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх эмээхсин. Кинилэр кыра ампаар дьиэлэрин ис бараанын өйдөөн хаалбыппын. Сайыҥҥы куйааска сөрүүнүн сөхпүтүм, кыра түннүктэрдээх намыһах дьиэ этэ. Дьиэ таһыгар «ыстаайа» диэн ааттыыр аһаҕас сарай баара. Онно сайын ынах ыыллар эбэтэр сылгы баайаллар.

Улгумда оҕолоруттан өйдөөн хаалбытым диэн хап-харанан көрбүт кыраһыабай Зоя, Татаар уола Киэсэ уонна модьу-таҕа, «бойобуой» Ниинэккэ. Зоя кыра, хатыҥыр бэйэтэ, үрүмэччи курдук тэлээрэн, чэпчэки-чэпчэкитик сарымахтанан, сүүрүүнэн сылдьара. Эбээтэ Алааппыс үөгүлүө, ыҥырыа эрэ кэрэх, үчүгэй баҕайытык оонньуу сылдьан, ырбаахытын кэннэ тэлээрис эрэ гынан хаалара. Татаар уола Киэсэ уһун курбуу уҥуохтаах, атаах, мөдөөт, мааны уол курдук саныыбын. Ниинэккэ орой-мэник, туохтан да толлон турбат, сытыы баҕайы кыыс курдуга. Эдьиийбин Розаны өйдүүбүн: миигин наар сыһан-соһон тахсарын, кыайбат эрээри нэһиилэ көтөҕө сатыырын.

1970-с сылларга улаатан, оскуола киһитэ буолан баран, сайыҥҥы сынньалаҥмар Кумакылаахха эбээбэр сайылыырым. Эбээм Мария Константиновна сааһын тухары фермаҕа үлэлээбитэ. Икки хараҕынан көрбөт этэ. Ол да буоллар кыыһыгар, эдьиийбэр Мотрена Ивановнаҕа, хотоҥҥо ынах ыаһа хайаан даҕаны тахсыһара. Мин сирдээччи буоларым. Кини хараҕа көрбөт да буоллар, сүрдээх чэнчис этэ. Ырбаахытын «Бээтинэлээх дуо, көр», — диэн наар ыйытан тахсара.

Сотору-сотору Улгумдаҕа олорор Алааппыска уонна хараҕа суох Аанаҕа күүлэйдии, сэлэһэ, анаан-минээн хоно барара. Барыахтаах күммүтүгэр сарсыарда эбээм хотоҥҥо тахсыспат. Эрдэттэн сууйан-сотон, кылабачытан бэлэмнээбит хоруом саппыкытын, сибэкки ойуулаах үчүгэй былааччыйатын кэтэр, хаарыс солко былаатын баанар уонна миигин сирдьит оҥостон, сатыы айанныыбыт. Син өр хаамабыт, икки-үс биэрэстэ буолуо. Улгумдаҕа киирэргэ кыра тумул баарыгар мин аҕам уҥуоҕар тохтоон олорорбут. Эбээм эдэр сааһыгар өлбүт уолун, мин аҕабын, тыыннааҕын тухары аһыйара. Кэлин билбитим, ити тумулга өссө иккис уола көмүллэ сытар эбит этэ, 14 сааһыгар куор ыарыыттан өлбүт Коля диэн оҕото. Эбээм барахсан ытаан, аһыытын таһаарыннаҕына, салгыы айанныырбыт. Кыра ойуур оҕотун быһа түстүбүт да Улгумда бу нэлэс гына түһэрэ.

Алааппыс тахсан, биһигини үөрэ-көтө көрсөрө. Бастаан тымныы быырпах кутан биэрэрэ, үрдүгэр сүөгэй кутара. Кинилэргэ балта, хараҕа суох Аана эмээхсин олорсоро. Эмээхситтэр уһун киэһэни быһа кэпсэтэллэрэ. Эбээм астыммыт, дуоһуйбут сирэйин билигин да саныыбын. Хонон бараммыт, сарсыныгар төттөрү Кумакылаахпытыгар барарбыт.

Саха тылыгар «Улгумда» диэн тыл туох суолталааҕый диир эбит буоллахха, «улгум оттооһуннаах көбүс-көнө хонуу сир» диэн буолар. Былыр өбүгэлэрбит чуо-бааччы ааттаабыт сирдэрэ. Кэлин көбүс-көнө хонуутун уу ылан, улахан күөл үөскээбит бадахтаах. Угут сылга күөлэ олох таһынан тахсан, айан суолугар дылы кэлэрэ. Кини Бордоҥ нэһилиэгэр биир кэрэ айылҕалаах, ураты сир буолар.

Ити курдук Улгумда – мин күн сирин көрбүт, ойор-тэбэр оҕо сааһым ааспыт сирэ. Олохпор күлүм гынан ааспыт саамай сырдык өйдөбүллэрим Улгумданы кытта ситимнээхтэр.

Наталия Степановна СТЕПАНОВА,

СӨ Национальнай архивын директорын солбуйааччы,

СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Журналистарын союһун чилиэнэ.

Дьокуускай к.

Төрөөбүт Улгумдабыт барахсаҥҥа. 2012 сыл.

 

Кыргыттарбын кытта сахалыы таҥнан-симэнэн.

 

Ийэм Павлова Ксения Петровна, Улгумда кырдьаҕаһа, 90 саастаах.


 

Светлана Никитична АНДРЕЕВА: ОҔО СААСПЫН ЭРГИТТЭРБИЭН!

Улгумда диэн тыл миэхэ олус күндүтүк иhиллэр. Тоҕо диэтэххэ, оҕо сааhым, маамам, таайым, убайым бары Улгумдаҕа сыhыаннаахтар. Төhөнөн сааhыраҕын даҕаны соччонон сүүрбүт-көппүт, кыhалҕаны билбэккэ оонньоон ааспыт сириҥ-уотуҥ, оҕо сааhыҥ доҕотторо күндү буолаллар эбит.

Мин маамам Сидорова Мотрена Даниловна, таайым Сидоров Кирилл Данилович, убайым Виктор буолан, Куруҥ балаҕаҥҥа кыстаан баран, сайын Улгумдаҕа көhөн кэлэр этибит. Миэхэ ол бырааhынньык курдук буолара. Улгумдаҕа ыал, оҕо элбэҕэ үчүгэй даҕаны этэ! Биhиги Хоту өтөххө элбэх ыал дьукаахтаһан сайылыыр этибит. Билигин санаан көрдөххө, ити кып-кыра дьиэҕэ хайдах батан олорбуппут буолуой. Биhиги түөрпүт, Замиралаах алталар, Ыстаппаайа ийэтэ Ааналыын, Сөдүөрэ уола Бииктэрдиин, өссө абаҕабыт диэн кырдьаҕас оҕонньор баара. Дьэ уонна ким да кими да кытта этиспитин, охсуспутун отой өйдөөбөппүн. Уhун остуол тула олорон, кэпсэтэ-кэпсэтэ, эйэ дэмнээхтик аhаан баран, үлэ-хамнас ол да саҕана элбэх буолара. Окко бэлэмнэнии, күрүө сабыыта, эрбиинэн мас эрбээhинэ. От үлэтэ буоллаҕына, улахаттар звеноҕа оттуу бараллара. Биhиги үс кыралар: игирэ Николаев Виктор, Валерка, мин бэйэбит хаалан, устар күнү быhа мурукулаан, Бэрэ күөлүгэр сөтүөлээн баран, үрдүгэр оттоох сарай баарыгар тахсан сытар этибит. Сүрэхтэн Павлова Нина (Ниинэккэ) оонньуу кэлэрэ. Эн-мин дэhэн, элбэхтик оонньообут кыыhым Ниинэккэ, сытыы-хотуу буолан, миэхэ элбэхтик сүктэрбит быhыылаах. Икки этээстээх ампаарга бурдук бөҕөнү куталлара, онно оонньуур этибит. Бытыылка пластмасс бүөтүн оскуомаҕа дьөлө анньан, «чууш-чууш» гыннара-гыннара сүүрэккэлээн, мөҕүллүбүппүт. Виталий Николаев күөлгэ трактор көлүөhэтин киллэрэн, онтон ууга ыстаннартыыра уонна биhиги ньамаҕы бүрүнэн тахсарбытын көрөн күл да күл буолара. Дьоммут кустаан-балыктаан кэллэхтэринэ, бары быр-бааччы аhыырбыт. Аана эмээхсин тимир оhоххо кус оһоҕоhун буһаран, сырылатан биэрэрин былдьаhа-тарыhа сиир этибит. Лааппыттан киэhээҥи аhылыкка кыhыл арыгы ылан иhэллэрэ. Сөдүөт (Замиралаах аҕалара) Балыаккаҕа «оҕом күүстээх киhи буолуо» дии-дии бэрсэрин өйдүүбүн. Этээстээх хара ампаарга лааппы таhаҕаhын, арыгыларын эҥин уураллар этэ. Онно мустан, аhаан-сиэн ампаалыктаннахтарына, дьэ сарсыныгар биһиги үhүөн онно тиийэн, от быыhыттан бүтүн арыгылаах бытыылка да харчы да булан дьоммутугар илдьэн биэрэрбит.

Эдьиийим Настаай Бэрэ сайылыгар (билигин Ньургуhун) ыанньыксыттыыра. Мин киниэхэ хонон кэлэр этим. Онно өрбөх быыс хос баарын интэриэhиргээн, билэ-көрө сатыырым. Кэлин билбитим, саҥа ыал буолбут Дора Ефремовна Бүөтүрдүүн хосторо эбит.

Мин наар хоруоҥка мунньар идэлээҕим. Атыыhыт Киргиэлэй сиэнэ Роза Петрова бэлисипиэт уларсыах буолан, саамай үчүгэй хоруоҥкабын албыннаан ылбыта. Кинини кытта элбэхтик алтыспатаҕым.

Онтон кэлин Сүрэххэ лааппы дьиэҕэ сайылыыр буолбуппут. Анньыыска атыыhыттыыр этэ.

Онно Зоя, Нина, Роза Павлова, Киэсэ олороллоро. Зоя мэлдьи үлэлээн тахсарын өйдүүбүн, биhиги курдук оонньообот да быhыылааҕа. Зоя эhээтэ Ыстаппаан балыктаатаҕына, эбээтэ Алааппыс мундуну улахан тимир лиискэ оhох үөhэ ыhаарылыыра. Онтон биһиэхэ бэрсэрэ, ол минньигэс да буолара! Элбэх баҕайы кууруссалаах, хас да ыанар ынахтаах этилэр.

Нина, Роза, мин тэҥ саастыы буолан, элбэхтик, тапсан оонньуурбут. Алааппыс хортуоскатын уоран, үтэн сиирбит. Бэрэ күөлүн үрдүнэн киhи уҥуохтара бааллар. Ниинэккэ ону көрө барар идэлээх этэ. Миигин илдьэ барара да ( билигин даҕаны киhи унуоҕуттан куттанабын), мин аара хаалан, кинини кэтэhэн олорорум.

Арай биирдэ Николаев Виктор, мин буолан сибиинньэ хотонугар табахтаатыбыт. Улахан сонуммутуттан үллэстэн, Ниинэккэни ыҥырдыбыт. Дьоммут хантан билбиттэрэ эбитэ буолла, Бииктэр биhикки таhыллан турардаахпыт.

Сүрэххэ Киэсэлээх дьиэлэрин таhыгар киhи уҥуоҕар оонньуурбут. Хойукка дылы оонньообут тимирдэрбит эҥин сыталлар этэ.

Күүлэ көлүйэтигэр отоннуурбут. Онно кыргыттар отону быhа тутан, сирэйбитин, уоспутун бистэн, кырасаабысса буолан оонньуур этибит. Дулҕа бэрэтин, Кумакылаах ыанньыксыттара лааппыга атыылаhа кэлэллэрэ эмиэ туспа сонун, үөрүү-көтүү буолара.

Билигин санаатахха, оннук оонньоон-көрүлээн, сайын үтүөтүн биhиги, оҕолор эрэ, билэр эбиппит. От үлэтэ бүтэн, үөрэх аhыллыар диэри оҕолор өссө элбииллэрэ. Улгумда ыаллара, үлэни өрө тутан, наhаа даҕаны эйэлээхтик олорбут эбиппит. Ол иhин биhиги, оҕолор, дьоллоох оҕо сааhы биллэхпит.

Умнуллубат оҕо сааспыт, Улгумдабыт туhунан кинигэ бэчээттэнэриттэн үөрэбин, кэтэhэбин.

Мин Бордоҥ учаастактааҕы балыыhатыгар санитарканан үлэлиибин. Кэргэннээхпин, биэс оҕолоохпун, элбэх сиэн эбээтэбин.

Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ.

Күн-күбэй ийэм Сидорова Мотрёна Даниловна.

 

Таайым барахсан Сидоров Кирилл Данилович.

 

Убайым Виктор, мин, сиэним. Саҥа сыл бэлиэтин аттыгар.

 

Кыталык кыргыттарым.

 

Оҕолорум, сиэннэрим – көмүс чыычаахтарым.

 

Убайым уонна дьиэ кэргэним.

 

Оҕолорбутун, күтүөттэрбитин, сиэннэрбитин кытта айылҕалыын алтыһыы.


 

Иннокентий Афанасьевич МИХАЙЛОВ: АХТЫЛҔАННААХ УЛГУМДАМ

Мин Акулина Дормидонтовна уонна Сергей Яковлевич Михайловтарга бэһис уолунан 1956 сыллаахха сэтинньи 3 күнүгэр Ньылаҕа төрөөбүппүн.

Онтон, ийэм эмиийин бырахтараары, 2 саастаахпар 1958 сыллаах сайын Улгумдаҕа абаҕабар Афанасий Яковлевичтаахха аҕалан хаалларбыттар. Афанасий Яковлевич кэргэнэ Татьяна Никоновналыын, оччолорго хас да сыл ыал буолан олорбут дьон, оҕото суохтар эбит. Төһө эрэ кэминэн төрөппүттэрим миигин төттөрү ылаары гыммыттар. Мин саҥа дьоммор атаахтаан, убанан хаалбыт үһүбүн. Кинилэр бэйэлэрэ да, оҕолоро суох буолан, биэриэхтэрин баҕарбатахтар. Онон мин Татыйыыналаах Уһун Татаар оҕонньор оҕолоро буолбут остуоруйам итинник.

Улгумдаҕа, оскуолаҕа киириэхпэр дылы, кыһыннары-сайыннары олорбуппут. 1964 сыллаахха дьонум оҕолорун үөрэттэрээри, Сардаҥаҕа көһөн кэлэн, мин төрөппүттэрим Сэргэйдээх Өкүлүүн дьиэлэрин аттыгар дьиэ туттубуттар. Убайдарыттан ырааппатын, тэйэн хаалбатын диэн аҕам оннук уураахтаабыт үһү.

Онтон аҕам өлүөр диэри сайын аайы Улгумдаҕа баран сайылыыр этибит. Кэлин ийэм иккис кэргэнэ Бүөтүр Алексеевтыын эмиэ хойукка дылы онно сайылыыллара.

Мин оҕо эрдэхпинэ Улгумдаҕа хас да ыал олорор этэ: Ньукулай оҕонньор кэргэниниин, Ыстаппаан Ньукулаайап, Хабырыыс Черепанов, Ыстаппаан Павлов дьиэ кэргэттэрэ.

Отой кыра эрдэхпинэ саамай сөбүлүүр икки оонньуурдааҕым – истиэнэҕэ кыбытыллыбыт кууруссалар. Онтуларым хамсаттахха, аһаан тоҥхоҥнууллар этэ. Биир сарсыарда уһуктубутум – дьонум суохтар. Кутталбыттан ытаатым, ыксаан оонньуурбун тардыалаарыбын, биир кууруссабын тоһутан кэбистим. Уонна дьоммун көрдүүр санааттан таһырдьа тахсан, Бэрэ диэки суолунан сүүрдүм. Ханна тиийиэм биллибэт этэ. Хата уулаах хоруу сүүрдэ сытара, онтон куттанан төннүбүппүн өйдүүбүн.

Биир күһүн биһиэхэ Сидоров диэн такыр илиилээх оҕонньор дьукаахтаһан, кыстыы кэлбитэ. Ол саҕана куонньук диэн баара, онно Ньукулай оҕонньор үлэлиирэ. Онтон ат уларсан, били оҕонньорбут Халадаайтан орон тиэйэ барда. Ону сайыһан, барыстым. Төннөрбүтүгэр мин сыарҕаҕа олордум. Эмискэ аппыт кыыл барда да, оҕонньорбун түҥнэри көтөн кэбистэ. Мин сыарҕаттан эһиллэн хааллым. Били тиэммит ороммут эмиэ суулунна. Инньэ гынан, ол кыыл барбыт аты ким, хантан, хайдах сылгылаан аҕалбытын соччо өйдөөбөппүн.

Павлов Ыстаппаанныын Бэрэҕэ тарбыйах аһата барарыгар барсарбын барбах өйдүүбүн. Батыһыннара сылдьан, ону-маны кэпсиирэ, олус сөбүлээн сылдьыһарым.

Аҕам кыһынын бултуур этэ. Дьиэҕэ оһох үрдүнэн үс кыраада баара. Онно бултаабыт куобаҕын, саһылын ириэрэллэрэ. Сайынын оттуура. Мин онно барсарым. Ийэм от мунньар, бугуллуур этэ. Онно бугул түгэҕэр утуйан хааларым.

Ийэм кыраһыын лаампатын ып-ыраас гына сотор идэлээҕэ. Оччоҕо иистэнэригэр уота сырдык буолар үһү. Улахан аһыыр остуолбут сирэйин сылабаар чоҕун кыыма тэһитэ сиир эбит. Ону мин: “Бу Обокуун сиэппитэ, оттон маны Кириил сиэппитэ”, – диир үһүбүн.

Биирдэ оҕолор мустан, Бэрэҕэ былыргы маллаах ампаар аанын боробуойун алдьаппыппыт эбитэ дуу, бэйэтэ аһаҕас турбута эбитэ дуу, мэниктии аҕай сырыттахпытына, Оҕо Ыстаппаайа үүртэлээбитэ. Чокуур саа баарынан оонньообуппутун буойталаабыт эбит.

Улгумдаҕа Авьяловтар сайылыы кэлэллэрэ, онно Дора Егоровна, студенныы сылдьан буолуо, эмиэ кэлэрэ. Дьиэни ып-ыраас гына сууйарын өйдүүбүн. Кинилэргэ киирэн, оҕонньор сүөгэй иирдэригэр көмөлөһөн баран, чэйдэһэрим. Эмээхсин миигин Лэгэнтэй диэн ааттыыр этэ.

Күһүөрү ийэбиниин уонна атын ыал ийэлэрин кытта отоннуу барсан баран, соччо отоно суох сиргэ ыҥыртаа да ыҥыртаа буолар үһүбүн. “Ону итэҕэйбэтэрбит да син-биир кэлэр этибит», – дииллэрэ.

Дьонум саастаах буолан, наар кинилэр алтыһар дьоннорун кытта сылдьар эбиппин. Бары да миигин аһара таптыыр, илдьэ сылдьар этилэр. Онон, барбах да өйдөөтөрбүн, оҕо сааһым Улгумдата миэхэ олус истиҥ уонна сылаас ахтылҕан буолан сылдьар.

Кэлин Улгумдабар сайын аайы оттуур кэммэр оҕо сааһым, дьонум-сэргэм туһунан ахтан-санаан кэлэрим. Билигин сааһыран, ыарытыйан, кыайан барбат буоллум. Сайын онно тиийиэхпин, оҕо сааһым омоон суолларынан хаамыталаан кэлиэхпин баҕара саныыбын ээ.

Билигин биир бэйэм элбээн, кэргэннэнэн, биэс оҕолонон, сиэннэрдэнэн пенсияҕа олоробун. Сааһым тухары совхозка сүөһү иитиитигэр үлэлээбитим. Аны сиэннэрбэр үрүҥ ас, эт сиэтээри, сүөһүбүн кыаҕым баарынан көрөн олоробун.

Улгумдабыт туһунан кинигэ тахсарын истэн, олус үөрдүм. Кэнники сылларга ыарытыйан, умнуган буоламмын, үксүн өйдөөбөт курдукпун. Оччотооҕу Улгумда олохтоохторун, доҕотторум ахтыыларын кинигэҕэ тиһилиннэҕинэ, ааҕаммын, ахтылҕаммын таһаарыам диэн астына күүтэбин.

Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ.

Ииппит аҕам Афанасий – байанайдаах булчут.

 

Убайдарбын Юрийы уонна Петры кытта.

 

Маҥан аппыт барахсан.

 

Эдэр, эмньик сааспар.

 

Кэргэммин Светланалыын, сиэммитиниин.

 

Оҕолорбут, сиэннэрбит – биһиги дьолбут.


 

Замира Федотовна ПУСТОЛЯКОВА: АХТАР-САНЫЫР ТАПТАЛЛААХ УЛГУМДАМ

Ѳтѳххүтүгэр кэлэ сылдьыҥ,

Тѳрѳѳбут дьиэҕитин санаан,

Ийэҕит, аҕаҕыт истиҥ сыһыанын

Билбит сылаас уйаҕытыгар.

Улгумдабын санаан ыллахпына сүрэҕим үөрэр, санаам кѳнньүѳрэр. Улгумда Сардаҥаттан биир көс тэйиччи сытар. Кини икки түѳлбэҕэ арахсар: Сүрэх уонна Хоту Улгумда диэҥҥэ. Биһиги Хоту Улгумдаҕа олорбуппут. Онно Николаев Аввакум Ефремовичтаах, Григорьев Владимир Егоровичтаах, Филиппов Степан Алексеевичтаах, Сидоров Алексей биһиги эдьиийбит Моторууна бааллара.

Улгумда хаҥас ѳттүгэр улахан күѳллээҕэ, уһуга биллибэт оттуур ходуһалааҕа. Оттон аллараа ѳттүгэр Бэрэ күѳлэ баара, ол күѳл үрдүгэр былыр тутуллубут икки мэндиэмэннээх, хараарбыт бѳдѳҥ мастаах ампаар турара. Ол ампаары Куртах баайа туттарбыт үһү.

Бэрэ күѳлүгэр оҕолор мустаммыт, сѳтүѳлүүрбүт уонна ол ампаар үѳһээ мэндиэмэнигэр тахсан подсолнух сиэмэтин тэпсэ сылдьан сиирбит, онон бырахсан оонньуурбут. Ол ампаар олох хойукка диэри, бу түөлбэҕэ дьон олорон, үлэлээн-хамсаан ааспытын туоһулаан турбута. Ону тоҕо эрэ көтүрэн, Сардаҥа бөһүөлэгэр аҕалан кулууп аттыгар туруорбуттара тэһийбэтэхтии, атыҥыраабыттыы харааран турар.

Мин ийэм ырыаҕа ылланар киэҥ Ньурбаттан тѳрүттээх Николаева Акулина Васильевна диэн этэ. Кини сырдык хааннааҕа, олус үчүгэй майгылааҕа. Дьону кытта тута бодоруһа охсон, кэпсэтэрэ, дьоҥҥо тугу кыайарынан кѳмѳлѳһѳрѳ. Оһуохайдыырын, ыллыырын олус сѳбүлүүрэ. Кини Нээлбиктэҕэ сибиинньэ ферматыгар ѳр сылларга үлэлээбитэ, ыанньык ферматыгар эмиэ. Пенсияҕа тахсан баран интернакка түүҥҥү ньээҥкэлээбитэ.

Аҕам Иванов Федот Федорович ийэбин иккис кэргэнэ, киниттэн элбэх сыл аҕа этэ. Сырдык хааннаах, кыһаан сирэйдээҕэ. Сытар ынаҕы туруорбат наһаа кѳнѳ майгылааҕа, аҕыйах саҥалааҕа. Кини олус уус этэ, ѳр сылларга тутууга улэлээбитэ. Бордоҥҥо элбэх ыал дьиэтин тутуспута. Кини тутуспут дьиэлэрин муннуктара кѳбүс-кѳнѳ буолаллара. Сааһыран олорон, элбэх ыалга уран гына кинигэ уурар этажеркалары, остуоллары, олоппостору, ыскамыайкалары оҥортоон биэрэрэ.

Булчуттарга туут хайыһары, чэпчэки буоллун диэн буолуо, хаппыт харыйа маһынан оҥороро. Оччоҕо булчуттар булт этиттэн бэрсэллэрэ. Уйбаныап Бииктэр диэн булчут, эдэрчи киһи баара, ол атаҕынан тайах этин бэрсэн, үѳрдэрэ.

Аҕам ону таһынан ынах муоһун оргутан, ону тэнитэн, тараах оҥороро. Ону икки ѳттүнэн тиистиир этэ: биир ѳттүн сибиэ, биир ѳттүн арыттаах гынара. Ол тараах былдьаһык буолара.

Кини уһанар үнүстүрүмүѳнүн хара ѳҥнѳѳх мас дьааһыкка хатыы сылдьара. Ат сыарҕатын, араас кѳрүҥнээн, ким хайдах сакаастаабытынан оҥорор этэ. Онно туттар маһын бэйэтэ сүгэн-кѳтѳҕѳн, ойууртан аҕалара. Хатыҥ удьурҕайынан быһах уктуура. Кыраабылы, саах күрдьэр күрдьэҕи уонна да атыны оҥороро. Кини оҥоһуктара тутарга-хабарга чэпчэкитин хайгыыллара. Хоруобу, киһи уҥуоҕун эмиэ киниэхэ оҥорторор этилэр. Онно хамнаһын тѳһѳнү биэрэллэрин билбэппин. Арааһа, арыы, сүѳгэй биэрэллэрэ буолуо.

Биһиги аҕыйах да буоллар, сүѳһүлээх этибит, ону барытын аҕам кѳрѳрѳ-истэрэ.

Биир кыра дьиэҕэ Сидорова Муоча икки оҕотунуун, убайа Кирилэлиин, Филиппова Сѳдүѳрэ уола Бииктэрдиин уонна биһиги: түѳрт оҕо, ийэм аҕам буолан сайылыырбыт.

Ийэлээх аҕабар мин улаханнарабын уонна Виталий, Валерий, Виктор диэн бырааттардаахпын.

Дьиэҕэ киирдэххэ, уп-уһун остуол турара, түннүк аннынан наара орон баара. Дьиэ ортотугар оһох турара, оһох кэннигэр кыра хос баар этэ. Онно хайдах эрэ батан утуйан, эйэ-дэмнээхтик олорон сайылыырбыт.

Сайын кэлиитэ, чыычаах ырыата, кэрии тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйара наһаа да кэрэ буолара. Сир-дойду күѳҕүнэн симэнэрэ, хонууга араас сибэккилэр үүнэллэрэ, сир үрдэ маҥан ѳҥнѳѳх сибэкки кѳбүѳрүнэн тэлгэнэрэ. Салгын мутукча чэбдик сытынан туолара. Оннук кэмҥэ сүрэҕиҥ-быарыҥ ол кэрэ сытынан туолан, ѳрүү үѳрэ-кѳтѳ, ис-искиттэн чэпчээн, салгыҥҥа уйдара сылдьар курдук буолаҕын!

Сайылыкка кѳһѳн кэлээт, сарсыныгар утуйар таҥаһы таһырдьа ыйаталаан, дьиэ иһин сууйуу-сотуу буолара. Онно обургу оҕолор илии-атах буолан, кѳмѳлѳһѳр этибит. Оһоҕу күүскэ оттоллоро, оччоҕо оһох: «Өр да эһигини күүттүм», – диэбиттии, тыаһаан-ууһаан, үѳрбүтүн биллэрэр курдуга.

Оҕолор күѳлтэн уу баһан таһаарарбыт, талах миинньиги ууга илитэн ыла-ыла, кырааската суох муостаны хайдах сатыырбытынан ааларбыт. Дьиэбитин сууйан-сотон кылбатан баран, мутукча лабааларын тоһутан аҕалан, уулаах кырыыҥкаҕа уган, түннүк аайы уурарбыт, оччоҕо дьиэбит иһэ мутукча сытынан дыргыйара.

Сайылык маҥнайгы күнэ оннук күѳ-дьаа, үлэнэн саҕаланан, киэһээҥи ыамынан түмүктэнэрэ. Эрдэттэн хомуйбут киибитинэн түптэ уматарбыт. Оо, ол сыта үчүгэйиэн, тиэргэни толорон, түптэ күѳх буруота унаарара.

Сотору кэминэн от үүнэн, дьоммут оттуу бараллара. Оҕолор бэйэбит хааларбыт. Дьоммут бэлэмнээн хаалларбыт астарыттан хабыалыы түһээт, таһырдьа ыстанарбыт. Биһиги уу баһар үлэлээх этибит. Биэдэрэлэрбитин ылаат, күѳлгэ сүүрэрбит.

Хонууга киирдэххэ, күѳрэгэйдэр күн күлүмүгэр күѳх урсуҥҥа үѳһээнэн-аллараанан кѳҥүл-босхо уйдара сылдьан, ыллыыллара кэрэтиэн! Биһиги күѳх хонууга сытан эрэ халлааны одуулуубут, ол сытан күѳрэгэйдэр ырыаларын истэбит. Кинилэр аттыларынан атын чыычаахтар, бэрт былдьаһардыы «чып-чычып» диэн ааһаллар, ханна эрэ тураах дааҕыргыыра иһиллэр.

Ол сыттахпытына, үрүмэччи кѳтѳн аастаҕына, аны ону сырсан хонууну биир гына сүүрэлиибит. Аччыктыырбытын да умнан, оонньоон-кѳрүлээн, күммүт ыраатар. Түѳртүүр саҕана уубутун баһан таһааран, сылабаарга кута охсон оргута уурабыт. Эрдэ хаппыт харыйа туорааҕын куулу толору хомуйан, бэлэмниир этибит. Дьоммут оттоон, буһан-хатан кэлэллэригэр оргуйбут уу бэлэм буолуохтааҕа.

Эдьиийбит Моторууна дьиэтигэр кыра маҕаһыын баара, онно атыыһытынан Филиппов Киргиэлэй үлэлээбитэ. Маҕаһыыҥҥа араас бары атыыланара: миэтэрэбэй таҥас, атах таҥаһа, кэтэр таҥас, кэмпиэт, бичиэнньэ, кэнсиэрбэ арааһа, кууллаах куһуок саахар уо.д.а. атыыланара. Сыттык курдук уонна тѳгүрүк, мүѳттээх кэмпиэттэри ыһа-тоҕо сиирбит. Ɵссѳ кисиэли тута сылдьан сиирбит эчи, минньигэһиэн! Эт кэнсиэрбэнэн миин буһардахтарына, ыраахтан сыта дыргыйан, иҥсэбитин кѳбүтэрэ. Ол миини эбэһээт сахалыы лапсалыыллара. Онон туох да химията суох аһылыгы аһаан улааппыт биһиги кѳлүѳнэ оҕолоро буолара саарбахтаммат.

Арай биир киэһэ Сидорова Муоча ынаҕа орулуу-орулуу кэллэ – иһэ дэлби үллүбүт, сууллан түстэ уонна ѳлѳн хаалла. Муоча онно айманна, ынаҕын аһыйан ытаата, оҕолору дьиэҕэ үүрдүлэр. Бу кэлин санаатахпына, дьааттаах оту (вех ядовитый) сиэн ѳлбүт эбит.

Аҕам куйукта буолбут сүѳһүлэрин, кѳхсүлэригэр искэн курдук тахсыбытын, тѳбѳлѳѳх быһаҕынан хайытан баран, ыгар этэ, оччоҕо маҥан ѳҥнѳѳх үѳннэр тахсалларын кѳрѳрүм. Онон бэтэринээр буоларым олох кырабыттан биллибит эбит.

Улгумда сайылыгар үчүгэй да этэ! Онно бааллар: хатыҥнаах алаастар, халлааҥҥа харбаспыт үрдүк, суон тииттэр, хоп-хойуу лабаалаах лагласпыт харыйалар.

Биһиги дьиэбит иннигэр дѳлүһүѳн, хаптаҕас хойуутук үүнэллэрэ. Чугас ойуурга киирдэххэ. Бэрэ күѳлүн үрдүгэр отон бѳҕѳ үүнэрэ, онон оҕолор күһүѳрү отоннуур этибит. Иһиттэрбитин, бэйэ-бэйэбитигэр кѳмѳлѳсүһэн толорон, үѳрэн-кѳтѳн, дьиэбитигэр кэлэрбит.

Ол курдук кылгас сайыммыт ааһа охсон, үѳрэнэ барарбыт тирээн кэлэрэ.Үѳрэнэ барарым саҕана кистээн ытыыр буоларым.

Дьонум Нээлбиктэҕэ кыстыы киирэр этилэр. Мин интернакка олорон үѳрэнэрим, онон оскуолаҕа үѳрэнэр кэммэр дьоммун олус суохтуурум, ахтарым.

Кыратык Улгумдам Сүрэҕин туһунан ахтан аһарыам. Сүрэххэ Николаев Ыстаппаан Алааппыстыын, убайым аах Черепанов Хабырыыс Елялиин, оҕолорунуун, Михайлов Охонооһой Татыйыыналыын, иитэр уоллара Киэсэлиин, Иванов Ньукулай Маарыйалыын, иитэр кыыстара Ниинэккэлиин, Павлов Ыстаппаан Кисиэнньэлиин, оҕолорунуун, Филиппов Киргиэлэй Маарыйалыын уо.д.а. олорбуттара.

Мин оҕо сылдьан, Алааппыстан аһара толлор этим, кинини кинигэҕэ кэпсэнэр баай ыал хотунун курдук саныырым. Кинилэр элбэх сүѳһүлээх, кууруссалаах, улахан дьиэлээх, ампаардаах этилэр. Алааппыс куруук үлэлии-хамсыы сылдьар буолара. Кини бэйэтин сааһыгар сѳп эттээх-сииннээх, кыһаанныҥы сирэйдээх дьахтар этэ. Уһун, хара баттаҕын кэтэҕэр илдьэн, эринэн кэбиһэрэ. Кини дьиэтин иһэ, тѳһѳ да элбэх киһи сырыттар, куруук ып-ыраас буолара. Алааппыс сиэнэ, Зоя диэн хатыҥыр кыыс, Сунтаартан тахсан, сайын аайы сайылыырын кѳрѳр этим.

Биир сайын Павлова Люция кэлэ сылдьыбытыгар кыра көрсүһүү тэрийбиттэрэ, мин ийэбин сайыһан барсыбытым. Ксениялаах тэрийбиттэрэ быһыылааҕа, онно харчы кыттыһан, Люцияҕа биэрбиттэрэ. Наһаа ыраах сиргэ, Кытай таһыгар үөрэнэр диэни өйдөөн хаалбыппын.

Кэлин Нээлбиктэҕэ ыанньыксыттыы сылдьан, Улгумдабын аҕыннахпына, Ньукуолун саҕана, биир эмэ дьүѳгэбин илдьэ Алааппыстаахха баран, чэйдиир буоларбыт. Алааппыс «кыыһым кэллэ» диэн тиэтэйэ-саарайа, чэйин бэлэмниирэ.

Боротумуоҥҥа харааччы буһарыллыбыт мунду баар буолара, ол эчи, минньигэһиэн! Лэппиэскэтэ сып-сымнаҕас, мап-маҥан буолар этэ. Тото-хана аһаан, ону-маны сэһэргэһэн, Улгумда барахсан салгынын эҕирийэн баран, киэһээҥи ыамҥа ыксаан, фермабытыгар тѳннѳрбүт.

1973 с. оскуоланы бүтэрэн баран, күһүн «Оскуола — производство — үрдүк үѳрэх» диэн ыччат ыҥырыытынан Нээлбиктэ ыччат-комсомольскай ферматыгар ыанньыксыттыы барбытым. Бастаан Кур оттоох ферматыгар үлэлээбитим. Онно икки кыра дьиэ, биир уһун, үс ааннаах уопсай дьиэ баара. Ортоку квартирата арыый киэҥэ, ону Кыһыл муннук гыммыт этилэр. Онно мунньахтар буолаллара, киинэ кѳрѳрбүт, бырааһынньыкка мустан оонньуурбут, үҥкүүлүүрбүт.

1975 с. үүт ыамыгар үчүгэй кѳрдѳрүүбүт иһин Эконова Т.И. уонна мин «Победитель соревнования» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыппыт. Ол сыл үѳрэххэ туттарсаары, Эконова Т.И., мин, Павлова М.П., Никитина Л.Д. буолан, Новосибирскайга кѳппүппүт. Мин строительнай институкка туттарсыбытым. Сахалар иккибит эрэ этэ, Намтан биир уол баара. Үөрэххэ киирбиппин билэн, олус долгуйбутум.

Уопсайга бары нууччалар, мин соҕотох сахабын. Арай бэйэм кыргыттарым бары кыайан туттарбакка, тѳннѳр билиэттэрин ылбыттар. Мин олус ыксаатым, институкка тиийэн, докумуоммун тѳттѳрү кѳрдѳѳтүм да, биэрбэтилэр. Ол да буоллар, кыргыттарбын сайыһан, билиэт ылан, дойдубар кэлсибитим. Кэлин докумуоммун саҥа дьыл саҕана ыыппыттара.

Нээлбиктэҕэ тиийэн, 5 сыл ыанньыксыттаан баран, 1978 с. Благовещенскайга Тыа хаһаайыстыбатын институтугар бэлэмнэниигэ киирбитим. Саас экзаменнарбын ситиһиилээхтик туттаран, ветеринарнай факультекка үѳрэнэр дьолломмутум. Онно биһигини нууччалар туора кѳрбѳтѳхтѳрѳ – химияҕа, физикаҕа, француз, нуучча тылыгар сахалар бэркэ үѳрэнэр этибит, кинилэргэ кѳмѳлѳһѳрбүт.

Ол курдук алта сылбыт элэс гынан, 1983 с. үѳрэхпин бүтэрэн, дойдубар кэлбитим. Миигин Бордоҥ совхоз Хаданнааҕы отделениетыгар эрдэттэн ветвраһынан анаабыт этилэр.

Атырдьах ыйыгар Хаданна мотуорканан кѳһѳн кэлбитим. Кэлээт да, ол күһүн Пустоляков Владислав Владимировичка кэргэн тахсан, ыал буолбутум. Эһиилигэр кыыстаммыппыт.

Кэргэним элэккэй, үчүгэй майгылаах, сытыы, саҥарыа суоҕу да саҥардар уол этэ. Оҕо сылдьан тустарын сѳбүлүүр эбит. Кыра эрдэҕиттэн акка сыстан, ат сүүрдэн, ыһыах күрэхтэһиилэригэр маҥнайгы миэстэлэри ылбытын туоһулуур грамоталардаах. Бултаан элбэх киистээх, кустаах, тииҥнээх кэлэн биһигини үѳрдэрэ. Тайаҕы, табаны, тыатааҕыны да бултуура. Сайын түүннэри от оҕустаран, күнүһүн от мустаран, аанньа утуйбакка да сылдьан үлэлиирэ. Владислав ыалдьытымсах, кырдьаҕас дьонно сыһыана үчүгэй буолан ийэм, эдьиийим Вера Васильевна күтүѳттэрин олус сѳбүлүүллэрэ.

БиҺиги 36 сыл бииргэ олорбуппут, ѳссѳ да олоруо этибит да, кэргэним уһун, ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан эрдэ, олус хомолтолоохтук барбыта.

Кэлин дьиэ тастыы олорбут ыалбыт кыыстара тулаайах хаалбытын ииттибиппит. Сардаана иистэнньэҥ үѳрэхтээх. Мас тардыһыытыгар хас да тѳгүллээх чемпион Федор Федоровка кэргэн тахсан олорор. 3 оҕолоох.

2007 с. Владислав баарына балтын кыыһын ииттибиппит. Елизавета билигин Мирнэйгэ повар-кондитер идэтигэр үѳрэнэр, кэргэннээх.

Кыыспыт Алена – инженер-зоотехник. Кэргэннээх, үс кыыстаах. Араас илин кэбиһэрдэри, бастыҥалары тигэн атыылыыр. Бэйэтэ оҥорбут бырайыагынан үс дьиэни туттубуттара. Ол уус талаана эһэтиттэн бэриллибит буолуохтаах.

Мин Хаданна бэтэринээринэн үлэлээбитим 37-с сылыгар барда. Тыаҕа бэтэринээр үлэлиир сирэ – хотон, онон киһи соччо ымсыырбат үлэтин да иһин, үлэтин ис хоһоонунан ыал тыыннаах баайын араҥаччылааччы буолар. Саха омук хороҕор муостаах баайа түҥ былыргыттан космос, робот, компьютер үйэтигэр тиийэн кэллэ. Бороһуок үүттэн, араас этинэн оҥоһуллубут кэнсиэрбэтээҕэр сүѳһүттэн ылыллар үүтү, сүѳгэйи, арыыны, эти сибиэһэйдии сиирбит доруобуйаҕа туһалааҕа биллэр буоллаҕа дии!

Мин үлэбинэн муҥурдаммакка, общественнай үлэҕэ элбэхтик кыттабын. Ол курдук элбэх сылларга быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлээбитим.

10 сылы быһа оскуолаҕа тѳрѳппүт комитетын бэрэссэдээтэлэ этим. Ситиһиилээхтик үлэлээбит сылларбын элбэх грамоталар, махтал суруктар туоһулууллар.

2013 с. «Тыа хаһаайыстыбатын Туйгуна» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмытым.

2016 с. «За заслуги в ветеринарии» диэн бэлиэҕэ тиксибитим.

2020 с. «За вклад в развитие Хаданского наслега» диэн бэлиэни туттарбыттара. Онон, талан ылбыт идэбинэн киэҥ туттабын.

Бииргэ тѳрѳѳбүт бырааттарбыттан Виталий уһуннук тутууга биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кэргэннээх, үс оҕолоох, элбэх сиэннээх. Сунтаарга олорор.

Валерий, игирэ аҥара, кыратыттан инбэлиит да буоллар бара-кэлэ миэхэ олорон, хотоммор кѳмѳлѳһѳн, абырыыр. Ис сүрэҕиттэн үлэни таптаабыт киһи. Сарсыарда эрдэ туран, тугу эмит булан, ээр-сэмээр үлэлии сылдьар буолар. Оҕолору олус сѳбүлүүр.

Кыра быраатым кыратыттан сүрэх ыарыһах. 50 сааһыгар тиийбэккэ күн сириттэн күрэммитэ. Кини ыарыһахпын диэн олорботоҕо, кочегардаабыта, араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Аҕатын курдук үтүѳ майгылааҕа, табаарыстарын баттахтарын кырыйара, унтуу улларан убайыгар Битээлийгэ кѳмѳлѳһѳрө.

Аҕам урукку кэргэниттэн уола Иванов Петр Федотович ѳр сылларга техник-осеменаторынан бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кэргэнэ Иванова Федора Ефремовналыын алта оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. Саҥаһым Дора ѳр сылларга Нээлбиктэҕэ ыанньыксыттаабыта. Иккиэн үрдүк наҕараадалаах «Бордоҥ» совхоз илиигэ баттанар бастыҥ үлэһиттэрэ этэ.

Убайым барахсан уһун ыарахан ыарыыттан 2018 с. 86 сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта.

Улгумдам оҕолоругар баҕарабын: туйгун доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, бары кыыһырсар диэни билбэккэ, эйэ-дэмнээхтик олоруҥ, куруук үѳрэ-кѳтѳ, кѳмѳлѳсүһэ сылдьыҥ!

Мин тиийиммэт-түгэммэт дьоҥҥо ордор аспыттан-таҥаспыттан бэрсэр идэлээхпин, ол иһин да буолуо, куруук киирэ-тахса тураллар.

Улгумдабыт биир кѳлүѳнэ оҕолоро номнуо кырдьан, ыал эбээтэ-эһээтэ буолан, саха норуотун элбэтэн олордохпут.

Түмүкпэр Зоя Владимировнаҕа махтанабын, кини биҺигини түмэн, күүс-кѳмѳ буолан, урукку олохпутун туоһулуур кинигэ таһаартаран эрэригэр. Туйгун доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын!

Ɵтѳххүтүгэр кэлэ сылдьыҥ –

Күүтэр онно эһигини

Оонньоон ааспыт тиэргэҥҥит,

Сүүрбүт-кѳппүт ыллык суолгут.

Замира Федотовна ПУСТОЛЯКОВА,

Хадан ветеринарнай учаастагын сэбиэдиссэйэ,

Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна,

үлэ бэтэрээнэ.

14.04.2020 сыл.

Аҕам Иванов Федот Фёдорович.

 

Күн-күбэй ийэм Николаева Акулина Васильевна.

 

Хаҥастан уҥа: күтүөтүм Василий Геннадьевич, мин, сиэним Алексия, кыыһым Алёна, ииппит кыыһым Елиза,  кэргэним Владислав.

 

Кырачаан сиэннэрим котокулар: Авелина, Аврора.

 

Тапталлаах кэргэним Владислав булчут бэрдэ этэ.

 

Кыыһым Алёна 6-с кылаастан бу тракторы ыытар, от мустарар.

 

Бу эрэллээх көлөбүнэн оттуубун, сир астыыбын, вызовка сылдьабын.


 

Олег Гаврильевич ЧЕРЕПАНОВ: КҮНДҮТҮК САНЫЫР САЙЫЛЫГЫМ

Мин 1958 с. алтынньы 24 күнүгэр Черепанов Гаврил Семенович, Черепанова (Иванова) Елена Алексеевна дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт алтыа этибит. Эдьиийим барахсан, Таисия 1956 с. төрөөбүтэ, мин кыра эрдэхпинэ, улаханнык ыалдьан, аҥар өттө баралыыстаан хаалан, миигин кырабар эбээлэрим харайбыттар. Бииргэ төрөөбүт балтыларым, бырааттарым билигин Сунтаарынан, Ленскэйинэн ыал буолан, оҕолонон-урууланан, сиэннэнэн ньир-бааччы олороллор.

Бу орто дойдуга оҕо буолан төрөөн-үөскээн, сүүрэн-көтөн, оскуола аанын арыйан киириэхпэр диэри Улгумда диэн биир ураты кэрэ айылҕалаах, халыҥ сис тыалардаах, киэҥ-нэлэмэн сыһыылаах, ортотугар көтөр-сүүрэр сөбүлээн, тохтоон ааһар, көмүс хатырыктаах соболоох улахан күөллээх, элбэх ыал түһүлгэлээн олорбут сиригэр оҕо сааһым умнуллубат кэрэ кэмнэрэ ааспыттара.

Оччолорго Улгумдаҕа элбэх ыал олороро, онтон 1960 сыл кэннэ сорох ыал Сардаҥаҕа көспүтэ. Мин өйдүүрбүнэн, ойуур кытыытыгар Степанов Николай Константиновичтаах, онтон Николаев Степаннаах Алааппый, онтон Ньукулайдаах Маарыйа, ол кэннэ биир дьиэ кэнниттэн хонуу кэриитигэр биһиги дьиэбит баар этэ. Суол биир өттүгэр Петров Степан Терентьевичтаах, иннилэригэр Никифоров Егор диэн биригэдьиир, онтон Лэгэнтэй, Татыйыына Михайловтар (Киэсэлээх), Дормидонтовтар (Сыыкараптар. Кинилэр көспүттэрин кэннэ Павлов Ыстаппааннаах Кисиэнньэ оҕолорунуун олорбуттара).

Хоту өтөххө даҕаны элбэх ыал баара: Авьялов Өлөксөйдөөх Балбаара, таайым Иванов Сөдүөт (Тонох), Өкүлүүн, оҕолоро Замира, Виталий, Виктор, Валера уонна Сидоров Кирилл, Матрена, Виктор, Света олорбуттара.

Филиппов Степан ийэтэ Маарыйалыын маҕаһыын дьиэтигэр олорор этилэр. Григорьев Егор, Сидоров Валерий Ионовичтаах эһээлэрэ (маҥан бытыктаах), икки этээстээх ампаар диэки олорбута.

Николаев Ыстаппааннаах аһара ыалдьытымсах, дьон бөҕө сылдьар ыала этэ. Айан дьоно аараан, аһаан-сиэн, сынньанан, махтанан ааһаллара.

Сайын ыһыах аайы Алааппый хорчуоппалыыр идэлээх үһү, онно эбээм Кисиэнньэ, аҕам ийэтэ, миигин батыһыннаран, киниэхэ көмөлөһө кэлэр эбит. Мин ол кэмҥэ, кырам бэрт буолан, өйдөөбөппүн, сураҕа, хорчуоппа таһыгар баалынайга утуталлара үһү. Эбээм хара өлүөр диэри Кэмпэндээйинэн, Сунтаарынан, миигин атаахтатан, бэйэтин кытта илдьэ сылдьара.

Улгумда оҕолоро, бары да араа-бараа саастаах буолан, өйдөһөн-өйөһөн, оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн, иллээхтик улааппыппыт. Мин үксүн эдьиийбиниин оонньуур этим. Сайынын Кешалаах Ниналыын оонньуурбут, ол эрээри эдьиийим элбэхтик Павлова Розалаахтыын сылдьара. Нина эһээтэ Ньукулай Куонньукка ат аһатааччы этэ, онно элбэхтик сылдьар этибит. Ардыгар ыһыах буолар сиригэр тиийэн, трибуна анныгар оонньуурбут. Арыый кыанар өттүбүт икки этээстээх ампаарга, иккис этээһигэр ыттан, горох, подсолнух бөҕө кутулла сытарыгар мэниктиирбит. Бииктэр уонна Киэсэ буоламмыт хара сарсыардаттан киэһээҥэ диэри Улгумда арыы ойууругар мурукулуурбут. Виктор олус мурукуһут этэ, аҥар атаҕа доҕолоҥ, Табаарыс диэн ааттаах ыттааҕа.

Оскуолаҕа киирэр кэмим кэлэн, Сардаҥаҕа кэлбитим. 1977 с. оскуоланы бүтэрэн баран, Сунтаар ПТУ-гар 6 ый курска үөрэнэн суоппар идэтин баһылаан, “Бордоҥ” совхозка “УАЗ” массыынаҕа суоппарынан үлэбин саҕалаабытым. Онтон ити сыл күһүнүгэр Ийэ дойдубар ытык иэспин толороору армияҕа барбытым. Семипалатинскайга авиационнай чааска 2 сыл сулууспалаабытым. Ол кэннэ төрөөбүт дойдубар төннөн кэлэн, «Бордоҥ» совхозка салгыы суоппардаабытым. Холбоон 40 сыл массыына уруулун эрийэн баран, билигин пенсияҕа олоробун.

1982 с. Евсеева Валентина Михайловна диэн Элгээйи Хоротуттан төрүттээх, Бордоҥҥо алын кылаас учууталынан ананан кэлбит кыыһы харахпынан хайҕаан, сүрэхпинэн сөбүлээн, кэргэн ылбытым. Ыал буолан, кыыстаах уол оҕолору төрөтөн, икки уол сиэннэнэн дьоллоохтук олорбуппут. Хомойуох иһин кэргэним, ийэбит эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыга ылларан, күн сириттэн күрэммитэ. Кыыһым Лена Мирнэйгэ олорор, кэргэннээх, биир уол оҕолоох, юстиция үлэһитэ. Уолум Гаврил төрөөбүт дойдутугар Бордоҥҥо нэһилиэк баһылыгынан үлэлиир, биир уол оҕолоох, кэргэннээх. Улахан уолум Иван Бүлүү куоратыгар ПТУ директорынан үлэлиир, икки оҕолоох.

Олох салҕанар диэн санааттан, кэлин Михайлова Анастасия Григорьевналыын иккиһин ыал буолан олоробун. Кини икки уол оҕолоох, икки сиэннээх. Улахан уола Максим кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох, Дьокуускайга олорор, саппаас чаас маҕаһыыныгар продавец-консультанынан улэлиир. Кыра уол Артем Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэр, ону тэҥэ «Тыгын Дархан» рестораҥҥа поварынан үлэлиир.

Оҕо сааһым ааспыт тапталлаах Улгумдабын мэлдьи күндүтүк саныыбын, ахтабын.

Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ.

Сибэкки быыһыгар. Хаҥастан уҥа: ийэм эдьиийин кыыһа Роза, ийэм Елена Алексеевна эдьиийим Тасяны көтөхпүт, эбээм Ксения Григорьевна (аҕам ийэтэ)  миигин көтөхпүт, эбээм Евдокия Ильична (ийэм ийэтэ).

 

Ийэм Елена Алексеевна, аҕам Гаврил Семёнович.

 

Аҕам илимин көрө сылдьан.

 

Куруҥ Балаҕаҥҥа оттуур кэммитигэр.

 

Бастакы кэргэммин Валентина Михайловналыын.

 

Дьиэ кэргэмминиин ыһыахха сылдьан.

 

Иккис кэргэммин Анастасия Григорьевнаны кытта.

 

Анастасия оҕолорунуун, сиэннэриниин.


 

Александр Иннокентьевич АЛЕКСЕЕВ: ЭДЬИИЙИМ АЛААППЫЙ ТУҺУНАН

1967 cыллаахха, иккис кылааһы бүтэрдэҕим сайын, мин дьоммунуун Улгумда Бэрэтигэр сайылаан олорбуппут. Биирдэ Благовещенскайдааҕы пединститукка омук тылыгар үөрэнэр, бастакы кууруһу бүтэрэн, аҕыйах хонуктааҕыта кэлбит эдьиийим Лүүскэни кытта биһиги олорор Бэрэбититтэн баара-суоҕа хонуу нөҥүө кэккэлээбит мастар кэннилэригэр баар Улгумда диэн сиргэ, хотун эдьиийбитигэр Алааппый эмээхсиҥҥэ ыалдьыттыы диэн ааттаан бардыбыт. Оччолорго “Алааппый эмээхсин” дэниэн соччо баҕарбата буолуо да, биһиги, кыралар көрөрбүтүгэр, син кырдьаҕас көрүҥнээҕэ эбитэ буолуо, онон оннук ааттанара.

Дьонум этэллэринэн, Алааппыйы эһээбинэн, Кыһыкка оҕонньорунан, эт-хаан уруубут үһү. «Хотун эдьиийбит» диэн мээнэҕэ ааттаабатым, төһө да кыра буолларбын, Алааппый бэйэтин ис күүһүгэр эрэммиттии туттарын, олус холку буолан баран, ханнык эрэ сүдү күүс иһиллэн ааһар, киһи болҕомтотун тардар куолаһын, ханнык да бэйэлээх киһи өйдүү охсон утары эппэтин курдук сатаан булан саҥарарын, наада тирээтэҕинэ, кырыктанан да ылар өйдөөх да өйдөөх муударай харахтарын хайы-сах өйдөөн көрөн эрэр киһи этим. Ол гынан баран, киниттэн отой толлубат этим, хата испэр кинини олус таптыырым, ытыктыырым, кини баар сиригэр бэйэбин нус-хас сананар этим.

…Бу иннинэ, аҕыйах хонуктааҕыта, Тиитэбис атыыһыттан кыра бородуукта оҕото ылаары Улгумдаҕа эмиэ бара сылдьыбытым, маҕаһыын аана хатыылаах буолан биэрбитэ. Си буолуохтааҕар, билэрдии Алааппый эмээхсиҥҥэ барбытым. Алааппый былыргылыы тутуулаах ампаарыттан чугас соҕус дьиэтин иннигэр хончоллон турара. Атыыһыты сураабыппар, сирэйин хас биирдии былчыҥа үлэлии, харахтара уоттана түспүттэрэ, хас биирдии тылын тус-туспа араартаан, салгыҥҥа күөрэччи өрө быраҕаттаан, олус холкутук, куолаһын да соноппокко, ис-иһиттэн дьикти сэниэлээхтик эппитэ: «Ол атыыһыты мин баайа сытар үһүбүн дуо?!”

Кыра оҕо санаатыгар дьикти кырыктаахтык көрөн турар курдуга да, дьиҥэ, ис-иһиттэн, харахтарын нөҥүө кини сүрэҕин сылааһа илгийэн тахсан, миигин, кыра киһини, угуттуур курдугун хайдах эрэ сэрэйэ санаабытым. Эмискэ ах барбытым, туох эрэ дьиктини көрбүппүн өссө үчүгэйдик сыныйар быһыынан чугурус гынан ылбытым, онтон хамсаабакка таалан турбутум. Санаабар кини саҥатын дорҕоонугар Улгумда түбэтигэр олорон ааспыт өбүгэлэрбит былыргы үйэтээҕи саҥалара ой дуораана буолан, иһиллэн ааспыттара, кини харахтарынан ол хаһан да эргиллибэттик барбыт өбүгэлэрбит миигин таптаабыттыы, сэргээбиттии, хайҕаабыттыы көрөргө дылылара. Төһө да кыра буолларбын, мин ону өйдөөбүтүм, сүрэҕим тиҥиргэччи, күүскэ да күүскэ тэбэн ылбыта.

…Эдьиийбиниин хонуу улаҕатынан бүтэйи сырса барар суол устун иһэн, айахпыт хам буолбат. Мин эдьиийим үчүгэй да үчүгэй таҥастаах, босоножкалаах, бэйэтэ эдэр да эдэр, саҥатын дорҕоонунуун кэрэ! Ол иһэн араастаан быһыы-таһаа тутта-тутта, куолаһын араастаан уларыта-уларыта, мин өйдөөбөтүм курдук, тугу эрэ саҥарар да саҥарар, кус-хаас тойуга бөҕөнү түһэрэр уонна күл да күл буолар, онтон ыйытар:

– Ити ханныктыы саҥардым?

Мин мунаарабын, санныбын ыгдах гынабын.

– Ити немецтии саҥарабын.

Онтон эмиэ кус-хаас саҥата бөҕөтүн түһэрэн, эмиэ күл да күл буолар, арааһа, улаханнык сөхпүт, мунаарбыт көрүҥүм киһи күлүөн курдук эбитэ буолуо. Онтон эмиэ ыйытар:

– Ити ханныктыы саҥарабыный?

Мин төбөбүн эрэ булкуйабын, саллан иһэбин.

– Ити кытайдыы саҥарабын, – диир эдьиийим.

Ити курдук Улгумдаҕа тиийиэхпитигэр диэри эдьиийим дьоппуоннуу, английскайдыы, французтуу, арааптыы, чэ, быһата, аан дойду тылынан барытынан саҥарда. Мин эдьиийим билэрэ элбэҕиттэн сөхтүм даҕаны, үөрдүм даҕаны.

Алааппый эмээхсин балтын кууһан ылан, иэдэһиттэн сыллаан ылла. Остуолга араас аһылык тардылынна: арыылаах алаадьы, күөрчэх, сүөгэй, балык, чэ, быһата, туох суоҕай. Аһыы олорон, кэпсэтэннэр айахтара хам буолбат.

Үксүн эдьиийим кэпсиир, Алааппый өйдөөх баҕайытык балтын ахтыбыт харахтарынан көрөн олорор, дөрүн-дөрүн номоҕон баҕайытык туттан олорон тыл ыһыктар, тугу эрэ ыйытар. Кинилэр кэпсэтэллэрин мин улаханнык өйдөөбөппүн, тоҕо диэтэххэ мин өйбүнэн буолбакка, сүрэхпинэн истэбин.

Эдьиийим хайдах туттан олорон кэпсиирин, Алааппый эмээхсин хайдах көрөн олорон истэрин сыыска түһэрбэппин. Алааппый өйдүүр, өйүүр, таптыыр харахтарыттан таптал кыырпахтара тахсан, салгыҥҥа тарҕаналларын сүрэхпэр хомуйан ыла олоробун, бэйэм сүрэхпэр иҥэрэбин, сөҥөрдөбүн.

– Эдьиийим элбэх да элбэх тылы билэр, оннооҕор кытайдыы, дьоппуоннуу кытта билэр, – кэпсэтэ олороллорун быһа түһэн, улаханнык сөхпүппүн Алааппыйга улахан сонун гынан кэпсиибин. Алааппый, эдьиийим оччо элбэх тылы билэрин саарбахтаабата, тута итэҕэйдэ, миэхэ эттэ:

– Үөрэхтэннэххинэ, эн да билиэҥ.

Ити убайым Болуодьа, Николаев Владимир Степанович ийэтэ Николаева Агафья Егоровна туһунан биир түбэлтэни кэпсээтим.

Иккис өйдөбүлүм. Замиралыын Кумакылаах ойууругар иккиэйэх отоннообуппут, онно кини мэниктээн, Аан дойду ыччатын сүрэҕэ диэн ырыаны, ойуур бүтүннүү сатарыы олорорун курдук улаханнык ыллаабыта. Онтон наһаа астыммыппын билигин да санаан кэллэхпинэ, сүрэҕим сылаанньыйар. Мира ырыатыттан уйуһуйан хаалан баран, ол киэһэ ынах ыы сылдьан, ону ыллаа да ыллаа буолбутум. Онуоха эдьиийим Муоча:, Мираны үтүктэн, ыллаа да ыллаа буолаҕын дуу? – диэн ыйыппыта.. Мин Мира ойуурга ыллаабытын кинилэр эмиэ истибиттэр дуу диэн наһаа сөхпүтүм уонна Миранан киэн туттубутум.

Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ. («Кулууп уола Норуот уола». 2012 с. тахсыбыт кинигэттэн ылылынна).

Хаҥастан уҥа: Пен Федя, Омуков Саша уонна мин 1-кы кылааска үөрэнэрбитигэр.

 

Эдьиийим Алааппыс дьүөгэтин, аймаҕын, Филиппов Киргиэлэй аймаҕын кытта Улгумдаҕа.

 

Эдьиийим Люция, 3-с курс студентката. 1969 с.

 

Улгумдалар: Владимир Петров, эдьиийим Мотрёна, Ксения Николаевна, Пётр Николаевич Степанов.

 

Күтүөм Ыстаппаан, эдьиийим Алааппый ыһыахха.


 

Виктор Никитич СИДОРОВ: УЛГУМДАБЫТ БАРАХСАН УГУЙА ТУРДУН!

Биһиги дьиэ кэргэммитигэр төрдүө этибит: ийэм Сидорова Матрена Даниловна, кини быраата, таайым Кирилл Данилович, балтым Света уонна мин. Ийэлээх таайым арҕаа Андылаах диэн сиргэ төрөөбүттэр. Олох кыра саастарыгар тулаайах хаалбыттарын убайдара Сидоров Алексей-Тоҥолох Өлөксөй иитэн, киһи гынаттаабыт. Ферма үлэһиттэрэ буолан, сиртэн сиргэ көһө сылдьан үлэлииллэрэ, онон Куруҥ Балаҕанынан, Анабы Бэһинэн, Нээлбиктэнэн, Улгумданан олорбуппут.

Миэхэ саамай үчүгэй өйдөбүлү Улгумдаҕа олорбут кэммит хаалларбыта. Эчи, хонуута киэҥэ, күөлэ улахана, кус-хаас саҥата, күөрэгэй ырыата… Урукку оҕолор туох оонньуурдаах буолуохпутуй. Телевизор да, телефон да суоҕа. Ол иһин күнү супту таһырдьа сылдьарбыт. Бэрэ күөлүгэр киирэн, бадараанынан бистэ-бистэ, сөтүөлээн, суунан тахсарбыт.

Замира, Виталий, Валерий, Виктор Николаевтар, Аана эмээхсин уола Оҕо Ыстапаан, Сөдүөрэ эмээхсин уола Бииктэр буолан хоту өтөххө үрдүк сиргэ турар Тэмтэр дэнэр кыра дьиэҕэ дьуккаахтаһан, дьэ, батан, эйэ-дэмнээхтик олорбуппут. Биир да дьахтар этиһэн айманарын истибэтэҕим. Биһиги таспытыгар мин дьоммун харайбыт Тоҥолох Өлөксөй, Григорьев Владимир Егорович, Авьялов Өлөксөй, Марбаала, Дора олорбуттара.

Бэрэ күөлүн үрдүгэр, томторго Куртах баай туттарбыт 6 атахтаах, 2 этээстээх ампаарыгар күһүөрү бүтүн бурдугу, подсолнуҕу аҕалан куталлара. Ханна үүннэрэллэрин билбэппин. Дьэ, биһиги онно киирэн оонньоон, буккуллан байар этибит. Ол саҕана муруку наһаа элбэх буолара, мин ону эккирэтэ оонньоон маска хатаастан, хата, бэйэбин аһара кыанар буолбутум. Илиибинэн тута сыһарым. Ол сылдьан дэлбэритэ түһүү диэн ханна барыай, ааҕан сиппэккин.

Мин 1-кы, 2-с кылааска Марбаҕа үөрэммитим. Сатыы сылдьарбын өйдүүбүн. Оскуолаҕа бастаан илдьибиттэригэр буутум быстарынан Улгумдам диэки куоттуум. Ким ситэн тохтоппутун отой өйдөөбөппүн. Дьон элбэҕиттэн куттанан куоттаҕым дии.

Биһигиттэн соҕуруу Сүрэх дэнэр, элбэх ыал олорбут сирэ баар. Онно Алааппыс, Степан Егорович Николаевтар диэн олох сис ыал олорбута. Ону таһынан сэрии бэтэрээннэрэ Николаев Николай Николаевич, Петров Степан Терентьевич, Степанов Петр Николаевич, Олег аҕата аах Гаврил Черепановтаах, Михайлов Киэсэ дьонунуун, Павлова Ксениялаах, Атыыһыт Анньыыска олорбуттара. Суол айаҕа буолан, элбэх дьон-сэргэ сылдьан ааһар сирэ этэ. Саас, күһүн кусчут бөҕө кэлээччи. Улгумдабыт куһа, балыга дэлэй буолан, кустаан, балыктаан, үөрэн-көтөн бараллара.

Чугас буолан, мин Сүрэххэ Олегы кытта оонньоору мэлдьи кэлэрим. Киэсэни дьоно ыыппат этэ, кытаанахтар быһыылааҕа. Ниинэккэ эбэлээх эһэтигэр иитиллэр буолан, аһара ачаа этэ. Сатаан оонньоспокко, ытыы түһэн баран тиийэн үҥсэрэ. Эһэлээх эбэтэ көнө, холку баҕайылара, онон саҥарбаттара.

Биир сайын арай Алааппыстаахха кыра кыыс кэлбит этэ. Мин Хотуттан ийэбиниин Сүрэххэ лааппыга кэлэрбит. Атыыһыт – Филиппов Григорий диэн киһи. Саҥа кыыс аатын билбитим — Зоя диэн эбит. Ханна да сылдьыбат, эбэтиттэн толлоро буолуо. Алааппыс хаһыыта инньэ көстөөх сиртэн иһиллэр буоллаҕа. Биһиги, оҕолор бары да киниттэн куттанарбыт. Кэлин билбитим – кини аһара ыалдьытымсах, кэпсэтинньэҥ, киирбит киһини аһаппакка эрэ ыыппат эбит. Саҥата улахан буолан, биһиэхэ хаһыы курдук иһиллэрэ. Ыстаппаан сытар ынаҕы туруорбат мас көнө киһи этэ. От үлэтигэр звенону салайара, аспытын таһара. Өссө биирдэ оттуу сырыттахпытына, кыһыл уонна үрүҥ арыгы аҕалан соһуталаабыта. Улааппыт уолаттар этибит, баҕар ол иһин буолуо. Кыһылын испиппит, үрүҥүн Михайлов Степан Сергеевичкэ биэрбиппит.

Хоту Николаевтар оҕолоро уонна Григорьева Мила баара да, кини биһигини кытта отой сылдьыспат да, оонньоспот да этэ. Мин ол иһин сотору-сотору Сүрэххэ сүүрэн хааларым. Саҥа кыыһы Зояны кучуйаммын, тахсан оонньоһор буолбута. Ээ, онтон эбэтин хаһыытын иһиттэр эрэ, тилэҕэ эрэ харааран хаалара. Эмиэ кытыгырас баҕайы этэ. Кэлин арыый элбэх буолан мустан оонньуур буолбуппут.

Лааппыга ас син баар быһыылааҕа. Сэрии кэнниттэн буолан, Америка бородууктата кэлэр этэ. Ийэм барахсан харчыта суох буоллаҕа, ымсыырбытым иһин хайыамый. Дьэ, хата, Ниинэккэ күннүүрэ: хампыата, бэчиэнньэтэ элбэх буолааччы. Петрова Роза эмиэ – эһэтэ атыыһыт буолан. Биһиги кэлин ол лааппы буолан турбут дьиэҕэ Павлова Ксениялаахтыын олорбуппут. Лааппы Нээлбиктэҕэ ферма тэриллэн онно көспүтэ.

Биирдэ Улгумдаҕа вертолет кэлэн түстэ. Оо, биһиги улаханныын, кыралыын бары үөрүү бөҕөтө буоллубут. Көтөр аалы саҥа көрдөхпүт дии. Петрова Маайа оҕолоноору ыалдьыбытыгар кэлбит эбит. Кими төрөтөрүгэр эбитэ буолла, билигин да билбэппин. Ольгаттан ыйытыахха баара.

Улгумдаҕа үчүгэй да эбит, дьиҥнээх олох онно баар этэ. Кыһын олорботох буолан хайдаҕын билбэппин. Сайын ким барыта, туох барыта тиллэр кэмэ. Киһи, ынах, сылгы толору буолара, атыыр оҕустар айаатыыллара, харсаллара… Нээлбиктэ ферматыгар соҕурууттан атыыр оҕустары аҕалбыттара. Онно, омуннаан эттэххэ, кыра дьиэ саҕа Орлик диэн оҕус баара. Эчи, улаханыын, эмиһиин! Биһиэхэ улахан ынах саҕа оҕустаах этибит. Кимиэнин билбэппин. Ол боруода оҕуска холоотоххо, кыра буоллаҕа. Биирдэ харсыбыттарыгар биһиэнэ хотторон, хорууга түспүтэ уонна ыарыыланан онно сыппыта. Тахсыбыта буоллар, улахан оҕус ситэрилиирэ хаалбыта. Орлик кыайдым-хоттум диэн айаатыы-айаатыы бара турбута. Айылҕа сокуона кимиэхэ баҕарар биир – ол биһиги оҕуспут бэйэтин ынахтарын биэримээри өлөр охсуһууга киирдэҕэ дии.

Оччолорго арыгы атыыланара. Улгумда илин баһынан бардахха, Дулҕа Бэрэ диэн ферма сайылыга баара. Онтон лааппыга атыылаһа кэлэллэрэ. Иванов Василий-Тириппилии Бааска диэн киһи кэлэр этэ. Арыгы ылан, Улгумда эр дьоно бары иһэрэ, онтон охсуһан тураллара. Мин көрдөхпүнэ, Бааска барыларын кыайан охтортуура. Арай Сантаев Николай Марковичтан эрэ куотар быһыылааҕа. Кэлин Павлова Анисия Прокопьевна атыыһыттаабыта. Эдьиийбит лааппыта мэлдьи аһаҕас буолара, бэйэтэ итирэн утуйан хаалара. Дьон бэйэлэрэ киирэн ону-маны ылаллара уонна харчыларын остуолга ууран тахсаллара. Дьэ, оннук чиэһинэй этилэр Улгумда олохтоохторо. Бэйэлэрин истэригэр аһара эйэлээхтик олорбуттара, этиһиини, айдааны истибэтэҕим. Киэһэ буолла да Ыстаппааннаах дьиэлэрин таһа толору ынах, сылгы буолара. Түптэ бөҕөтүн уматаллара, ол сыта үчүгэйиэн!

Сыллар-хонуктар ааһан, Улгумда оҕолоро улаатан истибит. Сайын буолла да, мин таайбын кытта окко сылдьыһарым. Бастаан көлө сиэтиититтэн саҕалаабытым. Оччолорго 10-11 cаастаах этим. Үлэ күнэ диэни ааҕаллара дуу суоҕа дуу, онно эрэ кыһаммат орой мэник буоллаҕым.

Орой мэниктэн уол оҕо улаатан, оскуоланы бүтэрэрим чугаһаан сылдьар кэмэ. Били кыра, сүүрүк кыыс улаатан, эт тутан тупсан, олус симпатичнай кыыс буолан кэлбит. Мин, муҥкук киһи, кыбыстан, кэпсэппэт да буолан хааллым. Кини ол сайын окко кылгастык үлэлээбитэ. Биһиги көһө сылдьан оттуур этибит. Зояны онно, ыраах ыыппатахтара. Дьэ онтон ардыбыт атан хаалбыта. Мин аармыйаҕа барбытым. 2 cыл сулууспалаан баран, 1976 c. Дьокуускайга үөрэххэ туттарса көппүтүм. Онно нууччалары кытта охсуһан баран, дойдубар төттөрү кэлэн хаалбытым. 1978 c. Чурапчы кыыһын Ульянаны кэргэн ылан, 3 уол оҕоломмуппут. Уоппускабар саас кэлэммин, Улгумдабар мэлдьи бара сылдьар этим. Биир саас күөлгэ кус маныы сатаан баран, Киэсэ дьонугар таҕыстым. Онно Татыйыына эмээхсин баара, Алексеев Бүөтүргэ (Кунуй) ойох тахсан олороро. Киирэн наараҕа сыттым, арай оһох кэннин диэки ким эрэ тыаһаата. Мин куттана санаатым. Татыйыына турда уонна кырдьаҕас баҕайы киһини сиэтэн таһырдьа ииктэтэ таһаарда быһыылаах. Бүөтүртэн кимин ыйыппыппар,  “Алааппый эмээхсин дии” диэтэ. 90-нун ааспыт буолуохтаах диэбитэ. Улгумда эбэ улуу кырдьаҕаһын ол бүтэһигин көрөн хаалбытым. Онно да атаҕар хаама, кыана сылдьар эбит. Хараҕа мөлтөөбүт буолуон сөп. Степан Егорович эрдэ суох буолбут этэ.

Улгумда кырдьаҕастарыттан билигин Павлова Ксения эрэ баар. 80-нун лаппа аастар да, хата, кырдьаҕаһыҥ маҕаһыыҥҥа баран наадалааҕын ылан кэлэр.

Улгумда оҕолоро биһиги эмиэ сааһырдыбыт, 60-тун аастыбыт. Зоя баар буолан, биһигини түмэ тардан, көрсүһүү тэрийбитэ олус үчүгэй эбит. Дойдубутун, дьоммутун хайаан да ахта, саныы сылдьыахтаахпыт. Улгумдабыт барахсан оҕолорун, биһигини, үйэбит тухары ыҥыра, угуйа турдун!

2020 с. Сунтаар, Сардаҥа бөһүөлэгэ.

Күн-күбэй ийэм, таайым барахсаттар.

 

Эдэркээн сааспар.

 

Балтыбын, ийэбин кытта.

 

Николаев Виталийдыын.

 

Аймахтардыын ыһыахха.

 

Саамай чугас дьоммун кытта.

 

Дьиэ кэргэним – бигэ тирэҕим.

 

Күтүөтүм Коляны, балтым Светаны, иккис кэргэним Валяны кытта.


 

Зоя НИКОЛАЕВА — Зоя ИМ: КЭРЭ КЭММИТ БЫЫҺЫН СЭГЭТЭН…

Тиийиэх онно, Улгумдаҕа

Тиийиэх онно, Улгумдаҕа,

Оҕо сааһым доҕотторо,

Куотан хаалбыт кэми сырса,

Тутан ылан быыһын аһа.

Түптэ сыттаах сайылыкпыт

Үөрэ көрсүө оҕолорун –

Кытыгырас кыргыттарын,

Мэник-тэник уолаттарын.

Тэбэнэттик сүүрүөх-көтүөх,

Буору өрө өрүкүтэ,

Хонуу устун лыаҕы сырсыах,

Күлэ-сала, чаҕаарыйа.

Тыаҕа тахсан мурукуну

Эккирэтэн ситэ сатыах,

Кырыс окко күөлэһийэ

Кыһалҕата суохтук сытыах.

Күммүт уота бу сылааһыын,

Күндүл халлаан бу ырааһыын!

Оҕо буолар үчүгэйиэн,

Оонньуур сааспыт бэһиэлэйиэн!..

Санаа чараас кынатыгар

Ити курдук олорсуохпут,

Кэрэ кэмнэргэ үктэнэр

Түгэн тиксэр дьоллонуохпут.

От ыйын 13 к. Бөтүрүөп ардаҕын, онтон кэлиэхтээх окко киирии иннинэ тутуу былдьаһан, биһиги, Бордоҥ нэһилиэгин Улгумда сайылыгар бииргэ оонньоон улааппыт сааһырбыт дьон онно мустан, көрсүһүү тэрийдибит. Бүгүһүн саҕыллыбыт көрсүһэр санаабыт умуллан хаалбакка, олоххо киирэр күүтүүлээх күнэ дьэ үүннэ. Оҕолор үгүстэрэ Бордоҥ киинигэр, Сардаҥаҕа олохсуйан олороллор. Мин сорохторун 45 сыл буолан баран көрүстүм. Павлова Роза, бииргэ төрөөбүттэр: Сибиэтэ, Бииктэр Сидоровтар уонна Замира, Валера Николаевтар, Олег Черепанов, Киэсэ Михайлов, мин, ону таһынан Сибиэтэбит кэргэнэ Колялыын (кини бииргэ оонньоспотоҕо эрээри, массыынатынан таста) 9 буолан сырыттыбыт. Иккис массыына – Олегпыт киэнэ. Улгумдаҕа тиийэн, бастаан Сүрэх диэн ааттанар өттүттэн саҕалаан, сахалыы сиэри-туому тутуһан, өтөхтөрбүтүн алаадьынан, кымыһынан аһаттыбыт. Онно бары даҕаны долгуйан ыллыбыт быһыылаах. Өтөхтөрбүт эмэҕирэн самнайбыт, сууллубут тутууларын харааста көрдүбүт. Ол эрээри биһиги харахпытыгар, санаабытыгар бу иһийэн турар сайылыкпыт урукку олоҕо тиллэн кэлэргэ дылы гынна. Ол курдук түптэ минньигэс сыта муннубутугар саба биэрдэ, ынахтар, ньирэйдэр маҥыраһаллара, чыычаах ырыата сүрэхпитин манньытан, кылгас түгэҥҥэ иһиллэн ааста…

Улгумдаҕа дьон кустуу, оттуу сылдьа турар эбит. Онон эһиги былыр үйэҕэ өтөхсүйбүт, киһи үктэммэтэҕэ быданнаабыт дойдутун уйгуурдубуппут курдук өйдөөн, аньыыргыы санаамаарыҥ дуу! Биһиги ол кэнниттэн Бэрэ күөлүн кытыытыгар кутааҕа эт миинэ, чэй өрүннүбүт. Кутаа тула туран хаартыскаҕа түстүбүт. Салгыы остуолу толору ас эгэлгэтин тардан, тото-хана өр аһаатыбыт. Ол олорон оҕо сааспыт умнуллубат кэмнэрин ахтыһан, күө-дьаа сэһэргэстибит, көрүдьүөс түгэннэртэн күлүстүбүт. Бары сүргэбит көтөҕүлүннэ, иэйэн, сирэйбит сырдаата. Аны икки сылынан эмиэ маннык көрсүһэргэ сүбэлэстибит. Доҕотторум миэхэ бэлэх уонна түөрт араас барыанньа биэрэн соһуттулар уонна үөртүлэр. Мин кинилэргэ бэйэм кинигэбин бэлэх ууннум. Халлааммыт, хата, ардаабакка туран биэрэн абыраата. Арай аһаан бүтэн, хомунааппытын кытта кылгастык түһэн ааста.

Салгыы биһиги сүүрбүт-көппүт, оонньообут сирдэрбитигэр хаартыскаҕа түстүбүт. Онтон Бэрэ сайылыгар бардыбыт. Урут онно ферма сайылыга баар эрдэҕинэ эмиэ сылдьар буоларбыт. Билигин үс дьиэнэн Иванова Дора Ефремовна кыыһа Дашалыын 14 ыанар ынахтаах, уола Владик кэргэнинээн 9 ынахтаах, ону таһынан коза, куурусса, кус ииттэн уонна Омукова Александра Григорьевна 1 ынахтаах, ыам ыйыттан сэтинньигэ диэри быр-бааччы олороллор, сүөһүлэрин мэччитэр эбиттэр. Дора Ефремовна «Аантан төннөр сатаммат» диэн модьуйан туран чэйдэтэлээтэ. Аҕыс уонун лаппа ааспыт оҕонньоро Бүөтүр, сайылыкка тахсар кыаҕа суох буолан, кэлсибэтэх. Дора кыра, хачаайы бэйэтэ, 79 сааһыгар сырыттар даҕаны, кыыһын кытта тэҥҥэ итиччэ элбэх ынаҕы ыаһарын истэн сөрү диэн сөхтүбүт. Биһиги кини сааһыгар тиийдэхпитинэ итинник үлэлии-хамсыы сылдьыахпытын олус саарбахтыы санаатыбыт. Оҕолорун уонна бэйэлэрин киэнин кытта барыта 7 ыал сүөһүтүн көрөллөр үһү. Кини миэхэ, Дьокуускайтан кэлбит киһиэхэ диэн, 1,5 л бытыылкаҕа сибиэһэй сүөгэйи кэһии бэрсэн, үөрдэн-көтүтэн ыытта. Оттон Александра Григорьевна ынаҕын ыы сылдьарын көрсөн, кэпсэтэн аастыбыт. Дьиэтин, тэлгэһэтин олус чэбэрдик тутан олорорун кэрэхсии көрдүбүт. Хадаҥҥа олохсуйбут ветврач Замирабыт манна айааһата аҕалбыт ата ыалдьыбытын истэн, атахтарын кэлгийтэрэн укуоллаата. Ол кэнниттэн үлэттэн биир да күн сынньалаҥы билбэт сайылык үлэһит дьонуттан арахсан, Сардаҥаҕа төннөөрү, айаҥҥа туруннубут. Онно тиийэн Виктор Сидоров дьиэтигэр кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээн баран, киэһэ хойут тарҕастыбыт.

Бу көрсүһүүгэ даҕатан, Владимир Петров — Бордоҥ Болуодьатын көҕүлээһининэн, мин Улгумда туһунан биир хоһооммор Сунтаар биллэр мелодиһа Валерий Коротов — Бэлиэ Куорсун ырыа суруйбутун музыканан тупсаран, гитара доҕуһуолунан ыллаан ватсапка ыытта. Онон кинилэргэ улахан махталбын тириэрдэбин!

Мин ити көрсүһүүбүт сарсыныгар, өйүүнүгэр Улгумдабын уонна ити көрсүбүт доҕотторбун ахта сырыттым. Ол аата сайылыкка бииргэ оонньоон улааппыт кэммит ахтылҕана өрүү тыыннаах уонна биһигини көстүбэт ситиминэн силбии туруох буоллаҕа… Ытык Улгумдабыт барахсан сылаас тыына сүрэхпитин мэлдьи угуттуу, сырдык сыдьаайа олохпутун киэргэтэ сырыттын! Бары чэгиэн буолуоҕуҥ, туохтан даҕаны санаабыт самныбакка, орто дойду олоҕун кэрэтин кэрэхсии, үксэтиһэ, үөрүүтүттэн, дьолуттан толору сомсо олоруоҕуҥ, уһун үйэлэниэҕиҥ!

2018 с., от ыйа. Сунтаар сэлиэнньэтэ.

Угуйар Улгумдам

Ытык эбэ кытыытыгар,

Улгумдабыт сайылыгар

«Һай!», «һат!» саҥа күйгүөрэрэ,

Оҕо-аймах көрүлүүрэ.

Ынах сүөһү маҥырыыра,

Киэһэ түптэ буруолуура,

Үрүҥ илгэ үрүлүйэ

Арыы, сүөгэй дэлэйэрэ.

Кэбиһиилээх отторунан

Хонуу, сыһыы киэргэйэрэ,

Отчут дьоммут ухханынан

Үлэ күөстүү оргуйара.

Онно санаа – ыраас-ыраас,

Онно сыһыан – сылаас-сылаас,

Онно олох – эйэ-дэмнээх,

Онно халлаан – күлүм күннээх.

Улгумдаҕа угуттанан,

Улааппыппын умнубаппын,

Сүрэх итии махталынан

Үйэ сааспар саныы сылдьыам.

2017 c., муус устар. Дьокуускай к.


 

Кэлин даҕаны мустан, көрсүһэн, сайылыкка ааспыт оҕо сааспытын ахтыһан ааһабыт

Бу ампаары Улгумдаҕа Бэрэ күөлүн үрдүгэр томторго Сунтаар улууһун 1- кы мецената, Бордоҥ нэһилиэгэр 22 сыл кинээстээбит Иван Степанович Попов — Куртах Баай 1882 cыллаахха нэһилиэк сиэмэ бурдугун харайарга анаан туттарбыт. Манна Улгумдаҕа олорон ааспыт оҕо барыта оонньоотоҕо, оҕо сааһын биир үтүө өйдөбүнньүгүнэн ааҕара буолуо.

 

Хойут ампаары, ыскылаат оҥостоору, Сардаҥаҕа көһөрбүттэр. Билигин онно экспонат буолан көрдөрүүгэ турар.

 

УЛГУМДАҔА

 

Биһиги – Улгумда оҕолоробут: 2 комментария

  1. Мария Петровна Ни́кóлаева(Герасимова]

    Олус учугэй ахтыы ки́нигэтэ, махталларын!

  2. Зоя

    Бу кинигэбит 2020 сыллаахха бэчээттэммтэ, аҕыйах экземпляр этэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *