СҮӨДЭР ЛАППААРАП: «КЭМИГЭР ЭТИЛЛИБИТ ТЫЛ ОННУК КҮҮСТЭЭХ БУОЛАР БАҔАЙЫТА!»
Ийэм, Герой-ийэ, ССРС эргиэнин туйгуна Лаппарова Мария Алексеевна – сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт Лаппаров Алексей Иванович уонна Үөһээ Бүлүү «Арбаҥда» холкуоһун бастыҥ ыанньыксыта, үөһээ бүлүүлэртэн бастакынан ааспыт үйэ 50-с сылларын ортотугар Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыт Лаппарова Варвара Прокопьевна алта оҕолоруттан улаханнара. Кини кэнниттэн Фёдор төрөөбүт.

Таайым Фёдор Алексеевич Лаппаров Саха государственнай университетын преподавателэ, омук тылын үөрэтэрэ. Студеннары мээнэ сордообот этэ дииллэр, урукку студеннар. Сөбүлүүр эбиттэр.

Таайбыт Сүөдэр Лаппаарап кэпсиир буолара. Биирдэ университет үлэһиттэрэ куорат таһыгар, Нам диэки быһыылаах, куобахтыы барбыттар. ГАЗ-53 бортовой массыынаҕа олорон, сарсыарда отой эрдэттэн айаннаан, тиийиэхтээх сирдэригэр кэлбиттэр.
Үлтү көһүйэн хаалбыт дьон туран саҥардыы тыыллаҥнаан, аа-дьуо түһэн, сээкэйдэрин бэринэн эрдэхтэринэ, арай, чугас соҕустан биир куобах ойон туран тэйиччи соҕус көстөр ойуур диэки ойбут.

Дьон барыта, сааларын бэрэбиэркэлии таарыйа, ким алларааттан, ким үөһэттэн ытан тиҥийбиттэр. Ыппыттар-ыппыттар даҕаны, куобахтара отой таптарбат үһү. Кэмниэ-кэнэҕэс тыа саҕатыгар тиийэн «токус» гынан хаалаахтаабыт. Биһиги таайбыт онно: «Оо, саам барахсан!» – диэн саҥа аллайбыт. Ким даҕаны «ээ, мин өлөрдүм!» диэн мөккүһэ барбатах, биир эдэр уолу ыытаннар куобахтарын аҕалтарбыттар.
Дьиҥинэн биһиги таайбыт бытаан киһи, ол кэмҥэ саатыгар ботуруон даҕаны уктубакка турбут эбит. Ол кэннэ күнү быһа куобахтаан син балайда бултуйбуттар. Киэһэ хонуктарыгар икки киһи аайы биирдии куобаҕы буһаран сиэбиттэр, аҕалбыт арыгыларын испиттэр. Онно «бастакы куобаҕы өлөрбүт Фёдор Алексеевичка» диэн биир ыстакааны боссоон куппуттар. «Кэмигэр этиллибит тыл оннук күүстээх буолар баҕайыта!» – диэн күлэр буолара, таайбыт барахсан.
Александр Семёнович ПОСКАЧИН.
